Егорова Зинаида Ивановна туһунан

ӨРҮҮ КӨМӨЛӨҺӨРӨ, СҮБЭЛИИРЭ-АМАЛЫЫРА

Биһиги күндү, тапталлаах ийэбит, эйэҕэс эбээбит, амарах эдьиийбит Нам сэлиэнньэтин олохтооҕо, үлэ ветерана, Саха сирин Оһуохайын «Чулуу кыната» ааттаах Нам сэлиэнньэтин бочуоттаах олохтооҕо, «Аҕа саас» бэлиэ хаһаайына, «Эҥсиэли» хаһыат общественнай корреспондена Егорова Зинаида Ивановна туһунан кэпсиэхпитин баҕарабыт.

Кини бу орто дойдуттан 2022 сыл балаҕан ыйын 28 күнүгэр букатыннаахтык барбыта.

Биһиги ийэбит 1942 сыл тохсунньу 21 күнүгэр 2 Модут нэһилиэгин «Маай» алааһыгар Колесовтар дьиэ кэргэннэригэр иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Оҕо сааһа сэрии ыарахан, сут кэмигэр саҕаламмыта. 1951 с. Нам сэлиэнньэтигэр көһөн кэлбиттэр. Сэрии муор-туор олоҕуттан доруобуйа доруобуйатыгар оҕустаран оскуолаҕа хойутаан киирбит. Кыра эрдэҕиттэн аҕатыгар көмөлөһөн уол оҕо курдук тэбис-тэҥҥэ сылдьан үлэлэһэн, оҕуһунан уу таһан, мас эрбэтэн, хайытан Нам кулуубун оһоҕун оттор үһүлэр. Саас оттук мас бэлэмнэһэн, кыһын муус ылсан, тиэйсэн, үлэлэһэн үөрэҕин 7 кылаас кэнниттэн тохтуур. 2 сыл быстах үлэҕэ сылдьан баран 1961 с. күһүн Райпоҕа пекарь үөрэнээччитинэн саҕалаан үлэлээбит.

Онтон 1963 с. биһиги аҕабытын көрсөн ыал буолаллар уонна Бүлүү куоратыгар көһөн бараллар. 1964 с. улахан кыыһыгар күн сирин көрдөрөн ийэ буолар дьолун билэр. Онтон төттөрү Намҥа көһөн кэлэллэр уонна 1966 с. иккис кыыһын оҕолонор. Хомойуох иһин 1967 с. аҕабытын кытта арахсаннар икки кыра оҕолоох аҥаардас хаалар. 1974 с. суолу тутар-өрөмүөннүүр учаастакка бухгалтер көмөлөһөөччүтүнэн үлэҕэ киирэр. Ийэбит икки оҕону аҥаардас хамнаска иитэрэ ыарахан буолан, сайын аайы уоппускатыгар араас тэрилтэлэргэ солбуйан харабыллаан, сороҕор муоста сууйан, ол ылбыт хамнаһыгар биһигини оскуолаҕа тэрийэрэ. Бэйэтэ иистэнэр буолан биһиэхэ таҥас тигэрэ, ол түмүгэр атын аҕалардаах оҕолортон итэҕэһэ суох таҥнан оҕо сааспыт ааспыта.

Ийэбит илиитигэр талааннаах этэ, ол курдук уһанара даҕаны, ону-маны угар дьааһык, сибэкки уурар подставкалары оҥорбута, аны ньаалбаанынан чеканка да оҥороро. Ийэбит үлэлээн бүтэн да баран мээнэ олорботоҕо, биир да күнү халтайга хаалларбат этэ. Таҥас сыыстарынан араас кыыллары, дьэрэкээн сибэккилэри оҥорон, тигэн, истиэнэҕэ ыйанар паннолары, ааҥҥа ыйыыр киэргэллэри, хортуон дьааһыгы кырыйан, көмүстэри кырыйан килиэйдээн киэргэтэн лаампаларга иилэр наһаа кыраһыабай люстралары оҥорон барыбытыгар бэлэхтээн үөрдэрэ.

Саамай сөбүлээн оҥороро төрөөбүт Намын символа – куба буолар. Ити этиллибит оҥоһуктарын биһиэхэ оҕолоругар, чугас аймахтарыгар, дьүөгэлэригэр бэлэх биэрбитэ билигин дьиэбитин киэргэтэн тураллар. Ийэбит саамай сөбүлүүрэ араас сувенирдары мунньуу буолар. 1960 с. саҕалаан муспута билигин 150-ча буолан тураллар.

Село, улуус иһигэр ыытыллар араас тэрээһиннэргэ, общественнай үлэлэргэ ийэбит өрүү биир бастакынан көхтөөхтүк кыттара, олорор түөлбэтин салайааччытынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Ийэбит киһи аайы бэриллибэт суруйар дьоҕурдаах этэ. Ол курдук 1975 с. саҕалаан хоһоон айан уонна үгүс элбэх ыстатыйа суруйан оччотооҕу «Ленин суола» хаһыакка тиһигин быспакка бэчээттэнэн тахсаллара. Бу кэмтэн саҕалаан суруйар дьоҕура өссө сайдан, кэнники киин хаһыаттарга өрүү бэчээттэнэн тахсаллара. Элбэх тэрээһиннэри, үөрүүлээх түгэннэри сырдатан, араас темалары, олоххо көстөр кыһалҕалары туох баарынан аһаҕастык суруйан, ардыгар сытыытык туруорсан элбэх ааҕааччы сэҥээриитин уонна хайҕабылын ылара. Хаһыаттарга бэчээттэтэн тахсыбыт суруйууларын барытын кырыйан ылан альбомна сыһыаран иһэрэ. Ол кэмтэн ылата мунньуллан 560 кэриҥэ буолан, билигин 10 альбому хаалларан барда.

2013 с. Нам улууһугар оһуохай түмсүү тэриллиэҕиттэн ийэбит онно киирэн Сахабыт сирин араас улуустарыгар сылдьан наһаа үөрэр уонна дуоһуйар этэ. Намҥа буолар араас тэрээһиннэргэ, соҕуруу дойдуттан, омук сириттэн кэлэр мааны ыалдьыттары көрсөргө элбэх кыттыыны ылбыта. 2017 с. «Саха сирин Оһуохайын чулуу кыната» аатын иҥэрбиттэрэ. Эмиэ бу сыл түмүгүнэн «Эҥсиэли» хаһыат бастыҥ корреспонденын үрдүк ааты ылан олус долгуйбута, үөрбүтэ.

Ийэбит радиоҕа сахалыы ырыалары истэрин наһаа сөбүлүүрэ. Бэйэтэ наһаа үчүгэйдик ыллыыра, хас тэрээһин, бырааһынньык ийэбит ыллааһына суох ааспат этэ. Эрдэттэн «Зинаида ырыаҕын бэлэмнээр» диэн үллэһэллэрэ. Ийэбит киһи киэнэ кэрэтэ этэ, наһаа амарах санаалааҕа, уйан дууһалааҕа, кыаммат, ыалдьар дьоҥҥо өрүү көмөлөһөрө. Биһиэхэ барыбытыгар өрүү көмөлөһөрө, сүбэ-ама биэрэрэ, сиэннэрин олус таптыыра.

Ийэбит, эбээбит сырдык мичээрин көрбөккө, саҥатын истибэккэ наһаа курус да сыл ааста… Төһө да өй-санаа өйдөөбүтүн иһин сүрэх уонна дууһа кыайан ылыммат, наһаа да аҕынныбыт, суохтаатыбыт. Тапталлаах күндү ийэбитин, эбээбитин, эдьиийбитин өрүү ахта-саныы сылдьыахпыт, эн сырдык мөссүөҥҥүн хаһан да умнуохпут суоҕа.

Кыргыттара, сиэннэрэ, күтүөттэрэ, чугас балтылара, бырааттара, кийииттэрэ.

2023 сыл.

(“Ахтыылар”, 2025 сыл бэс ыйа)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *