Неустроева Анна Алексеевна туһунан

БИҺИГИ СҮРЭХПИТИГЭР ӨРҮҮ ТЫЫННААХ

2025 сыл сэтинньи 11 күнүгэр ийэбит, эдьиийбит Анна Алексеевна Неустроева суох буолбута номнуо биир сыла буолла. Кини сырдык кэриэһигэр дьоммутугар ахтыы суруйан ыытабыт.

Биһиги таптыыр ытыктыыр, убаастыыр күн-күбэй маамабыт, эдьиийбит, эбээбит Анна Алексеевна Неустроева Уус-Алдан улууһун 2-с Байаҕантай нэһилиэгэр Тиит Арыыга, колхозтаах кэргэҥҥэ, дьонугар-сэргэтигэр Ноонолор диэн таптал аатынан биллибит түөрт оҕолоох ыалга 1952 сыл сэтинньи 6 күнүгэр иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ.

Ийэбит лыаҕы туппут, маска саспыт, окко сүүрбүт ойор күннээх оҕо сааһа эдьиийэ Мотялыын, бырааттара Ганялыын уонна Павликтыын, дьэп-дьэрэкээн сибэккинэн ыһыллыбыт хонуулаах, күп-күөх алаас сыһыылаах, дьэдьэн ас баайдаах, тиит мас ойуурдаах Тиит-Арыы киэҥ дуолугар, кэлин талыы-талба Тандаҕа ааспыта.

Аҕалара Неустроев Алексей Михайлович – Нооно Өлөксөй. Тээтэ диэн таптаан ааттыылларын ийэбит куруутун кэпсиир буолара. Уп-уһун, көбүс-көнө уҥуохтаах, ааны төҥкөйөн киирэр, кэтит сарыннаах, номоҕон дьүһүннээх, харахха быраҕыллар киппэ эр киһи дииллэрэ. Аны туран олус үлэһит, тугу барытын сатыыр, туппутун эрэ барытын оҥорор. Дьонугар-сэргэтигэр истиҥ сыһыаннаах, сэмэй-көнө майгылаах, киһи киһитэ диэн ийэбит аах кэпсиир буолаллара. Дьонун, эр киһи үгэһинэн, бултаан-алтаан аһатан-сиэтэн олорбут. Тиит Арыыга олорор сылларыгар сопхуоска сылгыһыттаабыт, кэлин Тандаҕа хочуолунайга, бэкээринэҕэ, тутууга үлэлээбит. Аймахтарыгар, үөлээннээхтэригэр  элбэхтэ дьиэ да туппут, оһох да тутан биэрбит, умуһах-булуус да хаспыттаах. Кэпсииллэринэн эһээбит биирдэ даҕаны манньатын көрдөөбөтөх, буор-босхо ис санаатыттан көмөлөһөрө үһү. Сиэдэрэй-харыстас, аһаҕас-аһыныгас  майгылааҕа дииллэрэ.

Ийэлэрэ Заболоцкая Варвара Ивановна тоҕус сааһыттан ыанньыксыттаабыт, оҕо сылдьан сэрии саҕана эдьиийинээн Маайалыын тулаайах хаалбыттар. Икки улахан убайдара эдэр саастарыгар саҥардыы үөрэхтэнэн иһэннэр, сэллик туран ыалдьан өлбүттэр. Ортоку икки убайдара Охонооһой уонна Хабырыыс сэрииттэн эргиллибэтэхтэр. Охонооһой сэрии бүтүөн аҕыйах күн иннинэ иһигэр таптаран, госпитальга сытан өлбүт. Хабырыыс рота хамаандыыра эбит, 1942 сыллаахха Сталинград куорат анныгар сураҕа суох сүппүт.

Хойутун хойут, ийэбит быраатын Ганяны кытта таайдарын Хабырыыс кыһыл хаймыылаах фуражкатын кэтэ-кэтэ, сэриилээх буола онньууллара үһү. Ол курдук эбээбит Варвара оҕо эрдэҕиттэн ыарахан үлэни үлэлээн, сорох кэм аччыктаан, тоҥон-үлүйэн улааппыт. Ол иһин да буолуо, баай тыллаах-өстөөх, кэпсэтэн-ипсэтэн оччотооҕу кэмҥэ кэлиилээх-барыылаах, сытыы-хотуу далбар дииллэрэ. Эргэ тахсыан иннинэ нэһилиэнньэтигэр депутатынан таллылла сылдьыбытын билэбит. Хойут эдьиийэ Маайа, ыарытыйар буолан, балтыгар Варвараҕа төрдүс оҕонон Павлик диэн биирин туола илик эһээхэй оҕону ииттэрэ биэрэр.

Ити курдук ийэлээх аҕалара түөрт оҕону тэҥҥэ тутан, улаатыннаран, дойдуларыгар үлэлээн-хамнаан, дьонун-сэргэтин кытта биир тэҥҥэ алтыһан, эн мин дэсиһэн бур-бур буруо таһааран олорбуттара.

Хаартыскаҕа: Оҕо сылдьан дьонун кытта уонна эбэлэрин Аана аймаҕа – учуутал эдьиийдэрэ Ксениялыын.

Тиит Арыыга Өлөксөй, ийэтин Охлопкова Анна Ивановнаны, эһэтин  Охлопков Иван Михайловиһы уонна аҕатын Неустроев Михаил Федотовиһы кытта икки дьиэнэн бииргэ олорбуттар. Туруору балаҕаннаахтара эбитэ үһү. Онно Өлөксөй ийэтэ, аҕата, эһээтэ олорбуттар. Этэллэрин курдук эмиэ үлэттэн толлон турбат дьон, хара сарсыардаттан киэһэ хараҥа буолуор диэри дьиэ ис-тас үлэтин тулуппакка үлэлииллэрэ эбитэ үһү. Сиэннэрин көрөр-истэр буолаллара.

Эбээлэрэ Аана сып-сырдык сирэйдээх, кытархай тэтэрбит иэдэстэрдээх, түргэн-тарҕан туттунуулаах, олус үлэһит, иистэнньэҥ. Дьиэтээҕи дьонугар таҥас-сап бөҕөтүн тигэрэ. Ол быыһыгар ас да астыыр, куруук тугу эрэ дьарыгыра сылдьар буолара үһү.

Ийэбитин Анна диэн бу кини аатынан ааттаабыттар. Эдьиийэ Мотяҕа уоттаах харахтаах эбээлэрин, Аана ийэтин Матырыас аатын, онтон быраата Ганяҕа сэриигэ сүппүт, ийэлэрин Варвара убайын Хабырыыс аатын биэрбиттэр.

Хос эһээлэрэ Уйбаан оҕонньор – уһун уҥуохтаах, аҥаар хараҕа суох таас харахтаах эбит. Уруккута ааттаах булчут, түөлбэтин дьоно Саһыл оҕонньор диэн аат иҥэрбиттэр. Кэлин сааһыран көрбөт буолбут, ол да буоллар сиэннэрин көрсөрө-истэрэ эбитэ үһү. Балык бустаҕына оҕонньор тарбаҕын иминэн хас да балыгы түргэн үлүгэрдик ыраастаан, биир да уҥуоҕа суох гына биир-биир сиэннэригэр түҥэтэлиир эбит. Аны туран оҕолор үөһээ-аллараа ыстаҥалыы, сүүрэкэлии сылдьан эһээлэрин сасыһыылаах оонньотор эбиттэр. Ону оҕонньор хантан да иннибэккэ, торуоскатынан далбаатаан, хайаан да саайталаан булан таһаартыыр этэ диэн дьоммут эһээлэрин ахтан-санаан аһарааччылар.

Эһээлэрэ Неустроев Михаил Федотович субуруйбут уһун муруннаах, олус кытаанах майгылаах дииллэрэ. Ол гынан баран сиэттэрин олус таптыыра үһү. Дойдутун дьонугар Сыҕай Мэхээлэ диэн хос аатынан биллэрэ. Былыргы киһи сиэринэн үлэттэн чаҕыйбат, тас үлэни барытын оҥорон олорбут. Олус чэнчис, уурбут-туппут курдук ып-ыраас туттунуулаах, кыра уҥуохтаах кытыгырас, тэйиэккэлээн олорор оҕонньор диэн ийэбит кэпсээччи.

Үс оҕону иринньэх оҕо эрдэхтэриттэн, бойбурдарын тутуулара, эһээлэрэ Михаил үлэлиир кэмигэр соһо сылдьара. Ол курдук сайынын окко илдьэ барара, кыһынын муус-мас үлэтигэр тэҥҥэ илдьэ сылдьара үһү. Оҕо-оҕо курдук орой мэниктэр, мэлдьитин үлэттэн аралдьыйан мэниктээн-сырсан, ону-маны олоотоон ыллахтарына, эһээлэрин түҥ-таҥ түһэрдэхтэринэ оҕонньор мөҕөн да ылар кэмнээҕэ эбит, «эмиэ оройгутунан көрөҥҥүт, эккэйэмээттэр!» диэн мөҕүттэрэ үһү.

Үксүн эһэлэрэ икки кыралары илдьэ сылдьара, улахан сиэнин Мотяны ыарытыйарын иһин хаалларар эбит. Ол иһин ийэбит быраатынаан Ганялыын киксэн баран: «Биһигини эрэ үлэлэтэн-үөрэтэн, мөҕөн-такайан тахсар, эдьиийбитин атаахтатан дьиэҕэ кэмпиэт сиэтэ хаалларар» – диэннэр, эһэлэригэр дьээбэлээх Михайко диэн аат айаннар, оннук ыҥырар буолбут үһүлэр. Ол курдук эһээбит Михаил сиэннэрин кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ сыһыаран тулуурдаах, күүстээх үлэһит буоларга сирдээҕи суолларын айан-тутан биэрбит.

Аргыардаах Аҕа дойду сэриитин саҕана эһээлэрэ Михаил Сангаар чох хостуур шахтатыгар быыстала суох үлэлээбит. Шахта сууллуутугар хомурҕанын улаханнык эчэтэн, аҥаар илиитинэн үлэлээбэт дииллэрэ. Хос эһэлэрэ оҕонньор, эбээлэрэ Аана уонна ийэлээх-аҕалара – оҕо саастарыттан бэйэлэрин харыстаммакка дойдуларыгар кыайыы туһугар үлэлээбиттэрэ. Биир дьиэттэн бары кыайыыны уһансыбыт, Сталин мэтээллээх тыыл уонна үлэ геройдара этилэр.

1960 сыллаахха эбэлэрэ, хос эһэлэрэ утуу-субуу суох буоланнар, эмдэй-сэмдэй улаатан иһэр оҕолору “Тандаҕа үөрэнэллэрэ табыгастаах буолуо” диэн, дьоно бары 6 кылаастаах Тиит Арыыттан 10 кылаастаах оскуолалаах Тандаҕа көһөн киирэллэр. Ол курдук, ийэбит 10 кылаастаах Танда оскуолатын 1971 сыллаахха бүтэрбитэ. Бу үөрэнэр сылларыгар точнай наукаҕа, ол эбэтэр математикаҕа, физикаҕа туйгун үөрэнээччи буолан элбэхтэ олимпиадаларга ситиһиилээхтик кыттыбыт. Элбэх грамоталарынан наҕараадаламмыт, оскуолатын чиэһин көмүскээн ийэтин-аҕатын, учууталларын үөрдүбүт. Ол кыттыы түмүктэринэн кэлин соҕуруу туттарсарга ыҥырыы сурук кэлбитигэр дьоно аах, оччотооҕу саха киһитэ сэмэй-килбик санаатынан салайтараннар, ыыппатахтар.

Ити сыл сайыныгар ийэбит, 16 саастаах оҕо сылдьан, куорат киэҥ аанын арыйбыта. Биир сыл кэриҥэ куораттааҕы 10-с нүөмэрдээх сибээс отделениетыгар почтальонунан – телеграмма тиэрдээччинэн үлэлээбитэ.

Бастаан утаа куоракка киирэригэр, дьоно куоракка эдьиийигэр Мотяҕа “балтыгын көрсөөр” диэн телеграмма ыыппыттарын туппакка, ийэбит автовокзалга кэлэн муна-тэнэ сылдьыбыт. Балайда өр уп-улахан чемодан тутуурдаах, киирсэ саппыкылаах, уруккута автовокзал муннугар турбут «Молодёжнай» маҕаһыын боруогун төттөрү-таары атыллыы, киирэ-тахса, мунаахсыйа сылдьыбыт. Арай ол сылдьан ыраахтан көрдөҕүнэ, уулусса устун муус маҥан ырбаахылаах эдьиийэ тэлээриҥнээн, уун-утары хааман иһэрин көрө биэрэн олус үөрбүтүн, соһуччу үөрүүлээх көрсүһүү буолбутун куруук ахтан ылара. Кэлин ол түгэни “маҕаһыын боруогун анныгар көмүллэ сытар убайым, үс реалист суруйааччылартан биирдэстэрэ Николай Денисович Неустроев көрсүһүннэртээбит буолуон сөп” диэн сибикилээн ылара.

Ити курдук ийэбит дьоллоох мэник-тэник оҕо сааһын мүччүргэннээх сырыыларын, ийэлээх-аҕатын, эбээлээх-эһээтин, дьонун-сэргэтин тустарынан, ким хайдах майгыннааҕын, былыргы олохторун-дьаһахтарын, сиэри-туому тутуһууларын, Байаҕантай дойдутун, сирин-уотун куруук ахтан-санаан уу сахалыы тылынан кэпсиирэ. Оһуор ойуу остуоруйа салҕанан бара турарын курдук баай, элбэх кэпсээннээх буолара.

Ийэбит ол онтон ыла куорат киэҥ иэнигэр, эдэркээн оҕо сылдьан почтаҕа үлэлээн, куорат улахан аҥаарын тиритэ-хорута, тэлэһийэ сүүрэ-көтөн, олоҕун үгүс аҥаарын Почта сибээһин кытта ыкса ситимнээбитэ.

1972 сыллаахха Сибээс техникумугар үөрэнэ киирбитэ. Почта сибээһин специальноһыгар ситиһиилээхтик үөрэнэн, 1975 сыллаахха дипломун ылбыта. Үөрэҕин бүтэриэн иннинээҕи сылларыгар тастан сылдьан үөрэниигэ (заочнайга) көһөн, Уус Алдан Тумулугар учуутал убайыгар Турантаев Михаил Ивановичтаахха олорон Тумул сибээһигэр үлэлээбитэ.

“Убайым аах мин тиийбиппэр наһаа үөрэн-көтөн көрсүбүттэрэ, – диэн истиҥник санаан кэпсиирэ. – Убайым анаан-минээн миэхэ, хайа ыал ханна олорорун, туох ханна баарын, Тумул картатын илиитинэн тардан уруһуйдаан биэрбитэ уонна ону кытта билисипиэт бэлэхтээбитэ”.

Дипломун ылбытын кэннэ Суоттуга начальнигынан анаммыта. Ити сылларга көхтөөх, күүстээх үлэтин иһин элбэх грамотанан наҕарааданан биһирэммитэ.

1978 сылтан саҕалаан 1983 сыллаахха диэри Суотту нэһилиэгэр уонна Бороҕоҥҥо Уус Алданнааҕы РУС-ка инструктордаабыта. Бу үлэтин кэмигэр дьаныардаахтык ылсан, дьаһаллаах, киириилээх-тахсыылаах, куруутун бастакы күөҥҥэ сылдьара. Мунньахтарга трибунаттан түспэт тыл этээччи кини буолара. Социалистическай куоталаһыыларга көхтөөх кыттааччы, үрдүк көрдөрүүлээх үлэһит этэ. Ону грамоталара, махтал суруктара, бочуотунай знактары ылбыта туоһулууллар.

Эдэр-эрчим саас этэллэрин курдук үлэнэн эрэ муҥурдаммат. Ийэбит эдэриттэн кэлиилээх-барыылаах, сытыы-хотуу буолан тас дойдулары сэҥээрэр-сэргиир эбит. Ол курдук Кубаҕа, Германияҕа, Балтийскай муора таһыгар баар Латвияҕа, Литваҕа, Эстонияҕа уонна Москваҕа, онтон да атын Сэбиэскэй Союз куораттарыгар баран кэлбиттээх. Көтөн кэлиитигэр хайаатар даҕаны хас эмэ чемоданынан дьонугар, дьүөгэлэригэр, табаарыстарыгар кэһии бөҕөлөөх буолара үһү.

Бороҕоҥҥо үлэлии сылдьан алаһа дьиэтин тэринэр, ыал буолар аналын – Уус-Алдан Тумулуттан төрүттээх Парников Сергей Сергеевичтыын көрсүбүтэ. Холбоһон куоракка көһөн киирэн, дьиэ-уот туттан олохсуйбуттара. Икки уол оҕону төрөппүттэрэ, үһүс оҕонон быраатын кыыһын иитэ ылбыттара. Кэргэнэ Сэргэй кэриэй аҥаардааҕа, аҕата Пак Сен Ху хантан кэлбит кэриэйэ биллибэт, Тумулга кэлэн олохсуйан саха дьахтарын ойох ылбыт. Урут ол оҕонньор Тумулга сахаҕа биллибэтэх оҕуруот аһын бөҕө олордубутун дьон сөҕө-махтайа көрөллөрө, кэпсииллэрэ үһү. Сэргэй орто сааһыгар эрдэ олохтон туораабыта. Ийэбит үс оҕону эдьиийэ Мотя күүс-көмө буолан иккиэйэҕин улаатыннарбыттара, үөрэхтээн үлэһит дьон оҥорбуттара.

Бастакы кэмҥэ, куоракка көһөн киирэн ыал буолуоҕуттан, ийэбит Дьокуускайдааҕы Почтамт 12-с, 15-с нүөмэрдээх сибээһин отделениеларыгар начальниктаабыта. Үлэһиттэрин үчүгэйдик салайан, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

Оҕолор улаатыылара, 1990-с сыллартан саҕалаан, өр кэмҥэ Правительствотааҕы 11-с почта сибээһин отделениетын начальнигынан үлэлээбитэ. Правительство уонна үтүмэн элбэх министерстволар биир сүрүн үлэлэрин хааччыйан олорбута. 2020 сыллаахха 50-тан тахса сыллаах үлэтин түмүктээн бочуоттах сынньалаҥҥа – пенсияҕа тахсыбыта.

Сылайары-элэйэри билбэккэ эдэркээн сааһыттан күүстээх, бэриниилээх, сыралаах үлэтин иһин, этиллибитин курдук, элбэхтэ бочуотунай грамоталарынан, махтал суруктарынан наҕараадаламмыта, киниэхэ бочуоттаах аат иҥэриллибитэ. Дьон-сэргэ убаастабылын ылыаҕын ылбыта.

Ол курдук: 1978 сыллаахха Үлэ ударнига аатын ылбыта, 1999 сыллаахха РФ Сибээһин министерствота үлэ ветерана ааты иҥэрбитэ, мэтээлинэн наҕараадалаабыта. Саха сирин Почтатын сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбитин иһин Саха Республикатын Правительствота, Ил Түмэнэ үрдүкү наҕараадалары туттарбыттара. Ил Түмэн кыһыл көмүс чаһыны бэлэхтээбитэ.

РФ Тас дойдуларга министерствотын Саха сиринээҕи представителиттэн Махтал сурук туппута, “Почта России” директорыттан, Саха сиринээҕи Главпочтамтан элбэх махтал суругунан, грамотанан наҕараадаламмыта.

Күндү маамабыт – ийэбит барахсан төрүттэриттэн бэриллибит үлэһит хааннааҕа, көрсүө-сэмэй майгылааҕа, истиҥ-үтүө санаалааҕа. Сааһыран да баран эрчимин ыһыктыбатаҕа, оҕолоругар күүс-көмө буолан, сиэннэрин биир тэҥҥэ бүөбэйдэһэн, дьиэ уот-туттан, үлэлээн-хамнаан, сүүрэн-көтөн сэнэхтик олорбута. Чөл олоҕу булгуччу тутуһара, кэлиҥҥи сылларга хас эмит көстөөх сири хаалыктаах хаамара. Сарсыарда аайы күнүн сэрээккэлээн саҕалыыра. Саҥа күнү айхаллыыр хоһоону айан, аныгы ситим нөҥүө ыыталаан дьүөгэлэрин-аймахтарын сэргэхситэрэ. Ийэбит уус-уран тылларын ситимнээн айар абылаҥын арыйан иһэн эмискэ ылар, куһаҕан ыарыыттан суох буоллаҕа…

Таптыыр ийэбит, эдьиийбит чугас дьонугар, аймахтарыгар куруук күүс-көмө буолара, үчүгэйи баҕарара. Кини үтүө киһи буолбут холобура хаһан да умнуллуо суоҕа.

Күн-көмүс ийэбит, эдьиийбит, эбээбит биһиги сүрэхпитигэр өрүү тыыннаах, кини сырдык-кэрэ мөссүөнэ, сайаҕас-санаата, эппит тыллара, иһирэх сүбэтэ биһигини кытта өрүү баар.

Оҕолоро, сиэннэрэ, балтылара, бырааттара, күтүөттэрэ.

2025 с. алтынньы ый.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *