Акимов Прокопий Степанович туһунан

ОЛОҔУМ ҮЛЭНЭН ХАРДЫЫЛААБЫТ СУОЛА

Былыр-былыргыттан сири-дойдуну дьон киэргэтэн, аатырдан кэллэ. Ол үгэс билигин даҕаны салҕанара кими баҕарар үөрдэр. Аар-саарга аатырбыт, уол оҕо тойугар туойуллубут, кыыс оҕо ырыатыгар ылламмыт күн түһэн сөтүөлүүр күөллээх, ыллам-дьэллэм үлэһиттээх Күүкэйи (Сунтаар) аатырдыбыт дьон элбэх. Кинилэртэн билигин биир чаҕылхайдара Прокопий Степанович Акимов үлэ, кыайыы үктэллээх олоҕун суола бу кинигэҕэ ырылхайдык тыктарыллан көрдөрүллэр.

Ыал аҕата үтүө сүбэһит, истиҥ кэргэн уонна бэриниилээх доҕор.

Ыал аҕата ону таһынан үлэһит бастыҥа, холобур буолар ирдэбиллээх салайааччы. Кини тиритэ-хорута үлэлии-хамсыы сылдьара, дьонун-сэргэтин туһугар кыһаллара, бу дьалхааннаах кэмҥэ халыҥ хахха, суон дурда буолара – дьахтар дьоло, ыал кэскиллээх түһэ, тэрилтэ бөҕө тирэҕэ!

*  *  *

КИИРИИ ТЫЛ эбэтэр

ҮРДҮК ҮӨҺЭ АЙЫЫЛАРТАН АНАММЫТ ОЛОХ

Милан Матвеевич АФАНАСЬЕВ, кинигэ редактора.

Мин бу кылгас киирии тылбар ким тугу суруйбутун, бэйэлэрин тылларынан эттэххэ, ахтыбытын, хайдах сыаналаабытын, ылыммытын, кинигэ туох күүстээх өрүттээҕин, туга кыаллыбатаҕын эридьиэстиир санаам да, былааным да суох. Ол оннугар соҕотох киһи холугар П.С. Акимов иэҕэйэр икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх мутугунан быраҕан муҥурун булларар кылгас үйэтигэр туох да баһаамы хантан күүс ылан, эрчим эптэн оҥорбутун, Дьылҕа Хаан обургу кытаанах охсууларын, тургутууларын хайдах тулуйбутун, өссө өрө баран сынтарыйбатаҕын, тостубатаҕын ойуччу тутан бэлиэтиэхпин баҕарабын.

Элбэх тыл сымсах, аҕыйах тыл минньигэс ааттаах. Ити ордук биһиэхэ, суруйар идэлээх дьоҥҥо, сыһыаннаах. Онон быһаччы эттэхпинэ, Прокопий Степанович Акимов айбытын-туппутун, астаабытын-үөллээбитин, булбутун-талбытын барытын аҕалан биир сиргэ чөмөхтүү кутар киһи тоҕус үрэх толоонун уҥуоргутуттан торолуйан көстөр Саар Булгунньах саҕа буолан көстүө этэ. Борбуйун көтөҕөөт ийэлээх аҕатын батыһыаҕыттан көрбүт- истибит, хомуйбут, кэлин анал үөрэҕи бүтэрэн кэлэн биригэдьиирдиэҕиттэн үүттэрэ-эттэрэ элбиирин, төрүөхтэрэ үксүүрүн, уойалларын-тотоллорун туһугар кыһаллыбыт, сарсыарда эрдэлээн, киэһэ хойутаан сүүрбүт-көппүт хороҕор муостаахтарын, сыспай сиэллээхтэрин барыларын үүрэн киллэрэр киһи ол үрэхтэр салааларын, хоннохторун-быттыктарын толоро сатаан баран чугастааҕы сыһыыларынан сырыырҕаһыа, аттынааҕы алаастарынан айаатаһыа этилэр. Оттон хаһан нэһилиэнньэттэн үүт тутуоҕуттан саҕалаан ону биир сиргэ кута турбут буоллар ити этэр 9 үрэхпит устун тохтоон көрбөккө үрүйэлии сүүрдүө этэ. Туох да саарбаҕа суох.

Дьэ, кырдьык, хайдах уонна хантан? Соҕотох киһи хаһан да буойун буолбат ааттаах. Санаан да көрдөххө оннук. Кинини араҥаччылыыр, өрө анньар күүс эрэ баар буоллаҕына тугу эмэ ситиһиэн сөп курдук. Ол иһин этэллэр киһи олоҕун, дьолун бэйэтэ оҥостор, оттон Таҥара киниэхэ аналын, алгыһын эрэ биэрэр диэн. Ол, арааһа, сөп быһыылаах.

Онон мин Үрдүк Үөһэ Айыылар Прокопий Степанович Акимовы анаан-минээн, алҕаан-этэн ыыппыттар диибин. Күнтэн көмүскэллээх, халлаантан харысхаллаах, айылҕаттан араҥаччылаах, Айыылартан арчылаах, Айыыһыттан алгыстаах Орто туруу дойду оҥоһуулаах уол оҕото буоллун, сирин-дойдутун, дьонун-сэргэтин ааттаттын диэбиттэр. Устар олоҕун суолун оһуор оҥкуллаабыттар, күөх от үктэллээбиттэр, сиэдэрэй сибэкки симэхтээбиттэр, сырдык, ыраас сыдьаайдаабыттар. Дьэ, ол иһин күн сирин көрүөҕүттэн кини түөрэҕэ олордьу түспүт эбит дии саныыбын. Саамай кылаабынайа, борбуйун көтөҕөөт, өйүн-санаатын тутаат ону куойатыгар-маҥкытыгар хатаабыт.

Көтөр күүһэ кынатыгар, киһи киэнэ дьулууругар, модун санаатыгар, төрөөбүт ийэ дойдутун тапталыгар, бар дьонун-сэргэтин көмүскэлигэр дииллэр. Ол кырдьык. Онто хас эмэ төгүл эбиллэн-эбиллэн бэйэтигэр эргиллибит, санаатын салҕаабыт, эрчимин эппит, күүс-уох сахпыт. Онно эбии өбүгэлэриттэн быстыбакка кэлбит утаҕы харса суох ыймахтаан буулаҕа, туохха да сынтарыйбат модун санааламмыт, эстибэт сэниэлэммит, уостубат дьулуурдаммыт эбит бу Прокопий Степанович Акимов!

Итинник этэрбэр миэхэ төрүөттэр элбэхтэр. Аан бастатан туран, туруу, түүннэри-күннэри түлүрбэх курдук тилигирии мөхсөр, көннөрү киһи тэҥнэспэт чулуу үлэһит дьон, кэлин бүтүн нэһилиэк киэн туттар, холобур оҥостор дьиэ кэргэнигэр Үрдүк Үөһэ Айыылара кырачаан Проняны күн сирин көрдөрбүт. Атын ханнык да ыалга буолбатах! Төһө эмэ элбэх оҕолоох, буолаары буолан игирэлэрдээх аата, күбэйэ Мария Иннокентьевна сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри холкуос, кэлин сопхуос хотонуттан тахсыбакка охсуулаахтык үлэлээбит.

Оттон айбыта, ааттыын Ыстахаанабыс Ыстапаан күн аайы 2,5 гектар сири охсон Саха сирин үрдүнэн тэҥнээҕин булбатах. Дьокуускайга буолбут Ыстахаанабыстар 1-кы сүлүөттэригэр Сунтаартан сатыы кэлэн кыттыыны ылбыт. Сэрии саҕаламмытыгар бастакы хомуурга ыҥырыллыбыт уонна тыыннаах ордон Берлин анныттан төннүбүт. Кыаиыы саллаата төннөн кэлээт аар-саарга аатырдыбыт хотуурун сүкпүтүнэн барбыт. Олохтон туоруор диэри хотуулаахтык үлэлээн аатын түһэн биэрбэтэх.

Иккиһинэн, Үрдүк Үөһэ Айыылар бэийэлэрин оҕолорун мэнээк сиргэ түһэрбэттэрин, олохтооботторун кинилэр уоллара Проняны кыыс оҕо ырыатыгар ылламмыт, уол оҕо тойугар туойуллубут, харыйа ойуур киэргэллээх, ханыыласпыт хатыҥнардаах, дьэдьэн-отон оһуордаах, дьикти кэрэ көбүөрдээх, күн түһэн сөтүөлүүр күлүмүрдэс күөллэрдээх, ырыа-тойук аргыстаах, ыллам-дьэллэм дьоннордоох Күөх Күүкэйтэн куорсун анньынан көтүппүтэ да көрдөрөр. Оттон төрөөбүт сирэ, улааппыт ийэ буора оҕо өйүгэр-санаатыгар, улаатыытыгар, буһуутугар-хатыытыгар хайдахтаахтык дьайарын бары билэбит.

Ол иһин кыра Проня эт-хаан, өй-санаа өттүнэн доруобай, чөл буола улааттаҕа. Киһини өйдүүр буолуоҕуттан сахалар аһыыр аспыт, таҥнар таҥаспыт, олохпут, саҥарар саҥабыт, төрөөн чэлгийиибит, олохтон туораан хараллыыбыт барыта Ытык айылҕаны кытары быстыспат быалааҕын, оспот суоллааҕын, сүппэт сүргүөһүннээҕин куойатыгар-маҥкытыгар кытаанахтык хатаатаҕа. Ол да иһин төрөөбүт, улааппыт сирин айылҕатын курдук киэҥ-холку, дэлэй майгыланнаҕа, алгыһынан арчыламмыт аһыныгас, амарах айылгыланнаҕа. Ол да иһин сааскы айылҕа уһуктар дьүһүлгэнин, сайыҥҥы от-мас ситэн силигилиирин, күһүҥҥү көмүс сэбирдэх тэлибириирин, тунал хаардаах кыһыҥҥы булт сонорун барытын сүрэҕинэн-быарынан ылыннаҕа. Ол да иһин Ытык айылҕатын барытын тыыннааҕымсытан көрдөҕө, тугу барытын саҥарар саҥалаах, көрөр харахтаах, истэр кулгаахтаах, ыалдьар эттээх, өлөр үөстээх курдук өйдөөтөҕө.

Үрдүк Үөһэ Айыылар бэйэлэрин оҕолорун, дьоннорун көрөр-истэр, хараанныыр эбиттэр диэн өйдөбүлгэ кэлбитим ыраатта. Ол курдук кинилэр уоллара Проняны олох кыратыттан илиилэрин иһигэр, хоннохторун-быттыктарын быыһыгар илдьэ сылдьыбыттар. Эрдэттэн эт-хаан өттүнэн эллээбиттэр, муннуттан сиэтэ сылдьан үөҥҥэ-көйүүргэ сиэппиттэр, өҥүрүк куйааска буһарбыттар, торулас тымныыга тоҥорбуттар. Били тимири уһааран, эллээн тимир гыналларыныы. Ол аата өйүн-санаатын сааһылаабыттар, хараҕын-көһүн аспыттар, тылын-өһүн сытыылаабыттар, тулалыыр эйгэтин, дьону-сэргэни билэр, өйдүүр, сыаналыыр дьоҕурдаабыттар.

Дьылҕа Хаан ыйааҕа кытаанах, олох оҥоһуута биир оннук. Ыйыта да барбакка олох ытылҕаннаах сүүрүгэ эйигин таах мас хатырыгын курдук үөскэ эрийэн киллэрэн тимирдиэн эбэтэр хайа эмэ кытылга саба охсон кэбиһиэн сөптөөҕө. Сорохторбутун оннук да гынарын билэ-көрө сылдьабыт. Онон хаһан баҕарар, ханна баҕарар сылдьан олох охсуутугар түбэһиэххэ, тэхтиргэ тэптэриэххэ сөп. Мин кыракый Проня оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан ис дьаҥар хаптаран, онтон салгыы очоҕоһо бааллан, үлэһит буолбут Прокопий Угут Күөл киирии аана сабыылааҕын көрбөккө матаһыыкылынан тэптэрэн иһэн сиэрдийэҕэ сааллан уонна Кутанаҕа Остолбо пиэрмэтин толору ииктээх-саахтаах дьааматыгар түһэн баран этэҥҥэ тыыннаах хаалбытын Үрдүк Үөһэ Айыылар көмөлөрүн, харааннарын курдук ылынабын.

Үрдүк Үөһэ Айыылар төлкөлөөх түстэрин иҥэриммит уонна олоҕу салгыыр үтүө сырдык аналлаах буолан Прокопий Акимов кэмигэр ойохтоммут, оҕо төрөппүт, сиэннэрин сыллаан туймаара дьолломмут, олохтон дуоһуйбут. Атыннык эттэххэ, айылҕа уһуктар иэйиилээх кэмигэр эдэр саас мэник тыалыгар куустарбыт, барыны бары сырдык хараҕынан көрөр, ыраас кутунан-сүрүнэн ылынар маҥнайгы тапталын көрсүбүт. Көрдө да бүттэ, сүрэҕинэн сөбүлээн, хараҕынан хайҕаан Айыы дойдутун алтан далбарайа, Күн сирин көмүс чыычааҕа Надятын таптаабыт. Ити эмиэ Үрдүк Үөһэ Айыылар окко түһэрбит оҥоһуулара, сиргэ түһэрбит сэрэбиэйдэрэ этэ. Ону мүччү туппакка ыал буолан икки сибэкки кыыстанар, сиэннэрдэнэр, Акимовтар удьуор утумнарын салҕааччыланар, дьолунан толору, үөрүүнэн ситэри олох толору кымыстаах чороонун күөрэччи көтөҕөр.

Прокопий Акимов үлэтигэр-хамнаһыгар ситиһиитэ, кыайыыта туох да баһаам. Ону барытын тарбахпар баттаабаппын. Ол оннугар олох эриириттэн-мускууруттан, тургутуутуттан хайдах кыайыылаах тахсыбытыгар ааҕааччыларым болҕомтотун туһаайыам этэ. Сөҕөрүм баар, Дьылҕа Хаана кинини үлэтин хаһан саҕалыаҕыттан эрийбит-мускуйбут. Кутана Тумулугар ыччат сүөһүнү көрөр уолаттар сарсыарда эрдэ кэлэн уһугуннарарын, үлэлэригэр таһаартыырын абааһы көрөн көйөрбө буһа турар буочукатыгар төбөтүнэн уга сатааһыннара,  Күндэйэҕэ  бостууктар итэппит сүөһүлэрин туох баарынан көрдөрбүтүн иһин суут иннигэр туруорааһыннара, Элгээйигэ үлэлии сырыттаҕына үүт тутар дьиэлэрэ, хонтуоралара, гараастара, сабыс-саҥа икки КАМАЗ-һа, маҕаһыыннара кытарарга былдьаныыта, Новосибирскайтан кэлэн испит таһаҕастарын халааһыннара, суоппардарын өлөрүүлэрэ тэбэр сүрэхтээх, инчэҕэй эттээх эрэ барыта тулуйбат дьыалата.

Дьэбин хатан ыстаал быһаҕы таах сиир. Киһи тыла, ордугурҕааһына, бэрт былдьаһыыта, тэпсээһинэ оннооҕор сытыы. Бу куһаҕан кэмэлдьибит сахалар баалларын тухары тохтуур кыаҕа суох, өссө сайдар, саҥа көрүҥнэнэр туруктаах. Прокопий Степанович дьонун-сэргэтин туһугар нэһилиэнньэттэн үүт тутан ас арааһын оҥорон батарабын диэн төһөлөөх утарсыыны, саҥаны истибитин, хаста тобуктата сатаабыттарын өссө ыйааһын хараҕар уурбаппын. Аҥар даллайарынан истэн, иккиһинэн таһааран кэбиһэр үчүгэй идэлээх буолан туох да буолбатаҕын курдук туттан сылдьар. Дьиҥэр, киһи тыла ааһан-араҕан биэрбэтинэн уратыланар, биллибэтинэн-көстүбэтинэн, түгэн эрэ көһүннэр, син-биир кэрбии сылдьааччы. Балары тоҕо аҕынным? П.С. Акимов киһитэ кини, дьиҥ-чахчы Үрдүк Үөһэ Айыылартан этитиилээх буолан итини барытын тулуйбутун, билиҥҥэ диэри айа-тута олорорун тоһоҕолоон бэлиэтээри.

Өссө биир санаабын алы гынар түгэннээхпин. П.С. Акимов курдук, төһө да атыттар сөбүлээбэтэхтэрин иһин, кырдьыгы туох баарынан сирэйгэ этэртэн куттаммат, саҥаны-бастыҥы олоххо киллэрэртэн салгыбат, дьоннорун-сэргэлэрин тустарыгар күннэри-түүннэри сүүрэн сылайалларын-элэйэллэрин кумаар сииригэр холообот, эбиитин салайааччылартан туора көрүллэллэриттэн хомойбот, өссө эрдийэн сүүрүгү утары эрдинэр дьону баһаамы билэбин. Ол дьон үлэтэ, хас эмэ сылы урутаан сайдыы саҕахтарын аспыттара кумахха ууну кутар кэриэтэ таах хаалбыта, кэмигэр толору сыаналамматаҕа. Онно холоотоххо, П.С. Акимов саҥаны-бастыҥы олоххо киллэрбитэ, хаалан сытар отделениены өрө тардыбыта, аар-саарга аатырбыт Ленин уордьаннаах «Элгээйи» сопхуос көрдөрүүлэрин чыпчаал үрдүк кэрдиискэ таһаарсыбыта, Элгээйитээҕи эт-үүт кэмбинээтин туруулаһан туран 30 сыл үлэлэппитэ таах хаалбатах, аакка-суолга, бочуокка син тиксибит. Итини мин анараа дьон П.С. Акимов курдук Үрдүк Үөһэ Айыылартан этитиилэрэ суох буолан хаалбыттар эбит дии саныыбын.

Туох да диэҥ, мин санааларым итинниктэр. Ол иһин Прокопий Степанович иннигэр чачараабыт баттахтаах лэҥкэйбит төбөбүн төҥкөтөбүн уонна дорҕоонноохтук этэбин. П.С. Акимов Үрдүк Үөһэ Айыылартан ананан түспэтэҕэ буоллар итинник олох сүрүн үөһүнэн араас моһоллору көмүөл мууһунуу кэтит түөһүнэн силэйэн устуо, сир үрдүнээҕи олоҕу дьиҥ-чахчы хамсатыа этэ дуо диэн! Оннук аналлаах уонна оҥоһуулаах буолан кини суола сырдык, көнө сүрүннээх уонна саамай кылаабынайа, кыайыы-хотуу үктэллээх.

Милан АФАНАСЬЕВ,

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Суруналыыстыкаҕа судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Сунтаар улууһун уонна Кутана нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

*  *  *

 

ҮЛЭНЭН, ҮӨРЭҔИНЭН ХАРДЫЫЛААБЫТ ОЛОХ СУОЛА

П.С. Акимов 1956 сыл от ыйын 24 күнүгэр Саха АССР Сунтаар оройуонун Күүкэйигэр колхуостаах ыал дьиэ кэргэнигэр иккис оҕонон күн сирин көрбүт. Оччотооҕу кэм оҕолоро олох кыраларыттан дьоннорун батыһан кыһыннары-сайыннары фермалары кэрийэн, төрөппүттэригэр илии-атах буолан улааталлара. Проня даҕаны ол суолтан туораабакка сайылык эҥэрдэнэн, үлэ аргыстанан улааппыта.

1963 сыл күһүнүгэр аҕата Ыстахаанабыс Ыстапаан Күүкэй начаалынай оскуолатыгар сиэтэн аҕалбыта. Онтон ыла Билии-көрүү дойдутугар айана саҕаламмыта, интэриэһэ кэҥээбитэ. Бииргэ үөрэнэр оҕолоруттан  хаалсыбакка  оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрбитэ.

Үөрэҕин салгыы 1967 сыллаахха аҕатын аймахтарыгар Түбэй Дьаархаҥҥа тииийэр. Онно 8 кылаастаах оскуолаҕа саҥа доҕоттордуун үөрэнэр, билиитин байытар, өссө сайдар-үүнэр.

1971 сыл үүнэр. Прокопий Акимов Кутана орто оскуолатыгар үөрэнэ кэлэр. Өссө саҥа доҕоттор-атастар, атын учууталлар, ирдэбиллэр. Манна даҕаны олох кылгас кэм иһигэр бэйэ киһитэ буолар, ситиһиилээхтик үөрэнэр, оскуолатын бүтэрэн ситии-хотуу аттестатын илиитигэр тутар, олох киэҥ аартыгар үктэнэр.

Ол саҕана оскуоланы бүтэрбит оҕолору производствоҕа үлэлэтии булгуччулаахтык ирдэнэрэ. Инньэ гынан олоххо бастакы хардыытын «Элгээйи» сопхуос Кутанатааҕы отделениетын Күүкэйдээҕи биригээдэтигэр оробуочайынан саҕалыыр. 1973-1975 сылларга харытын күүһүнэн үлэлээн буһар-хатар.

Сиһин этэ ситэн, холун этэ хойдон ийэ дойдутугар ытык иэһин төлүүр кэмэ тиийэн кэлэр. Онон баҕаран туран 1975-1977 сылларга Советскай Армияҕа сулууспалыыр. Амурскай уобалас Свободнай куоратыгар аныгы күүстээх тааҥканы үөрэтэн водитель-механик идэтин баһылыыр. Туох да эҥкилэ суох сулууспалаан дойдутугар этэҥҥэ эргиллэр.

Үлэһит дьонтон төрөөбүт, үлэлии үөрүйэх буолан төннөн кэлээт таах тэһийэн-тулуйан сыппат, 1977-1978 сылларга дойдутугар Күүкэйгэ оробуочайдыыр.

Онтон ылла да эрдэттэн ыра санаа оҥостубут суолун тутар. Холкуостар уонна сопхуостар салайар каадырдарын бэлэмниир тыа хаһаайыстыбатын Дьокуускайдааҕы техникумугар үөрэнэ киирэр. Икки сыл үөрэнэн тэрийээччи зоотехник идэтин туйгуннук үөрэнэн ылар. Манна үөрэнэ сылдьан СГУ-га туттарсар. Кини курдук билиигэ-көрүүгэ, сырдыкка-үйэлээххэ тардыһыыта күүстээх, икки үөрэххэ тэҥинэн үөрэммит киһи аҕыйаҕа чуолкай. Университетын даҕаны чаҕылхайдык бүтэрэр. Оскуолаҕа омук тылыгар үөрэммэтэҕин аахсыбатахха.

1980 сыл – анал үөрэхтээх, идэлээх эдэр исписэлиис Прокопий Акимов үлэтин саҕаланыыта. «Элгээйи» сопхуос Күндэйэтээҕи отделениетыгар субай сүөһү биригэдьииринэн ыыталлар. Манна Прокопий Степанович олох маҥнайгы тургутуутун эрдээхтик ааһар. Олоххо үөрэх уонна практика атын-атыттарын, барыта санаа хоту буолбатын, үрүҥү хара да диэхтэрин сөбүн этинэн-хаанынан билэр, өйдүүр. Саамай кылаабынайа, бэйэтин туһунан үтүө өйдөбүлү хаалларар, үлэһиттэр тустарыгар кыһамньытын, биир бигэ тыл- лааҕын, көнө сүрүннээҕин көрдөрөр.

Эдэр эрчимнээх үлэһит сири-дойдуну көрүөн, араас үлэлэргэ, дуоһунастарга бэйэтин холонуон баҕарыыта 1982 сыллаахха кинини «Бордоҥ» сопхуоска тириэрдэр. Манна тиийэн ынаҕы искусственнай сиэмэлээһин пуунун сэбиэдиссэйинэн үлэлиир, кытаанах хонтуруолу олохтуур, ирдэбили киллэрэр. Хайдах үлэлииргэ холобур көрдөрөр. Мантан саҕалаан кини кэлбит сиригэр ситиһии, кыайыы-хотуу санааны түмтэххэ, үлэһиттэр интэриэстэрин урут туттахха кэлэрин дакаастаан барар.

Бэйэтин билиитин-көрүүтүн, кыаҕын өссө тургута, тылланан да туран диэххэ сөп, 1983 сыллаахха «Тойбохой» сопхуос Арыылаахтааҕы отделениетын зоотехнигынан барар. Бу иннинэ тойоттор үлэһиттэрин тустарыгар кыһаллан туруорсарын сөбүлээбэккэ баппат-иҥмэт исписэлииһи кэһэтэ түһээри хаалан сытар отделениеҕа үөрүүнэн ыыталлар. Прокопий Степанович «биир сыл иһинэн үчүгэй гыныам» диэбит тылын дьыаланан дакаастыыр. Отделение үрдүнэн биир ынахтан ыанар үүтү биллэ эптэрэн Бүлүү бөлөх оройуоҥҥа бастаан хамсааһын бөҕөтүн таһаарар.

Оннук кыайыы-хотуу көтөллөөх, ситиһиини сиэтэ сылдьар, чахчы кыахтаах үлэһити салгыы оройуоҥҥа киллэрэллэр. Ол саҕана өрөспүүбүлүкэҕэ, оройуоннарга агропромышленнай холбоһуктар тэриллэн үлэлии сылдьыбыттара. 1984 сыллаахха онно киллэрэн племотделга зоотехник гыммыттара.

Манна үлэлии сылдьан 1986 сыллаахха олоҕун аргыһа буолуохтаах Надежда Егоровна Иванованы көрсө түһэр. Сүрэҕинэн сөбүлээн, хараҕынан хайҕаан, таптаан ыал буолар.

Оччоҕо да, билигин да үлэһит киһини биир сиргэ уһуннук олордубат идэлээхтэр. 1986 сыллаахха партия райкомун бюротун уурааҕынан П.С. Акимовы «аны дойдугун тахсан өрө тарт» диэн Ленин уордьаннаах «Элгээйи» сопхуос кылаабынай зоотехнигынан аныыллар. Манна да тахсан П.С. Акимов бэйэтин характерын көрдөрөр, ирдэбилин туруорар, хонтуруолун кытаатыннарар. П.С. Акимов манна кылаабынай зоотехнигынан үлэлиир сылларыгар «Элгээйи» сопхуос чыпчаал көрдөрүүлэрин ситиһэр. Онтун өссө бигэтитиэ эбитэ ини, өскө олох отуора алдьамматаҕа, дойду ыһыллыбатаҕа буоллар.

Бэйэҥ түүннэри-күннэри сүүрэн, түбүгүрэн, дууһаҕын ууран туругурдубут, үрдүк, чыпчаал көрдөрүүлэри ылларбыт тэрилтэҕин, сопхуоскун ыһарыҥ хаһан баҕарар ыарыылаах буолар. Ону өйдүүр буолан П.С. Акимов 1992 сыллаахха оннук үөһэттэн соҥноммут дьаһалы толорортон аккаастаан Сунтаарга төттөрү төннүбүтэ. Эт-үүт кэмбинээтин дириэктэрин солбуйааччынан. Онно да киирэн таах кириэһилэни эрэ сылытан олорботоҕо. Судаарыстыбаҕа туттарыллар сүөһү үрдүк уойуулаах буоларын, туттарааччылар эбии надбавка аахсалларын туһугар бары кыһамньытын уурбута.

Иннэ-кэннэ биллибэт айдааннаах 90-с сыллар саҕаланыыларыгар сытыы-булугас өйдөөхтөр таах олорон биэрбэккэ тыыннаах хаалар суолу тобулан барбыттара. Биир бастакынан П.С. Акимов 1994 сыллаахха Элгээйигэ эт-үүт кэмбинээтин тэрийэн, нэһилиэнньэттэн үүт тутуутун саҕалыыр. Бу сүрдээх хорсун быһыыга тэҥнэһэр дьыала этэ. Үп-харчы суох, хамнас кэлбэт кэмигэр дьоҥҥо үлэ миэстэтин таһаарыы, үүт тутан дьону харчылааһын суолтатын оччолорго ким да өйдөөбөтөҕө. Билигин кэлэн хайҕаабыта буолаллар да оччолорго хайдах туорайдаһыахтарын билбэттэр этэ.

П.С. Акимов бу тэрилтэни тэрийэн дьиҥ чахчы уоту-ууну, алтан турбаны ааста. Сынтарыйар киһи сынтарыйыан, санаата түһүөн, тостуон да сөптөөх түгэннэрин ааһан өссө буһан-хатан, сытыы ыстаал курдук кылабачыйан таҕыста. Дьэ, хайдахтаах күүстээх санааный, сырдыкка, кэрэҕэ, үйэлээххэ, олоххо тардыһыыный! Саамай кылаабынайа, барытыгар кыайыылаах таҕыста. Бу буолар Үлэһит үтүөтэ, айбыта Ыстахаанабыс Ыстапаан утумун салҕааһына, аатын ааттатыыта.

П.С. Акимов ситиһии, кыайыы билиигэ, саҥаны-бастыҥы олохтооһуҥҥа тирэҕирэрин билэр, өйдүүр буолан онно улахан суолтаны уурар. Онон мэлдьи билиитин куруук үрдэтинэр, омуктар хайдах дьаһанан олороллорун кэтээн көрөр идэлээх. Инньэ гынан 1991 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын Красноярскайдааҕы институтун бүтэрэн бу сырыыга тэрийээччи экономист идэтин ылар.

Идэни үрдэтэр курстарга төһө кыалларынан сылдьарга кыһаллар. 1999 сыллаахха Россиятааҕы наукалар академияларын иһинэн тэриллибит идэни үрдэтии 1 ыйдаах курсун Москваҕа баран бүтэрэн кэлбитэ.

Салгыы 2002 сыллаахха аан дойдуга аатырар Кытайга бара сылдьыбыта. КНР тыатын хаһаайыстыбатын министерствота ыыппыт 1 ыйдаах курстарыгар үөрэммитэ.

2005 сыллаахха Канада тыатын хаһаайыстыбатын кытта билсэн кэлбитэ. Торонтоҕа тиийэн.

2007 сыллаахха Литва тыатын хаһаайыстыбатын билэн-көрөн кэлбитэ. Вильнюска.

Өйдөөх киһи үлэни, процеһы барытын билиэхтээх диэн Новосибирскайга тэриллибит «Компьютернай технологиялар курстарын» бүтэрбиттээх.

Ити барыта аныгы салайааччы билиҥҥи ирдэбилигэр толору, бары өттүнэн сөп түбэһэрин туоһута.

П.С. Акимов курдук салайааччылары тойоттор сөбүлээбэттэр. Кырдьыгы, баары сирэйдэригэр аһаҕастык этэллэрин иһин. Инньэ гынан араас албаһы барытын туһаналларын билэбин. Көмө туһунан этэ да барбаппын, араас туорайдаһыы, бары наҕараадаттан сотуу, матарыы, туоратыы барыта баар. Дэлэҕэ араас дьаралыктары сыбыы сатыахтара дуо?

Онно холоотоххо П.С. Акимов ити үлүгэрдээх үлэтэ балачча сыаналаммытыттан арыый да санаам алы буолар. Ол аата син билинэллэр эбит, кини кыайыытын-хотуутун, сиэттиһэ сылдьар ситиһиитин.

Сунтаар улууһун, Элгээйи уонна Күүкэй нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, Сунтаар улууһун тыатын хаһаайыстыбатын сайыннарыыга үтүөлэрин иһин бэлиэ хаһаайына аат – оройуонун, үлэлии олорор сирин, төрөөбүт дойдутун үрдүк сыанабыллара. Оттон СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын уонна СӨ олохтоох промышленноһын туйгуннарын, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын бочуоттаах ветерана аатын ылыы бэйэтин үлэлиир эйгэтигэр сыаналанарын туоһута.

СӨ Правительствотын, СӨ Государственнай мунньаҕын (Ил Түмэн) грамоталара, РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министерствотын махтал суруга, Саха сирэ Россияны кытта холбоспута 370, 375 сылларынан бэлиэлэрэ Сахабыт сирин уонна дойдубут үрдүкү эргимтэтигэр П.С. Акимов биир биллэр салайааччы буоларын көрдөрөр.

Ол иһин этэбин П.С. Акимов биригэдьииртэн саҕалаан тыа хаһаайыстыбатыгар салайааччынан үлэлээбит олоҕун 45 сыллаах суола үлэ, үөрэх үктэллээх, кыайыы-хотуу аргыстаах диэн.

Милан АФАНАСЬЕВ.

*  *  *

 

I түһүмэх

БЭЧИЭТТЭН ЫЛА СИЛИГИЛЭЭБИТ ААЛ-ЛУУК МАС

 

 

 

Аал Луук маһы оҥордо Н.Е. Акимова.

*  *  *

 

АЙБЫТ АҔАТА – СТЕПАН  МАКСИМОВИЧ  АКИМОВ

Аҕам С.М. Акимов.

«Ыстахаанабыс дуо?» дэппитэ

Мин ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо холбоммут, кэпсээҥҥэ кэпсэммит, былыр сахалар уутуйан олохсуйбут кэрэ айылҕалаах, 40 км эргимтэлээх, уу арыылардаах күөл кытыытыгар турар Күүкэйгэ (Оҕо мэҥэтэ) Борокуоппайап таҥара саҕана, от-мас көҕөрөн, силигилээн турдаҕына, 1956 сыл от ыйын 24 күнүгэр төрөөбүппүн.

Аҕам Степан Максимович Акимов (Ыстахаанабыс Ыстапаан) 1914 с. Мэлэкэҕэ (билигин Түбэй Дьаархан нэһилиэгэр киирэр) төрөөбүт. Ийэтэ эрдэ өлөн тулаайах хаалбыт. Аҕата Михаил Кузьмин (Түлүрбэх Миисэ) бэйэтин кэмигэр үлэһитинэн аатырбыт. Түүнүн-күнүһүн араарбакка үлэлээн хачыгырайарын, кыайыгаһын иһин түлүрбэххэ боҕуодьулаан дьон-сэргэ Түлүрбэх диэн ааттаабыт.

Эһэм Түлүрбэх Миисэ.

Ол Түлүрбэх бастакы кэргэнэ, Ыстапаан ийэтэ өлбүтүн кэннэ, Күндээдэттэн баай төрүттэрдээх кыыһы сүгүннэрэн Түбэй Дьаархаҥҥа аҕалбыт. Иккис ойоҕуттан Таня диэн кыыс, Көстөкүүн диэн уол оҕоломмут. Кинилэр элбэх оҕолордоохтор, үлэ бэтэрээннэрэ. Татьяна Михайловна Кузьмина биэнсийэҕэ тахсыар диэри чемпион осеменатор этэ. Оттон быраата Константин Михайлович Кузьмин кырдьаҕас тракторист, механик этэ. Техникаҕа ураты дьоҕурун, сварщигын астынан дьоно-сэргэтэ «Саха Кулибина» диэн ааттыыллара.

Эһэм Түлүрбэх Миисэ дьиэ кэргэнэ. Тураллар (хаҥастан уҥа): балта Татьяна, быраата Көстөкүүн, балта Мария.

Аҕам кыратыттан сытыы-хотуу, тойуксут, оҕолортон ураты эбит. «Сыбыдах атынан сүүрдэн кэлэн мас мутугун хабан ыла оонньуурум, эмээхситтэр өмүрэн эккирииллэрин, кутуралларын көрөөрү көмүлүөк оһох кэннигэр сирэйбин чоҕунан бистэн баран ойон тахсарым» диэн кэпсиирэ.

Аҕата «бу уол биһиэхэ кыайтарыа суох, маачахатын истибэт» диэн саҥаһа Күүкэйгэ Көбүөх Көстөкүүҥҥэ (Константин Акимов) ойох тахсарыгар биэрэн ыыппыт. Оччолорго Көбүөх кыралаан эргинэр, оҕуһу ыҥыырдаан миинэр, тыллаах-өстөөх, сытыы-хотуу, дойдутугар ытыктанар кырдьаҕас эбит. Хатыҥ чараҥынан тулаламмыт күөллээх, онно түһэр кумах оломнордоох үрэхтээх, анаан айыллыбыт курдук кэрэ айылҕалаах, эргиччи элбэх оттонор ходуһалаах Нэлэкэҕэ олохсуйан олорбут. Атыыр үөрдээх, уонча ыанар ынахтаах, уопсайынан кыанар хаһаайыстыбалаах эбит.

Көбүөх Көстөкүүн – Акимов Көстөкүүн аҕам тулаайах бырааттарын, балтын аймахтарын ылан иитэлээн, барыларын Акимов диэн араспаанньалаан сүһүөхтэригэр туруортаабыт. Кинилэр үөрэнэн, киһи-хара буолан республикаҕа тиийэ араас эйгэҕэ ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ.

Аҕам, «Бассабыык» холкуос 17 саастаах чилиэнэ, күҥҥэ 2,5 ганы Буускап хотуурунан охсон иннин кимиэхэ да биэрбэтэх. Көстөкүүн Акимов соҕотох үлэһитэ Ыстапаан күүһүнэн холкуоска киирэн от охсорун көрөн тута дохуотун аахпыт. Эргиэмсик өйдөөх-санаалаах оҕонньор, инньэ гынан, баайын холкуоска холбообут уонна аҕам дохуотугар элбэх бырааттарын, балыстарын иитэлээбит, киһи-хара гыммыт, үөрэттэрбит.

Киниэхэ иитиллибиттэр: Көбүөх уруута, Саха Өрөспүүбүлүкэтин чулуу булчута Николай Семенович Федоров (Хаппыы), Сиэйэттэн Үчүгэй Өлөксөөн кыыһа, профессор, доктор Розалия Иннокентьевна Бравина, Күүкэй бэтэрээн биригэдьиирэ, түөлбэ талааннаах салайааччыта Константин Тимофеевич Акимов, уола Саха сирин бастакы вице-президенэ, билигин Ил Дархан Арктика боппуруостарыгар бэрэстэбиитэлэ Александр Константинович Акимов, биэнсийэҕэ тахсыар диэри Сунтаар райсоюһун бэтэрээн буҕаалтыра Анастасия Иванова уонна Ленин уордьаннаах «Элгээйи» сопхуос бэтэрээн гинеколог-ветеринарнай бырааһа Панфил Иннокентьевич Акимов.

 Аҕам быраата П.И. Акимов ойоҕо Мариялыын, уолаттара Васялыын, Сашалыын.

Холкуос дохуоту үлэ күнүнэн, холкуостаах оҥорон таһаарыытынан, сыл бүтэһигэр иккилии күн мунньахтаан ааҕар эбит. Онно хас биирдии холкуостаах сыл устата төһө ночооту таһаарбыта, кыайыыта дириҥник ырытылларын, дьиҥнээх демократия сокуона кытаанахтык тутуһулларын, председатель, бырабылыанньа чилиэннэрэ быыбарданалларын кэпсииллэрин истэрим.

Аҕам Ыстахаанабыс аатыран дохуота 5 ат сыарҕата буолара үһү. Онно эт, арыы, бүтүн бурдук, оҕуруот аһа (луук, моркуоп, сүбүөкүлэ, хаппыыста, хортуоска, табаах уо.д.а.) бэриллэр эбит. Аҕам киирбит холкуоһа кыанар быһыылаах, үлэһиттэр дохуоттара үрдүгэ, олохторун уйгута үчүгэйэ, кыанан олорбуттара дииллэр. Ити дохуокка иитиллэн аҕам тулаайах бырааттара, балтылара ситиһиилээх үлэһит буолбуттар.

Аҕам үлэҕэ барарыгар алта оҕоҕо барыларыгар от охсор, мунньар сирдэрин кэмнээн, мас анньан, бэлиэтээн биэрэр, ол туоларын ирдиир идэлээх эбит. Оттон эһэлэрэ үлэ үөрүйэхтэригэр үөрэппит, сэптэрин-сэбиргэллэрин оҥорон биэрбит. Инньэ гынан урукку тулаайах оҕолор үлэҕэ эриллэн бары үлэһит дьон буолан тахсыбыттар. Сэрии аччык сылларыгар бэйэлэрэ араас үлэҕэ үлэлээн айахтарын булуммуттар.

Оттон 14-16 саастарыгар Көстөкүүн уонна Ньукулай тыаҕа холкуос кадровай булчутун быһыытынан сылдьыбыттар, бултаан айахтарын ииттибиттэр, аччыктаабатахтар. Сэриигэ барбыт убайдарын холкуос үлэтигэр солбуйбуттар. Оскуола оҕолоро Настя уонна Панфил ийэлэригэр баран оскуолаҕа үөрэммиттэр. Өлөксөөн Сиэйэҕэ баран олохсуйбут.

 

Дьылҕа Хаан Кытаанах ыйааҕынан

Аҕабар 1941 сыл от ыйыгар от охсо турдаҕына сэриигэ барар бэбиэскэни туттарбыттар. «Сарсыарда ыҥырар пууҥҥа баар буолаар» диэн кытаанахтык дьаһайбыттар. Онон дьиэтигэр таарыйан, эһэтэ Көбүөх Көстөкүүҥҥэ «сэриигэ барар буоллум» диэн этэн, хотуурун ампаарга киллэрэн ыйаан, быраһаайдаһан барбыт. Оҕолор үлэҕэ сылдьар буолан суохтара үһү. Киэһэ кэлбиттэрэ эһэлээх эбэлэрэ «убайгыт сэриигэ барда, хайдах ыал буолабыт?» диэн ытаһа олороллоро үһү.

Ыал ыһыллыбыт. Оҕонньору кытта Панфил хаалбыт. Оҕонньор ону билбит курдук хоруобун эрдэ оҥотторон аргы маска анньан турбут. Өлөрүгэр, дьонун куттамматыннар диэн буолуо, туойа сытан бу орто дойдуттан олохтоох сиригэр аттаммыт. Панфил, оскуола оҕото, кыһын өтөҕүн кырдалыгар иин хаһан, холкуостан биир оҕонньору көмөлөһүннэрэн, көмпүт. Аҕам сэрииттэн кэлэн уҥуоҕун туппута уонна урукку олоҕун сыаналаан бэйэтэ олорбут өтөҕөр быраата Ньукулайдыын көмүллэ сытар.

Аҕам бэбиэскэ тутан Сунтаардаан истэҕинэ Элгээйиттэн табаарыһа Петр Николаев (Бөх Бүөтүр) атаара барсыбыт. Бэбиэскэтэ суох эрээри оройуоҥҥа бастакынан сайабылыанньа биэрэн табаарыһын кытта сэриигэ барсыбыт. Бөх Бүөтүр диэн ааты сэрииттэн кэлбитин кэннэ кыһалҕаны билбэт ыччаттар биэрбиттэр. Сэрии бүппүтүн кэннэ өссө биир сыл хаалан сулууспалаабыттарын иһин. «Ол аата милиционердаабыккыт» диэн хос аат иҥэрбиттэр.

Сэриигэ бииргэ сылдьыбыт доҕоро П.Н. Николаевтыын. Хаҥаһа.

Ити бастакы хомуурга биир быраата Гаврил Акимов эмиэ түбэспит. Арааһа, бары бииргэ олорбут быһыылаахтар. Кинини кытта Түбэй Дьаархантан бииргэ төрөөбүт быраата, улаханнык кыанар күүстээх киһи Прокопий Михайлович Михайлов, А.К. Акимов эһэтэ, Көстөкүүн аҕата Түмэппий барбыттар.

«Мин сэриигэ барарбар Оҕо Мэҥэтигэр мустан атынан Сунтаарга киирбиппит. Атаарыы кэмигэр санаам түспэтэҕэ, өрө көтөҕүллэн туран туойан, оһуокайдаан барбытым. Өлүөм диэн санаа суоҕа, бөҕөх этим. Сэрииттэн эргиллибэт киһи биллэр эбит. Санаалара түһэн, ытаан-соҥоон аттаналлара, айылҕалара куһаҕаны түүйэр курдуга» диирэ.

Холобур, быраата Ганя (Хаанньык) сэриигэ бараары сылдьан тыаҕа куобахтыы тахсыбыт. Сорсуннаах булчут эбит. Улахан, кыра булка тэҥнээҕэ суоҕа үһү. Куобах кэннэ түүн киирэн «Арааһа, сэрииттэн төннүбэт киһи буоллум быһыылаах. Күнү быһа биир куобах сырыһыннаран баран ыттарбакка эрэйдээтэ, бүтэһигэр отой да сүтэрэн кэбистим» диэн дьонугар кэп туонан кэпсээбит. Ол курдук буолбут, сэриигэ баран иһэн суруйбут, аччыктаан, ыалдьан киһи аатыттан аастым, 47 киилэ буоллум диэн. Онтон отой да сураҕа суох сүппүт.

Бастакы хомуурга ыҥырыллыбыт 700 киһи Хадан аартыгынан тахсан Нүүйэҕэ диэри сатыы барбыта биллэр. Ол сиргэ ааттарын суруйан өйдөбүнньүк туруорбуттар. Хонор сирдэригэр тохтоон оһуокайдыыр эбиттэр. Бииргэ төрөөбүт убайа, үөрэхтээх Прокопий Михайлович Михайлов быраатын Ыстапааны уонна Түмэппийи «кыайтарар буоллубут, ньиэмэстэр күһүн Москваны ылыахтара. Тиийдэхпитинэ өлүөхпүт, онон сэриигэ барбакка мантан күрүөххэ. Халлаан тымныйыар диэри тыаҕа бултаан аһыахпыт. Кыайтарыы буоллаҕына киирэн кэлиэхпит, уһаатаҕына хоту түһүөхпүт» диэн тылыгар киллэрэ сатыыр эбит.

Аҕам онуоха «Дьоммутун уган биэриэ суохха, тиийэр сирбитигэр тиийиэххэ. Ыйаахпыт тугу быһаарарынан сылдьыахха. Уол оҕо дьылҕата быһаарыаҕа. Кыайан-хотон эргиллиэхпит» диэн сөбүлэммэтэх. Сорохтор «дьоммутун кытта быраһаайдаспакка да баран эрэбит, аныгыскы ыҥырыкка барыахпыт буоллаҕа» диэн күрүүр эбиттэр. Ол байыаннай сокуон кытаанаҕын дьоҥҥо сырдатыы суоҕун түмүгэр тахсыбыт. Ол дьон сууттанан, кырбанан, хаайыыга аччыктаан өлбүттэрэ, кэргэттэрэ, оҕолоро, аймахтара туора көрүллүбүттэрэ биллэр.

Биирдэ утуйан турбуттара убайдара Борокуоппай суох эбит. Күрээбит. Түбэй Дьаархаҥҥа сэбиэккэ тыллаабыттар. Муоста тэлгэтэ сылдьан тыаҕа саа тыаһын истибиттэр. Дезертирдэр диэн этэрээт тэрийэн саа тыаһаабыт сиригэр барбыттар. Ойуур кыараҕас суолугар утары көрсүбүттэр, туппуттар. Киллэрэн бөһүөлэккэ ампаарга хатаабыттар.

Хаалла сытан табаарыстарыттан хаһыат көрдөөн ылан Совинформбюро сводкатын ааҕар эбит. Сунтаарга атаарбыттар, онтон Ньурба хаайыытыгар ыыппыттар. Мүччү туттаран икки буолан куоппуттар. Табаарыһын атаҕын тосту ытан туппуттар. Ол киһи эппитинэн Борокуоппайы сырсан барбыттар. Сиппит буоллахтарына өлөрбүттэрэ эбэтэр хоту түспүтэ чахчы.

«Ол киһи хойукка диэри Ньурбаҕа баарын көрөр этим» диэн быраата Константин Михайлович Кузьмин кэпсиирэ. Аҕам Борокуоппайы «аһара кыанар киһи этэ, сиппэтэх буолуохтаахтар» диирэ. Хотуттан сылдьар дьонтон хойукка диэри ыйыталаһара, токкоолоһоро, баар буолуохтаах диэн эрэнэрэ.

Бастакы хомуурга кыанар, күүстээх дьону талан ыыппыттар. Кутанаттан тустуук А.В. Николаев уо.д.а. бааллара үһү. Борохуокка биһиги дьоммут аһылыктарын нууччалар былдьыыр эбиттэр. Тохтобулга анаан бэлэмнэммит маһы борохуоттарыгар тиэнэ тыраабынан тахсан истэхтэринэ түҥнэритэ анньаллара үһү. Ону Күүстээх Николаев атахтарыттан ылан ууга тамнаталаабыт. Оннук суолларын быһа охсуһан айаннаабыттар.

Нүүйэттэн (Ленскэй оройуона) Иркутскайга борохуотунан, Молотовка буойаһынан айаннаан үөрэтэр пууҥҥа тиийбиттэр. Кытаанах байыаннай үөрэх саҕаламмыт. Таҥастара мөлтөх эбит, аһылыктара хаппыыста эрэ миинэ буолбут. Сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри аччык дьону сүүрдэн тахсыбыттар. Онон үгүс киһи аччыктаан, ыалдьан сэриигэ тиийбэккэ да ол үөрэххэ өлбүт. Дьон доруобайа, кыанара эрэ хаалан, ону да бырдылара быстан, сэриигэ барбыттар.

Лааҕыр начаалынньыгынан таҥнарыахсыт олорбут, кэлин сууттаммыт үһү дииллэрэ. Бастакы хомуурга түбэһэн тиийбит саха дьонуттан 1-кы уонна 2-с тимир суол биригээдэлэрин тэрийбиттэр. А.В. Николаев 1-кы биригээдэҕэ түбэһэн Ржев анныгар 1 мөлүйүөн сиэртибэлээх кыргыһыыга сэриилэспит. Ити биригээдэ төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэн кыргыллыбытын, элбэх саллаата билиэҥҥэ түбэспитин билэбит. Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан биир киинэҕэ ботуруона суох буолан сэриилэһэр кыахтарыттан тахсыбыт саллааттары немецтэр сырса сылдьан тааҥканан тэбистэрэллэрэ көстөр. Ити 1-кы тимир суол биригээдэтин туһунан көрдөрөллөр. Итиннэ элбэх саха саллаата өлбүтэ, сураҕа суох сүппүтэ биллэр.

Аҕам 2-с тимир суол биригээдэтин састаабыгар киирэн Ленинград блокадатын тоҕо көтөр сыаллаах Ленинградскай уонна Волховскай фроннарга сэриилэспит. Бастаан сэрии сэбэ тиийбэтэ, аһылыгынан хааччыллыы быстар мөлтөҕө мэлдьэх буолбатах. Нуучча уолаттара ыксаан тэллэй буһарыннахтарына командирдара тоҕута тэбиэлиирэ үһү. Дьааттаах тэллэй түбэһэн сүһүрүөхтэрэ диэн.

Сэриигэ «нуучча омуга баар буолан тыыннаах ордубутум» диирэ. Нууччалыы билбэт, үөрэҕэ суох дьону аһынан Күүкэйтэн бииргэ барбыт табаарыһа Егор Васильевы, Элгээйиттэн Бүөтүрү сэрии бүтүөр диэри бииргэ сырытыннарбыттар. 1946 сыллаахха дойдуларын булар дьолломмуттарыгар командирдарыгар махтанара. Алта сыл устата нууччалыы үчүгэйдик билбэтэхтэр, бэйэлэрин икки ардыларыгар сахалыы кэпсэтэ сылдьыбыттар.

Киһиттэн ураты кыайыгастарын, сатабылларын, харса суохтарын командирдара сыаналыыр, атыттарга холобур оҥостор эбиттэр. Нуучча омуга күүһү сыаналыыр. Бүөтүрү Элгээйигэ пиэрмэҕэ үлэлиир эрдэҕинэ көрсөрүм. «Эн аҕаҥ баар буолан сэрииттэн тыыннаах эргиллибиппит» диэн махтанара. «Аччыктаан, быстан, охтон хааллахпытына аһылык, уу булан аһатара. Түүн олох утуйбата, кыанара бэрт буолан биһигини ньээҥкэлиирэ» диирэ. «Нэдиэлэ устата инники кирбиигэ аһылык кэлбэтэ, хабарҕаҕар диэри бадарааҥҥа буккуллаҕын, утуйаары гыннаххына баҕалар дулҕа курдук санаан төбөбүтүгэр тахсан утуппаттара. Ол кыһалҕаттан уочаратынан бэйэ-бэйэбититтэн олору үргүтүһэр этибит. Ыраас уу суоҕун кэриэтэ. Холуодьастарга толору оҕолору тамнаан кэбиспит буолаллара. Үгүс киһи буомбалааһын кэмигэр буорунан-сыыһынан көмүллэн өлөрө. Биһиги бэйэ-бэйэбитин хостоһон тыыннаах хаалбыппыт».

«Сэрии  устатын  тухары  эҥин  араас ынырык, дьулаан быһыылары көрөрбүт. Ол тухары биирдэ эрэ ытаан турардаахпын, – диирэ. – Үрүксээккэ толору өстүөкүлэ флягаларга ыраас уу хаһааммытым буомбалааһын кэмигэр үлтүрүйэн тохтубутуттан». Биирдэ өйдөөбүтэ нуучча уолаттара кэлэн алы гына, төбөбүттэн имэрийэ тураллара үһү, онтон кыбыста санаабыт. Сэриигэ уу оннук күндү эбит. Уута, аһылыга суох үс сахаттан соҕотох хаалан кэпсэтэр, көмөлөсүһэр дьоно суох буолуом диэн саллыбыт.

Куруук инники кирбиигэ сылдьыбыттар. Ленинград төгүрүктээһинигэр «Олох суолунан» аатырбыт тимир суол буомбалааһын, ытыалаһыы ортотугар тутуллара. Ити суолунан, күөл мууһунан, Ленинград төгүрүктээһиҥҥэ олордоҕуна массыыналарынан таһаҕас таһыллара. Водолазтар күөл аннынан уонунан километр усталаах турба тардан бензин хачайдыыллара.

Самолет пулеметынан ытыалааһыныгар элбэх киһи кыргыллара. «Биир ротаттан, ол аата 100-тэн тахса киһиттэн, киэһэ 10-15 эрэ буолан ордорбут, куйахтаах вагонунан тахсарбыт» диирэ. Ол аайы саҥаттан саҥа саллааттарынан толорон биэрэр эбиттэр. Ол кэлбит саҥа дьоҥҥо командирдар биһигини, үөрэҕэ суох үс саханы, холобур оҥостоллоро. «Сэрии саҕаланыаҕыттан нууччалыы толору быһаарсар да кыаҕа суох эрээри хорсуннара, кыайыгастара, сатыыллара бэрт буолан тыыннаахтар, эһиги кинилэр курдук буолуҥ, оччоҕо өлүөххүт суоҕа» диэн эрэл кыымын саҕаллара үһү. «Оннук биһигини улуу нуучча омуга өрө тута, былаах оҥосто сылдьыбыттара» диэн киэн тутта кэпсиирэ.

Олох кытаанах оскуолата тыыннаах хааллартаабыт. Хайдах да балаһыанньаҕа ыһыктымматахтар, тыыннаах хаалар суолу-ииһи булбуттар. Сэриигэ өлөллөрүн утуйарга холууллар эбит. Тыылга таҕыстахтарына аччыктаан өлөллөрүн билэр буолан, тото аһыы сылдьалларын ордорон, үс төгүл сайабылыанньа суруйан инники кирбиигэ тылламмыттар. «Сэрии диэн ынырык дьыала, киһи киһиэхэ кэпсиирэ туох да суох» диирэ. Ол иһин буолуо бэтэрээннэр сэрии туһунан ахтыбаттара, умна сатыыллара.

Биһиги аҕабыт сэриигэ 28 сааһыгар барбыта. 6 сыл сэриилэһэн 34 сааһыгар эргиллибитэ. Сэрии будулҕаныгар баҕар өлөн хаалыам, аҕам Түлүрбэх Миисэ аатын илдьэ барыам диэтэҕэ буолуо. Сорох наҕараадаларын, холобур, «Ленинград оборуонатын иһин» мэтээлин Степан Михайлович Акимов аатыгар толотторбут. Көбүөх Көстөкүүн кэнниттэн кылгас кэмҥэ Нэлэкэ аттыгар Куйа Махсыыҥҥа иитиллэ сылдьыбыт. Онон докумуонугар аҕатын аата Максимович буолбут.

Ити бутуурга аҕам «Германияны кыайыы иһин» мэтээлин дьыалатыгар званиета сержант диэн ыйыллыбыт. Звание армияҕа чуолкай буолар, байыаннай суруксуттар сыыспаттар. Сэриигэ сержант званиелаах киһини кэлин рядовой диэбиттэр. Байыаннай билиэтин сүтэрбит эбит. 50-с сыллардаахха икки бииргэ сылдьыбыт дьонун туоһу оҥостон саҥаны ылбыт. Онно званиета рядовойунан барбыт.

Өр кэмҥэ Старай Русса таһыгар оборуонаҕа сыппыт. Ити хайысханан кимэн киириигэ кыттан Берлиҥҥэ аҕыйах километр тиийбэтэх. Улуу Кыайыы кэнниттэн ол иһин табаарыстарынаан Берлини көрөргө көрдөспүттэр. Урусхалламмыт куоракка киһи көрөрө туох да суох диэн ыыппатахтар. Арҕаа дойду киин куораттарын ылыы иһин 5-6 мэтээллээҕэ. Кыайыы 25 сылыгар диэри сэрии бэтэрээннэрин өрө туппатахтара. 1970 сылтан, дьэ, Кыайыы күнэ киэҥник бэлиэтэнэр буолбута. Бэтэрээннэр ахтыылара хомуллубута.

Ленин уордьаннаах «Элгээйи» сопхуоска 25 сыл партком сэкиритээринэн үлэлээбит Петр Яковлевич Фёдоров:

– Бөх Бүөтүргэ уонна эн аҕаҕар 1975 сыллаахха Улуу Кыайыы 30 сылынан сибээстээн, Ленингракка бырааһынньыкка ыҥырыы уонна квартира биэрэр туһунан дьаһал кэлбитин эппэтэхпит, ыыппатахпыт. Улахан геройствоны оҥорбуттара биллэр, улахан уордьаннаах бэтэрээннэргэ итинник ыҥырыы кэлбэтин иһин, – диэн кэпсиирэ.

Сэбиэскэй былаас, баартыйа боростуой дьонтон тэйбитэ, кинилэри сыаналаабата, туспа привилегиялаах кылааска кубулуйбута итинтэн да көстөр. Кэлин 1991 сыл атырдьах ыйын 19 күнүгэр сэбиэскэй былаас утарсыыта суох иһиттэн сытыйан ыһыллыбыта. Улуу Кытай компартията ону билэн Ленин үөрэҕин туспа, саҥалыы сайыннарар сайдыы суолун туппута. Билигин аан дойду экономикатыгар АХШ кэнниттэн иккис миэстэни ылар.

Германия биһигиттэн бары өттүнэн таһыччы олорон туохпутун ылаары сэриинэн киирэн күл-көмөр буола кыргыллыбытын аҕам өйдөөбөтө. Немецтэр улаханнарын, кыраһыабайдарын кэпсиирэ. Үлүгэрдээх ыччатын сэриигэ өлөттөрбүтүн сөҕөрө. «Сэрии хаһан да буолбатын, ыччаттарбыт биһиги кыһалҕабытын, өлүүбүтүн-сүтүүбүтүн билбэтиннэр» диирэ.

Сэриигэ сылдьан сүүрүү күрэхтэһиитигэр кыттыбытын, биир уһун нуучча уолун кэнниттэн иккис буолбутун кэпсээбиттээх. «Атаҕым таҥаһа сатабыла суоҕа, быһа киирэрэ. Онтон атын бастыахтаах этим», – диирэ. Дьон кэпсииринэн, ойуурга тахсан куобаҕы быһа тэбэн өлөрөн киллэрэрэ үһү. Халыҥ хаарга тот аты, бастаан быһа түспэтэҕинэ, илиһиннэрэн тутара. Үлэтигэр күлэ-үөрэ, ыллыы-туойа сылдьара. «Сайын Ыстапаан кэпсээнин, тойугун истэн сылаалаах үлэни кыайа-хо- то тутарбыт, кини баар буоллаҕына көр-күлүү доҕуһуоллаах сылаабытын билбэккэ аһарарбыт» диэн бииргэ алтыспыт дьоно ахталлар.

Ыстахаанабыс Ыстапаан хаҥас саамай кытыыга, алларааттан төрдүс олорор.

«Саха сирэ» хаһыакка тахсыбыт ыстатыйа.

 

Кыайыы саллаатын хотуулаах үлэтэ

Акка ураты сыстаҕаһа, икки атынан кыһыны быһа пиэрмэҕэ от таһара, өрөбүллэргэ кэтэх дьон отун тиэйэрэ. Бөһүөлэк тиэйэр-таһар үлэтин кыайа тутара. Кыра оҕолор, биһиги, аттарын көлүйэрин интэриэһиргээн хаҥас түннүгүнэн кэтээн көрөрбүт. Көлүнэр аттара аһара эмистэрэ, дохсуннара. Олору көлүйэр уустуктардаах быһыылааҕа. Сорох аттар тиистэринэн түһэллэрэ, атыттар табыйа көрсөллөрө. Ону сиэллэриттэн ылан, атахха тэбэн, өттүктээн сытан хомууттарын кэтэрдэрэ.

«Сылгы киһиттэн куттаныахтаах, бас бэриниэхтээх» диирэ. Көлүйэн баран сыарҕатыгар хатана түһэрэ. Атын муҥ кыраайынан түһэрэн, тоҥуу хаарынан ойдорон, сыһытан баран туойа-туойа отун тиэйэ барара.

Аҕам Ыстахаанабыс Ыстапаан сэрии кэнниттэн.

Үлэҕэ туспа техникалаах, философиялаах. Ол курдук туттар сэбин, хотуурун, күрдьэҕин, атырдьаҕын уктара ураты модьулара. Модьу ук киһини сылаппат, ньаймаҥнаабат, илиини-атаҕы көмөлөһүннэрэргэ бөҕө, сыантырданар диэн онтун быһаарара. Билиҥҥи ыччат ону көрдөҕүнэ бухатыыр тутта сылдьыбыт сэбэ диир кыахтаах.

Бэйэтэ орто уҥуохтаах иҥиир сула киһи этэ. Сүүрэр-хаамар икки ардынан сылдьара, түргэн-тарҕан туттуулааҕа. Бэйэтэ бэйэтин кытта баллыгыраан кэпсэтэ сылдьара. Туораттан иһиттэххэ хас да киһи бииргэ кэпсэтэрин курдуга. Арыт мөккүһэн турара. Арааһа, сэриигэ дойдутуттан тэйэ сылдьан сахалыы кэпсэтэрин үөрэх гыммыт быһыылааҕа.

Кыайыы 60 сылыгар, 2005 сыллаахха, Үчүгэй Өлөксөөн кыыһа Розалия Иннокентьевна Бравиналыын «Бичик» кинигэ кыһатыгар туруорсан «Саха сирин үлэһит дьоно» серияны астарбыппыт. Ити серия бастакы кинигэтин «Улуу Кыайыы саллаата Ыстахаанабыс Ыстапааны» ол Розалия Иннокентьевна редактордаан таһааттарбыта. Норуокка уос номоҕор киирбит саха боростуой үлэһиттэрин дьоһун ситиһиитэ дьон билиитигэр тахсыахтаах, ыччакка холобур буолуохтаах диэн санаанан салайтарбыппыт.

Ааспыт үйэ 30-с сылларыгар аҕам күҥҥэ 2,5 ганы илиинэн от охсон Ыстахаанабыс үрдүк аатын ылбыт. Ол охсубут сирин 4 мунньааччы дьахтар нэһиилэ бүтэрэллэрэ үһү. Ол саҕана сир барыта кэриэтэ илиинэн охсуллара. Хас өтөх аайы бурдук ыһаллара. Ол буолатын атынан хоруталлара, боронньулууллара. Трактор аҕыйаҕа, тиийиммэтэ.

Билигин тэриллэр «Күүлэйгэ» оҥостон кэлэн 2,4 ганы оҕустахтарына чемпион аатын ылаллар, чиэстэнэллэр-бочуоттаналлар, республикаҕа рекорд олохтоон историяҕа киирэллэр.

Ол саҕана сир барыта охсуллара. Сорох сир ахтаҕынан үрдүктээх дулҕалаах буолара. Сайын устата күн аайы 2,5 гаттан кырата суох сири охсон дьон-сэргэ үрдүк сыанабылын ылбыт. Мин муҥутаан охсо сылдьан кини охсубут 10-наах хотуурун кыайа да туппат этим. Күҥҥэ нэһиилэ 1,5 ганы охсубутум. Киһи киһиттэн таһыччытын онно билбитим. Ииппит уолун кэриэтэ киһи, Күүкэй солбуллубатах биригэдьиирэ Константин Тимофеевич Акимов «Ыстапаан эһиэкэйдии-эһиэкэйдии от охсорун ыраахтан көрдөххө үрүмэччи көтөн иһэрин курдуга. Ат түргэн хаамыытынан барара» диэн ахтара.

Охсубут сирин биригэдьиир күн аайы кэмнээн суруйан иһэрэ, ханнык да эбии-сабыы, үлүннэрии суоҕа. Ону сыаналаан 1935 сыллаахха Тойбохой киһитинээн Дьокуускайга Ыстахаанабыс холкуостаахтар 1-кы сүлүөттэригэр кытыннарбыттар.  Онно  сатыы  бара  сылдьыбыттар.

«Ыстапаан тыл эппитэ, көхтөөх кыттыыны ылбыта» диэн биллэр фольклорист Георгий Евгеньевич Фёдоров бэйэтин ахтыытыгар суруйбута. Сүлүөттэн көстүүм таҥаһын уонна «дорообо» чэй ылан үөрэн-көтөн дойдуларыгар кэлбиттэр.

Гитлер Сталин ыстахаанабыскай хамсааһыны тэрийэн ыстаал курдук саллааттары иитэн таһаарбыта кини кыайыытыгар олук буолбута диэн ахтыыта номох курдук кэпсэнэр.

П.И. Акимов кэпсиир: «1946 сыл күһүнүгэр убайым ыран, дьүдэйэн тиийэн кэлбитэ. Кэлэригэр өтөҕө иччитэхсийэн көрсүбүтэ, бырааттара, балтылара тарҕаһан суох этилэр. Миэхэ бириһиэн курун биэрбитэ. Сэрии бүппүтүн кэннэ саллааттар ыраах дойдуларын булаллара уустуктардааҕа. Айаннарыгар ас кыра көрүллэрэ, онтулара аара бүтэн хаалара. Дьоҥҥо ыйы-ыйынан үлэлээн, онтон ыһыктанан салгыы айанныыллара. Ол саҕанааҕы былаас уорганнара кинилэр кыһалҕаларыгар көһүүннүк сыһыаннаспыттар. Быстарбыт саллаакка миэстэтигэр көмө оҥорууга дьаһал суоҕа. Оттон олохтоох нэһилиэнньэ, төһө да баҕардар, бэйэтэ быстан олорор буолан көмөлөһөр кыаҕа суоҕа. Онон сорох дьон сэриини кыайан-хотон баран дойдуларын булар баҕа санаалара туолбатах. Аара суолга быстаран. Ол курдук Ыстапаан Алдаҥҥа ыалдьан, аччыктаан, быстаран хаалбытын биир нуучча эмээхсинэ кыра оҕо курдук ньээҥкэлээн үтүөрдүбүт, дойдутугар атаарбыт. Ону кэлин кэпсиирэ, махтанара» диэн.

Сэрииттэн кэлээт холкуос үлэтигэр көхтөөхтүк кыттан барбыт. Сэниэлэммит буолан үлэтин кыайа туппут. Дьоно-сэргэтэ «Ыстахаанабыс Ыстапаан дуо?» диэн уос номоҕор холбоон өрө туппут, холобур оҥостубут. Кини төһө кыалларынан дьонун көрбүт, кыамматтарга көмөлөспүт.

Сунтаарга көһөн олохсуйбут биир эмээхсин «өллөхпүнэ дойдубар Сиэйэҕэ таһааран көмөөр» диэн көрдөспүтүн ылынан толорбутун ол эмээхсин дьоно махтаналларын истибитим. Техника аҕыйах кэмигэр Сунтаартан Сиэйэҕэ диэри 120 км сири атынан тиэйэн таһаарыы боростуой дьыала буолбатах. Сэрииттэн төннөн өлбүт аймахтарыгар барыларыгар уҥуох туппута.

Сэрии эрэйин-буруйун 6 сыл устата билбит саастаах киһи эрээри абааһыны да, таҥараны да итэҕэйбэтэ. «Эҥин арааска сылдьыбытым да, биирдэ да ону-маны көрбөтөҕүм, билбэтэҕим» диирэ. Ол иһин буолуо, киһиргиирин тохтотуохха, куттаан төттөрүтүн дакаастыахха наада диэн Күөһэҥкэс Байбал Күүкэй арыытыгар абааһытынан аатырбыт өтөххө, күһүн хараҥаҕа, силлиһэ турар буор хотон долборугар киирэн саспыт. Ыстапаан буола үлэтин кэнниттэн атын сойутан аһатаары онно хоно сылдьара үһү.

Арай кулуһуҥҥа аһын астана сырыттаҕына хотон долборугар дүҥүр тыаһа, ойуун кутурар саҥата хараҥаны аймаан барбыт. Ыстапаан субуйааҥкы саатыгар ботуруон уктан эрийэ тутуллар сомуогун хачыгыраппытынан хотоҥҥо     ыстанан киирэн: «Киһи буоллаххына таҕыс, абааһы буоллаххына ытабын!» диэн үөгүлээбит. «Ытыма, ытыма, бу мин, Байбалбын» – диэн ааттаһар саҥа иһиллибитигэр саатын уоһунан көхсүгэ тирээн баран тохтообут. Байбал «акаарыбар Ыстапаан абааһыттан куттанан хайдах куотарын көрөөрү өлө сыспытым» диэн дьоҥҥо кэпсиирэ. Айылҕа араас кистэлэҥин интэриэһиргиирэ. Кинини кытта ойуумсуйар Даамай уола окко үлэлэһэрэ. Абааһыларын кытта тэҥҥэ кэпсэтэ, баллыгыраһа сылдьара. Үөрэх сайдан абааһыны, ойууну ким да итэҕэйбэт кэмэ этэ. Кытаанах үлэҕэ сылдьар дьон бириэмэлэрин халдьыылаһан атаараллара.

Даамай уолун «сымыйанан дьону куттаары ону-маны кэпсиигин, абааһылаах буоллаххына дьэ, көрдөр» диэн сүгүн сырытыннарбат буолбуттар. Ону халдьыылыыр киһини «иннибэр хааман иһэн хонноҕуҥ аннынан төҥкөйөн миигин көр эрэ» диэбит. Ол киһи дьоҥҥо итэҕэтээри көрбүтэ арай тыатааҕы айаҕын кытарчы атан эрэрин көрөн кута көтө сыспыт. Саллан «ити кыылгын хомуй» диэн ааттаспыт. Дьэ ол кэннэ халдьыыларын тохтоппуттар, салла көрөр буолбуттар.

Кыра эрдэхпитинэ сэриигэ ылбыт контузиятыттан атаҕа такыччы тардан хаалбыта. Чэпчэки үлэҕэ көспүтэ да, онно да сынньалаҥнык сылдьыбатаҕа. Көньүүһүнэ бөһүөлэк баһыгар баара. Хаамарын ыарырҕатан дьиэтин кэннинээҕи ойууру, өтөҕүн киэҥ сиринэн бүтэйдээн көньүүһүнэни биир-биэс харчыта суох туппута.

Киэһэ хойут кэлбит аты 3 чаас сойутан баран аһатыллыахтааҕа. Инньэ гынан биирдэ түүн ортото, хараҥаҕа, ол хойутаабыт атын аһата тахсыбыт. Ол сырыттаҕына халлааҥҥа тэриэлкэҕэ майгынныыр, төгүрүччү араас уоттарынан күлүмүрдүү умайар тыаһа суох аал устан ойуур саҕатын үрдүнэн ааһа турбут. Арааһа, эмиэ сэрии буолар буолла быһыылаах. Айылҕа дьиктитэ ити курдук куһаҕаҥҥа көстөөччү диэн улаханнык аньыырҕаабыта.

Атыгар олордо да эһиэкэй арыаллаах буолара. Норуот ырыаһыта Өлөксөй Омбуруостуун икки күн куоталаһан ыллыы-туойа дьиэбит оһоҕун туппуттара. Түүнү быһа иккиэн уочаратынан туойаллара. Куоластара, кылыһахтара аһара үчүгэйэ. Өлөксөй «куолаһыҥ миэнинээҕэр үчүгэй, ол эрээри тылгын-өскүн кыайа тутан туойбат эбиккин» диэбитэ.

Хаар түһэрэ сылдьан хотон үрдэ сууллан улаханнык дэҥнэммитэ. Кырдьан баран пиэрмэҕэ бостууктаабыта, быыһыгар омурҕаҥҥа оттуура. Ол кэмҥэ биһиги ынахтары атынан манаан сылдьан аһатарбыт, ыамҥа аҕаларбыт. Ол саҕана начаалынай кылааска үөрэнэрбит.

Айаас соностору миинэн сүөһү сырсаары ата охтон атаҕын тоһутан турар. Сэрии кэнниттэн аас-туор олоххо күүс үлэҕэ сылдьар киһиэхэ ас, үрүҥ аһылык наада этэ. Ол кыһалҕатыттан чугас өтөхтөөх ыалларга киэһэ үлэ кэнниттэн отторун охсон биэрэрэ. Чэй үүтүн, сүөгэй, арыы иһин. Ол саҕана үлэ халлаан сырдаата да саҕаланара, хараҥарда да отууларыгар тахсан  аһаан  баран  утуйаллара.  Дьон: «Ыстапаан түүн хойукка диэри дьон отун охсоро. Онон хойутаан турара, биһиги үлэҕэ киирэрбитигэр кулуһунугар туойа сытар буолара» диэн кэпсииллэрин истэрим.

Биирдэ от охсон түүн хараҥаҕа төннөн иһэн, далаһатын сыыһа үктээн, үрэх тымныы уутугар буккуллан, ыалдьан ыарахан туруктаах Сунтаар балыыһатыгар киирбитэ. Эмп көмөлөспөтөҕө. Күүкэйтэн төрүттээх эмчит массыына булан кэриэйдэртэн маак ылан аҕалбыта. «Хара ыас курдугу луоска төбөтүгэр баһан ылан сиэппиттэригэр ыарыым аматыйбыта, үтүөрэргэ барбытым» диирэ.

Атаҕа такыччы тардыбытыгар Кэмпэндээйигэ «бадараанынан эмтэн» диэн ыыппыттара. Кылаабынай бырааһынан айылҕаттан талааннаах, ирдэбиллээх Чолбодуков үлэлиирэ. Кини эмтээн хойукка диэри «Балык хатарбыкка» кырдьаҕастар звеноларыгар оттообута. Оройуоҥҥа элбэх оту оттоон инники сылдьаллара, хаһыакка хайҕаналлара.

Охсуу нуормата 7 суотай буолара. Хас биирдии үлэһит нуорманы толороро ирдэнэрэ. Сорох сыл от охсуутугар икки буолан сылдьаллара. Хоноһо Кириллини түөттүүр омурҕан кэнниттэн кустата ыытара, бэйэтэ хаалан охсоро уонна бэлэм аһылыкка тахсара.

Мас көтөрүгэр, куобахха сохсо охсоро, кустуура. Күһүҥҥү куска тиргэ иитэн элбэҕи ылара. Ол саҕана кус да элбэҕэ. Быраата К.М. Кузьмин немецкэй «симсон» саа бэлэхтээбитинэн көтөн иһэр куһу сыыспата.

Ыарытыйан, атаҕа хаамтарбат буолан, балтыһаҕынан тэптэрэ сылдьан «Нэлэкэ» ферматыгар үлэлээбиттээх. 6 ыанньыксыт ыабыт үүтүн эрийэн, сүөгэйдээн, 7 километрдаах бөһүөлэккэ 4 бөтүөн сүөгэйи оҕус сыарҕатыгар тиэйэн киллэрэн туттарара. Ол күһүн миигинэн оҕус мииннэрэн кустуу барара. Ыттаҕына ыппыт Күдэрик таһааран биэрэрэ. Өлүүтүгэр кус эмиһин талан от арыыга тахсан сиирэ.

Өтөххө оҕуһун хаалларан баран күөлгэ киирээччи. Хойутаан халлаан хараҥарбытын кэннэ тахсара. Мин хараҥаттан куттанан ытыырым. Балтыһаҕынан да сырыттар рюкзагын толору кустаах буолааччы.

Оҕус сыарҕатыгар табаар дьааһыгын ууран онно олорон айанныыра. Төннөрбүтүгэр ол дьааһык ортотунан кус буолааччы. Кус бөдөҥүн эрэ ытара. Оннооҕор ыта кыра куһу туппата.

«Хара үлэни киһи күүһүнэн эрэ буолбакка аттаран, быстыбат курдук сөпкө аһаан, сынньанан, сатабылынан кыайа тутуохтаах» диирэ. Эдэр ыччаттары үлэ сатабылыгар, кистэлэҥнэригэр үөрэтэрэ. От сезона саҕаланарыгар куруускаҕа ынах арыытын уулларан туустаан иһэрэ. Онон иһин-үөһүн ыраастыыра. Туттар сэбэ бэйэтигэр эрэ сөп уонна бөҕө-таҕа буолуохтааҕа. Ону оҥостору сатыыр буолуохтааххын.

Биһиэхэ, оҕолорго, көмөлөһүннэрэн сыарҕа сыҥааҕа иэҕэрэ. Аналлаах станок оҥостубута. Атахха бааллар талаҕы, сыҥаах хатыҥын бэлэмниирэ. Хатыҥы иэҕиллэр сиринэн эрбиинэн кэрдиистиирэ, кулуһуҥҥа сылытара. Көҥдөй маска быаны эрийэн, ону эргитэн, тоһоҕонон эрийэ тутан, формаҕа киллэрэн ытаһалаан кэбиһэрэ. Хас да хоммутун, форматын ылбытын кэннэ арааран оҕуруокка чохчолуура. Итинник 20 сыарҕа сыҥааҕа бэлэмнэнэрэ. Кини сыарҕата ураты бөҕө, оҥоһуута кэрэ буолара. Ордук сыарҕатын сыҥааҕын иэҕиитэ табыллара. Элбэх киһиэхэ сыарҕа оҥорон биэрбитэ. Кыһыҥҥы уһун түүн дьиэҕэ киллэрэн, туойа-туойа биир сыарҕаны бүтэрбит буолара.

Түннүк наличниктарын анал туттар сэбэ суох эрээри аҥардас сүгэнэн, эрбиинэн, быһаҕынан ураты үчүгэй көстүүлээх гына оҥороро. Уһанары сатыыра, сөбүлээн дьарыгырара.

Ат уонна оҕус сыарҕатыгар от тиэйэн баран балтыһаҕынан ыга тардан баайыы сатабылы, күүһү ирдиирэ. Балтыһах тардыыта мөлтөх буоллаҕына аара чиҥэтэн биэрэриҥ, онно бириэмэ барара. Ону судургутутар сыалтан, балтыһах төбөтүгэр быаҕа, эрийэ тутан тардарга анаан, маска көлүөһэ оҥороро. Оччоҕо хаһан да холкутаабат буолара.

Өтүүнү ынах тириитин тэлэн, сыанан сото-сото өрөн, уһаты тардан түүлэри оҥосторо, оҕуруоту биир гына иилэрэ. Киэбин туппутун кэннэ устан ылара. Онто үлэ кэмигэр имиллэн, түүтэ түһэн бэриэпкэ быатааҕар бөҕө хатыс быа буолара. Ол ордук ат буоһата буолара.

 

Айылҕа кытта билбитэ, көмөлөспүтэ

Сэттэ уонуттан тахсан баран сэриигэ ылбыт эчэйиилэрэ, хойукку дэҥнэниилэрэ бэргээн икки сыл суорҕан-тэллэх киһитэ буолбута да санаатын түһэрбэтэҕэ. Ньиэрбэтэ мөлтөөн аһаабат буолбута. Сарсыарда аайы «куһаҕан ыарыы булла, бүгүн оннук хам тутта» диэн кэпсии сыппыта. Уһуннук сыппыта. Ол иһин саарбахтаан медицинскэй наука доктора, биир дойдулааҕа Вадим Григорьевич Кривошапкин Элгээйигэ кэлэ сырыттаҕына көрдөһөн таһаара сылдьыбытым. Онно үөрэ-көтө ыалдьытын көрсүбүтэ.

Аһара үчүгэйдик билсэллэрэ. Ыарыытын туһунан омуннуран-төлөннүрэн кэпсээбитэ. Төһө өр ыалдьыбытын истэн баран Вадим Григорьевич: «Оҕонньор былыргы омуҥҥун илдьэ кырдьыбыккын, ити ыарыы уһуннук ыыппат. Куртаҕыҥ үлэтэ мөлтөөбүт», – диэбитэ. Ол сарсыҥҥытыттан аһаан барбыта.

Аҕабыт бүүһүн таһыгар.

«Өллөхпүнэ кириэс остолботун туруораарыҥ, дойдубар, киһи-хара буолбут сирбэр Нэлэкэҕэ таһаараарыҥ» диэбитэ.

«Ампаар уҥуохта тутаарыҥ, былыргы киһи уҥуохтара сүүһүнэн сылларга турар» диирэ. «Үйэҥ тухары холкуостар туругуралларын туһугар көлөһүҥҥүн тохпутуҥ. Сэбиэскэй былааһы көмүскээн Аҕа дойду Улуу сэриитигэр өлөргүн утуйарга холуоххар диэри сэриилэспитиҥ. Кыайыы кэнниттэн сынньанар диэни билбэккэ хара ньуура суох үлэлээтиҥ уонна ол былааһыҥ дьаралыгын Кыһыл сулуһу тоҕо сөбүлээбэккин» диэтэххэ, «урукку кэм үчүгэй этэ, онон остолбобор кириэстэ туруораар» диэбитэ.

Нэлэкэҕэ тахсарга саас үрэх уута киирэн суолу быһара. Ону билбит курдук үрэх уута саҥардыы киирэн эрдэҕинэ олохтоох сиригэр барбыта. Таһаарбыт күммүтүгэр хаар түһэн суолун саппыта. Улахан киһи өлөрүн айылҕа билэр курдук.

Үлэҕэ ыктаран уҥуоҕун тутарга илиим тиийбэккэ сылдьыбыта. Түүлбэр киирэн ыксаппыта. Сыл иһигэр уҥуоҕун бэлэмнээбитим. Уһатан алтынньыга «УАЗикка» тиэйэн таһаарбытым. Сир тоҥор кэмэ, онон тоҥмута буолуо диэн тиийбитим кэтэспит курдук буора ириэнэх этэ. Ити айылҕа биир кистэлэҥэ. Сир тоҥмутун кэннэ буор ириэнэх сыппат. Өлбүттэри кытта, онон, туох эрэ сибээс баар. Начаас туруоран кырааскалаабытым. Үчүгэй киһи бу олохтон бардаҕына барыта дьип-дьап курдук сатанан иһэр быһыылаах.

Аҕа дойду Улуу сэриитин уонна үлэ бэтэрээнэ Степан Максимович Акимов (Ыстахаанабыс Ыстапаан) аата ыччакка умнуллубат. Дойдутугар Күүкэйгэ боруонсаттан кутуллубут бүүһэ Албан аат аллеяҕа Кыайыы 75 сылыгар 2020 с. турбута. Күүкэй нэһилиэгин дьаһалтата, оскуола кэлэктиибэ Кыайыы күнүгэр кини сырдык аатын ааттаан оскуола оҕолоругар сүүрүү күрэҕин тэрийэр.

Кыайыы 70 сылыгар Күүкэйтэн Михаил Павлов, Егор Васильев (Маяк Васильев) уонна Степан Максимович Акимов (Ыстахаанабыс) сэриигэ сылдьыбыттарын туһунан ахтыылара, тойуктара дискеккэ түһэриллэн үйэтитиллибитэ.

2005 сыллаахха «Бичик» кинигэ кыһатыгар «Улуу кыайыы саллаата Ыстахаанабыс Ыстапаан» диэн ахтыы кинигэ күн сирин көрбүтэ.

Сэриигэ аттаммыт аартыгар, Хадан бөһүөлэгэр, бастакы ыҥырыкка барбыт 700 киһиэхэ аналлаах өйдөбүл бэлиэҕэ кини аата көмүс буукубаларынан суруллан турар.

 

Күүкэй оҕонньотторо

Үлэ диэни өрө туппут,
Ону санаан утуйбут,
Онтун илдьэ уһуктубут,
Олорон ааспыт эбиттэр.
Ыстахаан Ыстапаан
Субуулаабат, суулаабат
Мэктиэтигэр тыаһаабат
Ыллар атыл бобуулаах
Субуруҥнас хотуурдаах
Ырыа, тойук аргыстаах
Ыстахаанап Ыстаппаан
Билигин да Уола Хаан.

Ыстаал Буускап хотуурун
Ыксалынан маска ыйаат
Уоттаах сэрии хомуурун
Кэккэтигэр кыттыһаат
Сунтаарынан суос сатыы
Өлүөнэҕэ түспүттэрэ
Борохуоттарын чуут баттыы
Мухтуйаҕа тиийбиттэрэ.

Онтон ыла харах уулаах
Кыайтарыылаах, кыайыылаах
Кыргыс хаанын толоонун
Уолаттара буоланнар
Өлүү, сүтүү болуонун
Ортотунан ааһаннар
Ыстаппааммыт киһи бэрдэ
Сиирэ-халты ыттаран
Буһан-хатан син эрдэ
Дойдутугар эргиллэн
Ыстахаанап диэн аатын
Өссө ордук чиҥэтэн
Кэлэр-барар аартыккар
Кутуу көмүс бүүһүнэн
Тыыннаах курдук сэгэйэн
Эҕэрдэлии көрсүһэр.

Ньукулай.
Күүкэй. 2023 с.

*  *  *

 

КҮН СИРИН КӨРДӨРБҮТ КҮБЭЙЭ – МАРИЯ ИННОКЕНТЬЕВНА ЕРЕМЕЕВА

Ийэм М.И. Еремеева.

Сытыы-хотуу, кыайыгас дьахтар этэ

Биһиги ийэбит Мария Иннокентьевна Еремеева 1924 сыллаах төрүөх. Аҕам сэрииттэн эргиллэн кэлбитин кэннэ, 1953 сыллаахха, ыал буолбуттар. Бастакы оҕолоро Андрей 1954 сыллаахха төрөөбүт. 10 сааһыгар иһэ ыалдьан (дизентерия диэн сабаҕалыыллар) суох буолбут. Мин икки сыл балыс этим, убайбын өйдүүбүн. Киинэҕэ сылдьарбытыгар 5 харчыта суох буолан убайым ыалларга тойук туойара. Мин батыһабын, оннук харчы булан киинэ көрөрбүт. Кырдьаҕастар ону билигин да өйдүүр эбиттэр.

Мин 1956 сыллаахха төрүүбүн. Мин кэннибиттэн игирэлэр Сашалаах Шура, онтон Евгений, Маша күн сирин көрбүттэрэ. Убайым суох буоларыгар мин эмиэ ыалдьа сытарым. Сиэйэҕэ ыытан быыһаан тураллар, онтон атын мин да суох буолуохтаах этим. Ити алдьархайтан ийэлээх аҕам эрэйдээхтэр олус аймаммыттара.

Ийэм ийэтэ 10-ҕар, аҕата 15-ҕэр өлөн хааланнар хороччу улаатан иһэн соҕотох сүүрэн хаалбыт. Дьүөгэлэрэ ийэбин үүт аннын эҥин иһэрдэн абыраабыттар. Бииргэ төрөөбүт быраата Өлөксөйү Степан Саввич, Марфа Гаврильевна Еремеевтэр иитэ ылбыттар. Уол 18 сааһын туолаат ыалдьан өлөн хаалбыт.

Ийэм кыайыгас-хотугас дьахтар буолан 14 сааһыттан холкуоска, онтон сопхуоска илиитин араарбакка үлэлээбитэ. Ийэм, дьиҥэр, биллэр-көстөр, кыахтаах аҕа ууһун сыдьаана эбит. Сэбиэскэй саҕана баай-тот аймахтардааххын кистиир, кинилэри кытта сибээстэспэт, аймаҕырҕаспат кэм эмиэ баара. Ийэм эбэтинэн да, аҕатынан да сурукка-бичиккэ киирбит, биллэр-көстөр аҕа уустаах эбит.

Күн сирин көрдөрбүт күндү киһим ийэтинэн төрүттэрэ маннык эбит. Ийэтэ – Матрёна Васильевна Саввинова. Алаадьылаах Баһылай уонна Саһыл Харах Кэтэриинэ кыыстара. Кэтэриинэ Сиэйэ Нөөрүктээйититтэн Баай Тимофеевтар сыдьааннара эбит. Мочууһун нэһилиэгэр (Кутана сирэ) дьадаҥы киһиэхэ барда диэн сөбүлээбэтэх курдуктар. Урукку ахтыылартан көрдөххө, Саһыл ыраас хааннаах, бааһынайдыҥы кыраһыабай кыыс эбит. Алаадьылаах Баһылай да, сэрэйдэххэ, киһи бэрдэ буолуо, сис ыал соҕотох кыраһаабысса кыыстара дьонун тылын истибэккэ батыһан барбыт буоллаҕына.

Баһылайдаах Кэтэриинэ өссө биир оҕолоро Николай Васильевич Саввинов (Кыһыккаан). Кыһыккаантан Григорий Николаевич Саввинов төрүүр. Сунтаарга өр кэмҥэ архитекторынан үлэлээбитэ. Билигин кини аата сынньалаҥ пааркатыгар иҥэриллэн турар.          Уоллаах кыыс оҕолоро куоракка олороллор.

Кэтэриинэ аҕата Сагдаанай Киргиэлэй. Уһуктаах Уйбаан (Иван Григорьевич Обоюков) уола. Уһуктаах аҕата Модьугу Обойуукап (1762-1844 сс.) 1800 сыллар диэки Өлүөхүмэттэн көһөн тахсан олохсуйбут. Обойуукаптар Нөөрүктээйи өҥ сиригэр ууһаан-тэнийэн, байан-тайан олохтоохтору кытта аймахтаһан иллээхтик олорбуттар.

Модьугу Обойуукап, сүрэхтэммитинэн, Григорий Иванов эһэтэ. Оттон хос эһэтэ (аата биллибэт), көлүөнэнэн сааһын таһаардахха, XVII үйэ бастакы аҥарын диэки төрөөбүт киһи буолуон сөп. Билиҥҥи Элгээйи сиригэр олохсуйбут Бордоҥ аҕатын ууһун баһылыга Бойдон Чемеляков чугас киһитэ буолан бу эргин олохсуйдаҕа. Модьугу Киргиэлэй үс уолун – Уһуктаах Уйбааны, Тимэппийи, Тэрэнтэйи христианнар «сүрэхтээннэр» Обойуукаптар, Ивановтар, Тимофеевтар диэн тус-туспа аҕа уустарын тэрийбиттэр уонна бэйэ-бэйэлэриттэн соруйан тэйитэлээбит эбиттэр.

Уһуктаах Уйбаан, Иван Григорьевич Обоюков (1795-1858 сс.), 1850-с сыллар диэки Нөөрүктээйи нэһилиэгэр староста буолан олорбута биллэр. Кини бииргэ төрөөбүт быраата Түмэппий Тимофеев диэн сүрэхтэнэн Баай Тимофеевтар тэнийэллэр.

Биһиги дьиэ кэргэн.

Биһиги төрүттэрбит Уһуктаахтан бараллар. Уһуктаах уола Сагдаанай Киргиэлэй (Григорий Иванович Обоюков), Киргиэлэй кыыһа Кэтэриинэ (Екатерина Григорьевна Обоюкова), Кэтэриинэ кыыһа Мотуруона (Матрёна Васильевна Саввинова), Мотуруонаттан биһиги ийэбит Мария Иннокентьевна Еремеева төрөөбүттэр.

«Нөөрүктээйи – мин дойдум» кинигэҕэ Мария Николаевна Обоюкова ахтарынан (207 стр.), Уһуктаах оҕонньор Туойдаахха улахан ампаар дьиэни туттан олорбут (1840 сыл диэки). Уола Сагдаанай Киргиэлэй ол дьиэни өссө улаатыннарбыт, бүтэй бэрэбинэни ортотунан сүгэнэн суоран, 6 лиистээх түннүктээбит. Улахан баҕайы сытыары, холбуу хотонноох дьиэни оҥостон олорбут.

Сагдаанай маҥнайгы ойоҕо Ноонноох эмээхсинтэн оҕо төрөөбөтөҕө үһү. Эмээхсин эрдэ икки хараҕа суох буолбут. Сагдаанай дьиэтин, сүөһүтүн көрөрүттэн күһэллэн, эмээхсин эбии баайын-малын туспа чөкөтөн баран, 6 уоллаах дьадаҥы, тоҥус дьахтарын көһөрөн аҕалбыта үһү. Ойоҕор уолаттара кэллэхтэринэ: «Тото аһаталаа уонна үүртэлээ, бултаан аһаатыннар», – диирэ үһү.

Сагдаанай иккис ойоҕуттан Ньукуус диэн уолламмыт, Кэтэриинэ диэн кыыстаммыт. Кэтэриинэлэрэ Мочууһун нэһилиэгин киһитэ Алаадьылаах Баһылайга эргэ барбыт. Кэтэриинэттэн Матрёна, Силиппиэн, Ньукулай төрөөбүттэр. Силиппиэннэрэ олох эдэригэр Кулаарга баран хаалбыт. Онтон дойдутугар кэлбэтэх, үлэлии сылдьара да, оҕолооҕо да, ойохтооҕо да биллибэтэх үһү. Өскө бу кылаан аймах итинник бэлиитикэҕэ киирэн биэрбэтэҕэ буоллар хайдахтаахтык байыахтара этэй диэн санаа үөскүүр. Ол да иһин саха өйүгэр-санаатыгар араас атааннаһыылар, бэрт былдьаһыылар иҥэн сылдьар курдуктар.

Ньукулай Кыһыккааттан биир уол баара Сунтаарга олорор. Мотуруонаттан биир кыыс баара Күүкэйгэ олорор (мин ийэм). Кэтэриинэ эрэ эдэригэр, бэйэтэ кырдьан иһэн өлбүтэ. Сагдаанай оҕонньор күһүн аҕатын өтөҕөр олороро үһү. Ол дьиэ таһыгар дьон сайын эрэ олорор үс хостоох, үрдэ суох аҥардас сарай баара. Хаба ортотугар икки өттүнэн сирэйдээх, дьикти улахан, буорунан симиллэн оҥоһуллубут оһохтооҕо. Ол оһох аҥар өттүн сүүһэ икки бастаах «өксөкү» көтөр ойуулаах этэ. Оттон иккис сүүһэ булчут киһи уруһуйдааҕа.

Оҕонньор үс сүүс ынахтааҕа уонна сылгылааҕа үһү. Сайын кымыһынан утахтанан, кыһын сыанан аһаан олорбуттар. Кымыс көйөрөр иһитэ – оҕус тириититтэн оҥоһуллубут «сири иһит». Үөһэ ыйыыр тимир-алтан тиэрбэстэрдээх тимир уһааттар бааллара. Акка, табаҕа ыырда сылдьан иһэр, кымыһын кутар эмиэ тирииттэн оҥоһуллубут «симиирдэр», айаҕа маһынан тылбыйан сабыллар ат сууматын курдук иһиттэр бааллара. Ол кэннэ кымыс иһэр иһиттэр, алталаах оҕо саҕа улахан баҕайы ымыйа, балхахтар, үчүгэй ойуулаах чорооннор бааллара. Арыы таптайар улахан баҕайы (16 кг) иһиттэр бааллара.

Сагдаанай сэттэ сүүс табалааҕа үһү. Дьиэтин таһыттан түөрт көс сири эргийэн таба хаайар күрүө туппут. Ол күрүө эмэҕирбит элээмэлэрин онно-манна көрөр этибит. Оҕонньор табаларыттан улаханнарын, үчүгэйдэрин көлүнэн муора кытылыгар олорор омуктарга тиийэр эбит. Кинилэрдиин бодоруһан сыл ахсын баран наадаларын ылсар-бэрсэр идэлэммит. Сагдаанай уола Ньукуус ойохтонон, оҕолордонон эрдэҕинэ кырдьан өлбүт. Баайын олус бараабатах, уолугар дьиэтэ-уота, сүөһүтэ элбэх хаалбыт.

Эһэм Ньукуус Тараһа Мөхүлүөп диэн сүөһүнэн, булдунан байан олорор киһи сиэнэ Маарыйаны ойох ылбыт. Баай бардам, тот дохсун дииллэригэр дылы эһэм икки баайы холбоон баһа-атаҕа суох байыаҕын арыгылаан, хаартылаан аҕыйах сыл иһигэр матайдаабытын туһунан сиэнэ Мария Николаевна Обоюкова суруйбута баар.

Сагдаанай икки төрөппүт оҕолоруттан кыыһа Кэтэриинэҕэ баайыттан бэрсибэтэх. Дьадаҥы киһиэхэ Алаадьылаах Баһылайга ойох бардыҥ диэн. Ону собус-соҕотох уола Ньукуус ыһан-тоҕон кэбиспит.

Кэтэриинэлээх икки оҕолоохторуттан биирдэрэ Мотуруона (Матрёна Васильевна Саввинова) мин эбэм.

Эбэм туһунан тугу да үчүгэйдик билбэт эбиппин. Ийэм 1924 сыллаах төрүөх буоллаҕына эбэм 1900 сыллар эргин күн сирин көрбүт, төрөөбүт курдук. Төһө да кэнники кэм курдук көһүннэр, ийэм 10-ҕар ийэтэ өлөн хаалан да буолуо, аны ити саҕана репрессия кытаанах тыына сабардаан мээнэ урууларын-аймахтарын кытта билсибэт этэ. Дьоно өлөн хаалбыттарын кэннэ «эн көссүү оҕотоҕун» дииллэрэ үһү. Ону ийэм билбэт этэ, «көссүү оҕотоҕун диэн аҕаҥ атаҕастаабат этэ дуо» диэтэххэ «суох» диирэ. Атарахсыппыта буоллар оҕо син билиэ, өйдөөн хаалыа эбитэ ини. Сороҕор эмиэ да «көссүү оҕото буолуохпун сөп» дэтэлиирэ. Онон хайдаҕа биллибэт курдук.

Ийэм бииргэ төрөөбүт бырааттаах эбит. Ийэм быраатын илдьэ баралларыгар ытыы хаалбыт, өлүөҕүн билбитэ буолуо. Ийэбин эмиэ илдьэн олордо сатаабыттарын олох тэһийбэккэ уонна баай ыал таҥас өтүүктэтэн тахсалларын сөбүлээбэккэ дойдутугар төннөн кэлбит. Атаҕастыылларын, туора көрөллөрүн өйдөөбөт. Кэлин куоракка бара сылдьан таарыйар, миигин уонна балтым Машаны уруурҕаһыннарар этэ. Маша кинилэргэ икки сыл олорон үөрэххэ киирбитэ.

Бу ыаллар мин кэллим да үөрүү-көтүү бөҕө буолаллара, остуол хотойорунан ас тардаллара, уруккуну-хойуккуну кэпсэтэллэрэ. Куруук кэһии бөҕө биэрэ сатыыллара. Марфа Гаврильевна миэхэ муодунай баҕайы икки бэргэһэ тигэн биэрбитэ. Биирэ муора котигын тириититтэн. Иккиһин кырса тыһын кып-кыра лоскуйарынан.

Ити эбэм ийэтэ Кэтэриинэ – Сагдаанай Киргиэлэй кыыһа Саһыл Харах Кэтэриинэ туһунан билэрим итинник. Оттон ийэм эһэтэ Алаадьылаах Баһылай туһунан билэрим маннык:

Алаадьылаах Баһылай төһө да Сагдаанай курдук баай буолбатар улахан уус төрүттэрдээх, биллэр-көстөр аймах сыдьааннара эбит. Баай ыал собус-соҕотох кыраһаабысса кыыстарын ойох ылан дьоллоохтук, сэниэтик олорбут курдуктар. Арай эрдэ өлбүт диэн этэллэр.

Алаадьылаах Баһылай биллэр Тоокуй Сааба Уус уонна Настаа, Кугдаартан Олооһун Уус кыыһа, көмүс ууһа дьахтар диэн сурулла сылдьар, уоллара эбит. Оттон Тоокуй Сааба Уус Чаампы Уус, атын аата Баһымньы Киргиэлэй уонна Токууса уоллара. С.Д. Кириллин «Дойдум дьоно» кинигэтиттэн.

Кутана эргин киэҥник сураҕырбыт Тоокуй уустар олорон ааспыттара биллэр. Бу уустар төрүт ийэлэрэ Токууса диэн уус дьахтар Ньурба диэкиттэн төрүттээҕэ. Токууса кэлэригэр саха охсуута батас энньэлэээҕэ үһү. Ол кини улахан уус дьоннортон төрүттээҕин көрдөрөр бэлиэ буолуон сөп. Токуусаттан Тоокуй Уустар, билиҥҥи Токуевтар тарҕаммыттар.

Тоокуй ийэтин ууһа 80-90 саастаах уһун үйэлээх дьоннорунан биллибиттэр.

Ийэбин кытары дьиэбит таһыгар

Сүрүннээн, Кутанаттан 3 км хоту сытар Тоҥуулаах сыһыытын тула олобурдаммыттар. Алаадьылаах Баһылайтан уонна Сагдаанай кыыһа Кэтэриинэттэн эбэм Матрёна Васильевна Саввинова, Кыһыккаан – Николай Васильевич Саввинов төрөөбүттэр.

Ийэм төрүттэрин добуочча билэр быһыылаах этэ. Алаадьылаах туһунан кэпсиир буолара да өйбөр хаалбатах. Токуевтары аймаҕырҕыыр этэ.

Тулаайах буолан кыратыттан кырдьыар диэри илиитин араарбакка ыанньыксыттаабыта. Онон сайын буолла да сайылыкка тахсарбыт, балаҕан ыйыгар биирдэ бөһүөлэккэ киирэрбит. Биһигини батыһыннара сылдьан от оттоторо, сир астатара. Сытыы-хотуу, кыайыгас дьахтар этэ. Элбэх дьүөгэлэрдээҕэ. Кырдьан баран, бүтэһик сылларыгар, кыра кыыһа Машаҕа харалла сытан суох буолбута. Кырдьаҕас киһи буолан барытын эрдэттэн бэлэмнээбит этэ. Миэхэ «онно-манна илдьэ сатаама, ханна да сыппыт биир» – диэбитэ. Ол иһин Дьокуускай кылабыыһатыгар кистээбиппит.

Сыл аҥара курдук буолан баран түһээтэхпинэ оронум үрдүгэр аккырыыкка ыйанан турар эбит. Онно «мин куорат аттыгар бөһүөлэккэ үчүгэй баҕайытык олоробун» диэн суругу ааҕабын. Ийэм ыыппыт дии саныыбын. Уһуктан баран олус дьиктиргии санаабытым уонна санаатын хоту харайбыт эбиппит диэн түмүккэ кэлбитим.

*  *  *

 

БИИРГЭ ТӨРӨӨБҮТТЭРЭ – ААЛ ЛУУК МАС ЛАБААЛАРА

Убайа Андрей Акимов

Андрей ыал улахан оҕото. 4-с кылааска үөрэнэ сылдьан дизентерия ыарыыттан, эмчит эппиэтинэһэ суоҕуттан, дьиэтигэр сытан олохтон туораабыт.

Андрей айылҕаттан, аҕатын батан тойуксут эбит. Сылдьан эрэ туойара, үчүгэй кылыһахтаах куоластааҕа. Үчүгэйдик уруһуйдуура, үөрэҕэр ситиһэрэ. Дьонноро куруук үлэлэригэр буолан дьиэтигэр бырааттарын, балыстарын бэйэтэ көрбүт-истибит. Бииргэ үөрэммит оҕолоро билиҥҥэ диэри күндүтүк саныыллар, ахталлар.

Киинэҕэ сылдьар харчылара суох буоллаҕына быраата Проняны илдьэ уус Кууһумаҕа тиийэрэ. Ол кырдьаҕас аҥар атаҕа суох инбэлиит эбит. Андрейдаах киирдэхтэринэ үөрэ түһэрэ. «Дьэ эрэ, манна кэлиҥ, туойан иһитиннэриҥ эрэ» диэн эҕэ-дьаҕа буолара, үөрэ көрсөрө. Уолаттар туойаллар. Кууһума астына истэн хайгыыра уонна «аныгыскыга эмиэ кэлээриҥ» диэн ыҥыран баран киинэ харчытын биэрэрэ.

Андрей быраатынаан үөрэ-көтө киинэ көрө ыстанара. Арыт баттах кырыттараары туойара. Ыал бас-көс, улахан оҕото Андрей олохтон туорааһына дьонноругар улахан охсууну оҥорбута. Аһыыларын үлэнэн аһарбыттара.

Быраата Саша

Проня кэнниттэн игирэ Саша уонна Шура төрөөбүттэр. Саша «Оскуола – производство – үрдүк үөрэх» девиһинэн Күүкэйгэ өр сыл сайын окко, кыһын хотоҥҥо ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Икки сыл авиационнай чааска сулууспалаабыта. Үчүгэйдик уруһуйдуур, буочара үчүгэй буолан чааһыгар писарьдаабыта, худуоһунньуктаабыта. Сорох уруһуйдара билигин да бааллар. Үчүгэй куоластаах эрээри сценаҕа ыллаабатаҕа.

Саша армияҕа сулууспалыыр сылларыгар.

Армияттан кэлэн баран Благовещенскайга баран художественнай училищеҕа туттарсан көрбүтэ да кыайан киирбэтэҕэ. Онон илиитин араарбакка, уоппуска диэни туһаммакка, сайын окко, кыһын фермаҕа 20-чэ сыл үлэлээбитэ. Ырыаны, музыканы сэҥээрэрэ, сөбүлүүрэ. Бастакы хамнаһынан гармошка атыылаһан, бэйэтэ баҕаран туран үөрэнэн, үчүгэйдик оонньуур буолбута.

Күһүн табаарыһа Василий Фёдоровтыын мотоциклынан хараҥаҕа айаннаан иһэн бырахтаран, инвалид буолбута.

Балта Шура

Шура оскуолатын бүтэрэн баран Күүкэйгэ 5-с сыл дояркалаабыта. Отделение, Ленин орденнаах «Элгээйи» совхоз бастыҥ доярката буолбута. Оройуоҥҥа биир бастакынан М.Е. Спиридонова кытта биир ынахтан 3000 кг үүтү ыан бастыҥ көрдөрүүнү  ситиспитэ.  Ол  туһунан «Күүкэй» диэн ахтыы кинигэтигэр үлэ, тыыл ветерана А.О. Фёдоров суруйбута.

Кыратыттан бэйэтин кыанар буолан спорка үгүс ситиһиилэммитэ. Оройуоҥҥа сүүрүүгэ элбэхтик чемпионнуура, бириистээх миэстэлэри ылара. Сунтаар оройуонун сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн республикаҕа ситиһиилээхтик кытталлара.

Шура кэргэнинээн.

Балта Шура уонна быраата Евгений оҕолорун кытары.

Сунтаардааҕы СПТУ-га овощевод идэтин баһылаан «Дорбойго» оҕуруот биригээдэтигэр өр сылларга ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.

М.И. Васильевка кэргэн тахсан 5 оҕоломмута. Сунтаарга олорон, ыалдьан олохтон эрдэ туораабыта.

Улахан кыыһа Настя үрдүк үөрэхтээх экономист. Буҕаалтырынан, кулууп директорынан үлэлээбитэ. Билигин Дьокуускай куоракка «Мои документы» тэрилтэҕэ специалиһынан үлэлиир.

Иккис кыыс Зоя Покровскайга медсестра. Кыра кыргыттар медиктэр. Ыал буолан, оҕолонон Дьокуускайга олороллор.

Быраата Евгений

Шура кэнниттэн кыра уол Евгений төрөөбүтэ. Оскуоланы бүтэрэн Күүкэйгэ рабочайдаабыта. 2 сыл армияҕа сулууспалаабыта. Армия кэнниттэн өр сыл Омскайга заводка рабочайдаабыта.

Аҕата ыалдьан суорҕан-тэллэх киһитэ буолбутугар, дойдутугар кэлэн кинини хас да сыл ыарыылаабыта. Хаһаайыстыбатыгар көмөлөһөн оттообута-мастаабыта. Кэлин сүөһүгэ, сылгыга фермерскэй хаһаайыстыба тэринэн үлэлиир.

Евгений кэргэнинээн, оҕолорунаан убайын, балта Машаны уонна саҥаһын кытары.

Кэргэннээх. Кыыс уонна уол оҕолордоох. Кыыһа Маша Мииринэй куоракка медик. Уола Кеша үрдүк үөрэхтээх горняк.

Барыбытын көрбүтэ-истибитэ

Бииргэ төрөөбүт убайым Прокопий Степанович ыал улахан оҕото буолан дьонугар көмөлөспүтэ. Биһигини барыбытын көрбүтэ-истибитэ, үөрэххэ сирдээбитэ. Атахпытыгар туран үлэһит дьон буоларбытыгар сүбэлээбитэ-амалаабыта. Күүс-көмө буолбута.

Миигин, кыра быраатын, 4-5 с кылааһы бүтэрбит киһини, батыһыннара сылдьан кыра булка (мас көтөрүгэр, куска) үөрэппитэ. Бастакы булдум куртуйах этэ.

Быраата Евгений.

Биһиги сайылыкка улааппыппыт. Абырҕал хомуйуута, оҕуһунан уу баһааһын (молохо сыарҕанан), дьоммутугар көмөлөһөн ньирэй аһатыыта, ынах хомуйуута, ол быыһыгар оттооһун биһиги үрдүбүтүнэн буолара. Оонньуур да бириэмэ суох курдуга. Сайылык үчүгэй да буолар этэ. Онон быһыылаах билигин да саас аайы, сибэкки ситиитэ, тахса сылдьабын.

Бииргэ төрөөбүт убайбар Прокопий Степановичка улахан махтал. Өссө да кыра бырааккар көмөлөһө сырыт.

Евгений АКИМОВ, бииргэ төрөөбүт быраата.

Күүкэй.

*  *  *

Балта Маша

Маша ыал кыра кыыһа. Оскуоланы бүтэрэн баран Дьокуускайга бэлэмнэнии курсугар үөрэммитэ. Быыһыгар республиканскай балыыһа лабораториятыгар үлэлээбитэ.

Дьокуускайдааҕы педагогическай училищены, СГУ-ну ситиһиилээхтик бүтэрэн учуутал идэтин ылбыта. Өймөкөөн оройуонун Үчүгэй орто оскуолатыгар учууталлаабыта, завучтаабыта.

Анатолий Иванович Карповка кэргэн тахсан кыыс уонна уол оҕолордоох. Кэргэнэ Анатолий механизатор. Дойдутугар олохтоох электростанцияҕа дизелистээбитэ. Оҕолорун үөрэттэрээри Дьокуускайга дьиэ туттан көһөн кэлбиттэрэ.

Билигин Мария сервис Дьокуускайдааҕы технологическай техникумугар преподавателинэн үлэлии сылдьар. Профессиональнай үөрэхтээһин бочуоттаах үлэһитэ, РФ үлэтин ветерана.

Анатолий пенсияҕа тахсан баран дойдутугар убайынаан сылгыга фермерскэй хаһаайыстыба тэриммитэ. Онон кэлэ-бара онно үлэлиир.

Уоллара Степа үрдүк үөрэхтээх инженер. Кэргэнэ онколог-врач. Икки оҕолоохтор. Бэйэтэ Дьокуускайга медцентрга лифтовой хаһаайыстыба отделын начальнига.

Кыыстара Айта үрдүк үөрэхтээх. Куораты тутуу уонна транспортнай инфраструктура департаменыгар үлэлиир. Кэргэн тахсан кыыс оҕолоох.

 

Убайым олоҕуттан, үлэтиттэн үөрэбит эрэ

Балта Маша кэргэнинээн.

Биһиги бииргэ төрөөбүттэр бэһиэбит (үс уол, икки кыыс). Үлэни өрө туппут Ленин орденнаах «Элгээйи сопхуос» үүнэрин-сайдарын туһугар күүстэрин-уохтарын харыстаабатах Сунтаар улууһун Күүкэй нэһилиэгэр олохсуйан олорбут Степан Максимович Акимов, Мария Иннокентьевна Еремеева дьиэ кэргэнигэр төрөөбүппүт.

Урукку оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын үлэни кытта дьүөрэлээн, сүүрэн-көтөн, көлүччэҕэ сөтүөлээн, күн уотугар күөлэһийэн күнүн барыыра. Кыра эрдэхпититтэн сайыҥҥы сынньалаҥмытыгар дьоммутун батыһан сайылыкка уолаттар бостуугунан, кыргыттар ньирэй көрсөн, окко үлэлээн оҕо сааспыт ааспыта. Дьоммут барахсаттар батыһыннара сылдьан үлэҕэ үөрэтэн-такайан, сүбэлээн-амалаан үөрэппиттэрэ билигин да туһалыы сылдьар, оҕолорбутугар сүбэ-ама буолабыт.

Ол курдук оскуола кэнниттэн ким үрдүк үөрэҕи, ким орто анал үөрэҕи бүтэрэн бары талбыт идэбитинэн ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьабыт.

Улахан убайбыт Прокопий Степанович армия кэнниттэн орто анал үөрэҕи бүтэрэн үлэтин биригэдьииринэн саҕалаабыта. Салгыы кэтэхтэн үрдэтинэн эдэр специалист быһыытынан сирдэрбэккэ араас салайар дуоһунастарга үлэлээбитэ. Кини үлэтигэр эппиэтинэстээх, ирдэбиллээх салайааччынан биллэр.

90-с сылларга ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр «Элгээйи» сопхуос эстибитэ, баайа үлэһиттэргэ үллэһиллибитэ. Убайым Элгээйи нэһилиэгэр «Элгээйитээҕи эт-үүт комбинатын» тэрийэн үлэлэппитинэн барбыта. Дойду үрдүнэн тэрилтэ бөҕө ыһыллыбыта, дьон бөҕө үлэтэ суох хаалбыта, хамнас сылы-сыллаан кэлбэт ыарахан кэмнэрэ үөскээбитэ. Бу маннык ыһыллыы кэмигэр Прокопий Степанович арыйбыт тэрилтэтэ элбэх киһини үлэнэн хааччыйбыта, хамнастаабыта. Олохтоохтортон эти-үүтү тутан, харчы төлөөн, оҥорон таһаарбыт бородууксуйатын атыыга таһааран дьон махталын ылыан ылбыта.

Убайбыт оҕо эрдэҕиттэн үлэ диэн баран муннукка ытаабыт киһи диэтэххэ туох да омун суох буолуо. Үлэлээтэ да үлэни бүтэрэн эрэ баран тэйэрин, хаачыстыбалаахтык кыһаллан оҥорорун, бэйэтигэр ирдэбилэ үрдүгүн бииргэ төрөөбүттэрэ бары билэбит.

Аймахпыт, сорсуннаах булчут Николай Семёнович Фёдоров (Хаппыы) дьоммор кэпсиирин өйдөөн хаалбыппын. Проня сайыҥҥы сынньалаҥар, ол саҕана улахан кылаас оҕолорун от звенотугар ыраах үрэх бастарынан ыытан сопхуоска оттотоллоро, звеноҕа үлэлиир дьон үлэ чааһын тутуһан, сөпкө бүтэн ходуһаттан тахсар эбиттэр. Кини ону сөбүлээбэккэ, хаалан хойукка диэри от охсон баран тахсара үһү.

Ону Николай Семёнович бу уол алыс сэниэтин эһиэ диэн сүбэлии сатыыр эбит. Дьонтон таһынан үлэлээмэ диэн. Итинник дьаныһан туран үлэлиирэ, үлэни кыайа-хото тутара айбыт аҕабытыттан Ыстахаанабыс Ыстапаантан да бэриллибит буолуохтаах.

Уопсайынан, убайдарым бары даҕаны (Саша, Евгений) от охсоллоругар суоллара киэҥэ, ырааһа миигин сөхтөрөрө. Хотуурдарын аҕаларын үөрэҕинэн таптайары сатыыллара, ол иһин охсоллоругар улаханнык илистибэттэрэ. Саша звеноҕа үлэлиир кэмигэр уолаттар хотуурдарын көрдөспүттэрин аккаастаммакка таптайталаан, ыксалынан аһаат, сынньана да түспэккэ ходуһаҕа ааһара.

Мин бииргэ төрөөбүттэртэн Проняны кытары, арааһа, саамай элбэхтик алтыспыт киһи буолуохтаахпын. Оҕо эрдэхпиттэн убайым миэхэ ордук болҕомто уурара. Баҕар саҥалаах-иҥэлээх, сытыы, кыра эрдэхпиттэн дьаһаллаах, хотумсук диирэ дуу? Эбэтэр ыал саамай кырата, атааҕа диирэ эбитэ дуу. Билбэтим, наар атаахтатар этэ. Ону-маны ыйыталаһан баран мин кэпсээммиттэн дэлби күлээччи. Студенныы сылдьан кэһиилээх кэлээччи. Үөрэнэ барарбар убайым барахсан арыаллаан Дьокуускай куоракка илдьибитэ, аймахтарбытын булларбыта, куораты көрдөрөрүн быыһыгар наар сүбэлээн тахсааччы. Дойдутугар көтөрүгэр сайыһан ытыы хаалбытым. Киһи да күлэр…

Аны студенныыр сылларбар «харчыга наадыйдаххына  срочнай  телеграммата ыытар буол», диирэ. Онон үөрэнэр кэмнэрбэр харчыга кыһарыттарар диэн кыһалҕаны билбэтэҕим. Оннооҕор ыал ийэтэ буолан баран дойдубар күүлэйдии кэлэ сылдьан харчы көрдөөтөхпүнэ үөрэ-көтө биэрэрэ.

Хоту олохсуйан олорон, арай, биир күн сурук туттум. Саҥаһым суруйбут. «Куоракка убайыҥ дьиэ тутунна, онно кэлэн олоруҥ, оҕолоргутун да үөрэттэриэ этигит уонна ийэҥ кырыйда, эйигин кытта олоруон баҕарар», – диэн. Мин үөрүү бөҕөтө! Кэргэним кэлбитигэр кэпсээн, дьоннорбутун кытта сүбэлэһэн барар буоллубут. Түргэнник хомунан куораттаан хааллыбыт. Ийэм барахсан тиийэн кэллэ, ахтыспыт дьон көрсүһэн, дьол үрдэ суох. Оҕолорум куоракка оскуолаҕа ситиһиилээхтик үөрэнэн, талбыт үрдүк үөрэхтэригэр киирэн, үлэһит буолан идэлэринэн үлэлии сылдьаллар.

Убайбар күүс-көмө буолбутугар махтанан, бэйэм үлэлээх да буолларбын, тэрилтэтин үлэтигэр көмөлөһөргө сананным. Таһаҕас ыытартан саҕалаан документацияҕа тиийэ. Тэрилтэлэр, министерстволар икки ардыларыгар бэрэстэбиитэл быһыытынан үлэлэспитим. Кыһыҥҥы туманнаах тымныыларга массыынанан, сайыҥҥы өҥүрүк куйааска баарсанан таһаҕаһы 20 тонналаах контейнердарга, баппатаҕын 3-5 тонналаахтарга симэн ыытар этибит. Ол тухары тэрилтэ харчытын экономиялаан биир да грузчигы ылбаппыт. Барытын кэргэмминээн иккиэйэҕин эрэ сүөкээн, тиэйэн, аһыырбытын, сылайарбытын да умнан үлэлиирбит. Таһаҕаспытын баарса тойонугар туттаран эрэ баран тыын ылан, уоскуйан дьиэлиирбит. Эдэр буолан тулустахпыт, ама да ааспытын иһин…

Олох сайдан сотовай телефон ылан биэрдэ, сибээстэһэргэ олус үчүгэй буолла. Тугу барытын түргэнник быһаарсарга, билсэргэ наадалаах тэрил эбит. Сотовай телефон ол саҕана киһи аайы суоҕа, автобуска звонок кэллэҕинэ дьон хайыһан көрөллөрө.

Дьэ, бу сотовай нөҥүө тохтоло суох саҥаттан саҥа сорудах кэлэр. Барытын истэн баран, сөп эрэ диигин. Биирдэ эмит аккаастыыр туһунан төбөҕөр да киирбэт. Арыт аһара ыгыллаҕын да буоллар толороргор тиийэҕин, эппиэтинэһэ да сүрдээх этэ.

Бииргэ төрөөбүттэр бары да сааһырыы боруогар үктэннибит. Дьон сиэринэн дьиэ-уот тэринэн олоробут, үлэлиибит, оҕо-уруу тэнитэн, сиэннэр тапталларыгар уйдаран дьол диэн тугун биллэхпит, билиэхпит да турдаҕа. Ийэлээх-аҕабыт үтүө ааттарын ааттата сылдьабыт, салгыы оҕолорбут ааттатыахтара диэн эрэнэбит.

Убайым билигин даҕаны үлэ үөһүгэр сылдьар. Кыргыттара улаатан тэҥҥэ тэрилтэни дьаһайсар тутаах үлэһит дьон буоллулар. Сиэннэрэ күннээҕи түбүктэрин дьолунан толороллор. Онтон биһиги, бииргэ төрөөбүттэрэ, үөрэбит эрэ.

Мария КАРПОВА (АКИМОВА), бииргэ төрөөбүт кыра балта,

СӨ орто анал үөрэхтээһинин туйгуна. РФ профессиональнай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ. РФ үлэтин ветерана.

*  *  *

 

Оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэстээх

Биһиги убайбыт Прокопий Степанович Акимов Күүкэйгэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Ол саҕана Күүкэй кыра да буоллар 4 кылаастаах оскуолалааҕа.

1967 сыллаахха Проня 5-с кылааска киирэригэр абаҕам Степан Максимович Акимов уолун атынан быраата Константин Михайлович Кузьмиҥҥа, Түбэй Дьаархаҥҥа, үөрэттэрэ аҕалбыта. Ол кэмҥэ Көстөкүүн эдьиийин оҕолорун Михаил Романович Молоткову уонна иитийэх кыыстара Елена Дмитриевна Сидорованы, тулаайах хаалбыттарын, иитэлии сылдьара. Бэйэтэ 3 оҕолооҕо. Элбэх оҕолоох дьиэ буола түспүттэрэ.

Ийэбит Мария Павловна Кузьмина өр кэмҥэ ыарытыйбыта. Эдьиийбит Татьяна Михайловна биһигини, элбэх оҕону, көрбүтэ-харайбыта. Кини биһигини кытта олороро. Үлэтин быыһыгар отделение осеменаторынан үлэлиирэ.

Проня манна оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр бастыҥ үөрэнээччи этэ. 7-с кылааһы бүтэрбитигэр соҕуруу барарга путёвка биэрбиттэрэ. Оскуола бастыҥ үөрэнээччилэрин ахсааннарыгар киирсэн Дьокуускай–Москва–Киев маршрутунан күүлэйдээн кэлбиттэрэ. Онтон 1971 сыллаахха 8-с кылааһы туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитэ. Салгыы Кутана орто оскуолатыгар үөрэнэ барбыта.

Мин кыра сылдьан саныырбынан саҥата суох уруогун эрэ ааҕан тахсара. Биирдэ ачаалаан дуу, хаппырыыстаан дуу тэтэрээтин хайа тарпытым. Хайа тардыбыт тэтэрээппин атын саҥа тэтэрээккэ саҥаттан устубута. Онно алдьатан эрэ баран наһаа хомойбутум. Суруйан бүтэрин кэтэспитим эрээри утуйбут этим. Буочара үчүгэйин наһаа сөҕөрүм. Кэлин аҕам «убайгар Борукуоппайга, эдьиийгэр Рииккэҕэ тиийбэккин, үөрэххэр кыһаммаккын» диирэ.

Балта Надя.

«Элгээйи» сопхуоска зоотехниктыы сылдьан хайаан да охсуллан, чэйдээн ааһара. Кэлин кэргэнинээн, оҕолорунаан кэллэхтэринэ мэлдьи кэтэһиилээх ыалдьыт буолаллара. Бырааттарбын үөрэттэрэн, тэрилтэтигэр үлэлэтэн күүс-көмө буолбута.

Мин дьиэбэр дьоммун кытары.

Прокопий Степанович оҕо эрдэҕиттэн туохха барытыгар эппиэтинэстээх. Кэлин үлэһит буолан баран ол хаачыстыбатын ыһыктыбатаҕа.

Ханна анаммыт сиригэр үрдүк эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар, туруоруммут соругун тиһэҕэр тиэрдэр, үлэтигэр бэриниилээх туруу үлэһит буолбута.

Оскуола кэнниттэн тыа хаһаайыстыбатын үөрэҕин бүтэрэн билиҥҥэ диэри эт-үүт, ас дэлэйэригэр сыратын уура сылдьар. Эт-үүт комбинатыгар өр кэмҥэ директорынан үлэлээтэ. Нэһилиэнньэ олоҕо тупсарын туһугар чааһынай дьон үүттэрин тутан нэһилиэк бюджетын хаҥата сылдьар.

Надежда КУЗЬМИНА, балта.

Түбэй Дьаархан.

*  *  *

 

Убайым аах дьоллоох ыаллар

Убайым аҕата Степан Максимович Акимов мин аҕабынаан тулаайах хаалан баран Көбүөх Көстөкүүҥҥэ иитиллэн улааппыттар. Онон Ыстапааны абаҕабыт диирбит.

Проня эдьиийим Капаны кытта бииргэ үөрэммитэ. Проня эдьиийбинээн куоракка эмиэ биир кэмҥэ үөрэммиттэрэ. Онон мэлдьи бииргэ алтыһан сылдьаллара.

Күүкэйгэ үөрэнэ сылдьан Проня концерка кыттар кылыһахтаах тойуксут этэ. Ол саҕана учууталбыт Дария Павловна кыра кылаастартан талан ылан тойукка, үҥкүүгэ үөрэтэрэ. Проня аҕатын батан туойуох быһыылаах этэ да, кэлин дьарыктаммакка тохтоон хаалбыта.

Абаҕабыт Ыстапаан, дьэ, туойан да, үҥкүү тылын этэн да дьэрэлитэн үчүгэй куоластааҕа. Убайбыт улахан дьиэ кэргэн саамай улаханнара буолан кыра эрдэҕиттэн дьоһуннаах, эппиэтинэстээх, мэлдьи тугу эрэ үлэлии сылдьар буолааччы.

Күүкэй алын сүһүөх оскуолатын бүтэрэн Түбэй Дьаархаҥҥа аймахтарыгар олорон үөрэммитэ. Ийэлээх аҕата фермаҕа үлэлиир буоланнар бырааттарын, балтыларын көрөр-истэр, дьиэни-уоту бэрийэр этэ. Ону таһынан улахан дьону кытта оттоон-мастаан туох да үлэттэн иҥнибэт, саллыбат буола улааппыта.

Балта Нина.

Мин аҕам оччолорго биригэдьиир. Оскуоланы бүтэрбитин кэннэ ферма араас үлэтигэр эрийбит. «Нэһиилэ көҥүллэтэн үөрэххэ барбытым» диэччи. Ол баран Дьокуускайга тыа хаһаайыстыбатын техникумугар, зоотехническай салааҕа, үөрэнэ киирбит. Онтун ситиһиилээхтик бүтэрэн кэлэн үлэтин Күндэйэҕэ биригэдьииринэн саҕалаабыт.

Бордоҥҥо, Арыылаахха үлэлээбит эдэр исписэлииһи Сунтаарга   киллэрбиттэр. РАПО-ҕа. Ол эрэ кэнниттэн дойдутугар, «Элгээйи» сопхуоска, кылаабынай зоотехнигынан таһаарбыттар. Туох да ааттаахтык үлэлии олордоҕуна сопхуос эстэн хаалбыт. Инньэ гынан Сунтаарга эт-үүт кэмбинээтин дириэктэрин солбуйааччытынан киирбит.

Мин саҥаһым Надежда Егоровналыын уонна Панфил Иннокентьевичтыын эбэбит кытыытыгар.

Убайбыт ханна да үлэлээтин эппит тылын толотторор, тиһэҕэр диэри хонтуруоллаһар, ирдэһэр хаачыстыбалаах. Үлэни сатаан таба тэрийэр, дьону кытта сөптөөхтүк кэпсэтэр, тылын ылыннарар, түмэр дьоҕурдаах.

«Элгээйи» сопхуос ыһыллыбытын да кэннэ бэйэтин тулуурунан, билиитинэн-көрүүтүнэн 30-тан тахса сыл Элгээйигэ эт-үүт кэмбинээтин тэрийбитэ. Үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээн дьон-сэргэ убаастабылын ылыан ылар. Тыа хаһаайыстыбатын салаата сайдарыгар улахан кылаатын киллэрбитин, дьоһуннаах үлэтин элбэх наҕараадалара туоһулууллар.

Убайым 1986 сыллаахха Надежда Егоровналыын дьоллорун холбоон ыал буолбута. Билигин икки кыыс оҕолонон, хас да сиэннэнэн дьоһун-мааны ыаллар. Кыргыттар үчүгэй иитиини ылан, үрдүк үөрэҕи бүтэрэн аҕаларын үлэтин салгыыллар. Кэргэннэнэн, сиэн бэлэхтээн убайдаах саҥаспытын эһэлээх эбээ оҥордулар. Онон үөрүүлэрэ үрдээн дьоллоох дьон.

Нина АКИМОВА, балта,

Үлэлээх буолуу федеральнай государственнай сулууспа департаменын бочуоттаах үлэһитэ, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына.

Дьокуускай.

*  *  *

 

Убайбын сөбүлүүбүн, киэн туттабын

Прокопий Степанович аҕата Степан Максимович Акимов уонна мин аҕам Панфил Иннокентьевич Акимов бырааттыылар. Онон биһиги бырааттыылар оҕолоробут. Убайбын кытта кэлин улаатан баран үчүгэйдик билсибитим.

Мин 1985 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын Благовещенскайдааҕы институтун бүтэрэн Сунтаардааҕы «Сельхозтехникаҕа» инженеринэн үлэлии кэлбитим. Бу кэмҥэ кини Сунтаарга РАПО-ҕа үлэлиир этэ. Иллэҥ кэммэр киниэхэ ыалдьыттыы барааччыбын. Мэлдьи элбэх кэпсээннээх буолааччы, үөрэ-көтө көрсөөччү.

Быраата Панфил.

Кэлин кэргэннэнэн уонна «Элгээйи» сопхуоска главнай зоотехнигынан ананан Элгээйигэ көспүтэ. Кини кэргэнэ Надежда Егоровна уонна мин кэргэним Люция Павловна үчүгэйдик билсэллэр. Сунтаарга 2-с нүөмэрдээх оскуолаҕа үлэлии сылдьыбыттара. Ыалынан мэлдьи сылдьыһабыт, ирэ-хоро кэпсэтэбит.

Убайым үлэтинэн Сунтаарга киирдэҕинэ мэлдьи сылдьара, чаайдаан ааһара. Кини кэллэҕинэ кыра кыыспыт Элгээйигэ барса сатааччы. Биирдэ Канадаҕа бара сылдьыбытын, омуктуу билбэт куһаҕанын кэпсээбитигэр: «Миигин илдьэ барыаххын, омуктуу «кэл-бар» диэни мин билэбин ээ», – диэн турар. Кыра-улахан диэн араарбакка тэҥнээхтэрин курдук кэпсэтэрин иһин оҕолор сөбүлүүллэр.

Кыра кыыһын кытары.

Дьиэ кэргэнин кытары.

Убайым ханнык да үлэттэн толлон турбат. Наар инники күөҥҥэ сылдьар. Эппит тылын уонна туруоруммут сыалын-соругун эбэһээт толорорун сөҕө саныыбын. Ол иһин убайбын сөбүлүүбүн, киэн туттабын.

Панфил АКИМОВ, быраата.

Дьокуускай.

*  *  *

 

ОЛОҔУН АРГЫҺА. КЫРГЫТТАРА – ЭРЭЛЛЭЭХ КЫНАТТАРА

Үлэни өрө туппут дьоммут

Кэргэнэ Надежда Егоровна оҕо сылдьан.

Хайа баҕарар сир бэйэтэ туһугар туох эмэ атыннаах, ураты тыыннаах буолар. Ол кини дьонугар-сэргэтигэр хайаан да биллэр. Ол иһин саха тугу эмэ быһаарсыан, айыан-тутуон иннинэ саҥа билсэр киһититтэн «кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын» ыйыталаһар идэлээх.

Биһиги дьиэ кэргэн баһылыга Прокопий Степанович Акимов 1956 сыллаахха Сунтаар оройуонун Күүкэйигэр төрөөбүт. Күүкэй барахсан төһө да кыра нэһилиэк буоллар бүтүн республика киэн туттар салайааччылара, учуонайдар, чулуу үлэһиттэр төрөөн-үөскээн ааспыт сирдэрэ.

Степан Максимович Акимов уонна Мария Иннокентьевна Еремеева эмиэ холкуос, сопхуос үлэтиттэн илиилэрин араарбатах дьон. Степан Максимович республикаҕа биир бастакынан стахановец үрдүк аатын ылбыт, 1935 с. Дьокуускайга буолбут стахановецтар слёттарыгар сатыы баран кыттыыны ылбыт, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр бастакы хомуурга ыҥырыллыбыт, уоттаах сэриигэ фашистскай Германия киин куората Берлиҥҥэ тиийэ хорсуннук сэриилэспит, кыайыы көтөллөнөн 1946 сыллаахха дойдутугар эргиллэн кэлбит саллаат. Кэлээт да дойдутун олоҕун тупсарыыга биир күн өрөөбөккө, сынньана түспэккэ үлэни эрэ өрө туппут киһи этэ.

Оттон Мария Иннокентьевна холкуоска ыанньыксытынан, онтон сопхуоска араас үлэлэригэр оҕолорун, дьиэтин-уотун көрө-көрө, пенсияҕа тахсыар диэри, сылдьыбыта. Бу ыал нус-хас олохторунан, оҕолорун бэрээдэктэринэн Күүкэйгэ бастыҥнар ортолоругар сылдьыбыттар. Ону 1981 сыл тохсунньу 8 күнүгэр народнай депутаттар Кутанатааҕы сельскэй Советын исполкома «Семья образцового общественного порядка, высокой дисциплины и культуры» ааты иҥэрбитэ туоһулуур.

Холобур буолар ыал туоһута.

Биһиги Пронялыын кини РАПО-ҕа зоотехниктыы, мин Сунтаар 2-с №-дээх орто оскуолатыгар учууталлыы сылдьан билсибиппит. Онтон сыл курдугунан, 1986 сыллаахха, ыал буолбуппут.

Билсэ сылдьан түспүт бастакы хаартыскабыт.

Оттон бу 38 сыл буолан баран.

Ити сыл партия райкомун бюротун уурааҕынан кэргэммин Ленин орденнаах «Элгээйи» сопхуоска главнай зоотехнигынан анаан ыыппыттара. Кутаналыыр трасса аттыгар, бөһүөлэккэ саамай бүтэһик турар саҥа түөрт квартиралаах дьиэҕэ олохтоотулар. Оһохпутун оппуохалаан, түннүкпүтүн ханаппаакыланан, муостабытын кырааскаланан саҥа ыаллар саҥа дьиэлэнэ түстүбүт.

Аны кыһын саҕаланыыта бастакы кыыспыт, Наташабыт, төрөөтө. Мин оҕобун көрөбүн, урут сылдьыбатах сирим буолан билэр-көрөр дьонум да суох. Проня куруук үлэтигэр. Оҕом утуйбутун кэннэ таһырдьа тахсан, кэргэммин күүтэн мотоцикл тыаһын иһиллии сатыыбын. Олох хойукка диэри үлэлиир. Тыа хаһаайыстыбатын үлэтэ эриирдээҕин-мускуурдааҕын онтон билэн барбытым.

Онтон икки сылынан иккис кыыспыт Надябыт төрүүр. Оҕолорум борбуйдарын көтөҕөөт да уһуйааҥҥа барбыттара. Иккиэн олус иллээхтик, тэҥҥэ улааттылар. Мин кырам 2-тин туолаатын кытта Элгээйи авторскай начаалынай оскуолатыгар учууталынан киирдим уонна пенсияҕа тахсыахпар диэри үлэлээтим.

Наташа Акимова 8 ыйдааҕар а5атын кыһыл маскыбыыһыгар.

 

Наташалаах Надя уһуйааҥҥа.

 

Сунтаар ыһыа5ар, 1989 с.

Мин да, аҕабыт да куруук үлэҕэ буолабыт. Оҕолор бэйэлэрэ дьиэни-уоту көрөн-истэн, бэйэлэрин бэйэлэрэ көрүнэн, үөрэнэн улааппыттара. Иккиэн СГУ финансовай-экономическай факультетын бүтэрэн экономист идэлээхтэр. Аҕалара олох кыра эрдэхтэриттэн «экономист идэтин ылан дойдугутугар бэйэҕит тэрилтэҕитигэр кэлэн үлэлиэхтээххит» диэн такайбыта. Кыра  кылааска  үөрэнэр  кыргыттарын Дьокуускайга сиэтэ сылдьан СГУ-ну көрдөрөр, кэпсиир этэ. Онон оҕолорбут туох да саарааһына суох идэлэрин талбыттара. «Папа эппитэ куруук сөп буолар» дэһэллэр, күлэ-күлэ.

Аҕабыт дьонун-сэргэтин утумнаан туруу үлэһит, бэйэтин дойдутун дьиҥнээх патриота, сымыйалыыр-албынныыр диэни билбэт, хайдах да статустаах киһиэхэ биир тэҥник сыһыаннаһар, оҕунан ыппыт курдук көнө сүрүннээх киһи.

Бары өттүнэн сайдыылаах, билиитэ-көрүүтэ киэҥэ кими баҕарар сөхтөрөр. Дойдутун историятын, араас былыргы номохторун, күүстээх, талааннаах, интэриэһинэй дьоннорун, гражданскай, Аҕа дойду Улуу сэриитин, репрессия араас ымпыктарын-чымпыктарын, биллэр салайааччылар олохторун, үлэлэрин-хамнастарын туһунан интэриэһиргээн баай бибилиотека мунньуммута.

Киһи быһыытынан боростуойа, ыалдьытымсаҕа бөҕө. Онон кыргыттара эмиэ эйэҕэс, сайаҕас дьон буоллулар. Оскуола, студент кэмнэригэр сүүрүүнэн дьарыктаммыта, республика күрэхтэһиилэригэр бириистээх миэстэлэри ылаттаабыта, үчүгэйдик хайыһардыыра. Билигин да биир да күнү көтүппэккэ сарсыарда аайы зарядка оҥорор.

Оҕолорун олус таптыыр. Хаһан да ымманыйа, көмүскэһэ сылдьыбатар да оҕолор аҕаларын суон хаххатын билэн улааттылар. Кыраларыттан батыһыннартыы сылдьан үлэҕэ үөрэтэлээбитэ. Оскуолаҕа киирэ да иликтэринэ дьиэ кэргэнинэн оттуур этибит. Биир биэлээхпит Күүкэйгэ быраата Евгенийга турбута. Анаммыт сирбит суох. Онон ордубут, быраҕыллыбыт сирдэри кэрийэбит. Хата инньэ гынан Күүкэйинэн, Саһар үрэҕинэн, Арыылааҕынан, Хоту Мундунан от бөҕөтүн оттуубут. Сэттэ түгэххэ тиийэ туруорар этибит. Оҕолор кыра буолан соччо көмөлөрө суоҕа. Ол да буоллар ийэлээх аҕалара үлэлииллэрин көрө үөрэммиттэрэ. Онтон арыый улаатан баран, 5-6 кылааска үөрэнэ сылдьан, УАЗ массыыналарыгар ат харбыырын холбоон бүтүн сыһыыны мунньар дьон буолбуттара. Биирдэрэ массыынатын ыытар, иккистэрэ мунньарын аһар, сабар. Ол сылдьан иккиэн массыына ыыта үөрэннилэр. Ону барытын аҕабыт дьаһайар.

Оҕолор кыраларыттан массыына ыытар буолан бэйэлэрэ абыраннылар. Владивосток куораттан массыына перегоннаан аҕалынар дьон буоллулар. Аны оҕолор хороччу улаатан эрдэхтэриттэн саһааммытын бэйэбит бэлэмнэнэбит. Оҕолорбутун илдьэ сылдьабыт. Хаарга батары түһэн хаалан баран мэниктии-мэниктии мутук хомуйан элэҥнэһэллэрэ билигин да харахпар көстөр курдук.

Үс уопсай дьиэҕэ олоро сылдьыбыппыт. Онтон бэйэбит дьиэ туттарга сананныбыт. Элгээйи хабайар хаба ортотугар быраҕыллыбыт эргэ дьиэлээх уһаайбаны атыылаһан ыллыбыт. Аны учаастакпытыгар хас да эргэ тутуулар, хотоннор баар эбиттэр. Кураанах турбут дьиэни иһэр-аһыыр сир оҥостубуттар. Аана кыайан сабыллыбат гына бөх, олбуору биир гына бытыылка, өстүөкүлэ.

Борокуоппай ону барытын собус-соҕотоҕун ыраастаан, свалкаҕа таһан кэбистэ. Уһаайбабытын ып-ыраас оҥордубут. Уһуйаан, балыыһа, оскуола таһа. Уһаайба бэрдэ буола түстэ. Дьиэбитин холлоҕоһун тутуу биригээдэтигэр туттаран баран иһин Проня бэйэтэ оҥорбута.

Аны уоппуска биэрбэттэр, үлэ чааһын кэннэ оҕолорбутун батыһыннаран кэлэн үлэлиибит. Билиҥҥи курдук станок арааһа, эҥин эгэлгэ матырыйаал суох. Иккис этээс курдук балконун көннөрү сүгэнэн суоран оһуордаах перила оҥорбута аһара үчүгэйдик көстөр. Миэбэлбит суох. Ону фанераны, вагонканы холбуу тутан 4 м усталаах прихожка оҥорбута. Таҥас ыйыыр гардеробтаах, сирэй суунардаах, мал уурар ыскааптардаах, онто барыта сабыллар ааннаах. 30-тан тахса сыл турда. Билигин да киһи сирбэт, сулууспалыы турар.

Мин бэйэм Сунтаар сэлиэнньэтигэр төрөөбүтүм, улааппытым. Аҕам Егор Семёнович Иванов Амакинскай экспедицияҕа оробуочайдаан алмаас хостооһунугар кылаатын киллэрсибитэ. Онтон 1955 сылтан Сунтаарга МТС-ка, онтон аата уларыйан РТС-ка, «Сельхозтехникаҕа» ханна да халбаҥнаабакка токарынан, автослесарынан үлэлээбитэ.

Аҕам Егор Семёновиһы кытары.

«Бочуот знага», «Үлэ Кыһыл знамята» орденнар кавалердара этэ. Эмиэ үлэттэн атыҥҥа аралдьыйбатах, били этэргэ дылы мастерскойун иккис дьиэ оҥостубут киһи этэ. Ийэм сельпоҕа, райпотребсоюзка пенсияҕа тахсыар диэри бухгалтердаабыта. Онон мин эмиэ үлэни, үлэһит киһини өрө тутан улааппытым. Кэргэним үлэтигэр-хамнаһыгар кыралаан көмөлөһөбүн.

Биһиги кыргыттарбыт – биһиги кынаттарбыт.

Кыргыттарбытын, сиэннэрбитин кытары.

Кыргыттарбыт билигин туспа ыаллар. Наташа ЭММК-ҕа главнай бухгалтер, Надя Дьокуускайга бизнеһинэн дьарыктанар.

Кыргыттарбыт – дьыалабытын салҕааччыларбыт.

Түөрт сиэннээхпит, өссө да элбээн иһиэхтэрэ, хос сиэннэр кэлиэхтэрэ. Борокуоппай биһикки утуммут салҕанан баран иһиэ диэн испитигэр сэмэйдик үөрэбит.

Надежда АКИМОВА, кэргэнэ.

Элгээйи.

*  *  *

 

Бар дьонун туһугар дириҥ бэриниилээх санаалаах, төлөннөөх итии иэйиилээх киһи – ол буолуохтаах саамай күүстээх, саамай баай, саамай көҥүл киһи.

Суорун Омоллоон.

 

Бастыҥ аҕалаах дьоллоох дьоммут

Үтүөнү өйдүүр, кэрэни кэрэхсиир көлүөнэ үрдүк аналга тиксэр дьылҕалаах. Төрүттэр олорбут олохторунан, кинилэр киэҥ сурахтарынан киэн туттар омук баараҕай мас курдук лаглайа үүнэр. Киһи бэйэтин эрэ туһугар буолбакка ыччатын, дьонун-сэргэтин, төрөөбүт дойдутун тустарыгар, кинилэр ааттара-суоллара мэлдьи сураҕыра, үрдүү, сайда туралларыгар олорор. Ол иһин бэйэтин төрдүн-ууһун билэ-көрө сатыахтаах, тугу билбитин үллэстиэхтээх.

Ити сиэринэн аҕабыт Прокопий Степанович Акимов туһунан кинигэ бэлэмнэнэр. Манна кини аймах-билэ, үлэтинэн алтыспыт дьоно, доҕотторо, үөлээннээхтэрэ үксүн үлэтин-хамнаһын туһунан ахталлар. Онон мин, улахан кыыһа Наталья Прокопьевна, кинини арыый атын өттүттэн арыйарга холонуом.

Удьуор утум салҕанан барарыгар, өбүгэ үгэстэрэ үйэтитиллэ туралларыгар аҕа оруола суураллыбат суолталаах. Биһиги аҕабыт норуот олоҕун укулаатын этигэр-хааныгар иҥэринэн дьиэ кэргэнигэр дурда-хахха, булааччы-талааччы буолан нус-хас, дьоһун олоҕу түстээн, бэйэтин холобурунан ыччатын олоххо уһуйар, кэскилин тэнитэр үрдүк аналын толорон, ийэбитинээн ыал буолан, алаһа дьиэ тэринэн быр-бааччы олорбуттара 38-с хаара.

Ийэбит Надежда Егоровна Акимова (Иванова) Сунтаар бэйэтиттэн төрүттээх. Аҕата Егор Семёнович Иванов алмаас көрдөөһүнүгэр Амакинскай экспедицияҕа сылдьыбыта. Сунтаарга автослесарынан үйэтин тухары МТС-ка (кэлин РТС, «Сельхозтехника» диэн буолбута) үлэлээбитэ. Сатыыра бэрт буолан Мииринэй куорат автобазатын нууччалара, Бүлүү бөлөх улуустарыттан идэлээх дьон техникаларын, мотуордарын оҥотторо анаан-минээн кэлэр эбиттэр. «Үлэ Кыһыл знамята», «Бочуот Знага» уордьаннар кавалердара. «Волга» массыынанан наҕараадаламмыт матарыыс.

Ийэтэ Мария Ефремовна Иванова сельпо (кэлин райпотребсоюз) бухгалтериятыгар олоҕун анаабыт киһи. 4 оҕону үөрэхтээн, үлэһит, ыал оҥортоон кэскиллэрин түстээбит, үлэ бөҕөтүн үлэлээн чиэскэ, бочуокка тиксибит ытыктанар ыал.

Биһиги ийэбит эмиэ ыал улахан оҕото. Үйэтин тухары талан ылбыт идэтинэн – начаалынай оскуола учууталынан үлэлээн, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан билигин дьиэтин-уотун бэрийэр, сиэннэрин көрсөр. Хара ньуура суох үлэһит киһи олоҕун аргыһа буолар эмиэ туспа анал.

Туманнаах Альбиоҥҥа үөрэнэ сылдьан.

Оҕолоро, балтым Надялыын, иккиэбит. Ол саҕана СГУ финансовай-экономическай институтун бүтэрэн, аҕабыт Лондоҥҥа тиийэ хотунан-соҕуруунан үөрэттэрэн, кини туйаҕын хатаран, тыа хаһаайыстыбатын, урбаан эйгэтигэр үлэлии-хамсыы сылдьабыт.

Бииргэ үөрэммит оҕолорбунуун.

Былыргы сахалар үөрэхтэрэ аан маҥнай бэйэҥ үтүө, киһи киһитэ буоллаххына, оҕоҥ эйигин үтүктэн үчүгэй киһи буолар диэн этэр. Ол иһин киһи хайдаҕын, тугун билээри хайаан да кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын ыйыталаһаллар.

Инньэ диир эбит буоллаххытына, биһиги аҕабыт күннээх Күүкэйгэ устар олохторун тухары үлэни өрө тутан, төрөөбүт буордарын таптаан, олоҕу уруйдаан-айхаллаан, кыайыгастарынан, сатабылларынан, үтүө майгыларынан номоххо киирбит Акимовтар дьиэ кэргэннэрин улахан уоллара буолар.

Эһэм Степан Максимович Акимов анараа дойдуга мин кырабар аттаммыт буолан кини туһунан биир эрэ түгэн өйбөр хатаммыт. Мин 6 эҥин саастаахпар, ол аата кини онно 78 сааһыгар, суорҕан-тэллэх киһитэ буола сытан, биһиги кэлбиппитигэр өйөтөн-убатан туран остуолга чэй иһиспитэ. Төһө да сэрии толоонугар ылбыт эчэйиилэриттэн, ыарахан үлэттэн эмэх буолан сыттар санаата ыстааллыы бөҕөх, холку этэ.

Эбэм Мария Иннокентьевна уһун остуолугар хойуу мииннээх, сахалыы лэппиэскэлээх, үрүҥ астаах, ырбаахытын сиэбигэр толору таас хампыаттаах буолара. Ыалдьытымсах буолан, дьиэлэригэр сэһэргэһэ киирбит оҕонньор-эмээхсин итии чэй сыпсырыйа, оһох иннигэр табах тардан бусхата олорор буолаллара.

Аҕабыт оскуола, армия, үөрэх, үлэ кэмнэриттэн биһиэхэ умсугутуулаахтык кэпсиир. Дьонун-сэргэтин, доҕотторун, урут-хойут үлэтинэн алтыһа сылдьар дьонун тустарынан үгүһү ахтар. Кинилэр сатабылларын, билиилэрин, ситиһиилэрин астынар, холобур туруорар. Киһи киһиттэн үөрэнэр диэн мэлдьи этэр. Дьону, тулалыыр эйгэни, үлэни таптыырга, ытыктыырга көҕүлүүр.

Аҥардас тылынан буолбакка, илэ көстөр дьыаланан сир-уот, от-мас, кыыл- сүөл барыта көрөр-истэр иччилээх, кинилэри уйгуурдар, хомотор, кэлэтэр түктэри быһыы буоларын бэрт кырабытыттан өйдөппүтэ. Айылҕа алыбын этигэр-хааныгар иҥэриммит киһи быһыытынан ыраас санаалаах, көнө майгылаах.

Кыргыттарбын кытары.

Киһи киһини убаастыыра, эрэнэрэ-итэҕэйэрэ, болҕойоро-өйдүүрэ – киниттэн. Тобулугас, ырытар-ырыҥалыыр өркөн өйө, дохсун санаата, сиэрдээх быһыыта, биир бигэ тыла, халбаҥнаабат туруга биһиэхэ дьиҥнээх эр киһи уобараһа буолар. Кини саҥарбыта-эппитэ барыта туспа ыйааһыннаах, бигэ, олохтоох.

«Сонуну, урут суоҕу айыы, толкуйдааһын, суруйуу мэлдьитин да эндиэлээх – дьон ону өйдүү охсубаттар» диэн Далан тылларынан аҕам инникини өтө көрөр дьикти дьоҕурун бэлиэтиэхпин баҕарабын. Бэйэтин иһиллэнэн ылыммыт быһаарыныыларын төрүөттэрэ 10-ча сылынан көстөрүн, көрүүлэрэ кэлиэхтээх кэми кытта сиэттиһэ сылдьалларын, иччилээх түүллэрин эт мэйиибинэн быһаарар кыаҕым суох буолан, баары баар эрэ диибин. Бу киһи ахсын бэриллибэт дьоҕура үлэтиттэн-хамнаһыттан да ырылыччы көстөр.

Кинигэ кини олоҕор уон ордук суолталаах. Үлэттэн сынньалаҥар мэлдьи хаһыат, кинигэ тутуурдаах буолар. Историяны, биографиялары интэриэһиргиир, дьиэтээҕи библиотека тэринэр. Кинигэни ааҕыы суолтатын өйдөөбөт, ааҕыы киһи сайдыытыгар оруолун сыаналаабат киһи бу кинигэни ааҕааччылар истэригэр суоҕа буолуо. Сүҥкэн буоллаҕа.

Кыра оҕолору үлэ быыһыгар батыһыннара сылдьыы эмиэ туспа үлэ, бадьыыс. Дьиэ ис-тас үлэтигэр, тыаҕа, балыкка, тэрилтэтин үлэтигэр, айаҥҥа о.д.а. мэлдьи бэйэтин кытта ылан барытын көрдөрө, үөрэтэ, быһаара сылдьар. Ол курдук, начаалынай кылаас үөрэнээччилэрэ эрдэхпититтэн «тентовай» УАЗ массыынаны ыыттаран саҕалаабыта. Олбоххо эбии сыттык ууран олорон уруул иһинэн суолу көрөр дьон этибит.

«Суоппар массыынатын көрүнэр, оҥостор буолуохтаах» диирэ. Инньэ гынан уутун-хаарын көрүнэбит, көлүөһэбитин уларыттабыт, кыралаан өрөмүөннэнэбит.

«Массыына киһи курдук тыыннаах, хайдах сыһыаннаһаҕын да бэйэҕэр оннук сулууспалыыр» диэн көрүүлээх. «Көрүнэ, тардына, сууйа-сото сырыттаххына кини эйиэхэ айаҥҥа эрэллээх доҕор буолар» диэн этэр. Техникаларын барыларын бэйэтэ көрөн-истэн өр сылларга сүүрдэр. Кыһыл оҕо эрдэхпинэ ылыммыт «Москвич» массыыната мин, арааһа, 2-с курс устудьуона буолуохпар диэри сулууспалаабыта.

Маннык ырыта олордоххо аҕабыт туһунан үгүһү суруйуохха сөп курдук. Ол эрээри оннооҕор мин, төрөппүт оҕото, 16 сыл кини салайыытынан үлэлии сылдьар киһи, кини олоҕун устатыгар төһөлөөҕү уйбутун билбэппин, үөрэхтэрин ситэ өйдөөбөппүн, масштаб личности (нууччалыыбын) толору сыаналыыр кыаҕым суох.

Борбуйун уйунуоҕуттан төһөлөөх элбэх киһиэхэ күүс-көмө, сүбэ-ама, тирэх, сирдиир сулус буолбута буолуой?! Киһи ааҕан сиппэт. Бар дьонун махтала, дойдутугар үгүс үтүөтэ алгыс буолан кутуллан киниэхэ, хаһаайыстыбаннай салайааччы үгүс түбүктээх үлэтигэр күүс-күдэх эбэр, кынат буолар.

Бу үөһэ суруллубут барыта түмүллэн биһиги сүрэхпитигэр, өйбүтүгэр-санаабытыгар тылынан кыайан этиллибэт ытыктабылы, махталы, тапталы саҕар. Бастыҥ аҕалаах буоламмыт дьоллоох дьоммут.

Наталья АКИМОВА, улахан кыыһа,

«Элгээйитээҕи эт-үүт кэмбинээтэ» ХЭТ кылаабынай буҕаалтыра, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна.

Сунтаар.

*  *  *

 

Аҕабар ордук чугаспын. Кыралара буолан

Биһиги бииргэ төрөөбүттэр иккиэбит, мин кыра кыыстарабын.

Кэргэним Алексей Семёнович Нестеров Бүлүүттэн төрүттээх. УФСИН-ҥа кадр отделыгар үлэлиир. Уоллаах  кыыс  оҕолоохпут.  Кыыспыт Алёна. Алёша уонна Надя диэн ааттарбытыттан таһаарбыппыт. Улахаммыт – уолбут. Кини эһэтин аатынан Проня буолбута. Оҕолорбут иккиэн биир күн төрөөбүттэрэ, үс сыл араастаһан.

Кэргэммин уонна оҕолорбун кытары.

Мин тэрилтэбит куорат өттүнээҕи дьыалаларынан дьарыгырабын. Ол аата манна кондитерскай сыаҕы салайан үлэлэтэбин.

Кыра кыыстара буоламмын аҕабар ордук чугаспын. Бэлиэр туспа ыал да буолларбыт аҕам билиҥҥээҥҥэ диэри биһиги туспутугар кыһаллар, куруук сүбэ-ама биэрэр. Ол иһин ини кэргэним туох эмит боппуруос турдаҕына: «Аҕаҕыттан эрийэн ыйыт, кини барытын билэр дии», – диир.

Куруук хайдах барытын билэрий диэн сөҕөбүн. Кини эппитэ наар сөп буолан иһэр. Уопута, көрбүтэ-истибитэ элбэҕэ бэрт буолаахтыа.

Оҕо сааспын саамай үчүгэй кэмнэрбинэн ааҕабын. Дьонум дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтээбиттэригэр махтанабын.

Аҕам биһиэхэ, оҕолоругар, үчүгэй олоҕу баҕаран сарсыарда күн тахса илигинэ үлэтигэр барара. Киэһэ утуйар чааска биирдэ кэлэрэ, куруук үлэ үөһүгэр сылдьааччы. Новосибирскайга, Дьокуускайга таһаҕас ыла бэйэтэ барааччы уонна дьэ, үс коммерческай суумка кэһии аҕалара. Оо, дьол диэн ол буолара! Араас көрбөтөх да, истибэтэх да оонньуурдарбытын аҕалан мин эдьиийбинээн түүннэри оонньуур этим.

Өрөбүл күнү наһаа сөбүлээччибин. Тоҕо диэтэр дьиэ кэргэнинэн бары мустар күммүт этэ. Эдьиийим 5-с кылааска Сунтаарга лицейгэ үөрэнэ киирбит буолан хас өрөбүл аайы суоппар Сунтаартан таһаарар этэ. Сарсыарда бурдук ас буспут сытыттан уһуктааччыбыт. Эдьиийбинээн саалга сүүрэн тиийэн, «Дисней» мультигын көрө-көрө, итии бэрэски сии-сии, өр да өр таҥнааччыбыт.

Кыра эрдэхпититтэн аҕабыт үлэттэн толлубат буоларга үөрэппитэ. «Үлэһит киһи охтон, түһэн биэрбэт» диэн тыллаах буолааччы. Бэл диэтэр 12 сааспар механика массыынаны ыытарга үөрэппитэ. Онон 16 сааспыттан Сунтаарга таһаҕас таһан көмөлөспүтүм. Итинник сылдьан 18 сааспар, тута бастакы сырыыбар, массыына ыытар быраапка экзамен туттарбытым.

Ийэлээх аҕабын уонна эдьиийбин кытары Сунтаар ыһыаҕар сылдьабыт.

Сайын аайы от оттуурбут. Эдьиийбинээн «УАЗик» массыынанан от мунньааччыбыт. Илиибит чэрдийиэр диэри от харбыырбын өйдүүбүн. Онно отуубут аттыгар дьэдьэннээх сир баара, сынньалаҥҥа ону баран хомуйарбыт. Улахан маска «шалаш» туттан, дьиэбититтэн аҕалбыт түннүк түүлүн иилэн, дьиэ курдук оҥостон ыаллаһан оонньооччубут. Улаатан баран саныыр этим, сүөһүтэ суох эрээри тоҕо оттуур буоллахпытый диэн. Кэлин өйдөөбүтүм биһигини үлэһит дьон буола улаатыннар диэн төрөппүттэрбит оттуур эбиттэр.

Сир аһын арааһын хомуйууга сылдьааччыбыт. Ийэбит барыанньа бөҕөтүн буһарар. Сааһын саһаанныы барабыт. Аҕабыт мас суулларар, биһиги эдьиийбинээн, ийэбитинээн лабааларын хомуйабыт, сааһылыыбыт,  туруорабыт.  Киэҥ буолаҕа уонна дьиэбит таһыгар хортуоска олордобут, теплица харайабыт.

Биһиги дьиэ кэргэн ийэлээх аҕабытын кытта.

Биһиги иккиэн кыргыттар буоламмыт уол үлэтин барытын толорорбут. Мас хайытан, сааһылаан, киллэрэн оһох оттон, муус муустаһан, киллэрэн. Аҕабыт саанан сыал ыттарар, балыктыыбыт. Дэриэбинэ киинигэр олорор буолан мас киллэрэрбэр кыбыстарбын өйдүүбүн. Олбуор быыһынан уулуссаҕа ким да суох буоларын көрөн баран тахсааччыбын. Ол саҕана саһаан олбуор таһыгар сааһыланар этэ.

Аҕабар массыына оҥосторугар көмөлөһөөччүбүн. Мөҕүллэн да турдахпына көҥүлүм этэ. Эппит күлүүһүн була охсон биэрбэккэ. Куруук үлэ үөһүгэр сылдьыбыт буолан билигин туохтан да толлон турбаппын. Чахчы киһи сатаабатаҕа суох, киһини үлэ киэргэтэр.

Дьүөгэм Роза эбэтэ Розалия Дмитриевна аҕам тэрилтэтигэр кондитерынан өр сылларга үлэлээбитэ. Инньэ гынан Розалыын кондитерскай сыахха баран илии-атах буолааччыбыт. Маслоцехха сайын аайы баран эмиэ көмөлөһөөччүбүн.

Сайын дьүөгэлэрбин кытта велосипедынан хатааһылыыр этибит. Онно «булгуччу 21:00 чааска дьиэҕэр баар буолуохтааххын» дииллэрэ. Оннук быраабылалаах этибит. Биирдэ 21 чаас 15 мүн. кэлбиппэр дьонум мөхпүттэрэ. Оҕону итинник үлэҕэ, болдьоммут бириэмэни тутуһарга үөрэтэр сөп эбит.

Аҕам сатаабатаҕа диэн суох. Ылсыбытын бүтэрэн баран биирдэ тэйэр киһи. Сүрдээх эппиэтинэстээх уонна дьонтон эмиэ оннугу ирдиир.

Кыра эрдэхпитинэ Күүкэйгэ массыынанан айаннаан иһэн тохтообуппутугар атаах куоскабыт тыаҕа куотан хаалбытын, ыккый ойуур быыһыттан булан кэлбитин өйдүүбүн. Онон аҕабын «супергерой» курдук көрөр этим.

Аны ис-иһиттэн сүрдээх ыраас. Төһө да түүннэри үлэлээн, сылайан кэллэр кэтэ сылдьыбыт таҥаһын таһырдьа таһааран тэбиир идэлээх. Ама, наскыта сиргэ сытыа дуо, барытын сааһылаан ыйааччы.

Ыал ийэтэ буолан баран дьонум сүбэлэрин-амаларын, хайдах курдук биһиги туспутугар кыһаллалларын ордук өйдүүр, истэр буоллум. Аҕам билбэтэ диэн суох. Оннооҕор урут, балыыһаҕа сыттахпына, ханнык эмтэринэн эмтэниэхтээхпин кэпсээбитин быраас дьахтар истэн, палаатабар киирэн: «Ити аҕаҥ быраас дуо? Эмтэри барытын билэр дии», – диэн сөхпүтүн өйдүүбүн.

Айан суолугар бензиним бүтэн олорон хаалбыппар өр буолбакка канистраҕа бензиннээх элээрдэн кэлбитин өйдүүбүн. Суолга туох эмит буолар түгэнигэр «массыыналары тохтотон дуу, телефоннаан дуу ханнык километрга алдьаммыккын биллэриэхтээххин» диэччи. Устудьуоннуу сылдьан эдьиийбин кытары каникулга таксинан Элгээйилээн иһэн хаста да алдьанан, аны суолга моһуогурбут массыыналарга чугас сытар дэриэбинэттэн сапчаас аҕалан көмөлөһөн, Сунтаарбытын үс күнүнэн булбуттаахпыт.

Арай Сиэйэ диэки трассаҕа массыына уота чыпчыҥныыр, ким эрэ тохтотоору далбаатыыр. Көрбүппүт долгуйбут аҕабыт утары кэлэн турар эбит. Ханнык таксиһынан айаннаан иһэрбитин билэн, хас чааска ханнык дэриэбинэни ааспыппытын барытын ыйыта олорбут эбит. Оҕолоро үөрбүт-көппүт сирэйдэрин көрөн, аҕам барахсан сирэйэ сымнаан, уоскуйан хаалла. Билигин бэйэм ийэ буолан баран биирдэ өйдүүбүн, төһөлөөх ол үс күнү быһа дьоммут долгуйан утуйбакка, телефонтан түспэккэ сылдьыбыттарын.

Кэлин билбиппит МЧС вертолётун кэпсэтэн, хас эрэ чааска диэри кэлбэтэхпитинэ айаннаары бэлэм турбуттар. Итинник аҕалаах буолан мин билиҥҥээҥҥэ диэри туохтан да куттаммаппын. Куруук харысхаллаах курдук сананабын.

Аҕам үлэ үөһүгэр сылдьар киһи урбаан, тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар, нууччалыы эттэххэ, «собаку съел». Эдэр ыччат киниэхэ харчы төлөөн консультацияҕа сылдьыан сөптөөх.

Кини куруук туттар этиилэрин суруйуохпун баҕардым:

  • Киһи сатаабата диэн суох;
  • Тэрилтэҕэ наадаҕар киирэн баран үүрүлүннэххинэ үчүгэй баҕайытык «до свидания» диэн баран, сарсыныгар эмиэ  көтөн  түһүөхтээххин. «Здравствуйте» диэбитинэн. Оннук киһини дьон сөбүлүүр, өһүргэнэн ааны хайа быраҕан тахсар туох да туһата суох;
  • Үлэ киһини киэргэтэр, үлэһит киһи өлөн-охтон биэрбэт;
  • Кредит, иэс отой ылымаҥ, үйэҕит тухары хабалаҕа киириэххит;
  • Киһи киһиттэн үөрэнэр, наадалааххын билэн баран биирдэ ыытыахтааххын;
  • Дьону хаһан да албыннаама. Тылгын биэримэ, биэрдиҥ да толор.

Оҕолорум эһэлээх эбэлэрин кытары.

Дьоммор дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтээбиттэригэр, биһиги инники олохпутугар кыһаллан үлэлээбиттэригэр, күүс-көмө, сүбэ-ама буола сылдьалларыгар улахан махталлаахпын!

Надежда НЕСТЕРОВА, кыра кыыһа.

Дьокуускай.

*  *  *

 

СИЭННЭРЭ – УДЬУОР УТУМУН САЛҔААЧЧЫЛАРА

Улахан сиэним – Виолетта Кычкина: Эһэм наһаа үлэһит

Эһэм наһаа үлэһит. «Илгэ» маҕаһыыннарга дириэктэрдиир.

«Илгэҕэ» наһаа үчүгэй, минньигэс аһылык атыыланар.

Эһэм туспа дьиэлээх, беседкалаах, икки гараажтаах, баанньыктаах уонна теплицалаах. Икки оҕуруоттаахпыт – буойунаҕа уонна дьиэҕэ. Онно хортуосканы харайабыт.

Эһэм сарсыарда аайы сэрээккэлиир уонна таһырдьа тахсан үлэлиир. Онтон киирэн биһигини уһугуннарар.

Биһиги аһыыбыт уонна остуолу хомуйабыт, эбэбитигэр көмөлөһөбүт. Эһэбит чаайы уонна миини сөбүлүүр.

Балтыбынаан Угут Күөл ыһыаҕар.

Мин эһэбэр бастакы сиэммин.

 

Эһэбин кытары бырааһынньыкка үҥкүүлээччибит.

Эһэлээх эбэлиин отоннуу барааччыбыт. Онно эһэм наһаа элбэх отону хомуйааччы. Эһэм өссө илиминэн балыктыыр уонна миигин массыына ыытарга үөрэтэр.

Биһиги дуобатынан оонньуубут. Эһэм үчүгэйдик дуобаттыыр. Биһиэхэ хаарынан хаспах хаһан биэрбитэ.

Эһэм уочараттаах сюрприһын аһан эрэр.

Эһэбэр элбэх харчыны, кытаанах доруобуйаны баҕарабын.

Виолетта КЫЧКИНА, улахан сиэнэ, 11 саастаах,

Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччитэ.

*  *  *

 

Иккис сиэним – Олеся Кычкина

Бу мин эһэм Прокопий Степанович. Сиэнэ Олеся Кычкина уруһуйа.

 

Эһэм биһигини элбэхтик үөрдээччи.

 

Эһэбэр хортуоппуй хостоһон көмөлөһөөччүбүн.

 

Үөһээ-үөһээ олоробут, ыраах-ыраах көрөбүт.

 

Мин эһээ тапталлаах сиэнэбин.

Олеся КЫЧКИНА, сиэнэ, 9 саастаах,

Сунтаар начаалынай оскуолатын 3-с кылааһын үөрэнээччитин уруһуйа.

*  *  *

 

Үһүс сиэним – Проня Нестеров

Оттон бу Проня кыра сылдьан.

 

Саамай кыра сиэним – Алёна Нестерова

2 саастаах. Дьокуускай куорат «Тедди» уһуйаанын иитиллээччитэ.

*  *  *

 

II ТҮҺҮМЭХ

ҮЛЭ-ҮӨРЭХ, БУҺУУ-ХАТЫЫ – КИЭҤ ААРТЫКТАРЫ АРЫЙЫЫ, САҤА ҮРДЭЛЛЭРИ  ДАБАЙЫЫ

 

ОҔО СААС ҮТҮӨ ӨЙДӨБҮЛЛЭРЭ

Биһиги көлүөнэ сэбиэскэй былаас олоҕор оҕо сааспыт ааспыта. Сэрии бүппүтэ 11 сыл ааспытын, дойдубут күл-көмөр буолбут куораттарын чөлүгэр түһэрбитин, эйэлээх, дьоллоох олох саҕаламмытын кэннэ. 3 уол, 2 кыыс буолан ферма уопсайдарыгар улааппыппыт. Урукку оҕо бэйэтин бэйэтэ көрүнэрэ. Дьоммут сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри фермаҕа үлэлииллэрэ. Рабочайдар кэтэх хаһаайыстыбаларыгар охтон сопхуос оҥорон таһаарыытын түһэриэ суохтаахтара. Онон хаһаайыстыбаҕа 1 ынаҕы тутар көҥүллэнэрэ. Ынах иитэн үрүҥ ас сиир баҕаттан сайыны быһа оттообут отуҥ бырыһыана 2 тн буолара. Тиийбэт оккун үлэ кэнниттэн быраҕыллыбыт сирдэри охсон, 20 бугулу чөкөтөн булунарыҥ. Элбэх оту оттоотоххуна сопхуоска тутан ылаллара көҥүлэ этэ.

Күүкэй начаалынай оскуолатыгар кылааска 40 оҕо буолан үөрэммиппит. Онтубут уһатыллыбыт чаастаах оскуола этэ. Сарсыарда 9 ч. уруоктар саҕаланаллара. 1-2 ч. оскуола остолобуойугар эбиэттиирбит. Эбиэт кэннэ 4 ч. диэри араас куруһуоктар, эбии үөрэхтэр ыытыллаллара. Күһүн оскуоланан тахсан отонноон кыстыктааҕы барыанньабытын хаһаанарбыт. Мааннай хааһыны, килиэби, барыанньаны, чэйи уо.д.а. тото аһаан баран кыргыттар иһит сууйаллара. Уолаттар мас хайытан, салааскаҕа соһон остолобуойбут уонна оскуолабыт оһоҕор кыстыырбыт. Оскуолабыт икки халааҥкы оһохтооҕо, ичигэс буолара.

Дьиэҕэ баран 6 чааска булгуччу киэһээҥи уруоккун үөрэтэриҥ. Дьурууһустубаҕа 2 оҕо ыалы кэрийэн уруок ааҕаргын хонтуруоллаан тэтэрээккэ бэлиэтэнэн иһэллэрэ. Уруок үөрэппэт оҕолорго пионер тэрилтэтигэр миэрэ ылаллара. Ол иһин Күүкэй оскуолатын бүтэрээччилэр чиҥ билиилээхтэрэ, салгыы Кутана оскуолатыгар үөрэнэ киирэн хайҕаналлара. Үгүс оҕо үрдүк үөрэхтэнэн республикаҕа салайар үлэһит, биллэр учуонай буолбуттара.

А.К. Акимов – республика вице-президенэ; Е.Г. Егоров – экономика институтун директора, экономическай наука доктора; Р.И. Бравина – үлэ социальнай проблемаларын чинчийэр институт директора, биллэр археолог; В.Г. Кривошапкин – доруобуйа институтун директора, медицина наукатын доктора, профессор; В.В. Илларионов – филологическай наука доктора, профессор; Н.Е. Саввинов – сахаттан биир бастакы кинооператор курдук улахан дьон үүнэн тахсыбыттара.

Күүкэй начаалынай оскуолатыгар П.Ф. Александров уонна В.Д. Аввакумов директордыылларын саҕана, үлэлэрин баһылаабыт, бэриниилээх учууталлар кэргэннии М.А. уонна А.Н. Фёдоровтарга үөрэммиппитинэн киэн туттабыт.

Кыра оҕолор дьиэ иһин хомуйар, харбыыр эбээһинэстээхпит. Миигиттэн 2 сыл аҕа убайым Андрей дьаһалынан олорбуппут. «Дружба» эрбии оччолорго суоҕа. Аҕабыт атынан долгучуохтуу быһыллыбыт уокка оттор маһы тиэйэн аҕалан кутан кэбиһэрэ. Ону эрбээн, хайытан күннээҕи маһы кыстааһын убайым биһикки эбээһинэспит этэ. Арыт улдьааран хойутаан хараҥаҕа тахсан эрбиирбит, мөҥүллэрбит. Мин ол саҕаттан ыарыһах, мөлтөх буолан үксүн убайым мастыыра.

Эрдэ өлүөх быатыгар эбитэ дуу, сайдыытынан, төгүрүччү талаанынан дьоҥҥо сыаналанар, саастыылаахтарыттан чорбойор этэ. Кыратыттан дьоһуннааҕа, уруһуйдуур, туойар, кыанар уол буолан испитэ.

Убайым Андрей учууталларын уонна бииргэ үөрэнэр оҕолорун ортотугар. Иккис эрээккэ (хаҥастан уҥа) иккис тобуктаан турар.

Кини 4-с, мин 2-с кылааска сылдьан дизентерияҕа хаптарбыппыт. Дьоммут үлэҕэ баттата сылдьан биһиги ыараханнык ыалдьыбыппытын өйдөөбөккө хаалбыттара быһыылааҕа.

Ол саҕанааҕы дьон медицина күүһүгэр эрэнэллэрэ. Биэлсэр арыгылыы сылдьан аахайбатах, таблетка эрэ биэрбитэ көмөлөспөтөх. Убайым өлбүтэ, мин ыарахан туруктаах Сиэйэ балыыһатыгар киирэн эмтэнэн быыһаммытым. Икки чаас буола-буола антибиотик, араас эмп биэрэллэрэ. Укуолу бууппар биэрэллэрэ саарык курдук үллэн тахсара. Арааһа, атын укуолланар миэстэ хаалбатах буолуохтаах. Ириис уутунан, бичиэнньэнэн эрэ аһаталлара. Аһара кыһамньылаах нуучча бырааһа уол баара. Балыыһа штакетник олбуорун үрдүнэн ойорун өйдүүбүн. Ол эмтэниим түмүгэр буолуо, ыарыйдахпына антибиотик көмөлөспөт.

Убайым өлөр күнүгэр түһээтим. Иккиэн дьиэбит аттынааҕы ойуурга оонньуу сырыттахпытына хантан тахсан кэлбитэ биллибэт тыатааҕы убайым үрдүгэр түстэ. Мин нэһиилэ мүччү туттаран дьиэбэр киирэн ааммын хатанан кэбистим. Ити курдук түүллэр бааллара.

Кэлин биир кыыс төрөөн кыратыгар төннүбүтэ. Биирдэ, билигин уһуйаан турар сиригэр, кыра оҕолору батыһан бадыбаалга киирбиппин ааны сабан, баран хааллылар. Хабыс-хараҥа. Куттанан ытыы сатаан баран ытаабат буолбут оҕону ааһан иһэр киһи истэн, таһааран дьоммор илтэ. Онтон ыла сүрэх ыарыһах буолбутум. Сайын куйааска сүрэҕим ыалдьан, тыыным хаайтаран эрэйи көрөрүм, доруобай оҕолору көрөн ымсыырарым. Үтүөрүөм диэн баҕа санаалааҕым, олоххо тардыһыым күүстээҕэ, ыһыктымматаҕым. Эмээхситтэр киһи буолбат оҕо дииллэрэ. Хата, киһи буолан сылдьабын.

Биир саастыылаахтарбыттан мөлтөҕүм, хата оччотооҕу оҕолор атаҕастаабат этилэр. Үөрэхпэр кыһаллар, ситиһэр этим. Уруокпун билбэккэ мөҥүллүбүппүн, этиллибиппин өйдөөбөппүн. Уруок кэннинээҕи үөрэххэ хоһоон биэрэллэрин төбөбөр туппакка, кыһын тымныыга уулуссаҕа тахсан үөрэтэн түргэнник өйдүүрүм. Оҕо тэҥинэн мэниктээһин ханна барыай. Дьиэ эркинигэр сыпсаххай анньыллан турар буолааччы. Аһара наһаалаатахха «итини көрүҥ эрэ» диэн ыйан көрдөрөллөрө. Ол эрээри таһыллыбыппын өйдөөбөппүн.

Ыскаап үөһэ ыттабыт диэн ыскааптары, иһиттэри бүүс-бүтүннүү хампы түһэрэн куттанан ойуурга саспытым. Ол саҕана иһит-хомуос дэлэйэ суоҕа. Булан, ааттаан дьиэбэр киллэрбиттэрэ. Улахан буруйдаах оҕону мөҕөр сатаммата. Куттанан бэйдиэ барыа дии саныыллара. Оҕону мөҥүү диэн суоҕа. Хайҕаабаттара, киһиргэппэттэрэ. Төрөппүттэрбитигэр билиҥҥи оҕо курдук үҥсүбэт этибит. Үҥүстэххинэ «бэйэҥ буруйдааххын, үҥсэн көр эрэ» диэн буолара.

Үөрэҕи саҥа бүтэрбит нуучча биэлсэрдэрэ кэлэн дьоҥҥо-сэргэҕэ убаастанар курдук үлэлииллэрэ. Сахалыы саҥара үөрэнэллэрэ, нэһилиэнньэни кытта түргэнник уопсай тылы булаллара. Ийэм куруускаҕа үүт кутан оһоххо оргута уурда. Оргуйбутугар кыра оҕо кытыыга соһон иһэн түөспэр тоҕон кэбистим. Түргэнник үтүөрдүбүттэрэ. Хойукка диэри түөспэр хара таллан буолан бааһын онно сылдьыбыта.

Арай киэһэ оһоҕоһум бааллан, иһим үллэн хаалла. Ииктии, туалеттыы сатыыбын да тахсыбат. Иһим уоттуу умайар, ыалдьар, өрө мөхсө сырыттахпына нуучча биэлсэр кыыһа кэлэн испин илбийэн, дьэ туалеттаан тэптэрдим, салгын бөҕө таҕыста. Ыарыым харахтан сыыһы ылбыт курдук ааста. Көр, оннук билиилээх нуучча биэлсэр кыыһа кэлэн тыыннаах хаалбытым.

Аҕам оҕо оонньууругар анаан бөппүрүөскэ хаатыттан аттары кырыйан биэрэрэ. Сэриигэ ылбыт мэтээллэрэ ыскаапка ууруллан сыталларын ылан оонньуурбут. Ленталарын араардахха мэтээлин көстүүтэ үчүгэйэ бэрдэ. Ыһаттаан суох гыммыппыт. Үксэ муоста аннын булбут буолуохтаах. Бэтэрээннэри өрө туппат буолан мэтээллэринэн оонньуурбутун бопсубат этэ.

Д.П. Фёдорова кыра кылаастарга оҕолору иистэнэргэ, оһуордуурга, тимэх тигэргэ уо.д.а. үөрэтэрэ. Талааннаах оҕолору ыллыырга, туойарга, үҥкүүлүүргэ үөрэтэрэ. Кыыһынаан А.И. Яковлева (Артемьева) уонна мин туойарбыт. Сиэйэҕэ баран кэнсиэртээн кэлэрбит. Виктор Саввинов булчут үҥкүүтүн аһара бэркэ толороро.

М.А. Фёдоров олус үчүгэйдик балалаайкаҕа оонньуура, ырыа куруһуогун салайара. Сарсыарда оҕолору көрүдүөргэ стройдатан сэрээккэлэтэрэ. Фокус көрдөрөрө. Фотографиянан дьарыгырара. Грамотаны араастаан киэргэтэн, ойуулаан өҥнөөх хаартыска гына оҥороро. Үөрэҕэр ситиһиилээх оҕолору ол грамотанан наҕараадалыыллара, аһара кэрэ көстүүлээх буолара. Маска уһанарынан тэҥнээҕэ суоҕа. Миэбэл оҥорон мраморнай кыраасканан соппута мрамортан ордук курдук көстөрө. Оннук талааннаах учууталлар үөрэппиттэрэ.

4-с кылааһы бүтэрэн атын оскуолаҕа барбытым, туойарбын бырахпытым. А. Артемьева билигин да ыллыы-туойа сылдьар, куоракка биллэр тойуксут.

Сайын дьоммутун кытта сайылык ферматыгар көһөбүт. Дьоммутугар илии-атах буолабыт, көмөлөһөбүт. Түптэлиибит, ынах хомуйабыт, саах күрдьэбит, ынах этэрэбит. Ферма үлэһиттэригэр окко сорудах түһэрэллэрэ. Ыам быыһыгар бары баран оттуурбут. От мунньуута биһиги үлэбит буолара. Күнүскү өттүгэр аҕабытын солбуйан аппытын миинэн бостууктуурбут. Кини оттуура. Ынах хаалбыт буоллаҕына, кэлбэтэҕинэ аккынан баран ыам бүтүөр диэри булан аҕалыахтааххын. Ыанньыксыттар ынахтара ыамҥа кэлбэтэҕинэ биригэдьииргэ үҥсэллэрэ. Бачча үүт бостуук буруйунан ыаммата, ону бостуук хамнаһыттан тутуохха диэн буолара.

«Күүлэт» ферматыгар олорон 10 сааспыттан кустуур буолбутум. Аҕам биэрбит 28 калибрдаах субуйааҥкы саалааҕым. Тимир ботуруоннарын аҕам иитэн биэрэрин дарабыына куулугар укта сылдьарым. Ойуур уутугар үөл кустар усталларын манаан олорон ыраахтан ытарым. Өлбүт кустарбын тыаҕа тыал охсорун манаан, ону маһынан ылан дьиэбэр бултуйбут киһи быһыытынан үөрэ-көтө тиийэрим.

«Бу уол булчут буолан аһаталыыһы» диэн хайҕанарым. Сарсын өссө элбэҕи ытан хайҕанар соруктанарым.

Ийэбит борутумуоҥҥа үллүбүт тиэстэнэн килиэп, лэппиэскэ астыыра. Оннук лэппиэскэни ким да астаабат. Таайыгар райсоюз бырабылыанньатын председателэ Степан Саввич Еремеевкэ олоро сылдьан ас астыырга үөрэммит этэ. Лэппиэскэтин сүөгэйгэ буһарара олус минньигэс буолара. Ыалдьыттар оҥостон кэлэн «Дьэрэмэй» лэппиэскэтин амсайан, тото аһаан, хайҕаан тахсаллара.

Сүөһүлээх буолан суорат бүрүйэрэ, кымыстыыра аһара табыллара. Суорат сиэн баран күн устата тот сылдьыллара. Суораты, кымыһы уҥкучахха сөрүүн сиргэ угаллара. Уҥкучахтан куубукка таһааран көйөрүллүбүт кымыһы иһиэҥ иннинэ ытыйдахха шампанскай арыгы курдук кыынньан тахсара. Үрүҥ аһы аһаан биһиги көлүөнэ доруобай, кыанар, ситиһиилээх буола улааппыппыт.

Түбэй Дьаархан. 5 кылаас. Иккис эрээккэ уҥаттан бастакы турабын.

Үөрэх дьыла бүттэҕинэ «Бүөр көлүйэҕэ» тахсан «костёрдуурбут». Онтубут бэйэтэ бырааһынньык тэҥэ буолара. Онно горн уонна барабаан тыаһынан доҕуһуоллатан, ырыалаах стройдаан тахсарбыт. Кырыһы сулус курдук быһыылаан түөрэн ыларбыт. Онно хаппыт мастары туруору уурталаан уматарбыт кытыаста умайара. Илии илииттэн тутуһан тула хаама сылдьан ырыа ыллыырбыт оҕо саас кэрэ өйдөбүлэ буолан хаалбыт.

Үөрэх бүппүтүн кэннэ 2-4 кылаас оҕолоруттан үлэ лааҕыра тэриллэрэ. Сайын устата бөһүөлэк анныгар күөл отун, дулҕа сиэлин сиэрпэнэн быһан түүтэхтиирбит. Күһүн онтубутун трактор сыарҕатыгар кээһэллэрэ.

3-с кылааска пионерга киирии биир туспа бырааһынньык. Строй иннигэр таһааран «үөрэхпитин ситиһиэхпит, бэрээдэкпитин тупсарыахпыт» диэн тылбытын биэрэрбит. Пионер баһаатайдара кыһыл хаалтыс баайаллара.

1-кы кылааска октябрёнокка ылаллара. Ленин төбөлөөх значогу түөскэр анньаллара. Оскуолаҕа хаалтыстаах, значоктаах сылдьарыҥ, октябрёнок, пионер аатын түһэн биэриэ суохтааҕыҥ.

7-с кылаастары комсомолга ылаллара. Комсомол устаабын нойосуус үөрэтэрбит, партия эрэллээх көмөлөһөөччүтэ буола үүнүөхпүт диэн андаҕар биэрэрбит. Сунтаар райкомолугар устаапка тургутууну ааһан кыһыл билиэти ылан үөрэн тахсарбыт. Ый аайы комсомольскай усунуос төлөнөрө. Сэбиэскэй идеологияҕа кыраҕыттан иитиллэриҥ, ону эккэр-хааҥҥар иҥэринэриҥ. Оскуола көрүдүөрүн эркинигэр коммунизмы тутааччы кодекса ыйанан турара. Ону нойосуус билэр эбээһинэстээҕиҥ.

Күүкэйгэ миигин кытта үөрэммит оҕолор Кутана орто оскуолатыгар барбыттара. Үөрэхтэрин салҕаары. Мин 5-8 кылаастарга Түбэй Дьаархан 8 кылаастаах оскуолатыгар аҕам бииргэ төрөөбүт быраата Константин Михайлович Кузьмин дьиэ кэргэнигэр олорон үөрэммитим. Оҕолор бары спортивнай секцияларга дьарыктаналлара. Бокса улаханнык сайдыбыт этэ. Элбэх оҕо республика чемпиона буола үүммүтэ. Холобур Георгий Михайлов, Володя Фёдоров, о.д.а.

7-с кылаас үөрэнээччитэ Проня Акимов.

Миигин тустуу секциятыгар суруйдулар. Физзалга маат тэлгээн баран дьарыктанан барарбыт. Онно сүүрэн-көтөн, хамсанан сүрэҕим ыарыыта ааспыта. Үөрэх бастакы күнүгэр «саҥа кэлбит уолу боруобалыыбыт, өрүс анныгар бардыбыт» диэтилэр. «Бу уолу кытта охсуһаҕын» диэн боксаҕа сылдьар Толя Михалёву ыйдылар. Ол уолум харахха биэрэн кэбистэ. «Мөлтөх киһи эбиккин» диэтилэр. Оннук көҕөрбүт харахтаах оскуолабытыгар үөрэнэ бардыбыт.

Мөлтөх оҕону атаҕастааһын диэн суоҕа. Хараҕыҥ көҕөрбүтүгэр наадыйбаттара, дьоҥҥор үҥсэргээбэккин. Билиҥҥи курдук көмүскэспэттэрэ. «Бэйэҥ буруйдаах буолуоҥ эбэтэр бэйэҥ бэйэҕин көмүскэниэхтээххин» дииллэрэ. Дьонтон кырбана сылдьан дьоҥҥун, дойдугун хайдах көмүскүүгүн диэн боппуруос турара. Спордунан дьарыгырыахтааххыт, доруобай, патриот буолуохтааххыт диэн иитэллэрэ.

Иван Яковлевич Голыбдин, Людмила Алексеевна Королёва диэн эдэркээн учууталлар үөрэхтэрин саҥа бүтэрэн кэлбиттэрэ. И.Я. Голыбдин биһиэхэ кылаас салайааччытынан бүтэриэхпитигэр диэри үлэлээбитэ. Кылааһынан походка сырытыннартыыра.

1970 сыллаахха 1-й  Маайга хаар ууллан сир хараарбыта, дьыл эрдэ кэлбитэ. Оскуолабытыгар В.И. Ленин 100 сааһын туолар юбилейа өрө күүрүүлээхтик ыытыллыбыта. Таһырдьа сүүрүүгэ күрэхтэспиппит.

Л.А. Королёва уруогар мэниктээтэххинэ ытаан барарын өйдөөн хаалбыппын. Эдэркээн Иван Ильич Иванов саха тылын уруогун үрдүк таһымнаахтык ыытара, куруук үөрэ-көтө сылдьара. Улахан биллэр фольклорист, хаһыат солбуллубат корреспондена этэ.

Кочегар ыалдьан үлэтигэр тахсыбатаҕына солбуйарбыт. Оскуола котельнайа өрүс биэрэгин үрдүгэр турара, оскуоланы, интернаты сылытара, таас чоҕунан оттуллара. Чоҕу үчүгэйдик умайдын диэн уунан сиигирдэрбитин интэриэһиргиир этим. И.Я. Голыбдин Саха сиригэр олохсуйбута. Ньурба куорат орто оскуолатыгар уһун сылларга директордаабыта.

Гражданскай оборонаҕа 7-8 кылаас оҕолоро дьарыктанарбыт. Саҥа үөрэҕин бүтэрэн кэлбит нуучча кыыһа биэлсэринэн үлэлиирэ. Оҕолорго медицинскэй куруһуок ыытара. Шприц дезинфекциялатара, бэрэбээски оҥорорбут, шина туруорарбыт. Эмп арааһын үөрэтэрэ. Витаминнарынан бэйэ-бэйэбитигэр тымырга, былчыҥҥа укуол биэрэ үөрэнэрбит. Үөрэтэригэр плакаттары туһанара. 8-с кылааһы бүтэрэрбитигэр медицина туһунан өйдөбүллээх, зачёт туттаран тахсыбыппыт олохпутугар туһата улахан. Билигин да медицина туһунан кэпсэттэххэ быраастар «медицинскэй үөрэхтээххин дуо» диэн ыйыталлар.

Каникулга 40 кыраадыска диэри тымныйара. Көстөкүүн, хайдах собуоттуура буолла, матасыыкылынан дьиэбэр аҕалара. Суол халтархай бөҕө, коляскалаах матасыыкыл кулахачыйан олороро.

К.М. Кузьмин трактористыыра, механиктыыра, сварщиктыыра. Саха Кулибина диэн ааты таһыччы үлэтин, сатабылын иһин дьон-норуот чиэстээн, бочуоттаан иҥэрбитэ. Бөһүөлэккэ кинитэ суох биир да үлэ ыытыллыбата, былдьаһыкка сылдьар дьоҕурдаах специалиһынан сыаналанара. Үлэтиттэн түүн кэлэрэ, сарсыарда эрдэ барара. Бөһүөлэккэ улахан аптарытыаттааҕа.

Норуот уһулуччу кыайыылаах үлэлэрин сыаналаан убайыгар Степаҥҥа Ыстахаанабыс Ыстапаан, Көстөкүүҥҥэ бэйэтигэр Саха Кулибина диэн үрдүк ааты иҥэрбитэ ханнык да ордентан, наҕараадаттан ойуччу тутуллар, үйэлээх өйдөбүл буолар. Балтылара Татьяна Михайловна Кузьмина Түбэй Дьаархан чемпион техник-осеменатора, үлэ-тыыл ветерана, элбэх оҕолоох ийэ, сопхуос бастыҥ үлэһитэ.

Күһүн Көстөкүүн Ботомоойу үрэҕэр быһыт оҥороро. Онно миигин көмөлөһүннэрэ илдьэ барара. Аҕата Түлүрбэх Миисэ үрэх синньиир сиригэр күһүн быһыт охсор эбит. Харыйа лабаатын быһан, баайан кыра-кыра щит оҥороллор. Үрэҕи туора уһун сиэрдийэлэри быраҕаллар. Сиэрдийэлэргэ харыйа щити туруору симэн үрэҕи сүүрүктээх сиринэн быһаллар. Ортотугар хаптаһынынан, тимир сетканан дьааһык оҥорон, сүүрүгү утары быраҕаллар. Күһүн сыалыһар хамсыыр кэмигэр дьааһыгы толору балык симиллэрин икки хоно-хоно хостуурбут.

Балыкпыт уҥуоҕун мас буочуканы толору симэн, сытытан тар оҥорор этибит. Кыһын тар маҥан туус курдук буоларын хааһыга куталлара, ол тар хааһы диэн ааттанара. Тар хааһы аһыы, ол оннугар иҥэмтиэлээх. Саха мааны аһа буолар.

Саҥаспыт Маарыйа биэкэрдиирэ. Сыалыһар этиттэн пирог оҥороро, быарын ыһаарылыыра. Үс ынаҕы иитэллэрэ. Сарсыарда үүтү оргутан иһэрдитэлиирэ. Үүт үрүмэтин оргутан мунньара. Үрүмэни хобордооххо толору бэлэмниирэ аһара минньигэс буолара.

Күһүн Күүкэйтэн үөрэнэ кэлбитим, арай, Маарыйа холуочук киһи курдук саҥарар буолбут. Вилюйскай энцефалитынан ыалдьыбыт этэ, үтүөрбэтэҕэ. Ити ыарыынан Бүлүү оройуоннарын дьоно ыалдьаллара. Биричиинэтэ биллибэт.

Москва–Киев маршрутунан күүлэйдии сылдьан. Мин хаҥастан уҥа үһүс турабын.

Оскуолаҕа ситиһиилээхтик үөрэнэн, 1970 с. уон буолан Москва–Киев хайысханан күүлэйдии бара сылдьыбыппыт. Дьокуускайга тиийэн холуордаах ууну иһэн испит ыалдьан хаалла. Сотору уубутугар үөрэннибит. Киевкэ Софийскай собору сөҕө көрбүппүт. Собор анныгар элбэх таҥара үлэһиттэрэ, сибэтиэйдэр сыталлара. Харааччы хатан хаалбыт дьардьамалара көрүүгэ сыталлара өйбүтүгэр-санаабытыгар умнуллубаттыы хаалбыт. Москваҕа сарсыарда 6 чаастан уочараттаан эбиэккэ мавзолейга киирэн В.И. Ленини көрбүппүт. Иҥнэри постамеҥҥа түөһүгэр диэри сабыллан тула сып-сырдык лаампаларынан сырдатыллан тыыннаах курдук сытара оҕо саас кэрэ өйдөбүлэ буолан сылдьар.

Кремль анныгар. Мин аллара уҥаттан бастакы олоробун.

Кутана орто оскуолатын 9-с кылааһа. Мин иккис эрээккэ хаҥастан бастакы турабын.

1971 с. Кутана орто оскуолатыгар 8-с кылааска үөрэнэ киирбитим. Оскуола директорынан ийэбин кытта биир кылааска үөрэнэ сылдьыбыт, сэрии бэтэрээнэ, үтүөлээх учуутал Василий Ефремович Александров үлэлиирэ. Биһиги кылааска обществоведение уруогун ыытара. 4 оҕо Күүкэйтэн, Тумултан киирэн үөрэнэрбит.

Кутанаҕа бииргэ үөрэммит уолаттарбын кытта. Хаҥастан уҥа: Лука Егоров, Саша Иванов уонна Толя Данилов.

Сорохторбут ыалга кэпсэтиинэн, атыттарбыт интернакка олорбуппут.

Субуота күн күүкэйдэр, тумуллар дьиэбитигэр бараары уруокпутун эрдэ эппиэттээри илиибитин уунуу бөҕө. Ыйыппата. Кутаналары ыйытара, уруогу ситэри эппиэттээбэккэ кылааспытыгар хаалан 6-7 чааска диэри уруокпутун үөрэтэрбит.

Н.И. Иванов оскуола музейын тэрийэн дьаһайара. Олус элбэх көмүс экспонаттар, былыргы харчылар, үрүҥ көмүс манньыаттар баалларын сөҕө көрөрбүт. Баай фондалаах музей этэ. Суруйааччы Күндэ паартата баара, араас былыргы булт тэрилэ, саалар харалла сыталлара. Бэтэрээн учуутал Н.И. Иванов музей экспонаттарын кэрийэ сылдьан оҕолорго тиийимтиэ, киһини тардар гына кэпсиирэ.

Физзалтан чугас саха балаҕанын туттулар. Омук сириттэн оператордар кэлэн ойуун кыырарын устубуттара. Онно норуот  ырыаһыта,  тойуксут  С.А.  Зверев ойуун буолбутун устубуттара. Ону биһиги көрбүппүт. Ол кэнниттэн оҕонньор «уһуннук ойууннаабакка, сыыһа-халты саҥаран ыарыйдым» диэн хомойон кэпсиирин дьон ахтара.

Хайыһар, волейбол, баскетбол секцияларын энтузиаст учууталлар кэлин норуот ырыаһыта буолбут, элбэх оҕону оһуохайга уонна олоҥхоҕо үөрэппит-такайбыт Н.П. Тимофеев уонна Ю.И. Николаев идэлэригэр бэриниилээхтик, бириэмэни аахсыбакка туран ыыталлара. Мин икки сыл хайыһар секциятыгар дьарыктаммытым. Оскуола сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн сопхуос күрэхтэһиитигэр Элгээйигэ, оройуоҥҥа Сунтаарга куруук бириистээх миэстэни ыларбыт. Биһиги кылаастан Руслан Иванов, Коля Токуев, Антонина Иванова республика чемпионнара буолбуттара. Элгээйигэ, Сунтаарга хайыһар трассата өрүс үрдүнэн, үрдүк сыырдардаах сиринэн оҥоһуллара. Ол түһүүтүн-тахсыытын ыарырҕатарым. Кутанаҕа сыыр ханна да суоҕа.

Өрөбүл күн дьиэтээҕи сорудах үөрэтиллибэтэ. Киэһэ бастыҥ үөрэнээччибит, старостабыт Андрей Сековтан устан ыларым. Дьиэлэрбит кэккэлэһэ турбуттара.

«Уруоккутун үөрэппэккит» диэн кыыһырара, аныгы сырыыга уһултарыа суох буолара да син-биир онтубут хатыланара.

Мин И.И. Фёдоровтаахха олорон үөрэммитим. Биригэдьииринэн уһун кэмҥэ үлэлээбитэ, бүгүрү баҕайы киһи этэ. Сарсыарда эрдэ үлэтигэр барара, киэһэ хойут кэлэрэ. Өрөбүлэ, уоппуската суох үлэлиирэ. Салайааччы үлэтэ төһө сыралааҕын онно билбитим.

Бырааһынньыктарга «Остолбо», «Сайылык» фермаларыгар ыанньыксыт солбуйарбыт, саас хотон үрдүттэн хаар түһэрэрбит.

Кутана орто оскуолатын 1973 сыллааҕы выпускниктара. Мин үһүс эрээккэ уҥаттан бастакы турабын.

Кутана оскуолатын бүтэрэн баран айылҕаҕа тахса сылдьыбыппыт. Мин идэбинэн иккис эрээккэ уҥаттан бастакы турабын.

Кутана оскуолатын 1973 с. бүтэрбитим. Оччотооҕу «оскуола – производство – үрдүк үөрэх» бачыымынан, комсомольскай путёвкалаах, Күүкэйгэ Т. Даниловтыын үлэлии тахсыбытым. Бастыҥ үөрэнээччилэрбит, старостабыт А. Секов, С. Иванов, Т. Акимова үрдүк үөрэххэ путёвка ылан туттарса барбыттара.

Производствоҕа икки сыл үлэлээн, армияҕа сулууспалаан баран үөрэххэ барар бырааптааҕыҥ. Үгүс оҕо 4 сыл устата үөрэхтэн тэйитиллэн үөрэммэккэ хаалбыттара. Производствоҕа үлэлээбит оҕолор бэлэмнэнии курсугар 1 сыллара барара. Ол эрэ кэнниттэн үрдүк үөрэххэ туттарсаллара. Аны билэр ыалгар дьиэлэнэн үөрэнэриҥ. Ол үгүс оҕоҕо кыайтарбата.

Биһиги кылаастан республикаҕа биллэр тэрилтэ салайааччылара үүнэн тахсыбыттара. «Розтор» атыы-эргиэн фирма салайааччыта Антонина Саввична Алексеева (Иванова), «Уран Саха» көмүс оҥоһуктары оҥорор фирма салайааччыта Лука Митрофанович Егоров.

Оскуола кэнниттэн 50 сыл буолан баран.

*  *  *

 

САТАБЫЛЛААХ САЛАЙААЧЧЫ, ДЬИҤНЭЭХ ДОҔОР

Лука Егоров.

Пронялыын Кутана орто оскуолатыгар 9-с кылааска үөрэнэ кэлэн баран билсибиппит. Кини эмиэ атын оскуолаттан кэлбит этэ. Көнөтүк туттан, сылбырҕатык хамнанар этэ. Үөрэҕэр үчүгэйэ. Хайыhардыыра, сүүрэрэ, туойан да ылар этэ. Спортзалга элбэхтик баскетболлуурбут.

Оскуоланы бүтэрээт – ферма үлэтэ, армияҕа ытык иэhи төлөөhүн. Студенныы барарбар, ол саҕана техника аҕыйах, «Тула» дуу, «Турист» дуу диэн мотороллерынан Уустуйаҕа диэри илдьэн биэрбитин умнубаппын. Дьокуускайга студенныы сылдьан элбэх- тэ алтыспыппыт.

Уопсайга бииргэ олорор уолаттарын кытта спордунан күүскэ дьарыктанар этилэр. Сүүрэрэ, гиирэ анньара, турникка 30-та тардынара. Биhиэхэ кэлэ сылдьан уолаттар икки бууттаах гиирэлэрин истээх сонноох туран 20-тэ холкутук анньыбытын өйдүүбүн.

Атыыласпыт дьиэм уhаайбата намыhах буолан 6-лыы КАМАЗ кумах куттарар этим. Онно түбэhэ кэлэн тарҕатыһан кэбиhэрэ. Бииргэ оскуолаҕа үөрэммит оҕолорбут «Пронялаах уопсайдарыгар анаан аhыы тиийэр этибит, астара наhаа элбэх буолааччы» диэн кэпсииллэр.

Икки үөрэххэ тэҥҥэ үөрэммитэ, кыhыл дипломунан бүтэрбитэ. Үөрэҕин кэнниттэн төрөөбүт Сунтаарын оройуонун араас нэhилиэктэригэр үлэлээбитэ. Ыарахан үлэ,  араас  майгылаах  дьон,  кинилэри кытта үлэлээhин, уопсай тылы булуу, салайыы улахан дьоҕуру эрэйэрин этэрэ. Дьону кытта биир тылы булан, өйдөһөн, ыарахан 90-с сыллары уҥуордаан, билиҥҥэ диэри ситиhиилээхтик үлэлии-хамныы, оройуонугар туhалыы сырыттаҕа.

Сайын аайы дойдубар оттуу барабын. «Тыыннаах, хамныы сылдьар киhи хайдах биир гааны охсубат буолуоҕай» диэччи. Биир сайын уоппускабар оттуу тиийдим, Элгээйигэ табаарыспар кэллим. Киhим ат мустарарын биэрдэ. Сварщигар массыынаҕа турбанан холбонор гына сваркалатта. 1 буочука бензиннээх бортобуой УАЗ-игын оттуурбар уларыста.

Массыынаҕа состорон оппутун мустардыбыт. Онтон ыла чэпчэкитик оттуурбут саҕаламмыта. Оҕолорум бастакыларын ол массыынаны ыытан астыныы бөҕөтө буолбуттара.

Улахан эдьиийбит мунан хаалбытыгар Проня бэйэтинэн кэлбитэ. Көрдүүр дьону аhатарбытыгар туох наадатын маҕаhыыныттан босхо биэрбитэ. Аны Ытык Тумул музейыгар септик наада буолбутугар 10 кубтаах цистернэтин босхо биэрэн үөрдүбүтэ. Көмөлөспүтэ өссө да элбэх. Онон доҕорбор бу кинигэ нөҥүө улахан махталбын тиэрдэбин.

Кыргыттарын үөрэттэрэн, үлэтигэр сыhыаран бииргэ сылдьаллара үөрүүлээх. Манна дьаарбаҥкаҕа кэллэхтэринэ, аҕабыт ыытта диэн, үөрбүт харахтаах кыргыттар кэhиилэрин утары ууналлар. Бэйэтэ кэлэригэр дьааhыктаах арыытын, сүөгэйин кыбына сылдьааччы. Дойдубар тиийдэхпинэ дьааhыгынан арыы, сүөгэй кэhиилээн ыытар.

Куоракка кэллэҕинэ Георгий Николаевичтыын үһүө буолан көрсөн сэhэн-ыаhах буолааччыбыт. Үhүөн «ыанньыксыт уолаттара өлөн-охтон биэриэхпит суоҕа» диэн девизтээхпит.

Киhи олоҕор дьиҥнээх доҕор аҕыйах. Онон бу курдук өссө да уhуннук өйөhө сылдьыахха.

Лука ЕГОРОВ, доҕоро,

«Уран Саха» ювелирнай хампаанньа генеральнай директора, СӨ норуотун хаhаайыстыбатын үтүөлээх үлэhитэ, Сунтаар улууhун бочуоттаах олохтооҕо. Саха сирин норуотун маастара, үлэ ветерана.

Дьокуускай.

*  *  *

 

ҮЛЭТЭ – КИНИ ОЛОҔО

Андрей Секов.

Биэс уонтан тахса сыл билсибит доҕорум туһунан билигин, сааһырбытым кэннэ, өйбөр-санаабар туох-туох хаалбыт эбитий? Олорбут олоҕуҥ эҥин араас түгэннэртэн тиһиллэн хааларын өйдүүбүн. Өр сылларга суураллан-суураллан бэйэҕэр чугас, истиҥ, чахчы суол-иис хаалларбыт долгутуулаах түгэннэр эрэ ол эрэн төбөҕөр киирэллэр быһыылаах.

Төһө да билигин кэлэн, убаастабыллаах Прокопий Степанович, «оскуолаҕа сылдьан математика садаанньатын сүгүн уһултарбакка эрэйдиир сордоох киһи этиҥ»  диэтэр, үөрэнэ сылдьан «ону кыайбатым, маны сатаабатым» диэн көмө көрдөспөтөҕө. Киниэнэ барыта кэмигэр, орун-оннугар туолбута баар буолара.

Кутана орто оскуолатыгар 9-с кылааска үөрэнэ киирэр кэмим тиийэн кэллэ. Быйылгы үөрэх дьылыгар 8-с кылаас кэнниттэн, сорох баран, сорох кэлэн, уларыйыы бөҕө буолар кэмэ. Табаарыспынаан кулууп диэки баран иһэн сельпо ыскылаатын муннугар Күүкэй уола Толя Даниловы көрсө түстүбүт.

Ол турдахпытына, туох эппитэ баарай, ыскылаат муннугуттан арай биир уһун дьылыгырас уҥуохтаах хара бараан уол тахсан кэллэ. Хайдах эрэ «һук» гына түстүм. Биллэрбэтим. Итинник бастакы көрсүһүүбүт этэ Пронялыын.

9-с кылааска бииргэ үөрэнэр буоллубут. Билсэн-көрсөн истэххэ Проня арыллан иһэрэ элбэх. История уруогар Рабиндранат Тагор диэн добдугураччы саҥара-саҥара кэпсээтэҕинэ куолаһа киһини абылыыр курдуга. Ол эрэн ити бэйэлээх куолаһын сценаҕа таһаарбыттарын өйдөөбөппүн. Кэмэ оннуга буолуо. Үөрэҕэр үчүгэй, бэйэтин кыанар буолан оскуола олоҕун ыарырҕаппатаҕа.

Олорор ыала мин дьиэбин кытта кэккэлэһэ турар. Оскуолаттан кэлэ-бара сэһэн-сэппэ, хаадьы. Биир отой баһыйтарбыттаахпын умнубаппын. Үчүгэй хаба ортотуттан Проня саҕалыыр: «Күүкэй Кутанатааҕар улахан». Мин олус балыйтарбыт курдук буола түһэбин эрээри хайдах да кыайан эппиэттэспэппин.

Биири саҥардахпына били биэһи истэр курдук. Устар ууну сомоҕолуур курдук да буолбатар саҥаран-иҥэрэн, дьэ, уол оҕото. Дьэ, ол курдук үөрэ-көтө умнуллубат онус кылааспыт элбэх, билигин сүрэҕи-быары сылаанньытар, кэрэ түгэннэри илдьэ хааллаҕа…

1973 сылтан биир түгэн. Элгээйигэ Киин уһаайбаҕа үлэлии сылдьан, улахан коллектив буолан, Дьокуускайга «Оһуор үҥкүүтүн» үҥкүүлэһэ барыстым. Театрга концерт кэнниттэн Проня миигин булан уопсайыгар илдьэ барда. Түүн тиийдибит. Аһаатыбыт. Хоско үһүөлэр, уолаттар утуйа сыталлар. Биир остуолга улахан куубук ортотунан миин быргыйан олорор, тэриэлкэҕэ ынах арыыта үллэн көстөр. Бу – Дьокуускай устудьуоннарын аһа.

Сулууспалаан, үөрэҕин бүтэрэн, араас үлэлэргэ үлэлээн баран Элгээйигэ киин аппараакка кэлбитэ. Ыал буолар дьоро күммэр табаарыһым шафер буолбута. Ол иэһин төлөөн Сунтаар кыыһа Надялыын сыбаайбалыырыгар тото-хана, үөрэ-көтө күүлэйдээбиппит. Үтүө да кэмнэр.

Үлэ-хамнас күөстүү оргуйар, кэлии-барыы. Сопхуос иэнэ улахан буолан биир сиргэ олорбот үлүгэрэ. Эдэр эрчим, ыраас санаа барыта баара. Мунньахтарга бэйэтин санаатын этэн тэйэрэ, хаһыакка да ыстатыйалара тахсаллара.

Биирдэ уопсай партийнай мунньахха Прокопий Степанович, сопхуос главнай зоотехнига трибунаттан: «Мин компартияны убаастыыбын эрээри, маннык этэрдээхпин…» – диэн этиитин саҕалаабыта кулгаахпар бу баар. Санаабыт санаатын, толкуйдаабыт толкуйун дьонугар-сэргэтигэр дьоһуннаахтык тиэрдэр дьоҕурдаах.

Доҕорум хайдахтаах дьоһун киһиний?

Айылҕата айбытынан киһи быһыытынан көнө сүрүннээх. Баар диэтэҕинэ баар, суох диэтэҕинэ суох. Ол да иһин ылсыспыт үлэтин билиҥҥээҥҥэ диэри тута сырыттаҕа. Дьону кытта үлэ сыанан-арыынан аҕаабат буолаахтаатаҕа. Онон да буолуо, кыраттан да үөрэн сэгэс гына түһэр. Биир чөккөөкүнү ытан баран «Баар! Нуорма баар!» диэн үөрүү-көтүү, сэгэлдьийии, сыыдамсыйыы. Туораттан бэйэҥ үөрэҕин.

Олоҕун анаабыт үлэтин түмүгэ сыаналанан анаммыт анал ааттарын түөһүгэр иилинэн кэбистэҕинэ дьоһун көстүү. Сорох сороҕун бэйэм да кыайан аахпаппын. Биир уол оҕото бу орто дойдуга төрөөн, үлэлээн-хамсаан, алаһа дьиэ тэринэн, оҕо-уруу төрөтөн, чиэскэ-бочуокка тиксэн, ама, таах сир үрдүн киртиттим диэ дуо. Барыта баар.

Андрей СЕКОВ, бииргэ үөрэммит доҕоро.

Сунтаар.

*  *  *

 

ХАРЫМ КҮҮҺҮНЭН, УЛАХАН ДЬОННУУН ТЭҤҤЭ

Мин, дьиҥэр, 7-с кылаастан улахан дьону кытта тэҥҥэ сайын звеноҕа киирэн үрэххэ оттуур буолбутум. Сайын устата 15 солк. хамнастаах этибит. Улахан интэриэспит бары даҕаны иккилии          ынахпытын ииттэр кыһалҕаттан бырыһыан от аахсааһына этэ. Элбэх оту бырыһыаҥҥа ылбыт киһи диэн күнү-дьылы аахсыбакка өлө-төннө түһэрбит. Ордук миэхэ ыарахана. Оҕо диэн ылар бырыһыаҥҥын аччатыахтарын сөбө. Улахан дьонтон от мунньааһыныгар, охсууга, кээһиигэ хаалсыбат курдук сылдьарым. Ону таһынан уу баһыы, кулуһун маһын  бэлэмнээһин  мин  эбээһинэһим этэ.

Күүкэйтэн тэйиччи «Эрбэһиннээххэ» дулҕата анньыллыбыт, оҕуруоттаммыт үрэх сири 7-8 чилиэннээх илии звенота күһүҥҥэ диэри  оттуура.  Күһүн  өссө «Ыстааппый», «Олом» диэн үрэхтэри балаакканан хоно сытан эбии оттуурбут.

Бастакы күннэрбитигэр кумаар утуппакка сордуура. Үлэҕэр утуктуу сылдьарыҥ. Кумаар эмэ суоҕа. Хотуурунан охсорбут. Үлэбит хараҥаран суол-иис көстүбэт буолбутун кэннэ бүтэрэ. Тахсан кулуһун оттунан, ас буһарынан аһаан баран утуйарбыт. Сарсыарда 6 ч. туран, 8 ч. ходуһабытыгар киирэрбит.

Биир да сынньалаҥа суох сылаалаах үлэ буолара. Аһара кураан дьыл буолан ардах сайын устата биирдэ эмэ түһэрэ. Ардахха оҕуруот оҥоруута арыый сынньалаҥа. Сууккалаан 2-3 хонуктаах ардах түстэҕинэ дьиэбитигэр киирэн хонон, киинэ көрөн тахсарбыт. Ыһыкпытын нэдиэлэҕэ биирдэ сыарҕалаах атынан ылынарбыт.

Окко киириэх иннинэ мунньах буолара. Онно  оҕонньоттор  туруорсан  оскуола оҕотун, миигин, звеноҕа киллэрэллэрэ.

Кыайыгас, түргэн-тарҕан, толоругас буолан сөбүлэтэрим. Кинилэри батыһа сылдьан үлэ үөрүйэхтэригэр үөрэммитим. Урут оҕону бэйэ холобурунан үөрэтэллэрэ, мөҕүү, такайыы диэн суоҕа. Кыра тугу эрэ сатыыр, кыайар буоллаххына «бу уол улааппыт, айаҕын ииттииһи» диэн хайгыыллара, киһиргэтэллэрэ. Ол аайы быстыахпытыгар диэри үлэлиирбит. Эдэр буолан аһаатыбыт да сылаабыт ааһан хаалара.

Сыл аайы звено салайааччытынан сылгыһыт, булчут Хоноһо Петров үлэлиирэ. 5-6 атынан бэйэтэ от оҕустарар. Кэлин мин саҥа айааһаныллыбыт соноҕоһунан мустарар буолбутум. Сарсыарда адаҕалаан ыыппыт сылгыларбыт сүрэҕэлдьээн ойуурга саспыттарын нэһиилэ булан көлүйэрбит дьалхаан буолара. Үгүстэрэ саҥа көлүллэр соноҕостор. Састахтарына чуорааннарын тыаһаппаттара. Сылгы оннук өйдөөх. Саатар мин атым моонньо хомуукка оҕустарыылааҕа, бааһырыылааҕа. Онон көлүйэргэ олгуобуйатыгар киирбэккэ, хомуутун кэппэккэ охсуһуу бөҕө буоларбыт. Хоҥноругар бааһыттан сылтаан бөтөрөҥ муҥунан түһэрэ. От мунньар кыраабыл анныгар түһээри хара сор, кутталлаах баҕайы этэ.

Дулҕалаах сиргэ кыраабылы илиигинэн өрө көтөҕө сылдьаҕын. Муохтаах сири ылбат, баттаатаххына эрэ табыллар. Омурҕаҥҥа аккын уулатаҕын, аһатаҕын. Киэһэ үлэ кэнниттэн сыбыдахтыы миинэн сүүрдэн успуускабар кэлэрим. Киһи тулуйбат кытаанах систээҕэ.

Кэлин оройуон ыһыаҕар «Тууйас төбө» диэн аатынан сүүрүүгэ миэстэлэһэр буолбута. 2-3 чаас сойутар буолан дьон кэнниттэн утуйарым. Сарсыарда 7 ч. аппын көлүйэн, 8 чааска ходуһаны буларым. Үксүгэр от охсуутугар, кээһиигэ сылдьарым. Мунньууну сөбүлээбэтим, сүрэҕэлдьиирим.

Күһүөрү Б.В. Романов «ДТ-75» тахсан, ыксаан түүннэри 11-12 чааска диэри кээстэрэрэ. Күҥҥэ 10-11 оту таһаарарбыт. Бугул ардах хоппотун курдук улахан, чиҥ буолара. Оннук бугуллааһын туспа сатабылы эрэйэрэ.

Н.С. Фёдоровтыын кэбиһиллибит оту оҕуруоттуурбут. Тоһоҕотун бадарааҥҥа анньан иҥиннэрэн сиэрдийэтин саайарбыт оҕуруоппут хаймаҥныы турар буолар. Ону Хаппыы «синэ биир», сир тоҥноҕуна туруоҕа диэн күҥҥэ хас да оттоох күрүөнү сабарбыт. Түргэн буолан тапсан сылдьарбыт.

Хоноһо эбиэт кэнниттэн ыттарын батыһыннаран атынан «тайах көрүөм этэ» диэтэ. Сайыны быһа хансыарба мииниттэн хал буоллубут. Хара наада буолла. От кээһэ сырыттахпытына, түөттүүр омурҕаҥҥа, ыраах түргэн сэлиинэн иһэрэ көһүннэ. «Тоҕо төнүннэ» диэн дьиктиргээ, тиийэн кэллэ, үөрбүт, ыттара хаалбыттар, «үчүгэйдэттибит, Байанай биэрдэ, биир улахан тайаҕы бултаатым» диэтэ. Үөрүү бөҕө буоллубут. Тракторынан бардыбыт.

Тиийэн сүлэн астыахпытыгар диэри күһүҥҥү халлааммыт хараҥарда. Арай тракторбыт фарата тыкпат. Инньэ гынан маска тэрээпкэни иилэн уматтыбыт, кабинаҕа быанан баайан кэбистибит. Кыыммыт айаҥҥа ыһыллан иһэр, хата баһаар барбатаҕа. Ити тайах булдугар бастакы сүрэхтэниим этэ.

Успуускабытыгар кэлэн кулуһун отуннубут. Дьоро киэһэ буолла. Эмис баҕайы тайах этин үтэһэҕэ үөлэн, кулуһуҥҥа саллан, үллэстэн сиэтибит, аһара минньигэс этэ. Эппитин эттээн акка ыҥырдан дулҕа анньыллыбыт сирин мууһугар диэри хаһан уган, саба көмөн, кэбистибит. Киэһээҥи аһылыкка буһаран күүстээх үлэҕэ сылдьар дьон абыраммыппыт. Билиэппит суоҕа. Буһара туран дьон кэлэн иһэрин көрдөхпүтүнэ биэдэрэлээх күөспүтүн ойуурга кистиирбит.

Күһүн кус улаатан кустуурбут. Түөттүүртэн биир киһи кустуу барара. Киэһэ кус буһан турар буолара, бэлэмҥэ кэлэрбит. Атырдьах ыйын 20 күнүттэн 7 чааска бүтэн күһүҥҥү режимҥэ киирэрбит. Чэй иһэ түһэн баран чааһынайбытыгар оттуу өтөхтөрүнэн, ходуһа тастарынан тарҕаһарбыт. Мин ходуһа таһыгар тэйиччи 1,5 тн оту оттуурум. Халлаан хараҥарыар диэри от охсуллара, кээһиллэрэ, оҕуруоттанара. Ол оппунан уонна бырыһыаҥҥа ылар 2 түгэхпинэн 2 ыанар ынахпытын кыстатарбыт, үрүҥ аһылыктанарбыт.

Оппутун кистээн ойуур иһигэр, көстүбэт гына кээһэрбит. Биригэдьиирдэр «быйыл от тиийбэт, оккутун кэмниибит» диэн куттал буолара. Онон эрэйдээхтик оттуурбут. Аҕам кырдьаҕастар звеноларыгар «Балык хатарбыкка» сайын устата оттуура. Атыыһыкка от охсон велосипед атыыласпыта. Онтунан ыһыгын таһынара. Мээнэ дэлэйбэтэх сэдэх мал этэ. Харыстаан буолуо, чаастатык көлүөһэтин подшипнигын солярканан сууйара, ыһыллан хаалан эрэйдиирэ.

Борбуйбун уйаммын от охсуутугар инникилиир этим. Отуоһу кэмнээн, күҥҥэ бүтэрэр сири хайытан, эргийэн охсуу инникилиир киһиттэн тутулуктааҕа. Ханна бүтүөхтээххин учуоттаан отуоскун эргийиэхтээххин. Сорох отуоһу хайытан охсоҕун, сир быһыытыттан көрөн. Киэһэ бэйэбит оттуохтаахпыт, онон ол чааска бүтэр гына сири эргийиэхтээххин. Отуоһу бүтэрбэккэ тахсыы сиэргэ баппата. Аһара хонноҕум аһыллан, аһара киэҥник эргийэн, сороҕор отуоспун хаалан охсорум. Арыт анньыыны баһыттан баһыгар диэри охсон кыыһырсыы тахсара. Итини этэн эрдэхтэрэ оту-маһы тардан көрөр, уолукпутунан тыынар эдэр дохсун сааспытыгар диэн.

Киэһэ халлаан сөрүүтүйэн үлүһүйэн үлэлиирим, улаатан сылайбат буолуллара. Фермаҕа үлэлиир буолан уопсай биир квартиратыгар кыстыыбыт. Дьиэбит эргэ. Кыстыкка киирэргэ күөлтэн уу баһан олорор дьиэм истиэнэтин мууһунан сыбыырым. Итийэрэ. Халлаан хараҥардаҕына аккын аһата ыытан баран биирдэ дьиэҕэ киириллэрэ. Дьиэ ол саҕана хараҥата, кыараҕаһа сүрдээх курдуга. Таһырдьа сибиэһэй салгыҥҥа үлэлии-хамсыы сылдьар саҕа үчүгэй суоҕа.

От охсуута туспа ньымалаах, сылайбат, кыайыгас буолууну эрэйэр үлэ көрүҥэ. Кыанар дьон үлэтэ. Соҕотох охсор буоллаххына киэҥник суолланыллар, уоптаран охсуллар. Хотуургун үчүгэйдик таптайар, игиилиир буолуохтааххын. Элбэх буолан охсоргор суолуҥ кылгас буолуохтаах. Сорохтор хаалымаары ойо охсоллор. Охсубут сирдэрин иэнэ кыра буолар. Спортсмен курдук сайын устата оҕустаххына күһүн этиҥ хатар. Онон төһөнү баҕарар охсуохха сөп. Өссө суукканы быһа тохтообокко, былыргы күүлэйгэ курдук охсуохха сөп. Сороҕор инникилиир киһини эдэр уолаттар куоталаһан ыгаллар. Инникилиир киһи күүһүн толору туттубат. Илииҥ, сиһиҥ былчыҥнарын көрөн, араастаан хамсанан үлэлэтэр буолан сынньанаҕын. Хара үлэ сатамньытыгар, кыайыгас буоларга эрэй үөрэтэр. Аҥардас хара күүс билбэт.

Индийскэй киинэ көрөөрү 15 километрдаах «Оломҥо» оттуу сылдьан үлэ кэнниттэн сатыы киирэрим. Киинэ сайын буолан киэһэ 10 чаастан көстөрө. Сарсыарда 9 ч. ходуһаҕа баар буолуохтааххын. Күһүн «Кумах Олом» үрэҕи сарсыарда кэһэн туоруурум, чарчыйа тоҥмут буолар. Онон ирээри сүүрэн тиийэрим.

Күнүс от кээһэр кэммитигэр өҥүрүк куйаас түстэ. Сарсыарда бөһүөлэктэн сүүрэн кэлбит киһи дэлби итииргээтим. Көлөһүммүн суунаары Ботомоойу үрэххэ сөтүөлээтим. Уум тымныы баҕайы эбит. Тахсаат сэниэм суох буолла, иһим, төбөм ыарыйда. Үлэлиир кыах суох буолла. Сарсыарда балыыһаҕа көрдөрө бөһүөлэккэ бардым. Били чаас айанныыр сирбин эрэйинэн киэһэриитэ биирдэ бөһүөлэги буллум. Балыыһаҕа таблетка биэрдилэр. Онтон бэттэх ноорум ыалдьан билиҥҥээҥҥэ диэри эрэйдэнэбин. Күүстээх үлэҕэ сылдьар киһи спортсменнар курдук харыстанары сатыахтаах. Биирдэ сыыһа туттууҥ дьарҕа ыарыыга тиэрдэр.

Киһи өйө бааллан мунар эбит. Арай, Эрбэһиннээх успуускатыгар олорон оттуубут. Успуускабыт анныгар уу баһар улахан көлүйэлээхпит. Биир өттүттэн үрдүк дулҕалаах балачча кэҥэс от үрэх киирэр. Соппуруон диэн булчут балаакканан сытан сайын устата оттуур, кыһын тыаҕа бултуур. От үрэҕи, көлүйэни туораатахха уҥуор былыргы өтөх онно баар.

Сарсыарда окко барарга Соппуруон сүрэҕэлдьээн кэтэҕиттэн тардыстан сытар буолааччы. Оппутугар сатыы көлүйни эргийэн, от үрэҕи, дулҕаны быыһылаан өтөҕүнэн барабыт. Өтөхтөн успуускабыт сарайын аҥара балай эмэ тэйиччиттэн көстөр.

Соҕотоҕун успуускабар өтөхтөн баран иһэн мунан хааллым. Үс төгүл от үрэхпэр кэлэн тиэрэ бара турабын. Сыыһа барбыппын билэн өтөхпөр кэлэн, сарайбын тутуһан бара сатыыбын да, от үрэхпэр киирэн бара турабын. Өтөхпөр хаһыс да төннүүбэр дьиэм сарайын көрөн баран, «олох атын сиргэ сылдьабын, бу ойуур ортотугар туох дьиэтин тутан кэбиспиттэрэй» диэн дьиктиргээтим. Уоскуйан сынньанан баран, отунан-маһынан сирдэтэн син тиийдим. Онон киһи ханна баҕарар, билэр сиригэр кытта, мунар кыахтаах. Киһи өйө бааллан мунар. Муммуккун биллэххинэ ол сиргиттэн сыҕарыйыа суохтааххын.

Оттоон бүтэн үөрэх буолуон икки хонук иннинэ таҥаскын суунаҕын. Күһүн атырдьах ыйын бүтүүтэ бөһүөлэккэ киирэн оттуурбут. Бөһүөлэктэн чугас буолан, 15-20 бугулу ойуур быыһыгар кистээн кэбиһэрбит. Күһүн атынан тиэйэргэ анаан. Элбэх оту кээстэххэ уопсай окко тутуохтарын сөп. Кымырдаҕаһынан, Саарынынан, Аркыын Маарынан уо.д.а. уонча сиргэ чааһынайбытыгар үлэ кэнниттэн оттуурбут. Аҥылаҕы дулҕатын сүгэнэн сыл аайы кэрдэн оттуур сир оҥосторбут. Мэччирэҥ сири, трактор сыарҕата от кэлэр этэ, аҕабынаан оҕуруоттаан оттуур сир оҥостубуппут.

* * *

Күүкэйбэр тиийбитим аҕам 6 ыанньыксыт ынаҕын сааҕын атынан хотонтон таһаарар, буочуканан саас ынах иигин таһар эбит. Ол кэмҥэ кини биэнсийэҕэ тахсан сылдьара. Ата сүүрүүнэн сылдьар. Үлэтиттэн уурайбытын кэннэ кини үлэтин икки уол оҕуһунан нэһиилэ бүтэрэллэрэ.

Түбэй Дьаархаҥҥа үөрэнэ сылдьан каникултан төннөрбөр оҕонньор икки күн ол атын баайара. Кыра эрээри модьу-таҕа, тураҕас өҥнөөх ат. Сарсыарда эрдэ 8 ч. аналлаах сыарҕаҕа тулууп быраҕан баран айаҥҥа турунабыт. Хоҥнорбутугар дохсун ат муҥунан түһэр, иһэҕин хаара сирэйгэр ытыллан олорор, холорук иһигэр олорор курдуккун. Сирэйгин тулуубунан ыга саптан олороҕун. Тымныыга тыына бурҕаҥнаан туман ортотугар айаннанара. Биэс километр курдук сири муҥ кыраайынан түһэн баран, дьэ хонноҕо аһыллан, дохсун сэлиинэн биир кэм түргэнинэн айанныыр.

Эбиэт иннигэр Сиэйэҕэ дьоммутугар чэйдээн ааһабыт. Сиэйэттэн Түбэй Дьаархан 20 км буолуохтаах, эрдэ тиийэрбит. Ол аата үс көстөн ордук. Айан устата ат биир кэм дохсуннук барара, төһө бардаҕын аайы хонноҕо аһыллан сэлиитэ түргэтиир курдуга.

Былыр айаҥҥа, үлэҕэ туттуллар үчүгэй ат номоххо кэпсэнэр. Көрүүтүн, аһатыытын сатыахха наада. Олох, техника сайдан аты күннээҕи олоххо туһаныы, үлэлэтии умнулунна. Ол иһин билигин Өймөкөөнтөн Москваҕа, Магадаҥҥа диэри айанныыллар. Саха сылгытын муҥура суох кыаҕын көрдөрөөрү.

Сүөһүгэ бруцеллез ыарыы туран бөһүөлэктэн тэйиччи «Күүлэт» ферматыгар изолятор тэрийбиттэрэ. Үүттэрин туһанар бобуллара, ньирэйдэригэр эмтэрэрбит. Оҕолор улахан дьону кытта тэҥҥэ сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбиппит. Ынах бостууктааһына, саах күрдьүү, баайыы биһиги эбээһинэспит этэ. Бруцеллезтаах сүөһү эмис буолара. Бу ыарыы киһиэхэ сыстара, кутталлааҕа. Ол иһин эбии төлөбүр көрүллэрэ.

Арай  биирдэ  быраатым  Сашалыын «Оҕус өлбүт» диэн сиргэ ынах хомуйа бардыбыт. Симментальскай боруода 800 кг ыйааһыннаах кэйиик атыыр оҕустаах этибит. Сыһыы уҥуоргуттан биһигини көрөөт кэйээри түһүнэн кэбистэ. Сүрэхпит айахпытынан тахсыах курдук, ычыкыын ойуурга түстүбүт. Фермабыт далыгар киирэн уоскуйдубут. Өйбүтүттэн тахсыахпытыттан диэри куттаммыппыт. Сиппитэ буоллар иэдэтэлиэхтээх этэ.

Кулууп дириэктэрэ, турбут-олорбут Семён Федотов фермаҕа олорбута. Ойоҕо М.А. Федотова дьоммутун кытта фермаҕа үлэлиирэ. Кустуу барда. Арай саа тыаһа субу-субу иһиллэр. Сэмэн ол оҕуһу саанан ытар. Оҕуспут мөҥүрүү-мөҥүрүү ситиэхчэ буолар. Атаҕар кыанар буолан далга киирэн быыһанна.

Биригэдьииргэ киһини дэҥнииһи диэн туруорсан өлөттөрбүттэрэ. Этин бөһүөлэккэ тиэйэн киллэрбиттэригэр арыый холкутуйан, бэйдиэлиир буолбуппут.

Балаҕан ыйын 5 күнүттэн кыстык хотон өрөмүөнүгэр үлэлиирбит. Сүөһү кыстык хотоҥҥо көстөҕүнэ скотникка көһөрүм. Атынан от, сиилэс, кырбаммыт от ыанньыксыттарынан үллэрэн тиэйии, таһыы. Тракторынан 180 куул уотурбаны тиэйэн аҕалан далга сүөкээбиттэрин биирдии ыанньыксытынан ыйдааҕы нуормаларын ыстаабыллаан сааһылыыгын. Ынах сааҕын от сыарҕатыгар дьааһыкка тиэйэн ыраастыыгын. Сыыһа-халты тутуннаххына саас от тиийиэ суоҕун сөп, улахан эппиэттээх үлэ. Мээнэ киһини биригэдьиир үлэлэппэт. Сорох кээһиилээх от ортото көҥдөй буолар, ыйааһыныгар эппиэттээбэт. От нуорматын аччатан биэрэргэр тиийэҕин. Оччоҕо ынахтар топпокко  маҥыраһыы,  ыанньыксыттар «айахтара кытаран олорор» буолар.

Күһүн муус ылан кыаммат эмээхситтэргэ тиэйэбин. Саас халлаан сылыйан уһуур кэмигэр сыарҕалаах атынан баран саһааннаан кэлэбин. Биирдии саһаанынан атынан дьиэбэр таһабын. Атыыһыт Николай Прокопьевич Филипповтыын куйуурдуубут. Үлэ бүппүтүн, эбиэт кэннэ сыарҕалаах атынан тоҥуу хаары кэстэрэн күөллэри кэрийэрбит. Мин алларабын, кини булкуйар. Балык биир-икки кэлэр. Куулунан балык ылаары хойукка диэри ойбон аллара-аллара булкуйабыт да, элбэҕи ылбыппытын өйдөөбөппүн.

Бөһүөлэк кэннинэн буруопул барара. Ол устун 5 км суол үктээн хайыһардыырым. Кэлэ-бара 10 км. Толя Даниловы кучуйан илдьэ барбытым. Биир күн сылдьыһан баран аккаастаммыта. Дьэ итинник, икки сыл, аармыйаҕа барыахпар диэри Кутана отделениетын Күүкэй биригээдэтигэр оробуочайдаабытым.

Күүкэйгэ солбуллубат биригэдьииринэн Константин Тимофеевич Акимов (Чооруос) үлэлээбитэ. Дьону салайа кыратыттан үөрүйэх, улахан тэрийэр талааннаах салайааччы этэ. Кыстыкка киирии буолла да сарсыарда 7 чааска кыһыл паапка кыбыныылаах дьиэҕэр көтөн түһэр. Фермаҕа киһи тиийбэт. «Халлаан тымныы доҕор, бээрэ, испиискэҕитин аҕалыҥ эрэ», – диэн табаах уматтынар. Фермаҕа үлэлиирбиттэн аккаастаныам диэн оҥостон олоробун. Дьоҥҥун кытары былыргыны үөтэр, дэлби хайҕаталыыр, үөрдэр-көтүтэр. «Аһуу, бу, Борокуоппай үлэһит да киһи доҕор», – диэн киһиргэтэр.

«Сүөһү аһатар киһим ыарыйда, биир күн солбуй» диир. Биир күн бүппүтүн кэннэ сарсыныгар  «барбаппын»  диэтэххинэ «мин сүөһүм буолбатах, судаарыстыба сүөһүтэ, өллөхтөрүнэ эппиэттиэҥ» диэн буолар. Хайыаххыный, кыһыны быһа үлэлииргэр тиийэҕин. Кэлэр сылга ити кэпсэтии хатыланар, ону сэрэйэҕин.

Сыл аайы биһиги, Мэҥэ фермата, оройуоҥҥа ыҥырыы таһаарабыт. Ыҥырыы таһаардахпытына болҕомтоҕо сылдьабыт, эбии от, отурба туруорсабыт, чиэс-бочуот буолара.

Кырдьаҕастар звеноларын, табаарыстыы сууту, дьахталлар сэбиэттэрин уо.д.а. общественнай тэрилтэлэри табатык туһанара. Ыанньыксыт солбуйааһына, хотон сыбааһына, буруйдааҕы дьүүллээһин кинилэринэн барара. Ол да саҕана эҥин араас хадаар, сүрэҕэ суох үлэһиттэр бааллара. Олору кытта уопсай тылы булары, кинилэри үлэлэтэри сатыыра.

Н.О. Фёдоров ферманы тутан олорор, котельнайы үлэлэтэр туруу үлэһит киһи баара. Долгучуок маһы станок эрбиигэ эрбэтэн котельнайын оттон, көйөрбө оҥорорго паар ыытар, оргутар. Майгыта туруору. Биригэдьиир дьаһалын толорботох, хадаардаспыт буолуохтаах. Биирдэрэ дьаһалын толотторон тэйэр идэлээх. Сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри уолуктаһан далга төкүнүһэ сырыттылар. Тэбис-тэҥнэр. Биһиги от тиэйэ сылдьан көрөбүт. Этиһиилэрэ сүрдээх. Түөрт квартиралаах дьиэҕэ олоробут. Нөҥүө ыалга киирэн сынньана таарыйа эбиэттииллэр. Көхсүлэрин тыаһа күп-күрдүргэс, аҕылаһыы бөҕө. Дьоммут эбиэт кэннэ эмиэ уолуктаһан төкүнүһүү.

Сарсыарда 8 ч. үлэбитигэр кэлбиппит эйэргэспиттэр аҕай, кулуннаах биэ курдук батысыһа сылдьаллар. «Никита Осипович үлэһит да киһи доҕор. Маны гынаар, ону гынаар» диир. Биирдэрэ үөрэ-көтө сөбүлэһэн иһэр. «Хайа, хайаҕыт кыайда?» диэн Көстөкүүнтэн ыйыттахха, «мин буоллаҕа дии. Аһуу, иннин ыллым ээ» диир. Үөрэ-көтө үлэлээн кыстыгы туорууллар.

Биир тырахтарыыһы фермаҕа ыыта сатыыр. «Судаарыстыба трактора, гаражка туруоран кэбис» диэн дьаһайар. Биирдэрэ: «Күнү көрөн туран ферма үлэтигэр барбаппын, ол кэриэтин моҥнон өлүөм», – диир. Көстөкүүн: «Балык Хатарбыт ферматыгар үлэлии бар эрэ, ол кэнниттэн хайдах да буол», – диэн үлэҕэ таһаарар.

Эҥин араас дьон баара да, үлэһити куһаҕан киһи диэбитин истибэтэҕим. Барыларын үлэһит да киһи доҕор диэн хайгыы сылдьара. Көстөкүүн албыннаан үлэҕэ киллэрэр диэтэллэр да, улаханнык убаастыыллара, дьаһалын толороллоро.

«Элгээйи» сопхуоска кылаабынай зоотехниктыы сырыттахпына саас, киэһэ, Көстөкүүн Сунтаартан кэлэн иһэр. «Киэһэ хойутуу илдьэн биэриэм» диэтим. Чэйдээн баран биһиги таспытыгар Егор Жирковка таҕыста. Никита Осипович, бокуонньукка, ампаарыгар мас эрбэтэр станокпут баар. Оҕолоро бары кыргыттар, наадыйбаттар. «Ону тахсан тиэйэн ыл» диэн «Т-16» тракторын собуоттаата, тоҥон турара, кузовыгар от бырахтарда, Күүкэйдэригэр айанныы турдулар, миигин кэтэспэтэ. «Станок ыла кэллим» диэбитигэр Никита кыргыттара үүрэн ыыппыттар. Хор, оннук дьэ дьону тылыгар киллэрэр талааннаах салайааччы этэ.

Хас биирдии учаастагы дьону салайар улахан талааннаах, тыллаах-өстөөх биригэдьиирдэр дьаһайан олорбуттара. Үөһэттэн ыйыыга наадыйбаттара. Сопхуос, оройуон салалтата кинилэргэ тирэҕирэн үлэлииллэрэ. Уоппуска, өрөбүл күн диэн биригэдьииргэ көрүллүбэтин кэриэтэ. Кинилэр суох буоллахтарына үлэ ыһыллар. Быыстарыгар оттоон сүөһү ииттэллэрэ. Улаханнык туруорсан булчут өттө тайахха нэдиэлэ курдук бултаан киирэллэрэ.

Кэпсээнтэн кэпсээн. Мин Дьокуускайга СГУ-га кэтэхтэн үөрэнэбин. Көстөкүүн кыыһа Капа кэргэнинээн Залокка дьиэ арендалаан олороллоро. Кинилэргэ олорон семестрбин туттарабын. Арай Көстөкүүн самолётунан көтөн кэллэ. Рюкзактаах, онно аҕыйах тооромос эттээх. Киэһэ күтүөтүнээн Күүкэйтэн төрүттээх экономика билимин доктора Е.Г. Егоровка бардылар. Хойутуу оҕонньор үөрбүт-көппүт, үчүгэйдик күндүлэппит көрүҥнээх кэллилэр. «Күтүөппэр үлэ кэпсэттим» диир. Капаҕа үлэ булбут быһыылаах. Ити сыл СГУ-ну бүтэрэр сыллара. Куоракка үлэ көстүбэт.

Иккис күнүгэр «Холбоско» биир билэр киһибит баар буолуохтаах, онно бардыбыт» диэтэ, рюкзагын сүктэ, бардылар. Киэһэ күндүлэппит көрүҥнээх үөрэн-көтөн кэллэ. «Улахан дьоҥҥо мин биирдэ улахан наадаҕа сылдьабын», диир. «Хайа, бу сырыыга туох наадаҕын ситистиҥ» диибин. «Холбостон» «Дружба» мас эрбиир суруттарбыт. Мас эрбиир биһиэхэ мээнэ көстүбэт, улахан мал. Сарсыныгар самолётунан дьиэтигэр төнүннэ. Миигин «кэлэн боппуруостары быһаарсыбыппын дьоҥҥо кэпсээйэҕин» диэн тылбын ылла.

Капа      кыратыттан сүрэҕинэн  төрүт ыарыһах этэ. Кутана оскуолатын иккиэн бииргэ бүтэрбиппит. Үөрэҕэр аһара кыһаллара. Ыарыһах киһи үөрэхтэннэхпинэ сатанар диэн бэлэмнэнии курсугар икки сыл устата үөрэммитэ. Үрдүк үөрэххэ киирбитэ, кэргэн тахсыбыта. Кэргэнэ Нам уола. Биир уол оҕоломмуттара. Кэргэнэ Көстөкүүн кэпсэтиитинэн горнай институкка научнай үлэһит буолбута. Үөрэҕин бүтэрэр сылыгар ытырыык ыттан куттанан          ыарыыта     бэргээн       Дьокуускайга көмүллүбүтэ. Эрдэ өлүөх буолан эбитэ дуу, дьоҥҥо олус сайаҕас этэ, киһини кытта түргэнник уопсай тыл булан табаарыстаһара. Каникулга кэллэҕинэ кыра стипендиятыттан ырыбыллаан саҥаспар, оҕолорго хас биирдиилэригэр, мин дьоммор кэһиилээх кэлэрэ. Дьоммут кыыспыт дииллэрэ. Кэлэрин кэтэһэллэрэ, кэһиилэрин уураллара, кыра харчы биэрэллэрэ.

Ийэм кыра кыыһыгар Машаҕа олорон кырдьан өлбүтэ. «Дойдугар илдьэн кистиэхпит» диэтэххэ аккаастанар этэ. «Капалыын бииргэ сытыахпыт» диирэ.

* * *

Күөл кытыытыгар кыстык ферма ноһуомун чохчолоро баара. Н.С. Фёдоров (Хаппыы) сайын кустуу сылдьан, тоҕо эбитэ буолла, уматан буруо-тараа бөҕө таҕыста. Үөһэттэн баһаарынай сөмөлүөт дьурууһустубалыы сылдьан 2 парашютиһы бырахта. Умуруоран парашюттарын оҕус сыарҕатыгар тиэйэн, Ньукулайы арыаллатан 10 биэрэстэлээх бөһүөлэккэ иттэрдилэр. Туох сэмэни ылбыттарын билбэппин.

Сайын уот куйааска «Күүлэттэн» ыраах үрэх баһыгар улахан баһаар турда. Сиэйэттэн лесхоз үлэһитэ Степанов (Сирэйдэммит) ааһан иһэн аҕам саҥа ТОЗ-овкатын сууйан баран оронун үрдүгэр ыйаан турбутун докумуона суох диэн тутан барда. Дьиҥэр, атыыласпытын туһунан маҕаһыын докумуона бөһүөлэккэ баар эбит. Кэлин ирдэһэ сатаабатаҕа. Ол курдук былааһы туһанан дьону атаҕастыыллара.

Икки «С-100» трактор баһаарга баран иһэллэр. Трактористара тоҥ нууччалар. Сирдьиттэрэ суох. Н.С. Фёдоровы сирдьит гынар буоллулар. Саха сирин чулуу булчута. Үйэтин тухары сиргэ хоно сылдьар сорсуннаах булчут. Сири-уоту биэс тарбаҕын курдук билэрэ. Ытыллыбыт охтуу быһа тиийбит суолларын дьон сөҕөрө. Нууччалара ыйыттахтарына: «Прямо работай» диир үһү диэн сылдьыспыт дьон кэпсииллэрэ. Булчуттар сири, хайысханы оннук билэллэрэ. Кинини батан уола Тимка Бүлүүнэн, Өлүөхүмэнэн сылдьар улахан булчут.

Аҕам «Оҕус өлбүт» кытыытыгар, ойуур умайбыт сирин эргийэ оҕуруоттаан, сүбүөкүлэ олордоро аһара үүнэрэ. Кырбаан сүөһүгэ сиэтэллэрэ. Ким да дьаһайбатах буолуохтаах. Баҕа өттүлэринэн үлэ булан үлэлииллэрэ.

Күүлэт күөлэ сайын кураантан уута уолан хаалара. Уута ортотугар эрэ хаалла. Кытыытыттан көрдөххө паардаммыт буола курдук бадараан. Онно 24 бороон субуруһан ыраахха диэри киирэн баран батыллан хаалла. Тыынан киирэн хостообуттара да үгүстэрэ өлбүтэ. Төлөппүттэрин өйдөөбөппүн, аахтаабыт буолуохтаахтар.

Детсад, оскуола босхо. Сопхуос тэриллиэр диэри холкуос дохуота элбэҕэ. Онон сопхуос тэриллэрин сорохтор сөбүлээбэтэхтэрэ. Ол иһин өйдөтүү үлэтэ ыытыллыбыта. Оробуочай буолаҕыт, хамнас аахсаҕыт, сыл аайы уоппуска ылан сынньанаҕыт дииллэрэ, мунньахтары ыыталлара.

Холкуос чилиэннэрэ дьиҥнээх демократия сокуоннарынан салайтараллара. Салайааччыларын быыбардыыллара, дохуоттарын иккилии күн мунньахтаан быһаараллара. Элбэх үлэ күннээх холкуостаах дохуота элбэҕэ.

Оттон сопхуоска салайааччылары аныыллара, үлэһит оруола намтаабыта. Үлэ бүтэһиктээх көрдөрүүтүгэр ээл-дээл сыһыан баара. Социалистическай куоталаһыылар тэриллибиттэрэ. Кыайыылаахтары өрө тутуу, холобур оҥостуу, партияҕа ылыы, наҕараадалааһын хамсатар күүс буолбуттара. Салалта экономическай ньымалартан тэйэн былаас күүһүн туттуута, салайыыта дэлэйбитэ. Ый аайы дирекция сэбиэтигэр, парткомҥа, рабочкомҥа, райкомҥа, райсовекка үлэ түмүгүн ырытыы, буруйдаах салайааччылары түүрэйдээһин, бастыҥнары өрө тутуу, наҕараадалааһын буолара.

Бастыҥ үлэһиттэр, коллективтар ыҥырыы таһаараллара, көрдөрүүлэрэ оройуон хаһыатыгар киэҥник сырдатыллара. Салалта инициативалаах, бэйэтэ санаалаах, этиилээх үлэһиттэри өйөөбөтө. Үөһэттэн ыйыыны биир тыла суох олоххо киллэрэ сатыыр толоругас салалта инициативаны, саҥа көрүүнү хам баттыыра.

Партия оруола производствоҕа, идеологияҕа муҥутуур оруолу ылбыта. Ситиһиилээх үлэни көрдөрдүҥ да хомуньуус буолуохтааххын. Онтон тирэхтэнэн былаас уорганнарыгар эппиэттээх үлэлэргэ ананаҕын, араас таһымнаах депутат буолуохтааххын. Хомуньууһу кыра буруйга-сэмэҕэ тардыы бобуулааҕа. Партия дьон кыһалҕатын          быһаарыыттан      тэйбитэ. Туспа привилегированнай уоргаҥҥа кубулуйбута. Партийнай салалтаны кириитикэлиириҥ сэрэхтээҕэ, үлэҕиттэн араас биричиинэнэн ууратыллыаххын сөбө. Баппат, куолуһут киһи аатырыаххын сөбө. Советскай былаас сыыһатын көннөрбөккө норуоттан тэйэн 1991 с. иһиттэн ыһыллыбыта. Дьиҥэр, советскай былаас инники сылларыгар дьону түмэрэ, аан дойдуга аптарытыаттааҕа. 1930 с. индустриализацияны олоххо киллэрбитэ, заводтар, фабрикалар тутуллубуттара. Аан дойдуга бастакы сайдыылаах судаарыстыба буола сайдыбыта. Иккис Аан дойду сэриитигэр фашистскай Германияны үлтү сынньан, арҕаа Европа дойдуларын фашизмтан босхолоон, сайдыы суола тутуһулларын ситиспитэ. Ядернай буомбаны айбыта.  Норуокка  элбэх  ситиһиилэри, сайдыыны аҕалбыта.

1991 сылтан капитализмы, рыночнай экономиканы олоххо киллэрии кэмэ саҕаламмыта. Салалтаҕа 44 сыл үлэлээтим, онтон 12 сыла советскай, 32 сыла капитализм кэмигэр түбэстэ. Улуу өйдөөхтөр этэн тураллар. «Икки строй олохтонор быыһык кэмигэр олорууну өстөөххөр да баҕарыма» диэн. Ол аата революция, былаас былдьаһыы кэмигэр. Б.Н. Ельцин этэн турар, «билиҥҥи кэмҥэ үлэлиир салайааччыларга барыларыгар уордьан биэриэххэ наада» диэн. Ити быыһык кэмҥэ биһиги көлүөнэ салайааччылара үлэлээн кэллибит.

Үөһэттэн-аллараттан ыгыыны тулуйбакка үгүс тыа хаһаайыстыбатын салайааччылара суох буоллулар, ыарытыйан үлэттэн туораатылар. Кинилэр баар буоланнар, үгүс охсууну бэйэлэригэр ылынан тыа хаһаайыстыбата тулуктаһан хаалла.

1991 с. «ким хайдах сатыырынан ыһыллыҥ, государство тыа хаһаайыстыбатыгар көмөлөһөр политиката тохтуур, сүөһүгүтүн, техниканы үллэстэн чааһынай барыҥ» диэн үөһэттэн соҥнооһун саҕаламмыта. Үлэһиттэргэ хамнас төлөнүүтэ дохуоттан эрэ буолбута. Үгүс салайааччы үлэһиттэрин дохуоттуур кыаҕа суоҕа. Бородууксуйаны батарыы, астааһын структурата моҥкурууттаан үгүс сиргэ суох буолбута.

Н.Д. Гурьев партия Сунтаардааҕы райкомугар 1-кы секретарынан 10-тан тахса сыл ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Кини үлэлиир кэмигэр Сунтаарга ГЭС уота кэлбитэ, сопхуостар Мииринэй оройуонун промышленнай тэрилтэлэрин кытта шефтэһэн үлэлииллэрэ, табаарыстыы сыһыаны олохтуур культурнай тэрээһиннэр, слёттар тиһигин быспакка ыытыллаллара. Оройуон сүөһү ахсаанынан республикаҕа 2-с миэстэҕэ тахсыбыта.

Бастыҥ ситиһиитинэн нуучча чулуу уола С.М. Журавлёв салайар «Элгээйи» сопхуоһа Ленин уордьанынан наҕараадаланыыта буолбута. Улуу тойуксут, поэт С.А. Зверев салайар үҥкүүтүн ансаамбыла Москваҕа ыччат фестивалыгар ситиһиилээхтик кыттыбыта. Саха ыһыаҕа сыл аайы тэрээһиннээхтик, өрө күүрүүлээхтик ыытыллара. «Сунтаардар окко киириэх иннинэ ыһыахтыыллар» диэн республика салалтатын этиилэрэ билиҥҥэ диэри ахтыллар.

Ити сылларга үрдүк ситиһиилэргэ оройуону партия райкомун 1-кы секретара Н.Д. Гурьев таһаарбытын аныгы көлүөнэ салайааччылара умнуо суохтаахтар.

*  *  *

 

СӨҔӨБҮТ, МАХТАНАБЫТ, КИЭН ТУТТАБЫТ

Тимофей Матвеев.

Сайылык барахсан мүөттээх, ыраас, чэбдик салгына, уохтаах сөрүүн кымыһа, дыыгыныы көөнньүбүт быыппаҕа, суората, саламаата, минньигэстэн минньигэс уоһаҕын алаадьыта, хоqуу сүөгэйэ, саҥа төрөөбүт ньирэйин мэҥирээһинэ, ферма хаһаайына атыыр оҕус дал көпсөркөй буорун өрүтэ ыһа-ыһа айаатаан лоҥкунатара, кыра оҕолор оонньоон туллуктана көтөллөрө, ыанньыксыттар ынахтарын ыҥыран аймалаһаллара, бостуук һайдыыр саҥата,  киһи  сүрэҕин-быарын көрбүтүнэн киирэр түптэ хойуу, дабархай, минньигэс сыта, сайылык туруу үлэһит дьоннорун күннээҕи кэпсэллэрэ, айылҕа барахсан силигилии ситэн хамсыы-имсии, илигирии турара – бу мин оройбунан көрбүт оҕо сааһым сайылыга, Оргуллаах үүт табаарынай фермата…

Мин оччолорго Битээлий Бөстүрүкүөптүүн Чымыдаан диэн доҕолоҥ, кырдьаҕас атынан бостууктаһабын. Оргуллаах Эбэ Хотун уута оҥоччу түһэн турар. Саҥа уулана сатыыр. Ыстахаан оҕонньор биэнсийэҕэ тахсан баран дьонун кытта бииргэ сайылаан олорор. Ынах ыамын быыһыгар киниэхэ илии-атах, сорук-боллур буолабын.

Биирдэ эмэх буолан хаалбыт ыҥыыр элээмэтин үүйэ олорон оҕонньор тугу эрэ ырааҕы чарапчыланан көрө сатаан баран: – Ыл нохоо, харахтаах киһи көр эрэ, хайалара аттанан-таймаланан иһэрий? – диэтэ.

Өс хоту ыйбыт сирин диэки көрбүтүм бэйэтин улахан уола маҥан атынан күөл хоту баһынан бөһүөлэк диэки ааһан эрэр эбит.

«Ээ, Оломтон ыһык ыла киирэн истэҕэ, киһи буолан айаннатар эбит ээ», – диэн сэмээр астынан мичик гыммытын өйдөөн хаалбытым. Ол Ыстахаан Ыстапаан улахан         уола Боруонньаны сиргэ-уокка ат миинньэ сылдьарын, ону да ыраахтан, бастакы көрөөһүнүм этэ. Ыстахаан    кырдьаҕас киһи диэтэххэ түргэн-тарҕан   туттунуулааҕа, наар сүүрүүнэн кэриэтэ бэдьэйэ сиэлэрэ. Хайдах эрэ аҥар атаҕын соһо тардан ыларга дылыта, арыт-арыт хайдах эрэ онтун-мантын өлөрүөх курдук холус баҕайытык туттуталаан ылара, онтуттан кэлэйбиттии баһын быһа илгистэн кэбиһэрэ. Оҕонньор кэрээбэт кэпсээннээҕэ, киһиэхэ эрэ суох аламаҕай майгылааҕа, дьээбэҕэ-хообоҕо аһара тиллэрэ, ону таһынан киһиэхэ эрэ суох ураты кылыһахтаах куоластааҕа. Ити үлүгэрдээх кылыһахтаах кэрэ куолаһа кэнчээри ыччаттарыгар хаалбатаҕын, сааһыран олорон, сөҕө эрэ саныыбын. Кэмэ илик буолуо диэн быраат киһи быһыытынан бэйэбин уҕалдьыта, эрэнэ күүтэбин эрэ.

Ыстапаан маһы ытаппат-ыллаппат эрэ бэтэрээтинэн улахан уус этэ. Кини киһи уһанаары туппут маһа-ото барыта дьып-дьап, орун оннугар буолара. Күн аайы тыа эрэ киһитэ туттар сэбэ-сэбиргэлэ, хотуура, күрдьэҕэ, сүгэтэ хаһан да тосту ыстаныа суох курдуга. Ол эрээри оҕо санаабар буолуо.

Аҕам Хаппыы Ньукулай көмүллэ сытар сиригэр, Нэлэкэҕэ, кини ыйыытынан-кэрдиитинэн былыргылыы уҥуох туппуппут. Үөһээҥи баттык маһа кыайан ыпсыбатаҕар, «манан муруку, дьирики таах курдарыта сылдьан суолланыыһы» диэбитэ өйбөр хаалан хаалбыт.

Былыр-былыргыттан ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут, олоҥхо, оһуокай дойдута дэппит Сунтаар улууһун кытыы сытар нэһилиэгэр, көстөөх сиртэн көҕөрөн көстөр хайалардаах, ыллыы сытар ыллыктардаах, туойан доргута турар тумуллардаах, ой дуораанын кытары тэҥҥэ оһуокайдаан ойуолаһар ойуур тыалаах, күн тахсан сөтүөлүүр Күннээх Күүкэй Эбэ Хотун улууканнаах Улуу туонатыгар улуу да дьон төрөөн-ууһаан, үлэлээн-хамсаан ааспыт эбиттэр.

Кэнэҕэс кэнчээри ыччаппытыгар күн аайы күүстээх билиини биэрэр, аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир таас оскуолабытыгар киирээһиҥҥэ, оруобуна аартык айаҕар, көстүүлээх сиргэ Күүкэй сириттэн-уотуттан төрүттээх Улуу дьоммутугар аналлаах, үйэтитэр сыаллаах-соруктаах улахан сквер турар. Улуу сүдү дьон Никита Афанасьевич Самсонов, Егор Григорьевич Егоров бүүстэрин кэннилэриттэн Степан Максимович Акимов, норуокка биллэринэн Ыстахаанап Ыстапаан бэйэтинэн турар.

Улуу сэрии суостаах уотугар уһаарыллыбыт, хабыр киирсии дьулаан тыыныгар иитиллибит, хатарыллыбыт фронтовик буойун Степан Максимович Акимов олорбут олоҕун билигин оҕолоро, сиэттэрэ салгыыллар. Ол курдук, Ыстахаанап Ыстапаан улахан уола Прокопий Степанович ыал-күүс буолан, оҕолонон-урууланан Элгээйи нэһилиэгэр олорор. Билигин даҕаны илиитин эрчимин энчирэппэккэ, өйүн-санаатын ыһыктыбакка дойдум, дьонум туһа диэн эрчимнээхтик үлэ үөһүгэр сылдьарын биир дойдулаахтара көрө сөҕөбүт, махтанабыт, киэн туттабыт.

Убайым Борокуоппай кэргэнэ Надежда Егоровналыын.

Сыл аайы аҕатын Ыстахаанап Ыстапаан аатынан сүүрүүнү Кыайыы күнүн көрсө бастаан оскуола иһинэн, онтон куустаҕа, кэлин улууска спонсордаан тэрийсэр, көмөлөһөр, сүүрэр-көтөр. Ол тас өттүнэн сайын аайы ыһыахха эдэр кэнэҕэс кэнчээри ыччаттарбыт Сахабыт тылын сиэдэрэйкээн бэйэлээх сүмэтин, сүөгэйин эттэригэр-хааннарыгар иҥэринэн улааттыннар диэн Оһуохай күрэҕин спонсордыыр. Күүкэй нэһилиэгин улахан тэрээһиннэригэр күүс-көмө, сүбэ-ама буолар.

Прокопий Степанович, оччотооҕу оҕонньоттор сөбүлээн ааттыыларынан Боруонньа, бэйэтин тус холобурунан үлэҕэ-хамнаска иитэлээн таһаарбыт кыргыттара эмиэ бэйэтин курдук туруу үлэһиттэр, олоххо-дьаһахха улахан эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһаллар, дириҥ билиилээхтэр.

Убайбыт Прокопий Степанович Акимов Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ. 40-тан тахса сыл, оччолорго улууспут араас сопхуостарыгар, араас талааннаах, советскай, партийнай, хаһаайыстыбаннай да салайааччыларын кытары тэҥҥэ алтыһан билигин даҕаны үлэлии-хамсыы сылдьарыттан астынабыт, киэн туттабыт.

Түргэнник устар олоҕу кытта тэбис-тэҥҥэ хардыылаан, өссө даҕаны үрдүктэн-үрдүк кирбиилэри ыла турарыгар баҕарабын. Ыарыы ыалласпатын, хомолто хомоппотун, чугас дьонуҥ сылаас тапталларыгар уйдараҥҥын этэҥҥэ өлүөр эрэ сырыт, алгыспытын аныыбыт. Алгыс баһа сыаланыахтын.

Тимофей МАТВЕЕВ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин чулуу сылгыһыта.

Бүгүйэх сылгы базата.

*  *  *

 

БАҔАРАН ТУРАН БАРБЫТЫМ, БУҺАН-ХАТАН ТӨННҮБҮТҮМ

Армияҕа сулууспалааһын биһиги саҕана чиэс-бочуот, хас биир эр киһи дойдуга ытык иэһин төлөөһүнэ буолара. Армияҕа сулууспалаабатах киһи туох эрэ итэҕэстээх курдук сананара. Үөрэххэ киирэргэ учуоттууллара. Баҕаран туран сулууспалыы барарбыт.

1975-1977 сс. Советскай армия кэккэтигэр сулууспалаабытым. Призыв сылга иккитэ – күһүн уонна саас буолара. Саас Сунтаарга медкомиссиябын бардым. Мин кырабыттан биир хараҕым көрбөт. Саанан биир өттүбүнэн ытабын. Ыксал буолла. Окулиска кэннибэр турар уолу кытта бииргэ киирдибит. Сибигинэйэн буукубалары этэн биэрэр. Дьокуускайга эмиэ суфлердаан окулиспын этэҥҥэ ааһан танковай чааска ыытар буоллулар.

Самолётунан Хабаровскайга тиийдибит. Приморскай кыраайга 6 ый «Т-62» тааҥка механик-водителигэр үөрэттилэр. Прибалтиецтар уһун уолаттар, «тааҥкаҕа баппаккыт» диэн морской пехотаҕа көһөрдүлэр. Тиийэрбитигэр олохтоохтор суол икки өттүгэр сэлэлии турбуттар, илиилэрин ууналлар. Биһиги суумкаларбытын, үчүгэй тас таҥастарбытын устан биэрэн иһэбит. Чааспытыгар баанньыктаатылар, байыаннай таҥас, саппыкы кэттибит, байыаннай буола түстүбүт. Баттахпытын күлтүччү кырыйан кэбистилэр. Танкодромҥа илдьэн тааҥкаларбытын көрдөрдүлэр. Сүүрдэн ааһаллар, дымовой завеса туруораллар, бастаан салла көрдүбүт, тыас бөҕө. Сулууспа саҕаланна.

Приморьеҕа кислород тиийбэт, ардахтаах. Эмискэ куйаарар. Сопка бөҕө. Ардах дохсуннук түһэр, сир дойду уунан устар. Бастаан килиимэттээн атахпыт дьөлө ириҥэлээх баас буолан эрэйдэннибит. Күн аҥара теоретическай чаас, эбиэт кэннэ ыыта үөрэнэбит. Аккумулятордары устааһын, олордооһун күүһү эрэйэр. 4 аккумулятор хас биирдиитэ 40 кг, ону хараҥаҕа клеммаларын сыыһа холбоотоххуна уот чаҕылла түһэр. Снарядтаах буоллаххына салгыҥҥа көтүөххүн сөп.

Макеттарга ыыта үөрэнэбит. Танкодромҥа учебнай тааҥкаларынан мэһэйдээх балаһалары ааһабыт. Түүҥҥү ыытыы диэн баар. Быыспытыгар техническэй хааччыйыыга тааҥкаларбытын сууйабыт, оҕунуохтуубут.

Тулабыт барыта байыаннай сопхуостар. Үүнээйи хомууругар 10 км бааһынаҕа марш-бросок буолар. Уйаара-кэйээрэ биллибэт бааһынаҕа помидор олордоллор. Ону дьааһыкка хомуйан чохчолуубут. Испит тотуор диэри помидор сиибит. Өрөбүлгэ кулуупка киинэ көрөбүт. Казармабыт муостатын атахпытынан тэбэн мастикалыыбыт. Сынньалаҥ хоһугар хаһыат ааҕабыт, саҕабытыгар маҥан таҥаһы тигэбит, дьиэбитигэр сурук суруйабыт. Солото суох сылдьаҕын. Киэһэ плацка строевой хаамыы, ырыа.

Нэдиэлэҕэ биирдэ нэрээккэ ротанан бараҕын. Сорох отделение харабылга, атыттар кухняҕа. Харабылга икки чаас поска тураҕын, икки чаас устаап үөрэтэҕин, икки чаас мас ороҥҥо утуйаҕын. Сөбүлээбэт нэрээппит кухня буолара. Ваннаны толору хортуоска хахтыырбыт. Сииктээх, инчэҕэй, таҥаһыҥ сытыйар. Стрельбищеҕэ автоматынан ытабыт. Улахан болҕомтону табельнай ПМ бэстилиэтинэн ытарга уураллар.

«Т-62» орто тааҥкаҕа киирэр. Ыйааһына 40 тн. Салайарга үөрэннэххэ, истигэн. 50 км маршка колоннанан айанныыбыт. Колоннаттан хаалыа, туоруо суохтааххын, дистанцияны тутуһуохтааххын. Походнай балаһыанньаҕа сидениеҕин көтөҕөн, төбөҥ быган иһэр. Чысхааҥҥа сирэйиҥ үлүйбэтин курдук щит туруорабыт. Бойобуойга люккун сабан, триплекскинэн көрөн айанныыгын. Элбэх тааҥка колоннатыгар быыл ортотугар айанныыгын, туох да көстүбэт. Үөһээ башняҕа олорор командир атаҕынан санныгар тэбэн бэлиэ биэрэр, уҥа-хаҥас диэн салайар. Рациянан хамаанданы истэҕин.

Платформаҕа тиэллиигэ элбэхтик эрчиллэбит. Иккис аан дойдутааҕы сэриини ааспыт легендарнай «Т-34» тааҥкалар бойобуой хараллыыга тураллара. Снарядтара тааҥкаларга иһигэр иҥиннэриллэн, аккумулятордарын холбоотуҥ да сэриигэ киирэргэ бэлэм этилэр. Биһиги ол тааҥкалары ыыта үөрэнэрбит, техническэй көрүү-истии ыытарбыт. Чахчы, ыытарга чэпчэкитэ, кыанара «Т-62» тааҥкалартан ордуга. Массыынаны ыытар курдуга. Сэрии буолар түбэлтэтигэр траншеяларга киирэн артиллерия оруолун толоруохтаахтара.

Алта ыйынан экзамен туттаран «механик-водитель средних танков» диэн идэни баһылаатым. Фотограф ыҥыран барыбытын хаартыскаҕа түһэрдилэр уонна идэбитин туоһулуур свидетельство строй иннигэр туттарбыттара. Чааспыт Ханко диэн муора курдук киэҥ күөл кытыытыгар турара. Кытайдар чугастар диэн сөтүөлүүрбүтүн боболлоро. Күөлгэ байыаннай флотилия кыраныыссаны харабыллыыра.

Олохтоох сулууспалыыр сирбитигэр Амурскай уобалас Свободнай куоратыгар тиийдибит. Билигин онно «Свободнай» космодром тутуллан турар. Кыһыҥҥы өттүгэр киһини курдары үрэр тыаллаах буолан тымныы.

Соҕотох элитнэй тааҥкабай чаас. Кытайы кытта кыраныысса чугаһа. Даманскай арыытын иһин сэрии Кытайы кытта байыаннай күөнтэһиини тыҥатан турара. Сэрэнэ сылдьаҕын. Биһигиттэн чугас баар чааска кытай диверсаннара кыраныыссаны туораан киирэн казармаҕа утуйа сытар биир рота дьону, ол аата 100 киһини, быһаҕынан кэйгэллээбит этилэр.

Бойобуой расчёт быһыытынан биһиги чааспыт бастакы эшелоҥҥа турара. Оборона иккис эшелона Урал хайаларыгар баара. Кытайдар саба түстэхтэринэ «Урал хайаларыгар тохтотуохтаахпыт» дииллэрэ. Бээтинсэ аайы политруктар лекция ааҕаллар. «Сэрии бүгүн-сарсын буолар, биһиги сорукпут 4 чаас кытайдары тутуохтаахпыт» дииллэрэ.

Нэдиэлэҕэ иккитэ тревога биллэрэллэр. Бастаан сэрии буолла дии саныырбыт, кэлин сиҥҥэр түһэн кыһаллыбат буолан хаалаҕын. Тревога биллэрилиннэҕинэ каптёркаттан бэлэм турар комбинезоннарбытын кэтэн казарма иннигэр стройдуубут, бириэмэбитин аччатары ирдииллэр. Стройдаат, боксаларга сүүрэбит, ааннарын аһа охсобут. Казарма устатынан үөһээ уоттаах проводтар тардыллан тураллар онно удлинителлэри туора быраҕан тааҥкаларбытын собуоттуубут. Киһи тумнастар буруота буолара. Экипаж аккумуляторнайтан иитиллибит аккумулятордарбытын үтэр тэлиэгэҕэ ууран аҕалабыт. Механик-водитель уйаларыгар уган холбуур уонна бокса таһыгар тахсан тыын ылаҕын.

Киинэҕэ көстөр курдук колоннанан марш-бросок оҥоробут. Сопка анныгар траншеяларга киирэбит. Ыйы быһа кыһыҥҥы лааҕыр диэн саҕаланар. Марш кэмигэр тохтоон трансмиссияларбытын аһан бириһиэнинэн саптан радиатор үрдүгэр утуйа сатыыбыт. Чаас аҥара буола-буола тоҥон уһуктаҕын. Подогревательбитинэн радиаторбытын сылыттабыт. Уһун тохтобулга балаакка туруорабыт, наараларга утуйабыт. Ортотугар тимир оһоххо солярка кутан иттэбит.

Полевой кухня аһылык бэлэмниир. Биирдэ подогревателинэн тааҥкабын собуоттаары, баата фитили уматан дьөлөҕөскө уган, вентиляторбын холбообутум уоту утары үрэн комбинезоммар түһэн умайан барда. Комбинезонум оҕунуох иҥмит уонна баата буолан нэһиилэ умуруордум. Умайбыт сирин плащ-палатканы иһигэр бүөлээн учениены туораатым. Танкодромҥа учебнай тааҥкаларынан сыал ытарга эрчиллэбит. Түүҥҥү эрчиллиигэ ПНВ прибордарынан сирдэтэбит. 25 м от күөх өҥүнэн сырдатар. Биир хараҕым көрбөт буолан ыарырҕатарым, командир башняттан хамаандатынан салайарым.

Арай марш-бросок кэмигэр тааҥка колонната        ааһан           истэҕинэ мин       тааҥка ыытан иһэрбин Күүкэй уола В.М. Харитонов көрбүт этэ уонна кулуһун таһыгар аһыы олордохпуна, дьонтон ыйыталаһан тиийэн кэллэ, үөрүү-көтүү бөҕө. Кини артиллерийскай    чааска         сулууспалыыра. Эмиэ учениеҕа тахсан чугас түһүүлэммиттэр. Тааҥкабын илдьэн көрдөрдүм. «Маннык кыараҕаска үөрэнэн хаалан сылдьыбыт эбиккит» диир. Валентиҥҥа дьоно суруйан, миигин таба көрбүт буолуохтаах. Биһиги иннинээҕи дембеллэр хаартыскаҕа түһэрэр уоллаах буоланнар альбом оҥостубуттара. Биһиэхэ суоҕа. Боксаларга билигин сэриилэһэр «Шилка» диэн зениткалара уо.д.а. ол саҕана секретнэй сэрии сэбэ диэн бириһиэннэринэн сабыллан туралларын хаартыскаҕа түһэрэри боболлоро. Армияҕа сулууспалаабытым туһунан туоһу Валентин эрэ баар.

Свободнай куорат таһыгар, хайаларга, бункердарга стратегическай ракеталар турар чаастарын ядернай сэрии сэбин аччатыы туһунан АХШ кытта дуогабар быһыытынан суох гыммыттара. Ракеталары устан барбыттара да казармалара хайдах баарынан тураллара. Онно нарядка сылдьарбыт. Ол миэстэтигэр билигин Свободнай космодром тутуллан байыаннай космическай аппарааттары уо.д.а. космоска таһаараллар.

Кытайы кытта сыһыан мөлтөх буолан куоракка таһаарбаттара. Кыайыы күнүгэр параадтыы таҕыстахпытына эрэ көрөбүт. Параад буолуон биир ый инниттэн плацка строевой хаамыыга, ырыаҕа эрчиллэбит.

Киэһэ казармабытыгар шинельбитин, обмундированиебытын бэлэмниибит. Ыйдааҕы хамнаспыт 3 солк. 40 харчы. Онон киоскаттан тиис суунар паста, щётка, бирээнньик, газтаах утах атыылаһабыт.

Украинаттан сылдьар уол сулууспатын устатыгар 7 төгүл күрээн турар. Сулууспалыыр болдьоҕо чугаһаан турдаҕына эмиэ күрүүрэ. Күрээтэҕинэ түрүлүөн бөҕө буолар. Куоракка, сыһыыга көрдүү барабыт. Сулууспаттан аралдьыйаары биһиги үөрүүнэн көрдүү барабыт. Уолбутун свинарниктан булабыт.

Биһиги призыв тааҥка командира сержант тыҥата ыалдьара, сөтөллөн санчаастан тахсыбата, уҥуох-тирии буола ырбыта. Ол тухары дьиэтигэр ыыппатахтарын сөҕөбүн. Нууччалар уорбакка сатамматтара. Сарсыарда турбутуҥ орон баһыттан саппыкыгын уоран ылбыт буолаллар. Командирдар «хайдах сүтэрбиккитий да оннук булуохтааххыт» дииллэрэ. Онон баппат буоллаҕына атын саллаат саппыкытын кэтэн кэбиһэҕин. Демобилизация чугаһаан ательеҕа бүрүүкэ сакаастаан тиктэрэн каптёркаттан уоруохтара диэн типпээҕим анныгар кистээбитим. Сарсыарда турбутум суоҕа. Утуйа сыттахпына уоран ылбыттар.

Чааспытыгар 4 саха буолан сулууспалаабыппыт. Омугунан арахсыы диэн суоҕа. Кырдьаҕастар, эдэрдэр диэн араараллара. Ол салалта өттүттэн өйөнөрө.

«Кырдьаҕас» диэн иккис сылын сулууспалааччылар чааска бэрээдэги олохтууллара. Оннук сылтан сыл салҕанара. Бастакы сылбар стройга инники кэккэҕэ турабын, кэннибэр иккис сылын сулууспалыыр, били 7 төгүл күрээбит саллаат турар. Көхсүбүн тарбаҕынан анньыалыы турда. Мин эргиллэ түстүм да харахха биэрэн кэбистим. Хамандыырдарбыт көрбөтүлэр. Көрбүттэрэ буоллар 10 хонукка гауптвахтаҕа ыытыахтаах этилэр. Хараҕа көҕөрөн таҕыста. Маатыры-куутуру бөҕө буолла.

Киэһэ «дедтэр» каптёркаҕа ыҥырдылар. Тиийбиппэр эмиэ маатыры-куутуру бөҕө. Төгүрүччү туран тиэрэ кэйиэлээтилэр. Тахсан умывальник сууйдум. «Боксёргун дуо?» дииллэр. Ол кэнниттэн тыыппат буолбуттара. Армияҕа бэйэҕин көмүскэнэр буолуохтааххын. Саллааттар истэригэр дьону кырбааһын, атаҕастааһын биһиги саҕана суоҕа. Тоҕо диэтэххэ Кытайы кытта сэрии буолар дииллэрэ. Онно бары бииргэ, экипаһынан сэриилэһэбит, бэйэ-бэйэҕитигэр көмөлөһүөхтээххит диэн өйдөбүл баара, биир коллективнай тыыҥҥа иитиллэрбит.

Элитнэй чаас буолан, солото суохпутунан утары туруу, бэрээдэги кэһии суоҕа. Элбэх омук баара. Экипажпыт командира молдован, наводчик украинец, иитээччи азербайджанец этилэр. Ленинскэй зачёту сахалар 5-кэ туттарарбытын офицердар аһара сөҕөллөрө. Нууччалыы грамматиканы үчүгэйдик билэрбитин интэриэһиргииллэрэ. Сахалар техникаҕа сыстаҕастар диэн хайҕанарбыт. Командирдарбыт дисциплинаны тутуһууну кытаанахтык ирдииллэрэ. Сержант званиелаах демобилизацияламмытым. Армияҕа 68 кг киһи барбытым, кэлэрбэр 73 кг буолбутум. Армияҕа биир кэмҥэ аһыыр буолан ас иҥмит этэ.

Армияттан кэлэрбэр аҕам дьонтон кыра дьиэ атыыласпыт этэ. Дьиэбит кыра, салгыахха диэн буолла. Техника суох. Санныбытынан сүгэн дьиэбитин көтүрдүбүт, салҕааһынын начаас тутан бүтэрдибит. Үлэлии сырыттахпытына бөһүөлэк баһыгар саанан хаста да ыттылар. Кус көҥүлэ эрдэ. Баран көрүөххэ диэн, саа тыаһын хоту бардым.

Баран истэхпинэ бииргэ үөрэммит уолум, армияттан саҥа кэлбитэ, параднай форматын кэппит, хараҕын аҥарын пираттар курдук туора бааммыт, биэдэрэни толору ботуруон куттубут, саалаах. Утары көрүстүбүт. Уолаттары кытта арыгылаабыт, сатаспакка харахха охсуллубут. Ону аахсыталыы сылдьар эбит. Алы гына сатыырбын истибэт. «Ытабын» диир. Ол быыһыгар уулуссанан ааһан иһэр мотоцикллаах киһини ыппыта, буутугар дарабыыналаах барда. «Ытар буоллаххына ыт» диэтим. Ол кэмҥэ бииргэ аһаабыт уола кэнниттэн үөмэн кэлэн саатыгар түстэ. Иккиэн саатын былдьаан ыллыбыт. Дьиэтигэр киллэрэн манаатыбыт. Сотору вертолётунан милициялар кэлэн киһибитин наручниктаан илдьэ бардылар. Аҕыйах сылга хаайыыга баран олорон кэлбитэ. Билигин сис ыал аҕа баһылыгын аатын ылан олорор.

Фермаҕа кыһын сүөһү аһатааччынан үс сыл үлэлээбитим. Үлэбин эрдэ бүтэрэбин. Саас Күүкэйтэн Хотугу күөл диэн фермаҕа диэри кэлэ-бара 10 км суол үктээн хайыһардыыбын. Киэҥ Маарга сыарҕалаах атынан суол таһааран, хаар халыҥар саһааннаан  тиэйэн  кэбиһэбин.  Соҕотох эмээхситтэргэ күөлтэн муус тиэйэн биэрэбин. Күһүн Кумах оломугар боруу үүнэр, сүөһү кыһын сөбүлээн сиир. Муус үрдүнэн оттоон атынан тиэнэн ылабын.

Аппынан Кутанаттан маҕаһыыҥҥа таһаҕас таһаарабын. Кытайы кытта Сэбиэскэй Сойуус Н.С. Хрущёв былааска олордоҕуна 1960 с. диэри сыһыана үчүгэй этэ. Ол саҕана элбэх таҥас-сап Кытайтан кэлэрэ. Саҕатыгар «Дружба» диэн этикеткэлээх үчүгэй хаачыстыбалаах, аһара бөҕө сорочкалар кэлэллэрин өйдүүбүн. Аҕам оннук маҕан сорочканы от үлэтигэр уһуннук кэппитэ. Киртийбэттэрэ, ууга уктуҥ да кирэ барымтыа буолара. Мин кэлин оннук китайскай сорочканы уһуннук кэппитим. Мас эрбэтиитигэр сымала биһиллэн быраҕыллыбыта.

2000 сылларга Канадаҕа республика тыатын хаһаайыстыбатын министерствотын делегациятыгар киирэн 20 хонукка үөрэнэ сылдьыбыппыт. Канадаҕа таҥас тигэр биир да фабрика суох. Таҥас барыта Кытайтан атыылаһыллар. «Биһиэхэ хаачыстыбалаах кэлэр, эһиги ыларгыт иһин, мөлтөҕү биэрэллэр» дииллэр. Бэйэлэрэ футболкаҕа аналлаах таҥаһы уонна пуховик сону эрэ тигэллэр.

Кытайы кытта сыһыан И.В. Сталины мавзолейтан таһаарыыттан сибээстээн мөлтөөн барбыта. Советскай Союһу оппортунистар дииллэрэ. Биһигитини «кытайдар хоргуйан олороллор, үүнээйилэрин, чыычаахтары сииллэр, хас тэлгэһэ аайы чугуун ууллара сатыыллар үһү» диэн пропагандалыыллара. Билигин биллэр, ол саҕана обком лектора, «Знание» общество чилиэнэ, сарсыарда араадьыйаны холбоотоххо кытайдар биһигиттэн тэйэн хайдах курдук эстибиттэрин туһунан уутугар-хаарыгар киирэн кэпсии турар буолара. Билигин кинилэр хайдах курдук сайдыылаахтарын, аан дойдуга кинилэр экономикалара АХШ кэнниттэн иккис миэстэҕэ тахсыбытын уоттанан-төлөннүрэн олорон телевизорга кэпсии олорор. Билигин өйдөөтөххө, биһигиттэн сөпкө тэйэн, сөптөөх политиканы тутуһан социализмы, Ленин үөрэҕин сайыннара олороллор.

Эҥин араас бириэмэҕэ олорон кэллибит. Олохпут аҥарын советскай былааска, аҥарын капитализмҥа. Улуу өйдөөхтөр этэллэрэ: «икки былаас уларыйыытыгар олорууну өстөөххөр да баҕарыма» диэн. Былаас охсуһуута суох уларыйбат. Ол охсуһуу охсуутун биһиги көлүөнэ салайааччылара санныбытыгар сүктүбүт. Үгүс тыа хаһаайыстыбатын салайааччылара кылгас үйэлэннилэр, доруобуйаларыгар оҕустаран инбэлиит буоллулар.

*  *  *

 

СУЛУУСПАЛЫЫ СЫЛДЬАН КӨРСӨН ТУРАБЫТ

Биһиги    Прокопий Степановичтыын Күүкэй нэһилиэгэр төрөөн-үөскээн, оонньоон-көрүлээн улааппыт уолаттарбыт. Сайын аайы, хас биирдии бөһүөлэккэ буоларын курдук, оҕо-дьахтар фермаҕа үлэлиир дьоннорун кытары сайылыктарга көһөрө. Инньэ гынан биһиги Пронялыын Оргуллаахха тиийэн дьоммутугар көмөлөһөрбүт. Сайын үтүөтүн оонньоон, мурукулаан барыырбыт.

Бу санаатахха, оҕолор бары кэриэтэ хос (тапталлаах) ааттаах этибит. Арай Проня (дьоһуннаах киһи буоларын быһыытынан ини) хос аата суох этэ.

Онтон Күүкэйбит начаалынай оскуолатын бүтэрэн ким Кутанаҕа, ким Элгээйигэ үөрэнэн ситии-хотуу аттестатын туппуппут.

Үөрэнэн бүтэн баран ытык иэспитин толоро Советскай армия кэккэтигэр сулууспалаабыппыт. Мин Проняттан балыс буолан 1,5 сыл хойутаан барбытым. Армияҕа тиийэн биир бөһүөлэк уолаттара көрсүһэллэрэ сэдэх буолуо. Дьэ, мин биэс ый буолан баран, артиллерийскай ремонтнай ротаҕа сэби-сэбиргэли өрөмүөннээһиҥҥэ старшай маастарынан сылдьан Армейскай үөрэххэ барар буоллум. Бу үөрэхпит улахан Белогорскай диэн полигоҥҥа буолар. Туох баар дивизия чаастара бары кытталлар.

Арай биир күн ротабыт таһынан танковай полка колонната ааһан иһэрин аһара интэриэһиргээн көрөн турдум. Биир тааҥкаттан (водитель-механиктар төбөлөрө быган иһэр) Проням көһүннэ, үлүгэрдээх улахан тааҥканы ыытан иһэр. Мин киһибин ыҥыра-ыҥыра сырса сатаатым да, хайдах кэлбиттэрин курдук ааһа турдулар.

Сарсыныгар хайдахтаах курдук ыарахан мэһэйдэри мүччү түһэн танковай полкабын булан Пронябын көрсүбүтүм буолуой! Кулуһун уот тула олорон, ирэ-хоро кэпсэтэн, ахтылҕаннаах Күүкэйбитин ахтан-санаан ааспыппыт умнуллубат өйдөбүл буолан хаалбыт.

Проням 1-кы кылаастаах водитель-механик буолбут, түөһэ толору знак. Киһи иҥсэриэх 1-2 ыйынан дьиэтигэр бараары сылдьар. Тааҥкатын көрдүбүт-иһиттибит. Мин иһигэр киирэн нэһиилэ эргиллэн тахсыбытым уонна танкист буолбатахпыттан наһаа үөрбүтүм. Этэҥҥэ ытык иэспитин төлөөн дойдубутугар эргиллибиппит.

Онтон Проням үөрэх үрдүк чыпчаалларыгар дабай да дабай. Барытын кыһыл дипломунан бүтэрэн иһэр. Мин ойохтоох, икки кыыс оҕолоох сырыттахпына үлэһит буолан кэлэн дьиэ-уот тэриммитэ. Сыбаайбатыгар сүүрэн-көтөн, тэрийсэн, наһаа үчүгэй дьиэ кэргэн буолан икки кыыс оҕоломмуттара.

Табаарыһым Прокопий Степанович араас салайар үлэлэригэр мэлдьи хайҕабылга сылдьарынан, аат-суол бөҕөтүн ылбытынан мин киэн туттабын.

Валентин ХАРИТОНОВ, табаарыһа.

Московскай уобалас Зеленограда.

*  *  *

 

ОЛОХХО СЫҺЫАРАН ЧИҤ БИЛИИНИ БИЭРБИТТЭРЭ

Дьокуускайга үөрэнэ кэлэрбэр маннык этим.

1979-1980 сс. Дьокуускайдааҕы холкуостар  уонна сопхуостар орто сүһүөх салайааччыларын  үөрэтэр  тыа  хаһаайыстыбатын техникумун кыһыл дипломунан бүтэрэн «зоотехник-организатор» идэтин ылбытым. Уруккута советскай-партийнай оскуола. Ленин орденнаах «Элгээйи» сопхуостан, Сунтаар райкомуттан направлениелаах кэлэн, экзамен туттаран зоотехния группатыгар үөрэммитим.

Директорбыт ССКП Мэҥэ Хаҥаластааҕы     райкомун секретарынан үлэлээбит Н.А. Сивцев этэ. Преподавателлэрбит сопхуостарга, тыа хаһаайыстыбатыгар уһуннук үлэлээбит араас дуоһунастаах салайааччылар этилэр. Завуһунан партия обкомун 1-кы секретарынан үлэлээбит, алмаас, көмүс, чох промышленноһын сайыннарбыт С.З. Борисов кэргэнэ М.Е. Борисова үлэлиирэ. Группабыт салайааччыта Саха Республикатын 1-кы Президенэ М.Е. Николаев кэргэнэ Дора Никитична Николаева этэ. Преподавателлэрбит бары производствоҕа, салалтаҕа үрдүк  дуоһунастарга  үлэлээбит буолан олоххо сыһыаран практическай чааһы элбэтэн чиҥ билиини биэрэргэ кыһаллаллара.

Бииргэ үөрэммит доҕотторум. Аллара ортоку кураторбыт Д.Н. Николаева.

Үөрэх саҥа методикатын: тестированиены, плакаттары туһаналлара. Выпускниктар үрдүк үөрэх программатын икки сыл иһигэр билбиппит. Специальноспытыгар быһаччы сыһыана суох предметтэр бааллара: ораторскай искусство, технология, микробиология, ветеринария уо.д.а.

Специальность ылары таһынан шофёр, тракторист широкого профиля, Дьокуускай ГАИ-тыгар экзамен туттаран, правалаах бүтэрбиппит. Мин армияҕа сулууспалаабыт буолан техникаҕа сыһыаннааҕым. Экзаменнарбын үчүгэйдик туттаран «В» категория, 2-с класстаах тракторист, мастер машинного доения 1-го класса диэн идэлэргэ права, свидетельство ылаттаабытым билигин да туһалыы сылдьаллар. Отделение зоотехнигынан үлэлир кэммэр, балаһыанньа быһыытынан, мастер машинного доения 1-го класса диэннээх буолан, хамнаһым 20 % үрдүүрэ. Стипендиябын, үчүгэйдик үөрэнэр буолан, 125 солк. үрдэтиллибити ыларым. Ол харчыбынан ательеҕа араас көстүүм, таҥас сакаастыырым, маҕаһыынтан ылбатым. Харчым өссө ордоро.

Техникумҥа үөрэммит Сунтаар ыччаттара.

Бары да производствоҕа 4-5 сыл ситиһиилээхтик үлэлээбит, райком направлениетынан кэлбит, оройуон аатыттан иккилии миэстэҕэ хапсыбыт буолан үөрэхпитигэр кыһалларбыт. Производствоҕа 4-5 сыл үлэлээн, үөрэхтэн тэйбит буолан ыарахан этэ. Киэһэ мустан уруокпутун үөрэтэрбит.

Биһиги группа Сайсарыга, Новокарьерная уулуссаҕа икки этээстээх мас дьиэлэргэ олорбута. Хос аайы иккилии ярустаах ороннору туруоран, биэстии буолан. Тэрээһиннэргэ тардыллан Ленин болуоссатыттан сатыы сылдьарбыт.

Автобуска арыт итирик нуучча уолаттара сүгүн айаннаппаттара. Биир киэһэ элбэх буолан автобуска кутулла түстүлэр. Сахалар элбэх этибит да, биһигини хаалларан дьоммут тохтобул кэлбитигэр куотан хааллылар. Ньурбаттан сылдьар, доруобай көрүҥнээх, бэйэтин кыанар Вася Тимофеевтыын иккиэн нууччаларбытын кытта суолу быһа охсуһан айаннаатыбыт. Бүтэһик тохтобулга тахсан түстэхтэрин аайы түҥнэри биэртэлээн истибит.

Автобус суоппара нуучча, уһун тимир тутан уолаттарыгар көмөлөһө таҕыста. Тахсыан иннинэ рациянан милицияларга тыллаата, «дьону кырбаан эрэллэр, кэлэ охсуҥ» диэн. «Вася, шофёр милициялары ыҥырда» диэтим. Уопсайбыт чугас, элэс гынан хааллыбыт. Ол кэнниттэн автобуска биһиэхэ чугаһаабат буолбуттара.

Үөрэнэр сирбитигэр культурнай мероприятиелар элбэхтэ буолаллар, хойут бүтэллэр. Кыһын, таһырдьа хараҥа. Ааҥҥа бөлүөхсүү буолбут. Үксүлэрэ саастаах дьон. Куорат уолаттара ааҥҥа тахсыбыт дьону манаан тураллар, хаайтаран хааллыбыт. Таһырдьа ыстанан тахсыбытым уолаттар барыгылдьыһаллар. Тимиринэн төбөҕө  биэрдилэр. Дайбаһыы  буолла.

Уолаттар олбуор нөҥүө куоттулар. Сирэйбэр туох эрэ итии сүүрэр, туттан көрбүтүм – хаан. Куйахабын хайа охсон кэбиспиттэр. Ленин болуоссатыгар наркуоһа суох тиктилэр. Иннэлэрэ куйаха тириитин хоппот буолар эбит. «Автобус тохтобулугар турдахпына, ааһан иһэр уолаттар оҕустулар» диэн аах толоттордум. Салайааччы кыанар, бэйэтин көмүскэнэр буолуохтаах. Миигинниин үөрэммит биир дойдулааҕым, өр сылларга управляющайынан үлэлээбит, спорт ветерана, боксёр Н.Н. Павлов миигин «куорат күлүгээнэ» диирэ.

Эбиэккэ обком остолобуойуттан буфекка араас итии аһылык, лимонад, «жигулёвскай» пиво аҕалаллара. Ол саҕана пиво утахха киирэр буолан, анньыллан турара. Доруобуйаҕа туһалаах утах быһыытынан рекомендацияланара. Саастаахтар аппатыыт көтөхтөрөр курдук иһэллэрэ. Салгыы үөрэнэрбит.

Үөрэнэр сылларбар сүүрүүнэн дьарыктаммытым. Дьокуускай куорат «Урожай» общество 3 уонна 5 км чемпиона, Намтан сылдьар Родион Никитинниин күн аайы ипподромҥа дьарыктанарбыт. Сорох күн Бүлүү трактатынан, птицефабрикаҕа тиийэн, ипподромунан сүүрэн кэлэрбит. Арааһа, 10-тан тахса км буолуохтаах.

Хоспор дьарыктанарбын сөбүлүүр этим.

Куорат иһинээҕи күрэхтэһиилэри көтүппэккэ кыттарбыт, миэстэлэһэрбит. Эстафетаҕа техникум хамаандата ситиһиилээхтик кыттара. 1980 с. Майаҕа тыа сирин 1-кы спартакиадатыгар, «Урожай» общество куораттааҕы хамаандатыгар киирэн 5 км сүүрүүгэ күрэхтэспитим. Сунтаар хамаандатыгар: «Очко биэриэм, ити дистанцияҕа миигин сүүрдүҥ», – диэн тылламмыппын, ол саҕана Сунтаарга аатыран сүүрэ сылдьар, нуучча, тиис бырааһа Кислица сүүрэр диэн аккаастаабыттара. Ити сүүрүүгэ миигиттэн хаалан кэлбитэ.

Тренербит суох буолан күрэхтэһиигэ быстан хааларбыт, урукку көрдөрүүбүтүн сиппэппит. Баара буоллар ситиһиибит өссө үрдүк буолуо этэ. Хайдах бэйэбит билэрбитинэн эрчиллэрбит.

Нөмүгүгэ уопсай дьиэҕэ олорон хас да ый устата производственнай практика барарбыт. Фермаҕа, теплицаҕа, ыһыыга үлэлиирбит. Сүүрүк аттары хаамтарарбыт, эрчийэрбит. Үлэ кэннэ Нөмүгү ыччаттарын кытта сүүрүүгэ күрэхтэһии тэрийэрбит, эрчиллэрбит.

Техникум сүүрүүгэ сүүмэрдэммит хамаандата. Мин үһүс эрээккэ хаҥастан бастакы турабын.

Техникумҥа үөрэнэрим устата биир да 4 сыананы ылбатаҕым. Куруук туйгуннук үөрэммитим. Материалы нойосуус үөрэтэр диэн В.Г. Попов биирдэ 4 сыананы туруорбутун, оҕолор бырачыастаан, 5-кэ көннөттөрбүттэрэ. Тестирование ыытар аппараат «легкорн куурусса хас сымыыты биэрэр?» диэн боппуруоска сыыстыҥ диэн 4 сыананы туруорбутун мөккүһэн, аппараат иһин аһан, контактара сыыһа холбоммутун дакаастаан, 5-һи ылан турабын.

СГУ-га кэтэхтэн бииргэ үөрэммит доҕотторум.

Иккис сылбар үрдүк үөрэххэ кэтэхтэн туттарсар санаалаах университекка билсэ бара сырыттым. «Үөрэххин бүтэрдэххинэ дьыалаҕын ылабыт» диэтилэр. Диплом ыллым да биригэдьиирдии барыахтаахпын. Босхолоон ыыппаттара чуолкай. Үрдүк үөрэҕэ суох биригэдьииринэн үлэлээбэккин. Директор Н.А. Сивцевкэ киирэн: «Үрдүк үөрэххэ кэтэхтэн туттарсаары гынабын, үлэҕэ киирдим да босхолоон ыытыахтара суоҕа, көмөлөс», – диэтим. Дьиҥэр үөрэхпин кыһыл дипломунан бүтэрдэхпинэ үрдүк үөрэххэ быһа киирэр кыахтааҕым. Хата, директорым улахан уопуттаах салайааччы производствоны билэрэ. Көрдөһүүбүн өйөөн, «кыһыл диплому ылаары сылдьарын учуоттаан, специальноһынан үрдүк үөрэххэ туттарсарын көҥүллээҥ» диэн техникум аатыттан көрдөһүү сурук суруйда.

Илдьэн биэрбиппэр сөбүлэстилэр. «Экзамеҥҥа кэлээр, улахан конкурстаах, ону аастаххына киириэҥ» диэн сэрэттилэр. Сорох предметтэри умнубуппун. Дьиэбэр практикаҕа кэлэн киэһээҥи оскуоланы бүтэрбит дьонтон физика, химия учебниктарын буллум. Темалары кылгастык, өйдөнүмтүө гына быһаарбыттар. Кэниспиэктээн үөрэттим. Оскуолаҕа ситэ билбэтэх темаларбын, дьэ, өйдөөтүм. Итинник боростуойу оскуолаҕа хайдах билбэтэхпин сөхтүм. Үөрэтии методиката сыыһалардаах эбит.

Олус түмсүүлээх курс этибит.

Техникуму бүтэрбиппит 50 сылыгар учууталбыт Д.Н. Николаевы кытта.

Университеты бииргэ бүтэрбит доҕотторбун араас мунньахтарга элбэхтик көрсөөччүбүн.

Экзаменнарга ыарырҕатар предметтэрбин физиканы, химияны ааһан иһэн 4 сыанаҕа туттартаатым. Физикаҕа круговой оскуораска задачаны суоттаабатым.

«Эппиэтин таһаардыҥ да 5 туруорабыт» диэтилэр. Кыайбатым. «Физикаҕа киирэҕин дуо?» диэн ыйыталлар. «Суох, сельхозка киирэбин» диибин.

Сорох экзаменнары физматка, биологическайга киирэр абитуриеннары кытта бииргэ туттарсыбытым. «Туттарсан баран үөрэхпэр үтүрүттэрэн, диплом ылан баран экзаменым түмүгүн билэ кэллим» диэтим. Испииһэги көрөн баран «Павлик Морозов уулуссатыгар бара сырыт» диэтилэр. Тоҕотун быһаарбатылар. Онно тиийдэхпинэ программаны, учебниктары биэриэхтээх эбиттэр. Кэллэххэ үөрэтэр эбиттэр дии санаатым да, сылдьыбакка дойдулаан хааллым.

Итинник 1980-1986 сс. СГУ-га «зооинженер» диэн идэҕэ иккис специальноспын баһылаабытым. Күндэйэҕэ биригэдьиирдии сырыттахпына ыҥырыы кэллэ. Тиийбитим, студеннарым кинигэ бөҕө кыбыммыттар, садаанньаларын уопсай тэтэрээти толору толорбуттар. Арай мин эрэ тустар киһи курдук кэлбиппин, тугум да суох.

Павлик Морозов уулуссаҕа факультеппыт баар эбит. Онтон, дьэ, баран ыллым. Сүүрбэ хонук иһигэр түүннэри садаанньаларбын оҥордум, зачёттарбын, экзаменнарбын туттардым. Барыта кырылас үс. Иккис сылбар бэлэмнэнэн тиийдим. Толору эппиэттэһэр киһи буоллум. Преподавателлэр зачёткам инники сыаналарын көрө-көрө үс сыана туруораллар. Ол аайы оҥостон туран бэлэмнэнэбин, онон аҥарын 4 сыанаҕа туттардым. Ол кэннинээҕи курстарбын 4 уонна 5 сыанаҕа туттартаан университеты ситиһиилээхтик бүтэрбитим. Үрдүк үөрэх дипломун ылбытым.

Ленин орденнаах «Элгээйи» сопхуоска кылаабынай зоотехнигынан үлэлии сылдьан, экономическай билиини толору баһылаары, 1987-1988 сс. тыа хаһаайыстыбатын Красноярскайдааҕы институтугар кэтэхтэн үөрэнэн «экономист-организатор» идэтин дипломун ылбытым. Үлэлии сылдьан Новосибирскайга, Москваҕа Российскай академияҕа, Канадаҕа, Литваҕа, КНР-га квалификацияны үрдэтии курстарыгар үөрэммитим.

*  *  *

 

ГРУППАБЫТ ЧАҔЫЛХАЙ УОЛА – ПРОНЯ

1978 сыллаахха Дьокуускайга тыа хаһаайыстыбатын салайар кадрдарын бэлэмниир техникумҥа араас улуустартан туттарсан киирбиппит. Биһиги 1-кы группа зоотехническай отделениетыгар сүүрбэттэн тахса буолан үөрэммиппит. Бары да тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит, сорохторбут номнуо салайар үлэҕэ эриллибит- мускуллубут дьон этибит.

Группабыт куратора бастакы президеммит М.Е. Николаев олоҕун аргыһа Дора Никитична аһара билиилээх, сайаҕас, хас биирдии студеҥҥа истиҥ сыһыаннаах, чиҥ билиини биэрбит преподаватель этэ.

Биһиги группабыт саамай чаҕылхай, туйгун студенынан Прокопий Акимов буолара. Прокопий хаһан да пааратын көтүппэтэ, мэлдьитин библиотекаҕа  сылдьан билиитин-көрүүтүн хаҥатара, техникум общественнай олоҕор активнайдык кыттара. Биир тылынан эттэххэ саамай активнай студеммыт этэ.

Группанан театрдарга, киинэлэргэ кинитэ суох барыахпытын баҕарбат этибит. Биһиги биир группаҕа үөрэнэн элбэхтик эн-мин дэспит дьоммут. Пронялыын мэлдьи эппиэттии охсон сыана ылаары илии уунуута бөҕө буоларбыт. Кинини өрүү маҥнайгынан ыйыталлар уонна, буоларын курдук, 5 сыананы туруораллар.

Ол онтон кыһыйаммын биирдэ кэргэммэр Сергейгэ үҥүстүм. Ону Сергей Проняны аудиторияттан тахсан истэҕинэ уолугар түстэ. Оннук сыана былдьаһыылаах, уолуктаһыылаах түбэлтэ эмиэ баара. Ону мэлдьи ахтан күлсээччибит.

Техникуму бүтэрэн бары улуустарбытынан үлэлии барбыппыт. Прокопий техникуму туйгуннук бүтэрэн СГУ-га кэтэхтэн үөрэххэ киирбитэ. Биһиги, Корниловтар ыал, Тойбохойго үлэбитин саҕалаабыппыт.

Прокопий үлэтин «Бордоҥ» сопхуостан саҕалаабыта. Онтон «Тойбохой» сопхуоска зоотехнигынан эмиэ ситиһиилээхтик үлэлээн бүтүн республикаҕа биллибиттэрэ. Прокопий ханна да үлэлээтэр өрүү ситиһиилээх, үчүгэй түмүктэрдээх.

Биһиги дьиэ кэргэн күн бүгүҥҥэ диэри доҕордоһон, ыалдьыттаһан кэллибит. Табаарыспыт доргуччу саҥалаах, элбэх сэһэннээх. Биһиэхэ кэллэҕинэ кэргэмминээн Сергей Варнавичтыын үлэ-хамнас туһунан хойукка диэри кэпсэтэллэрэ, сэһэн-сэппэн ыраатара.

Прокопий өссө суруйар талааннаах. Кини ыстатыйалара, суруйуулара мэлдьи дириҥ ис хоһоонноох, киһи ааҕа олоруох курдук интэриэһинэй буолаллар. Өссө хас да сыллааҕыта аҕатын туһунан бэртээхэй кинигэни суруйан таһаартарбыта.

Прокопийдаах Надежда икки кыыс оҕолоохтор, түөрт сиэннээхтэр. Кыргыттар төрөппүттэрин курдук олус үлэһиттэр, аҕалара саҕалаабыт дьыалатын салгыыллар, сайыннараллар.

Табаарыспыт Прокопий Степанович өссө да үлэлээ. Кылаабынайа доруобай буол. Дьиэ кэргэниҥ, кыргыттарыҥ, күтүөттэриҥ, сиэннэриҥ этэҥҥэ буоллуннар.

Яна КОРНИЛОВА.

Тойбохой.

*  *  *

 

КИҺИ КИЭНЭ КИЛБИЭННЭЭҔЭ

Киһи олоҕор алтыһан ааспыт дьоно үтүө-мааны өйдөбүлү  хааллараллар. Олох сайдыыта, инники хаамыыта хайаан да ааспыкка олоҕурар буолан биһиги өрүү санаан, ахтан кэлэбит.

Бэйэм туспунан кылгастык. Мин Орджоникидзевскай оройуон Булгунньахтаах орто оскуолатын 1974 сыллаахха бүтэрбитим. Оччолорго, 70-с сылларга, тыа хаһаайыстыбата дойду үрдүнэн сайдан, колхуостар сопхуостарга кубулуйбуттара. Сылгы, сүөһү элбээн, үлэһит илии тиийбэт буолан оскуоланы бүтэрээччилэр, эдэр ыччаттар сопхуостарга бүтүн кылааһынан тахсыылара өйөнөрө, сыаналанара.

Биһиги оскуолабыт үтүө үгэһинэн 1961 сыллаах выпускниктар республикаҕа таһаарбыт «оскуола – үлэ – үрдүк  үөрэх»  диэн  ыҥырыылара буолбута. Ол хамсааһыны өйөөн биһиги, кылааһынан, сопхуоска ыраах учаастакка тахсыбыппыт. Ыччат комсомольскай ферматыгар кыргыттар ыанньыксыттаабыппыт, уолаттар субан сүөһү көрбүттэрэ.

Кэлин биригэдьииринэн ананан хас да сыл үлэлээбитим. Онон сүөһү иитиитигэр уопуттаах, сыһыаннаах диэн сопхуос салалтата салгыы үөрэнэрбэр сүбэлээбиттэрэ. Инньэ гынан Саха государственнай университетын тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар 1980 сыллаахха кэтэхтэн үөрэнэ киирбитим.

Кэлин идэбин төһө да уларыттарбын манна билсибит, бииргэ үөрэммит доҕотторбун олус истиҥник саныыбын. Бастакы сыл группаҕа 25 этибит. Сороҕор аҕыйыырбыт, ардыгар эбиллэрбит. Алта сыл кэтэхтэн үөрэнии уустук да буоллар бүтэрбиппит, «зооинженер» идэтин баһылаабыппыт.

Бастакы курстан бииргэ үөрэммиттэр ортолоругар Прокопий Степанович Акимов баара. Бииргэ үөрэнээччилэрбит үксүлэрэ тыа хаһаайыстыбатын салайааччылара, уопуттаах, билиилээх специалистар этилэр. Прокопий Степанович тыа хаһаайыстыбатын салайар каадырдарын бэлэмниир техникуму туйгуннук, кыһыл дипломунан бүтэрэн билиитин өссө үрдэтинэ кэлбит эдэр исписэлиис этэ.

Хара маҥнайгыттан үөрэҕэр олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаспыта. Сессияҕа, күннээҕи түбүккэ оҕустаран, сороҕор улахан бэлэмэ суох тиийэн «ууга-уокка» түһүү буолара. Оттон Проня куруутун бэлэмнээх буолара, тугу билбэтэххин быһаара, өйдөөбөтөххүн биллэрэ сатыыра. Сүөһү иитиитигэр саҥа сүүрээннэри, наука ситиһиилэрин интэриэһиргиирэ. Табыгастааҕын олоххо киллэрэргэ дьулуһара.

Үрдүкү курстарга дипломнай үлэтин тематын кини бэйэтин үлэтин уопутугар олоҕуран талбыта. Тыа хаһаайыстыбатын билимигэр кандидат В.В. Панкратов салалтатынан «Влияние возраста при первом отеле на молочную продуктивность» диэн сүөһү иитиитигэр сүрдээх улахан суолталаах теманы «Туйгун» сыанаҕа көмүскээбитэ. Ону таһынан тыа хаһаайыстыбатын процесстарын механизациялааһын предметигэр Проня ыччат сүөһүнү кылгас кэмҥэ уотар технологиялаах площадканы бырайыактаабытын өйдүүбүн.

Ол курдук науканы уонна практиканы сөпкө дьүөрэлээн таһаарыылаахтык үлэлиирэ. Прокопий Степанович ситиһиитинэн муҥурдаммакка өрүү саҥаны көрдүүр, тупсарар туһугар ааҕара, билсэрэ, уопут атастаһар буолара. Сессияҕа кэллэхпитинэ ким хайдах үлэлиирин, туох кыһалҕалааҕын, идэҕэ мэлдьи баар ыарахаттары хайдах туоруулларын кэпсэтии, сүбэлэһии, ардыгар мөккүһүү да баара. Күн-дьыл түргэнник ааһан үөрэнэр кэммит түмүктэммитэ. Бары дойдуларбытынан араас эйгэнэн салгыы үлэлии тарҕаспыппыт.

90-с сылларга дойдуга ыһыллыы, ырыынак сыһыаннаһыылара буолбута. Ол кэмҥэ табаарыспыт ыһыктыбакка аныгы ирдэбилгэ олоҕурбут улахан тэрилтэни олохтоон, араас хайысханан сайыннаран, төрөөбүт дойдута сайдарыгар сүдү кылаатын киллэрэн убаастанар киһи буолбутуттан биһиги үөрэбит. Ол сырата сөпкө сыаналанан элбэх правительственнай, судаарыстыбаннай бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта.

Төһө да сааһыран, ыраатан истэрбит биһиги сүтэрсэн-умнуһан хаалбатахпыт. Түгэн көһүннэр эрэ көрсүһэрбит. Оннук университеты бүтэрбиппит 15 сылыгар уонна да атын бэлиэ кэмнэргэ мунньустан студеннаабыт кэммитин ахтан-санаан астынарбыт. 2016 сыллааахха 30 сылбытын бэлиэтээри өйдөбүнньүк кинигэ таһаарарга быһаарбыппыт.

Бириэмэбит сүрдээх ыгым этэ. Ыйтан ордук эрэ кылгас кэмҥэ ахтыы хомуйан, бэчээттэтэн,  үөрэммит  кыһабытыгар, биирдиибитигэр бэлэх оҥорбуппут. Бастакынан ахтыытын Проня ыытан тылы кытта дьыалата дьүөрэлиилэрин көрдөрбүтэ. «Үлэҕэ, олоххо олук уурбут үөрэхпит» – диэн ааттаан кыра да буоллар үтүө өйдөбүнньүк буолар кинигэ таһаарбыппыт. Истиҥ иһирэх көрсүһүүнү тэрийэн, кэпсэтэн-ипсэтэн астыммыппыт.

Прокопий Степановиһы биһиги группа олус убаастыыр киһитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Чурапчы улууһун «Сылаҥ» нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ Клара Васильевна Макарова маннык ахтар.

«Сорох дьону кытта төһө да кылгас кэмҥэ алтыстаргын сайаҕас майгыларынан, киһиэхэ болҕомтолоох сыһыаннарынан дууһаҕар умнуллубаттык хаалаллар. Оннук дьоннортон биирдэстэрэ – Проня буоллар. Биһиги СГУ тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар бииргэ үөрэммиппит. Бэйэбит төрөөбүт дойдуларбытыгар үлэлээн бочуоттаах сынньалаҥҥа олордохпут.

Сорохторбут күн бүгүнүгэр диэри талан ылбыт таптыыр идэлэринэн ситиһиилээхтик үлэлии сылдьалларыттан астынабыт. Прокопий Степанович бэйэтин идэтинэн дьонугар-сэргэтигэр, кинилэр олохторо-дьаһахтара тупсарыгар, социальнай-экономическай таһымнара үрдүүрүгэр олус тахсыылаахтык үлэлиирин төһө да тэйиччи олордорбут билэбит. Сылга биирдэ сессияларбытыгар көрсөн алтыһан ааһарбытыгар бэйэ-бэйэбитин кытта олус истиҥник, болҕомтолоохтук сыһыаннаһарбыт.

Проня олус сэмэй, билиитэ-көрүүтэ үгүс буолааччы. Үөрэхпитигэр ырытыһар-кэпсэтэр түгэннэргэ Проня олус наадалаах, суолталаах сүбэлээх-амалаах буолааччы. Оччоттон салайааччы-тэрийээччи ирдэбиллээҕэ, принципиальнайа, эппиэтинэстээҕэ биллэрэ. Бу үтүө хаачыстыбалар үлэһит киһи биографиятын байытан, бу уустук уларыйыылаах кэмнэргэ дьоҥҥо-сэргэҕэ авторитеттаах буолан, үлэтигэр  үрдүк  көрдөрүүлэри  ситиһэн Өрөспүүбүлүкэҕэ биир биллэр салайааччы буолара саарбаҕа суох. Биһиги үөлээннээхпитинэн астынабыт, киэн туттабыт». Прокопий Степанович чугас дьонугар сүрдээх кыһамньылаах кэргэн, аҕа баһылык дии саныыбын. Кэргэнинээн Надежда          Егоровналыын          кыргыттарын        үтүө үлэһит гына иитэн, оҕолоро аҕаларын үлэтин салҕыыллар. Тэрилтэтэ дьиэ кэргэн уопсай дьыалата буолан, өссө да үүнэр-сайдар кэскиллээх.

Дьокуускай к. 2017 сыл. Бииргэ үөрэммит доҕотторум эҕэрдэлэрэ.

Биир кэмҥэ биһигини Дьокуускайга дьиэтигэр-уотугар ыҥыран ыалдьытымсах ыалга минньигэс астаах сандалы тула итии чэйи иһэ-иһэ үөрэммит кэммит көрүдьүөстээх түгэннэрин санаабыппыт, дуоһуйа сынньаммыппыт.       Хаһаайын   быһыытынан Пронябыт эмиэ олус дьоһуннаах, аныгы олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсар дьиҥ саха саарына диэтэххэ омун буолбата буолуо.

40 тахса сыл билсиһэн Прокопий Степанович Акимов киһи киэнэ килбиэннээҕэ буоларын биллэхпит. Хаһан баҕар кыһалҕалааҕы өйдөөн-өйөөн илиитин уунар эрэллээх доҕор, табаарыс. Мин ону бэйэм тус олохпор уустук кэмнэрбэр билбитим.

Тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар үөрэммит кэммэр оннук дойдуларын, дьоннорун туһугар ыалдьар, дьулуурдаах, үлэҕэ-хамнаска бэриниилээх дьону кытта бииргэ үөрэнэн, табаарыстаһан, алтыһан билиҥҥэ диэри истиҥник саныыбын.

Александра ПАВЛОВА,

педагогическай үлэ бэтэрээнэ, РФ уопсай орто үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, «Саха АССР 100 сыла» үбүлүөйдээх, Булгунньахтаах оскуолатын «За преданность и верность» бэлиэлэр хаһаайыннара.

*  *  *

 

III түһүмэх

ТУОХ БАРЫТА ҮЛЭНЭН КЭМНЭНЭР, ААТ-СУОЛ ҮЛЭТТЭН САҔАЛАНАР

Салайааччы идэтин үөрэх, практика өттүнэн толору баһылаатаҕына араас дуоһунастарга ситиһиилээхтик үлэлиэн сөп. Күндэйэ отделениетыгар биригэдьииринэн, «Бордоҥ» сопхуоска сиэмэ пуунун сэбиэдиссэйинэн, «Тойбохой» сопхуос Бордоҥнооҕу отделениетын зоотехнигынан, Сунтаардааҕы РАПО (районное агропромышленное отделение) зоотехнигынан, «Элгээйи» сопхуос главнай зоотехнигынан 4 сыл, директоры солбуйааччынан 2 сыл, Сунтаардааҕы эт-үүт кэмбинээтин директорын солбуйааччынан, Элгээйитээҕи эт-үүт комбинатын директорынан 35 сыл ситиһиилээхтик үлэлээн кэллим.

Тыа хаһаайыстыбатын салайааччытынан 1979 сылтан 2024 сылга диэри, 45 сыл илиибин араарбакка үлэлээбиппинэн дьоллооҕунан ааҕынабын. Ити сыллар усталарыгар үрдүк культуралаах, билиилээх, араатардыыр талааннаах, кыахтаах, чаҕылхай салайааччылары кытта бииргэ алтыһан үлэлээбиппинэн киэн туттабын. «Киһи киһиттэн үөрэнэр» диэн норуоппут үөрэҕэ сөпкө этэр. Ити салайааччылар хас биирдиилэрэ үрдүккэ сирдээбиттэрэ, суолдьут сулус буолбуттара. Салайааччы буола үүнэрбэр-сайдарбар олук уурбуттарыгар махталлаахпын. Салайааччы үлэтэ түһүүлээх-тахсыылаах. «Олох диэн охсуһуу» диэн кинилэргэ сыһыаннаах. Олох очурун-чочурун туоруурга салайааччы бэлэмнээҕэ, доруобайа, билиилээҕэ, үлэһитэ, бэйэтэ туспа суоллааҕа-иистээҕэ ирдэнэр. Ити ирдэбиллэргэ эппиэттиир салайааччы үлэҕэ ситиһиилэнэр.

 

БУҺУУ-ХАТЫЫ, ҮЛЭҔЭ ЭРИЛЛИИ САҔАЛАНЫЫТА

Салалтаҕа үлэбин 1979 сыллаахха Кутана отделениетын Тумуллааҕы биригээдэтигэр практикам кэмигэр саҕалаабытым. Тумул Дмитрий Гаврильевич Андреев Социалистическай Үлэ Геройа буолбут учаастага. Субай сүөһүнү көрүүгэ хайысхаланан үлэлиирэ. Ыаллара оҕолорун үөрэттэрээри Кутанаҕа көспүт этилэр. Аҕыйах ыал баара. 600 борооску кыстыыра.

Кыра учаастакка дьон үлэҕэ тахсыбата. Күһэлэҥинэн, араастаан аҕытаассыйалаан ыччаттары таһаараллара. Күүкэйтэн Тумулга 4 км усталаах суол кыһын күөлүнэн быһа оҥоһуллара. Сарсыарда 7 ч. үлэбэр тиийэрбэр уолаттар арыгылаан баран утуйа сытар буолаллар. Турбаттар, сирэйгэр хохуоска көрдөрөллөр, сааныы, уолуктаһыы. Хас да күн эриһэ сатаан баран дьиэҕэ киирдим да атахтарыттан соһон түһэртиибин.

Ол кэнниттэн уолаттарым сарсыарда кэлэрбэр туран чэйдии олорор буолаллар. Уопсай тыл булан киэһэ 7 ч. диэри үлэлэһэбин. Арыт куолаан кырбыы сатыыллар. Оргуйа турар көйөрбөҕө симэ сатааһын кэмигэр бэргэһэм онно буккуллан, онтубун куурдан -40° тымныыга киэһэ дьиэлиибин. Уолаттарбын кытта тэҥҥэ үлэлэһэр буолан икки ыйым биллибэккэ ааста. Ити кэмҥэ Кутанаттан биир да салайааччы саллан тахсыбат. Оппутун трактор таһынан тиэйэн барар. Практикам бүттэ. Салалта кыс устата тахса, үлэни билсэ сылдьыбата. Кутанаҕа киирэн управляющайбар: «Практикам бүттэ, учаастакка салалта болҕомтото наада, тахса сылдьыҥ, миэрэтэ ылыҥ. Аһаппакка, сүөһү аччыктаан маассабай өлүүтэ тахсар кутталлаах» диэн туруорустум. Дьонум аахайбаттар. Куойаларыгар-маҥкыларыгар оҕустарбаттарыттан салынным.

Сопхуос директора Н.Н. Павловка киирэн балаһыанньаны кэпсээбиппэр «практиканы кытта кэпсэппэппин, утары кабинекка партком секретара П.Я. Фёдоровка таҕыс» диэтэ. Партком секретара: «Практикант эрээри миэхэ быһа киирдиҥ, өссө претензиялаах буола-буола, субординацияҕа үөрэппэтэхтэрэ дуо?!» – диэн үүрэн таһаарда. Үөрэхпэр баран хааллым. Миэхэ баппат, куолуһут киһи диэн сыана быһылынна.

Партия ити саҕаттан дьон кыһалҕатыгар кыһаллыбат кэмэ буолбут этэ. Маассаттан тэйбитэ. Туспа привилегиялаах каастаҕа кубулуйбута. Үлэһити ыгыы-түүрүү, киһиргэтии, коммунистары партияттан таһааралларынан куттаан эппиэттээх үлэҕэ анааһын уо.д.а. күһэйии ньымалара киэҥник туттуллаллара. Салалта ити ньымаларын ыйан туран партком секретара П.Я. Фёдоровка маннык быһыы салҕанан бардаҕына партия иһиттэн сытыйан ыһыллыа диэн сирэйигэр эппитим. Үлэлии иликкиттэн куолулуугун, муоскун, туйаххын тоһутуохпут диэн сааммыта. Коммунистар сүүһүнэн мөлүйүөммүт диир.

Эппитим 1991 с. атырдьах ыйын 19 күнүгэр олоххо киирбитэ. Улуу Советскай Союз биир күн, баһыттан сытыйан, суох буолбута. Мин билгэлээһиним 12 сылынан олоххо киирбитэ. Салалта күн аайы партия конференциятыгар, комсомол, партком мунньахтарыгар, куоталаһыылар түмүктэрин таһаарыыга, дирекция советыгар күннэрин барыыллара. Ыйга производствонан дьарыктанар күн да хаалбата. Ити мероприятиелар чалбараҥнарынан түмүктэнэрэ.

Ханна үлэҕэ тиийдим да производствоны өрө тардыынан дьарыктаныам, мин эбээһинэспин толоруубар кыттыһымаҥ, мунньахтарга сылдьыбаппын диэн туруорсарым. Онон элбэхтик кириитикэлэнэр этим. Хайдах үлэлиири көрдөрүөм, биир сыл иһигэр үлэбиттэн дьон үҥсүүтүнэн ууратыа суохтааххыт диэн райкому кытта дуогабардаһарым.

Ити кэм иһигэр хамсааһын тахсара, көрдөрүү тупсара. Ол аайы дуоһунаспын үрдэтэн, атын хаалыылаах учаастактарга ыытан иһэллэрэ, үксүгэр бэйэм сөбүлэһэрим. Сири-дойдуну, дьону-сэргэни билсэр баҕалааҕым. Нэһилиэктэр дьоннорун-сэргэлэрин менталитеттара тус-туспа, онон үлэлииргэ интэриэһинэй буолар, уопутураҕын. Оройуону үчүгэйдик билэбин, үксүгэр олорон үөрэнним, үлэлээтим, дьонун-сэргэтин билэбин диэхпин сөп.

Салалта «үлэҕиттэн ууратыахпыт» диир түгэннэрэ баара. «Биригэдьииртэн аллараа түһэриэххит суоҕа, хаалыылаах биригээдэҕэ тылланан баран син-биир бастыҥнар ахсааннарыгар таһаарыаҕым» диирим.

1970-с сс. партийнай номенклатура туспа бюрократическай кылаас быһыытынан дьонтон-сэргэттэн тэйэн привилегированнай системаҕа кубулуйбута. Системаны кытта сөбүлэспэт, бэйэлэрэ туспа мнениелаах салайааччылары сиргэ-буорга тэпсиини, баһааҕырдыыны, кыыллааһыны система сөбүлээн туттара. «Демократическай централизм» салайыныы туспа санаалаах, сөпсөспөт дьону, салайааччылары коллективка утары туруоруу ньыматыгар кубулуйбута. Салалта үөһэттэн ыйыллыбыт съезтэр уураахтарын, араас догмаларын олоххо киллэрэр инструмеҥҥа кубулуйбута.

Араас дуоһунастарга үлэлиир кэммэр үөһэттэн ыйыыны-түүрүүнү утарарым, партияҕа киирбэтэҕим. Улахан дуоһунастарга коммунистары эрэ аныыллара. Партияҕа киирдэххинэ партия салалтатыгар киирэҕин, үөһэттэн дьаһалы толорооччуга кубулуйаҕын. Салалтаҕа күммүн араас мунньахтарга ыыппаппын, субботникка сылдьыбаппын, дуоһунастаах эбээһинэспин толорорбор салалта, партийнай тэрилтэлэр орооһуо суохтаахтар диэн аһаҕастык этэрим. Ол оннугар учаастакпар үрдүк производственнай көрдө- рүүнү мэктиэлиирим.

 

КҮНДЭЙЭҔЭ КЫРДЬАҔАСТАР  АЛГЫСТАРЫНАН

1980 сыл балаҕан ыйыгар Күндэйэ отделениетыгар субай сүөһү биригэдьииринэн ананным. Аймахпыт А. Токуевалаахха, кырдьаҕас ыаллар, түстүм. Маргарита Ивановна диэн үтүөлээх ааттаах учуутал кыыстаах.

Отделение 2000 сүөһүлээх, 1000 сылгылаах. Сопхуос биир улахан отделениета. Субай сүөһүтэ Харыйалааҕынан, Ханчынан, Элгээнинэн кыстаан турара. 600 сүөһү. Управляющайынан Саха Республикатын үтүөлээх зоотехнига В.И. Кюндяйцева, совет исполкомун председателинэн Н.А. Лазарев, сүөһү биригэдьииринэн В.С. Иванов, Н.Е. Сергеев, хонуу биригэдьииринэн М.Н. Мокутов, механигынан Н.Г. Наумов үлэлииллэрэ. Биригэдьиирдэр В.С. Иванову, М.Н. Мокутовы, механик Н.Г. Наумовы кытта ордук тапсан үлэлээбитим. Олохтоох дьон быһыытынан элбэх сүбэни-аманы биэрэллэрэ. М.Н. Мокутов фермалар отторун тиэйиини уо.д.а. үлэлэри тутулуга суох утары быһааран иһэрэ. Элбэх ыччат фермаҕа үлэлиирэ, үлэһит илии тиийэрэ.

Билигин үөрэҕин бүтэрэн үлэлии кэлбит дьоҥҥо, эдэр главаларга оҕоҕо курдук сыһыан баар. Мин 24 саастаах биригэдьиирдии сырыттахпына «эдэр киһигин» диэтэхтэринэ өһүргэниллэр этэ. Арай Күндэйэҕэ управляющай В.И. Кюндяйцева миигин «тоҕойум да тоҕойум» диэн ыҥырар. Хаһан да оннук ыҥырыллыбатах киһи, кыра оҕону курдук тугун тылай диэн, кулгаахпар туора-тосту истэбин. Оннооҕор оҕонньоттор тэҥнээхтэрин курдук Борокуоппай диэн кэпсэтэллэрэ. Ол саҕана өссө оҕо буоллаҕым.

Биирдэ кулуупка сопхуос дирекциятын совета буолла. Трибунаҕа тахсан: «Управляющай биригэдьиир ааттаах киһини тоҕойум да тоҕойум диир. Мин аатым Прокопий Степанович диэн, сарсыҥҥыттан ааппын билиэхтээххит», – диэтим. Онтон ыла бары ааппынан, аҕам аатынан ыҥырар буоллулар. Ханна үлэлии тиийдим да, истиһэллэр быһыылаах, ааппынан, аҕам аатынан ааттыыллар. Билигин миэхэ үлэлии кэлбит эдэр дьон инньэ диэн ыҥырдахпына үөрэн «сэгэс» гына түһэллэр.

Миигин ити үлэҕэ уһуннук үлэлээбит кырдьаҕас биригэдьиири ууратан, кини оннугар анаабыттара. Уураппыт биригэдьиирдэрин чааһынай ырыган сүөһүтүн эмис сүөһүгэ атастаһыннаран идэһэлэннэ диэн буруйдаабыттар. Дьиҥинэн бэйэ иһигэр быһаарсыллар дьыаланы күүркэппиттэр. Үҥсэр дьон баар буолбутугар кырдьаҕас биригэдьиир үлэтэ суох хаалбыт. Салайааччыга ирдэбил кытаанаҕа.

Сүөһүнү кыстыкка киллэрии, дьону булааһын, хотон ремона уо.д.а. сирин-уотун, дьонун билбэт киһиэхэ ыарахана. Улаханнык биригэдьиирдэр В.С. Иванов, М.Н. Мокутов, Ф.М. Михайлов көмөлөспүттэрэ. Производствоны салайыы       биригэдьиирдэр санныларыгар сүктэриллибитэ. Үгүстэрэ уһуннук үлэлээбит, опыттаах, дьоҥҥо авторитеттаах, ылыннарыылаах тыллаах, араатар салайааччылар этэ. Кинилэртэн үлэ тэрээһинигэр, дьону салайыыга элбэхтэ үөрэммитим.    Биригэдьииргэ өрөбүл, уоппуска, үлэ чааһа диэн суох. Сарсыарда 8 чааска үлэҕэр бараҕын, киэһэ фермаҕа үлэ бүппүтүн кэннэ 8 чааска кэлэҕин.

Сүөһүнү баайар быа ыла сатыы, хаар түспүтүн кэннэ, быһа Элгээйигэ киирэн бэриэппэ сүгэн тахсыллара. Киэһэ быабын сүгэн Күндэйэҕэ бараары сырыттахпына сопхуос главнай агронома И.Н. Чикидов дьиэтигэр илдьэн чэйдэтэн ыыппытыгар билиҥҥэ диэри махтана саныыбын.

Кыстыкка субай сүөһүнү бостууктартан ыйаан тутабын, хотоҥҥо үлэһиттэргэ аах быһыытынан туттарабын. Сүөһү өҥө билбэт киһиэхэ биир. Ыйаан туппут сүөһүбүн муоһун кырааскалаан бэлиэтээн иһэбин. Тутуһуу бүтэһигэр 10-ча тыһаҕас итээн таҕыста. Бостууктар сайыны быһа арыгылаан көрбөтөхтөр. Булчут Федот Мисаилович Михайловы, атаҕынан инбэлиит кырдьаҕаһы, сүөһүгүтүн сыһыыттан көрдөөн кыстыкка киллэр диэн көмөҕө биэрдилэр.

Сүөһү хотону булла, итэҕэс сүөһү көстүбэтэ. Управляющай ыган, тутуһуу ааҕар итэҕэс суох диэн илии баттата сатыыр. Мин сөбүлэспэппин. Илии баттаатахпына 10 сүөһүнү бэйэм төлүүрбэр тиийэбин.

«Саҥа биригэдьиирбит дьаһалы толорбот, баар сүөһүнү суох диэн тутуһуу ааҕар илии баттаабат» диэн сопхуоска үҥсэллэр. Директор үс хонук иһинэн илиигин баттаа диэн дьаһал ыытар. Директор дьаһалын толоруохтааххын диэн ыгаллар. Отчёппун итэҕэһи көрдөрөн оҥордум. Аны отчёппутугар сүөһү группата, ыйааһына сөп түбэспэт. Киэһэ аайы В.И. Кюндяйцева дьиэтигэр отчёппутун сааһылыыбыт. Зоотехническай отчёт ымпыгар-чымпыгар үөрэппитэ кэлиҥҥи үлэбэр аһара көмөлөспүтэ. Ат оҕус ыйааһыннарын эбэн борооску көрөөччүлэргэ, привес эбии таһааран, эбии хамнас ааҕыстылар.

Саҥа биригэдьиир элбэх хамнаһы ааҕар диэн үлэһиттэргэ үчүгэй аатырдым. Дьаһалбын, быһа гыммакка, толорон иһэллэр. От, уотурба ыйдааҕы нуормаларын тутуһалларын кытаанахтык хонтуруоллуубун. Харыйалаах ферматыгар В. Саввинов салалтаны билиммэт. Чааһынай сүөһүлэрэ, сибиинньэлэрэ үрдүттэн аһыыллар. Ону тохтоттум. Үҥсүү киирэн совет исполкомун председателэ Н.А. Лазарев норуот хонтуруолун кытта бэрэбиэркэҕэ тахсыбыттарын кырбаары ыксатан, үөҕэн фермаҕа сылдьыбат оҥорбуттара. Кэлин тыл-тылга киирсэн, тапсан үлэлээбиппит. Үлэһит дьон үлэһит салайааччыны билинэллэр. Инвентаризация кэмигэр киэһэ 7 чаастан түүн 2 чааска диэри, чүмэчинэн сырдатан, борооску ыйыырбыт. Атын биригэдьиирдэр түүннэри үлэлээбэттэрэ.

Харыйалаахтан сүүһүнэн тыһаҕастары Ханчы ферматыгар үүрэн киллэрэн истибит. Арай Ботомоойу үрэҕэ мууһа туран хаайтаран хааллыбыт. Өлүөхүмэ диэн саастаах киһи кииримэ диирбитин истибэккэ тоһоҕонон мууһу солоон уҥуор туораталаабыппыт. Онтон сылтаан ыарытыйан өлбүт сурахтааҕа.

Сиргэ төрөөбүт борооскулары, ыаллар хотонноругар турары, Ханчы ферматыгар хомуйан таһаарабыт. Ийэлэрин эмэ сылдьыбыттар, үүрүүнү, быаны билиммэт кыыллар. Биирдэ киэһэ буурҕа түһэ турар. Мин Ф.М. Михайлов улахан тураҕас атын сыарҕаҕа көлүйдүм. Тайахсыт күөрт ыта тула сүүрэ, батыһа сылдьар. Борооскубутун охторон сыарҕабытыгар ыбылы баайан кэбистибит. Сөдүөт инники олорон иһэр, борооску орулуу-орулуу мөхсөр, мин үрдүгэр олорон хам баттыыбын. Фермабытыгар тиийэн сүөрбүппүт тайахсыт ыппыт эмэһэтин ороон кэбиспит.

Хайыахпытый, астаан этин хотон үрдүгэр бырахтыбыт. Оҕонньор киирэн иһэн ытын маска тардан өлөрөн кэбистэ. Оҕонньорго кэлэн сүбэлэстибит. Төлөөҥ диэтэхтэринэ мин төлүөҕүм, борооскубун биэриэҕим диэтэ. Управляющайга сарсыарда куһаҕан дьыала буолла диэн отчуоттаатыбыт. Этин общепит суотугар ороскуоттуохпут, чайнойга илдьэн туттарыҥ диэн итии аһылыкка барда.

Кыһалҕа киһини үөрэтэр диэн кырдьаҕастар биһиги саҕана этэр буолаллара. Ол саҕана наставничество диэн баара. Опыттаах кырдьаҕас саҥа кэлбит үлэһити үөрэтэр эбээһинэстээҕэ. Эдэр суоппар опыттаах суоппары истибэт буоллаҕына халлаан сулуһа үөрэтиэ дииллэрэ. Эрэйи көрөн суоппар буолаллара. Мин саах таһаарар  сыарҕа  тосторун  сваркалыыр кыһалҕаттан онно бэйэм үөрэммитим. Ол кэлин умнуллубута.

600 субай сүөһү Ханчы, Харыйалаах, Элгээн фермаларыгар бытанан кыстыыра. Дьыл бүтэһигэр инвентаризацияҕа сүөһү ыйанар, докумуоннанар. Сарсыарда Ханчы субайдарын ыйыыбын. Киэһэ 5-тэн 7 чааска диэри Харыйалаахтары инвентардыыбын. 9-тан түүн 12 чааска диэри Элгээни. Ыҥырдаах атынан түргэн айанынан сылдьабын.

Сарсыарда инвентарбын чөкөтөн бухгалтерияҕа туттарабын. Управляющай чахчы инвентарь ыыппыппын итэҕэйбэккэ рациянан ыйыталаһар. Уонча сүөһү итэҕэһин син биир көрдөрөбүн. Сүөһүнү итэппит диэн сопхуос салалтата миэхэ холуобунай дьыала тэриттэрдэ. Сотору-сотору Сунтаарга силиэстийэҕэ ыҥырыллан быһаарыы биэрэбин, буруйа суохпун дакаастаһабын.

Саас куртаҕым ыалдьан Элгээйи балыыһатыгар эмтэнэ киирдим. Тахсааппын кытта сууттан бэбиэскэ кэллэ. Суут Күндэйэ кулуубугар буолла. Тобус-толору дьон кэллэ. Үчүгэй артыыс концерыгар итинник кэлэллэрэ дуу. Судьуйа Ефимов, борокуруор В.Н. Романов састааптаах суут дьыалабын көрөр. Мин буруйбун билиммэппин. Сүөһүнү бостууктар итэппиттэр, миэхэ булан туттарбатахтара, суут буруйдааххын диир түгэнигэр ааһынан кырдьыкпын булуоҕум диибин. Борокуруор В.Н. Романов биригэдьиир буруйа суох, ааҕынан туппатах, бостууктар эппиэтинэһэ суох быһыыларыгар отделение салалтата миэрэ ылбатах, сүөһүнү кинилэр итэппиттэр диэн быыһаан ылла.

Борокуруор В.Н. Романов оройуоҥҥа уһуннук үлэлээбитэ. Сокуону тутуһарынан, ирдэбилинэн, дьоҥҥо үтүө сыһыанынан Сунтаар олохтоохторугар улахан аптарытыаттааҕа, дьоҥҥо, салалтаҕа убаастанара, тылын ылыннарара. Киһи киһинэн олорор диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Олоххо, үлэҕэ бириэмэтигэр дурда-хахха буолбут, ыарахан кэмҥэ көмөлөспүт салайааччылар бааллар.

Суукка кыайыылаах таҕыстым. Сүтүгү бостууктары төлөтөр туһунан уураах таҕыста. Суут кэнниттэн биир кырдьаҕас, бөһүөлэк сис ыалын аҕата кыайбыккынан, ыраас тахсыбыккынан, миэхэ ыалдьыттаан бар диэн үөрэн-көтөн дьиэтигэр ыҥырда. Ас бөҕө астаан аһаттылар. Оҕонньор аһара үчүгэйдик, дьон сыаналыырын курдук кылгас кэмҥэ үлэлээтиҥ диэн сыана быһан хайгыыр. «Сааскы ириэриигэ соноҕос сылгы сытыы туйаҕынан чигдини тоҕо кэһэн түннүк аннынан элэс гынан ааһарыныы» үлэлээтиҥ. Инникитин да аккыттан охтума, куруук ат уорҕатыгар буолаар диэн алҕаан, үөрэн-көтөн атаарбыта өйбөр иҥэн хаалан, ахта-саныы сылдьабын. Олохпор үчүгэй дьону көрсөн, кинилэр үтүө тыллара, алгыстара тиийэн билиҥҥэ диэри үлэлии-хамсыы сылдьабын. Олоххо барыта үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолбат. Үчүгэй да, куһаҕан да сэргэстэһэ сылдьаллар. Эдэр эрдэхпиттэн үгүс табаарыстарым бэйэбиттэн быдан саастаах дьон. Норуот муудараһын тута сылдьаллара, куруук сэрэтэллэрэ: кырдьаҕаһы убаастаа, хомотума, тыл күүстээх, быһа этэн кэбиһиэхтэрэ диэн. Туспа турар улахан маһы охторуллубат. Кырдьаҕастан сүбэтин, эдэртэн эрчимин туһаныахтааххын. Сүүрүгэ суох уу сытыйар диэн норуот муударай этиилэрэ баар. Куһаҕан дьон тылыгар болҕомтоҕун ууруо, алтыһыа суохтааххын. Аахсар түгэҥҥэр ис кутуҥ алдьаныан, доруобуйаҕар оҕустарыаххын сөп. Киһи тыла – ох. Аан дойдуну аҕыйах тыл тутан турар дииллэрэ, былыргы сахалар. Билиҥҥи тылынан эттэххэ, киһи төбөтө төрүөҕүттэн үчүгэйгэ да, куһаҕаҥҥа да программаламмыт компьютер. Ол программаны тыл күүһүнэн үчүгэй да, куһаҕан да өттүгэр хайыһыннарыахха сөп. Алгыс ону үчүгэйгэ, сырдыкка уларытар аналлааҕын билэллэрэ, олоххо киэҥник тутталлара. Бириэмэтигэр ыраастана, алгыс ыла сырыттахха турукпут чөл буолуо.

*  *  *

 

АРААС ДЬОННУУН АЛТЫҺАН ҮЛЭЛЭЭБИППИТ

Прокопий Степановичтыын аан бастаан 1980 сыллаахха кини «Элгээйи» сопхуос Күндэйэтээҕи отделениетыгар үлэҕэ ананан кэлбитигэр билсибиппит. Прокопий уһун көнө уҥуохтааҕын, уурбут-туппут курдук быһыылааҕын, туруоруммут соругун ситиһэр дьоҕурдааҕын онно бэлиэтии көрбүтүм.

От ыйын бүтүүтэ оччолорго Күндэйэ отделениета «Элгээйи» сопхуостан арахсан туһунан «Күндэйэ» сопхуос буолбута. Дьокуускайга научнай институкка үлэлээбит, Күндэйэттэн төрүттээх, Тимирязевскай академияны бүтэрбит, экономист үөрэхтээх Борис Никифорович Егоровы райкомнар директорынан анаабыттара. Главнай зоотехнигынан мин уруккуттан билэр киһим Григорий Алексеевич Давыдов кэлбитэ.

Мин оччолорго ыанньык биригэдьиирэ этим. Отделение салалтата водовоз массыынаҕа шофёрунан анаан, биригэдьиирбиттэн уурайан Иннокентий Денисович Кривошапкиҥҥа туттарыах буолбутум. Григорий Алексеевич наһаа үлэһит, деловой хаачыстыбалаах специалист этэ. Отделение сүөһүтүн туох баарын барытын ыраас, чуолкай буочарынан опись оҥорон, хайдах да киһи буккуйбат курдук толороро.

Кривошапкинныын биригээдэбитин тутуһарбытыгар Григорий Алексеевич ыанньык ынахтарга бонитировка ыыппыта. Ол аата хас биирдии ынах устатын, үрдүгүн, агдатын курдааһынын кэмнээн, ыйааһыннаан. Оччолорго «Күндэйэ» сопхуоска 700 ыанар ынах, 1000-тан тахса субай сүөһү, 1000-тан тахса сылгы баара. Саамай түбүктээх сүөһү биригэдьиирэ этэ.

Бэйэҥ бас билэр техникаҥ суоҕа мэһэй буолара. Уотурба тиэттэрээри гыннаххына соҕотох грузовой массыына управляющай путёвкатынан сүүрэрэ. Бу да массыына наһаа үлэлээҕэ. Сотору-сотору араас мунньахтарга дьону таһара. Тиэйэр-таһар үлэни хонуу биригэдьиирэ дьаһайара.

Ол курдук от тиэйиитигэр «Сунтаар» сопхуоска кэлэн үлэлээн барбыт экономист  нуучча  дьахтара биригээдэнэн бэдэрээт ньыматын киллэрбитэ. Трактористар түүннэри сүүрбүттэрэ, сөптөөх хамнаһы аахсыбыттара. Фермалар урут, сахалыы эттэххэ, сыарҕа үрдүттэн олорбут буоллахтарына муус устарга кыстыыр оппут оттоох күрүөлэргэ таһыллыбыттара. Биригэдьиирдэр биир сүрүн кыһалҕабыт быһаарыллыбыта.

Прокопий Степановичтыын биригэдьиирим үлэтин туттара сылдьан муостаҕа хоонньоһон утуйан турардаахпыт. Элгээҥҥэ ыаллар бары элбэх оҕолоохтор, хоннорор кыахтара суох. Онон Наум эмээхсинэ Суоппуйа туруорбах дьиэтигэр, артистка Татьяна Канаева ыанньыксыттыы сырыттаҕына, оннук түгэн буолбуттаах.

Сүөһү биригэдьиирэ диэн, оччолорго төһө да тупсаран ааттааталлар, икки уот икки ардыгар сылдьар үлэһит этэ. Салалта ыгар, фермаҕа тиийдэххинэ от, комбикорм суох буоллаҕына, үлэһиттэр эн үрдүгэр түһэллэрэ. Ону саҥараары гыннахтарына биир дьиэттэн атыҥҥа тахсан биэрэн баран иккиһин эргийэн киирдэххинэ, барахсаттарыҥ чэйдэрин куппутунан бараллара. Түмүгэр уопсай тылы булан, ирэ-хоро кэпсэтэн арахсарбыт.

Сопхуостар     саҕана         племенной  үлэ күүскэ барбыта. Бастыҥ сиэмэһиттэр 90-100 % ынах ууланыытын ситиһэллэрэ. Ол түмүгэр сүөһү ахсаана элбээн үлэһит илии тиийбэт үлүгэрэ буолааччы. Үлэһит көрдөөһүнэ – биригэдьиир биир сүрүн үлэтэ. Оччолорго, «уоттаах утах» дэлэйэн турдаҕына, ыанньыксытыҥ, субай сүөһү көрөөччүҥ «аһаан» кээстэҕинэ эбэтэр мөлтөх доруобуйалаах үлэһитиҥ ыалдьан хааллаҕына бэйэҥ ыйы ыйынан солбуйарыҥ.

Прокопий Степанович биһикки элбэх дьону кытта алтыһан үлэлээбиппит. Араас характердаах, олох эгэлгэ көстүүлэрин эттэринэн-хааннарынан билбит, үксүлэрэ сэрии ыар кэмнэригэр олорон ааспыт дьон этилэр. Олортон биирдэстэрэ Татьяна Степановна 10 оҕолоох Герой ийэ эринээн Василий Иннокентьевич Саввиновтыын Харыйалаахха олорон үлэлээбиттэрэ.

Василий Иннокентьевич Саха Республикатын чулуу бостууга этэ. Харыйалаахха тиийдэххинэ Татьяна Степановна «кыһыл уот» ортотугар түһэрэр сытыы тыллаах табаарыс этэ. Аҕыйах мүнүүтэ ааста да эйэҕэс-сайаҕас, ыалдьытымсах ыал ийэтэ буола түһэр. Толору астаах остуолугар ыҥырбытынан барар.

Биригэдьиирдэргэ оннук киһи сонньуйар да, көрүдьүөстээх да түгэннэр буолаллара.

Василий НИКИТИН.

Күндэйэ.

*  *  *

 

КЫРА КОЛЛЕКТИВ ТҮБҮКТЭЭХ ҮЛЭТИН ТҮМҮГЭ

«Бордоҥ» сопхуос парткома Сергей Варнамович Корниловтыын тыа хаһаайыстыбатын салайар кадрдарын бэлэмниир техникумҥа бииргэ үөрэммиппит. Сопхуоска сиэмэ пуунун сэбиэдиссэйин миэстэтигэр үлэ таҕыста диэн ыҥырбыта. Бөһүөлэк кырдьаҕас олохтооҕо А. Уарова дьиэтигэр биир хоско олохсуттулар. Дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөһөбүн. Биир уоллаах.

«Бордоҥ» сопхуос 3770 сүөһүлээх, ол иһигэр 1480 ынахтаах, Бордоҥ, Хадан диэн отделениелардаах, чөкө хаһаайыстыба. 1981 сыллаахха мин үлэлиир кэммэр биир ынахтан 1209 кг үүт ыаммыта.

Сопхуос директорынан опыттаах Пётр Николаевич Степанов, профком председателинэн Р.А. Матросов, биригэдьиирдэринэн Бордоҥҥо И.Е. Петров, И.И. Неустроев, Т.И. Эконова, Хадаҥҥа О.Г. Попов, С.Р. Степанов, Тэҥкэҕэ И.Г. Алексеев уо.д.а. үлэлээбиттэрэ. Управляющайдарынан Бордоҥҥо Степан Алексеевич Михайлов, Хадаҥҥа Галина Нестеровна Харитонова, агрономунан өр сылларга А.В. Михайлов, главнай зоотехнигынан олоҕун устатыгар Михаил Иванович Сантаев үлэлээбиттэрэ. Иннокентий Иннокентьевич Неустроевтыын техникумҥа бииргэ үөрэммиппит. Кэлин өр сылларга оройуоннааҕы «Ильич уоттара» хаһыат редакциятыгар ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.

Салайааччылар бары сытыы тыллаах, улахан араатар дьон этилэр. Хас биригэдьиир тыл этиитэ үрдүк ораторскай таһымнаах буолан, сопхуос мунньахтара аһара интэриэһинэйдик бараллара. Управляющай С.А. Михайлов кып-кыра блокнокка тылын бэлиэтэммит буолара да, онтун хаһан да көрбөккө туран уһуннук этэр кыахтааҕа. Тыла-өһө чуолкайа, истэргэ интэриэһинэйэ. Өр сылларга солбуллубат биригэдьиир О.Г. Попов Хадантан киирэрэ, элбэх боппуруоһу туруорсара. Директор иннигэр Сталин курдук хамсатын туора уобан олорор буолар.

П.Н. Степанов тугу эрэ дьаһайарыгар кыһаллыбат, эппитин этэ олорор. Директор: «Сэриигэ кыайбыт генерал курдуккун» диэн мөҕөн күлүмэхтэтэр. М.И. Сантаев ирдэбиллээҕэ, уһуннук тыл этэри сөбүлээбэтэ, этиитэ чуолкай, дьоҥҥо тиийимтиэ буолара.

Пётр Николаевич Степанов чааһы быһа тыл этиэн сөбө. Уустаан-ураннаан, кырааскалаан, уутугар-хаарыгар киирэн үчүгэй артыыс курдук аһыллан, уҥа тоҥолоҕун өрүтэ охсуоланан тыл эттэҕинэ үчүгэй олоҥхоһуту истэр курдук «Өссө да этэ түспэт ээ», – диэн санаалар киирэллэрэ.

Директорскай төлөпүөн Сталин киэнигэр маарынныыр, бөҕө-таҕа оҥоһуулаах. Директора онтунан кими эрэ дьаһайан баран трубкатын оннугар элитэригэр боростуой төлөпүөн тулуйбат буолуохтаах. Кими эрэ мөҥөн күлүмэхтэтэр, туораттан көрдөххө киһитин олох сиэтэ, ууратта диэх курдук, онтон сотору соҕус буолан баран уоскуйан, ол киһитинээн үөрэ-көтө кэпсэтэн бараллар.

Ити эппит дьоммун кытары тапсан, өйдөһөн үлэлээбитим. Тыл үлэни хамсатар күүс буоларын, салайааччы араатарыскай талааннаах буолуохтааҕын Бордоҥҥо өйдөөбүтүм. Тылынан үлэҕин салалтаҕа, дьоҥҥо тиэрдибэт буоллаххына буруйу эйиэхэ түһэрэллэр. Сыһыана суохха буруйдаах тахсыаххын сөп. Эбэтэр төттөрүтүн ууттан кураанах тахсыахха сөп. Устар уунан быа өрөр тыллаах – айылҕаттан талааннаах дьону элбэҕи көрсүбүтүм.

Мин иннибэр сиэмэ пуунун сэбиэдиссэйинэн бэйэтин сөбүлэтэр, ирдэбиллээх, опыттаах Т.И. Фёдоров үлэлээбитэ. Сиэмэ пуунун термоһын уорда диэн үҥсэн, сиргэ-буорга тэпсэн, үлэтиттэн устубуттар. Ирдэбиллээҕин  иһин  пуун  үлэһиттэрэ үҥсүбүт буолуохтаахтар. Осеменатордар аһара үчүгэй салайааччыбытын уһуллулар диэн сөбүлээбэтэх этилэр. Киһи өллөҕүнэ үчүгэйэ тахсар диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Дьоҥҥо аптарытыаттаах, үлэһит, үлэ итэҕэстэрин туруорсар салайааччылары туораталлара баар суол этэ.

Трофим Игнатьевич специалистарга, ыанньыксыттарга ынаҕы сиэмэлээһиҥҥэ кытаанах, ааһа баран биирдэ да мүччүрүйбэт, олус тыйыс да диэххэ сөп, ирдэбиллэри туруорара. Ол ирдэбиллэрин хас биирдии осеменаторга толотторон төннөрө. Ити кытаанах ирдэбил баар буолан бу сопхуоска сиэмэлээһин хара ааныттан сүһүөҕэр бөҕөтүк турбута уонна кини кэнниттэн үлэлээн сылдьыбыт үлэһиттэр ону салҕаан ыыппыттара диэн «Бордоҥ» сопхуос туһунан ахтыы кинигэҕэ суруллубут.

Ити үлэни мин салҕаабытым. Үлэ ирдэбиллээх, хонтуруоллаах буоллаҕына түмүктээх буолар, ситиһии кэлэр. Онно билии, сыра, эппиэтинэс, дьон туруорсуутун толоруу, үлэни тэрийии киирэллэр. Искусственнай сиэмэлээһинтэн сопхуос көрдөрүүтэ тупсар, сүөһү породнай хаачыстыбата үрдээн элбэх үүт ыанар. Сүөһү эрдэ төрүүр буолан ынах сылы быһа эрдэлиир. Төрүөх эрдэ ситэн ыйааһына үрдүүр, элбэх эт кэлэр.

Оҕустары көрүү-истии уустуктардаах. Рацион оҥоһуллан, дэлэччи күөх от, комбикорм, витаминнай, минеральнай эбиликтэр, сымыыт көрүллэр. Уонча, тоннаҕа чугаһыыр оҕустары Н.Г. Попов кыайа көрөрө. Манежка төттөрү-таары муннуларыттан соһоро, аһаталыыра.

Суоппарынан А.Д. Игнатьев сыһыарыллыбыт УАЗ-452 массыынатынан, өрүскэ Вихрь-20 уу мотуорунан араас ардахха-саппахха сопхуос территориятын баһыттан атаҕар, Хадантан Тэҥкэҕэ диэри өрө таҥнары сыыйтарбыта. Олох чаһы курдук үлэлиирэ, алдьанар-кээһэнэр диэни билбэтэ, техниканы олус бэркэ үлэлэтэрэ.

Сиэмэлэнэр тыһаҕастар Тэҥкэ утары 150 төбө, Хадаҥҥа бөһүөлэктэн ыраах Курсуйга туспа бостууктаах сайылыкка турбуттара. Сиэмэ ылааһын сарсыарда 5 чаастан саҕаланар. Оҕустар сиэмэлэрин бэйэм ыларым. Лаборант А. Ордахова сиэмэни убатан фермаларынан тыыран муустаах термостарга угара. Ону сопхуос фермаларыгар график быһыытынан осеменатордарга тириэрдэн иһэрбит. Өрүс устун турар фермаларга мотуорканан, үчүгэй суоллаахха массыынанан. Нээлбиктэҕэ, Тэҥкэҕэ атынан мин илдьэрим.

Пуун анныгар оттуурга аналлаах ходуһалаахпыт. Онно быыспытыгар 10 оҕуспутугар кыстыыр отторун күөхтүү үлэһиттэр оттуубут. УАЗ-пытынан кээһэбит. Кыра коллективка түбүктээх үлэ этэ. Аһара түмсүүлээхтик тапсан үлэлээбиппит. Ол үлэбит түмүктээх буолбута. 1981 сыллаахха 1649 сүөһү сиэмэлэммититтэн 1507 ууланан көрдөрүүбүт 91 %-ҥа тэҥнэспитэ. Ити сопхуос чыпчаал ситиһиитэ этэ. Сопхуос элбэх төрүөҕү ылан эти-үүтү дэлэтиитин төрдө маныаха сытар.

Саас үрэх уутун киллэрэн эрдэҕинэ ыҥыырдаах атынан Хадаҥҥа сиэмэ тиэрдэбин. Сиэмэбин бэтэрээ кытыыга тоһуйан ыллылар. Атым сылбырҕа соноҕос сылгы. Өрүс элгээннэрэ ууламмыттар. Илимнииргэ кэтит элгээни быһа кэстэрэн туоруом диэн аппын онно салайдым. Ол саҕана өҥ дьыл буолан «Тойбохой», «Бордоҥ» сопхуостар ходуһалара ууга барар этилэр. Бордоҥтон өрүс хаайыылаах буолан Тэҥкэҕэ сиэмэни атынан тиэрдэбин. Кураанах сир суох, иҥэһэни көтөхтөрөн, ууну кэстэрэн тиийиллэр. Киэҥ сыһыыга киирдэххэ муоранан иһэр курдуккун. Киһи мэйиитэ эргийэрэ. Оннук баһаам уу буолара.

Онон атым ууга үөрүйэх. Арай аҕыйахтык хаамтарааппын кытары уубут дириҥээтэ, атым харбаан барда. Төннөр кыах суох. Элгээн ортотугар тиийэн ыҥыырым холунун тардыммакка киирбитим көлбөрүйэн хаалла. Сиэлиттэн кытаахтаһан кытыыга таҕыстым. Уу тымныы, дэлби тоҥнум. Аппын сиэтэн Илимнииргэ диэри сүүрэн тиийдим. Ыалга куурдунан салгыы айаннаатым. Сэрэҕэ суохпуттан ууга түһэ сыһан турардаахпын.

Салалта сэрэппэккэ аппын, мотуоркабын бултуу илдьэ бардахтарына сиэмэни сатыы илдьэбин. Арыт реактивтарым бүтэн Сунтаарга сатыы киирэн түүннэри таһаарарбар тиийэбин. Итинник сылдьа сатаан баран, усулуобуйа суох, атын үлэҕэ бардахпына сатаныыһы диэн быһаарынным.

Сунтаарга партия райкомун 1-кы секретара И.О. Пахомовка атын үлэҕэ ыыт диэн приёмҥа киирдим. Киһим мөҥө көрүстэ, «ханна да батан үлэлээбэккин, дьону кытта уопсай тыл булбаккын, хаһаайыстыбаннай үлэҕэ үлэлиэ суоххун, учёнай эрэ буолуоххун сөп» диир. «Биригэдьиир туох үлэлээх буолуоҕай, мин Дьаархаҥҥа биригэдьиирдээбитим, сүөгэй үрүҥнээх чэй иһэ-иһэ фермалары кэрийиллэр этэ» диир. Мин: «Үчүгэй биригэдьиир баар буоллаҕына үлэ кыайтарар. Салалта, партия кыра-хара дьон кыһалҕатын аахайбат, дьонтон тэйдэ. Биригэдьиир бастыҥа эн үлэҕин да кыайа тутан салайыа этэ», – диэн хардарыстым. «Саамай хаалыылаах учаастакка анаа уонна биир сыл устата үлэбиттэн ууратыа суохтааххын. Биир сылынан оройуоҥҥа бастыҥнар кэккэлэригэр таһаарыам, хайдах үлэлиири көрдөрүөм», – диэтим.

Күүппэтэҕин истэн балачча саҥата суох олорболоон баран «“Тойбохой” сопхуос Арыылаахтааҕы отделениетыгар зоотехник миэстэтэ баар, онно бар» диэтэ. Төлөппүөнүнэн директоры дьаһайда. «Ол дойдуга ханан барылларый?» диэн ыйыппыппар, «Тумуһукаан маҕаһыынын суолугар таҕыс, ол суол Тойбохойго тиэрдиэ. Онтон сопхуос Арыылааҕы булларыа» диэтэ. Тойбохой трассатыгар массыына куоластаан айанныы турдум.

Испэр сопхуостары барытын кэрийэн сири-уоту, дьону-сэргэни билэр, салайар үлэ ымпыгын-чымпыгын үөрэтэр, опытырар баҕалаахпын. Эдэр, эрчимнээх буолан кыайтарбат үлэ суох диирим. Аны кэтэхтэн үөрэнэбин. Үлэбиттэн кэллим да үөрэхпинэн дьарыгыран бириэмэ биллибэккэ ааһар. Харса суох буолан ханнык да салайааччыттан иҥнэн-толлон турбаппын, наадабын аахсан тэйэрим. Наада буоллаҕына партия райкомун 1-кы секретарыгар, прокурорга быһа киирэн наадабын быһаарсан тахсарым. Субординация тутуһуута, приёмҥа суруттарыы мэһэйдээн үгүстэргэ ол кыайтарбата.

Райком көрүдүөрүгэр «Элгээйи» сопхуос парткомун көрүстүм. «Член бюро райкома» диэн суруктаах кыһыл паапканы кыбыммыт. «Хайа, Арыылаах отделениетыгар анаммыккын дуу, муоһуҥ-туйаҕыҥ тостор сиригэр барар буолбуккун», – диэтэ. «Муос-туйах тостубат буолуохтаах, аҕыйах сылынан борбуйбун уйунан баран, дойдубар үрдээн тиийиэҕим. Онно кэпсэтиэхпит», – диэтим. Чахчы, 4 сылынан үрдээн Ленин орденнаах «Элгээйи» сопхуоска главнай зоотехнигынан тиийбитим. Партия райкомун бюротун уурааҕынан. Оччолорго мин партиям да, үрдүк үөрэҕим да суоҕа.

Тиийбитим парткомум секретара: «мин сөбүлэҥмин биэрбэтэҕим, үлэҕиттэн уураттарыаҕым» дии тоһуйда. «Дьэ, билигин баҕас борбуйбун уйунан кэллим, арааһа, кыайбатыҥ буолуо» диэн суустаатым. «Эйигин кытта сөбүлэһиннэриини райком бюрота наадалааҕынан аахпатах эбит» диэн эбии тэптэрэн биэрдим.

Ньирэйи өлөрбүккүн диэн ый аайы партком уурааҕынан быыгабар биэрэн лаһырҕатан иһэр. «Оннооҕор киһи өлөр, ветераныҥ өлөн чиккэйэ сыттаҕына наадыйбаккын, оккураҥ ньирэй 20 %-на өлөрө айылҕа сокуона. Ол аайы киһи өлбүтүн курдук буолуо суохтааххын» диэн хардарсабын. «Сүөһү өлөрө сөп диэн бириинсиптээх иэдээни оҥорор главнай зоотехниктаахпын» диэн райкомҥа үҥсэрин истэбин.

Бүтэһик быыгабарбын 1991 сыл атырдьах ыйын 18 күнүгэр биэрдэ. Барыта 46 быыгабар буолла, ааҕа сылдьабын. Оччо элбэх быыгабардаах зоотехник республика үрдүнэн суох буолуохтаах. Главнай ветврач Григорий Адамович Иванов «мин муҥутаан 16 быыгабары ылбытым, эн рекорд олохтоотуҥ» диэн хаадьылыыр. Сарсыныгар, атырдьах ыйын 19 күнүгэр, партия бобуллан кабинеппытын хатаан чыҥынатан кэбистибит. Ол кэнниттэн чугас табаарыс буола түстэ.

Сопхуос ыһыллар буолан паайын ынаҕынан, субайынан ылан сүөһүлэннэ. Сарсыарда 7 чааска Дьуоҕалаах ферматыгар сарсыардааҥы ыамы көрө тахсыбытым, киһим «субай сүөһүм сүттэ, ону манаһа сылдьабын» диир. Сүөһүтүн өҥүнэн билбэт, булар кыаҕа суох. «Дьэ, доҕор! Зоотехниктар племенной үлэни куһаҕаннык ыыталлар диэн сордотолоон, быыгабар бөҕөнү биэрэриҥ. Племенной үлэни үрдүк таһымҥа ыытар этиҥ дии. Сүөһү барыта кугас-эриэн өҥнөөх, хартыынаттан түспүт курдук майгыннаһаллар, дьэ, хайдах булаҕын? Булбатыҥ буолуо. Бостууктары сүөһү итэттэхтэринэ төлөтөрүҥ. Ол дьону кэһэкэнэ гыммыккын, итэҕэстэрин саптан эн сүөһүгүн бойняҕа өлөттөрбүт буолуохтаахтар. Кураанахха эрэйдэнэҕин. Бойняҕа тириилэрэ эрэ хаалбыт буолуохтаах, ону баҕас арбаҕастаах да булбат», – диэбиппэр сөбүлэһэн дьиэлээтэ.

Партия кадрдары бэлэмнээһини, үөрэтиини кыайа тутара. Тыыппалаах диэбит эдэр салайааччыларын үрдүк дуоһунастарга үлэлэтэн уопутурдара. Үрдэтэн үгүс эдэр сопхуос директордара, парткомнара баар этилэр, таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ.

*  *  *

 

КИНИ НЬЫМАТЫНАН ХАМСААҺЫНЫ ТАҺААРБЫППЫТ

Прокопий Степанович Акимов туһунан ахтыы суруйарбын чиэспинэн ааҕынабын. Баай историялаах олохтоох киһини кытары бииргэ үлэлэспит кэмнэрбин күндүтүк саныыбын.

Кинилиин 1978-1980 сылларга Дьокуускайга сопхуостар уонна холкуостар салайар кадрдарын бэлэмниир тыа хаһаайыстыбатын техникумугар бииргэ үөрэммитим. Үөрэҕэр кыһамньылаах          буолан кыһыл дипломунан бүтэрбитэ. Ол да кэмнэргэ общественнай үлэҕэ актыыбынайдык кыттар буолан студеннар инники кэккэлэригэр сылдьыбыта.

1981-1983    сылларга «Бордоҥ» сопхуоска партком секретарынан үлэлии сырыттахпына эдэр специалист П.С. Акимов искусственнай сиэмэлээһин пуунугар сэбиэдиссэйинэн ананан кэлбитэ. Кини бэйэтин иннигэр туруоруммут соругун ситиһэргэ сүрүн болҕомтотун туһаайара. Барарынан-кэлэринэн, таба дьаһайарынан, ирдэбилинэн,  үлэтэ  түмүктээх буоларынан сопхуоска биир биллэр, кэскиллээх специалист аатырбыта.

Эдэр, уохтаах, олох сайдыытын кытары тэҥҥэ хаамсар салайааччы буолара ол кэмнэртэн биллибитэ. Ол түмүгэр, бэрт кылгас кэмҥэ, сопхуос үрдүнэн ынах ууланнарыыта 98 %-ҥа тиийбитэ. Бу сөҕүмэр  ситиһии  бүтүн  сопхуоһу  үүтү ыаһыҥҥа оройуоҥҥа инники кэккэҕэ таһаарбыта.

Тыа хаһаайыстыбатыгар бииргэ үлэлээбиппинэн уонна идэбит атылыытынан П.С. Акимов ханна сылдьарын, туох да дуоһунаска үлэлиирин истэрим уонна өрүүтүн айымньытынан, дьүккүөрүнэн оройуоҥҥа аатырарыттан дуоһуйа үөрэрим.

Билигин эрэ эттэххэ дөбөҥ, хаалыылаах отделениены кылгас кэмҥэ Бүлүү зонатыгар 1 ф.ы. үүтү ыаһыҥҥа инники кирбиигэ таһаарыы эбэтэр бастакынан оҕустары интенсивнэй уотууга туруоран киһи күүппэтэх түмүктэрин ситиһии. Кини бастыҥ ньыматын батыһан, ону иилэ хабан ылан хас отделение аайы олохтоон улууска улахан хамсааһыны таһаарбыппыт. Ити идэни дириҥник билии, чуолкай экономическай ааҕыы түмүгүн холобура…

 

Мин өссө сыаналыырым баар аи� даан- наах-хабырыи� сыылаах 90-с сыллар саҕа- ланыыларыгар Элгээи� игэ переработканы чөл тутан хаалыыта. Манна салаи� ааччы киһи уи� ана-хатана, тулуура, рынок сы- һыаннарын аттаран олохтооһуна сүрүн оруолу ылбыта. Кини ону эрдээхтик туораабыта, кыайбыта. Итини ол кэмнэргэ үлэлээбит салайааччылар эрэ өйдүүллэрэ буолуо. Тиһэҕэр оройуоҥҥа бөҕө тирэхтээх биир кыахтаах тэрилтэни үөскэтэн таһаарда. Кини ситиһиитин республика кытта билинэр буолла.

П.С. Акимов тыа хаһаайыстыбатын салайыыга 31 сыл устата үтүөнү оҥордо, эдэр салайааччыларга холобур буолла. Бастыҥ ыал. Элгээйитээҕи эт-үүт комбинатын директора Прокопий Степанович Акимов мындыр сааһыгар үктэннэ. Өссө да элбэҕи оройуонугар, республикатыгар киллэрэр кыахтаах.

Сергей КОРНИЛОВ,

«Бордоҥ» сопхуоска 1981-1983 сылларга партком секретара.

Сунтаар.

*  *  *

 

СӨБҮЛЭТЭН, ҮРДЭЭН, АЛГЫС ЫЛАН ТӨННҮБҮТҮМ

Тойбохой отделениетыгар техникумҥа бииргэ үөрэммит табаарыһым  Валерий  Васильевич Дмитриев биригэдьииринэн, управляющайынан өр сылларга ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Сопхуос эстибитин кэннэ Тойбохойго коммунальнай хаһаайыстыба директорынан пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ.

Сопхуос араас элбэх мероприятиеларыгар киирэ-тахса куруук кинилэргэ сылдьабын. Үөрэ-көтө көрсөллөрүн, күндүлүүллэрин махтана саныыбын. Ийэлэрэ, эбэлэрэ дэлэй астаах остуол тардаллара. Тото, астына аһыырым.

Арыылаах сопхуос 5 отделениетыттан саамай улаханнара. 1700 сүөһүлээх, ол иһигэр 640 ынаҕа, 600 сылгылаах. Кыһын икки улахан хотоҥҥо 25 ыанньыксыт кыстыыр. 300 субай сүөһү туспа фермаҕа, 6 бороон көрөөччү илиитигэр турара.

Сайын тэйиччи Сымалаах, Тыһакыыс, Өрүүкээн фермаларыгар ыанньык сүөһү турар. Суол суох. Өрүүкээн саамай ыраах ферма. Угут дьыл буолан, суола суоҕунан сүөгэйдээн, нэдиэлэҕэ иккитэ бөһүөлэккэ ДТ-75 тракторынан маслозаводка киллэрэн туттарабыт. Суола үчүгэй сирдэртэн молоковоһунан таһабыт.

Сопхуос директордарынан А.К. Акимов, Е.П. Давыдов үлэлээбиттэрэ. Солбуйааччы директорынан А.С. Алексеев уһун кэмҥэ үлэлээбитэ. Эдэригэр оройуоҥҥа атах оонньуутугар чемпион. Уһун Күөлгэ совет исполкомун председателинэн үлэлии сылдьан, кулуупка хара бэрчээкки кэтэн баран бэрээдэги олохтуура диэн кэпсииллэрэ. Тыллаах-өстөөх, турбут-олорбут, үлэһит киһи этэ. Олохтоохтор аһара убаастыыллара, тылын быһа гымматтара, өрө туталлара.

Парком секретарынан Савва Афанасьевич Саввинов үлэлиир этэ. Дойдута Күүкэй. Үлэтин комсомолтан саҕалаабыта. Салайар талааннаах, ыччат лидерэ, ырыаһыт бастыҥа, туран-олорон сылбырҕа салайааччы буолан дьон убаастыыллара.

Мин местком председателинэн талыллан сопхуос профкомун председателэ Николай Алексеевич Герасимовтыын аһара тапсан үлэлээбиппит. Профсоюз үптээх-харчылаах тэрилтэ этэ. Быһа дьаһайан ыанньыксыттар нэдиэлэтээҕи куоталаһыыларыгар анаан бухгалтерияттан харчы көрдөрөрө. Мин фермалар, ыанньыксыттар куоталаһыылара диэн нэдиэлэ аайы пятницатааҕы мунньахха бастыҥнарга харчынан бириэмийэ бакыаттаан туттаран иһэбин. Ким төһө үүтү биир ынахтан ыабытын, былаанын, ол туолуутун, төһө хаалбытын сурунаалга нэдиэлэ аайы толорон иһэбин. Ферма кыһыл муннугар нагляднай агитация оҥорон ыйыыбын. Инньэ гынан ыанньыксыттар кыһыйан туран бэйэлэрин икки ардыларыгар куоталаһан үлэ күөстүү оргуйар.

Өҥ дьыллар тураннар отделениелар икки ардыларыгар вездеход массыына эрэ сылдьара. Салалта барыта атынан сылдьара. Уһун Күөлгэ дирекция совета буоларынан ЗИЛ-131 массыынанан барсар буоллум. Тиийэн мунньахтаатылар. Өр сылларга управляющайынан үлэлээбит Николай Егорович Спиридоновы ууратан оскуола директора Николай Алексеевич Егоровы анаатылар. Главнай зоотехник Семён Семёнович Константинов көмүскэспитин саҥардыбатылар. Оннук маргыһан мунньахпыт түмүктэннэ, дьонум тарҕастылар.

Мин хонтуораҕа, барар-кэлэр сирэ суох буолан, соҕотоҕун хаалан хааллым, ыксал буолла. Остуорас хонтуораҕа дьиэ сууйа кэлбитигэр управляющай Н.Е. Спиридонов дьиэтин ыйдаран тиийдим. Оҕонньорум, үлэтиттэн уурайбыт киһи, туох аанньа буолуой, настырыанньата суох. Уку-сакы чэйдии олороллор. Мунньахха саҥа зоотехнигы аҕаллыбыт диэн билиһиннэрбиттэрэ. «Ханна да барар сирим суох, хоно кэллим» диэтим. Чэй кутан чэйдэт тилэр.

Тахсан коляска матасыыкылын собуоттаан ханна эрэ бардыбыт. Олорсон оскуола уопсайыгар тиийбиппитин учууталлар эрэ олоруохтаахтар диэн сөбүлэспэтилэр. 90-ча саастаах Аана эмээхсиҥҥэ «дьукаах аҕаллым» диэтэ. Эмээхсиним дьиэ иһигэр тайаҕынан нэһиилэ сылдьар. Хайдах кыстыам диэн олорбута буолла, дьоно суох, тулаайах эбит. Үөрэ түстэ.

Икки сыл киниэхэ олордум. Уутун-маһын бэлэмниибин. Аһылыгын аҕалан биэрэбин. Дьиэбит кыараҕас. Биир хоско кини,          бииригэр     мин   олоробун. Кыра аһылыгы астыыр. Аһара тапсан олорбуппут. Оҕотугар өлүүлээх эбит. Биир уолу ииппитэ художник идэтин баһылаан куоракка олорор үһү. Мин атын үлэҕэ барбытым кэннэ ийэтин куоракка илдьибит этэ. Н.Е. Спиридонов заправщикка көһөн үлэлээбитэ, отделение салалтата эдэр специалистарынан хааччыллыбыта. Онон бары түмсүүлээхтик, биир сомоҕо коллектив буолан үлэлээбиппит. Бухгалтерынан соҕуруу үөрэҕин саҥа бүтэрэн кэлбит Светлана Васильевна Николаева, хонуу биригэдьииринэн киэҥ-холку, куруук күлэ сылдьар Леонид Афанасьевич Григорьев, Леонид Прокопьевич Кларов, ыанньык биригэдьиирдэринэн Иван Герасимович Тихонов, Саргылана Прокопьевна Кларова, субай биригэдьиирдэринэн опыттаах Софрон Михайлович Иванов, Дмитрий Дмитриевич Фёдоров, саҥа үөрэҕин бүтэрбит этэ, Мэҥэ Хаҥалас уола үлэлээбиттэрэ.

Саҥа кэлбит күммэр киинэттэн тахсан истэхпинэ кулууп ааныгар үс уол тоһуйан «боруобалаһыы» буолла. Биригэдьиирийскэй санныга сүгүллэр суумкам быатын быһа тардан кэбистилэр. Кулууп остуораһа дьиэ сууйа кэлбитигэр ханнык уолаттарын, ханна олороллорун ыйдаран дьиэлэрин кэрийдим. Киирбитим төрөппүттэрэ киэһээҥи чэйдэрин иһэ олорор буолаллар.

«Саҥа үлэлии кэлбит зоотехникпын, уолаттаргыт бу суумкам быатын быһыта тыыттылар» диэн көрдөрөбүн. Ити уол батарын ааста, кэлэн хоһугар утуйа сытар. Сарсыарда турдаҕына ноһуораларын көннөрүөх буоллулар. Кэлин барыларын кытары табаарыстаспытым. Сорохторо фермаҕа үлэлии киирбиттэрэ.

Бөһүөлэк дьоно ыкса билистэххэ, бастаан утаа ыарахан курдук эрээри аһара көнө сүрүннээх, атын сиргэ курдук ньоҕойо, куолуһута суох этилэр. Сөбүлэстэхтэринэ, санааларын таптахха үлэлэригэр аһара эппиэтинэстээхтэрэ. Ол да иһин биир сыл иһигэр үүт ыамыгар оройуоҥҥа, Бүлүү бөлөххө бастаан «Москвич» массыына, мотоцикл уо.д.а. фондалары ылары ситиспиппит. «Москвич» массыынаны кырдьаҕас, үйэтин тухары биригэдьиир Иван Герасимович Тихонов ылбыта. Мотоциклы миэхэ анаабыттара. Хойукка диэри үлэбэр атах гынан абыраммытым.

Дьону билбэт буолан Софрон Михайлович Иванову, саастаах биригэдьиири, сүбэһит оҥоһуннум. Кэргэнэ өлөн улахан дьиэҕэ иккиэйэҕин эрэ олороллор. Киэһэ аайы тахсан чэйдиибин, үлэбитин былаанныыбыт. Ханна да курдук, кыһалҕабыт – дьону үлэҕэ аттарыы. Софрон Михайлович олохтоох киһи буолан ким туох кыһалҕалааҕын, туох үлэҕэ үлэлиэн сөбүн сүбэлиир.

Мин дьиэлэригэр сылдьан оккутун-маскытын сарсын тиэйтэриэм, үлэлиир усулуобуйаҕытын тэрийиэм диэн фермаҕа үлэлииргэ сөбүлэһиннэрэбин. Сорохтор кэтэмэҕэйдииллэр, трактор солото суох диэн тиэйбэттэр, «биригэдьиири сырсыбытым ыраатта, эн да тиэйтэрбэт буолуохтааххын» дииллэр. «Сарсын тиэйтэрэр түгэммэр сөбүлэһэҕин буолбат дуо?» – диэн тылларын ылабын.

Биригэдьиир Л.А. Григорьев сарсыарда хонтуоратыгар табаҕын уобан күлэ-күлэ олорор. «Ферма ото кыайтарбакка турар, чааһынайдарга кэлин тиэллэр» диэн кыккыраччы аккаас биллэрэр. Туруорсан, быһаарсан туһа суох. Сарсыарда фермаҕа баран иһэн дьиэтин аанын астарабын. Сүөһүгэ үлэлиир киһи буллум, бүгүн маһа тиэллиэхтээх, ол кыаллыбатаҕына аккаастанарын этэбин. Сөбүлэһэр, путёвка биэрэн тиэйтэрэр. Итинник ферма үлэһиттэрин мастара-отторо уочарата суох тиэллэрэ. Үлэһит тылыгар турар салайааччыны убаастыыр, дьаһалгын толорор.

Күн аайы ферма үлэһиттэрин кытта ылахтаһан, ирдэбиллэрин толорон, күннээҕи үлэлэрин түмүгүн таһааран иһэбин. Ыанньыксыттарга үүт ыамыгар нэдиэлэтээҕи куоталаһыыга 1, 2, 3 миэстэлэри таһааран 10, 5, 3 солк. бакыаттаан фермалары кэрийэ сылдьан туттаран иһэбин. Итинник түмүгү таһаарыы үлэни көҕүлүүрэ.

Сайын, саамай ыраах сытар ферма 10 биэрэстэлээх Өрүүкээн суола бадараан. ДТ-75 тракторынан эбэтэр атынан эрэ тиийиллэр. Мунньахтыы тиийдэххэ үлэһиттэр сир астыы барбыт буолаллар, болдьоммут кэмҥэ суохтар. Сарсыныгар маҕан соноҕоспун торҕо сэлиинэн түһэрэн сарсыарда 5 чааска саҥа тура сырыттахтарына тиийэбин.

Кыһыл муннукка мустуохтаахпыт. Маҥан соноҕос бадарааҥҥа буккуллан хап-хара буолан, көлөһүнэ сарт түһэн этин таттара турар. Киирэр ааҥҥа баайбытым.

Ол кэнниттэн болдьоспут кэммэр кыһыл муннукка мустан, кэтэһэн олорор буолаллар. Үөрэ-көтө мунньахтыыбыт. Аһылык астанан бэлэм турара. Элгээйиттэн Егор Гаврильевич Иванов управляющайынан үлэлии сылдьан, сарсыарда кэлэн ыамҥа хаска тахсарбытын кытыан быыһыттан көрөн хонтуруоллуура диэн кырдьаҕас ыанньыксыттар кэпсииллэр. Аһара үлэһит киһи үлэлээн ааспыта диэн хайгыыллар.

Хас салайааччы аайы ат сыһыарыллара. Бары дьоһуннаах аттаахтара. Главнай специалистар аттара туспа тутуллара. Суол куһаҕан, атынан эрэ сылдьаллар. Миэхэ соноҕоһу тутан аҕалан баайан кэбиспиттэрэ маһы кытта туста турар. Былырыын айааһаммыта дииллэр. Сарсыарда аайы тутарым, ыҥырдыырым улахан сыраны эрэйэр. Арыт быраҕан күн аҥара сырыһыннарар. Хата соноҕос буолан сырыыта, айана сылбырҕа этэ, сөбүлээбитим.

Бөһүөлэк баһыгар «Сардаҥа» фермаҕа эдэр кыргыттар киэһэ бырааһынньыктаан сарсыарда туралларын ыарырҕаталлара. Сарсыарда ыамҥа туруортуу тахсабын. Ыанньыксыт 25 ынаҕы ыыра, көрөрө. Оскуоланы саҥа бүтэрбит оҕолорго улахан ноҕурууска этэ.

Сайын устата хонуу биригэдьиирэ Л.А. Григорьевтыын дойду сиргэ кини «Запорожец» массыынатынан кэрийэн оту кэмнээн тутабын. Улахан болҕомтобун, опыттаах буолан, ынах буоһатыытыгар уурабыт. Осеменатордар үлэлэрин хонтуруоллуубун, тэрийэбин. Үлэлэригэр бэриниилээхтик үлэлииллэрэ. Сүөһү ууланыыта 98 %-ҥа тиэрдиллибитэ. Сүөһү эрдэ төрүүрүн ситиспиппит. Элбэх ыанньыксыт биир ынахтан 2000 кг үүтү ыыр буоллулар, хайҕаналлар. Биир ынахтан 1700 кг үүтү отделениенан ыатыбыт.

Бургунастары бары отделениеттан хомуйан Аллыҥаҕа мунньан сиэмэлииллэр. Күһүн уулаах бургунастары үллэстии буолар. Мин ыйааһыҥҥа тиийэн бургунастары үүт биэрэр көрүҥнээхтэрин талан ылабын. Үчүгэйдэрбитин ылаҕын диэн биэрбэт буола сатыыллар. Урут зоотехник сылдьыбат буолан хаалбыттары ылаллар эбит. Үчүгэй бургунастары талан аҕалбыккын диэн үлэһиттэр үөрэ-көтө ыанньыксытынан киирэллэр, раздойдаан үчүгэй ынах гыналлара.

Үүт ыамын үрдэтии мэктиэтэ – племенной үлэни тупсарыы. Онно улахан оруолу специалистар ылаллара. И. Поскачин, Н. Игнатьев уо.д.а. курдук үлэлэригэр бэриниилээх осеменатордар үлэлээбиттэрэ. Үлэлиир усулуобуйаларын тупсаран тэрийбиппит, хамнастара да үрдүгэ. Ыанньыксыттар элбэх үүтү ыыр буолан хамнастара үрдээбитэ, настырыанньалаахтык үлэлииллэрэ.

Саастаах биригэдьиирдэри С.М. Иванову, И.Г.Герасимовы «фермаҕа сылдьа сатаамаҥ, боппуруоһу мин быһаарыаҕым, ол оннугар мунньахха миигин кириитикэлиэ суохтааххыт» диэн сүбэлэспитим. Элбэх киһи дьаһайсыыта үлэҕэ буккууру таһаарара. «Кырдьаҕастан сүбэтин, эдэртэн эрчимин» диэн итини эттэхтэрэ.

Управляющайбыт Николай Алексеевич Егоров оскуола директорынан үлэлээбит буолан уопсай тылы булара, тэрээһини кыайа тутара. Ол курдук ыанньык, субай сүөһү хотонноро тутуллубуттара, үлэлиир усулуобуйа тупсарыллыбыта.

Субай сүөһү биригэдьиирэ Дмитрий Дмитриевич Фёдоров арыт «аһаан» кэбиһэн, 300 борооскуну ыйаан, отчуотун мин оҥорорум.

Күһүн сүүһүнэн тыһаҕаһы үүрэн Сунтаар бойнятыгар киллэрэн туттарар элбэх сыраны-сылбаны эрэйэрэ. Үс күн күҥҥэ сүүстүү сүөһүнү бойняҕа астыыллара. Приёмщигынан Василий Чолоев үлэлиирэ. Үлэһиттэрин кыайа-хото тутан дьаһайара. Икки ачыкыыны тэҥҥэ кэтэн докумуон толороро. Сытыы, кыайыгас-хотугас, кэлбит-барбыт киһи ити эппиэтинэстээх дуоһунаска уһуннук үлэлээбитэ.

Арыт биирдиилээн дьон өттүттэн итириктээһин таҕыстаҕына чокуйталыан да сөптөөҕө, кытаанах дисциплинаны тутара. Мин дьаһаллаах буолан куруук хайҕанабын, сөбүлүүр. 35 %, 50 % надбавка үрдүк ыйааһыннаах биирдиилээн сүөһүгэ көрүллэрэ. Зоотехник үлэтэ, былаана эт ыйааһынынан сыаналанара, турар харчынан суумматыгар болҕомто ууруллубата, бухгалтерия өттүттэн ирдэммэтэ. Сопхуос барыыһа сүөһүтэ надбавкаҕа баран эбии төлөбүр көрүлүннэҕинэ үрдүүр. Ол мясомолкомбинат көрдөрүүтүгэр оруолу ылбата, харчыны государство төлүүрэ.

В. Чолоевы тылбар киллэрэн күн бүттэ да своднай биэдэмэһи мэһийэн, надбавкалаах сүөһү ахсаанын элбэтэн, надбавка ылар курдук биэдэмэс оҥорон илии баттатабын. «Зоотехниктар өйдөрө манна тиийбэт, эн эрэ маннык гынаҕын» диэн хайгыыр. Сопхуос салалтата Арыылаах сүөһүтэ үксэ надбавкаҕа баран государствоҕа туттарылынна, барыс үрдээтэ диэн биһигини атыттарга холобур оҥостоллоро.

Оройуоҥҥа бастакынан Вера Никифороваҕа, Николай Игнатьевка оҕус борооскуну интенсивнэй уотууга туруоран бастыҥ көрдөрүүнү ситистиппит. Главнай зоотехник сөбүлээбэт. Үөрэхпэр барбытым кэннэ Вера Никифороваҕа турар оҕус борооскулары аттатан кэбиспит. Николай Иванович Игнатьев өр сылларга ыччат сүөһүнү төлөһүтүүгэ бастыҥ көрдөрүүнү ситиһэн чиэскэ-бочуокка, пенсияҕа тахсыар диэри, сылдьыбыта. Ити опыт оччолорго республикаҕа саҥа тарҕанан эрэрэ. Тыһакыыска Егор Спиров диэн куолуһут борооску көрөөччү киһи күнүскү аһылыгы көтүтэн оттуу баран хаалара. Күн аайы эриһэр этим. Онтум кэтэхтэн СГУ-га үөрэнэ киирдэ. Мин үрдүкү кууруска үөрэнэбин. Манна биир борооскуга 4 кг оту биэриэхтээххит диэн үөрэтэҕит. Оттон ити сылдьар мин зоотехнигым кыра оту биэрэр. Ол иһин мин үөрэнэбин дии-дии киһиргиир. Үөрэҕин бүтэрэн аҕыйах кэмҥэ үлэлээн истэҕинэ уураппыттара.

Үлэлээбитим 6 ый буолбутун кэннэ партия райкомун 1-кы секретара И.О. Пахомов үҥсүү киирдэ диэн таҕыста. «Эн биир сыл иһигэр миигин ууратыа суох буолбутуҥ» диэн эристим. Инньэ гынан төнүннэ. Биир сылынан отделениебыт оройуоҥҥа, Бүлүү бөлөх оройуонугар үүт ыамыгар бастаата. Алта ыйы дьону түмүүгэ, үлэни саҥаттан тэрийиигэ ыытарым. Алта ый кэнниттэн коллектив көрдөрүүнү тупсарыыга үлэлиирэ. Ол утарсыыта суох буолбат, буолар да кыаҕа суох. Баһааҕырда, дьону утары туруора сатыыр дьон наар баар буолаллар, оннук буолуохтаах даҕаны. Уларыйыы утарсыыта суох буолбат.

Күһүн РАПО (районное агропромышленное объединение) председателэ Михаил Гаврильевич Павлов таҕыста. Иккиэн күнү быһа атынан фермалары кэрийдибит, мунньахтаатыбыт. «Үчүгэйдик үлэлиир эбиккин» диэн хайҕаата. Аҕыйах хонон баран миигин оройуоҥҥа киирэрбэр дьаһал кэллэ.

Мин Уһун Күөл дьонун-сэргэтин сөбүлээбитим, салгыы үлэлэтиҥ диэн туруорсубутум. Отделение оннун булла, оройуоҥҥа үрдэтэн киллэрэбит диэн мас-таас курдук дьаһайдылар. Ол саҕана биирдэ үлэттэн аккаастаннаххына иккиһин улахан дуоһунаска анаабаттар. Барарга күһэлинним. Үлэһиттэр үчүгэй салайааччыбыт барда диэн суохтаабыттара.

Тойбохойго бирикээспин таһааттара киирбиппэр сопхуос солбуйааччы директора Адам Семёнович Алексеев кабинетыгар ыҥыран киллэрдэ. Арыылаахха мин үлэлии сылдьыбыт буолан балаһыанньаны билэбин, ону эн кыайа-хото тутан, улахан ситиһиилэнэн үрдээтиҥ. Инники да өттүгэр ситиһиилээхтик үлэлээ, үчүгэй салайааччы буола үүн, үрдүү тур диэн алҕаабытын махтана саныыбын, умнубаппын. Дьэ, ханна да буоллар киһи үлэ- тин сыаналыыр, үрдүккэ кынаттыыр салайааччылар баар буолаллара.

Суоһалдьыйа Толбонноох диэн хоһооҥҥо холбоммут, кэпсээҥҥэ кэпсэммит, норуот номоҕор хоһуллубут кыраһаабысса төрдө-ууһа Уһун Күөл. Итинник ааттаах трагедия суруллубута, театрдарга элбэхтик туруоруллубута. Олорбут өтөҕүн көрө  бара  сылдьыбытым.  Атынан  эрэ тиийиллэрэ. Өтөх харыйа саба үүнэн бүтэйэн эрэрэ. Тула баай киһи олорбут сибиэнэ суоҕа. Нүҥ күөлтэн соҕуруу 3-5 км ырааҕа.

*  *  *

 

КИНИЭХЭ ТЭҤНЭЭХ АҔЫЙАХ БУОЛУО

Мин Прокопий Степанович Акимовы кытта «Тойбохой» сопхуоска бииргэ үлэлээбитим. Ол кэмҥэ кини Арыылаах отделениетыгар зоотехниктаабыта, мин управляющайдаабытым.

Ол да саҕана кини үлэтин сарсыарда 6 чаастан саҕалыыра. Сарсыарда 9 чааска хонтуораҕа бэлэм эппиэттэрдээх кэлэрэ. Туох итэҕэс-быһаҕас, туох уларыйыы баарын аһаҕастык этэрэ. Туох наадатын аһара дьыалабыайдык, тактичнайдык туруорсара.

Ол түмүгэр отделениеҕа 1 ф/ынахтан үүтү ыаһын, ньирэй, кулун дьыалабыай тахсыылара лаппа улааппыта. Хомойуох иһин, биһиэхэ өр үлэлэппэккэ «Элгээйи» сопхуоска илдьэ барбыттара.

Онно да уһаабатах этэ. Саҥа олоххо киирэн баран, рынок сыһыаннаһыытын таба өйдөөн, Элгээйигэ эт-үүт комбината тэриммит этэ. Ол үлэтэ туох түмүктэрдээҕин билэҕит.

Мин санаабар, Сунтаар улууһун тыатын хаһаайыстыбатын сайдыытыгар киниэхэ тэҥнээх киһи аҕыйах буолуо.

Николай ЕГОРОВ,

«Тоҕой Сэлэ» сылгы заводун директора, Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, улуус уонна Арыылаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

Тойбохой Уһун Күөлэ.

*  *  *

 

ОЛУС ҮЧҮГЭЙДИК ТАПСАН ҮЛЭЛЭЭБИППИТ

Мин Арыылаах отделениетыгар, 80-с сыллар кэннилэриттэн, Прокопий Степановиһы кытта бииргэ үлэлээбит дьоллоохпун. 1982 сыллаахха Прокопий Степанович партия райкомун дьаһалынан зоотехник быһыытынан биһиги бөһүөлэкпитигэр үлэлии кэлбитэ. Кырдьаҕас Анна Уарова эмээхсиҥҥэ олордубуппут.

Прокопий Степановиһы үлэһит, чиэһинэй, эппиэтинэстээх,  дьону  кытта үчүгэй сыһыаннаах диэн үрдүктүк сыаналыыбын. Мин управляющай быһыытынан кинини кытта олус үчүгэйдик тапсан үлэлээбиппит. Кини иннинэ дьахтар зоотехниктар үлэлии сылдьыбыттара.

Фермабыт Бакамдаҕа баар этэ. Нэһилиэктэн арыый тэйиччи турара. Киэҥ оттуур сирдээх, сүөһү мэччийэригэр үчүгэй сыһыылардаах этэ. Эргэ уопсай хотоҥҥо сүөһүлэрбитин бэркэ тутан турбуппут. Хотон муостатын сыл аайы өрөмүөннээн оҥорор этилэр. 250-ча субай сүөһүлээх этибит.

Прокопий Степанович атынан сылдьан борооскуларга аһыйбыт үүт таһан аһатара. Борооскуларбыт олус улааппыттара, көрүү-истии да үчүгэйэ. Ынахтарбыт 200-тэн тахса быһыылаахтара. Ону таһынан аҕыйах сибиинньэлээх этибит. Булчуттар 6 аты биһиэхэ туттарбыттара. Отделениебытыгар икки ДТ-75 трактор, сэттэ Беларусь, түөрт массыына уонна биир шасси баара. Мин бэйэм техничка массыынанан сылдьарым. Кэлин улахан гараас туттубуппут.

Прокопий Степанович Арыылаахха икки сыл үлэлээбит кэмигэр тыа хаһаайыстыбата үрдүк кирбиилэри ылбыта. Ол курдук, үүт ыаһыныгар республикаҕа биһиги отделение 1-кы миэстэни ылары систиспитэ. «Москвич» массыына фондатынан бэлэхтээбиттэрэ. Ону биригэдьиир Иван Герасимович Тихоновка биэрбиппит. Оттон мотоциклы Прокопий Степановичка анаабыппыт.

Зоотехникпыт  көҕүлээһининэн оройуоҥҥа аан бастакынан интенсивнэй уотууга киирсибиппит. Николай Игнатьев 50 субай сүөһүнү уотууга анаан-минээн ылсыбыта. Саамай улахан ситиһиибит бу этэ. Отделениеҕа Прокопий Степановичка күүс-көмө буолбуттара: Анатолий Егорович Николаев, Леонид Афанасьевич Григорьев, Саргылана Прокопьевна Кларова.

Прокопий Степанович Акимов «Тойбохой» сопхуос Арыылаахтааҕы отделениетыгар үлэлээбитинэн киэн туттар.

Туруу үлэһити кэлин Ленин орденнаах «Элгээйи» сопхуоска кылаабынай зоотехнигынан ыҥыран ылбыттара. Билигин Элгээйигэ эт-үүт комбинатыгар салайааччынан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар. Элгээйилэр сатабыллаах салайааччылаах буоланнар үөрэллэр.

Мин бииргэ үлэлээбит табаарыспар, убаастыыр киһибэр кытаанах доруобуйаны, дьоллоох олоҕу, дьиэ кэргэнигэр этэҥҥэ буолууну баҕарабын!

Николай СПИРИДОНОВ,

сэрии 91 саастаах тулаайаҕа, тыыл бэтэрээнэ, элбэх мэтээл хаһаайына.

Элгээйи.

*  *  *

 

КҮҮРЭЭННЭЭХ ҮЛЭ ҮӨҺҮГЭР

«Тойбохой» сопхуос саамай улахан отделениета Арыылаах 1500-тэн тахса ынах сүөhүлээх, 660 сылгылаах, 600 кэриҥэ ыанар ынахтаах, 330-тан тахса төрүүр биэлээх, сүүстэн арыый тахса үлэhиттээх этэ. Арыылаах отделениетыгар кэнники сылларга тутуу аанньа ыытыллыбакка сүөhү турар хотонноро эргэрэн, сиргэ тимирэн, уу буолан, үлэhит үлэлиир усулуобуйата биллэ мөлтөөбүтэ. Ол түмүгэр үлэhит үлэҕэ сыhыана уонна үлэhити үлэҕэ аттаран туруоруу боппуруоhа уустугурбута. Отделениеларга олохтоох рабочайдартан састааптаах тутуу биригээдэлэрэ суохтарын тэҥэ этэ. Быстах кэмнэ ыраах үрэхтэргэ баар хотоннору кыстыкка бэлэмнээн өрөмүөҥҥэ үлэлии түhэллэрэ. Сопхуоска ыытыллар үптээх-харчылаах, титуллаах тутууларга кэлии шабашниктар биригээдэлэрин үлэлэтэр омсолоох практика баара.

Сопхуос дирекцията, парткома Арыылаах отделениетыгар үөскээбит ыарахан балаhыанньаны көннөрөргө партия райкомун кытта күүскэ үлэлэспитэ. Ол түмүгэр 1982 сыллаахха Арыылаах отделениетын салайар кадрдарын бөҕөргөтүүгэ кэккэ дьаhаллар ылыллыбыттара. Ол курдук  райком  бюротун  уурааҕынан «Бордоҥ» сопхуоска ситиhиилээхтик үлэлии сылдьар эдэр кэскиллээх специалист Прокопий Степанович Акимов отделение зоотехнигынан, Арыылаах орто оскуолатын директорынан үлэлиир, отделение үлэтигэр мэлдьи үтүө баҕатынан көмөлөhөр Николай Алексеевич Егоровы управляющайынан, эдэр специалист Леонид Афанасьевич Григорьев хонуу биригэдьииринэн анаммыттара.

Урукку салайар састааптан ыанньык биригэдьиирэ Иван Герасимович Тихонов, субай сүөhү биригэдьиирэ Софрон Михайлович Иванов, механик Николай Егорович Спиридонов саҥа дьону кытары бииргэ түмсэн, биир сомоҕо күүс буолан отделение үлэтин-хамнаhын өрө көтөҕөр, үлэлиир усулуобуйаны тупсарар, үлэ оҥорон таhаарыытын үрдэтэр сыаллаах-соруктаах ылсан үлэлээн киирэн барбыттара.

Управляющай Николай Алексеевич Егоров салалтатынан отделение сэбиэтигэр маҥнайгы нүөмэрдээх соругунунан үлэhит үлэлиир миэстэтин тупсарыы, ынаҕы кураанах ичигэс хотонунан хааччыйыы буолбута. Сопхуос рабочайдарыттан састааптаах мэлдьи үлэлиир тутуу икки биригээдэтэ тэриллибитэ. Бастакыны Дмитрий Семёнович Григорьев, иккиһи Иван Никитич Егоров салайбыттара. Биригээдэлэри күhүн эрдэ тэрийэн уу буолар хотоннор муосталарын үрдэтэн капитальнай өрөмүөнү ыыппыттара. Алдьанан үлэлиир-үлэлээбэт турбут пилораманы саппаас чаас булан икки сменанан үлэлэтэр курдук дьаhаммыттара.

Саҥа салайар састаап тэрийэр-дьаhайар үлэтин көрө-истэ сылдьар үлэhиттэр санаалара көтөҕүллэн үлэҕэ сыhыаннара лаппа тупсубута. Зоотехник диэн – сүөhү иитиитин ымпыгын-чымпыгын бары сэкириэттэрин билэр производство технолога. Төhө да кэмчи аhылыкка турар сүөhү рационун бары иҥэмтиэлээх веществоларын сөпкө суоттаан, сөпкө ааттаран оҥордоҕуна сүөhү бородууксуйаны биэриитэ үрдүк буолар диэн учуонайдар этэллэр.

Прокопий Степанович Арыылаах отделениетыгар үлэлиир сылларыгар бэйэтин идэтин баhылаабыт специалист эрэ буолбатаҕын, үлэhити үлэҕэ түмэр, тыа хаhаайыстыбатын курдук уустук производствоны тэрийэр, салайар кыахтааҕын, дьоҕурдааҕын уонна сопхуос үп-харчы, финансовай туруга бөҕөргүүрүгэр кыhамньытын уурарын көрдөрбүтэ. Ол манныктартан көстөр этэ:

  1. Отделение рабочайдарын итэҕэллэрин ылан профком председателинэн талыллан айымньылаахтык үлэлээбитэ. Социалистическай куоталаhыыны үрдүк таhымнаахтык тэрийэн, ый аайы куоталаhыы кыайыылаахтарын түмүктэрин үлэhиттэр мунньахтарыгар дьүүллэһэннэр үлэ күөстүү оргуйбута. Ол түмүгэр отделение бастыҥнар кэккэлэригэр тахсыбыта. Отделение биригэдьиирэ И.Г. Тихонов уонна зоотехник П.С. Акимов сайыҥҥы үүт ыамыгар Саха сирин үрдүнэн бастаан Кыhыл Знамяны ылар чиэскэ тиксибиттэрэ.
  2. Сопхуоска бастакынан борооннору интенсивнэй улаатыннарыы технологиятын олоххо киллэрбитэ. Бороон көрөөччү Н.И. Игнатьев көрөр бороонноро ортотунан 18 ыйдарыгар 350 кг үктүүр буолбуттара.

Сэбиэскэй кэмҥэ тыа хаhаайыстыбатын бородуксуйатын судаарыстыба халбаҥнаабат сыаналарынан, мясомолпром тэрилтэ нөҥүө, атыылаhар этэ. Судаарыстыба туттарыллар бородууксуйа үрдүк хаачыстыбатын иhин эбии надбавкалары төлүүрэ. Ол курдук маҥнайгы суортаах сойутуллубут үүт, үрдүк уойуулаах ыччат сүөhүнү туттарыы иhин, 350 кг үөhэ тыыннаах  ыйааhыннаахха,  сыанатыгар эбии 35 %, 400 кг үөhэ тыыннаах ыйааhыннаах ыччат сүөhүгэ закупочнай сыананан ааҕыллыбыт сууматыгар эбии 1 төбө сүөhүгэ 50 % надбавка төлөнөрө.

Прокопий Степанович бу түгэннэри мүччү туппат курдук мясомолпром тэрилтэтин кытта мэлдьи, тиhигин быспакка үлэлиирэ. Фермаларга үүтү ыраастыыр, сойутар оборудованиелары туруортарбыта, алдьаммакка үлэлииллэрин ситиспитэ. Судаарыстыбаҕа туттарыллар ыччат сүөhүнү уотууга туруоран, күүскэ аhатан, сылаас уунан уулатан, элбэх эбиллиини ылбыта. Ол түмүгэ үчүгэй буолара. Сопхуос бородууксуйата үрдүк хаачыстыбаҕа атыыланан ылар дохуота биллэ элбиирэ.

Модест ПЕТРОВ,

«Тойбохой» сопхуос кылаабынай экономиhа, үлэ, тыа хаhаайыстыбатын ветерана, Тойбохой уонна Маар Күөл нэhилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо.

*  *  *

 

РАПО-ҕа КЫАХПЫН ТУРГУТАН КӨРБҮТҮМ

Сунтаарга  киирдим.  Октябрьскай уулуссаҕа икки этээстээх дьиэлэр турбуттара.  Олортон  биир  хостоох, маһынан оттуллар квартираҕа ордер биэрдилэр. Онно олорор буоллум.

Племенной үлэнэн дьарыктанар 4 киһилээх отделга сылгы зоотехнигынан анаатылар. Сылгыларга племенной звенолары тэрийэр, плем учуоту ыытар сыалтан сыл аайы бонитировка ыытабын. Дьаархаҥҥа Николай Потапов салайааччылаах племенной звено баара. Саас аайы онно тахсан сылгыларга бонитировка ыытабын, карточкаларын толоробун. Ол сылдьан биэлэргэ, атыырдарга кылаас иҥэрэбит, убаһалар племенной хаачыстыбаларын көрөн атыы тэрийэбит.

Звено Дьаархантан уонча биэрэстэлээх сиргэ баара. Сылгыһыттары кытта сылгы сырсабын, аҕалтаан далга хаайабыт. Сорох үөр буруйан куотар, онон сылгыһыттар кинилэр иннилэрин күөйээри үчүгэй аттары миинэллэрэ. Н. Потапов сылгылары сырсар улахан, үрдүк, модьу-таҕа көрүҥнээх маҕан аттаах. Онон сылгы сырсабын. Сырыстахпына куота сатаабаттара. Сылгылар бэйэ-бэйэлэрин билсэллэр, толлор аттарыттан куота сатаабаттар.

Өрөбүлгэ өрүү үөрүйэҕэ суох буолан бастаан утаа тэһийбэтим. Пятницаттан саҕалаан өрөбүллэргэ үксүгэр сопхуостарынан биригээдэ тэринэн салалтаҕа көмөлөһө, кыайтарбат боппуруостары быһаарса командировкаларга барарбыт. Понедельникка планёркаҕа ол сырыыбыт түмүгүнэн суругунан отчуот туттарабыт.

Начальникпыт биологическай наука кандидата, Москваҕа партия Киин Комитетыгар тиийэ үлэлээбит, үөрэх, оттук промышленноһын миниистиринэн, горком секретарынан үлэлээбит республика биллэр салайааччыта Владимир Гаврильевич Павлов быраата Михаил Гаврильевич Павлов этэ. Үлэтигэр ирдэбиллээх, элбэҕи билэр, опыттаах, дьоҥҥо, салалтаҕа аптарытыаттаах салайааччы этэ. Уһуннук «Тойбохой» сопхуоска ситиһиилээхтик директордаабыта.

Партия райкомун 1-кы секретарынан Анатолий Афанасьевич Попов ананан кэлбитэ, үлэ тэрээһинигэр оройуоҥҥа сэргэхситиини таһаарбыта. Хадантан төрүттээх улахан салайааччы. Потребкооперация техникумун преподавателинэн, партия обкомун секретарынан өр сылларга үлэлээбитэ. Республика улахан салайааччытынан үлэлээбит буолан опыттааҕа. Үлэлиир сылларыгар кураан дьыллар тураннар от үүнүүтэ мөлтөөн, сүөһү кыстыгар ыарахаттар үөскээбиттэрэ.

Үрэх сирдэргэ звенолары тэрийтэлээн таһаартаабыта. Оройуон общественнай тэрилтэлэригэр окко былааннар тиксибиттэрэ, субуотунньуктар, эбии аһылык бэлэмнээһинигэр маассабай тахсыылар тэриллибиттэрэ. Салалтаттан ирдэбил күүһүрбүтэ. Мииринэй, Өлүөхүмэ уо.д.а. оройуоннарыттан элбэх от, комбикорм, уотурба тиэллибитэ.

Промышленнай Мииринэй куорат тэрилтэлэрэ шефтэһэр үлэлэрэ күүһүрбүтэ. Тиэйэр-таһар үлэлэри кинилэр ыыталлара. Нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы суоллары оҥоруу күүһүрбүтэ. «Бордоҥ», «Тойбохой» сопхуостар сирдэриттэн ууну күүскэ түһэрии түмүктэммиттэрэ, үгүс ходуһалар ууттан босхоломмуттара. Оройуон тэрилтэлэригэр субуота, өрөбүл доруобуйа күнүнэн биллэриллибиттэрэ. Дьон бары от субуотунньугар тахсыылара тэриллибитэ.

А.А. Попов кэргэним ийэтэ Мария Ефремовнаны 60-с сыллардаахха потребкооперация техникумугар экономист идэтигэр үөрэппит. 2000 сыллардаахха кыргыттарбын Наташаны уонна Надяны финансовай-экономическай институкка экономист идэтигэр үөрэппитэ. ХИФУ-га билигин даҕаны ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар.

Сайын РАПО коллектива уонча хонукка, уонча буолан, Күндэйэ отделениетыгар оттуу тахсара. Барыта илии үлэтэ. Илиинэн от охсобут. Биирдэ Кулуһуннаах ходуһатын уутун ыыппыттара ото киһини кытта тэҥ буола үүммүтүн охсубуппут. Экономист Спиров, зоотехник М.О. Ордахов, бухгалтер С.П. Васильев арыый саастаахтарбыт баһылаан-көһүлээн оттуубут. Эдэр прорабтар Е.П. Федотов, И. Осипов, Павлов уонна мин буолан аһара көхтөөхтүк үлэлээбиппит.

Мин үрэххэ оттообут буолан күөл адаар отун дайбыырга үөрүйэхпин, онон хайҕанабын. Биирдэ сир кэмнииргэ ачаах мас бэлэмнээтилэр. «Сарсыарда 9 чаастан киэһэ 9 чааска диэри оҕус, төһө сири охсор эбиккин, кэмнээн көрүөхпүт» диэтилэр. Сөбүлэстим. Күнү быһа киһи үрдүгүн саҕа адаары охсубуппун кэмнээтилэр. Санаабар көрдөххө киэҥэ сүрдээх. Кэмнээбиттэрэ 1 га 2 суотай буолла. Оройуон хаһыатыгар таһаардылар, хайҕаатылар.

Аҕам күҥҥэ 2,5 га сири сайын устата Буускап хотуурунан охсон Ыстахаанабыс аатын ылбыта, номоххо киирбитэ. Ол аата миигиттэн 2 төгүл ордук эбит. 2,5 га төһө киэҥин сөхпүтүм. Ол иһин биир күн охсубут сирин 4-5 киһи тура тэбинэн туран мунньар эбиттэр. Ол кэнниттэн от охсууга мөлтөх эбиппин диэн сыана быһыммытым.

Дьону кытта куоталаһан от охсорбуттан аккаастаммытым. Былыргы от охсооччу киһи ахтатынан дулҕаҕа, адаарга итиччэ киэҥ сири охсоруттан саллыбытым. Ол да иһин итиччэ элбэх сүөһү, сылгы холкуостарга иитиллэн, аһаан турдаҕа. Хас өтөх аайы эбиэс, сэлиэһинэй ыһыллара. Барыта ат, илии үлэтэ этэ. Сопхуостар саҕана итиччэ киэҥ бааһына техника көмөтүнэн таҥастанара.

РАПО начальнига М.Г. Павлов командировкаҕа Бүлүүчээнинэн, Кириэстээҕинэн, тоҕо эбитэ буолла, миигин илдьэ барара. Үлэбитин сарсыарда ыам бэрэбиэркэтинэн 7 чаастан саҕалыырбыт. Фермаҕа тиийдэххэ кугас паапкатын кыбынан кэлбитэ ырааппыт буолааччы. Ферматтан тиийэн 9 чааска сопхуос хонтуоратыгар үлэ-хамнас тэрээһинигэр мунньах ыытарбыт, үлэ итэҕэстэрин ырытарбыт. Кэлэр нэдиэлэтигэр дьаһаллар туолууларын хонтуруоллуурбут.

Элбэхтик командировкаҕа сылдьан Бүлүүчээни, Кириэстээҕи үчүгэйдик билбитим. Сыл аайы балыктыы, лууктуу Мэйиккэ Горн Егорович Платоновка тиийээччибит. Икки хонукка сөп буолар балыкпытын илиминэн, блеснанан ылааччыбыт, тыытыллыбатах Мэйик айылҕатыгар сынньанан төннөөччүбүт.

Баран иһэн 5-6 илими үрэхтэр өрүскэ түһэр куулаларыгар, саппыйаларыгар үтэбит. Сарсыныгар кэлэн көрдөхпүтүнэ сордоҥ, алыһар, кыһыл харах илими эрийиэр диэри туппут буолар. Ону араарыы, астааһын сатабылы, сыраны эрэйэр. Сонно иһиттэргэ астаан туустуубут. Кэлэрбитигэр илиммитин балыктары хомуйан Кириэстээххэ аҕалан сибиэһэйдии үллэстэбит.

Мэйик Бүлүүчээнтэн 50 км тэйиччи, уһук сир. Кыһын биир ыал сүөһү, сылгы ииттэн кыстыыр. Сайынын 5-6 ыал Мииринэйтэн, Дьокуускайтан даачаларыгар кэлэллэр. Урукку бөһүөлэк тутуулара дьардьамалара эрэ тураллар.

П.Т. Павлов гражданскай сэрии саҕана Мэйиктэн этэрээт тэринэн Сунтаары сэриилээн Ньурбаҕа тиийэ барбыт. Мин кэлэ-бара кыралаан үлэлээбитим. Олохтоохтор дойдуларын умнубаттар. Кэлэ-бара бөһүөлэктэрин өрө тарда, сэргэхситэ тураллар. Горн Егорович саҥа дьиэ туттубута. Өрүс биэрэгэр сынньанар ыскамыайка туруорбуппут. Горн Егорович бөҕө-таҕа гына Сунтаар ууһугар оҥотторбута.

Урут алмаас көрдөөбүт экспедиция таһаҕас таһар Ли-2, Дуглас самолёттара түһэр уһун синньигэс көнө ньуурдаах өрүс таас арыыта баар. Тоҥус арыыта дииллэр. Онно куулунан луук хомуйабыт. Успуускабытыгар таһааран кырбаан, тууһаан, 4 кг луугу кэнсиэрбэлээн аҕалабын. Хас да ыалынан үллэстэбит.

Соболоох күөллээх. Балыга улахан эрээри биһиги собобутугар тиийбэт. Былыргы тутуулартан Трофим Павлов Нүүйэттэн нуучча ыалын атыытыгар-тутуутугар, оҕолоругар учуутал гынаары таһаарбыт бөрөбүөтчүтүн олордубут нууччалыы моһуоннаах охсуу, кыра икки хостоох дьиэтэ баар. Ону таһынан эһэни хаайан кыстатар подвала баара.

Бүлүүчээҥҥэ командировкаҕа кыһын массыынанан бардыбыт. Мэйиккэ фермаҕа тиийдибит. 3 саастаах кыра оҕо дьиэтигэр соҕотоҕун хаалан оонньуу сылдьан чайнай луоска тостубутун айаҕар уктан харбыт. Дьолго Сунтаартан биһигини кытта Бүлүүчээн бырааһа тахсыһан иһэр. Бастакы көмөнү оҥоро сатаата. Оҕо тыына хаайтарар, сирэйэ көҕөрөн хаалбыт. Суһаллык Бүлүүчээҥҥэ тириэртибит. Онтон сир оҥорор биригээдэ вездеход массыынатынан Мииринэйгэ илдьэн быыһаммыта.

Наахараҕа отчуттары кэрийэ сылдьан сис ойуурга харчылаах, докумуоннаах кошелёкпун сиэппиттэн түһэрэн баран булан турабын. Аны быһаҕы, сүгэни, биилээҕи сүтэрдэххинэ хаһан да булбаккын. Айылҕа букатыннаахтык ылар эбит. Ол иһин быһаҕы бэлэх ыллаххына утары манньыат уунар абыычай сахаларга тутуһуллар. Былыр кыргыс сэбин аймахтарыгар хаалларбаттара. Киһи булбатын, туттубатын диэн, тыл этэн баран сиргэ көстүбэт курдук кистииллэрэ. Былыргы сахаларга биилээх мал куһаҕан тыыны иҥэриниэн сөп диэн итэҕэл баара.

1986 сыл күһүнүгэр партия райкомун бюротун, 1-кы секретара А.А. Попов дьаһалынан Ленин орденнаах «Элгээйи» сопхуоска главнай зоотехнигынан ананным. Бу сопхуос оройуон тыатын хаһаайыстыбатын бородууксуйатын 48 %-нын оҥороро.

Эдэр эрдэххэ дойдубар үлэлиир былааннаах этим. Онон кэтэмэҕэйдээбэккэ үөрүүнэн сөбүлэстим. 30 саастаахпын, үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сылдьабын. Араас сиргэ үлэлээн уопутурбутум, дуоһунастарбар ситиһиилээх этим, ону учуоттаабыт буолуохтаахтар. Советскай былаас саҕана партия улахан дуоһунастарга үлэ араас хайысхатыгар эриллибит-мускуллубут, бэйэтин көрдөрбүт, чахчы үлэлиэ диэбит, итэҕэйэр салайааччыларын аныыра.

Үлэбэр үлэлиэххэ эрэ диэн үлэлиири сөбүлээбэтим. Хайаан да ситиһиилээхтик, инники кэккэҕэ тахсар курдук үлэлиирим. Онно үчүгэй доруобуйа, үлэлиир хаачыстыба, билии, опыт ирдэнэрэ. Үлэһит салайааччыны билинэрэ, дьаһалын толороро деловой хаачыстыбалартан тутулуктаах. Дьону ыган-түүрэн, дьаһалымсыйан үлэҕэ көҕүлээбэккин. Үлэһиккинэн, билиигинэн, уопуккунан ордук буолуохтааххын. Айылҕа сокуона оннук. Дьон бастыҥнары батыһар. Саҥа дуоһунаска чахчы эппиэттэһэбин, таһаарыылаахтык үлэлиир кыахтаахпын билинэр буоллахпына эрэ сөбүлэһэрим.

САЛАЙААЧЧЫ БУОЛАРБАР ЭЛБЭҔИ БИЭРБИТЭ

1992 сыллаахха Сунтаардааҕы эт-үүт комбинатын  директора Федот Иванович Тихонов ыҥырда. Сөбүлэстим. Киирэн директоры бородууксуйаны батарыыга солбуйааччы буоллум.

Мин Федот Ивановиһы «Тойбохой» сопхуос Арыылаахтааҕы отделениетыгар зоотехниктыы сылдьан билбитим. Оччолорго, ити 1982 сыллаахха, сопхуос государствоҕа туттарар субай сүөһүтүн, график быһыытынан, Сунтаар сэлиэнньэтигэр эт-үүт комбинатын бойнятыгар үүрэн киллэрэн өлөрөр этибит.

Оройуон тыһыынчанан сүөһүтүн этин астааһын, батарыы, харчытын төлөһүү Федот Иванович санныгар сүктэриллэрэ. Тэрилтэ үлэҕэ ситиһиитинэн республикаҕа бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьара. Өр сылларга араас тэрилтэлэргэ бухгалтерынан үлэлээбит тарбахха баттанар финансист этэ. Үлэ ис хоһоонун, ииччэҕин-бааччаҕын төрдүттэн билэр салайааччы этэ.

Сопхуос директордарын кытта табаарыстыы сыһыаннааҕа, кинилэр кыһалҕаларын өйдүүрэ, көмөлөһөрө. Үлэлиир коллективыгар, салалтатыгар дириҥ убаастабылынан туһанара. Оройуон сайдыытын, чуолаан тыа хаһаайыстыбатын бары кыһалҕаларын кини сүбэтэ суох быһаарбаттара. Үлэҕэ улахан уопуттаах буолан кини этиитин үгүс салайааччы ылынара. Кинини кытта бииргэ үлэлээһин миэхэ салайааччы быһыытынан үүнэрбэр, сайдарбар элбэҕи биэрбитэ.

Үлэлиир кэммэр сыалым-соругум, туруорсар боппуруостарым сүөһүттэн ылыллар бородууксуйа хаачыстыбатын тупсаран үлэлиир отделениеларбар, сопхуостарбар эбии дотация, үп-харчы көрдөрүү, хаһаайыстыбалар экономикаларын тупсарыы буолбута. Ол кэмҥэ ханнык да зоотехник ити боппуруоһу туруорсубатаҕа. Ол тоҕото биллэр. Зоотехник үлэтин көрдөрүүтэ төһө тонна эти, үүтү государствоҕа туттарбыккынан сыаналанара. Харчы боппуруоһугар зоотехник болҕомтотун уурбата. Федот Иванович сопхуостар элбэх үбү аахсалларын туһугар туруорсууларбын өйүүрэ. Ким да итинник сопхуос үбүн элбэтиигэ үлэлэспэт диэн хайгыыра.

Биһиги үлэлиир кэммитигэр сүүһүнэн тонна эт, арыы тоҥоруллан Мииринэй, Ленскэй куораттарга батарыллара. Тэрилтэ Сиэйэҕэ сүөһү өлөрөр былаһааккалааҕа. Элгээйигэ күҥҥэ 120, Сунтаарга 120 сүөһүнү астыыр механизированнай бойнялардааҕа. Хас отделение аайы маслозаводтарга ыйга 10 тыһ. тн үүт астанара, арыыланара. Бородууксуйаны астааһын, харайыы үлэлээх дьыала этэ.

Бухгалтердарынан, технологтарынан, специалистарынан идэлэрин баһылаабыт, улахан опыттаах үлэһиттэр үлэлээбиттэрэ. Экономиһынан Е.Н. Иванова, бойняҕа В.А. Чолоев балай да уһун кэмҥэ олорбуттара. Элгээйитээҕи учаастакка уһун кэмҥэ техниканы, оборудованиены күнү-дьылы аахсыбакка механик-наладчиктар И.П. Игнатьев, Н.Н. Ляшеев, аҕата Н.П. Ляшеев, суоппар А.Н. Иванов көрбүттэрэ-истибиттэрэ, өрөмүөннээбиттэрэ. Элгээйи бойнятыгар маастарынан В.Н. Охлопков, харабылынан П.В. Митрофанов бэриниилээхтик үлэлээбиттэрэ.

Элгээйитээҕи арыы собуотугар маастарынан С.М. Ефимов, Кутанаҕа маастарынан Ф.Г. Николаев дьиэ кэргэнинэн үлэлээбиттэрэ. Федот Иванович дуоһунаска идэлэрин толору баһылаабыт дьону үлэлэтэрэ. Онто үлэ ситиһиилээх, түмүктээх буоларыгар төһүү буолара.

Күн аайы разнарядка быһыытынан эти, арыыны тиэйбит хас да КАМАЗ массыынаны Мииринэйгэ, Ленскэйгэ атаарарбыт. Сылга 41 тн арыы, 85 тн сүөгэй оҥоһуллан атыыга тахсара. Сылга ортотунан 600 тыһ. солк. ыраас барыстаахтык үлэлиирбит.

Ол суотугар элбэх объектар, маслозаводтар тутуллубуттара, техника ылыллыбыта. Ити барыс үүт сыата үрдүүрүн, туттарыллар сүөһү бастыҥ уойуулаах буоларын кытаанахтык ирдээһинтэн кэлэрэ. Бородууксуйа тобоҕо суох туһаҕа таһаарыллар технологиятын үлэҕэ киллэрэрбит. Онно биир эрэ холобур. Элгээйитээҕи бойня уһуннук үлэлээбит рабочай-охраннига Прокопий Васильевич Митрофанов түүн объегын маныы-маныы сылгы туйаҕыттан холодец оҥороро. Ол маҕаһыыҥҥа атыыга хамаҕатык барара, дохуот киирэрэ.

Элбэх таас объект тутуута саҕаламмыта. Ити объектар ол саҕана сиппэккэ хаалбыттара. Билигин ситэн үлэлии тураллар. Тыһыынчанан сүөһү, сылгы тымныы түһүөр диэри, аҕыйах хонук иһигэр, Элгээйитээҕи полумеханизированнай бойняҕа, Арыылаах, Сиэйэ отделениеларын сүөһүтэ, сылгыта Сиэйэтээҕи убойнай былаһааккаҕа өлөрүллэн астанара.

Элгээйигэ күн аайы 120 сүөһү эбэтэр 80 сылгы астанара. Үлэһиттэргэ күҥҥэ биирдэ сис үөһүттэн мииннээх итии аһылык тэриллэрэ. Остолобуойга повар тутан, астатан, тото-хана аһатарбыт. Үлэһиттэр күнүнэн, төһө сүөһүнү өлөрбүттэринэн хамнас аахсан уу харчынан ылан иһэллэрэ. Үлэ кэнниттэн ис-хоой, хаан хамнастарын суотугар ылар буолан үлэһиттэр эрдэттэн уочараттаан сыл аайы үлэлииллэрэ. Кыстыыр астарын сезон устата хаһааналлара. Ол иһин үлэһиттэри куоҥкуруһунан ылар буолбуппут.

ЧЫПЧААЛ САЙДЫЫТЫГАР ТИРИЭРДИСПИТИМ

«Кылаабынай зоотехник Прокопий Степанович Акимов салайар зоотехническай сулууспата эти, үүтү оҥорууга былааннаахтык, тэрээһиннээхтик үлэлээбитэ. Ол түмүгэр эти, үүтү оҥорууга көрдөрүүлэр тупсан испиттэрэ. Билиилээх, эппиэтинэстээх үлэһитинэн билинэбин. 1985 сыллаахха биир ынахтан 1490 кг үүтү ыабыт буоллахпытына 1987 сылга ити көрдөрүүбүт 1815 кг тэҥнэспитэ. Ити икки сыл иһигэр 315 кг үүтү биир ынахха эбээһин элбэх сыраттан тахсар».

А.И. Петров, 1985-1989 сс. Ленин орденнаах «Элгээйи» сопхуос директора.

«Ленин орденнаах “Элгээйи” сопхуос» кинигэттэн, 33 стр.

«Элгээйи» сопхуос 1986 сыллаахха 5266 сүөһүлээҕэ, ол иһигэр ыанар ынаҕа 1850 этэ. 2920 сылгылааҕа. Сүөһү иитиитин отделыгар сылгы зоотехнигынан Н.Г. Прокопьев, селекционер зоотехнигынан Н.С. Романов, А.С. Трифонова, племучуоту ыытааччы А.Н. Захаров, гинеколог-ветврач П.И. Акимов буолан үлэлээбиппит.

Директорбыт А.И. Петров, парткоммут секретара П.Я. Фёдоров, кылаабынай ветврачпыт Г.А. Иванов, ол кэнниттэн Ю.Г. Павлов, кылаабынай агрономмут И.Г. Прокопьев, кылаабынай инженербит В.И. Павлов, К.П. Григорьев, кылаабынай экономиспыт Г.Ф. Исаков, кылаабынай бухгалтербыт М.П. Иванова, рабочкоммут председателэ А.Г. Иванов этилэр.

Элгээйигэ 1986 сыл балаҕан ыйыгар кэргэмминээн көһөн кэлбитим. Оччолорго саҥа ыал буолбутум, ол эрээри таһаҕаһым биир КАМАЗ массыынаны толору этэ. Кэлэр күммүтүгэр ардах күнү быһа түспүтэ. Былыргы сахалар ардахха айан, көһүү өҥ-быйаҥ түһэ дииллэрэ сөп. Ханна үлэлии бардым да ардах арыаллыыра. Ол ситиһиилээх үлэ билгэтэ буолара.

Саҥа тутулла турар 4 квартиралаах дьиэ биир квартиратыгар түһэрдилэр. Түннүгэ, аана суох. Электростанция таһыгар турар. Үлэбэр 20 мүнүүтэ хааман тиийэбин. Түннүкпүн, ааммын столяркаҕа сакаастаан, дьиэбин ситэрэн, кыстыыр курдук оҥоһуннум.

1987 сыллаахха Сунтаардааҕы райсоюзка «Жигули», «Москвич» массыына элбэх кэллэ, киирэн ылыҥ диэн араадьыйанан биллэрдилэр. Кынныбыттан Егор Семёнович Ивановтан 4000 солк иэстэһэн «Москвич» атыыластым. Дьиэм таһыгар тиит бэрэбинэни санныбынан таһан, суоран гараас туттубут.

Ол гарааспын, Элгээйигэ үс дьиэҕэ олорбутум, трактор стоговоһугар домкраттаан баран олордон, состорон, көһөрө сылдьан туһаммытым. Гарааһым маһын Кустуур аҥылаҕар кэрдибитим уонна сыһыыга киллэрэн чохчолообуппут. Саас тиэйэ тахсыбыппыт уу киирэн, чохчолорбутун ылбыт. Ууну оборбут тиит бэрэбинэни суорарга, тутарга-хабарга, сүгэ хоппокко эрэйдэммиппит. Ол оннугар тэллэй буолбат, эмэҕирбэт эбит. Ону билэр буолан былыр тутуу маһын ууга сытыаран бөҕөргөтөр эбиттэр. Ол иһин тутуулара сүүһүнэн сылларга турар. Акылаатын умайбыт испиэскэнэн соппутум.

1991 сыллаахха Элгээйигэ дьиэ туттубутум. Акылаатын сиэмэнтэ гыммытым, муостатын систэрин лафетынан түһэрбитим. Биир сыл саардаан баран туппутум 30-тан тахса сыл этэҥҥэ турар. Олорор дьиэбит тэлгэһэтэ ууга барар. Массыына күн  аайы  киирэр-тахсар,  онтон  колея үөскүүр. Ол иһин элбэх сыллаах от сиэмэтин булан ыспытым. Үһүс сылыгар үрдүк баҕайы гына от үүннэ, кырыстанна, тэлгэһэ көҕөрө түстэ. Аһара сымнаҕас сиригэр таас чох шлагын котельнайтан ылан кутарым асфальт курдук буолар. Үрдүгэр кырыс үүнэр.

Оройуон тыатын хаһаайыстыбатын үөрэтэр сыаллаах оччотооҕу сопхуостарга барыларыгар, сороҕор тылланан, ардыгар ананан үлэлээбитим, уопут хомуйбутум. Тыа хаһаайыстыбатын кыайтарбат кыһалҕаларын үөрэппитим, үлэбинэн ону быһаарыахха сөбүн дакаастаабытым. Ферма оҕото этим, төрөппүттэрим сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэлииллэрэ да олохпут тупсубатаҕа. «Ферматтан Кремль чугас», «ыччаттарбыт коммунизмҥа олоруохтара», «социализмы туттубут», «киһи олоҕун уйгута тупсан иһэр, бары тэҥ бырааптаахпыт» уо.д.а. лозуннар дьиҥнээх олохтон ыраахтара. Ону олус дьиктиргиирим. Ити лозуннар биирдиилээн дьоҥҥо сыһыаннаахтара. Былаас норуот кыһалҕатын кыһалҕа гыммата 70-с сыллартан дьон хараҕар чуолкайдык быраҕыллар буолбута.

Балык баһыттан сытыйар диэн норуот сытыы этиитэ компартия үлэтин истиилигэр, салалтатыгар сыһыаннааҕа. Былаас, партия салалтата дьонтон тэйбитэ, туспа привилегированнай кылааска кубулуйбута, ыгыы-түүрүү, былааһынан, лозунунан туһанан дьаһайыы дэлэйбитэ. Үлэ түмүгэр үлэһит кыһаллыбат, ээл-дээл барыыта баара.

Холобур сүөһү үлэһитин хамнаһын, төһө да үлэлээбитин иһин, 300 солк. таҕыста да бухгалтердар сотон иһэллэрэ. Государство тыа хаһаайыстыбатыгар элбэх харчыны көрөрө да хаһаайыннааһын ньымата итэҕэстэрдээҕэ. Ону таһынан сорох хаһаайыстыбаларга тэрээһин боппуруоһа доҕолоҥнуура. Партия «демократическай централизма» биирдиилээн инициативалаах, уопсай халыыпка сөп түбэспэт, үөһэттэн дьаһалы толорбот салайааччылары туоратыыга, сиргэ-буорга тэпсиигэ туттуллар буолбута. Салайааччылар үксүлэрэ партиялаахтара.

Партия дьаһалынан үлэлиириҥ ирдэнэрэ. Сыыһа да, сөп да буоллун. Олохтоох салалта үлэтэ үөһэттэн дьаһалы төһө сөпкө толорорунан сыаналанара. Онон олохтоох салалта бэйэтэ суола-ииһэ суоҕа, системаҕа кубулуйбута. Система быраабылаларын туолуутун партия кыраҕытык кэтиирэ.

М.С. Горбачёв дьаһалынан дойдуга арыгыны бобуу тыа хаһаайыстыбатыгар улахан охсууну оҥорбута. Арыгы харчы эргиирин солбуйбута. Норуот маассабайдык арыгылааһыныгар тиэрдибитэ, үлэ-хамнас умнуллубута, хас ферма аайы быраага көйөрүү дэлэйбитэ. Ити иннигэр итинник омсолоох көстүүлэр суохтара. Ол түмүгэр 1991 сыл атырдьах ыйын 21 күнүгэр советскай былаас биир күн иһигэр суох буолбута.

Биирдэ Толоон отделениетыгар ыанньыксыттары кытта көрсөн, кэпсэтэн, үлэ кыһалҕатын быһаарсан баран хонтуора таһыгар котельнайга киирбитим быраага сыта кэлэр. Көрдөөтүм да булбатым. Арай кирпииччэнэн ууруллубут тахсар турба анныттан сыт кэлэр. Кирпииччэтин үрэйэн көрбүтүм 37 л бидоҥҥа толору быраага буһа турар. Бидону хостоон ылан управляющайга туттарбыппын ол түүн хонтуора түннүгүн устан ылбыттар этэ.

Партия кадрдары аттаран туруорара. Сталин кадр барыны быһаарар диэн эппитэ баар. Самостоятельнай өйдөөх-санаалаах салайааччылары төһө да ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрин иһин туоратыы барбыта. Салалтаҕа сирэй көрбөх буолуу, куомуннаһыы дэлэйбитэ. Авторитарнай салайар истиил туттуллар, сыаналанар буолбута. Ол улугурууга тиэрдибитэ, сайдыыны атахтаабыта.

И.О. Пахомовка биирдэ этэн турабын: «Сүүрбэччэлээх уолу эрэйдээбиккит. Ол саҕана сөпкө этэр эбиппин. 1980 сылтан партия  дьонтон  тэйдэ,  туспа  кылаан буолла, олох сайдыытын туормастаһар бюрократическай системаҕа кубулуйда, сотору эстиэҕэ диэбиппэр өһүргэммиккит. Билигин партия суох, мин баарбын», – диэн. Ону: «Ол саҕана эн этэргин өйдөөбөтөхпүт. Билигин да эн этэргин бириэмэтэ кэлэ илигинэн ылыныхтара суоҕа. Онон, күҥҥүн-дьылгын мөккүөргэ ыыппакка үлэҕинэн дьарыктан», – диэбитэ. Сөпкө этэн турар.

Сопхуоска улахан болҕомтобун ыанньыксыттары кытта үлэҕэ, племенной үлэни тупсарыыга уурбутум. Күн аайы фермалары кэрийэн үлэ тэрээһинин тупсарбытым. Сопхуоска, оройуоҥҥа бириэмэтигэр бэриллиэхтээх күннээҕи, ыйдааҕы үлэ көрдөрүүлэрин, отчуоттары оҥорууттан, үлэ түмүктэрин таһаарыыттан, отделениеларынан кыстыкка сүөһү аһын нуормалааһынтан, аһылык балансатын хонтуруоллааһынтан, ол туолуутун ирдээһинтэн, сүөһү төрүөҕүн, ыйдааҕы, сыллааҕы үүт былааныттан, кадрдары аттаран туруорууттан, уо.д.а. аһара эппиэтинэстээх, күнү-дьылы ылар үлэттэн ордубат этим. Практическай үлэнэн дьарыкка бириэмэ хаалбата. Өссө кэтэхтэн үөрэнэрим.

Сарсыардаттан киэһээ 8-9 чааска диэри фермалары кэрийэн кыаллыбат боппуруостары быһаарсарым. Киэһэ 10 чаастан түүн 2-3 чааска диэри сурук үлэтин быһаарарым. Бордоҥҥо үлэм 4 чаастан саҕаланара. Онон итинник үлэ режимигэр үөрэнэн хаалбыт этим.

Элгээйигэ кылаабынайдыы кэлэрбэр сопхуос аппаратыгар 5 кырдьаҕас опыттаах зоотехник баара. Ол иһигэр Саха сирин икки үтүөлээх зоотехнига. Кинилэр «бу киһи олорон үлэлээбэт, тыал курдук сылдьар. Сүөһү аһа саас эрдэ бүтэн иэдээҥҥэ тэбэрэ буолуо, үлэтин хонтуруоллуохха» диэн директоры сэрэтэллэрэ. Ордук С.М. Журавлёв саҕаттан кылаабынай зоотехниктаабыт А.А. Куприянов. Бэчээккэ биэрбит отчуоттарбын сыыһалааҕа буолуо диэн бастаан утаа бэрэбиэркэлииллэрэ да сыыһаны-халтыны булбатахтара.

Биирдэ маннык буолан турар. Хоро отделениетын сүөһүтэ хаар түһэн эрдэҕинэ, киһи суоҕунан кыстыкка киирбэтэ. «Управляющай киһи көрдөһө сатаан баран, аккаастанан Түбэйгэ баран хаалла» диэтилэр. Дьаһайсар киһи суох. Киин аппараат «көһөн тахсан субуотунньугунан сүөһүнү кыстыкка киллэриҥ» диэн дьаһайда.

Мин «манна ынах ыы, сүөһү көрө кэлбэтэҕим. Тиийбэт 14 киһини буларга үлэлиэм»  диэн  тахсартан  аккаастанным.

«Оннооҕор олохтоох управляющай булбатаҕа. Эн да булуоҥ суоҕа», диир директор. Хоролоотум. Икки күн иһинэн фермаҕа ол тиийбэт 14 үлэһити олохтоох биригэдьиирдэр сүбэлэринэн аттаран туруордум. Ол кэнниттэн чахчы үлэлиир кыахтаах уолаттар кэлбит эбиттэр диэн дьоҥҥо, салалтаҕа өйдөбүл үөскээн дьаһалбытын толороллоро, истэллэрэ.

Олохтоох дьаһалта ирдэбилэ суоҕа, үлэһит үлэлиир усулуобуйатын тэрийбэтэ. Үлэһиттэр туруорсууларыгар ээл-дээл сыһыана итинниккэ тириэрдэрэ. Сорох кэмҥэ кинилэргэ көмө наадата. Киһи булааһыныгар, мэлдьи сылдьан. Дьаһалымсыйан проблеманы быһаарбатыҥ.

Улахан болҕомтобун үлэһиттэри аттаран туруорууга, олохтоох салалтаҕа көмөҕө, хас биирдии ыанньыксыты кытта сирэй көрсөн нэдиэлэҕэ иккитэ үлэ түмүгүн ырытааһыҥҥа уурарым түмүктээх буолара. Проблемалары утары туоратары ситиһэрим. 1990 сыллаахха М.С. Горбачёв демократияны киллэрэбин диэн бары салайааччылары быыбардыахтааххыт диэн турбута. Элбэх салайааччыны быыбардаан уураппыттара сопхуостар ыһыллалларыгар, көрдөрүү таҥнары түһүүтүгэр төрүөт буолбута. Кинилэр оннуларыгар түбэһиэх дьон быыбардаммыттара. Кылаабынай специалистары быыбардааһыҥҥа 100 % куолаһы ылбытым үлэһиттэр сыаналыылларын көрдөрбүтэ.

Массыына солото суох буолан фермалары мотоциклынан кэрийэрим, кыһын ынахтар туруктарын бэрэбиэркэлиирим. Ырыганнааһын саҕаланыах ферматыгар сиилэс, уотурба нуорматын эбэн биэрэрим, хонтуруолга тутарым. Ол иһин ырыганнааһын, бородууксуйа түһүүтэ тахсыбата. Ону ситиһэр сыалтан Элгээйи отделениетыгар 100, сопхуос ыскылаатыгар 400 тн уотурбаны, отчуокка киллэрбэккэ, саппааһырарым. Ону салалтаттан кистиирбит. Хаһаайыстыбаннай чаас сэбиэдиссэйэ Александр Капитонович Даниловтыын иккиэн сүбэлэһэн ороскуоттуурбут.

Сопхуос сүөһүтүн саас икки ыйга аҥардас уотурбанан хааһылаан, от бүтэр түгэнигэр, таһаарар соругу туруорарым. Ый аайы иккиэн тахсан ааҕарбыт. Сопхуос ыһыллыбытын кэннэ ордон хаалбыт уотурбаны ыал аайы прицебинэн үллэрбиппит.

От ороскуотун кытаанах хонтуруолга тутарым. Нэдиэлэ аайы фермаларга мунньахтарга директор, партком секретара сылдьан от, уотурба туруорустахтарына биэриэх буолалларын тохтоппутум. Кинилэр уопсай балаһыанньаны билбэккэ хас туруорсуу аайы сөбүлэстэхтэринэ атыттартан куччатарга күһэллэҕин. Ол саас отунан быстарыыга тиэрдэрэ.

Икки бүтэһик сыллар сопхуос директорын солбуйааччынан үлэлээбитим. Директорбыт ыарыһах буолан сайылыкка көһүүгэ, кыстыкка, окко, курууска киирээһиҥҥэ суох буолара. Өрүһүнэн тыһыынчанан тонна уотурба, уматык кэлэрин түргэнник сүөкүүрбүт. Ити үлэ эбээһинэс курдуга, бэйэҥ үлэҥ таһынан буолара. Дьаһалбын толорбот салайааччыларга уоппуска биэртэлиирим, эбээһинэстэрин бэйэм толорорум.

Директоры солбуйар кэммэр, кыстыкка киирии саҕана, райком 1-кы секретара Анатолий Афанасьевич Попов сарсыарда аайы 8 ч. балаһыанньаны ыйытан төлөпүөннүүрэ. Солбуйааччы буолбуппар салалта уунан сылытыллар дьиэни биэрбитэ. Ол иннигэр маһынан оттулар дьиэҕэ олорбутум. Саһааммын бэйэм охсорум.

Арай биирдэ маннык буолла. Сайын матасыыкылга итии буолан шлем кэппэт этим. Ол күн киһиттэн көрдөһөн шлем уларыстым. Угут Күөл быыс оҕуруотун аана биир маһынан сабыллыбытын көрбөккө түргэнник иһэн төбөбүнэн саайылынным. Шлемым хайа баран хаалла, бэйэм эһиллэн хааллым. Өр дөйөн сытан баран өйдөннүм. Туох эрэ араҥаччылыыр күүс баар эбит диэн түмүккэ кэлбитим.

Кыһын. Таһырдьа -40 кыраадыс. Остолбо ферматыгар сүөһү туругун көрүөм диэн санаалаахпын. Хараҥа көрүдүөр устун хааман истим, муостата ууга баран дыгдаҥныы сытар. Үлэһиттэр суохтар. Ол иһэн сүөһү иигэ, сааҕа мустар дьааматыгар хабарҕабар диэри түһэн хааллым. Нэһиилэ мастан тардыһан таҕыстым. Таҥас-сап бүппүт. Массыынабар тахсан дьиэлээтим. Онно тимирбитим буоллар булуохтара биллибэт этэ.

Салайааччынан 45 сыл үлэлээбитим тухары уоппуска ылбатым. Өрөбүлгэ үксүгэр үлэлиирим. Пенсияҕа тахсан баран икки сыл буола-буола куоракка баран 20 хонукка доруобуйабын тупсаран кэлэбин.

50 сааспар диэри киэһэ 6 чаастан 12 чааска диэри соҕотоҕун оттоон сынньанарым. Хас да нэһилиэгинэн. Күүкэйгэ – 3, Кутанаҕа – 2, Элгээйигэ – 3 түгэҕи соҕотоҕун оттуурум.

Ат мунньарын УАЗикка состорон мустарарым. Налбанан состорон, наһыылканан кээһэрим. Үксүгэр илиинэн, тааһын тракторынан оҕустарарым. От үлэтэ киһи доруобуйатын тупсарар. Оттуурум саҕана кыс устата сэниэлээхтик сылдьарым, тумууга, дьаҥҥа хаптарбатым. Кырабыттан от үлэтигэр эриллибит буолан оттооһун хоббим этэ. Оттооботохпуна тэһийбэт, тулуйбат этим. Ыараҕырҕатарым диэн соҕотоҕун оттоох күрүөнү тутуу буолара. Маһа суох сиргэ сиэрдийэбин тэйиччиттэн кэрдэн санныбынан таһарым.

Кутанаттан Саһар үрэҕэр сир ыллым. Ол сыл уу киирэн аһара үүммүтэ. Киһини тобугунан дулҕа, маһа ыраах. Санныбынан сүгэн кээстим, илиинэн охсон, мунньан биир 3 тн түгэҕи туруордум. Санныбынан сүгэн үөл сиэрдийэни, 300 м дулҕанан аҕалан, оҕуруот туттум. Эһиилигэр үрэххэ уу киирбэтэ, сирим үүммэтэ. Устунан үүммэт буолбутугар тохтообутум.

Кутанаҕа искусственнай сиэмэлээһин пуунун П.П. Александров өр сылларга салайбыта. 10-тан тахса атыыр оҕуһу аһатыы, көрүү-истии улахан сыраны ирдиирэ. Сиэмэ таһар УАЗик массыына суоппарынан Н.С. Игнатьев үлэлээбитэ. Саас, күһүн хаайтарыы кэмигэр ойууру солоон тумнар суол оҥосторо. Биир да күн өрөөбөккө сайын оҕус сиэмэтин фермаларга тириэрдэрэ. Киэһэ хойут кэлэн массыынатын көрүнэрэ, суолга-иискэ массыыната алдьаммытын, батыллыбытын өйдөөбөппүн.

Ыйга биирдэ Мииринэй куораттан оҕустарга анаан сымыыт аҕалыллара. Кылгас кэм иһигэр тоҥ сиэмэни Дьокуускайтан аҕалан буоһатыыга киирбиппит, сиэмэ пууна сабыллыбыта.

Сопхуоска хара саһыл ферматыгар Жирковтар дьиэ кэргэнинэн өр сылларга ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ. Сүүстэн тахса саһылтан 4-5 төрүөҕү ылары ситиспиттэрэ. Саһыл аһылыгар анаан кыстыгы туоруур кыаҕа суох сүөһүлэри санитарнай убойдаан, туһаҕа таһаарарбыт.

Гинеколог-ветрач П.И. Акимов үксүгэр сатыы фермалары кэрийэн, хоно сылдьан 1850 ынахха, 400 бургунаска ректальнай чинчийии ыытан төрүөх графигын оҥорон биэрэрэ олус чуолкай буолара. Хонтуораҕа отчуотун туттарарыгар эрэ кэлэн барара. Онно олоҕуран үүт ыамын графига, былаана оҥоһуллара. Субай сүөһүлэр сайын 5 ыраах учаастактарга тахсаллара. Кинилэргэ сезоҥҥа иккитэ, кэрийэн, тканевай (уотар) препарат биэрэрэ.

Племотдел үлэһиттэрэ ый аайы контрольнай ыам, бонитировка ыыталлара. Түмүктэрин хас биирдии ынах карточкаларыгар толороллоро, ийэтин, аҕатын да көлүөнэнэн чуолкайдыыллара, племенной хаачыстыбаларынан сыана быһаллара. Ынах 25 % элитнэй кылаастаахтара, төрүөхтэрэ улахан сыанаҕа атыыга бараллара.

Ынах племенной хаачыстыбатын үрдэтэргэ айширскай үүт боруода оҕустар сиэмэлэрин туһаммыппыт. Симментальскай боруода ынахтары онон буоһатан үүт ыамын үрдэппиппит, үчүгэй түмүктэри ситиспиппит. Мин кылаабынай зоотехнигынан 1986 сыллаахха кэлэрбэр биир ынахтан 1470 кг үүт ыаммыта. 1992 сыллаахха ити көрдөрүү 1870 кг буолбута.

Мин кэлиэм иннинэ, 1985 сыллаахха, халлаан курааннаан от үүммэккэ оройуон үрдүнэн кытаанах кыстык буолбута. Сопхуос производственнай-финансовай туруга таҥнары түспүтэ. Сүөһү, сылгы өлүүтэ маассабай этэ. Кыстык ыарахаттарын туоратыыга отделениелар маассабай субуотунньуктарга тахсыбыттара. Дулҕа сиэлин, талахтары (былаҕы) соҕотуопкалаан, дробилкаҕа кырбатан сиэппиттэрэ. Ферма аайы агропоннай күөх үүнээйи үүннэрбиппит. Күөллэртэн сапропель хостооһунугар биригээдэлэр тэриллэн брикеттээһини саҕалаабыппыт. Оскуола оҕолорунан уҥуох күлүн хомуйтаран эбии аһылык быһыытынан биэрбиппит. Саас харыйа мутугун кэрдэн далга ыһарбытын ынахтар ордорбокко ньалбаан кэбиһэллэрэ, харыйа уутун оргутан иһэрдэрбит.

Сопхуос салалтата, общественность күүрээннээх үлэҕэ туруммуттара. Отделениеларга аһылык сыахтара тутуллан үлэҕэ киирбиттэрэ. Биир ынахтан 2000 кг үүтү ыабыт ыанньыксыттарга 50 % чэпчэтиилээх дьиэлэр тутуллубуттара.

Үүт ыамыгар эр дьону үлэҕэ тардыы маассабайдык барбыта. Сылгы саҥа базалара, толору механизациялаах хотоннор, сайылыктар тутуллубуттара. Мэҥэ фермата, Күүкэй отделениета, Дьуоҕалаах племенной фермата биир ынахтан 2000 кг тахса үүтү ыан оройуоҥҥа бастыҥнар кэккэлэригэр тахсыбыттара. Сопхуос 86 ыанньыксытыттан 25-һэ биир ынахтан 2000 кг тахса үүтү ыыры ситиспитэ.

Сүөһү аһыыр базатын тупсарар сыалтан аһылык сыаҕа тэриллибитэ. Ону уруккута «Кириэстээх» сопхуос бастакы директора, улахан опыттаах Григорий Адамович Иванов салайан үрдүк таһымнаахтык үлэлэппитэ. Кыстыкка сүөһүлэр толору ирдэнэр аһылыгынан хааччыллалларын ситиспитэ.

Улахан болҕомто күөх үүнээйини ыһыыга, бааһына иэннэрин кэҥэтиигэ ууруллубута. Сопхуос мелиоратора В.М. Герасимов салалтатынан лугомелиоративнай биригээдэ ыһыы бааһыналарын оҥорууга далааһыннаах үлэни ыыппыта. III Бордоҥ учаастагар талахтан, дулҕаттан ыраастаан тыһыынчанан га бааһына оҥоһуллубута. Элбэх сыллаах оттор ыһыллан үчүгэй үүнүү ылыллыбыта.

Хас ферма аайы 200-400 тн сиилэс киирэр траншеялара тутуллубуттара. Кыстыкка сиилэһинэн толору хааччыллар этибит, ол түмүгэр үүт ыама үрдээбитэ. Ити тэрээһиннэр түмүктэринэн 1992 сыллаахха биир ынахтан ыам 1870 кг тахсан республикаҕа бастыҥнар кэккэлэригэр киирбиппит.

Сыл аайы государствоҕа эти туттарыы былаана аһара толоруллара. Эккэ туттарыллар сүөһүлэргэ күһүн биир ыйга отделениелар аайы откормочнай былаһааккаларга уотууну тэрийэрбит. Сүөһүлэр орто ыйааһыннара 350-420 кг буолара. Надбавкаланан.

Техник-осеменатордар анал үөрэҕи бүтэрэн, уһуннук үлэлээн уопуттаах этилэр. Кинилэр ситиһиилээх үлэлэрэ сопхуос республика инники кэккэтигэр сылдьарыгар улахан кылаат буолбута. Ол курдук Элгээйи техник-осеменатордара бургунастар ууланыыларын 99,1 %-ҥа тириэрдэн республикаҕа бастаабыттара.

Бастыҥнар ахсааннарыгар, республика инники кэккэтигэр   сылдьыбыттара: Н.А. Ноговицына (Элгээйи), Р.Н. Иванова (Кутана), Р.Ф. Саввинова (Элгээйи), М.В. Львова, Т.А. Саввинов (Күүкэйдэр). Ол курдук 1990 сыллаахха Н.А. Ноговицына – 94,2, Р.Н. Иванова – 99,9, Р.Ф. Саввинова – 92,6, М.В. Львова – 95,7 %-ҥа тиэрдибиттэрэ сопхуос племенной үлэтэ үрдүк чыпчаалга тахсыбытын кэрэһэлиир.

Ынахтар кыһыннары, сылы быһа тохтоло суох төрүүллэрэ. Кыһыҥҥы ыйдарга үүт ыама аччаабатын ситиспиппит. Сопхуос 1870 ыанар ынаҕа Хоро, Элгээйи, Кутана, Күүкэй отделениеларыгар тарҕанан турара. Бу отделениелары улахан хаһаайыстыбаннай үлэҕэ опыттаах управляющайдар салайаллара. Сылгы иитиитин тупсарар сыалтан хас отделение аайы 5-тии сылгы типовой базалара тутуллубуттара.

Элгээйи отделениетыгар өр сылларга ветфельдшеринэн П.И. Иванов үлэлээбитэ. Төрүөх кэмигэр, сүөһү ыарыйдаҕына Дьуоҕалаах ферматыттан дьиэтигэр утуйарыгар эрэ барара. Сүөһү ханныттан булбут оскуомаларын, араас таастарын хомуйан музей тэрийбитэ.

Ветвраһынан, управляющайынан, партийнай тэрилтэ сэкиритээринэн В.Н. Софронов үлэлээбитэ. Василий Николаевич сытыы-хотуу, тыллаах-өстөөх, бүппэт сэһэн-сэппэн кэпсээннээх, дьоҥҥо-сэргэҕэ убаастанар салайааччы этэ. Өр сылларга, өлүөр диэри, табаарыстаспыппыт. Бииргэ бултуурбут, балыктыырбыт. Сүрэҕинэн ыарытыйара. «Операцияҕа ыытар буоллулар. Онно өллөхпүнэ даҕаны эдэр оҕолор уопутуралларыгар туһалыам этэ буоллаҕа» диэн күлэрэ. Сүүрэ-көтө сылдьан, операцияҕа барыан икки хонук иннинэ куйуурдуу туран сүрэҕэ тохтоон, охтон түһэн мин илиибэр быстыбыта. Эдэрдэр кэлэн кырдьаҕастары солбуйан, субуотунньуктартан босхолонон, пенсиябытыгар сынньанар чиэскэ тигистибит диэн үөрэрэ-көтөрө.

Дьыл араастаан кэлэрэ. Биир сыл саас уһаата, сылыйан иһэн эмискэ тымныйда, киһи сототунан хаар түстэ. Кутана отделениетын тыһыынчанан субай сүөһүтүн Малдьаҕарга, Ботомоойу үрэҕин баһыгар таһаарбыппыт көнньүнэн өлөр куттала үөскээбитэ. Партия райкомун 1-кы секретара А.А. Попов онно вертолётунан кылаабынай ветврач Григорий Адамович Иванову бырахтарда. Дьаһал ыларыгар соруйан. Г.А. Иванов вертолёту толору сибиинньэ төбөтүттэн саҕалаан ас, таҥас-сап тиэйэн таһааран абыраабыта. Кэлин сүөһү бостууктара махтанан кэпсииллэр. Үлэҕэ дьоҕурун, тэрийэр талаанын, сэргэх сэһэнин, хара үлэ диэн көрөн турбакка тэҥҥэ сылдьыһарын киэн тутта ахталлар. Ойуурга харыйа лабаатыттан хахха тутан, эбии аһылык оҥорон биир да сүөһүнү сүтэрбэтэхтэрэ.

Тулаайах буолан аччык сылга сылгы кэнэҕэскитин, кукаакыны, турааҕы астаан сиэн бырааттарбынаан тыыннаах хаалбыппыт диирэ. Кыһалҕа үлэ, олох ыарахаттарыттан чаҕыйбакка тахсарга үөрэтэр. «Интернат дьону бэлэмҥэ үөрэтэр, олоххо бэлэмэ суох дьону иитэн таһаарар, айахтарын аттахтарына бэлэм хааһыны кутан биэрэллэрэ» диэн кэпсиирэ.

1991 сыллаахха үөһэттэн дьаһал кэлэн, сопхуостар ыһыллан, дьон үлэтэ суох буолар кэмигэр иккиэн ынахтарбытын сиэтэн Ботомоойу үрэҕэр тахсан байылыаттык олоруохпут, аччыктыахпыт суоҕа, үлэни өрө тутар киһи хаһан да өлөн-охтон биэрбэт дэһэрбит.

Былааһы – норуокка, демократияны салалтаҕа киллэрэбит, үлэһиттэр сөбүлүүр салайааччыларын талыахтаахтар диэн фермаларга салалтаны быыбардыыр уоттаах-төлөннөөх мунньахтар саҕаламмыттара. Куолуһуттар хас коллектив аайы былааһы ылбыттара, салалтаны айах атыппат буолбуттара. Үлэҕиттэн устан ыанньыксыттата ыытыахха диэн куолулууллара, анархия киирбитэ.

Оннук олорор мутугун кэрдинэн 1991 сыл атырдьах ыйын 21 күнүгэр норуот хаана суох революциятын түмүгэр компартия үлэтэ бобуллубута. Былааһы норуот ылан Сунтаар райкомун дьиэтин дьон, таһыттан киирэн, бэчээттээн саппыттара. Коммунистары, салалтаны дьиэлэригэр үүрбүттэрэ. Ити иннинэ партия баҕа өттүнэн обществоны баһылыыр-көһүлүүр оруолуттан аккаастаммыта. Дойдуга демократия баар буолуохтаах диэн былааһын баҕа өттүнэн туран биэрбитэ 15 союзнай республика тус-туспа барыытыгар, улуу государство ыһыллыытыгар тириэрдибитэ.

Россия күн бүгүн оннун үчүгэйдик, бигэтик була илик. Дьон-норуот ханнык стройга олорорун чопчу билбэтин суотугар сөптөөх идеята суох. Эрдиитэ суох тыыга олорон иһэр курдукпут. Рынок экономикатыгар киирбиппит 30 сыл буолла. Америка 200 сыл устата киирбитэ дииллэр. Урут советскай былааска олох бигэ туруктааҕа, идеялааҕа, сырдыкка сирдиир сыаллааҕа-соруктааҕа. Ыччаттарбыт комунизмҥа – сайдыылаах олоххо олоруохтара диэн өлө-тиллэ сэриилэһэллэрэ, үлэлииллэрэ. Ол билигин суох. 70 сыл устата аан дойдуну тутан олорбут сайдыылаах судаарыстыбаны үөһэттэн, аҕыйах сыл иһигэр мөлтөх салалта ыһан кэбистэ.

Ити сыл сопхуос салалтатын мунньаҕын оччотооҕу партия обкомун секретара С.Е. Николаева ыыппыта. «Судаарыстыба сопхуостарга харчы биэрбэт буолла. Манна былгыһан олорумаҥ, тарҕаһан чааһынай хаһаайыстыбанан бардаххытына айаххытын ииттиэххит. Техникалары, сүөһүнү түргэнник үлэһиттэргэ түҥэтиҥ» диэн дьаһайбыта ыраас халлааҥҥа этин эппитинии иһиллибитэ.

Ити кэмҥэ сопхуос чыпчаал ситиһиилэнэн бигэтик атаҕар турара, экономиката күүстээҕэ, үп-харчы да баара. Сопхуостан хаалбыт бензини, солярканы «Растениеводство» ПК 4 сыл устата туттубута. Икки ыскылаат толору бурдук, уотурба хаалбыта үллэһиккэ барбыта. Улахан аймахтар түмсэн элбэх паайы техниканан, сүөһүнэн, сылгынан, сиринэн ылан байабыт диэн ыһыллыыны өрө туппуттара.

Отделениелар сирдэрин иэнэ тэҥэ суоҕа. Сопхуос оҥорон таһаарыытын улахан өлүүтүн ылар Элгээйи отделениета саамай элбэх сүөһүлээх, сылгылаах эрээри аһылыгынан хааччынарга сөптөөх сирэ-уота суоҕа. Кыра Толоон, Хоро отделениеларын сирдэрин оттуура. Хоро, Толоон отделениелара туспа барабыт, сирбитин бэйэбит ылабыт, арендалаан харчы аахсыахпыт диэн турбуттара. Инньэ гынан Хоро туспа сопхуос буолан Юрий Григорьевич Павлов директордыы сылдьыбыта.

Билигин да оннун булбатах тыа хаһаайыстыбата харчыны сөптөөх хайысхаҕа укпата, ыскайдааһына үөһэттэн сыыһа политика барарыттан тутулуктаах. Республикаҕа хас салалта уларыйда да урукку салалта тугу да үлэлээбэтэх аатырар. Биһиги эрэ сөптөөх суолу буллубут диэн уруккуну барытын ыһан, саҥаны киллэрэ сатааһын барар.

Коллективнайы өрө тутуохха, ыһыллыбыт сопхуостары саҥаттан тэрийиэххэ, харчыны онно кутуохха, дьону кинилэр эрэ аһатар кыахтаахтар дииллэрэ билиҥҥи рынок экономикатыгар сөп түбэспэт. Үүтү «Холбоско» туттарыы, оройуоҥҥа кииннээн биир тэрилтэни тэрийии, онтон нэһилиэгинэн барабыт диэн ыһыллыы, бөһүөлэк аайы сыаналаах маслозаводтары тутуу, ону сабаттаан, ыһан баран куустанан үүт соҕотуопкатын тэрийии, республика тыатын хаһаайыстыбатын министерствота харчыны түҥэтэр, тендер ыытар эрэ тэрилтэҕэ кубулуйбута уо.д.а. тыа хаһаайыстыбата сайдарын атахтыыр.

Эппитим курдук, Ленин орденнаах сопхуос муҥутуурдук сайдан, ситиһиилээхтик үлэлии олорон Советскай Союз ыһыллыбытын курдук үөһэттэн ыгыынан, аллараттан туруорсуунан, демократияны олоххо киллэрэбит диэн ааттаан ыһыллан хаалбыта. Директордар сотору-сотору уларыйбыттара,  отделениелар  сопхуос буолбуттара. Улахан уруулар фермерскэй-крестьянскай хаһаайыстыбалары тэринэн техниканы, сири үллэстии саҕаламмыта. Ону күөттүүр сокуоннар тахсыбыттара.

1992 сыллаахха сопхуос ветвраһа Григорий Адамович Ивановтуун сүбэлэһэн баран улахан сүүрүгү утары барар сатаммат эбит, баай историялаах «Элгээйи» сопхуоһу ыһыыга кыттыспаппыт диэн, бэйэбит оннубутугар солбуйар дьону булан баҕа өттүбүтүнэн уурайбыппыт. Мин Сунтаардааҕы эт-үүт комбинатыгар директоры солбуйааччынан барбытым.

ОЛОХ КЫТААНАХ ТУРГУТУУТУН ТУЛУЙАН

1994 сыл үүннэ. Ити кэмҥэ «сопхуостары ыһыҥ, чааһынай хаһаайыстыбаларынан барыҥ, государство тыа хаһаайыстыбатыгар үбү көрбөт» диэтилэр. Государство баайыттан хас биирдии киһи тиксиэхтээх диэн 10 тыһ. солк. сууммалаах ваучер түҥэттилэр. Сопхуостар сирдэрин, сүөһүлэрин чааһынайдарынан ыстылар. Ити күһүн буолбута. Онон чааһынайдар ылбыт сүөһүлэрин кыстатар кыахтара суох буолан, сүүскэ биэртэлээн Сунтаардааҕы мясокомбинакка туттарбыттара.

Ол батарыллыбыт эт харчытын Мииринэй, Ленскэй тэрилтэлэрэ кыайан төлөөбөккө мясокомбинат ыарахан финансовай турукка киирбитэ. Тэрилтэ таас дьиэлэри тутарыгар «Сунтаар» коммерческай баантан улахан кредиттэри ылан баран төнүннэрбэтэҕэ. Онтон сылтаан ити баан моҥкурууттаан эстибитэ.

Дьиҥэр таас дьиэлэр арыгыны, утахтары кутар комбинакка ананан тутуллан испиттэрэ. Советскай былаас эстибэтэҕэ буоллар олоххо киириэҕэ хаалбыта. 2021 сылтан саҕалаан тутууга харчы көрүллүбүтэ. Онон ити дьиэлэр ситэриллэн уһуйаан, уопсай буолбуттара. Эбиитин туспа түөлбэҕэ кубулуйан турара көрүөххэ үчүгэй.

Финансовай туругу тупсарар сыалтан, балластан босхолонор наадаттан Элгээйи өттүгэр баар объектары араартаан саҥалыы тыыныахха диэн сорук турбута. Өрүс бу өттүгэр объектар, оборудованиелар үлэлиир кыахтарыттан тахсыбыттара, оччо эргэрбит этилэр. Кутана уонна Элгээйи күҥҥэ 10-15 тн үүтү астыыр кыахтаах объектара эргэрэн сууллаары тураллара. Сүөһү чааһынайга ыһыллан, эбиитин өлөн үүт ыама биллэ түспүтэ. Онон мини-оборудованиелаах саҥа маслоцехтар хас биирдии нэһилиэккэ тутуллаллара бириэмэ ирдэбилэ буолбута. Ол эрээри ону олоххо киллэрэргэ үп суоҕа.

1994 сыл кулун тутар 3 күнүгэр администрация мунньахтаан баран, 444-с нүөмэрдээх дьаһалынан, мин сөбүлэспэтэҕим үрдүнэн, муниципальнай бас билиигэ ылабыт, бюджеттэн үп көрүөхпүт диэн Күндэйэ, Хоро, Элгээйи, Толоон, Кутана, Күүкэй, Сиэйэ, Түбэй, Түбэй Дьаархан нэһилиэктэрин арааран Элгээйитээҕи эт-үүт комбинатын тэрийэр туһунан уураах таһаарбыта. Миигин директорынан анаабыта.

Элгээйитээҕи эт-үүт кэмбинээтин дириэктэрэ П.С. Акимов.

Үлэбитин 31 үлэһиттээх саҕалаабыппыт. Өссө Сунтаардааҕы пищекомбинат «Сунтаар» коммерческай баантан ылбыт кредитин төлөһүөхтээххит диэн 10 тн сылгы этин Элгээйи бойнятыгар таһааран сүөкээн кэбиспиттэрэ. Саас буолан, халлаан сылыйан онтубут буорту буолар кутталлааҕа, оччоҕо холуобунай дьыала тэриллиэн сөптөөҕө.

Сүүрэ сылдьыбыт ЗИЛ-131 массыынабытын Сунтаарга былдьаан ыллылар. Тэрилтэ тиэйэр-таһар үлэни ыытар кыаҕа суох буола түспүтэ. Ол диэн үлэһиттэр хамнастарын төлүүр кыахпытыттан тахсыбыппыт. Үлэһитэ суох хаалар куттал үөскээбитэ. Уокка, нолуокка, бюджеккэ төлөбүрдэри кыайбакка улахан ыстарааптары сүгэр балаһыанньаламмыппыт. Дьон ордор этин, үүтүн тутан ол харчытын төлүүргэ оройуонтан былаан бөҕө түспүтэ.

Улахан судаарыстыба ыһыллан шахтёрдар уулуссаҕа тахсыбыт, куорат олохтоохторо үлэтэ суох хаалбыт, ханан да хамнас кэлбэт, бары эргиэмсик буолбут, сорохтор уоран-талаан аһыырга күһэллибит кэммит этэ.

ЭММК бастакы коллектива.

Дьэ, оннук кэмҥэ улахан тэрилтэни саҥаттан тэрийэр сорук турбута. Нэһилиэктэр аайы саҥа маслоцехтары, уонча маҕаһыыны, түөрт пекарняны, кондитерскай сыаҕы, биһиэхэ хаһан да баар буола сылдьыбатах макароннай, халбаһыы оҥорор, газированнай утаҕы, ыраас ууну кутан упаковкалыыр  сыахтары (оннук оборудование ол саҕана соҕуруу эрэ баара) аспыппыт. 4 устуука ыарахан уйуктаах КАМАЗ уо.д.а. массыыналары ылбыппыт. Элгээйигэ быраҕыллыбыт таас баанньыгы саҥардан, ол саҕана республикаҕа суох, икки этээстээх, 54 мөлүйүөн сууммалаах таас пищекомплексы 3 сыл иһигэр туппуппут.

Санааҥ көрүҥ, үлэлии турар заводтар, фабрикалар, тэрилтэлэр ыһыллар, үп суох кэмигэр ити үлүгэрдээх үлэни бэйэ үбүнэн олоххо киллэрии, саҥа кыахтаах тэрилтэни биһиги курдук тыа сиригэр тэрийии мин билэрбинэн ханна да суох. Кэлин, олох тупсубутун кэннэ бюджет суотугар переработка тэрилтэлэрэ тэриллибиттэрэ. Ити кэмҥэ тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйаны харчыга атыылаһар тэрилтэлэр эрэ быыһыыр кыахтаахтара. Элгээйитээҕи эт-үүт комбината республикаҕа аан бастакынан итиннэ ылсан үлэлээбитэ. Бары ыарахаттары, харгыстары, утарсыылары билиммэккэ 30 сыл үлэлээн кэлбитэ холобур буолуон сөп этэ.

Бэйэбит оҥорбут вермишельбитин атыылыыбыт.

Бэйэбит бородууксуйабыт Илгэ уу.

Ол саҕана республика салалтатыгар Бүлүү бөлөх оройуоннарын олохтоохторо бородууксуйаларын промышленнай Ленскэй, Мииринэй куораттарыгар бэйэлэрэ тиэйэ сылдьан атыылыахтаахтар, онно хос моонньох буолар переработка тэрилтэлэрэ наадата суохтар диэн өйдөбүл баара. Правительство харчыта суох, кыахтаах буоллаххытына бэйэҕит тэриниҥ, үп көрүллүбэт дииллэрэ.

1995 сыллаахха Мииринэй тэрилтэлэригэр эт туттаран баран төлөбүрүн улаханнык сүүрэн-көтөн, сырабыт-сылбабыт быстан туран ылбыппыт. Ол саҥа тэриллибит тэрилтэҕэ улахан охсуу этэ. Онтон кэһэйэн бородууксуйабытын бэйэбит батарыахтаахпыт, фирменнэй маҕаһыыннарда туттуохха дэспиппит. Инньэ гынныбыт да батарыы проблематын быһаарбыппыт.

Сахаҕа ордугурҕааһын баар. Ол курдук, салалтаҕа «бу тэрилтэ “купи-продай”, атыылаан эргинэн онтон үптэнэн олордун» дииллэрэ. Биир уостарынан «үбү эстибит тэрилтэлэргэ биэрэн атахтарыгар туралларыгар көмөлөһүөххэ» дииллэрэ да, эстибит эстэрэ. Биирдиилээн тэрилтэлэри өрө тутан бюджет суотугар үлэлэтии курдук инникитэ суох практика билигин да салҕанар.

Үп биһиги курдук чахчы үлэлиирин дакаастаабыт тэрилтэлэргэ бэриллиэхтээх. Кинилэргэ тирэҕирэн тыа хаһаайыстыбатын производствотын сайыннарар кыахтар бааллар. Ол кыаллыбатаҕына төһө да 12 млрд. солк. тыа хаһаайыстыбатын быыһыа суоҕа. Урукку Россия правительствотын председателэ Черномырдин эппитин курдук хайдыбыт харыытабытыгар төннө туруохпут.

Сылгы этин атыыга таһаарар сыалтан коптильня булар сорук турбута. Дьокуускайга В. Омуков салайар тэрилтэтигэр коптильня оҥотторон тиэйэн аҕаллым. Төлөбүрүн «Алмазэргиэнбаантан» кредит ылан биэрдим. Аҕалан отделение эргэ хонтуоратын атыылаһан, монтажтаан, бэйэбит эт мэйиибитинэн, сахалыы толкуйбутунан «маннык буолуохтаах» диэн сылгы этин ыыһаабыппыт аһара табыллыбыта.

Сылгыбыт этин маннык ыыһаабыппыт.

Аны эт, арыы атыылыыр сыалтан Элгээйигэ быраҕыллан турар кыра дьиэни арендалаһан, өрөмүөннээн маҕаһыын астыбыт. 10 тн сылгыбыт этин ыыһаан, начаас атыылаан, харчы киллэринэн нолуок эҥин төлүүр кыахтанныбыт. Үлэһиттэр хамнастарын этинэн, арыынан биэрдибит, сыыйа харчынан төлөбүргэ көстүбүт.

«Арендаҕын кыраны төлүүгүн» диэн ол дьиэбититтэн үүрүлүннүбүт. Сельпо бырахпыт дьиэтин атыылаһан маҕаһыын астыбыт. Онтубут эргэ, ирдэбилгэ эппиэттээбэт. Кыһалҕаттан икки квартиралаах дьиэ бырайыагынан аҥарын хонтуора, аҥарын кондитерскай сыах гына туттубут. Субуотунньуктаан. Ити иннинэ ветеринарнай сулууспа дьиэтигэр дьукаах олорбуппут. Элгээйи олохтооҕо Н.П. Ляшеев эргэ дьиэтин атыыластыбыт, көтүрдүбүт, ыраастаатыбыт. Ол оннугар икки квартиралаах дьиэни, ветеран тутааччылар тылланан, кыра харчыга өрө анньан кэбистилэр. Онно пекарнябыт, маҕаһыыммыт көстө.

Рынок сокуоннара олоххо күүскэ киирэн госполитика уларыйбыта. Муниципальнай, ол эбэтэр государственнай тэрилтэҕэ кредит ылар, государство баайын солуок уурар бобуулааҕа. Ол тэрилтэ илиитин-атаҕын баайара. Правительство, бааннар кредиттэри чааһынай тэрилтэлэргэ эрэ биэрэллэрэ. Государство эти, үүтү атыылаһыыга кредит биэрбэтэ. Кыра субсидия арыыга көрүллэрэ да ороскуот кыра да аҥарын саппата.

Итинник экономическай балаһыанньа үөһэттэн соҥноноро. Ол түмүгэр тыа хаһаайыстыбатын курдук ночооттоох салаанан дьарыктанар тэрилтэ үлэлиир кыаҕыттан тахсыбыта. Инвестияцияны атын сиртэн буларга, субуотунньугунан үлэлииргэ, тыа сирин кыаммат араҥата социальнай көмүскэллээх буолуутун хааччыйарга сыал-сорук турбута.

Тэрилтэ уу харчыны туттара көҥүллэммэтэ. 1995 сыл муус устар 28 күнүгэр улуус дьаһалтатын 258 №-дээх уурааҕынан тэрилтэ киллэрбит харчытыттан эт, үүт туттарбыт дьоҥҥо уонна хамнаска туттарга көҥүл ылбыппыт.

Республика социальнай харалтата үбүлээн, Кутана үөрэтэр комбинатыгар икки боксалаах, уһанар дьиэлээх объегы тутан биэрбиппит. Объектар үгүстэрэ субуотунньугунан тутуллубуттара. Тэрилтэ бас билиитигэр, кэнникилэр муниципальнай бас билиигэ киирдилэр. Ол иһин дьонум хамнастарын төлөөн баран «оройуон бюджетиттэн тэрилтэ сайдыытыгар үптэ көрүҥ» диэн туруорсубутум.

«Үп суох, бюджеккэ барыһы киллэрбэт тэрилтэҕит, өссө муниципальнай бас билииттэн таһаарабыт» диэтилэр. Эттилэр да 1998 сыл тохсунньу 29 күнүгэр 12 учредителлээх «Элгээйитээҕи эт-үүт комбината» ХЭТ-кэ уларыта тутуллубуппут. Ити дьаһалга олоҕуран Элгээйитээҕи бойняны 1998 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи сыанатынан, онто 7,5 мөл. солк. буолбута уонна Кутана маслозаводун оборудованиетынаан 2,5 мөл. солк., улуус өлүүтэ буоларынан, оройуоҥҥа төнүннэрэр туһунан уураах тахсыбыта. Ону эрдэлээн 1998 сыл тохсунньу 28 күнүгэр, биэстии мөлүйүөнүнэн, иккитэ төлөөбүппүт.

Хонтуорабыт таһыгар субуотунньугунан икки КАМАЗ уонна кыра массыыналар киирэр гына бородууксуйа ыскылааттаах, котельнайдаах улахан гарааһы туттубуппут. Икки саҥа КАМАЗ-ы ылан аҕалан угааппытын кытта ити объект толору бородуукталары, массыыналары кытта сварщик сэрэҕэ суоҕуттан умайан хаалан, илии соттон хаалбыппыт. Тэрилтэ эстэр балаһыанньаламмыта.

Улуус көмө оҥорботоҕо. Элгээйи 4 ветеран кырдьаҕаһа 50-нуу солк. биэрбитэ. «Нэһилиэккэ улахан наадалаах тэрилтэ ороскуокка барда, эстэр турукка киирдэ, онон төһө кыалларынан көмөтө оҥоруохха» диэн ыҥырыы таһааран көрбүттэрэ да өйөөбөтөхтөрө, үп да хомуллубатаҕа. Сорох дьон, ол иһигэр салайааччылар, «ити кэннэ бу тэрилтэ атаҕар турбат» диэн кэпсэтэллэрин истэрим.

Комплекска нэһилиэк баһылыга А.Н. Миронов кэллэ.

Дойдуга   ыһыллыы-тоҕуллуу,   бандьыыттааһын, норуот мунар-тэнэр кэмэ этэ. Ол кэмҥэ биһиги курдук саҥа тэрилтэни аһан ситиһиилээхтик үлэлээһин дьон хараҕын аалара. Көмө оҥорор оннугар ордугурҕааһын, атахтаһыы эрэ буолара.

Ити умайбыт массыыналары соҕурууттан таһаҕас, бензин таһарга анаан ылбыппыт. Элгээйигэ заправочнай станция тутарга смета оҥотторбутум. Цистернэй хаһаайыстыба тэриммитим. Ол эмиэ олоххо киирбэтэҕэ. Таһаҕас таһарга анаан «тепляк КАМАЗ» атыыластыбыт, икки боксалаах саҥа гарааһы пищекомплекс территориятыгар туттубут. Ол иннигэр отделение хонтуоратын атыылаһан гараас, котельнай гыммыппыт. Соҕурууттан саҥа маслоцех, халбаһыы сыаҕын оборудованиетын аҕалан монтажтаан, пищекомплекс тутуллуор диэри, үлэлэппиппит.

Улахан охсуунан 12 учредитель-үлэһит паайдарын ылан уурайыылара буолбута.

«Тэрилтэ атаҕар турбат, эһиннибит, оннооҕор сопхуос ыһыллыбыта, үлэлээбит паайбытын аҕал» диэбиттэрэ. Бүтэһик харчыбынан паайдарын төлөөбүтүм. Ол кэннэ биир күн үлэһитэ суох буола түспүтүм. Суоппардарым, бухгалтердарым кытта атын үлэ булан көспүттэрэ. Соҕотоҕун кэриэтэ хаалбытым.

Кыһалҕаттан бухгалтерияны киин Сунтаарга көһөрбүтүм, хонтуора тэриммитим. Дьиҥэр, ити кэмҥэ улуустан кыра да көмө оҥоһуллубута буоллар элбэх кэскиллээх былааннарбыт олоххо киириэхтээхтэрэ хаалбыта.

Бойня оборудованиета, халбаһыы сыаҕар анаан пельмень оҥорор линия, ыйаныллар бичиэнньэ оҥорор формовочнай линия ылыллыбыттара. Сгущёнка үүтү оҥорор оборудование сакаастаммыта.

Ыраас иһэр уу, газтаах утах кутар, макароннай сыахтарбытын кэҥэтэр былааннаах этибит. Сир боппуруоһа быһаарыллар түгэнигэр, Дьуоҕалаах фермата турбут сиригэр, ирдэбилгэ эппиэттиир 100 сүөһү хотонун тутан, үүтү молокопроводунан быһа пищекомплекска бырахтаран астыыр былаан баара.

Биирдэ оччотооҕу тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Д.Ф. Наумов кэлэ сырытта. Аҥарыгар диэри үлтү сынньыллан быраҕыллыбыт таас баанньыгы босхо ылан маслоцехта тут, көмөлөһүөхпүт диэтэ. Ону ылынан тутуу саҕалаатыбыт. Объект бүттэҕинэ улуус босхо тэрилтэ балансатыгар биэрэргэ сөбүлэспитэ. Бу объегы «АЛРОСА» АК босхо ылан алмаас кырыылыыр завод тутаары гынан баран ороскуота улахан эбит диэн аккаастаабыт кэмэ этэ.

Мин производствобын барытын киинниир сыалтан, икки этээстээх гына, харчы төлөөн смета оҥоттордум. Ону үп суоҕунан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ аккаастаата. «2 мөлүйүөн бырыһыаннаах кредит биэрэбит уонна ити харчынан биһиги тэрилтэбитин үлэлэтэҕин, киниэхэ төлүүгүн» диэн усулуобуйа туруорбуттара. Ааҕан көрбүтүм расценкалара атыттартан икки төгүл үрдүгэ.

«Онон биэрэр кредиккитин кыайан төлүөм суох» диэн аккаастанан бэйэм тэрилтэ булбутум. Онно «ити кредити график быһыытынан төнүннэрэҕин, эбии харчы көрүллүбэт, объегы бэйэҥ харчыгар тутаҕын» диэбиттэрэ.

Комплекспыт тутулла турдаҕына.

«Эн тутууну билбэккин, астыыр тэрилтэлэргэ сыл аайы хонтуруоллуур, көҥүллүүр тэрилтэлэр өттүлэриттэн ирдэбил кытаатан иһэринэн көҥүл ылыаҥ суоҕа» диэбиттэрэ. Үүт уонна эт сыаҕа биир дьиэҕэ туруо суохтааҕа. Сметанан объект 54 мөлүйүөннээҕэ. Уочараттаах албыҥҥа, авантюраҕа киирэн биэрбитим. Дугдуруй да оҕус, кэннэ кээнчэ да буоллун диэн тутууну тутарга туруммутум.

«Алмаасэргиэнбаан» хотуна Иванова миигин Сунтаарга бииргэ үлэлээбит буолан билэрэ. Онон кредит биэриэх буолан сөбүлэстэ.  Төлөбүрбүн  хойутаттахпына «эйигин төлүөҕүҥ диэн итэҕэйэбин» диэн кредитим болдьоҕун уһатан биэрэрэ.

Тутуубугар республикаҕа элбэх үлэни ыытар В. Народов директордаах «Венс+» хампаанньа көмөнү оҥорбута. Билэр киһим буолан кыра расценкаҕа, ол саҕана саамай аныгы, саҥа кэлэн эрэр тутуу матырыйаалларынан, ис үлэтин, благоустройствотын, отоплениетын, котельнайын тутан биэрбитэ. Кулун тутарга 5 уолу ыыппыта. Тоҥон турар дьиэни оттубуппут да түннүгэ-үөлэһэ суох буолан тыал курдары сылдьара.

Уолаттар КВ-300 өрөмүөннүүллэр.

Биригээдэм «котелларыҥ суохтар, үлэлиир усулуобуйа суох, барабыт» диэн турда. «Котёллары булуом, бэйэм тэҥҥэ үлэлэһиэм, туохха наадыйаргытын биир күн иһинэн баар гыныам» диэн көрдөспүппэр нэһиилэ ылыннылар. «КВ» котёл буллум. Аны «отоплениеҕа аналлаах кирпииччэнэн обмуровкаланар «Энергия» оһох, огнеупорнай кирпииччэлэр наадалар, эн да буолларгын булбат инигин» диэтилэр.

Эргэ балыыһа котельнайыттан хайа тоҥмут, хаарга көмүллэн турар оһоҕу, ЖКХ тэрилтэтиттэн ыһыллыбыт секциялары булан тиэйэн аҕалан алдьаммыттарын уларытыахха диибин. «Үлэтэ элбэх, оһох таҥарга дуогабарбыт суох» диэн аккаастаатылар. «Кирпииччэ да көстүө суоҕа» дииллэр. «Чаас иһинэн булан аҕалабын» диэн эрэннэрдим.

Мохсоҕоллоохтон бүтэһик огнеупорнай кирпииччэни атыыласпытым бойняҕа баарын барытын тиэйэн аҕаллым. Аһара сөхтүлэр. «Хотунан, соҕуруунан үлэлээбиппит да эн курдук балаһыанньаны түргэнник быһаарар, тэҥҥэ монтажтаһар, үлэни билэр салайааччыны көрсө иликпит. Эн эрэ буолаҥҥын үлэни бүтэриэхпит»  диэн  сөбүлэстилэр.  Кэлиҥҥэ диэри уолаттар дойдуларыгар тиийэн оннук салайааччыга үлэлээбиппит диэн хайҕаан, холобур оҥостон кэпсиир сурахтара иһиллэрэ, эҕэрдэ ыыталлара.

Комплекспыт тас көстүүтэ билигин маннык.

Тутуу бүппүтүн кэннэ баанньык дьиэтин атыылаһыахтааххыт диэн турбуттара. Дьиҥэр босхо биэрэбит диэбиттэрин иһин тутууну ылыстаҕым дии. Инньэ гынан 100 тыһ. солк. төлөөн докумуонун оҥотторбутум.

Комплекспытын үөрүүлээхтик, ыалдьыттары ыҥыран аспыппыт.

 

25 сыллаах үбүлүөйбүтүн маннык көхтөөхтүк бэлиэтээбиппит.

 

Комплекс 25 сыллаах үбүлүөйэ Угут Күөлгэ кытта салҕаммыта.

Баан ирдэбилэ кредити коммерческай структураларга биэрэргэ диэн этэ. Онон нэһилиэктэргэ коммерческай маҕаһыыннары тутарга ылсыбытым. Сир суоҕа. Чааһынайдартан уһаайба атыылаһарым. Сунтаарга 5 уһаайбаны аҥылахтарга буор кутан, умайбыт дьиэлэрин, свалкаларын ыраастаан   атыыласпытым.   Билигин «маннык сирдэри хайдах ылбыккыный» дииллэр.

Оччотооҕу Сунтаар нэһилиэгин баһылыга, сопхуоска бииргэ үлэлээбиппит, кини партком этэ, Владимир Ильич Уаров «Сунтаар сэлиэнньэтин благоустройствотыгар улахан кылааты киллэрдиҥ» диэн махтанара.

Сыантырга арыгы маҕаһыына эргэрэн, быраҕыллан, бөх буолан турара. Сунтаар райсоюһун  председателэ  В.  Моисеев «ыраастыыр ороскуоттаах, кыра сыанаҕа ыл» диэбитэ. Бөҕүн ыраастаан, сиэмэнтэ фундаменнаан икки этээстээх маҕаһыын аспытым.  Сельхозтехника  переулогар, «Цеолит» таһыгар аҥылахтары кутан, Бартыһааҥҥа 2 квартиралаах дьиэ умайбытын ыраастаан маҕаһыыннары туппутум. Кутанаҕа чааһынай киһиттэн урут остолобуой буолан туран быраҕыллыбыт дьиэни атыылаһан көтүрбүтүм. Икки квартиралаах дьиэ бырайыагынан бэкээринэлээх маҕаһыын туппутум. Бу объектары 2-с оскуола учууталларын Афанасий Жараев биригэдьиирдээх биригээдэтэ уонна Күндэйэттэн Р.П. Елисеев тутуутун тэрилтэтэ хаачыстыбалаахтык туппуттарыгар улахан махталлаахпын.

Кыс ортото Сунтаар сыантырыгар турар икки этээстээх дьиэ уот замыканиетыттан улахан аҥара умайан хаалбыта. Ону -40 кыраадыс тымныыга биригээдэ булан, умайбыт бөҕүн ыраастатан, свалкаҕа тиэйэн, биир ый иһинэн саҥаттан тутан үлэҕэ хос киллэрбиппит. Онно үөһэ этээһигэр иккис хонтуорабыт баар буолан тэрилтэ докумуона барыта уокка былдьаммыта.

Кризис буолан газоконденсат атыыта тохтообута. Газоконденсатынан оттуллар пищекомплекспыт дьыл сылаас кэмигэр эрэ үлэлиир буолбута. Кыһыҥҥы өттүгэр урукку кондитерскай сыахпыт турбут дьиэтигэр үүт тутуутун сөргүтэн үлэлэтэбит. Онтубут биир дьыл эмиэ, кыс ортото умайан, үрдэ сууллан, оборудованиелара туһаттан тахсан хааллылар. Икки күн иһигэр тоҥон турар дьиэни -45° тымныыга ириэрэн, саппаас оборудованиебытын монтажтаан үлэбитин салҕаабыппыт. Инньэ гынан үүт тутуута харгыстамматаҕа. Итиэннэ умайбыт дьиэбит бөҕүн ыраастаан, умуруорар бодобуос уу куппута мууһурбутун көйөн, истиэнэтин аҥарын саҥаттан тутан, иһин эпсиэйдээн биир ыйынан төттөрү үлэҕэ киллэрбиппит.

Элгээйигэ заправка суоҕунан бырайыагын оҥотторон тутар сир көрдөөбүппүтүн «бэйэбит уолаттарбыт тута сылдьаллар» диэн матыыптаан олохтоох дьаһалта аккаастаммыта. Билигин Элгээйигэ заправка суох. Кутанаҕа баран кутталлар.

Бойняҕа бэйэбитигэр уонна үүт туттарааччыларга анаан заправочнай үлэлэппиппит. Саҥа маһынан пристрой туппуппут. Хотон тутан сибиинньэ ииппиппит. Этин халбаһыы оҥорорго туттарбыт. Холбуй үүппүт бэйэбит киэнэ. 5 ийэ сибиинньэни ити үлэҕэ улахан уопуттаах Егор Ноговицын диэн кырдьаҕас көрбүтэ. Сибиинньэ ферматын тэрийэр былааным олоххо киирбэтэҕэ.

Дьиэбэр дьоммун, оҕолорбун уонна сиэннэрбин кытары биирдэ эмэ маннык сынньанааччыбын.

Күүкэйгэ эргэ кормоцех дьиэтин ылан маслоцех аспытым, үүт тутааһынын саҕалаабытым. Урут суол куһаҕаныгар сүөгэйдээн Кутанаҕа таһан эрэйи көрөллөрө. Хороҕо ферма таһыгар икки квартиралаах дьиэ бырайыагынан маҕаһыыннаах маслоцеҕы республикаҕа биллэр кик-боксинг тренерэ Анатолий Иванович Афанасьев кыһын ортото туппута. «Сунтаарга эн уонна мин эрэ чаҕылхай дьоммут» диирэ. Төһө кыалларынан үлэҕэ-хамнаска көмөлөһөрө.

Арай сарсыарда 8 чааска хонтуораҕа улаханнык кыыһырбыт көрүҥнээх кэлэн: «Глава уот киллэрэ сатаабыппын бопто, ити дьиэни оройуоҥҥа туруорсан биһиги ылабыт, үүт тутан нэһилиэги байытыахпыт диир, акаары киһи» диэтэ. Мин толкуйдуу түһэн баран: «Анатолий, ити дьиэни Сунтаарга көһөрөн киллэриэххэ. Ол эрээри биир усулуобуйалаахпын. Киэһэ көрдөхтөрүнэ дьиэ оннугар туруохтаах, сарсыарда турбуттара онно кураанах буолуохтаах. Ону кыайар кыахтааххын дуо?» диэбиппэр үөрэ түстэ. «Олох кыайтарар дьыала, бэркэ быһаардыҥ» диэтэ. Уонна биир түүн иһигэр табаарыстарын, техника мобилизациялаан көһөрөн кэбиспитэ. Оннук Хоро нэһилиэгэ өр сылларга үүт кыайан туппакка сүөһүтүн эспитэ кэриэтэ. Кэлиҥҥи глава холбуй үүтү Элгээйиттэн ыларын боппутум.

Биһигиттэн сиэттэрэн салалтаҕа ол саҕана үүт тутар аһара барыстаах эбит диэн өйдөбүл үөскээбитэ. Онон нэһилиэгинэн барабыт диэн концепция оҥорбуттара. Үүт тутан нэһилиэги байытабыт диир буолбуттара. Ол содулугар Кутана, Түбэй Дьаархан, Хоро, Күндэйэ, Түбэй хас ферма аайы бюджет суотугар маслоцех туттан туспа арахсыбыттара эрээри байбатахтара. 2020 сылтан Күндэйэттэн уратылар Элгээйитээҕи эт-үүт комбинатыгар холбоһон, агрохолдинг тэринэн, үлэлиибит.

Кэмпэндээйи промышленнай бөһүөлэк, сүөһү суох, эккэ-үүккэ наадыйыыта улахан. Ону быһаарар сыалтан Кэмпэндээйигэ бардым. Сылдьыбатах бөһүөлэгим буолан биир да киһини билбэппин. Ыал тэлгэһэтиттэн диэн өс хоһооно баар. Киириигэ сис ыал олорор эбит диэн көтөн түстүм. Дьиэҕэ саастаах киһи тура-олоро сылдьар. Аһара кэпсэтинньэҥ, хантан, тоҕо кэлбиппин ыйыталаспытыгар наадабын эппиппэр үөрэ түстэ. Наадалаах дьыала эбит, мин атыыһыттыыбын. Мин дьиэм киэҥ, иккиэйэхпит эрэ, маҕаһыыны манна аһыахха диэн былааннаатыбыт. Урут лесхозка, туус собуотугар маастардаабыт бөһүөлэккэ биллэр общественник, тыллаах-өстөөх, элбэх кэпсээннээх оройуоҥҥа убаастанар Василий Понохов диэн эбит. Кэргэнэ Күүкэйтэн төрүттээх буолла, онон биир дойдулааҕым эбит.

Баһылай талааннаах салайааччы, айылҕаттан ананан төрөөбүт атыыһыт этэ. Үлэлээбит бастакы күнүттэн улахан харчыны киллэрэн барбыта. Ол иһин сир ылан маҕаһыын, пекарня туппуппут. Анараа дойдуга барыаҕар диэри бииргэ сынньанан, бултаан, үлэлээн аһара тапсан табаарыстаспыппытын билиҥҥээҥҥэ диэри күндүтүк саныыбын.

Таһаҕас илтэххэ үөрэ-көтө көрсөрө, остуола толору ас тардыллыбыт буолара. Уруккуну ахтыһан бириэмэ биллибэккэ ааһара. Оройуон сирин, дьонун билэҕин диэн астына кэпсэтэрэ, харчыны киллэриэм, эттим да таһаҕаспын аҕала оҕус диирэ, уруйдуу-айхаллыы хаалара. Итинник дьону Айылҕа бэйэтэ анаан көрсүһүннэрэр эбит. Сааһыран маҕаһыынын кыргыттарыгар туттарбыта.

Биирдэ тиийбитим оҕонньор «маҕаһыыҥҥа бородуукта бүппүт, полкабыт кураанахтаммыт. Арааһа эһиннибит быһыылаах буолбат дуо?» – диэн хомойон олорор. Ону мин: «Баһылаай, инчэҕэй быа быстыбат, эриһиэхпит. Эстэр түгэммитигэр коллективы биир күн бүтэһигин түмэн бэлиэтиэхпит» диэн алы гыммыппар үөрэ түспүтэ.

Кэлин дэлби түһэн, онтон сылтаан олохтоох сиригэр аттаммыта. Атаарыытыгар массыынам муостата алдьанан, өр оҥостон түүннэри кэлэн истэхпинэ аны мотуора хам тутта. Бөһүөлэктэн тахсарбар биир кыһыл тииҥ арыаллаата. Түүн түһээтэхпинэ, өлбүтүн билэбин, оҕонньорум түгэх хоһугар бардыбыт диэн ыҥырар, ону мин аккаастанабын. Ол курдук айылҕаҕа араас кистэлэҥ элбэх.

Кэмпэндээйи маҕаһыына. Атыылааччы Василий Понохов.

Тэрилтэ тутуу ыытарыгар бэйэ пилорамата наада буолбута. Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Төҥүлү бөһүөлэгэр мас кэрдиитинэн дьарыктанар тэрилтэ саҥа стационарнай Р-62 пилорама атыылыырын биллим. Атыылаһыах буоллубут, 1,2 мөл. солкуобайга. Ону баран көрүөхтээх этибит. Саас буолан суолбут сабыллан хаалла.

Александр Григорьев диэн опыттаах, улахан массыынаҕа үлэлиир суоппардаах этибит. Атын киһиэхэ атыылаан кэбиһиэхтэрэ, баран дуогабардаһа охсуохха диэн сүбэлэстибит. Дьокуускайга тиийбиппит өрүс суола сабыллыбыта 3 хоммут. Саатар эбэни киирэн көрөн баран төннүөххэ дэстибит. Киирбиппит онон-манан аһаҕас сирдэр көстөллөр, сырыы суох. Суоппарбыттан ыйыппыппар «туораан көрүөххэ» диэтэ. Суол уҥа-хаҥас өттүгэр сиикэй сирдэр чөҥөрүһэллэр.

Массыынабыт микроавтобус. Уҥуор Павловскай маслоцеҕыттан арыы таарата тиэннибит. Үлэһиттэрбит «өрүс суола сабыллыбыта хас да хонно, түргэнник төннө охсуҥ» дииллэр. Биһиги салгыы Төҥүлүбүтүгэр тиийэн пилорамабытын докумуоннаһан тутустубут. Атыылаабыт киһибит эмиэ туораабыппытыттан өмүрдэ, бастакы уунан туоратыах буолла.

Биһиги начаас төнүннүбүт. Ол киэһэ эбэбитин туораан турардаахпыт. Пилорамабытын кыайан туруорбакка, хас да сыл буолан баран Покровскай тэрилтэтигэр атыылаабыппыт. Ол харчытынан кредит төлөөбүппүт.

Үлэһиттэрбитин, нэһилиэнньэни эминэн хааччыйар сыалтан анал лицензия ылан, Сунтаарга аптечнай пуун үлэлэппиппит. Эһиги ынаххыт кутуругун эрийэ сылдьыахтааххыт, билбэт хайысхаҕытыгар үрдүк технологияны баһылыыр, үлэлэтэр кыаххыт суох диэн аккаастаабыттара. Сунтаартан народнай депутат С.М. Березин көмөлөспүтэ. Мин директоры билэр киһим, элбэх хайысхаҕа ситиһиилээхтик үлэлиир. Итини да кыайа тутар кыахтаах диэн мэктиэлээн эминэн эргинэр лицензия ылбыппыт. Ол саҕана улууспутугар муниципальнай аптека эрэ баара. Ону ааһан республикаҕа биир даҕаны эминэн дьарыгырбыт тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтэ суоҕа буолуо.

Эт, арыы соҕотуопкалаан Дьокуускай куоракка атыылаары аукциоҥҥа кыттан, Строд уулуссатыгар («Лена» кинотеатр кэннигэр) умайбыт икки этээстээх уһуйаан 10 суотайдаах уһаайбатын, арендалаһар быраабынан, атыыластыбыт. Бөҕүн ыраастаан свалкаҕа тиэйтэрбиппит. Элбэх ороскуот этэ.

Земельнэй комитекка аренда сыллааҕы төлөбүрүн 1 мөлүйүөнтэн аччатарга туруорустум. Ону сирбин садово-огороднай учаастак төлөбүрүгэр тэҥнээн 160 тыһ. солк. төлүүргэ дьаһал таһаарбыта.

«Архитекс» тутуу тэрилтэтигэр проект оҥотторон икки этээстээх, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир, туспа котельнайдаах улахан торговай павильон туппуппут.

Иһинээҕи торговай оборудованиетын бүтүннүү монтажтаан, икки сыл оттон, охрана тутан олорбуппут. Ол устатын тухары куорат дьаһалтата аренданы 6 ыйга эрэ уһатар буолан хонтуруоллуур уорганнар тустаах көҥүллэри биэрбэтэхтэрэ.

Куорат чиновниктарын кытта этинэн төлөһө, мэр Заболевка киирэ сылдьыбытым да туһата суох хаалбыта. Оннук турдаҕына, охрана харчытын уйумматах кэммитигэр объекпытын уорарын уоран, алдьатарын алдьатан кэбиспиттэрэ. Ол кэмҥэ чиновниктар бэриккэ олороллоро. Миигин приёмнайга көрсөн тыа киһитэ харчыта суох эрээри манна кэлэҕин диэн күлүү гыналлара. Хата, кэлии омуктар быһа сылдьаллара. Син биир табыллыбаккыт, сиргитин биһиэхэ биэриҥ диэн эрийэ сылдьыбыттара. Кэлин ол чиновниктар бэрик ылыыга буруйданан хааллыбыттара.

Ол тутууну ыытарга бааҥҥа иэскэ киирэн уһун кэмҥэ төлөөбүтүм үлэни атахтаабыта. Ол да саҕана чиэһинэй салайааччылар бааллара. Куорат кылаабынай архитектора объект бары ирдэбилгэ эппиэттиир диэн дьыалабын түргэнник толорбута. Бары тыаттан төрүттээхпит, дьоммутугар ыарахан кэмнэригэр көмөлөһүөххэ наада, үчүгэй дьыаланан дьарыктанаҕын, кытаат диэбитэ, атын сулууспаларга тылын тириэрдэ сатаабыта. Уһаайбам оннугар билигин 9 этээстээх таас олорор дьиэ тутуллан турар.

Ити кэнниттэн правительство дьаһалынан Дьокуускайга тыа дьонун бородууксуйатын батарар сыаллаах Крестьянскай рынок тутуллан үлэлии турар. Дьиҥэр, ити идеяны олоххо биһиги бастаан киллэриэхтээх этибит.

Төрөөбүт нэһилиэкпэр Күүкэйгэ оскуола тутуутун саҕалаатаххытына үбүн көрүөхпүт диэтилэр. Оскуола сваятын маһын, билиэт ылан, дэлээнэ быстаран, бэйэм харчыбынан 500 бэрэбинэни кэттэрэн бөһүөлэккэ тастарбытым. Ону нэһилиэк землеустроителэ дэлээнэттэн атын сиргэ кэртэ диэн оройуоннааҕы лесничествоҕа үҥсүү түһэрбит этэ. Онно олоҕуран дьыала тэрийэн мөлүйүөнүнэн суумалаах ыстараап суруйбуттара.

Инньэ гынан Дьокуускайдааҕы управлениеларын директорыгар кэллим. Дойдубар оскуола туттараары патриоттаан, бэйэм харчыбар билиэт, дэлээнэ ылан мас кэрдибиппин кэпсээтим. Тыа дьоно эстэн олорорун, биһиги онно көмөлөһөр эбээһинэстээхпитин, кини да тыаттан төрүттээх буолуохтааҕын, ыстараап төлүүр харчым суоҕун эҥин барытын эттим. Киһим телефонун сулбу тардан ылан дьонугар ыстараабы тохтотуҥ диэн дьаһайбыта.

Куһаҕан да үчүгэйдээх дииллэринии, ол мас оскуолабыт тутуллубатаҕа. Ол саҕана вице-президент А.К. Акимов 100 миэстэлээх таас оскуола туттарбыта.

2010 сыллаахха кииннээһин буолар, харчы барыта биир сиргэ барар диэн турдулар. «Бойом» эстибитин кэннэ «Сунтаар-ас» диэн тэрилтэҕэ күһэйэн холбуу сатаабыттара. Биһиги сөбүлэспэтибит. Онон улууска переработка икки тэрилтэтэ үлэлээбитэ. Биһиги тэрилтэни күүс өттүнэн сабыҥ диэн үөһэттэн дьаһайаллара. Республика ыытар политикатын утарар тэрилтэ суох буолуохтаах, экономическай рычагтары туһаныҥ, үбү биэримэҥ, моҥкуруут ыытыҥ дииллэрэ.

Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Сунтаарга кэллэ. Аныгы кэлиибэр бу тэрилтэ суох буолуохтаах. Ити үлүгэр тутуулары биһиги көмөбүтүнэн, үппүтүнэн ыыппыт буолуохтаах. Ону барытын болдьоҕун иннинэ төннөрдүн эҥин диэн дьаһал биэрэн төннүбүтэ. Иккис сырыытыгар туох да иэһэ суохпутун, бюджеттэн көмө ылбатахпытын  үөрэтэн  көрөн  баран  сөхпүт  этэ. «Бойом», «Сунтаар-ас» бюджеттэн баһаам үбү ыла олорон эһиннэ. «Элгээйи эт-үүт комбината» үбүлээһинэ суох үлэлээн кэллэ. Кини курдук үлэлиэххитин наада диэн холобур оҥостубут сураҕын истибитим.

Налоговай сулууспа сыл аайы бэрэбиэркэлээн 300-400 тыһ. солк. ыстараап суруйар. Ол саҕана чааһынай тэрилтэ тарбахха баттанар буолан сыл аайы кэлэллэрэ. Саатар икки сылга биирдэ кэлиҥ диэн көрдөһө сатыырым. Ону да төлүөм диэн сууматын түһэрсэрим. Үксэ дуона суохха ыстарааптанарым. Бэрэбиэркэлээтибит да эбэһээт ыстарааптыыбыт, боппуруос сууматыгар эрэ турар дииллэрэ.

Биирдэ кассовай аппаратыҥ ирдэбилгэ эппиэттээбэт диэн 50 тыһ. солк. ыстарааптаатылар. Тохтотуҥ диэн туруорсуубун ылымматылар, сокуонунан буруйа суохпун дакаастыыр кыахтаахпын. Кыһыыта бэрт. Кырдьыкпын таһаарар сыалтан сууттаһарга быһаарынным. Ол 90-с сыллар саҕана налоговай сулууспаны сууттаһан кыайбыт диэн сурах да суоҕа. Республикаҕа икки төгүл кыайтардым. Үөһээ инстанцияҕа, Читаҕа арбитражнай суукка ааһынан кыайан таҕыстым.

Ол сыл налоговай сулууспа бэрэбиэркэ түмүгүнэн 3 мөл. солк. ыстараап суруйан тэрилтэ эстэр турукка киирдэ. Биһиги эһиннэхпитинэ, социальнай хайысхалаах буоламмыт, дьон үүтэ, этэ тутуллубакка дохуота суох хаалыа. Улууска нолуок төлүүр тэрилтэ аҕыйах, хааһынаҕа элбэх харчыны киллэрэбит диэн туруорсуубутун ылымматахтара. Улуус салалтата налоговойы салайбаппын диэн көмөлөспөтөҕө. Дьиҥэр, ол саҕана итинник дьыалалар улуус салалтатын сөбүлэҥэ суох быһаарыллыбаттара.

Республиканскай налоговай управление начальнигар приёмҥа киирдим. Ыһыллыы саҕана куоракка кэлэн эһиги курдук дуоһунаска олорбокко дьоммут-сэргэбит туһугар тэрилтэ тэринэн үлэлии сылдьарбын, ону эһэр турукка киллэрбиттэрин эттим. Эбиитин ити харчыгытын эрэйи көрөн ылыаххыт, мин хата куоракка кэлэн сынньаныам этэ диэтим. Киһим кэпсэтэ түһэн баран төһөнү төлүүр кыахтааххын диэтэ. 700 тыһ. солк. бүтэһик харчыбын биэриэм этэ диэтим. Төлөпүөнү ылан дьаһайан кэбистэ. Дьиҥэр, 300 тыһ. солк. диэххэ баар эбит да санаам буолбатаҕа.

2005 сыл атырдьах ыйын 5 күнүгэр «Элгээйи эт-үүт» комбината икки тэрилтэ буолбута. «Элгээйитээҕи эт-үүт комбината» ХЭТ уонна ИП П.С. Акимов. Биирэ производственнай, иккиһэ эргиэн тэрилтэтэ. Онон икки министерство дьаһайар. Эргиэн түргэн быһаарыыны ылары, хамсаныыны, кэлиини-барыыны ирдиир. Тылгар  турар  буолуохтааххын.  Былыр «атыыһыт чиэһинэй тыла» туохтааҕар да сыаналанара. Илии тутустуҥ, тылгын биэрдиҥ – баһыҥ барара. Чиэскин эдэргиттэн харыстаа диэн этии урбаанньыттарга сыһыаннаах. Тылгар турбатаххына эйигин кытта ким да сибээстэспэт.

Ол курдук, мөлүйүөнүнэн сууманы аҥардас тылбытын биэрэн иэс ылар тэрилтэлэрдээхпит. Бириэмэтигэр төлүүбүт. Ити сууманы баантан ыларга докумуон бөҕө туолар, бириэмэ бөҕө барар, эбиитин бырыһыан төлүүгүн. Эргиэнтэн киирэр барыспытынан производство ороскуотун саптабыт.

1994 сыллаахха таһаҕас ыларга диэн сельпоҕа харчы биэрбиппит, бородуукта сакаастаабыппыт. Сельпону кытта бииргэ үлэлиир былааннаах этибит. Новосибирскайтан таһаҕас аҕалаллара. Мин эргиэни билбэтим, миэхэ сөбө суох хайысха этэ. Таһаҕаспытын от ыйыгар аҕалан баран атырдьах ыйыгар диэри, учуот ыытабыт диэн, биэрбэтилэр. Ылан контейнербытын аспыппыт 20 тн лечо буолан биэрдэ. Саха сиэбэт аһылыга. Бэйэм эргиэмсик буоларга туруннум.

Новосибирскайга көтөн тиийдим. Тэрилтэлэри кэрийэн кэпсэтии ыыттым. Уулуссанан хаама сылдьан рекламаны көрдүм да онно киирэн иһэбин. Үөрэ түһэллэр, Саха сиригэр хайдах ыытыахха сөбүн сүбэлииллэр. Үксүн Саҥа дьыл иннигэр, массыынанан суол баарыгар, таһар буолбуппут.

Ол сылдьан нуучча суоппара Владимир Барановы көрүстүм. КрАЗ диэн чааһынай массыыналаах. Дьиэтигэр илдьэн ыалдьыттатта. Улахан коттеджтаах. Ленскэй куоракка геологоразведкаҕа өр суоппардаабыт, Саха сирин уһаты-туора элбэхтэ сыыйбыт буолан биэрдэ. Сахалары хайгыыр, бу үлүгэр кризис кэмигэр олорбоккут, быыс-хайаҕас булан бачча ыраахха, билбэт сиргитигэр, дьоҥҥутун аһатаары сүүрэ-көтө сылдьаҕыт диир. Уһуннук олорбут буолан Саха сирин аһара ахтабын, эн олорор оройуоҥҥун билэбин, таһаҕаскын массыынабынан тиэрдэн биэриэм диэтэ. Таһаҕас таһарга дуогабардастыбыт.

Сайын өрүһүнэн Ленскэйгэ аҕалабыт. Кыһын байыаннай сөмөлүөтү кыттыһан төлөөн Сунтаар авиапордугар түһэрэбит. Ол саҕана байыаннайдар, харчылара суох буолан, сөмөлүөттэринэн таһаҕас таһаллара. Байыаннай чаастар таах турар массыыналарын кыра сыанаҕа атыылыыллара. Олору атыылаһан, таһаҕас тиэйэн аҕалан дьоҥҥо кыра сыанаҕа атыылыырым. Элбэх киһи ЗИЛ-131 тыа сиригэр аналлаах вездеход массыыналанан, отторун-мастарын тиэнэн абыраммыттара.

Новосибирскайга олорор сахалар көмөлөрө улахана. Ыйан-кэрдэн, сирдээн абыраабыттара. Ол курдук, академгородокка олорор саха учуонайа Юрий Игнатьевич Семёновы кытта тапсан үлэлээбиппит. Бардахпына кини дьиэтигэр түһэрим, дьиэ кэргэнинэн үөрэ-көтө көрсөрө. Бэйэтэ суоппар буолбатах эрээри элбэх УАЗик, ЗИЛ-131 массыынанан таһаҕас, оборудование тиэйэн тостор тымныыга кэлэрэ. Массыыналара ититиитэ, оҥоһуута суохтара эрээри суолга алдьамматаҕа. Киһи киһинэн олорор диэн итини этэн эрдэхтэрэ.

90-с сылларга трассаҕа бандьыыттар элбэхтэрэ. Кинилэргэ харчы төлөөн тиийэн кэлэриҥ. Ол кыһалҕаттан саалаах-сэптээх харабынайдары Ленскэйгэ диэри наймылаһарбыт. Харабынайдаах буоллаххына билсэллэрэ, тыыппаттара.

Новосибирскайтан таһаҕас иһэр.

Биир Саҥа дьылга таһаҕас ылаары баантан кредит ылан, Володя Баранов массыынатыгар 20 тн контейнерга толору бородуукта тиэйдим. Бэйэм самолётунан кэлэн хааллым. Кини 5 тыһ. тахса километры Новосибирскайтан 5 суукканан кэлиэхтээҕэ. Пикеккэ кэллэ да төлөпүөннээн биллэрэн иһэрэ. Сменщигинэн ыалын ылбыт этэ.

Ленскэй бэтэрээтиттэн баччаҕа тиийиэм диэн төлөпүөннээтэ. Халлаан -45 кыраадыс тымныы. Кэлиэхтээх кэмигэр кэлбэтэ. Мин микроавтобус массыынаны утары ыыттым. Арай сарсыныгар Мииринэй куораттан төлөпүөннээн Ленскэй куоракка диэри сырыттыбыт да, массыына суох диэтилэр.

Мин милицияҕа таһаҕастаах массыынам сүттэ диэн тыллаатым. Үлэһиттэрбин массыынаны көрдөөҥ, ким эмит көрбүт буолуохтаах, ыйыталаһыҥ диэн дьаһайдым. Сотору буолан баран төлөпүөннээн тыаҕа бултуу сылдьан массыына турарын көрбүт киһини көрүстүбүт. «Криминал, онон чугаһаабатым» диэтэ диэтилэр.

Мин Сунтаарга киирэн милицияҕа, прокуратураҕа тыллабыр оҥордум. Дьоммун утары кэлэн милициялары көрсүҥ диэтим. Массыынаны суоллаан тыаттан буллулар. Контейнеры аспыттара таһаҕас суох, атын массыынаҕа тиэйэн ылбыттар. Суоппардары контейнерга хатаан кэбиспиттэрэ тоҥон өлбүттэр.

Өлүктэрин Сунтаарга аҕалан, ириэрэн вскрытие оҥоттордум. Таҥас, көстүүм ылан таҥыннардым. Хоруопка уган баран уола кэлэрин кэтэстим. Уола массыынанан кэлэн аҕатын массыынатын состорон барбыта.         Уолугар ол-бу      буоллахпына ылаар диэн массыынатыгар харчытын кистиир тайнигын көрдөрбүт эбит. Онтон харчы ылан суолун ороскуотун уйуммута. Дьонноро дьоммутун киһилии харайбыккын диэн махтанан төлөпүөннүү сылдьыбыттара. Кредиппин бааҥҥа төлөөбүтүм. Буруйдаахтары булбатахтара.

Ол саҕана үгүс киһи Мииринэй куораттан Саҥа дьыллааҕы аһын ылынаары айанныыра. Биир киһи оройуон кыраныыссатыгар аһыы олордоҕуна аана аһаҕас КАМАЗ массыына Мииринэй диэкиттэн кэлэн үрэххэ эргийэн төттөрү барбыт этэ. Суолларын бутуйан Сунтаар диэки барбыт курдук буолбуттар. Сунтаартан тииийбит прокурорга, следователлэргэ Мииринэй милицията көмөлөспөтөҕө. Сунтаар сиригэр-уотугар буолбут диэн силиэстийэҕэ көмөлөһөртөн аккаастаммыт этилэр. Үчүгэй силиэстийэ барбыта буоллар буруйдаахтары булан тутуо этилэр.

2021  сылтан  Түбэй Дьаархантан «Милк-ас» ХЭТ, Күүкэйтэн «Уйгу» СХПК уонна «Элгээйитээҕи эт-үүт комбината» ХЭТ холбоһон агрохолдинг буолан үлэлиибит. Тэрилтэ үрдүнэн 2022 сыллаахха 1476, эһиилигэр 1314 тн үүтү туттубут. Сорох хаһаайыстыбалар субсидия ылан үүттэрин туттарбат буолуулара көрдөрүү түһүүтүгэр тириэрдибитэ. Ол бородууксуйа аччааһыныгар тиэрдэр.

Сүөһүгэ субсидия биэриитэ суола-ииһэ суох, ыраах олорор нэһилиэктэргэ көмө буолуохтаах этэ. Үгүс үпкэ тутуллубут маслоцехтары сабан туран көспүт нэһилиэктэр нэһилиэнньэни бородууксуйанан хааччыйыыны аччаталлар. Ити былыргыга төннүү көрүҥэ буолар. Сайдыылаах олох хаамыытын ирдэбилигэр эппиэттээбэт.

Тэрилтэ улууска тутуллар үүт 23 % астаан таһаарар. Ону таһынан 160 тн килиэби 4 нэһилиэккэ, бурдук аһы астыыр. Дьокуускай куоракка олохтоох бородууксуйаны тэнитэр сыалтан кондитерскай сыах аспыппыт ситиһиилээхтик үлэлиир.

«Элгээйи бичиэнньэтэ, торда» диэн уруккуттан бренд буолбут астардаахпыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ куорат 64 маҕаһыынын кытта үлэлиибит. Ол ахсаан күн аайы эбиллэ турар. Сылга 7 тн вермишель оҥоһуллан хамаҕатык атыыга барар. Бүлүү өрүс уута киртийбитинэн 1996 сылтан нэһилиэнньэни ыраас иһэр уунан хааччыйабыт. Сыахтаахпыт, онно 1,5 уонна 5 лиитэрэлээх иһити үрдэрэн уу кутабыт.

Бары ыытыллар тэрээһиннэргэ кыах баарынан спонсордыыбыт. Чөл олоҕу оскуола оҕолоругар пропагандалыыр курдук өр сылларга Элгээйи куустатыгар, араас дистанцияларга, бириистэрдээх сүүрүү күрэхтэһиитин ыытабыт. Кэлиҥҥи сылларга күрэх статуһа үрдээтэ, нэһилиэк аайы өйөннө, улуус таһымнанна. Олоххо ситиһиини бэйэтин кыанар, доруобай, спорду кытта доҕордоһор киһи ситиһэр. Саха үгүс оҕото промышленноска ситиһиилээхтик үлэлии сылдьарыттан киһи үөрэр. Урут саха оҕото промышленноска сыстыбат, режимнээх үлэни тулуйбат диэн өйдөбүл баара.

Оҕолору үөрэттэрэргэ Дьокуускайга дьиэм суох. Таас квартира атыылаһар кыаҕым суох. Онон уһаайба атыылаһарга соруннум. Үчүгэй уһаайбаны атыылаһар кыах суох. Бэйэм кыахпынан туттар кыахтаахпын. Чэпчэки сыанаҕа, ол саҕана 6 тыһ. солк. табаарыһым ИДьМ ветерана П.С. Степанов уһаайба буллум диэтэ. Хатыҥ Үрэххэ эбит, 6 суотайдаах аппа. Киһим «куоракка тутуу түргэнник барар, тула тутуу бөҕө ыытыллыа, газ киириэ, ылан кэбис, кэмсиниэҥ суоҕа» диэбитин ылынан атыыластым.

Тула ыал суох. Арай биир нуучча суоппарын кыра даачата эрэ баар. Сайын олорор. Кыһын аппаны буорунан куттаран тэҥнээтим. Биригээдэ булан икки этээстээх дьиэ тутуннум. Кураанах сир буолан кэлэр-барар маршрутнай автобустартан көстөн турар. Билэр дьонум ити ким да кыстаабат сиригэр туох буолан дьиэ туттуҥ. Саатар икки этээстээх буола-буола диэн сөбүлээбэттэрин биллэрэллэр.

Көҥкөлөйө сайын бүттэ. Саас сир ирбитин кэннэ төлөппүөннүүллэр. Дьиэҥ иҥнэри барбыт, сууллара буолбут диэн. Били кыһын аппаҕа куттарбыт буорум ирэн дьиэм иҥнэри барбыт. Улахан тракторынан тэбистэрбитим туһалаабатах. Күһүн хойут, хаар түһэ турдаҕына үс буолан домкратынан көтөхтөрөн икки күн устата сиэмэнтэ акылаат куттубут. Халлаан тымныы, ону таһынан киһини курдары үрэр чысхааннаах.

Биир кырдьаҕаһы көрдөһөн кулуһуҥҥа биэдэрэҕэ чэй өрдөрдүбүт. Чаас курдук буолан баран кырдьаҕаспыт дэлби титирээтэ. «Акаарылар, туох буолбут дьоҥҥутуй, тымныйан өлөргүт буолуо, үлэҕитин быраҕыҥ. Миигин үлүтэргит буолла, массыыната булан дьиэбэр тиэрдэ охсуҥ» диэтэ. Хайыахпытый, такси тутан дьиэтигэр ыыттыбыт.

Бастакы күнүгэр опалубка оҥордубут. Иккис күнүгэр үһүс киһибит кэлбэппин диэн ааккаастанна, иккиэ эрэ буолан хааллыбыт. Хайыыр да кыах суох. Онон хайаан да бүтэрдэхпинэ сатанар диэтим. Ол саҕана ДСК үлэһиттэригэр хамнастарын сиэмэнтэнэн төлөһөр этэ. Онно бардым, харчыга икки массыына сиэмэнтэ атыыластым. Онтубун аҕалан таһырдьа дьааһыкка кутан кэбистилэр.

Халлаан тымныйан сиэмэнтэбит тоҥоору ыксаан, иккилии биэдэрэнэн сүүрүүнэн сылдьан акылаат куттубут. Саатар муоста сиһэ тоҥ буолан, халтарыйан сотору-сотору охтобут, киһи дэҥнэниэх үлүгэрэ. Бороҥуйга кутан бүтэрдибит. Ыалбыт нуучча кэлэ-бара көрө сылдьар, баһын быһа илгистэр. Биһиги кэпсэтэр соло суох.

Биир дойдулааҕым, учуонай киһи балыыһаҕа сытан сахалар промышленноска сыстыбаттар, күүс үлэни тулуйбаттар диэбитигэр арай биир нуучча сахалары көмүскэспит. «Сахалар аһара кыайыгас, үлэһит дьон. Мин урут сахалары билбэт этим, эмиэ инньэ диирим. Ыалым икки этээстээх дьиэни тутан кэбистэ. Хантан эрэ тыаттан кэлэн. Күһүн үлүгэрдээх тымныыга, чысхааҥҥа. Түүннэри икки буолан, биэдэрэнэн таһан, акылаат кутан салыннардылар» диэн сөҕөн кэпсээбит. Ону ыйыталаспыта мин дьиэм буолан биэрбит. Онно учуонайым мин кини биир дойдулааҕа буоларбын, миигин билэрин, аҕам Ыстахаанабыс Ыстаппаан күҥҥэ 2,5 га сири охсорун ол нууччабар кэпсээбит. Ону палаатаҕа сытааччылар сүрдээҕин сэргээбиттэрин кэпсээбитэ.

Ол нуучча ыалым кыһын КАМАЗ массыынанан таас чох таһар. Оччолорго газ киирэ илигэ. Өрөһөлүү тиэнэн кэлэр. Кузовын тэҥнээри онтун биһиэхэ босхо сүөкээн биэрэн абыраабыта. Нуучча омуга күүстээх дьону убаастыыр, астынар эбит этэ.

*  *  *

 

СААМАЙ КЫЛААБЫНАЙА, ТҮМСҮҮЛЭЭХ ЭТИБИТ

Мин Элгээйитээҕи эт-үүт кэмбинээтигэр 1996 сылтан 2006 сыл бүтүөр диэри үлэлээбитим. Дириэктэрим Прокопий Степанович Акимов, кылаабынай буҕаалтырым Капитолина Еремеевна Ильина этилэр. Кэлэктииппит ол саҕана дьоҕус этэ. Онтон кэлин кэҥээн Кутанаҕа, Күүкэйгэ үүт тутан астыыр пууннар аһыллыбыттара. Аны ол бородууксуйабытын батараары Сунтаарга, Элгээйигэ, Кутанаҕа маҕаһыыннары аспыттара.

Өссө нэһилиэнньэттэн эт тутан халбаһыы, ыыһаммыт эт оҥорорбут. Ол астарбыт олус хамаҕатык бараллара. Итилэри барытын Александр Николаевич Ляшеев астыыра. Эбиитин бэкээринэҕэ килиэп, бурдук ас эмиэ оҥорор, барытыгар маастар этэ.

Кини кэннэ бэкээринэҕэ кырдьаҕас «Элгээйи» сопхуос кондитера Розалия Дмитриевна Егорова өр сылларга таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Кини оҥорбут туорда, килиэбэ, бичиэнньэтэ, буулката, бөрүөгэ олус биһирэнэрэ. Дьокуускайтан кытары туордун, бичиэнньэтин сакаастыыллара. Розалия наһаа үлэһитэ, эдэр дьоҥҥо сүбэһитэ.

Үүт-арыы сыаҕар өр сылларга Светлана Михайловна Ефимова маастардаабыта, Мария Степанова лабораннаабыта. Суоппардарбыт Николай Васильевич Евсеев, Валерий Иванович Иванов, Валерий Николаевич Яковлев, Владимир Григорьевич Павлов үтүө суобастарынан, үлэлэригэр бэриниилэринэн аатырбыттара.

Коллектив Саҥа Дьылы көрсөр.

Оробуочай уолаттарбыт, электрикпит Егор Гаврильевич Иванов олус үчүгэйдик үлэлииллэрэ. Ол курдук, таһаҕаспыт Новосибирскайтан, Дьокуускайтан кэллэҕинэ, түүн-күнүс диэбэккэ, бука бары курууска тахсаллара. Баарсанан кэлэр таһаҕаспыт, уу аҕыйах буолан, Ньурбаҕа тохтоотоҕуна бука бары баран сүөкүүллэрэ. Бары бииргэ сылдьар буолан аһара көхтөөҕө, эйэлээҕэ.

Прокопий Степанович сынньалаҥы эмиэ тэрийэрэ. Кэмпэндээйитээҕи избушкаҕа хас да хонукка кыһын күөгүлүү барарбыт. Онно сирдьиппитинэн Кэмпэндээйитээҕи маҕаһыын атыылааччыта Василий Алексеевич Понохов сылдьара. Кини хайдах, хас чааска балык тутарын билиһиннэрбитэ. Аһыыр аһылыкпыт бэйэбит маҕаһыыммытыттан барыта босхо буолара.

Ол эрэ буолуо дуо? Бырааһынньыктарга «Кырбый уйатыгар» хаста да сылдьыбыппыт.  Бары  кэлэктиибинэн ойуурга тахсан пикниктиирбит, сир аһыгар сылдьарбыт. Куокунуга, Тэҥкэҕэ хаста да лууктуу бара сылдьыбыттаахпыт. Барыта тэрилтэ тиэхиньикэтинэн буолара. Оннук сылдьар буолан үлэҕэ, сынньалаҥҥа түмсүүлээх этибит.

Прокопий Степанович үлэһиттэрин кыһалҕаларыгар эмиэ көмөлөһөрө. Аһылыгынан да, харчынан да. Холобур мин ийэм, быраатым өлбүттэригэр массыынатын сырытыннарбытыгар махтанабын. Миэхэ, көмөлөһөр киһитэ суох киһиэхэ, ол улахан дьыала. Розалия Дмитриевнаны эмиэ кини улахан көмөтүнэн таһаарбыппыт.

Нина АМБРОСЬЕВА,

бочуоттаах сынньалаҥҥа олорооччу.

Элгээйи.

*  *  *

 

ҮЛЭ БӨҔӨТҮН ҮЛЭЛЭЭБИППИТ

Мин 1993 сыллаахха үлэҕэ киирбитим. Ол саҕана «Сунтаар ЭҮК» диэн тэрилтэ этэ. Онтон эһиилигэр туспа  арахсан  «Элгээйи ЭҮК» диэн буолбута.

Бастаан буойунаҕа коптильнай арыйбыппыт, оборудованиетын монтажтаан, эт ыыһаан барбыппыт. Ол кэнниттэн атын эбийиэктэри тутуунан дьарыктаммыппыт. Прораб Анатолий Михайлов, оробуочайдар М.С. Осипов, Н.Н. Ляшеев, И.П. Игнатьев буолан гараас көһөрөн туппуппут, ону кытары хочуолунайы бүтэрбиппит.

Отделение эргэ хонтуоратын эт-үүт переработкалыыр сыах оҥорбуппут. Онтон саҕалаан халбаһыы, ыыһаммыт эт, бэлимиэн, кэтилиэт бэлэмнээн таһаарбыппыт. Үүт переработкатын биир да күн тохтоппотохпут. Суоппардар күн аайы хотунан-соҕуруунан бородууксайаны маҕаһыыннарбытыгар тарҕатар этилэр.

Онтон саҥа хонтуора тутан, онно аҥарыгар кондитерскай сыаҕы үлэлэппиппит. Бичиэнньэ, бисквит туордун оҥорон аатырбыппыт. Үлэ бөҕөтүн үлэлээбиппит.

Егор ИВАНОВ,

оробуочай, электрик. Билигин Элгээйитээҕи РЭС начаалынньыга.

*  *  *

 

ИЛГЭ-БЫЙАҤ ИЛГИЙДИН, АС-БЫЙАҤ АЛЛА ТУРДУН!

Мин Элгээйитээҕи эт-үүт комбинатыгар 2011 сыллаахха маастарынан үлэлии киирбитим. Салайааччыбыт Прокопий Степанович Акимов үлэтигэр дьиҥ чахчы бэриниилээх, кыайыгас-хотугас, сатабыллаах, дьоҕурдаах киһи.

Биһиги тэрилтэбит уйгуну-быйаҥы уһансан, өҥ-тот, үүт-тураан олоҕу түстүүр диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Ол курдук, сайыны-кыһыны быһа тохтообокко нэһилиэнньэттэн үүт тутабыт, переработкалыыбыт. Сүөгэй, арыы, творог, суорат, йогурт, сыр, быырпах, мороженай, вермишель, иһэр бытыылкалаах уу, килиэп, бурдук ас арааһа оҥоһуллан атыыга тахсар.

Ити курдук тыа сиригэр үлэ күөстүү оргуйар. Үрүҥ       илгэбит          үллэ турдун, араҕас илгэбит дэлэйэ турдун диэн баҕа санаабын этэбин. Ыллыктаах санаабытын саппаҕырдыбакка  толкуйдаабыппытын тобула, санаабыппытын саргылыы сылдьабыт.

Тумус туттар бас-көс киһибитигэр Прокопий Степанович Акимовка махталбыт муҥура суох. Кини сатабыллаах тэрээһининэн уонна үлэһиттэр дьулуурдаах үлэлэринэн

Уйгубут – Уолбат ойбон,

Быйаҥмыт – Быстыбат өрүс,

Үөрүүбүт – Өлбөөдүйбэт өрөгөй,

Олохпут – Умсубат түөрэх!

буоллун диэн поэт В. Гольдеров тылларынан бэйэм баҕа санаабын түмүктүүбүн.

Алевтина ОБОЮКОВА,

Элгээйитээҕи пищекомплекс маастара.

Элгээйи.

*  *  *

 

ТЭРИЛТЭБИТ – БИҺИГИ КИЭН ТУТТУУБУТ

1994 сылтан Элгээйитээҕи эт-үүт кэмбинээтигэр үлэбин саҕалаабытым. Ол саҕана Гоша Ивановтуун, Мартын Осиповтыын, Розалия Егоровалыын, Валерий Саввиновтыын уонна да атыттардыын бииргэ үлэлээбиппит.

Бастаан үлэбитин буойуна дьиэтигэр эти ыыһааһынтан саҕалаабыппыт. 1995 сыллаахха Элгээйи отделениетын   хонтуоратын  ылан,  оборудование монтажтаан халбаһыы уонна үүт сыаҕын үлэлэппиппит.

Элбэх быыстапкаларга кыттыбыппыт. Саха сирин бастакы президенэ М.Е. Николаев кэлэ сылдьан биһигини улаханнык хайҕаан барбыта. Оччолорго Сунтаар улууһун бэйэбит оҥорбут бородууксуйабытынан (мороженай, кондитерскай ас, үүт бородууксуйата, халбаһыы араас көрүҥэ, макарон, эт полуфабриката) толору хааччыйан олорбуппут. Ол үлэбит түмүгэр П.С. Акимов республика улахан наҕараадатын ылбыта. Улуус тыа хаһаайыстыбатыгар ыытар күрэхтэһиилэригэр инники эрэ сылдьыбыппыт.

П.С. Акимов тэрилтэбит сайдарыгар сыл аайы саҥа оборудование ылан кэмбинээппитин сылтан-сыл сайыннаран испитэ. Үүт ас, халбаһыы, копчёнай эт, мороженай, макарон, килиэп, кондитерскай астар хас биирдии ыал сандалытын киэргэппитэрэ. Дьон элбэх махтал тылларын истибиппит. Билигин саныырга үчүгэйэ сүрдээх. Улуус уонна нэһилиэнньэ ыһыахтарыгар сайын аайы кымыс, быырпах, эт, үүт астары дэлэйдик атыыга таһаарар этибит.

Прокопий Степанович сатабыллаах буолан Сунтаар киинигэр үс улахан маҕаһыыны туттарбыта. Барытын бэйэбит күүспүтүнэн, үппүтүнэн туттарбыта. Сунтаар киинигэр эт-үүт аһылыгынан нэһилиэнньэни толору хааччыйар этибит.

Дьокуускайга, Мииринэйгэ, Кэбээйигэ араас дьаарбаҥкаларга кыттарбыт. Онно таһаҕаспытын барытын түүн-күнүс диэбэккэ үрдүк кылаастаах суоппардар Валерий Яковлев, Коля Евсеев, Владимир Павлов таһаллара. Ону таһынан кинилэр Новосибирскайтан аһылык бородууксуйатын, тэрилтэ оборудованиетын эмиэ аҕалаллара.

Салайааччыбыт П.С. Акимов тэрилтэтин дьонун өйүүрэ, араас тэрээһиннэри тэрийэрэ, дьиэ-уот тутталларыгар материальнай көмөнү оҥороро.

Эт-үүт кэмбинээтигэр үлэлээн ааспыт кэммин олоҕум биир кэрэ кэрдиис кэминэн ааҕабын. Сатабыллаах салайааччыбыт П.С. Акимов тэрийбит тэрилтэтэ билиҥҥэ диэри Сунтаар улууһун аһынан-үөлүнэн хааччыйа турара – биһиги киэн туттуубут.

Өссө үүнэ-сайда туруҥ!

Александр ЛЯШЕЕВ.

Дьокуускай.

*  *  *

 

ПОСТАВЩИКТАР УЛАХАННЫК ЭРЭНЭР КИҺИЛЭРЭ

Прокопий Степанович Акимов салайааччылаах Элгээйитээҕи эт-үүт комбинатыгар 2000 сыл балаҕан ыйыгар үлэҕэ киирбитим. Элбэх үлэһиттээх, нэһилиэккэ өҥөнү оҥорор, улууска да, республикаҕа да биллэр биир улахан тэрилтэ этэ. Үлэ-хамнас күөстүү оргуйа турар кэмэ этэ.

Главнай бухгалтерынан Капиталина Еремеевна Ильина, кассирынан Нина Даниловна Амбросьева үлэлииллэрэ. Кутана, Күүкэй, Элгээйи нэһилиэктэрин үрдүнэн үүтү тутар, соҕотуопкалыыр маслоцехтар бааллара. Элгээйитээҕи маслоцеҕы өр кэмҥэ Светлана Михайловна Ефимова салайан үлэлэппитэ. Үүт переработкалаан, араас үрүҥ астары оҥорон, Сунтаар улууһун иһигэр маҕаһыын аһан, хас да нэһилиэги  аһынан-үөлүнэн хааччыйара. Макароннай сыах эмиэ үлэлиирэ. Кутана маслоцеҕар кэргэннии Венера, Фёдор Николаевтар, Күүкэйгэ Анна Николаевна Иванова, Татьяна Степановна Саввинова үлэлииллэрэ. Элгээйигэ кулинарнай сыаҕы, пекарняны улахан опыттаах Розалия Дмитриевна Егорова үлэлэтэрэ. Кини астыыр бичиэнньэтэ уонна торда куруук дьон биһирэбилин ылаллара. Розалия Дмитриевна оҥорон саҕалаабыт бичиэнньэтэ билигин «Элгээйи бичиэнньэтэ» диэн ааттанан республика араас муннуктарыгар, Дьокуускай куоракка бэркэ атыыланар.

Прокопий Степанович Новосибирскай, Дьокуускай поставщиктарын кытта быһа кэпсэтэн куруук сибиэһэй, араас бородуукталары тиэйтэрэн аҕалтарара. Бурдук тиэйтэрэн аҕалан сибиэһэй килиэби астатан нэһилиэнньэҕэ атыылаттарара. Поставщиктар Прокопий Степанович тугу да көрдөстүн сонно тута сөбүлэһэн тиэйэн биэрэллэрэ. Улаханнык эрэнэр киһилэрэ буолан оннук тута толорон эрдэхтэрэ.

Тэрилтэбит элбэх техникалааҕа. Кыһынын массыынанан, сайынын баарсанан табаар бөҕөтүн тиэнэн аҕалаллара.

Нэһилиэк тэрээһиннэрэ кини тэрилтэтин кыттыыта, көмөлөһүүтэ суох буолбаттара. Үлэһиттэрин куруук массыына биэрэн араас сирдэринэн сырытыннартыыра. Сайын сир аһа үүннэ да эмиэ бары коллективынан сир астыырбыт. Ханнык да тэрилтэҕэ итинник сылдьааһын баарын бу сыллар тухары билбэтим.

Билигин Прокопий Степанович Акимов уонна кини салайааччылаах Элгээйитээҕи эт-үүт комбината, республикаҕа тахсыбыт элбэх уларыйыылар да кэннилэриттэн ыһыллан, эстэн хаалбакка, бигэтик үлэлии олорор. Үгүс киһи бу тэрилтэҕэ үлэлээн, уопут ылан, араас сирдэргэ айа-тута сырыттаҕа. Инникилэрин өтө көрөр, уопуттаах салайааччылаах буолан 30 сыл тухары эҥкилэ суох үлэлии олордохторо. Инникитин өссө да нэһилиэнньэни аһынан-үөлүнэн хааччыйа, үлэлии-хамныы сылдьыҥ!

Матрёна ПАВЛОВА.

Дьокуускай.

*  *  *

 

ҮЛЭЛЭЭБИТ СЫЛЛАРБЫН ҮЧҮГЭЙДИК САНЫЫБЫН

«Элгээйи» сопхуоһу, улахан аарыма хаһаайыстыбаны ыспыттарын кэннэ, кыра кэпэрэтииптэр тэриллибиттэрэ. Ол кэмнэргэ Элгээйигэ эт-үүт кэмбинээтэ тэриллэн үлэтин саҕалаабыта.

1994 сыллаахха саҥа тэриллибит эт-үүт кэмбинээтин дириэктэрэ П.С. Акимов (уруккута сопхуос кылаабынай зоотехнига) буҕаалтырынан ыҥырбытыгар үлэлии киирбитим. Мин буҕаалтыр идэтин ылан, үрдүк үөрэҕи соторутааҕыта саҥа бүтэрэн үлэлээн эрэр эдэр үлэһит этим.

Саҥа саҕалыырбытыгар кып-кыра самнархай бэтэринээринэй лаборатория биир муннугар үс остуолу туруоран, сыттаах баҕайы пробиркалар, эмтэр быыстарыгар күнү супту олорон үлэлиир этибит. Бухгалтерияҕа икки этибит. Хассыырынан, дьыаланы бэрийээччинэн Инна Панфиловна Акимова үлэлээбитэ. Саҥа үлэлээн эрэр киһиэхэ ыарахан, ол оннугар барыта сонун этэ.

Көмпүүтэр суоҕа, барыта илии учуота этэ. Докумуоннарбын дьиэбэр көтөҕөн илдьэн киэһэ эмиэ үлэлиир этим. Аҕам үйэтин тухары үлэлээбит улахан уопуттаах буҕаалтыр элбэҕи сүбэлээбитэ, көмөлөспүтэ.

Онтон кыра-дьоҕус, сабыс-саҥа хонтуора тутуллубута. Онно дьэ туһунан хостоммуппут. Аҕыйах ахсааннаах кэлэктииппит үксэ эдэр дьон этэ. Нэһилиэнньэттэн үүт, эт соҕотуопкалаан, халбаһыы, сүөгэй, арыы оҥорон атыылыыра.

Мин аан бастаан бэйэм тэрилтэ балансатын оҥорбуппуттан наһаа үөрбүппүн өйдүүбүн. Бастакы үлэ кэмнэрэ производственнай тэрилтэттэн саҕаламмыта миэхэ умнуллубат өйдөбүл. Онтум буҕаалтыр буолан үүнэн-сайдан тахсарбар суолу аспыта. Онон үлэлээбит сылларбын аһара үчүгэйдик саныыбын, Прокопий Степановичка махтанабын.

Ульяна ПОСТНИКОВА,

Дьокуускайдааҕы социальнай страхование пуондатын бухгалтерскай учуотун кылаабынай исписэлииһэ.

Дьокуускай.

*  *  *

 

ОЛ ИСТЭРГЭ АҺАРА ҮЧҮГЭЙ

Кэмпэндээйи бөһүөлэгэр Элгээйитээҕи эт-үүт кэмбинээтин  маҕаһыына «Илгэ-3» 1995 сыллаахха үлэтин саҕалаабыта. Аҕам Василий Алексеевич Понохов бэйэтин дьиэтигэр.

Директор Прокопий Степанович Акимов Кэмпэндээйи бөһүөлэгэ оройуон кииниттэн тэйиччи сытарын уонна ынах сүөһү иитэр ыал аҕыйах сиригэр үрүҥ ас, эт аһылык наадатын аҕабар өйдөппүтэ. Онон маҕаһыын аһан бэйэ бородууксуйатын атыылыыр наадатын эппитэ. Инньэ гынан икки өттүттэн өйдөһөн, тэринэн үлэлээн барбыттара.

Онно мин аҕам Василий Алексеевич улахан көмө буолбута. Бастаан маҕаһыын туппуттара. Онтон салгыы өссө бөһүөлэги килиэбинэн хааччыйаары бэкээринэ аспыттара. Эбии тутуу ыытан. Онон бөһүөлэк үрүҥ аһынан, сибиэһэй килиэбинэн хааччылларыгар Прокопий Степанович элбэх сыратын уурбута, өҥөтө да элбэх.

Маҕаһыын аҕам Василий Алексеевич үлэлиир сылларыттан бу билиҥҥэ диэри дьон сүрүн аһыыр аһылыгын: сүөгэйи, кефири, йогурту, иэдьэгэйи, сыыры, сибиэһэй эти, өссө ыыһаммыт убаһа этигэр тиийэ, араас полуфабрикаттары уонна бурдук аһылык арааһын, кондитерскай оҥоһуктары сылаастыы аҕалан атыылыыр. Дьон, норуот туһугар үлэлиир, хамсыыр.

Мин бу маҕаһыыҥҥа 2010 сыллаахха үлэҕэ киирбитим. Ол тухары директор Прокопий Степанович Акимовы сүрдээх ирдэбиллээх, туруорбут сыалын ситиһэр, үлэлээн тэйэр салайааччы быһыытынан билэбин.

Кэмпэндээйи маҕаһыыныгар мин үлэлээбит сылларбар элбэх өрөмүөн үлэтэ барда. Ол курдук маҕаһыын дьиэтэ профлииһинэн обшивкаламмыта. Саҥа олбуор оҥоһуллубута уонна ис-тас элбэх үлэ ыытылынна. Директор арыт бэйэтинэн кэлэн бэкээринэбит оһоҕун өрөмүөннээн барааччы.

Онон Кэмпэндээйи бөһүөлэгин дьоно-сэргэтэ Прокопий Степанович Акимов дьон туһугар үрүҥ аһы дэлэтэргэ үлэлии-хамсыы сылдьар диэн махталлара улахан. Дэлэҕэ да этиэхтэрэ дуо «биһиги сүөһүтэ суох эрээри сүөһүлээх дьонтон ордон күн аайы сүөгэйинэн аһыыбыт» диэн. Мин ону мэлдьи истэбин. Итиэннэ ол истэргэ аһара үчүгэй.

Анастасия ФЁДОРОВА, маҕаһыын үлэһитэ.

Кэмпэндээйи.

*  *  *

 

IV түһүмэх

НОРУОТ КИҺИТИН СҮРЭҔЭ БАЙҔАЛ, КИНИЭХЭ ЭБИИТИН АНАНАР АЙХАЛ

 

Аҕатын аатын дьоһуннаахтык ааттатар

Икки     үйэ    алтыһыытыгар      үөскээбит көлүөнэ номнуо сааһыран, олорон үлэлээн       ааспыт историябытын сурукка тиһэр бириэмэбит кэлбит.

Берлиҥҥэ диэри кыргыспыт сэрии ветерана, үлэһит бастыҥа Степан Максимович Акимов (Ыстахаанабыс Ыстапаан), истиҥ иһирэх майгылаах Мария Иннокентьевна Еремеева элбэх оҕолоох дьиэ кэргэнигэр ыал улахан оҕотунан Прокопий Степанович төрөөбүтэ. Аҕата Степан Максимович от охсуутугар кими да иннигэр түһэрбэтэҕэ, сылгыга ураты сыстаҕаһа, соноҕостору хайдах айааһыыра билигин да уос номоҕор сылдьар.

Прокопий Степанович үлэһит, салайааччы буолан тахсарыгар иитиллибит эйгэтин аҕатыттан ылбыта буолуо диэн таайаҕын эрэ. Урукку кэмҥэ төрөппүттэр сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри үлэлэригэр сылдьаллара. Дьиэ кэргэҥҥэ, үлэҕэ сыһыаны бэйэлэрин холобурдарынан көрдөрөллөрө. Прокопий Степанович ыал улахан оҕото буолан дьиэ үлэтин барытын санныгар сүгэн улааппыта.

Ленин орденнаах «Элгээйи» сопхуоска 1986 сыллаахха кылаабынай зоотехнигынан Прокопий Степанович үлэлии кэлбитэ. Эдэр эрчимнээх специалист тутатына фермаларын, отделениеларын кэрийэ охсон түргэн баҕайытык билсэ охсубута. Анализ оҥорорун олус сөбүлүүр этэ. Экономист Авдей Алексеевич Куприяновтыын араас хайысхалаах анализ оҥороллоро. Улахан болҕомтотун кормовой базаны сайыннарыыга уурбута.

Сопхуоспут дириэктэрэ Александр Иннокентьевич Петров буолбута. Үлэ күөстүү оргуйара. Саҥа технологиялар туттуллубуттара, саҥа проектар киирбиттэрэ. Саҥа эдэр кылаабынай специалистар кэлбиттэрэ: Иван Гаврильевич Прокопьев, Георгий Фёдорович Исаков, Юрий Егорович Платонов, Василий Николаевич Решетников, Мария Павловна Иванова. Бу хамаанда бэркэ табыллан үлэлээбитэ.

1993 сыл… Политика уларыйан, сопхуоспутун ыһан, тыа хаһаайыстыбата атын суолунан сайдыахтаах диэн өйдөбүл үөскээбитэ. Инньэ гынан сопхуоһу тэрийбит, сайыннарбыт пайщиктаахтарбыт атын суолу талбыттара.

Бириэмэтин сөпкө өйдөөн, толкуйдаан Прокопий Степанович Элгээйи нэһилиэгэр эт-үүт комбинатын тэрийбитэ. Бэлиэр отут сылын туолар. 90-с сылларга бюджет олус кырыымчык кэмэ этэ. Бу кэмҥэ биир хорсун санаалаах, бэйэтин билиитигэр эрэллээх уол оҕо хатарыллан кимэ-туга биллэр буолбута. Билигин сыаналыыбын, аҕатын аатын улахан уола Прокопий Степанович дьоһуннаахтык сүгэр уонна ааттатар.

Тэрилтэтигэр оройуоҥҥа бастакынан макароннай оҥоһуктары, олус үчүгэй хаачыстыбалаах халбаһыылары таһаарбыта, сылгы этин ыыһаабыта. Билигин даҕаны брендовай тутулун түһэрбэккэ сылдьар, макароннай оҥоһуктара, «Элгээйи» бичиэнньэтэ уонна ынахпыт арыыта аатырар.

Уопсайынан, ынах арыытын 82,5 % республика үрдүнэн Бүлүү сүнньүн улуустара тутан олороллор. Күн сөтүөлүүр Күүкэй эбэ хотун тулатыгар баар амтаннаах оттоох киэҥ-куоҥ ходуһаларга мэччийэн аһыыр сүөһүлэр үүттэриттэн астаммыт арыы амтанныын да минньигэс буоллаҕа эбээт.

Ас-үөл эйгэтин тэрийэр, сайыннарар суол үгүс. Прокопий Степанович убойнай сыаҕын чөлүгэр түһэрэн, откормочнай площадка тэрийэн барыстаах суолу таба тайаныа диэн эрэнэбин.

Астына көрөбүн эдэр ыччат производственнай эйгэҕэ сыстан үлэлии сылдьарыттан. Производство айымньылаах үлэтэ үйэлэргэ үүнэ-сайда турдун!

Августина ТРИФОНОВА,

үлэ бэтэрээнэ. 2015 сыллаахха РФ «Бочуотун кинигэтигэр» киирбит үлэһит, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна.

*  *  *

 

АҔАТЫН КУРДУК ҮЛЭҺИТ БОРОКУОППАЙ

Киһи олох олорорун устата үлэлиир

Тус бэйэтигэр, тулалыыр эйгэтигэр,

Үлэ иилии эргийэр эн күҥҥүн,

Үлэ, үлэ эрэ арыйар эн кимҥин.

Үлэнэн оҥоһуллар уйгу,

Үлэнэн салаллар саргы!

Саргы Куо.

Күндү ааҕааччы, ордук эдэр ыччат! Бу орто бараан дойдуга киһи Үөһэттэн Үрүҥ Аар Айыылартан айдарыллан   олоҕу салгыыр, сайыннарар, байытар    аналлаах     айыллан кэлэр. Киһи үрдүкү анала – сиэрдээхтик ситиллэн, кэрэ аҥарын көрсөн, дьиэ-уот тэринэн, удьуору уһатарга оҕолонон-урууланан, үлэни өрө тутан, дьоллохтук олоруу.

Сунтаар улууһугар уонна Саха   Өрөспүүбүлүкэтигэр элбэх учуонайдаах, талааннаах салайааччылардаах Күүкэй нэһилиэгигэр 1956 сыл от ыйын 24 күнүгэр үлэни өрө туппут, үлэ бөҕөнү үлэлээбит Ыстахаанабыс Ыстапаан дьиэ кэргэнигэр уол оҕо төрөөн түһүлгэбитин сайыннарар, кэҥэтэр туйах хатарааччы  кэллэ  диэн  үөрбэтэхтэрин үөрбүттэрэ.

Онтулара дьыл-хонук аастаҕын аайы үлэһит, түргэн-тарҕан туттуулаах, үчүгэйгэ, үөрэххэ сыстаҕас, ылыннарыылаах санаалаах, сытыы тыллаах-өстөөх, бэйэтигэр болҕомто тардарын сөбүлүүр киһи тахсан иһэриттэн дьоно бүөмнээн үөрээхтииллэрэ.

Тыа хаһаайыстыбатын салайар кадрдарын бэлэмниир техникуму, Красноярскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун, Саха судаарыстыбаннай университетын ситиһиилэхтик бүтэртээн зооинженер идэтин баһылаабыта. 1982 сыллаахха «Бордоҥ» сопхуоска искусственнай сиэмэлээһин пуунун сэбиэдиссэйинэн үлэлээн, төрүөҕү ылыыны 98 %-ҥа тиэрдэн Бүлүү бөлөх оройуоннарыгар бастакы миэстэ буолбута.

1984 сыллаахха «Тойбохой» сопхуос Арыылаах отделениетыгар күүстээх санаатын, тулуурун, айылҕаттан бэриллибит салайар дьоҕурун туһанан, ол кэмнээҕи киһи киһиттэн уратытын сыаналаан, үлэлээн биир ынахтан үүт ыаһыныгар Бүлүү оройуоннарын ортотугар инники тахсыбыта.

1992  сыллаахха  Ленин  уордьаннаах «Элгээйи» сопхуоска кылаабынай зоотехниктыыр кэмигэр сопхуоc 89 ыанньыксытыттан 23-һэ 2000-лаах кирбиини аһара түспүтэ. Сопхуос эти судаарыстыбаҕа туттарыыга өрөспүүбүлүкэҕэ үһүс миэстэлэспитэ.

1994 сыл муус устар 1 күнүгэр урукку Сунтаар улууһунааҕы эт-үүт комбинатын Элгээйитээҕи филиалын базатыгар Элгээйитээҕи эт-үүт комбината тэриллибитэ. Комбинат Кутана, Күүкэй, Толоон, Хоро, Күндэйэ нэһилиэктэрин хабан үлэтин саҕалаабыта. Олохтоох баһылыктар утарсыбыттара, аһара эрэйдээх, дьулуурдаах уһун кэпсэтии түмүгэр холбоспуттара эрээри сорохтор кэлин тахсыбыттара.

Бастаан комбинат 25 үлэһиттээҕэ, халбаһыы, макарон уонна үүт астары оҥорон таһаарар 3 сыахтааҕа. Нэһилиэнньэҕэ халбаһыы, копчуонай эт, вермишель, рожки, килиэп, арыы, сүөгэй, кымыс, чохоон, сибиэһэй эт быстыбакка атыыламмыта.

Эрчимнээх, кэлиилээх-барыылаах, билиилээх-көрүүлээх тэрийээччи буолар үтүө хаачыстыбатын көрдөрөн Прокопий Степанович, төһө да кыһалҕаҕа түбэстэр, санаатын олох түһэрбэтэҕэ, син биир иннин хоту күрдьэн испитэ. Ол курдук бастааҥыттан саҥа база тэринэн, араас оборудованиенан сэбилэнэн, саҥа үлэһит дьону сыымайдаан тэрилтэтин аҕыйах кэм иһигэр атаҕар туруорбута. Билигин элбэх производственнай объектардаах, аныгылыы оборудованиелардаах, элбэх үлэһиттэрдээх Сунтаар улууһугар биир биллэр тэрилтэ буола улаатта. Арыы оҥорор 2 собуот, 4 бэкээринэ, аптека, кондитерскай сыах, 8 маҕаһыын тиргиччи үлэлииллэр. Дьон кыһалҕатын кыһалҕа оҥостон.

Прокопий Степанович Акимов ирдэбиллээх салайааччы. Дьыала тупсарын туһугар уот бэлиэ ыйыгар төрөөбүт киһи кыыһырдаҕына тугу барытын сотон кэбиһиэх курдук суостанар эрээри, сонно күлүбүрээт, сотору кэминэн уостар. Кини атын дьон курдук сиртэн сиргэ көспөккө биир Элгээйитигэр 38 сыл устата олоҕун анаан, оҕолорун, кэргэнин, тэрилтэтин туһугар, элбэх дьону биир сыалга-сорукка, биир санааҕа түмэ тардан дьону сатаан салайар талааннааҕын, күүстээх санаалааҕын көрдөрдө.

20-чэ сылы быһа эн-мин дэһэн билсиһэн, доҕордоһон кэллибит. Дьиэтигэр-уотугар дьаһаллаах аҕа баһылык, туох барыта кини эппитинэн буоларын ирдиир. Киһи барыта кинини өйдүөхтээх уонна өйүөхтээх диэн сырдык санаалаах Акимовтар аҕа баһылыктара бигэ тирэхтээх, үктэлэ, ыллыга, аартыга чиҥ уонна киэҥ. Күннээҕинэн олорбот, сарсыҥҥыны былаанныыр күүстээх ыра санаалаах. Кини олоххо ирдэбилэ, олоҕу көрүүтэ, айылҕата, эбэни кытта сибээһэ – бу барыта уот бэлиэ (от ыйын) дьайыыта.

Киһи киһитэ Борокуоппай

Күн тахсыытын үөрэ көрсөммүт,

Киһи олоҕо кэрэтин билиэххэ.

Күн кииритин сайыһа хааламмыт

Киһи үйэтэ кылгаһын өйдүөххэ!

Александр МИРОНОВ,

Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгэр 14 сыл баһылыктаабыт, 7 сыл Сунтаар улууһун баһылыгын солбуйбут, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар улууһун, Элгээйи уонна Толоон нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо.

Дьокуускай.

*  *  *

 

ДЬОН ТУҺУГАР ҮЛЭЛИИР САЛАЙААЧЧЫ

Мин 1986 сыллаахха Новосибирскайдааҕы электротехническэй институту бүтэрэн, инженер-электрик идэтин ылан Ленин орденнаах «Элгээйи» сопхуоска үлэлээн барбытым. Бу кэмҥэ сопхуоска А.И. Петров директордыыра. Сопхуос аппараатыгар гл. инженер К.П. Григорьев, гл. зоотехник П.С. Акимов, гл. ветврач Г.А. Иванов, гл. агроном И.Г. Прокопьев, ст. прораб В.И. Уаров, экономист Г.Ф. Исаков, гл. бухгалтер В. Макаров үлэлииллэрэ. Бу кэмнэ сопхуос электро уотун-күөһүн Сунтаардааҕы сельэнерго Элгээйитээҕи учаастага көрөн-истэн олороро. Мин ол үлэ сөпкө барарын хонтуруоллуурум уонна саҥа тутуллар объектар электро уотунан хааччыллыыларын бырайыактаан, сметатын суоттаан, матырыйаалын булан үксүн Мииринэй, Ленскэй куораттартан аҕаларым.

Саҥа үлэлээн эрдэхпинэ кытаанах кыстык кэлэн эрэр диэн буолла. Сопхуос аппараатын үлэһиттэриттэн уонча киһилээх биригээдэ тэрийэн Күүкэйгэ үрэх баһыгар илиинэн оттуу тахсар буолбутум. Онно тоҕо эрэ П.С. Акимов суох этэ. Сопхуоска үлэлии сылдьан Прокопий Степановиһы кытта алтыспатаҕым, үлэбит хайысхата атын буолан эбитэ дуу.

Планёркаҕа, мунньахтарга Прокопий Степанович туруорсар боппуруоһа элбэх буолааччы. Үүт, эт былаанын туолуута, от, сүөһү эбии аһылыга уо.д.а баһаам буолааччы. Сиилээс хаачыстыбатыгар, тоннатыгар сөпсөспөккө гл.агроном И.Г. Прокопьевка элбэх боппуруоһу биэрэрэ. Отделениелар управляющайдарын, биригэдьиирдэрин кытта элбэхтик үлэлэһэр этэ.

Нэһилиэк, сопхуос кулуупка буолар улахан мунньахтарыгар куруук трибунаҕа тахсан тыл этэрэ. Сопхуос этэ, үүтэ элбиирин туһугар туруорсар боппуруоһа элбэх буолааччы. Итэҕэһи-быһаҕаһы көнөтүнэн этэрэ, онон үлэтигэр ис сүрэҕиттэн ыалдьара көстөрө. Хонтуораҕа соччо олорбото, кыра одинарка мотоциклынан объектарын кэрийэн торулатарын көрөр буоларым.

Электроцехха сылдьыбат этэ, кэлин толкуйдаан көрдөххө сопхуос объектара, хотоннор, кормоцехтар, охладителлар бары уоттара-күөстэрэ кэмигэр көрүллэн өрөмүөннэнэн үлэлии турар эбиттэр. Онон электроцехха кини өттүттэн боппуруос турбат этэ.

Онтон сопхуоспут ыһыллыбытын кэнниттэн мин Сунтаардааҕы «РЭС» Элгээйитээҕи учаастагар маастарынан үлэҕэ киирбитим. Прокопий Степанович Элгээйигэ ЭҮК тэрийэн үлэлээн барбыта. Отделение хонтуоратын ылан маҕаһыын, үүт переработкалыыр сыах оҥостубута. Маҕаһыыныгар эти ыыһаан, халбаһыы, арыы, сүөгэй оҥорон атыылаабыттара. Онтон гараастаах хонтуора, таас пищекомплекс тутттубута. Элгээйигэ онон элбэх үлэ миэстэтин таһааран, дьону хамнастаан уонна нэһилиэнньэттэн үүт тутан ыал туруктаах буоларын ситиспитэ.

Маны таһынан улуус хас да нэһилиэгэр уонна Сунтаарга маҕаһыыннары, бэкээринэлэри туттарбыта. Дьэ, ити үлэлии сылдьан электро-уот боппуруоһугар миигин кытта алтыһар буолбута. Эрдэ объектарыгар сылдьыбат этим, кэлин сылдьан көрбүтүм уу ыраастыыр, утах кутар, роса бытыылкаларын үрдэрэр, упаковочнай, мороженай, вермишель, бичиэнньэ оҥорор тэриллэр бары баар эбиттэр. Бастаан үлэлэтэн иһэн кэлин киһи көстүбэккэ сорохторун туруораллар.

Прокопий Степанович тэрилтэтэ улууска биир бастыҥ, атаҕар бигэтик турбут, аныгы технологиянан толору сэбилэммит тэрилтэ буолар. Бу тэрилтэтэ сайдарыгар элбэх күчүмэҕэйдэри көрсүбүтэ. Ол курдук саҥа тутан үлэҕэ киллэрбит гараастаах дьиэтэ, хонтуората уонна саҥа ылбыт таһаҕастаах КАМАЗ массыыналара уокка былдьаммыттара. 90-с сылларга Новосибирскай куораттан таһаҕас тиэйбит массыынатын халаабыттара, суоппардарын өлөрбүттэрэ. Сүппүттэрэ иккис хонугар көрдөөн Мииринэй тыатыттан бэйэлэрэ булбуттара.

Сорох киһи мантан тэптэрэн тэрилтэтин сабыан да сөп этэ. Оттон Прокопий Степанович санаатын түһэрбэккэ хонтуоратын саҥаттан тутан, тэрилтэтин өссө сайыннаран таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар. Кини тэрилтэтэ билигин 70-ча киһини үлэлэтэн, хамнастаан уонна нэһилиэнньэттэн төгүрүк сылы быһа тохтоло суох үүт тутан дьону харчылаан кэллэ. Онон дьон туһугар үлэлиир курдук көрөбүн.

Өссө былырыын кыһын -50-ча кыраадыс тымныыга Элгээйигэ баар кыһыҥҥы үүт тутар сыаҕа субуота түүн уокка былдьаммыта. Сөптөөх, түргэн-тарҕан дьаһал ылан, табаарыстарын уонна үлэһиттэрин түмэ охсон тоҥон турар дьиэни сылытан күнүстэри-түүннэри үлэни тэрийбитэ. Икки күн иһигэр үүт тутар сыаҕын саҥаттан монтажтатан үлэҕэ киллэттэрэ охсубута. Үүт туттарааччылар үүппүтүн туттарбат буоллубут дии санаабыттара да, хата, понедельниктан сыах үлэлээн барбыта.

Мантан да көстөр кини дьону кытта сатаан үлэлиирэ, ыарахаттартан толлон турбакка кэмиттэн кэмигэр сөптөөх суһал дьаһаллары ылына охсор тэрилтэ салайааччыта буолара.

Прокопий Степанович үлэтинэн эрэ олорбот. Саха эр киһитэ буолан айылҕаҕа тахсан сынньанарын, бултуурун сөбүлүүр. Саас, күһүн кус сезонугар доҕотторун кытта хонуктаан булка тахсар. Мин кинини кытта үксүгэр балыкка сылдьабын, өрүскэ муҥханан, күөлгэ илиминэн. Балык өттүгэр буор балыксыт диибин. Миигин муус аннынан илимнииргэ кини үөрэппитэ. Кыһын тымныыга собону сыгынньах илиитинэн түргэн баҕайытык араарааччы. Онон кинини кытта булка таҕыстахпына дуоһуйа сынньанан, Баай Байанайбытыттан бэриһиннэрэн, сахалыы эттэххэ өттүк харалаах, илии тутуурдаах киирээччибит.

Түмүкпэр Прокопий Степанович өссө да уһуннук, таһаарыылаахтык үлэлээн-хамсаан дьонун-сэргэтин үөрдэ-көтүтэ сылдьарыгар баҕарабын.

Валерий ЕГОРОВ,

Сунтаардааҕы РЭС Элгээйитээҕи сетевой учаастагын начальнига, ветеран электрик.

Элгээйи.

*  *  *

 

ИЙЭЛЭРБИТ ҮҺҮӨН – ЫАННЬЫКСЫТТАР

Мин Прокопий Степанович быраата Сашалыын    биир  кылааска Кутана оскуолатыгар үөрэммитим. Проня биһигиттэн икки кылаас үөһэ үөрэммитэ. Оскуолаҕа сырыттаххына 2 сыл улахана биллэрэ. Онон улахан кылаас уолун кытта кыайан табаарыстаспатаҕым. Пронялаах оскуолаларын 1973 сыллаахха бүтэрэн ким сопхуоска          үлэлии, ким үөрэнэ барбыттара.

Онон Пронялыын чугастык улаатан, үлэһит буолан эрэ баран билсибитим. Мин 2004 сыллаахха Президент уонна Правительство дьаһалтатыгар үлэлии кэлбитим. Ол саҕана Прокопий Степанович Дьокууйскайга тыа хаһаайыстыбатын министерствотын мунньахтарыгар кэлэрэ. Ол кэллэҕинэ хайаан да миэхэ үлэбэр таарыйар буолбута. Кэлэн сылдьан, кэпсэтэн ааһар этэ. Онтон ыла чугастык табаарыстаһыыбыт саҕаламмыта.

Дьэ, ол кэмтэн ыла Проня майгытын, үлэҕэ сыһыанын, олоҕу көрүүтүн билэн барбытым. Үлэтигэр олус бэриниилээх, тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарын наһаа дириҥник билэр, санаабытын барытын олоххо киллэрэр киһинэн сыаналыыбын. Дьиҥэр, Союз ыһыллыбатаҕа буоллар Прокопий Степанович өссө улахан салайар үлэҕэ тахсыа этэ дии саныыбын. Мин санаабар кини салайар, тэрийэр кыаҕын ситэри туһаммата. Бу кэлин үс буолан чугастык табаарыстаһа сылдьабыт. Лука Митрофанович, Прокопий Степанович уонна мин. Үс ыанньыксыт уолаттара. Ийэлэрбит үһүөн Ленин уордьаннаах «Элгээйи» сопхуоска үйэлэрин тухары үлэлээбиттэрэ. Биһиги ийэлэрбитигэр көмөлөһөн оҕо эрдэхпититтэн хара үлэни билэн улааппыппыт. Ыанньыксыт оҕолоро өлөн-охтон биэрбэттэр, олоххо ситиһиилээх буолаллар диэн көрүстэхпитинэ кэпсэтэбит. Онон табаарыһым Прокопий Степанович өлөн-охтон биэриэ суоҕа, салгыы үлэлиэ-хамсыа, айыа-тутуо, ситиһиини кытары сиэттиһэ сылдьыа дии саныыбын.

Георгий АЛЕКСАНДРОВ, табаарыһа.

Дьокуускай.

*  *  *

 

ИЛГЭНИ ТҮСТҮҮР СҮДҮ КИҺИ

Мин дьикти, кэрэттэн кэрэ

Күөрэгэй чыычааҕым

Күөрэйэн   тахсан,

Кэлтэгэй үрдүнэн дьырылыыр,

Дууһабын уоскутар.

Налыы

Күөх нэлэгэр хонуутугар

Тиэрэ түһэн сытан

Күүкэй Эбэм

Мүөттээх сытынан

Туймаара дуоһуйабын…

Күн түһэн сөтүөлүүр күлүмүрдэс уулаах, эмис соболоох, ортотугар ураты кэрэ арыылардаах, баай хара тыалардаах, хас да үрэх киирэр сирдэрдээх, көстөр үрдүк хайалардаах, киэҥ-куоҥ сүүһүнэн туонна оту биэрэр ходуһа сирдэрдээх, араас көтөр кынаттаах төрөөн-ууһаан барар, үс көстөн ордук эргимтэлээх Күүкэй күөлэ Сунтаар улууһугар биир саамай улаханнара. Оннук эбэлээх буолан дьон-сэргэ сөбүлээн-таптаан олохсуйбут, сүөһү-сылгы бөҕөнү ииппит. Күүкэйгэ кэлбит дьон «эбэҕит салгына эчи ырааһыан, киэҥэ-куоҥа, киэлитэ нэлэһийэн, иитэ биллибэтэ, түгэҕэ көстүбэтэ сөхтөрөр, манна ис дууһалыын чэпчээтибит, күүс-сэниэ, энергия эбиннибит» дэһэллэр.

Прокопий аҕата Степан Максимович Акимов Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, 1941-1945 сылларга Берлиҥҥэ диэри сэрии уотун ортотунан ааспыт, кыайыыны уһансыбыт биир бойобуой геройбут буолар. Ол эрэ буолбатах, өссө кини от охсуутугар күҥҥэ 2,5 гааны охсон Саха сиригэр рекорд олохтоон, «Стахановец» аатын ылбыта. Ол курдук холкуоска да, сопхуоска да мэлдьи инники сылдьыбыт, кыайыгас-хотугас, түргэн-тарҕан, нэһилиэк иһигэр биллэр-көстөр сытыы киһи этэ. Өссө эттэххэ акка олордо да туойан дьиэрэһитэн барааччы. Сүөһү бостууктуу сылдьан хайаан да туойарын олус сэргиирим.

Ыстахааныс Ыстапаан олус уус этэ. Аҕам Степан Осипович ат айааһыырыгар модьу-таҕа, айаас ат мөхсөрүн тулуйар сыарҕа оҥоттороро. Дуҕата эмиэ хатыҥ мастан бөҕө, модороон буолара. Ат тэрилин Күүкэй нэһилиэгиттэн Ыстахаан эрэ киэргэллээн оҥороро. Үүнүгэр, суларыгар, ыҥыырыгар араас бичик түһэрэрэ. Сыарҕаны, дуҕаны кырааскалыыра, дуҕатыгар чуораанныыра.

Кини мончуугу маһынан оҥорон кырааскалыыра кус өҥүттэн атына суох үүт-үкчү буолара. Сорох дьон Ыстахаан мончуугун кус олорор диэн ыппыт түбэлтэлэрэ баара. Оттуу сылдьан омурҕаҥҥа туоһунан арыы, сүөгэй тууйаһа оҥоро охсон биэрэр этэ. Кини хотуурун уга ураты модьу буолара. Онон Ыстахаан хотуурунан дьон кыайан охсубаппыт дэһэллэрэ.

Прокопий ийэтэ Мария Иннокентьевна Еремеева үлэһит бэрдэ, кыайыгас доярканан биллэрэ. «Элгээйи» сопхуос Күүкэйдээҕи отделениетыгар өр сыл илиитин араарбакка үлэлээбитэ. Мин ийэм Борускуой: «Маайа барахсан элбэх оҕолоох, пиэрмэтиттэн быыс булан астаабыта, сууйбута-тараабыта баар буолааччы», – диирэ. Дьэрэмэй Маайалаах дэриэбинэ илин өттүгэр ыраах олороллоро, онно баран-кэлэн иһэн наар ийэбэр чэйдээн, кэпсээн-ыаһах буолаллара.

Прокопий бииргэ төрөөбүт убайа Андрейы кытта биир кылааска үөрэммитим. Үөрэҕэр чаҕылхай билиилээҕэ. Олус үчүгэй кылыһахтааҕа, ис-иһиттэн турукка киирэн туран туойара. Хантан билэ охсон туойарын сөҕөр этим. 4-с кылааска үөрэнэ сылдьан ыалдьан өлөөхтөөбүтэ.

Сайын аайы сайылык ферматыгар Оргуллаахха, Төбүрүөҥҥэ аҕалара сүөһү бостууктуура, ийэлэрэ дояркалыыра, Проня оҕолору кытта кыратыттан көйөрбө оҥоһуутугар, уу баһыытыгар, ньирэй аһатыытыгар, амынньыар хомуйуутугар, сылабаардары оргутууга, сүөһү киитин хомуйууга үлэлиирэ.

Прокопий миигиттэн икки сыл балыс этэ. Алын кылааска Түбэй Дьаархаҥҥа үөрэммитэ, каникулга кэлэрин көрөөччүбүт. Кэлин кинини кэтэхтэн үөрэххэ туттарсаары барабын диэбитигэр сөҕө санаабытым: «Туттарсар кыахтааххын дуо?» – диэбиппэр: «Киһи билэрин билэр инибин», – диэбитэ уонна ол сыл туттарсан үрдүк үөрэххэ киирбитэ.

Прокопий эдэр сылдьан отой арыгы амсайбат этэ. Дьэ, арай биирдэ Күүкэйгэ атыыһыт уола итириктээн айдаара-куйдаара сылдьар эбит, дьон бары куттанан дьиэлэригэр хатанан олороллор. Ол бириэмэҕэ мин эдьиийбэр баарым. Ол онно Прокопий кэлэн күө-дьаа кэпсэтэ-сэһэргэһэ олордохпутуна били киһибит дьиэ ортотугар биирдэ баар буола түстэ да: «Ким охсуһар баар?» – дии-дии Прокопийга кэллэ.

Ону киһим бардьыгынаабакка: «Таһырдьа тахсан аахсыах, дьиэ иһигэр буолбатах», – диир. Таһырдьа куугунаһан таҕыстыбыт, дьэ, анараа киһибит киэптээн түһэн дьикти, саҥата-үөхсэрэ сүрдээх. Ыт курдук Прокопийга ыстанан кэллэ. Ону биһиги киһибит илиититтэн тутан ылан сиргэ дэлби быраҕан түһэрдэ. Онтон сөп буолла диэн ыытта.

Аны киһибит быһахтаах эбит, онтун сулбу тардан ылан баран, дьэ, далбаатаныы бөҕө. Этэ сатаабытын истибэтэ. Онтон эмиэ өстөөх курдук Проняҕа ыстанна. Ону биһиги киһибит кыра саһаан маһынан илиигэ охсон быһаҕын ыһыгыннарда уонна сөп соҕустук сахсыйан биэрдэ. Итирикпит ытыы-ытыы ааттаһан-көрдөһөн барда уонна дьиэтин диэки сукуҥнуу турбута.

Ол онно Прокопий харса суоҕун, күүстээҕин илэ харахпынан итэҕэйбитим. Ол иннинэ кини эдэр эрдэҕинэ охсуһан сотуһарын харахтыы илигим. Бу кэлин санаан этэбин, тоҕо диэтэххэ аҕата Степан Максимович аһара кыанар, олус тэтиэнэх, күүстээх, сымса киһинэн биллэрэ. Ат айааһыырыгар аһара мөхсөр аты охторон баран үүнүн, хомуутун кэтэрдэр дэһэллэрэ. Ол хаана Прокопийга иҥмит эбит.

Үрдүк үөрэҕин бүтэрэн зоотехник идэтин ылар. Бастаан «Бордоҥ», онтон «Тойбохой» сопхуостарга үлэлиир. Онтон тирэх ылан үчүгэй үлэһитин иһин кэлин Ленин орденнаах «Элгээйи» сопхуоска главнай зоотехнигынан үлэҕэ ананар. Ол онно өр сыл үлэлээн, өссө уоппутуран, тэнийэн, үүт ыаһынын 2000-3000 л кирбиигэ тириэрдэр. Өссө үчүгэйэ, сопхуос эт туттарыытыгар республикаҕа тиийэ биллэр буолбута.

Сопхуос эстибитин кэннэ Элгээйигэ эт-үүт кэмбинээтин тэрийэр, онто үлүгэрдээх улахан баараҕай базалаах тэрилтэ буолар. Ол саҕана механизированнай, саҥа технологиянан үлэлиир үүт продукциятын оҥорор оборудованиелары туруортуур. Сүөһү-сылгы этиттэн халбаһыы, ыыһаммыт эт оҥоһуллара атыыга хамаҕатык барар.

Сопхуос эстибитин кэннэ механизированнай бойня үлэлии турбута. Биһиги «Кутана бааһынай хаһаайыстыбата» субай сүөһүбүтүн онно илдьэн туттарар, астыыр этибит. Ону барытын Прокопий Степанович салайара. Кини бу ЭҮК-та хас да продуктовай маҕаһыыннардаах, ону таһынан нэһилиэктэргэ үүт тутар маслоцехтардаах. Күүкэйгэ маслоцеҕа күн бүгүнүгэр диэри үлэлии турар, элбэх ыал үүтүн туттарар.

Мин Күүкэй нэһилиэгэр 14 сыл баһылыгынан үлэлиирим устата Прокопий Степанович көмөтө олус элбэҕэ. Хас нэһилиэк күрэхтэһиитэ буоллун, хас ыһыах ыһыллыыта буоллун, хас улахан тэрээһин ыытылыннын мэлдьитин спонсордыыр. Ол курдук нэһилиэкпит биллэр мецената. «Быһый атахтаах Акимов Степан Максимович-Ыстахаан бирииһигэр» оҕолор сүүрүүгэ күрэхтэһиилэрин тэрээһинигэр үлүгэрдээх элбэх бириистэри туруорар.

Күүкэй нэһилиэгин кэрэ көстүүлээх миэстэтигэр 2019 сыллаахха Күүкэй чулуу дьонугар аналлаах «Албан аат ыллыга» диэн бэртээхэй сквер аһыллыбыта. Онно икки улуу дьоммут боруонса бүүстэрин туруорбуппут. Күүкэй бастакы старостата, бэйэтин дьиэтигэр бастакы оскуоланы аспыт Никита Афанасьевич Самсонов уонна профессор, академик, учуонай, политик Егор Григорьевич Егоров киэннэрин. 2020 сыллаахха 1941-1945 сылларга Берлиҥҥэ диэри Аҕа дойду Улуу сэриитин уотун ортотунан ааспыт, кыайыыны уһансыбыт стахановец Степан Максимович Акимов боруонса бүүһүн эппиппит. Кэнэҕэски сылларга үтүө өйдөбүнньүк буолан кэпсии туруохтара…

Прокопий Степанович Акимов архивтан булан, сүүрэн-көтөн, аҕата сэриигэ Берлиҥҥэ тиийэ сэриилэспитин, холкуоска, сопхуоска үлэлээбитин туһунан документальнай кинигэ таһааттарбыта.

Прокопий Степанович Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатыгар зоотехник, экономист, улахан тэрилтэ салайааччытын быһыытынан үлэлээбит соҕотох киһи буолуо. Республикаҕа. Аны бииртэн дьиктиргиибин. Хас Президеҥҥэ, миниистиргэ олордо? Барыларын көрдө-иһиттэ, тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар сопхуос саҕаттан төһөлөөх этиини киллэрдэ, боппуруос көтөхтө? Истэн эрэ кэбиһэллэрэ, миниистирдэр саллар-толлор этилэр.

Үйэтин аҥарын тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар анаабыт, өссө да 100-тэн тахса үлэһити тутан олорор, үүт, эт, ыраас уу, бурдук ас, переработка бары көрүҥнэрин таһаарар, улуус нэһилиэктэрин кытары хааччыйар П.С. Акимов өссө даҕаны үлэлии, сайда туруоҕа! Саха сүөһүтэ, сылгыта баарын тухары.

Үлэ – дьол, үөрүү-көтүү, албан аат. Ол иһин олох сайдар!

Фёдор ФЁДОРОВ,

СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, «Олохтоох бэйэни салайыныыга кылаатын иһин» мэтээл, «Саха сирэ Россиялыын 380 сыла», «Гражданскай килбиэн» бэлиэлэр хаһаайыннара, СӨ муниципальнай сулууспатын бэтэрээнэ, Сунтаар улууһун, Кутана уонна Күүкэй нэһилиэктэрин Ытык олохтооҕо.

*  *  *

 

КИҺИ КИҺИТЭ – ЫСТАХААН УОЛА

Дойдум, Күүкэй эбэ, туруу  үлэһит  дьонун-сэргэтин, саас ылан истэҕин аайы, аһара истиҥник саныырым, ахтарым эбиллэн иһэр. Ол курдук Ыстахааннар диэн бэрт дьоһун, элбэх оҕолоох ыал олорбута. Аҕалара Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, стахановец.

Степан  Максимович Акимов биһиги нэһилиэкпит киэн туттар чулуу үлэһитэ. Кинини оҕо-уруу бары билэрбит. Ол кини сэриигэ кыттыбытынан өҥ туттан, өттөйө сылдьыбытынан буолбатах этэ. Барахсаттарбытын Кыайыы күнүгэр мэтээллэрин иилинэн, кулуупка мустан, миитиҥҥэ кыттан, памятникка параадтаан кэлэн сөҥөн турдахтарына өйдөөн көрөр кэмнэрдээх этибит. Онтон атын кэмнэргэ туруу үлэһит эдэр дьонтон хаалсыбакка сопхуос араас үлэтигэр үлэлээн-хамсаан олорбуттара.

Ыстахаан Ыстапаан сааһырыар диэри бэрт сылбырҕатык туттар, хаамар-сиимэр, туохтан да толлон турбат, барыны бары сатаан оҥорор, сатабыллаах туттуулаах үтүө үлэһит киһи этэ. Туттар сэптэн-сэбиргэлтэн саҕалаан ат сыарҕатын, тэрилин оҥороро. Олорор дьиэлэрэ салҕааһыннааҕа, ыксатыгар бэрт үчүгэй дириҥ подваллаахтара. Урут холодильник суоҕар Күүкэй үгүс ыала сайын сиир эттэрин онно уктаран хаһааналлара. Эккин киэһэлик, Ыстапаан оттон кэлбитин кэннэ, тиийэн ыларыҥ. Онно кини үөрэ-көтө подвалга киирэн таһаара охсон биэрэрэ. Дьиэҕэ дьоно уһун остуол тула чэйдии олорор буолаллара.

Оттон ийэлэрин Ыстахаан Маайата диэн ааттыыллара. Тоҕо диэтэххэ бөһүөлэккэ Маайалар элбэхтэрэ. Ийэлэрэ ыанньыксыт, арыт ньирэй көрөөччү, пенсияҕа тахсыар диэри илиитин ферма үлэтиттэн араарбатах ийэ буолар. Кэлин өссө быа хатара. Бэйэтин кэтэх хаһаайыстыбатыгар өссө куурусса иитэн оҕолорун сымыытынан аһатара. Куурусса Күүкэйгэ бэрт сэдэх ыалга баар буолара.

Сайынын  сайылыкка, кыһын чугастыы ферма дьиэтигэр кыстаабыт кэмнэрдээхтэр. Маайа эйэҕэс, бэрт чэбэр, сырдык-ыраас сэбэрэлээҕэ. Кини мин эдьиийбин Прасковья Саввичналыын ыаллаһан бөһүөлэк илин диэки өттүгэр олороллоро, дьиэтиттэн ааһан иһэн сылдьара. Кэлин Маайа куоракка кыра кыыһа Марусенькаҕа – Мария Степановнаҕа көспүтэ уонна онно хараллыбыта.

Мария Иннокентьевна Еремеева, Степан Максимович Акимов холкуоска-сопхуоска бэриниилээхтик үлэлээн олорбут олохторун кинилэр сиэннэрэ салгыыллар. Күүкэйбит үлэһит дьоно илиилэрин үлэттэн араарбакка үлэлээн-хамсаан оҕолорун бэйэлэрин үтүө холобурдарынан иитэллэрэ. Олортон биирдэстэрэ Акимовтар буолаллар. Улахан уолларын Андрейы кытта мин начаалынай оскуолаҕа бииргэ үөрэммитим. Ол эрээри кини 4 кылааска үөрэнэ сылдьан ис ыарыытыгар ыалдьан, бэрт түргэнник бу орто дойдуттан барбыта. Оччолорго эмп-том да суоҕа, суол-иис да мөлтөҕө буолуо. Андрей үөрэҕэр үчүгэй, мэнигэ-тэнигэ суох, бэйэтин кыанар оҕо этэ. Ол курдук Күүкэй арыытыгар күһүн походтаан баран эбэ билиитин харбаан туораабыта. Ону мин наһаа сөхпүтүм. Онтон алтынньыга ыалдьан аҕыйах хонон хаалбыта. Өлүү ынырыгын, Андрейы оҕо киһи аһыммыппын өйдөөн хаалбыппын.

Ол кэннэ ыал иккис уола Проня, билигин Прокопий Степанович, улууспут биир ытыктанар, Күүкэйбит биир киэн туттар ыччата буолла. Ыал улахан оҕотун үрдүк эппиэттээх ирдэбилин толору толорбут убай, Прокопий Степанович оҕо эрдэҕиттэн балтыларын, бырааттарын хараанныыра, дурда-хахха буолара, аҕатыныын уолаттары үлэҕэ сыһыартыыра. Кини үөрэҕэр кыһамньылаахтык, ситиһиилээхтик, дьулуурдаахтык, балтыларыгар, бырааттарыгар холобур буолардыы үөрэммитэ.

Олохпут тутула уларыйыытын саҕана саталлаахтык толкуйдаан, дьаһанан, тэрилтэ тэринэн, дойдутун дьонун үрүҥ аһынан хааччыйан, үлэһиттэрин хамнастаан, сүөһүлээх ыалтан үүт тутар сыах тутан, дьону харчылаан, ыал сүөһүтүн-аһын ыспатыгар төһүү, тыа хаһаайыстыбата – ынах, сылгы-сүөһү быстыбатыгар олук уурбут, ырааҕы-киэҥи өтө көрөн үлэлээбит эбит, Прокопий Степанович. Эриһэн туран оннооҕор төрөөбүт дойдутугар Күүкэйгэ үүт тутар дьиэ-уот туттарбыта. Улан-Удэҕэ технологка үөрэммит, бииргэ оскуоланы бүтэрбит кыыһын Любовь Никитична Попованы үлэлэппитэ. Кэм-кэрдии ааһан билигин атын дьон үлэлииллэр, сайынын аайы сүөгэй, арыы олохтоохторго атыыланар, харчы эргийэр. Прокопий Степанович аҕатын үйэтитэр үлэни ыал улахан оҕотун быһыытынан чиэстээхтик толордо. Бу буолар оҕо төрөппүккэ сүгүрүйүүтэ, ытыктабыла, махтала.

Күүкэй оскуолатын кытта бииргэ үлэлээн Валентина Афанасьевна Саввиновалыын саас, Кыайыы күнүгэр, Улуу сэрии ветерана Степан Максимович Акимовка аналлаах Ыстахаан бирииһигэр сүүрүүгэ кросс тэрийбитэ үйэ чиэппэриттэн орто. Ону «Сүүс саастаах оскуола сэһэнэ» кинигэттэн толору билсиэххэ сөп. Бу тухары бирииһин бэйэтэ туруорар, күрэххэ мэлдьи кыттар. Бу күрэх билигин улуус таһымыгар таҕыста.

Аны «Улуу Кыайыы саллаата Ыстахаанабыс Ыстапаан» диэн киэҥ ис хоһоонноох кинигэни 2005 сыллаахха таһааттарбыта. Өссө Күүкэйгэ «Албан Аат» скверигэр аҕатыгар үһүс киһинэн бюст туруоттарда. Дьэ, бу буолар төрөппүккэ ытык иэһи толоруу, кэлэр көлүөнэҕэ холобур.

Маны таһынан улахан тэрилтэ салайааччыта, биир дойдулаахпыт Прокопий Степанович төрөөбүт дойдутун үөрүүтүгэр-көтүүтүгэр сылдьар, бары тэрээһинигэр көмө, спонсор буолар. Кини – биһиги күүспүт, тирэхпит. Дьоһуннаах ыччаппыт көмөтө хаһан баҕарар ботуччу. Аны үөрэммит оскуолатын туһунан кинигэ сурулларыгар ахтыыта олус киэҥ ис хоһооннооҕо, махталлааҕа, отой кыра сылдьан барыны бары өйдөөн көрөрө, оҕо сааһын наһаа үчүгэйдик саныыра, ахтара киһини үөрдэр.

Мин онон саха улуу педагогтарыттан биирдэстэрэ Михаил Андреевич Алексеев «Самый человечный человек…» кимин быһаарбытыгар Прокопий Степанович Акимов онно оруобуна сөп түбэһэр дии саныыбын.

Ити курдук ис сүрэхтэн Прокопий Степановиһы, үлэһит ветераммыт Ыстахаанабыс оҕотун, олус үчүгэйдик саныыбын, киниэхэ үрүҥ дьоллоох олоҕу баҕарабын.

Мария НИКОЛАЕВА, ветеран учуутал.

Күүкэй.

*  *  *

 

КЭННИКИЛЭРТЭН АКЫЫМАБЫ ЧОРБОТОБУН

Баҕар, кэлиҥҥи көлүөнэ ыччаттар билиэ суохтарын  сөп.  Эбэтэр  Элгээйини «туругурдубут дьон» олус элбэхтэринэн билигин чопчу кими ааттыахтарын саарбахтыыр дьон эмиэ баар буолуохтарын сөп. Мин «Элгээйи» сопхуоска 1963-1967 сылларга луго-мелиоративнай тракторнай этэрээт начальнигынан үлэлээбитим. Онно 1967 сыллаахха сопхуоспутун  Ленин  орденынан  республикаҕа бастакынан наҕараадалаабыттара.

Билигин 84 сааспар, пенсияҕа олоробун. Үлэттэн тохтообутум 7 сыл буолла. Ол аата 77 сааспын туолан баран уурайбытым. Сопхуос директора Семён Максимович Журавлёв специалистарын кытары бииргэ үлэлээбитим. Кэлиҥҥи даҕаны директордары, специалистары барыларын билэттиибин.

Кэлиҥҥи көлүөнэ специалистарыттан Прокопий Степанович Акимовы чорботон бэлиэтиэхпин баҕарабын. «Элгээйи» сопхуос ыһыллыаҕыттан, ол аата уларыта тутуу сылларын инниттэн, П.С. Акимов аныгы политикаҕа сөп түбэһиннэрэн Элгээйини күн бүгүнүгэр диэри, 30 сыл устата тутан олорор. Бүтүн Россия, ол иһигэр Саха сирин уонна Сунтаар улууһун үрдүнэн үөһэттэн дьаһайыы күүһүнэн уларыйыы-тэлэрийии бөҕө таҕыста. Ону барытын тулуйан, үлэһит норуоту түмэн, Элгээйитээҕи ЭҮК бу ааспыт 30 сыллар тухары туох да буолбакка тиийэн кэллэ. Итиннэ барытыгар таһаарыылаах үлэни-хамнаһы тэрийэр Прокопий Степанович үтүөтэ-өҥөтө туох да баһаам.

Прокопий Степанович Күүкэйгэ Акыымаптар дьиэ кэргэттэригэр 1956 сыллаахха төрөөбүт. Оҕолор оччолорго алталар эбит. Проня оҕолортон иккистэрэ. Улахан убайа оҕо сааһыгар төннүбүт. Күүкэй начаалынай оскуолатын бүтэрээт Түбэй Дьаархаҥҥа, аҕатын төрүттэрин дойдутугар барбыт. Кутанаҕа 10-с кылааһы бүтэрбит.

Дьиҥэр аҕатын, эһэтин дойдута Түбэй Дьаархан Ыгыаттатыттан 7 көстөөх ыраах тыаҕа, билигин быраҕылла сытар Мэлэкэ учаастага эбит. Ол учаастак, мин өйдүүрбүнэн, «Элгээйи» сохпуос сылгытын базата этэ. Атыннык эттэххэ сэттис отделениета этэ. Аҕалара онтон киирэн Түбэй Дьаархан Арыылааҕар олоро сылдьыбыт, Күүкэйгэ кэлэн кэргэннэнэн ыал буолан олохсуйбут. Дьон кинини Ыстахаанабыс Ыстапаан диэнинэн билэр.

Онон төрүт-уус үлэһит аймахтар. Ол курдук, Күүкэйгэ Константин Акимов үйэтин тухары биригэдьиирдээбитэ. Кини уола Александр Константинович Акимов комсомолтан үүнэн «Тойбохой» сопхуоска дириэктэрдээбитэ, араас салайар үлэлэри ааһыталаан Саха сиригэр В.А. Штыров саҕана вице-президеннээбитэ. Онтон 10-тан тахса сылларга Москваҕа Госдумаҕа сенаторынан талылла сылдьыбыта. Онон Александр Константиновиһы убайа буолар.

Кутана орто оскуолатын 1973 сыллаахха бүтэрэн баран икки сыл рабочайдыыр. Салгыы Проня 1977-1979 сылларга Советскай армия кэккэтигэр ыҥырыллан сулууспалыыр. Дьэ, ол эрэ кэннэ Дьокуускайга тыа хаһаайыстыбатын салайар кадрдарын бэлэмниир, уруккута советскай партийнай оскуоланы техникум оҥорбуттарын ситиһиилээхтик үөрэнэн кыһыл дипломунан бүтэрэр.

Эдэр, чаҕылхай специалиһы бастаан утаа «Элгээйи» сопхуос Күндэйэтээҕи отделениетыгар сүөһү биригэдьииринэн аныыллар. Онно күндэйэлэр кырдьаҕас көлүөнэ салайааччылара эдэр специалиһы өрө көрдөрбөккө сыл эрэ кэриҥэ үлэлэтэллэр уонна атын сиргэ утаарарга дьулуһаллар. Баҕар, бу уол ситэн-хотон баран, бэйэбит миэстэбитин былдьыа диэн дьааххаммыт буолуохтарын сөп. Ону аахса барбакка эдэр киһи Проня «Бордоҥ» сопхуоска сүөһүнү искусственнай сиэмэлээһин пуунун сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Онтон хаалыылаахтары өрө тарда диэн Уһун Күөлгэ тиийэр. Онно үүт ыаһыныгар үрдүк көрдөрүүлэри оройуоҥҥа эрэ буолбакка, Бүлүү бөлөххө кытта ситиһэннэр «Москвич», мотоцикл фондаларынан наҕараадаланаллар. Салайааччы булгуччу экономист буолуохтаах диэн муода буолбутугар эргиччи эрчимнээх специалист Красноярскай куоракка сельхоз институт экономическай факультетын үлэлии-үлэлии кэтэхтэн бүтэрэр.

Онно даҕаны уһуннук үлэлэппэттэр. Оройуон салалтата эрэллээҕин, кыахтааҕын өйдөөн Сунтаардааҕы РАПО-га киллэрэн начаалынньыгы племенной үлэҕэ солбуйааччынан үлэлэтэллэр.

Дьэ ити курдук үүнэн иһэр дьоҕурдаах салайааччыны кэмниэ-кэнэҕэс доийдутугар Ленин орденнаах «Элгээйи» сопхуос эстиэн аҕай иннигэр, 1986-1992 сылларга главнай зоотехнигынан үлэлэтэллэр. Манна кэлэн төһө даҕаны кытаанах кыстыктар бүрүүкээбиттэрин иһин Прокопий Степанович дьаныардаах, утумнаах салайыытынан син биир үрдүк көрдөрүүлэр ситиһиллибиттэрэ. Ол курдук биир ынахтан үүт ыамын 1850 кг тириэрдэллэр.

Дьиҥэр, кытаанах кыстык диэн өйдөбүлү оччотооҕу райком бастакы секретара И.О. Пахомов киллэрбитэ. Оннук өйдөбүл билиҥҥэ диэри норуокка уонна үөһээ салалтаҕа хаалан хаалбыт.

Дьиикэй ырыынак кэмигэр сомоҕолоһон үлэлээһин үтүө түмүктэрэ көстөн эрэллэр. Оттон биирдиилээн ыаллар бу ырыынакка миинньик талаҕын курдук үрэллэн хааллылар. Элгээйитээҕи эт-үүт комбината Прокопий Степанович дьаныардаах, утумнаах салайыытынан тулуйан үлэлии олорор. Ол түмүгэр киһи бөҕөтө хамнастанан оҕолорун, дьонун-сэргэтин, аймаҕын иитэн-аһатан, үөрэттэрэн олорор. Ол көдьүүстээҕэ көһүннэ. Өскөтүн ЭҮК тэриллибэтэҕэ буоллар нэһилиэктэр ыал устун барыа этилэр. Маны таһынан нэһилиэнньэни олохтоох бородууксуйанан хааччыйан олорорун эбэн кэбис. Бурдук аһын, килиэбин, этин-үүтүн, макаронун, ыраас уутун.

Түмүкпэр Элгээйитээҕи ЭҮК-тын 30 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйдэринэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Кинилэр дьон-норуот туһугар сыралаах үлэлэринэн киэн туттуоҕуҥ. Ити переработкаламмыт, упаковкаламмыт аһылыгы элгээйилэр эрэ буолбакка атын нэһилиэктэр эмиэ тииһэн аһыы олоробут. Онон Элгээйитээҕи ЭҮК бары үлэһиттэригэр Уруй-Айхал этиэҕиҥ. Бары этэҥҥэ, дьоллоох-соргулаах олороллоругар баҕарыаҕыҥ!

Исидор ПЕТРОВ, Сир Ууһа–Сиидэр Бөтүрүөп,

Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, туйгуна, СР тыатын хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ, Күндэйэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

Дьокуускай.

*  *  *

 

ТЫА ДЬОНУН ОЛОҔУН АЙГЫРАТЫМААРЫ

Борокуоппай аҕата Ыстахаанабыс  Ыстапаан уоттаах сэрии бэтэрээнэ, улахан туруу үлэһит,  Ленин  уордьаннаах «Элгээйи» сопхуоска үлэлээбитэ, күн аайы 2,5 га сири дайбаан республикаҕа биллибит от охсооччу этэ. Кэргэнэ Мария Иннокентьевна Еремеева эмиэ сүрдээх туруу үлэһит этэ, пиэрмэҕэ үлэлээбитэ. Онон бары тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит дьон.

Биһиги эһэбит Көбүөх Көстөкүүҥҥэ  иитиллэн Акыымаптар буолбуттар. Элбэх оҕолоохторо. Борокуоппай иккис оҕо. Убайа Андрей миигин кытта Күүкэй начаалынай оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан эрдэ олохтон туораахтаабыта. Инньэ гынан Борокуоппай ыал улахан оҕотун быһыытынан улааппыта. Дьиэтин-уотун көрөн, төрөппүттэригэр илии-атах буолан. Олох эрдэттэн үлэҕэ-хамнаска эриллэн, үөрэх-билии диэн тугун билэн.

Күүкэй начаалынай оскуолатын кэнниттэн аҕатын аймахтарыгар олорон үөрэнээри Түбэй Дьаарханнаабыта. Онтон орто оскуоланы Кутанаҕа бүтэрбитэ. Оччотооҕу кэм ирдэбилинэн производствоҕа үлэлээн баран Дьокуускайдаабыта. Идэ ылаары. Тыа хаһаайыстыбатын орто салайар каадырдарын бэлэмниир Дьокуускайдааҕы техникуму уонна СГУ-ну тэҥинэн бүтэрбитэ. Ол эрэ кэнниттэн дойдутугар төннөн кэлбитэ.

Эдэр эрчимнээх исписэлиис Борокуоппай Ыстапаанабыс бэйэтин үлэтин Күндэйэҕэ субай сүөһү биригэдьиириттэн саҕалаабыта. Онтон «Бордоҥ» сопхуоска баран сүөһүнү искусственнай сиэмэлээһин пуунун сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит этэ. Ол кэнниттэн мин директордыы олорор «Тойбохой» сопхуоһум Арыылаахтааҕы отделениетыгар зоотехнигынан кэлбитэ. Онно Николай Алексеевич Егоров оскуолаҕа директордыы олорон управляющай буолбута. Уола ити Россия Геройа буолла.

Сүрдээх үчүгэйдик үлэлээбиттэрэ. Борокуоппай тиийэн саамай хаалыылаах отделение өрө тардыллыбыта. Сайыҥҥы кэмнэргэ отделение үүт ыамыгар республикаҕа бастаан турар. Аҕатын курдук туруу үлэһит буоларын, харса суох сырыылааҕын көрдөрбүтэ. Пиэрмэлэри атынан сиэллэрэ сылдьан кэрийэн, характерын көрдөрөн, үлэһиттэргэ биэрбит тылын толорон, кинилэр итэҕэллэрин ылан, социалистическай куоталаһыыны тэрийэн, дьон интэриэһин тардан үлэлээбит киһи буолар. Олохтоохтор сүрдээҕин хайгыыр этилэр. Мин Борокуоппайы салайааччы быһыытынан ити Арыылаах отделениетыгар бэйэтин көрдөрбүтэ диэн сыаналыыбын.

Онто төһүү буолбута дии саныыбын, кинини төрөөбүт дойдутугар Ленин уордьаннаах «Элгээйи» сопхуоска кылаабынай зоотехнигынан таһаарыыга. Онно кини сопхуос ыһыллыар диэри үлэлээбитэ. Манна кэлэн эмиэ сүрдээх үчүгэйдик үлэлээн дьон сыанабылын ылбыта. Характера кытаанах, кырдьыгы туох баарынан сирэйгэ этэр буолан сороҕор кини бэйэтин сөбүлэппэт этэ. Салайааччы өттүгэр. Оттон боростуой үлэһит өттө кинини онтун иһин сөбүлүүрэ, өссө ытыктыыра да диэххэ сөп. Сопхуос ыһыллыбатаҕа буоллар бэйэтэ улахан салайааччы быһыытынан тахсар кыахтааҕа. Кырата сопхуос дириэктэрэ буолар киһи хаалан турар.

Оннук үлэһит киһи Борокуоппай Ыстапаанабыс. Кыратыттан дьонун батыһа сылдьыбыт, пиэрмэ үлэтигэр эриллибит буолан тыа хаһаайыстыбатын кыһалҕаларын үчүгэйдик билэр. Оннук салайааччылар аҕыйахтар.

Онтон ырыынак киирбитин, сопхуостар ыһыллыбыттарын кэннэ улууска аан бастакынан «Элгээйитээҕи эт-үүт» комбинатын тэрийэн, переработканы сайыннаран, үүт тутан, арыы астаан, бэйэ бородууксуйатыттан араас аһы таһааран нэһилиэнньэ туһугар үлэлээн барбыта. Хомойуох иһин, улуус бириэмэтигэр кинини өйөөбөккө хаалбыта. Өйөөбүттэрэ буоллар ол комбинатын хайа баҕарар улахан хаһаайыстыбаҕа кубулутар кыахтаах этэ. Ити тыа хаһаайыстыбатыгар улахан болҕомто ууруллубатаҕын туоһута.

Билигин  күн-дьыл  ааспытын  кэннэ улууска кини уопутун батыһан тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга, переработканы тэрийиигэ араас суоллары көрдүүллэр. Онно Борокуоппай Ыстапаанабыс сүбэ-ама буоларын, мунньахтарга тыл этэрин истэбин. Бэйэтин икки кыыһа аҕаларын туйаҕын хатаран бэйэтин кытта үлэлэһэ сылдьаллар. Кыргыттарын итинник үөрэттэрэн тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлэтэ сылдьара аһара үчүгэй, хайҕаллаах дьыала.

Борокуоппай Ыстапаанабыс сүрдээх элбэх толкуйдардаах. Кини Горн Егорович Платоновтыын эрдэттэн «бу сопхуостары ыһымыахха» диэн утарсан элбэхтик кириитикэлэммит дьон. Горн Егорович «Кириэстээх» сопхуоһу тутан хаалбыта дии. Бэрт сыранан. Ол саҕана бэлиитикэ оннук ыытыллан истибэтэхтэрэ, ыһыллыы-тоҕуллуу баран турар. Ол саҕана. Дьиҥэр, кинилэр оруоллара улахан этэ. Ону билигин «Кириэстээх» КХ толору дакаастаата. Хомойуох иһин Борокуоппай Ыстапаанабыһы истибэтэхтэрэ, өйөөбөтөхтөрө. Өйөөбүттэрэ буоллар «Элгээйи» да сопхуос «Кириэстээх» КХ курдук үлэлии олоруо этэ.

Ол үрдүнэн Күндэйэ, Күүкэй, Түбэй Дьаархан, Элгээйи олохтоохторо тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктана олороллор, сүөһүлэрин эспэтилэр. Сылгыларын тутан,  өссө  ахсаанын  эбэ  олороллор. Итиннэ Борокуоппай Ыстапаанабыс өҥөтө улахан диэн этиэххэ наада. Борокуоппай Ыстапаанабыс Горн Егоровичтыын улууска, төһө да кириитикэлэммиттэрин иһин, ити саҕана сүрдээҕин турууласпыттара, аһаҕастык киирсибиттэрэ. Тыа дьонун олоҕун айгыратымаары.

Мин улуус урукку баһылыга Александр Иннокентьевич Петровтыын Ленин уордьаннаах «Элгээйи» уонна «Тойбохой» сопхуостар 50 сылларын, «Бордоҥ» сопхуос үбүлүөйдэрин тэриттэрэн турабыт. Дьоммут-сэргэбит бары үлэлээтэхтэрэ дии, санаатыннар, үөрдүннэр-көттүннэр диэн. Кинигэлэр тахсыбыттара, пааматынньыктар туруоруллубуттара. Тыа сирин олоҕун тупсарбыт дьону умнуо суохтаахпыт. Онно аналлаах ыһыахтар ыһыллыбыттара, онон ити тэрээһиннэр сүрдээх үчүгэйдик ыытыллыбыттара.

Саамай үчүгэйэ диэн төрөөбүт-үөскээбит Күүкэйигэр көмөлөһө турар. Албан Аат аллеятыгар аҕатын бюһун туруоттарбыта. Аҕатын, төрөппүттэрин саныыра, үйэтитэрэ улахан дьыала. Ыһыахтарга аҕатын аатынан бириис олохтоон спортивнай күрэхтэһиилэри тэрийэр. Онон Борокуоппай Ыстапаанабыс олоҕун дьонугар-сэргэтигэр, дойдутугар уонна тыа хаһаайыстыбатыгар анаабыт киһи. Билиҥҥэ диэри ити боппуруостарга араас ыстатыйалары суруйан таһааттара олорор. Сүрдээхтик дьарыктанар, хонтуруолга тутар.

Туруу үлэһит, саха саарына, тыа хаһаайыстыбатын дьиҥнээх исписэлииһэ. Кинигэ таһааттарара үчүгэй. Мин алгыыбын эрэ. Түмүгэр, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ, исписэлиистэрэ кини олоҕуттан холобур ылыахтарын баҕарабын.

Александр АКИМОВ,

СӨ Ил Дарханын Арктика боппуруостарыгар бэрэстэбиитэлэ.

Москва.

*  *  *

 

УЛАХАН СЫРА, КҮҮСТЭЭХ САНАА ТҮМҮГЭ

Мин аан бастаан Прокопий Степановиһы «Тойбохой» сопхуос дирекциятын мунньаҕар көрбүтүм. Кини оччолорго Уһун Күөлгэ отделение зоотехнигынан үлэлиир быһыылааҕа. Мин Маар Күөлгэ совет председателинэн 3 сыл үлэлээн баран «Бордоҥ» сопхуоска партком секретарынан барбытым. Кини «Элгээйи» сопхуоска уонна Сунтаарга мясомолпромҥа үлэлээбитэ.

Онтон сэбиэскэй былаас эстибитин кэннэ кини Элгээйи мясокомбинатын директорынан, мин Кириэстээх коллективнай тэрилтэтин директора буолан барбыппыт. Ол кэннэ, дьэ, ыкса билсибитим. Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын, улуус администрациятын уонна ТХМ тэрийэр араас таһымнаах мунньахтарыгар уонна дьаһалларыгар сылдьан үчүгэйдик билсэн-көрсөн барбыппыт.

Үлэҕэ-хамнаска элбэхтик эриллибит, улахан уопуттаах буоламмыт санаабыт биир соҕус буолааччы. Онон баар итэҕэстэри түргэнник туоратарга көнөтүнэн малтаччы элбэхтик тыл этэн уонунан сылларга үөһэ турар салалтаҕа туора соҕус көрүллэр этибит.

Мин өйдүүрбүнэн кини тэрилтэтин тыыннаах хааллараары, үүт, эт бородууксуйатын нэһилиэнньэҕэ батараары элбэх бородуукта маҕаһыыннарын аһан үлэлэппитэ саамай сөптөөх толкуй уонна дьаһал этэ. Ол маҕаһыыннартан киирбит барыс харчытынан эбии элбэх саҥа маслоцехтары туппута уонна баһаам саҥа оборудованиены, техниканы атыыласпыта. Ол курдук, государство эстэн улахан көмөтө суоҕун үрдүнэн улахан таас пищекомплекс тутан үлэҕэ киллэрбитэ.

2001 сыл олунньутугар Москва куоракка «Бэс чагда» санаторийыгар менеджмент, агробизнес академията уонна ТХМ тэрийбит 20-чэ хонуктаах анал курсугар сылдьыбыппыт. Онно Сталин кыыһыгар ананан тутуллубут эргэ корпуска түһэрбиттэрэ. Бастаан биир хоско түһэр кэпсэтиилээх этибит. Онтубут табыллыбакка киһим үс буолан люкс хоско түспүт этэ.

Мин Алдан «Хатыыстыыр» сопхуос директорын кытта түстүм. Дьэ, киэһэлик саҥа тиийиини, көрсүһүүнү сууйуу буолла. Сорохтор сарсыардааҥҥа диэри аһаатылар. Сарсыарда эрдэ Прокопий киирэн «арыгылаан олох утуппатылар» диэтэ. Кини бииргэ түспүт дьоно Майа Хара бөһүөлэгэр бааһынайдыыр киһи уонна хотуттан сопхуос директора курс устата, биир да киэһэ өрөөбөккө, сарсыардааҥҥа диэри арыгылаабыттара. Онон Прокопий Степанович сүүрбэччэ хонукка түүн аайы олох сүгүн утуйбакка кэһэйэн кэлбиттээх.

Онтон 2001 сыл сэтинньитигэр биһиги Германия Эрфурт куоратыгар уонна Парижка баран үөрэммиппит. Кини үлэтин балаһыанньатынан кыайан барсыбатаҕа. Онтон 2005 сыллаахха Канада Торонто куоратыгар эмиэ уонча хонукка стажировкаҕа баран бииргэ үөрэммиппит. Дьэ, онно киһим эрдэттэн эйигин кытта түһэбин диэн үлэһэн турардаах. Онно аатырбыт Ниагара водопадка баран эмиэ хонон кэлбиппит. Москваҕа кэлэн баран өрөбүллэргэ Турция Стамбулугар тахсан үс хонон киирбиппит.

Онтон өссө ыкса билсэн баран Борокуоппай мин төрөөбүт дойдубар, Үөһээ Мэйиккэ, Сунтаар ыһыаҕын кэннэ сынньана, балыктыы уонна лууктуу Карл Григорьевтыын, Михаил Иннокентьевич Коколовтыын бара сылдьыбыппыт. Дьэ, ол кэннэ кыһыны супту «хаһан Мэйиккэ барабыт» диэн телефоннуур буолбута. Инньэ гынан кырата уонча сыл сайын аайы баран сынньанан, балыктаан кэлэбит.

Мин иккитэ Элгээйигэ кини үлэтин-хамнаһын билсэ уонна дьиэтигэр анаан баран ыалдьыттаан турардаахпын. Сунтаар ыһыаҕар сыл аайы уолаттардыын кыратык көрсүһэ түһээччибит. Былырыын атырдьах ыйын бүтэһигэр сөбүлээн сылдьар Белокуриха «Катунь» санаторийыгар баран бииргэ эмтэнэн уонна сынньанан кэлбиппит. Быйыл эмиэ былааннаабыппыт даҕаны ыарыынан сибээстээн сатанара саарбах быһыылаах.

Онтон кэлэн баран балаҕан ыйын ортотугар Элгээйи мясокомбината тэриллибитэ 25 сыллаах үбүлүөйүгэр Угут Күөлгэ М.И. Коколов биһикки баран кыттыыны ылан сүрдээҕин астынан кэлбиппит. Араас таһымнаах ыалдьыта элбэҕэ, үлэһиттэригэр туттарар наҕараадата баһаама уонна баай остуола ыҥырыллан кэлбит дьону улаханнык астыннарбыта дии саныыбын.

Бу дьиикэй ырыынак усулуобуйатыгар 25 сыл устата улахан тэрилтэни моҥкурууттаппакка өссө сайыннаран үлэлээһин эттэххэ эрэ дөбөҥ курдук эрээри улахан сыралаах, элбэх эриирдээх-мускуурдаах үлэ, күүстээх өй-санаа түмүгэ буолара чуолкай. Кырата 50-ча киһини үлэнэн хааччыйыы уонна хамнастаан олоруу кыра дьыала буолбатаҕа өйдөнөр.

Прокопий Степановиһы хара ньуура суох үлэһит уонна харчыны ааҕар, сатаан туһанар киһинэн ааҕабын. Кини үлэтигэр тахсыбыт араас улахан тургутуулары күүстээх санаатынан этэҥҥэ ааһан үлэлии-хамсыы сылдьарыттан сэмээр үөрэбит уонна астынабыт. Итини таһынан кини муударай буолан кыргыттарын, күтүөттэрин бэйэтин кытта бииргэ тэҥҥэ үлэлэтэн, үлэ араас мындырдарыгар уһуннук үөрэтэрэ, бэлэмниирэ уонна хонтуруоллуура саамай сөптөөх дии саныыбын.

Түмүгэр табаарыһым Прокопий Степановичка уонна кини кэргэнэ Надежда Егоровнаҕа ыарыы ыалласпатын, тумуу тумуннун, чугас дьоҥҥут, оҕолоргут, сиэттэргит ситиһиилэринэн кынаттанан уһуннук, дьоллоохтук олоруҥ диэн алгыыбын.

Горн ПЛАТОНОВ,

СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар улууһун, Кириэстээх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

Кириэстээх.

*  *  *

 

ҮЛЭҔЭ АНАММЫТ ОЛОХ

Бу ортотунан күннээх Орто дойдуга киһи барахсан уларсык кэлэн барар. Олороруҥ усталаах туоратыгар, доруобуйаҕын да көрүммэккэ, үлэни эрэ өрө тутаҕын. Хас биирдии киһи олоҕо, үлэтэ-хамнаһа барыта тус-туһунан. Бары араас идэлээхтэр, араас тэрилтэлэргэ үлэлииллэр.

Мин бэйэм 30-тан тахса сыл тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээтим. Үөрэҕим да оннук (зоотехник-организатор), эдэр сааһым барыта бу үлэҕэ ааспыта. Дьону кытта үлэ эппиэттээх буолар.

«Кириэстээх» сопхуоска салайар дуоһунастарга үлэлиирим саҕана улуус киинигэр буолар тыа хаһаайыстыбатын мунньахтарыгар үгүстүк сылдьарым. Онно сахаттан бөдөҥ уола-хаан киһи туран лоп-бааччы тыл этэрин, итэҕэһи-быһаҕаһы сирэйгэ саҥарарын сэргии истэрим. Кини тыл этэригэр мунньахха олорор дьон бары чуумпуран олорон, сэргээн истэллэрэ. Ардыгар мунньахтар кэннилэриттэн астаах остуолга олорон былдьаһа-былдьаһа тыл этиитэ бөҕө буолара. Биир оннук түгэҥҥэ Прокопий Степановичтыын кэккэлэһэ түбэстибит. Билсистибит, онтон кэлин ыкса табаарыстыы буоллубут.

Прокопий Степанович олоҕун тыа хаһаайыстыбатын салайыыга анаата. Ол курдук Күндэйэ, Кутана, Бордоҥ, Тойбохой, Сунтаар нэһилиэктэригэр араас орто салайар дуоһунастарга үлэлээбитэ. Кини үлэлээбит кэмнэрэ барыта дьон хараҕын ортотугар ааста.

1994 сылтан Элгээйигэ олохтоох сирин булан, дьиэ-уот туттан билигин үлэ үөһүгэр сылдьар. Билигин үлэлии, салайа олорор тэрилтэтэ ЭҮК быйыл тэриллибитэ 30 сылын туолла. Бэйэтэ салайар үлэҕэ кэлбитэ 45 сыл буолла. Бу эттэххэ эрэ дөбөҥ, үйэ аҥарыгар чугаһыыр бириэмэҕэ иннэ-кэннэ биллибэт тыа хаһаайыстыбатыгар дьону салайан, кинилэр санааларын табан үлэлэтии туһугар кырата суох өйтөн тахсар.

Улууска бөдөҥ Элгээйи нэһилиэгин олохтоохторо бу тэрилтэҕэ үүттэрин туттаран абыранан олороллор. Туттарыллыбыт үүттэн араас продукция оҥоһуллан улуус маҕаһыыннарыгар, Элгээйигэ бэйэтигэр атыыга түргэнник барар. Маны таһынан бурдук ас арааһа, эт оҥоһуктар тахсаллар.

Кини олохтоох промышленность туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Күүкэй, Элгээйи нэһилиэктэрин, Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо.

Прокопий Степанович үлэтин таһынан сынньанары эмиэ сатыыр уонна үчүгэйдик тэрийэр. Элгээйигэ түөрт сылтан ордук олорбут бириэмэбэр кинилиин өссө чугастык билсиһэн, кинини батыһан булка элбэхтик сылдьыһан турабын. Сааскы, күһүҥҥү куска сиргэ-хонууга хонон өлүүбүтүн ыла турар этибит. Кыһынын күөлгэ муус аннынан илимнээн тоҥуу-хатыы элбэҕэ. Сиргэ-уокка таҕыстаҕына кини кэпсээнэ, анекдота бүтэр уһуга суох буолааччы.

Бултуу таҕыстыҥ да мэлдьи бултаах кэлбэккин, ардыгар кураанах да төннүллээччи. Прокопий Степанович онтон санаатын түһэрээччитэ суох. Бүгүн суох, сарсын баар диэн санаабытын өрө көтөҕөөччү. Айылҕаҕа сылдьыы бэйэтэ туһунан сынньаныы. Истиҥ кэпсэтии онно тахсар, билбэккин онно билэҕин, истибэтэххин онно истэҕин.

Дьиэтигэр үгүс ыалдьыттаах буолар, тапталлаах кэргэнэ Надежда Егоровна киирбит киһини чэйдэппэккэ таһаарбат. Кини остуола мэлдьи толору астаах, итии чэйдээх буолааччы. Бэйэтэ учуутал идэлээх буолан ханнык баҕарар киһини кытта уопсай тылы булар. Сылаас дьиэ бастыҥ хаһаайката. Прокопий Степанович ыарахан үлэтигэр өйдөөх сүбэтинэн төһүү күүс буоларыгар саарбахтаабаппын. Эр киһи үлэтэ-хамнаһа, үлэҕэ ситиһиитэ дьиэ кэргэнин олоҕуттан улахан тутулуктаах.

Икки төрөппүт кыргыттара кыраларыттан үлэҕэ-хамнаска эриллэн мөлтөх уолга бэриллибэттэр. Ханнык баҕарар массыынаны иҥнибэккэ ыытар техниканы баһылаабыт кыргыттар. Улахан кыыһа Наташа аҕатын тэрилтэтигэр тутаах үлэһит, ааҕааһын-суоттааһын барыта кини үлэтэ. Кыра кыыс Надя Дьокуускай куоракка олорор, таһаҕас кэлиитин-барыытын барытын кини быһаарар, ону таһынан кондитерскай сыахтаахтар.

Акимовтар бары дьиэнэн туруу үлэһит дьон.  Кинилэр  (оҕолор)  суолларын барытын аҕалара Прокопий Степанович мындыр өйүнэн аһан биэрдэ. Бары дьиэнэн дьон туһугар, дьону аһынан хааччыйыыга үлэлии олороллор.

Саха мындыр өйдөөҕө, бастыҥ салайааччы, ыарахантан толлубат Сунтаар улууһун дьоһуннаах киһитэ Прокопий Степанович өссө да үлэлиэҕэ, дьон туһугар айыа-тутуо диэн эрэниллэр. Биир тэрилтэни 35 сыл кытаанах илиитигэр тутан олорор. Онно барытыгар олохсуйбут Элгээйитин дьоно күүс-көмө буолаллар. Киһиэхэ бастыҥ наҕараада дьиэ кэргэн сылаас тыына, үлэһит дьон таптала буолар.

Саха саарына Борокуоппай дьоллоох, доруобай буол. Дьон туһугар олор, үлэлээ. Хара күлүк суолгун бүөлүү түспэтин, эһиги дьиэ кэргэн үрдүнэн күн тыктын, барар суолгут күөх буоллун!

Захар БОСИКОВ,

тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, ветерана, агропромышленнай комплекс бочуоттаах үлэһитэ, Кириэстээх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

Дьокуускай.

*  *  *

 

ҮЛЭҺИТ УОННА ТОЛКУЙДААХ САЛАЙААЧЧЫ

Мин Прокопий Степановиһы кытта 1986 сыллаахха Красноярскай куоракка билсибитим. Ол кэмҥэ тыа хаһаайыстыбатын институтугар инженер-механик идэтигэр 4 курска үөрэнэ сылдьарым. Биһиги үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сылдьар саха уолаттарын кытта уопсайга миэстэ тиийбэтиттэн «Николаевка» диэн сиргэ дьиэ куортамнаан          олорбуппут. Мин Ленин орденнаах «Элгээйи» сопхуостан дуогабардаах үөрэнэрим, 46 солкуобай стипендиялаах этим.

Арай биирдэ, күһүөрү, дьиэбитигэр үрдүк уҥуохтаах билбэт уолум тиийэн кэллэ. «Элгээйи» сопхуоска зоотехниктыырын уонна Красноярскайга экономистка үрдэтинэ кэлбитин эттэ. Гостиница суох буолан миигин ыйдаран кэлбит эбит. Ас-таҥас кырыымчык да буоллар, студент аймах көрдөөх-нардаах, айдааннаах-куйдааннаах олохтоох дьон этибит. Оттон Прокопий аһара дьоһуннаах, дуоспуруннаах этэ, ол да саҕаттан. Нэдиэлэ курдук дуу, олорсон баран «Колос» гостиницаҕа көспүтэ.

Онтон 1987 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн кэлэн баран сопхуос директорыгар киирбиппэр дуогабардаах үлэбэр – мастарыскыай сэбиэдиссэйигэр анаабакка, Толоон отделениетыгар инженер-механигынан ыыппыттара. Биир ый иннинэ кэргэним үөрэҕи бүтэрэн кэлбитин Толооҥҥо ыытаннар миигин эмиэ онно үөрэ-көтө атаардахтара дии.

Ол иһин тыаҕа механиктыыр кэммэр Прокопий Степановичтыын аһара алтыспатахпыт. Кини эмиэ атын сиргэ үлэлиир быһыылааҕа. Онтон 1990 сыллаахха сопхуоска МЖФ инженеринэн ананан киирбитим. Онно киирэн араас мунньахтарга алтыһар буолбуппут. Ол мунньахтарга Прокопий Степано- вич, сопхуос главнай зоотехнига буолан, итэҕэһи-быһаҕаһы туруорсан куруук уоттаах-күөстээх тыл этэрэ, сүрдээх принципиальнай, үлэтигэр кыһаллыгас, билиилээх специалист этэ.

Сопхуоспут ыһыллыбытын кэннэ мин аҕам төрөөбүт сиригэр Толооҥҥо баһылыгынан тахсыбытым. Борокуоппай соторунан саҥа тэрилтэни, Элгээйитээҕи ЭҮК-тын тэриммитэ. Бу баччааҥҥа диэри өр сыллар усталара нэһилиэнньэ үүтүн переработкалаан, дьоҥҥо үтүөттэн атыны оҥорбот тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтин ыһыктыбакка салайа сылдьар.

2003 сыллаахха Элгээйигэ баһылыктыы киирэн баран нэһилиэнньэ кыһалҕатын быһаарар тэрилтэни өйүүр, базатын тупсарар сыалтан Ботуобуйа экспедицията тутан хаалларбыт таас баанньыгын дьиэтин биэрбитим. Бу дьиэни ЭҮК өрөмүөннээн, иккис этээс эбии тутан, оборудование туруоран дьон-сэргэ туһугар туһалаах пищекомплекска уларытан турар.

Прокопий Степанович киһи быһыытынан улахан кэпсээннээх, үлэһит уонна толкуйдаах салайааччы буолар. Саас, күһүн балыктыырын, кустуурун сөбүлүүр дьиҥ саха эр киһитэ. Пенсияҕа да таҕыстар бу 30 сыл устата тэрилтэтин тутан, билигин да сүрдээх сэниэлээхтик улахан кыыһа Наталияны кытта бары проблемалары быһаарса, туруорса сылдьарыттан астынабын.

Олег ПОПОВ,

Сунтаар улууһун уонна Толоон, Элгээйи нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай сулууспатын бэтэрээнэ, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына.

*  *  *

 

ҮЛЭТИН-ХАМНАҺЫН ТУҺАНЫА ЭТИЛЭР

Сунтаар улууһун «Элгээйи» ЭҮК тэриллибитэ 2024 сылга 30 сылын туолар. Бу тэрилтэни 45 сыл тыа хаһаайыстыбатыгар таһаарыылаахтык үлэлээбит,  республикаҕа киэҥник биллэр хаһаайыстыбанньык, Сунтаар улууһун, Элгээйи, Күүкэй нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын үтүɵлээх үлэһитэ, туйгуна, олохтоох оҥорон таһаарар промышленность туйгуна, Россия уонна Саха  Республикатын үлэтин бэтэрээнэ Прокопий Степанович Акимов тэрийбитэ.

Прокопий Степановичтыын Үөһээ Бүлүү тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын начальнигынан үлэлиир кэмнэрбиттэн ыла үчүгэйдик билсибитим. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин араас таһымнаах мунньахтарыгар бу салаа сайдыытыгар элбэх этиилэри киллэрэрин, туруорсуулары оҥорорун, онтун туруулаһарын сөбүлүү истэрим таһынан куруук ону өйөөччүбүн. Бэйэбит даҕаны туруору соҕус майгылаах-сигилилээх, хайҕал тылларын мээнэ туттубат, баары сирэйинэн этэр-тыынар буолан тапсар этибит.

«Элгээйи» ЭҮК элбэх сыллар усталарыгар тыа ынах сүөһүлээх ыалларын өйөөн, элбэх үүтү, эти тутан, бородууксуйа оҥорон, ону батаран, кэмигэр төлөһөн өрүү дьон-сэргэ махталын ылбыт тарбах иһигэр ааҕыллар тэрилтэ буолар. «Элгээйи» ЭҮК үүтү, эти нэһилиэнньэттэн тутар эрэ буолбатах, бэйэтин үбүнэн Элгээйигэ ууну ыраастаан 1,5 л. уонна 5 л. бытыылкаҕа кутар, халбаһыы, макарон, үүт астыыр сыахтардаах пищекомплекс туппута. Маны таһынан килиэби, бурдук аһы астыыр бэкээринэлэрдээх. Бу хайысхаларга туораттан көмөтө суох, бэйэтэ үлэлээн булбут үбүнэн-харчытынан сайдар тэрилтэ буоларын билэбит-истэбит.

Тыа хаһаайыстыбатыгар араас кэмнэр кэлэн аастылар, түһүү-тахсыы даҕаны бу кэмнэргэ суох буолбатах этэ. «Элгээйи» ЭҮК ол араас сылларга тулуһан, эриһэн, салгыы сайдан 30 сыл үлэлээн кэлбитигэр тэрилтэ салайааччыта Прокопий Степанович Акимов үгүс үтүөлээх. Тэрилтэни хас эмэ төгүл атаҕар туруоран, үлэ кэллэктиибин түмэн кэлбитигэр кылаата үгүс.

Прокопий Степанович курдук чиэһинэй, дьон-сэргэ туһугар кыһаллар тыа хаһаайыстыбатын салайааччытын мээнэ көрсүбэккин. Кини үлэтин хайысхата ааҕынан-суоттанан, ханнык даҕаны сыыһаны-халтыны, албыны-көлдьүнү таһаарбакка, чахчы тыа дьонун-сэргэтин туһугар үлэлээһинигэр көстөр диэтэхпитинэ сыыстарбаппыт буолуо.

Бу тэрилтэ биир сүрүн уратылаах. Уһун сыллар усталарыгар бааһынай, чааһынай хаһаайыстыбалартан, араас кэмнэри киллэрэн туран, 1 киилэ үүтү 4-7-10 солкуобайга тутан, бородууксуйа оҥорон батаран кэллэ. Ол суотугар үүт туппут дьонун кытта, нолуогун, атын даҕаны хаһаайыстыбаннай иэстэрин төлөһөн кэллэ. Арааһа республика даҕаны үрдүнэн соҕотох тэрилтэ буолуо, кини курдук үлэлээбит.

Тоҕо диэтэххэ, бары үүт тутар соҕотуопка тэрилтэлэрэ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин субсидиятыгар сигэнэн, туһанан үлэлээн кэлбиттэрэ мэлдьэх уонна сымыйа буолбатах. Үүтү эбэн сурунуу даҕаны суотугар былааннарын толорууларын эмиэ билэбит.

Сунтаар улууһун «Элгээйи» ЭҮК-та Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ биэрэр үүтүн субсидиятын бэйэтин счётугар хаһан даҕаны түһэттэрбэт. Эппитим курдук  соҕотуопка  тэрилтэтэ  билигин 1000 тахса тонна үүтү киилэтин 10 солкуобайга тутан, үлэтин-хамнаһын ыытар. Прокопий Степанович ону маннык быһаарар. Өскөтүн үүт субсидията «Элгээйи» ЭҮК счётугар түстэҕинэ дохуот курдук көстөр. Оччоҕо 1 мөлүйүөнтэн ордук нолуок төлөөммүт тэрилтэбит ночоокко эрэ барар диэн.

Маннык этиини арай  Бүлүү улууһун «Сыа Бүлүү» үүт соҕотуопкатын тэрилтэтин салайааччытын солбуйааччы Иван Николаевич Тарасовтан истэн турабын. Үөһээ Бүлүү улууһа 2012-2015 сылларга маннык мэхэниисими киллэрэ сылдьыбыта. Ол кэмнэргэ үлэлээбит «Чолбон» СПОК (салайааччы Н.И. Алексеев) счётугар үүт субсидиятын түһэрбэтэҕэ. Нэһилиэктэргэ өҥөнү оҥорор тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин тэрийбитэ. Тыа хаһаайыстыбатын управлениетыттан быһа үүт туттарбыт дьоҥҥо уонна бааһынай, тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар счёттарыгар быһа түһэрэ сылдьыбытын дьон-сэргэ сөбүлээбитэ. «Чолбон» СПОК салайааччы ити сылларга туппут үүтүттэн бородууксуйа оҥорон, үүт туттарбыт дьонун, бааһынай, тэрээһиннээх хаһаайыстыбалары кытта төлөһөн, тэрилтэтин туругун тутан, нолуогун төлөһөн үлэни-хамнаһы ыытан олорбута.

Мантан көстөрүнэн, Прокопий Степанович Акимов республика тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорор тэрилтэлэрин ааҕан-суоттаан үлэлиир салайааччыларыттан биир бастыҥнара, аҕалара даҕаны диэххэ сөп буолуо.

Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ Сунтаар улууһун «Элгээйи» ЭҮК салайааччы Прокопий Степанович Акимов үлэтин- хамнаһын, үлэлиир хайысхатын болҕомтоҕо ууран, үөрэтэн, үлэҕэ-хамнаска туһаныаҕа диэн эрэнэ саныыбын.

«Элгээйи» ЭҮК тэриллибитэ 30 сыллаах үбүлүөйүнэн Прокопий Степанович Акимовы, кининэн сирэйдээн тэрилтэ араас кэмнэргэ үлэлээбит, үлэлии сылдьар үлэһиттэрин эҕэрдэлиибин. Баҕарабын «Элгээйи» ЭҮК өссө даҕаны үлэтэ-хамнаһа сайда, кэҥии туруоҕар. Үлэ дьонугар бигэ туруктаах доруобуйаны, дьолу-соргуну, дьиэ кэргэттэргитигэр или-эйэни.

Степан ДМИТРИЕВ,

Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга, 1995-2011 сс. Үөһээ Бүлүү улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын начальнига, Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.

Үөһээ Бүлүү.

*  *  *

 

ҮС ОБЪЕГЫН БИҺИГИ ТУТАН БИЭРБИППИТ

Прокопий Степанович Сунтаар улууһун нэһилиэнньэтин тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатынан хааччыйыытын «Татыйыына» фирма иннинэ саҕалаабыта. Бородууксуйаны батарыыга элбэх точка наада буолбута. Онон аҥардас Сунтаарга биэс маҕаһыын, пекарня тутуллубута.

Онтон үс объегын мин биригээдэм туппута. Элгээйигэ пищекомплекс дьиэтин тас эпсиэйин эмиэ биһиги биригээдэбит, түргэн кэм иһинэн, үчүгэй хаачыстыбалаахтык оҥорон биэрбитэ. Биригээдэ састааба физкультура учууталларыттан уонна военруктартан турара. Ол да буоллар объектары этиллибит болдьохторугар туттарар этибит.

Прокопий Степанович дьон туһа диэн биир күн сынньаммакка, уоппускатын туһаммакка бу отучча сылы быһа үлэлээн кэллэ. Бу үлэтэ үрдүктүк сыаналаммыта. Киниэхэ Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ аат иҥэриллибитэ.

Афанасий ЖАРАЕВ,

Россия үөрэҕириитин туйгуна, Россия физкультуратын уонна спордун туйгуна, СӨ үтүөлээх тренерэ.

*  *  *

 

ХОЛОБУР БУОЛАР ҮЛЭ-ХАМНАС

Мин Прокопий Степановиһы аан бастаан 1982 сыллаахха «Тойбохой» сопхуос Арыылаахтааҕы отделениетыгар үлэлиир кэмигэр көрбүтүм. Кэргэнин Надежда Егоровнаны кытта Сунтаар 2 №-дээх оскуолатыгар бииргэ үлэлээбиппит. Мин физиканы үөрэппитим, кини начаалынай кылаастарга учууталлаабыта. Эдэр учууталлар бэйэбит икки ардыбытыгар аһара түмсүүлээхтик сылдьыбыппыт. Оҕону үөрэтии араас өрүттэригэр бэйэбит санааларбытын атастаһар этибит. Оччотооҕу оҕолор учууталы өрө тутар этилэр. Учуутал эппитэ сокуон буолара.

Уһун Күөлгэ дьонум сүөһүлээхтэрэ. Онон дойдубар үлэбиттэн быыс буоллум даҕаны тахса турар этим. Ол тахса сырыттахпына аҕам «манна үчүгэй уол кэлэн үлэлии сылдьар. Биир сиргэ батан олорбот, кэлбит-барбыт киһи» диирэ. «Бу уолу манна уһатан үлэлэппэттэрэ буолуо» диэн тойоннуура. «Үөс сиргэ ылыахтара» диирэ.

Кыргыттардаах буолан оҕонньор күтүөт гыныан аһара баҕарара. Ол саҕана Прокопий Степанович  холостуой уол ньургуна этэ. Бөһүөлэк элбэх кыргыттара таптыы көрбүт буолуохтаахтар. Кырдьаҕастары кытта аһара тапсан кэпсэтэрэ, онто инникитин тыа хаһаайыстыбатын улахан салайааччыта буоларыгар улахан тирэх буолбута саарбаҕа суох. Бөһүөлэк дьоно бары «үлэһит да оҕо, ким хайа иннинэ полевой суумкатын сүгэн хотоннорунан, сайылыктарынан баран хаалар» диэн кэпсэтэллэрин элбэхтик истибитим. Кэлин үөрэхпин   бүтэрэн Сунтаарга 1992 сылтан улуус нэһилиэнньэтин дьарыктаах буолууга Киинин директорынан анаммытым. Прокопий Степановичтыын араас мунньахтарга, бэйэм да үлэбинэн элбэхтик алтыспыппыт. Прокопий Степанович Кутанатааҕы үөрэтэр комбинат материальнай базатын бөҕөргөтүүгэ улаханнык үлэлэспитэ. Ол курдук 144 кв.м. иэннээх массыына киирэр гарааһын, уһанар дьиэлээх объегы сабыс-саҥа бурууһунан тутан, ититэр систематын монтажтаан кылгас кэмҥэ үлэҕэ киллэрбитигэр махталбыт муҥура суох. Маны таһынан үлэтэ суох дьоннорунан араас элбэх общественнай үлэлэри тэрийтэрбитэ. Ол дьон үлэтэ суох сырыттахтарына материальнай көмө буолбута саарбаҕа суох. Прокопий Степанович ити үлэлэргэ бэйэтин үбүттэн кырата суох сууманы уган дьон-сэргэ махталын ылара.

Табаарыһым Прокопий Степанович ханнык да үлэҕэ үрдүк эппиэтинэстээх, ирдэбиллээх сыһыанын төрөппүт аҕатыттан утумнаабыт дии саныыбын. Кини аҕатын туһунан кэпсииллэрин элбэхтик истибитим. Прокопий Степанович аҕатын курдук ханнык баҕарар үлэҕэ ылсыбытын ыһыктыбат, ытырбытын ыыппат дьирээ салайааччы. Ол курдук бэйэтин санаатын, туруорсуутун ханнык баҕарар салайааччы иннигэр баары баарынан, кырдьыктаахтык этэн төннөр салайааччы. Кырдьыгынан эттэххэ, Прокопий Степанович ол туһуттан ардыгар сүүйтэриилээх тахсара эмиэ баар буолааччы.

Түмүктээн эттэххэ, табаарыһым үлэтэ-хамнаһа билиҥҥи эдэр салайааччыларга холобур эрэ буолар кэриҥнээх.

Александр НИКОЛАЕВ,

Сунтаар улууһун нэһилиэнньэтин дьарыктаах буолууга киинин салайааччыта, Оройуон сэбиэтин II, III, IV, V ыҥырыылаах депутата, Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ нэһилиэнньэтин социальнай харалтаҕа үтүөлээх үлэһитэ, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына.

*  *  *

 

V түһүмэх

КӨРДӨӨҺҮН, ӨЙ-САНАА КҮҮРҮҮТЭ – ҮЛЭҺИТ КҮННЭЭҔИ СҮГЭҺЭРЭ

 

Күүкэй начальнай оскуолатыгар

Мин Күүкэй начальнай оскуолатыгар 1963 сыллаахха бастакы кылааска киирбитим. Ити сыл 8 оҕо буолан үөрэммиппит. Эргэ оскуолабыт билигин да баар. Мэлдьэкэттэн көһөрүллэн киирэн тутуллубута. Оһоҕунан оттуллар эрээри аһара сылаас буолара. Түөрт кылаастаах оскуола үрдүнэн 42 оҕо баара. Директорынан Александров Прокопий Филиппович, учууталларынан Фёдоров Михаил Александрович уонна Фёдорова Анна Николаевна үлэлииллэрэ. Оскуола уһатыллыбыт режиминэн үлэлиирэ. Сарсыарда 8 чаас 30 мүн. кэлэн баран, дьиэбитигэр 5-6 чааска киэһэ барарбыт. Дьиэбитигэр тиийэн өссө биир чаас дьиэтээҕи сорудаҕы толорорбут. Ону оскуола оҕолоруттан рейдэ тэрийэн, кыһыл повязка баанан кытаанахтык бэрэбиэркэлэнэрэ. Биир эмэ оҕо ити кэмҥэ атынынан дьарыктаммыт буоллаҕына кылааска кытаанах дьүүлгэ турара, истиэнэ хаһыатыгар тахсара.

Саас тэлгэһэҕэ араас спортивнай оонньуулар тэриллэллэрэ, холобур кырак- кыы, скакалка оонньуурбут.

Оскуола баай библиотекалаах этэ, онно дьарыктыыллара. Фёдорова А.Н. остуоруйа кэпсиирэ, ол остуоруйа хас да күн барара, саамай интэриэһинэйигэр тиийэн түмүктэнэн, сарсыҥҥы остуоруйа ааҕыллар күнүн кэтэһэрбит.

Фёдоров М.А. фокус көрдөрөрө, балалаайкаҕа оонньоон ырыа уруогун биэрэрэ уонна сарсыарда оскуолаҕа кэллэхпитинэ оскуола оҕотун барытын стройдатан баран зарядка оҥортороро. Александров П.Ф. уруога аһара ирдэбиллээхтик барара. Истиэнэ хаһыата сотору-сотору тахсара. Онно оскуола олоҕо киэҥник сырдатыллара, учууталбыт Фёдоров М.А. уруһуйдарынан киэргэтиллибит буолара. Чиэппэр бүттэҕинэ үчүгэйдик үөрэммит оҕолор хайҕал суругунан, почётна грамоталарынан чиэстэнэллэрэ. Оскуола оҕолоро бэрээдэги кэстэхтэринэ туспа педсовекка төрөппүттэрин ыҥыран дьүүллэнэллэрэ, онон бэрээдэк кэһиитэ суох буолара. Биирдэ биһиги түөрт буолан «сылгы сааҕынан тамнастыгыт» диэн дьүүллэнэн турабыт, ону билиҥҥэ диэри өйдүү сылдьабын.

Саас үөрэх бүттэҕинэ Бүөр Көлүйэҕэ тахсан «Костёр» буолара. Сулус курдук буор кырса ылыллан, мас чохчолонон уот оттуллара, улахан бырааһынньык тэриллэрэ, үчүгэй үөрэхтээх оҕолор чиэстэнэллэрэ. Күһүн оскуоланан тахсан итии аһылыкка анаан отоннуурбут, онтубутун барыанньалаан кыс устата аһаталлара. Күһүн-саас арыыга бандьыыттар сыппыт окуопаларын көрө диэн походтуурбут, онно учууталларбыт бөһүөлэк историятын киэҥник сырдаталлара. Онон историяны кырабытыттан билэ, интэриэһиргии үөрэммиппит.

Күүкэй начальнай оскуолатын талааннаах, түмсүүлээх учууталларыгар үөрэнэн саха норуотугар биллэр-көстөр дьон: СР вице-президенэ Акимов А.К., элбэх доктордар, профессордар, билигин да үлэлии сылдьар институт 4 директора үүнэн-сайдан тахсыбыттарыттан киэн туттабыт. Инникитин даҕаны оскуола учууталлара иитэн-үөрэтэн таһаарбыт оҕолоро норуокка ытыктанар-убаастанар дьон буолан, оскуолаларын аатырда туруохтара диэн эрэнэбин.

Прокопий Степанович АКИМОВ,

Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.

Күүкэй орто оскуолата – төлкөбүт түөрэҕэ. – Дьокуускай: Бичик, 2009. – С. 114–115.

*  *  *

 

СОВХОЗ ЗООТЕХНИЧЕСКАЙ СУЛУУСПАТА

Мин 1986 сыллаахха партия райкомун бюротун уурааҕынан, Сунтаар оройуонугар РАПО-га зоотехниктыы сылдьан, Ленин орденнаах «Элгээйи» совхозка ананан тахсан 1993 сылга диэри главнай зоотехнигынан үлэлээбитим.

Директорынан Петров Александр Иннокентьевич, партком секретарынан Фёдоров Пётр Яковлевич, главнай ветвраһынан Иванов Григорий Адамович, ол кэнниттэн Павлов Юрий Григорьевич, главнай агрономунан Прокопьев Иван Гаврилович, главнай инженеринэн Павлов Валерий Иванович, онтон Григорьев Ким Платонович, профком председателинэн Иванов Афанасий Гаврильевич, главнай экономиһынан Исаков Георгий Фёдорович, главнай бухгалтерынан Иванова Мария Павловна үлэлээбиттэрэ.

1985 сыл сүөһү кыстыгар кытаанах усулуобуйа үөскээн элбэх сүөһү, сылгы, төрүөх өлбүтэ. Биир ынахтан ити сыл 1470 кг үүт ыаммыта. Производственнай, финансовай турук таҥнары түһүүтэ совхозка улахан охсууламмыта. Ону туоратар туһугар совхоз салайар аппарата, үлэһиттэрэ күүрээннээх үлэҕэ туруммуттара, отделениеларынан элбэх субуотунньуктар тэриллибиттэрэ, үлэһиттэр олорор усулуобуйаларын тэрийэр сыалтан хас биирдии 2 тыһ. кг үүтү ыабыт дояркаларга 50 % льготалаах дьиэлэр тутуллубуттара. Совхоз 86 дояркатыттан 25 доярка фуражнай ынахтан 2000 кг тахса үүтү ыыры ситиспитэ. Ферманан «Мэҥэ» Күүкэй отделениета, «Дьуоҕалаах» Элгээйи отделениета племенной фермалар биир ынахтан 2000 кг үүтү ыан оройуоҥҥа инники кэккэҕэ сылдьыбыттара.

Сүөһүгэ аһылык базатын тупсарар сыалтан кормопроизводство сыаҕа тэриллибитэ, ону уруккута «Кириэстээх» совхоз бастакы директора, совхоз гл. враһынан үлэлээбит, салайар үлэҕэ улахан опыттаах Иванов Г.А. салайан улахан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Кыстыкка киирээһиҥҥэ сүөһүлэр толору ирдэнэр кормовой единицанан хааччыллар буолбуттара. Улахан болҕомто силоснай культураны ыһыыга, бааһыналар иэннэринэн кэҥэтиигэ ууруллубута, хас отделение аайы улахан силоснай траншеялар тутуллубуттара. Сүөһү кыстыкка сиилэһинэн толору хааччыллан үүт ыама үрдээбитэ.

Кыһын дулҕа кырбатыыта, сайынын хостооһуна, гидропоннай күөх үүнээйини үүннэрии тэрээһиннээхтик ыытыллара, оскуола оҕолорунан ньирэйдэргэ анаан уҥуох күлэ хомуллара. Хас отделение, ферма аайы саҥа кормоцехтар тутуллубуттара, онно дулҕаны, талах мээккэтин кырбатыы ыытыллара, эбии аһылыгы паарга үрдэрэн сүөһүгэ тиэрдиллэрэ.

Ити тэрээһин үлэлэр түмүктэринэн 1992 сыллаахха совхоз 1 фуражнай ынахтан 1870 кг үүтү ыан оройуоҥҥа, республикаҕа бастакылар кэккэлэригэр тахсыбыта, сыл аайы государствоҕа эти туттарыы былаана аһара толоруллара. Эккэ туттарыллар сүөһүлэр государствоҕа туттарыллыан иннигэр биир ый откормочнай площадкаларга уотуллан, орто ыйааһыннара 350 кг, 420 кг буолан үрдүк сыанаҕа надбавкалаан туттарыллара. Государствоҕа туттарыллар тыһаҕастар орто ыйааһыннара 350 кг тиийбитэ.

Совхозка племенной үлэ үрдүк таһымҥа ыытыллара, сүөһү бородууксуйата, племенной хаачыстыбата ый аайы учуоттанара, кытаанах хонтуруолга тутуллара. Племенной отделга өр сылларга Трифонова А.С., племзоотехник Захарова А.С., гинеколог-ветврач Акимов П.И., Александров П.П. искусственнай осеменение пуунун сэбиэдиссэйэ ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ.

Ынах племенной хаачыстыбатын үүтү ылыыны үрдэтэр сыалтан үүт боруода Айрширскай боруода ынахтарынан тупсарыы үлэтэ барбыта. Ынах 20 % «элита» кылаастаммыттара, рекордсмен ынахтар баар буолбуттара. Акимов П.И. ректальщик-ветврач миэхэ сыл устата ыйдарынан төһө ынах төрүүрүн графигынан оҥорон киллэрэрэ. Интэриэһиргээн ынах хаһыс чыыһылаҕа төрүүр диэбитин тэҥнээн көрдөххө ыйбыт күнүгэр төрүүллэрэ. Оннук идэтин баһылаабыта. Билигин дьахтар төрүүрүн даҕаны врачтар оннук чуолкайдык эппэттэр.

Сылгы зоотехническай сулууспатыгар үлэтигэр бэриниилээх, билиилээх, совхоз бастыҥ шофёра Игнатьев Николай Семёнович өр сылларга ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Сүөһү урут оҕус сиэмэтинэн буоһатыллар эбит буоллаҕына, тоҥ сиэмэни Дьокуускайтан аҕалан буоһатыыга кылгас кэмҥэ көспүтэ.

Үүт ыама ынах эрдэ төрөөһүнүттэн, буоһатыыттан улахан тутулуктаах этэ, ити хайысхаҕа техник-осеменатордар ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ. Үлэ кытаанах хонтуруолга тутуллара. Ынах ууланыыта 98 % тиийбитэ, ынахтар кыстык ыйдарыгар эрдэ бородууксуйа биэрэр буолан совхоз үүт ыамыгар, эти государствоҕа туттарыыга үрдүк ситиһиилэри ситиһэрэ.

Ити үлэлэргэ өр сылларга специалистар Акимов П.И. – гинеколог-ветврач, Александров П.П. – сиэмэ пуунун сэбиэдиссэйэ, шофёр Игнатьев Н.С. элбэх сыраларын биэрэн үлэлээбиттэрэ, быһаччы дьаһалларынан, кинилэр дьаныардаах үлэлэринэн ситиһиллибитэ. Кинилэр өр сылларга сүөһүнү буоһатыыга үлэлээбиттэрэ. Зоотехническай үлэ Акимов П.И. киллэрэр чахчыларыгар олоҕуран ыытыллара, ыйдарынан государствоҕа үүт, эт туттарыы графига, былаана оноһуллара. 1850 ынахха, 400 бургунаска ый аайы ректальнай чинчийиини ыытар Панфил Иннокентьевич ити эппиэттээх үлэни олус чуолкайдык үрдүк таһымҥа ыыппыта.

Совхоз сүөһүтэ 5 отделениеҕа, 20-чэ фермаларга туралларын ый аайы сатыы кэрийэн аҕыйах хонук иһигэр гинекологическай чинчийиини ыытара. Субай сүөһүлэр сайын 5 сиргэ ыраах учаастактарга тахсаллара. Сезоҥҥа иккитэ тканевай, сүөһүнү уотар уколлары биэрэллэрэ, бары ректальнай чинчийиини ааһара. Ону ситиһэр сыалтан утуйары, аһыыры умнан 30 км сири сатыы хаамарга тиийэрэ. Совхоз хонтуоратыгар аҕыйахта көстөн ааһара, сайылыктарга хоно сылдьан үлэлиирэ. Салалтаҕа, сүөһү үлэһиттэригэр улахан аптарытыатынан туһанара, онон ити үлэ мэлдьи кэмигэр бүтэн, оһон иһэрэ. Ынах кыһыннары сылы быһа тохтоло суох төрүүрэ ситиһиллибитэ, үүт кыһыҥҥы ыйдарга түспэтэ, бородууксуйа, үүт ыама сылларынан үрдүү турара.

10-ча техник-осеменатордар анал үөрэҕи бүтэрэн, уһуннук уопутуран, ситиһиилээхтик үлэлээн совхоз республикаҕа инники кэккэҕэ сылдьарыгар кылааттарын киллэрбиттэрэ. Ол курдук 1975-80 сс. Элгээйи отделениетын техник-осеменатора бургунастар группаларыгар ууланыыны ортотунан 99,1 % ситиһэн республикаҕа бастыҥ көрдөрүүлэммитэ.

Бастыҥнар ахсааннарыгар, республикаҕа инники кэккэҕэ сылдьыбыттара техник-осеменатордар: Ноговицына Н.А. (Элгээйи), Иванова Р.Н. (Кутана), Саввинова Р.Ф. (Элгээйи), Львова М.В. (Күүкэй), Егоров С.П. Ол курдук 1990 сыллаахха Егоров С.П. ууланыыны 97,5 %, Ноговицына Н.А. –  94,2 %, Иванова Р.Н. – 99,9 %, Саввинова Р.Ф. – 92,6 %, Львова М.В. – 95,7 % тиэрдэн республикаҕа бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьыбыттара.

Совхоз 1850 төбө ынах сүөһүлээҕэ, 2700 төбө сылгылааҕа. Хоро, Элгээйи, Толоон, Кутана, Күүкэй отделениеларыгар тарҕанан тураллара.

Сылгы иитиитин тупсарар сыалтан совхоз 5 сылгы базатын туппута.

1985 сылга кормопроизводство сыаҕын начаалынньыгынан улахан хаһаайыстыбаннай салайааччы, производственник, «Кириэстээх» совхоз бастакы директора, Сунтаардааҕы ветучасток начаалынньыгынан, оройуон тутуутун тэрилтэтин директорынан үлэлээбит Иванов Г.А. үлэлээбитэ. Ити сылларга элбэх от, сиилэс, эбии аһылык бэлэмнэнэн 1985 сыллааҕы кытаанах кыстык содула совхозка туоратыллыбыта.

Кормопроизводство начальнига Г.А. Иванов сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри мотоциклынан звенолары кэрийэ сылдьан сыал-сорук туруорара, үлэни тэрийэрэ, былаан туолааһынын ирдиирэ. Үлэҕэ ситиһиитинэн, дьулуурунан, үлэһитинэн совхоз специалистарыгар үтүө холобур буолара. Ити кэмҥэ кини киин уһаайба партийнай тэрилтэтин секретарын солбуйааччынан, совхоз директорын солбуйааччы быһыыытынан элбэх үлэни ыыппыта.

Кормопроизводство сыаҕын оннун булларбытын кэннэ, совхозка ветеринарнай сулууспа үлэтин өрө көтөҕөр сыалтан Григорий Адамовиһы главнай ветвраһынан анаабыттара. Сүөһү сыстыганнаах ыарыытын аҕыйатыыга, саҥа доруобай төрүөҕү ылыыга профилактика үлэтин ыытыыга ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Сайылыктарга ньирэй титииктэрин тутууга бэйэтэ бырайыак оҥорон, онтун бэйэтэ көҕүлээн совхоз специалистарын күүһүнэн, субуотунньуктарынан Толоон отделениетыгар Арыылаах атаҕа диэн сайылыкка ньирэй титиигэ туттарбыта.

Отделениеларга үлэлиир күүстээх билиилээх, опыттаах ветеринарнай врачтар үлэлээбиттэрэ. Элгээйи отделениетыгар өр сылларга ситиһиилээхтик Софронов В.Н. үлэлээбитэ. Василий Николаевич салайар талааннааҕа, бары дуоһунастарга барытыгар үлэлээбитэ. Ол курдук совхоз гл. ветвраһынан 1985 сылга, управляющайынан уо.д.а. салайар үлэлэргэ сылдьыбыта.

Элгээйи отделениетыгар өр сылларга ветеринарынан Иванов П.И. үлэлээбитэ. Потап Иннокентьевич үлэтигэр ситиһиилээхтик үлэлээбитэ, «Дьуоҕалаах» фермата республикаҕа бастыҥ үлэлээхтэр ахсааннарыгар киирэригэр кини кылаата улахан. Түүнү-күнүһү аахсыбакка сүөһү ыарыйдаҕына, төрүөх кэмигэр ферматтан тахсыбакка үлэлиирэ. Дьуоҕалаах ферматыгар анал хоско уһун кэмҥэ үлэтигэр көстүбүт сүөһү ханныттан булбут киһи төбөтүн саҕа таастарын мунньан музейга биэрбитэ.

Сорох сылларга саас уһаан кэлэрэ, сүөһү сайылыкка тахсыбытын кэннэ хаар түһэрэ. Оннук балаһыанньа биһиги үлэлиир кэммитигэр Кутана отделениетыгар Малдьаҕар диэн Ботомоойу үрэҕин баһыгар буолбута. Тыһыынчанан сүөһү аһылыга суох буолан, хаар түһэн маассабайдык өлөр куттала тахсан тирээн кэлбитэ. Партия райкомун бастакы секретара Попов А.А. быһаччы дьаһалынан, вертолёт сакаастаан Григорий Адамовиһы ити сиргэ дьаһал ыларыгар соруйан десант түһэрбиттэрэ.  Онно  кини  тахсарыгар «вертолёту толору сибиинньэ төбөтүттэн саҕалаан аһылык, таҥас тиэйэн тахсан абыраабыта» диэн ол кэмнээҕи сүөһү бостууктара махтанан, үлэҕэ дьоҕурун, тэрийэр талаанын, сэргэх сэһэнин-сэппэнин, хара үлэ диэн турбакка үлэлиирин киэн тутта кэпсииллэр.

Отделениелар управляющайдарынан Элгээйи отделениетыгар өр сылларга хаһаайыстыбаннай үлэҕэ үлэлээбит улахан салайааччылар үлэлээбиттэрэ. Элгээйи отделениетыгар Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера Иванов Егор Гаврильевич, Джуалов Иван Софронович, Хоро отделениетыгар Иванов Г.Е., Степанов М.М., Толоон отделениетыгар Сергеев С.В., Үлэҕэ Албан аат икки орден кавалера, Кутана отделениетыгар Васильев В.И., Күүкэй отделениетыгар Данилов Н.В. уо.д.а.

Отделение иһигэр управляющай оруола муҥутуур улахана: кадрдары аттаран туруорара, үлэни тэрийэрэ, тутуулары ыытара. Хас отделение аайы пилорама, тутуу биригээдэлэрэ баар буолан совхоз тутуута кинилэр күүстэринэн ыытыллара. Совхозка тутуу үлэтин сүрүннээччинэн, тэрийээччинэн старшай прорабынан Платонов Юрий Егорович, Решетников Василий Николаевич ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ. Столярнай оҥоһуктары совхоз столярнай сыаҕа оҥороро. Столярнай сыаҕы салайбыттара: Осипов Иван Николаевич, Миронов Александр Николаевич.

Совхозка партийнай үлэни партком, ити үлэҕэ 25 сыл стажтаах Фёдоров Пётр Яковлевич  ирдэбиллээхтик,  тэрээһиннээхтик ыытара. Ый аайы партком дирекция Советыгар араас боппуруоһу бэлэмнээн киллэрэрэ. Партком мунньаҕын улахан таһымҥа ирдэбиллээхтик ыытара. Үгүс салайааччыны ый аайы отчуоттатара, миэрэ ылара.

Профсоюз үлэтин Иванов Афанасий Гаврильевич 21 сыл устата иилээн-саҕалаан ыыппыта. Араас таһымнаах куоталаһыылар ый аайы түмүктэнэн, ситиһиилээх үлэһиттэр наҕараадаланаллара, бириэмийэлэнэллэрэ. Сыл саҕаланыытыгар коллективнай дуогабар коллективтарга киэҥник дьүүллэһиллэн ылыныллара. Дуогабар туолуутун профсоюзнай тэрилтэлэр миэстэтигэр ирдэһэллэрин ирдиирэ. Иванов А.Г. пенсияҕа тахсыбытын кэннэ Амбросьев Анатолий Алексеевич ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.

Ленин орденнаах «Элгээйи» совхоз үлэтин түмүктүөр диэри ситиһиилээхтик үлэлээбитэ, республика биир бастыҥ совхоһа этэ, куруук инники кэккэҕэ сылдьыбыта. Советскай Союз, компартия ыһыллан, баһылыыр-көһүлүүр оруолун сүтэрэн рыночнай экономикаҕа көһүү политиката үөһэттэн күүскэ соҥнонон совхоз ыһыллыбыта.

Акимов Прокопий Степанович, 1986-92 сс. совхоз главнай зоотехнига, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо.

2016 с. ыам ыйын 23 күнэ.

Ленин уордьаннаах «Элгээйи» сопхуоһа. – Дьокуускай, 2017. – С. 75.

*  *  *

ТАЛБЫТ ИДЭБИНЭН 40-ча СЫЛ ҮЛЭЛЭЭТИМ

Киһи олоҕор биирдэ талбыт суолунан,         идэтинэн     үлэлиирэ          олоххо улахан оруоллаах. Мин бэйэм олохпун тыа сиригэр, төрөөбүт дойдубар анаабыппыттан астынабын. Күн бүгүнүгэр диэри үлэлии-хамсыы сылдьабын. 1956 сыллаахха от ыйын 25 күнүгэр Сунтаар оройуонун Күүкэй нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Оскуоланы бүтэрэн баран Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын салайар кадрдары бэлэмниир техникумугар киирэн ситиһиилээхтик, кыһыл дипломунан бүтэрбитим, тэрийээччи зоотехник идэтин ылбытым. Манна 2 курска сылдьан СГУ тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар зооинженернай салаатыгар 1980 с. кэтэхтэн үөрэнэ киирбитим.

Үөрэммит, алтыспыт дьоммун күндүтүк саныыбын. Бары производствоҕа үлэлии сылдьар буолан үөрэхпит практическай өттүн билэрбит. Преподавателлэрбит көмөлөрүнэн научнай, теоретическай өттүн сыралаһан кыайарбыт. Үөрэхпитин семестр кэмигэр бары бииргэ бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэн үөрэтэрбит, зачёттары, экзаменнары туттарарбыт. Бастакы курска туттарсан баран матырыйаалларбын, сорудахтарбын ылбакка баран ыарырҕаппытым. Сүүрбэ хонук иһигэр зачёттарбын, экзаменнарбын бииргэ үөрэнэр доҕотторбор көмөлөһүннэрэн ортотук туттарбытым. Кэлэр курстарбын ситиһиилээхтик бүтэрбитим, үксүгэр 3 сыаната суох. Ордук оскуолаҕа үөрэппэтэх буолан омук тыла ыарахан этэ. Иванов Гаврил Николаевичка көмөлөһүннэрэрим. Иванов Г.Н., Артемьев Я.Н., Борисов Я.И., Куличкин Ф.И., Федотов Б.Д. үөрэхтэригэр ситиһиилээхтик үөрэммиттэрэ. Бары бииргэ олороллоро, уруоктарыгар, зачёттарыгар, экзаменнарыгар көмөлөөн бэлэмнэнэллэрэ. Киэһэ аайы кинилэргэ түмсэн уруок ааҕарбыт, уопут атастаһарбыт, дискуссия бөҕө буолара. Куораттан Обулахов В.Н., Тимофеев Н.П. диэн салайар талааннаах, тыллаах-өстөөх уолаттар бааллара. Кыргыттартан Скрябина А.П., Яндреева Т.И., Томская Д.В., Неустроева И.П., Макарова К.В., Павлова А.А. ситиһиилээхтик бүтэрбиттэрэ. Неустроева И.П. уонна Макарова К.В. группаны түмэргэ үлэлииллэрэ. Билигин бары специальностарынан үлэлии сылдьаллар. Телевидениеҕэ, бэчээккэ кинилэр ситиһиилэрин тустарынан биэриилэри истэн үөрэбит.

1988 сыллаахха Красноярскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун бүтэрэн экономист идэтин баһылаабытым. Үлэбин Ленин орденнаах «Элгээйи» сопхуос Кутана отделениетыгар оробуочайынан саҕалаабытым. Үөрэммит идэбинэн «Бордоҥ», «Тойбохой» сопхуостарга биригэдьииринэн, зоотехнигынан, главнай зоотехнигынан, Сунтаар оройуонун тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар, «Элгээйи» эт-үүт комбинатыгар, Сунтаардааҕы эт-үүт комбинатын директорын солбуйааччытынан 1992-94 сс. диэри үлэлээбитим. 1994 сылтан директорынан үлэлиибин. Аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир тэрилтэ 5 улахан объектаах: иһэр ууну, газированнай утаҕы ыраастаан кутар; эти-үүтү переработкалыыр, макароннай оҥоһуктары астыыр сыахтардаах, икки арыы собуоттаах. Ону таһынан аҕыс фирменнэй маҕаһыын, түөрт бэкээринэ, аптека, кондитерскай сыах уонна да атын производственнай объектарга сүүсчэкэ үлэһит баар.

Кэргэним Надежда Егоровна – учуутал. Кыргыттарбыт Наталья, Надежда экономическай институту бүтэрэн идэлэринэн үлэлииллэр. Сыралаах үлэм сыаналаммытыттан астынабын, үөрэбин. Ол курдук Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Саха Республикатын Президенин Махтал суруга, Российскай Федерация тыатын хаһаайыстыбатын министерствотын, Саха Республикатын Ил Түмэнин, тыатын хаһаайыстыбатын министерствотын Бочуотунай грамоталара, Махтал суруктара.

«Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 370 сыла», «Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 375 сыла» юбилейнай бэлиэлэрдээхпин.

Биһиги группа студеннара үөрэхпитин ситиһиилээхтик бүтэрэн тыа хаһаайыстыбатын араас салааларыгар үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьабыт, түмсүүлээхпит. СГУ зооинженернай салаатын бүтэрбиппит 30 сыла туоларынан, сыраларын, бириэмэлэрин биэрэн үөрэппит, биһиги специалист буоларбытыгар олук уурбут  бары  преподавателлэрбитигэр махталбын тириэрдэбин, бииргэ студеннаабыт табаарыстарбар ис сүрэхпиттэн олоххутугар дьолу-соргуну баҕарабын.

Акимов Прокопий Степанович,

Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо, үлэ ветерана, Элгээйитээҕи эт-үүт комбинатын директора.

2016 с. олунньу 17 күнэ.

Элгээйи.

Үлэҕэ, олоххо олук уурбут үөрэхпит. – Дьокуускай: Алаас, 2016. – С. 18-20.

*  *  *

 

ХААЧЫСТЫБАЛААХ, ЧИҤ БИЛИИ КЫҺАТА

Ленин уордьаннаах «Элгээйи» совхоз администрацията производствоҕа 3 сыл үлэлээбитим, Советскай армия кэккэтигэр сулууспалаабытым кэннэ 1978 сыллаахха Дьокуускайдааҕы колхуостар, сопхуостар салайар кадырдарын бэлэмниир тыа хаһаайыстыбатын техникумугар мэктиэлээн ыыппыттарыгар, экзамен туттаран зоотехник-организатор идэтигэр үөрэнэ киирбитим.

Үөрэххэ киирбит оҕолор бары производство үлэтигэр уоппуттаах, салайааччы буолар баҕалаах, сыаллаах буолан, сопхуостар ыыппыт дьонноро кэлэллэрэ. Преподавателлэринэн салайар үлэҕэ өр сылларга үлэлээбит, производствоны чопчу билэр, республикаҕа киэҥник биллэр, убаастанар педагогтар этилэр. Ол курдук, дириэктэринэн өр сылларга партия Мэҥэ Хаҥаластааҕы райкомун сэкирэтээринэн үлэлээбит Сивцев Н.А., завуһунан обком сэкирэтээрэ Борисов кэргэнэ Борисова М.Е. үлэлээбиттэрэ.

Биһиги 1-эй зоотехническай группабыт куратора республика бастакы Президенэ Николаев М.Е. кэргэнэ Николаева Д.Н. этэ.

«Ветеринария» предметин саҥа үөрэҕи бүтэрбит Попов В.Г. диэн эдэр киһи биэрэрэ. Миэхэ нойосуус үөрэппиккин диэн «4» сыананы биэрэ сатыырын табаарыстарым «ити бэйэтэ саҥарар быһыыта» диэн көмүскэһэллэрин өйдүүбүн.

«Молочное дело» уруогу – Бубенчикова В.В., научнай коммунизмы – Таюрская К.М., кытаанах ирдэбиллээх Макарова А.Г. биологияны биэрэллэрэ. Инженер идэтин үөрэтэр Фёдоров А.И. тас көрүҥүнэн олус ыраас, интеллигент киһи этэ. Николаев Д.Н. «животноводство» уруогун биэрэрин таһынан биһиги кураатарбыт. Онон кылаас чаастарын ыытарыгар араас тиэмэҕэ лекция ааҕан, тыаттан кэлбит студеннарга интэриэһи тардара, аһара сэргиирбит.

Бурцева Е.С. политэкономияны үөрэппитэ. Ол саҕана тестирование киэҥник туттуллара. Аппаракка боппуруостар таҕыстахтарына элбэх эппиэттэн сөптөөҕүн талан туруоран иһэҕин, бүтэһигэр бэйэтэ сыана туруорар.

Табаны иитиини Егоров А.А. өйдөнөр курдук быһааран үөрэтэрэ, «Бухгалтерский учёт» диэн предмеккэ Кириллин А.Г. сопхуостар сыллааҕы отчуоттарын аҕалан ырыттарара. Ол кэлин үлэбитигэр наһаа туһалаабыта.

Механизацияны үөрэтэр Никульшеев В.М. диэн бурят киһитинээн табаарыстаһарбыт. Сайсарыга биһиги уопсайбытыгар сотору-сотору кэлэн, саастаах студеннары кытта киэһэ хойукка диэри сэһэргэһэрин сөбүлүүрэ. Студеннара теоретическай уонна практическай дириҥ билиини ылалларыгар үгүс сыраларын, болҕомтолорун уураллара.

Субуота аайы араас үрдүк таһымнаах тэрээһиннэр, спортивнай күрэхтэһиилэр, уус-уран самодеятельность тиһигин быспакка бараллара.

Практикабытын Нөмүгү бөһүөлэгэр баар производственнай базаҕа ыйы быһа улахан уопсай дьиэҕэ олорон барарбыт. Зоотехниктар фермаҕа үлэлиирбит, сүүрүк аттары хаамтарарбыт, агрономнар ыһыыга кытталлара. Уһун кэмҥэ саһыллары көрөрбүт-истэрбит, тирии сүлэрбит, таҥастыырбыт.

Геологтар бөһүөлэктэригэр тракторы баһылыырга, механизацияҕа практическайдык үөрэтэр олус үчүгэй производственнай база баара. Онно икки преподаватель МТЗ, ДТ трактордары, ПАЗ автобуһу, УАЗ массыынаны өрөмүөннүүргэ, ыытарга үөрэтэллэрэ.

«Автодело» предметигэр икки сыл үөрэнэн 2-с кылаастаах тракторист-машинист идэтин, «В» категориялаах суоппар быраабын ылбытым. «Животноводство» предметигэр туйгуннук үөрэнэн «мастер-животновод» 1 класса буолан салалтаҕа үлэлиир кэммэр хамнаһым 10 % үрдээбитэ.

Группабытыгар республика араас оройуоннарыттан 23 этибит. Сарсыардаттан киэһэ 6 чааска диэри үөрэнэрбит. Икки сыл устата биир даҕаны бэрээдэги кэһии тахсыбатаҕа. Иллэҥ кэммитигэр бары спорт араас көрүҥүнэн дьарыгырарбыт, мин сүүрүүнэн.

Куоракка ыытыллар сүүрүү күрэхтэригэр техникум хамаандата куруук бириистээх миэстэҕэ тиксэрэ. 1980 с. «Урожай» общество хамаандатыгар киирэн Мэҥэҕэ республикатааҕы күрэхтэһиигэ кыттыыны ылбытым.

Техникум үөрэнэр корпустааҕа, икки этээстээх таас уопсайдааҕа, онно иккис куурустар олороллоро. Биһигини, бастакы куурустары, Сайсарыга Новокарьернай уулуссаҕа турар икки этээстээх мас уопсайга олохтообуттара. Хос аайы икки ярустаах тимир ороннор тураллара. Кыараҕас буолан баран аһара тапсан олорорбут.

Биһиги хоско Бүлүүттэн ыал киһи Иванов И.А., Кэбээйиттэн эмиэ ыал киһи Попов В.И., Бүлүүттэн Алексеев С.И., Ленскэйтэн Ярослав буолан олорбуппут. Уруокпутун бары көмөлөөн үөрэтэрбит.

Старостабыт Кривошапкина М.Д. этэ. Бары тутуһан сарсыарда аайы Сайсарыттан Орджоникидзе уулуссаҕа турар техникуммутугар барарбыт. Эбиэккэ буфеппытыгар обком остолобуойуттан аһылык аҕалаллара, ол иһигэр пивоны эмиэ. Ким даҕаны иһэрэ көстүбэт этэ. Пиво билигин эрэ арыгыга тэҥнэннэ.

Мин үрдүк стипендияны, 126 солк. ыларым. Ити харчыттан 15 солкуобайы хоспутугар 4 буолан аска кыттыһарбыт. Ордугар киинэҕэ, театрга сылдьарбыт, ательеҕа таҥас тиктэрэрбит.

Сунтаартан сылдьар Корнилов С.В. хоһугар мустан үөрэхпитигэр дьарыктанарбыт, бары бырааһынньыктары бииргэ бэлиэтиирбит. Кини үөрэнэ сылдьан Захарова Я.М. диэн кыыспытынаан ыал буолбуттара. Парткомунан, управляющайынан өр сылларга ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.

Билигин Ярослав диэн уолбут биэнсийэҕэ тахсан, Санкт-Петербурга оҕолоругар олорор. Попов П.И. – Кэбээйи улууһугар Тыайаҕа нэһилиэк баһылыга.

Мин Дьокуускайдааҕы салайар каадырдары бэлэмниир техникуму 1980 сыллаахха 63-с киһинэн кыһыл дипломнаах бүтэрэн, тыа хаһаайыстыбатын салайар үлэтигэр биригэдьииринэн, зоотехнигынан, сопхуос кылаабынай специалиһынан, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын зоотехнигынан, Ленин уордьаннаах «Элгээйи» сопхуос кылаабынай зоотехнигынан 6 сыл, оройуон «Мясокомбинатын» солбуйааччы дириэктэринэн 2 сыл ситиһиилээхтик үлэлээн баран, сопхуостар ыһыллыбыттарын кэннэ 1994 сыллаахха аһы оҥорон таһаарар тэрилтэни тэринэн дириэктэринэн үлэлиибин. Ону таһынан билиҥҥи кэм ирдэбилинэн эргиэҥҥэ ИП-ны арыйан үлэлэтэбин. Бу курдук салалтаҕа үлэлээбитим 38 сыл буолла.

2016 сыллаахха техникум үбүлүөйэ 200-кэ выпускник-салайааччылар кыттыылаах үрдүк таһымҥа ыытыллыбыта. Үөрэммит үөрэхпит кыһатыгар өйдөбүнньүк плитканы суруктаан-бичиктээн ыйаабыппыт. Выпускниктар билиҥҥэ диэри сибээспитин быспаппыт, көрсөн үөрэммит сылларбытын ахтан-санаан ааһабыт.

Мин элбэх үөрэҕи бүтэрдим гынан баран, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар ылбыт билиим саҕаны ылбатах курдукпун. Оннук хаачыстыбалаах билиини бу үөрэх кыһата, кини преподавателлэрэ иҥэрбиттэрэ. Бары идэни толору баһылаан үлэбитигэр чиҥ билиилээх специалистар буоламмыт, билиҥҥэ диэри араас салайар үлэҕэ ситиһиилээхтик үлэлии сылдьарбытынан киэн туттабыт.

Республика тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, тыа хаһаайыстыбатын уонна астааһын промышленноһын туйгуна, Сунтаар оройуонун бочуоттаах олохтооҕо уонна да атын наҕараадалардаахпын.

Акимов Прокопий Степанович.

Тыа сирин уйгутун салайсыбыт үөрэхпит: ахтыылар / Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбтатын орто сүһүөх салайар каадырдарын бэлэмниир техникум. – Дьокуускай, 2019. – С. 317.

*  *  *

 

VI түһүмэх

ХАҺЫАТ СЫТЫЫ ТЫЛА – ҮЛЭҔЭ-ХАМНАСКА КӨМӨ

 

Аныгы кэм салайааччыта – Прокопий Акимов

(Элгээйитээҕи эт-үүт комбинатын үлэтин-хамнаһын туһунан бэлиэтээһиннэр)

Тыа сиригэр аграрнай реформаны ыытыы диэн хайаан да коллективнай предприятиелары, агрофирмалары ыһыы, үрэйии, бас билии көрүҥнэрин уларытыы эрэ буолбатаҕын таба өйдүүрбүт наада. Кылаабынайа – рынок усулуобуйатыгар үлэлииргэ үөрэниэхтээхпит. Холобур, Сунтаар Кириэстээҕэр үүт бородууксуйатын переработкалааһыны дьоһуннаахтык быһаардылар. Манна билигин үүтү пакеттааһын тэрилиннэ. Оборудованиетын инньэ Швецияттан аҕалан туруордулар. «Кириэстээх» КП директора Горн Платонов, кылаабынай экономист Нестор Гуринов, үгүс специалистар бу дьыаланы олоххо киллэриигэ тиритэ-хорута үлэлээтилэр, этэргэ дылы субу кэмҥэ таах олорон биэрбэтилэр.

Аҕыйах сыллааҕыта аатырбыт-сураҕырбыт Ленин орденнаах «Элгээйи» совхозка бас билии көрүҥнэрэ уларыйан, совхоз суох буолла, аграрнай реформа хорсуннук саҕаламмытыгар бастаан утаа аҕыс айдаан буолбута, мөккүөр бөҕө күөрэйбитэ. Улуус уонна олохтоох дьаһалта салайааччыларын иннилэригэр бу республикаҕа киэҥник биллэр, сураҕырар Элгээйи нэһилиэгэр саҥа инфраструктураны тэрийии соруга турбута. Маныаха нэһилиэк дьаһалтата уонна тэрилтэлэр салайааччылара, урукку совхоз рабочайдара уонна специалистара саҥа усулуобуйаҕа саҥалыы үлэлииргэ тэтимнээхтик ылсыбыттара. Билигин Элгээйи нэһилиэгэр саҥа социальнай уонна производственнай инфраструктура үөскээтэ, дьон-сэргэ өйө-санаата тосту уларыйда, үгүстэр рынок сыһыаннаһыытын сүрүн ирдэбиллэрин сөпкө өйдүүр буоллулар.

Билигин Элгээйи нэһилиэгэр 21 фермерскэй хаһаайыстыбалар бааллар. Бу хаһаайыстыбаларга 153 киһи үлэлиир. Фермердэргэ 2186 гектар сир сыһыарыллыбыт. Кинилэр 600-чэ кэриҥэ ынах сүөһүлээхтэр, ол иһигэр ыанар ынаҕа 200- тэн тахса, 400-чэҕэ чугаһыыр сылгылаахтар. Техника эмиэ бэйэлэрин бас билиилэрэ. 22 араас мааркалаах трактор, 12 грузовой массыына сыа-сым курдук тутуллан бу техникалара көдьүүстээхтик туһаныллар. Ол холобурунан ааспыт сылга оттооһун буолар. Элгээйи фермердэрэ бу кыстыкка 10370 центнер оттоох этилэр. Ити 1995 сылы кытта тэҥнээтэххэ быдан элбэх. Мин бу күннэргэ Элгээйигэ 35 үлэһиттээх «Түбэ» бааһынай хаһаайыстыбатын салайааччытын, уруккута «Элгээйи» совхоз бастыҥ механизаторын Василий Михайлович Львовы көрүстүм.

–  Хайа, Вася оккут-маскыт хайдаҕый? Оккут тиийиэ дуо?

–  Тиийэр буоллаҕа дии, өссө атыылыа этибит. Күндээдэлэр көрдөспүттэрэ.

–  Василий Михайлович, эн Түбэ кырдьаҕастарын үксүлэрин бэйэҥ хаһаайыстыбаҕар илдьэ сылдьар үһүгүн. Пенсионердары эмиэ. Ол үлэҕэр-хамнаскар ночооттоох буолбатах дуо?

–  Бэйэм дойдум дьоно буоллахтара. Мин көрбөтөхпүнэ кинилэр отторун-мастарын ким көрөр-истэр, дьаһайар?

Дьэ ити курдук дьаһанан олороллор, Элгээйи фермердэрэ. Биллэн турар, барыта эриэ-дэхси буолбатаҕа чахчы. Техника сыаната олус ыараата, саппаас чаас суоҕун кэриэтэ. Ол үрдүнэн үлэҕэ сыһыан тосту уларыйда, дьон бэйэтин туһугар үлэлиир-хамсыыр буолла. Урукку «Элгээйи» совхоз сиригэр-уотугар, холобур Кутана, Хоро, Күүкэй, Толоон, Күндэйэ нэһилиэктэрин дьоно-сэргэтэ эмиэ биирдиилээн фермерскэй хаһаайыстыбанан олороллор. Оннук эбит буоллаҕына тыа сиригэр, чуолаан Элгээйи сэлиэнньэтигэр саҥа социальнай уонна экономическай инфраструктураны тэрийии соруга турбута. «Инфраструктура» диэн тугуй? Мин өйдүүрбүнэн саҥа социальнай инфраструктура – бу тыа сиригэр олорор нэһилиэнньэҕэ сөптөөх, көдьүүстээх уонна эргиччи табыгастаах үлэлиир, олорор усулуобуйаны тэрийии буолар. Оҕо тэрилтэлэрэ, оскуолалар, атыы-эргиэн, коммунальнай өҥөлөрү оҥоруу, техника өрөмүөнүн тэрийии, оҥоһуллар аһы-үөлү, эти-үүтү, сүөгэйи переработкалааһын, ону атыылааһын, нэһилиэнньэ араас араҥатыгар киэҥ өрүттээх өҥөлөрү утумнаахтык оҥоруу, биир тылынан тыа сирин дьоно миэстэтигэр сөптөөхтүк тэринэн-бэринэн олоруулара буолар. Маннык социальнай инфраструктура Сунтаар улууһун үгүс нэһилиэктэригэр оҥоһуллан эрэр диэххэ сөп. Кинилэртэн инники кэккэҕэ иһээччилэрэ Элгээйи нэһилиэгэ буоларын билигин үгүстэр билинэллэр (Дьаһалта баһылыга Александр Миронов).

…Биһиги кэпсиир киһибит Элгээйи нэһилиэгэр саҥа инфрастуктураны тэрийиигэ, экономическай реформаны ыытыыга биир тутаах салайааччынан буолар. Кини кимий?

25 буолан бииргэ түмсэн

Элгээйитээҕи эт-үүт комбината саҥалыы көрүҥүнэн, үөһэттэн тутулуга суох предприятие быһыытынан 1994 сыл муус устар 1 күнүгэр регистрацияламмыта. Ол аата предприятие үлэлээбитэ икки аҥаар сыл кэриҥэ буолла. Урукку совхозка бас билии көрүҥэ уларыйар кэмигэр Элгээйитээҕи эт-үүт комбинатын филиала сабыллан, материальнай базата, дьиэтэ-уота иччитэхсийэн турар кэмэ этэ. Онон үлэ-хамнас барыта саҥаттан тэриллибитэ. Аны ыаллыы нэһилиэктэргэ баар маслоцехтар эмиэ оннук туруктаахтара. Эгэ кэлэн үлэһиттэр, специалистар баар буолуохтара дуо?

Дьэ манна көстүбүтэ киэҥ билиилээх-көрүүлээх, үлэни, олоҕу билэр эдэр специалист, аныгы кэм салайааччыта Прокопий Степанович Акимов дьону түмэр уонна тэрийэр дьоҕура. Кини бэйэтин тула үксэ эдэр дьону, эдэр рабочайдары уонна специалистары түмэ тардыбыта. Ол түмүгэр билигин 25 үлэһиттээх Элгээйитээҕи эт-үүт комбинатын коллектива сүнньүнэн 40-тан аллараа уонна үксүлэрэ 30-тара буола илик эдэр ыччаттарынан сүүмэрдэнэн, биир түмсүүлээхтик үлэлии-хамсыы олороллор

Социальнай өттүнэн анализтаан көрдөххө, бу 25 үлэһиттэн 23 киһи ыал аҕалара уонна ийэлэрэ, бары дьиэлээх-уоттаах, сүөһүлээх-астаах, уруулаах-аймахтаах дьон. Коллектив үлэһиттэрин оҕолорун ахсаана – 67. Дьэ бу элбэх оҕо, баһаам иитимньи! Манна өссө бу 25 үлэһит ийэлэрин-аҕаларын, урууларын-аймахтарын эптэххэ, Элгээйитээҕи эт-үүт комбинатын социальнай эйгэтэ өссө кэҥиир. Тыа сирин усулуобуйатыгар, нэһилиэккэ бу улахан өйөбүл буолбат дуо?

Рынок, атыы-эргиэн, бородууксуйаны батарыы, эргиэни көдьүүстээхтик тэрийии усулуобуйатыгар билсэр-көрсөр, кэпсэтэр-ипсэтэр, сылбырҕатык кэлэр-барар үлэһит наада буолбутугар Прокопий Степанович Акимов бэйэтин солбуйааччытынан Савва Афанасьевич Саввиновы ыҥырбыта. Бу Сунтаар улууһугар киэҥник биллэр уонна дьоҕурдаах салайааччы. Кини уонунан сыллар усталарыгар Сунтаар улууһугар комсомол райкомун секретарынан, райсовет председателин солбуйааччынан, кэлин улуус дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччытынан лоп-бааччы үлэлээн баран, биир үтүө күн бэйэтин баҕатынан үрдүк дуоһунастан аккаастанан кэбиспитэ. Идэтинэн французскай тыл учуутала, дьоҕойон французтуу холкутук саҥарар уонна ыллыыр Сунтаар улууһун биир чаҕылхай уола Савва Саввинов уонунан сыллар усталарыгар Мирнэй улууһун, «Россия-Саха алмаастара» АК салайааччыларын, Мирнэйи, Удачнайы, Айхалы кытта бэрт чугастык алтыспыта, Дьокуускай да үгүс тэрилтэлэрин билэр. Онон кини билигин Элгээйитээҕи эт-үүт комбинатын директорын солбуйааччы быһыытынан бу предприятие географиятын лаппа кэҥэттэ, элбэх экономическай сибээстэри олохтоото.

Икки сыл иһигэр туох оҥоһулунна

Предприятие үлэтин баара-суоҕа сүүс тыһыынча солкуобайтан саҕалаабыта. Аан бастаан тохтоон, сабыллан турар урукку арыы заводун чөлүгэр түһэрбиттэрэ. Сунтаар улууһун дьаһалтата (баһылык А.Н. Петров), Элгээйи нэһилиэгин салалтата (А.Н. Миронов) Прокопий Акимов саҕалааһынын сорунуулаахтык өйөөбүттэрэ. Элгээйигэ биир сыл анараа өттүгэр халбаһыы оҥорор, сылгы этин ыһаарылыыр бастакы сыах үлэҕэ киирбитэ. Онтон эмиэ манна макарон оҥорон барбыттара. Нэһилиэнньэттэн, бааһынай хаһаайыстыбалартан эти-үүтү тутуу олохтоммута, арыыны оҥоруу утумнаахтык саҕаламмыта. Аны билигин Элгээйитээҕи эт-үүт комбината мини-бэкээринэни туруоран, килиэби оҥорон, нэһилиэнньэҕэ атыылыыр буолла. Халбаһыы, арыы, макарон, килиэп, оҥоһуллубут сылгы ойоҕоһо эт-үүт комбинатын Элгээйитээҕи уонна Сунтаардааҕы маҕаһыыннарыгар атыыланаллар. Итини таһынан предприятие Новосибирскайтан, Ленскэйтэн, Мирнэйтэн аҕалан аһы-үөлү дэлэччи атыылыыр. Биир тылынан эттэххэ барыта дьон туһугар, нэһилиэнньэ уонна нэһилиэк туһатыгар.

Ааспыт кэми ахтар буоллахха, барыта лимит, нуорма эрдэҕинэ яблоко, араас фрукта, халбаһыы, бэл кэнсиэрбэлэммит компоттар «дефицит» аатыран, тыа дьонугар туох да тиксибэт этэ. Билигин бу Элгээйигэ да, атын да нэһилиэктэргэ адьас атын хартыына. Мин көрдөхпүнэ, Элгээйигэ рынок усулуобуйатыгар конкуренция, эргиэҥҥэ илин-кэлин түсүһүү, көҕүтүһүү үөскээн, дьыл ханнык эрэ кэмнэригэр сыана араастаһыыта баар буолан эрэр. Ол түмүгэр сыана чэпчиир чинчитэ үөскээтэ. Холобур, Элгээйитээҕи эт-үүт комбинатын оҥорор килиэбэ, кондитерскай оҥоһуктара сельпо киэнинээҕэр чэпчэки буоллахтарына, мин онтон атыылаһар буоллаҕым дии. Тоҕо көрөн туран ночоотуруомуй?

Бу инники икки сылга Элгээйитээҕи эт-үүт комбинатын коллектива нэһилиэнньэттэн уонна атын да хаһаайыстыбалартан 59 тонна эти, 521 тонна арыыны, 5,4 тонна халбаһыыны уонна ыыһаммыт сылгы этин, хас да тонна макарону, 20 тонна килиэби оҥордо. Килиэби оҥорууга бу саҥардыы киирдилэр.

Эмиэ ити кэмҥэ (икки сылга) эти тутууга – 120, үүккэ – 143 дуогабар оҥоһулунна.

Коллектив икки сыл иһигэр онуоха-маныаха диэри сөп буолар техниканан хааччылынна. Материальнай базаны тэриниигэ элбэх үлэ ыытылынна. Ол курдук икки боксалаах гараж, хонтуора дьиэтэ, кондитерскай сыах тутулуннулар, арыы заводугар, гаражка ититэр система саҥалыы оҥоһулунна, сүөһү өлөрөр сир (бойня) көрүлүннэ-харайылынна, элбэх өрөмүөннүүр үлэ барда, саҥа оборудование туруорулунна. Предприятие бэйэтин суотугар барыта 2 миллиард кэриҥэ кээмэйдээх тутар-монтажтыыр үлэни ыытта эрээри, эрэннэриллибит өйөбүл күн бүгүнүгэр диэри оҥоһулла илик. Онон бу бородууксуйаны переработкалыыр, производствонан быһаччы дьарыктанар тыа сирин предприятиета салгыы сайдарыгар уонна дьону көҕүлүүрүгэр үп-харчы өттүнэн көмөҕө наадыйара оруннаах.

ВИЗИТНЭЙ  КАРТОЧКА.  Акимов Прокопий Степанович, 1956 с. от ыйын 24 к. Күүкэйгэ төрөөбүтэ. Орто оскуоланы 1973 с. Кутанаҕа бүтэрбитэ. Оскуола кэнниттэн Күүкэйгэ «Элгээйи» совхоз рабочайа. Советскай Армияҕа Приморьеҕа, Амурскай уобаласка танковай чааска сулууспалыыр, онтон эмиэ фермаҕа үлэлиир. Дьокуускайга тыа хаһаайыстыбатын салайар кадрдарын бэлэмниир техникуму «с отличием» – кыһыл дипломунан 1980 с. бүтэрбит. Саха государственнай университетын кэтэхтэн үөрэнэн 1986 с. бүтэрбитэ. Идэтинэн – зоотехник. Ити кэнниттэн Күндэйэҕэ биригэдьииринэн, «Бордоҥ» совхозка искусственнай сиэмэлээһин пуунун сэбиэдиссэйинэн, тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар племенной үлэҕэ сылгы зоотехнигынан, «Тойбохой» совхозка (Арыылаахха) эмиэ зоотехнигынан барыта алта сыл үлэлээбитэ.

Прокопий Акимов 1986-1992 сс. – «Элгээйи» совхоз кылаабынай зоотехнига, 1992-1994 сс. – Сунтаардааҕы эт-үүт комбинатын директорын солбуйааччы. Үлэлии-үлэлии кэтэхтэн үөрэнэн 1995 с. аны иккис үрдүк үөрэҕин – Красноярскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун экономическай факультетын бүтэрэн «экономист-тэрийээччи» идэтин ылбыта. Кэргэннээх, икки оҕолоох. Кэргэнэ Надежда Егоровна Акимова учууталынан үлэлиир.

Прокопий Акимов – үрдүк үөрэхтээх зооинженер уонна экономист, 40 сааһын саҥардыы туолбут киэҥ билиилээх специалист 1994 сыл муус устар ыйтан Элгээйитээҕи эт-үүт комбинатын директорынан үлэлиир.

Аныгы кэм салайааччыта – Прокопий Акимов

(Бүтүүтэ)

Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатыгар уонна аска-үөлгэ министерствота (министр И.С. Сивцев), Сунтаар улууһун Дьаһалтата (баһылык А.И. Петров) тастарыгар таһааран, Элгээйитээҕи эт-үүт комбинатын коллективын үлэтин хайгыыр сурахтара иһиллэр эрээри, күттүөннээх көмөнү оҥоро иликтэр. Бэрт элбэх эрэйинэн, сыраларын-сылбаларын биэрэн, үгүстүк кэлэн-баран, хамнастарын кыччатан, этэргэ дылы «курдарын ыга тардынан» бар дьон туһугар үлэлиир, улуус 5 нэһилиэгин хабар тыа сирин бу көдьүүстээх предприятиета, биһиги санаабытыгар, күүстээх өйөбүлү ылыах тустаах. Аһаҕастык этэр буоллахха, нэһилиэнньэттэн, фермердэртэн эти, үүтү тутан комбинат аҥардас ночооту эрэ сүгэр эбит.

Саха Республикатын Президенэ М.Е. Николаев тыа сирин проблематын хайдах эрэ атын, муударай хараҕынан көрөн эрэриттэн тыа дьоно үөрэллэр уонна Правительство, министерство өттүлэриттэн күүстээх өйөбүлү эрэнэ күүтэллэр. Тыа сирин үлэһиттэрин ити эрэллэрэ туолуох тустаах. Онуоха, бастатан туран, бородууксуйаны, эти, үүтү тутар, онон ас-үөл оҥорор (арыы, халбаһыы, макарон, бурдук ас да буоллун), нэһилиэнньэни үтүө өҥөнөн хааччыйар бу Элгээйитээҕи эт- үүт комбинатын курдук предприятиелар өйөбүлү ылыахтаахтар.

Манна таарыччы тыа сиригэр олорор, үлэлиир кадрдар тустарынан санаабын этиэхпин баҕарабын. Кистэл буолбатах, тыа улуустарыттан, үгүс нэһилиэктэртэн элбэх эдэр ыччат уонна саастарын үгэнигэр сылдьар араас идэлээх специалистар үксүлэрэ эргиэҥҥэ (предпринимательствоҕа диэххэ дуу) охтон, куоракка муһуннулар, Мирнэйгэ тардыстылар, өссө кыахтаах өттүлэрэ сири-сибиири бараатылар. Дьэ, оччоҕо тыа сиригэр баар 30-40 саастаах күүстээх кадрдарбытын, бу Прокопий Акимов курдук аныгылыы өйдөөх-санаалаах эдэр дьоммутун бар дьоммут туһугар үлэлэтэбит дуу, суох дуу? Киһи күүһэ-уоҕа, энергията, нервнэй да системата муҥура суох буолбатах быһыылаах.

– Бу туох ааттаах сору көрдөмүй? Айакка, сылайдым! Арааһа бэйэбин эрэ көрүннэхпинэ да сөп буолсу, – диэн баран ити ордон хаалбыт сыаналаах специалистарбыт бугуйан да кэбиһиэхтэрин сөп курдук балаһыанньа баар, өскө сөптөөх кэмигэр өйөөбөтөхпүтүнэ.

«Аграрнай реформа», «Чурапчылар холобурдара» дии-дии айдаан бөҕөнү түһэрэн баран, дьиҥ дьыалатыгар баар опыты үөрэтии, түмүү, итэҕэтиилээхтик пропагандалааһын адьас ситэтэ суох барар. Дьэ ол иһин, айаҕалыы сатаан, мин бу күннэргэ правительство биир тутаах чилиэнигэр сурук ыыттым. Ол суругум, төһө да чааһынай сурук курдук буоллар, тоҕо эрэ көдьүүстээх буоларыгар эрэнэ саныыбын.

Бу кэнники сылларга Сунтаар улууһугар Бүлүү Эбэ Хотун уҥа кытылыгар тайаан сытар Элгээйи, Күндэйэ, Хоро, Толоон, Кутана, Күүкэй нэһилиэктэрин социальнай-экономическай сайдыыларын, аграрнай реформаҕа ыытар үлэлэрин-хамнастарын ыраахтан да, чугастан да сылдьан балачча  сиһилии  билистим, үөрэттим да диэххэ сөп. Ол былаһын тухары биир да Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ Министерствотын эппиэттээх үлэһитин адьас көрсүбэтим. Министерство үлэһиттэрэ тыаҕа сылдьыбат буоллулар, бука бары сылаас хонтуораларыгар, офистарыгар хорҕойдулар. Ама үп-харчы суоҕун иһин, тыа хаһаайыстыбатын Министерствотын үлэһиттэрэ тыаҕа сылдьыбат буоллахтарына, бу  министерство  тоҕо «тыа» диэн самалык тыллааҕый? Мин итинник санааттан министр И.С. Сивцеви Сунтаар, Ньурба улуустарыгар өссө төгүл ис сүрэхпиттэн ыҥырдым.

Элгээйитээҕи эт-үүт комбинатын уонна кини директора Прокопий Акимов туһунан бэлиэтээһиннэрим итинниктэр. Туох да диэбит иһин, тыа сиригэр үлэлэригэр муҥутуур бэриниилээх, аныгылыы өйдөөх-санаалаах эдэр кадрдар өссө да бааллар. Кинилэри болҕомто киинигэр ылан, өйүөххэ-убуохха, үөрэтиэххэ, үүннэриэххэ уонна маннык дьоҥҥо тирэҕириэххэ наада. Тоҕо диэтэххэ кинилэр саҥа кэм үөскэппит дьоно, тыа сиригэр өссө да туруулаһан үлэлии сылдьар туруу кадрдарбытынан буолаллар.

Николай ЧУОР.

«Сунтаар сонуннара»,

1997 сыл тохсунньу 11-14 күннэрэ.

*  *  *

 

АҺЫ-ҮӨЛҮ АСТААҺЫҤҤА БАСТЫҤ САЛАЙААЧЧЫ

Президеммит Егор Борисов тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар уонна тыа сиригэр олорор саха дьарыктаах, дохуоттаах буоларыгар улахан болҕомтотун уурда, салалтаҕа уларытыылары таһаарда.

Билигин тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар үүт уонна эт бородууксуйаларыттан аныгы кэм ирдэбилигэр сөптөөх эгэлгэ араас аһылыктары астаан республиканы хааччыйыы, ону сэргэ Россия уонна аан дойду рыногар эргинии биһиэхэ бүгүн быһаарыллыахтаах сүрүн сорукпут буолар. Кистэл буолбатах, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйаларын астааһын республика бары улуустарыгар балай да ыараханнык олоххо киирэр. Бу бытаарыы министерство билиҥҥэ          диэри          саамай сөптөөх сайдыы ньымаларын улуустарга баар усулуобуйаларын учуоттаан, онно баар бастыҥ опыттары үөрэтэн чопчу быһаарбатаҕыттан тахсар дии саныыбын. Министерство отой атын айылҕалардаах уонна сирдээх-уоттаах улуустарга аҥардас биир холобуру соҥнуура сыыһатын олох дакаастаата. Аны астааһын нэһилиэктэринэн бытарыйыыта саҕаланна. Оттон нолуок эмискэ 14 %-тан 34 % диэри үрдээтэ. Маннык усулуобуйаҕа бэйэлэрин бородууксуйаларын астыырга уонна эргинэргэ саҥа көҥүл ылбыт нэһилиэктэр төһө өр бараллар? Онон бу уларытыылар хас биирдии улуустарга төһө сөптөөҕүн экономическай төрүттээх   анализтарга эрэ буолбакка, онно олохсуйбут дохуоттаах          уонна экономическай    туруктаах араас бас билиилэр опыттарын үөрэтэн, онтон сыымайдаан саамай олохтооҕун сайыннарар наада. Бу хайысхаҕа бастыҥ опыттары киэҥ эйгэҕэ таһааран сырдатыахха диибин. Ол иһин мин анаан-минээн үүт-эт бородууксуйаларын астааһыҥҥа бэйэтин кыаҕынан дьаныардаахтык үлэлэһэн, аныгы бириэмэ араас ыарахаттарын туораан, чааһынай ас-үөл комбинатын тэрийэн, Сунтаар дьонун сибиэһэй ас эгэлгэтинэн хааччыйар, дохуоттаахтык үлэлиир тэрилтэ салайааччыта Прокопий Акимов үлэтин бастыҥ опыт быһыытынан уонна билиҥҥи кэм бастыҥ салайааччыта буолуор диэри хайдах буһан-хатан ааспытын туһунан кэпсииргэ сананным.

Уон алта сыл анараа өттүгэр тыа хаһаайыстыбатын араас салааларыгар элбэхтик буспут-хаппыт, үлэ мындырдарын биригэдьииртэн кылаабынай зоотехникка тиийэ үлэлээн дириҥник баһылаабыт Прокопий Акимов 1994 сыллаахха, дойду ыһыллыытын бириэмэтигэр, Сунтаар оройуонун өрүс уҥуордааҕы нэһилиэктэртэн тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар араас бас билээччилэртэн үрүҥ ас уонна эт бородууксуйатын тутар уонна астыыр «Элгээйи» эт-үүт комбинатын тэрийбитэ. «Тэрийбитэ» диэн боростуойдук иһиллэр эрээри, оччотооҕуга уустугун ааһан улахан мөккүөрдээх, эмиэ да иһэ-таһа биллибэт кэрчик кэм саҕана, үп-харчы суох уонна ыһыллыы-сатарыйыы сатыылаан, дьон өйө-санаата тосту уларыйан турдаҕына, санаан да көрдөххө, мэнээк киһи кыайбат дьыалата этэ. Арай бэйэтин кыаҕар сүрдээхтик мас курдук эрэнэр уонна улахан тэрийэр дьоҕурун билинэр эрэ киһи ылсар дьыалата буоларын бу Прокопий Степанович тэрилтэтин хайдах тэрийбитин туһунан кэпсиирин истэ олороммун сүрдээҕин сөхтүм. Холобур, билигин кинини кытары кэпсэтиибэр судургутук тахсар эрээри, санаан да көрдөххө, саас атыыга барбакка хаалбыт 20  тонна  сылгы  этин,  киниэхэ  ирээт быһыытынан тиксибитин, ыраах сиртэн эт ыыһыыр тэрили аҕалан ыыһаан, элгээйилэр билиҥҥэ диэри кэпсээн гынар мааны астарыгар кубулутуу элбэх сатабылы, тэрээһини эрэйбитин таайыахха эрэ сөп. Онтон биир эрэ сыл иһигэр үрүҥ ас арааһын, эттэн халбаһы, сосиска уонна ыыһаммыт эт курдук араас ас көрүҥэр диэри астаан таһаарарга төһөлөөх утуйбатах күннэрин, элбэх сыратын ылбыта буолуой?!

Икки сыл иһигэр саҥа тэриллибит тэрилтэ номнуо чугастааҕы нэһилиэктэртэн 59 тн эти уонна 521 тн үүтү соҕотуопкалаабыта, 20 тн килиэп-буулка астары астаан тыа ыалын сибиэһэй аһылыгынан хааччыйар буолбута. Прокопий Степанович ас-үөл астыыр тэрилтэ аан бастаан бэйэтин сахатын дьонун сибиэһэй аһылыгынан хааччыйыахтаах, онтон ордубута атын ырыынакка атыыланыахтаах диэн хайысханы бигэтик тутуспута. Прокопий Степанович итинник ураты толкуйдарынан салайтаран, үлэтин ыытар тыа сирин биир хоһуун салайааччыта буолар. Кини сопхуостар ыһыллыыларын саҕана техниканы өрөмүөннүүр, тиэйэр-таһар, тутууну ыытар, ас-үөл астыыр, булт тэрилтэлэрин ыһары улаханнык утарсыбыт эдэр салайааччынан буолар. Кини ити тэрилтэлэри ыстахпытына тыа сирэ оҥорон таһаарар кыаҕа суох буолан, сайдыыбыт кэхтэр диэн этиитэ олохтооҕун билиҥҥи тыа сирин олоҕун мөкү хартыыната толору дакаастыыр. Ону утарааччылар Прокопий Степанович кынатын элбэхтик сарбыйа сатаабыттара даҕаны кыайбатахтара. Туруоруммут санаатын булгуруппат, киил мас курдук кытаанаҕын, быһаарыммыт дьыалатын ситиһэн тэйэр салайааччы буоларын сыл ахсын кини тэрилтэтэ сайдан, оҥорор бородууксуйата элбээн, араас астыыр аһын хаачыстыбата уонна көрүҥэ тупсан, хамаҕатык атыыга баран иһэрин бу сыыппаралар толору итэҕэтэллэр. Ол курдук, тэрилтэ бастакы сыл (1999 с.) 1 тн 800 кг эти тутар буоллаҕына, 2011 с. 4 тн; 266 тн үүтү буоллаҕына, 830 тн; урут хортуоппуйу олох да туппат буоллаҕына билигин 5 тн; мокуруон аһылыктар 2 тн 800 кг буоллаҕына билигин – 10 тн; кондитерскай аһылык 700 кг буоллаҕына – 20 тн; араас эт аһылыктар 800 кг буоллаҕына – 3 тн; үүт аһылык 500 кг буоллаҕына – 240 тн; сүөгэй оҥоһуллубат буоллаҕына билигин – 12 тн; арыы 13 тн буоллаҕына – 22 тн; бурдук аһылык 80 тн буоллаҕына – 160 тн.

Бастаан тэриллэригэр 17 үлэһиттээх буоллаҕына билигин 100 үлэһиттээх. 1999 сыллаахха табаарын эргиирэ 295 тыһ. солк. буоллаҕына билигин 21 мөл. солк., онтон бэйэтин оҥорон таһаарар бородууксуйата 8 мөл. солк. тиийэ улаатта. Быраҕыллыбыт биир этээстээх баанньыгы атыыласпытын дэлби тупсаран, уларытан 2-с этээһин тутан баран, онно биэс араас ас көрүҥүн аныгы ирдэбилинэн астыыр сыахтардаах, улахан ас тоҥорор хаамыралардаах, итии-тымныы уулаах, аныгы киһи үөрэ-көтө үлэлииригэр толору хааччыллыылаах ыраас, сырдык, сылаас, баараҕай ас-үөл астыыр пищекомплекска кубулуйбута ыраатта. Үлэһиттэрэ хамнастара оҥорон таһаарбыттарынан 10000-тан 15000 солк. диэри хамсыыр. Хас биирдии үлэһит толору социальнай хааччыллыылаах. Тэрилтэ 4 бэкээринэлээх, 1 кондитерскай сыахтаах. Онно араас бурдук астарын астыыллар. Кутанаҕа уонна Күүкэйгэ арыы собуоттаах. Онон тыа сиригэр араас ас көрүҥэ астанан, тыа дьонун сибиэһэй аһылыгынан хааччыйар. Билигин бу чааһынай фирма астаабыт аһылыга хаачыстыбалааҕынан Сунтаар сэлиэнньэтин олохтоохторун итэҕэлин ылла. Ол курдук, фирма хойуу сүөгэйэ сэппэрээтэртэн субу түспүт курдук сибиэһэй амтаннааҕынан, арыыта сибиэһэй сыттааҕынан уонна амтаннааҕынан, онтон арыы уутунан көөнньөрүллүбүт быырпаҕа уонна лэппиэскэтэ эбээлэрбит астаабыт кымыстарын уонна лэппиэскэлэрин курдук амтаннаахтарынан дьон кутун таттаҕа дии саныыбын.

Прокопий Акимов тэрилтэтигэр быйыл үрдүк үөрэхтээх эдэр технологтары ыҥырбыт. Кинилэр көмөлөрүнэн салайааччы ас астыыр саҥа технологиялары уонна астары кутар иһиттэри оҥорору баһылаан, астыыр аһын көрүҥүн тупсаран иһэр былааннаах. Эдэр специалистар үлэлииллэригэр толору усулуобуйалаах киин ас астыыр тэрилтэлээх уонна олороллоругар Элгээйигэ саҥа дьиэлээх, Сунтаарга дьиэ туттарар. Онон эдэр үлэһиттэргэ бары өттүнэн усулуобуйа тэриллэн, олохсуйалларыгар барыта баар.

«Баһаалыста, тыа сиригэр үлэлии кэл» диэбит курдук. Барытын эрдэттэн учуоттаан уонна суоттаан туох-ханнык уларыйыылар тахсыахтарын инниттэн өтө көрөр курдук.

Прокопий Степанович фирмата олох уларыйыыларыгар тэҥҥэ хардыылаһан иһэрэ – бу улахан опыттаах уонна талааннаах салайааччы буоларын туоһута. Кини тэрилтэтэ оҥорбут бородууксуйатын атыылыыр 8 маҕаһыыннаах уонна аптечнай киоскалаах буолан, атын араас ас бородууксуйаларынан эргинэрин суотугар, быйыл төһө да нолуок эмискэ 14 %-тан 34 % диэри үрдээбитин үрдүнэн, бэйэтэ астаабыт бородуукталарыгар атыыланар сыанатын улаатыннарбат. Нолуок үрдээн, дьоҕус уонна орто бизнес салаалара атыылыыр табаардарын уонна астарын сыаналарын улаатыннарарга күһэллэллэр. Ол түмүгэр табаар атыыта аҕыйыыр. Онтон сорох эстэр. Итинник балаһыанньаны туһанан Прокопий Степанович астаабыт аһылыгын сыанатын үрдэтэн атыылатыан да сөбө. Тыа ыалын үбэ-харчыта кэмнээх эбээт. Ордук сайын оҕолорбут үөрэххэ киирэллэригэр, сиэннэрбит куораттан кэллэхтэринэ араас кэлиигэ-барыыга да ороскуоттанан быста аҕыйыыр. Ону барытын дьоһуннаах салайааччы Прокопий Акимов учуоттаан, кини астыыр аһын сыанатын үрдэтэн дохуотун үрдэтэргэ үлүһүйбэт. Дьиҥинэн ыллахха, кини фирмата бу нолуоктар үрдүү, оттук сыаната уонна таһаҕаһы тиэйии тэҥэ араас тимир көлөлөр, сэптэр-сэбиргэллэр, саппаас чаастар сыаналара ыарыы турдахтарына наар ороскуоттан ороскуокка сылдьар буоллаҕа. Итини барытын, били этэргэ дылы, хаарты хараҕын курдук ааҕан-суоттаан, бириэмэтигэр ылсан-бэрсэн, илин-кэлин бырахсан иһии улахан муударай толкуйу тэҥэ улахан опыты эрэйэр. Ону салайар дьоҕурдаах эрэ салайааччы кыайа-хото быһаарар кыахтаах.

Аны кини биир дойдулаахтарын ыраастаммыт уунан хааччыйарга туруммута эмиэ кэрэхсэбиллээх. Уута мэнээх уу буолбатах. Кыһын муустан, сайын дьүүктэ уутуттан ыраастаммыт ууну оҥорон таһаарара биир дойдулаахтарын доруобуйатыгар кыһамньылаахтык сыһыаннаһара манна эмиэ көстөр. Маннык дьон тэрилтэни салайар холобурдара уонна үлэлэрин баай опыта республика улуустарыгар уонна Россияҕа бастыҥ холобур быһыытынан киэҥник сырдатыллыахтаах уонна дьоһуннаах үлэлэрэ Россия салалтатын сыанабылыгар тахсара наада диибин.

Борис ПОТАПОВ.

«Сунтаар сонуннара», 2011 сыл бэс ыйын 21 күнэ.

*  *  *

 

Тыа сирэ уонна рынок

БАР ДЬОНУГАР АБЫРАЛЛААХ КОМБИНАТ

Cахаҕа «Сүүһүн көлөһүнүн тобугар аҕаан, тобугун көлөһүнүн сүүһүгэр аҕаан үлэлиир туруу үлэһит киһи» диэн бэргэн     этии          баар.  Бу биллэн турар, бэртээхэй диэн үлэһит, сүрэхтээх, утуйар уутун умнан туран үлэлээн үрүлүйэр киһи туһунан этиллэр буоллаҕа.

Мин бүгүн кэпсиир киһим ити этиигэ лоп-бааччы сөп түбэһэр. Эһиги баҕар урут түһэн этиэххит: «Эмиэ ханнык эрэ коммерсаны, эргиэмсиги кэпсээри гынна» диэн. Суох, кини ити идэҕэ диэххэ дуу, сыһыана суох. Суруйуум геройун аата – Прокопий Степанович Акимов. Салайар тэрилтэтэ – Сунтаар улууһун Элгээйитээҕи эт-үүт комбината (ММК).

1994 с. Сунтаар оройуонун киин астыыр-үөллүүр комбината, үп-харчы өттүнэн кыпчыттарыыга ылларан, нэһилиэктэрдээҕи подразделениеларын араарарга күһэллибиттэрэ. Итини дойду бүттүүнэ ылларбыт 1998 сыллааҕы экономическай кризиһин бастакы салгына биллиитэ этэ диир билигин сөп буолуо. Дьэ, ыһыллыы буолбутугар Прокопий Степанович төрөөбүт-үөскээбит, биһигэ ыйаммыт, бастакы хардыыларын оҥорбут Элгээйитигэр тахсар. Бу тахсан үөһэ ахтыбыт эт-үүт комбинатын тэрийэр. Тэрилтэтин регистрациялатыаҕыттан биир тулхадыйбат усулуобуйаны тутуспута. Ол ардах кэнниттэн тэллэй өрө анньан үүнэринии, ыһар буор курдук элбээн эрэр араас табаары атын сиртэн тиэйэн аҕалан ыаратан атыылыыр биирдиилээн эргиэмсиктэр суолларын батыспакка, бэйэ олохтоох этин, үүтүн астаан нэһилиэнньэҕэ тиэрдэн туһаҕа таһаарыы диэн ис хоһоонноох усулуобуйа этэ.

Дьэ, итинник усулуобуйаны тумус туттан үлэлээн, кэлэн-баран бараллар. «Элгээйи» совхоз оннугар тэриллибит кооперативтан бэйэлэрин харчыларыгар хонтуора, оскуолаттан, сельпоттан эргэ дьиэлэри атыылаһаллар. Ыһыллыбыт Сунтаардааҕы киин астыыр-үөллүүр комбинат «Комбааҥҥа» иэһин суотугар кинилэргэ сылгы этин биэрбитин ылаллар. Уурар сир суоҕуттан Дьокуускайдааҕы РТП (оччолорго директорынан В.В. Омуков үлэлиирэ) бэйэ оҥоруута ыыһыыр (копчёнай) камера атыылаһан аҕалан таҥан туруораллар. Бастакы хардыылара итинник саҕаламмыта.

Билигин, 14 сыл ааспытын кэннэ, хайдахтарый? Маныаха эппиэти П.С. Акимов бэйэтин тылынан тиэрдиэҕиҥ.

– Сыл ахсын үстүү объегы тутан үлэҕэ киллэрэр этибит. 1995 сылтан эргиэн-баантан үстүү ыйга 28-тыы бырыһыаннаах кредит ылар буолбуппут. Билигин биир сыл болдьохтоон ылабыт. Арыый кэлин Сбербаантан 28 бырыһыаннаах кредит ылар буолбуппут. Кредиттэри булгуччу кэмигэр төлөөн иһэбит. Онон эрэлгэ киирэн «Алмазэргиэнбаан» кредитин бырыһыанын сбербаан курдук 28-тан 18-ка диэри түһэрдэ.

Тутуулары түмсэн, субуотунньук ньыматынан үлэлээн тутарбыт. Үп-харчы эрэ туһугар диэн буолбакка инникитин дьоммут-сэргэбит түптээх үлэлэнэллэрин туһугар диэн санааны тумулук туттар этибит. Күн бүгүн Элгээйигэ икки мэндиэмэннээх таас астыыр-үөллүүр комплекстаахпыт, киин хонтуорабыт аҥарыгар кондитерскай сыахтаахпыт. Дьэ, бу комплекска уонна сыахха оҥоһуллар йогурту, кефири, творогы, вермишели, кэтилиэти комбинат улуус киинигэр баар бэйэтин 4 – Кутана, Күүкэй, Кэмпэндээйи, Элгээйи биирдии фирменнэй маҕаһыыннарыгар атыыга таһаарабыт. Улуус киинигэр, Кэмпэндээйигэ, Кутанаҕа, Элгээйигэ килиэп астыыр бэкээринэлэрдээхпит. Онон производственнай объектар тутуллан бүттүлэр диэххэ наада.

Директор комбинатын бүгүҥҥү туругун туһунан итинник билиһиннэрэр. Ситэрэн кэпсээтэххэ, комбинат күн бүгүн 100 үлэһиттээх. Ыйга 350-400 тыһ. солк. хамнас быһыытынан үлэһиттэригэр төлүү олорор. Инньэ гынан ый ахсын бюджеккэ 60 тыһ. солк. нолуок быһыытынан киллэрэ турар. Элгээйигэ бэйэтигэр таас астыыр-үөллүүр комбинат, кондитерскай сыах итиэннэ улуус киинигэр уонна нэһилиэктэргэ үлэлиир 7 маҕаһыын, 4 бэкээринэ таһынан Күүкэйгэ, Кутанаҕа арыы заводтара бааллар.

Ити нэһилиэнньэ иитэр сүөһүтүттэн ылар бородууксуйатын миэстэтигэр туттаран эрэйэ суох үп киллэринэллэригэр табыгастаах усулуобуйанан буолар. Комбинат улуус киинигэр өссө аптека аһан үлэлэтэр.

«Элгээйи» совхоз ыһыллыбытын кэннэ, совхоз балансатыгар сылдьыбыт таас баанньык түннүгэ-үөлэһэ тононон, иһэ-таһа урусхалланан бэрт өргө диэри турбута. 2004 сыллаахха комбинат баанньыгы дьаһалтаттан сөбүгэр сыанаҕа атыылаһан ылбыта. Айгыраабыт объегы саҥаттан кэриэтэ астыыр-үөллүүр комплекска уларытан тутууну, өссө иккис мэндиэмэнниири республикатааҕы ТХМ иһинэн тутуу департамена бэйэм оҥоробун, тутабын дии сылдьыбыта. «Туймаада» ҮАПК кредит биэрэргэ сөбүлэспитэ. Итинтэн олуллан П.С. Акимов бэйэтинэн анаан Дьокуускайга баран биир ый үөрэнэн, Москваттан тутууну ыытарга лицензия ылары ситиспитэ.

Тутууну расценканан буолбакка хаһаайыстыбаннай ньыманан ыытарга быһаарбыттара. Бастаан олохтоох «Сэттэ» тутуу фирмата саҕалаабыта. Онтон Элгээйи оскуолатын үлэһиттэрэ үлэлээбиттэрэ. Комбинат бэйэтин үлэһиттэрэ түмүктүүр стадиятыгар ылсыбыттара. Тутуу 3 сыл барбыта, 2006 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. Билигин 2 мэндиэмэннээх таас астыыр-үөллүүр комплекс иһигэр итии, тымныы уулаах, туалеттаах, душтаах Сунтаар улууһугар соҕотох объект буолар. Ис монтаһын, итии, тымныы уутун ситимин Дьокуускайтан «Венс+» фирма (дир. В.В. Народов) тардан, оҥорон биэрбитэ. Уотун ситимин олохтоох маастар А.А. Секов тардыбыта. Комплекс бары хосторо омук кафелынан бүрүллүүлээхтэр. Маны Кутанаттан маастар Н. Давыдов биригээдэтэ дьарыктанан оҥорбута. Комбинаты газоконденсатынан үлэлиир автономнай котельнай сылааһынан хааччыйар. Комбинат тутуллуутун хара бастакыттан өйөөбүт, оччолорго тыа хаһаайыстыбатын министрэ А.И. Степановка ис сүрэҕиттэн махтанар.

Күн бүгүн комбинат 4 сыахтаах. Үүтү астыыр, макарон, кэтилиэт оҥорор сыахтар. Итиэннэ төрдүс сотору үлэлиэхтээх ууну ыраастыыр мини оборудование. Бу 4 сыахха барыта 37 омук оборудованиета таҥыллан үлэлиир. «Ыраас уу» Президентскэй программа чэрчитинэн үлэлиэхтээх сыах оборудованиетын 80 бырыһыана эмиэ аҕалыллыбыт.

Оборудование атыылаһыытыгар Прокопий Степанович «Туймаада» ҮАПК-тан 2 мөл. 900 тыһ. солк. кредити ылары ситиһэн, онон үктэллэнэн диэххэ сөп, комбинат итиччэ оборудованиенан хааччыллыбыт. Ол эрээри 14 сыл үлэлээбит историятыгар ити курдук барыта ситиһиилээх, үөрүүлээх-көтүүлээх буолбатах этэ. Алдьархай көһүппэтэх өттүлэриттэн ааҥныы сылдьыбыта. Уот ситимиттэн уот туран 2 мөл. солк. суумалаах 2 «Камаз» массыына, 1 мөл. солк. суумалаах табаар кытарарга былдьаммыта. Ити 1998 сыллаахха этэ.

Муҥ маһы кэрийбэт, киһини кэрийэр дииллэринии, аны Новосибирскайтан таһаҕас аҕалан испит массыыналарын аара ороспуойдар халаабыттара, киһи өлбүтэ. Тэрилтэ онон тобуктаабыт курдук буолбута. Киһи хомойоро баар, улуус өттүттэн күттүөннээх көмө оҥоһуллубатаҕа… Манна коллектив дьэ дьиҥ-чахчы тэрээһиннээҕин өссө төгүл көрдөрбүтэ, эмиэ субуотунньуктар, хардарыта көмөлөсүһүүлэр күөстүү оргуйбуттара. Ол сиэринэн сотору комбинат чөлүгэр түспүтэ.

2007 с. улуус киинигэр «Бойом» диэн астыыр-үөллүүр комбинат баар. Эмиэ хомойуох иһин диирбитигэр тиийэбит. П.С. Акимов бэрт кэскиллээхтик үлэлии олорор комбинатын «Бойомҥо» холбуу сатааһын политиката ыытыллыбыта. Биллэн турар, комбинат коллектива бу тэрээһини ылымматаҕа. Ол иһин, күһэйии бэрээдэгинэн, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын дьаһалынан, комбинат сылга 850 тонна үүтү туттарар былааннааҕыттан 140 тоннатын «Бойомҥо» ылан биэрбиттэрэ. Төрдүттэн сыыһа дьаһал хаһан  да  уһун  үйэтэ  суох  буолааччы.

«Бойом» ХЭО ГАЗ-66 массыынанан улуус киинигэр Күүкэйтэн, Кутанаттан Күндэйэҕэ үүтү таһа сатаан баран ороскуота бэрдиттэн олуллан от ыйыттан аккаастанарга тиийбиттэрэ. Онон комбинат эмиэ Күүкэйгэ, Кутанаҕа үлэ үөһүгэр түспүтэ.

Итинтэн сиэттэрэн астыыр-үөллүүр комбинат оҥорон таһаарар кыаҕа төһөнүй диэн ыйытык үөскүүрэ чахчы. Бу ыйытыкка директор П.С. Акимов маннык эппиэти биэрэр.

– Бастаан тэриллэрбит саҕана Элгээйи өттүнээҕи нэһилиэктэри барыларын хабан үүттэрин, эттэрин тутан астыыр былааннаах этибит. Тоҕо диэтэххэ, бары нэһилиэктэр кыһалҕаҕа ылларан олороллоро. Совхоз ыһыллан Сиэйэ арыытын сыаҕа үлэлээбэт буолбута. Ити 1995-96 сс. этэ. Биһиги тиийэн өрөмүөннээн, Түбэй арыытын сыаҕын монтажтаабыппыт. Дьэ, итинник үлэлээн истэхпитинэ переработка салаатын сельполарга биэрии муодата кэлбитэ. Онон Сиэйэ сыаҕа Элгээйи сельпотун балансатыгар киирбитэ. Түбэй «Бойомҥо» бэриллибитэ. Биһигини эмиэ «Бойомҥо» холбуу сатаабыттара. Онтон туох тахсыбыта ити үөһэ ахтылынна дии…

Ис дьиҥэр сылга 850 тонна үүтү тутар былаан биһиги астыыр-үөллүүр комбинаппыт холугар кыра. Комбинат 2007 сыллааҕы былаанын хайы-үйэ алтынньы ыйга толорбута. Онон хаалбыт икки ыйга кэлэр 2008 сыл былаанын суотугар үлэлииргэ күһэллибитэ. Инникитин квотабыт кээмэйин 950 тоннаҕа тиийэ үрдэтээри тыа хаһаайыстыбатын управлениетыттан туруорсабыт.

Кырдьык, комбинат бары көрдөрүүлэринэн дьиҥ баар кыаҕынан даҕаны толору кыаҕырбыта көстөр. Ол директор тылыттан толору биллэр. 2008 с. комбинат нэһилиэнньэттэн 850 тонна үүтү, 10 тонна эти, 5 тонна оҕуруот аһын тутан астыыр. 2007 с. 140 тонна килиэби оҥорбут буоллаҕына быйыл 200 тоннаҕа тиэрдэн атыылыыр соруктаах.

Быйыл улуус бюджетыттан тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар 8,5 мөл. солк. көрүллүбүт. Былырыын баара-суоҕа 2,5 мөл. солк. бэриллибит. Бу көстүү улуус дьаһалтата, чуолаан баһылык В.И. Тихонов тыа хаһаайыстыбатын салаатын тосту өрө көтөҕүү, үөһэ таһаарыы суолугар киллэрэргэ тулхадыйбат сорук туруоруммутун туоһута буолар. 100 үлэһиттээх, олохтоох бородууксуйаны киэҥ хоннохтоохтук оҥоро олорор сүүнэ комбинат директора улуус баһылыгар приёмҥа киирэн комбинат инники соруктарын, өссө туох саҥаны, сонуну киллэрэргэ инники былааннааҕын тоҕо-хоро кэпсээн хардары сэҥээриини ылбыта киниэхэ уонна салайар коллективыгар астыныыны, өрө көтөҕүллүүнү үөскэппитэ.

Ол курдук директор «Ыраас уу» диэн Президентскэй программаны олоххо киллэрэр сыалтан комбинат иһигэр 4-с сыах аһарга суоттанан оборудованиетын 80 бырыһыанын аҕалан турар диэн үөһэ этэн турабыт. Элгээйи уонна тула сытар нэһилиэктэри ыраастаммыт уунан толору хааччыйар сыалтан комбинат 4-с сыаҕын ситэриигэ улуус баһылыга В.И. Тихонов көмө быһыытынан 500 тыһ. солк. көрөрө, комбинаты кытта сөбүлэһии түһэрсибитэ – бу ырааҕы, кэскили көрүү диэн сыаналыыр сөп. Улуус баһылыга комбинат үлэтигэр-хамнаһыгар илиитин утары уунуута итинэн эрэ муҥурдаммат. Толоон нэһилиэгэр үүтү тутар пууҥҥа анаан 250 тыһ. солк. көрөргө комбинаты кытта сөбүлэһии оҥорбута эмиэ улахан өйөбүл. Күн бүгүн комбинат коллектива «Үтүө киһи биир тыллаах, үтүө ат биир кымньыылаах» диэн өйдөбүлүнэн салайтаран, улуус баһылыга эппит тылын толороругар бүк эрэнэн, ох курдук оҥостон, кустук курдук куоһанан сылдьар.

Республика үрдүнэн кооперациялааһыны тэнитии күүскэ ыытыллар. Ол сиэринэн П.С. Акимов комбинатын кооперативка уларытан тэрийэригэр этии, сүбэ тыа хаһаайыстыбатын управлениетын өттүттэн күнтэн күн күүһүрэр. Көстөрүн курдук комбинат атаҕар чиҥник турбут тэрилтэ буолар. 100 үлэһити үлэлээн, хамнастаан олорор, буолаары буолан олохтоох бородууксуйаны астаан-үөллээн батарар тэрилтэ улууска уонна суох диэххэ сөп. Прокопий Степанович бэйэтэ рабочайтан саҕалаан директорга тиийэ үүммүт, этэргэ дылы буут тууһу сиэбит үрдүк кылаастаах  специалист  буолар.  Онон  сэттэтэ кэмнээн, сүүстэ ааҕан-суоттаан, оломун үчүгэйдик булан баран биирдэ быһаарыы ылынар баҕалаах.

Тыа сирин үлэлээн иитиллээччитэ кэһэйбитэ үгүс. Араас программа ылылла-ылылла суол ортотуттан сүппүтэ, симэлийбитэ. Ханна баалларый билигин «Саха алаас», «Саха фермер», АССО программа? Тыа дьонугар биир боссуок көмөнү оҥорбокко уу буолан устубуттара, тыал буолан көппүттэрэ кимиэхэ да мэлдьэх буолбатах.

Ол сиэринэн комбинат директора П.С. Акимов кооперативка уларыйбакка эрэ кооперацияны сайыннарыы программа төһө кэскиллээхтик үлэлиирин кэтээн көрө түһэр санаалаах. Үгүс салайааччы кыайбатаҕын кыайбыт, үлэлээбэтэҕин үлэлээбит «тыа сирин профессора» бу быһаарыныыта саамай сөптөөх диэн бар дьоно сыаналыыр. Онтон кини салайар комбината күн ахсын үлэлээн үрүлүйэ, айа-тута олорор.

Дмитрий ФИЛИППОВ.

«Сэһэн тоҕой»,

2008 сыл муус устар 22 күнэ.

*  *  *

 

Тыа сирин дьоно, хайдах олороҕут?

БИҺИГИНИ ИТЭҔЭЙИЭХТЭРИН НААДА

Урукку дьыллар уорҕаларыгар да дииргэ кэмэ-кэрдиитэ кэлэн эрэр, улуустар кииннэригэр баар эт-үүт комбинаттара бар дьону аһатан-таҥыннаран олорбуттара. Ол да саҕана үчүгэй хаһаайын үлэлиир сиригэр үүттэн үрүҥ ас арааһын атыылыыллара: үүт, суорат, чохоон, иэдьэгэй, сыр, күөрчэх, чэ, биир тылынан саха саныырын барытын оҥороллоро. Оттон күһүн сүөһү өлөрүүтэ буоллаҕына уйгу быйаҥ биирдэ килэс гына түһэрэ. Хаан, сүөһү иһиттэн, быарыттан барыны бары бэлэмнииллэрэ, төбөттөн, туйахтан да ас бастыҥа оҥоһуллан былдьаһыкка сылдьара. Итинник тэринэргэ государство өттүттэн көбүччү соҕус өйөбүл оҥоһуллар буолан совхозтар, биирдиилээн да дьон бэйэлэрин бородууксуйаларын үрдүк сыанаҕа туттараллара, үбүн-харчытын утары аахсан иһэллэрэ. Ол суох буолаатын кытта эт-үүт комбинаттара эстэргэ барбыттара, нэһилиэнньэ, ордук улуустар кииннэригэр үүт, сүөгэй өҥүн да көрбөт буолбуттара.

Ити бириэмэҕэ ону-маны эргитэн өйдүүр өттө хайдах гынан эстибэт, ыһыллыбат туһунан толкуйдаабыттара. Ол курдук Сунтаар улууһугар ыһыллыы үгэннээн бара турдаҕына 4-5 сыллааҕыта Элгээйигэ кииннээн биэс нэһилиэги хабар эт-үүт комбинатын Прокопий Степанович Акимов, эрчимнээх, саҥаны тэрийэргэ дьоҕурдаах, туруоруммут сыалын ситиһэргэ дьулуурдаах эдэр киһи ылсан үлэни тэрийбитинэн барбыта. Бастаан утаа туох да базата суох сиргэ тэрээһин үгүс өрүттээх үлэтин ыытыыга биир санаалаахтарын кытта сыраларын уурбуттара.

Кини тыа сиригэр оҥоһуллар бородууксуйаны переработкалаатахха эрэ туһаҕа таһаарыахха сөбүн чуолкайдык билэр буолан, бастатан туран, эргэ хонтуора дьиэтин өрөмүөннээн, оҥостон, аччыгый оборудованиелары туруоран үүт аһы астаан сүөгэй, арыы, кымыс бэлэмниир кыахтаммыттара. Халбаһы оҥорор сыаҕы таҥан ыыһаммыт халбаһыны, убаһа этин нэһилиэнньэҕэ атыылыыллар. Вермишель оҥорон таһаарар тэрили туруоран билигин атын сиртэн тиэйэр наадата суох буолла.

Итини сэргэ Элгээйигэ бэкээринэ, хонтуора, Сунтаарга фирменнэй маҕаһыын уонна бэкээринэ тутулунна. Тиэйэр-таһар үлэҕэ бэйэлэрэ массыыналаахтар, олорго аналлаах гаражтар тутулуннулар. Ити барыта туораттан үбү-харчыны тардыыта суох бэйэлэрин кыахтарынан, күүстэринэн оҥоһулунна.

Тэрилтэ 25 үлэһиттээх, биир киһи хастыы да үлэни толорор буолан кыайыылаах-хотуулаах, тэрээһиннээх эбиттэр. Итинник түмүктээх үлэ дьон түмсүүлээҕиттэн уонна бэриниилээҕиттэн ситиһиллэр.

– Министерство былааныгар киллэриллэн Кутанаҕа арыы собуота тутуллуохтаах этэ. Тутууга уруккунан 4 млрд. солк. үлэни бэйэбит күүспүтүнэн ыыттыбыт. Ол эрээри ким даҕаны үбүлээбэт. Дьиҥинэн, биһиги курдук үлэтинэн оҥорон таһаарааччылары, тугу оҥорбута-туппута көстөр коллективтары, өйүөххэ баар этэ, – диэн Прокопий Степанович сөпкө этэр.

Кини тэрилтэтэ биирдиилээн дьону, фермерскэй хаһаайыстыбалары кытта дуогабардаһан атыыны-эргиэни тэрийэр. Переработкаҕа кимиэхэ даҕаны өйөбүл, дотация суох буолан утары уу харчынан аахсарга ыарахан, ол эрээри үүтү, эти биэрбит үлэһит дьон харчытын утары ылан иһиэхтэрин баҕараллар. Ону өйдүөххэ сөп, ким баҕарар үпкэ-харчыга наадыйыыта биир буоллаҕа.

Хата ону үчүгэйдик хаһаайыннааһын суотугар хос үлэлэртэн киирэр үптэн аахсар кыахтаннылар. Новосибирскайтан, быһаччы оҥорон таһаарааччылартан, дьон-сэргэ наадыйар аһын-таҥаһын аҕалан, 3-4 тиийэ маҕаһыыннарга атыылаан, үбү-харчыны оҥорор буолан ылсар-бэрсэр кыахтаахтар. Республика таһымнаах мунньахтарга, көрсүһүүлэргэ трибунаҕа туран тоҕо эргиммэккит, эккитин, арыыгытын Миирнэйгэ атыылаабаккыт дииллэр.

П.С. Акимов тэрилтэтэ нэһилиэнньэттэн 4 тонна эти хомуйан Светлэйгэ, Бүлүүтээҕи ГЭС-3 илдьэн туттарбыттара. Хардарыта ахсаан бэрээдэгинэн Үп министерствота харчыны улууска үп салаатыгар аһарыахтаах этэ, ону харчы суох диэн аһарбат. Ол суотугар эттэрин биэрбит ыаллары кытта аахсар кыахтара суох, буруйдаахтар бүтэһигэр кинилэр буоллулар. Итинник буоллаҕына эрэллэриттэн да тахсыахтарын сөп буоллаҕа.

Чааһынай биирдиилээн дьон ырааҕынан-чугаһынан сылдьан бэйэтэ эргинэр кыаҕа суох. Оннук сылдьарыгар массыынатыгар лицензиялаах, эргитэр сертификаттаах буолуохтаах, ону Дьокуускайтан эрэ ылар кыахтаах, итиннэ барытыгар мөлүйүөнүнэн харчы барар.

Дьэ ол иһин миэстэтигэр эт-үүт комбината баара абыралтан атыны аҕалбат. Кинилэр даҕаны дьон-сэргэ аһын-үөлүн атыыга таһаарар туһугар элбэх ороскуоту көрсөллөр. Холобура ааспыт сылтан соҕотох санэпидстанцияҕа аналиһы ылыы иһин 25 мөл. солк. төлүөхтээхтэр, итинтэн да атын араас ороскуоттар кэмэ суох үгүстэр.

Ону ол диэбэккэ тэрилтэ сүһүөҕэр туран тыа дьонугар көмөлөөх буолар иһин кыһаллаллар. Быстах кыһалҕалаах киһи үпкэ-харчыга наадыйдаҕына көрөр эрэ тэрилтэлэрэ кинилэр буолаллар. Кэлэр өттүгэр бастайааннай бородууксуйа биэрэр дуогабардаах дьоҥҥо туттарар бородууксуйаларыгар сыананы үрдэтэн, бензин, солярка булан биэрэн, ардыгар соһуччу көмөҕө наадыйдахтарына харчы уларсан интэриэстииргэ былаанныыллар.

– Тыа сиригэр биһиги курдук тэрилтэ баар буолуута тыын суолталаах. Дьэ ол иһин государство биһигини өйүөхтээх, аччыгый технологияны киэҥник киллэрэргэ кыах биэриэхтээх. Тутууга, арыыга дотацияны биэриэхтээхтэр. Биһиги оҥорор арыыбыт 52 солк. тиийэр, оттон тиэйэн аҕалааччылар чэпчэкитик биэрэллэр. Дьиҥинэн биһиги оҥорор бородууксуйабыт чэпчэки сыаналаах атыыланар буолуутугар республика интэриэстээх буолуохтаах.

Оттон биһиэхэ чэпчэтиилээх кредит, көмө бэриллэрэ буоллар саҥаттан саҥа линиялары арыйан нэһилиэнньэни хааччыйыыбыт таһыма үрдээн иһиэхтээх этэ. Тыа сиригэр хомуллар сир аһыттан «Роса» оҥорорбут буоллар дэлэ бэрт буолуо этэ дуо?

Лизинг үбүттэн биһиэхэ эмиэ тиксиэҕин наада, ким туох техникаҕа наадыйарын көрө сылдьан биһиги даҕаны аҕалан биэриэ этибит. Уматыкка кредит биэрэллэрэ буоллар арыый да чэпчэки сыанаҕа биэриэххэ сөп этэ. Оччоҕо фермердэри кытта бииргэ үлэлиэ этибит. Киһи кыһыйыах, производственнай тэрилтэ буолла да бааннар итэҕэйбэттэр. Кинилэр эргиэмсиктэри эрэ хааччыйбакка, дьиҥинэн биһиги курдук оҥорон таһаарааччылары кытта үлэлээн кинилэри үбүлүөхтээх этилэр. Биһиги курдук үлэлиир, үлэни тэрийэр дьоҥҥо, кини үлэтин хайысхатыгар, кыаҕар эрэл баар буолуохтаах. Бааннар тоҕо эстэллэрий, алыптаах тыллаахтары итэҕэйэннэр онно усталлар, онон үбү-харчыны кумахха куппукка тэҥнээх. Оттон биһиэнэ араас тутуу, ас-таҥас буолан дьон-сэргэ олоҕун оҥорсорго эрэ аналлаах. Ону ситэ өйдөөбөттөр, өйдүү да сатаабаттар.

Биэрээри гыннахтарына биһиги туспутугар барыта ыарахан. Оннооҕор от ыйыгар быһаарыллыбыт 250 мөл. солк. Правительство чэпчэтиилээх кредитэ быһаарыллан баран харчы суох диэн биэрбэттэр. Итинник, бириэмэтигэр быһаарыллыбакка хойутаан истэҕинэ үлэ тэрээһинэ атахтанар, – диэн П.С. Акимов үлэ-хамнас тэрээһинин билэр, кыһалла-мүһэллэ сылдьар киһи быһыытынан кэпсээтэ.

Ити Прокопий Степанович курдук тус бэйэлэрин туһугар үлэлиир курдук тыа дьонун-сэргэтин  туһатыгар  тугу  эмэ оҥордорбун диэн туруулаһан туран үлэни ыытааччылар тыа сиригэр үгүстэр. Ол эрээри санаа хоту барыта олоххо киирэн испэтиттэн уурастаабыттар да элбэхтэр. Ити кини курдук хас күн ахсын бэйэтин бииргэ үлэлиир дьонун кыаҕар эрэнэн, итэҕэйэн өссө тугу эмэ оҥордорбун-ситистэрбин диир эдэр дьон дьулуурдарыгар эрэнэбин. Кинилэр үксээн истэхтэринэ тыа сирин дьонун олоҕор-дьаһаҕар хамсааһыннар киириэхтэрэ.

Александр АРХИПОВ.

«Саха сирэ»,

1998 сыл олунньу 25 күнэ.

*  *  *

 

ДЬОНУН-СЭРГЭТИН АҺЫНАН ХААЧЧЫЙААРЫ

(Суруналыыс бэлиэтээһиннэрэ)

1. Бастакы ыарахаттар

Аҕыйах хонуктааҕыта күһүҥҥү сонуну истээри Элгээйитээҕи эт-үүт комбинатыгар эрийбитим. Директор П.С. Акимов: «Телефонунан ыйыталаспакка, миэстэтигэр тахсан көрөн-истэн суруйарыҥ буоллар», – диэбитэ. Онон «бэйэм киирэн биэрэн» бу бүгүн Элгээйигэ үлэлиир хонтуоратыгар кэлэн олоробун. Салайааччы быһыытынан үүммүт саҥа күҥҥэ үлэһиттэрин дьаһайа, ханнык эрэ маҕаһыыҥҥа дуу, арыы сыаҕар дуу оттук чоҕо тиэллэрин кэпсэтэ, сарсын Ньурбаҕа кэлэр баржаттан астарын-үөллэрин тиэйэллэрин быһаарса олордоҕуна үлэбин саҕалаан, хаартыскаҕа түһэрэн «чып» гыннарабын.

Бу олордохпуна миигин биир боппуруос муучу гынан төбөбүттэн тахсан биэрбэт. Прокопий Степановиһы олох эдэр сааһыттан үлэһит, кэлбит-барбыт, туруорсуулардаах, саныыр санаатын аһаҕастык туруору этэрин сөбүлүүр киһинэн билэбин. Ол эрээри хайаан биирдэ да алтыһан үлэтин сырдаппатахпыный, суруйбатахпыный диэн сөҕө, толкуйдуу сатаатым да кыайан тобулбатым. Хаһыакка 34 сыл үлэлээбиппэр бэрт элбэх киһилиин көрсөн, үлэлэрин-хамнастарын дьоҥҥо-норуокка билиһиннэрдэҕим.

«Дьэ, биһиги, тыа хаһаайыстыбатын дьоно, үлэбит итинник саҕаланар. Сороҕор табыллыбатах күҥҥэр хара сарсыардаттан ньиэрбэҥ күүрэн, санааҥ- онооҥ алдьанар. Иһиттиҥ дии, бородууктабытын аҕалтарыыга биир «Камаз» техника көстүбэккэ төһөлөөх «тыастаах кэпсэтии», дьаһайсыы буолла. Чэ, айанныахха», – диэтэ киһим.

Биһиги бастаан ырааҕыттан саҕалаан, Кутаналыыр буоллубут. Аныгы үйэ абыраллаах  техниката  «Джип»  барахсан оҥоһуулаах дэхси суолга киирэн, кыра нэксиэни билиммэккэ биир кэм айаннаан долгулдьуйан барда. Мин хараҕым араас кырааскаларынан сотуллубут күһүҥҥү кэрэ айылҕаҕа, кустара көппүт алаастарга, көлүччэлэргэ хатанар. Кулгааҕым эрэ аргыһым сэһэнин сэргээн истэр.

– 1991 сыллаахха «Элгээйи» совхозка кылаабынай зоотехниктыы сылдьаммын совхозтары ыһааһын, суох гыныы политиката саҕаламмытыгар өйдөспөккөбүн сайабылыанньа биэрэн, бэйэм баҕабынан үлэбиттэн уурайбытым. Сунтаардааҕы пищекомбинакка, оччотооҕу директор Федот Иванович Тихонов диэн улахан салайааччы, миигин оҥоһуллубут бородууксуйаны батарыыга солбуйааччынан ылан икки сыл үлэлэппитэ. Ол кэмҥэ Сунтаардааҕы пищекомбинат совхозтар ыһылланнар, аһара элбэх эти ылан тыһыынчанан тоннаны батарбакка уонна ону төлөһөргө кыайан кредит ылбакка, тэрилтэни бытарытыы боппуруоһа турбута. Итинник ыарахан балаһыанньа буолан, Сунтаар пищекомбинатын финансовай туруга эмискэ мөлтөөбүтэ. «Пищекомбинат аһара улахан, оройуону барытын кыайан хабар кыаҕа суох, ырыынак сыһыаннаһыыларыгар сөп түбэспэт, онон бытарытыыны ыытабыт. Өрүс уҥуор өттүн барытын Элгээйигэ кииннээн араарабыт», – диэн Федот Иванович оччотооҕу улуус баһылыга Александр Иннокентьевич Петровка этии киллэрбитэ. Ону өйөөбүттэрэ  уонна  миигин  ыҥыран  ылан: «Элгээйи өттүгэр эн эрэ үлэлиир кыахтааххын, дойдубутун атаҕар туруоруохха наада», – диэн олох күһэйии бэрээдэгинэн анаан кэбиспиттэрэ. Онуоха мин усулуобуйа туруорбутум. Ол саҕана «Элгээйи» өссө да улахан кыахтаах хаһаайыстыба этэ. Совхоз уонна пищекомбинат икки ардыларыгар сэлээннэһии түмүгэр, Элгээйи өттүгэр арыы сыахтара кыайан тутуллубакка хаалбыттара. Эргэ, урукку тутуулар сууллубуттара. Күҥҥэ 16 тонна үүтү тутар Элгээйи арыытын собуота, Кутана эмиэ итинник дьылҕаламмыттара. Сиэйэ киэнэ системата, оһоҕо хампы тоҥмуттара. Малын барытын тууран, көтүрэн илдьэ барбыттар этэ. Түбэй Дьаархан арыытын сыаҕа үлэлиирэ эрээри, капитальнай өрөмүөнү эрэйэрэ. Ол иһин мин быһаччы эппитим: маннык түгэҥҥэ биһиги муниципальнай бас билиигэ киирэбит, оройуон бюджетыттан булгуччу дьону хамнастыырбытыгар, ыытыллар араас өрөмүөннэргэ, техника атыылаһыыга үп-харчы көрүллүөхтээх диэбиппэр, баһылык Александр Петров өйүүргэ тылын биэрэн эрэннэрбитэ. Дьэ, онон 1994 сыл муус устар 1 күнүттэн тэриллэн үлэбитин саҕалаабыппыт.

– Оттон техника өттө хайдах этэй? –   киһим салгыы кэпсээтин диэн түбэһиэх ыйытабын.

–  Оччолорго биир да тиэйэр техника суоҕа. Соҕотох сүүрэ сылдьыбыт самосвалы Сунтаарга тиэйэн ылбыттар этэ. Ону үҥсүһэммит, барыта тономмут техниканы состорон таһааран өрөмүөннээн баран син сүүрдүбүппүт. Кыһалҕабыт ити эрэ буолуо дуо – оннооҕор үлэлииргэ анал хонтуора дьиэбит суоҕа. Нэһилиэктэргэ үүтү тутан астыырга аҥардас сэппэрээтэрдэр фермаларга тураллара. Онон кыра кыамталаах оборудование булунарга сүбэлэспиппит. Барытыгар үп-харчы наада этэ. Биһиги үлэбитин нуултан саҕалаабыппыт. Балаһыанньаттан тахсар сыалтан Элгээйи отделениетын хонтуоратын атыылаһан ылбыппыт. Эргэ оборудованиелары барыларын көтүрэн бырахпыппыт уонна сүүрэн-көтөн, харчы булан Новосибирскайтан саҥа кыра оборудованиелары аҕалан таҥмыппыт. Мас дьиэни аҥаардаан халбаһы сыаҕа оҥостубуппут, эт элбэх буолан буолунай халбаһыны оҥорон, ыыһаммыт эти дэлэччи тиэйэ сылдьан атыылаабыппыт. Инньэ гынан Элгээйигэ син балаһыанньаттан тахсыбыппыт. Түбэйгэ сабыс-саҥа арыы сыаҕын туппуппут, оборудованиелара эмиэ саҥалар. Сиэйэ киэнин олох саҥаттан таҥмыппыт – маныаха элбэх харчы ороскуоттаммыта. Ити курдук биһиги хас биирдии нэһилиэккэ арыы сыаҕа баар буоларын туһугар турунан туран үлэбитин саҕалаабыппыт. Күндэйэҕэ техническэй өрөмүөнү ыыппыппыт.

1994-95 сылларга бюджеттэн үбэ-харчыта суох республикаҕа аан бастакынан переработка боппуруоһунан дьарыктаммыппыт уонна тэрилтэ тэрийбиппит. Кэлин тыа хаһаайыстыбатын чааһынайга ыһан, өлүү-өлүү үллэстии барбыта. Биһиги: «Кэлин охсуулаах буолуо, пищекомплекстары, переработка тэрилтэлэрин тутан хаалыахха, ыһымыахха», – диэн республикаҕа да, министерствоҕа да күүскэ туруорсубуппут болҕомтоҕо ылыллыбатаҕа. Ону билигин республика хаһыаттарыгар суруйталаабыт ыстатыйаларбыт да туоһулууллар. Ол саҕана: «Эти, үүтү Мирнэйгэ илдьэн туттарыҥ», – дииллэрэ. Ол иһин онно тиийэн бородууксуйабытын биэрэн баран, бэрт кыра харчыбытын иккилии, үстүү сыл кыайан ылбатахпыт. Онуоха сууттаһыахпыт диэбиппитигэр, турбанан эҥин төлөспүттэрин өйдүүбүн. Онон биһиги бэрт эрэйинэн ылар үүппүтүн, эппитин бэйэбит эрэ батарарбыт наадалааҕын уонна барыстааҕын үчүгэйдик өйдөөбүппүт. Ол иһин элбэхтик сүбэлэһэн, сороҕор мөккүһэн, биир санааҕа кэлэн, бородууксуйаны миэстэтигэр батарар боппуруоһу үөрэппиппит.

–  Оттон хаһан бэйэҕит коммерческай структураны тэринэн, үбү-харчыны киллэринэр буолбуккутуй?

–  Үлэлээн иһэн сыыйа-баайа коммерческай структура булгуччу наадатын өйдөөбүппүт, олох бэйэтэ күһэйбитэ да диэххэ сөп. Оччотугар бааннартан 28 бырыһыаннаах кредити ылыахпытын сөп этэ. Итини өйөөн биһиэхэ «Алмаасэргиэнбаан» кредитнэй линия аһан, соҕотуопкабытыгар итиэннэ маҕаһыыннары тутарбытыгар улахан өйөбүлү, көмөнү, саҥа хардыыны оҥорбута. Кинилэргэ махталбын-баһыыбабын күн бүгүн эмиэ хаһыатынан хатылыыбын. Ол саҕана бары бааннары: «Кыайан төлөспөт, эргинэр кыахтара суох, финансовай туруктара быстар мөлтөх производствоҕа олох кредити биэримэҥ, харчыны ыскайдаамаҥ», – диэн кытаанахтык боболлоро.

Дьэ онтон тирэх тэбинэн, силис тардан коммерческай структура тэриммиппит. Ол эрээри маҕаһыыннары тутар кыахпыт өссө да эрдэ курдук этэ. Ол иһин чааһынай киһиттэн дьиэ атыылаһан, маҕаһыын аһан бэйэбит үүппүтүн, эппитин нэһилиэнньэҕэ атыылааһыны саҕалаабыппыт. Итинтэн сиэттэрэн, биирдиилээн нэһилиэктэргэ фирменнэй маҕаһыыннары аһан киирэн барбыппыт. Онно халбаһы, ыыһаммыт эт, үрүҥ аһылыктан кефир, йогурт илдьэрбит, итинник коммерческай структуралаах буоламмыт ханнык баҕарар баантан кредиттэри харса суох чаҕыйбакка ылар кыахтаммыппыт.  Кэлин Сбербаантан, «Алмаасэргиэнбаантан» кредиттэри ылан туһаммыппыт. Атыыттан-эргиэнтэн киирэр үбү-харчыны барытын производствоны сайыннарыыга, кэҥэтиигэ укпуппут.

Прокопий Степанович тохтоон, тугу эрэ толкуйдуу түһэн баран кэпсээнин эмиэ салҕаан барда:

–  Үлэбит саҕаланыытыгар өссө биир маннык кыһалҕа үөскээбитин көтүтэн кэбиспиппин. Пищекомбинат иэс ылбыт кредитин сорҕотун биһиэхэ сыҕарытыы барбыта, ылыахтаах харчыбытыттан чаас-чааһынан. Онуоха мин: «Олох төлүүр кыахпыт суох, оннооҕор үүтү тутар арыыбыт сыаҕа суох», – диэн туруорса сатаабыппын, «сокуон этэрин толоробут» диэннэр күүстэринэн көһөрөн кэбиспиттэрэ. Кредити Сунтаардааҕы бааҥҥа төлүөхтээх этибит. Бары билэбит: оччолорго даҕаны банковскай система ирдэбилэ кытаанаҕын, уһаппыт күнүҥ аайы пеняны харса суох ааҕан лаһырҕатан иһэллэрин. Онуоха балаһыанньаттан хайдах тахсабыт диэн боппуруос турбута.

Пищекомбинаппыт биһиэхэ муус устарга үлүгэрдээх элбэх, харчытыгар таһаардахха мөлүйүөнүнэн суумалаах сылгы этин тиэйэн таһааран сүөкээн кэбиспитэ. Ону кылгас кэмҥэ хайдах да гынан батарар кыах суоҕа. Сылгы этин саас ким да ылбат, салгыннаан барбыта. Инньэ гынан биһиги ыксаллаах, өссө сууттанар балаһыанньаҕа киирбиппит. Суһаллык быһаарыы ылынан Дьокуускайга, ол саҕана РТП диэн техниканан дьарыктанар тэрилтэлээх Виктор Викторович Омуковка тиийэн эти ыыһыыр камера сакаастаабыппыт. Онтубутун кыһыҥҥы суол сабыллаары аҕай турдаҕына бүтэһик массыынанан кыл-мүччү аҕалан, туруоран күнүстэри-түүннэри сменанан үлэлээн, сылгы этин харса суох ыыһаабыппыт. Ону нэһилиэнньэ сөбүлээн, хаачыстыбата үчүгэй диэн барытын атыыласпыта. Киирбит үппүтүнэн кредиппитин төлөспүппүт. Өссө ордугунан кыра тутуу ыыппыппыт, дьоҥҥо хамнастарын төлөөбүппүт. Оччолорго олорор, үлэлиир хонтуорабыт суоҕа. Кып-кыра дьиэни куортамнаһан, ветеринардары кытта икки сыл дьукаах олорбуппут. Онтубутун кыайан төлөспөккө, иккис сылбытыгар тахсан биэрбиппит. Ол иһин бастаан чааһынай маспытын кыттыһан, сельпо уһаайбатын ылан хонтуора туттубуппут. Онтон бастакы объектары саҕалаан барбыппыт. Оччолорго маннык сыалы-соругу туруоруммуппут – хас биирдии бөһүөлэккэ нэһилиэнньэни хааччыйар сыаллаах маҕаһыын уонна бэкээринэ тутарга диэн. Кутанаҕа, Элгээйигэ, Кэмпэндээйигэ туппут фирменнэй маҕаһыыннарбыт күн бүгүнүгэр диэри үчүгэйдик үлэлии тураллар. Онон билигин ханнык баҕарар баантан кредит ылар балаһыанньалаахпыт.

Биһиги  сэһэргэһэн  суол   ырааҕын билбэккэ хааллыбыт. Кутанаҕа кэллибит.

Иван ЧАГДИНСКАЙ.

«Сунтаар сонуннара»,

2011 сыл алтынньы 4 күнэ.

 

ДЬОНУН-СЭРГЭТИН АҺЫНАН ХААЧЧЫЙААРЫ

(Суруналыыс бэлиэтээһиннэрэ)

Салгыыта.

2. Абыраллаах үлэһиттэр

Бастаан арыы сыаҕар тиийдибит. Саҥа дьиэ таһыгар бастакы арыы сыаҕа эргэрэн үрдэ, ойоҕоһо күөрэ-лаҥкы түһэн, уруккуну-ааспыты санатан самналлан тураахтыыр. «Бу 2005 сыллаахха тутуллубут арыы сыаҕа. Мин аан бастаан 1979 сыллаахха Сунтаардааҕы эт-үүт комбинатын сыаҕар үлэбин саҕалаабытым. 1994 сылтан Элгээйитээҕи эт-үүт комбината буолбутугар, эмиэ салгыы үлэлээн барбытым. Үс үлэһиттээхпит. Лабораным Татьяна Данилова. Кочегарынан кэргэним Фёдор Николаев сылдьар», – диэн маастар В.А. Николаева үлэтин-хамнаһын билиһиннэрэр.

Аттыбытыгар саҥа киирбит үүтү анализтыы турар лаборант Т.С. Данилованы кытары кэпсэтэбин. Кини эбээһинэһэ: күн аайы киирбит үүтү анализтаан, сыатын бырыһыанын, ырааһын, кислотноһын быһаарыы. Сайыҥҥы өттүгэр арыы сыаҕын үлэһиттэрэ үүтү өрөбүлэ суох туппуттар.

Дьиэлэрин-уоттарын ититээччи, үлэлиир усулуобуйаларын тэрийээччи Фёдор Герасимович бэрт элбэх кэпсээннээх, бэйэтэ туспа санаалаах киһи буолан биэрдэ.

«Эдэр ыаллар сүөһүлэниэхтэрин баҕарбаттар. Биричиинэтэ – уматык ыараан, от-мас тиэйиитэ наһаа кытаатта. Сааһырбыт дьон эрэ, урукку үгэспитинэн, хороҕор муостаахпытын өрө тутабыт. Биһиги дьиэ кэргэн 20-чэ сүөһүлээхпититтэн, биэһэ ыанар ынах», – диэн кэпсээтэ кини. Күүкэйгэ арыы сыаҕын үлэһиттэрэ эмиэ бэрт дьоҕус, ис киирбэх оҥоһуулаах, сып-сылааһынан илгийэр дьиэҕэ олороллор. Маастар А.Н. Иванова 2004 сылтан үлэлиир, куоракка биир ыйдаах кууруһу бүтэрбит. Билигин күннэтэ 13 киһи кэлэн үүттэрин туттаралларын кэтэһэллэр. Сайын муҥутаан 800 киилэ үүтү тутар буоллахтарына, билигин ити аҥарын кэриҥин туттараллар эбит. Бу сырыыга маастартан интэриэһиргээммин арыы сыаҕар туттуллар оборудованиелар сыаналарын ыйыталастым. Саҥа сэппэрээтэр 160 тыһ. солк., маслобойка 500 тыһ. солк., пастеризатор 500 тыһ. солк. эбит. Оҥорбут бородууксуйаларын нэдиэлэҕэ биирдэ кэлэн массыынанан фирменнэй маҕаһыыннарга тириэрдэллэр. Лаборанынан балта Марина Иванова 2005 сылтан үлэлиир. Дьиэлэрин-уоттарын ититээччи, рабочайдара Артём Харитонов эмиэ коллектив биир тутаах үлэһитэ эбит.

Икки арыы сыаҕын кэнниттэн оҥоһуллубут бородууксуйаны быһаччы батарар, атыылыыр Кутана маҕаһыыныгар сылдьабыт. Уруккута сельпо опыттаах атыыһыта Марианна Григорьева манна кэлэн үлэлии турар. Киирэн атыылаһар дьон быыһыгар үлэтин-хамнаһын ыйыталаһабын. «Арыы, сүөгэй, суорат, килиэп, бэйэ оҥорор бичиэнньэтэ 1 киилэтэ 140 солк., 45 солкуобайдаах кефир нэһилиэнньэҕэ хамаҕатык барар. Сыанабыт даҕаны халымыр соҕус. Аҕыйах хонуктааҕыта 10 дьааһык арыы киирбитин үксүн ылан бүтэрдилэр, икки дьааһык эрэ хаалла. Сүөгэйи эмиэ эрдэттэн билэ сылдьаннар тута ылан иһэллэр, кефирбит эмиэ өр турбат. Бэйэбит оҥорор вермишельбит киирдэҕинэ былдьаһык. Бэкээринэбит субу истиэнэ нөҥүө баар. Төһө наада буоларынан сибиэһэй килиэби, кондитерскай оҥоһуктары киллэрэ турабыт», – диэн кэпсиир атыыһыт М.О. Григорьева.

Элгээйигэ бэрт ыраахтан куба курдук кылбайан көстөр икки этээстээх пищекомплекска тиийэбит. Арыы сыаҕар үлэлии тураллар. А.В. Егорова маастарынан быйыл саҥа анаммыт. Макароннай сыах үлэһитэ, киниэхэ рабочай Н.В. Захарова эмиэ бастакы сыла. Билиҥҥи ирдэбилгэ толору эппиэттиир арыы сыаҕар быйыл сайын олохтоохтор күҥҥэ 1,5 тоннаттан тахса үүтү туттара сылдьыбыттар. Манна итини тэҥэ творог, йогурт, кефир оҥоһуллар. Наталья Захарова күҥҥэ 30-тан тахса киилэ бэйэ вермишелин оҥорорун кэпсиир. Пищекомплекс бэйэтэ туспа котельнайдаах, газоконденсатынан үлэлиир.

Халбаһы сыаҕар уонна эти ыыһыыр анал хосторго оборудованиелара толору баар. Эттээхтэрэ буоллар пельмень, кэтилиэт, фарш, суп набор оҥорон нэһилиэнньэҕэ атыылыа этилэр. Уу ыраастыырга аналлаах уонна бэйэ макаронун оҥорор оборудованиелар таҥыллан баран, анал специалистара суох буолан билиҥҥитэ таах тураллар. Икки боксалаах туспа гаражтаахтар.

Элгээйи сэлиэнньэтин киин уулуссатын ортотугар 1 №-дээх «Илгэ» маҕаһыыныгар киирэбит. Олох саҥа тутуу электрическэй бойлердаах буолан итиинэн илгийэр. Атыылааччы К.И. Александрова бу тэрилтэҕэ быйыл онус сылын үлэлиир, үс сыл биэкэрдээбит. Эмиэ бэйэ оҥорор бородууксуйата киирдэҕинэ, хамаҕатык атыылаһан иһэллэрин билиһиннэрдэ.

Биэкэр Александра Титова үлэлээн тиритэ-хорута ахан сылдьар. Килиэп буһа турар буолан теплицаҕа курдук. «Бурдукпут Алтай киэнэ. Бүттэ даҕаны тиэйэн аҕала тураллар. Күҥҥэ үстэ буһарабын. Бу күннэргэ 200 килиэби бэлэмниирим бүтэн иһэр. 800 грамнаах уонна сымнаҕас, сип-сибиэһэй буолан бастайааннай клиеннэр күннэтэ бүтэрэн иһэллэр. Үлэлиир усулуобуйам үчүгэй, үҥсэргиирим, туруорсарым туох да суох. Оһоҕум үс конфоркалаах, 44 киэби биирдэ угабын. Сарсыарда 6 чаастан үлэбин саҕалаатахпына 10 чааска сылаас килиэби атыылаһаллар. Киэһэ 4 чааска уктахпына, дьон үлэлэриттэн бүтэн дьиэлээн иһэннэр 7 чааска диэри атыылаһаллар. Субу, бэйэ бичиэнньэтин оҥорор саҥа оборудование турар. Үлэһитэ декреккэ барбыта. Дьиҥинэн, араас кондитерскай оҥоһуктары астыырын нэһилиэнньэ сэргиир этэ», – диэтэ кини.

Директор өссө биир тутаах хаһаайыстыбатын көрдөрөргө, билиһиннэрэргэ сананна. Билигин улууспутугар үлэлииргэ бэлэм буойуна ханна баарын билбэтим. Манна сылдьан баран, уруккута аатыра сылдьыбыт «Элгээйи» совхоз сүөһү өлөрөр, астыыр тэрилтэтин ыспакка, алдьаппакка тутан туралларыттан сөхтүм уонна испэр махтана, үөрэ да санаатым. Буойуна таһыгар, хаһаайын тиэргэнтэн биллэр дииллэринии, кыстык маһа бөҕө саһааннанан, улахан ёмкостар үлэлиир кэмнэрин кэтэһэн, кэчигирэһэн тураллар.

Буойунаны барытын кэрийэн көрдүбүт. Хайдах эрэ бэҕэһээ, иллэрээ күн сүөһү бөҕөтүн өлөрөн, астаан баран тарҕаспыттарын курдук. Оннооҕор туттубут тэриллэрэ-маллара миэстэтигэр ууруллан тураллар. Маны барытын тиит төрдүгэр баалла сытар сэргэх ыт уонна харабыллар А.И. Трофимов, Александр Петров күннэтэ солбуһан көрөллөр-истэллэр эбит. Дьиҥ иһигэр эргэ, быраҕыллыбыт буойуна эрэ буолбатах: ыскылаат иһигэр сүрүн баайдара – 200 тонна бурдук саппааһа дьаарыстаммыт. «Харчытыгар таһаардахха 3 мөлүйүөн кэриэтэ сыаналаах», – диир директор. Көмө хаһаайыстыбаны сайыннарыы бэрээдэгинэн, уруккута сүөһү бөҕө тоҕуоруспут, ноһуом бөҕө тохтубут хонуутугар буола оҥостон хортуоппуй олордубуттар, оҕуруот аһын ыспыттар. Ол түмүгэр уоҕурдуулаах сирдэрэ-уоттара 70 куул хортуоппуйу тэбэн биэрбит. Директор П.С. Акимов 52 куулу, харабыл уолаттар 18 куулу хостообуттар. Өссө эбиитин 3 куул моркуобу, 2 куул сүбүөкүлэни ылбыттар. Харабыллар иллэҥ кэмнэригэр Күөл Элгээйигэ киирэн балыктыыллар, сайынын оттууллар, чугаһыгар сир астыыллар. Баҕар, кэнэҕэһин хаһан эрэ кооперация сайыннаҕына бу буойунаны сөргүтэн, үчүгэйдик өрөмүөннээн тилиннэриэххэ сөптөөҕүн илэ харахпынан көрөн итэҕэйдим.

Сарсыныгар Кэмпэндээйигэ айаннаатыбыт. Биһиги эмиэ, күһүҥҥү дьикти алыптаах айылҕа кэрэтин кэрэхсии, кэпсэтэ-ипсэтэ иһэр буоламмыт айан ырааҕын билбэккэ хааллыбыт. Маҕаһыыҥҥа киирбиппит атыыһыт А.В. Фёдорова үөрэ-көтө көрүстэ. Дьиэ кэргэнинээн үлэлииллэрэ бары өттүнэн барыстааҕын, табыгастааҕын, өйдөһөллөрүн кэпсээтэ. Сүгэр-көтөҕөр, таһар үлэтигэр сурдьа Андрей Гуринов сылдьар, харабылынан аҕата В.А. Понохов үлэлиир. Килиэп астыыр биэкэринэн Сунтаартан Наталья Егорова тахсан, саҥа үлэлээн эрэр. Бүгүн Кэмпэндээйи нэһилиэгин килиэбинэн хааччыйан олорор соҕотох бэкээринэ эбит. Бу күннэргэ олохтоохтор күҥҥэ 140 килиэби сииллэр. Сайын муҥутаан 300-чэкэни оҥоро сылдьыбыттар. Атыыһыт кэпсииринэн, бэйэлэрэ оҥорбут икки дьааһык вермишеллэриттэн 7 киилэ хаалбыт. 30 киилэ кефир сакаастаан ылларбытын бүтэрбиттэр. Үс хонуктааҕыта 4 дьааһык арыыны аҕалбыттарын аҥарын ылбыттар. Сүөгэйи эмиэ сэлиэнньэ олохтоохторо уонна грязелечебницаҕа эмтэнэ сытааччылар дьиэлэригэр кэһии гынаары сакаастаатахтарына сөп буоларынан аҕалтарар эбит. Бэйэлэрэ оҥорор бичиэнньэлэрэ баар эрдэҕинэ эмиэ аһара ылалларын кэпсиир.

Дьиэ-уот үчүгэй, үлэлииргэ усулуобуйа толору баар.

Кэмпэндээйи сымнаҕас, минньигэс килиэбин чэй кэмигэр Василий Поноховка тахсан амсайдыбыт. Улууска биллэр ытык кырдьаҕас Василий Алексеевич 53 сыл үлэ стажтаах, итинтэн 26 сылын ойуур хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит. Кэргэнинээн 53 сыл эйэ-дэмнээхтик олорон, 6 оҕону төрөтөн улаатыннарбыт, киһи гыммыт, биһиги хаһыаппыт биир активнай селькора.

Үүттээх хойуу чэйин кута-кута аргыспын, быһаччы тойонун П.С. Акимовы сүрдээҕин хайгыыр, киниттэн улаханнык астынарын хаһыакка суруйарбар көрдөһөр:

–  Бэрт өрдөөҕүтэ, аан бастаан Прокопий Степанович Кэмпэндээйигэ маҕаһыын аһаары, кимтэн эрэ ыйытаары, сүбэлэтээри олох билбэт ыалыгар – биһиэхэ көтөн түспүтүн бэҕэһээҥи курдук өйдүүбүн. Ону мин обургу иилэ хабан ылан, тылланаммын атыыһыттаан барбытым. Түөрт, биэс сыл бэйэм дьиэм иһигэр араас аһы-үөлү атыылаабытым. Кэнникинэн дьон-сэргэ сакаастара элбээн барбыта уонна туспа маҕаһыын наада буолбутугар, бэйэм этии киллэрэммин дьиэ туттарарга тылламмытым. Бэйэм үлэһиттэри кэпсэтэн мас эрбэтэн, прорабтаан туттарбыт маҕаһыыным субу таспар, уулусса нөҥүө турар. Прокопий Степановичка нэһилиэнньэ уонна грязелечебница салалтата быстыбакка килиэбинэн, үрүҥ аһынан хааччыйарын иһин махталлара улахан. Оннооҕор сайын эт бөҕөтүн, кымыс аҕалбытын олус сөбүлээбиттэрэ.

Биһиги бэҕэһээ уонна бүгүн көрсөн кэпсэппит дьоммут, бэйэлэрэ этэллэринии, кырдьык даҕаны нэһилиэнньэҕэ абыраллаах үлэһиттэр эбит дии санаатым.

Иван ЧАГДИНСКАЙ.

«Сунтаар сонуннара»,

2011 сыл алтынньы 11 күнэ.

 

ДЬОНУН-СЭРГЭТИН АҺЫНАН ХААЧЧЫЙААРЫ

(Суруналыыс бэлиэтээһиннэрэ)

Бүтүүтэ.

Өр сылларга тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга уоппуската суох үлэлээн, элбэх көлөһүнүн тохпут, баттаҕын маҥхаппыт, билигин тарбахха бастакынан баттанар салайааччы тугу кэпсээбитин, туохтан хомойорун, тугу туруорсарын быспакка-кылгаппакка, хайдах баарынан ааҕааччыларга билиһиннэрэбин.

3. Бүгүҥҥү балаһыанньа. Инники былаан. Тус санаа

Тэрилтэ үчүгэйдик, биир дэхситик үлэлии олорор. Ааспыт 2010 сылы 30 тыһ. солк. барыстаах түмүктээбиппит. Билигин эт-үүт комбинатыгар барыта 76 киһи үлэлиир, кыһыҥҥы кэмҥэ кочегардар эбиллэн, сүүсчэкэ киһиэхэ тиийэр. Барыларыгар хамнастарын биэрэ, нолуокпутун кэмигэр лоп-бааччы төлүү олоробут. Ханна да биэрэр иэспит суох. Ылбыт кредиттэрбитин график быһыытынан төлөөн иһэбит. Онон финансовай турукпут куһаҕана суох. Быйылгы үлэҕэ тохтуур буоллахха, күн бүгүн былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, 150 тоннанан аҕыйах үүтү тутан олоробут. Тоҕо диэтэххэ, дьон субсидиятын харчыта олох аҕыйах хонуктааҕыта тиийэн кэллэ. Киһи дьиктиргиирэ баар: «Сунтаар-Аска» бу харчы сыл саҕаланыытыгар кэлбит. Биһиэхэ быһа кэлбэт биричиинэтэ биир – Правительство уурааҕар «Общество» диэн киирбэтэх. «Билигин сокуонунан единэй заготовительгэ эрэ биэрэбит» дииллэр. Правительство уурааҕын 8 ый устата туруулаһан, син көннөттөрөн, харчыбыт саҥа кэлэн дьон ылла. Онон нууччалыы этиллэринэн, «Большое молоко» диэн сезоҥҥа биһиги дьоммут саарбахтаан, үүттэрин эрдэттэн туттарбакка бэрт элбэҕи сүтэрдилэр. Республика, министерство тыа хаһаайыстыбатыгар ыытар политиката сыыһалаах дии саныыбын. Ханнык да тэрилтэни хааччахтыыр дьаһаллар туттуллуо суохтаахтар. Хас биирдии тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир тэрилтэ, бас билиититтэн тутулуга суох, үбүлээһин политикатыгар киириэхтээх. Тыа хаһаайыстыбата мэлдьи ночооттоох салаа: фермерскэй да хаһаайыстыба, единэй заготовитель да. Мин сөҕөрүм диэн, холобура, кып-кыра Күүкэйгэ, 20 ыал үүтүн туттарар нэһилиэгэр, Элгээйи эт-үүт комбинатын суох гынар сыаллаах- соруктаах иккилии арыы сыаҕын тутааһын политиката бара турар. Биһиги итиннэ 14 киһи үүтүн тутабыт. Оттон 6 киһини тутан баран, «биһиги нэһилиэги барытын тутабыт» диэн политика ыытааһын сыыһа. Тоҕо диэтэххэ «Сунтаар-Ас» нэһилиэктэргэ биһиги курдук арыы сыахтарын кыайан туппата, үбү-харчыны наһаа ыскайдааһын таҕыста. Олус улахан, сыаналаах тэриллэри пааматынньык курдук туруоран баран, нэһилиэнньэни үрүҥ аһынан кыайан хааччыйбатылар. Ити көрүллэр харчыны барытын тыаҕа – нэһилиэктэргэ угуохтаахтар этэ. Оччотугар Толстойга, Хадаҥҥа, Илимнииргэ, о.д.а. нэһилиэктэргэ биһиги курдук кефир, йогурт, эттэринэн араас ас оҥороннор атыылыахтаахтар этэ. Элбэх үлэ миэстэтэ да тахсыа. Биһиги кылаабынай эбээһинэспит, сыалбыт-сорукпут: тыа дьонун-сэргэтин бэйэлээх бэйэбит төрүт аспытынан хааччыйыы. Биһиги бары объектарбыт, коммерческай структурабыт үлэлии тураллар. Онон бэйэбит оҥорбут бородууксуйабытын батарыыга күн бүгүн ханнык даҕаны кыһалҕаны көрсүбэппит. Дьиҥинэн, бүгүн республика үрдүнэн оҥорбут аһы-үөлү батарыыга улахан кыһалҕа баар.

«Ханна   гынабыт,   ханна   илдьэн атыылыыбыт?» диэн боппуруос үгүстэргэ төбө ыарыыта буолар. Ити кыһалҕаны биһиги олох төрдүттэн быһаардыбыт. Тоҕо диэтэххэ, кэмигэр толкуйдаан, коммерческай структураны тэриммиппит. Итини барытын көрдөрөр-иһитиннэрэр средстволар араас көрүҥнэринэн хас биирдии киһи билэрин курдук кэпсиэххэ, көрдөрүөххэ, иһитиннэриэххэ дии саныыбын. Кэлин сорох нэһилиэк баһылыктара «Переработка наһаа барыстаах эбит, бэйэбит илиибитигэр ылыыһыбыт. Арыы сыахтарын тутабыт, сарсыҥҥыттан байан барабыт. Харчытын ылан бюджекка туттуохпут» диэн санааҕа киирбиттэрэ. Ол иһин нэһилиэгинэн барааһын саҕаламмыта. Ол содулугар, оройуон аҥарын тутан олорор тэрилтэни көрдөрбүтүнэн ыспыттара, күүстэринэн арыы сыахтарын нэһилиэктэргэ биэрбиттэрэ. Биһиги Күүкэй, Кутана, Толоон уонна Элгээйи нэһилиэктэрин нэһиилэ тутан хаалбыппыт. Олорбутун кытта билигин да үлэлии олоробут. «Маннык барааһын туох үчүгэйи оҥордо?» диэн кэтээн көрөр эбит буоллахха туох да күттүөннээх оҥоһуллубата, база саҥардыллыбата. Онон итинник политика төрдүттэн уларыйыан наада. Тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир хас биирдии тэрилтэҕэ, кини ханнык бас билиигэ киирэриттэн тутулуга суох, Россия сокуонун быһыытынан үбүлээһин тэҥҥэ оҥоһуллуохтаах. Бу боппуруоһу дьон-сэргэ олоҕун тупсарыыга эрэ үлэлиэхпит диэн бигэ тылларын биэрэн быыбардаммыт баһылыктар, Ил Түмэн депутаттара туруорсуохтаахтар. Биһиги курдук сүүрбэччэ сыл устата хантан да үбүлэммэккэ эрэ үлэлээн кэлбит тэрилтэни «Эһиги үүтү туппаккыт» диир түбэлтэлэригэр тэрилтэ да, үлэһит дьон да улахан охсууну ылыахпыт. Биһиги өр сылларга эрэйинэн туппут базаларбыт, кимиэхэ да наадата суох курдук буолан, ыһыллан хаалалларыгар тиийэр. Ол иһин инникитин «Сунтаар-Аһы» уонна Элгээйитээҕи эт-үүт комбинатын официальнайдык билинэн, тэҥҥэ тутан, үбү-харчыны тэҥҥэ үллэриэххэ дии саныыбын.

Тыа хаһаайыстыбатын аһынан-үөлүнэн хааччыйыыга саҕалааһын быһыытынан бэйэ вермишелин оҥоробут, эти переработкалыыбыт, улууска соҕотох халбаһы оҥорор сыах баар. Анал үөрэхтээх специалистар уонна дэлэччи эт баара буоллар, улууһу барытын бэйэ оҥорор халбаһытынан хааччыйар кыах толору баар. Ыраас ууну кутабыт, маныаха улуус дьаһалтата 500 тыһ. солк. үбүнэн көмөлөспүтүгэр, 1,5 мөл. солк. бэйэбит эбэммит анал оборудование атыылаһан үлэлээн испиппит эрээри, эмиэ специалистар наадалар. Инникитин үлэлиэҕэ. Пищекомбинакка өссө газтаах ууну кутабыт. Сменаҕа 120 ынаҕы өлөрөр, астыыр, улууска соҕотох механизация аҥардаах буойунаны хайдах үлэлии турбутунан, алдьаппакка-ыспакка тутан олоробут. Холобур, инникитин кооперация олоххо бигэтик киирэр түбэлтэтигэр, капитальнайдык өрөмүөннээн баран, үлэлэтэр кыахтаахпыт. Онон тыа хаһаайыстыбатын салгыы сайыннарыыга үлэлиир салаа объектардаахпыт, ордук переработкаҕа. Урут мороженай оҥорор этибит. Оборудованиета баар, ону эмиэ хос сөргүтэр санаалаахпыт. Нэһилиэнньэ сөбүлээн сиир бичиэнньэтин оҥоруохтаахпыт, үп-харчы кырыымчыгынан тохтоон турар. Оборудованиета кэлбитэ уон сыл буолла. Дьиҥинэн, улууһу барытын олохтоох, чэпчэки сыаналаах бичиэнньэнэн хааччыйыа этибит. Кэлэр сылга, ити тохтоон турар объектары сөргүтэн, үлэбитин өссө күүскэ ыытар санаалаахпыт. Инники өттүгэр өссө маннык кичэм санаа баар: өссө барыстаахтык үлэлиир түбэлтэбитигэр, ол эбэтэр үбүлээһин «Сунтаар-Аһы» кытта тэҥҥэ оҥоһуллара буоллар, туттарыллар 1 л үүт сыанатын 4,5 солк. өссө үрдэтиэхпитин сөп. Билигин кефири, йогурту оҥорор холбуйбут үүппүтүн бэрт кыра харчыга дьоҥҥо биэрэбит, сорох сирдэргэ олох да тоҕуллан хаалар түбэлтэтэ эмиэ баар. Эргэрбит, тымныы маҕаһыыннарбытын,  оборудованиеларбытын былырыыҥҥыттан саҕалаан, билиҥҥи ирдэбилгэ сөп түбэһэр гына хос оҥортоон өрөмүөннээн эрэбит. Иһин, таһын профлииһинэн эпсиэйдээтибит, сарайдарын уларыталаатыбыт. Маннык капитальнай өрөмүөн үлэтигэр мөлүйүөнүнэн сууманы уктубут.

Быйылгы үлэ-хамнас туһунан кылгастык этэр буоллахха, үүппүтүгэр графикка кыайан киирбэккэ олоробут. Хаалбыт кэмҥэ, үп-харчы көрүллүбүтүнэн, элбэхтик сүүрүөхпүт-көтүөхпүт. Эт былаанын толоруохпут. 3 тонна оҕуруот аһа былааннаммытын, көмө хаһаайыстыбаттан буойунаҕа анал бааһына оҥостон, хортуоппуй олордон, оҕуруот аһын ыһан толордубут. Ону сабыылаах тэрилтэлэргэ биэриэхпит. Бэйэ вермишелин 10 тоннаны оҥоруохпут, үүттэн 200 тонна араас ас-үөл оҥоһуллуохтаах, ол былаана туолуо. Түөрт бэкээринэлээхпит – Сунтаарга, Элгээйигэ, Кутанаҕа, Кэмпэндээйигэ – олорго 200 тонна килиэби оҥоруохпут. Сунтаарга уонна Элгээйигэ баар кондитерскай сыахтарга араас минньигэс аһылыктары салгыы бэлэмниэхпит, Кэмпэндээйи нэһилиэгин биһиги эрэ бэкээринэбит килиэбинэн хааччыйар, ол иһигэр «АЛРОСА» грязелечебницатын. Кинилэри кытта сибээстээхтик бииргэ үлэлиибит. Макароннай оҥоһуктарга 10 тоннаны астыахпыт. Күн аайы оҥоро тураллар. Онон үүттэн атынын барытын толоруохпут.

Түмүкпэр баҕа санаабын улуус дьаһалтатыгар, тыа хаһаайыстыбатын салайар туһааннаах үлэһиттэргэ, хаһыат бары ааҕааччыларыгар этиэхпин баҕарабын. Билигин республикаҕа тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы политиката түргэнник уларыйбата буолуо дии саныыбын. Онон биһиги улуус иһигэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга бэйэбит туспа программалаах, бюджеттээх, былааннаах буолуохтаахпыт. Дьиҥинэн, сыл аайы улууска тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга 7 мөл. солк. көрүллэр. Ити улахан көмө. Ол эрээри үбү чахчы нэһилиэнньэни хааччыйыыга үлэлиир дьоҥҥо биэриэхтээхтэр дии саныыбын. Сунтаар улууһугар единэй заготовитель бырайыага олох сайдыбата, өрүттүбэтэ. Олох итини утарар.  Биһиги  сүүрүгү утары барыа суохтаахпыт. Биир бэйэм 31 сыл устата тыа хаһаайыстыбатын араас салааларыгар, биригэдьиириттэн саҕалаан директорыгар тиийэ, оройуон да структуратыгар үлэлээбитим. Онон тыа хаһаайыстыбатын уруккутун да, билиҥҥитин да билэбин. Тыа сиригэр олоробун, күн аайы боростуой үлэһит дьону кытта алтыһабын, кинилэр санааларын, бары кыһалҕаларын билэбин, өйдүүбүн. Күн бүгүн бары нэһилиэгинэн баран эрэллэр. «Сунтаар-Ас» итини өйөөтө. Кинилэри кытта дуогабарынан, үбү-харчыны түҥэтэ-түҥэтэ олорор санаалаах. Дьиҥинэн, ити эбээһинэс тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар бэриллиэхтээх этэ. Онон, иннигэр эппитим курдук, улууска тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга «Сунтаар-Аһы» кытта тэҥҥэ тутар сыалтан, Элгээйитээҕи эт-үүт комбинатын сайдыытын программатын сорох чааһа оройуон бюджетыттан үбүлэниэхтээх. Былырыын, иллэрээ сыл биһиэхэ үбүнэн көмөлөспөтөхтөрө. Ол иннигэр 500 тыһ. солк. ыламмыт 2  мөл  солк.  суумалаах  оборудование атыылаһан, ууну ыраастыыр сыаҕы үлэҕэ киллэрбиппит. Атын сиргэ итинник сыахха 5 мөл. солк. көрөллөр. Билигин биир арыы сыаҕын тутааһыҥҥа 20 мөл. солк. ороскуоттанар. Онон биһиги үбү-харчыны сыалыгар, кэмчилээн туһанарбыт итинтэн да көстөр. Түмүккэ улуус дьаһалтата, улуус депутаттара мин этиибин толкуйдаан, ыараҥнатан көрөн баран, бу күннэргэ быһаарыналлара наада дии саныыбын.

Иван ЧАГДИНСКАЙ.

Россия журналистарын союһун чилиэнэ.

«Сунтаар сонуннара».

*  *  *

 

ОЛОХТООХ АС БЭЛЭМИГЭР – ҮЙЭ ЧИЭППЭРЭ ЭБЭТЭР ТЭРИЛТЭҔЭ ҮЛЭЛИИР КЫАҔЫ БИЭРИЭҔИҤ!

Ил Дархан олохтоох үүтүнэн хааччыйыыны – 61 %-ҥа, эт аһы – 31 %-ҥа тиэрдэр соругу туруорбутун билэҕит. Сорук ылыллыбыт сүрүн төрүөтэ – тас дойдуттан, атын да эрэгийиэннэртэн туга-ханныга биллибэт эт, үүт ас элбээбитэ, олохтоохтор доруобуйалара мөлтөөбүтэ, хайа уонна олохтоох оҥорон таһаарыыны үрдэтии, салааттан дохуоттаныыны үксэтии буолар. Итинтэн сиэттэрэн, олохтоох астыыр-үөллүүр тэрилтэлэр материальнай уонна экэниэмикэҕэ балаһыанньаларын тупсарыы суолталаах миэстэни ылыахтаах. Бу чааһыгар биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ барар да, күттүөннээх сайдыы барбата диир оруннаах. Билиҥҥэ диэри, холобур, Сунтаар маҕаһыыннарыгар кэлии үүт, эт да арааһа толору. Амтана, хаачыстыбата астыннарбатар да, ыларга тиийэҕин.

90-с сылларга «Элгээйи» ММК 59 тн эти тутан, астаан-үөллээн халбаһы хас да көрүҥүн, пельмени, кэтилиэти балачча астыыра. 20 тн убаһа этин ыыһаан атыылаабыта күн бүгүнүгэр диэри ахтыллар. Ол кэмтэн 25 сыл ааста эрээри оччотооҕу халбаһы сытын, амтанын билигин да саныыбыт. Этэргэ дылы, санаан салбанан эрэ кэбиһэҕин. Бүгүн «Элгээйи ММК» ХЭТ дириэктэрэ, оройуон бочуоттаах олохтооҕо, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ, тыа хаһаайыстыбатын уонна олохтоох бырамыысыланнаһын туйгуннара П.С. Акимовтыын кэпсэтэ сырыттым.

Тэрилтэ 1994 с. муус устар ый 1 к. регистрацияламмыт. Бу сыллар тухары бэйэ кыаҕынан, өрөспүүбүлүкэттэн өйөбүлэ, көмөтө суох материальнай базаларын бөҕөргөтүммүттэр. Үүтү, бурдук аһы астыыр кэмбинээт тэриммиттэр.

Ыһыллыы кэмигэр тэриллибит буолан, арахсыбыт Сунтаардааҕы эт-үүт кэмбинээтин сорох иэһин төлөһөргө күһэллэн турар. Тэрээһинигэр баара эрэ 100 тыһ. солк. отделение хонтуоратын атыылаһан, арыы собуота гына уларыппыт. Ол сыл халбаһы уонна эт ыыһыыр сыаҕы үлэлэппиттэрэ. Сыл иһигэр 59 тн эти, 521 тн үүтү тутан, 25 тн арыыны, 5,4 тн халбаһыны уонна ыыһаммыт сылгы этин, 2,8 тн мокоруону, 80-ча тн килиэби астаабыттара. Тэрилтэ икки буоксалаах гарааһы, хонтуора дьиэтин, кондитер сыаҕын, эт астыыр-ыыһыыр сыаҕы, арыы собуотун тутаттаабыт. Барыта – тэрилтэ үбүгэр.

Суруналыыс Николай Чуор «Сахаада», «Сунтаар сонуннара» хаһыаттарга 1997 с. маннык суруйбуттаах: «Элгээйитээҕи эт-үүт кэмбинээтин хайгыыр сурахтара иһиллэр эрээри, күттүөннээх көмөнү оҥоро иликтэр. Бу производствонан быһаччы дьарыктанар тыа сирин тэрилтэтэ салгыы сайдарыгар уонна дьону көҕүлүүрүгэр үп-харчы өттүнэн көмөҕө наадыйара оруннаах». Бастакы сылларыгар тэрилтэҕэ эти 12 нэһилиэк, үүтү 9 нэһилиэк туттарара. Сылга 790 тн үүтү, 60 тн эти астаан, 8 фирменнэй маҕаһыыннарыгар атыылыыра. Үүт тутар сорох нэһилиэктэригэр 2 сыл иһигэр Түбэйгэ, Күүкэйгэ, Кутанаҕа уонна Элгээйигэ саҥа арыы собуоттарын туттарбыта. Сорохторун өрөмүөннээн, монтажтатан. Тыа дьоно үлэлээх уонна үүт, эт туттаран дохуоттанар буолбуттара. Үһүс сылларыгар таас баанньыгы атыылаһан, эбии иккис этээстээн, ис-тас өттүн өрөмүөннээн, септиктээх, итии уонна тымныы уулаах, дуустаах, туалеттаах астыыр-үөллүүр кэмбинээт туттаран 2007 с. үлэҕэ киллэрбиттэрэ. Онно анаан 54 мөл. солк. Баантан кирэдьиит ылбыттара. Онно үүт, халбаһы, мокоруон, мороженай, ыраас уу, гаастаах ууну кутар сыахтар, оборудованиелар туруоруллубуттар. Бу түөрт сыахха барыта 37 тэрил таҥыллан үлэлиир.

Кэлин ыраас уу кутар тэрили ылан, 2010 сыл саийыныттан ыраас ууну 1,5; 5 уонна 27 л иһиттэргэ кутан атыылыыллар. Кэмпэндээийигэ, Кутанаҕа, Элгээйигэ уонна Сунтаарга 8 фирменнэй маҕаһыын, 4 бэкээринэ тутуллан үлэлээбиттэрэ ыраатта. Элгээйитээҕи астыыр-үөллүүр кэмбинээт ситинник аҕыйах сыл иһигэр атаҕар турбута. Ол курдук, тэрилтэ эти 1999 с. – 59 тн, 2011 с. – 70 тн, үүтү 521 туоннаны, 2011 с. – 830 тн тутара. Хортуоппуйу тутууну саҕалаан 2011 с. 5 тн туппута. Мокоруон астары элбэтэн 10 тн тиэрдибитэ. Кондитер аһын 700 кг саҕалаан 20 туоннаҕа. Эт ас кээмэйин 3 тн тиэрдибитэ. Үүт аһы, о.и. сүөгэйи 12 тн, арыы 22 тн. Сылга 160 тн килиэби. Бастаан саҕалыылларыгар 17 үлэһит баар эбит буоллаҕына, 70-ҥа тиийэ сылдьыбыта. Табаардарын эргиирэ – 21 мөл. солк. Бэйэ бэлэмниир бородууксуйата 8 мөл. солк. тахса улаатта.

Тэрилтэ базатын бөҕөргөтөөрү, кэҥэтээри кэмиэрчэскэй ситим диэни тэриммитэ. «Алмаасэргиэнбаантан» кирэдьиити 28%-ҥа ылан, оҥорон таһаарыыны улаатыннарбыта.

Үөһээ суруллубуттан да көрдөххө, билиҥҥэ диэри бэйэтин кыаҕынан, сатабылынан өссө сайдар уонна кыаҕырар кыахтаах тэрилтэ. Бу туһунан 1999 с. «Якутия» хаһыакка СӨ атыыга-эргиэҥҥэ департаменын салайааччытын солбуйааччы А.А. Долгих: «Гигантом улусного масштаба можно назвать предприятие, способствующее успешному развитию внутреннего рынка улуса – это ММК «Эльгяйский». Чем только не занимаются. На широкую ногу поставлен выпуск различной продукции хлеба, мясных и колбасных изделий, пельменей, а также кондитерских и макаронных изделиий. Причём объём последних составляет 13 тонн в год. Установка же второго макаронного аппарата и сушильного шкафа позволит увеличить объём производства этой продукции до 80 тонн в год. Налажена связь с фирмами-поставщиками Новосибирска, Иркутска», – диэн хайҕаан турар.

Үлэ быыһыгар ардыгар алдьархай көһүппэтэх өттүттэн күөрэйэн, атахтыыра баар буолааччы. Ол курдук табаардаах массыыналара халанан, баһаарга ыскылааттара умайан, икки саҥа «Камаз» массыына уонна 2 мөл. суумалаах табаар умайан сүҥкэн ороскуокка тэбиллэ сылдьыбыттаахтар. Ону кэлэктиип бэйэтэ турунан, субуотунньуктаан туран чөлүгэр түһэриммитэ. Эһиилигэр 1999 с. кэмбинээт табаарын эргиирэ күөрэс гыммыта. Салайааччы кыаҕа манна да көстөр. Эстэн да хаалыахтарын сөбө. Прокопий Степанович өссө тэбиэһирэн, баара эрэ 3 сыл иһинэн табаар эргиирин 21 мөл. солк. тиэрдибитэ.

Билигин бастаан былааннаабытын курдук, улуус өрүс уҥуордааҕы, Элгээйи куустатын 9 нэһилиэгин үүтүн, этин тутан, онно астыыр-үөллүүр сыахтары аһыталаан, үүт ас арааһын астаан, убаһа этиттэн халбаһы, ыыһаммыт эт бэлэмнээн фирменнэй маҕаһыыннарыгар эргиммитэ буоллар, олохтоохтор сибиэһэй, натуральнай аһынан хааччыллыа этилэрэ. Хомойуох иһин, сорох ылыллыбыт үөһээҥи дьаһаллар сайыннарыыга тиэрдиэхтэрин оннугар харгыһы, ороскуоту таһаараллара суох буолбатах. Бу туһунан дириэктэр П.С. Акимов «Урукку алҕастары хатылаабакка, саҥалыы дьаһаныаҕыҥ» диэн «Сунтаар сонуннара» хаһыат 2016 с. ахсынньытыгар суруйан турар. Этэр: «Өрөспүүбүлүкэ саҥа кэнсиэпсийэтин быһыытынан, үп кииннэммит  соҕотуопкалааччыларга  бастаан  – «Сандалга», ол эстибитин кэннэ – «Бойомҥо», онтон «Сунтаар-Аска» бэриллэр схемалара үөһэттэн соҥноммута. Билигин «Сунтаар-Ас» балаһыанньата уустук. Ити эрэ тэрилтэлэргэ үп көрүллүбүтэ. Онон эһиги үүт субсидиятын ылбаккыт диэн нэһилиэнньэни куттаан-сааратан, Кутана, Күүкэй, Сиэйэ, Түбэй Дьаархан, Түбэй, Күндэйэ нэһилиэктэрин биһиги тэрилтэбититтэн арааран, үөһэ ахтыллыбыт моҥкурууттаабыт «Сандал», «Бойом», билигин уустук балаһыанньалаах «Сунтаар-Ас» тэрилтэҕэ холбообуттара. Бу тэрилтэлэр кииннээһин суотугар тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллэр үгүс үбү туһанан олорон эстээһиннэрэ, кириисискэ киирбиттэрэ – улууска сүөһү ахсаана аччыырыгар, бородууксуйа аҕыйыырыгар тутаах төрүөт буолла. Урут биһиги соҕотох тэрилтэбит үлэлээбит сиригэр-уотугар биэс тэрилтэ үлэлиирэ – экэниэмикэ өттүнэн сатала суох».

«Сунтаар улууһугар кииннээһин сатамматын өссө былырыын «Сунтаар-Ас» астыыр-үөллүүр кээпэрэтиип эстибитэ да ырылхайдык туоһулуур. Ол  оннугар «Үрдэл» тэриллибитэ саҥа үлэлээн эрэр. Улуус географическай уонна тырааныспарга усулуобуйатын учуоттуу барбакка, үрдүттэн бөдөҥ, соҕотох соҕотуопкаһыты тэрийии ороскуоттааҕа көстүбүтүн үрдүнэн, итинник бэлиитикэ салгыы бара турара букатын өйдөммөт», – диирэ оруннаах. Дьиҥинэн көдьүүстээхтик үлэлиир, үгүс уустугу, моһолу туораабыт, үлэлиир кыаҕын көрдөрбүт «Элгээйитээҕи эт-үүт кэмбинээтэ» ХЭТ-кэ үлэлиир кыаҕы биэриэххэ баар. Оччотугар сайдыы барыа этэ. Холобур, кэмбинээт 2015 сылтан 2018 сылга диэри кэмҥэ сыллааҕы табаар эргиирин икки төгүл үрдэтэн, барыстаахтык үлэлиири ситистэ. Сыллата төлөнөр бары нолуогу, төлөбүрү төлөөбүтүн кэннэ туох да иэһэ суох сылы туоруура да элбэҕи этэр, көрдөрөр.

Билигин тыа хаһаайыстыбатын сүөһүтүн бары көрүҥүн анал өлөрөр, эттиир сыахха астыыр ирдэбил турда. Оттон оннук тэрил Прокопий Степанович тэрилтэтигэр баар. Кыралаан тупсарда, уларытта да үлэлээбитинэн барар кыахтаах. Улууска саҥаттан итинниги тэрийэ, тэрил атыылаһа сатыыр ороскуоттаах. Онон Прокопий Степанович этиитин ылынар буоллар көдьүүһэ элбэх буолуо этэ. Сыл аайы тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар бырагыраамаҕа тустаах ХЭУо киирбэт диэн, көмө үптэн кэлтэгэй да кэппиэйкэ көрүллүбэтэ букатын сыыһа. Көмөнү дьиҥ үлэлээн көрдөрбүт, уопутурбут тэрилтэҕэ оҥоруохха. Оччотугар тыа дьонун дохуота, сүөһүтүн ахсаана эбиллэр кыахтаах.

Николай Чуор биэрбит сыанабыла сөптөөҕүн кэлиҥҥи сылларга кэмбинээт оҥорон таһаарыытын элбэтэн иһэрэ, сылы барыстаахтык түмүктүүрэ, үлэһиттэрин хамнастыыра да туоһулуур.

Кэмбинээт кэлэктииппин, дьоммун-сэргэбин хамнастыыбын, олохтоох, хаачыстыбалаах аһынан хааччыйабын диэн улахан соругу ылынан үлэлээбитэ үйэ чиэппэрэ буолбуттарынан истиҥник эҕэрдэлээн туран, ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ. Үрдүкү салалта бу суруйууну болҕомтоҕо ылан, сөптөөх быһаарыыны ылыннар ханнык.

Борис ПОТАПОВ.

Сунтаар.

«Кыым», 2019 сыл муус устар 11 к.

*  *  *

 

СУОРАТТАН – ЫРААС УУГА ТИИЙЭ

1994 сыллаахха үп-харчы өттүнэн   кыпчыттарыыга ылларан Сунтаар астыыр-үөллүүр комбинатын нэһилиэктэрдээҕи салааларынан араарарга күһэллибиттэрэ. Элгээйигэ тэриллибит комбинакка директорынан П.С. Акимов анаммыта. Ол кэмтэн ыла үгүс түбүктээх күн-дьыл устан ааста.

Күн бүгүн комбинат 100 үлэһиттээх, таас астыыр-үөллүүр комплекстаах, кондитерскай сыахтаах, бэкээринэлээх улахан тэрилтэ буола үүннэ. Эт-үүт ас арааһын, килиэби, бэл вермишели астаан улуус киинигэр, Кутана, Күүкэй, Кэмпэндээйи, Элгээйи нэһилиэктэригэр баар фирменнэй маҕаһыыннарыгар атыыга таһаарар. Ону таһынан Күүкэйгэ, Кутанаҕа арыы собуоттарын үлэлэтэр. Итинэн, нэһилиэнньэ сүөһүттэн ылар бородууксуйатын миэстэтигэр туттаран, эрэйэ суох үп киллэринэригэр табыгастаах усулуобуйаны тэрийдэ.

Комбинат үүтү астыыр, мокоруон, кэтилиэт оҥорор сыахтарыгар омук сиригэр оҥоһуллубут 37 астыыр тэрил арааһа таҥыллан турар. Сотору ууну ыраастыыр линия үлэтин саҕалыаҕа, тэрилин 80 %-на аҕалылынна. Бу барыта Прокопий Степанович «Туймаада» ҮАПК-ттан 2 мөлүйүөн 900 тыһ. солк. кредити ылары ситиһэн, онно үктэллэнэн хааччылынна.

Ол эрээри уон түөрт сыллаах үлэ барыта ситиһиинэн, үөрүүнэн-көтүүнэн эрэ аргыстамматаҕа. Алдьархай көһүппэтэх өттүлэриттэн ааҥныы сылдьыбыта. 1998 сыллаахха электроэнергия ситимиттэн уот туран икки «КамАЗ» массыына, 1 мөл. солк. суумалаах табаар кытарарга былдьаммыта. Аны Новосибирскайтан таһаҕас аҕалан испит массыыналара аара халаммыта, киһи өлбүтэ. Тэрилтэ онон тобуктаабыт курдук буолбута. Киһи хомойоро баар, оччолорго улуус өттүттэн күттүөннээх көмө оҥоһуллубатаҕа… Манна коллектив дьэ дьиҥ-чахчы тэрээһиннээҕин өссө төгүл көрдөрбүтэ, эмиэ субуотунньуктар, хардарыта көмөлөсүһүүлэр күөстүү оргуйбуттара. Ол түмүгэр комбинат чөлүгэр түспүтэ.

2007 сыл. Улуус киинигэр «Бойом» ХЭО диэн астыыр-үөллүүр комбинат баар. Эмиэ, хомойуох иһин, диирбитигэр тиийэбит, П.С. Акимов бэрт кэскиллээхтик үлэлии олорор комбинатын «Бойомҥо» холбуу сатааһын политиката ыытыллыбыта. Биллэн турар, коллектив бу тэрээһини ылымматаҕа. Ол иһин, күһэйии бэрээдэгинэн, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын дьаһалынан, комбинат сылга 850 тн үүтү тутар былааннааҕыттан 140 тн «Бойомҥо» биэрбиттэрэ. Төрдүттэн сыыһа дьаһал уһун үйэтэ суох буолааччы.

«Бойом» ХЭО ГАЗ-66 массыынанан улуус киинигэр Күүкэйтэн, Кутанаттан, Күндэйэттэн үүтү таһа сатаан баран, ороскуота бэрдиттэн олуллан сайын ортотугар аккаастанарга тиийбитэ.

– Ис дьиҥэр сылга 850 тн үүтү тутар былаан биһиги холбутугар кыра, – диир Прокопий Степанович, – 2007 сыллааҕы былааммытын алтынньы ыйга толорбуппут, онон хаалбыт икки ыйга 2008 сыл суотугар үлэлииргэ күһэллибиппит. Онон квота кээмэйин 950 тн тиийэ үрдэтэри туруорсабыт.

Кырдьык, комбинат бары көрдөрүүлэринэн толору кыаҕырда. 2008 сылга 850 тн үүтү, 10 тн эти, 5 тн оҕуруот аһын тутан астыыр-үөллүүр былааннаах, 2007 сылга 140 тн килиэби оҥорбут буоллаҕына, быйыл 200 тн тиэрдэр соруктаах.

Дьэ, маннык киэҥ хоннохтоохтук үлэлээн, сорук туруорунан олорор сүүнэ комбинат инникитин моһоло суох үлэлииригэр толору эрэллээх дуо? Эрдэ этэн кэбиһэр буоллахха, эрэллээх да, суоттанар да. Онуоха төрүөттэр бааллар.

Быйыл улуус бюджетыттан тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар 8,5 мөл. солк. көрүлүннэ (былырыын баара-суоҕа 2,5 мөл. солк. бэриллибитэ). Бу – улуус дьаһалтата, чуолаан баһылык В.И. Тихонов, тыа хаһаайыстыбатын салаатын тосту өрө көтөҕүү, үөһэ таһаарыы суолугар киллэрэргэ туруоруммутун туоһута буолар. 100 үлэһиттээх, олохтоох бородууксуйаны хоннохтоохтук оҥорор, сүүнэ комбинат директора баһылыкка приёмҥа киирэн, инники соруктарын кэпсээн сэҥээриини ылбыта. Ол түмүгэр Элгээйини уонна кини тула сытар нэһилиэктэри иһэр уунан хааччыйар сыалтан, комбинат ыраас ууну кутар линиятын ситэриигэ, улуус көмө быһыытынан 500 тыһ. солкуобайы көрөр буолла. Баһылык комбинакка өйөбүл буолар илиитин утары уунуута манан эрэ муҥурдаммат. Толооҥҥо үүтү тутар пууҥҥа анаан 250 тыһ. солкуобайы көрөргө сөбүлэһии оҥорсубута эмиэ улахан өйөбүл. Билигин коллектив «үтүө киһи биир тыллаах үтүө ат биир кымньыылаах» диэн өйдөбүлүнэн салайтаран, улуус баһылыга эппит тылын толороругар бүк эрэнэн ох курдук оҥостон, кустук курдук куоһанан үлэлии-хамсыы сылдьар.

Республика үрдүнэн кооперациялаһыы күүскэ ыытыллар. Ол сиэринэн, Элгээйи комбинатын кооперативка уларытан тэрийэргэ этии тыа хаһаайыстыбатын управлениетын өттүттэн күнтэн-күн күүһүрэр…

Тыа сирин үлэлээн иитиллээччитэ кэһэйбитэ үгүс. Араас программа ылылла-ылылла суол ортотуттан сүппүтэ, симэлийбитэ үгүс. Ханна баалларый билигин «Саха алаас», «Саха фермер» тэрилтэлэр, АССО программа? Тыа дьонугар боччумнаах көмөнү оҥорбокко уу буолан устубуттара, тыал буолан көппүттэрэ мэлдьэх буолбатах. Ол иһин Прокопий Степанович сэттэтэ кэмнээн, сүүстэ ааҕан-суоттаан оломун үчүгэйдик булар, быһата бу хамсааһын төһө кэскиллээҕин кэтээн көрө түһэр санаалаах. Оробуочайтан саҕалаан директорга тиийэ үүммүт, этэргэ дылы «буут тууһу сиэбит» үрдүк кылаастаах специалист, үгүс салайааччы кыайбатаҕын кыайбыт, үлэлээбэтэҕин үлэлээбит киһи быһаарыныыта саамай сөптөөх диэн бар дьоно сыаналыыр.

Дмитрий ФИЛИППОВ.

«Саха сирэ»,

2008 сыл ыам ыйын 28 күнэ.

*  *  *

 

ЭМИС ЭТ, СЫАЛААХ БЫЫҺАС…

Бу күннэргэ идэһэ өлөрүүтүнэн сибээстээн тыа нэһилиэктэригэр эт дэлэйдэ. Оттон Сунтаар улууһун иккис бөдөҥ сэлиэнньэтигэр – үс тыһыынча нэһилиэнньэлээх Элгээйигэ эт-үүт комбинатын түбүгэ эмиэ элбээтэ. Эһиги бу хаартыскаҕа көрөр, омос көрдөххө преподавательгэ дуу, учёнайга дуу маарынныыр киһигит Прокопий Степанович Акимов, эт-үүт комбинатын директорынан үлэлиир. Кинини кытта мин производство, предприятие балаһыанньатын туһунан сэһэргэстим.

Корр.: Мин быйыл сайын, күһүн Элгээйигэ сылдьан рынок сыһыаннаһыыларыгар даҕайсан саҥалыы дьаһанан үлэлиир предприятиелары көрөн сэргээтим. Этэргэ дылы Элгээйигэ, эргиэн туочукаларыгар чыычаах үүтэ эрэ суох. Маҕаһыыннарга, олохтоох рынокка ас-таҥас, оҕуруот аһын эгэлгэтэ, атын табаар дэлэй. Эмис эти, сибиэһэй арыыны ханнык баҕарар олбуорга, Дьокуускай киэнинээҕэр лаппа чэпчэки сыанаҕа атыылаһыахха сөп. Дьэ оттон эһиги эккит-үүккүт комбината атыыта-тутуута, туруга хайдаҕый?

П. Акимов: Элгээйитээҕи эт-үүт комбината 1994 сыллаахха муус устар 1 күнүгэр тэриллибитэ. Ити кэмҥэ нэһилиэктэринэн ыһыллыы, баайы-дуолу үллэстии бара турара. Комбинат тэриллиитин сүрүн соругунан, рынок сыһыаннаһыылара тыа сиригэр олохсуйар кэмнэригэр нэһилиэнньэ кыаммат араҥатын этин-үүтүн батарыы, сүөһүттэн ылыллар бородууксуйаны астаан оҥоруу буолбута. Бородууксуйабыт ассортимена кэҥиир: ыыһаммыт эт, халбаһы, макарон оҥоһуктара, килиэп, кондитерскай астар. Ааспыт сылга нэһилиэнньэттэн 250 тонна үүт, 30 тонна эт тутулунна. Эргиэн кээмэйэ 1,8 миллиарка тириэрдиллибитэ. Биһиги тэрилтэбит урукку «Элгээйи» совхоз территориятын – 5 нэһилиэгин хабар Сунтаарга, Элгээйигэ фирменнэй маҕаһыыннардаах, нэһилиэктэргэ атыылыыр ларёктардаах. Тэрилтэбит 30 үлэһиттээх. Бастаан утаа 50 мөлүйүөн солкуобай эрэ баайдаах-дуоллаах этибит. Икки арыы завода баарыттан биирдэрэ сууллан турара. Техника суоҕа. Ол кэмҥэ дотация букатыннаахтык уурайбыта. Баан кредитин бырыһыана тос курдук улааппыта. Онон бэйэ ис кыаҕынан үлэни ыыттахха эрэ балаһыанньаттан тахсар суол баара. Бастаан тэриллэрбит саҕана государственнай бас билии күүстээх этэ. Билигин коллективнай, чааһынай бас билии күүһүрдэ. Ити атын ирдэбиллэри туруорда.

Бааннар государственнай тэрилтэлэргэ кредити биэрбэт буоллулар, солуок баай-дуол кыайан ууруллубат. Баай-дуол кимиэхэ буолара чуолкай биллибэт. Ол иһин тэрилтэ бас билиитэ коллективнай буолуон наада. Ити коллектив чилиэннэрин эппиэтинэһин үрдэтиэ, кредиттэри таба туһаныыга толору кыаҕы биэриэ, бэйэ дьаһанар күүһэ үөскүө этэ.

Корр.: Тэриллиигит үс сылын устата туох үтүө уларыйыылар баалларый?

П. Акимов: Бу кэм устата икки боксалаах, котельнайдаах, подсобнайдаах гараж, бэкээринэ уонна хонтуора дьиэтэ, арыы заводугар котельнай, буойунаҕа подсобнай, Сунтаарга бэкээринэ, фирменнэй маҕаһыын дьиэтэ тутулуннулар.

Котельнайдар ититэр ситимнэрэ таҥылынна. Элгээйи сэлиэнньэтигэр арыы заводугар саҥа мини-оборудование баар буолла. Маны кытта сэргэ халбаһы, вермишель оҥорор сыахтар оборудованиелара атыылаһыллан үлэлии тураллар.

1997 сылга Кутанатааҕы үөрэтэр-производственнай комбинакка икки боксалаах подсобнайдаах гараж тутулунна. «КамАЗ», «ЗИЛ-131», «УАЗ», «ГАЗ-53» массыыналар атыылаһылыннылар. Новосибирскайтан 2 мини-бэкээринэ тиэйэн аҕаллыбыт. Барыта икки миллиартан ордук суумалаах тутар-таҥар үлэ барда эрээри, хомойуох иһин, биир да солкуобай тутуу харчыта төлөммөтө. Тыа хаһаайыстыбатын, аска-үөлгэ министерствота 1997 сылга 250 мөлүйүөн солкуобай хамнас харчытын биэриини былааҥҥа киллэрбитэ да олоххо киирэр кыаҕа суох курдук буолла.

Корр.: Эһиги курдук бөдөҥ нэһилиэккэ эт-үүт комбината баара бары өттүнэн туһалаах. Онон государственнай өйөбүл, нолуогунан хайытыыга чэпчэтиилэр эҥин баар буолуохтаахтар этэ. Ол хайдаҕый?

П. Акимов: Бородууксуйаны оҥорон таһаарар тэрилтэ быһыытынан баһаам харчыны надзорнай тэрилтэлэргэ төлүүбүт. Холобур, санэпидстанция объектары паспордааһынын, бородууксуйаны сертификациялааһынын өҥөлөрүн төлөбүрэ 1997 сылга 15 мөлүйүөн солкуобай буолла. Аны санэпидстанция уонна ветеринарнай станция ыытар үлэлэрин хоһулаһыыта эмиэ биһигини атахтыыр.

Республика статуправлениетыгар кодка промышленнай тэрилтэ курдук киирэрбитигэр ханнык да чэпчэтии суох, табаарга кредит көрүллүбэт, нолуок күн аайы үрдүү турар.

Быйыл урут суох, бэйэ оҥорон таһаарыытыгар НДС нолуога эбии киирдэ. Онон бу нолуогу соттоххо эрэ үрүҥ харахпытын өрө көрүөхпүт. Аны саамай ыалдьар боппуруоспут диэн тэрилтэбит мэктиэтэ суох буолан Правительство кредитин ылар кыаҕа суох.

Корр.: Биир ыарахан боппуруоһунан рынок, батарыы буолаллар. Илин эҥэр улуустара эттэрин-үүттэрин, атын бородууксуйаны 230 тыһыынча кэриҥэ нэһилиэнньэлээх Дьокуускайга, Хаандыгаҕа, Алдаҥҥа уо.д.а. рабочай бөһүөлэктэргэ тиийэ батараллар. Кинилэргэ анаан-минээн сүдү улахан «Сайсары» бааһынай рынога үлэлиир. Оттон Сунтаар курдук чиэски сиртэн бэйэтин рыногын толору хааччынар отут эрэ тыһыынчалаах нэһилиэнньэлээх Мирнэйгэ бородууксуйаны батарар уустук. Маны туох дии саныыгын?

П. Акимов: Мирнэй промышленнай тэрилтэлэригэр сыһыартаан Сунтаар этин-арыытын туталларыгар тоҕоостоох усулуобуйа тэриллиэн наада. Ол туһуттан Үп министерствотын нөҥүө улууска харчы быһа кэлэрин, табыгастаах хардарыта төлөһүү, чэпчэтиилээх кредит, хардарыта аахсыы көрүҥнэрэ олохсуйалларын ситиһиллиэхтээх.

Корр.: Производствоны кэҥэтиигэ, бородууксуйа ассортименын элбэтиигэ туох үлэни ыытаҕытый?

П. Акимов: Сүрүн болҕомтобутун саҥа технологияны олоххо киллэриигэ уурабыт. Ыыһаммыт эти, бурдук астары суулуур оборудованиены буларга дьулуһабыт. Сылгы этэ кыайан атыыга барбатынан төбө ахсаанын аҕыйатар быһыы-майгы үөскээтэ. Онон сылгы этин ыыһаан батарыы соруга турар. Уопсайынан, дьон ыыһаммыты олус хамаҕатык атыылаһар эбиттэр. Инники өттүгэр Элгээйигэ фирменнэй маҕаһыын, Сунтаарга кафе, рынок, гараж тутуохпут. 150 мөлүйүөн суумаҕа үүт бородууксуйатын суулуур оборудование ылыллыахтааҕа үптэн-харчыттан иҥнэн турар. Дьэ ити курдук үлэ үөһэ үлэ, былаан үөһэ былаан. Өйөбүллээх буоллахпытына өссө күүскэ үлэлиэхпит дии саныыбын.

Кэпсэттэ Станислав АЛЕКСЕЕВ.

«Саха сирэ», 1997 сыл алтынньы 11 күнэ.

*  *  *

 

VII түһүмэх

ЭР КИҺИ БУОЛАН, САА ТУТАН, ОЙУУРГА, СИРГЭ ХААМАН

 

Байанай биэрдэҕинэ биэрэр

Урут солото суох буолан бултаабатым. Дьиҥэр, урукку оҕо сиэринэн, 10 сааспар 28 калибрдаах, уонча тимир ботуруоннаах субуйааҥкы саанан аҕам чугастааҕы күөлгэ кустата ыытара. Дулҕа үрдүгэр олорон кустар чугаһаатахтарына ыта олорорум. Субуйааҥкы диэн затвордаах, туоһапка курдук уһун уостаах саа. Былыргы бинтиэпкэни булт саатыгар уларытан оҥорбут этилэр. Уоһа уһун буолан куһу ыраахтан өлөрөрө, сүнньүөххэ өссө үчүгэйэ. Өлөрбүт куспун долгун кытыыга таһаарарын кэтэһэрим. Ылан үөрэ-көтө дьиэлиирим. Онтон арыый бириэмэлэнэн кэлин куска, балыкка сылдьар буолбутум.

1980 сыллаахха сопхуоска кылаабынай зоотехниктыы сылдьабын. Суоппарбынаан бортовой УАЗ массыынанан киэһэ 8 чаас саҕана Сунтаартан тахсан Элгээни ааһан истэхпитинэ суол кытыытыгар мастар быыстарыгар тайах турар. Ахсынньы, халлаан тымныы. Саабыт суох. Элгээҥҥэ киирэн сэрии бэтэрээнэ оҕонньор олороруттан, тайах этэ бэрсиэх буолан, сүнньүөхтээх саа уларыстыбыт.

Суоппарым үөмэн киирэн биирдэ ытан кэбистэ. Үөрүү-көтүү буолла. Массыынаҕа сылдьар мулук буолбут сүгэнэн, быһаҕынан начаас тириитин сүлэн, эттээн массыынабытыгар тиэнэн кэбистибит. Оҕонньорбутугар саатын кытта этин биэрдибит. Үөрдэ, кырдьар сааспар тайах этэ сиир буоллум дии хаалла.

Эппитин аҥардаһан кэбистибит. Тыһын суоппарым унтуу тиктэриэм диэн ылла. Мин төбөтүн уонна тириитин ыллым. Ол эппин буһарбытым миинэ кылыгыр уу, өссө күүгэннээх. Ыран, быстаран турар тайахха түбэспит эбиппит. Этин сүөһү этигэр булкуйан кэтилиэттээн сиэтибит. Тириитин тэллэх оҥостуом диэбитим  таба  киэнин  курдук  буолбатах эбит. Түүтэ түһэ, ыһылла сылдьар. Бырахтым. Былыр тайах түүтүнэн аһара көп, ичигэс бэриинэ тиктэр эбиттэр, бырахпаттара. Муоһунан сувенир оҥорон дьиэбэр ыйаан турабын.

Элгээйигэ өрүс уҥуор III Бордоҥ диэн киэҥ сирдээх түбэ баар. Урут холкуос, III Бордоҥ бөһүөлэгэ баара. Сорох сирэ Күүкэй нэһилиэгэр киирэрэ. Мин ыалым Борокуоппай 50-с сыллардаахха нэһилиэк мунньаҕар Күүкэйгэ барарбыт диэн кэпсиирэ. Сирэ-уота дулҕа, талах айааннардаах, оттуур киэҥ ходуһалаах. Билигин 100 саха ынаҕын иитэр ферма, сылгы звенотун «Түбэ» производственнай базата баар.

Талах айааннарынан сорох сыл хотуттан табалар охсуллан ааһаллар. Онно түбэһиэхпит диэн 4 буолан сарсыарда 8 чаастан боруҥуйга бортобуой УАЗигынан табалыы, мас көтөрдүү бардыбыт.

Суолбут айааннары быһыта охсон барар буолан көстүүтэ үчүгэй. Сорох сиринэн айааннары батабыт. Дулҕата үрдүк сиргэ массыынабыт ыйанар. Оччоҕо тахсан дулҕабытын кэрдэбит. Халлаан 40-ча кыраадыс тымныы. 11 чаас буолан халлааммыт лаппа сырдаата.

Суол кытыыларынан үүнэн турар талахтартан массыынабыт тахсарыгар от үрэххэ 5 таба хаһан аһыы тураллар. Мин «Тигр», Баһылай «Вепрь» карабин саалардаахпыт. Саабытын-сэппитин иитинэ охсон таһырдьа ыстаҥалаһан таҕыстыбыт. Табаларбыт дьэ көрдүлэр, хамсаан бардылар, чычаастар.

Мин карабиммын улахан булчут Леонидка куду астым. Икки буолан ытыалаан куйуһуттулар. Ырааҕа биһигиттэн 300 м курдук. Хас биирдиилэригэр 10-нуу ботуруон киирэр биирдии обойманы таһаардылар. Ол аата сүүрбэтэ ыттылар. Биир таба сүүрэн иһэн умса барда. Тоҕо бэрдэй, итиччэ элбэхтэн биири эрэ хааллардыбыт диэн хомойуу буолла. Буулдьалар табалар сүүрэн истэхтэринэ уҥуор маска табыгыраспыттарыгар, тыаһырҕаан арай биһиэхэ төттөрү сүүрэн иһэллэр. Ким эрэ биһигини бултааҥ диэн үүрэн аҕалбытын курдук.

Дьонум талаҕынан хаххаланан, тобуктаан олорон ытыалаатылар. Икки таба табыллан умса барда, ордубуттара от үрэх уҥуор мастарга киирэн хааллылар. Үс табаны астаан хол-буут үллэһиннибит. Сирбитин аһаттыбыт, Баай Байанайбытыгар махтанныбыт. Үөрэн-көтөн эбиэт кэннигэр дьиэбитигэр баар буоллубут. Хор, Байанай биэрдэҕинэ баайан турар курдук өлгөмнүк бултатар. Аны Байанай биэрэр-биэрбэт киһилээх буолар. Булчуттар тыаҕа байанайдаах киһини илдьэ сылдьаллар.

Байанайбыт хас да улары биэрдэ.

Сыл аайы бэс ыйын 20-с күннэригэр Дьокуускай ыһыаҕар сылдьа массыынанан айанныыбын. 55 сааспын от ыйыгар туолуохтаахпын. Кэргэмминээн айаннаан истибит. Халлаан курааран аххан турар. Үргүччү түүннэри сырдык, үчүгэйэ сүрдээх. Арай ыһыах буолан массыына элбэҕэ бэрт, быыл да быыл.

Үөһээ Бүлүү паромун кэтэһэ турдахпытына улуус главатын массыыната кэллэ. Капоппун аһан көрбүтүм аккумуляторым босхо барбыт, туттарыктара түһэн хаалбыттар. Ол мучумааннана турдахпына суоппара кэлэн «бу хаарбах массыынанан  ханна  бардыҥ?»  диэн ыйытар.

«Ыһыахтыы, Дьокуускайдаан иһэбин» диибин. «Хата, аккумуляторбын баайыахпын бэриэпкэлээҕиҥ буолаарай» диэн аны мин ыйыттым. Киһим кэлэйбиттии сапсыйан баран: «Үйэ уларыйан бачча ыраах суолга эҥин араас суоппардары көрсүллэр ээ», – диэт массыынатын диэки бара турда. Парому туораан, обгоннаан иннибэр түһэн бурҕата турда.

Бүлүүгэ заправкалана турдаҕына ситэн аастым. Түргэн айаны сөбүлүүбүн. Чайнойдар астарыттан иһим ыалдьар буолан тохтообоппун. Заправкаланар кэммэр сымыыт, халбаһыылаах килиэп сиибин, бытыылкаҕа чэй кутта сылдьарбыттан иһэбин. Хараҥаҕа хараҕым мөлтөхтүк көрөр, онон халлаан сырдыгар куораты буларым ордук. Ол иһин пассажирдары ыла сатаабаппын.

Айаннаан түүн 3 саҕана, бүтэһик бөһүөлэги ааһан, куоракка тиийэрим 30-ча км хаалбытын кэннэ, хараҕым кырыытынан көрдөхпүнэ суол уҥа өттүттэн иннибэр таба ыстанан таҕыста. Төбөбөр массыынам иннин тоҕо көтөр буоллум, фарам эҥин ороскуота диэн санаа кылам гынна. Туора тутан аһара сатаатым да, сатаммата. Табам инники хомурҕанын бампербынан тосту көтөн кэбистим.

Ыксал буолла, хайдах быраҕан кэбиһиэхпиний. Бастакы омуммар табабын багажникка быраҕа сатаатым да, кыайтарбата. Кювекка төкүнүппүтүм ардах уулаах эбит. Массыынабыттан сүгэ ылан тириилэри-баҕастары түөрт гынан эттээтим. Сыа-сым курдук астаан уктан кэбистим. Астыыр кэммэр кэргэммэр: «Глава массыынатын манаа, тохтотоор. Сайын бу үлүгэр эти ханна гыныахпытый, бэрсиэхпит», – диэтим.

Сотору соҕус массыынабыт иһэрэ көһүннэ. Тохтото сатаатыбыт да бара турда. Инньэ гынан эттэн матан тураллар. Сарсыныгар ыһыахха билэр дьоммутун этинэн күндүлээбиппит, шашлыктаабыппыт. Баай Байанай биэрдэҕинэ сымыйанан эппит курдук куду анньан бултатар.

Ол иннигэр элбэхтэ тайаҕы ытан сыыһан турабын. Бу киһи саанан бултуо суох диэн, 55 сааспын туоларбынан, массыынабар табаны киллэрэн биэрэн турар. Куораттан тэйиччитэ буоллар ити үлүгэр куйааска сыттанан да хаалыан сөп этэ. Дьэ ол иһин тыаҕа бултуу таҕыстыбыт да сирбитин-уоппутун аһата, Баай Байанайга айах тута, көрдөһө-ааттаһа сылдьааччыбыт.

Табаарыһым Баһылай күһүн буолла да арендаласпыт ыырыгар, III Бордоҥҥо, аттанан-таймаланан түүлээххэ бултуур. Сорсуннаах булчут. Сүрүн булда саарба. Саарба элбээн бөһүөлэк чугаһыгар эмиэ бултууллар. Урут биһиги түбэҕэ суох күндү түүлээх этэ. Ол оннугар тииҥ, куобах биллэ аҕыйаата.

III Бордоҥҥо, сылгы базатыгар, төлөпүөн баар. Онтон миэхэ эрийэр. «Кырдьаҕас арҕаҕа буллум, бултуоххайыҥ. Ыксаан тахсан баран хаалыа. Массыынанан кэлиҥ. Успуускабыттан биэрэстэ курдук, суола үчүгэй», – диэн ыҥырда.

Мин табаарыһым Иигэрдиин фермер УАЗигынан киэһэлик тиийдим. Успуускаҕа хонон баран сарсыарда сырдыкка барыахпыт диэн сүбэлэстибит. Халлаан тымныйда. Ол киэһэ Байанайтан бултатарыгар көрдөһөн уокка ас кээстибит, саабытын-сэппитин көрүннүбүт.

Мин саҥа «Тигр» карабиннаахпын, арыытын ыраастыы, сууйа иликпин. Игорь кинокамералаах. «Арҕах инниттэн булду устаар, кэлин көрөн ахта-саныы сылдьыахпыт» диэтибит.

Ол түүн мин түүл түһээтим. Түһээтэхпинэ күн чаҕылыччы тыган турар. Итииргээн бөһүөлэк кытыытыгар карьерга киирэн төбөбүн сууна турдахпына дьахтар тиийэн кэллэ. Эйэргэһэн сүрдээх. Кэпсээннээх буолла. «Мин икки оҕолоохпун. Оҕолорум оскуолаҕа киириэхтээх этилэр да кыаҕым суох буолла. Оскуолаҕа ыыппатым» диир. Уһуктан хааллым.

Сарсыарда Баһылай «түүл-бит хайдаҕый?» диэн ыйытта. Түүлбүн кэпсээн эрдэхпинэ тохтотто, «кэпсэммэт» диэтэ.

Массыынанан успууска анныгар баар от үрэҕи туораан уҥуоргу тыаҕа кыра соҕустук бара түһэн баран тохтоотубут. Мантан чугас үһү, сатыы барар буоллубут. Баһылай ыттарын сиэтэн бастаата. Мин кэннибиттэн Игорь иһэр.

Сотору «арҕах манна баар» диэн баран ыттарын ыыталаан кэбистэ. Мин көрдөхпүнэ ыттар мас анныгар тугу эрэ үрдүлэр. Баһылай тиийдэ да саҥа быгыалаан эрдэҕинэ ыппыта кырдьаҕаһа ньимис гынан хаалла. Буруо курдук туох эрэ таҕыста.

Үчүгэйдэттибит диэн буолла. Бүө маһа суох түргэн бултааһын буолбута. Дьиҥэр, кырдьаҕас дьон кэлэрин билэ сыппыт. Тахсан баран да хаалыан сөбө. Уоскуйа түһэн баран арҕахха киирээри олордубут. Баһылай туран, мас ылан арҕаҕы булкуйбутугар иһирдьэ мучумаан буолла. Оҕолоох эбит диэн баран ытта. Онтон эмиэ маһын ылан булкуйбута өссө биир баар эбит. Мин карабиммынан ыппытым дьэ чуумпурда.

Олорон өссө уоскуйдубут, кырдьаҕаспыт икки оҕолоох эбит. Дэҥҥэ көстөр түбэлтэ. Игорь ити үлүгэр туттууну-хаптыыны устубакка да хаалла. Оннук түргэнник бултаатыбыт. Ону «куттанан, кэннибитигэр сылдьан устубатыҥ» диэн хаадьылыыбыт.

Икки оҕолоох кырдьаҕаһы бултаан баран.

Эдэр киһи быһыытынан киирэн быалаата. Аарыма кырдьаҕас эбит. Үс буолан, сорунан туран, нэһиилэ таһаардыбыт. Оҕолорун хостоотубут. Сэттэтин ыраастаан арҕах ааныгар бугуллаатыбыт. Этиттэн үтэһэҕэ үөлэн арҕах таһыгар хаарга туруору астыбыт. Байанайбытын аһаттыбыт, бултаппытыгар махтанныбыт. Астаан, сүлэн массынабытыгар тиэнэн успуускабытыгар кэллибит.

Баһылай бу иннинэ кырдьаҕаһы элбэхтик бултаабыт буолан кыыл майгытын-сигилитин билэр. Соҕотоҕун бултуура. Дьиҥэр, быгыалаан тахса сатаабатаҕа буоллар, арҕаҕар бүө уган наҕылыччы бултаныахтаах этэ. Кэтэнэ сыппыт буолан тэһии этэ.

Нэдиэлэ курдук буолан баран миэхэ курумнаатыбыт. Иһин сыатын ыргыччы буһардыбыт. Сүрэхпитин астаран кыайан сиэбэтибит. Үтэһэлээн табаарыстарбытыгар бэристибит. Улахан бырааһынньык буолбута. Эһэ байанайа улахан, киһини кытта сибээстээх дииллэрин итэҕэйэбин. Карабиммын кэлэн баран көрбүтүм – ботуруонун бырахпатах, харан хаалбыт этэ. Тахсыбыта буоллар иккиһин ытар кыаҕым суоҕа. Тымныыга арыыта тоҥон хаалар эбит. Онон улахан булка бараары туран     сааны-сэби  үчүгэйдик көрүнэр наада.

Баай хара тыаҕа таах хаама да сылдьар астык.

 

VIII түһүмэх

ДАСТАБЫРЫАННЬАЛАРА.  НАҔАРААДАЛАРА

 

БЭЛИЭЛЭР

Тыа хаһаайыстыбатын Дьокуускайдааҕы техникумун бүтэрбит бэлиэтэ.

 

СГУ-ну бүтэрбит ромбига.

 

Тыа хаһаайыстыбатын Красноярскайдааҕы институтун бүтэрбит бэлиэтэ.

 

Республика сайдыытыгар кылаатын иһин.

 

65 сааһынан СӨ Бырабыыталыстыбатыттан.

 

РФ Президенигэр бастайааннай бэрэстэбиитэл махтала.

 

Федерация Сэбиэтин чилиэнэ А.К. Акимов махтала.

 

СӨ тыатын хаһаайыстыбатын сайыннарыыга кылаатын иһин.

 

Элгээйи нэһилиэгэ төрүттэммитэ 250 сылынан бэлиэ.

 

Саха АССР 100 сылынан наҕараадата.

*  *  *

 

IХ түһүмэх

ААСПЫТ ЭБИТТЭР ҮТҮӨКЭННЭЭХ ДА ТҮГЭННЭР

 

Айылҕаттан дуоһуйуу

Кутана орто оскуолатын бүтэрбиппит 50 сылын кэнниттэн.

 

Оттон бу Дьокуускайдааҕы техникуму бүтэрбиппит 50 сылын кэнниттэн.

 

Өлүөнэ очуостарыгар тахсан иһэн…

 

Кыһын салгына ырааһа, сибиэһэйэ өссө ордук буолааччы.

 

Литваҕа курска үөрэнэ сылдьан ол дойду маһын таһыгар.

 

Канада. Аатырар Ниагара күрүлгэнин анныгар.

 

Айылҕаҕа сынньанарбытын бары да сөбүлүүбүт.

 

Айылҕаҕа. Бу сырыыга Наташалыын.

 

 

БАЛЫКТААҺЫН БИИР ТУСПА ТАТТАРЫЫЛААХ ДЬАРЫК

Илимнээтэхпинэ күүстээх үлэттэн чахчы сынньанабын.

 

Ити үлүгэрдээх көмүс хатырыктааҕы доҕорум Г.Е. Платонов дойдутугар Мэйиккэ тиийэн тэлгэтээччибит.

 

Илимҥэ туттарбыт балыкпытын сонно астаан кэбиһэр идэлээхпит.

 

Наташабын кытары дойдубар даҕаны сөп буолар көмүс хатырыктааҕы ылааччыбын.

 

Наташам билигин бэйэтэ улахан балыксыт.

 

Балыктыыр диэн хайдаҕын билигин сиэннэрбэр көрдөрөбүн.

 

Илиммитин сиэннэрбитинээн көрөбүт.

*  *  *

 

МУННЬАХТАР, КУРСТАР БИЛИИНИ-КӨРҮҮНҮ ХАҤАТАЛЛАР

СР бастакы Президенэ М.Е. Николаевтыын көрсүһүү кэнниттэн.

 

СР иккис Президенэ В.А. Штыров үрдүкү правительственнай наҕарааданы туттарар.

 

Эмиэ биир үөрүүлээх түгэн кэнниттэн.

 

Москваҕа тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар курска сылдьан.

 

Курстар бэйэбитигэр да буолааччылар.

 

Канадаҕа тиийэн курска үөрэнэ олоробут.

 

Канада тыатын хаһаайыстыбатын билсэбит.

 

Канада фермерин кытары.

 

Литваҕа тыа хаһаайыстыбатын оборудованиетын быыстапкатын көрө сылдьабын.

 

Литваҕа курска үөрэнэ сылдьан экскурсия.

 

Литваҕа курс аһыллыбытын кэннэ кураторбытын кытары.

 

Литваҕа курска бара сылдьан.

 

Аатырар Кытай тыатын хаһаайыстыбатын билсэ сылдьан.

 

Улууска тыа хаһаайыстыбатын сылын түмүктээһин.

 

СР Ил Дархана А.С.Николаев «Гражданскай килбиэн» бэлиэни туттарар.

*  *  *

 

ТЭРЭЭҺИННЭРИ ЫЫТЫЫ, БЫЫҺЫГАР СЫННЬАНЫЫ

Аҕам бирииһигэр ыытыллар сүүрүүгэ күрэҕи аһабын.

 

50-тан аҕа саастаахтарга миэстэлэспит дьону наҕараадалаан баран.

 

Аҕатын бирииһигэр туттарыллар Грамота.

 

Белокурихаҕа Г.Е. Платоновтыын сынньана сылдьан.

 

Биллэр-көстөр сирдэри дойдубар да интэриэһиргээн көрөөччүбүн. Мэйик. Аатырбыт Тэрэппиин атыыһыт ампаара.

 

Москваҕа тиийдэхпинэ хайаан да маннык сирдэргэ таарыйааччыбын.

 

Кытайга сынньалаҥ кэмигэр.

 

Литваҕа экскурсия кэмигэр.

 

ЭН-МИН ДЭСПИТ ЭРЭЛЛЭЭХ ДОҔОТТОРУМ, БИИР ДОЙДУЛААХТАРЫМ

СГУ-га бииргэ үөрэммит доҕорум Владимир Бурцев.

 

Кутана орто оскуолатыгар бииргэ үөрэммит доҕорум Лука Егоров.

 

Доҕотторум С.В. Корнилов (хаҥастан иккис), В.И. Уаров (мин уҥа өттүбэр) уонна И.Н. Петров (уҥа кытыыга) тураллар.

 

Бииргэ үлэлээбит доҕотторум. Хаҥастан уҥа: Игорь Яковлев, Георгий Исаков уонна Александр Миронов.

 

Табаарыһым Г.А. Иванов уонна быраатым Тимофей Романович.

 

Леонид Петрович 50 сааһыгар.

 

Убайым А.К. Акимов 50 сааспынан эҕэрдэлиир.

 

Биир дойдулаахтарым, учууталларым, аймахтарым.

 

 

Убайдар, атастар-доҕоттор.

 

Улуус Мунньаҕын Бэрэссэдээтэлэ Б.Е. Герасимов Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо ааты туттарар.

 

Табаарыстарым (хаҥастан уҥа) Василий Петров, Захар Босиков уонна Игорь Яковлев.

 

Күүкэйгэ киирии аартык.

 

ТӨРӨӨБҮТ-ҮӨСКЭЭБИТ ДОЙДУМ АЙЫЛҔАТА КЭРЭТИЭН!

*  *  *

 

ТҮМҮК ТЫЛ эбэтэр

КИНИ ҮЛЭТЭ – ҮӨРЭТЭР КИНИГЭ

Кинигэбитин бүтэрдибит, санаабытын сайа эттибит, былааммытын барытын толордубут. Онон бүтэһиктээх эмис туочуканы туруоруохпутун да сөп этэ эрээри туттунабыт. Ол өйдөнөр курдук. П.С. Акимов олоҕо салҕанар, бэйэтин айымньылаах үлэтэ-хамнаһа тохтуу илик, саамай кылаабынайа, тэрилтэтэ, дьэ, хонноҕо аһыллан, 30 сыллаах суолун-ииһин эргиллэн көрөн, саҥа саҕахтары арыйыа турдаҕа. Онон көннөрү аҕыйах түгэҥҥэ тохтоон, чуолкайдык эттэххэ, быһааран ааһары наадалааҕынан ааҕабын.

Оскуолаҕа сылдьан ахсааҥҥа мөлтөх этим эрээри, арааһа, сааһырдым быһыылаах, кэлин биир-икки диирбин, тарбахпын бүк баттыырбын сөбүлүүр буоллум. Дьэ, онон бастакы түгэн. Кинигэ, мин санаабар, сүрдээх баай ис хоһооннонно. Ол Прокопий Степанович бэйэтин олоҕун туох да эбиитэ-көҕүрэтиитэ суох хайдах баарынан кэпсээбитигэр, 40-тан тахса сыл устата ыыппыт үлэтэ-хамнаһа барыта бар дьонугар анаммытыгар көстөр. Олоххо тардыһыыта оҕо эрдэҕиттэн саҕаламмытын, көнө сүрүннээх, биир тыллаах, булгуруйбат дьулуурдаах, этиэм этэ, уһулуччулаах лиичинэс буола улааппытын болҕомтолоох ааҕааччылар бэлиэтии көрүөхтэригэр отой саарбахтаабаппын. Ол өссө кинини билинэр, ылынар, ытыктыыр, таптыыр дьонун, үлэһиттэрин санааларыгар, хаһыаттар суруйууларыгар истиҥ-иһирэх, үтүө тылларынан киэн туттуулаахтык ахтыллыбыт.

Иккиһинэн, кинигэбит иитэр-үөрэтэр суолтата, оруола олус улахан диэхтээхпин. Чугас дьонугар, аймахтарыгар, биир дойдулаахтарыгар эрэ буолбатах. Ол тас өттүгэр тахсар кыахтаах. Оннук этэрбэр миэхэ саха омук баарын, сүөһүтүн тутан олорорун тухары үүт туттарыыта салҕанан барыа, онтон оҥоһуллар араас бородууксуйа сандалыбытын син-биир киэргэтиэ, байытыа дии саныырым төрүөт буолар. Ол аата үүт аһы астааччыларга, переработка боппуруоһунан дьарыктанааччыларга Прокопий Степанович Акимов үлэтэ-хамнаһа, сырдыкка, үтүөҕэ, үйэлээххэ тардыһыыта – бэйэтэ үөрэтэр кинигэ. Оттон кини тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы, тыа сирин олохтоохторун интэриэстэрин иһин туруулаһыыта – булгуруйбат модун санаа холобура. Онон П.С. Акимов олоҕуттан, үлэтиттэн-хамнаһыттан киһи, салайааччы буолар санаалаах, кэскиллээх ким баҕарар холобур ылар кыахтаах. Кинигэбит иитэр-үөрэтэр суолтата итиннэ сытар.

П.С. Акимов курдук аартыгар киирбит суолгутуттан туораабакка өһөстүк, дьулуурдаахтык үүнэр күнү көрсүҥ, үлэ-үөрүү, кыайыы-хотуу үктэллэниҥ диэн алгыыбын!

Милан АФАНАСЬЕВ, кинигэ эрэдээктэрэ.

2024 сыл.

 

Хаартыскалар П.С. Акимов дьиэтээҕи архыыбыттан уонна В.П. Фёдоров түһэриилэриттэн ылылыннылар.

(“Ахтыылар” интернет-сайт, 2025 с. сэтинньи ый)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *