Кларов Прокопий Николаевич туһунан

СЫРДЫК ААТА ҮЙЭЛЭРГЭ ӨЛБӨӨРБӨТҮН

Киһи эмиэ – мас сэргэ.

Алгыһынан салаллан

Айыллар ээ, бу сиргэ

Сайа

Кларов Прокопий Николаевич (14.10.1907 — 05.01.1962) – «III пятилетка» холкуос ыстахаанабыһа, үлэһит үтүөтэ, Сунтаар оройуонун Бочуоттаах олохтооҕо, тыыл бэтэрээнэ, 7 кыыс, 3 уол оҕо амарах аҕата этэ.

Ийэбит Титова Елена Прокопьевна биһиэхэ, кини сиэннэригэр, аҕатын киһи буолбут таҥара курдук ытыктаан оҕо эрдэхпититтэн кэпсиирэ. Аҕабыт, Титов Нестер Яковлевич, аҕа кыннын аатын-суолун хаһыакка, кинигэлэргэ үйэтиппитэ.

Кларов Прокопий Николаевич (14.10.1907 – 05.01.1962).

Кларов Прокопий Николаевич, холкуос тэриллиэҕиттэн киирэн, 1962 сылга диэри бастыҥ үлэлээҕинэн аатырара. Ханна ыарахан үлэ баарынан күүһүн харыстаабакка үлэлээбитэ. Холкуос төһүү үлэһитэ кыһын көлөнөн таһаҕас, оттук мас, сүөһү сүөһү аһылыгын тиэйиитигэр, сүөһү, сылгы аһатыытыгар, сайынын ыраах үрэхтэринэн от үлэтигэр хоно-өрүү сытан үлэлиирэ. От охсуутугар, мас кэрдиитигэр, буор хаһыытыгар чугас эргин тэҥнээҕэ суоҕа, кыайыгас үлэһит этэ. Сайын таайа Кларов Иван Егоровичтыын («Бочуот знага» уордьаннаах) Орто Күөлгэ 40-нуу күн куонкуруска от охсон, күҥҥэ 1,5-2 ганы биирдии бэйэлэрэ охсор этилэр. Сэрии сылларыгар «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Үчүгэй үлэтин иһин оройуон, холкуос бэрэдэбииктэрин мунньаҕар элбэхтик кыттыбыта, оройуоҥҥа биир бастакынан БСНХБ мэтээлинэн, 1950 с. Москваҕа барар путевканан наҕараадаламмыта, элбэх грамоталардаах. Бастыҥ холкуостаах буолан, сыл аайы өлгөм дохуоту ылар этэ, онон уон оҕону иитэн, атахтарыгар туруортаабыта. Холкуос ыарахан үлэтигэр күүһүн харыстаммакка үлэлээн, сааһын үгэнигэр сылдьан, 50-чатыгар 1962 с. олохтон туораабыта. Кэргэнэ, Евдокия Николаевна, дайааркалаан, дьааһылаҕа үлэлээн, сэрии сылларыгар «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Оҕолоро аҕаларын суоллаан үлэһит дьон буолан, олоххо бэйэлэрин миэстэлэрин булбуттара: 10 оҕоттон 39 сиэн, сүүрбэттэн тахса хос сиэн, 2 хос-хос сиэн баар, ыччаттар өссө да эбиллэ тураллар.

Васильева А.Н. Арыылаах 100 сыла. – Дьокуускай, Көмүөл, 2008. – С. 94.


 

Сэрии кэмигэр айгыраабыт экэниэмикэни чөлүгэр түһэрии

Үлэ дьоно — көнө дьоннор,

Суобас курдук, ыраас дьоннор.

Үрдээбэттэр, намтаабаттар,

Былдьаспаттар, былдьаппаттар,

Барыс диэҥҥэ баҕарбаттар,

Албан аакка кыһамматтар

Л. Попов

Саха АССР 25 сыллаах үбүлүөйүнэн сибээстээн «Бочуот знага» уордьанынан оройуоҥҥа 3 киһи: «3-с пятилетка» холкуос биллиилээх сылгыһыта Кларов Иван Егорович, Чакыр нэһилиэгин сиэлискэй сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Васильев наҕараадаламмыттар. Иван Егорович быраата Кларов Прокопий Николаевичтыын Орто күөлгэ куонкуруска 40-нуу күн ортотунан күҥҥэ 1,5- 2-лии гектары охсоллоро, «3-с пятилетка» холкуос баар суох төһүү үлэһиттэрэ этилэр. Кини Арыылаах нэһилиэгин бастакы уордьаннааҕынан буолбута. Соҕотох кыыстааҕа Кларова Мария Ивановна сэрии кыттыылааҕа Ипатий Ераскумовка кэргэн тахсан, 10 оҕону төрөтөн, улаатыннартаан Дьоруой ийэ буолбута. Кларов Прокопий Николаевич 1942с тууһу Кэмпэндээйиттэн Сунтаарга, өрүс бириистэнигэр таһыыга хотуулаахтык үлэлээбит. Улахан судаарыстыбаннай суолталаах туус, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тэриллибит сүүһүнэн ааҕыллар балыктыыр биригээдэлэр бултаабыт балыктарын тууһуурга, олус наадалааҕа. 1942с. Ахсынньы 17-с күнүгэр маннык суруйуу бэчээттэммит: «Тууһу Кэмпэндээйиттэн бириистэҥҥэ таһыыга 8 нэһилиэктэн 11 холкуостар эрэ үлэлээн эрэллэр. 500 ат оннугар 95 ат үлэлиир. «3-с пятилетка» холкуос бэрэссэдээтэлин солбуйааччы таб. Ларионов Петр Иванович уһулуччу учугэй тэрээһини оҥордо. Кини бэйэтин холкуоһуттан 12 аты биэрдэ уонна актыыбынай, чиэһинэй холкуостааҕы биэрбитэ. Кларов Прокопий Николаевич биригэдьиирдээх биригээдэ былаанын 135% толордо». Ол курдук Прокопий Николаевич 1933 сыллаахтан, «3-с пятилетка», холкуос тэриллиэҕиттэн 1962 сылга, олохтон туоруор диэри, бэйэтин харыстаммакка үлэлээн, атыттарга холобур буолара. Холкуос арыытын, этин, үүтүн хас да атынан тиэйэн, тайҕаҕа (Бодойбоҕо) илдьэн, Павлов Яков Титовичтыын, Николаев Макар Титовичтыын, Иванов Роман Прокопьевичтыын атыылаан кэлэрэ. Арыт сыл табаларынан баран кэлэллэрэ. Биир саас, 1950-с сыллар саҕаланыыларыгар, бөдөҥсүйбүт «Маленков аатынан» холкуос сэлиэһинэй бурдук сиэмэтэ суох хаалар куттала үөскээбит. Онуоха холкуос бэрэссэдээтэлэ К.А. Кокорин Өлүөхүмэни кытта араассыйанан кэпсэтэн, сиэмэ бурдугун кинилэртэн атыылаһарга сөбүлэспиттэр. Сыарҕа суола хаалан эрдэҕинэ, Маай бырааһынньыгын аҕай иннигэр, ыраах айаҥҥа сылдьа үөруйэх, эрэбил киһини, Кларов Прокопий Николаевиһы холкуос саамай кыахтаах аттарынан Бочооной үрэхтэринэн быһа сиэмэ бурдугун аҕалтара ыыппыт. Кларов, аара хонон-өрөөн сыппакка, суолу былдьаһа айаннаан, аҕыйах хонугунан этэҥҥэ эргийэн кэлэн, холкуос ыһыыны бириэмэтигэр ыытарын хааччыйан турар. Көр оннук киһи эрэнэр, эрэннэрбитин хайаан да толорон төннөр кытаанах быһаарыныылаах үлэһит бастыҥа этэ. Ханнык баҕарар холкуос араас үлэтигэр: таһаҕас таһыытыгар, көлөнөн от-мас тиэйиитигэр, сүөһүнү, сылгыны аһатыы, көрүү-харайыы да буоллун эппиэттээхтик сыһыаннанара, дууһатын, санаатын ууран туран үлэлиирэ, ол иһин куруук ситиһиилээх буолара. От охсуутугар, мас кэрдиитигэр, буор хаһыытыгар мээнэ киһи тэҥнэспэт кыайыгас үлэһит кини буолара. Оройуон бэрэдэбиик үлэһитэ сэрии сылларыгар «Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн, биир бастакынан БСТХБ -н мэтээлинэн, 1950 сыллаахха БСТХБ-р кыттар путевканан наҕараадаламмыта. Киниэхэ Сунтаар оройуонун Бочуоттаах олохтооҕун аата иҥэриллибитэ. Кэргэнэ Евдокия Николаевналыын 7 кыыс, 3 уол оҕону төрөтөн, көрөн-харайан улаатыннартаабыттара. Билигин 10 оҕолоруттан 39 сиэн, 20 –тэн тахса хос сиэн уонна хос-хос сиэннэр улааталлар, сайдаллар.

Прокопий Николаевич аҕата Кларов Николай Васильевич диэн Хапчыгыр аҕатын ууһун киһитэ, Муҥ күөл кытыытыгар олорбут Прокопьев Василий Иванович- Кылар уола. Араспаанньата аҕатын хос аатынан Кларов диэн буолбут. 20-с үйэ саҕаланыытыгар уолун Николайы Сунтаар училищетыгар үөрэттэрэ биэрбит, оччолорго нэһилиэктэн 1-2-ии оҕону улуус мунньаҕынан уураахтаан ыыталлара, үөрэх төлөбүрүн нэһилиэк бэйэтэ уйунара. Уол үөрэҕэр сүрдээҕин кыһаллар эбит. Инньэ гынан бастыҥ үөрэнээччи буолан, Бүлүү уокуругун исправнига Болислав Кочаровскай аатынан истипиэндийэни ылар чиэскэ тиксибит. Эмиэ 2-с Дьаархан нэһилиэгиттэн үөрэнэр Кирилл Попов улуус кулубата, меценат Георгий Терешкин аатынан истипиэндийэни ылар буолбут. Николай Кларов училищены ситиһиилээхтик бүтэрэн, хаһаас оту, бурдугу эппиэтинэскэ ылар дэһээтинньик дуоһунаһыгар анаммыт. Илии баттаан туран, Орто күөлгэ, Өлөҥ күөлгэ 1700 буут оту, саппаас бурдугу туппут. Агафья диэн кыыһы кэргэн ылан, Прокопий, Николай, Ксенья, Мария диэн оҕоломмуттар.

14 киһи мэктиэлээн, аһаҕас туорга кыайан, сылга 550 солкуобай иһин Тойбохойдооҕу буоста ыстаансыйаны бэйэтин суотугар тутарга дуогабардаспыт. Ыстаансыйаҕа 6 аты, 3 дьаамсыгы 1910 с. ыам ыйын 1 күнүттэн 1911с ыам ыйын 1-кы күнүгэр диэри тутан, буостаны тастарыахтаах, араас дуоһунастаах дьону наадаларыгар тириэртэриэхтээх эбит.

1912-1914сс. Арыылаах нэһилиэгэр суруксутунан үлэлээбит. Кини оҥорбут 1912 сыллааҕы отчуотунан нэһилиэккэ 170 эр киһи, 180 дьахтар олороро, ол иһигэр 1 сыылкаҕа кэлбит нуучча киһитэ. Нэһилиэк 9,5 дэһээтинэҕэ бурдук ыһара, өссө 25 дэһээтинэ солооһун сирдээҕэ, 31 күөл уута түһэриллибит. 2500 сыарҕа от оттоммут, 300 буут бурдук үүннэриллэн хомуллубут. Улахан курааннар буоланнар, аһыыка үөскээн сүөһү, сылгы ахсаана лаппа аҕыйаабыт эбит. 120 сылгы, 171 ынах сүөһү, 60 таба баара суруллубут. Тохсунньу 1-кы күнүгэр 1913 с. саппааска 601 сыарҕа от, 331 буут бурдук ууруллубут. 60 ыал бурдук ыһыылаах, холбоон 22,25 дэһээтинэ. 1912 с араас бородууктаҕа сыана маннык эбит: 1буут мээккэ бурдук- 2 солк., курупчаакы 1 буут – 7 солк., 1 уст. киппиис чэй – 1 солк., 1 муунта ( 400 гр.) саахар-0.35 солк., 1 муунта табаах – 0,30 солк., 1 муунта эт – 3 солк., 1 муунта ынах арыыта 12 -16 солк.. 43 балаҕан, 67дьиэ баара ыйыллыбыт. 1 дэһ. сири солооһун иһин – 40 солк., 1000 түүтэҕи астааһын иһин – 10 солк., 1 дэһ. сири охсуу иһин – 2 солк., 1 дэһ. буола бурдугун сиэрпэнэн быһыы иһин – 16 солк. төлөнөр эбит. Эр киһини 1 сыл хамнастаан үлэлэтии – 75 солк., дьахтары үлэлэтии – 30 солк., 1 сүөһүнү алтынньы 1-кы күнүттэн ыам ыйын 9 күнүгэр диэри бэйэ отунан кыстатан биэрии – 8 солк., 1 ынах үүтүн мэччирэҥ устатыгар ыам ыйын 9 күнүттэн алтынньы 1-кы күнүгэр диэри ыан туһаныы иһин 12 солк. төлөбүрдээҕэ.

Титов Н.Я. Арыылаах нэһилиэгин историята. М.: Издательство Спутник+, 2015. С. 295-298


 

Олоҕун салгыыллар

Үлэ – олох ис хоһооно,

Үлэтэ суох – олох суох.

Үлэ диэн дьол доҕуһуола,

Үлэтэ суох дьол да суох

С. Данилов

Кини толору аата-суола Кларов Николай Васильевич. Аҕата Василий Иванович Прокопьев (Кылар) Сунтаар улууһун II Дьаархан нэһилиэгин Хапчыгыр аҕа ууһун киһитэ, Муҥ Күөл кытыытыгар олорбута. Аҕатын хос аатынан араспаанньата Кларов буолбут. ХХ үйэ саҥатыгар Сунтаар училищетыгар үөрэнэ киирбит. Иванова (Зверева) С.С. суруйарынан, Николай Кларов бастыҥ үөрэнээччи быһыытынан Бүлүү уокуругун ыспыраабынньыга Болислав Кочаровской аатынан истипиэндийэ ылар чиэстэммит. Эмиэ II Дьаархан нэһилиэгиттэн үөрэнэр Кирилл Попов улуус кулубата, меценат Георгий Терешкин аатынан истипиэндийэҕэ тиксибит. Үөрэҕин бүтэрэн, Агафья диэн кыыһы кэргэн ылан, Прокопий, Николай, Ксения, Мария диэн оҕоломмуттар. Үүнүү үүммэтэх кураан сылларыгар саппааска анаан от-бурдук хаһааналлара. Кларов Николай Васильевич хаһаас оту-бурдугу бэйэтин эппиэтинэһигэр ылар дэһээтинньик дуоһунаһыгар анаммыт. Кини илии баттаан Орто Күөлтэн, Өлөҥ Күөлтэн 1700 буут оту туппут.


 

Аҕабыт барахсан,

Биһиги киэн тутта саныыбыт

Биир киһи холугар

Күүстээх тургутууну

Ааспыккын

С. Спиридонова-Кэрэмэс Кийиитэ

14 киһи мэктиэлээн уонна аһаҕас туорга кыайан, 550 солкуобайга Тойбохойдооҕу буоста ыстаансыйаны тутар буолбут. Станцияҕа 6 аттаах 3 дьаамсыгы 1910 сыл ыам ыйын 1 күнүттэн 1911 сыл ыам ыйын 1 күнүгэр диэри бэйэтин суотугар үлэлэтэргэ дуогабардаспыт.

1878-1879 уонна 1884 сс. курааннаан, аһыҥа туран, II Дьаархан нэһилиэгэр 1879 с. 603 буут бурдугу, 1885 с. 125 бууту уонна 1879 с. 70 кэбиһиилээх оту төннөрүөх буолан, саппаастан иэс ылбыттар. Ити докумуоҥҥа ыстаараста Алексей Попов, суруксут Егор Молотков 1885 с. ыам ыйын 6 күнүгэр илии баттаабыттара архыып докумуонуттан көстөр.

1917 с. Арыылаах нэһилиэгин ыалларын испииһэгэр Кларов Н.В. 4 сылгылааҕа, 21 ынах сүөһүлээҕэ, 0,4 га ньэчимээн ыһыылааҕа, 1 га уонна 2 га иэннээх 2 уһаайбалааҕа. 4 дууһаҕа 8 га өлүү сирдээҕэ, өссө 20 ганы эбии түүлэһэрэ ыйыллыбыт. II Дьаархантан Арыылаах нэһилиэгэ арахсарыгар кини арахсааччылар испииһэктэригэр киирбит.

1912-1914 сс. Арыылаах нэһилиэгэр суруксуттаабыт. Кини 1912 с. оҥорбут Арыылаах нэһилиэгин отчуотугар нэһилиэккэ 170 эр киһи, 180 дьахтар олороро, ол иһигэр биир сыылынай эр киһи баара. Нэһилиэк 0,5 дэһээтинэ сиргэ бурдук ыһара, 25 дэһээтинэ солонуллубут сирдээх, 31 күөлтэн уу түһэриллибитэ, 2500 сыарҕа от оттоммута, 300 буут бурдук хомуллубута, 120 сылгылааҕа, 171 ынах сүөһүлээҕэ, 60 табалааҕа.

Хочо буолаһыгар кулун тутар — ыам ыйдарыгар 1920 с. сэбиэскэй былаас олохтоммута. Хочо буолаһын ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн Пуд Михайлович Морской, солбуйааччытынан Н.В. Кларов, суруксутунан Данил Васильевич Иванов быыбардаммытара.

1921 с. балаҕан ыйын 18 күнүгэр волревком чилиэнэ, сир кэмитиэтин сэбиэдиссэйэ Кларов Н.В. нэһилиэктэр бас билэр сирдэрэ атын нэһилиэктэр сирдэрин кытта булкуһа сатыылларын суох оҥорор бырайыагы оҥорбута. Бырайыагы Хочо буолаһын ревкома муус устар ый 11 күнүгэр 1921 с. 66 №- дээх быһаарыытынан бигэргэппитэ: Сунтаар нэһилиэгэ 1031 дууһа, Хадан нэһилиэгэ 1146 дууһа, Кырамда нэһилиэгэ 616 дууһа, Торбос нэһилиэгэ 1048 дууһа, II Бордоҥ нэһилиэгэ 668 дууһа, Нөөрүктээйи нэһилиэгэ 1136 дууһа, Наахара нэһилиэгэ 1453 дууһа, Айдаҥа нэһилиэгэ 666 дууһа, Лөгөй нэһилиэгэ 1044 дууһа, Төлөгөн нэһилиэгэ 894 дууһа, II Дьаархан нэһилиэгэ 1329 дууһа, Аллараа Мэйик нэһилиэгэ 642 дууһа, Үөһээ Мэйик нэһилиэгэ 827 дууһа, Ботуомуйа нэһилиэгэ 302 дууһа, Чуона нэһилиэгэ 585 дууһа, Садын нэһилиэгэ 300 дууһа.

Буолас үрдүнэн 16 нэһилиэккэ 13787 дууһа баар эбит. Гражданскай сэрии кэмигэр бастаанньаһыттар волревком бэрэссэдээтэллэрин П.Я. Горбунову, П.Е. Мартыновы өлөрбүттэр, оттон волревком солбуйааччытын Н.В. Кларовы тутан ылан хаайбыттар, кырбыы-кырбыы доппуруостаабыттар. Ону ийэтэ Матрена Николаевна алтан сылабаарын, үрүҥ көмүс иһиттэрин бэрик биэрэн туран, быыһаан ылан ыарыылаабыт. Уола өрүттүбэккэ, өлөөхтөөбүт.

Онон дьиэ кэргэн бары кыһалҕалара улахан уол Прокопий Николаевич Кларов санныгар сүктэриллибит. Эдэр бэйэтэ 80 саастаах эбэтин, Николай уонна Мария диэн быраатын, балтын иитэлээбит. Аҕатын төрөөбүт өтөҕөр харайбыттар, мэҥэ тааһын туруорбуттар.

Н.В. Кларов улахан уола Прокопий Кларов “III пятилетка” холкуос ыстахаанабыһа, үлэһит үтүөтэ, Сунтаар оройуонун Бочуоттаах олохтооҕо, тыыл бэтэрээнэ, 7 кыыс, 3 уол оҕо амарах аҕата этэ. Иккис уолу – Николай Кларовы убайа Прокопий үөрэттэрэн, Бүлүү педучилищетын бүтэттэрбитэ. Кини Арыылаах, Тойбохой оскуолаларыгар саабыстаабыта, оройуон хаһыатын эрэдээктэринэн, ОГПУ уполномуочунайынан үлэлээбитэ. Кыыһа Мария Николаевна 2 уол оҕоломмута. Кларов Н.В. ситэ олорботох олоҕун, дыалатын үгүс сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.

Титов Н.Я. Олоҕун салгыыллар // Сунтаар сонуннара. – 171 (9038) №, 13.12.2012 с.

Титов Н.Я. Арыылааҕым – мин суруйууларбар: ахтыылар, ыстатыйалар, санаалар. – Дьокуускай: Дани-Алмас, 2018. – 256 с. – с. 127-129

P.s. Манна даҕатан эттэххэ, Сунтаарга, Хочоҕо Строду, Молоткову, кытта сэбиэскэй былааһы олохтоспут, ол кэм биир бастыҥ, үөрэхтээх киһитин, Кларов Николай Васильевич, аата-суола умнууга барда. Титов Н.Я. эрэ суруйууларыгар кини үтүө ааттанан үйэлэргэ хаалла.

Кларов Прокопий Николаевич быраатынаан Николай Николаевичтыын.

Гвозди б делать из этих людей:

Крепче б не было в мире гвоздей

Н.Тихонов

На сайте “Кемпендяйский сользавод в годы войны 1941-1945 гг.” написано так:

Гужевой транспорт

В 1942 г. все колхозы Сунтарского района помогли в перевозке соли гужевым транспортом, выделяя рабочих и лошадей. Норма лошадей и количество рабочих с каждого колхоза для перевозки грузов определялись по плану контрактации лошадей. Для вывозки дров и деловой древесины и перевоза сена использовались также 150 лошадей и 50 подвод из Нюрбинского района. Они привезли в Кемпендяй 100 тонн сена.

В марте 1945 г. перевозчики дров в Кемпендяйский сользавод перевыполнили свои обязательства. Это были следующие колхозы района:

  • Колхоз им. Стаханова, Жархан, (бригадир Чолууйап А.А.), на 127%;
  • Колхоз «Интернационал», Тойбохой, (бригадир Михайлов Н.К.), на122%;
  • Колхоз «3 пятилетка», Арылах, (бригадир Кларов П. Н.), на 115,31%;
  • Колхоз «Партизан, Сунтаар (бригадир Ноңноруутап М.И.), на123,3%

https://virt-museum.usite.pro/Documents/kempendjajskij_solzavod_v_gody_vojny_1941-1945_gg..p


 

Аҕам туһунан

Сиргэ түспүт сэрэбиэйэ

Дарбаана суоҕун иннигэр,

Аҕам түбүгэ, эрэйэ

Мин ырыабар эрчим биэрэр

С.Данилов

Мин аҕам, Кларов Прокопий Николаевич, 1907 сыллаахха Бокуруопка, эбэтэр алтынньы 14 күнүгэр төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр: Прокопий, Николай, Ксения, Мария.

Аҕам ийэтэ эрдэ өлөн, эбэтинээн хаһаайыстыбаны көрөр-истэр эбээөинэстэммит. Эбэтэ 14 саастаах сиэнигэр 17-лээх кыыһы кэргэн ылан биэрбит. Икки сыл бииргэ олорбуттар. “Куобах тыһа суорҕан анныгар атахтаһан утуйар этибит, дэлби тэбиэлиирим”, – диэн аҕам кэпсиир этэ.

1933 сыллаахха холкуос тэриллиэҕиттэн 1962 сыллаахха олохтон туоруор диэри үлэттэн илиитин араарбатаҕа. Өр сылларга холкуос хонтуоратыгар олорон тоҕус оһоҕу мастаан оттоон, сууйан сотон олорбуппут. 1956 сыллаахха Люся диэн алтыс кыыс, уон биэс күн быыһаһан Евгений диэн түөрт саастаах уол өлбүттэрэ. Онон 1957 сыллаахха дьиэбитигэр көспүппүт. Ити күһүн аҕам иккис уола Леонид төрөөбүтэ. Кыһын аҕам куонньуктаабыта, сайынын оттуурбут. Аҕам сэттэ кыыс, үс уол оҕоломмута. Биһигини аһатаары-таҥыннараары кыһыннары-сайыннары үлэлиирэ. Өлүөхүмэттэн арыт табанан, арыт атынан бурдук таһаллара. Кыһыары саас Кэмпэндээйиттэн Сунтаарга туус таһаллара.

Аҕабар таһаарыылаах үлэтин иһин Сунтаар оройуонун Бочуоттаах олохтооҕун аатын иҥэрбиттэрэ уонна, Москваҕа быыстапкаҕа барар чиэскэ тиксэн баран, пааспара суох буолан туһамматаҕа.

Аҕам үөрэҕэ суоҕуттан наһаа хомойоро, ол иһин оҕолоро үөрэхтээх буолуохтарын баҕарара. Уон оҕотуттан сэттэ кырата үөрэхтэнэн, араас идэни ылан үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Улахан үс эдьиийбит: Дуунньа, Ниинэ, Таанньа – олохтон туорабыттара, кинилэр олохторун элбэх оҕо, сиэн, хос сиэн салгыыр.

Елена Прокопьевна,

«Сунтаар улууһун үөрэҕириитигэр кылаатын иһин» бочуоттаах бэлиэлээх бэдэгэгиичэскэй үлэ бэтэрээнэ, сэрии оҕото, инженер-механик,

Дьокуускай куорат.


 

Биһиги – Кларовтар

Дабайдар дабайан,

Дабайан иһиэххэ,

Күн көмүс уотуттан

Көтөҕөн түһүөххэ!

П. Тобуроков

Биһиги Кларовтар аҕа уустарын салҕааччылар өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыгар тарҕанан олоробут. Эһэбит Кларов Николай Васильевич Сымалаахха Кылаар өтөҕө диэн сиргэ олохсуйан олорбута. Бэйэтин кэмигэр үөрэхтээх буолан нэһилиэккэ суруксуттаабыт. Эбэбит Бүлүчээнтэн төрүттээх ,уон оҕолоох ыал орто кыыстара Агафья, түөрт оҕону төрөтөн баран, эдэр сааһыгар өлбүтэ.

Аҕабыт, Кларов Прокопий Николаевич,ыал улахан оҕото буолан, эбэтин кытта быраатын уонна икки балтын иитиспит. Холкуостааһын буолбутугар кини биир бастакынан киирбит уонна хара өлүөр дылы бары үлэтигэр үлэлээн 1950 с. Москваҕа БСТХБ-ҕа барарга бириэмийэлэммит.

Быраата, Кларов Николай Николаевич, Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрэн баран, маннааҕы оскуолаҕа учууталлаабыт уонна үөрэх салаатыгар испектордаабыт. Сэрии сылларыгар оройуон хаһыатыгар эрэдээктэрдээбит, онтон, доруобуйатынан уурайан, кэргэнин дойдутугар Өлүөхүмэҕэ көһөн баран, эдэр сааһыгар ыалдьан өлбүт. Уоллаах кыыс оҕолоро билигин куоракка олороллор. Балтылара эдэр саастарыгар өлбүттэрэ. Маайа икки уол оҕото аныгы олох охсуутуттан эрдэ суорума суолламмыттара.

Кэргэнэ Кларова Евдокия Николаевна (01.01.1919 – 17.10.2016).

Биһиги, уон оҕо, аҕабыт үтүө түһэн биэрбэт курдук олордубут, кини барыта 37 сиэннээх. Улахан эдьиийбит Евдокия Прокопьевна Кэмпэндээйи кийиитэ, грязелечебницаҕа сиэстэрэлээбитэ, биэс оҕолоох. Эдьиийдэрбит Нина Прокопьевна, Татьяна Прокопьевна аҕыстыы оҕолоохтор, элбэх сиэн эбэлэрэ. Нина биир кыыһа, Мотя, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин эргиэнин үтүөлээх үлэһитэ» ааты ылбыта. Биир эдьиийбит Елена Прокопьевна биэс оҕолоох, оҕолоро бары үрдүк үөрэхтээхтэр, уола Яков Нестерович – бэдэгэгиичэскэй наука кандидата. Ксенья Прокопьевна – Арыылаах орто оскуолатыгар химия учуутала, Леонид Прокопьевич – нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта, үс уоллаах, Александр Прокопьевич – Дьокуускайга медцентр бырааһа, «Аҕа дойду иннигэр үтүөлэрин иһин» уордьан мэтээлинэн наҕараадаламмыта, икки оҕолоох. Владимир Прокопьевич Мэҥэ-Хаҥалас Хаптаҕайыгар сылгы хаһаайыстыбатын салайар, үс оҕолоох, Тамара Прокопьевна – Дьокуускайга инженер-строитель, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ис дьыалаҕа министиэристибэтин тутуу салаатын сүрүннүүр исписэлииһэ. Саргылана Прокопьевна – «Тоҕой Сэлэ» сылгы хаһаайыстыбатыгар эмиэ сүрүннүүр исписэлиис. Леонид өбүгэлэрбит өтөхтөрүн өлүү ылан, күрүөлэнэн, оттуур.

Ксенья Прокопьевна,

«Аҕа дойду иннигэр үтүөлэрин иһин» II истиэпэннээх уордьан мэтээлин кавалера, АБ уопсай орто үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, химия, биология үрдүк категориялаах учуутала.

Игнатьев Н.И. Сунтаар Сымалааҕа. – Дьокуускай, Бичик, 2007. – Сс. 37-38.


 

Үлэһит дьон бары хайгыыр этэ

Аҕа тиэрдиэ тапталын

Эппит тылын толорон,

Өйдүөҥ кини сыһыанын

Кэлин кырдьан олорон.

Күндэ

Биһиги аҕабыт, Кларов Прокопий Николаевич, мин уон үс саастаахпар сырдык тыына быстыбыта. Онон быстах-остох тугу өйдүүрбүн суруйабын. Баара-суоҕа 57 сааһыгар ыарахан ыарыы илдьэ барбыт. Кыра кыыһа Саргылаана биир да сааһын туола илигинэ. Үлэлээн-хамнаан атахтарыгар туруоруом дии санаан сылдьыбыт буолуохтаах.

Аҕабыт сэрии иннигэр иккитэ кэргэннэнэн, ыал буолан, олоҕун оҥосто сатаабыт да сатамматах. Бастакы кэргэнэ үс – Дуня, Нина, Таня, иккис кэргэнэ – Еля диэн оҕолору хааллараат, олохтон туораабыттар.

Сэриигэ барартан сыыйыллыбыт. Онон сэрии кэмигэр холкуос тутаах үлэһитинэн хаалан, харыстаммакка холкуос ыарахан үлэтигэр үлэлээн, доруобуйата айгыраабыт буолуохтаах. Сүрэҕэ ыалдьарын өйдүүбүн.

Сэрии кэнниттэн аҕабыт күүстээх санаалаах буолан, Дьаархан Чуукаарыттан Максимова Евдокия Николаевнаны кэргэн ылан үс кыыс, үс уол күн сирин көрөр ыйаахтарыгар эмиэ ыал буолар. Ийэм кэпсииринэн, аҕабыт куттаҕынан эрэйдэнэр үһү, биирдэ от тиэйэ сырыттаҕына айаҕынан хаана барбыт үһү. Ону дьон сүбэтинэн ийэм суоратынан аһатан үтүө гыммыт үһү.

Мин саҥа бэйэбин өйдүүр буолан эрдэхпинэ холкуос бырабылыанньата уонна кулууба биир дьиэҕэ баар этилэр. Син улахан дьиэ быһыылааҕа. Кулуубугар мунньах буолар этэ уонна киинэ көрдөрөллөрө. Ону таһынан кэнсэлээрийэ хосторо. Онон кырата алта-сэттэ оһохтоох эбитэ буолуо. Ийэм дьиэ сууйааччынан, аҕам оһох оттооччунан үлэлээбиттэрэ, ол дьиэ икки хоһугар олорбуппут. Бэйэбит дьиэбитигэр холкуос бэрэссэдээтэллэрэ олорбуттара. Бөһүөлэккэ ол кэмнэргэ исписэлиис олорор дьиэлэрэ суох буолан, оннук олорбут үһүбүт.

Аҕабыт ол бырабылыанньа дьиэтин оһохторун, бэйэтэ кэрдэн, эрбээн, мастаан, тиэйэн, оттон, дьиэни сылытар этэ. Эрбииригэр ардыгар улахан кыргыттар, оннооҕор кыра эдьиийбит Еля көмөлөһөр үһүлэр. Ол кэмнэргэ саһааннааһын, оттук маһынан хааччыйааһын диэн олоххо киирэ илик этэ.

Кэлин оскуолаҕа киирэр сылбар, бэйэбит дьиэбитин босхолоон биэрбиттэригэр, көһөн тахсыбыппыт.

Аҕабыт холкуоска туох үлэ баарынан барытыгар үлэлиир этэ. От-мас тиэйээһинэ, биэримэ хотоннорун тутуута, сайын от үлэтэ онтон да атын үлэлэргэ, дьиэтигэр сарсыарда, киэһэ эрэ көстөрө.

Үлэһит дьон бары хайгыыр этэ. Кылаар Борокуоппай кыыһа диэтэхтэринэ үөрэ истэр этим. Аҕабынан аһара киэн туттарым. Сорохтор аҕабыт Хоноһо диэн ааттыыллара. Дьиэтигэр хонуктуу эрэ кэлэрин иһин буолуо.

Киэһээҥи аһылыкпытын аҕабыт кэллэҕинэ хойут аһыыр этибит. Ийэбит оннук бэрээдэктээх этэ. Онно аҕабыт ким хайдах үөрэнэрин ыйыталаһара. Эдьиийгит Еля курдук үчүгэйдик үөрэниҥ диир буолара. Арыт утуйуохпут иннинэ хаптаһын быыстаах хостор нөҥүө-маҥаа кэпсэтэллэрин өйдүүбүн. Биирдэ Елялыын кэпсэтэллэригэр эппитэ: “Сэбиэскэй былаас иннинээҕи ыраахтааҕылаах олох сөптөөх олох этэ. Үлэһит киһи байыан сөп, үлэлээн булбутуҥ бэйэҕэр хаалара”. Онно наһаа сөхпүтүм, соһуйбутум. “Оо, аҕам сэбиэскэй былааһы утарар эбит. Наһаа да хаалыылаах өйдөбүллээх эбит”, – дии санаабытым.

Аҕабыт олоххо наһаа тардыһыылаах, дьулуурдаах, саҥаны кыалларынан олоххо киллэрэр идэлээх этэ. Ол курдук уһаайбабыт буолатыгар моркуоп олордор буолбуппут. Арааһа, 58-59 сыллартан буолуо. Урут дьаабылыка да амтанын билэ илик оҕолорго ол үүннэриммит моркуоппут амтана үчүгэйиэн, минньигэһиэн!

Аны туран, эмиэ ол сылларга генсек Хрущев Н.С. этиитинэн Сойууска кукуруза үүннэрии пропагандата ыытыллар. Оннооҕор Саха сиригэр сүөһүнү, үүтү-арыыны элбэтээри эбии аһаталлара. Аҕабыт биһиги бэйэбит буолабытыгар олордон боруобалыаххайыҥ диэн сиэмэ аҕалбыта. Ол үүнээйи хото үүммэтэҕэ, ууну элбэхтик кутуллуохтаах эбит, ол кыаллыбатаҕа. Онон кукуруза диэн хайдаҕын көрөн-билэн хаалбыппыт.

Аҕабыт бөһүөлэккэ бастакынан сибиинньэ иитэргэ ылсыбыта. Ону көрө-истэ ыалларбыт киирэллэрин өйдүүбүн. Ол сибиинньэ көрүүтүгэр биһиги, оҕолор, эмиэ хабыллар этибит. От үргээн кырбаан сибиинньэ аһылыгар эбии кутан көйөрөр этибит.

Кууруссаны иитиини бөһүөлэк биһиги диэки эҥээригэр эмиэ бастакынан биһиги дьоммут саҕалаабыттара. Оһох ойоҕоһугар күрээтинньик диэн ааттаан аҕам килиэккэ туруорбута. Кууруссалар кыһын онно кыстыыллар, хотоҥҥо дьиэлэнэллэрэ. Кыһын сарсыарда бөтүүкпүт хаһыытаан уһугуннарар этэ. Кыһын өттүгэр күрээтинньиги сыҕарытан муоста сууйааһына, дьиэ үлэтэ элбэҕэ. Кууруссалары икки-үс сылынан хотоҥҥо таһаарбыттара. Хотон усулуобуйатын тулуйбакка сорохторо өлбүттэрэ. Сайын сымыыттаан абырыыллара.

Ол кэмнэргэ аспыт үксэ да кэтэх хаһаайыстыбаттан этэ. Эт, арыы, хортуоска, аҕабыт холкуоска үлэлээн хамнас диэнин харчынан ылбат этэ. Дохуот диэн бородууктанан биэрэллэрэ. Онон ынах иһин миинин хал буолуохпутугар диэри сиэн улааппыппыт. Ыаллар ордук сүөһүлэрин саакуп диэн ааттааннар судаарыстыбаҕа туттараллара, онтон харчыланар этилэр. Ол харчыттан кэтэх хаһаайыстыба нолуогун төлүүллэрэ. Ону биһиги дьоммут быһааран кэпсээбэттэрэ.

Аҕам биирдэ Тулаайах диэн ааттыыр ынахпытын саакупка туттаран кэлбитэ, Тулаайахпыт улахан буолан үс мөһөөккө турда диэбитин өйдүүбүн. Үөрбүт курдук этэ. Биһиги, оҕолор, ынахпытын аһынан ытаабыппыт.

Аҥаардас кэтэх хаһаайыстыба көмөтүнэн аччыктыыр диэни билбэккэ улааппыппытын 9-10 кылаастарга Тойбохой оскуола интэринээтигэр үөрэнэ сылдьан өйдөөбүтүм. Сорох кыргыттар аччыктыыр этибит диэн кэпсииллэрэ. Ону наһаа сөҕө, соһуйа истибитим. Сэбиэскэй былаас оҕолорго дьоллоох олоҕу хааччыйда диэн араапардаан хаһыат, сурунаал сирэйэ баранар этэ. Ону таһынан оскуолаҕа учууталлар Эмиэрикэҕэ негр оҕолоро аччыктыыллар диэн кэпсээтэхтэринэ: “Оо, Сэбиэскэй Сойууска төрөөбүппүт үчүгэйиэн. Биһиги чахчы дьоллоох оҕолорбут”, – дии саныыр этим. Ону баара барыта төрөппүттэриттэн тутулуктааҕын оҕо хантан билээхтиэй.

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр бэйэлэрин харыстаммакка тыылга кыайыыны уһансыбыт Саха Сирин дьонун ааттарын үйэтитээри тахсыбыт “Память: поименная книга-мемориал ветеранам тыла, награжденным в 1946-1950 гг медалью “За доблестный труд в Великой Отечественной войне 1941-45 гг” диэн кинигэҕэ аҕабыт аата киирбитэ.

Тамара Прокопьевна,

тутуу инженерэ, үлэ бэтэрээнэ.

Дьокуускай куорат.


 

Суровые были времена…

Будем жить, встречать рассветы,

Верить и любить.

Только не забыть бы это,

Не забыть бы это,

Лишь бы не забыть!

Р.Рождественский

Куйаар ситимигэр биирдэ маннык суруйан турардаах эбиппин:

Дед по материнской линии, Кларов Прокопий Николаевич, перед самой массовой мобилизацией, трудясь на валке леса, лишился одного глаза. Его обвинили в том, что специально нанес увечья себе, чтобы не идти на фронт. Тоже провел некоторое время в трудовом лагере, в Кемпендяйском сользаводе. Потом уже за ратный трудовой подвиг стал Почетным гражданином Сунтарского района …

Суровые были времена…

https://vk.com/yatito 09.05.24

Аҕабыт, эһэбит, хос эһэбит сырдык аата үйэлэргэ өлбөөрбөтүн, кэнчээри ыччат туруу үлэһит киһини биллиннэр, киэн туттуннуннар диэн санааттан кинигэлэргэ суруйуулары, оҕолорун ахтыыларын биир сиргэ тистибит.

Яков Нестерович ТИТОВ, сиэнэ,

нуучча тылын, литирэтиирэтин учуутала, бэдэгиэгикэ билимин хандьыдаата, тутулуга суох чинчийээччи, лингибиистикэ маҕыыстыра, идэтийбит тылбаасчыт.

2025 сыл, атырдьах ыйа.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *