Тастыгин Мефодий Михайлович туһунан

ЧИЭҺИНЭЙДИК ҮЛЭЛИИР

Көрсүө-сэмэй майгылаах, үйэлэрин тухары дьон-норуот иннигэр чиэһинэйдик үлэлии сылдьар дьон элбэх буоллахтара.

Биир оннук киһинэн Мефодий Михайлович Тастыгин буолар.

Кини 1982 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн баран, үлэтин Якутскай куорат Советыгар инструкторынан саҕалаабыта. Ол кэмҥэ мин куорат театрыгар с/советка үлэлиир этим. Онно биһигитини куорат Совета салайара, онон горисполком нэдиэлэ ахсын хомуйан араас боппуруостарга мунньахтыыра.

Ол саҕана Мефодий Михайлович, саҥа кэлбит эдэркээн киһи, куорат Советын тэрийэр отделыгар үлэлиир буолан салайар этэ. Төһө да эдэрин иһин биһиэхэ, бэйэтиттэн быдан аҕа дьоҥҥо ыйыы-кэрдии биэрэрэ уонна ону хайаан да толорторон араҕара. Онон биһиги куорат таһынааҕы Советтар Мефодий Тастыгины бары сөбүлээбиппит уонна бу уол хойут үчүгэй салайааччы буолара буолуо диэн кэпсэтэр этибит.

Онтон Мефодий Михайловиһы куорат таһынааҕы нэһилиэктэргэ кооперативнай потребительскай общество Якутрайпо председателинэн 1985 с. анаабыттара, өссө ол иннигэр партия горкомугар атыы-эргиэн отделыгар үлэлэтэ сылдьыбыттара. Якутрайпо потребкооперацията Улахан Марха, Аччыгый Марха, Хатас, Табаҕа, Маҕан уонна Тулагы-Киллэм нэһилиэгин 5 бөһүөлэгин хабан атыы-эргиэн үлэтин тэрийэн үлэлэтэрэ. Онно барыта 21 маҕаһыын үлэлиирэ. Мин ол саҕана Якутрайпо правлениетын чилиэнэ этим, онон ыйга биирдэ райпо правлениетын мунньаҕар сылдьарым. Пайщиктаахтар мунньахтарыгар эмиэ сылдьар буолан М.М.Тастыгин райпо үлэтин сэргэхсиппитин уонна эдэр, опыта суох буолан баран үчүгэйдик үлэлиирин бэлиэтии көрбүтүм.

Оччотооҕу кэмнэргэ табаар олус аҕыйаҕа, онон атыы-эргиэн үлэтэ олус ыарахана. Кэмиттэн кэмигэр нэһилиэктэргэ пайщиктаахтар мунньахтарын олохтоох советтары кытта тэрийэрэ. Уонна бу үлэтигэр олохтоох Советтары кытта биир тылы булан, үлэтин үчүгэйдик саҕалаабыта.

Онтон советскай былаас бүтүүтүн кэннэ райпо үлэтэ олус ыараабыта, ырыынак олоххо киирэн чааһынай маҕаһыыннар хас хардыы ахсын баар буолбуттара. Ону ол диэбэккэ баччааҥҥа диэри 21 маҕаһыына үлэлии тураллар. Кооперативнай атыыга-эргиэҥҥэ олус ыарахан кэмҥэ тэрилтэтин ыспакка тутан олоруу үчүгэй салалтаттан тахсар.

Таарыччы кооператив туһунан тохтоотоххо, Тастыгин кэмигэр үлэҕэ кэлбит эдэр оҕолор-ыччаттар билигин бэйэтин кытта тэҥҥэ сааһыран сорохтор пенсияҕа, сорохтор үлэлии сылдьаллар. Манна салайааччы М.М.Тастыгин чиэһинэй, сыралаах үлэтэ көстөр. Ол курдук райпо маҕаһыыннарыгар сиэһин-аһааһын, растрата буолбат.

Манна даҕатан кадр боппуруоһугар тохтоотоххо, Тастыгин быдан инниттэн главнай бухгалтерынан олус үчүгэй киһи – Горохов Илья Алексеевич өр сыл үлэлээбитэ. Эмиэ кинини кытта тэҥҥэ хас да председательга, онтон кэлин Тастыгиҥҥа солбуйааччынан үөрэҕин бүтэриэҕиттэн күн бүгүҥҥэ диэри Алехина Людмила Петровна тахсыылаахтык үлэлии сылдьар, түөрт уонча сыл буолла. Мефодий Михайлович 33-с сылын үлэлиир. М.М.Тастыгиҥҥа, Л.П.Алехинаҕа өссө да үлэҕитигэр ситиһиини, доруобуйаны баҕарабын. Дьоллоохтор дьон туһугар итиччэ өр үлэлииллэр.

Анна Гаврильевна ЕГОРОВА.

2018 с. ахсынньы.

(“Ахтыылар”, 2025 с. балаҕан ыйа)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *