ҮТҮӨТЭ ӨРҮҮ АХТЫЛЛА ТУРУО
Марк Петрович Григорьев – Кэбээйи улууһун Бастакы Лүүчүн нэһилиэгин киэн туттар бастакы учуонай-математига, төрүччүһүтэ.

Кини аҕатынан төрдө Баҕадьаҕа Алаас диэн сиргэ олорбуттар. Эһэтэ Тыппаҥ Охонооһой, эбэтэ Мастаахтан төрүттээх Алексеева Мария Васильевна-Дыыдый удаҕан. Кинилэр биэс оҕолоохтор: Агафья, Эллээһэп Киргиэлэй, Чарчыс Ньукулай, Бадык Бүөтүр, Эллэстээн Дайыла.
Ийэтин өттүнэн эһэтэ Омукчаан Саппырыан, кэргэнэ Кэтээччинтэн төрүттээх Мотуруона. Омукчаан Саппырыан икки бииргэ төрөөбүт убайдаах: Омукчаан Баһылай, Өлөксөй-Сынныыр диэн. Бу Омукчааннар Көтөх Бэрэнэн, Кэтээччининэн, Түөгүнэн олорбут бастакы ампаар дьиэлэри туппут мас уустарынан биллэр дьон.
Марк Петрович суруйууларынан: “Түгэх өбүгэлэрим: Дьаһаах хомуйааччы нуучча Михаил Жирков уонна Туоҕа кыыһа Нэльчэкэ буолаллар”, – диэн.
Ийэтэ Матрёна Софроновна, аҕата Пётр Афанасьевич Григорьевтар 10 оҕону төрөппүттэриттэн үһэ кыра саастарыгар өлбүттэр. Ийэтэ Мотуруона эбэҥкиттэн төрүттээх буолан 3 нэһилиэккэ биллэр үлэһит, мындыр, булчут, сытыы-хотуу, булугас өйдөөх, сатабыллаах хаһаайка этэ.
Аҕата Пётр Афанасьевич – таһаҕас таһааччы, фермаҕа от тиэйээччи, от үлэтин биригэдьиирэ этэ. Кини сэрии саҕана кэргэнэ Мотуруоналыын кыһын түөрт атынан бииргэ сылдьан таһаҕас таһыытыгар Хатырык Хомоттон, Кэбээйиттэн Таас Тумустан бииргэ сылдьан үлэлииллэрэ. Эрдэ туран хараҥаны харахтанан, муус муруннанан, утуйары умнан түүн хонук сири булаллара, былааннаах таһаҕаһы барытын тиэйэн аҕаланнар колхоһу аччык сылларга абырыыллара. Сайынын от үлэтигэр Бүөтүр оҕонньор хотуурдааҕы иннигэр түһэрбэтэх, хотуурун суола ырааһынан, киэҥинэн доҕор оҕонньотторун үлэҕэ көҕүлүүрэ үһү. Өссө стахановскай 10 хонуктаах декадаҕа киирсэн кыайар-хотор эбит.

Хаартыскаҕа: Ийэтэ Мотрёна Софроновна, аҕата Пётр Афанасьевич Григорьевтар.
Марк Петрович Кэбээйи улууһун Арыылаах учаастагар Күөрэлээх диэн ытык алааска 1945 с. тохсунньу 27 күнүгэр күн сирин көрбүт. Тохсунньу торулуур тымныытыгар үс хонуктаах оҕону хаалларан аҕата ол кэмҥэ байыаннай балаһыанньа буолан айаҥҥа туруммут. Үс хонуктаах оҕону кытта хаалбыт ийэ оһоҕун, маһын, хотонун бэйэтэ көрүннэҕэ. Инники икки оҕотун сүтэрбит төрөппүттэр оҕолоругар Марка олус ылларбыттар.
Марк Петрович маҥнайгы учуутала Алексеев Григорий Степанович төрөппүттэригэр махтанара. “Танара орто оскуолатыгар үөрэнэр кэмигэр Виктор Иванович Рожин кыраайы үөрэтэр хос тэрийбитигэр наһаа үчүгэй киис моонньоҕу бэлэхтээбитэ, дьэ оҕолоро киһи буолар төрөппүт онно да биллэр эбит. Аны Өкүчүгэ Бартыһаан Дьөгүөрэби оскуола тутуллар сылыгар аҕала сылдьыбыт үһү дииллэр”, – диэн өр сыл завучтаабыт Дьяконов Егор Иванович сөҕөн-махтайан кэпсиирэ.
Бииргэ төрөөбүттэри ахтан-санаан ааһыахха:
1-кы – Марк Петрович, ХИФУ математическай факультетын доцена.
2-с уола Пётр Петрович Мукучу совхозка 20 сыл кылаабынай инженеринэн үлэлээбитэ.
3-с кыыс Мотрёна Петровна Васильева Уус-Алдан Бээрийэтигэр математика учууталынан үлэлээн СӨ үтүөлээх учуутала буолбута.
4-с оҕо уол Григорий Петрович саамай элбэх оҕолоох (8), Арыылаах бастыҥ ыала, Мукучу совхозка, газтарга үлэлээбитэ, үлэ ветерана.
5-с оҕо Афанасий Петрович – идэтинэн газоператор, байанайдаах булчут, бааһынай хаһаайыстыбалаах, Арыылаах ытыктанар ыала.
6-с оҕо – Данил Петрович Уус Алдан Кэптэнитин убаастанар ыала, үс уоллаах, биир уола Саргын СВО-ҕа сылдьар.
7-с оҕо Софрон Петрович Баҕадьаҕа олорбута, киномеханик, газоператор идэлээх, элбэх оҕолоох, уола Софрон Софронович Бастакы Лүүчүн баһылыгынан үлэлии олорор.

Хаартыскаҕа: Сэттэ бииргэ төрөөбүт Григорьевтар.
Сэрии кэмигэр ыал буолбут буолан, ас-үөл кырыымчык кэмигэр аһа да суох олорон астаах курдук дьону үөрэ-көтө көрсөн, кэскиллээхтик кэпсэтэн, күлэн-үөрэн хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт оччолортон элбэҕэ үһү. Бу ыалдьытымсах майгыларын хара барыахтарыгар диэри тутуһан, киирбит киһини чэйдэтэн, маанылаан хоннорор, өрөтөр этилэр. Аҕата Бүөтүр биирдэ айаннаан истэҕинэ эмискэ ырай аһыллыбыт, дьикти үчүгэй көстүү буолбут, тула барыта сып-сырдык үһү. Онно көрдөспүт: “Киһи буолуум, киһи буолуум, киһи буолуум”, – диэн. “Дьэ ол баҕа санаам туолбута, оҕолорум бары ыаллар, элбэх сиэннэнним, дьиэм иһэ толору киһи”, – диэн үөрэрэ. Ити биһиэхэ Пётр Петровичка олорон кэпсээбитэ. Барахсан улахан баҕайы уҥуохтаах, бухатыыр көрүҥнээҕэ. Бу аһыы олорон кэпсиирин, күлэрин-үөрэрин, алгыһын билигин да суохтуубут.
Марк Петрович Кэбээйи орто оскуолатын бүтэрэн кэлэригэр дьоно Арыылаах Күөрэлээҕэр олорор этилэр. Төрөөбүт өтөҕө ытык сирэ уонна төрөппүттэрэ, бырааттара, соҕотох балта Мотя бары үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ. Барарыгар акка олорор уолугар Марка: “Икки үөрэҕи тэҥҥэ бүтэрээр”, – диэн алгыы ыраахха диэри чарапчыланан көрөн хаалбыт үһү. Дьэ ол аҕатын эппитин курдук Марк учуутала Сметанин Андрей Николаевич сүбэтинэн Дьокуускайга СГУ физико-математическай факультетыгар туттарсан киирбитэ, бүтэрэн университекка үлэҕэ хаалбыта.

1967-1970 с. ЛГУ аспирана, 1984 с. физико-математическай билимин кандидата, 1989 с. дифференциальнай тэҥнэбиллэр кафедратын доцена, 1984-1985 үөрэх сылыгар РСФСР үөрэҕин министерствотын доцент диплома, 2001 с. СӨ Үөрэҕин министерствотын Махтал суруга, 2002 с. РФ Бочуоттаах үлэһитэ, 2004 с. СӨ Учууталлар учууталлара, 2006 с. СӨ Правительствотын грамотата, 2009 с. СӨ Ил Түмэн Бочуотунай грамотата, 2010 с. үлэ ветерана, 2012 с. СР вице-президенэ Д.Глушко Махтал суруга, 2014 с. куорат Думатын Бочуотунай грамотата, 2015 с. СВФУ бочуоттаах ветерана, 2018 с. Ыччат министерствотын Махтал суруга, 2022 с. “Методист Якутии” бэлиэлээх. Кэбээйи улууһун Бастакы Лүүчүн, Иккис Лүүчүн, Мукучу, Үөһээ Бүлүү Далыр нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо. Марк Петровичка бу элбэх үлэттэн, сыраттан таҕыстаҕа.


Хаартыскаҕа: М.П.Григорьев, математика учуутала Андрей Николаевич Сметанин, научнай салайааччыы, к.ф-м.н., профессор Егор Прокопьевич Софронов.
Кини олоҕун аргыһа Галина Гаврильевна Корниловалыын 1968 сыллаахха ыал буолбуттара, 53 сыл бииргэ олорбуттара. Сыбаайбаҕа аҕалара Пётр Афанасьевич Арыылаахтан куоракка тиийэн сылдьыбыта. Галина 10 оҕолоох Корниловтартан, Өлүөхүмэ Токотуттан төрүттээх. Галина Гаврильевна СГУ вычислительнай массыына инженеринэн үлэлээбитэ, 2010 с. СӨ I категориялаах реабилитатор-учуутал үрдүк аатын ылбыта. Галина, Марк дьонун утумнаан, дэриэбинэттэн кэлбит элбэх ыччаттар хонон-өрөөн, үөрэххэ туттарсан, үөрэнэн ааһалларыгар көмөлөспүтэ. Оччолорго дэриэбинэттэн кэлбит оҕолорго түһэр, олорор сир куоракка суоҕа, куортам диэн эмиэ суоҕа, гостиница сыаната ыарахан этэ. Бэйэлэрэ кыараҕастык олоробут диэн кимиэхэ да аккаастаабакка сороҕор остуол анныгар, эбэтэр дьыбааҥҥа туора биэс буолан хонон турар этибит диэн ахтар этэ, саҥаспыт Галина. Галя сайын Арыылаахха кэллэҕинэ кырдьаҕас Марк дьонун дьиэтин сууйан, өрөмүөннээн, кырааскалаан, үлэ бөҕөтүн үлэлээн өрө тардан барара. Хотуна Мотуруона суох буолтун кэннэ тойонугар Бүөтүргэ куораттан кэлэн доҕор буолан 40 хонук олорсон көмө буолбута, бары өттүнэн Марк Петровиһы өйүүрэ, эрэллээх кэргэн этэ.

Хаартыскаҕа: Ортоку – ийэтэ Мотрёна Софроновна.
Марк Петрович эдэр ыччакка холобур буолар дьоһуннаах олоҕу олорон ааста. Кини төрөөбүт Арыылааҕар 1980 с. Улуу Кыайыы 35 сылыгар сэриигэ баран өлбүттэргэ табаарыстарын, олохтоохтор көмөлөрүнэн обелиск туруорбута, 2003 с. бастакы Лүүчүннэр диэн дьоһуннаах кинигэ күн сирин көрбүтэ. Кини талаана саҥа сонун өттүттэн арыллан, аны саҥа авторскай коллектив тэрийэн, сайынын уоппускатын Саха сирин киин уонна улууһун архыыптарыгар быыллаах кумааҕыны хасыһан дьиҥнээх чахчыларга олоҕуран элбэх саҥа кинигэлэрин таһаартарбыта:
- “Лүүчүннэр”.
- “Мукучулар”.
- “Өбүгэлэрбит омоон суолларынан”.
- “Модут нэһилиэгэ”.
- “Лүүчүн 100 сааһа”.
- “Куокуйдар – Кимтэн кииннээхпитий, хантан хааннаахпытый”.
- “Аймахтары анаардахха, уруулары сурастахха”.
- “Тыайалар”.
- “Бастакы Үөдүгэй: ааспыты аҕыннахха, умнуллубуту сөргүттэххэ”.
- “Маалтааны нэһилиэгэ, Хаҥалас”.
- “Күүлэттэр: Урукку дьыллар уорҕаларыгар”.
- “Кырыкый. Удьуор утумун сонордоон”.
- “Үөһээ Бүлүү суруйааччыларын төрүччүлэрэ”.
- “Учуонай математиктар төрүччүлэрэ”.
- “Алыһардаах Аана”.
- “Туоҕа Боотур удьуорун утума”.
- “Кылааһынньыктарым төрүччүлэрэ” уо.д.а.
Барыта 26 кинигэ соавтора буолар. 50-ча төрүччү автора.
Марк Петрович дьон көрдөһүүтүн быһа гыммат буолан, барытыгар күүһэ баарынан көмөлөһөрө. Элбэх үөрэппит оҕолоро кини көмөтүнэн үөрэхтэрин бүтэрэн үлэлии сылдьаллар, эбээ-эһээ буолан сынньалаҥҥа олороллор. Махтаналлар: “Эдэр ыччат инники кэскилин туһугар сыралаах үтүө үлэҕин үрдүктүк сыаналыыбыт, махтанабыт”, – диэн. Элбэх суруйбут кинигэлэригэр дойдутун, дьонун ааттарын үйэтитэн эдэр ыччакка туохха да тэҥнэммэт бэлэҕи оҥорон бу орто дойдуттан 2025 сыл сэтинньи 17 күнүгэр Дьокуускай куоракка олорон 80 сааһыгар Марк Петрович Григорьев барда. Барда Кэбээйи улууһун, ХИФУ киэн туттар киһитэ, киэҥ Сахабыт сирин чулуу дьонуттан биирдэстэрэ.
Григорьев Марк Петрович аатын ааттатар уоллаах – Гаврил Маркинович, идэтинэн авиатехник, билигин чааһынай предприниматель. Кыыһа Надежда Маркиновна – үрдүк үөрэхтээх экономист, биэс сиэннээх, икки хос сиэннээх, халыҥ уруулаах-аймахтаах, доҕоттордоох.

Хаартыскаҕа: Надежда Маркиновна дьиэ кэргэнэ.

Хаартыскаҕа: Уола Гаврил дьиэ кэргэнэ.
Марк Петрович, дьоҥҥо оҥорбут үтүөҥ өрүү ахтылла туруо диэн эрэнэбит уонна бар дьонуҥ, бииргэ үлэлээбит, үөрэппит оҕолоруҥ алгыһынан аатыҥ үйэтитиллэригэр баҕарабыт.
Эдэр ыччат, Марк Петрович курдук биир дойдулааххытынан киэн туттуҥ. Кыракый Арыылаах учаастагар төрөөн бэйэтигэр эрэллээх буолан үрдүктэн үрдүккэ дабайбыта, дойдутун-дьонун ааттаппыта. Кини таһаарбыт кинигэлэрин ааҕыҥ, олоххутугар туһаныҥ, өбүгэлэргитин үөрэтиҥ, билиҥ, салгыы үлэлээҥ-хамсааҥ, иллээх-эйэлээх буолуҥ. Олох очурдарыгар оҕустарымаҥ, сүүрүк устун барымаҥ, иннигитигэр сыаллаах-соруктаах буолуҥ, дойдугутун сайыннарыҥ.

1980 с. Улуу Кыайыы 35 сылыгар туппут обелиһа.
Ахтыыны биэрдэ Ульяна Васильевна ГРИГОРЬЕВА,
кийиитэ, Танара орто оскуолатын ветеран учуутала, “За вклад в развитие системы образования Кобяйского улуса” бэлиэ хаһаайката, Мукучу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
2026 с. тохсунньу.
