ДЬОН-СЭРГЭ ЫТЫКТЫЫР, МАХТАНАР КИҺИТЭ
Биһиги нэһилиэк киэн туттар киһитэ Прокопьев Прокопий Яковлевич – Чуукаар быйыл от ыйыгар 85 сааһын туолар. Кини Аҕа дойду улуу сэриитэ саҕаланаатын кытта 1941 сыллаахха күн сирин көрбүтэ.
Ийэтэ Сүөкүлэ, Дьабыдах аҕатын ууһуттан төрүттээх, онон мин аҕабын Наҥнааһап Өлөксөйү кытта аймахтыылар. Аҕата Төллөөйөп Дьаакып бултуу сылдьан сыыстаран отой эдэригэр, 40-ча саастааҕар 1943 сыллаахха өлөр. Сүөкүлэ алта кыра оҕолоох хаалар. Холкуоска ыанньыксытынан үлэлиир.
Проня 1948 сыллаахха оскуолаҕа киирэр. Ол саҕана оскуола нэһилиэк киинигэр Кубалаахха турар, Хампахтан аҕыс биэрэстэ. Холкуос интернатыгар олорон үөрэнэр. Ньолубуой кылааһы бүтэрэн, маҥнайгы кылааска интернакка уонча эрэ хонук хоннорбуттар. Тоҕо диэтэххэ, Бүлүү педучилещетыгар үөрэнэ сылдьар улахан убайа Михаил Яковлевич Хорула сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үлэлээн эрэр эбит, онон учуутал быраата буолан интернаттан таһаараллар.
Михаил Яковлевич мин аҕам быраатыгар Алексеев Василий Афанасьевичтаахха (Наҥнааһап Баһылайдаахха) олорор. Ити 1949 сыл. Проня Хорула оскуолатыгар тахсан үөрэнэр. Мин Хорулаҕа 1946 сыллаахха төрөөбүтүм, онон Проня миигин 1949 сылтан билэр.
1951 сыллаахха Чуукаарга оскуола тутуллар. Саҥа типовой оскуолаҕа начаалынай кылаастар, түөрт хостоох, киэҥ көрүдүөрдээх, сценалаах куорпуска үрдүкү кылаастар үөрэнэллэрэ. Нэһилиэк иһинээҕи холкуостар холбоһоннор, бөһүөлэктээһин буолан нэһилиэк киинэ Кубалаахтан көһөн Хампахха буолбута. Сэрии содулуттан Андайбыт нэһилиэгэ Чуукаар нэһилиэгэр холбоммута. Чуукаар сэттэ кыластаах оскуолалаах буолбута.
Михаил Яковлевич Хорулаттан Чуукаарга кэлэн учууталлыыр. 1952 сыллаахха ньолубуой кылааска үөрэнэ киирбитим. Проня 5-с дуу 6-с дуу кылааска үөрэнэрэ. Начаалынай кылаас оҕолоро үрдүкү кылаас оҕолоро үөрэнэр оскуолаларыгар киирдэхпитинэ сорох улахан оҕолору учууталлар дии саныыр этибит.
Проняны Бооккой диэн аатынан билэрбит. Элбэх кэпсээннээх, кыра оҕолору атаҕастаабат сымнаҕас майгылаах уол этэ. Бооккой табаарыстара Степанов Михаил (Степанов Данил уола, Андайбыттан), Ефремов Валентин (Лабаһаак сиэнэ), Семёнов Владимир (Нээнээ Володята), Иванов Тимофей (Сыҕаан уола) уо.д.а. көнө, судургу оҕолор курдук өйдөбүл хаалбыт.
1950-с сыллар бүтүүлэригэр биһиги оскуолабытыгар биология, химия учууталынан Хаҥалас оройуонуттан төрүттээх Васильев Василий Николаевич кэлэн үлэлээбитэ. Үлэлии кэлээт оскуоланы көҕөрдүүнэн дьарыктаммыта, тыыннаах муннук тэриллибитэ, “Эдэр натуралист” куруһуок үлэлээбитэ. Пришкольнай учаастак, саас эрдэттэн үлэлиир теплица баар буолбуттара. Кыраайы үөрэтэр музей тэриллибитэ. Ити тэрээһиннэргэ, үлэлэргэ Пронялаах аан маҥнайгынан көхтөөхтүк кыттан биһиэхэ холобур буолбуттара.
Василий Николаевиһы оройуон киинигэр киллэрбиттэрэ, Убайааҥҥа детдом директорынан үлэлээбитэ. Кэлин дойдутугар тиийэн таһаарыылаахтык үлэлээн Үлэ Кыһыл Знамята уордьанынан наҕараадаламмыта, Российскай Федерация үтүөлээх учуутала буолбута.
Проня тугу-тугу үлэлээбэтэҕэй, ханна-ханна үөрэммэтэҕэй, сылдьыбатаҕай? Оҕо эрдэҕиттэн сайын аайы окко үлэлээһин, фермаҕа бостуук буолааһын. Речной училищеҕа үөрэммитэ, уу аалларынан устааһына, үлэлээһинэ. Бүлүү педучилищетыгар үөрэниитэ, учуутал буолуута. Армияҕа ыҥырыллан Москва эргин сулууспалааһына. Москваҕа Литературнай институтка үөрэниитэ. “Эдэр коммунист”, “Сахаада”, “Киин куорат” хаһыаттарга үлэлээһинэ, журналистиканан, айар үлэнэн дьарыктаныыта. Дьэ биир киһи холугар элбэх тургутуу, олоххо үөрэтии.
Кини хаһыакка суруйбут ыстатыйаларын элбэхтэ аахтым, кини суруйбутун киһи биир тыынынан, умсугуйан туран ааҕар. Москваҕа үөрэнэ сылдьан кылабыыһаларга сылдьан, саха норуотун улуу уолун Өксөкүлээх Өлөксөй уҥуоҕун булаары хайдах көрдөөбүтүн туһунан суруйуутун киһи долгуйа ааҕар. Көрүллүбэт-истиллибэт уҥуохтары ыраастаан баран, атын дьону харайалларын биһиги көннөрү дьон хантан билиэхпитий… Элбэх биллиилээх суруйааччылары кытта билсибитэ, доҕордоспута, сорохторун айымньыларын редактордаабыта. Ол курдук Иван Гоголев “Хара кыталык” романын редактордаабыта. Элбэх очеркалары, ыстатыйалары араас хаһыаттарга таһааттарбытын ааҕан сиппэккин. Саха сирин чулуу дьоннорун, сэрии, үлэ, тыыл дьоруойдарын, эмчиттэрин, араас сонун идэлээх дьоннорун туһунан умсугуйан ааҕабыт.
Проня Москваҕа үөрэнэр, сылдьар кэмнэригэр дойдутун дьонугар киин куорат кэрэ-бэлиэ сирдэринэн, музейдарынан, маҕаһыыннарынан сырытыннартаабытын махтана ахталлар. Табаарыстарыгар, доҕотторугар наһаа истиҥ, уйаҕас сыһыаннаах. Элбэхтэн биир холобур: Чуукаар нэһилиэгин чулуу ыччата Афанасьев Николай Дмитрьевич (Ньимийээнтэбис) элбэх операциялары ааһан, бүтэһигэр олохтон барбытыгар бэрийэн-тэрийэн дойдутун булларбытыгар наһаа улахан махталлаахпыт.
Төрөөбүт сирин-дойдутун, дьоннорун, табаарыстарын, доҕотторун тоҕоостоох түгэннэрин хайаан да айымньыларыгар киллэртээн ааһар. Дойдутун кытта сибээһин хаһан да быспат, быыс булла да кэлэн билсэн барар. 2018 сыллаахха “Олоҕум олуктара” диэн кинигэтин ыыппыта. Ол кинигэни ааҕан биһиги нэһилиэкпит уруккутун, урут-хойут олорон ааспыт дьоннорун, сэрии саҕанааҕы, сэрии кэннинээҕи ыар кэмнэри, олох хайдах сайдан испитин саныырга, билэргэ дьоһуннаах кинигэ диэн сыаналыыбын. “Ыра кынаттааҕа ордук” диэн 1990 сыллаахха тахсыбыт ыстатыйатыгар аныгы оскуола хайдах буолуохтааҕын анаарыыта болҕомтону тардар. Бу ыстатыйа тула элбэх кэпсэтии, дьүүллэһии, сүбэлэһии барыан сөп курдук.
Прокопий Яковлевич Прокопьев-Чуукаары дьоһун сааһынан – 85 сааһын туолбут юбилейынан эҕэрдэлиибин! Эн киэҥ-холку көҕүскүнэн, билиигинэн-көрүүгүнэн, майгыгынан элбэх дьон-сэргэ махталын, ытыктабылын ылбыт киһи буолаҕын! Аан дойдуга баар бары кэрэни, сырдыгы, ырааһы, саха алмааһыныы кытаанах доруобуйаны, уһун дьоллоох олоҕу уонна айар үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабын!

Виктор Алексеевич АЛЕКСЕЕВ,
РФ үөрэҕэриитин туйгуна, учууталлар учууталлара, Чуукаар нэһилиэгин уонна Ньурба улууһун бочуоттаах олохтооҕо.
Чуукаар нэһилиэгэ, 19.05.2026 с.
