САХАНЫ ЭЛБЭТИИГЭ СОНУН ЭТИИЛЭРДЭЭҔЭ
Николай Климович Антонов 1919 сыл ахсынньы 27 күнүгэр Ньурба улууһун Антоновка сэлиэнньэтигэр колхуостаах бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Медик үөрэҕэр үөрэнэн фельдшер идэтин ылбыта уонна Уус-Алдан оройуонун кытыы нэһилиэгэр ананан үлэлээбитэ. Биир сыл үлэлээн баран, 1939 сыллаахха Дьокуускайдааҕы пединститут тыл уонна литература факультетыгар үөрэнэ киирбитэ.
Үөрэнэ сылдьан армияҕа сулууспалыы барбыта, советскай-японскай сэрии кыттыылааҕа.
Армия кэнниттэн үөрэҕин салҕаабыта. 1947 сыллаахха үрдүк үөрэҕин бүтэрэн Тыл, литература уонна история институтугар сотруднигынан үлэтин саҕалаабыта. 1948-51 сылларга бу институкка аспирантураҕа үөрэммитэ, 1952 сыллаахтан ИЯЛИ младшай научнай сотруднигынан үлэлээбитэ. 1953 сыллаахха кандидатскай диссертациятын көмүскээбитэ. 1962 сыллаахха СГУ ИФФ саха тылын кафедратыгар сэбиэдиссэйинэн, доценынан, старшай научнай сотруднигынан үлэлээбитэ. 1973 сыллаахха докторскай диссертациятын Алма-Ата куоракка көмүскээбитэ. 2002 сыллаахха өлбүтэ.
Николай Климович Антонов – тыл үөрэҕин билимин дуоктара, Аан дойдутааҕы Түүр акадьыамыйатын акадьыамыга.
Н.К.Антонов уһун кэмнээх олоҕун устата саха тылын устуоруйатын, былыргы түүр тылын уонна түүр норуоттарын устуоруйатын чинчийбитэ. Саха судаарыстыбалыы үнүбэрсиэтигэр 1962 сыллаахха Тыл, литэрэтиирэ, устуоруйа үнүстүүтүттэн оччотооҕу Уобаластааҕ обком бүрүөтүн уурааҕынан саха тылын уонна литэрэтиирэтин хаапыдыратын сэбиэдиссэйинэн ананан кэлбитэ уонна олоҕун устата дассыан, бэрэпиэссэр дуоһунастарыгар эҥкилэ суохтук үлэлээбитэ. Устудьуоннарга “былыргы түүр тыла” уонна “Түүр тылын үөрэҕэр киирии” дьиссипилиинэлэри үөрэппитэ. Маны таһынан элбэх монографияны, үөрэх кинигэтин уонна саха омугун тылын, култууратын, үөрэх сайтыытын, дэмэгирээппийэ, дьиэ кэргэн олоҕун туһунан үгүс элбэх ыстатыйаны суруйбута.
“Сэрии иннигэр үгүс үөрэхтээх саха уолаттара төрөөбүт тылбытын, култуурабытын ахсарбат, сэниир этибит. Нуучча кыргыттарын эрэ сэргиирбит, ол иһин кинилэри ойох гынарбыт, алҕаһаабыт эбиппит” диэн билинэн, кэлин саха дьахтарын кэргэн ылан, оҕо төрөтөн куорат усулуобуйатыгар сахалыы ииппит хорсун киһи эмиэ кини – бэрэпиэссэр Н.К.Антонов.

Саха омугун олоххо дьоҕурун туһунан
Бэрэпиэссэр ити былыргы түүрдэр олохторун кэпсээн баран, кини саха норуотун сарсыҥҥытын туһунан ыралыыр. Биллэрин курдук, норуот олоххо дьоҕура араас өрүттэртэн, дьоҕурдартан аттарыллан тутуллар холобур манныктартан:
- Норуот олохсуйан олорор дойдутун киэҥэ-куоҥа, үтүөтэ-баайа, айылҕа иэдээннэригэр оҕустарбат туруктааҕа;
- Норуот ахсаана, үрдүк үөскүлэҥэ;
- Доруобуйа үтүөтэ;
- Өй-санаа үчүгэйэ, көрсүөтэ;
- Олоҕу сатаан тэриниитэ, салайыныыта;
- Бэрээдэгэ, тэриллиилээҕэ;
- Үлэҕэ-үөрххэ үрдүк дьоҕурдааҕа;
- Норуот бэйэбитин бэйэтэ билиниитэ, убаастаныыта, ытыктаныыта, хас биирдиибит норуотугар бэриниитэ;
- Култууратын таһымын үрдүгэ, атын култууралар сабыдыалларыгар баһыйтарбат, саба оҕустарбат буолар тулуурдааҕа;
- Норут идеологията, ыччатын иитэр-такайар үгэстэрэ, итэҕэлэ үрдүк таһымнааҕа, көмүскэнэр кыахтааҕа, о.д.а.
Николай Климович бу өрүттэргэ олоҕуран бырагыраамалары оҥорон үлэ тэрийиллиэн сөп этэ диир.
Кини Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бэйэтин сайдыытын дьаһанар, тэринэр көҥүлү, кыаҕы ылла диэн бэркэ үөрэн, астынан, саҥа кэмҥэ саха норуота кэскилин хайдах оҥосторо сөбүй диэн боппуруоска хоруй көрдүүр сүбэ-соргу булар суолу хайан барбыта. Онуоха сүрүн үөрэх быһыытынан устуоруйа чахчыларыгар олоҕуран, олоҕу оҥостуллуохтаах диэн санаанан салайтаран, чугастыы, түүр норуоттарын устуоруйаларын норуотугар ырытан көрдөрөр соругу туруоруммута. Саамай табыгастаах ньыма быһыытынан Л.Н. Гумилев түөрүйэтин ырытан туһаммыта. Уонна онно олоҕуран, түүрдэр былыргы, орто уонна билиҥҥи устуоруйаларын сырдаппыта. Бэйэтэ хайдах сыаналыырынан.
Николай Климович Саха сирэ сирин иэнинэн, айылҕатын баайынан сайдыылаах судаарыстыбаны үөскэтэргэ ордук табыгастаах. Ол гынан баран саха омуга ахсаана олус аҕыйах, онон 10-20 сыл иһигэр норуот ахсаанын элбэтэр соругу, үлэни тэрийиэххэ наада диэн сүбэлиир.
Иккис улахан соругунан, тыа сирин сайдыытын, үлэтин-хамнаһын, хааччыллытын дьаһайар соругу туруорар. Норуот сириттэн көһүүтэ омук иэдээнэ, онон бу сир усулуобуйатын тупсаран, дьон-норуот ахсаанын элбэтиини быһаарыахха наада диир.
Сирбит киэҥэ, баайа биһиги – кэскилбит. Онон саҥа сирдэрин туһаҕа таһааран олохторун толору хааччыйан, дьону олохсутан нэһилиэнньэ элбиирин ситиһэргэ ыҥырар.
Үсүһүнэн, кыра норуот буолар уйулҕаны хаалларан, улуу норуот буоларбыт устуоруйатын ыччакка норуокка биллэриэххэ. Сабыдыалга оҕустарымтыа, үтүктүмэҕэй буолар өйтөн босхолонуохха, сэнэнэр, итэҕэстээх курдук сананары ууратыахха. Биһиги улуу хуннартан төрүттээх, түүрдэртэн сыдьааннаах улахан омук удьуордара буолабыт, чэгиэн доруобуйабытынан, дириҥ өйбүтүнэн, үөрэҕи-сайдыыны ылынарбытынан хайа да омуктан хаалсыбаппыт. Онон омуктар күрэхтэһиилэригэр хайа баҕарар киирсэр кыахтаахпыт диир.
Төрдүһүнэн, билигин киһини барытын тэҥ баайыылаах курдук көрүү өйдөбүлүнэн олоробут. Дьоҕурдаах, кыахтаах дьону хам баттааһын бэлиитикэтэ барар. Ону тутуһан акаары эбэтэр орто дьон таһымынан олордохпутуна, сир өтүөхпүт суоҕа. Талааннаахтары, дьоҕудаахтары өрө үтэн сайыннарыахтаахпыт. Кинилэр буолуохтара биһигини соһор локомотивтарбыт, көтөр кынаттарбыт. Номуукаҕа, үөрэххэ, салалтаҕа, үлэҕэ да кыахтаах маяк дьон баһылаан-көһүлээн сиэтэн илдьэ барыахтара. Ол иһин норуот интеллектуальнай таһымын талан, сүүмэрдээн үөскэтэн, үксэтэн бардахпытына, кэскилбит кэҥиэн сөп. Ордук тыа сирин ыччатыгар болҕомтону ууруохха, онно үөскүүллэр гений дьон диэн улуу учуонайдар мээнэҕэ эппэтэхтэрэ.
Бэсиһинэн, норуот олоҕун аймыыр, буортулуур дьону: арыгыһыттары, наркоманнары, үспүкүлээннэри, уоруйахтары, күлүгээттэри о.д.а. итэҕэстээх дьону туспа тутан, дьон уйгулаах олоҕун көмүскүөххэ. Үөрэх этэринэн кинилэр туспа айылгылаах, генннээх дьон. Түмүгэр көрүнэн, сэрэнэн олорорго, тыйыс тулууру, кытаанах хааны киллэрэн, өйү-төйү булунан, инники суолу, олохтоон-сиэрдээн олоҕу оҥосторго ыйар.

Бэрэпиэссэр Н.К.Антонов омук олоххо дьоҕурун туһунан бэрт өйдөнөрдүк быһаарар. Айылҕаҕа олоххо ордук дьоҕурдаах харамайдар: сордоҥ, алыһар, кырса, кутуйах, таракаан. Кинилэри төһө да өлөрө сатаабыт иһин үөскүү, үүнэ тураллар.
Оттон олоххо дьоҕурдаах омуктарынан кытайы, дьоппуоннары, индиялары, нигериялары, нууччалары кыттыһыннарар. Сахалар атын омуктартан итэҕэспит суох эрээри Аан дойду иккис сэриитэ генофондабытын алдьатта. Ол кыһалҕаттан биһиги хайдах тахсабыт диэн ыйытык туруорда.
Биһиэхэ оҕо ахсаанын элбэтэргэ, дьахтары төрөтөргө уонна саха киһитин хаачыстыбатын тупсарарга анал бэлиитикэ, идеология наадатын ыйар. (СС. 1994 16/04).
Н.К.Антонов омугу элбэтэргэ ыччат өйүн-санаатын иитэр, омук бөтүрүйүөтэ буоларга туһаайар наадатын ыйар. Бэрэпиэссэр омугу таҥнарыы холобурун А.С.Пушкин «Бахчисарайскай фонтан» айымньытыгар Хан-Гирей поляк кыыһын Марияны ойох гына аҕалбытын айдаанынан, Гоголь «Тарас Бульба» айымньытыгар Тарас Бульба уола Андрей поляк кыыһын таптаан дойдутун таҥнарбытынан, былыр Билгэ Хаҕан мэҥэ тааһын суругар «Тоньукуук» түүр ыччата кытай киэргэлигэр, минньигэс аһыгар, солко таҥаһыгар ымсыыран, дойдуларыттан барарын холобурдуур, билиҥҥи саха кыргыттара омук уолаттарыгар эргэ тахсан, Сахаларын сирин хаалларалларын холобурдуур.
Ыччат бэйэтин норуотугар бэриниилээх, кини туһугар туох баар сүрэҕин-быарын дьулуурун, өйүн-санаатын күүрүүтүн, үлэтин хамнаһын үтүөтүн норуотун туһугар аныыр, кыһаллар эрэ буоллаҕына, ол норуот өлбөт, өрө күүрэн сайдар, үүнэн, оҕолонон барыахтаах диир.
Кыыс-дьахтар омук дьонун кытта таптаһар, хобоһор да буоллаҕына, оҕолорун бэйэтин норуотугар сыһыаран иитиэхтээх. Ол иһин кытай бөлөһүөгэ Конфуций 2600 сыллааҕыта: «Дьахтар уоргана – сэрии сэбэ. Сэрии кэмигэр эр дьон сэриилэһэллэр, эйэлээх кэмҥэ дьахталлар сэриилэһэллэр» диэбитин этэр.
Оттон нуучча биллиилээх устуоруга Ключевскай «Татаардары нуучча сэриитэ кыайбатаҕа, нуучча дьахталлара кыайбыттара» диэн суруйбутун этэр.
А.С.Пушкин төрүттэрэ – эһэтэ негр, эбэтэ швед дьахтара эрээри бэйэтэ нуучча норуотун генийэ буолбута. Онон этиэххэ сөп: киһи дьиҥнээх омугун кини этэ-сиинэ былыргытын быһаарар, оттон кини тыла, иитиллиитэ, өйүн-санаатын, дууһатын оҥоһуллуута диир.
Аны норуот хаачыстыбата элбэх оҕолонууга буоларын эмиэ бэлиэ холобурдарынан быһаарар. Саха дьахтара элбэхтик төрүөх тустаах. Ленин ыал сэттис оҕото этэ, Америка супер-сулус ырыаһыта Селин Дион Канадаҕа дьадаҥы ыалга 14-с оҕонон төрөөбүтэ диир. Кырдьык даҕаны, омук остуоруйаларыгар саамай табыллыбыт оҕо ыал кыра оҕото буолара мээнэҕэ этиллибэт. Онон бэрэпиэссэр Н.К.Антонов олоххо баар кырдьыгы этэр.
Омук ахсаанын элбэтии туһунан
Бэрэпиэссэр Н.К.Антонов омук туруктаах олоҕо уонна сайдыыта кини ахсааныттан тутулуктааҕын туһунан элбэх ыстатыйаны суруйбута. Маныаха кини омук экэниэмикэтин буолбакка, бастатан туран, ыал буолууну, тэринэн-дьаһанан олорууну, дьахтар оҕолонуутун, бөтүрүйүөттүү өйү-санааны суолталыыра. Биллэн турар, онно омук гиэнин, чөл өйүн-санаатын суолталыыра.
Н.К.Антонов омук ахсаанын элбэтэригэр уонна хаачыстыбата тупсарыгар маннык этиилэри оҥорбута: (ЭС.01.07.98)
- Билигин биһиэхэ эдэр дьахталларбыт 50 % эрэ суох аҥаардас сылдьаллар. Ол дьахталлар толору күүстэринэн норуоттарын туһугар үлэлиэхтээхтэр. Дьахталлар сүнньүнэн ийэ, эбэтэр инкубатор-ийэ эбэтэр оҕо көрөр үлэһит буолан үлэлиэхтээхтэр;
- Үчүгэй туруктаах уонна удьуордаах эр дьоммут олус аҕыйахтарын быһыытынан, дьахталларбытын, сүнньүнэн, лабораторнай ньыманан талыы сиэмэнэн буоһатан, үчүгэй элитнэй төрүөҕү ылыахтаахпыт;
- Аҕыйах ахсааннаах үтүө удьуордаах эр дьоммутугар элбэх ойохтонор быраабы сокуонунан биэриэхтээхпит. Бу үгэс балай да ситиһиилээх буоларын, холобур, узбектар көрдөрөллөр. Кинилэргэ элбэх ойохтонор үгэс былыргыттан баар. Онон өлгөмнүк үксүүллэр. Ахсааннара революция саҕана 3 мөл. этэ, оттон билигин 25 мөл. кэриҥэ. Ол аата 80 сыл устатыгар 8 төгүл элбээбиттэр. Бу куһаҕана суох көрдөрүү;
- Төрөөбүт оҕолору общество күүһүнэн иитэр туһуттан үчүгэй сахалыы оҕо саадтарын, дьиэлэрин тэрийтэлиэххэ. Улуу педагог Макаренко уопутун туһаныахха;
- Оҕолордоох дьахтар боччум хамнастаах буолуохтаах. Холобур, сүөһү үлэһитэ биир тыһыынча хамнаһы ылар буоллаҕына, киһи үлэһитэ 2-3 тыһ. хамнаһы аахсыахтаах;
- Кыыс оҕо үөрэҕэ сүнньүнэн ийэ, дьиэ хаһаайката, оҕо иитээччитэ буоларга бэлэмниэхтээх. Ону таһынан уопсай сайдыыны, гуманитарнай уонна медицинскэй үөрэҕи ылыахтаах;
- Кыыс-дьахтар доруобуйатын харыстыыр анал программа оҥоһуллуохтаах;
- Атын дойдуларга төрөөбүт уол аҕа аайы өлбүгэ сир аныыллар. Ол үгэһи биһиэх, олохтоох норуоттарга эмиэ киллэриэххэ. Ол оҕо төрөөһүнүн көҕүлүүргэ балайда суолталаах дьаһал буолуо этэ;
Норуот ахсаанын уонна хаачыстыбатын тупсарарга Н.К.Антонов үгүс элбэх идиэйэлээх. СС 26.12.92-с №-гэр кини маннык санааны эппитэ:
Норуот талыы дьахталларын үлэлэриттэн, дьиэлэриттэн босхолоон, дьиэлэригэр олордон, хамнас биэрэн норуот туһугар турунан үлэлииллэрин ситиһиэххэ. Ол хайдах ситиһиллэрин ырытан оҥоруохха эрэ наада диир.
Дьахтар үөрэхтэнэн, үлэһит буолан омук уйгутун оҥорбот, кини соҕотох үлэһит буоларын оннугар омукка 5-10-20 үлэһити биэриэхтээх. Төһө да гениальнай дьахтар бэйэтин оннугар 10-20 гениальнай дьону норуоппутугар биэрэн иһиэхтээх. Кытай улуу бөлөһүөгэ Конфуций эппитэ: «Норуот кэскилэ – дьахтар илиитигэр да, төбөтүгэр да буолбатах, кини иһигэр сытар», – диэн.
Биһиэхэ дьахтар 2-3 үрдүк үөрэхтээх эрээри оҕо төрөөбөт, төрүүр кэм ааһан хаалар. Ону кытта билигин дьахтар 1-2 оҕолонор, дьахтар 50 % кэргэнэ, оҕото суох!
Н.К.Антонов саха омугун ахсаана элбээһинин туһунан долгуйан, хараастан элбэх мөккүөрдээх ыстатыйаны суруйбута. «Биэрэпис түмүгүнэн» (Кыым 04.04.1990) ыстатыйатыгар:
Сахалар 1917 с. 220.040, оттон 1989 с. 365236 тыһ.
Узбектар 1917 с. 3 мөлүйүөн, оттон билигин 20 мөлүйүөннэр
АХШ индеецтерэ 1910 с. 210.000 билигин 1.5 мөлүйүөннэр диэн хараастан суруйар.
Оттон бу ыстатыйатыгар Ч.Айтматов 1976 с. 6 мөлүйүөннээх казах норуотун дьылҕатыттан долгуйан, «Пегий пёс, бегущий краем моря» айымньыны суруйбутун маннык сиһилиир:
Сэһэҥҥэ улуу балык-дьахтар уобараһа ойууланар. Манна Евразия хонуу куйаарын муоратыгар түүрдүү норуоттар олохторун устуоруйатын, уоппутун билбэт буоланнар, олох оҥочото ханна илдьэринэн мээнэ уста эрэ сылдьаллара ойууланар. Орган оҕонньор улуу-балык дьахтары таптыыр, ыҥырар, күүтэр. Оттон дьахтар буоллаҕына ханна эрэ ыраах үөрэх-билии муоратыгар уста сылдьар. Ийэ-балык биир эмит оҕону муора биэрэгэр төрөөн хаалларбытын Орган оҕонньор булан иитэр. Онон түүрдүү норуоттар кэскиллэрэ соччо кэҥээбэккэ өлөр-тиллэр икки ардыгар сыккырыыр.
Бэрэпиэссэр Н.К.Антонов салгыы маннык сиһилиир:
Оттон урут буоллаҕына атын буолара эбээт. Ийэ-балык барахсан улахан байҕаллары, муоралары туораан, өрүстэри-үрэхтэри өксөйөн, үгүс элбэх таас харгыстары тас иэнинэн, кутуругунан лаһыйан, мүлчү түһүтэлээн, үлүгэр элбэх сиэмэх кыыллар көтөрдөр тыҥырахтарын сыыһа харбатан куотан, онон-манан саһан муҥнанан, эрэй бөҕөнү эҥэринэн тэлэн, муҥ бөҕөнү муннунан тыыран, ыраах аналлаах сиригэр түҥ тыа быыһыгар, үрэх баһыгар тиийэн, уонунан тыһыынча ахсааннаах искэҕин ыан, оҕолорун көрөн-харайан улаатыннаран, улахан олох түһүлгэтигэр атаартаан баран, олоҕун соругун толору толорбут ийэ быһыытынан уоскуйан, астынан, күн сирин күлүк өттүгэр түһэн олоҕун түмүктүүрэ. Ол түмүгэр түүрдүү норуоттар үксээн, хонуу-куйаар дойдуларын үрдүнэн тарҕанан, араас норуоттары кытта ыаллаһан, арыт өрөгөйдөөн, арыт намтаан, күннээн аҕай олорбуттара. Ол кэм билигин ааһан, кэхтэн, кыра норуот буолан, атын улахан норуоттар икки ардыларыгар кыбыллан, тугу дук гыналларын, ханнык харахтарынан көрөллөрүн кэтээн, албыннаһа-ньылаҥнаһа сатыы олордохторо. Ол барыта улуу балык-дьахтар аныгы үйэҕэ өйө-санаата уларыйан, айылҕата мөлтөөн, норуоттарын эһэн эрэрэ ойууланар.
Биһиги сахалар, «Улуу-балык дьахтарбытыгар» “оҕолоруҥ соргутун, норуотун кэскилин киэр илгэҥҥин ханна уста сылдьаҕын?” диэн этиэхпитин сөп.
Ханна ускул-тэскил уста сылдьаҕын, улдьаараҕын, өйүҥ-санааҥ бааллан, абылатан, атыттары үтүктэ-үтүктэ, быһыыҥ-майгыҥ уларыйан, норуоккун өлөрөн-өһөрөн эрэҕин, диэн. Хаһан өйгүн булаҕын, сүүһүнэн, тыһыынчанан ыамайдаргын улахан олох түһүлгэтигэр үөрэ-көтө киллэртиигин, тыһыынчанан ахсаааннаах генийдэри-геройдары, өркөн-өйдөөхтөрү, күндү-көмүс күөмэйдээхтэри, талааннаах тарбахтаахтары, тимир илиилээхтэри тууйбакка-хаайбакка, балык искэҕин курдук баһаам элбэх ыччаты баргыччы ыһаҥҥын, кудуччу кутаҥҥын, көмүс чыычаахтаргын көтүтэҕин, норуоккун өрөгөйдөтөҕүн? – диэн ыйытыахпытын сөп диир Николай Антонов.

Олоҕу дьаһаныы, тэрийии, салайыы, ас-үөл туһунан
Бэрэпиэссэр Н.К.Антонов салалта эргиирин туһунан маннык быһаарар. Кытай уонна Греция улуу бөлөһүөктэрэ бэлиэтииллэринэн, норуот былааһа диалектика сокуонунан уларыйа-тэлэрийэ турар айылгылаах эбит: Маҥнай ыраахтааҕы монарх былааһа көнө, сиэрдээх буолар. Кини өлтүн кэннэ былаас көнө суолуттан туораан, тиранияҕа тиийэр – эстэр. Ол кэннэ аристократтар холбоһуктаах былаастара олохсуйар, норуот олоҕо эмиэ тупсар эрээри сотору плутократия эстэн, демократия былааһа олохсуйар. Маҥнай үтүө олох эргийэн баран, аны анархияҕа иэдээҥҥэ тириэрдэр. Анархияны диктатура солбуйар. Бу монархияҕа тириэрдэр. Онтон эмиэ хат солбуллан тирания, аристократия – плутократия – демократия – анархия – монархия. Ити курдук былаас, мүччүрүйбэт сокуонунан эргийэ сылдьар.
“Каждый из этих трех форм власти в определенный момент способствует общественному процессу, следовательно, необходимо и законно. Но значения их не абсолютно; в природе каждом из них заложено ее отрицание: монархия переходит в тиранию, аристократия – в олигархию, демократия – в охлогратию. Такой переход – также проявление закономерности.”
Биһиги улахан кутталлаах, уратылаах кэмҥэ да, дойдуга да олоробут. Биһиги дойдубутун фронтовой дойдунан ааҕабыт. Биһиги хапыталыыһым кэмигэр да, дойдутугар да олоробут. К.Маркс этэринэн «первоначальнай накопление – сирэйэ-хараҕа суох хапытаал мунньунуу кэмэ».
Сотору араас биржевиктэр, миллиардердар, миллионердар дойдуну сабардыахтара. Туора топпуттар илиилэрин сарбаҥнатан барыахтара. Саха сиригэр илиилэрин уунуохтара. Бөлөхтөһө-бөлөхтөһө бырабыыталыстыбаттан, сокуоннартан тутулуга суох туспа экспедициялары, армиялары тэрийэн, күүстэринэн өттөйөн кэлиэхтэрэ. Куттал суоһуур. Онно биһиги барааннар курдук төттөрү-таары сүүрэкэлии сылдьарбыт сүрэ бэрт буолаарай!
Сэрэнэр дьаһаллары ылынарбыт хайдах буолуоҕай?!
Н.К.Антонов бэрэпиэссэр аныгы олоҕу тэрийиигэ маннык көрүүлээх: “Айар уонна салайар үлэһиттэри дьиэ, олох түбүгүттэн босхолоон, кинилэри хааччыйар кээпэрэтииптэри тэрийиэххэ сөбө дуу”.
Норуоту үгэс буолбут сир оҥоһуута, сүөһү бородууктата күөл, өрүс балыгын булда хааччыйара тутах. Онон муора баайын туһанарга Охотскай муораҕа тахсыахха наада, ону ситиһиэххэ диир. Эргиэн суолун арыйыахтаахпыт. Күөл быйаҥын дэлэтиэхтээхпит. Суол үлэтигэр турунуохтаахпыт.
Номуукаҕа олоҕурбут салайыыны, былааннааһыны киллэриэххэ. Ыччаты олохтоох сир баайын, быйаҥын туһанарга, туһаҕа таһаарарга туһаайыахха.
Култуура, сиэр-майгы кэскилин көрөн үөрэтэн, иитэр дьаһаллары, сокуоннары ылыахха. Олохтоох сир, айылҕа, дьыл кыһалҕатын быһаарар үлэни ыытыыны омуктары үтүктүбэккэ быһаарар, тэрийэр, салайар суолу тутуһуохха. (СС. 26.12.1992)
Ити курдук бэрэпиэссэр Н.К.Антонов саха омугун кэскилин тэрийии туһунан үгүс элбэх санааны, идиэйэни үөскэтэн этэрэ. Кини биһиги норуоппут бөтүрүйүөтэ этэ. Онон Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бэйэтин бэйэтэ дьаһанар судаарыстыбалаах улахан норуот буолуон баҕарара. Ол иһин аныгы үөрэҕи, сайдыыны тутуһан омук ахсаанын элбэтэр, тылын, култууратын сайыннарар, судаарыстыбытан бөҕөргөтөр соруктары туруорара.
Бэлэмнээтэ Гаврил Гаврильевич ФИЛИППОВ.
2019 с.
