Тарабукиннар тустарынан (Чурапчы, Мэлдьэхси)

СЭРИИ ЫАР ТЫЫНА. Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө

1941 сыллаахха буолбут Аҕа дойду сэриитэ бүтүн Советскай Союз дьонун-сэргэтин атыйахтаах уу курдук аймаабыта. Сэрии алдьархайа хас биирдии ыал аайы ааҥнаабыта. Дьон эдэр-чэгиэн, доруобай, туруу өттө барыта Ийэ дойдуларын көмүскүүр сэриигэ барбыта.

Чурапчы оройуонун Мэлдьэхси нэһилиэгиттэн 146 киһи туруу үлэһит дьон сэриигэ ыҥырыллан барбыттара. Олортон 71 киһи кыргыһыы толоонугар тыыннарын толук уурбуттара. Тыылга хаалбыт дьон элбэх эрэйи, сору-муҥу көрсүбүттэрэ. Үлэ ыарахана оҕо, дьахтар санныларыгар сүктэриллибитэ. Онуоха эбии дойдуга уот кураан, сут сыллар мэҥэһик буолбуттара. Сэрии холоругар эриллэн, сорох ыал имири эстибиттэрэ. Сэрии ыар тыына оҕолору тумнан ааспатаҕа. Үгүс оҕо төгүрүк тулаайах хаалбыта. Ол иһигэр биһиги убайбыт, Тарабукин Илларион Николаевич, төгүрүк тулаайах буолбута.

Убайбыт Тарабукин Илларион Николаевич.

Быйыл Кыайыы 80 сыла. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат. Убайбыт Илларион Николаевич суруйан хаалларбыт ахтыыларын сурукка тистим. Тулаайах хаалбыт сэрии оҕотун дьылҕата, олоххо, кыайыыга дьулуура автор бэйэтин автобиографическай түгэннэриттэн таҥыллан, оччотооҕу кэм ыар тыынын билиҥҥи ааҕааччыга чуолкайдык тиэрдиэ дии саныыбын. Кини аҕата аах түөрт бииргэ төрөөбүттэр этилэр: Николай Семёнович Тарабукин бэйэтэ, Семён Семёнович Тарабукин, Акулина Семёновна Корякина, Александра Семёновна Дьячковская. Семён Семёнович Арҕаа уонна Илин фроннарга сэриилэспитэ: 1-кы Украинскай фроҥҥа сылдьыбыта – Харьков, Чугуев, Днепропетровскай куораттары босхолоспута, Японияны утары эмиэ сэриилэспитэ.

Ахтыылары суруйбут убайбыт Тарабукин Илларион Николаевич 2017 сыллаахха олохтон туораабыта.

«АХТЫЫЛАР» сайтка анаан бэлэмнээтэ

Тамара Семёновна НИКОЛАЕВА. Бүлүү куората, 2025 сыл муус устар ый.


Ахтыылар

ТЫЫЛГА ХААЛБЫТТАР

Улахан сут-кураан диэни билиҥҥи дьон билбэттэр, хантан билиэхтэрэй. 1940-1943 сыллар уоттаах кураан бүрүүкээбит кэмнэрэ этилэр. Сааскылара 40 хонуктаах хобордооһуҥҥа түбэһэннэр, хаартан таммах да уу кэлбэтэҕэ. Күһүнүгэр хаҕыс кураан тыаллар үрэллэриттэн алаастар, үрэхтэр уулара уолан хаалбыттара. Халлааҥҥа сиигэ суох көһөҥө маҥан былыттар кылбарыһа сүүрэкэлэһэллэрэ. Кураана бэрдиттэн сир хайыта хаппыта. Сир-дойду аһыҥканан туолбута. Уолбут күөллэр оннуларыгар, уулар кытыыларыгар тахсыбыт оту былдьаһа-тарыһа оттоммотоҕуна, икки-үс хонук иһигэр тотору билбэт тимир тиистээх аһыҥкалар сир хара буора тахсыар диэри төрдүттэн сиэн кэбиһэллэрэ. Ол кэнниттэн күнү-ыйы бүөлээн, хара былыт курдук көтөн атын оттоох сирдэргэ көһөллөрө. Хотуурунан охсубуттааҕар ыраастык күөх ньаассын оту былдьаһа-тарыһа мэлитэ охсон кэбиһэллэрэ. Аһыҥкалар киһи хаамтаҕына сирилии ойуоккалаһаллара. Этэрбэс, түүппүлэ айаҕынан туола симиллэллэрэ. Атаххар сөрөммүт куллукаҥ, кэппит кээнчэҥ инчэйэн хаалыар диэри ыга хааланан өлөллөрө.

Колхоз аһын-үөлүн бүүс-бүтүннүүтүн фроҥҥа ыытар буолан, дохуот түҥэтигэ диэн оҥоһуллубат буолан хаалбыта. Ыаллар кэтэх хаһаайыстыбаларыгар баар биир-икки ынахтарыттан ыабыт үүттэриттэн суорат оҥорон, үөрэ отун былаан ииннэргэ (булуустарга) мас уһааттарга кутан, тоҥорон хаһааналлара. Биир эмэ сүөһүнү идэһэлэммиттэрин тириилэри-баҕастары кыһыны туоруур аһылыкка ууруналлара. Иккилии сүөһүнү идэһэлэммиттэр эти кыра бурдук сыыһыгар куоракка мэнэйдэһэннэр, кыһынын хаһан эмэ хааһылаан сииллэрэ.

Улахан хомуур 1942 сыллаахха буолбута. Мэлдьэхси нэһилиэгиттэн сүүсчэкэ киһи хомуурга барбыта. “Тахсыбыт Сардаҥа” колхозтан түөрт уонтан тахса киһи дьонноруттан-сэргэлэриттэн итинник ыар, кытаанах кэмҥэ арахсыбыттара. “Хайдах оттоон-мастаан, киһи-сүөһү буолан олороллоруй?” – диэн ыйытыы сүрэхтэрин-быардарын хайыта тыытара, өйдөрүн-санааларын аймыыра.

Ыам ыйын биир күнүгэр уоттаах сэриигэ барар чаас тиийэн кэлбитэ. Таптыыр оҕолорун, кэргэннэрин ыбылы кууһар, сыллыыр-ууруур түгэннэрин уһата-кэҥэтэ сатаан тура сатаабыттара да, “быраһаайдаһыы бүттэ!” диир хаһыы хас биирдии төбө оройугар, сүрэххэ атара тимир буолан сааллыбыта. Дьахталлар, оҕолор аҥардарын хайа оҕустарбыттыы сүһүөхтэрэ уйумуна умса баран түспүттэрэ, ынчыктаһыы, ытаһыы, иэйии-куойуу диэн манна буолбута. Дьон дьорҕоотторо, туруу дьиппиэннэрэ: “Этэҥҥэ олоруҥ, үлэ тэтимин ыһыктымаҥ!” – диэн хаһыытаспыттара. Алаас хоту өттүнэн сыыры дабайан, тыаҕа киирэн сүтэн хаалбыттара.

Дьиэлэр истэрэ, уораҕайдара кураанахсыйбыттара.

Уруккута киһинэн-сүөһүнэн туолбут алаастар, тигинии-таҕыныы турбут тиэргэннэр чуумпура иһийбиттэрэ.

Киһи сөҕүөх, көтөрдүүн-сүүрэрдиин ньимийэ саспыттара. Барыта кураанах, курус этэ. Хаалбыттарга хараҥаттан хараҥаҕа диэри үлүмнэһэр, харбыалаһар үлэ-хамнас тыын ылар бокуойу биэрбэккэ саҕаламмытынан барбыта.

АРАХСАР, СҮТЭРСЭР КЭМ

Улахан сут кураана турбута. Сир-дойду аайы өрт уота сабардаан күүдэпчилэммитэ, күммүт буруо нөҥүө өлбөөрө кытаран көстөрө. Тыал хайысхатын уларыттаҕына ыраас күннэр буолаллара. Сэрии буолбутун иккис сылыгар, 1942 сыллаахха, “Тахсыбыт Сардаҥа” колхоз председателэ Тарабукин Николай Семёнович, мин аҕам, Нам оройуонугар киирэн дьоннорун олохторуттан хамсаппакка иккис сылын оттуулларыгар- мастыылларыгар олохтоох былааһы кытары сөпсөспүтэ.

Тарабукин Николай Семёнович, “Тахсыбыт Сардаҥа” колхуос председателэ, Сталинград куораты босхолоспута.

Аҕам сүөһү үлэһиттэрин кытары үлэни-хамнаһы хайдах дьаһанан олорорго, итэҕэстэри-быһаҕастары хайдах туоратан иһэргэ биир санааҕа, биир тылга киирсэр, икки өттүттэн дуогабардаһар тэрээһин мунньахтары ыытан бүтэрэн эрдэҕинэ, Чурапчы военкоматыттан чопчу ыйа-күнэ ыйыллыбыт сэрии хомууругар ыҥырар бэбиэскэни туппута.

Аҕам миигин илдьэ сылдьара, алта сааспын туолан эрэр оҕо этим. Сытыы-сыыдам атахтаах Тураҕас диэн аналлаах атыгар, миинэр-көлүнэр миҥэтигэр миигин мэҥэһиннэрэн, дойдутун Чурапчы диэки дьөһөгөйүн оҕотун салайа тутан кэбиспитэ. Ата барахсан дойдутун сирин тардылыгын билэн, сүүрбүт-көппүт, күөнүнэн көччүйбүт кырдалларын ахтан, сиэлэн-хааман бидигиччитэн, уу сүүрүгүнүү охсуллан, ситэн үүммүт хампа күөҕүнүү долгуһуйан, силлиэ тыаллыы элээрэн истэ, көҥүл буурҕалыы көтө-дайа айаннаабытын кубулуппата.

Ньукулай көмүс оҕотун кытары бэстилиэнэйин айанныырын, дойдутугар эргиллэн кэлбэтин түүлүнэн-битинэн билэн, сүрэҕинэн-быарынан таайан сылдьара. Ол иһин уолугар куораты көрдөрбүтэ, арахсар чааһыгар диэри араарбакка илдьэ сылдьарга быһаарыммыта. Оҕото утуйан буккураатаҕына ыҥыыр иннигэр олордон сылаас, сымнаҕас иэдэстэриттэн дуоһуйа сыллыыра-ууруура, сүрэҕэр-быарыгар сыһыаран ыбылы кууһан олороро. Уола уһуктан кэлэн ардыгар сайылыгын оҕолорун туһунан кэпсиирэ. Ардыгар тугу көрбүтүн барытын ыйыталаһа-туоһулаһа иһэрэ. Күнү быһа айаҕа хам буолбат этэ. Ньукулай аралдьыйа таарыйа икки-үс тылынан судургутутан, өйдөнүмтүө гына быһаара сатыы иһэрэ. Холбур “былыт тоҕо сиргэ түспэтий?”, киһи уҥуоҕар таас памятниктары көрдөҕүнэ “тоҕо итинниктэри хаалларалларый?” диэн, о.д.а киһи үөйбэтэх-ахтыбатах ыйытыыларыгар эппиэттир ыарахаттардаах буолан тахсара. Уола билэр-көрөр, оҥор-хаһар майгыннааҕа өйтөн тахсарыттан үөрэ саныы, астына айаннаан испитэ.

Аттарын уулата, хаптара түһэн ылаллара, бэйэлэрэ өйүө астарыттан аһыыллара, Ньукулай утуйа түһэн ылара. Ат барахсан уу отун сиэн тииһэ-уоһа обуйуктана хамсыыра. Иччитигэр махтанан, кэннин хайыһан иҥэрсийэн ылара. Тохтоло суох түүннэри айанныыр буоланнар, “уолум бууннуур эрэ хайыыр эрэ” диэн сэрэнэ саныыра да, уола оонньуур массыынатынан бирилээн-барылаан, күөх хонууга сүүрдэ-көтүтэ оонньуура. Утуйан уһугунна да, массыынатын көрдөөн ылара. Дьиэбэр тиийдэхпинэ оҕолорго көрдөрүөм диэн, массыынатын сүтэн хаалыа диэбиттии хам кууһан олороро. Дьиэтигэр күтүөт Ньукулай оҥорбут талах ынахтарынан, сүөһү бэрбээкэйин уҥуоҕунан оонньуура. Олорго тэҥнээх буолуо дуо, массыынатыгар куоракка көрбүт массыыналарын сээкэйдэрэ барыта баара: икки харахтардааҕа, түөрт эрэһииҥкэ көлүөһэлэрдээҕэ, кабиналааҕа, кузовар тугу барытын тиэйиэххэ сөбө.

Оҕото кып-кыракый көхсө бөгдөллөн олороро. Күөллэргэ кус оҕолорун көрдөҕүнэ сэргэхсийэ, омуннара түһэрэ… Эдьиийдэрэ бу сукка-курааҥҥа бэйэлэрэ бэйэлэрин хайдах көрүнэн олороохтууллар, өссө онно эбии икки уол оҕолорун иитиэхтээхтэр… Оо, өлүү да буолар эбит. Оҕом сыыһа хайдах киһи хара буолан улаатаҕын дуу, суох дуу… Туох билиэ-көрүө баарай. Дьылҕа хаан тойон ыйааҕа тахсан турдаҕа, одун хаан оҥоһуута түһэн турдаҕа. Айбыт айыы таҥарабыт, күчүмэҕэй, кыһалҕалаах түгэннэргэ күүс-көмө буолаар. Аһынан-харыһыйан көмүс оҕобун, чыычаахпын көрө-истэ, көмүскүү сылдьаар… Көрдөһөр да күттүөннээх, ааттаһар да ахсааннаах.

Ньукулай бу кыракый, көмүскэммэт, көрүммэт киһиттэн араарар, киэр анньар күүс баара буолуо диэн сэрэйбэт-таайбат да этэ.

Итинник түүннэри-күннэри айаннаан, икки хонон сарсыарда 9 чаас саҕана дойдуларын булбуттара. Кулуупка дьоннорун сэриигэ атаараары киһи-сүөһү бөҕө мустубут этэ. Дьиэлэригэр кэлэн Ньукулай уолунаан иккиэйэҕин аһаабыттара. Мин эдьиийдэрим Өкүлүүн, Өлөксөөс ас тардан баран (остуолга олорсон аһыыр, кэпсэтэр-ипсэтэр кыахтара суоҕа) хаҥас быыс кэннигэр тиийэн, сыттыктарыгар умса түһэн харахтарын уутун тохпуттара… Кинилэр үс киһини атааран кэлэн баран, биирдээх уол Корякин Василий Николаевиһы (Лейтенант Баасканы) көтөҕөн олорон, миигинниин үһүө буолан ыбылы куустуһан, дьэ, төлө баран уйа-хайа суох ытаһа, сарылаһа хаалбыппыт.

ДЕТСАДКА

1942 сыл. Күһүн оччотооҕу былаас ийэлии-аҕалыы кыһамньытынан төгүрүк тулаайахтары, кыаммат ыаллар оҕолорун детсадка ылбыттара. Маҥнайгы кытаанах кыһыны сүүрбэттэн тахса оҕо онно олорон тыын салҕаммыт буолуохтаахпыт. Күҥҥэ үс аһылыкка мааннай куруппа хааһытын бүлүүһэҕэ кутан, куһуок саахары кытары биэрэллэрэ. Оҕо-оҕо курдук сүүрэ- көтө оонньуурбутун өйдөөбөппүн. Көрүдүөр ортотугар муостаҕа олорон, ким туох оонньуурдааҕынан оонньообута буоларбыт. Арыт арыычча кыанарбыт Пестерев Александр (Маадьай) дьиэ таһыттан муус киллэрэн көйдөҕүнэ уочараттаан үллэстэн, үссэммитэ буоларбыт. Саас кулууптан чугас мастерской дьиэтин таһыгар өтүү өрөр буолбуттара. Онно тиийэммит ытыспытын тоһуйарбыт. Онуоха тирии кырадаһыннарыттан биэрбиттэрин повар Маарыйаҕа уокка үттэрэн ыраастатан ыларбыт уонна көрүдүөрбүт ортотугар олорон үллэстэн сиирбит. Хааһыга маарыҥнаах буолуо дуо, үтүллүбүт тирии минньэгэһэ, тотоойута сүрэ бэрдэ. Оннук ый курдук абыраммыппыт. Онно үлэлээбит Тохтой Ньукулайга, Кузьмин Мэхээлэҕэ (Тэллээр Мэхээлэҕэ), Охлопков оҕонньотторго билигин даҕаны махтана саныыбын. Оҕонньоттор тиийдэхпит ахсын кырадаһыны кудуччу анньан биэрэллэрэ. Сирэйбитин-харахпытын көрөн аһынар быһыылаахтара. Олоххо тото-хана аһыыртан ордук туох баарын билбэппин. Оҕонньоттор барахсаттар, хаартыскаҕа түспүт курдук, бу баардыы кырыйдаҕым ахсын көстөн кэлэллэр. Үтүө дьыала үйэлэргэ хаалар дииллэрэ кырдьык, үүнэр көлүөнэ дьоно уруок ылыахтара буоллаҕа.

ҮТҮМЭН ДЬУЛУУРУНАН

Өкүлүүн уонна Өлөксөөс Тарабукиналар, сүүрбэлэрин саҥа аһарбыт кыргыттар, үрүлүйэр үлэ үөһүгэр, бүппэт түбүк ухханыгар эдэр саас энчирээбэт күүһүнэн-уоҕунан түһүнэн кэбиспиттэрэ. Талбыт кыайыгас-хотугас үлэһит илии суоҕун тэҥэ этэ. Кыргыттар, дьахталлар бу үлэни кыайабыт, ити үлэни кыайбаппыт диэн талар, эгили-бугулу буолар кыахтара суоҕа. Ханнык да үлэҕэ анаатахтарына харса суохтарын киллэринэн сүгэ, эрбии, анньыы үрдүгэр түһүнэн иһэллэрэ. Эдьиийдэрим икки сыл кыһыныгар сүүсчэкэ субан сүөһүнү көрөннөр, көһөрүүгэ барбыт “Кыһыл сис” колхоз быраҕыллыбыт дэриэбинэтигэр суос-соҕотох ыал буолан, буруо таһаарынан кыстаабыттара. Улахан хотоннорго сүөһүлэрин уган, күрүөлэригэр-хаһааларыгар күнүскүтүн аһатан-сиэтэн, күҥҥэ биирдэ олорон турбакка, тыын ыла түспэккэ үлэлээн-хамнаан олорбуттара. Күнүскү түбүк уһугун буллаҕына, түүнүн оһох уотун сырдыгар таҥас суунан, таҥас абырахтанан, үтүлүк, этэрбэс тиктэн син ыпсарыналлара. Сарсыарда халлаан суһуктуйуута тураат, хас эмэ оҕус сыарҕатынан сүөһү сааҕын таһааран балбаахтыыллара, сүөһүлэрин аһаталлара. Хас күн аайы икки оҕуһунан от тиэйэллэрэ, ойбон тэһэллэрэ, сүөһүлэрин уулатан баран хотоҥҥо от киллэрэн, сүөһүлэрин баайаллара. Күнүскү чэй кэнниттэн уокка оттор маһы хааччыналлара, муус тиэнэллэрэ, хонор мастарын эрбэнэллэрэ, бүтэһигэр таһырдьа баар сүөһү сааҕын ыраастыыллара. Дьэ, муҥур уһукка халлаан хараҥарыыта дьиэлэригэр уот оттунан, дьиэ үлэтигэр түбүгүрэн, оҕолорун биһигини аһата баран оронноругар төбөлөрүн уураат, утуйан ылаахтыыллара. Үлэ-хамнас күнтэн күн биир күдьүс хатылынан иһэрэ.

1943 сыллаахха олунньу ыйтан ас-үөл өттүнэн кыпчыттаран барбыттара. Ити сыл идэһэлэрэ суоҕа. Күһүн Мугудайтан сылгыһыттар таарыйан ааһаллара, билбит-көрбүт сонуннарын кэпсээн сэргэхситэллэрэ. Кинилэргэ мин аҕам икки уостаах саатын, велосипедын биирдии миэстэ эккэ туруорута бырахсыбыттара. Үс эр киһи истээх таҥастарын арыыга, кыракый бурдукка мэнэйдэспиттэрэ. Уруккута чугас ыалларыттан Петров Мэхээлэлээхтэн, Пестерев Миитэккэ оҕонньордоохтон биирдии балбаах иһит (200 кг, 300 кг тары биир иһиккэ тоҥороллоро) тары умналаһан булуммуттара. Итилэри таһынан дьылы туоруур, айахха угар туохтара да суоҕа.

Биирдэ олунньу ый бүтэһигэр Тарабукин Буокай диэн убайдара үс ат көлөлөөх тиийэн кэлбитэ. Кинини биригэдьиирэ Пестерев Баһылай отторун тиэйэн биэр диэн ыыппыт этэ. Буокай сааскы кэмҥэ сиир оту икки хонукка тиэйэн бүтэриэхтээҕэ. Икки хонукка түөрт кырбас эт өйүөлэммит этэ. Ол өйүөнү икки киэһэ мииннэнэн сиэбиппит. Кырбас үс гыммыт биирдиитин саҥа эти мииннэри-баҕастары сиэммит үөрүүлээх-көтүүлээх дьоро киэһэлэр буолбуттара. Атын аһылыктарга эдьиийдэрим убайдарын маанылаатахтара аатыран, тарга бурдуктарын оҕотуттан хааһылаан булкуйан аһаталлара. Ол эмиэ үөрүүлээх үтүөкэн аһылыктар этилэр. Күнүскү аһылык кэнниттэн Буокай оһоххо иттэн, иннинэн-кэннинэн иэҕэҥнии турарын мин өйдөөн көрбүтүм. Киһибит от тиэйэ барбытын кэннэ эдьиийдэрбиттэн ыйыппыппар: “Сирэйэ маҥхайбыт, мунна кырыыламмыт, сотору өлөр киһи буолбут”, – диэбиттэрэ. Мин эдьиийдэрим аччыктааһынтан илиилэрэ-атахтара иһэн сонообут кэмнэрин билигин өйдүүбүн. Буокай үһүс күнүгэр күнүскү аһылык кэнниттэн дьиэлээбитэ. Түүн утуйа сыттахпытына киһи ааммытын тоҥсуйбут. Өкүлүүн туран ааны аспыта, Буокай кэлэн турар үһү. Өкүлүүн соһуйан, куһаҕан санаалар киирэн ааһыталаабыттарыттан, мух-мах баран дөйүөрэн хаалбыт. Ол кэмҥэ Буокай куул соһуулаах дьиэҕэ киирбит. “Маны сиэҥ, мин дьиэбэр бардым”, – диэн баран, тахсан баран хаалбыт. Куулу харбыалаан көрбүтэ ириэнэх балык үһү. Үөрэн хаалан: “Өлөксөөс, Өлөксөөс, тур!” – диэн туох да быһаарыыта суох хаһыытыы турбут.

Биирдэ өйдөммүтүм Өлөксөөс миигин уһугуннара турар эбит: “Туран балыкта сиэ”, – диэбитигэр түһүүбүн быһыылаах дии санаатым… Дьиэни көрбүтүм оһох тигинэччи оттуллубут. Балык остуолга тардыллыбыт, миинин сыта дьиэни толору тунуйбут. Дьолтон дьол баар эбит… Балыгы уһун сааһы быһа сиэммит абыраныы бөҕөтүн абыраммыппыт. Эдьиийдэрим субан сүөһүнү этэҥҥэ туоратаннар, муус устар ый ортотугар колхозка туттарбыттара. Биһиги былыргы кэмҥэ бас билэр алааспыт Кыалаах диэн этэ, өтөхпүт онно турара. Буокай, биһиэхэ от тиэйэ кэлэн иһэн, куйуурун онно хаалларбыт. Төннөн иһэн куйуурдаабыт. Аччыга бэрт буолан, маҥнайгы ойбонун тэһэригэр мэйиитэ эргийэн, сүрэҕэ бөтө биэртэлээн хаста даҕаны ат буола охтон түспүт. “Өллөрбүн өлүүм”, – диэн илибирии-салыбырыы ойбонун уутун таһаарбыт. Ойбонун көйөрүгэр хаста даҕаны төбөтүн оройунан ойбонугар түһэн иһэн, кытыытыгар тайана түһэн өрүһүнэн туран кэлитэлээбит. Кэмниэ-кэнэҕэс, муҥур уһугар куйуурун түһэрэн эргитэн-эргитэн баран таһаарбыта – куйуурун тобус-толору собо бөҕөтө лаһыгырайа түспүттэр. Үөрүүтүттэн хараҕа сырдаан, күүһүгэр күүс эбиллэн, уот оттон, отучча собону үтэһэҕэ үтэн, сэрэнэн маҥнай үс собону сиэбит. Сэниэ ылан баран халлаан имэ сүтүөр диэри сүүрбэччэ куулу таһааран, куул аҥаардыыта чөмөх-чөмөх кутан тоҥорон баран, им сүтүүтэ балтыларыгар “Кыһыл сискэ” барбыт эбит. Сарсыныгар аһынан быстарбыт ыалларга куул аҥардыыта собону түҥэтэн, хоргуйан өлүөх бэрт элбэх ыалы быыһаабыта үһү. Онтон саас саллаҥныыр эрэ барыта куйуурдаан, өлөр өлүүттэн быыһаммыттар. Онон биһиги алааспыт Кыалаах нэһилиэгин дьонун-сэргэтин тыын салҕаан, ытык сир буоларын өйдөөн санаан ааһар туох омнуолаах, сэрэхтээх буолуой. Суоҕа чахчы.

Сут кэмигэр сылы туораан тыыннаах хаалар иһин охсуһарыҥ, ханнык ыаллар көмөлөһүөхтэрин сөбүн өйгөр сыымайдыырыҥ. Кэнникинэн көмөлтө ылар, умналаһар ыалыҥ да суох буолар. Ыам ыйыҥ саҥатыгар эдьиийдэрим отой мөлтөөбүттэрэ. Сирэйдэрэ, илиилэрэ-атахтара иһэн тахсыбыттара. Иһэн тахсыбыт сирдэрин тарбахтарын төбөтүнэн астахтарына, тарбах суола оҥойон хаалара. Өлөксөөс оннук буолан, бэһис күнүгэр оронуттан турбатаҕа, үлэтигэр барбатаҕа. Түлээгирэн “ити үтүлүгү ылан кул”, “бээ, билигин туруом, миигин күүттүннэр”, “лэппээски буста дуо?” диэн үлүгүнэйэр этэ. Улахан эдьиийим Өкүлүүн кэм сэниэлээх буолан, балбаах таһыытыгар барбыта.

Ыараханнык бааһыран, сэрииттэн босхолонон кэлбит Посельскай Сэмэн Иннокентьевиһы председателинэн анаабыттар диэн сурах иһиллибитэ. Саҥа председатель нэһииччэ сүөдэҥнэһэр үлэһиттэрин көрдөҕө. Үлэтигэр киирээт “маска атыллыбыт сылгыны”, “икки өлөр туруктаммыт ынах сүөһүлэри” өлөттөрөн нэһилиэнньэтигэр түҥэттэрэр. Колхозтаахтар сибиэһэй эти сиэннэр, миин иһэннэр чыып-чаап диэн сэргэхсийэн кэлбиттэрэ. Түҥ-таҥ тыллаһа сыппыт, аллараа дойдуга айанныыра хаалбыт Өлөксөөс икки хоноот өйүн булан, оронугар олорор киһи буолан хаалбыта. Били нэһиилэ сүөдэҥнэспит үлэһиттэрбит ыам ыйын бүтүүтүгэр бурдук ыһыытыгар бүүс-бүтүннүү үлэлии тахсыбыттара.

Киһи киһиттэн уратыта, салайааччы салайааччыттан атына халлааннаах сир курдук кыырайар үрдүккэ, аҥайар аллараа бааллара ити дьиҥнээх олохтон чуолкайдык көстөллөр. “Тахсыбыт Сардаҥа” колхоз боростуой дьонугар өлөр күннэригэр өйөбүл буолбут, сүтэр күннэригэр тыын салҕаабыт, умсар күннэригэр хаамар далаһа бырахпыт Тарабукин Прокопий Сергеевичкэ, Посельскай Сэмэн Иннокентьевичка мин эдьиийдэрим Өкүлүүннээх Өлөксөөс ааттарыттан хаһан да суураллыбат көмүс буукубаларынан махтал тылын эттэҕим буоллун.

Корякина (Тарабукина) Акулина Семёновна, тыыл ветерана.

 

Дьячковская (Тарабукина) Александра Семёновна, тыыл ветерана.

 

Тарабукин Семён Семёнович, сэрии ветерана, Николай Семёнович быраата.

Мин аҕам Николай Семёнович сэрииттэн эргиллибэтэҕэ… Тыылга хаалбыт эбэлэрбит, эһэлэрбит сэриигэ барааччылар кэриэстэрин чиэстээхтик толорбуттара. Биир да сүөһүнү энчирэппэтэхтэрэ, үүтү ыабыттарын курдук ыы олорбуттара. Бурдугу үүннэриигэ биир да гектар сири аччаппакка, сут сылларыгар сиэмэ бурдугун үүннэринэн 1944 сыллаахха үрдүк үүнүүнү хомуйбуттара.

Дьэ, Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии кэмигэр биһиги эһэлэрбит инники кэлэр үйэлэр дьоллоох сайдыылаах олохторугар тулхадыйбат бөҕө акылааты түһэрсибиттэрэ, үлэһит илии кыаҕын, кыайыытын чаҕылхай үрдүккэ өрө көтөхпүттэрэ.

Өкүлүүннээх Өлөксөөс бырааттара

Илларион Николаевич ТАРАБУКИН, Российскай Федерация үөрэҕириитин туйгуна.

Чурапчы улууһа, Мэлдьэхси. 2005 сыл.


ӨРӨГӨЙ ТҮСТЭНЭР ТҮГЭНЭ

(Поэма. Илларион ТАРАБУКИН)

“Сэрии!” – диэн соһумар сурахтан

Сир ийэ иҥнэстэн ылбыта,

Алдьархай ааҥнаабыт суоһуттан

Айылҕа иһийэн хаалбыта.

Сүрэхпит өлүүнү таайбыта,

Сүр күүскэ төлүтэ тэппитэ.

Сүүһүгэр бэрдэрбит сүөһүлүү

Сүппүтэ күнүскү сырдыкпыт.

Им-балай иһигэр киирэммит

Илиини инники ууммуппут.

Тыын ылар бокуойу булбакка,

Муустаах уу үөһүгэр түспүттүү

Өй-санаа ситимин туппакка

Биир тылы хатылыы испиппит:

“Олоҕу түстээччи аҕабыт…

Олохпут тутааҕа убайбыт…

Олохпут эрэлэ бырааппыт…

Күн сирин күндүттэн күндүтүн,

Көҥүлү көмүскүү бардаххыт…”.

Көмүскэ уутунан суунаммыт

Кулуупка кэлбиппит баар этэ…

“Быраһаай, быраһаай!” – дэсиһэн

Быстахтык кэпсэтэр этибит.

Куоттарсар-сүтэрсэр кэм кэлэн,

Куустуһан, уураһан-сыллаһан,

Кураанах хапсыйбыт куул курдук

Кур гына хонууга суулламмыт

Хаайыыта-бобуута суох баран,

Харааччы иириэхчэ буолбуттуу,

Хаһыытыы-ыһыытыы ытаһан

Хаалбыппыт кулууппут таһыгар.

Убайбыт, бырааппыт, аҕабыт

Улахан аартыкка тахсаннар

Улуукан кыайыыны аҕала,

Уодаһын хааннарын киллэрэн,

Хабараан биир санаа түмүллэн

Хаамтара турдулар аттарын.

2

Буор алаас соҕотох иччитэ

Биэс саастаах уол оҕо хаалаахтаан:

“Барыма, аҕаа, кэл!” – хаһыытаат,

Батыһан барыахча буолбуппун

Биир илии харбаахтаан ылбыта.

Быстыбыт кулунчук кэриэтэ

Булумах мөхсөөхтүү хаалбытым.

Аймах дьон харайа ыланнар

Дьол-соргу туґа диэн этэннэр,

Дьоһуннаах үлэҕэ турбутум

Дьуос хара оҕуһу сиэппитим.

Дьулааннаах сут-кураан эриирин

Дьахталлар, оҕолор хааламмыт

Дьулурҕа үлэнэн көрсөммүт

Эт түөскэ түһэрэн ылбыппыт.

Эрэйдээх ытарча кэмнэргэ

Ыбылы ылларбат иннигэр

Ыйааҕы, уурааҕы толорор

Ытык иэс баҕалаах этибит.

Көҥүлү көрдөрө мэлитэр

Кыр өстөөх сэриитин утары

Кытаанах үлэнэн эппиэттиир

Кыым уоттаах санаанан сылдьарбыт.

Күөл уутун үллүктүүр тумана

Күөх дуолга үһүстээн түһүүтэ.

Күнүскү үлэттэн мискиллэн,

Күүс-күдэх эстэрин саҕана

Күлүгүр өтөххө тахсаммыт

Көлүйэр оҕуһу сойутан,

Көһүтэ таарыйа аһыырбыт.

Айманар дууһакам уһуктан,

Хараҕым уулара чээлийэн,

Хам баран нөрүйэн хааларым.

Сылбай уу хааһы барахсан

Айахха туһулаан киирбэккэ

Антах киэр аргыыйдык анньыллан,

Амтанын сүтэрэ сойоро.

Ахтылҕан дьэ киирэн, уу көтөн,

Аҕам баар айылгы кэмнэрбин

Арыйа сыымайдыы көрөрүм…

Санныгар сыһынным дии санаан,

Сылытар сыттыкпын кууһарым.

Сылайыы намыыннык угуттаан

Сыҕарым утуйбут буоларым.

3

Кырыктаах кыргыһыы хонуута,

Кытыастар уот байҕал бэлэһэ.

Өлүүлүүн өтөрү көрсөбүн

Өй-санаа мэлийэр түгэнэ.

Суос тэргэн сатараан хабыллар,

Ньиргиэрдээх этиҥнии дьааһыйар,

Тоҕута-хайыта ыстанар.

Сир-халлаан илгистэ олорор,

Күн уота кытара мэлийэр,

Сүр өһөх таҥнары сатыылыыр.

Таас тутуу тоҕута тэбиллэн,

Өрүтэ бурҕайан оргуйар.

Инники кирбиибит ыһыллан

Кумах-буор ардаҕын түһэрэр.

Икки сыл былаһын тухары

Иҥиирбин-ситиибин, эт-эппин

Тырыта-хайыта ыттардым.

Былдьаһык хапсыһыы кэмигэр

Ахсаана биллибэт өстөөҕү

Аллараа дойдуга атаардым.

Аһыммат аналлаах буулдьаҕа

Тыын сирбин таптаран сытабын.

Төрөөбүт дойдубар иэстээхпин

Толору толуйан өлөбүн…

Уолчааным сэттэтин туоллаҕа…

Уорукпар эргиллэн тиийэммин

Оҕобун көрсөртөн маттаҕым…

Уодаһын хааннарым охсоннор,

Уордайа охсуһар санааттан

Тарбаҕым хамсыырын тухары

Өстөөҕү өһөрө сытыаҕым.

Белорус сиригэр уҥуоҕум

Тутуллар аналлаах эбиппин.

Быданнаах быраһаай буолуохтун,

Сүрэҕим чопчута, оҕокком!

Быданнаах быраһаай буолуохтун,

Сэлэлээн үөскээбит дьоннорум!

4

Өлөрсөр-өлөрсөр сэриигэ

Өргөстөөх санааны тутаммыт

Өрүүрү, тохтууру билбэккэ

Өрүүтүн өргөйө сылдьабыт.

Тыын ылбат түптэлэс тымныыга

Тыыллаҥныы хабыллан турабыт.

Сайыҥҥы уот куйаас бэрдигэр

Сытайан кыһалла мөхсөбүт.

Мас мастыыр, муус ылар, от тиэйэр,

Бурдугу түүтээхтээн үллүктүүр,

Таммах үүт ахсаанын элбэтэр –

Биһиги дьулуйар дьулуурбут,

Биир сүдү түмүллэр күрэхпит.

Үлэбит түмүгүн, быйаҥын

Үргүччү сэриигэ ыытабыт.

Кыһыҥҥы түү таҥас тигиллэн

Кыргыһар буойуҥҥа ананар.

Көмүһү, симэҕи уопсайдаан

Харчыны заёмҥа угаммыт

Охсуулаах кыайыыга кыттабыт.

Сороххо убайбыт, бырааппыт,

Сороххо аҕабыт, эһэбит,

Табаарыс Ньукулай доҕорбут

Тэрийбит, салайбыт колхоһун

Тэтимнээх үлэнэн олорор,

Тилэри тирэҕин булунар.

Эн ииппит-үөрэппит ыччатыҥ

Эркээйи олоххо охсунар,

Эрэнэр кэскиллээх кэмнэргэ

Эрдийэн улгумнук хардыылыыр.

Кыргыһыы толоонун киинигэр

Кынаккын суулааҥҥын түспүккүн,

Бар дьонуҥ, оҕоккоҥ иннигэр

Хаарыаннаах төбөҕүҥ уурбуккун,

Куруутун мичээрдээх хараххын

Үйэ-саас тухары саппыккын!

Быраһаай, бырааппыт, убайбыт!

Быраһаай, аҕабыт, эһэбит!

5

Килбиэннээх халлааммыт анныгар

Күн уота чаҕылла оонньуурун,

Күөх сирэм нусхайа хамсыырын,

Кыайыыттан өрөгөй үрдүүрүн,

Кэй чаҕаан сэбэрэ тупсарын

Ким билбит – ол дьоллоох тускулаах.

Ол кыайыы төлөннөөх сылыгар

Оскуола боруогун атыллаан,

Оһуобай үөрүүлээх кэмнэргэ

Оҕо-саас сарык уот эрчимин

Олорчу үөрэххэ аныырын

Ким билбит – ол дьоллоох тускулаах.

Буукубаны холбооттоон, сүһүөхтээн

Буккуллар-таккыллар тыллары

Бокуойу булбакка ааҕаахтаан,

Бу өйдөөн кэпсээни таһааран

Бастакы билиини ыларын

Ким билбит – ол дьоллоох тускулаах.

Тарбаҕы саратан олорон,

Тахсыытын булларбат ахсааны

Табылын булаҥҥын, таайаҥҥын

Табатык таһааран кээһэҥҥин

Туһааннаах хайҕалы ылары

Ким билбит – ол дьоллоох тускулаах.

Өҥнөрдөөх кырааска бэрдинэн

Өргөйөн, ардыгар табыллан,

Өтүүктээх кумааҕы ньууругар

Өйгүттэн уруһуй айаҥҥын

Өс киирбэх биэс сыана ылары

Ким билбит – ол дьоллоох тускулаах.

Дьэ, бу курдук үөрэх суолугар,

Дьулусхан айаны тутаммын,

Кэскиллээх күн сирин үөрүүтүн

Күүрүүлээх долгунун мииммитим.

Күйгүөрэр оҕо саас олоҕун

Кулан күүс сүүрүгэр киирбитим.

6

Билбэтиҥ баара дуо, ааҕааччыа,

Сытыары майгыннаах сахалар

Саҕаллар эбит ээ кыымнары,

Оһуобай үөрүүгэ анааннар

Ордорор эбиттэр ыһыаҕы.

Билбэтиҥ баара дуо, ааҕааччыа,

Нүһэр аар кырдьаҕас нөрүйэн

Нус-бааччы сыһыаны олохтоон,

Номоҕон дууһаны угуттаан

Норуокка алгыс тыл этэрин.

Билбэтиҥ баара дуо, ааҕааччыа,

Урааҥхай айылгы туруга

Уон араас уотунан оонньуурун,

Кэрэттэн кэрэни айарга

Кэскиллээх кэрэмэс аналын.

Билбэтиҥ баара дуо, ааҕааччыа,

Күн ыраас эдэр саас сиэринэн

Күөх сайын кэлбитин билбиччэ

Көҥүллүк сыстыһар сүрэхтэр

Килбиктик быһаарсар тылларын.

Билбэтиҥ баара дуо, ааҕааччыа,

Чэпчэки сэбирдэх быһыйдар

Чэбдик уох кынаттаах кыахтарын,

Буулаҕа хотойук ньургуннар

Балысхан түҥнэрэр күүстэрин.

Илгэни, быйаҥы уруйдуур

Иһирэх, иэйиилээх күннэри,

Талааны, кэрэни айхаллыыр

Таһыччы талбалаах ыһыаҕы

Уххаҥҥа, умнууга тэбэрбит

Утары охсуулаах буолаарай?

Коммунист партия ыйыытын

Күргүөмнээн ылынар сахтарга

Көннөрү үлэҕэ туһаайан

Көрүнньүк көрүлүүр буоларбыт.

Бэһискэ үөрэнэр сылларбар

Биир оннук аҥардас арбыйар

Быһымах тыл этии кэнниттэн

Биэс уолга кыбытан, кытыаран

Биэтэги көрдөрөн бараннар

Былааҕы түһэрэн кээстилэр.

Биэтэккэ бүтэһик тиийэммин

Бөөхүллэ киһинэн сананным.

Кыайтарыы амтанын билэммин

Кыбыстан кытыынан сырыттым.

Бэһиэлэй оонньуулаах ыһыаҕы

Букатын умнууга хаалларан,

Бургуннуу оргуйар санаабын

Буулаҕа биир сыалга түмэммин

Бэйэбэр андаҕар бэринним:

“Apaҥac сулустаах халлааҥҥа

Аартыгы арыйар кэриэтэ

Аҥардас кыайыыга-хотууга

Айбардаан киллэрэр тосхолу

Аныгы өттүгэр көрдүөххэ.

Кыайтарыы, кыбыстыы муҥнарын

Кыһыытын-абатын мин биллим.

Кэнники тэбиллэн хаалары

Кэнтиккэ муннаран кээһиэххэ!”.

7

Итиигэ, ырааска олорон,

Ийэлии-аҕалыы кыһамньы

Илиитин иһигэр киирэммит

Интернат иитиитин ылбыппыт.

Уот сэрии охсуулаах сылларын

Төгүрүк тулаайах эрэйдээх

Ким хайа иннинэ ылыллан,

Тиийиммэт-түгэммэт дьоннордоох

Уолаттар, кыргыттар киирэннэр,

Уһуктар сардаҥа кустугун

Солотyy утаҕын тутаммыт

Сааскылыы сайаҕас эйгэҕэ

Кыһаллан үөрэнэр этибит.

Кыбыста, кирийэ муҥнаммыт,

Кытаанах сыһыаҥҥа үөрэммит

Кыһалҕа муннарбыт муҥнааҕа

Астына аһыыртан, тотортон

Атын дьол баар буолуон билбэтим.

Сыгынньах, иринньэх бэйэккэм

Сылытар, ириэрэр түү таҥас

Арааһын сыымайдыы таҥнаммын:

“Аны, дьэ, тымныы кэл”, – диэхтиирим.

Кыһыылаах-абалаах сэнээһин

Кыыбаҕа дьаллыгын анныгар

Киһилии сирэйбин сүтэрбит

Муҥутах, толлугас киһичээн,

Муҥутуур бэрээдэк ирдэнэн,

Сүһүөхпүн бигэтик булунан,

Сүр күндү иһирэх сыһыаҥҥа

Доҕордуун, атастыын сэлэлээн

Тоҥолох ылсыһа сылдьаммын,

Дьоһуннаах инники олохпор

Олугу охсунан барбытым.

8

Кыталык кылыһах ырыатын

Кыраман үрдүккэ күөрэтэр

Күрүлгэн хоругар турбаппын.

Күргүөмнээн көҕүлүүр күүрээннээх

Көҕүтэр ыҥырар үҥкүүгэ

Киирэммин кыттыһан барбаппын.

Көҕөрөр-наҕарар көстүүлээх

Килбиэннээх көнөкөөн ньуурдардаах

Көбүөрдүү тэлгэммит кырдалга

Кыым уотун суһумун оонньотор

Кыл түгэн субуллар сүүрүүнү

Кыыратан ыраастык ойууну,

Кылыйан кылбатан ааһары

Кыдьыктаах кэриэтэ ордорон

Кынаттаах баҕанан туолабын.

Сэбирдэх кэриэтэ тэлээрэн

Ситтэххэ аһаран иһээччи,

Ситэри муҥурун булларбат

Улахан Ньукулай кылыытын

Уһуутаан уруйдуу хааларбыт.

Уллуҥах аҥарын биэрбэтин

Уруттаан хайҕанан кэпсэммит

Уорҕаттан төрүттээх Дьөгүөрдээн

Уоҕуран-уһуллан ойорун

Уйгуура кэтэһэ мөхсөрбүт

Дэбигис көстүбэт талааны.

Түү мээчик кэриэтэ дэгэйэн

Тууспанныы ыстанар Уйбааны

Тулуйа түспэккэ бэриэттээн

Ураатыы хаһыытаан күүтэрбит.

Кыбычыын, кыһалҕа олохтоох

Кырачаан үөрүнньэҥ саханы

Күн чаҕыл олоххо сирдээбит,

Кэрэҕэ-үрдүккэ угуйбут

Кый бырах кэмнэртэн ылата

Олоҕу киэргэтэр, сандаардар

Одун хаан дьоннордоох этибит.

Өйдөөхтөн-үтүөттэн күүс ылан

Өрүттэн өргөйөн турарбыт.

Үлэни, сыраны тутуһан

Үүнүүгэ-сайдыыга тиийэрбит.

9

Күрэххэ ананан, ыйыллан

Кэллэ дии күндэлэс күндү күн.

Күөх дуолбут муҥутуу киэркэйэн

Күүтүүлээх ыһыаҕы көрсүһэр.

Көмүстүү күлүмнүүр эбэбит,

Киэлитин тупсаран-ситэрэн,

Көччөҕүн түһэрэн дуоһуйар.

Кичэллик симэммит сибэкки

Күргүөмнээх үөрүүгэ кыттыһар,

Күн уотун толбонун оонньотор.

Кырдалы үрдүнэн ыһыллар

Күөрэгэй чыычаахпыт ырыата

Күрэхтэн айманар айдааннаах,

Күйгүөрэр, долгуйар бар дьону

Көҕүтэ, күүркэтэ угуйар,

Өрөгөй өй-санаа күүрээнэ

Өрөгөй түстэнэр түгэнэ.

Күрэхтэн күрэххэ билэбит

Көччүйэр эдэр саас бэртэрин.

Кыайыыттан кыайыыга истэбит

Күн сулус ньургуннар ааттарын.

Оргуйар сүпсүлгэн үөһүгэр

Олоҕун oҥостop уол оҕо,

Эриллэр ытылҕан кэмигэр

Эрэли тутуһар эр бэрдэ.

Түөрэҕим түстэнэр төлкөтө

Төрүтэ бу манна буолуохтаах.

Туртас кыыл туйаара көтөрүн

Турукпар киллэрэн кэбиһэн,

Кыырайа уунаҥныы ыстанан

Кыайыыны ситистим мин бүгүн.

Кый үрдүк ырабын толорон

Киһилии сананар кэскилим

Килбиэннээх аартыгар таҕыстым.

Көй сырдык инники олохпор

Кэрэһит сулуспун булуннум.

Ким эрэ кыайтарыы-хотторуу

Кураххай ап-аһыы амтанын

Куртаҕар аһаран кэбиһэн

Кубаххай сирэйэ ханньаҥныыр.

Ким эрэ кыл-мүччү сыыстаран

Кытыыга анньыллан абаран,

Кыһыйыы-хомойуу муҥуттан

Күндэли сыдьаайа алдьанар.

Ким эрэ соһулла мэлийэн

Көлөһүн-балаһын сарт түһэн

Көбүөхтүү-ибиэхтии тыыммахтыыр,

Көнөтүк хаампакка тоҥхоҥнуур.

Ким эрэ кэнники тэбиллэн,

Кэм эрэл утаҕын тутаары,

Кэлэр дьыл аатыран тахсыаҕын

Кэпсээхтии сатаахтыыр кэлтэччи.

Олохпут, аналбыт ыйааҕа –

Охсуһан, сыыстаран үөрэнии.

Уол оҕо эркээйи соруга –

Уруйдаах олоххо тардыһыы.

Илларион Николаевич ТАРАБУКИН, Чурапчы оройуонун национальнай ыстаныыларга сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ, республика күрэхтэһиилэригэр оройуон чиэһин ситиһиилээхтик көмүскээбитэ.

*  *  *

Тарабукиннар тустарынан (Чурапчы, Мэлдьэхси): 5 комментариев

  1. Аноним

    Олус бэрт суруйуу. Тамара Семеновнаҕа улахан махтал!

    1. Александр

      Илларион Тарабукин а5атын туьунан учугэйдик ис диринник суруйбут, бэрт суруйуу

  2. Лена

    Наьаа учугэйдик суруллубут, харахпар ойуулаан кердум. Наһаа да ыарахан кэм ааста5а. Киһи уйадыйа аа5ар. Тамара Семеновна5а улахан махтал, аччык киһи куйуурдуу турара олус бэркэ суруллубут. Бу дьонугар балык а5алан абыраата5ын.

  3. Лариса

    Киһи долгуйа ааҕар . Үтүө салайааччылаах дьон- сэргэ хоргуйууттан быыһаммыттара . Кинилэр ааттара кэнчээри ыччакка кэпсэнэ турдун !

  4. Өкүүчэ

    Мэлдьэхси «Тахсыбыт Сардаҥа» колхоз преседатэлэ Николай Семенович таһаарыылаах салайааччы туьунан,сут дьыл тыыннаах хаалыы эрэйин муҥун олус итэҕэтиилээх ахтыылар.Детсадка диэн ахтыыга повар Маайа диэн биһиги ийэбит Пестерева-Мария Николаевна суруллубутун долгуйа аахтым,Елисей Тарабукин хоргуйан өлбүтүгэр оҕото Уйбаан айммаммытын уйадыйан кэпсиирэ.Махтал!Дьоммут ааттарын үйэтиппиккитигэр.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *