«Ахтыылар» сайт: Бүгүн-сарсын ааттар, сахалар ааттаныыбыт туһунан кэпсэтиэҕиҥ. Бүгүҥҥү күҥҥэ үксүбүт омуктуу ааттаахпыт мэлдьэһиллибэт. Дьиҥ сахалыы ааттаахтар аҕыйахтар, арай кэлин оҕолорбут-сиэннэрбит ааттана сатыыллар.
Онон кэпсэтиэҕиҥ:
— Сэбиэскэй былаас быдан иннинэ омуктуу (нууччалыы) ааттанан барбыт эбиттэр, ону сэбиэскэйдэр барытын нууччатыппыттар дииллэр. Отой оннук буолбатах эбит. Инньэ сүүһүнэн сыл эрдэ нууччалыы араспаанньаламмыттар, ааттаммыттар.
— Дьикти, “эриэхэбэй” ааттар тустарынан. Сэбиэскэй саҕана дьэ кырдьык баар буолбуттар. Маай, Револий о.д.а. (Даздраперма кырдьык баара дуу). Өссө ханныктар баар этилэрий?
— Хас да ааттаах киһи. Холобур, биир киһини маннык ааттыы сылдьыбыттара баара, киһилэрэ сурукка отой да атын ааттаах эбит. Оннук түбэлтэлэри суруйуҥ.
— Аат тематыттан туоруу түстэххэ, сэбиэскэй саҕана сахалыыбыт өссө үчүгэй эбит ээ. Холобур, суут эҥин сахалыы тылынан барар, быһаарыылар-бириигэбэрдэр сахалыы тылынан суруллар эбиттэр. Мунньахтар үксүлэрэ сахалыы барар, боротокуолланар эбиттэр.
— Саргылаана, Сардаана, Ньургун эҥин диэн сахалыы ааттар хас сыллаахтан баар буолбуттарай? Хойут быһыылаах.
— О.д.а.
Кэпсээн, кэпсэтии быһыытынан суруйан иһиҥ.
– Налогтарын кыччатаары нууччалыы ааттаммыттар. Христианскай итэҕэли ылыммыттар.
– Сунтаарга сахалыы ааттаммыттар элбэхтэр.
– Ахтыы суруйабын да бүппэт, дьиэ кэргэним туһунан, отдельно оҕобор ахтыы суруйбутум, кинигэҕэ, баҕар ону ыытарым дуу, көрүөм.
– Александр Яковлев-Айсан: Биһиэхэ кылааспытыгар Лина диэн кыыс баара. Кэлин улаатан, улахан дьон буолан баран билбиппит кыыспыт аата Юргелина диэн эбит (ону билигин да сыыһа суруйбатах буоллахпына 🙂
– Интернакка Дина диэн кыыс баара, улааппытын кэннэ билбиппит Сьездина диэн эбит. Тулаайах буолан Сьездинатын бэйэтэ да билбэтэ үһү.
– Аҕабыттар сүрэхтииллэригэр ааттыыллар үһү нууччалыы, 4-5 сыл буола-буола улуустары кэрийэн переписька суруйан киллэрэллэригэр аат биэрэн суруйар эбиттэр.
– Тойбохой детдомугар Съезд диэн ааттаах Өлүөхүмэттэн төрүттээх уол олорон ааспыта.
– Урут Рисуй диэн киһини кэпсииллэрэ. Аата дииллэрэ, ким диэн эбитэ буолла…
– Трактор, Чемпион диэн ааттар баар буолааччылар.
– Электроновна диэн кыыс баар.
– Мандат эҥин диэн.
– Тевилович диэн күтүөт баар, ойоҕо Тогоинична диэн. Отчестволара.
Светлана: – Династия Турчина диэн Таатта кыыһа, Астра диэн эмиэ, Занда диэн Уус Алдан кыыһа быһыылааҕа, студенныыр эрдэхпитинэ баалларын билэрим. Занда диэн кыыс аҕалаах ийэм ааттарын холбоон ааттаабыттар, диирэ. Заболоцкай уонна Андреева диэнтэн быһыылааҕа.
– Революция диэн ааттаах таайдаахпын.
Юрий: – Вилорд Гаврильев диэн табаарыстааҕым, Вилорд – Владимир Ильич Ленин организатор Рабочего Движения.
– Октябрь диэн баара.
– Октябрина.
– Оҕолорун отчестволара хайдах буоларый?
– Револьевна, Револьевич.
Виталий: – 1956 с. партия 20 съеһин кэмигэр төрөөбүт Съезд диэн булчут уол баара, Тойбохойго. Криминаллартан өлбүтэ.
– Тонар диэн улахан массыына оҥорор завод баар дии, онтубут расшифровката Товары народу диэн эбит.
– Майрод диэн баара, одноклассницам аҕата.
Иван: – Молот, Коммуна, Коммунист, Сталина…
– Быраата Родмай диэн үһү.
– Ол аата?
– В мае родился.
– Майоров диэннэр бааллар.
– Маядора диэн баар.
Светлана: – Патриот, Октябрин, Милосерд диэн Мэлисээр диэччилэр. Мэлисээр диэн хос аата дии сылдьыбытым дьиҥнээх аата буолан соһуйбуттааҕым.
Иван: – Маайга төрөөбүт. Октябрина, Декабрина, Августина, Июлия, Юльяна…
Виталий: – Сунтаарга Макаров Умсан бырааттара Мухтар, Бурхалей диэннэр бааллара.
– Искрамол диэн ыаллаахпын.
Иван: – Январина диэн эмиэ баара.
Светлана: – Сталина Расторгуева диэн Амма кыыһа баара.
– Сталина диэн Сунтаарга эмиэ баар.
– Июлия.
– Урут сахалыы ааттаахтар сэдэхтэр этэ, билигин элбээбиттэр.
Тамара: – Констанина диэн оҕо дьиэтигэр Усть-Янаттан кэлбит кыыс баар, Константин уонна Нина оҕолоро.
Иван: – Иванна = Иван + Анна.
– Оҕо сырыттахпытына Боотурдар иһэллэр, Боотур-боотур диэн ыалбыт оҕонньор үөҕэр курдук ыҥырар. Аҕабыт сүрэхтэммит аата Боотур диэн эбит. Ону оскуолаҕа киирбитигэр начальнай кылаас учуутала Боотур диэн хаалынньаҥ аат. Володя диэн буолаҕын диэн журналга суруйбут. Онтон ыла докумуона суох Владимир буолбута. Ыал буолан, элбэх оҕолонон, үлэтигэр сыаналанан курортка барарга путёвка ылбыта. Онно били умнуллубут аата тахсан кэлбитэ. Свидетельствотыгар Боотур диэн аат сурулла сылдьар буолан, хаһан суутунан көрүллэн пааспарыгар Владимир буолуор диэри курортка хойутаан сатаан барбатаҕа. Онтон хойукка диэри хомойор этэ. Үйэ уларыйан дьэ билигин оҕолоро, сиэннэрэ боотур уустарабыт диибит.
Ийэм төрөөбүтүнэн Анастасия Николаевна Иванова эмиэ аатыгар бэрт эрэйи көрбүтэ. Биир саастааҕар аҕата огдообо хаалан, кыыһын ыалга биэрэн, бэйэтэ дьол көрдөһө диэн улахан уолаттарын илдьэ киин сиргэ барбыт. Быгынанова Анна диэн дьахтар иитэ ылар. Аны иитэ ылбыт кыыһын Натаа диэн таптаан ыҥырар эбит. Оскуолаҕа киирбитигэр Быгынанова Наташа буолан хаалар. Ииппит аҕатынан туох да докумуона суох Быгынанова Наталья Михайловна буолар. Уонна улаатан, таптыыр доҕорун көрсөн дьэ бу Быгынанова Наталья Михайловна диэн аатынан кэргэн тахсан Лопатина буолар. Онтон 1970 с. 11 оҕону төрөтөн Герой-ийэ буоларыгар олохтоох сельсовет түһэриитинэн Лопатина Анастасия Михайловна аатыгар Герой-ийэ знага туттарыллар. Дьэ мантан ыла үгүс докумуоннарыгар араас варианынан аат бөҕөнү суруйаллар. Холобур: кини биир сырыыга Анастасия Михайловна, биир сырыыга Анастасия Николаевна, Наталья Николаевна – итигирдик араас вариант барыта туттуллар. Аҕам күлэр этэ «ийэҕит үспүйүөн ааттаах» диэн. Дьэ, 80-с сыллар бүтүүлэригэр паспорт ыларыгар биирдэ Лопатина Анастасия Николаевна диэн ааттаммыта. Аны 10 оҕотун свидетельствотыгар ийэбит аата Наталья Михайловна диэн суруллубута, 11 эрэ оҕоҕо уолга дьиҥнээх аата суруллан соҕотох кини наследник буолан хаалбыта. Онон биһиги ылыахтаахпытын ылбакка хаалбыппыт эмиэ баара. Иванова диэн төрөппүт фамилиятын ыал буолан аймахтарын, бииргэ төрөөбүт убайын булан баран биирдэ билбит.
– Искрамол.
– Искра молодёжи? Искра молодости дуу.
– Сахалыы былыргы аат Саргы диэн. Саргылаана диэн хойут, 50-с сыллар кэннэ баар буолбут. Мин саныахпар, нуучча Светланатыгар тэҥнээн «лаана» диэни эбэн биэрбит буолуохтарын сөп.
Владимир: – Аппарат диэн уол баара 1973 сыллаахха, СПТУ-2 Графский берег, Намҥа. Биир Агей диэн баара.
– Юргалина.
– Январина, Февралина, Март, Марта, Апрель, Май, Майя, Июния, Июлия Июлиана, Август, Августа, Августина, Августин, Сентябрина, Октябрина, Ноябрина, Декабрина диэн ыйдарынан ааттаахтары билэбин. Сорохторун кытта бииргэ үөрэммитим, үлэлээбитим.
– Үргэлиинэ – үчүгэй сахалыы аат эбит.
– Искрамол – Искра+Молния быһыылаах.
– Алина диэччибит, дөкүмүөнүнэн Гавриалина. Улаатан баран Алина буолбута.
– Анида диэн дөкүмүөнүнэн Степанида диэн. Онтон биир билэр чүөчэбин Нида диэнин иһин «Степанида» диэбиппэр өһүргэммитэ – просто Нида диэн эбит.
– Трактор, Валиандр диэннэри дьүөгэлэрим отчестволарынан билбитим.
– Сахасталина диэн биһиэхэ баар.
Иван: – Тапталина диэн аат эмиэ баара.
– Нинель диэн баар, Ленин диэни төттөрү. Июлий, Сахалина.
– Пятион
Василий Федотович: – Саха саарына Багдарыын Сүлбэ уолун Бүлүү куоратыгар үлэлиир эрдэҕинэ Ньургун диэн ааттаан сахалыы ааты оҕолорго биэриини саҕалаабыта дии саныыбын, бэйэтин да ахтыытыгар баара. Сыыйа Айаал, Айдаар, Сардаана, Күннэй диэн ааттар үөдүйбүттэр. Улуу Суорун Омоллоон айымньылара эмиэ сахалыы ааттанныыга көмөлөөх эбит. Ноябрина, Декабрина диэн ааттар, өссө Февралина диэн үөдүйэ сылдьыбыттар.
– Хас сыллардаахха оннук ааттаах дьон баалларын быһа холоон суруйаргыт буоллар.
– Багдарыын Сүлбэ улахана Эллэй диэн быһыылааҕа. Билигин сааһа син ырааттаҕа.
Юрий Егорович: – Вилорд 1946 с. төрүөх.
– 1967 сылга хаһыакка тахсыбыт этэ. Сахалыы маннык ааттар аҕыйахтар диэн. Ону көрөн Убайым миигин Сахая диэн ааттаабыт. Свидетельство ыларбар ол ааты биэрбэтэхтэр. Атын ааты – Саргы диэни суруйбуттар. Школаҕа Сахаянан киирбитим. Паспорт ыларбар биирдэ уларыттарбытым. Национальнай аат диэн Саха диэн тыллааҕын иһин. Хойут биирдэ билэбин аатым атынын.
– Мин аҕам үөлээннээхтэрэ 1929-32 сыллаахтар буолуо, Манчаары, Кэнчээри диэн дьон Тааттаҕа бааллара. Кэнчээри диэн киһи кэлин наар кэнчээрилии сылдьыахпыный, дьиэ-уот тэринним, оҕо-уруу бөҕө, баараҕадыйдым диэн аатын Тиит диэн 1980-с сылларга уларыттарбыта.
– Өссө Калистрат Владимиров диэн тустуук Тааттаҕа баара. 1962 сыллаахха Ытык Күөлгэ буолбут спартакиадаҕа бэлэсипиэти уларсан биэрэннэр Петр Алексеев аатынан колхуостан күрэхтэһиигэ миигин киллэрбиттэрэ, Диана диэн кыыс кэнниттэн иккис миэстэ буолан хамаандабын үөрдүбүттээхпин. Оччолорго бэлэсипиэттиир Туора Күөлгэ биир да кыыс суох буолан Амматтан ыһыыттан тахсааппын кытта бэлисипиэти сатыырым эрэ иһин, тренировката суох киһини ааттаһан бөҕө киллэрбиттэрэ. 10 км этэ.
– Мин однокласснигым кыра бырааттара 1960-70-с сылларга Кэскил, Эрэл, Эллэй уонна саамай кыра уолларын аатын умнан кэбистим. Эмиэ сахалыы этэ.
– Эдьиийим дьүөгэлэрэ 1950-с сылларга Саргы, Сардаана диэннэр этэ. Бэйэм Саргыбын, дьүөгэлэрим эт саастыы Айта, Күннэй. Онон 50-70 сылларга сахалыы ааттыыр эбиттэр, оҕолорун.
– Атын нэһилиэккэ оскуоланан күрэхтэһэ бара сылдьан Ньургун, Дьулус, Күннэй, Ньургуйаана диэн оҕолору кытары билсибиппит.
– Баир диэн эдэр киһи Намҥа олороллор. Буряткын дуо диэн ыйыппыппар “ээ суох, уус алдаммын, сахабын дии” диэбитэ. Аҕата Баһылай, ийэтэ Ирина үһү.
– Ленскэйгэ Мургун диэн ааттаах оҕо баар.
– Советскай кэмҥэ бөһүөлэктэргэ бары сахалыы саҥарар, ахсыс кылааска диэри бары предметтэри оскуолаҕа сахалыы үөрэтэр этилэр. Бары мунньахтар бары сахалыы барар этилэр, суукка, прокуратураҕа, милицияҕа бары дьыалаҕа тиһиллэр докумуоннар сахалыы буолаллара. Бириигэбэр сахалыы суруллар да, ааҕыллар да этэ. Улууска нууччалыы саҥарбакка олоруохха сөп этэ, ол иһин куоракка киирдэххинэ сатаан нууччалыы саҥарбакка моһуогуруу буолара. Ол гынан баран ол тыа оҕото дойду хайа баҕарар муннугар тиийэн специалист буолан кэлэрэ. Ол бэйэҥ тылгынан үчүгэйдик саҥарар буоллаххына атын тылы түргэнник үөрэтэҕин.
– Мин аҕалаах ийэм бастакы төннүбүт уоллара Шуковин диэн эбит. Николаев Шуковин Прокопьевич диэн свидетельствота баар этэ.
– Онон тыл киэҥ эйгэҕэ үлэлиэхтээх, оччоҕо тыл сүппэт. Дьиэ иһигэр семьяҕа эрэ диэтэххинэ оҕоҥ син биир элбэхтик туттуллар тылга көһөр.
– Намҥа Шарин Кралдин диэн чулуу үлэһит автобуспутугар суоппардаабыта, Межсовхозстрой тутуу тэрилтэтигэр. Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх. Кралдин диэн кыһыл этэрээт командирын аатын оччолорго, ити 50-с сыл саҥатыгар төрөппүттэрэ биэрбиттэр.
– Мин абитуралыыр кэммэр,1980 сыллаахха Энгельсина диэн ааттаах кыыс баара.
Яна: – Биир тётя уолун Веркатий диэн ааттаабыт этэ. В знак благодарности акушеркам Вере и Кате. Томпо Кириэс Халдьаайытыгар бааллар, Агит Агитович. Хаһан эрэ истэн аһарбытым, ким эрэ диплом суруйбут дьикти ааттар тустарынан диэни. Ким эбитэ буолла. Пропускнойга олорор тётялар просто для себя суруна сатыыллар эбит этэ, дьикти-дьиибэ ааттары. Ити 1996-97 сылларга.
– Билигин сорох эдэр төрөппүттэр оҕолоругар бэйэлэрин ааттарыттан аат таһаараллар – Владиана,Танилья.
– Молоток, Трактор диэн.
– Өссө Алтан, Тимир бааллар.
Яна: – Агит, Даздраперма – Да здравствует Первое мая.
– Харыйа, Алмаас диэннэр бааллар.
– Брилиана диэн оскуола оҕото баар.
– Тимир диэни билэбин
Акулина: – Ваира диэн кийиит баар биһиэхэ, икки эбээтин ааттарын холбообут үһүлэр – Варвара уонна Ирина диэбиттэрэ.
– Автор, Электрон, Изот диэн ааттар бааллара, Чурапчыга.
– Чурапчыга өссө Молот, Декабрист диэн ааттар баар этилэр…
Светлана: – Дьэ кырдьык, Чуукаарга хос аата суох биир эмит киһини булар уустук дьыала этэ. Ол аата сурукка киирэр аатыҥ таһынан хайаан да сахалыы ааттаах буоларбыт. Ол ааккынан ордук дөбөҥнүк билэҕин. Холобур биһиги төрүппүт Дьабыдах, уола Маҥыйаан, Маҥыйаан уола Ордьоох мин хос эһэм, уола Ыгдаҕар Бүөтүр эһэм, аҕам Ыгдаҕаарап учуутал оҕо эрдэхпинэ Хаҥкый Хабырыыл диэн ааттыыллара, диэччи. Тоҕо эһэбин Ыгдаҕар диэн ааттаабыттарый, диэн ыйыттахпына аҕам: былыр оҕолору улахан дьон куоталаһыннара оонньууллара, онно ытыктанар кырдьаҕас, бу уол ыгдайа-ыгдайа бэркэ сүүрэр эбит диэбититтэн Ыгдаҕар диэн ааттаабыттар, диирэ. Мин иннибэт үс оҕо ааспыт. Үс сыл буолан баран мин төрөөбүппэр саҥаспыт Сынньалаҥ Борускуота саҥа төрөөбүт оҕону көрөн баран хара кыыс төрөөбүт, Харааскы буоллун диэбититтэн Харааскы аатыра сылдьыбытым. Онтон балхаҕы сатаабакка бөккөк диэн тылланаммын Бөккөк диэн таптал ааттана сылдьыбыттааҕым. Ким да хос аатыттан өһүргэммэт буолара.
– Оннук.
– Онтон Сиэгэн диэн ааттаах киһи баарын билэҕит дуу?
– Бөрөлөр эр дьоҥҥо, оннооҕор дьахталларга тарҕаммыт аат. Бөрө Бүөтүр, Бөрө Шура…
– Бүөтүр буолла да Бөрө буолар.
Александр: – Молот диэн киһини аҕам кэпсиирэ, бииргэ пединститукка үөрэммит табаарыһа. Өссө отчествотынан эмиэ өйдүүр эбиппин – Молот Сергеевич диэн, араспаанньатын билбэппин. Ол киһини ким эмэ истибитэ-билбитэ буолаарай? Сэдэх ааттаах киһини дьон ордук өйдөөн хаалар ээ.
– Трактор диэн ааттаах киһи баар. Юргюляна диэн
– Биһиги Салыайаптар диэммит. Аҕам хос аата Талыбыр. Эһэм уҥуоҕар Салыайап Хабырылла диэн суруллан турар. 60-с сылларга өлбүт киһи эрээри харанан суруллубута суураллыбакка турарын сөҕөр этим. Билигин хайаабытын билбэппин, көрбөтөҕүм 10-тан тахса сыл буолла
– Слепцов Молот Сергеевич, педучилище директора.
– Сурукка киирбит ааппыт. Суруллубут суоруллубат дииллэр. Ол эрээри биһиги ити ааппытын билээччи аҕыйаата ини, Чуукаарга.
– Хос эһэбит Салыайап Ньукулай, Суон кинээс диэн. Ньукулай диэн аатыттан Ньукулаайаптар диэммит. Салыайап диэн хантан, туох суолталааҕын билбэт эбиппин. Биир кэпсээнинэн төрүппүт черкес омук дииллэр.
Александр: – Ээ, сөп. Молот Сергеевич кэлин педучилище дириэктэрэ буоллаҕа. Аҕам отой урукку киһи буоллаҕа, 1927 с.т. Иван Федосеев- Доосолооҕу кытары бииргэ үөрэммит, сайын көҥүскэ киирэн куустуһан туран 5-6 уол хаартыскаҕа түспүттэрэ баара. Эмиэ ол кэм саҕана Багдарыын Сүлбэлээх, Даланнаах үөрэммиттэр. Бары эт саастыылар диэххэ сөп.
Василий: – Сороҕор киһи күлүөн да сөп курдук түгэнтэн аат бэриллэр ээ. Мин оҕо эрдэхпинэ 60-с сылларга чугастааҕы ыалларбыт Уйбаача, Маайа диэн кэргэннээҕэ. Ыаллыы быһыынан Маайа биһиэхэ күнүс киирэн сэһэргэһэр буолара. Уйбаача Маайата диэн быһаччы ааттыыр этилэр. Биирдэ сааһыары Мин түннүгүнэн көрөн “Оо, Маайа Уйбаача кэллэ” диэтим. Эдьиийим ийэм балта, доҕор ыала дьахтар Маарыйалыын күлсэ түстүлэр. Хайаларай, Уйбаача кэллэ дуу Маайа дуу дэһии буолла. Туох күлсүүтэ буолла диэн Маайа киирэн кэлбитэ. Бу оҕобут саҥатыттан күлэбит, бүгүҥҥүттэн Маайа-Уйбаача диэн ааттанныҥ дэстилэр. Оннук ааттыыр да этилэр. Маайа сиэн кыыһын Мариванна диэн ааттаабыттара. Кэлин улааппытым кэннэ оҕо сылдьан ааттаабыт аатыҥ диэн күлэр этилэр.
– Одноклассниктарым Моисей, Лука, Куприян, Федот, Никифор диэннэр. Данил диэн баар. Кыргыттар боростуой ааттаахпыт – Марина, Анастасия, Мотрёна, Дария, Изабелла, Тамара. Племянниктар Дархан, Боотур диэннэр бааллар.
Светлана: – Салыайдар Хассыы аҕатын ууһаҕыт.
– Оннук үһү.
– Биһиги Чакырдарбыт. Тигилээхтэр, Суордар, Оҕустар, Охоноостор, Мярикээн, Хатырык аҕа уустара бааллар. Балар бары биир нэһилиэккэ олорбуттар. Эһиги бааргыт? Хос эһэм, эһэм ааттара Чакыр, 1871 с.т., эһэм 1892 с.т.
– Мин эһэм Додой Тэрэппиин диэн этэ.
– Молот Сергеевич Слепцов горисполкомҥа зам. председателинэн үлэлээбитэ.
– Додой диэн туох ис хоһооннох тыл эбитэ буолла
Акулина: – Мин ийэм өттүнэн эһэм Чүппүү диэн. Туох суолталаах тылын дьонтон ыйытабын да, быһаарар-билэр киһи суох.
– Оҕону көрүҥ быһыыга олоҕурда ини – доодоллон, доодойон диэнтэн, бу таптал аат.
– Бэйэтин кыанар оҕонньор быһыылааҕа, кыра гынан баран.
Акулина: – Аны эһэм Чүппүү Кукаллай уола. Хос эһэм Кукаллай 7 уоллааҕа үһү. Эмиэ туох диэн суолталаах тылын отой билбэппин.
Иван Николаевич: – Былыргы ааттар үксүлэрэ ойуулуур-дьүһүннүүр тыллар дии. Тас бодоҥ, майгыҥ барыта көстө сылдьар курдук.
– Кырдьаҕас күтүөтүм Дьалла Мэхээлэ диэн этэ.
Светланар: – Чүппүүһэй дуу, Чуппууһай диэн дуу Дьиикимдэнэн Өҥөлдьөлүүр суолга дьон олорбут сирэ баар.
Иван: – Сирдэр ааттара үксэ дьон аатын кытта ситимнээхтэр.
Акулина: – Тылдьыкка Чүппүү диэни көрдүү сатаабытым, булбатаҕым.
Светлана: – Биһиги биир күтүөбүт Дьоҕойон Мүкээлэ, убайа Хоччоххой Өндүрүөй өрөпкүөм, биир күтүөбүт Хадьыа Борокуоппай, аҕата Олотто Сэмэн, быраата Малаадар.
Акулина: – Биһиги Кугдаарбыт, уруккута Сунтаар улууһа. Кэлин Ньурбаҕа холбообуттара.
Иван Николаевич: Былыр Лампа, Сатай, Сатаҕай, Бөтүгүр, Дархан, Хаачаан, Хопто, Тыыраахы, Тоттуу, Мүөмээски, Молуойка, Миэтэрэ, Хаадах, Мойук, Бөрдүнүөх, Малаанай, Мөһүүрэ, Хаарыс, Көнньүөрбэтэх… – ити барыта оҕо сылдьан билэр дьонум ааттара. Өссө Бороҕон, Тааппаан, Молуойа, Макыы, Кыыба, Маатырыска, Хосхой, Масхардыыр, Халадаай, Кэлтэй…
Светлана: – Боһуут убайын уола Андайбыт Дьэриэм Чуукаар Бардам кыыһын күрэтэн ылбыттар. Өлөксүөйэптэр кыралара аатырбыт тустуук Биэччэ-Пётр Алексеев. Бэртэн бэрт төрүүр диэн өс хоһооно оруннаах.
– Кэлин Миисэтин иһин Эһэ, Дьөгүөрүн иһин Чээрин ааттаммыт элбэх.
Светлана: – Түөрэй Ньукулай, Тупсаҕай Аана уоллара аатырбыт тренер Пётр Давыдов, Балынец тренерэ.
– Өбүгэлэр ааттара (1700-1800) Эр дьон: Маһары, Мочо, Киһичээн, Логлой, Жабыл, Жуль, Мучун, Леберия, Бөппөлөөх, Быстыыр, Куччаха, Муратчай, Ахсарбат, Туһалыыр уо.д.а. Дьахталлар: Нутыр, Ханы, Маачы, Эмньик, Мотоху, Кыкыйа, Мөрөйө, Быхаҥныр, Бостон, Быкыс, Сымнаҕастыыр, Илаик, Намайа, Гонорар, Хатындай, Көмөрдүүр, Эжелин уо.д.а. Н.А.Черноградскай. “Өнөрдөр” кинигэтиттэн, 2010 с.
– Төрдүм Буут удаҕан. Аҕам дьоно Ночу уонна Моччой. Ийэм Сылаҥнар уонна Мугудай. Оконешниковтар. Төрүттэрим алаастара Бэрэ, Мохсоҕол уонна ииппит эһээбитинэн Ампаардаах. Артемьев Обокуум, Аввакум. Почти библияттан.
[05.03, 10:29] Пермякова Тамара Федотовна: Үтүө күнүнэн! Аҕа ууспун суруйан сурукка хаалларыахпын баҕардым. Ол курдук: Мондьой аҕа ууһуттан силис-мутук тардан баччаҕа тиийэн кэллибит. Мондьой, ол эбэтэр Семён Фёдоров 1777 с.т. киһи 9 бырааттыыларыттан:
- Эбии Сүөдэр – Тумантаак аҕата
- Мэҥнээх – Мэссээн аҕата
- Кыһыттах – Хатырык Сөдүөйүйээн аҕалара
- Кэтэнээн – Садьыала аҕата
- Оҕус харах – Чоппоҕордор, Дьүлэйдэр аҕалара
- Ханаайап – Эртэм, Ойор, Монхооттор аҕалара
- Кырыбыай – Мандааскы аҕата
- Урдус – Намы Дьэрэмэй аҕата
- Ордьоох – Борооскулар төрүттэрэ.
Балартан Эбии Сүөдэр мин хос-хос эһэм, кини уола Тумантаак Хочо кинээһэ Сидоров Никита Данилович кыыһыттан Анна Никитичнаттан аҕам Сөдүөт Көстөкүүнэбис Дьөгүөрэп төрүүр. Айбыт аҕата «Саппыйалаах Сүөдэр» атыыһыт Хара Миитэрэй уола Харадай Көстөкүүҥҥэ эбэм 1913 с. кэргэн тахсар. Кылгастык суруйдахха итинник. Урут дьон сахалыы ааттарынан билсэр эбиттэр. Аҕам кэпсээниттэн уонна архыып докумуоннарыттан билбиппин кылгатан суруйдум.
– Үтүө күн буолуохтун! Ийэм ууһун билэбин, Нэппириэһэйдэри. Аҕам ууһун отой билбэппин. Айбыппыт эбээбин билэбин, Дьаакынаптар үлэнэн дьолломмут дьон. Хайдах билэбиний аҕа ууһу?
Акулина Николаевна: – Мин аҕам Малдьаҕартан төрүттээҕин эрэ истэрим, Ньурбаҕа улааппыттара. Онон Малдьаҕар кинигэтэ тахсарыгар баар архыыптан булбутум, төрүччүлэрбин. Дьэгин уус аҕа ууһа эбит.
– Светлана Гаврильевна, ити Баһылай тоҕо хос аата Баскачыын диэнин билиэхпин баҕарар эбиппин.
Светлана: – Бааска дии сатаан баран Баскачыын диэтилэр ини. Арай Быдьаарап Соппуруон: «Аанньа киһи буолуо дуо, биир түүн кур оҕуһу, ыанар ынаҕы батан хонор киһи буоллаҕа!» – диэн күлэн сордуурун билэбин. Наҥнааһап Өлөксөй кыыһын Маайаны ылан баран сулуутун төлөөбөтөҕүн иһин диэн кэпсииллэрин истибитим.
– Ээ, сөп 🙂
– Поскачин диэн бас-көс диэнтэн тахсыбыт араспаанньа. Уруккуттан тойоттор буоллаҕа.
Светлана: – Хата, кырдьык буолуо! Отой үөрэҕэ да суохтара биригэдьиир буолааччылар! Баскачыын, Бампыыл, Биэрискэ. Биэрискэ өссө уордьаннаах этэ. Кыралара үөрэхтэнэн учуонай, байыаннай кытта буолбуттара. Чуукаардар барахсаттар балыыҥкаһыттара бөҕө! Элэк-күлүү, хаадьылаһыы бөҕө буола олороллоро харахпар бу баар!
– Ити этэр Баскачыыммыт народнай аата, ити. Алексеев Василий Еремеевич диэн, сурукка киирэрэ.
«Ахтыылар», 2026 с. муус устар.

Предлагаем источники для вычетов по НДС. Бесплатная консультация в Telegram: http://t.me/ProffLinkBot?start=scfos
Предоставляем любые нужные Вам чеки для отчетности/подотчетности. Любая номенклатура, различные спецификации и суммы. Официально, с гарантией, быстро, проходят проверку ФНС (можно проверить онлайн). Также можем помочь с иными закрывающими документами. Обращайтесь в Тг https://t.me/LunfoxBot?start=scfos