Оконешников Иннокентий Алексеевич ахтыыта

ОСКУОЛАТААҔЫ КЭМНЭРБИН СЭГЭТЭН КӨРДӨХХӨ…

1959 с. күһүҥҥүтэ, былыттаах, самыырдаах күннэр. Орто Халыма куорат уулуссата барыта бадараан, онон-манан чалбах халыйар.

Сыбаатайтан саҥа кэлэн 5-с кылааска үөрэнэ сылдьабын. Кылааска 30-пут, аҥаарбыт 2-4 сыл аҕа саастаахтар, бэрээдэк диэн суох, үөрэххэ сыһыан эмиэ оннук. Тыа оскуолатын чуумпу олоҕуттан холорук ытылҕанын курдук дьаабыга түбэһэн олус соһуйбутум, куттаммытым уонна саллыбытым. Оннооҕор “бу кэриэтэ өлбүт киһи” диэн санаа киирэн ылбыттааҕа! Дьон охсуһан эрэрин көрбөккө улааппытым, манна кэлэн сотору-сотору Иванов Васяны, Слепцов Андрейы, Снегур Сергейи, Тырылгин Петяны кытта биир-бииргэ ытыы-ытыы охсуһарга тиийдибит.

Ол аайы сокуоннай саастара чугаһаабыт үөдэннэр күлэн алларастаһаллар, араас быракааска кучуйаллар. Охсуспатаххына кырбанаҕын. Оҕо куһаҕаҥҥа дөбөҥнүк сыстар. Кыралар сотору дууһабыт чэрдийэн, охсуһуук, маатыраһыт буоллубут. Буорайыах дьону саха тылын учуутала Васильев Николай Ильич 13 үөрэҕэр мөлтөҕү, атамааны 5-с кылааска иккис сылга хаалларан абыраабыта. Онтон ыла киһи-киһини атаҕастыырын отой абааһы көрөбүн. Ол муҥнааччылары кытта, тыыннаахтара буоллар, көрсөн аахсыах да курдукпун.

Биирдэ самыырдаах саппараҥ күн “Москва туһунан бэсиэдэ буолар” диэтилэр. Бары кыра көрүдүөргэ муһуннубут. Эбээххэ “Сааһаабыкка” бииргэ олорбут, миигиттэн ойуччу аҕа саастаах Баанньа (Слепцов И.И. – Учуу) тахсан, эпидиаскоп диэнинэн открыткалары көрдөрө-көрдөрө Москва туһунан нууччалыы кэпсээн киирэн барда эбээт! Мин сүтэрбит убайбын көрсүбүт курдук үөрүүм үрдэ суох буолла, аны киниттэн арахсыбатым. Кини ол сайын Саха сирин бастыҥ үөрэнээччилэрин бөлөҕөр киирэн “Москва — Казань” диэн В.И.Ленин олоҕун көрдөрөр экскурсияҕа сылдьыбыт эбит. Кылааспар киһи умсугуйуох туох даҕаны суоҕа, ол иһин куота сатыырым, улахан оҕолорго тардыһан, кинилэри билсэн, үс (оскуола, оройуон оҕолорго, улахан дьоҥҥо) бибилэтиэкэттэн кинигэ бөҕөнү ааҕан төһө эмэ аралдьыйбытым.

Иван Иванович – оскуола комсомолун салайар, учууталлары кытта бииргэ мунньахтыыр, ыллыыр, үҥкүүлүүр, хомустуур, биэчэрдэри ыытар, субуотунньуктары тэрийэр, быһата – лиидэр, киһи эрэ көрө үөрэр киһитэ. Миигин көрөр-истэр, ардыгар дьарыйар. Мин кини кылааһыгар тиийэ сылдьарым, бары улахан, олус дуоспуруннаах дьонтон олус толлорум, хаһан улаатан кинилэр курдук холкутук сылдьабын, дии саныырым. Уруок ааҕалларын, пьеса туруораары бэлэмнэнэллэрин батыһа сылдьан көрөрүм. Арахсыбакка батыһа сылдьан биирдэ хаартыскаҕа түһүспүппүн олус күндүтүк саныыбын.

Оскуола сылларыгар Москва туһунан олус да кэрэ түүллэри түһүүрүм! Баҕа санаам оскуола кэнниттэн туолбута – Литваҕа сулууспалаабытым, кэлэ-бара Москваны дуоһуйуохпар диэри көрбүтүм.

Ол аҕа табаарыстарым оскуоланы бүтэрбиттэрэ быйыл 60 сыл буолла. Бүтэрээччилэртэн Бекренева (Попова) Муза Апполлинариевна – оҕо саадын иитээччитэ, Комаров Пётр Серафимович – лётчик, пуорт начаалынньыга, Слепцов Михаил Иванович – сибээс бэтэрээнэ, Стручкова Тамара Петровна – химия, биология учуутала, Винокуров Николай Иванович – үлэ бэтэрээнэ, сылгыһыт, Кудрина (Винокурова) Ангелина Алексеевна – эргиэн үлэһитэ, ССРС эргиэнин туйгуна, Чукрова (Оконешникова) Мария Васильевна – эргиэн үлэһитэ – төрөөбүт улуустарыгар олороллор.

Бережнов Иннокентий Михайлович, учуонай-зоотехник, норуот эмчитэ, Майаҕа олорор, Третьяков Алексей Ильич – прокуратура бэтэрээнэ, Третьякова (Березкина) Тамара Агапитовна – оҕо саадын иитээччитэ, кэргэнниилэр, Екатеринбурга бааллар. Колесов Виктор Андреевич, учуутал, оскуола дириэктэрэ, Винокурова Дария Васильевна, суот үлэһитэ, Дьокуускайга олохсуйбуттара. Кинилэр бука бары холкуоска сайын ахсын 10-тан тахсалыы сыл үлэлээн, тарбахха баттанар үлэһит этилэр. Комсомол, партия эрэллээх чилиэннэрэ буоланнар дьон-норуот туһугар күүстэрэ кыайарынан харса суох үлэлээбиттэрэ, оҕолоругар, сиэннэригэр үлэһит үтүө аатын хаалларбыттара. Оройуон сайдыытыгар кылааттарын киллэрсибит, холобур буолар олохтоох, олус эйэлээх кылаас туһунан кинигэ таҥыллан хаалбатаҕа олус хомолтолоох.

Хаартыскаҕа: 1960 с. ыам ыйа. Бастакы эрээккэ: Чукрова (Оконешникова) М.В., Лаптева (Винокурова) Е.Г., Кудрина (Винокурова) А.А., Сухомясова (Березкина) З.А., Третьякова (Винокурова) М.В., Стручкова Т.П., Оконешникова А.Н., Бондарева Эльвира. Иккис эрээккэ: Кудрин К.А., Слепцов М.И., Винокуров А.Ф., Кычкина (Лаптева) Е.А., Колесов В.А., Третьяков И.С. Инники – ааптар.

Оччотооҕу ыччат инники улахан ситиһиилэри кыайа тутуохпут, кэрэхсэбиллээх, дьоллоох олоҕу олоруохпут диэн халбаҥнаабат эрэллээҕэ. Кинилэр комсомол аптарытыатын, кыаҕын муҥутуур үрдүккэ таһаарсыбыт умнуллубат үтүөлээхтэр. Ыраас өй-санаа, кынаттаах былааннар, элбэҕи эрэннэрэр килбик мичээр, этиллибэтэх иэйии үөрэммит оскуолаларын (билиҥҥи гимназия) көстүбэт эйгэтигэр иҥэн сырыттаҕа… 61 сыл анараа өттүгэр өтүүктээх бүрүүкэлээх, уһун баттаҕын Олег Кошевой курдук кэлтэччи тарааммыт хатыҥыр уол, кыҥначчы туттан туран, улуу Москва туһунан долгутуулаахтык кута-симэ кэпсии турара мин өйбүн-санаабын тутарбар биир сүрүн төһүү буолбут эбит.

Оччолорго оройуоҥҥа орто оскуола куораппытыгар эрэ баара, оскуола кыараҕас буолан үрдүкү кылаастартан үөрэҕи быраҕан барыы олус маассабайа. Ыччат киэһээҥи оскуолатыгар үөрэниэхтэрин олорор дьиэ көстүбэккэ, нэһилиэктэригэр төннөргө тиийэллэрэ. Дьиҥэ 1960 сыллаахха оскуоланы 2 кылаас бүтэриэхтээҕин 8-с “а”,”б”, 9-с “а”,”б” кылаастарга үөрэнэр сылларыгар элбэх үөрэнээччи уурайан, хаалбыттары биир кылааска симсирийбиттэр. Уурайбыттар үлэ араас салааларыгар ыпсан, устунан сопхуос тутаах үлэһиттэрэ буолбуттара.

Ол кэмнэргэ суруллубут суругу уура сылдьыбыппын, оччотооҕу кэми, ыччат өйүн-санаатын туох баарынан көрдөрөрүнэн, тылларын уларыппакка эһиэхэ билиһиннэрэбин:

“Ыраах баар истиҥ доҕорум Шура, итии-төлөннөөх комсомольскай бирибиэти тут. Суруккун ылан олус үөрдүм, уонна ким даҕаны суруйа илик, суруйбаттара да буолуо. Мин этэҥҥэ сылдьабын, пиэрмэҕэ торбос харайабын. Аҕам түүлээххэ сылдьар, оҕолор үөрэнэллэр. Ханна да сылдьыбаппын, киинэҕэ дэҥҥэ барабын, эрдэ утуйабын, сылайабын даҕаны. Үнүр саҥа собуос табаарын атыылаабыттара, мин түүннэри уочараттаан сон атыыластым, кыргыттар үчүгэй дииллэр (уот кыһыл өҥнөөх сонноох этэ). Аны чаһы ылынарга харчы мунньунан көрүөм. Хаһы ылыамый, соннонноом дии, доҕоор. Билигин эйиэхэ аҕыйах солкуобайы уган ыытыахпын туга да суох хааллым, баҕар, онтон ыытыам. Бөһүөлэккэ улахан сонун суох. Оконешников Аким Кондакова Варяны кытта сылдьар, бииргэ үҥкүүлүүллэр. Арааһа, холбоһоллоро буолуо. Уонна паара баара биллибэт. Горохов Коля Третьякова Мария Ивановнаҕа муҥнанар. Уонна доҕоор, өтөр биир нууччаны кытта көстөн хаалбытым, абалаах баҕайытык. Ийэм эрэйдээх үөрэн өлбүт этэ, саарыҥы кыыл (халымалыы «акаары» диэн). Конституция күнүн ыччаттар Винокурова Алялаахха мустан бэлиэтээбиттэрэ, үчүгэй баҕайы этэ. Уонна суруйуох суох курдук. Мин эһигини тиийэ саныыбын, үөрэххитин бүтэрэргитигэр баҕарабын. Сухомясов Кеша төһө бэркэ үөрэнэр? Эн үчүгэйдик үөрэнэр кыахтааххын, үөрэххин кичэй, мин акаары суолбунан барыма, хойут улахан үлэлэри кыайа-хото тутаар, диэн алгыыбын. Хаалабын эн түҥкэтэх доҕоруҥ Аанчык”…

Иннокентий Алексеевич ОКОНЕШНИКОВ.

2020 с.

(“Ахтыылар”, 2026 с. олунньу)

Оконешников Иннокентий Алексеевич ахтыыта: 1 комментарий

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *