СЫРДЫК ААРТЫГЫ ТУТУҺАН
Нэһилиэк, тэрилтэ, оскуола, оҕо уһуйаанын коллективтарын ахсын үлэлэринэн, олохторунан-дьаһахтарынан дьоҥҥо-сэргэҕэ убаастанар, ытыктанар, холобур буолар дьон баар буолааччылар. Кинилэр дьоһун ааттара төһө да бириэмэ обургу айаас ат айанынан эргиллибэтии ааспытын, бочуоттаах сынньалаҥҥа барбыттарын да иһин өрүү ааттана, ахтылла турааччылар.
Куличкин Пётр Иннокентьевич.
Кэпсиир биир идэлээҕим, Майа орто оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн, ол кэнниттэн Саха государственнай университетыгар историк идэтин ылан, дойдутугар кэлэн үүнэр көлүөнэни иитиигэ-үөрэтиигэ үлэлээн, олоххо миэстэтин бигэтик булунан кэлбит киһи буолар. Пётр Иннокентьевич Куличкин сэмэй ситиһиилэрин, үлэлээн-хамсаан ааспыт олоҕун сорох кэрдиис кэмнэрин туһунан кылгастык сырдатан ааһыахпыт.
Кини эдэр сааһыттан салайар үлэ эппиэттээх эйгэтигэр буһан-хатан, хатарыллан, дьоҕурун, сыратын-сылбатын биэрэн, иннин диэки хардыылаан кэлбитэ диэтэхпинэ сыыстарбатым буолуо.
Исписэлиис быһыытынан үүнэн-сайдан иһэр киһи улуус үөрэҕин салалтатын отделын (инспекторско-методический) сэбиэдиссэйинэн ананар. Ити 1995 сыллаахха этэ. Дойдубут барахсан, ол иһигэр үөрэхтээһин эйгэтэ араас уларыйыы-тэлэрийии, ыһыллыы-тоҕуллуу, ырыынак ытарчатыгар ылларыы ухханыгар, долгунугар олороро. Сахабыт сиригэр «Үөрэхтээһин туһунан», «Учуутал туһунан» сокуоннар дьүүллэһиллэн, ыам ыйыгар, бэс ыйыгар утуу-субуу Ил Түмэнэн ылыныллан, үлэлээн бараллар. Улууспутугар орто оскуолалар эбии аһыллан бараллар. 1995 сылтан саҕалаан биирдии сыл быысаһан Алтан, Мэлдьэхси, Чыамайыкы, Моорук, Чүүйэ орто оскуолалара оҕолорго ааннарын тэлэччи аһаллар. Орто оскуолалар статустарын ылыы, иҥэрии сүрүн соруктарын толоруу Пётр Иннокентьевич отделыгар сүктэриллибитэ. Нэһилиэк баһылыктара, төрөппүттэр, оскуола салайааччылара кэлэн сүбэлэтэн, ыйыы-кэрдии ылан бараллара элбээбитэ. Чахчыта даҕаны үүнэр көлүөнэни бэйэ түөлбэтигэр үөрэттэрэн, ситии-хотуу аттестатын туттарыан баҕалаахтар үгүстэрэ. Арай биирдэ Мэлдьэхси нэһилиэгин баһылыгын Иннокентий Маркович Сыромятниковы көрсө түспүтүм.
– Орто оскуоланы астараары Пётр Иннокентьевичка сырыттым. Боппуруоһу иҥэн-тоҥон билэрэ-көрөрө да сүрдээх. Биһигиттэн туох ирдэнэрин барытын сурунан, бэлиэтэнэн иһэбин. Олус наадалаах сүбэлэри биэрдэ. Дьэ туһалаах, бэртээхэй сырыы буолла, – диэн астынарын биллэрбитэ, Мааркабыс үөрбүт-көппүт мөссүөнэ иннибэр бу баардыҥы.
Хас биирдии орто оскуола саҥа Устаабыттан саҕалаан ирдэнэр бары докумуоннары эҥкилэ суох толоруу эппиэтинэһэ Пётр Иннокентьевич отделыгар, кини санныгар сүктэриллибитэ. Манна сотору-сотору уларыйар Сокуоннары, Бырабыыталыстыба уураахтарын, Үөрэх министерствотын бирикээстэрин билии, тутуһуу кытаанах ирдэбилэ турбута. Бэйэтигэр ирдэбиллээх, толору бэлэмнээх буолан хайа баҕарар боппуруостарга ыарырҕаппакка эппиэттиирэ, сүбэ-ама, көмө буолара. Ити сылларга саха дьонун өйүн-санаатын уһугуннарбыт, саҥа санаалары сахпыт национальнай оскуола Концепциятын сүрүн хайысхаларын олоххо киллэрии күүскэ бара турара. Оҕо тэрилтэлэригэр, оскуолаларга араас таһымнаах конференциялар, семинардар, көрсүһүүлэр, уопут атастаһыылара тэриллэн ыытыллыбыттара. Манна кини салайар отдела айар үлэ алгыстаах аартыгын арыйар сүрүн төһүү күүс буолбута. Салгыы 1996 с. «Оскуола-саад» Томторго, Мэлдьэхсигэ, Дьабыылга, Баатараҕа аһыллыбыттара.
1996 с. учууталлар уонна общество бэрэстэбиитэллэрин X–с съеһэ «Сельская школа- духовный центр преобразования села» тиэмэҕэ үлэлээбитэ. Манна Пётр Иннокентьевич делегатынан талыллан сылдьыбытын, олоҕун биир умнуллубат кэрдиис кэмин быһыытынан сыаналыыр.
Чэ, салгыы баран иһэбит. 1998-2009 сс. диэри инспекторскай отдел буолбута. 2009 сылтан “Отдел обеспечения общего образования” кубулуйбута. Дьэ ити курдук барыта 21 сыл салайан кэлбитэ, үөрэх салалтатын остуоруйатыгар биир туһунан рекорд! Оскуола, оҕо тэрилтэлэрин салайааччыларыгар, солбуйааччыларыгар ыйыыта-кэрдиитэ, быһаччы көмөтө кэмэ суох буолара. Дьэ дьиҥнээх настаабынньык диэн кини буоллаҕа!
Пётр Иннокентьевичтыын сайынын уоппуска кэмигэр уонча сыл бииргэ тутуһан Амма, Өлүөнэ, Бүлүү, Алдан өрүстэринэн, Буотама, Сиинэ үрэхтэринэн байдааркаларынан устубуппут, төрөөбүт Ийэ дойдубут туохха да кэмнэммэт кэрэ айылҕатыгар дуоһуйа сынньаммыппыт. Барыны-бары сатыыр дьоҕура, үтүөкэннээх асчыта, сарсыарда эрдэһитэ, айаны-сырыыны, көрсүллэр ыарахаттары тулуйара , түргэнэ, сылбырҕата, чэбэрэ-чэнчиһэ, айылҕаны ис сүрэҕиттэн сөбүлүүрэ, ылынара, киниэхэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһара, тимэҕэ сөлүннэҕинэ бэрт элбэх сэһэнэ-кэпсээнэ, ардыгар көрө-көрүдьүөһэ барыбытын сөхтөрөрө, астыннарара. Ыраах, уустук айаҥҥа саамай чугас эрэллээх доҕорбут байдааркалары таҥыыга, көрүүгэ-истиигэ барыбытыттан таһыччы этэ, бэйэ икки ардыгар «Байдаарка профессора» диэн ааты ылыан ылбыта.
Хайа да бэйэлээх барахсан буол, Орто дойду олоҕо эйиэхэ ытыллыбыт ох курдук көбүс-көнө, эбэтэр сибэккинэн симэммит кырдал устун судургутук хаамыы буолбат, түһүүтэ-тахсыыта, охсуута, түллэҥниир долгуна, баала-балкыыра, тургутуута эҥин араас буолар. Ону барытын этэҥҥэ чиэстээхтик ааһан, аһаран, сырдык аартыгы тутуһан, үлэни эрэ өрө тутан, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олордоҕо.
Киһи быһыытынан сэмэйэ, дириҥ билиитэ-көрүүтэ, олоххо дьулуура, таҥна-симэнэ, тутта-хапта сыдьара, дьоҥҥо сыһыана, дириҥ хорутуулаах толкуйа, үлэҕэ-хамнаска ис сүрэҕиттэн бэриниитэ – барыта эдэрдэргэ үтүө холобур буолар. Пётр Иннокентьевич – Саха республикатын үөрэҕириитин туйгуна, РФ орто үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СР үөрэҕириитин Бочуоттаах бэтэрээнэ дьоһун ааттары сүгэр. Ону сэргэ РФ үөрэҕин Министерствотын, СР Правительствотын Бочуотунай Грамоталарынан бэлиэтэммитэ.
Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн биллэриллибит «Педагог уонна Уһуйааччы» сыла ааһан эрэр. Кини Пётр Иннокентьевич курдук үтүө үлэһит, сүбэһит педагогтарга анаммыт курдук…
Степан Андреевич АНДРЕЕВ,
уһун сылларга бииргэ үлэлээбит коллегата, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун, Майа сэлиэнньэтин Бочуоттаах олохтооҕо, педагогическай үлэ бэтэрээнэ.
2023 сыл.

