Иванов Егор Афанасьевич туһунан

АҔАМ ТУҺУНАН АХТЫЫЛАР

Аҕам Иванов Егор Афанасьевич (1914-1990) – гвардеец, “Кыһыл Сулус”, “Аҕа Дойду сэриитэ” I степенэ уордьаннардаах, “Хорсунун иһин”, “Бойобуой үтүөлэрин иһин” мэтээллэрдээх, коммунистическай үлэ удаарынньыга.

Убайа Иванов Михаил Афанасьевич сэриигэ 1941 сыллааҕы бастакы хомуурга ыҥырыллан барбыт. 84-с стрелковай дивизия 41-с стрелковай полкатыгар пулеметчигынан сулууспалыы сылдьан, 1943 сыл кыргыһыы толоонугар охтубут. Балта Иванова Екатерина Афанасьевна оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, 14 сааһыгар “Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Чакыр түөрт кылаас үөрэхтээх уола Егор Иванов ветеринарнай санитардардар куурустарын бүтэрэн, 1937 сыллаахха анал үөрэхтээх үлэһит буолар.23 саастаах эдэр киһини Сунтаарга оройуон ветеринаргай учаастагар үлэҕэ ылаллар. Сырыыны-айаны кыайар Егор Иванов оройуон нэһилиэктэрин кэрийэ сылдьан, холкуос сүөһүлэрин көрөр-истэр, араас ыарыыны утары үлэ бөҕөтүн ыытар. 1941 сыл атырдьах ыйын бүтүүтэ армияҕа ыҥырар бэбиэскэни тутан, үөлээннээхтэрин кытта Сунтаартан Туруктаҕа диэри сатыы барбыта. Бииргэ төрөөбүт убайа Мэхээлэ Чакыр “Кыһыл Харыйалаах” колхоһуттан ыҥырыллан, иккиэн бииргэ барбыттара. Ветеринар Иванову сатыы хаамар 600 киһини арыаллаан, иһити-хомуоһу, аһы-үөлү ыырдан иһэр 80 акка эппиэттээх киһинэн анаабыттара. Киэһэ тохтобул кэмигэр хастыы да түһүлгэнэн оһуохай бөҕө тэриллэрэ. Егор Иванов кылыһахтаах куолаһынан чоргуйан этэр түһүлгэтигэр сүүһүнэн киһи киирэрэ.

Борохуотунан устан, массыынанан айаннаан байыаннай чаастар баар сирдэригэр тиийиилэригэр уҥа-хаҥас тутуу саҕаламмыта. Егор Иванов Чита уобалаһын Дацан станциятыгар байыаннай олоххо үөрэтэр анал чааска тиийбитэ. Үстүү ый үөрэтэ-үөрэтэ, илин-арҕаа атаараллара. Кинилэри солбуйан саҥаттан саҥа саллааттар кэлэн иһэллэрэ. Чаас салалтата арай Егор Иванову халбаҥнаппакка, эдэр дьону саллаакка уһуйар бу сиргэ хаалларан испитэ. Буолаары буолан, саллаакка саамай тыын боппуруоһу быһаарар хлеборез дуоһунаһыгар! Ол аата хас биирдии саллаакка күҥҥэ үстэ бэриллэр килиэби тэбис-тэҥ гына быһан, сарсыарда аайы кымаах саҕа арыыны, саахары тэҥҥэ үллэрэр эппиэтинэс киниэхэ сүктэриллибитэ. Хамандыырдар “сахалар – чиэһинэйдэр” диэн этиилэрин Чакыр уола чиэстээхтик толорон, биир да саллааты матарбакка, күннээҕи паёктарын толору биэрэн иһэрэ. Ол үрдүнэн кыратык ордон хаалбытын олус ыксаабыт, дьүдьэйбит, ыалдьыбыт саллааттарга өлүүлээн биэртэлиирэ. Кинилэр быыстарыгар саха уолаттара да бааллара. Сэрии кэнниттэн: “Бухааҥка аҥаара үс быһыы килиэби биэрэн, тыыммытын өрүһүйбүтүҥ”, – диэн махтанан аҕабар суруйбуттара, ол кытаанах кэм туоһулара буолан, хойукка диэри бааллара.

Арҕаа сэрии күүһүрэн иһэр, немец биһиэннэрин харса суох ыгар сураҕа иһиллэр. 29 саастаах, күүһүн-уоҕун үгэнигэр сылдьар Егор Иванов хайа муҥун килиэп быһа сылдьыай? Чааһын салалтатыгар “сэриигэ ыытыҥ” диэн хаста да сайабылыанньа суруйар. 1942 сыл бүтүүтэ “фроҥҥа бараҕын” диэн буолар.

Поеһынан арҕаа айаннаан, II Украинскай фронт 9-с гвардейскай дивизиятын 18-с стрелковай полкатыгар тиийэр. Саха уолун пулеметчигынан аныыллар. Онтон ыла күнүстэри-түүннэри ардах буулдьа анныгар сылдьар. 90 киһилээх роталарыттан 43 түүннээх күн инники кирбииттэн тахсыбакка сылдьан, Челябинскайтан сылдьар нуучча уолунуун иккиэйэҕин эрэ ордубуттар! Иккиэн “Бойобуой үтүөлэрин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыттара.

Госпитальга сытан эмтэнээт эмиэ сэриигэ киирбитэ. Бу сырыыга тааҥканы ытар сааҕа анаабыттара. “Противотанковое ружье” диэни кылгатан, “ПТР” дииллэрэ. Бу саатынан немец “Пантера” диэн ааттанар үс тааҥкатын умаппыта, өссө икки тааҥка буруолуу-буруолуу куоппута. Хас да грузовой массыынаны мотуордарыгар түһэртээн, күдэҥҥэ көтүппүтэ, биир бронетранспортеру сыыһа-халты ытыалаан үрдүк суол анныгар түҥнэһиннэрбитэ. Оттон немец сатыы сэриилэрэ атаакалыыр кэмнэригэр, инники сүүрэн киирэн ытыалыыр, дьоннорун күөртүүр немецтэри боҕутуннарбыта. Ити иһин “Хорсунун иһин” мэтээли госпитальга сыттаҕына туттарбыттара.

1944 сыллааҕы немец сэриитэ өссө да күүстээх, утарсыы бөҕө буолбута. Станковай пулемекка бастакы нүөмэринэн сылдьыбыта. Кыргыһыы кэмигэр улаханнык бааһыран, хаана сүһүрэн, аҥаар атаҕын быстарарга күһэллэр. Ити бойобуой кыргыһыыга Егор Афанасьевич немец 63 саллаатын уонна офицерын суох оҥорбута. “Кыһыл Сулус” уордьанынан наҕараадаламмыта. Икки баттыгынан сылдьар, атаҕа суох киһи, өр кэмҥэ эмтэнэн, төрөөбүт дойдутун буоругар 1945 сыллаахха үктэммитэ.

Убайа Иванов Егор Афанасьевич (эмиэ Дьөгүөр, I) Кэмпэндээйи лааҕырыгар өлбүтэ. Аҕалара оҕонньор сэрии кэмигэр бэйэтин миинньэр атын сиэбитин иһин сууттаан, Кэмпэндээйигэ ыытаары гыммыттарыгар уола Егор: “Эн тулуйан сылдьыаҥ суоҕа”, – диэн тылланан, аҕатын оннугар баран өлбүтэ. Мин тус санаабар, баҕар аҕата, кырдьаҕас киһи, барбыта буоллар тыыннаах ордуо этэ. Егор икки убайдара сэриигэ охтубуттара: Иванов Михаил (I) Харьков  анныгар көмүллэ сытар, кырата Михаил (II) сураҕа суох сүппүтэ.

Аҕам Егор Афанасьевич сэрииттэн эргиллэн кэлээт идэтигэр төннөн, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри ветеринарнай фельдшердээбитэ. Элгээйигэ, Куокунуга, Сунтаарга, Хадаҥҥа, Бордоҥ Улгумдатыгар, Марбатыгар, онтон пенсияҕа тахсан баран, салгыы Кэмпэндээйигэ үлэлээбитэ. Кэргэнэ Ильина Елена Степановналыын сэттэ оҕоломмуттара.

Элгээн Аттаах Тумулугар мемориальнай комплексыгар Иванов Егор Афанасьевич сырдык аата тимиргэ кутуллан турар. Бастыҥ оһуохайдьыкка Е.А. Иванов-Тооппоос аатынан анал бирииһи туттараллар.

Фронтовик сиэнэ, сэриигэ өлбүт абаҕаларын аатын ылбыт биир сиэн Иванов Михаил Робертович Россия армиятыгар сулууспалыы сылдьан, Хотугу Кавказка бойобуой дьайыыларга кыттан, билигин сэрии ветеранын өҥөтүнэн туһанар.

Уола Юрий Егорович ИВАНОВ.

 


 

ЭҺЭМ ТААҤКАНЫ УМАППЫТА

Биһиги дьиэ кэргэнтэн сэриигэ эһэбит Егор Афанасьевич Иванов сылдьыбыт. Мин аҕам Роберт киниэхэ үһүс оҕо. Эһэм сэрии иннинэ анал кууруһу бүтэрэн, ветеринарнай санитар эбит. Сэрииг 1941 сыллааҕы бастакы хомуурга барбыт. Советскай Союз Маршала, икки төгүллээх Геройа Иван Конев командующайдаах II Украинскай фронт 9-с гвардейскай дивизиятын 18-с стрелковай полкатыгар сулууспалаабыт.

Эһэм сэрии алдьархайын этинэн-хаанынан билбит. Үстэ бааһыран, аҥаар атаҕын Украина сиригэр хаалларбыт. Хайдах кыргыспытын туһунан суруйан хаалларбыт ахтыытыттан уонна бойобуой наҕараадаларыттан билэбит.

Эһэм үчүгэйдик ытара үһү. Ол иһин элбэх өстөөҕү охторор пулеметчигынан уонна тааҥканы ытар бронебойщигынан сэриилэспит. Тааҥканы ытар саата уһун уостаах, умайар буулдьанаан ырааҕы тэбэр эбит. Охсоро даҕаны сүрдээх күүстээх үһү. Эһэм биирдэ ыта-ыта, хос иитиллэн иһэр бу улахан саанан немец үс тааҥкатын умаппыт. Урут пулеметчиктыы сылдьан наҕараадаламмыт “Бойобуой үтүөлэрин иһин” мэтээлигэр саллаат саамай улахан мэтээлин “Хорсунун иһин” диэни эбии биэрбиттэр. Иккис бааһырыытын кэнниттэн эмиэ пулемечик оҥорбуттар. Онно биир кырыктаах кыргыһыыга өстөөх 63 саллаатын охторбут. Ол туһунан наҕараадалыыр лииһигэр суруйбуттар, “Кыһыл Сулус” уордьанынан наҕараадалаабыттар. Кэлин өссө “Аҕа Дойду Сэриитэ” I степеннээх уордьанынан наҕараадаламмыта. 1984 сыллаахха бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри ветеринаардаабыта. Кини 1990 сыллаахха ыалдьан өлбүтэ. Эбэм Елена Степановнаны кытта сэттэ оҕоломмуттарыттан элбэх сиэнэ хорсун эһэбитин ахтабыт-саныыбыт, кэриэһин толорон, дьоҥҥо-сэргэҕэ эйэҕэс, амарах, болҕомтолоох буоларга кыһанабыт.

Сиэнэ Сеня ИВАНОВ, 1996 сыл.

Сиэн Иванов Семён Робертович.

Сеня бу суруйуута “Кэскил” хаһыат 1996 сылга 3000 ахсаанынан таһаарбыт “Сэрии дуораана” кинигэтигэр киирбитэ. Сиэн Иванов Семён Робертович билигин суох…


 

УЧУУТАЛЫМ, КӨМӨЛӨҺӨӨЧЧҮМ ТУҺУНАН АХТЫЫ

Владимир Гаврильевич ПЕТРОВ, Сунтаар улууһун, Сунтаар, Бордоҥ нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо, СР тыатытн хаһаайыстыбатын, ветеринарнай сулууспатын ветеран үлэһитэ

– Мин, Петров Владимир Гаврильевич, бүгүн анаан олорон аҕа табаарыһым, биир идэлээҕим, Аҕа дойду сэриитин актыыбынай кыттыылааҕа, бастакы группалаах сэрии инбэлиитэ Иванов Егор Афанасьевич туһунан ахтан-санаан ааһарга сананным.

Кини ааспыт алдьархайдаах, хаан тохтуулаах сэриигэ өстөөх буулдьатыттан аҥаар атаҕын сүтэрбитэ. Эйэлээх олоххо эргиллэн кэлээт, ветеринар идэтигэр үөрэммитэ. Талбыт идэтинэн өр сылларга таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Элбэх ветеринарнай кадрдары үөрэппитэ-такайбыта. Егор Афанасьевич майгылаах бастыҥа, киһи кэрэмэһэ этэ диэн үрдүк сыанабылы биэрэбин.

Егор Иванов 1937-39 сылларга Сунтаардааҕы райзо-ҕа ветеринардар курстарын бүтэрэн, үлэтин ветсанитарынан саҕалаабыта. 1941 сыллаахха армияҕа ыҥырыллан, Забайкальскай байыаннай уокурукка тиийэн сулууспатын кавалерия чааһыгар саҕалаабыта.

Сэриигэ хорсуннук сэриилэспитин туоһутунан бойобуой “Кыһыл Сулус”, Аҕа дойду сэриитин I степеннээх уордьаннара, “Хорсунун иһин” мэтээллэр о.д.а. элбэх үбүлүөйдэринэн, Кыайыыны кытта сибээстээх наҕараадалара кини модун түөһүн киэргэтэллэрэ. Кини пиджагын уолугар мэлдьи наҕараада колонкаларын иилинэ сылдьар буолара.

Оннук-маннык хорсун сырыыларын мээнэ кэпсэнэ сылдьыбат, олус сэмэй киһи быһыытынан мин өр сылларга бииргэ үлэлээбит буолан уһулуччу бэлиэтиибин.

Эйэлээх олоххо эргиллэн кэлээт даҕаны, 1945-49 сс. Элгээйи ветеринарнай учаастагар сэбиэдиссэйинэн үлэлээн барбыта. Ол саҕана сүөһү ыарыылара олус элбэхтэрэ. Ветеринарнай идэлээх үлэһиттэр аҕыйахтара, онон күнү-дьылы аахсыбакка, ат көлөнөн үрэҕинэн-тыанан сылдьан туһааннаах үлэлэрин толороллоро. 1949-50 сс. Куокуну зооветпуунугар, 1951-55 сс. Сунтаар ветеринарнай лечебницатыгар фельдшеринэн, 1957-67 сс. Хадан ветпуунун сэбиэдиссэйинэн, 1967-72 сс. Бордоҥ ветеринарнай учаастагар сэбиэдиссэйинэн ветфельдшер дуоһунаһыгар үлэлээбитэ. Онтон кэлин Кэмпэндээйигэ, “Бордоҥ” совхозка ветсанитарынан, ветфельдшеринэн өр сылларга таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

Дьэ ити кэмнэргэ мин кинини кытары бииргэ алтыһан үлэлээбитим. Аан бастаан билсиһиим 1963 сыллаах саас бастакы ветеринарнай үлэҕэ практикабыттан саҕаламмыта. Киниэх тахсан сүөһүгэ араас быһыылары ыытыспытым, сүөһүнү охторон эмтээһин уустук ньымаларыгар үөрэммитим.

Ол саҕана сүөһүгэ бруцеллёз, соҕуо (актиноминоз), сүөкчүт (баланопостит), чесотка, ньирэй иһин ыарыыта (диспепсия), толугур (стригущий лишай), сылгыга мыт, хаарыы (хоруончука) диэн ыарыылар элбэх буолаллара. Ону барытын охторо сытан дэлби ыраастаан, сууйан-сотон, мааһынан биһэн үтүөрдүллэрэ. Сүөкчүт диэн оҕус сүөһүлэр кирдээх муостаҕа сыталларыттан ииктиир органнара ыалдьан, сүһүрэн ириҥэрэн, быстан түһэллэрэ, кыайан ииктэрэ кэлбэккэ хачаттаран ыалдьаллара, өлөллөрө. Итинник баалаппыт сүөһүнү сүөгүн быһан атын сиринэн, үксүн кэннинэн таһааран тигэн кэбиһэр операция ньыматын уһулуччу сатыыр оҕонньор этэ. Оччоҕо эрэ сүөһү үтүөрэрэ. Мин ити операцияны оҥорорго киниттэн үөрэнэн, Омскайга тиийэн анатомия кафедратыгар студеннарга көрдөрбүтүм. Оҕуһум ааһан иһэр кыргыттарга туораттан ииктээн ыһыы-хаһыы буолара. Ити операцияны “Ветеринария” сурунаалга бэчээттэппиттэрэ.

1964 сыллаахха иккис производственнай практикабын эмиэ Сунтаарга барбытым. Миигин Бордоҥҥо ветеринарнай учаастак сэбиэдиссэйинэн анаан таһаарбыттара, хамнас төлүүр туһунан бирикээс таһаарбыттара. Бордоҥҥо тахсыбытым Егор Афанасьевич ветучаастак дьиэтигэр олорор эбит. Кэргэнэ Дьоллоох кыыһа Дьэлиэнэ диэн мин биир дойдулааҕым, Аллыҥа эмээхсинэ буолан биэрдэ. Элбэх кыра оҕолордоох этилэр. Оҕонньорум аны онон сылдьан элээрдэр буолбут.

Былааннаах үлэбит син биир элбэх. Онон оччотооҕу баар улахан фермаларга олорон үлэлиир ветсанитардары анаталаабыт этилэр. Ол курдук Сардаҥа бөһүөлэгэр Алексеев Уйбаан диэн аҥаар атахтаах санитар үлэлиирэ, Ньээлбиктэҕэ Дьөгүөр, Тэҥкэҕэ Егорова Настя үлэлииллэрэ. Егор Афанасьевич мэлдьи сөбүлээн миинньэр сиэр өҥнөөх аттаах этэ. Онтун сайын ханна таптаабыт сиригэр сыбыдахтаан, туох да быата-туһаҕа суох ыытан кэбиһэрэ. Онон ата мэлдьи эмис буолара. Сарсыарда ыҥырда даҕаны ата бэйэтэ кэлэрэ, ыҥыырдаан баран хамаанда биэрдэҕинэ салҕанан турар чөҥөчөгөр сыстан биэрэн мииннэрэрэ. Ити ат атын киһиэхэ туттарбат да, мииннэрбэт да этэ, оннук үөрэппитэ.

Миинньэр көлөлөөх буолан саас сылгы төрүүрүгэр тыанан-сыһыынан сылдьара, онтун сөбүлүүрэ. Сылгы саас төрүүрүгэр эрэйдэнэн төрүүр түбэлтэтэ элбэҕэ. Онно кини илиитэ күүстээх, сатабыллаах буолан үгүстүк быыһаан төрөтөр буолара. Өр сыл үлэлээн баай практикалаах этэ, онон киниттэн киһи элбэххэ үөрэнэрэ.

Күһүөрү-сайын туох баар ньирэйи оҕустарын талан сымыыттарын быһыы (кастрация) диэн үлэ барара. Быспыт сымыыттарын хомуйан ылан үлэ бүтэригэр буһаран сиир үгэстээҕэ. Мин бастаан сиэбэт этим, кэлин үөрэнэн сиэһэр буолбутум. Эмиэ ити кэмҥэ туох баар ньирэйи барытын охторо сытан икки өртүнэн эргитэ сылдьан, хабарҕа укуолун эмин бэйэбит оҥорон, йод суурадаһынынан эмтиир этибит. Икки нэдиэлэнэн эмиэ онно иккис төгүлүн эргийэн кэлэн укуоллуурбут. Инньэ гынан диктиокаулёз ыарыыттан ньирэй өлүүтүн суох оҥорбуппут.

Ол сылларга мэлдьи кыһалҕалаах кыстык, арыт уу сута буолан, от ситэ оттоммокко, эһэ-бөрө тутан тыаҕа-сыһыыга сүөһү бөҕө өлөрө. Сүөһү ханна да өлбүт буоллун тириитин сүлэн, эттээн көрөн өлбүт биричиинэтин быһааран акт оҥорон 4 экземплярга суруйан, страховка докумуонун толорон ый аайы отчуоттуур эбээһинэстээҕиҥ.

Оҕонньор суруйбут актарын ветврач-сэбиэдиссэй быһыытынан бэрэбиэркэлиэхтээхпин, илии баттыахтаахпын. Онно көрдөхпүнэ мэлдьи кэриэтэ сүрэҕэ баралыыстаан өлбүт диэн буолааччы. Сүрэх ыарыытыттан өлүккэ страховка мэлдьи төлөнөөччү.

Кыстык хотоҥҥо сүөһү быттыйааһына, чесотка ыарыыта турааччы. Ону суох гынарга хлорофос, лизол суурадаһынын оҥорон сүөһү көхсүн сотон, сууйан суох оҥоһуллара. Биирдэ Илимнииртэн суһал ыҥырыы кэллэ. Мин онно ветстанцияҕа начальниктыы олоробун. Хас да буолан тахсан фермаҕа чинчийии оҥорон, лизол хойуу суурадаһынынан сууйуллан көхсүлэрин тириитэ сулан түспүт этилэр. Ону быһааран эмтиир дьаһаллары ылбыппыт, онно быһаарбыппыт Егор Афанасьевич алҕаһы таһаарбыт этэ. Оҕонньор көрүөхпүт, билиэхпит, эмтиэхпит диэн холкутук сыһыаннаспыта, сүөһү өлүүтэ тахсыбатаҕа, инцидент этэҥҥэ ааспыта.

Биирдэ Бордоҥҥо үлэлии сырыттахпына Бүгүйэх диэн сиртэн тыллабыр кэллэ. Ат өлбүт диэн сиргэ сиэмэлэнэр тыһаҕастары хаайбыттара, 18 сүөһү өллө диэтилэр. Биһиги Егор Афанасьевичтыын атынан биричиинэтин быһаара таҕыстыбыт. Тиийбиппит 18 төбө күһүҥҥү уойбут сүөһүлэр ходуһаҕа чугас-чугас истэрэ сараччы үллэн өлөн сыталлар. Дьэ саллыы, дьулаан хартыына этэ. Чинчийэн көрбүппүт сүлүһүннээх “вех ядовитый” диэн үүнээйини сиэн өлбүттэрин быһаардыбыт. Хаалбыт сүөһүлэри атын сиргэ үүрдэрэн ходуһа аанын саптаран баран, үүммүт оттор луковицаларын үргээн уматар дьаһалы ылбыппыт. Сүөһүлэри тракторынан состорон чохчолоон, икки күнү быһа умаппыттара.

Эмиэ ветстанцияҕа үлэлии сырыттахпына Хадантан саас тыллабыр киирдэ. Кулуннар төрүү-төрүү истэрэ ыалдьан өлөн иһэллэр, тахсан көрүҥ-билиҥ диэн буолла.

Мин комиссия тэрийэн, онно үлэлии олорор Егор Афанасьевиһы илдьэ Хаанды диэн улахан ходуһаны, сылгы хаспыт сирин чинчийэн анализка проба хомуйдубут, хас даҕаны ходуһаттан, буолаттан ыллыбыт. Сураһан билбиппит агрономнар дьаһалларынан саас хаар үрдүнэн уоһурдуу ыстарбыт эбиттэр, онно мэччийбит сылгылар оҕолоро бары кэриэтэ өлбүттэр. Итинник түбэлтэ Тойбохойго, Куокунуга эмиэ тахсыбыта. Итиннэ уоҕурдуу ыһыллыбыт сирдэригэр өлүү тахсыбытын быһааран, онтон ыла уоҕурдууну хаар үрдүнэн ыһыыны бопторбуппут.

Итинник араас түбэлтэлэртэн барытыттан үөрүйэх ылыллар. Ветеринар үлэтэ сүрдээх эппиэттээх, тымныыга тоҥон, итиигэ буһан, киэҥ сирдэринэн түүнү-күнү аахсыбакка үлэлээн түбүгүрэҕин. Итинник кытаанах үлэҕэ үйэтин тухары үлэлээһин бэйэтэ туһунан хорсун быһыы буолар. Онон Егор Афанасьевич бу таптыыр идэтинэн бу дойдуттан букатыннаахтык барыар диэри бэриниилээхтик үлэлээбит ветеринарнай сулууспа оройуоҥҥа сүһүөҕэр турарыгар улахан үтүөлээх, ытыктанар ветераммыт буолар. Кини үтүөтэ-өҥөтө үйэлэр тухары умнуллуо суохтаах. Кини төрөппүт оҕолоро билигин бэйэлэрэ пенсия саастаахтар, аҕаларын олоҕун, үлэтин үйэтитэргэ быһаарыммыттарын хайгыыбын уонна үөрүүнэн сөбүлэһэн бэйэм ахтыыбын суруйдум.

Сунтаар сэлиэнньэтэ, 01.10.2019 с.


 

САЙДЫЫГА КИЛЛЭРСИБИТ КЫЛААТА УЛАХАН

Пётр Николаевич СТЕПАНОВ, Саха АССР үтүөлээх ветеринарнай враһа:

– Мин Егор Афанасьевич Иванову Омскайдааҕы ветеринарнай институкка үөрэнэ сылдьан, договордаһан үөрэттэрэр Жданов аатынан бөдөҥсүйбүт колхозпар практикаҕа кэлэ сылдьан билсибитим. Ол инниттэн кини Аҕа дойду сэрииттин кыттыылааҕа буоларын билэр этим.

Оччотооҕуга кини Сунтаар оройуонун ветстанциятын иһинэн үлэлиир Бордоҥнооҕу ветучаастакка үлэлиирэ. Бу ветучаастак Бордоҥ учаастагын хабара. Ынах, сылгы ыарыыларын утары элбэх сэрэтэр эмтиир дьаһаллары олохтуур этилэр. Колхозка сүөһү иитиитин уопсай культурата биллэн турар намыһаҕа, фермалар ыраах-ыраах бытанан олороллоро. Сүөһү ыарыыта олус элбэҕэ. Ыанньык ынах 70 %-на бруцеллёзтааҕа, сүөһүлэр чесотка, куйукта, толугур курдук ыарыыларынан маассабайбык ветеринарнай специалистарга элбэх түбүгү үөскэппиттэрэ.  Маны таһынан ньирэйдэргэ диктиокаулёз (хабарҕа) ыарыытынан сутуллан элбэхтик өлөллөрө. Сүөһү аһылыга тиийбэтинэн сүөһүлэр маассабайдык ырыганныыллара, онон төрүүллэригэр үгүстүк эрэйдэнэллэрэ, уххараҥ тарбыйахтары төрөтөллөрө. Маныаха убаһа тумуутун (мыты) эбэн кэбис.

Ветеринардар утуйар ууларын умнан туран фермаларынан кэрийэ сылдьан эмтииллэрэ-томтууллара. Фермалартан күнү-түүнү араарбакка вызовтар кэлэллэрэ, онно кинилэр барытыгар тиийэн көмө оҥордохторуна сатанара. Дьэ манна колхоз ветеринардарын кытары, холобур Алексеев Иван Васильевиһы, Егорова Анастасия Гаврильевнаны о.д.а. кытары бииргэ тутуспутунан сылдьан, кэлэн-баран үлэлээн ахан биэрээхтээбиттэрэ.

Маны таһынан ньирэйдэри, атыыр соноҕостору аттаталаан, сүөһүгэ уойар укуолу биэрэн, ынахтар эрэйдэммэттэрин курдук хара баһаан уонна уустук үлэлэри толороллоро.

Аҕа дойду Улуу сэриитин инвалида – дьоҥҥо Тимир атахтаах Иванов ветеринар диэнинэн биллибитэ. Ферматтан фермаҕа хосуопка сыарҕалаах атынан сылдьан сүөһү бөҕөтүн эмтээбитэ, “Жданов” аатынан колхоз оройуоҥҥа үчүгэй үлэлээҕинэн биллибитэ. Онно Е.А.Иванов киллэрсибит кылаатын уһулуччу тоһоҕолоон бэлиэтиэхпин баҕарабын.

Кинини кытары сэриигэ ханна сылдьыбытын кэпсээбитин өйдөөн хаалбыппын. Харьков куораты ылыыга атаҕын тоһуттаран госпитальга киирбитин уонна “Кыһыл Сулус” ордены ылбытын кэпсээбитэ.

Оччотооҕу ветүлэһит хамнаһа төһө бэйэлээх буолаахтыай, кыра баҕайы кыараҕас дьиэҕэ олорбуттара, тиийиммэт кырыымчык олохтооҕо. Хойут совхозка главнай ветврачтыы сылдьаммын, ветеринарнай сулууспа үлэһиттэрин кытары сүбэлэһэн харчы уонна аһылык бородууктатын хомуйан биир бириэмэлээх көмө оҥотторбуттаахпын.

Биир кэм махорка эбэтэр бөппүрүөскэ тардан табахтаан бускутара. Ферма, колхоз-совхоз салайааччыларын кытары биир тылы сатаан булан, иҥэ-дьаҥа суох үлэлии-хамныы сылдьара өйбөр хаалан хаалбыт.

2019 сыл балаҕан ыйа.


 

МАС АТАХТААХ БЭТЭРЭЭН

Элгээн уолун гранатата

Фашист танкатын умаппыта,

Полк хамандыырын бирикээһэ

“Кыһыл Сулуска” түһэрбитэ.

Аҥаар атаҕын хаалларан

Арҕааттан тиийэн кэлбитэ,

Бүтүн атаҕынан кылыйан

Ыһыахха миэстэлэспитэ.

Мас атахтаах бэтэрээн

Бордоҥҥо олохсуйбута.

Оһуохайдаан, эһиэкэйдээн

Сэгилиэрдэри ааттаппыта.

Атаҕа суох бэтэринээр

Вызовка тахсан барбыт,

Чигдини дьөлүтэ үктээн

Уулуссаны ылан кэбиспит.

Николай ЕГОРОВ. Күндэйэ.

(«Ахтыылар», 19.05.2025 с.)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *