БЭЭРИЙЭТЭЭҔИ МУЗЕЙ 50 СЫЛА

Уус-Алдан улууһун Бээрийэтээҕи кыраайы үөрэтэр музейа тэриллибитэ 50 сыла буолла.

1968 сыллаахха Уус-Алдан оройуонун Бээрийэ 8 кылаастаах оскуолатын директора, биология, химия учуутала Кривошапкин Иннокентий Константинович көҕүлээhининэн оччотооҕу оскуола учууталларын – саха тылын уонна литературатын учуутала, краевед Охлопкова Марина Иннокентьевна; начаалынай кылаас учууталлара, оскуолаҕа уhуннук эҥкилэ суох үлэлээбит Готовцева Илиза Яковлевна, Васильева Варвара Ильинична, Кривошапкина Евдокия Гаврильевна; норуот маастара Васильева Евдокия Васильевна; норуот маастара, СР үөрэҕин туйгуна Васильева Варвара Тихоновна; РФ үөрэҕириитин туйгуна, СР үөрэҕин үтүөлээх үлэhитэ, «Учууталлар учууталлара» буола үүммүт Васильев Егор Константинович кыhаллыыларынан литературнай краеведческай музей тэриллибитэ.

Хаартыскаҕа: 1. Евдокия Гаврильевна уонна Иннокентий Константинович Кривошапкиннар. 2. Иван Васильевич Копырин. 3. Роман Романович Васильев.

Музей тэриллэр сылыгар балаҕан ыйын 14-15 күннэригэр этнографическай характердаах экспонаттары хомуйар, төрөөбүт кыраай флоратын үөрэтэр сыаллаах хонуктаах походтар тэриллибиттэрэ. 1 кылаастар салайааччыларын Кривошапкина Евдокия Гаврильевнаны кытта 13 буолан – «Саппыйаҕа», 2 кылаастар Васильева Евдокия Васильевна салайааччылаах 10 буолан – «Хоту Үөскэ», 3 кылаастар – Васильева Варвара Ильиничнаны кытта – «Таппаҕаҕа», 4 кылаастар Готовцева Илиза Яковлевналыын 8 буолан – «Араҥаска», 5 кылаастар – Попова Роза Иннокентьевналыын 17 буолан – «Таҥараhыт» хайатынан, «Туруйалааҕынан», 6 кылаастар – Васильев Егор Константиновичтыын 15 буолан «Аларынан», «Мээндинэн», 7 кылаастар – Охлопкова Марина Иннокентьевналыын 13 буолан – «Тандагыга», 8 кылаастар – Охлопков Василий Ивановичтыын 14 буолан – «Кутаамаҕа» баран кэлбиттэрэ. Хомуйан кэлбит экспонаттарынан быыстапка оҥоhуллубута. Ордук үчүгэй быыстапканы 1, 5, 6 кылаастар тэрийбиттэрэ. Походтар уонна быыстапка түмүгүнэн литературнай краеведческай музей тэриллибитэ. Саҥа тэриллибит музейга 700-чэкэ араас экспонат баара.

Музейы төрүттээччи Кривошапкин Иннокентий Константинович 1933 сыллаахха 1 Байаҕантай нэhилиэгэр төрөөбүтэ. Иннокентий Константинович Танда сэттэ кылаастаах оскуолатын 1948, Мүрү орто оскуолатын 1953, онтон СГУ естественнай факультетын 1957 сыллаахха бүтэрэн биолог-химик идэтин ылбыта. 1957-60 сс. Суотту орто оскуолатыгар учууталынан, 1960-1962 сс Танда орто оскуолатыгар директорынан, 1962-68 сс. Курбуhах орто оскуолатыгар завуhунан, 1968 сылтан Бээрийэ аҕыс кылаастаах оскуолатыгар директорынан ананан үлэлээбитэ.

Хомойуох иhин, Иннокентий Константинович 1971 сыллаахха баара эрэ 38 сааhыгар ыарахан ыарыыттан өлбүтэ. Кэргэнэ Евдокия Гаврильевна 5 кыра оҕолорунаан огдообо хаалан барыларын атахтарыгар туруортаан үлэһит-үөрэхтээх дьон оҥортоон Иннокентий Константинович олоҕо оҕолорунан, сиэннэринэн салҕанар. Иннокентий Константинович кэргэнинээн Евдокия Гаврильевналыын оччолорго элбэх ыччакка илэ холобур буолбут, бары ытыктыыр, чугасаhа, билсэ-көрсө, тугу эмэ билэ-көрө, өйдүү саныыр дьоhун-мааны дьоно этилэр.

1975-83 сылларга оскуола музейын Түүлээх нэhилиэгиттэн төрүттээх уруhуй, черчение учуутала, СР үөрэҕин туйгуна Копырин Иван Васильевич салайбыта.

1990 сылга оскуола 100 сыллаах юбилейыгар оскуола учууталлара ахтыы хомуйбуттара. Бу сылтан саҕалаан история учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара» Васильев Роман Романович 19-с уйэгэ тутуллубут таҥара дьиэтин, урукку экспонаттары кыра кыралаан сөргүтэн 1996 сыллаахха саҥалыы оскуола музейын арыйбыта. Нэhилиэк, оскуола историятын көрдөрбүтэ. 2003 сыллаахха урукку РайПО Бээрийэтээҕи маҕаhыынын дьиэтигэр хос ылан музейы онно көhөрбүтэ. Киниэхэ Кривошапкин И.К. уола, черчение, труд учуутала Евгений Иннокентьевич, художник үөрэхтээх оскуола үлэhитэ Чемезов Иннокентий Петрович музейы сөргүтүүгэ төhүү күүс буолбуттара. Роман Романович оскуола оҕолорун чинчийэр үлэҕэ сыhыарбыта, хонуктаах экспедициялары, «Үнүгэс» диэн эдэр кыраайы үөрэтэр кулууптарын тэрийбитэ. Кини үөрэнээччилэрэ улуус, республика научнай практическай конференцияларыгар ситиhиилээхтик кыттар буолбуттара.

Васильев Р.Р. нэhилиэктэн сэриигэ уонна үлэ фронугар барбыт дьоммутугар, оскуола юбилейдарыгар брошюралары, кинигэлэри, нэhилиэк 85 сыллаах юбилейыгар «Ойуун ууhа – Бээрийэлэр» диэн кинигэни таhаартарбыта. 2009 сыллаахха музей библиотека дьиэтигэр көспүтэ. Кини көҕүлээhининэн 2010 с. оскуола уонна библиотека кыттыhан «Төрөөбүт түөлбэм – Бээрийэ» диэн оскуола оҕолоругар I научнай практическай конференцияны ыыппыттара. Аатын оччотооҕу оскуола библиотекара Михалева Ирина Ильинична толкуйдаабыта. 2011 сылтан конференция нэhилиэнньэ таhымыгар администрация, оскуола, библиотека, уhуйаан, кулууп тэрийэн ыыталлар. Манна уhуйаан иитиллээччилэрэ, үөрэнээччилэр, улахан дьон кытталлар. Роман Романович соhуччу ыалдьан 2013 сыллаахха өлбүтэ.

2014 сылга музей олохтоох дьаhалтаҕа бэриллэн, Степан Степанович аатынан библиотека иhинэн кыраайы үөрэтэр музей быhыытынан үлэлиир. 2015 с. музейга Роман Романович Васильев аата иҥэриллибитэ. Билигин киин 10  салаалаах:

  1. Палеонтология. Бу салааҕа нэьилиэк территориятын иьигэр кестубут мамонт кыыл уҥуохтара, тииhэ, бизон төбөтүн уҥуоҕа бааллар.
  2. Төрөөбүт айылҕа. Манна нэhилиэккэ үүнэр үүнээйилэр гербарийдара, кыыллар чуучулалара о.д.а. мунньуллаллар.
  3. Бээрийэ сирэ-уота. Төрүччү. 1960-с сылларга диэри нэhилиэк алаастарынан олорбута. Хас биирдии сир, тумустара, күөллэрэ, түөлбэлэрэ тус-туспа ааттаахтар. Бу ааттар отой умнулла иликтэринэ нэhилиэк картатыгар суруллан хаалалларыгар үлэ ыытыллар. Эбии сиргэ сыhыаннаах үhүйээннэр, хаартыскалар, төрүччүлэр хомуллаллар.
  4. Туттар тэриллэр. Тимир, туос, мас, тирии о.д.а. оҥоhуктар тураллар.
  5. Таҥара дьиэтин историята. Бу салааҕа таҥара дьиэтин иhинэн аhыллыбыт оскуола (1890 с.), библиотека (1905 с.) историялара эмиэ киирэр.
  6. Нэhилиэк сэрии сылларыгар.
  7. Тэрилтэлэр историялара.
  8. Тумус туттар дьоммут.
  9. «Халлаантан түспүт эттиктэр».
  10. Коллекциялар (открыткалар, кинигэлэр, сурунааллар о.д.а.).

Маны таhынан биир дойдулаахтарбыт, манна олорбуттар, үлэлээбиттэр суруйан таhаартарбыт кинигэлэрэ, ыстатыйалара, ахтыылара, тумус туттар дьоммут тустарынан матырыйааллар, оҕолор научнай үлэлэрэ, хаартыскалар, архив матырыйааллара о.д.а. хараллан сыталлар. Музейбыт төрүттэммитэ 50 сылын көрсө мунньуллубут матырыйааллар нэһилиэкпит инники сайдыытыгар төһүү күүс буолуохтара диэн эрэниэҕи баҕарыллар.

Онон Кривошапкин Иннокентий Константинович саҕалаабыт үтүө дьыалата үйэтийдэ.

Туйаара ВАСИЛЬЕВА,

Бээрийэтээҕи кыраайы үөрэтэр музей билиҥҥи салайааччыта, олохтоох библиотека сэбиэдиссэйэ.

2018 с. ахсынньы.

(“Ахтыылар”, 2025 с. балаҕан ыйа)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *