СҮРЭХПИТИГЭР ӨРҮҮ ТЫЫННААХХЫТ
Үтүөкэн дьонноох-сэргэлээх ытык сиргэ – Горнай Маалтаанытыгар дьоһун олоҕу олорбут, үгүс ыччаттаах ыалларынан биирдэстэрэ Былааһай уонна Аана дьиэ кэргэннэрэ буолар.
Төрөппүттэрбит Анна Николаевна, Власий Васильевич.
Ыал аҕата – Власий Васильевич Кубаров 1918 сыл балаҕан ыйын 14 күнүгэр Маалтааны нэһилиэгэр Тоҥуулаахха, Арыылаах өтөҕөр күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ Мария Григорьевна, аҕата Василий Алексеевич диэннэр.
Эһэбит Василий Алексеевич, эбэбит Мария Григорьевна.
Бииргэ төрөөбүттэр үһүөлэр. Убайа Никииппэр уонна быраата Кэттэ Байбал. Дьоно кыаммат буоланнар өрүскэ Кытыл Дьураҕа иитиллибит, үөрэммит кэмнэрдээх. Хата 7 кылаас үөрэхтэммит. Сааһын ситэн, төрөөбүт дойдутугар Сиинэҕэ туос сатыы кэлбитин кэлин кэпсиир этэ. Оҕо эрдэҕиттэн атаҕа ыалдьан хоромуой, хойут эпэрээсийэлэтэн 3 группалаах инбэлиит буолбут. Үөрэхтээх киһи буолан холкуоска араас үлэҕэ: от-мас тиэйээччинэн, суотчутунан, ларёкка атыыһытынан, сэрии саҕана налоговай агенынан, сопхуоска заправщигынан, банщигынан хойукка диэри үлэлээбитэ. Үчүгэй үлэтин иһин 1980 сыллаахха Москубаҕа Норуот Хаһаайыстыбатын Быыстапкатыгар баран кэлбитэ.
1950 сыллаахха Куудук Күндэтиттэн төрүттээх олоҕун аргыһын Тимофеева Анна Николаевнаны, эдэркээн кыыһы көрсөн ыал буолбуттар.
Бастакы кыыстара Мария 1951 сыллаахха төрүүр.
Ийэбит 1934 сыллаахха күн сирин көрбүт. Ийэтэ Федора Семёновна, аҕата Ньукулай диэн. Бииргэ төрөөбүт икки бырааттаах этэ, Егор уонна Афанасий. Ийэбит 4 эрэ кылаас үөрэхтээҕэ. “Бөһүөлэккэ ыалларга хонуктуу сылдьан үөрэнэр этибит, 7-8 хонугу быһа тугу да аһаабакка, аҥардас хаары киллэрэн уулаан иһэ-иһэ олорбуппут”, – диэн кэпсээччи. Сайынын балыктаан, кустаан, күһүнүгэр сир астаан, ити кэмнэри син наһаа аччыктаабакка атаарбыт эбиттэр. Оччотооҕу кэм сиэринэн отой кыра саастарыттан аччыктааһыны, хоргуйууну эттэринэн-хааннарынан билбиттэр.
Ийэбит Анна Николаевна.
Оҕолонон-урууланан баран Кэптиҥҥэ көһөн олохтоох балыыһаҕа ньээҥкэнэн, таҥас сууйааччынан, тас остуораһынан өр кэмҥэ үлэлээн биэнсийэҕэ тахсыбыта.
Ийэлээх аҕабыт 12 оҕону төрөтөн, иитэн дьон оҥортообуттара. Өссө биир уол иитиэххэ барбыт. Онон 8 уол, 5 кыыс этибит.
Төрөппүттэрбит үтүө суобастаах үлэлэрин туоһулуур үгүс махтал суруктар, грамоталар, мэтээллэр бааллар.
Ийэбит Анна Николаевна – үлэ-тыыл бэтэрээнэ, нэһилиэк, улуус Бочуоттаах олохтооҕо, Герой-ийэ. Кини 2011 сыллаахха ыараханнык ыалдьан олохтон барбыта.
Аҕабыт Власий Васильевич – үлэ-тыыл бэтэрээнэ, нэһилиэк, улуус Бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах Ытык кырдьаҕаһа, “Үйэ Саас” бэлиэ хаһаайына. 2021 сыллаахха ковид дьаҥыттан ыалдьан биһиги кэккэбититтэн туораабыта.



Ийэлээх аҕабыт 60 сыл бииргэ олорбуттара. Күндү дьоммут, төрөппүттэрбит ааттарын, кинилэр сырдык олохторун оҕолор, сиэннэр, хос сиэннэр салгыыбыт.
Ахтыыны суруйдум
Анна Власьевна ЛАЗАРЕВА.
Дьокуускай куорат, 30.04.2025 с.




Анна Власьевна маладьыас, ессе кинигэ дуу, брошюра дуу таьааттарарыц буоллар уйэлээх буолуо этэ
Анна Власьевна маладьыас, ессе кинигэ дуу, брошюра дуу таьааттарарыц буоллар уйэлээх буолуо этэ