АҔАБЫТ ҮЧҮГЭЙ ҮЛЭТЭ СЫАНАЛАММЫТА
Тапталлаах кэргэним, аҕабыт, ытыктабыллаах күтүөппүт, убайбыт, эһээбит Цыпандин Иван Семёнович 1935 сыл ахсынньы 2 күнүгэр Төҥүлү бөһүөлэгэр Мэҥэ-Хаҥалас оройуонугар төрөөбүтэ.

Орто үөрэҕи ситэ бүтэрбэккэ биир сыллаах колхознай оскуолаҕа үөрэнэн электрик, тракторист дипломун ылан 4 сыл Племстанцияҕа трактористаабыта.
1964 сыллаахха Якутскайдааҕы республиканскай киномеханиктар оскуолаларын бүтэрэн киномеханик дипломун ылан, бастаан Төҥүлүтээҕи киноустановкаҕа киномеханигынан пенсияҕа тахсыар диэри бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Кини үчүгэй үлэтэ сыаналанан 1995 сыллаахха “Почётный кинематографист России”, 1988 сыллаахха “Отличник кинематографии СССР” знактарынан наҕараадаламмыта. Өр сыл таһаарыылаахтык киносеть уонна кинопрокат, ону таһынан Саха сиригэр киинэ сайдыытыгар бэйэтин кылаатын киллэрбитин иһин “Ветеран кино Якутии”, маны таһынан “За преданность профессии” диэн номинация иҥэриллибитэ.
Аҕабыт чөл олоҕу тутуһара, айылҕаҕа сылдьарын сөбүлүүрэ, булчут, балыксыт бэрдэ этэ. Отонньут бастыҥа, тэллэйдиирин сөбүлүүрэ. Ханнык да үлэттэн толлон турбат үлэһит этэ.
Тапталлаах киһибит ыарахан ыарыыттан күн сириттэн күрэммитэ 2020 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр 40 хонугун туолла. Биһиги ыарахан кэммитигэр кыһалҕабытын, кутурҕаммытын тэҥҥэ үллэстибит, күүс-көмө, өйөбүл буолбут чугас дьоммутугар, Сеня кылааһынньыктарыгар, аймахтарбытыгар, чорботон Спиридонов Михаил Афанасьевичка, дьүөгэбэр Борисова Мария Петровнаҕа махталбытын тиэрдэбит. Этэҥҥэ буолуҥ!
Кэргэнэ, уола, балтылара, сиэннэрэ, аймахтара.
2020 с. бэс ыйа.
