
Күндү мааны дьүөгэм
Олох кэрэ түгэннэрин
Көрөн-истэн сэҥээрэн,
Үйэлэргэ хаалларан
Дьоҥҥор-сэргэҕэр
Сүппэт өйдөбүлү аҕаллыҥ.
Оскуолатааҕы оҕо сааһым биир арахсыспат доҕоро буолан, күн бүгүҥҥэ диэри алтыһар, иһирэхтик саныыр дьүөгэм – Лида Петрова. Биһиги 8 кылаастан доҕордоһон, эн-мин дэһэн сылдьыбыппыт 60 сыла биллибэккэ ааста. Сыл-хонук түргэнник ааһар…
Быйыл күндү дьүөгэм бэс ыйын 20 күнүгэр 75 сааһын өрөгөйдөөх үбүлүөйэ буолаары турар. Улуу Кыайыы 75 сылыгар сөп түбэһиннэрэн дьүөгэлэр сайын хомуллан кыыспыт төрөөбүт күнүгэр, Сунтаарбыт Үрүҥ тунах ыһыаҕар сылдьа таарыйа тиийиэхпит диэн эрэнэ санаабыппыт, харантыын буолан тохтоотубут. Ол да буоллар дьүөгэбитин үөрүүлээх кэлэн иһэр мааны күнүнэн ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит. Куруутун бу курдук эдэрдии эрчимнээх, чэгиэн-чэбдик, уһун үйэлэнэригэр бука бары кылааһынньыктара баҕа санааларын ыыталлар.
Мин Лидалыын Сунтаар бастакы нүөмэрдээх оскуолатыгар 8 кылаастан бииргэ үөрэммиппит. Кини төрөппүттэрэ: аҕата Николай Герасимович Петров, ийэтэ Мария Николаевна учууталлар этилэр. Аҕам Илья Андреевич болокунуотугар үөрэппит оҕолорун испииһэгэр Лида төрөппүттэрин ааттара сурулла сылдьар. Оччолорго мин саамай ыраах Леснойга олорорум. Лидаҕа киирэн иттэн-аһаан ааһарым. Сырыттаҕым аайы дьоно, оҕолор наар кинигэ ааҕа олорор буолаллара. Ып-ыраас, чөп-чөкө дьиэҕэ элбэх оҕолоох иллээх дьиэ кэргэн олороро өтө көстөрө. Бары дьарыктаах, ол саҕаттан билиигэ-көрүүгэ тардыһыылара биллэр этэ.
Оскуолаҕа үөрэнэр кэммитигэр үс кыыс буолан доҕордоһорбут: Зина Ксенофонтова, Лида уонна мин. Үөрэнэн бүтэн иһэн өрүс үрдүгэр киэһэ үлэлиир маҕаһыын баара. Онно тоҥон чокуруһан иттэ киирэрбит. Оччотооҕу оҕолор тоҕо эрэ мэлдьи аһыахпытын баҕарарбыт. Атыыһыттан көрдөһөн килиэп быстаран, буһуу арыынан сыбатан, өссө барыанньалатан сиирбит эчи минньигэһиэн! Ол саҕана маҕаһыыҥҥа атыыһыт Дьарааһын диэн бэрт үтүө киһи үлэлиирэ. Минньигэс, сып-сылаас килиэби уунан турара билиҥээҥҥэ диэри харахпар көстөр. Дьэ ити курдук аһыныгас, чахчы киһи туһугар үлэлиир дьон элбэх этилэр.
Лида – кылаас биир бастыҥ үөрэнээччилэртэн биирдэстэрэ этэ. Математика, физика, химия предметтэринэн утумнаахтык дьарыктанара. 10 кылааһы туйгуннук бүтэрэн Москваҕа технологическай институтка киирэн ситиһиилээхтик үөрэнэн, олох киэҥ аартыгар эрэллээхтик үктэммитэ. Оччолорго Москваҕа үөэммит оҕо тарбахха баттанара.
Мииринэй куоракка үлэлии түһэн баран, химия учууталынан Арыылаах орто оскуолатыгар 7 сыл үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Үөрэппит оҕолоро билигин да истиҥник саныыллар, ахталлар. 90-с сыллардаахха биһиги дьүөгэбит Лидия коммерческай бааҥҥа солбуйааччы начальнигынан үлэлээн ааспыта. Онтон пенсияҕа тахсан сөбүлүүр дьарыктарынан утумнаахтык ылсан, үлэлии-хамсыы сылдьар.
Кэм-кэрдии хаамыыта түргэниэн! Чугдааран аастылар хаардаах кыһыннар, күннээх сайыннар. Ол ааспыт сыллар усталаргар арахсыспакка алтыһан, кэмиттэн кэмигэр дьүөгэбинээн көрсүһэ турабыт. Чахчыта да эдэр саас дьүөгэлэрэ хаһан баҕарар умнуллубат күндү өйдөбүллэр буоллахтара. Сааһырдаҕыҥ аайы өссө күндүркэйэллэр ээ.
Сунтаарым дьоно-сэргэтэ, сылдьар ыалдьыттара араас түмсүүлэргэ көрөллөрө буолуо: кыра хатыҥыр, сэмээр-сэмээр үмүрүччү үктэнэн, куруук күлэн мичилийэ сылдьар баабысканы. Мэлдьи аппараат сүгэһэрдээх, билигин төлөпүөн тутуурдаах хатыламмат түгэннэри айылҕаҕа, тулалыыр эйгэҕэ көрө-истэ сылдьан түһэрэрин.
Онтон Сунтаарынан, Элгээйинэн, Мииринэйинэн быыстапка тэрийэн көрөөччүлэр махталларын ылыан ылбыта. Ону таһынан айар куттаах дьон Лидия түһэриилэрин кинигэлэригэр, учебниктарга, айымньыларын иһин-таһын киэргэтиигэ элбэхтик туһаналлар.
Лидия сайаҕас дууһалаах, мындыр өйдөөх, туспа айдарыылаах киһи. Кини мин олохпор эргийэр эйгэбин тупсарар, киэргэтэр, байытар суолталааҕын бэрт өртөн билэбин уонна махтанабын. Сунтаарга олорор эрдэхпинэ быыстапка оҥорорбор элбэхтик көмөлөһөн, сүүрэн-көтөн миигин норуот маастара буоларбар элбэх сыратын уурбута.
Дьүөгэм Лидия – эрэллээх, кыһамньылаах табаарыс. Барыга бары дьоҕурдаах, сатабыллаах салайааччы.
Оскуолабыт 150 сыллаах үбүлүөйүгэр уонна бүтэрбиппит 50 сылын бэлиэтии Сунтаарга тиийбиппит. Лидабыт көмөтүнэн көрсүһүү, быыстапка тэрийэн олус үчүгэйдик, дуоһуйа сынньанан төннүбүппүт.
Дьүөгэм түһэрэн ыытар хаартыскаларыттан Сунтаарым кэрэ айылҕатын көрөн дуоһуйа үөрэбин, санаам көтөҕүллэн олоххо тардыһыым өссө күүһүрэн ыларга дылы. Чахчы да наһаа кылгас кэмҥэ этиэхтэн кэрэ эйгэттэн мүччү туппакка, сөптөөх бириэмэни таба таайан, көрөн-истэн түһэриитин сөҕөҕүн-махтайаҕын.
Лидия хайа баҕарар дьыл кэмин сөбүлээн түһэрэр. Кыһын хатыҥнар маҥан саҥыйах кэтэн түүл түһүү туралларын, сыа хаар түһэн намылытарын, ып-ыраас көмүрүө хаар күн уотугар алмаас тастыы күлүмүрдүү сытарын… Эргиллибэт оҕо сааскын санаан ылаҕын. Ол хаарга хайдах төкүнүйэ сылдьан оонньуурбутуон…
Ордук киһи долгуйар кэмэ – саас. Дьэ, Лида онно ыыталыыр: күөх ньургуһун нуоҕайа тыллан эрэрэ, Бүлүү эбэбит оргууй уста сытара, күөх хатыҥ суугуна, эҥин эгэлгэ өҥнөөх лыахтардаах сибэккинэн симэммит хонуулара… Онтон ыһыах үрүҥ түүнэ, кэҕэ этэн чоргуйара – ханнык киһи дууһатын долгуппат, сүрэҕин хамсаппат буолуой?!

Күһүн, көмүс күһүн. Дьыл саамай долгутуулаах кэмэ. Сир аһын хомуйуу, ойууру, сылбаҕы кэтии. Олохпут улахан аҥаара онно ааспыта буолуо. Кэрэ да кэмнэр этилэр… Былырыын күһүн дьүөгэм Лидия Сунтаар пааркатыгар сырытыннарбыта. Онно түһэрбит хаартыскалара эчи кэрэлэрин! Айылҕа олус тупсан турар кэмэ этэ. Сайа эппитинии:
Сэбирдэх түһүөн иннинэ
Айылҕа муҥутаан тупсар…
Олоҕу олорбут дьон ордук
Бу түгэни күндүтүк өйдүүллэр.
Онно миэхэ төбөбөр маннык санаа киирбитин сурукка тистим:
Айылҕа тупсан турар кэмигэр
Сырыттым Сунтаарым пааркатыгар,
Күһүҥҥү иһийбит чуумпуга
Күүстээх алгыһы иҥэринним.
Күһүҥҥү чаҕылхай күнүм
Сандаарар уотугар бигэнэн,
Хатыҥмар өйөнөн тураммын
Санаатым эдэркээн кэмнэрбин…
Көмүс сэбирдэхтэр лыах буолан көтөллөр,
Сарсыҥҥы сарыалы,
Сырдыгы сипсийэллэр…
Олоҕум дьоллоох түгэнин
Дьүөгэм миэнэ үйэтитэр,
Хаартыскаттан көрөннөр
Санаан ааһыахтара кэлин.
Сунтаарым кэрэ муннугар
Дуоһуйа да сынньанным,
Өссө ордук тупса, сайда,
Ыҥыра, угуйа тураар,
Оо, Сунтаарым паарката!
Быйыл дьүөгэм Лида элбэхтик саха норуота ытыктыыр, киэн туттар дьөһөгөйдөрүн түһэрэн ыыталаата. Биэ саҥа кулунчугун төрөөн турара, күөх хонууга мэччийэ сылдьаллара, ийэ оҕотун бүөбэйдиирэ, олоххо үөрэтэрэ, харыстыыра – барытын хаартыскаҕа түһэрэн ыытан иһэр. Лида түһэриилэринэн киһи кинигэ да суруйуон сөп курдук.
Ону таһынан биһиги Лидабыт сири-дойдуну кэрийэн көрөр-билсэр үтүө үгэстээх. Сылдьыбатах сирэ Сахабыт өрөспүүбүлүкэтигэр аҕыйах быһыылаах. Аан бастаан ”Кулибин” борохуотунан Тиксиигэ тиийбитин, Верхоян Киһилээх хайатыгар үс төгүл сылдьыбытын, Муомаҕа сылдьан халааҥҥа түбэһэ сыспыттарын, Индигир өрүһүнэн икки мотуорканан устан, төннөллөрүгэр катамаранынан нэһиилэ тиийэн кэлэн этэҥҥэ Хонууну булбуттарын киһи куттаныах кэпсиир.
Өссө биир түбэлтэни умнубатын этэр. Кэмпэндээйи күөлүгэр сыаналаах фотоаппараатын түһэрэн кэбиспитин “айылҕа бэлэх ыллаҕа” диэн Лидам хата кыһаммат. Сыл аайы эдэрчи дьону кытта сплавка баран биһигини куттаталыыр. Былырыын сайын Горнайынан Сиинэ өрүскэ түһэн, Хаҥалаһынан устан көрөн-истэн, үөрэн-көтөн кэлбитэ. Хата мин үбүлүөйүм күн кэлэн үөрдүбүтэ.
Лида баҕа санаата аны – шаарынан көтүү. Турцияҕа Каппадокия диэн сиртэн күн тахсарыгар сүүһүнэн шаарга олорон көтөр үһүлэр. Онно барыахха диэн миигин хаайар. “Мин барсарым барсыам, ол гынан баран шаарга олорбоппун, ыйааһыммын кыайбакка шаарбыт эстиэ”, – диэн күлэбин.
Талааннаах киһи барытыгар талааннаах. Лидия быыс булан кинигэ ааҕарын, баайарын, тигэрин уонна сир астыырын сөбүлүүр. Хас сарсыарда аайы кыһыннары-сайыннары хаамар.
Лида дьүөгэм дьиҥнээх сахалыы сэмэй киһи. Ханна да биллэ-көстө сатаабат. Ол да буоллар Сунтаарым дьоно үтүө, кэрэ, сырдык киһи 75 сааһын туолар үбүлүөйүн бэлиэтээн, эҕэрдэлээн ааһыахтара диэн бүк эрэллээхпин.
Ийэ Айылҕабыт барахсан маннык дьиктилээх көстүүлэрин билэ-көрө сатыырга, дууһаҕынан, өйдүүн-санаалыын байаргар хатыламмат түгэннэри бэлэхтиир амарах санаалаах дьүөгэбэр Лидаҕа маннык хоһоону аныыбын:
Салгыбакка кэрэни
Сатаан көрөр дьоҕургун,
Сырдык, үтүө бэйэҕин
Сэргиирбин умнума.
Харах хайгыы көрбүтүн
Хаартыскаҕа түһэрэн,
Үйэлэргэ хаалыа диэн
Үлэлэһэр түбүккүн
Сыаналыыбын, үөрэбин,
Ситиһиини түстүүбүн.
Эрбэллээхтээн, сэрбэллээхтээн ааспыт оҕо сааһым дьүөгэтин Лидияны үөрүүлээх үбүлүөйгүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Эн тулаҕар мэлдьи сырдык санаа салалыннын, үтүө эрэ санаа үмүөрүстүн!
Изабелла ПОПОВА,
Россия үөрэҕириитин туйгуна, Саха сирин үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ, Сунтаар улууһун Бочуоттаах ветерана, Сунтаар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо.
Дьокуускай куорат.
