Токусаров Максим Данилович туһунан

СЫРДЫК МӨССҮӨНЭ УМНУЛЛУБАТ

Таайым Токусаров Максим Данилович (1935-1975) – эһэм Дайыла иккис кэргэниттэн оҕото. Кини күн сирин көрбүт сиринэн Мунду күөлэ, Чаппанда сирэ (Ньурба) буолар. Аҕата – Токусаров Данил Дмитриевич, ийэтэ – Иванова Татьяна Федотовна. Татыйыына, биһиги эбэбит Суоппуйа аймаҕа, Тыалыкы (билиҥҥитэ Антоновка), Кылаакый аҕатын ууһуттан төрүттээхтэр.

Таайбыт Максим биһиэхэ холку, кутугунас майгылааҕынан өйбүтүгэр хаалбыт. Эһэм Дайыла Мунду күөлүн өтөҕөр уолаттара бары тахсан бултууллара, өрөөн-сынньанан бараллара.

Таайым Токусаров Максим Данилович.

Максим кэнниттэн 1945 сыллаахха Зоя диэн кыыс төрөөбүтэ да, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан ыалдьан оҕо сааһыгар өлбүтэ. 7-8 кылааска быһыылааҕа.

Таайбыт Максим бииргэ төрөөбүт балта Зоя. 1953 сыл кулун тутар 2 күнэ.

Зоя оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр.

 

1957-58 сс. Ньурба 2-с нүөмэрдээх орто оскуолата, кылаас салайааччыта В.А.Надежина. Хаартыскаҕа таайым Максим балтыта Зоя иккис олорор.

 

Кэргэнинээн Токусарова Акулина Ивановналыын.

 

Таайым кэргэнэ Токусарова Акулина Ивановна.

 

Таайым, кэргэнэ Акулина, оҕолоро Зоя (орто кыыс), Сардаана (улахан кыыс). 1967 сыл.

 

Таайым Максим.

 

Кыргыттара Зоя уонна Сардаана.

 

Орто кыыс Зоя.

 

Бу Зояны абаҕата Токусаров Павел Данилович уруһуйдаабыта.

 

Кыра кыыс Таня.

 

Үөһээҥи хаартыскаҕа: паапатын таһыгар Сардаана, мааматын аттыгар Зоя. Алларааҥы хаартыскаҕа: кыргыттарын Зояны уонна Сардаананы кытта.

Таайым Максим отой эдэригэр, 40 эрэ сааһыгар оһолго түбэһэн бу олохтон туораабыта. Кини сырдык мөссүөнэ биһиэхэ умнуллубаттык хаалыаҕа, оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ өйдүү-саныы сылдьыахтара.


 

“Киинэ үйэттэн үйэлэргэ” (Саха сиригэр киинэ көстүбүтэ 100 сылыгар) Ньурба, 2012 с. кинигэттэн ахтыылар. Токусаров Максим Данилович (1935-1975).

БИҺИГИ АҔАБЫТ

Кыыһа Сардаана Максимовна САБАРДАХОВА, Ньурба куората:

– Мин аҕам, Токусаров Максим Данилович, уончалаахпар оһолго түбэһэн суох буолбута… Үлэтигэр наһаа ирдэбиллээх, үтүө-мааны үлэһит этэ. Мин, ыал улахан кыыһа буоламмын, отой эрдэ боччумурбутум. Балтым Зоя миигиттэн балтараа сыл балыс, кыра балтым Таня саҥа төрөөбүт оҕо хаалбыта. Аҕам дьиҥнээх аҕа оруолун биһиэхэ дьиҥнээхтик толорбут дии саныыбын.

Биһигини кытары дьиэҕэ үксүн аҕабыт олороро. Онон бэрээдэккэ, тутта-хапта сылдьарга, бэйэни хайдах дьаһанарга бастакы укулааты кини уурбута. Биһигини наһаа ачаалатара, сарсыарда аайы сыллаан уһугуннартыыра. Киэһэ киинэтин көрдөрөн кэлэн баран, төһө да утуйа сыттарбыт, эбэһээт сыллаталыыр этэ. Ийэбит үлэтиттэн кэлэрин кэтэһэ-кэтэһэ ырыа бөҕөтүн ыллыыр этибит, аҕабыт баяҥҥа оонньуура. Онтон ийэбит киирэн кэллэҕинэ, сүүрэн тиийэн кууһа-кууһа сыллыы түһэрбит.

Ийэлээх аҕам наһаа иллээх буолааччылар. Этиһиини-охсуһууну хаһан да көрбөтөҕүм. Онон ыал барыта оннук олороро буолуо дии саныырым. Сир астыы, балыктыы баралларыгар биһигини илдьэ сылдьааччылар. Аҕам баарыгар булт аһара дэлэй этэ. Бултаан кэллэҕинэ, ону тарҕата ыалларбытыгар сүүрэрбит. Хаартыска түһэриитинэн дьарыгырар буолан, ол саҕанааҕы хаартыскабыт элбэх.

Балтыларым куоракка ыал буолан олороллор. Зоя үрдүк үөрэхтээх фармацевт, кэргэннээх, икки уол оҕолоох.

Таня Үөрэх министерствотыгар бухгалтер-экономиһынан үлэлиир, биир уоллаах.

Мин бэйэм икки оҕолоохпун, кыыс сиэннээхпин. Птицефабрика маҕаһыыныгар сэбиэдиссэйдиибин. Кэргэним Сабардахов Василий Христофорович тутуунан дьарыгырар, булчут.

Бииргэ үлэлээбит дьонуттан Иванова Ульянаны, кассир Алексеева Мария Лукиничнаны, Данилов Лука Васильевиһы үчүгэйдик өйдүүбүн. Тётя Улялаахха сылдьааччыбыт, аһара элбэх оҕуруот аһын, сибэкки арааһын үүннэрэллэрэ. Маайа кэргэнинээн наһаа да дьээбэлээх буолааччылар, иллээх да этилэр. Кыыстарын Айтаны аҕам ачаалатан «Айталыына Куо» диэн ааттыыра. Луканы таптаан «Лукаарай» диэччи. Лука Васильевич отой Индия артыыһын курдук кырасыабай этэ. Кинини убайбыт дии саныырбыт. Онтон аҕабыт суох буолбутун кэннэ сүтэрэн кэбиспиппит. Аны санаатахха, армияҕа сулууспалыы эбэтэр үөрэнэ барбыта буолуо.

Саҥа дьыл бырааһынньыгын наһаа үчүгэйдик саныыбын. Аҕам эбэһээт тыыннаах харыйа киллэрээччи, эрдэ гирляндаларын өрөмүөннүүр, Уонна биһиги харыйабыт эргийэ турар буолааччы. Дьиҥнээх харыйа сыттыын дыргыйан атын буолара.

Саха сиригэр киинэ төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүнэн киинэҕэ сыһыаннаах дьону барыларын эҕэрдэлиибин, доруобай, дьоллоох буолуҥ!


МАХСЫЫМ – КИИНЭ МЭХЭЭННЬИК

Аким АКИМОВ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ:

– Киинэ – искусство күүстээх көрүҥэ. Кини нэһилиэнньэ киэҥ уонна араас араҥатын хабар. Норуот өйүгэр-санаатыгар умнуллубаттык, үйэ-саас тухары иҥэн-тоҥон, сөҥөн хааларынан туспа уратылаах. Ону биһиги сэрии сылын оҕолоро эппитинэн-хааммытынан, өйбүтүнэн-санаабытынан үчүгэйдик билэбит.

Киинэ көрдөрөөччүлэр – мэхээнньиктэр тэриллэрин тэлиэгэҕэ, кыһынын сыарҕаҕа тиэнэн, оҕус барахсан көлөнөн сындалҕаннаах айаннаах, күүтүүлээх күндү дьон этилэр. Мин аан бастаан саҥарбат киинэни Дьаархан сэлиэнньэтигэр тоҕус саастаахпар убайым Баттахов Д.И. (механик) көрдөрбүтүн өйдүүбүн. Таарыйа этэн аһардахха, кини уола Дима олохпут тосту уларыйар кэмигэр, киинэ өрөмүөннүүр маастарынан «Ньурба» кинотеатрыгар уонна Мирнэйгэ үлэлээбитэ. Кини билигин Кэмпэндээйи бадараанынан эмтиир балыыһатыгар электригинэн үлэлиир.

Ааспыт үйэ 60-с сылларын бүтүүлэригэр Убайаан нэһилиэнньэтин ахсаана элбээбитэ. Онон сибээстээн киинэ саала аһыллан үлэтин саҕалаабыта. Онно өр сылларга үтүө суобастаахтык, кыһамньылаахтык Токусаров Максим Данилович үлэлээбитэ.

Кыараҕас, 100 миэстэлээх, кинобудкалаах саалы ураты истиҥник, иһирэхтик саныыбын. Буолумуна даҕаны, араас романтикалаах индийскэй киинэлэри, сүрэхпиттэн сүппэт «Бродяга», «Зита и Гита», «Слоны мои друзья» уонна «Неуловимые мстители», кырачааннар куттанан ытаспыт «Вий» уо.д.а. киинэлэри бу манна аан бастаан көрдөхпүт дии.

Ону таһынан кинотеатрбыт эдэрдэргэ көрсүһүү, табаарыстаһыы, доҕордоһуу миэстэтинэн буолбута саарбахтаммат суол. Мин өйбөр хатанан хаалбыт, детдом оҕолоро улахан экраннаах, өҥнөөх стереокиинэни көрбүттэрэ. Үс нуучча бухатыырдара экраҥҥа ойутан тахсан үрдүбүтүнэн көтүтээри гыммыттара. Саала суугунуу түспүтэ, инники эрээттэр ыскамыайка анныгар түспүттэрэ. Дьэ, итинник көрүдьүөстээх-күлүүлээх түгэннэр көстүтэлиир этилэр. Дьикти стереофоническай күүһүрдүүлээх киинэни таҥан туруорбут киһинэн Баттахов Н.О. буолар. Кини оччолорго эдэр специалист, билигин Дьокуускайга сынньалаҥҥа олорор, Россия бочуоттаах киномеханига.

Убайаан киинэтин саалата олохтоохтору угуйар ураты дьиэ этэ. Онно салайааччынан, тэрийээччинэн Чаппанда Мунду күөлүттэн (Куйбууһап) төрүттээх Токусаров М.Д. этэ. Максим Данилович олоххо сэдэхтик көстөр идэтигэр бэриниилээх, фантазиялаах, ирдэбиллээх киһи этэ. Ол курдук саалабыт үөһээ эркиниттэн Клара Лучко, Евгения Симонова, Евгений Леонов, Светлана Светличная, Олег Табаков, Георгий Жжёнов уо.д.а – барыта 20-чэ норуот сөбүлүүр киинэ артыыстарын мэтириэттэрэ «көрөн» олороллоро. Сеанс иннигэр музыка дьиэрэйэрэ, бэсиэдэлэр ыытыллаллара. Киинэ саҕаланыыта сахалыы саҥалаах «Илин Сибиир», эбэтэр «Хочу всё знать» киинэ сурунааллара буолаллара.

Махсыым мэхээнньик инникигэ эрэллээхтик, кэскиллээхтик үлэлиирэ. Оскуола оҕолорун Лука Даниловы, Афоня Илистяровы, Марат Таманныровы, ыччат Владимир Гермогеновы бэйэтин идэтигэр уһуйталаабыта. Кинилэртэн Илистяров А.Л., Данилов Л.В. үөрэнэн, идэтийэн аҕа табаарыстарын солбуйан киинэ эйгэтигэр өр кэмҥэ үлэлээбиттэрэ. Киинэ күннээҕи үлэтэ сарсыардаттан түбүктээх буолара. Графигынан хартыына тыырсыыта, аҕалыыта, биллэрии-афиша суруйуута, ыйааһына. Сороҕор үстэ-түөртэ көстөр сеанстарга механик көмөлөһөөччүлэринэн кассир Алексеева М.Л. уонна оҕолор буолаллара.

Хаарыаннаах киһибит Максим Данилович, үс кыыс тапталлаах аҕата, баара буоллар күндү доҕоро, кэргэнэ Акулина Ивановналыын ыал буолан олорбуттара 45 сылын бэлиэтээн үөрэн-көтөн сэгэлдьийиэхтээх этилэр.

Токусаров Максим Данилович айымньылаах, таһаарыылаах үлэтэ-хамнаһа араас таһымнаах грамоталарынан уонна бириэмийэлэринэн бэлиэтэммитэ. Киниэхэ Ньурбаттан биир бастакынан “ССРС кинематографиятын туйгуна” үрдүк аата иҥэриллибитэ.

(Ньурба хаһыата, 01.05.2007 с.).


САХАЛЫЫ КИИНЭ САЙДАРЫГАР БАҔАРАБЫН

Мария НИЛОВА ахтыытыттан:

– Максим Данилович үлэтигэр наһаа ирдэбиллээх салайааччы этэ. Кулуупка аналлаах дьиэ буолбатах буолан көрөөччүлэр мэһэйдэстэхтэринэ, бэргэһэлээх олордохторуна бэйэтэ саала хоско киирэн бэйэ-бэйэҕэ сыһыан туһунан лекция ааҕара. Оҕолортон да, улахан да дьонтон бэрээдэги, ис култуураны ирдиирэ. Сеанс ортото отой кими да киллэрбэт да, таһаарбат да этэ. Онон төттөрү-таары киирии-тахсыы суох буолара.

Н.О. Баттахов ахтыытыттан:

– …Биир идэлээҕим Данилов Лука Васильевич оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, Убайаан киинэ установкатын ирдэбиллээх механига Токусаров М.Д. такайыытынан киинэ үлэтигэр сыстыбыта.

…Максим Данилович Токусаров Убайаан оскуолатыгар кыра хоско киинэ көрдөрөр. Ол иннигэр Промкомбинат киинэ установкатыгар үлэлээбитэ. Олус ирдэбиллээх, кыһаллыгас үлэһит этэ. Дэлэҕэ даҕаны киинэ бааҥкаларын салаасканан таһан үлэлиэ дуо? Үчүгэй кассовай киинэни эрдэ көрдөрөн, былаанын толорорго дьулуһан туран үлэлиирэ. Оскуола оҕолоругар киинэ көрдөрөргө үөрэтэрэ. Ол курдук үөрэнээччилэрэ Данилов Л.В. киинэ специалиһа буолан тахсыбыта. Илистяров А.Л., Иванов М.Г., Неустроев В.А. киинэ эдэр үлэһиттэрэ буолан ааспыттара кэрэхсэбиллээх.

Бэчээккэ бэлэмнээтэ тастыҥ балта

Софья Васильевна ТИХОНОВА.

2025 сыл муус устар ый.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *