УЧУУТАЛЛАРБАР МАХТАНАБЫН
Быйыл 2026 сылга оскуоланы бүтэрбиппит 41 сыла буолла. Мин 1975 сыллаахха балаҕан ыйын 1 күнүгэр Арыылаах орто оскуолатын (Сунтаар улууһа. -Ред.) боруогун атыллаан бастакы кылааска киирбитим.
Учууталбыт Никитина Мария Куприяновна биһигини үөрэ-көтө көрсүбүтэ. Ити күнтэн саҕалаан билиигэ тардыһан үөрэхпит саҕаламмыта. Кыра кылааска үөрэнэр кэммитигэр үөрэх дьыла бүттэҕинэ кэтэһиилээх походпутугар барарбыт. Онтон 6-8 кылааска 3 сыанам элбээн барбыта, тоҕо диэтэххэ оҕо курдук мэниктиир кэммит кэлбитэ, эбии дьарыктар элбээбиттэрэ.

Үөрэнэр кэмнэрбэр «октябрёнок», «пионер», онтон «комсомол» буолбутум. Ити кэмнэргэ тимуровскай хамсааhын баара, кырдьаҕастарга мастарын хайытан, сааhылаан биэрэрбит. Уонна саас аайы Ленин төрөөбүт күнүгэр коммунистическай субботниктарга актыыбынайдык кыттарбыт. Улахан кылаастарга субботникка «Сымалаах» диэн сиргэ мас саһаанныы барааччыбыт. Хас да биригээдэҕэ арахсан ким төhө элбэҕи саhаанныырынан туспа күрэхтэhии буолааччы. Нуормабыт 25 саhаан буолар этэ. Ити саhааммытын оскуола котельнайыгар уонна учууталларбытыгар ДТ-75 тракторынан улахан кылаас уолаттара уочаратынан тиэйэн биэрэрбит. Ону таhынан Арыылаах отделениетыгар ынах сүөhүгэ эбии аhылыгы бэлэмнээһиҥҥэ сылдьарбыт, харыйа мутукчатын хомуйар этибит, дулҕа хомуйааччыбыт, аны саас аайы хотоннор хаардарын түhэрээччибит.
8 кылааhы бүтэрэрбитигэр экзаменнар буолбуттара. Ол кэннэ физкультура учуутала Сыромятников Гаврил Гаврильевич Якутскайга ЯПУ-га баран туттарсан кэл диэбитин, арааhа дьонум сөбүлэспэтэхтэрэ быhыылааҕа. Салгыы 9 кылааска үөрэммитим. 9-10 кылаастарга Дьаархантан, Маар-Күөлтэн, Аллыҥаттан саҥа оҕолор үөрэнэ кэлбиттэрэ. Сотору соҕус билсэн-бодоруhан, биир коллектив тыыныгар киирбиппит.
Оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр 1 кылаастан саҕалаан 10 кылааска диэри кылааспар физорг этим. Бэйэм спорт араас көрүҥнэригэр дьарыктаммытым. Бастаан 5-8 кылаастарга көҥүл тустуунан, баскетболунан дьарыктаммытым. Тренер Иванов Григорий Павлович дьарыктыыра, 8 кылааска сылдьан аҕыйах бириэмэҕэ бокса секциятыгар сылдьыбытым. 9 кылааска Алексеева Лидия Гаврильевна физкультура учууталынан кэлбитигэр хаhыйар секциятыгар сылдьыбытым. Сыромятников Анатолий Гаврильевич СГУ физкультурнай отделениетыгар үөрэнэ сылдьан производственнай практикаҕа кэлэ сылдьан, атах оонньууларынан дьарыктаабыта. Бэйэм сарсыарда эрдэ туран сүүрэр этим. Сөбүлээн дьарыктанар дьарыгым баскетбол этэ. Үрдүк уҥуохтаах буоламмын ити көрүҥ миэхэ сөп түбэhэрэ. Кылаастар ыккардыларыгар күрэхтэргэ биhиги кылаас оҕолоро баскетболга куруук бастааччыбыт.
Саамай сөбүлүүр предметтэринэн биллэн турар физкультура этэ, ону таhынан математика, физика, химия, история буолара.
Алта уруок 14:30 чааска бүтээччи. Дьиэбэр баран аhыы охсон, иhит сууйан, ынах уулатан, тарбыйах иhэригэр хаар таhан баран 15:30 чааска күн аайы спортивнай секцияларга төттөрү оскуолабар кэлэрим. Онон күн аайы иллэҥ бириэмэм суох буолара. Кылаас, оскуола общественнай үлэтигэр актыыбынайдык кыттааччыбын. Оскуоланы бүтэрэн баран физкультура учуутала буолар баҕа санаалаах этим.
8 кылаастан саҕалаан 10 кылааска диэри Иевлев Роберт уонна Мырьянов Коля үөрэтэн ВИА оркестрга оонньообуппут: Никитин Валера клавишнай инструмеҥҥа оонньуур, Рощин Леня ударнай инструмеҥҥа, ритм гитараҕа Николаев Саша, мин бас гитараҕа оонньообутум. ВИА-ҕа түүннэри дьарыктанар этибит. Солиспыт Николаев Саша – Сачо буолааччы. Ырыаларбыт репертуара үксүн «Айтал» бөлөх репертуарыттан оонньуур, ыллыыр этибит. Бэйэм биэс айбыт ырыалаахпын.
Өссө биир сөбүлүүр дьарыгым хаартыскаҕа түhэрии уонна бэчээттээhин этэ. Саамай тарҕаммыт «Смена-8» фотоаппараттаах этим. Оскуолаҕа буолар күрэхтэhиилэргэ, кэнсиэртэргэ, араас тэрээһиннэргэ түhэрбит хаартыскаларбын түүннэри олорон уолаттарбынаан бэчээттээччибит.
Оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэрбэр «ЛТО» диэн лааҕыр баара. Биирэ оттооhун, иккиhэ ферма үлэтэ этэ. Мин «Сымалаах» диэн сиргэ от оттуур лааҕырга иккитэ сылдьыбытым. Салайааччыбыт Николаев Владимир Алексеевич этэ. Биир сезоҥҥа 300 тонна от оттоноро. Лааҕырга 40-ча оҕо сылдьара. От оттонор былаанын куруук толорор этибит. 7 кылааһы бүтэрэн баран ферма лааҕырыгар «Отордообут» диэн сиргэ эмиэ иккитэ сылдьыбытым. Биир ыанньыксыт ыыр ынахтарын икки оҕо буолан ыыр этибит.
10 кылааhы бүтэрэн ситии-хотуу орто үөрэх аттестатын ыларбар биир эрэ 3 сыаналаах түмүктээбитим.
Миигин үөрэппит-ииппит учууталларбар махталым муҥура суох. Бастакы учууталбар Никитина Мария Куприяновнаҕа, кылааhым салайааччыларыгар Васильева Замира Митрофановнаҕа, Рощина Елизвета Яковлевнаҕа, математика учууталларыгар Яковлева Татьяна Николаевнаҕа, Лыткина Евгения Петровнаҕа, физкультура учууталларыгар Сыромятников Гаврил Гаврильевичка, Иванов Григорий Павловичка уо.д.а.
Үөрэммит, үлэлээбит сылларым
1991-1994 с. – Дьокуускай кооперативнай техникумугар кэтэхтэн үөрэнэн «Товаровед организатор продовольственных товаров» идэтин ылбытым.
2003-2009 с. – «Дальневосточный юридический институт МВД России» кэтэхтэн үөрэнэн «Юриспруденция» идэтин ылбытым.
1990 сылтан Бүлүү куоратыгар олоробун. Ис сулууспа подполковник сыбаанньалаахпын
1997-2019 сс. Ис дьыала Министерствотыгар оперуполномоченный ОБЭП – 1997-2011, участковый уполномоченный полиции – 2011-2013, начальник Тыла – 2014-2019 үлэлээбитим. 2019 с. пенсияҕа тахсыбытым, ис сулууспа подполковник званиелаах. 2021 сылтан ГБУ РС (Я) «Вилюйская ЦРБ им. П.А.Петрова» инженер по охране труда и пожарной безопасности үлэлии сылдьабын. Дьиэ кэргэним: кэргэним Евдокимова Лариса Егоровна, врач-педиатр. 1990 сыл атырдьах ыйын 18 күнүгэр Бүлүү куоратыгар ЗАГС-гар регистрацияламмыппыт. Икки кыыстаахпыт, улахан кыыс Туйаара ЯАГИК бүтэрэн таҥас дизайнера идэлээх. Кыра кыыс повар идэлээх.



Григорий Иванович ЕГОРОВ,
Сунтаар улууһун Арыылаах орто оскуолатын 1985 сыллаах выпускнига.
Бүлүү куората, 2025 сыл бэс ыйа.
(«Ахтыылар», 08.06.2026 с.)
