БАРЫБЫТЫГАР ҮТҮӨ ХОЛОБУР БУОЛАР
Өбүгэлэрбит тустарынан сырдык өйдөбүлү кэлэр кэнэҕэски ыччаппытыгар тиэрдии – биһиги ытык иэспит.
Аҕа дойду Улуу сэриитэ оччотооҕу кэм ыалларын барытын таарыйбыта. Сүүрэ, мэниктии сылдьыбыт оҕолор тута улаатан, тыылга улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээбитинэн барбыттара. Оонньооботох оҕо саас саҕаламмыта.
Биһиги аҕабыт, эһээбит, хос эһээбит Ощепков Афанасий Афанасьевич Нам оройуонун Салбаҥ нэһилиэгин төрүт олохтооҕо этэ.

Кини 1929 сыл кулун тутар 8 күнүгэр Өргөннөөх диэн кыракый алааска күн сирин көрбүтэ. Сэрии саҕаланарыгар 12 саастаах уолчаан эбит. Ийэтэ Винокурова Матрёна Леонтьевна, аҕата Ощепков Афанасий (уола кыра эрдэҕинэ ат айааһыы сылдьан оһоллонон өлбүт). Эдьиийдэрэ Барыскыай, Маайа колхоз туруу үлэһиттэрэ этилэр. Эһээбит этэрэ: “Киһини өйдүүр буолуохпуттан бэйэбин наар улахан киһи курдук сананарым”, – диэн. Сэрии сылын оҕолоро кырдьык ураты хаачыстыбалардаах буолуохтара: олоххо үөрүйэхтэрэ, тардыһыылара, күүстээх санаалара, эппиэтинэстэрэ…
Сэрии ыар тыына биһиги дьоммутун эмиэ хаарыйбыта. Байыаннай нолуогу кыайан уйуммакка ынахтарын атыылаабыттара. Үһүс кылааска үөрэнэригэр дьоно Хоптолооххо сүөһү көрөн кыстаабыттара. Субуотаҕа үөрэх кэнниттэн дьиэлээн иһэн туһахтарын көрөрө. Бултуйан, куобах сүгэн дьиэтигэр тиийдэҕинэ үөрүү бөҕө буолара. Тута астаан, буһаран сииллэрэ.
Эбэ сайылыгар эдьиийэ Барыскыай хас да буолан кыстаан олорон, Намҥа киирэр оhоххо оттуллар мас эрбииллэрэ. Онно олорон эһээбитин оскуолаҕа үөрэттэрэ ыыппыттар. Сааhыары өйө-санаата наар дойдутугар Ньэгэдьэйгэ буолбут. Кыра-кыралаан таhырдьа өйүө ас мунньунан кистээбит уонна биир сарсыарда ааны арыйан туран эрэ: “Миигин көрдөөмөҥ, дойдулаатым”, – диэт, сатыы Салбаҥ диэки сүүрэн бара турбут. Аара Искраҕа үчүгэй баҕайы санаалаах оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ хонон ааспытым диэн кэпсиирэ. Онтон дьонугар тиийэр, онно ийэтэ Матырыас уонна эдьиийэ Маайа субай сүөhү көрөн кыстаан олорбуттар. Тиийээт, от тиэйсэн үлэлээн барар. Аара куобахха туhахтаан, хоргуйан өлүөх дьон быыhаммыппыт диэн кэпсиирэ. Ити курдук төрдүс кылаас кэнниттэн салгыы үөрэммэтэҕэ. 1945 сылтан колхоз чилиэнэ. Бастакы кыһын оҕустаах атынан Аччыгый Хоптолоох ферматыгар от тиэйсибитэ. Кривошапкин Ньукулай диэн хараҕа суох оҕонньордуун икки эрэ көлөнөн сүүсчэкэ сүөһүлээх ферманы отунан хааччыйаллара.
Сиэнэ Анатолий эһэтин кэпсээниттэн манныгы ахтар: “Биирдэ күhүн отой хойут, бурдук хомуура бүппүтүн кэннэ, колхоз бааhынатыттан хаары тарыйан кыра таҥас мөhөөччүккэ сиэмэ хомуйбут. Ону ийэтин үөрдээри атыгар көстөр гына төргүүлэммит. Ол истэҕинэ кэнниттэн бэрэссэдээтэл ситэн ылан, сиэмэ уорбуккун диэн уорбалаан тутан ылбыт. Дьиэлэригэр кэлэн дэлби мөҕөн, ыххайан ийэтэ Матырыас туох баарынан-суоҕунан дэлби көрдөhөн-ааттаhан, тойонноро нэhиилэ уҕараан барбыт. Ийэтэ кууhан олорон дэлби ытаабыт. “Хаар анныгар син биир хаалар сиэмэлэр этэ”, – диэн баран эhээм өр умса туттан олороро харахпар бу баар”.
Сэрии кырыымчык, аас-туор сылларыгар оҕотук сааһыттан бултаан, балыктаан, улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээн дьонун хоргуйууттан быыһаабыт, кэнники биһиги аймах тэнийэр, кэҥиир кэскилин түстээбит күндү киһибит – биһиги тээтэбит, эһээбит Охонооһой буолар.
1949 сыллаахха бурдук таһа сырыттаҕына Хабырыыс Харлампьев кэлэн “Силээҥҥэ уус-алданнарга биир кыыс баар, онно барыах, кэргэннэн” диир. Уус-Алдантан кыргыттар оттуу кэлбит эбиттэр (хас да кыыс Намҥа ыал буолан хаалбыта, аймаҕы тэниппитэ). Хас да күн хаайбытын кэннэ дьэ буолунан, биир лиитэрэ испиирдээх кэргэн кэпсэтэ барсыбыт. Кэпсэтии бэрт судургу буолбут. Кыыс сөбүлүүр диэбиттэр да, холбоспуттар.
Эбээбит Даайа – Посельская Дария Иннокентьевна синньигэс, уһун уҥуохтаах, түргэн-тарҕан туттуулаах кыыс эбит. Маҥнайгы уоллара Толя төрөөбүтүн кэннэ эһээ армияҕа барар. Монголия Чойбалсан куоратыгар тиийэр, онтон Тамсак-Булак диэн сиргэ ручной пулемёкка диискэ таһааччынан сылдьыбыт. Салгыы Красноярскайга испиир собуотугар слесарь-монтажнигынан үлэлээбит. 1955 сыллаахха алтынньыга сулууспата бүтэн кэлэр. Онно уола түөрт саастаах сүүрэ сылдьар эбит. Эһээ блокнокка песенниктаах эбит. Киэһэ олорон эрэ онтун аһан, урукку нууччалыы ырыалары ыллыыр.

Эбээбитинээн аҕыс оҕолоохтор. Бары ыал буолан, оҕо-уруу тэнитэн, үлэни өрө тутан олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсабыт. Эбээбит өр сылларга ыараханнык ыалдьыбыта, ону эһээбит куруук аттыгар буолара, аһатара, ып-ыраастык тутара. Дьиҥнээх эрэллээх кэргэн этэ. Эбээ барахсан таптыыр кэргэнин илиитигэр тыына быстыбыта. Эһээ наһаа аһыйбыта, оҕолуу ытаабыта…
Эһээбит сүрдээх уус киһи этэ. Совхозка тутууга өр сылларга үлэлээбитэ. 1970 сыллар саҕаланыыларыгар Араҥастан сылдьан киин бөһүөлэккэ оскуолаҕа тутууга үлэлиирэ. Аныгылыы моһуоннаах тупсаҕай дьон олорор уопсай дьиэлэрэ, онтон да атын тутуулар, чааһынай да ыаллар ити сылларга күргүөмнээхтик дьиэ туттан барбыттара. Аҕабыт саамай мындыр, тутууга сыстаҕас буолан кини салайыытынан үлэ барара.

Салбаҥҥа элбэх дьиэни тутуспута. Ону таһынан оҕолорун барытын дьиэлээн, дьиэҕэ туттар мал-сал, ыскаапка, мебельгэ тиийэ уһанара.
Эһээбит Охонооһой уус, булчут бэрдэ, ону ааһан тойуксут. Айылҕаҕа сүрдээх чугас, түүллээх-биттээх кырдьаҕас этэ. Аҕыйах түгэни ахтыахпын баҕарабын. Биирдэ сааһыран олорон, сарсыарда ойон тураат уолугар этэр: “Дьоммутугар барыахха, үчүгэйдэппиттэр”. Кырдьык, ыраах тыаҕа бултуу барбыт уолаттара бултуйбут эбиттэн, ону түһээн билбит.
Сиэнэ Анатолий ахтар:
– 1996 сыллаахха күhүн бастакыбын тайахтыы барсыбытым, эhээ, Киэсэ буолан. Киэhэтин маhынан оҥостубут дуобаппытынан оонньуурбут, хаартылыырбыт. Сорох киэhэ оҕо сааhын, ийэтин туhунан кэпсиирэ. Эhиилги сылыгар Чыырыйа үрэххэ тахсыбыппыт. Кини сири-уоту үөрэтэрэ, булт араас албастарын сүбэлиирэ. Биир үрдүк сыыр анныгар тохтоон, улахан тиит мас баарыгар тиийэн туран эрэ ботугураабыта. Сиэбиттэн сиэл ылан үөhээ ол тииккэ кистии укпута. Уонна Афоня биhиэхэ эргиллэн: “Бу сыыр үрдүгэр үүтээн туттуохпут, манна бултуоххут-алтыаххыт”, – диэбитэ. Ол барыта кини эппитин курдук туолбута.
Аҕатын туйаҕын хатаран уус, булчут бэрдэ уола Иннокентий ахтыытыттан:
– Биир күһүн отой бултуйбакка сылдьыбыппыт. Барар бириэмэбит тиийэн кэлбитэ. Сарсыарда туран хомунаат, аҕам аҕыс чааска атынан бардым диэн барбыта. Биһиги Ыстапаан диэн табаарыспытынаан массыынанан барыахтаах этибит. Үүтээни хомуйан эҥин баран, эбиэт диэки айаннаатыбыт. Биэс-алта килэмиэтирдээх сиргэ Буойа диэн от үрэх баар, онно тиийбиппит аҕам от күрүөтүгэр табахтыы олорор эбит. Соһуйдубут аҕай. Тохтоотубут, атын сиэтэн кэллэ уонна “үчүгэй буоллубут, миигин батыһыҥ» диэт, атыгар олорон сиэллэрэ турда. Биһиги батыстыбыт, ойуур саҕатыгар тиийэн тохтоотубут. Сүгэ, быһах ылан батыстыбыт. Тайах өлөрбүт диэн сэрэйэбит. Киирэн көрбүппүт, доҕоор, үс тайах биир сиргэ тэлгэнэ сытар эбиттэр! Сөҕүү бөҕө буоллубут. Икки кыыл өссө үрүт үрдүгэр сыталлара. Үлэ бөҕө буоллубут. Аҕам мас кэрдэн бэлэмниир, биһиги Ыстапаанныын астааһын. Ол быыһыгар костёр оттон быар ыһаарылыыр. Киэһэлик бүтэрэн истэхпитинэ, 6 чаас саҕана аҕам малбытын оҥорон баран атынан дьиэлээтэ. Биһиги эти онно уган, сабан баран хойутуу айаннаатыбыт. 8 чааска дьиэҕэ кэлбиппит номнуо чэйдии олорор эбит. Ити курдук аҕам олус элбэххэ үөрэппитэ, үгүһү сүбэлээбитэ.
Эһээ техникаҕа олус чугас этэ. “Урал” мотоциклынан сылдьан сир астыыр этибит. Наһаа түргэнник ыытара. Оттоон кэлэригэр кепкатыгар дьэдьэннээн кэлэрэ. Ону сиэн баран бырааппын кытта ол киэһэни быһа сыттыыр этибит, дьэдьэн сыттаах эһээм кепкатын.
Уолаттарын, сиэннэрин булка угуйбута. Саха дьиҥнээх эр киһитин быһыытынан уолаттар билигин үүтээннэригэр мустан бултууллар, муҥхалыыллар.
Эһээбит аҕыйах саҥалаах, олоххо мындыр көрүүлээх, барыны бары сатыыр киһи этэ. Салбаҥ олохтоохторо мунаарар боппуруостарын хайаан да биһиги эһээбитинэн быһааттараллара, элбэхтэ сүбэлэтэллэрэ.
Урукку дьон агитзонанан, нэһилиэктэринэн кэнсиэртээн, фестиваллаан күрэхтэһэр этилэр. Биирдэ Салбаҥнар олоҥхо туруорбуттар, эһээ онно Ньургун Боотур оруолун толорбут. Кэнники бырааһынньыктарбытыгар, үөрүүлээх түгэннэрбитигэр ис-иһиттэн иэйэн наһаа үчүгэйдик тута хоһуйан туойара.
Эһээбит сүрдээх азартаах киһи этэ. Телевизорынан араас күрэхтэһиилэри көтүппэккэ көрөрө. Биатлону сөбүлүүрэ, наар Норвегия хамаандатыгар ыалдьара.
Эдиийдэрин Барыскыайы, Маайаны кытта өрүү тутуһан бииргэ олорбуттара. Эдьиийдэр тыылга, колхозка эдэр саастарын, доруобуйаларын биэрэн туран күүскэ үлэлээбиттэрэ.
Биһиги аймах саастаах дьоммут туһунан өйдөбүллэр, кинилэр үлэлэрэ-хамнастара, майгылара, олоххо үөрүйэхтэрэ, үчүгэйгэ тардыһыылара, түмсүүлээхтэрэ барыбытыгар үтүө холобур буола туруо. Оҕолорбут, сиэннэрбит үчүгэйи үксэтэ, эйэлээх халлаан анныгар айа-тута, бэйэ-бэйэлэрин куруук аймахтаһа, билсэ турдуннар. “Халыҥ аймах Ассыакаптар сыдьааннара дуо”, – дэттиннэр.
Сиэнэ Надежда Анатольевна ПАРНИКОВА,
РФ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, методист-учуутал.
2025 сыл, муус устар ый.

hi