“ПАРУС” ДЕТСАДКА СЫЛДЬЫБЫТЫМ
Мин аатым Яковлева Айсанаа, 1 “а” кылааска үөрэнэбин. Оскуолаҕа киириэм иннинэ “Парус” диэн ааттаах детсадка, “Күөрэгэй” диэн группаҕа сылдьыбытым. Итинник ааттаах группалаахпын.
Баспытааталларым ааттара Лидия Васильевна уонна Любовь Власьевна диэннэр, мин кинилэри наһаа-наһаа сөбүлүүбүн. Уонна кинилэр наһаа үтүөлэр.
Мин саамай оонньууру сөбүлүүр этим уонна алпабыыт үөрэтэри. Детсадка уруһуйдуурбун эмиэ наһаа сөбүлүүбүн. Уонна пластилинныыры эмиэ.
Холобур сорох оҕолор ааттара Пана, Нарыйа, Нарыйаана, Харысхан, Тускул уонна Айхал. Биһиги сарсыарда хааһы сиибит, күнүс миин иһэбит. Күнүс утуйабыт. Онтон киэһэ второй. Биһиги, ити мин уонна Алина диэн кыыстыын оонньууру наһаа сөбүлүүбүт, чыычаахтар диэн оонньууну.
Биһиги кыргыттар “Хомус” куонкурсугар кыттыбыппыт, өссө мин шахмакка сылдьыбытым. Хомуска куоракка лауреат буолбуппут, салайааччыбыт Антонина Федоровна. Кини үчүгэйдик үөрэтэр. Мин оҕолордуун таһырдьа площадкаҕа оонньууру наһаа-наһаа сөбүлүүр этим. Уонна киэһэ оонньууру эмиэ наһаа сөбүлүүбүн.
“Парус” детсадка 2021 сыллаахтан сылдьыбытым. Уонна былырыын 2024 сылга бүтэрбитим. Онтон каникуллар буолбуттара. Мин сайын каникулга сөтүөлээбитим, оонньообутум уонна да элбэх. Онтон оскуолаҕа бастакы кылааска киирбитим. Детсадпын санааммын ахтыы суруйдум, баспытааталларбар махтанабын!







Айсана ЯКОВЛЕВА,
“Ф.И.Авдеева аатынан ДДТ” оскуола 1 “а” кылааһын үөрэнээччитэ.
2025 сыл, кулун тутар ый.
(“Ахтыылар”, 2025 сыл ыам ыйа)
