Мигалкин Иван Васильевич туһунан

СЫРДЫК ИЭЙИИ

Народнай поэт Уйбаан Мигалкин “Сырдык иэйиим” хоһооннорун хомуурунньугун бэлэхтээбитин сөбүлээн, умсугуйа аахтым.

Дьиҥинэн, хоһоону оннук умсугуйан аахпат киһибин. Оҕо сылдьан А.С.Пушкины, М.Ю.Лермонтовы учуутал сорудаҕынан лабыгыраччы ааҕарым. Барахсаттар уурбут-туппут курдук тылларынан суруллубут улуу айымньыларын күппүлүөттэрэ, сүһүөхтэрэ, кээмэйдэрэ дорҕоонноохтук ааҕарга барсар да этилэр.

Уйбаан хоһоонноругар мин тус олохпун, улуу Эллэй буурҕа-буулдьа дьылларыгар диэбитигэр дылы, дохсун устудьуон оҕо сааспыт Москва куоракка ааспытын санаан кэллим. Уйбаан этэринии, “үрдүктүк туттан сир анныгар киирэрбит, оннооҕор үрдүктүк туттан сир анныттан тахсарбыт” – метрону дьүһүйэн хоһуйбута уот харахха ойууламмыт. Төһөлөөх киһи метрону хараҕар ойуулаан көрбүтэ буолуой, метронан айанныан баҕарбыта буолуой?

Сааһыран олорон, Уйбаан метро иһэ остуоруйа курдук кэрэтин судургутук да этэн кэбиспитин сөҕөбүн: “Оннооҕор үрдүктүк туттан сир анныттан тахсабын”. Уйбаан таба көрбүт, оттон биһиги ис барааннарын болҕойон көрбөккө, ыксал-тиэтэл муҥнаахтар айанныы охсоору, поездка анньыһыы, үтүрүһүү. Поэт дууһалаах буолан, Уйбаан кэрэни таба көрөр айылгылаах. Эдэр сааспытыгар ол да “аһы” аһаан, кэлбити кытта кэпсэтэн, барбыты кытта барсан, сэниэ баар ыччаттара этибит. Уйбаан поэт дууһалаах киһи олоҕун алҕастарын, ситиһиилэрин, тапталын ийэтигэр, кэргэнигэр, оҕолоругар хоһуйбута ааспыт олоххун эргитэн аҕалар, санатар айылгылаах. Биһиги Уйбаанныын соҕотох ийэҕэ иитиллибит, ийэ хоонньуттан тахсыбыт уолаттарбыт. Мин бэйэм тус санаабар, ийэлэрбитигэр ураты туспа сыһыаннаахпыт. Хомойбут күннэрбитин санаатахпына, сир ийэ тулуйбакка иҥнэри барыах курдук, бүгүн аттыбытыгар суох ийэлэрбитигэр махтал тыллары Уйбаан хоһоонноругар буламмын, бэйэбин алы гынабын.

“Атаҕым сири билбэт буола –

Кынаттаах курдук уйдаран

Улаханнык үөрэн кэллэхпинэ,

Суруйбут хоһоонум хаһыакка

Күн сырдыгын көрдөҕүнэ –

Миигинниин ийэм үөрсэр…

Былыттаах халлаанныы

Санаам саппаҕыран,

Ас да киирбэт, уум да кэлбэт”.

Курус киэһэлэрбэр ийэм эрэ миигин өйдүүр.

Уйбаан сыыһа туттаран саллааттыы сырыттаҕына, “Ийэм суруктара” хоһоон тахсыбыта. Быһа тардыы:

“Ийэккэм

Адаархай буукубалары

Сиэттиһиннэрэн

Сэһэргиир,

Сэмэлиир суруктара…

Бүппэт дьиэ үлэтиттэн

Бириэмэ ордорунан,

Быыс булан ыытар –

Бэркэ билэр буочарым

Ийэкэм суруктара күндүгүт”.

Ийэ барахсан оҕотун ситиһиилэриттэн үөрээхтиирэ, адаархай буочарынан бүппэт үлэтиттэн быыс ордорунан суруйара – уоллаах ийэ хайдахтаах курдук тапталлара күүһүн, сыһыаннара истиҥин хоһооннортон быһа тардыы холобуругар көрөбүт.

“Саллаат суруга”, “Иһиттим ийэккэм куолаһын” хоһоонноругар маннык иэйиилээх тыллары туттар:

“Ийэкээм, суруйууй миэхэҕэ,

Саллаат суругар эппиэттээн,

Хомойо, хоргута санаама

Суругуҥ олус кылгас диэн,

Сүрэхпин уоскутар ийэккээм –

Тапталыҥ сылааһа миигин

Эн хайаан да итэҕэй

Эрэлгин түһэн биэрбэт

Буойун уол буоларбын”.

Уйбаан дьэ кырдьык, олоххо буойун буолан, бүгүн норуот билинэр норуодунай поэта!

Кэргэнигэр Зояҕа анаабыт хоһоонноругар: “Кэргэҥҥин харах уутунан сууннаран”, “Кэргэним мичээрэ көрбүт харахтара”, “Сырдык да иэйиилээх тапталбыт” олох кылгаһыттан, эрэммит дьонноро, “сиэмэх бөрөлүү” ыйыстыахтарын, оҕолорун тулаайах хаалларан, кэргэнин харах уутунан сууннаран, орто дойдуттан барарыттан санааргыырын чопчу этэр.

Оттон “Кэргэним мичээрэ көрбүт харахтара” хоһоонугар олоххо тардыһыыта күүстээҕин, кэргэнин мичээрэ хайа да бэлэхтэн күндүтүн, хайа да эмтэн күүстээҕин Уйбаан өрүү бу орто дойдуга баар буолуоҕун, сааһырдаҕын аайы таптала күндүтүйүөн баҕарарын бэркэ табан суруйар. Поэт үксүн олоххо бэлэмэ суох буоларыттан, уйан дууһата олох эргиирдэрин-мускуурдарын аһаҕастык ылынар.

“Дьиэм иһэ кураанахсыйда” хоһоонугар кыыһа Катюша ыраах айаҥҥа баран, кэпсэтэр киһитэ суох буолан муунтуйбутун ахтар. Поэт дууһалыын тулаайахсыйарын “балаҕан иһэ оҕо саҥатынан күйгүөрбэт, остуол аннынан оҕо төбөтө күкээрийбэт буоллаҕына…” диэн биир дойдулааҕа, аҕа табаарыһа Сергей Васильев хоһоонун өйдөөн кэлэҕин.

Уйбаан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн улахан убайдара буолан, кыра саастаах бырааттарыгар, балыстарыгар олус истиҥ сыһыанынан, хас биирдиилэригэр устудьуон кып-кыра истипиэндьийэтиттэн ордорон, кэһии аҕалан, кэтэһиилээх убаай буолан, ийэтин махтаммыт, ууламмыт харахтарын хаста көрбүтэ буолуой?

Поэт сиэннэринэн дьоллонон олоҕо уһаабытын “Сиэннэрим миэннэрэ” хоһооҥҥо көрөбүт. Сиэннэрэ өрүүтүн истиҥ мичээрдээх үөрэ көрсөллөрө, эбээни-эһээни сылаастык ахталлара уратытын бэлиэтиир.

Уйбаан Васильевич олоххо актыыбынай көрүүлээх гражданин, поэт, табаарыс, доҕор.

“Сааһырбыт кыргыттар” хоһооҥҥо:

“Сүүрбэ сэттэ сыл олордубут,

Отучча сыл күүттүбүт,

Билбэтибит –

Күн курдук улахан тапталы,

Эр киһи көмүскэл буолар

Хоһуун сүрэҕин көрсүбэтибит” диэҥҥит

Санааҕытын түһэримэҥ –

Сааһырбыт кыргыттар”.

Кэргэн тахсыбакка, оҕоломмокко олорон хаалбыт кыргыттар олохторун оҥостоллоругар мин эмиэ дууһабынан ыалдьан ыал оҥортообут дьоннордоохпун. Саха дьоно, Уйбаан биһикки курдук, дууһаларынан долгуйан, сүрэхтэринэн ыалдьан, холустуой барахсаттары ыал оҥортоон, холбооттуурбут буоллар, саха ахсаана элбииригэр, дьахтар-эр киһи аналларын толороллоругар кылааттаах буолуох этибит.

Эн дойдугар поэт эрэ буолуо суохтааххын, Эн бастатан туран граждиныҥҥын! Уйбаан Васильевич дууһатынан поэт, сүрэҕин тапталынан дойдутугар гражданин! Кэргэнэ Зоялыын дойдуларыгар Чараҥҥа В.Протодьяконов-Кулантай аатынан мусуойу төрүттээбиттэрэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ Дьокуускай куоракка П.А.Ойуунускай аатынан литературнай мусуой кэнниттэн тарбахха баттанар литературнай мусуой.

Уйбаан тууһугуран туран, аны значоктары хомуйуунан үлүһүйэр. Мээнэ хомуйбат, наардыыр, каталогка киллэрэр. Уйбаан поэт дьонугар-сэргэтигэр, кэргэнигэр, оҕолоругар, сиэннэригэр, чугас бииргэ төрөөбүттэригэр, дойдутугар тапталыттан сырдык иэйии хоһооннор субуллан тахсаллар. “Сырдык иэйиим” хомуурунньук күн сирин көрдө! Уйбаанныын, Ванялыын ол ыраах Москва куоракка 70-с сыллар саҕаланыыларыттан доҕордоһон, эн-мин дэсиһэн, олох чуумпу кытылын талбакка, дохсун долгунугар, түөрэккэй тыытыгар тимирдэ сатаабыттарын да иһин тимирбэккэ, дагдайан тахсан сорох дьоҥҥо күннэрин-ыйдарын бүөлээн, дагдайа сырыттахпыт. “Норуоппут дьолугар төрөөтүбүт” диэн улахан тылы туттубатарбыт да, син тугу эрэ оҥорбут, айбыт-туппут курдук сананабыт.

Степан Николаевич СИВЦЕВ-Доллу,

СӨ үтүөлээх артыыһа, РФ бочуоттаах кинематографиһа, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Төҥүлү, Доллу нэһилиэктэр бочуоттаах гражданиннара, искусствоведческай наука кандидата.

2019 с.

(“Ахтыылар”, 2025 сыл от ыйа)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *