Егоров Дмитрий Николаевич туһунан

ҮӨЛЭЭННЭЭҔИМ ОҔОТУНАН КИЭН ТУТТАБЫН

2023 сыл алтынньы ыйын 10 күнүгэр Опера уонна балет театрыгар Саха Өспүүбүлүкэтэ Арассыыйа дьоруойун Егоров Дмитрий Николаевиһы кытта нөрүөнүн нөрүтэн төрүт түбэтин буоругар кистэтэ атаарбыта.

Биир дьиэ иһигэр бүтүн Саха сирин дьоно-сэргэтэ барыта киирбэтэҕэ чахчы, Киин куорат олохтоохторун 0,5% даҕаны мустубатахтара эрээри, Өрөспүүбүлүкэ бас киһитэ Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев бырабыыталыстыбатын тутаах үлэһиттэриниин кэлэн санаарҕабыллаах атаарыы түгэнигэр кыттыспыттара Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторо бүттүүн сырдык төбөлөрүн хоҥкуспуттарынан ааҕыллар.

Өрөспүүбүлүкэ бас дьоно дьоруойга сүгүрүйүөхтэрэ эрэ дуо, атаарыыны тэрийэн, сөмөлүөт анаан кэпсэтэн оройуон киинигэр диэри көтүтэн, онтон күн сиригэр оҕо буолан оройунан түһэн, улаатан, ситэппит-хотоппут түбэтигэр Арыылаах нэһилиэгин Уһун Күөлүгэр бөртөлүөтүнэн тиэрдиэхтээхтэрин тэрийдэхтэрэ дии.

Дима Арассыыйа Тихооканскай Военно-морской флотун морской пехотатыгар ыҥырыллан ытык иэһин толорбут уонна Украина сэриитэ күөдьүйбүтүгэр бэйэтин тус баҕатынан баран морской пехота знамятын аннынан кыргыспыта.

Дьоруойу төрүт түбэтигэр илдьэн харайа төрөппүт аҕата Николай Алексеевич Егоров оҕолорун кытта кэлбитэ. Ийэлэрэ Евдокия Дмитриевна эрдэ ыалдьа сылдьан уола Дима кыргыһыы хонуутугар охтубутун истээт, ийэ барахсан сүтүгүн тулуйбатах – сүрэҕэ ыарыытыгар эпсэн чугас дьонун хаалларан балаҕан ый бүтүөн эрэ иннинэ өбүгэлэригэр бараахтаабыта. Саха дьоно хорсун уолларын өрөгөйүн өрө тутар күннэригэр тиийбэтэҕэ хомолтолоох.

Дмитрий Егоров суох буолбутун кэнниттэн Арассыыйа Оборонатын министирэ С.К.Шойгу дойду президенигэр В.В.Путиҥҥа көрдөһүүтүнэн дьоруой аатын иҥэрбитэ. Дьоруойун бэлиэтин, сулуһун Тихоокеанскай ВМФ вице-адмирала аҕалан Дима аҕатыгар Николай Алексеевичка туттарбыта. Дойду президенэ Кремльгэ аҕатын дуу, убайын дуу ыҥыран дьоруой кыһыл көмүс сулуһун туттарбакка Сахатын сиригэр Дима олоҕун сорҕото буолбут флотун биир сүрүн хамандьыыра вице-адмиралынан арыаллатан ыытан туттардарбытын биир дойдулаахтара хайҕыы санаабыппыт.

Биһиэхэ, Дмитрий Николаевиһы тус билбэтэхпит иһин, кини төрөппүттэрин кытта чугастык алтыспыт дьоҥҥо сүтүгү куппут-сүрбүт ыараханнык ылынар, харааһыннарар. Холобур мин Николай Алексеевичтыын төрүт түөлбэбитигэр Үөһээ Мэйик Ойууһутугар бииргэ сүүрэн-көтөн, оонньоон борбуйбутун уйуммут дьоммут. Бүлүүчээн орто оскуолатын бүтэриэхпиттэн Колялыын көрсө илигим. Ол кэм хайа сахха 61 сыл буолбут. Аахайсыбакка көрсүбэтэххит диир сыыһа.

Мин Казахстаҥҥа архитектор үөрэҕин бүтэрэн кэлэн идэбинэн үлэлээн Дьокуускайга олохсуйбутум. Ийэм орто дойдуга баарыгар, кинини көрсө сынньалаҥмар баран кэлэрим. Коля айан суолуттан туора нэһилиэккэ олохсуйан олорор буолан, сырсыы кэмэ ыксатан туораан ыалдьыттыы тахса сылдьыбатым. Кини да куоракка кэллэҕинэ быыс булан туоһулаһан көрсүбэтэ. Кылгастык эттэххэ олох олоруу күнтэн күҥҥэ сиэтэр ыйытыктара аралдьыталлара.

Герой аҕата, үөлээннээҕим Николай Алексеевич Егоров.

Өйү-санааны тууйар хомолтолоох кэмҥэ көрсүһүннэрдэ. Үөрүөм иһин Коля тута биллэ. Мин да атын сиргэ көрсүбүтүм буоллар билиэ эбиппин. Олох түбүгэр күөйтэрэн өр сылларгэ сэргэ сылдьан үлэлээн-хамсаан олорон, элэҥэскэ көрсөн аастахпыт. Ирэ-хоро кэпсэтэр түгэн суоҕа. Кини тута аэропортка киирэн олохторугар көттөхтөрө. Оттон мин кэнниттэн: “Олоххор икки улахан сүтүккүн, үйэ аҥаарын кэриҥэ өйдөһөн, өйөһөн олорбут олоҕуҥ аргыһын Евдокия Дмитриевнаҕын уонна уолгун Дмиртий Николаевиһы орто дойдуттан атын эйгэҕэ атаарбыт ыарахан сүгэһэргэр баттатыма! Өссө уһуннук олор. Киһиэхэ бэриллэр олох муҥура биллибэт дьол! Этэҥҥэ сырыт”, – диэн алҕыы хаалбытым.

Биир дойдулааҕым, үөлээннээҕим Николай Алексеевич уонна олоҕун айанын аргыһыныын Евдокия Дмитриевналын чахчы Ийэ дойдутуларыгар бэриниилээх оҕолору ииппиттэринэн киэн тутуннум.

Дмитрий Николаевич Ийэ дойдутун, бар дьонун туһугар күндүттэн күндүтүн – олоҕун халбаҥнаабакка, саараҥнаабакка биэрдэҕэ. Кини билигин биһиги ортобутугар суох. Ол эрээри саха омукка аатын умнуллубаттыы сырдык хаанынан суруйан үйэлэргэ хааллардаҕа. Хомолтолоох… Буолбут буоллаҕа… Төнүннэрбэппит.

Билиҥҥи ортобутугар бу кэмҥэ Арассыыйа Украинаны утары саҕалаабыт сэриитин утаран хобугунаһааччы элбэх. Эйэлээх кэми үрэйэн Арассыыйа саба түспүтүн (агрессия) курдук тас өстөөхтөр өйдөтүү үлэтин ыыталлар. Ону дойдубут иһигэр ылынааччы элбэх. Сэрии хонуутугар чугас дьоннорун төннүбэттии хаалларбыт аһыылаахтар ыраас харахтарын уутун “кэрэһит” оҥостоллор.

Тустаахтарга ыарахан эрээри, тоҕо Арассыыйа Украинаны уодьуганныы сатыырын хараастыылаах иэйиини арыый уҕарытан, киэҥник анааран толкуйдаан көрөн бэйэлэрэ тылланан сэрии уотугар киирээччи уолаттарынан киэн туттуллуохтаах.

Германия фашизма күөттээбит уоттаах сэриитин ортотунан ааспыт, ол кэмҥэ тыылга үлэлээбит саастаах кырдьаҕастар кэпсээннэрин истэн, өлүүнү-өһүүнү илэ харахтарынан көрбүттэр суруйууларын ааҕан, кырдьыктаах киинэлэри көрөн, фашизм дьиҥнээх сирэйин билэн, киһи аймаҕы көмүскүү тылланан бараллар.

Тугу барытын күлүү гынан ырдьаҥнааччылар харчыга хараҥаран бараллар диэхтэрэ эрээри, тыыннаах олох барахсаны харчыга атастаһыллыбатын билэр дьон тылланан бараллара саарбахтаммат. Сэрии диэн хаһан баҕарар ыар ынчык. Онтон куоппаккын. Ким туоҕу ситиһэр соруктаах хаан тоҕуутун саҕалаабыттарын ырыта барбаппын. Арассыыйа норуоттара өйүүр биир сүрүн соруга – фашизм көрдүгэнин күөдьүйүөн иннинэ умуруоруу буолар.

Германия фашизма хайдах саҕаламмытын уонна силигилии сайдыбытын саныаҕыҥ эрэ. Хаппытаалы, баайы-дуолу эккирэтиһээччилэр социализм идеятын хаһан даҕаны ылымматтара, өлөрдүү абааһы көрөллөрө, көрөллөр. Германиянан сирэйдэнэн ССРС–һы суох оҥорорго туруммуттара. Ол табыллыбатаҕа. Өс-саас умнуллубат, симэлийбэт, кыахтаныар диэри кирийэр. Аныгы 21-с үйэҕэ эйэ-дэмнээхтик ыаллаһан олору ситиһии саарбахтардаах буолуо. Тоҕо диэтэххэ икки утарыта идея тохтообот киирсиитэ.

Арассыыйа эрэ иккис Аҕа дайду сэриитин умнубат. Германия фашизм режимин олохтоон, сайдан, сэбилэнэн бүтүн Европаны бэйэтигэр холбоон ССРС-ка саба түһэн мөлүйүөнүнэн киһи хаанын тохпуттарын саныахтарын баҕарбаттар. Оччолорго да, билигин даҕаны социализм идеятын куттарынан-сүрдэринэн сөбүлээбэт дьон элбэх.

Бандераны суоллааччыларга тирэҕирэн Украинаны фашизм идеятын тилиннэрэргэ соруктаан үлэлииллэрэ сымыйа буолбатах. Украина кыаҕырдаҕына Арассыыйаны суох оҥоро сатыахтааҕа сэрэйиллэр. Сэрэйиллиэ эрэ дуо, аан дойду бырабыыталыстыбатын олохтуохтаах күүстэр барыллара буолара кистэммэккэ көстөр. Сир үрдүгэр биир миллиард киһини олордо хаалларар соруктарын аһаҕастык кэпсииллэр.

Дьону аҕыйатар ньыма сүрүнэ икки. Бастакыта киэҥ далааһыннаах дьаҥ хамсыга. Ону кистэлэҥ лабораторияларга үөрэтэллэр, үөдүтэ сатаан тарҕатан көрөллөр. Иккис элбэхтэ туһаныллыбыт ньыма – сэрии. Онно ордук барсар, харысхала суох дьону кыргааччы – фашизм.

Арассыыйа өссө үйэ нам-нум олоруоҕун мэктиэтэ фашизм уонунан-сүүһүнэн мөлүйүөн киһи олоҕун быһан, хаанынан, харах уутунан суккулуннарыахтаах соруктарын тохтотуу. Ол саха омук соруга эрэ буолбатах. Арассыыйа киэҥ уонна элбэх киһилээх омуктардаах. Хара дьайы утары турууга даҕаны “элбэхтэн элбэх, аҕыйахтан аҕыйах” диэн сиэр туһуллуохтаах.

Иван Михайлович ПОПОВ

2023 сыл, сэтинньи ый.

(“Ахтыылар”, 2025 сыл атырдьах ыйа)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *