Корякин Николай Павлович – Уран Ньукулай туһунан

ҮТҮӨ ДОҔОРУМ НЬУКУЛАЙ БИҺИККИ ОҔО СААСПЫТ

Ньукулай ыраах Өлөөҥҥө бытарҕан тымныы түһэн турдаҕына 1940 сыл ахсынньыга төрөөбүт. Ийэтэ Татыйаана кыһыл оҕону көтөхпүтүнэн, кибиикэлээх таба турку сыарҕатынан айаннаан дойдутугар Көтөрдөөххө дьоно олорор Хоонтоонуга тиийэн кэлбит. Оччолорго Өлөөнтөн табанан уонна атынан айан суола Үөһээ Бүлүүгэ диэри баар.

Корякин Николай Павлович эдэр сылдьан.

Мин эһэм төрүттэрин төрүт олоҕор Таалакаан уонна Кыбытыы диэн күөллэргэ олорбута. Ийэм Өрүүнэ дьоннорун кытта олороро. Төрүппүт Сонтороох бу икки күөл силбэһэр үрдүк сиргэ байан-тайан олорбут. Биир сэһэҥҥэ сылгытын, ынах сүөһүлүүн сэттэ сүүскэ тиэрдэ сылдьыбыт, иккис сэһэҥҥэ ынах сүөһүтэ үс сүүсчэ этэ диэн буолар. Ол сүөһүтэ халлаантан кумах тохтор улахан сута кэлбитигэр үксэ сутаан охтубут.

Өлөөннүүр айан суола эһэм Тиитэп Тайыла, эбэм Чаҕылысова Балбаара олорор дьиэлэрин тиэргэнин аттынан ааһара.

Мин оскуолаҕа киирэрим сааһыгар таба көлөлөөх дьон төттөрү-таары кэлэллэрэ-бараллара, табалар хоболорун тыаһа хоҥкунаан, элээннэрин тыаһа бачыгыраан, харахтара күлтэйэн, муостара адаарыйан, тыыннара тымныыга бурҕачыйан үрүҥ былыт буолан ааһаллара кыра киһи көрүүтүгэр үчүгэйэ бэрдэ.

Ааспыт үйэ 50-с сылларыгар, колхозтар бөдөҥсүйүөхтэригэр диэри Көтөрдөөххө ыаллар алаастарынан тарҕанан, өбүгэлэрэ олохсуйбут сирдэригэр олороллоро.

Ийэ айылҕа чөл турара. Түүн кус-хаас, тыыраахы, чөкчөҥө саҥата тохтуу түһэрэ. Киэһэ-сарсыарда күн тахсыытыттан күөллэр истэрэ кинилэр саҥаларынан оргуйан олороро.

Ньукулай ийэтинэн эһэтэ Суптуй Байбала, сороҕор Көтөрдөөххө Суптууйап дииллэрэ, сурукка киирбитинэн Семёнов Павел Семёнович төрүт өбүгэтин сиригэр Хоонтоонуга олохсуйан олорбута. Хоонтоону Көтөрдөөхтөр уонна Чинэкилэр төрүттээбит төрүппүт, кини 17-с үйэ диэки бадахтаах, Үрэн Бөҕөнү кытта бииргэ кэлбит киһи. Бүлүү өрүһүттэн хотуттан тардан түһэр салаатын Тыалыччыма үрэҕин өрө батан тахсан, үрэхтэн чугас турар улахан күөлү булан олохсуйбут уонна кини аатынан бу күөл кэлин Хоонтоону диэн ааттаммыт.

Суптуй Байбала бу күөлгэ олохсуйан, аймахтарын кытта Тыалыччыма үрэҕэр хаһан түһэрэн ааттаах оттонор ходуһаны таһаарбыт. Сылгы, ынах сүөһүнү ииттэн һай-һат диэн сэниэтик олорбут. Онтон холкуостааһын буолан сылгыларын, ынах сүөһүтүн холкуоска холбоон икки ыанар ынахтаах, онно туулаан, туһахтаан эбинэн син быр-бааччы олорбут.

Байбал кэргэнин Аананы кытта түөрт кыыһы, биир уолу төрөтөн, иитэн улаатыннарбыттара. Оҕолор бары дьоннорун батан бүгүрү үлэһит, сүрэхтээх-бэлэстээх, сымнаҕас майгылаах дьон үтүөлэрэ этилэр. Кыргыттара Татыйаан, Марфа, Настаа, Сүөкүлэ үтүө дьүһүннэринэн, мааны майгыларынан хайдахтаах да эр бэрдин нохтолоох сүрэҕин өрүкүтэр, хааннарын хамнатар кэрэ куолар этилэр. Бары саха бэрийэр бэртэригэр кэргэн тахсан оҕо-уруу тэниттилэр. Билигин кыра балтылара Сүөкүлэ аҕыс уонуттан лаппа тахсан саастааҕар олорор.

Уоллара Баһылай 18 саастааҕар 1943 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллыбыта. 1945 сыл ыам ыйыгар сураҕа суох сүппүтэ. Аҕалаах ийэтэ Байбаллаах Аана сирдээҕи олохтон арахсан барыахтарыгар диэри оҕобут Баһылай эргиллэн кэлиэ диэн кэтэһэ санаахтыыллара да, кэлбэтэҕэ.

Байбал оҕонньор айылҕаттан айдарыылааҕа, ол сэбиэскэй кэмҥэ кыайан арыллыбакка хаалбыта. Кини сүөһүнү, дьону эмтиир идэлээҕэ. Уора-көстө дьон киниэхэ баран эмтэтэллэрэ уонна үтүөрэр эбиттэр. Хайдах эмтээбитин этиппэтэ үһү, дьоҥҥо эттигит да мин эмтээһиним туһата суох буолуоҕа диирэ үһү.

Сиэннэрин Ньукулайы отой кыра сааһыттан уолларын оннугар уол гынан, ас амтаннааҕын аһатан, таҥас маанытын таҥыннаран борбуйун көтөҕүөр диэри оҕо гынан илдьэ олорбуттара.

Оскуола Көтөрдөөххө “Киров” холкуос сугулаан дьиэтин таһыгар баара, Хоонтоону Көтөрдөөхтөн көстөн ордук сир. Оскуолаҕа киирэр сааһыгар дьонноро Ньукулайы кыайан сылдьыа суоҕа диэн үөрэххэ ыыппатахтар. Онон тоҕус сааһыгар сылдьан, 1949 сыллаахха оскуола боруогун атыллаабыта.

Миигин ити сыл арыый эрдэлэтэн оскуолаҕа ыыппыттара. Күһүн сыарҕа хаара түһүөр диэри Көтөрдөөхтөн көс кэриҥнээх Кыбытыыттан сылдьарым. Сыарҕа хаара түстэҕинэ үс биэрэстэлээх Ханайтан сылдьан үөрэнэрим. Дьонум ииппит аҕам Дмитриев Данил Петрович, ийэм Семёнова Ирина Даниловна Ханайга олохсуйуохпут диэн оччолорго син обургу саҥа дьиэ туттубуттара, онно кыстыырбыт.

Ньукулайдыын бииргэ нулевой кылааска үөрэнэ киирбиппит. Кини миигиттэн икки сылтан ордук аҕа буолан өндөс, арыый улахан этэ.

Учууталбыт Боескоров Гаврил Данилович сахаҕа орто уҥуохтаах, этиргэн киһи. Харахтарынан быһыччы көрө-көрө, наҕыл куолаһынан үөрэтэрин өйдүүбүн.

Кылааспар саамай кыралара, хатыҥырдара мин. Долгунова Рая, Долгунова Мая биир саастыылаахтарым. Биһигини кытта Петров Вася, Алексеева Аня, Гаврильева Таня, Тарасова Аня, Афанасьева Дуня, Егорова Ира, Алексеева Шура, Титова Нина, Гаврильева Таня (Така Ньыыканын кыыһа) үөрэммиттэрэ. Таня кыһын эмискэ ыалдьан өлөн хаалан биһиги оҕолор улаханнык аһыйбыппытын өйдүүбүн, кини араҕас истээх соннооҕо.

Үөрэх мөлтөх дьоно быһыылаах этибит, үөрэнэрбитигэр үс илдьирийэн хаалбыт буквардаахпыт. Ол букварбытын учууталбыт атын кылаастары үөрэтэр кэмигэр түөртүү-биэстии буолан саба түһэн ааҕарбыт. Кыра киһини миигин кытыыга үтүрүйэн кэбиһэн, кыайан тииһинэн аахпат да этим. Оччолорго биир кылааска хастыы да сыл хааллараллара, биһиэхэ да сорох кыргыттарбыт нулевой кылааска хастыы да сыл олорбут быһыылаахтара.

Ыраах сиртэн оскуолабытыгар сылдьар буоламмыт күнү быһа айаммытыгар күммүт бүтэрэ, дьиэҕэ уруок ахтыыта диэн мэлигир этэ. Оскуолаттан дьиэҕэ кэлээт да, аһыы түһээт утуйан хаалыллара. Сарсыарда дьонуҥ күн тахсыан иннинэ туруоран ыыталлара, сатыы сылдьарбыт. Аны ол сылдьан уолаттар мас көтөрүгэр, куобахха туһахтаан бадьыыстанарбыт.

Алдьархайдаах уот сэрии ааспыта аҕыйах сыл буолбут буолан, быста дьадьайыыттан дьон өрүттэ илигэ. Бары да таҥаспыт-саппыт мөлтөх этэ. Кыһын бытарҕан тымныыларга билиҥҥи курдук өрөөһүн суоҕа, мин кырам бэрт буолан буолуо, куруук тоҥорбун өйдүүбүн. Төһө кыанарбынан итийээри уонна түргэнник тиийэ охсоору сүүрэ сатыырым.

Билиҥҥи курдук араадьыйа да, электричество да уота суоҕа. Дьиэбитигэр сыккынан сырдатынарбыт, кэнники соҕус кыраһыын лаампата үөдүйбүтэ. Дьиэлэрбит көмүлүөк оһохтоохторо, оскуолаҕа эрэ кирпииччэ халааҥка оһохтор бааллара. Оскуолаҕа дэлби тоҥон кэлэн баран, оһох сылааһыгар сыстан туран иттэр үчүгэй курдук буолара.

Ньукулай кырдьаҕас дьоҥҥо – эбэлээх эһэтигэр иитиллибит буолан буолуо, оҕо эрдэҕиттэн оттомноох, көссүө-сэмэй оҕо этэ. Кини сүүрэ-көтө, мэниктии сылдьарын өйдөөбөппүн.

Оччолорго оҕолор муста түстүлэр да былаах былдьаһыыта, мааҥкалааһын (лапта), кырбыйдаах кус, сасыһа оонньооһун, стойдаһыы, муҥхалааһын диэн оҕо-аймах сөбүлээн оонньуур оонньуулара баара. Бу оонньууларга үксүлэригэр икки хамаандаҕа хайдыһан оонньоноро. Ньукулай атаҕынан кыанар, тэтиэнэх буолан күннүүрэ. Кыайдахтарына үөрэн “һы-һы-һы-һы” диэн саһыгыраччы күлэ турар буолара.

Мин нулевой кылааска үөрэнэ киирбит маҥнайгы сылбар, хаар түһүөн аҕай иннинэ Боотулууттан нуучча биэлсэр Буторин В.Н. тахсан оскуола оҕолорун доруобуйаларын бэрэбиэркэлээн көрдө-иһиттэ. Уонна миигин кырата бэрт эбит, тыҥата куһаҕан, дэлби үрүҥ аста аһатыҥ, Бүлүүгэ киирэн эриэргэҥҥэ көрдөрүнүҥ диэн дьоммор этэн, оскуолаҕа үөрэнэрбиттэн тохтоон хааллым. Биэспэр сылдьан муус устар биир ылааҥы күнүгэр дьонум куйуурдуу барбыттарын кэлэллэрин кэтэһэ сылдьан, таһырдьа дьиэ истиэнэтигэр өйөнөн, күн уотугар сыламныы олорон утуйан хаалбыппын. Дьонум киэһэ кэлэн чигдигэ утуйа сытар оҕону булан ылбыттар, онно тымныйан икки өттүбүнэн ойоҕостотон өлө сыһан турардаахпын. Онно Көтөрдөөххө Иванова М.И. (Каменев Инн. Ег. кэргэнэ) диэн эдэр кыыс баар буолан эмтээн, бааҥка бөҕө туруоран бэттэх аҕалбыта, быһаабыта. Ол ойоҕостотуум охсон оскуолатааҕы сылларбар аһаах, мөлтөх доруобуйалаах этим. Биэлсэллэр уонна быраастар уону бүтэриэхпэр диэри физкультура уруогар сырытыннарбатахтара.

Нөҥүө сылын күһүнүгэр, 1950 сылга иккистээн нулевой кылааспар үөрэнэ киирдим. Ол сыл колхозтар бөдөҥсүйэн Көтөрдөөх, Боотулуу, Чинэки, Оноҕосчут холбоһон биир Киров аатынан холкуос буоллулар. Аҕам Дмитриев Д.П. Чинэкигэ биригэдьиир буолла. Онон Чинэкигэ кулун тутар ыйга дьон кыстаабатах тоҥ турар дьиэни, хотону тимир оһохторунан ититэн көһөн күккүрээн тиийдибит.

Ити үөрэх сылын сааһыгар нулевой кылааспын таҕыстым. Чинэкигэ Новгородова Л.Ф., Николаев О.Н. үөрэппиттэрэ.

Аҕам ырааҕынан аймаҕа киһи аҕабын колхоз бурдугун, арыытын уоран сиир диэн суукка үҥсүү түһэрэн суут буолбута. Ол суут оскуола дьиэҕэ буолбута, Чинэки киһитэ барыта мустубута, дьон бөҕө үллэҥнээн олороро.

Аҕам сиэбэтэҕэ дакаастанан буруйга-сэмэҕэ тардыллыбатаҕа. Дьонум ол сайын төттөрү көспүттэрэ.

Күһүнүгэр маҥнайгы кылааска Көтөрдөөххө үөрэнэ киирдим, учууталым Николаев Н.Н. Арай Ньукулайым суох, ийэтэ Татыйаан кэргэн тахсан Оноҕоччукка көһөн барбыттар.

Маҥнайгы кылааһы бүтэрбит сайыммар Боотулуу нэһилиэгин Чинэкитээҕи, Көтөрдөөхтөөҕү начаалынай оскуолалара сабыллан хааллылар, онон мин Боотулуу сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирдим. Учууталым Габышева М.С. диэн, бааһынай киһитэ Золотарев Н.А. кэргэннээх, эмиэ учуутал.

Боотулуу оскуолата учууталлара, үөрэнээччилэрэ элбэҕэ Көтөрдөөх, Чинэки оскуолаларын курдук буолуо дуо – улахан сайдыылаах, кэлиилээх- барыылаах сир курдук миэхэ көһүннэ. Дэриэбинэ ыала да элбэх, балыыһалаах, почталаах, икки маҕаһыыннаах, телефоннаах, радиолаах, дэриэбинэ үрдүнэн телеграф, радио, телефон линияларын боробулуохалара тыалга кыыгынаан биир дьикти тыас. Боробулуохаҕа чыычаахтар бөҕө туорах курдук кэчигирээн олороллор. Аны таҥараларын дьиэтэ үрдүгэ, нөҥүө күөлтэн тыа үрдүнэн дьэндэйэн көстөр. Таҥара дьиэтэ кулууп буолан турар, нэдиэлэҕэ иккитэ киинэ көстөр, оҕолор 50 харчылаах буоллубут да киинэ көрөбүт. Ыал аайы дьиэ истиэнэтигэр хара тэллэҕэр тэриэлкэ курдук радио диэн тэрил ыйанан турар буолара. Онтон сахалыы да нууччалыы да ырыа-тойук иһиллэр, сонуннары кэпсииллэр. Сахалыы саҥардахтарына син истэбин, нууччалыы саҥараллара миэхэ кумаар, кырдаайы саҥатын курдук иһиллэр. Саҥараллара да түргэнэ бэрт, биир кэм куллугуратан олороллор.

Оскуола оҕото элбэҕэ хараҕым алааран хаалар, төбөм куу-хаа курдук били суруйааччы Суорун Омоллоон Макаарын курдукпун. Ол сылдьан үһүс кылаас диэн суруктаах аан сэгэйэн турарынан көрбүтүм – Ньукулайым нуучча кыыһын кытта биир паартаҕа сэргэстэһэн суруксуттаан бөҕө тиритэ-хорута олорор эбит, төбөтүн паартаттан өндөппөт. Нуучча кыыһа диэбитим Мария Степановна кыыһа Тамара эбит.

Ньукулайым миигиттэн биир кылаас үрдүкү, үһүс кылааска үөрэнэ сылдьар. Иккискэ үөрэнэ сырыттахпына Ксенофонтов Сөдүөт, Алексеев Сөдүөт диэн табаарыстар баар буоллулар.

Төрдүс кылааска үөрэнэрбэр Ньукулайым эмиэ төрдүс кылааска үөрэнэр буолбут. Бииргэ үөрэнэр дьон буолбуппут диэн сырыттахпына төрдүс кылааһы икки гыннылар, биир кылааска переростоктар кылаастара диэтилэр. Ньукулайбын уонна Сөдүөппүн ол кылааска ыытан кэбистилэр. Мин төрдүс кылааска соҕотох уол биэс кыыһы кытары үөрэнэр буоллум. Аҕыйах хонон баран хата Сөдүөтүм төттөрү кэлэн сэргэхсийэ түстүм, төрөөбүт сылын бутуйа сылдьыбыттар.

Учууталбыт Федотов Пётр Герасимович, бу төрдүс кылааска Докторова Люда, Васильева Лида, Максимова Мария, Долгунова Маайа, Оконосова Вера, Ксенофонтов Сөдүөт уонна мин буолан үөрэммиппит. Ньукулайдааҕы Золотарёв Афанасий Афанасьевич үөрэппитэ. Маҥаастан Герасимов Н., Васильев Н., Петров З. диэн уолаттар кэлэн үөрэнэ сылдьыбыттара, сүүрбэччэни эрэ кыайбат оҕо үөрэммитэ.

Бэһис кылааска бииргэ үөрэммиппит, маҥаастар төттөрү Маҥаастарын оскуолатыгар салгыы үөрэммиттэрэ.

Сургуулук уолаттара бары даҕаны тилигирэс уолаттар: Архипов Александр, Ефимов Афанасий, Никифоров Степан, Максимов Василий, Семёнов Толя, Моеков Илларион, Филиппов Василий кэлэннэр биһигини кытта бииргэ бэһис кылааска үөрэммиттэрэ.

Бу бэһис кылааска үөрэнэр кэммитигэр этэ бадаҕа, биһиэхэ классоводтуур математика учуутала Прокопьев Василий Васильевич уолаттары мунньан оту, соломону матараас хахтарыгар, куулларга симтэрэн маат диэн ааттанар тэрили оҥостон оскуола көрүдүөрүгэр көҥүл тустууга уолаттары эрчийэн барбыта. Бу маҥнай биһиги көрөрбүтүгэр дьикти соҕус тустуу этэ, охтон баран маатка салгыы тустан санныларын лаппаахытын тиэрдэ сатыыллара. Лаппаахыта маатка тиийбит киһи хотторбутунан ааҕыллара.

Уолаттар кыһын устата эрчиллэннэр көҥүл тустуу албастарын туттан оччолорго күүһүмсүйэр, улахан дьону ыһыахха тустан кыайталааннар дьон сөҕүүтүн-махтайыытын ылбыттара.

Оччолорго дьэттэригэр сылдьар, сорохторо аармыйаттан үстүү сыл сулууспалаан кэлбит ыһыахтарга тустар уолаттар Молоров Алексей, Михайлов Афанасий, Николаев Фёдор, Николаев Иван, Саввинов Иван о.д.а. бааллара.

Ньукулай, Семёнов Толя, Ксенофонтов Сөдүөт күүстэринэн да инники күөҥҥэ тахсыбыттара. Улахан дьон бу тустууну сэргээннэр уолаттар оскуолаҕа эрчиллэллэрин, тусталларын кэлэн көрөр, тустуу албастарыгар үөрэнэр, эрчиллэ кэлэр буолбуттара.

Ньукулай Боотулуу оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан ыһыахха хапсаҕайга тустан бастаабыта, бу уол тустууһу диэн Боотулуу дьонун улахан сэҥээриитин ылбыта.

Биһиги Боотулууга үөрэнэр кэммитигэр таҥара дьиэтиттэн чугас. күөл диэки өттүгэр станция туппуттара, локомотивы аҕалан туруорбуттара. Уулуссалар устун үрдүк уот баҕаналарын туруортаан проводтары тардан, дьиэ аайы маҥан проводтары тардан электро-уот сандаара түспүтэ. Кыраһыын лаампатыгар тэҥнээтэххэ бу уот чаҕылыйан сырдыга, дьиэ иһигэр киһи ханна баҕарар олорон кинигэ, хаһыат ааҕар кыахтааҕа. Уулуссаларга хас баҕана аайы лаампалар ыйананнар киэһэ хараҥаҕа уулусса, дэриэбинэ сып-сырдыгынан күндээрэн олороро. Биһиги уолаттар нуучча электромонтёрдар уот проводтарын тардалларын сырса сылдьан көрөрбүт.

Бастакы локомотив машиниһынан олохтоох уол Молоров В.Н. үлэлээбитэ, нуучча кыыһа механиктаабыта.

Бастакы таһаҕас тиэйэр массыына, тыраахтар Боотулууга биһиги үөрэнэр сылларбытыгар кэлбиттэрэ. Бу техникалар кэлиилэрин оҕолор уулусса устун батыһа сүүрэ сылдьан көрбүппүт.

Бастакы ДТ-54 тыраахтары Анисимов Уйбаан, массыынаны Петров Тиихээн аҕалбыттарын курдук өйдүүбүн. Олохтоох салалта миитин оҥорбута, биһиги оҕолор бу техникалары аҕалбыт дьону дьоруойдар курдук батыһа сылдьан көрөрбүт.

Бастакы биир кынаттаах ПО-2 самолёт Мөрөөйү хонуутугар түспүтэ. Ол самолёту көрөөрү тыҥам күүгэнэ көбүөр диэри сүүрбүппүн өйдүүбүн.

Аны алтыс кылааска үөрэнэ сылдьан таҥара дьиэтигэр баар кулууппутугар киинэ көрдүбүт, онно вертолёт диэн көтөр сэп баарын биллибит. Муус устар ый ичигэс ылааҥы күнэ этэ, дьиэбитигэр баран истэхпитинэ самолёт тыаһыттан атын тыас үөһэ иһилиннэ. Үөһэ көрө түспүппүт сибилигин киинэҕэ көрбүт сэппит көтөн талыгыраан кэллэ да, дэриэбинэ ортотугар түһүнэн кэбистэ. Биһиги оҕолор да, улахан да дьон буут быстарынан сырсан кэлэн көрүү-истии бөҕө. Лётчига нуучча киһитэ, ыарыһахха Маҥааска көтөн иһэн мунан Боотулууга кэлэн түспүт. Сирдьит киһи ылан Маҥааһын диэки көтөн талахачыта турда. Биһиги сөҕүү-махтайыы бөҕөтө.

Аны учууталбыт Прокопьев В.В. уолаттары уот тардыытыгар электриккэ, мотористка, Киев-2 мотуору үөрэтэн барда. Нөҥүө сылыгар Намтан былыргы ХТЗ тракторы сүүрдэн таһааран уолаттары үөрэтэн барбыта, кэнники бу трактор Намҥа төттөрү аҕалыллан 40-с сыллардааҕы техника кэрэһитэ буолан үрдүк постамеҥҥа туруоруллубута.

Ол сылларга колхозтаахтар типовой дьиэлэрин тутууга анал биригээдэ тэриллэн, Боотулууга тутууга күүстээх үлэ барбыта. Тутуу биригээдэтин биригэдьииринэн, маастарынан өр кэмҥэ Андреев Киргиэлэй (Эргичимэ) таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

Колхозтаахтар Көтөрдөөхтөн, Чинэкиттэн, Оноҕоччуттан оҕолорун үөрэттэрээри Боотулууга күргүөмүнэн көһөн киирбиттэрэ. Көтөрдөөххө, Чинэкигэ, Оноҕоччукка ыанньык уонна субай сүөһү фермаларыгар үлэлиир дьон, ыаллар эрэ хаалбыттара.

Колхозтары бөдөҥсүтэннэр, оскуолалар сабылланнар дьон нэһилиэк киинигэр көһөннөр аһатан олорор алаастарбытыттан, сиртэн тэйии саҕаламмыта. Билигин ол хобдох түмүгэ дэриэбинэттэн тэйиччи сытар сирдэр оттоммокко, дьон илиитин сылааһын билбэккэ лаҥхаҕа баттатан, өтөхсүйэн сыталлар, саҥа хаһаайыннар кэлэллэрин кэтэһэллэр.

Тутуу биригээдэтин тутаах дьоннорунан колхозтаахтар тутуу биргэдьиирэ Андреев Киргиэлэй (Эргичимэ), Тимофеев Киргиэлэй (Тимир Чэчэгэй), Догоров Иннокентий, Догоров Ылдьаа, Евдокимов Бүөтүр, Прокопьев Сэмэн, Харбаев Эгиэнтэй, Москаров Максыым, Афанасьев Александр, Николаев Уйбаан, Яковлев Байбал (Чорос), Иванов Ыстапаан (Ырыа), Яковлев Борокуоппай о.д.а. этилэр.

Түүкээнэп Ньукулай аҥаар атаҕын сэриигэ сүтэрэн кэлэн баран столярдаан дьиэлэр ааннарын, араамаларын оҥороро. Чыычаахап Дарбыан ааттаах тимир ууһа буолан тутууга туох наада буоларын барытын уһанара.

Электро-уот баар буолаатын кытта дэриэбинэ күөл диэки өттүгэр оскуолаттан чугас пилораманы туруоран үлэлэппиттэрэ. Ол тутуу үлэтин лаппа түргэтэппитэ, ыаллар олорор дьиэлэрин хаптаһынынан сарайдаан барбыттара.

Сургуулук, Маҥаас, Боотулуу нэһилиэктэрин дьонун күүһүнэн интернат, балыыһа дьиэлэрэ тутуллубуттара. Оччотооҕу дьон хаачыстыбалаахтык туппуттарын түмүгэр күн бүгүнүгэр диэри туһалыы тураллар, интернат дьиэтэ оскуола буолан турар.

Циркулярканы үлэлэтэн тэрилтэлэр, ыаллар мастарын эрбэтэр буолбуттара, оттук маһын бэлэмнээһин биллэ чэпчээбитэ.

Сааскы ылааҥы ичигэс күннэргэ дэриэбинэ иһэ сүгэ, пилорама, тыраахтар, массыына, циркулярка тыаһынан сарсыардааҥыттан киэһэ хараҥа буолуор диэри биир кэм өрө тиҥийэ, ньиргийэ, кыыгыныы олороро үлэ кэрэ музыката буолан киһи кулгааҕар иһиллэрэ. Биһиги оҕо сааспыт умнуллубат түгэннэрэ буолан өйбүтүгэр-санаабытыгар хатанан хаалбыт.

Уһун кэмҥэ чуумпуран, иһийэн турбут Боотулуу дэриэбинэтэ кэрэ кэмнэр кэлэн иһэллэрин туоһута буолан күүстээх үлэнэн оргуйан, тиҥийэ олороро. Түргэнник улаата охсон, үөрэхтээх дьон буолан дьоммутугар-сэргэбитигэр туһалыы охсор баҕа санаа биһигини кынаттыыра.

Сэттискэ сырыттахпытына Советскай Союз Сир бастакы аргыһын таһаарбыта, сындыыстыы сыыйыллан ааһарын хайдах да тымныыга таһырдьа тахсан халлааҥҥа кэтээн көрөрбүт. Аргыс бип-биип диэн биэрэр сигналларын истэрбит, сүрэхпит киэн туттуу иэйиитинэн туолара.

Ньукулай биһикки эрдэҕэс оҕо сааспыт дьон-сэргэ өрө күүрэн үлэлиир- хамсыыр кэмигэр сөп түбэспитэ.

Ньукулай сайыҥҥы каникулугар дойдутугар Көтөрдөөххө от охсуутугар сылдьара. Өссө оройуон үрдүнэн үөрэнээччилэр от охсуутун декадаларыгар хас да төгүл бастаан турардаах.

Кииринньэҥ аҕата Лэппэчээрэп Ньукулай хотуулаах хоннохтоох от охсооччу баара, кини күннээҕи орто нуормата балтараа дэһээтинэ этэ. Бары үлэтигэр кыайыылаах-хотуулаах, сүрэхтээх-бэлэстээх, биир сиргэ таба олорбот киһи. Кыһыҥҥы өттүгэр кими да тутуһуннарбат сорсуннаах сонордьут, колхоз кадровай булчута.

Ньукулай Далыр орто оскуолатыгар үөрэнэр сылларыгар тустуунан салгыы дьарыктаммыта. Манна Егоров Пётр (Бэчээт) кытта сөбүлэһэн, тустууга сылдьар оскуола уолаттарын эрчийбиттэрэ.

Далырга үөрэнэ сылдьан үөрэнээччилэр тоҕус томтордоох Чурапчыга тиийэн Республиканскай көҥүл тустууга күрэхтэһиилэригэр бэйэлэрин ыйааһыннарыгар Ньукулай бастакы, Архипов Александр иккис, Егоров Пётр үһүс миэстэҕэ тахсыбыттара, ситиһиилээхтик кыттан кэлбиттэрэ.

Ньукулай Далырга ахсыс кылааһы бүтэрэн баран Якутскайга педучилище физкультурнай салаатыгар үөрэнэ киирбитэ. Олоҕун суолун таба тутуспут эбит. Учууталбыт Прокопьев Василий Васильевич көҥүл тустууга үөрэппит-эрчийбит уолаттарыттан Ньукулай икки тустуу маастара, 1972 с. Саха Республикатын хапсаҕайга абсолютнай чемпиона.

Ксенофонтов Сөдүөт Далыр орто оскуолатын бүтэрээт, 1962 с. Үөһээ Бүлүү оройуонун ыһыаҕар хапсаҕайга абсолютнай чемпион буолбута уонна армияҕа сулууспалыы барбыта. Кемеровскай, Новосибирскай уобаластар самбоҕа хас да төгүллээх чемпионнара, ССРС Сэбилэниилээх Күүстэригэр самбоҕа түөрт төгүл төрдүс миэстэни ылбыта. Студенныыр сылларыгар самбоҕа республикаҕа икки төгүл бастаабыта, Дальнай Восток зонатыгар эмиэ бастаан турар.

Архипов Александр, Семёнов Толя көҥүл тустууга бастакы разрядтаах этилэр. Толя үөс сиргэ сылдьыбыта буоллар эрчиллэн, сайдан улахан тустуук буолуохтааҕа хаалбыта дии саныыбын. Колхоз үлэтигэр көмүллэ сылдьан оройуоҥҥа уонна Бүлүү зонатыгар бастыыр. Онон мин оҕо сааһым тустуук уонна сэниэлээх уолаттар ортолоругар ааспыта.

Биһиги оҕо эрдэхпитинэ Көтөрдөөх түөлбэтигэр Семёнов Бүөтүр (Очоо), Филиппов Уйбаан, Былатыан диэн дьону умсугутар уус тыллаах олоҥхоһуттар бааллара. Бүөтүр уонна Былатыан Көтөрдөөх уонна Боотулуу ыһыахтарыгар түһүлгэ ортотугар киирэн сыҥаах баттанан, атах тардыстан олорон олоҥхолуулларын кыра сылдьан иккитэ көрөн уонна истэн турардаахпын. Дьон олус сэргээн төгүрүччү олорон истэллэрэ, сөп буола-буола «ноолоон» тэптэрэн биэрэллэрэ. Олоҥхоһуттар бухатыырдарын ырыатын араас куолаһынан уларыта сылдьан ыллыыллара.

Көтөрдөөххө сэрии иннигэр тот-өҥ бириэмэҕэ дьахталлар уонна эр дьон хардары-таары туойсуулара күүскэ сайдыбыт эбит. Биһиги кыра эрдэхпитинэ ол туойсубуттарын дьон үтүктэр буолаллара.

Ыһыахтарга үҥкүү тылын этээччилэринэн Көтөрдөөххө Афанасьева Балбаара (Хараарыс), Долгунов Сэмэн, кэлин соҕус Титов Баһылай, Кисиляхов Бүөтүр, Кисиляхова Марыына, Боотулууга Маҥаастан күтүөт Иванов Ыстапаан (Ырыа) о.д.а. этилэр.

Икки күннээх ыһыахтарга күнү-түүнү быһа тохтообокко солбуйса сылдьан этэллэрэ. Биһиги кыра оҕолор үҥкүү түһүлгэтин иһигэр сылдьан уубут кэлэн, ыксаан түһүлгэ ортотугар утуйан хаалар буоларбыт.

Ыһыах бүппүтүн кэннэ хас да хонук устата мэйиибитигэр иҥэн хаалбыт оһуохай тойуга кулгаахпытыгар иһиллэ сылдьар буолара.

Ньукулай кэнники тойуксут, оһуохайдьыт буолуоҕа тардан буолуо, ордук Хараарыс оһуохай этэрин, туттарын-хаптарын батыһа сылдьан истэр-көрөр эбит.

Николай Павлович Корякин – Уран Ньукулай ыһыах кэмигэр.

Үтүө доҕорум Ньукулай. Кини биһикки оҕо сааспыт бииргэ ааспыта.

Мин манан кылгас ахтыыбын түмүктүүм. Ньукулайдыын тиллиһэ тиэргэннээх ыаллаһа олорбуппут отуттан тахса сыл буолара чугаһаата буолуо. Дьэ, Ньукулай, сиэннэрбит, оҕолорбут тустарыгар өссө да олорбохтоһо түһүөх.

Оҕо эрдэҕинээҕи доҕоруҥ

Егор Михайлович СЕМЁНОВ,

Россия ойуурун бочуоттаах үлэһитэ, СР айылҕатын харыстабылын туйгуна, ойуур хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ.

2011 сыл, алтынньы 1 күнэ.

(“Ахтыылар”, 2025 с. ахсынньы)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *