Алексеева Анна Егоровна туһунан

«СИЭРДЭЭХ, ДЬОЛЛООХ ОЛОҔУ ОЛОРБУППУТ…»

Биһиги эдьиийбит, ыал маанылаах ийэтэ, эбэтэ Алексеева Анна Егоровна 1931 сыллаахха Ньурба оройуонун I Хаҥалаһыгар Сата диэн сиргэ төрөөбүтэ.

Былыр Сатаҕа олохтоохтор Бүлүү сүнньүгэр бастакынан тимир ылыллар тааһын уһааран, олус үчүгэй хаачыстыбалаах тимири ыланнар туттар сэп эгэлгэтин оҥороллоро. Ол курдук сүгэни, кылыһы, батаһы, үҥүүнү, хотууру, быһаҕы, табыыканы, анньыыны оннооҕор, булт саатын кытта оҥорон чугас эргин олорор дьоннорун хааччыйар эбиттэр. Араас оҥоһуктара Өлөөҥҥө, Өлүөхүмэҕэ тиийэ тарҕанара. Сата уустара тимиртэн уонна мастан ураты, кыһыл уонна үрүҥ көмүстэн кыра, улахан ньуоскалары, биһилэхтэри, тараахтары, бөҕөхтөрү оҥорон эмиэ аатырар эбиттэр.

Эдьиийим кэпсээнинэн хара тыатыгар булт арааһа, күөллэригэр эмис собо, Бүлүү өрүскэ киирдэххэ балыгын арааһа, минньигэһэ сүрдээх эбит. Маннык үтүө дойдуга төрөөн, дьоллоох оҕо сааһыгар оонньоон-көрүлээн улаатан эрдэҕинэ алдьархайдаах Аҕа дойду сэриитэ саҕаланан, онно ханыылаабыт курдук сут-кураан дьыллар буолан дьон олоҕо-дьаһаҕа олус ыараабыта. Билигин кэпсээммин эдьийбит Анна Егоровна аатыттан суруйуом.

«Мин бииргэ төрөөбүт убайым Григорьев Семен Егорович сэриигэ ыҥырыллан барбыта уонна 1943 сыллаахха Смоленскай иһин кырыктаах кыргыһыыга геройдуу охтубута. Кини көмүс уҥуоҕа Гжатск (билиҥҥитэ Гагарин) куорат кылабыыһатыгар көмүллэ сытар диэн Анисимов И.А. кинигэтигэр баар. Убайым уонна аҕабыт дойдуларыгар өлбүттэрэ. Ийэбитин кытта эдьиийим Григорьева Варвара Егоровналыын хаалбыппыт. Эдьиийим оччолорго улахан буолан аҕа саастаах дьахталлары кытта эр дьон үлэтин толороро, оттон мин, уоммуттан тахсыбыт кыыс, бэйэм саастыылаахтарбын кытта араас үлэҕэ сылдьарым. Буор хорутуутугар оҕус сиэтэр үлэ диэн баара. Улахан баҕайы көлүүр оҕустар муннуларын кыайбакка эрэй бөҕөнү көрөрбүт. Аны от кэмигэр оҕолор эдэр дьахталлары кытта от мунньар этибит.

Биирдэ мунньан бүппүт алааспытыттан атын алааска баран истэхпитинэ, биир уолбут бугулга олорон хаалбыта. Ону биригэдьиир көрөн, хаһыы бөҕө буолбутугар сүүрэн тиийбиппит от мунньуһар уолбут барахсан аччыктаан өлөн хаалбыт этэ. Бу уол бииргэ төрөөбүт убайа Федоров Роман Семенович ити кэмҥэ ньиэмэстэри кытта сэриилэһэ сылдьара. Ол уол оҕо муҥнаах кыраабылын санныгар ууран, илиитин-тарбаҕын айаҕар уктан баран өлөн олорорун көрөн биһиги олус куттаммыппыт. Соторутааҕыта бииргэ хаамсан испит уолбут ити айылаах буолбута олус ыарахан этэ.

Олохпут олус ыараабыта, туох эмит киһи хараҕар иҥнэр маллаах буоллаххына байыаннай нолуок диэн олус ыарахан нолуок баарыгар, ийэбит малын-салын барытын биэрбитэ. Оннооҕор оһох ураатынан буруо тахсар буоллаҕына эмиэ нолуок төлүүр этилэр. Ол кыһалҕатыттан биир балаҕаҥҥа хастыы да ыал дьукаахтаһан олороллоро. Оччоҕо элбэх ыал биир оһох нолуогун үллэстэн төлүүр буолаллара.

Сата кыанар-хотунар хоһуун дьахталлара Ньурбаҕа уонна Ньурба чугаһынааҕы холкуостарга киирэн үлэлээн бурдук ас булуналлара. Үксүлэрэ киирбит сирдэригэр олохсуйан хаалбыттара. Мин эдьиийим эмиэ Куочай диэки киирбитэ. Чаппанда таһыгар элбэх бурдук үүммүт «Кыым» диэн холкуос баарыгар тохтоон, Ноойоон диэн оҕонньордооххо олорон, оҕонньор ыйан биэрбит, күһүн бурдугу хомуйан сынньан ыраастаабыт сирдэриттэн хаары күрдьэн, сиргэ тохтубут туораах бурдугу хомуйан мунньуммут этэ. Хаар анныттан биирдии туораах бурдугу хомуйан былыргы улахан куулу толоруу диэн, арааһа, ыйы-ыйдаан арахпакка сыралаһан элбэхтик үлэлээтэххэ тахсар үлэ буолуохтаах. Ол элбэх үлэттэн, сүрэхтэн тахсар үлэ. Ыраастааһын кэнниттэн чохчолонон хаалбыт мэкиинэни сиидэлээн туорааҕы хомуйара.

Илдьити истээт, ийэм миигин салааска состорон эдьиийбэр ыытара. Оччолорго Ньурбаттан Дьокуускай диэки барар сыарҕалаах ат сылдьар айан суола баара. Ол суолунан кэлэн эдьиийбин булбутум. Ноойоон оҕонньор илдьэ кэлбит бирээмэ ат сыарҕатын аҥаарын саҕа салааскабын көрөн, бу оҕо муҥнаах бу салааскаҕа кууллаах бурдугу тиэнэн баран миэстэтиттэн да сыҕарытыа суох диэн, бэйэтин чэпчэки баҕайы салааскатыгар бурдукпун ууран, кэлгийэн биэрбитэ. Күнүс айаннаан иһэн сиир лэппиэскэбин хоонньубар уктубутум уонна дьэ аҕыс көс (80 км) уһуннаах айаным суолугар туруннум.

Ити кэмҥэ төһө да ыараханын иһин син биир дьаамсыктар, атын да айанньыттар сырыылара баһаам буолара. Иннибэр биитэр кэннибэр ат тыына бурҕачыйарын көрдүм да, тиэйиилээх салааскабын суолтан туора тоҥуу хаарга таһаарарым. Аастахтарына бурдуктаах салааскабын хаартан ороон, суолга киллэрэ сатаан муҥнанарым, эрэй бөҕөнөн суолга киллэрэн айаммын салгыырым. Марха өрүс Дьаархан уҥуоргу сыырын, салааскам быатын ноторуускалана сылдьарым, тахсарбар кыайбакка олус илистэр этим. Күн уота көрөн сыыр сирэйэ килэрийэн хаалан, илиибинэн тайанан түөрт атах буолан соһон таһаарарым уонна салааскам үөһэ олорон хоонньубуттан сылаас лэппиэскэбин таһааран эмти тутан үссэнэ түһэрим. Аһыы түспүт киһи син сэниэм киирэн айаммын салгыырым.

Марха уонна II Хаҥалас билиҥҥитинэн Маар дэриэбинэтин икки ардыларыгар Нөс Сэмэн диэн таас дьүлэй оҕонньор ыалынан олорор этэ. Онно хонон ааһар санаалаах киирбиппин, оҕонньор холдьоҕон таһаарбыта. Мин дьолбор кини таһыгар, Сөдүөрэ диэн ааттаах оҕонньор кыыһа, ыал буолан олорор этэ. Ол Сөдүөрэ барахсан: «Ити оҕонньор сүгүн хонноруо суоҕа, миэхэ тахсан хон», – диэн илдьэ тахсан абыраабыта. «Аны кэлэргэр-бараргар биһиэхэ хонон ааһар буолаар», – диэн сүбэлээбитэ. Сөдүөрэм сарсыарда сөбүнэн туруоран аһатан-сиэтэн атаарда.

Айаным иккис хонугун симиэбийэҕэ Чэккиэс диэн ааттаах оҕонньордооххо хоннум. Симиэбийэ буолан, элбэх айанньыт хонор. Бүгүн айанныахтаах суолум олус уһун, ону оҕонньор барахсан билэн сарсыарда: «Хайа, айанньыттар барбыттара ыраатта, эн да айан киһитэ буоллаҕыҥ дии, туран эмиэ айаҥҥын салҕыаҥ этэ», – диэн бытыга сэксэйэн туран уһугуннарда. Аара Сууттаах диэн сиргэ ыал баар этэ да, онно таарыйбакка аастым.

Дьиэбэр түүн ортото ааспытын кэннэ тиийдим. Ийэм барахсан оҕом кэллэ диэн үөрэ-көтө көрүстэ. Мин буоллаҕына били хоонньубар уктубут лэппиэскэбин айаммар кыра-кыралаан сиэммин, ийэбэр уонна бырааппар кэһии гынан аҕалан амсаталаатым. Сарсыныгар таһынааҕы эмээхситтэр “Улууна кыра кыыһа Ааныска эдьиийэ Балбааралаахтан бурдук аҕалбыт” диэн киирэр буоллулар. Эдьиийим Балбаара барахсан куул бурдугум үрдүгэр атын куулга лэппиэскэ оҥорон кэлгийэн биэрбитин, ийэм ириэрэн, үөлээннээхтэрин чэйдэтэлиир буолла. Эмээхситтэр барахсаттар: “Эн кыанар-хотунар кыргыттардаах буолан этэҥҥэ олороҕун”, – диэн махтаналлар. Ийэм тахсалларыгар кыра бурдук бэрсэн таһаартыыр. Мин онуоха ийэбэр: «Ийээ, мин ити бурдугу ыраах баҕайы сиртэн эрэй бөҕөнөн соһон аҕалабын, ону эн ыалларгар биэрэҕин», – диэн харыһыйабын. Тоҥмутум-ааспытым, эрэйдэммитим элбэҕэ бэрт буоллаҕа.

«Тоҕойуом, ити эмиэ элбэх кыра оҕолоох ийэлэр муҥнаахтар буоллахтара дии», – диэхтиирэ ийэм. Оччоҕо ийэбинээн иккиэн ытаһар буолаахтыырбыт. Ити курдук сааһы быһа хаста да сылдьыбытым. Эдьиийбэр тиийдим эрэ Ноойоон оҕонньор: «Оо, Салааска кыыһа кэллэ», – диэн үөрэ көрсөр буолара. Биир күн сынньана түстүм да, эмиэ төттөрү охторум. Барар сарсыардабар эдьиийим барахсан барыбын бары бэлэмнээн, үлэтигэр барбыт буолара. Оҕонньор миигин налыччы соҕус туруоран баран: «Чэ, Салааска кыыһа, сылаас тар хааһытын иһиҥ ыларынан сиэн баран, эмиэ айаҥҥар туруннаҕыҥ дии, ийэлээх быраатыҥ кэтэһэр дьон буолуохтаахтар», – диэн бэрийэн-тэрийэн суолбар атаарара.

Кэлин «Кыым» колхуос олохтоохторо эдьиийбэр этэр сурахтаахтара: «Ити Ноойоон оҕонньор бэрт кытаанах, тоҥкуруун киһи этэ. Эһиэхэ үөһэ тэстибитэ бэрт дьикти, хайаан да киһи буолар кэскиллээх, оҕолоох-уруулаах дьон буолар дьылҕалаах оҕолор быһыылааххыт», – диэн этэллэрэ үһү. Ол да иһин алдьархайдаах сэрии иэдээнин, аччык олоҕу туораан элбэх оҕолоох, баһаам элбэх сиэннэрдээх буолан күн бүгүнүгэр диэри олордоҕум дии.

Ити сыл күһүнүгэр ийэм улаханнык ыалдьыбыта. Эдьиийим ол кэмҥэ «Туойдаах» холкуоска үлэлиирэ. Эдьиийим Сатаҕа ийэбитин ыарыылыы хаалбыта, мин «Туойдаахха» кэлэн молотилкаҕа үлэлээбитим. Ол сыл «Туойдаахха» бурдук бөҕө үүнэн, дьэ өрө тыыммыппыт. Ийэбит эрэйдээх Өктөөп бырааһынньыгын аҕыйах хонук иннигэр өлбүтэ… Ону дьаһайан баран, эдьиийим «Туойдаахха» оҕотун Сэмэни (Бууппайы) илдьэ кэлбитэ.

Бурдуктаах астаах холкуоска кэлэн сэниэлэнэн үлэ үөһүгэр түспүппүт. Бурдук ыраастааһына, хаар типтэриитэ, оҕуһунан уу баһыыта – мин үлэм буолара. Саас ыһыы үлэтэ саҕаланар. Бааһына, оттуур ходуһа барыта тус-туспа күрүөлээх буолара. Ол саҕаттан күрүө оҥоһуута, өрөмүөнэ диэн бука барыта олус ыксалынан үчүгэй хаачыстыбалаахтык оҥоһуллара. Сайынын от мунньуутун, от кээһиитин үлэтэ элбэх буолара. Мин ыанньык сайылыгар бостууктуур этим. Холкуоһум Аллаах Ала диэн оҕуһунан Уу Көлүйэттэн уу баһан холкуос сүөһүтүн уулатарым. Олус чычаас кунаны бэйэм айааһаан көлө гыммытым.

Ити курдук үлэлии сылдьан Кыайыы күнүн көрсүбүппүт. «Бэс Атахха» олордохпутуна биригэдьиир кэлэн Кыайыы буолбутун биллэрбитигэр, Куочайга эҥин тохтообокко Ньурбаҕа киирбиппит. Муоччайдар диэн билэр ыалбытыгар сылдьан бэрэски, буулка диэн астарын тото-хана сиэбиппин өйдүүбүн. Ньурбаҕа оройуон кулуубун таһыгар көр-нар, үөрүү-көтүү бөҕө буолбута, киэҥ баҕайы түһүлгэлээх оһуохай тэриллибитэ. Дьон-сэргэ ыарахан олоҕу олорон бу үөрүүлээх Кыайыы өрөгөйүн билэн олус үөрбүтэ сүрдээх үчүгэй этэ.

Кыайыы үөрүүтэ биһиги холкуостаахтар үлэбитигэр эмиэ улахан өрө көтөҕүллүүнү аҕалбыта. «Туойдаах» холкуостан 21 киһи ыҥырыллыбытыттан сэрииттэн тыыннаах 3 киһибит эргиллэн кэлбиттэрэ. Федотов Прокопий Григорьевич, учуутал үөрэхтээх киһи, детдомҥа үлэлээбитэ. Захаров Василий Прокопьевич (Чөнкөҥ Бааската) холкуоска кыратык үлэлээн баран Ньурбаҕа тэрилтэҕэ көспүтэ. Прокопьев Роман Федотович кэлэн холкуоска үлэлээбитэ. Арамаан соҕотох да буоллар, эдэр киһи сүрдээх күүс-көмө этэ. Саас, сайын, күһүн хойукка диэри ХТЗ тыраахтыр тахсан үлэлиирэ: сир хорутара, бурдук ыһара, соһуллар хамбаайынынан бурдук хомуйара, күһүөрү кыһын бурдук сыппыт сирин ыраастыыра.

Били мин Сатаҕа оҕус сиэтэн муҥнанар үлэм суох буолбута, ол оннугар тырахтарыыстарга буобардыырым, оҕус көлөнөн тыраахтырга уу баһарым, аһылыктарын таһан астаан аһатарым. Оччотооҕу тырахтарыыстар солбуктаах буолаллара. Холкуос бырысыапсык икки киһини уонна повар биэрэн үлэлэтэрэ. Тыраахтыр түүннэри-күнүстэри үлэлиирэ. Тырахтарыыһынан Антонов Василий Макарович, Яковлева Пелагея Семеновна, Афанасьев Иван Афанасьевич үлэлээбиттэрэ.

Ити курдук үөрэ-көтө үлэлии сырыттахпытына, 1947 сыл сааһыттан уот кураан сатыылаабыта. Сир-дойду барыта хатыччы хаппыта, аһыыка бөҕө үөскээбитэ, эбиитин ойуур баһаардара тураннар олох эмиэ уустугурбута. Дойду сиргэ от үүммэккэ, ыраах үрэхтэр быыстарыгар тарҕаһан оттооһун буолбута.

Биһиги холкуос 8 киһилээх оччуттара Хорула үрэҕин баһыгар, Логлоор диэн сиргэ оттуу тахсар буолбуппут. Онтон Хорулаҕа: Матьянов Иван Федорович – биригэдьиир, Николаев Степан Николаевич (Кэриэй Ыстапаан), Яковлев Гаврил Яковлевич, Алексеев Николай Чаппандаттан төрүттээх Лөҥсөөбүл уола диэн Киппий Морууса маачаха аҕата, кыргыттартан арыый да аҕа саастаахтара Степанова Евдокия Афанасьевна, Емельянова Пелагея Софроновна, Евсюкова Мария Ивановна, мин – Григорьева Анна Егоровна тахсыбыппыт.

Ньурба оройуонун холкуостарын сирдэрэ курааҥҥа ылларан хахыччы хаппыттара. Ол иһин оройуон салалтата сорох холкуостарын оройуон иһинээҕи тыа үрэхтэрин бастарынан, сорохторун атын оройуоннар үрэхтэрин бастарыгар ыыталаан оттотон, сүөһүлэрин барытын тыыннаах иитэлээн таһаарбыттара.

Ити кэмҥэ «Туойдаах» холкуос сэрии ыарахан сылларыгар, билигин билэргит курдук, сүрдээх кураайы сирдээх-уоттаах дойдунан биллэрэ. Сэрии бүтэһик сылларыттан өҥ дьыллар эргийэннэр холкуостаах олоҕо арыый да чэпчээбитэ дииргэ эрэ тиийэбит. «Туойдаах» холкуос бастакы бэрэссэдээтэлэ Яковлев Петр Никифорович 1941 сыллаахха аармыйаҕа ыҥырыллыбытыгар, холкуостаахтар бэрэссэдээтэлинэн Иванов Григорий Ивановиһы таланнар, сэрии ыарахан сылларыгар аччыктааһын төһө да баарын үрдүнэн, кини сатабыллаах салалтатынан хоргуйан өлүү тахсыбатаҕа. Ону ааспыт сыл устата Иэттэй (кинини дьоно-сэргэтэ итинник ааттаабыттара) төрөппүт уола Степанов Анатолий Григорьевич дьонун-сэргэтин, аймахтарын уонна Иэттэйи билэр, көрбүт-истибит дьону билэттээн ордук, икки сыллааҕыта биһиги кэккэбититтэн туораабыт, Тимофеев Гаврил Тимофеевич «Туойдаах» холкуоска ийэтэ Лабашева Евдокия Афанасьевна ахтыыларыгар олоҕуран, элбэҕи билэн-көрөн, аныгы сайдыылаах үйэҕэ ватсап тэрилинэн сибээстэһэн, араас ахтыылары хомуйан, үп-харчы хомууругар балтын уонна чугас дьоннорун үмүрү тардан, туохха да тэҥнэспэт улахан үлэни толорон «Туойдаах» холкуос бырабылыанньата турбут сиригэр киэҥ ис хоһоонноох, үйэҕэ умнуллубат, сүппэт-өспөт өйдөбүнньүк туруорулунна.

Өйдөбүнньүк нефтебаза коллектива (сал. Петров Валерий Петрович, сиэн аймах) араас кээмэйдээх турбаларынан, араас тимиринэн көмөлөһөн, сварщик Гуляев Владимир Георгиевич сатабылынан бөҕө-таҕа үйэ-саас тухары турар бэлиэ өйдөбүнньүк оҥоһулунна. Өйдөбүнньүгү көрбүт ыччаттарбыт «Туойдаах» холкуос тугунан дьарыгыран олорбутун тута өйдүөхтэрэ.

Туойдаахтар Хорула сиригэр оттуу тахсалларыгар оччотооҕу холкуос бэрэссэдээтэлэ Семенов Григорий Федотович (учуутал Федотов Прокопий Григорьевич аҕата) салайан таһаарбыта. 8 отчуттаах «Туойдаах» холкуос дьоно Хорулаҕа тиийэн холкуос бэрэссэдээтэлэ Алексеев Василийга (Наҥнааһапка) сылдьан аһаан, оскуолаҕа хонон баран Логлоортон Хорулаҕа көһөн киирбит киһини сирдьитинэн биэрэн, ыраах сиртэн үлэлии кэлбит дьону бэйэҥ дьиэҕэр олохтоон, сирдэрин-уоттарын көрдөрөөр диэн дьаһайбыт этэ. Сирдьит Тэскэй диэн ааттаах кырдьаҕас киһи этэ. Логлоорго тиийэн, бэйэтэ олорбут дьиэтигэр оһоҕун оттон баран алгыс бөҕөтүн алҕаан олохтотолоон турар. Элбэх ыал олорбут дойдута эбит этэ. Бэрэссэдээтэлбит Кирииһэ оттуохтаах сирбитин көрөн-истэн баран Туойдаахха төннүбүтэ. Үлэлии хаалбыт дьон үлэ бөҕө буоллубут. Эр дьоммут төрдүөн охсооччу бэртэрэ этилэр. Ордук Николаев Степан Николаевич (Кэриэй Ыстапаан) ханнык да үлэҕэ таһаарыылаах үлэтинэн биллэрэ. Матьянов Иван холкуоһугар хонуу биригэдьиирэ, чачаппайдьыйан үлэни-хамнаһы бүтэрэ-оһоро охсор үтүө киһи этэ. Хабырылла Дьаакыбылап (Тоойус аҕата) уонна Ньукулай Алексеев холкуос төһүү үлэһиттэрэ этилэр.

Бу ыраах үрэх баһыгар биһиги эрэ оттуурбут буолуо диэбиппит, биһигиттэн тэйиччи соҕус олохтоохтор отчуттара эмиэ оттуу сыталлара. Кинилэргэ сотору-сотору ыһык таһаара Иванов Наум диэн киһи тиийэрэ. Биирдэ саҥа бурдук лэппиэскэтинэ амсайыҥ диэн ыҥыртаан илдьэн күндүлээн турардаахтар. Тиийбиппит кус бөҕө буһарбыттар. Саҥа бурдук лэппиэскэтэ, эчи, минньигэһин эриэхсит! Биһиги Туойдаахтар овсянка бурдук лэппиэскэтин сиирбит. Айахпытыгар диэн холкуоспутуттан биир эдэр сүөһүнү илдьэ тахсан сиэбиппит. Олохтоохтор бары Хорулаҕа көһөн киирбит буолан дьиэ-уот, ампаар, хотон аайы туу бөҕө баарын туһанан, туулаан абыраммыппыт. Эр дьоммут биир саалаах этилэр да, тиргэлээн кус бөҕөнү бултаан аһаан абыраммыппыт.

Күһүн киирбиппитигэр «бу кыргыттар үлэлээбэккэ, булдунан аһаан молоччу уойбуттар» диэн күлүү гыналлара. Дьиҥэ биһиги Логлоорго үлэ бөҕөтүн үлэлээбиппит, эдэр буолан айылҕаҕа сылдьан, булт арааһын аһаан, кырдьыга, уойан-тотон киирбиппит. Хорула хоһуун дьоно майгылара үчүгэйэ, ыалдьытымсахтара, үйэбитигэр үктэммэтэх дойдубутугар сүбэлэрэ-соргулара барыта туһалаан биир да киһи ыалдьыбакка, этэҥҥэ үлэлээн-хамсаан кэлбиппитигэр Хорула дьонугар-сэргэтигэр махталбыт баһаам. Бииргэ үлэлээбит дьонум, төһө да билигин биһиги кэккэбитигэр суохтарын иһин, ол саҕанааҕы биһигини билбит-көрбүт дьоммут оҕолоругар, сиэннэригэр, аймах дьонугар сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн туран махтал бастыҥын анаатаҕым буоллун!

Мин онно Хорулинская Клара диэн кыыстыын билсибитим. Ол кыыс кэлин Ньурбаҕа киирэн өр кэмҥэ хирургическай балыыһаҕа санитарканан үлэлээбитэ. Кэлин пенсияҕа тахсан өрөспүүбүлүкэ прокуратуратыгар үлэлиир прокурор кыыһыгар баран олорор сурахтааҕа. Ити курдук, «Туойдаах» холкуос үлэһит дьоно Логлоор сиригэр-уотугар олус көхтөөхтүк үлэлээн субай сүөһүлэрин үүрэн таһааран 1947-1948 сылларга кыстатан киирэн турардаахтар.

Үөрэх суоҕа диэн баар эбит – олохпор итэҕэһим диэн. Үөрэхтээҕим эбитэ буоллар ити көрсүтэлээбит күндү дьонум туһунан ааттарын-суолларын дэлэ үчүгэйдик бэлиэтэнэн, өйдөөн-санаан хаалыам этэ дуо? Оннооҕор ити Логлоорго дьиэтигэр-уотугар олохтоон, аал уотун аһатан алҕаабыт аҕа саастаах кырдьаҕаһы аатын-суолун толору билбэтэхпиттэн билигин кэлэн кэмсиммитим иһин туох кэлээхтиэй? Ол эрээри, иккис күтүөтүм Иванов Дмитрий Васильевич Хорулаҕа төрөөбүт, Хорулаҕа орто оскуоланы бүтэрбит, манна киирэн суоппардаабыта. Элбэх оҕолоох ыал ытыктанар аҕата.

«Кыым» колхуос олохтоохторо эдьиийбэр: «Ити Ноойоон оҕонньор бэрт кытаанах, тоҥкуруун киһи этэ. Эһиэхэ үөһэ тэстибитэ бэрт дьикти, хайаан да киһи буолар кэскиллээх, оҕолоох-уруулаах дьон буолар дьылҕалаах оҕолор быһыылааххыт», – диэн эппиттэринии, эдьиийим Балбаара икки оҕоломмута, оттон мин биэс оҕоломмуппуттан элбэх сиэн, хос сиэн эбэлэрэ буолан, 90 сааспын туолаары олордоҕум дии.

Сэбиэскэй былаас баар буолан бу биһиги курдук дьон үлэни-хамнаһы өрө тутан, дьонтон-норуоттан хаалбакка сиэрдээх, дьоллоох олоҕу олордохпут. Аныгы күүскэ сайдар олоҕу кытта, оҕолорум эрэ буолларгыт, тэҥҥэ хаамсан үүнэ-сайда туруҥ диэн алҕаатаҕым буоллун!”.

Киһи буоларбар тирэх буолбут кырдьаҕас эдьиийим оҕо, эдэр сааһын туһунан тугу истибиппин суруйдум.

С.И. Самсонов.

2021 сыл, муус устар ый.

(“Ахтыылар”, 2025 с. балаҕан ыйа)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *