Черканов Пётр Прокопьевич туһунан

АХТАБЫТ-САНЫЫБЫТ, КИЭН ТУТТАБЫТ

Мин аҕам Черканов Пётр Прокопьевич Өлүөхүмэ оройуонун Кыыллаах сэлиэнньэтигэр 1923 сыл муус устар 4 күнүгэр Прокопий Тимофеевич уонна Анна Романовна Черкановтар дьиэ кэргэннэригэр төрдүс оҕонон күн сирин көрбүтэ.

Черканов Пётр Прокопьевич.

Прокопий Тимофеевич уонна Анна Романовна түөрт уол уонна биир “мунну бүөтэ” кыыс оҕолоох этилэр. Өссө биир тулаайах кыыс оҕону иитэ ылбыттара. Кинилэр сэниэ ыалга киирсэллэрэ. Эһэм оҕонньор үйэтин тухары үлэ бөҕөтүн үлэлээн, оҕолорун киһи-хара, үлэһит дьон оҥортоон улаатыннарбыта.

Мин аҕам 7 кылаастаах оскуоланы бүтэрэр сылыгар Германияны кытары уоттаах сэрии саҕаланар. Нэһилиэнньэттэн дьон бөҕөтүн мобилизациялаабыттара, онно икки улахан убайдара – Иваннаах Афанасий хабыллан, сэриигэ бараллар. Абаҕам Иван Якутскайга пединститутка үөрэнэ сылдьан, оттон абаҕам Афанасий Кыыллаахтан ыҥырыллан барбыттара. Эһиилигэр, 1942 сыл муус устар 22 күнүгэр, аҕам Пётр Прокопьевич бэбиэскэ тутар. Бииргэ төрөөбүт убайа Иннокентий Прокопьевич эмиэ ыҥырыллан, иккиэн Аҕа дойдуларын фашистскай халабырдьыттартан көмүскүү уоттаах сэриигэ аттаналлар.

Аҕам Калининградскай фронт артиллерийскай полкатыгар түбэһэр, кырыктаах кыргыһыыларга кыттар. Бу барбыт кыһыннарыгар көхсүтүгэр бааһырыы ылан, госпитальга түбэһэр. Эмтэнэн, үтүөрэн тахсан баран 1943 сыл муус устар 20 күнүгэр аны 2-с Белорусскай фроҥҥа миномёт наводчига буолан сэриилэһэр.

Итинник хорсуннук Аҕа дойдутун көмүскээн, этэҥҥэ хас да куораттары, дэриэбинэлэри босхолуур иһин кыргыһыыларга хорсуннук сэриилэспитэ. Польшаны, Венгрияны, Германия Дрезден уонна Кёнигсберг куораттарын босхолоспута. Пруссияны босхолоһон Берлиҥҥэ Рейхстагка тиийбитэ. Хас да мэтээлинэн наҕараадаламмыта: “За боевые заслуги”, “За Отвагу”, “За Победу над Германией”.

Сэрии бүтээтин кытта, 1945 сыл от ыйын 16 күнүгэр, кини полкатын Япония сэриитигэр атаарбыттара. Онно өссө икки сыл сэриилэһэн баран, 1947 сыл олунньу 4 күнүгэр дьэ демобилизацияланан, дьиэтигэр аттанар.

Уһун сындалҕаннаах, хааннаах сэрии кэнниттэн төрөөбүт дэриэбинэтигэр дьэ кэлэр. Кыратык сынньана түһэн баран, Дьокуускай куораттааҕы кульпросвет училищеҕа киирэн үөрэнэн барар. Үөрэҕин бүтэрэн, баҕалаах идэтин ылан Орто Халыма Нижние кресты диэн нэһилиэгэр ананан үлэлии барбыта.

Ол дойдуга түөрт сыл үлэлээн баран төрөөбүт нэһилиэгэр төннөн кэлбит. Манна эмиэ идэтинэн үлэлии сылдьан биһиги ийэбитин көрсөн, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолаллар. Түөрт оҕону төрөтөллөр.

1967 сыллаахха аҕабыт мас кэрдиитигэр сылдьан оһолго түбэһэн өлбүтэ. Биһигини кыралар диэн, улааттахтарына кэпсиэм диэн сэрии туһунан элбэҕи кэпсээбэтэх.

Ийэбит Мария Михайловна уонна аҕабыт Пётр Прокопьевич.

Ийэбит Мария Михайловна детсадка 15 сыл сэбиэдиссэйинэн үлэлээн, түөрт оҕотун соҕотоҕун улаатыннартаан үөрэхтээх, үлэһит дьон оҥортообута. Бары тус-туһунан идэлээх, үлэлээх ыал ийэтэ, аҕата буолан ийэбит сиэн сылаас тапталын, өссө хос сиэнин көрөр дьолломмута. 2010 сыллаахха инсультаан, 84 сааһыгар бу сиртэн букатыннаахтык барбыта.

Абаҕаларым Иван уонна Афанасий сэрииттэн төннүбэтэхтэрэ. Биирэ сураҕа суох сүппүтэ, биирэ Ржев куорат аттыгар сэрии толоонугар өлөн, онно көмүллэн сытар.

Абаҕам Кеша уонна аҕам тыыннаах төннөн кэлбиттэр. Онон биир ыалтан түөрт бииргэ төрөөбүттэр сэриигэ баран фашистскай халабырдьыттартан Аҕа дойдуларын көмүскээбиттэрэ. Биһиги оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ кинилэр хорсун быһыыларынан киэн туттабыт, кинилэри үтүө тылларынан ахтабыт-саныыбыт.

Татьяна Петровна ЧЕРКАНОВА.

2025 сыл, муус устар ый.

Черканов Пётр Прокопьевич туһунан: 1 комментарий

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *