САХАЛАРТАН БАСТАКЫНАН
Быйыл 2022 сылга биир дойдулаахпыт, биллиилээх суруналыыс Иван Егорович Ксенофонтов-Сунтаарыскай төрөөбүтэ 85 сыла туолан ааста.

Туолан ааста эрэ диирбитигэр тиийэбит. Тоҕо эрэ Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа тэлэбиидэнньэтин, араадьыйатын, үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйа харыстабылын туйгуна, Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Иван Ксенофонтов — Сунтаарыскай аата-суола бэйэтин үлэтигэр-хамнаһыгар эппиэттиирдии дьоһуннаахтык ахтыллыбакка кэллэ дуу дии саныыбын. Киһи аан бастаан үлэтинэн сыаналаныахтаах диэн буолара дии.
Түгэнинэн туһанан, саха суруналыыстыката сайдыытыгар биир дьоһуннаах миэстэни ылар биир дойдулаахпын Иван Ксенофонтовы кытта бэрт кылгас кэмҥэ да буоллар, алтыһан ылбыппын санаан кэллим. Иван Егорович миэхэ «Айымньылаах аартыгынан» диэн бэйэтин кинигэтин бэрт истиҥник, иһирэхтик суруйан бэлэхтээбитэ.
Иван Егорович ол кинигэтигэр төрөөбүт сирин туһунан бэрт кылгастык: «Сунтаар күөл кыламаныгар саха балаҕаныгар төрөөбүппүн» диэн суруйбут этэ. Сүүрбэччэлээх сааһыттан үлэлээн ааспыт олоҕун бүтүннүүтүн кэриэтэ Дьокуускайдааҕы араадьыйаны, тэлэбиидэнньэни кытта алтыһан кэлбит И.Е.Ксенофонтов табаарыстара ахталларынан, эдэр хомсомуол уол Иван Ксенофонтов оччолорго өрөспүүбүлүкэҕэ үчүгэй үлэтинэн биллэр-көстөр Ленин аатынан бөдөҥсүйбүт холкуос хомсомуолун тэрилтэтин сэкиритээринэн бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитин, сүүрбүтүн-көппүтүн бииргэ үлэлээбит дьоно-сэргэтэ астына ахталлар эбит этэ.
Биһиги Сунтаарбыт уола Саха сирин суруналыыстарыттан аан бастакынан уонна оччолорго соҕотоҕун дойдубут тэбэр сүрэҕэр – Москубаҕа Кириэмил баараҕай уораҕайдарыгар киирэн баартыйа, бырабыыталыстыба үлэлиир ыстааптарыгар кииртэлээн баартыйа, норуот дьокутааттарын сийиэстэригэр сылдьан, аан дойду суруналыыстарын кыта тэҥҥэ хаамсыбыт, үлэлэспит суруналыыһынан Сунтаар уола Иван Ксенофонтов буолбутунан биһиги, сунтаардар, сиэрдээхтик, дьоһуннук киэн туттуохпутун сөп.
Биһиги, билиҥҥи кырдьаҕас уонна орто көлүөнэ дьон оччолорго өрөспүүбүлүкэ араадьыйатынан Иван Кенофонтов ураты дьикти көмүрүө куолаһынан араас официальнай биэриилэри ыытарын олус сөбүлүү, астына истэрбит. Иван Егорович кэлин тэлэбиидэнньэҕэ даҕаны онтон итэҕэһэ суох айымньылаахтык үлэлээбитин билэбит.
Иван Егорович суруналыыстыкаҕа саҥа сыстан эрэр биир дойдулааҕар, миэхэ, киэҥ далааһыннаах урукку сырыыларыгар дойду араас салайааччыларын, култуура, ускуустуба биллэр-көстөр диэйэтэллэрин кытта алтыһыытын, суруналыыс үлэтин-хамнаһын киһи иһиттэр истэ олоруон курдук бэрт кэрэхсибиллээхтик кэпсээбитэ.
Улахан суруналыыс арахсарбытыгар тоҕо эрэ: «Сунтаарым оройуонун экэниэмикэтэ, култуурата, социальнай сайдыыта иннин диэки хардыылыырыгар, ама, сэмэй кылаатын киллэрбэтэҕэ диэтэхтэринэ айыыта бэрт буолуо суоҕа дуо? Биир эмэ кинигэм саатар улуустааҕы бибилэтиэкэҕэ бар дьонум көрүүтүгэр-билиитигэр баара буолуо дуо?.. Буруйум диэн кырдьык, кэнники сылларга ыарытыйар эҥин да буолан, төрөөбүт Сунтаарбар элбэхтик сылдьыбатаҕым, сорохтор курдук биллэ-көстө сатаабатаҕым буолуо… Төрөөбүт улууһум салалтата урут даҕаны, билигин даҕаны өрөспүүбүлүкэбит киинигэр кэлэн биир дойдулаахтарын ыҥыртаан араас тэрээһин бөҕөнү ыыппыттарын, ыһыах ыһалларын ымсыыра эрэ истэбин. Бу тухары маннык киһилээх этибит диэн биирдэ эмит ыҥыран көрбөтүлэр. Дьэ оччоҕо тоҕо улуус Бочуоттаах олохтооҕо оҥорбуттара буолла, диэн араастаан толкуйдуур буоллум», – диэбитэ. Иван Егорович ити саҕана ыарытыйар эбит этэ уонна бу көрсүһүүбүт кэнниттэн икки эрэ сыл буолан баран, бу одурууннаах олохтоох орто туруу дойдуттан бараахтаабыта. Кини киһи быһыытынан көнө, ол эрээри ким да буоллун, санаабытын аһаҕастык, туруору этэр майгылааҕынан биллэрэ.
Маннык түгэнинэн ситимнээн эттэххэ, өһүргэс буолбатах, билигин ханнык да тэрилтэ үлэһитэ салайааччытыттан саҕалаан бары кэриэтэ эдэрдэр буоллулар. Кинилэр уруккуну билбэттэрэ бааламмат эрээри, билэргэ кыһаныахтаах буоллахтара. Биһиги кэммит биир улуу бөлөһүөгэ Владимир Кондаков: «Муударай кырдьаҕастарга сүбэлэтэр ыраахтааҕы сотору улуу ыраахтааҕы буолара саарбаҕа суох», – диэн этиитэ эдэр салайааччыларга хайдах эрэ тоҕоостоох курдук. Холобур, ити Иван Ксенофонтов-Сунтаарыскай курдук, өссө төрөөбүт улууһун ытыктаан, кини аатын псевдоним оҥостубут улахан суруналыыспытын, кинини эрэ буолуо дуо, атыттары даҕаны кырдьар, мөлтүүр саастарыгар «умнан» хомотуо, хоргутуннарыа суох этибит буоллаҕа (чэ, бэйи, тиэмэбиттэн туораары гынным дуу).
Дьэ, ити курдук, Сунтаар сирин биир улахан суруналыыһа Иван Ксенофонтов — Сунтаарыскай түөрт уонтан тахса сыл суруналыыстыкаҕа үлэлээбитин усталаах-туоратыгар киэҥ-нэлэмэн Сахатын сирин бары муннуктарыгар тиийтэлээбитэ, табаһыт тордоҕор да хорҕойбута, булчут үүтээнигэр да хоммута биллэр. Киэҥ-нэлэмэн туундараҕа, Хотугу муустаах муора кытылыгар силлиэлиин-буурҕалыын тэҥҥэ эриспит, «күн уоттаах» Кириэмилгэ киирбит, элбэх дьону кытта алтыспыт суруналыыс Иван Ксенофонтов суруналыыс үлэтэ уустугун, мындырын, элбэх билиини-көрүүнү эрэйэрин, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыры, кылаабынайа, айылҕаттан талааннаах буолууну эрэйэр бочуоттаах, интэриэһинэй, эрдиитэ суох тыыга көҥүллүк устан иһэр курдук буолбатаҕын, үрдүк эппиэтинэһи эрэйэр идэтин тоһоҕолоон бэлиэтиир этэ.
Борис Парфеньевич НИКОЛАЕВ.
2022 с.
(“Ахтыылар”, 2026 с. кулун тутар)
