КӨҤҮЛ ТУСТУУ МААСТАРА
Кырдьа барбыт киһи санаата, олоҕун чыпчаалын аһарбыт таһымыттан эргиллэн көрдөҕүнэ, кэҥээн-нэлэһийэн көстөр дьикти-дьэрэкээн сүрэх-дууһа кыттыһар үөрүүлээх үрдэллэрдээх. Олор хас биирдиибит олоҕор бааллара – бу Айылҕа барахсан Үөһээ Айыылардыын кыттыһан утары ууммут сүдү бэлэхтэрэ буолар. Киһи уонна бүтүн норуот барахсан олоҕор итинник кэрэ түгэннэр кэккэлэһэллэрэ – бу олоҕу толору олордум диэн, томточчу дьолунан түстэнии бигэтэ. Итинник санаалары кытта сиэтиһэн, суруйбатах да ыраатан, тарбах баттаан суруйар ньымалаах аныгы сайдыылаах олох тэрилигэр санааларбын сааһылыыбын
1972 сыл. Мюнхен. Олимпийскай оонньуулар. Аан дойду судаарыстыбалара, араас омуктар сиэрдээх, үрдүк таһымнаах күөнтэһиилэрэ. Дьэ манна этэ дии аҕыйах ахсааннаах сахалар норуот быһыытынан инники күөҥҥэ тахсан, өрө күүрэн, сахалар буоларбытынан киэн туттан Үрдүк Өрөгөй таһымын билбиппит! Үһүс үктэлгэ Аан дойдуга баппатах Иран ааттааҕа Ибрагим Джавади умса туттан турара, иккискэ Болгария чулуута Огнян Николов дуоһуйан турара, онтон Үрдүк Үрдэлгэ улуу убайбыт Роман Михайлович Дмитриев ис-иһиттэн сырдык дьол, үөрүү аргыстаах икки илиитин өрө уунан турара киһи хараҕар көстөн кэлиитэ үйэлэргэ өлбөөдүйбэт, ким да аһары түспэт уонна бастакы буоларынан хатыламмат сүдү ситиһии!
Бу сүдү ситиһии балысхан долгуна оччолорго оҕо дьоҥҥо сүрэхпитигэр- дууһабытыгар тиийэн абылаан көбүөргэ, тустууга аҕалан эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдыы сабыдыалынан үтүөтүк дьайбыта саарбахтаммат. Онтон ол отой үрдүк таһымҥа дьайыыта 1976 сыллааҕы Монреаль Олимпиадатыгар биир кыһыл көмүс, икки үрүҥ көмүс мэтээллэр сахаларга кэлэллэригэр төрүөт буолбута. Бу Олимпиада түмүгүнэн сахаларга үс кыһыл көмүс мэтээл кэлиэхтээҕин хара дьай балыйыы уонна эрдэттэн кэлиэхтээх кыайыыны утары күүскэ барбыт хара дьай үлэ мэһэй буолбуттара тустуу көбүөргэ эрэ буолбат эбит диэн санаа төрүөтүн олохсуппуттара.
Санааттан санаа сиэтиһэн, төһөлөөх улуу тренер-педагог Д.П.Коркин эрчийиитин толору барбыт, сөптөөх эйгэҕэ түбэһэн ханнык баҕарар таһымы ылыан сөптөөх саха тустууктара ситэ аһыллыбакка хаалбыттара буолуой диэн санаа хомолтолоох аргыс буолар.
Сивцев Прокопий Прокопьевич
1979 сыл. Хабаровскай куорат физкультурнай института. Тустуу саалата. Эрчиллиигэ Прокопий Сивцевы кытта паараҕа турабын. Тута толкуйга кини хайдах эрэ намчы, сымнаҕас, былларыттыбыт былчыҥа суох курдук. Оннук санаан арааһынайдаан киирэн көрөбүн да былчыҥнарын билгэтэ сүрдээх, тугу да оҥотторбот, наар барыстаах өттүгэр буолан иһэр. Хамсаннаҕын аайы тимир трос курдук кытаатар уонна илиибин-атахпын онтунан баайан кэбиһэр. Уҥа атахпар киирбитин куоттарабын, киһим төттөрү тахсан иһэн хаҥас илиитин тас өттүгэр ытыһын тиэрэ эргитэн хаҥас атаҕым тилэҕиттэн өрө ыйаан таһаарар… Соһуччута бэрдиттэн саҥа аллайабын. Тутуһууга киирэбин да киһим сымара таас курдук, куотуммат, утары тутуһар, прогибтаары ыксатар. Тустуу уһаатаҕын аайы киһим аһыллан, түргэтээн, киһини түөрэҥнэтэр араас хамсаныылара элбээн иһэр. Д.П.Коркин оскуолата үрдүк да таһымы биэрэр эбит, дии саныыбын. Соторунан төрүкү сүрэх ыарыһах киһи алларыйан, салгын киирбэт буолар туруга салгыы туһуннарбат. Эрчиллиини туораттан көрөбүн.
Тустууга ССРС маастардара кэриэй уола Ри Мен Ген, тувинец Бичеол, бурят Ч.Гомбоев, украинец С.Хавренко, нуучча А.Кузнецов Сивцев Проняны «бултаһаллар» да, баһыйтараллара харахха быраҕыллар. Бэйэтиттэн ыйааһыннарынан ыарахан тустуу маастардарын кыайа тутарын сөҕө-махтайа көрөбүн. Эрчиллиигэ Ефрем Ефремов, Степан Сивцев, Кирилл Захаров, Леонид Николаев курдук тустуу улахан маастардара бааллар. Бүлүүттэн Макар Маисов, Николай Афанасьев, Кэбээйиттэн Иннокентий Новиков, Амматтан Егор Фёдоров, Тааттаттан Архип Бурнашов, Степан Павлов курдук улаханнык тустуон сөп айдарыылаах уолаттар элбэхтэр. Ол эрээри эрчиллии бэйэтин дьаалатынан барар. Ким да эрчиллиини сүрүннээбэт, салайбат. Тус былааны туруоруу, итэҕэстэри ырытыы, быһаарыы, араас приёмнар, комбинациялар кимиэхэ сөп түбэһиэхтэрин сөбүн наардааһын суох.
Сааһыран олорон санаатахха, бу кэмҥэ Красноярскайга курдук Д.Г.Миндиашвили таһымынан тустууну сайыннарар үлэ барбыта буоллар Хабаровскайтан элбэх саха тустууга үрдүк таһымҥа тахсыа этэ. Ити сыл сайыныгар Горькай бөһүөлэккэ стройэтэрээтинэн птицеферма сыахтарын тутабыт, үлэ күнүстэри-түүннэри күөстүү оргуйар. Мин даҕаны оҕо эрдэхпиттэн үлэҕэ эриллибит курдук сананар этим да, уолаттарбыттан саллабын. Бүлүүттэн Макар Маисов үлэ инники күөнүгэр сылдьар. Д.Г.Зангиев Макары отой санныттан таптайа сылдьар. Үлэҕэ бэриэччит курдук барыбытын батыһыннарарын көрөр быһыылаах.
Икки үлэҕэ эриллибит модьу-таҕа көрүҥнээх каменщиктары анаатылар. Ол дьоммут бетон мэһийэргэ, блок уурарга, мастерогунан хайдах туттарга, истиэнэни-муннугу көнөтүк таһаарарга үөрэтэр эрээрилэр, хайдах эрэ биһигини аанньа ахтыбат курдук сыһыаннаахтар. Ол сылдьан дьоммут наһаалаан бардылар: «Какие вы борцы? Может с нами поборетесь?» – диэн буолла. Бэйэ-бэйэбитин көрсөбүт уонна тэҥинэн Пронябыт диэки көрөбүт. Үлэ тохтоон, аны тустуу буолар буолла. Каменщиктарбыт улахаттара, доруобайдара да бэрт, отой биирдэ хам тутардыы үнтү барчалаан киирэллэр. Ол иһэн төбөлөрүн оройдорунан көтөллөр, утуу-субуу киирэллэр. Проня бэрт кыра хамсаныылары оҥорор курдук да, дьонноро бэйэлэрин күүстэригэр бэйэлэрэ бараллар. Түһэ тураллар да тиэрэ таһыллан иһэллэр. Устунан муннуларыттан хаан барда, дьуккуруйуу, доҕолоҥнооһун буолан барда. Мин диэтэх киһи онтон үөрэбин, астынабын: «Күүскэ быраҕаттаа! Сэнээбиттэрин көрдөртөө!» – диэн ыһыы-хаһыы бөҕө. «Проня! Сөп буолуо. Тохтоо!» – диэн Степан Павлов тохтотор.
Ол кэннэ каменщиктарбыт уку-суку баран дьэ киһилии кэпсэтэр, сүбэлиир, үөрэтэр-такайар буолбуттара. Үлэ быыһыгар биир каменщик миигиттэн тэйиччи үлэлии сылдьар Проня диэки кэҕис гынан баран ыйытар: «Ты тоже как он борешься, да?». Харахпын уоттаан киһибэр хатыыбын, тиэрэ-маары уҥа-хаҥас турулус-ирилис абарбыттыы көрөбүн уонна: «Я вообще круто борюсь!» – диибин. Киһим кулук-халык бараахтыыр.
Дьэ ити курдук күлэ-үөрэ үлэлээн объект бөҕө тутан, үлэбит уоҕар хамнас бөҕө аахсан каникулга тарҕаһабыт. Үөрэх саҕаланарын кытта эрчиллии эмиэ тохтообот. Эн-мин кэпсэтии иһинэн Проняттан ыйытабын: «Ити, доҕор, отой барыта былчыҥы сыбаан кэбиспит курдук грузин тустуугун кытта хайаһыаҥ этэй? Турник стойкатыгар былаах тутар, Тбилиси международнай турнирыгар тустан кэлбитэ дии?». «Ити киһини былчыҥнарын барытын араартаан, туста тахсыбыт муннугар сааһылаан кэбиһиэм», – диэн соһутар уонна илиитинэн хайдах сааһылыырын көрдөрөр. Мах бэрдэрэбин. Бэйэтигэр сүрдээх эрэллээх, күүстээх оскуолалаах, айылҕаттан бэриһиннэриилээх буолан онто саҥардар эбит дии саныыгын, сааһыран олорон эргитэ саныыргар.
Проня дьиҥинэн устан ааһар олоххо олус сэмэй, үөрэҕэр учууталлар чорботон бэлиэтиир, бэрээдэк-эппиэтинэс бөҕө киһилэрэ. Ону чугас дьоно, коллегалара, доҕотторо бэркэ диэн билэр буолуохтаахтар.
Мин тустуум барбат. Армияттан саҥа кэлбит дивизия чемпиона, армейскай күрэхтэр финалистара, студеннар ыһыахтарыгар мас тардыһан, хапсаҕайдаһан, ыстанан бастыыр сүүрбэлээх эдэр киһи таһымнаах тустууктарга киирдэхпинэ төрүкү итэҕэс сүрэҕим уйбат. Хааны хачайдыыра мөлтөөн, салгын киирбэт буолан турунан кэбиһэбин. Приём оҥорон эрэллэрин көрөн баран турабын. Чэ кэбис диэн, тустуу көбүөрэ мин туспар хатыылааҕын өйдүүбүн, хомойобун. Устунан бэрээдэк да мөлтүөх курдук буолан барар. Олоҕум хайысхатын суолун уларытар өй-санаа баһыйан барар. Үөрэхпиттэн уурайабын диэн сайабылыанньабын табаарыһым Константинов Валера хайыта тыытан тохтото сатыыр гынан баран, өй-санаа уларыйбытын тохтоппот.
Кэнники Иркутскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун бүтэрэн учуонай-агроном буолбутум. Тустуук буолар оҕо сааһым үрдүк баҕа санаата туолбатах курус хомолтотун мас тардыһан Манчаары спартакиадатыгар бастаан, тимири көтөҕөлөөн Португалияҕа бэтэрээннэргэ Аан дойду чемпионатыгар кыайыыбар анаммыт Россия государственнай гимнын истэн уоскуппутум. Ол эрээри тиэргэн иһинээҕи күрэхтэһиилэртэн үрдүк таһымҥа күрэхтэспит, чахчы саха кыаҕын тустуу курдук аан дойдуга муҥутуу сайдыбыт көрүҥҥэ сахалары өрө тутан көрдөрбүт, эдэр сааспар эҥэрдэспит табаарыстарбынан киэн туттабын. Олортон биирдэстэрэ ССРС спордун маастара Прокопий Сивцев буолар.
БААРДААХ БААРЫН БИЛЛЭРЭР
1981 сыл. Улан-Удэ. Көҥүл тустууга РСФСР чемпионата. Күрэхтэһии тыына, таһыма олус үрдүк. Ыйааһын аайы тустууну эттэригэр-хааннарыгар иҥэриммит айылҕалаах хапхаас тустууктара аҥаардастыы айбардыыллар. Саха сириттэн биллэр-көстөр маастардарбыт хомойуох иһин бары бастакы эргиирдэргэ хотторуу хомолтотун билэн, күрэхтэһииттэн туорууллар. Бу күрэхтэһиигэ Прокопий Сивцев Хабаровскай кыраайтан ис-иһиттэн кыдьыгыран туран күүскэ тустар. Маастар нуорматын элбэхтэ толорбута эрээри, докумуона уһаан кэлбэккэ көбүөргэ “спорт маастарыгар кандидат” диэн ыҥыраллар.
Икки бастакы хапхаас тустууктарын үөс батааска биэрбэккэ бэккэ баһыйа тутан кыайталыыр. Аны бу тухары муннугар Хабаровскайтан секундана суох… Эргииртэн эргиир аайы утарсааччыларыттан тыыппалаахтара, бэлэмнээхтэрэ, сэниэлээхтэрэ утары кыайардыы бигэ санаалаах тахсаллар. Көбүөргэ үсүһүн эмиэ хапхаас бөҕөһүн утары ыҥыраллар. Бу сырыыга Прокопий Сивцев муннугар Дмитрий Петрович Коркин бэйэтинэн үөрэнээччитигэр секунданныы тахсар. Тустуу үрдүк таһымна барар. Хапхаас бөҕөһө атахха кииртэлиир да утары албаска түбэһэ турар, тутуһууга киирэр да бэйэтэ прогибка бараары ыксаан тэйэр аакка барар.
Сынньалаҥҥа Дмитрий Петрович үөрэнээччитин кымаахтаан баран: «Ити киһини атахха киирэн истэҕинэ туора хамсатан баран сөрөөн түһэр», – диир. Утарсааччыта киирдэ-киирээт атахха түһэн истэҕинэ тренер сүбэтинэн көбүөргэ көхсүнэн хам баттыыр! Прокопий Сивцев тахсыылаах тустуутун утарсааччылара тренердэриниин кыраҕытык маныыллар, үөрэтэллэр, тугу эрэ сүбэлэһэллэр. Күрэхтэһии тыҥааһына кытаатан иһэр. Инники күөнү былдьаһар хапсыһыылар улам чугаһыыллар. Бөҕөстөр таһымнара үрдээн иһэр. Дьэ манныкка эрчиллибит эрчиллиигиттэн, саныыр санааларгыттан, дьулуургуттан ураты Айылҕа биэрэр туругар киирии ирдэнэр.
Ол киһи аайы бэриллибэт анал турук Прокопий Сивцевы тумнубатаҕа төрдүс эргииргэ ырылхайдык көстөр. Утарсааччыта ССРС чемпиона, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Шамиль Гереев. Хапсыһыы кытаанаҕа, сытыыта манна буолар. Икки өттүттэн кимэн киирии. Тустуу! Ким да чыпчылыйыах түгэн да турбат. Хамсаныы. Үлэ. Мындыр өй-санаа былчыҥ үлэтин кытта куомуннаспыт уустук, үрдүк таһым хамсаныылара! Утарсааччыта саха бөҕөһүн сөбүлээн оҥорор тиэрэ кэдэрийэн быраҕар албаһыгар киирэн биэрэр балаһыанньата үөскүүр. Прокопий табло диэки көрөр. Үс баллынан кыайан иһэр, бириэмэ бүтэрэ уонча сөкүүндэ хаалбыт. Оҥоруохтаах короннай албаһын тохтотор. Ити чыпчылыйыах тохтобул түгэни утарсааччыта мүлчү туппат, тутатына албас оҥоро сатыыр. Икки таһымнаах бөҕөстөр хардары-таары сытыы бырахсыыларынан хапсыһыы түмүктэнэр. Судьуйалар кыайыыны саха бөҕөһүгэр биэрэллэр да ол атыыр айдааҥҥа, мөкү мөккүөргэ кубулуйар. Утарсааччытын тренердэрэ, секунданнара мөккүөр оройугар баар буола түһэллэр, Хабаровскай тренердэрэ тоҕо эрэ ырааҕынан сылдьаллар… Арай Михаил Скрябин барахсан баран аахса сатыыр. «Балыйдылар», – диир, айманар, протестааҥ диэн хабаровскайдарга, чуолаан Д.Г.Зангиевка этэ сатыыр да, киһитэ ырааҕынан куота көтө сылдьар.
Дмитрий Петрович Коркин маннык мөккүөрдэргэ хаһан да кыттыспат, бу да түгэҥҥэ буола турартан ырааҕы одуулуур курдук көрөн олорор, онтон көбүөртэн тэйэ хаамар. Прокопий Сивцев төһөнөн үрдүк таһымнаах тустуукка утары киирэр да, оччо таһымҥа үөһээ тахсан биэрэр – тэҥҥэ тустар айылҕаттан дьоҕура бу чемпионакка ырылхайдык көстөр. Ол эрээри ол итэҕэс. Дьоҕурдаах тустуугу эрдэттэн билэн кинини үөрэтии, балыйыы, эмсэҕэлэтэ сатааһын уо.д.а хара дьай үлэ, хомойуох иһин, суох буолбатах. Дьэ ол иһин эрчийэр үрдүк таһымын таһынан араҥачылыыр дьоҕурдаах, тустуук тус олоҕор көмөлөөх, балыйтарыыны таһааттарбат ааттаах-суоллаах тренер ситиһиини араҥаччылыыра ирдэнэр. Ол Хабаровскай кыраай аатыттан тустар Прокопий Сивцевка суох…
Бэһис эргииргэ балыйтарыы баттыгастаах чемпионат хаһаайынын – бурят бөҕөһүн кытта тахсар. Прокопий Сивцев кимэн киирэр уонна биллэрдик баһыйан барар. Тустуу сытыырхайар. Биир түгэҥҥэ Прокопий утарсааччытын быраҕан түһэрэн баран мостикка тутан, лаппаакытыгар көбүөргэ хам баттаан истэҕинэ олохтоох судьуйа свисток биэрэр! Ол кэннэ тустууктар саҥа туран эрдэхтэринэ утарсааччыта свисток суоҕун үрдүнэн вертушкалаан соһутар. Олохтоох судьуйабыт икки баллы биэрэр! Прокопий судьуйа диэки соһуйбуттуу көрөр да, киһитэ тустуҥ диэн свисток биэрэр… Аны утарсааччыта куота сылдьар. Прокопий тустуу көрдүүр, захват ылаары эккирэтэр. Тустуу дьэ маннык биир балл араастаах, балыйыы тыыннаах олохтоох тустуук туһатыгар түмүктэнэр. Бу иннинэ Шамиль Гереев курдук ССРС чемпионун, улахан тустуугу кыайбытын балыйбыттарын хабаровскайдар өттүлэриттэн аахсар, протестыыр дьон суоҕун көрөннөр балыйыы хатыланар.
Прокопий Сивцев күрэхтэһии хаамыытынан ааҕынан ССРС чемпиона, норуоттар икки ардыларынааҕы спорт маастара Азат Фаркушиҥҥа суоттаммытын хара балыырдар суолун бүөлүүллэр… Фаркушин үөһэттэн бырахсан тустарын, атын араас албастарын Прокопий билэр уонна үрдүк, бэйэтин билгэлэнэр тустуутун мэһэйдээбиттэриттэн хомойор. Бүтэһигэр Аан дойду икки төгүллээх чемпиона Виктор Алексеев кыайыылаах, Азат Фаркушин иккис буолаллар. Маннык күүстээх састаапка хара балыыр ситэ туһуннарбатаҕа хом санаа, олох аргыһа буолар.
Баар кыахтар хара балыыр сабардаан ситэ аһыллыбакка, көстүбэккэ хаалаллар. Бу тустуу туһунан Прокопий Сивцев: «Мин Россия чемпионатыгар хотторуута суох биэс эргиир тустубутум» – диэн кылгастык баар чахчыны этэр.
УЛУУ ТРЕНЕР САНААТА
Айылҕа барахсан иэгэйэр икки атахтаахха бэрт кылгас Орто Дойду олоҕун биэрбитин алы гынан эбии киһи барахсаны санаатын өрө көтөҕөр, үөрдэр-көтүтэр, сүрэҕи сэргэхситэр, дууһаны ыллатар дьикти сэниэни иҥэрэр, тус олоҕор олус диэн туһалаах эйгэлээх сөбүлүүр дьарыгы ачаалаан утары уунар (хобби). Киһититтэн көрөн бу эйгэ спорду, булду, айар үлэни, ылланар ырыаны уонна да атын араастык сыдьаайа сырдатар дьикти уоттаах дьарыктары кытта сибээстээх. Бу олоҕу билии кэрэ олуктарыттан биир сүрүннэрэ буолар. Маннык айылҕаттан эйгэлээх киһи арыллан таһымнанан-ситиһиилэнэн тус олоҕор, дьонугар-сэргэтигэр, норуотугар үөрүү-көтүү, сайдыы төрүтэ буолар. Бу айылҕа икки атахтаахха биэрэр бэрт сэдэх бэлэҕэ – ол туоһутунан тустуу эйгэтигэр улуу тренер Дмитрий Петрович Коркин олоҕор оҥорон ааспыт Үрдүк Таһым үлэтэ үйэ аҥаара ааспытын да кэннэ хатыланар кыаҕа суоҕа буолар…
Прокопий Сивцев Россия чемпионатыгар тустуутун утарсааччылара тренердэрин кытта эрэ ымпыктаан-чымпыктаан кэтээн көрбөттөр, Дмитрий Петрович эмиэ үөрэнээччитэ маастар таһымыттан үрдүктүк тустарын көрөр. Бу чемпионат кэнниттэн дьонунан ирдэтэн булларан Прокопий Сивцевы дьиэтигэр ыҥыран ыалдьыттатар. Ис-иһиттэн олус үөрэн туран көрсөр. Кэпсэтии сүрүннээн тустуу тула буолар. Ааспыт Россия чемпионатыгар саха тустууктара хайдах тустубуттарын бэрт кылгастык ырытан баран, Дмитрий Петрович үөрэнээччитигэр: «Эһиил ССРС финалыгар тустуоҥ. Норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастар буолуоҥ. Эйиэхэ барыта баар. Күүскүн кыратык эбэн биэриэхпит, – диир. – Эйигин ШВСМ тренеринэн үлэҕэ ылабын». Толкуйданарыгар бириэмэ биэрэр.
Бу кэмҥэ Прокопий кэргэннээх, оҕолоох дьиэ кэргэн баһылыга. Хас биирдии эр киһиэхэ дьиэ кэргэн туһа диэн дьаһаныы инники күөҥҥэ сылдьыахтааҕа олох сокуона. Дьиэ кэргэн иһинээҕи сүбэлэһии үлэни-хамнаһы тутуһан олоҕу оҥостуохха диэн быһаарыныыга кэлэр. Киһи киэнэ кылааннааҕын туһунан кэпсээн кини иннигэр сылдьар. Прокопий Сивцевы араас үлэҕэ ыҥырыы элбиир. Түмүгэр Ньурбаҕа Үөрэх салаатыгар инспектордыы сырыттаҕына партия райкома Ис дьыала кадрдарын бөҕөргөтүү чэрчитинэн сокуону араҥаччылыыр үлэҕэ аныыр. Бу үлэҕэ ситиһиилээхтик үлэлээн элбэх правительственнай наҕараадалаах, майор званиелаах. Бу эйгэҕэ, сокуону араҥаччылыы сылдьан, араас кутталлаах түгэннэргэ киирэн тахсыталаабытын, үлэтигэр бэриниилээҕин туһунан суруйуу инникилээх.
Ханна да, хайдах да сырыттар тустуута ыҥыра-угуйа турар. Үлэ быыһыгар тустуу залыгар тустар күҥҥэ тиийэн биллэр-көстөр тустууктары кытта холоһор. Д.П.Коркин саха тустуутун биллиилээх маастардарын А.Константиновы, Р.Цыпандины кытта туһуннарар… Анатолий зацебын оҥоро сатыыр да, Проня уунан биэрэн баран прогибын оҥортоон ырааска түһэртиир, биир да баллы биэрбэт. Романы атахтаппат, захват ылан баран сылдьар, утарсааччыта өттүккэ киириитигэр эриллэ түһэн баран прогибынан көрсөр.
ШВСМ тренерэ Н.И.Сафонов: «Бэйи эрэ, бу хантан кэлбит орёлгунуй?» – диэн соһуйар. Эрчиллии кэнниттэн Анатолий Константинов: «Прокопий, мин эйиэхэ отой тулуспат эбиппин, биир да баллы ылбатым», – диир уонна илиитин биэрэр. Анатолий бэтэрээннэргэ Аан дойду хас да төгүллээх чемпиона, Роман ССРС үрүҥ көмүс призёра этилэр. Маннык таһымнаах тустууктар билиниилэрэ элбэҕи кэпсиир дии саныыбын.
Өбүгэлэрбит барахсаттар: «Киһи олоҕо түннүгүнэн элэс гына көтөн ааһар чыычаах тэҥэ», – диэбиттэрэ оруннаах. Маннык кылгас кэмҥэ киһи барахсан дьиҥнээх кыахтарын туһаммакка хаалара баар суол. Олох сүнньэ тардар күүһэ улуу тренер Дмитрий Петрович Коркин олоххо киириэхтээх санааларын кытта кыттыспатаҕын санаан кэллэҕинэ тустуу дьиҥнээх маастара Прокопий Сивцев хомолто аргыстанан ылар. Айылҕаттан иҥиир-ситии кытаанах, быстыбат тыыннаах, олус үрдүк былчыҥынан билгэлиир дьоҕурдаах, элбэх техническэй албастардаах, хайдахтаах да балаһыанньаҕа тустарын тохтоппот – эриллэн барыстаах өттүгэр буолан иһэр, төһөнөн утарсааччытын таһыма үрдүк да онно барытыгар сөп түбэһэн сонно тутатына таһымын үрдэтэр айылҕаттан дьоҕурдаах саха тустуутун улахан маастара Прокопий Сивцев тустуута, быһыыта-таһаата улуу тустуук Бувайсар Сайтиевка майгынныыр. Бувайсар 1975 сыллаахха төрөөбүт, ити кэмҥэ кини уһулуччу атыннык тустар техниката сахаларга баар этэ диэхпин баҕарабын. Прокопий Сивцев эдэригэр хара ааныттан Красноярскайга Д.Г.Миндиашвилига анаан-минээн тустуу туһа диэн эрчиллэ тиийбитэ буоллар төһө баҕарар үрдүк таһымҥа ситиһиилээхтик тустуо этэ дии саныыбын.
ОЛОХ СУОЛА
Орто дойдуга олох толооно уонна ол эргимтэтэ диэн өйдөбүл баар. Хас биирдиибит үөрэр-көтөр түгэннэрин, кэрэ кэмнэрин, ситиһиилэрин ол толооҥҥо ыраас хаарга курдук тус бэйэтин суолун-ииһин хаалларара – олох сокуона. Бу өйдөбүлүнэн анааран көрдөххө Прокопий Сивцев суола төрдүттэн төһүүннээх күүстээх эргимтэлээх уонна туора-маары үктэниитэ суох көнө, ыраас. Санаалар сиэтиһиилэрин сааһылыыр буоллахха, сахалар спортка Аан дойду таһымыгар ситиһиилэрбит Чурапчы улууһугар тирэҕирэн-күөдьүйэн тахсыбыта диир оруннаах чахчы.
Үрдүк олимпийскай чыпчаалга айан мантан саҕаламмыта уонна сүдү түмүктэри аҕалбыта. Ийэ сиртэн силистэнэн төрүүр-үөскүүр дьон чулуутун дойдута эбит диэн санаа аргыстаһарын таспар таһаардаҕым буоллун. Аҥаардас бу Чурапчы Чакырыттан төрүттээх улахан таһымнаах тустууктарбытын бэлиэтээн ааһар буоллахха: В.Карпов – оҕолорого бастакы ССРС чемпиона, улахан дьоҥҥо Россия чемпиона, элбэх норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдар кыайыылаахтара.
С.Макаров – оҕолорго ССРС чемпиона, Аан дойду үһүс призёра, эдэрдэргэ ВСЦПС чемпиона, улахан дьоҥҥо Белорусскай ССР чемпиона.
А.Матвеев – оҕолорго ССРС чемпиона.
Е.Старостин – улахан дьоҥҥо Россия чемпиона.
Н.Матвеев – ССРС спордун маастара, республика чемпиона.
А.Оконешников – РФ спордун маастара, республика чемпиона.
Аны манна эбии Сивцевтэр аймахтары эбии бэлиэтиир эбит буоллахха: Прокопий Сивцев – тустууга ССРС спордун маастара, Николай Сивцев – тустууга ССРС спордун маастара, ССРС чемпионатыгар бэһис миэстэлээх, Михаил Сивцев – хапсаҕай маастара, бэтэрээннэргэ көҥүл тустууга Саха сирин чемпиона, Сивцев Андрей – тустууга РФ спордун маастара, Сивцев Дьулус – тустууга РФ маастара, Сивцев Николай – тустууга РФ маастара.
Дьэ бу! Бары чакырдар! Маннык дойдулаах-эйгэлээх, дьонноох-сэргэлээх саха тустуутун чаҕылхай бөҕөһө Прокопий Сивцев тустууга ылбыт үрдүк таһымнарын бэлиэтиир тоҕоостоох: Белоруссия эдэрдэргэ классическай тустууга чемпиона, Дальнай Восток уонна Сибиир Спартакиадатын көҥүл тустууга кыайыылааҕа, Благовещенскай, Кемерово куораттарга ыытыллар ССРС турнирдарын кыайыылааҕа уонна призёра, Дьокуускайга ыытыллыбыт Саха сирин Миниистирдэрин Сэбиэтин аатыгар ССРС турнирын иккис призёра, Хабаровскайга уонна Кемеровоҕа ыытыллыбыт ССРС турнирдарын кыайыылааҕа уонна призёра, Хабаровскай кыраай көҥүл тустууга, классическай тустууга, самбоҕа элбэх төгүллээх чемпиона, Саха сирин «Спартак», «Урожай» спортивнай обществоларын күрэхтэһиилэрин кыайыылааҕа, Россия «Буревестник» спортивнай обществотын кыайыылааҕа, Белоруссия «Локомотив» спортивнай обществотын кыайыылааҕа, П.Алексеев аатынан Саха сирин хапсаҕайга чемпионатын кыайыылааҕа.

Чакыр нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Прокопий Прокопьевич Сивцев кэргэнинээн Тамара Николаевналыын түөрт оҕолоохтор, уон сиэннээхтэр – саха дьоһун-мааны ыала. Билигин төһө да бочуоттаах сынньалаҥҥа олордоллор үлэни-хамнаһы оройуттан тутан сиэннэригэр күүс-көмө буолаллар.
Антон АДАМОВ – Хаҥалас Хахайа.
2026 с. олунньу.

