Иванов Михаил Иванович-Сио Он Сей туһунан

ОҤОРБУТ ДЬЫАЛАТА ҮЙЭЛЭРГЭ ӨЛБӨӨДҮЙБЭТ

Күндүтүк саныыр аҕа табаарыспыт, Ньурба улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, “Партийная Слава”, “Гражданскай килбиэн” анал ытык бэлиэлэр хаһаайыннара, общественнай деятель, “Саха кэриэйдэрэ” инициативнай бөлөх биир көхтөөх чилиэнэ, алта оҕо амарах аҕата, элбэх сиэн эйэҕэс эһэтэ Иванов Михаил Иванович-Сио Он Сей эмискэ соһумардык ыалдьан олохтон туораабыта 2020 сыл балаҕан ыйын 5 күнүгэр 40 хонуга туолла.

Ол курдук ытык мааны, убаастыыр киһибит, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэринэн Муорсуй, кимиэхэ баҕарар холобур буолар, дьоһун олоҕу олорон ааспытын ахтан-санаан ааһыах кэриҥнээхпит.

Михаил Иванович 1937 сыллаахха олунньу 1 күнүгэр Ньурба оройуонун I Дьаархан нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини бэрт кыра сааһыттан оттомнооҕо, тэрийэр-дьаһайар дьоҕурдааҕа бэрт эрдэттэн биллибитэ.

Михаил Иванович эдэр сааһыттан олоххо активнай позициялаах буолан дьон олоҕо тупсарын туһугар мэлдьитин инники күөҥҥэ сылдьан үлэлээбитэ.

Ол курдук, кини үлэтин суоппартан саҕалаан, механигынан, гараж сэбиэдиссэйинэн, кылаабынай бырааһы хаһаайыстыбаннай чааска солбуйааччынан, ДОСААФ оройуоннааҕы сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, “Сельхозтехника”  уонна коммунальнай хаһаайыстыба управлениеларын начальниктарын солбуйааччытынан эҥкилэ суох үлэлээбитэ.

Маны тэҥэ Михаил Иванович эмиэ бэрт эдэр сааһыттан Коммунистическай Партия эрэллээх актыыбынай чилиэнэ этэ. Сэбиэскэй кэмҥэ ыытыллар партийнай хайысхалаах мунньахтарга тыл этэн дьону үлэҕэ көҕүлүүрэ. Тыл этэригэр бэртээхэй араатар этэ. Ол да иһин, кэлиҥҥи кэмҥэ КПРФ Ньурба улууһунааҕы салаатын бэрэссэдээтэлинэн үтүө суобастаахтык  үлэлээбитэ.

Кэлин пенсияҕа да тахсан баран таах олорботоҕо,  дьон туһугар диэн общественнай үлэтэ өссө тэтимирбитэ.

Ити курдук 2014 сыллаахха куорат бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.  Урукку өттүгэр  бэтэрээннэр Ньурба куоратынааҕы сэбиэттэрэ диэн общественнай тэрилтэ суоҕа. Бу үлэтигэр 3 сылтан ордуr кэм устата үлэлээн, сэрии, үлэ, тыыл бэтэрэннэрин, сэрии оҕолорун саҥаттан учуокка ылаттаан, араас хабааннаах социальнай чэпчэтиилэри тэрийэр үлэни көҕүлээн, Улуу Кыайыы 70 сылыгар аналлаах тэрээһиннэри иилээн-саҕалаан сылдьыбыта. Куораты тупсаран оҥорууга, араас общественнай тэрээһиннэргэ күүс-көмө буолан олус таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

Кини 80 сааһын туоларыгар “Гражданскай килбиэн” анал бэлиэнэн өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата,  “Оройуон социальнай, экономическай сайдыытыгар үтүөлэрин иһин” анал бэлиэнэн Ньурба оройуонун дьаһалтата наҕараадалаабыта. Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык Сүбэтин 20 сылынан сибээстээн “Почетный Старейшина Республики Саха” анал бэлиэнэн, “Партийная доблесть”, “100-летие ВЛКСМ”  Россия Коммунистическай партиятын орденнарынан наҕараадаламмыта.

Кэнники үс сылга Ньурба оройуонун Ытык Сүбэтин (Совет старейшин) салайааччытынан үлэлээбитэ. Быйыл Улуу Кыайыы 75 сыллаах тэрээһиннэригэр эмиэ кыттыахтаах этэ да, дойдуга пандемия бүрүүкээн кыаллыбатаҕа.

Биир дьоһуннаах суолталаах  дьыаланан 2019 с. бэс ыйын 28 күнүгэр Ньурба куоракка Михаил Иванович быһаччы кыттыытынан  тэриллибит “Сэрии оҕолоро” общественнай түмсүү бырабылыанньата буолар. Бу бырабылыанньа сүрүн сыала-соруга  сэрии оҕолоругар көрүллэр 7 пуунтан турар социальнай чэпчэтиилэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын аатыгар туруорсуу этэ. Ол пууннартан биирдэстэрэ – урут сэрии оҕолоро диэн категорияҕа 1928 с.т. саҕалаан 1945 с. балаҕан ыйын 3 диэри төрөөбүттэр киирэр буоллахтарына, бу бырабылыанньа уонна да атын общественннай түмсүүлэр туруорсууларынан, ахсынньы  31 күнүгэр диэри диэн уһатыллыбыта.

2020 сыл саҥатыгар социальнай ситим нөҥүө “Саха кэриэйдэрэ” диэн түмсүү тэриллибитэ. Михаил Иванович эмиэ кэриэй хааннаах саха буоларын быһыытынан,  бу бөлөх биир саамай көхтөөх чилиэнэ этэ. Бу бөлөх биир сүрүн соругунан, Улуу Кыайыы 75 сылын  көрсө, Саха сиригэр араас кэмҥэ кэлэн үлэлээбит, олохсуйбут кэриэй омук туһунан дьоҥҥо-сэргэҕэ сырдатыы буолара. 1941-1945 сс. сэрии  аас-туор, сут-кураан сылларыгар кэриэй омук дьоно оҕуруот аһын  олордуутунан утумнаахтык дьарыктанан саха дьонун  хоргуйууттан быыһаабыт  дьоһуннаах кылааттарын туһунан кэпсиир хайаан да наада этэ. Ол түмүгэр “Саха кэриэйдэрэ – утум тардыыта” диэн бастакы кинигэ күн сирин көрөн үгүс дьон сэҥээриитин ылбыта. Манна даҕатан эттэххэ, маннык кинигэ суруллан тахсыыта Михаил Иванович  урут-уруккуттан иитиэхтии сылдьыбыт баҕа санаата этэ. Ол курдук кини өссө уонча сыл анараа өртүгэр Ньурба улууһун кэриэйдэрин туһунан суруйан бэчээккэ киллэрэн турар.  Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэриигэ советскай норуот Кыайыытын 70 сылыгар ол суруйуутун анаабыта. Саха сиригэр олорбут кэриэйдэр уонна кытайдар немец уонна дьоппуон халабырдьыттарын утары охсуһууга киллэрбит сэмэй кылааттарын үйэтитии буолбутун Михаил Иванович  суруйбута. Оттон бу саҥа тахсыбыт кинигэ нөҥүө хаан аймахтары кытта булсан сибээһи олохтооһун саҕаламмыта. Сио Он Сей ол баҕата туолан,  кэриэй төрүттээх саха дьоно, сүдү өбүгэлэригэр сүгүрүйэн, бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэр, сибээстэһэр кыахтаммыттара.

2020 с. от ыйын 15 күнүгэр бу кинигэ сүрэхтэниитигэр онлайн-конференция ыытыллыбыта. Онно эмиэ Михаил Иванович сонун этиилэрдээх кыттыыны ылбыта.

Ити курдук Иванов Михаил Иванович-Сио Он Сей олоҕун тиһэх күннэригэр диэри саҥа кэм үөһүгэр, дьон туһугар диэн  ис сүрэҕиттэн кыһалла, сүүрэ-көтө сылдьыбыта…

Кини дьон-сэргэ туһугар үлэтэ хаһан да умнуллуо суоҕа. Уоттаах сэрии сылларыгар Улуу Кыайыыны уһансыбыт сэрии кыттыылаахтарын, үлэ, тыыл бэтэрээннэрин, сэрии оҕолорун олохторо-дьаһахтара тупсарын туһугар оҥорбут сүҥкэннээхэй дьыалата үйэлэр тухары дьон махталын ыла туруо.

“Саха кэриэйдэрэ” инициативнай бөлөх чилиэннэрэ:

Александр Ким-Кимэн, СӨ Конституционнай суутун бэрэссэдээтэлэ;

Григорий Седалищев, общ. корреспондент;

Михаил Дьячковскай, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ;

Август Егоров, “Бичик” кинигэ кыһатын ген. директора;

Иннокентий Хон, РФ уонна СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна;

Мария Габышева, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ;

Татьяна Пак, СӨ үөрэҕириитин туйгуна;

Зоя Татаринова, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна;

Мария Седалищева (Хе Ди Гу), педагогическай үлэ ветерана, учууталлар учууталлара;

Евдокия Тянь, “Бүлүү улууһун сайдыытыгар үтүөтүн иһин” бочуоттаах бэлиэ хаһаайына;

Юрий Очосов, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ;

Валерия Теменхон-Егорова, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ;

Владимир Ю, общ. деятель;

Василина Сон-Ги, общ. бырайыактары тэрийээччи, уо.д.а.

2020 с.

(“Ахтыылар”, 2025 с. ахсынньы)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *