Стручков Константин Константинович ахтыыта

БУЛУҤ УЛУУҺУН БАСТАКЫ ОСКУОЛАТЫН ҮБҮЛҮӨЙЭ

Булуҥ нэһилиэгэр бастакы церковно-приходской оскуоланы 1893 сыл балаҕан ыйын 7 күнүгэр таҥара үлэһитэ С.А.Орлов арыйбытын туһунан норуот үөрэҕириитин бэтэрээнэ, Булуҥ улууһун үтүөлээх олохтооҕо Георгий Иванович Стручков архыыптан булан оройуон “Арктика Майааҕа” хаһыатыгар 1992 с. бэчээттэппитэ.

Оскуолаҕа ол кэм сэниэ ыалларын (баайдар, атыыһыттар) 12 оҕолоро: 8 уол, 4 кыыс үөрэнэ киирбиттэр. Оскуола дьиэтин тутуу төрөппүттэр үптэригэр 1896 сыллаахха саҕаламмыт уонна 1898 с. түмүктэммит. Оскуола үлэтин туһунан 99 илиистээх отчуоту Стефан Орлов 1902 сыллаахха Дьокуускай архыыбыгар туттарбыта көстүбүт.

Бу докумуоннарга олоҕуран, 1993 сыллаахха балаҕан ыйын саҥатыгар Күһүүр орто оскуолатын 100 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйэ улахан тэрээһиннээхтик ыытыллыбыта. Ол үбүлүөйгэ биһиги сүүрбэччэ буолан хомулламмыт Дьокуускайтан “Механик Кулибин” теплоходунан аттаммыппыт. Оскуоланы бүтэрбиппит 27 сыл буолан баран, үгүспүт өр сыллаах сүтэрсии кэнниттэн Күһүүргэ көрсөммүт үөрүү-көтүү бөҕөтө буолбуппут. Оскуолабыт барахсан биһигини иккистээн холбообута.

Ол кэмтэн ыла бэйэ-бэйэбитин уонна оскуолабытын кытта сибээспитин быспатахпыт, куруук суруйсар, телефоннаһар, билсиһэр буолбуппут. Биһиги тапталлаах оскуолабыт 110, 120, 125, интернат-оскуола 50 сыллаах үбүлүөйдэригэр көхтөөх кыттыыны ылбыт дьоллоохпут. Үбүлүөйдэргэ сылдьан үөрэппит учууталларбытын, доҕотторбутун, оскуола педколлективын, үөрэнээччилэрин кытта көрсөн, алтыһан, санаабыт көтөҕүллэн кэлбиппитин куруук күндүтүк саныыбыт, бу тэрээһиннэр кылааспыт сомоҕолоһуутун бигэ тирэҕэ буолбуттара.

Быйыл даҕаны, 2023 сылга, үгэспитин кэспэтибит. Төһө да саас баттаатар кылааспытыттан Исакова Валентина Егоровна (1945 с.т.) уонна Колесова Вера Константиновна (1947 с.т.) оскуолабыт 130 сыллаах үбүлүөйүгэр кыттан кэллилэр. Иккиэн даҕаны олоххо дьулуурдаах, барыбытыгар холобур буолар дьон. Валентина Егоровна АБЭ саҕаланыаҕыттан Дьокуускай волонтердарын туох баар түбүктээх үлэлэригэр барытыгар көхтөөхтүк кыттар. Дьиэтигэр ыкса киэһэ утуйарыгар эрэ кэлэр. Вера Константиновна Чурапчы Хатылытын эбээлэрин түмсүүтүн биир тутаах киһитэ. Хатылы эбээлэрин үҥкүүгэ ансаамбыла Сочига, Москваҕа, Санкт-Петербурга, Дьокуускайга, Чурапчыга ыытыллыбыт бэстибээллэргэ лауреат үрдүк аатын сүгэн үгүс киһини сөхтөрбүтэ. Эбээ Биэрэ сиэнэ кыыһы Ленаны илдьэ баран Булуҥ сирин-уотун, хоту дойду хоһуун дьонун-сэргэтин билиһиннэрэн кэллэ. Кини кэргэнэ С.С.Драгунов ыарытыйар буолан куоракка уһаабакка Хатылытыгар айаннаабыта.

Балаҕан ыйын 24 күнүгэр Дьокуускайга олорор биэс киһи: Васильева (Винокурова) С.А., Жиркова (Корякина) Д.С., Протопопова (Дягилева) М.Р., Терешкина (Топорова) П.Н., уонна мин кэргэмминээн Г.С.Анисимовалыын мустаммыт Валентина Егоровна отчуотун иһиттибит, үбүлүөй сонуннарын, хаартыскаларын көрөн бэйэбит онно сылдьыбыт курдук сананныбыт.

Үбүлүөй тэрээһиннэрэ быыбар күннэрин кытары сөп түбэһэннэр Дьокуускайтан биһиги эрэ дьоммут тиийбиттэр, Киин сиртэн кэлбит дьону ытыс үрдүгэр сырытыннарбыттар, 2019 с. үлэҕэ киирбит саҥа таас оскуола дьиэтигэр баар интэринээккэ олохтообуттар. Интэринээт оҕолоругар толору тупсарыылаах усулуобуйа тэриллибит: иккилии оҕо олорор хосторо, туалет, ванна, остолобуой, үөрэнэр кылаастара – барыта үрдүттэн. Дьоммут теплоходка олорон икки аҥаар сууккалаах, араас быһылааннардаах, саастаах киһиэхэ сындалҕаннаах айан (ол туспа кэпсээн) кэнниттэн сынньанан абыраммыттар.

Икки күн устата үбүлүөй сүрүн тэрээһиннэрэ: үөрүүлээх мунньах, өрөгөйдөөх линейка, эҕэрдэлээһин-наҕараадалааһын, бэлэхтэри туттарыы, кылаастарынан үөрэнээччилэри кытта кэпсэтии, нэһилиэнньэлиин көрсүһүү, учууталлар, үөрэнээччилэр күүстэринэн бэртээхэй кэнсиэр, бырааһынньык баҥкыата, уо.д.а. оскуолаҕа, бөһүөлэк кулуубугар, оскуола остолобуойугар ыытыллыбыттар. Биһиги дьоммут бары тэрээһиннэргэ кыахтара тиийэринэн кыттыбыттар, өссө быыс булан доруобуйатын туругунан тэрээһиннэргэ сылдьыбатах кылааһынньыкпытыгар Семен Павлович Никитиҥҥэ дьиэтигэр тиийэн, кини мааны остуолугар хоту дойду дьоно сөбүлүүр астарын амсайан, үөрэ-көтө сэлэһэн, оскуола кэминээҕи хаартыскалары көрөн астыммыттар. Сэмэн сиэннэрин көмөтүнэн массыынанан оҕо сылдьан сөбүлээн сылдьар оонньуур миэстэлэрбитин кэрийбиттэр, хаартыскаҕа түспүттэр.

Үһүс күннэригэр Тиксииттэн теплоход кэлэн дьоммутугар кэһии-бэлэх биэрэн, теплоходка аһыылларыгар өйүө туттаран массыынанан киллэрэн биэрэн махталы кытта атаарбыттар. Кыргыттарбыт – оҕо сааспыт арыалдьыттара оскуолабыт уонна Сэмэммит барахсан ыыппыт кэһиилэрин аҕалан аахтара туттаран долгуттулар, үөртүлэр.

Махтал буоллун оскуола директорыгар Матрена Ивановна Корякинаҕа, атаспытыгар Сэмэҥҥэ, хоһуун кыргыттарбытыгар Валяҕа уонна Вераҕа!

Константин Константинович СТРУЧКОВ,

Күһүүр интэринээт-оскуолатын 1966 сыллаах выпускнига, Булуҥ улууһун бочуоттаах гражданина.

2023 сыл.

(“Ахтыылар”, 2025 сыл атырдьах ыйа)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *