Шишигин Николай Спиридонович туһунан

ИСПИЭН УОЛА – НЬУКУЛАЙ СЫСЫЫГЫН

«Ими гордится Якутия» диэн сиэрийэнэн тахсыбыт (2020 с.) кинигэни аан дойду таһымнаах хомус тардааччы С.С.Шишигин бэлэхтээбитин тутан олоробун. Кинигэ Испиэн уолугар Н.С.Шишигиҥҥэ анаммыт, Николай Спиридонович олоҕун, айар үлэтин сырдатар, кэпсиир аналлаах халыҥ кинигэ (432 стр.). Н.С.Шишигин уопсай дьыала туһугар кэтэмэҕэйдээбэт, толлубат, харса суох киһи эбит.

Хор, Орджоникидзевскай оройуон Төхтүр аҕыс кылаастаах оскуолатыгар дириэктэринэн ананан кэлээт, үлэлиэхтээх оскуолатын мыыммыт уонна сирбит. Хайыай, ааспыт үйэ саҕаланыытыгар тутуллубут дьиэ буоллаҕа. Сэбиэскэй Сойууска тахсар «Учительская газета» диэҥҥэ, тыа оскуолатын бырайыактааҺыҥҥа куонкуруска кыттан, эдэр дириэктэр иккис миэстэҕэ тиксэр уонна ону туус куоһур оҥостон, обком бастакы сэкиритээригэр оскуола тутуутун туруорсан, оскуоланы уонна котельнайы тутарга «добро» ылан, үлэ күөстүү оргуйар. Кэккэ биллэр биричиинэлэринэн, оскуола тутуута уһаан, кэҥээн 2004 с. үлэҕэ киирбитэ. Күн бүгүнүгэр төхтүрдэр киэҥ-куоҥ орто оскуолалаахтар. Төхтүр орто оскуолата улууска биир бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьар оскуоланан буолан турар. Тыыппалаах соҕус, киириилээх-тахсыылаах, историк идэлээх эдэр киһини бастаан оскуола дирикэтэринэн, онтон нэҺилиэк Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, онтон сопхуос парткомун сэкиритээринэн, ол кэнниттэн, оройуон таһымнаах салайар үлэҕэ таҺаарар үгэс баара, билигин санаатахха сөптөөх дьаһаныы эбит.

Испиэн уола – Н.С.Шишигин 1985 с. оройуон биир улахан нэһилиэгэр, Өктөмҥө, Сэбиэт бэрэссэдээтилинэн талыллан үлэлиир. Ол кэмнэргэ дьон истигэн, толоругас, кэм киһилии кэмэлдьилээх этилэр. Николай Спиридонович «Өктөм» сопхуоска дириэктэрдии олорор, номоххо киирбит, тыа хаһаайыстыбатын минииистирин солбуйааччытынан үлэлии сылдьыбыт С.Н.Романовтыын эйэ-дэмнээхтик биир тылы булан үлэлээбиттэрэ. Өктөмҥө, Төхтүргэ элбэх тутуу ыытыллыбыта, бэл диэтэр, балыыһа саҥа массыыналаммыта, ол кэмҥэ бу сэдэх көстүү этэ.

Төхтүр Өктөмтөн арахсан туспа нэһилиэк буолуутугар Николай Спиридонович Төхтүр дьаһалтатын баһылыгынан талыллан, иккис төрөөбүт дойдутунан ааҕынар нэһилиэгэр хонноҕо аһыллан кыайыылаахтык-хотуулаахтык үлэлээбитэ. Николай Спиридонович кырдьаҕас ыал оҕото буоллаҕа, онон сылык, мындыр, өйдөөх киһи сиэринэн мэлдьи ытык мааны, сис дьон табаарыстаах, сүбэһиттээх буолара. Төхтүр нэһилиэгин «систэрэ» М.П. Заморщиков, Н.Н. Ефимов Испиэн уолун өйүүллэрэ, көмөлөҺөллөрө. Н.С. Шишигин Аҕа дойду Улуу сэриитин актыыбыннай кыттыылааҕын уола буоларынан, фронтовиктарга истиҥ, чугас сыһыаннаах салайааччынан биллэрэ. Өрөспүүбүлүкэ президенин граныгар тиксэн, төхтүрдэр үйэлээх өйдөбүнньүгү туруорбуттарыгар Испиэн уолун үтүөтэ, өҥөтө элбэҕин дьон-сэргэ билэр уонна билинэр. Аны туран, Саха сиригэр хомус тардааччылар үс норуодунай ансаамбыллаах эбит буоллахтарына, биир бастыҥнарынан Төхтүртэн төрүттээх «Кэскил» буолар. Хомус тардааччылара 100 киһиэхэ тиийбит сурахтааҕа. Хомус барахсан аан дойдуга биллэн, Гиннесс рекордун олохтонуутугар төхтүрдэр киллэрбит кылааттара сүҥкэн улаханын, ама ким мэлдьэһиэй?

Испиэн уола төхтүрдэр гимннэрин суруйбутун, нэһилиэк дьоно бука бары, эмэниттэн эдэриттэн тутулуга суох сөбүлээн, ылынан ыллыы сылдьаллар. Хомус уонна саха – быстыбат уонна арахсыбат өйдөбүллэр ээ бу.

Саха баар буолан хомус баар, хомус баар буолан саха баар диэн этэрбит эмиэ сөп курдук. Хомустаах буоламмыт 1344 хомус тардааччыларбыт бииргэ түмсэн, 2011 с. VII-с Аан дойдутааҕы хомуҺу сөбүлээччилэр, хомуһу тардааччылар конгрестарын, фестивалларын кэмигэр Гиннесс рекордун олохтоон тураллар. Бу үйэлэргэ куоҺуруллуохтааҕар, хатыламмат даҕаны рекорд буолуо диэн түүйэ саныыбын. Л.Н.Турниннаах 1957 с. саха искусствотын уонна култууратын күннэригэр Москва куоракка, 30-ча буолан, саха хомуһун дьүрүһүтэ оонньоппуттара олус улахан ситиҺии, үөрүү өрөгөйө этэ. Иван Егорович Алексеевы саха хомуһун аан дойдуга таҺаарбыт, биллэрбит улуу үтүөлээх киҺинэн билинэн туран, саха дьоно-сэргэтэ киниэхэ Хомус Уйбаан диэн сүдү ааты иҥэрэн турар. Саха баарын, саха тыллаах тыыннааҕын тухары Хомус Уйбаан үтүө аата ааттана туруоҕа. Иван Егорович улахан учуонай, наука дуоктара киҺи, хомуҺу чинчийэн, дириҥник үөрэтэн, хомуска хайдах туох быһыылаахтык оонньууру саас сааҺынан сааҺылаан, быҺааран биэрбит хатыламмат үтүөлээх хомус тардааччынан буолар. 18 (!) ньыманы Хомус Уйбаан пластинкаҕа уһултаран хаалларбыт эбит.

Иван Егорович үөрэппит уолугар Коля Шишигиҥҥэ эркин курдук эрэнэр, илэ чахчы итэҕэйэр буолан, 2008 сыллаахха Хомус аан дойдутааҕы киинин уонна музейын дириэктэринэн, кими аныыбыт, талабыт диэн ыйытык турбутугар, санаата туох да саараҥа, саарбаҕа суох Шишигин диэки охтубута. Саҥарар саҥата сабыдыаллаах, эппит этиитэ итэҕэтиилээх кырдьаҕас буоллаҕа Хомус Уйбаан, онон Испиэн уола Н.С.Шишигин аан дойдуга суос-соҕотох Хомус музейын дириэктэринэн ананан үлэлээн барбыта. Үлэлээн барбыта диэн сыыһа эттим. Киһи сөҕүөн курдук Азиянан, Европанан, Американан. Япониянан, Исландиянан, бэл диэтэр саха хомуһа космоска тиийэ дьүрүһүйэ оонньообута.

Дьэ, дьоһуннаах Хомус киинэ аһыллыбыт диэн Аан дойдуга аатырбыт хомуһу үөрэтэр учуонай уонна коллекционер Америкаҕа олорор Фредерик Крейн коллекциятын бэлэхтээбитин И.Е.Алексеев, С.С.Шишигин уонна Николай Спиридонович сүгэн-көтөҕөн аҕалбыттара. Бу сыаната биллибэт барҕа баай дэниллиэхтээх! Аан дойду таҺымнаах коллекция. Саха саҥалаах барыта билэр, кэрэхсиир киһитэ Е.С.Шишигин быраатын туһунан ахтыытыгар «Коля хомуһу аатырдарга киэҥ далааҺыннаах үлэни ыыппыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ Хомус күнэ бэлиэтэнэр буолбута. Музей Попечительскэй сэбиэтин салайааччытынан Айсен Сергеевич Николаев бэркэ үлэлээбитэ. Бу сэбиэт култуура тэрилтэлэрин биир бастыҥ үлэлээх сэбиэтэ этэ, киэҥ былааннаахтык үлэлиирэ. Куорат киинигэр тупсаҕай оҥоҺулаах Хомус дыбарыаһын тутар былаан олоххо киириэх курдуга, бырайыага оҥоҺуллубут буолуохтаах. Манна Коля бэйэтин фантазията, идиэйэлэрэ баар буолуохтаахтар. Фантазия диэбиккэ дылы, биир планеркаҕа култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ А.С.Борисов этэн турардаах: «Урут мин соҕотох фантазер этим. Билигин Николай Спиридоновичтыын иккиэ буоллубут» диэн. Коля Андрей Саввиһы ис сүрэҕиттэн ытыктыыр, астынар уонна киэн туттар этэ. Уопсайынан, быраатым салайааччыларга, бастакы президеммит Михаил Ефимович да буоллун, миниистирбит Владимир Иванович да буоллун, бастакы Ил Дархаммыт Егор Афанасьевич да буоллун, циркэ дириэктэрэ Сергей Васильевич да буоллун, вице-президеннэрбит Евгения Исаевна, Александр Константинович да буоллуннар ис сүрэҕиттэн ытыктыыра, сорудахтарын эҥкилэ суох толороро, албын-көлдьүн сыһыана суоҕа, сирэй көрбөх буолбат этэ, этэргэ дылы, тойону отунан-маһынан оҥорбоккун диэн саха өс хоһоонун сөпкө өйдүүрэ.

Бииргэ үлэлиир дьонугар, кэллиэгэлэригэр биир тэҥ үчүгэй сыҺыаннааҕа, хардарыта көмөлөҺөллөрө. Үгүс доҕоттордоох этэ. Санкт-Петербурга олорор музыкальнай тэриллэр улахан коллекционердарын В.А.Брунцевы үрдүктүк тутара, дьиэтигэр-уотугар элбэхтик сылдьыбыта. Япония профессора, сахалар күтүөппүт Лео Тадагава чугас доҕоро этэ. Италияҕа, Францияҕа уонна да атын омук сирдэригэр атастара-доҕотторо үгүстэрэ. Коля бырайыагынан хас да киинэни устубуттара. 2017 с. кинофестивальга делегациянан баран ситиҺиилээхтик кыттан, үөрэн-көтөн кэлбиттэрэ» диэн суруйбутун ааҕааччыларбар аҕаллым. Уонна тус бэйэм фантазия туһунан, мас сахалыы санаабын этэбин.

Мин сахалыы өйдөбүлбэр фантазия диэн кырдьык икки сымыйа икки ардынан сылдьао саарбах санаа буолар. Фантазия санааҥ табыллар, олоххо киирэр күннээх буоллаҕына, эйиэхэ албан аат, сөҕүмэр талаан, өркөн өй сыстыбыт, хоммут-өрөөбүт киҺитэ буола түҺүөхтээххин. Кэнэҕэһин кэнэҕэс, хойутун хойут даҕаны буоллар Испиэн уола Н.С.Шишигин баҕа санаатын фантазията олоххо киириэ диэн эрэл санаалаахпын. Аан дойдуга Хомус соҕотох музей-киинин Саха өрөспүүбүлүкэтэ маанылаан, далбардаан тутуох тустааҕар төрүт саарбахтаабаппын. Коллекционер диэн ис дьиҥэр киирдэххэ ис биэтэстээх, түгэхтээх, сэрэхтээх дьарык. Төрүттээх-уустаах, ылардаах-биэрэрдээх, баай төрүттээх дьон дьарыктара. Коллекционердар ылбычча киһини чугаһаппат, бүтэй дьон диэн ааҕан билэбин. Санкт-Петербург курдук улахан куорат коллекционерыгар В.А.Брунцевка дьиэтигэр сылдьар эбит буоллаҕына, Николай Спиридонович дьэ чахчы итэҕэлгэ киирбит киһи эбит. Бары өттүнэн эргиччи!

Киһи итэҕэйэр, эрэнэр киһитэ буолар олус бэрт майгы дии. 1990 сыллаахха сэтинньи ый 30 күнүгэр Бүлүүттэн төрүттээх Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэҺитэ И.Ф. Захаров-Кылыадьы Уус алгыһынан Дьокуускайга Хомус музейа үөрүүлээхтик аһыллыбыта. Бастакы Хомус музейын дириэктэринэн К.Д.Уткин-НүҺүлгэн, иккис дириэктэринэн – С.В.Иванов-Телье үлэлээбиттэрэ. 2008 сыл бэс ыйын 1 күнүттэн Хомус аан дойдутааҕы уонна Хомус музейын дириэктэринэн Н.С.Шишигин ананан үлэлээбитэ. Биир дойдулааҕым I Дьөппөн Хоточчутун биир маанылаах кыыһа, Саха сирин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, кыыс эрдэҕинэ Матвеева, кэргэнинэн Варламова Елизавета Егоровна хомус дьыалатыгар диэххэ, олоҕун анаабыт киһи буоларын хомус дьоно билэллэр.

Миигинниин биэс хааһах диэбиккэ дылы, Кылыадьы Уус уолун Валентин Иванович Захаровы, Хаптаҕай нэһилиэгэр олус ытыктанар учууталы, кыраайы үөрэтээччини, саха дьиҥнээх патриотун билэр киһим этэ. Саха биир биллэр киһитин кавалерийскай полк замполитын, майор С.Н.Васильев музейын хара өлүөр диэри көрбүт, харааннаспыт киһинэн буолар. Семен Николаевич үтүө аатын үйэтитэргэ элбэҕи оҥорбут үтүөкэннээх киһи этэ Валентин Иванович.

Фронтовиктар диэни иһиттим даҕаны, харахпар бүрэ соҕус дьүһүннээх, сыаны-арыыны иҥэриммэтэх, көлөһүннэригэр иинэ хаппыт, иҥиир-ситии дьон көстөн кэлэллэр. Ураты чиэһинэй, олус көнө, баайга-дуолга таласпатах, уот сэриини кыайан, тыыннаах сылдьалларыгар махталлаах барахсаттар этилэр, аҕаларбыт оҕонньоттор. Ол кэмнэрдээҕи үөрэхтээх дьон сиэринэн, Спиридон Васильевич Шишигин 1944 сэрииттэн араанньылаах кэлээт, үлэ үөһүгэр түспүтэ. Ол курдук оскуолаҕа учууталынан, дириэктэринэн, төрөөбүт нэһилиэгэр Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн дьоһуннаахтык үлэлээн, дьон ытыктабылын, билиниитин ылыан ылбыта.

Зоя Николаевна Аргуновалыын (1920-1959 сс.) ыал буолан түөрт уолу, икки кыыһы төрөппүттэрэ. Тапталлаах кэргэнэ ыалдьан орто дойдуттан букатыннаахтык барбыта. Спиридон Васильевич Табаҕа оскуолатыгар үлэлии кэлбит Евдокия Федоровна Афанасьеваны кэргэн ылан дьоллоохтук олорбуттара, Маша-Машенька диэн кыра балтынаан Коля олус иллээхтик эҥээрдэҺэн улааппыттара.

Сысыыгын кинээстэн хаан тамайар Испиэн Шишигин уолаттара Өлөксөй, Дьөгүөр, Испиэн уонна Испиэн кыра уола Ньукулай Саха сиригэр биллэр-көстөр дьонунан буоллулар. Ол курдук А.С.Шишигин икки төгүллээх норуот дьокутаата, САССР Үрдүкү Сэбиэт XII ыҥырыытыгар уонна Ил Түмэн бастакы ыҥырыытыгар, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, милииссийэ подполковнига Е.С.Шишигин, Россия уонна Саха сирин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, олоҕун музейга анаабыт патриот С.С.Шишигин СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэҺитэ. Өрөспүүбүлүкэ биир кырдьаҕас Покровскай орто оскуолатын дириэктэринэн үлэлиир Н.С.Шишигин Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Орто дойдуттан араҕыар диэри Хомус музейын дириэктэринэн үлэлээбитэ. Шишигин аймах сүнньүнэн учуутал идэлээхтэр. Испиэн Шишигин кыргыттара Ульяна Спиридоновна ДЮСШ-ҕа оҕолору саахымакка эрчийэр тириэнньэр-учуутал уонна РФ үөрэххэ туйгуна Агния Спиридоновна эбии үөрэхтээһин педагогунан үлэлии сылдьар.

Шишигиннэр уопсай педыстаастара 2005 сыллаахха 320 сылга тиийбит эбит буоллаҕына, күн бүгүнүгэр ырааттаҕа буолуо оҥоробун.

Хомус куттаах, Хомус тыыннаах, Хомус Таҥаралаах киһи этэ диибин мин, Испиэн уолун Ньукулай Шишигини. Сорох-сорохтор хомуска төһө ыраах дуу, чугас дуу сыһыаннаахтарын билбэппин, айахтарын муҥунан «хомустуу бардым, хомустаан кэллим» диэн кэпсэнэллэрин тириим таһынан истэбин. Оттоон кэллим, мастаан кэллим диэбит курдук ылынабын. Хомуска оонньууллар, эбэтэр хомуһу сыыйа тардан дьүрүһүтэ ооннотоллор.

Кинигэҕэ хомус уустара, биллиилээх хомуһу тардааччылар, элбэх ахсааннаах аймахтара, үрдүк сололоох салайааччылара, ис-тас дойдуларын хомуһу сөбүлээччилэр, хомуска оонньооччулар элбэх ахтыылара киирбиттэрин умсугуйа, сэргии аахтым.

Николай Спиридонович биир киһи холугар диэтэххэ, элбэх үлэни үлэлээбит эбит диэн санааҕа кэллим. Испиэн уола иккис төрөөбүт дойдутугар Төхтүргэ хараллан сытар. Кини үтүө аатын үйэтитиигэ үлэ барар, барыа даҕаны буоллаҕа.

Бу бэртээхэй кинигэни Хомус музейын дириэктэрэ Д.Д.Бэстиинэп, Николай Спиридонович огдообото Н.Р.Шишигина, аймахтара Е.С.Шишигин, У.С.Шишигина, Т.А.Жиркова редакциялаабыттар.

Ермолай Еремеевич СКРЯБИН.

2021 с. олунньу ый.

(“Ахтыылар”, 2025 с. балаҕан ыйа)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *