Егоровтар тустарынан (Тойбохой, Сунтаар)

КИНИЛЭР КЫАЙЫЫНЫ УҺАНСЫБЫТТАРА

Улуу Кыайыы 80 сылынан Сунтаар улууһун Тойбохой олохтоохторун – бииргэ төрөөбүт убайдыы-бырааттыы Егоровтар хаартыскаларын, дааннайдарын, аҕам туһунан ахтыыны «АХТЫЫЛАР» сайтка ыытабын.

Гвардии старший сержант, командир «Катюши» Егоров Тимофей Константинович

Дата жизни: (13.01.1915 – 08.06.1995). Где родился: Сунтарский район, с. Тойбохой. Где воевал: II Белорусский фронт. Награды: Орден «Красной Звезды», «Отечественной войны 1 степени», орден «Александр Невский» и «Кутузова», медали «За Отвагу», «За боевые заслуги».


Гвардии ефрейтор Егоров Федот Константинович

Дата жизни: (28.02.1918 – 04.04.2002). Где родился: Сунтарский район, с. Тойбохой. Где воевал: III Белорусский фронт, 41 стрелковый корпус. Награды: Орден «Красной Звезды», «Отечественной войны I степени», медали «За Отвагу», «За боевые заслуги», «За взятие Кёнигсберга», «За взятие Берлина» и т.д.


Егоров Николай Константинович

Дата жизни: (1920 – 05.1943). Где родился: Сунтарский район, с. Тойбохой. Где воевал: (…) Награды: (…)


Егоров Иван Константинович, связист

Дата жизни: (28.02.1924 – 05.1993). Где родился: Сунтарский район, с. Тойбохой. Где воевал: Забайкалье. Награды: Орден «Отечественной войны II степени», медаль «За боевые заслуги».

*  *  *

Иккис аан дойду сэриитин курдук урусхаллаах, өлүүлээх-сүтүүлээх сэрии киһи-аймах историятыгар буолбатаҕа. Кини саамай ыар өттө биһиги дойдубутугар түспүтэ. Сэрии саҕаланыаҕыттан аҕа көлүөнэ дьоммут биир сомоҕо ньыгыл күүс буолан, ааҥнаан киирбит өстөөхтөн Ийэ дойдуларын көмүскүү туруммуттара.

Ол курдук Сунтаар Тойбохойуттан силис-мутук тардыбыт Анна Никитична Сидорова уонна Константин Дмитриевич Егоровтар түөрт уолаттара саа-саадах тутан иэримэ дьиэлэриттэн дойдуларын көмүскүү барбыттара.

Улахан уол Тимофей Константинович 1941 сыл атырдьах ыйын 2 күнүгэр Амма оройуонугар райпотребсоюзка үлэлии сылдьан сэриигэ ыҥырыллыбыта. Иркутскай уобалас Мальта диэн станциятыгар 588-с артиллерийскай полкаҕа сулууспалыы сырыттаҕына, 1941 сыл ахсынньы ыйыгар Арҕаа илдьибиттэрэ. “Москваҕа тиийэн Сталин аатынан Кыһыл Армия мотордааһын, механизациялааһын академиятын иһинээҕи гвардейскай миномётчиктары бэлэмниир курса үөрэнэн, старшай сержант буолбутум. Орудие командирынан ананан, ыам ыйыгар фроҥҥа барбытым”, – диэн кэпсиирэ биһиги абаҕабыт. Кини 28 саастааҕар аатырбыт “Катюша” командирынан буолбута.

Аатырбыт «Катюша» командира Тимофей Егоров.

Уоттаах сэриигэ 1942 сыл сайыныгар 37-с армия 43-с гвардейскай миномётнай полкатыгар киирсэн, Дон өрүс кытылларынан кыргыспыта.

Гвардия старшай сержана Тимофей Константинович Егоров Кавкаһы, Кубаны уонна Таманы босхолооһуҥҥа кыттыбыта. Курскай, Орловскай туһаайыыларынан сэриилэһэн Белоруссияны босхолоспута. Кыайыыны 1945 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр Германия сиригэр Росток куоракка көрсүбүтэ. Катюша расчётун командирын түөһүгэр “Кыһыл Знамя”, “Александр Невскэй”, “Кутузов” орденнара уонна үгүс мэтээллэр бааллара. Кини төрөөбүт Сахатын сиригэр эргиллэн кэлэн пенсияҕа тахсыар диэри Саха АССР Аһылыгын промышленноһын министерствотын аппараатыгар үлэлээбитэ. Пенсияҕа тахсан баран кэргэнин дойдутугар Ярославль куоракка көспүттэрэ. Үлэлии үөрүйэх, салайар дьоҕурдаах буолан олорор уокуругар өр сылларга партийнай тэрилтэ сэкиритээринэн үлэлээбитэ. 1995 сыллаахха тапталлаах абаҕабыт орто дойдуттан 80 сааһыгар букатыннаахтык барбыта.

Аҕам Федот Константинович бииргэ төрөөбүт быраата Николайдыын 1942 сыл бэс ыйын 26 күнүгэр иккис хомуурга бэбиэскэ тутан, дойдуларын көмүскүү аттаналлар. Кинилэр Туруктаттан борохуокка олорон Иркутскайга тиийэллэр. Салгыы тимир суолунан Молотовка тиийэн тохтууллар. Күһүн буолан от-бурдук хомууругар түбэһэллэр. манна аҕам нууччалыы билэр-быһаарсар буолан биригэдьиир көмөлөһөөччүтүнэн талыллар. Биирдэ биригэдьиирэ ыалдьыттата дьиэтигэр ыҥырар, онно тиийбитигэр буспут хортуосканан, сибиинньэ сыатынан күндүлүүллэр. Туох кэлээхтиэй, аанньа аһаабакка сылдьар киһи иһин тоҕо сүүрдэн тиийиэхтээх сиригэр тиийбэккэ, аара олорбут. Сарсыҥҥы күнүгэр айдааны тардаллар уонна аҕабытын хаайыы иһинээҕи хаайыыга угаллар. Тымныы оҥкучахха сытан өссө бэргээн, аҥаара эрэ буолбут киһини госпитальга утаараллар. Бу кэмҥэ чааһын дьонун уонна быраатын Ньукулайы хайыһар биригээдэтигэр киллэрэн Ильмень күөлгэ киллэртээн суорума суоллаабыттара, диэн кэпсиирэ.

Николай Константинович Егоров с бииргэ төрөөбүт быраатыныын Иванныын.

“Ньукулай тыыннаах эргиллиэ суоҕун билбит курдук суолу супту ытаан айаннаабыта. Бэбиэскэ тутан баран ол түүнү супту улахан түһүлгэ тардыбыта. Бэйэтин сүрдээхтик кыанар, кытыгырас уонна булчут бэрдэ, cэриигэ барыан иннинэ төрөппүттэрин бултаан хааччыйара”, – диэн кэпсиирэ аҕабыт. Баара-суоҕа 22 сааһыгар сураҕа суох сүппүтэ.

Аҕам 1943 сыл бэс ыйыгар Орёл куорат иһин кыргыһыыга кыттан бастакы сүрэхтэниитин ылбыта. Ол курдук Орловскай, Брянскай, Смоленскай уобаластарынан, Белоруссиянан, Польшанан, Илиҥҥи Пруссиянан, Арҕаа Германияҕа диэри сэриилэспитэ. Иккитэ чэпчэкитик бааһырар. Сэриигэ сылдьан 1943 сыллаахха партия чилиэнигэр кандидатынан киирэн баран, 1944 сыллаахха ылыллар. Сэриилэһэр идэтинэн связист этэ. Аҕабыт III Белорусскай фронт үһүс армиятын 41-с стрелковай корпуһун 694-с туһунан связь батальонугар сулууспалыыр. 1944 сыл от ыйын 14 күнүгэр бастакы наҕараадатын – “За отвагу” мэтээлинэн, эмиэ сити сыл балаҕан ыйын 11 күнүгэн “За боевые заслуги” мэтээлинэн, 1945 сыл олунньу 28 күнүгэр лоп курдук 27 сааһын туолар күнүгэр “Кыһыл Сулус” орденынан наҕараадаланар.

Сэриигэ сылдьан бииргэ төрөөбүт убайын Тимофей Константиновиһы кытта көрсүүтэ аҕабытыгар умнуллубат түгэн этэ. Убайын суруга түргэнник кэлэриттэн сэдиптээн уонна чугас 43-с гвардейскай миномётнай полк баарын билэн, командирыттан көҥүллэтэн, Белоруссия Барановичи оройуонун Шишко дэриэбинэтигэр күүс ылына тыылга тахсан олорор убайын көрсөр.

Федот уонна Тимофей Егоровтар, 1944 сыл.

Кини убайыттан быраата Николай Ильмень күөллээҕи кыргыһыыга баһаан элбэх сахалары кытта бииргэ сэриилэһэ сылдьан сырдык сырдык тыына быстыбытын истибитэ. Сэриигэ бииргэ төрөөбүттэр көрсүһүүлэрэ олус сэдэх түбэлтэ буолуо. Аҕабыт сытыы, булугас өйдөөх, хорсун санаалаах буолан маннык умнуллубат түгэн буоллаҕа.

Аҕабыт сэриигэ сылдьан билсиспит, истиҥник саныыр Чебоксарга олорор инженер идэлээх чуваш киһитэ табаарыстааҕа. Александр Васильевич Рыбаковтуун олохтон туоруор диэри суруйсаллара, дьоммут хаста эмит баран күүлэйдээн, ыалдьыттаан кэлбиттэрэ.

Федот Константинович бойобуой доҕотторунаан. Александр Васильевич Рыбаков уҥа диэки олорор.

Сэрии бүтэһик күннэрин Юго-Восточнай Берлин операциятыгар кыттан, 1945 сыл ыам ыйын 16 күнүгэр түмүктээбит.

Аҕам Федот Константинович дойдутугар төннөрүгэр Чебоксарынан сылдьан кэлбитэ.

1945 сыл ыам ыйыгар демобилизацияланан, дойдутугар кэлэн иһэн бииргэ төрөөбүт быраатын Иван Константиновиһы Забайкальскай фронт 582-с стрелковай полкатыгар телефонист-радиотелеграфист идэтигэр сулууспалыы сырыттаҕына көрсөн кэлэр. Кини идэтинэн 73-с танковай полкаҕа 1943 сылтан 1947 сылга диэри сулууспалыыр. Сэрии бүтэн, төрөөбүт дойдутугар эргиллэн кэлэн “Победа” колхозка чилиэнинэн киирэр. 1950 сыллаахха Сунтаар орто оскуолатын бүтэрэн Ийэ дойду тэбэр сүрэҕэр – Москва куоракка Тимирязов аатынан тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар киирэр. Ситиһиилээхтик үөрэнэн агроном идэтин баһылыыр. Сунтаар оройуонугар кукуруза үүннэрэн билиҥҥэ диэри кэпсэлгэ сылдьар. Кырыс уонна оһорбо сири туһаҕа таһаарыыга оройуонугар кырата суох кылаатын киллэрбитэ. Хайа да үлэҕэ ирдэбиллээх, киэҥ билиилээх, дьон ытыктыыр дьонуттан биирдэстэрэ этэ. Кини түөһүн үгүс бойобуой мэтээллэр, Албан аат II степеннээх уордьана киэргэтэллэрэ.

Аҕабыт түөһүн Германияны кыайыы, Берлини, Кёнигсбери ылыы, “За Отвагу” икки мэтээлэ, “За боевые заслуги” уонна “Кыһыл Сулус” киэргэтэллэрэ.

Аҕам Федот Константинович Егоров.

Оччотооҕу айгыраабыт олоҕу чөлүгэр түһэриигэ туох баар күүһүн-уоҕун, билиитин-сатабылын биэрэн туран эйэлээх олоҕу уһансыбытынан барбыта. Ферма сэбиэдиссэйиттэн саҕалаан совет бэрэссэдээтэлинэн, сельпо бэрэссэдээтэлинэн, отделение управляющайынан, онтон “сылгы иитиитэ хаалаары гынна” диэн тылланан туран сылгыһытынан үтүө субастаахтык үлэлээбитэ. Cельпо бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорон Пермь электрооһох оҥорор заводу кытта быһа кэпсэтэн, Саха сиригэр “Лысьва” диэн үс конфоркалаах оһоҕу аҕалан дьон биһирэбилин, махталын ылан турар.

Отделениеҕа үлэлиир кэмигэр Ленскэй куораттан үлэһиттэри кэпсэтэн аҕалтаан сүөһү көрүүтүгэр, хотон тутуутугар араас сиртэн кэлэн үлэлииллэрин ситиспитэ.       Үлэҕэ эппиэтинэстээх буолууну хас биирдии үлэһититтэн ирдиирэ, ол тэҥэ биһигиттэн оҕолоруттан бастакы уочарат ирдэбил турара. Сылгыһыттыы сылдьан үгүс сири күрүөлээбитэ, тутуу бөҕөтүн ыыттарбыта. Манна барыта бэйэтэ тэҥҥэ үлэлэһэн 1985 сыл түмүгүнэн 100 биэттэн 100 кулуну ылан “Үлэ Кыһыл Знамята” орден кавалера буолбута. Кини үлэтин чааһа саас сарсыарда 5 чаастан саҕаланара. Сарсыарда 8 чааска кэлэн чайдаан сынньана түһэн баран атын өттүгэр баар сылгыларын кэрийэ барара.

Аҕабыт сүрдээх булчут этэ, тыаҕа таҕыстаҕына хайаан да өттүк харалаах тиийэн кэлэрэ. Кини кэллэҕинэ дьиэ иһэ толору саҥанан туолара, хас биирдиибитин сыллаталаан ылар үгэстээҕэ.

Дьэ ити курдук түөрт убайдыы-бырааттыы Егоровтар бу орто дойдуга олорон ааспыт кэмнэригэр дьон ытыктабылын ылан, бэйэлэрин ааттарын чиэстээхтик ааттатар үгүс кэнчээри ыччаттары хаалларбыттара.

Аҕам «Катюша» командира убайынаан Тимофей Константиновичтыын (хаҥаһа).

Ахтыыны суруйда

Тамара Федотовна ПЕРМЯКОВА, Саха Республикатын Үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэҕириигэ уонна иитиигэ бочуоттаах үлэһитэ.

2025 сыл муус устар 16 күнэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *