ОҔО ЭРДЭҔИНЭЭҔИ ТАБААРЫҺЫМ
Ийэбин кытта ликбезкэ бииргэ үөрэнэн, 5-6 саастаахпар ааҕар, кыратык суруйар буолан хаалбытым. Халбаакы начальнай оскуолатын 3 сыл үөрэнэн бүтэрбиппэр, дьонум Бүлүү куоратын 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэттэрэ киллэрбиттэрэ. Ньуур уола Сэргэй оскуолата дэнэр дьиэ саҥа тутуллан бүппүт этэ, онно 5-с кылааска үөрэнэр буолбутум.
Тыаттан киирбит оҕо куттаһым, килбигим, көрсүөм диэн сиэри таһынан эбит (билиҥҥи оҕо майгытын кытта тэҥнээтэххэ). Сайдыым, билиим-көрүүм да мөлтөх эбиттэр. Мин куоракка киирэн эрэ баран велосипеды көрбүтүм, учууталбыт Берёзкин Виктор Николаевич миинэ сылдьарын. Урут тимир ат куоракка баар дииллэрин Халбаакыга истэрим, ол кыыллара тимир төбөлөөх, тимир атахтаах буолуо дии саныырым. Онтукам отой атын тэрил буолан таҕыста: икки көлөһөлөөх, иннигэр токур гынан баран, туора тимирдээх. Учууталым хайдах ити икки көлөһөлөөхтөн охтубакка элээрдэрин көрө-көрө салларым. Учууталбытыгар хаартыскаҕа түһэрэр аппарат баара уонна кини мандолинанан оонньуура. Үөрэтэрэ үчүгэйэ бэрдэ. Чэбэр баҕайытык таҥнан баран, көтөн эриэх курдук туттан хааман дэгэлдьитэрэ. Күлэн-үөрэн оҕоҕо сыһыана олус үчүгэйэ.
Куорат оҕолоро ону-маны көрбүт-билбит, истибит буоланнар сытыылара сүрдээх, охсон-тэбэн, анньан ааһыах курдук этилэр. Ол гынан баран миигин кырам бэрдиттэн аһына саныыр курдук быһыылаахтара. Кылааспытыгар эмиэ тыаттан киирбит, миигиннээҕэр хорос, кыыс курдук сытыары-сымнаҕас майгылаах, кубаҕай дьүһүннээх, учууталлар ыйыттахтарына холкутук, чуо-бааччы эппиэттэһэр уол баара. Ол уол мэник-тэник оҕолорго сыстыбат, үксэ кыргыттар тастарыгар сылдьар этэ. Арай миигин булан ылан табаарыстаспытынан барбыта. Ол оҕо уҥуоҕунан да, өйүнэн да миигин баһыйар буолан, мин сотору баолаат кинини отой убайым курдук тутуннум.
Ол курдук аймалаһан үөрэнэ сырыттыбыт. Ганя үөрэҕэ, бэрээдэгэ барыбытыттан ордук буолан таҕыста. Үөрэхтэригэр үчүгэйдэри пионерга ыллылар, аны звеньевойбут Ганя буолла. Күһүн ааһан, кыһын буолан, Саҥа дьыл чугаһаата. Афанасьева Еля, Сивцева Христина, Бубякина Маруся, Томская Маруся, Кириллина Лариса уо.д.а. кыргыттар бөлөхтөрө оччолорго оскуола самодеятельноһын бэйэлэрэ баһылаан-көһүлээн ыыталлара. Ити кыргыттар Ганя биһиккини онно ыбылы ылан кытыарар буоллулар. Мин Саҥа дьылга куобах буолан үҥкүүлээбиппин өйдүүбүн, оттон Ганя туох буолбутун умнубуппун.
Оччолорго саас аайы хас да предмеккэ экзамен тутар этилэр. Онно Ганябыт оскуолаҕа, сороҕор бэскэ таһааран, уруокпутун үөрэттэрэрэ, консультация биэрэрэ, отой учуутал курдук өйдөтүүлээхтик билбэппитин быһаарара, билиибитин бэрэбиэркэлиирэ. Итинник үөрэнэн 7-с кылааһы бүтэрбиппит. Ганя, 9-с кылаас аһыллыбытыгар, орто оскуолаҕа үөрэнэ хаалбыт, оттон биһиги тыа оҕолоро үксүбүт олохтоох педагогическай училищеҕа үөрэнэ киирбиппит.
Ганя ийэтин уонна балтын кытта училище уулуссатыгар, Уолбут үрдүгэр, биир кыра дьиэҕэ олорбуттара. Бэйэтэ кыракый туспа хостоох этэ. Оччолортон кинигэ мунньар идэлээх эбит этэ. Кинилэртэн уларсан мин эмиэ ааҕарым. 1942-1943 ыарахан сылларга кинилэр биһиги курдук хоргуйбатахтара, ийэлэрэ поварынан эҥин үлэлиир быһыылааҕа. Табаарыһым, аччык кэллэхпинэ, аһатан абырыыра. Килиэп тоорохойо, хааһы сыыһа биһиэхэ күндүттэн күндү ас курдук буолара. Арай биирдэ аахпыт кинигэбин аҕалбыппар Ганя миэхэ хас да кинигэни көрдөрдө уонна: “Балары аахпытыҥ дуо?” – диэтэ. Ону көрбүтүм: бүтүннүү марксизм-ленинизм классиктарын кинигэлэрэ эбиттэр. Олор онон-манан кыһыл, күөх харандааһынан бэлиэтэммит сирдээх этилэр. Дьэ, ону көрөн баран, испэр саллыбытым уонна итилэри кыайан ааҕыам суоҕа диэн ылбатаҕым. Онон чинчилээтэххэ, Ганя өссө 7-8 кылаастан марксизм классиктарын сорох кинигэлэрин аахпыт этэ.
Киһи киһиттэн ордуктаах буолан эбитин Ганяны кытта доҕордоспуппуттан чуолкайдык өйдөөбүтүм. Кини оҕо эрдэҕинэ биһигиттэн, биир саастыылаахтарыттан билиитинэн-көрүүтүнэн, майгытынан-сигилитинэн, культуратынан, өйүнэн-санаатынан таһыччы үрдүк таһымҥа турара.
Кэлин Ганя биһикки тус-туспа сирдэргэ Армияҕа сулууспалаабыппыт. Элэҥ-сэлэҥ суруйсан билсиһэр этибит. Мин 1950 сыл сэтинньи ыйга демобилизацияланан дойдубар кэлбитим. 1951 сыл сааһыары Ганя демобилизацияланан эмиэ Бүлүүгэ кэлбитэ. Бүлүүгэ кэлиэҕиттэн кинилиин куруук бииргэ сылдьыбыппыт. Онно кини политическай өй-санаа да, байыаннай да өттүнэн балачча буспут-хаппыт киһи быһыытынан көстөрө.
Онтон миигин комсомол обкомугар инструкторынан 1951 сыллаахха илдьэ бараллар, кинини сотору Үөрэх министерствотыгар кадр отделыгар үлэҕэ ылаллар. Дьокуускайга биир бириэмэҕэ Ганяҕа биэрбит дьиэлэригэр бииргэ олоро сылдьыбыппыт. Кэргэнэ Зинаида Андреевна кэлиэҕиттэн аҥы-аҥы бардахпыт дии. Мин эмиэ (1953 сыллаахха) кэргэннэммитим.
Дьон сымыйа хобулааһыныгар түбэһэн, үлэбиттэн уһуллан, Даркылаахха учууталлаабытым. 1953 сыллаахха Дьокуускайдааҕы учительскай институкка үөрнэнэ киирбитим. Ол ыарахан сылларга Ганя табаарыс, киһи, доҕор быһыытынан бэриниилээҕин көрдөрбүтэ, миэхэ эрэлин улаппыттаҕа.
Ганям ССКП салайар үлэтигэр өрө үүнэн иһэр сураҕын истэ-истэ ис сүрэхпиттэн үөрэр этим уонна кини ыытар политикатын миэстэҕэ олоххо киллэриигэ дьулуһан туран үлэлиирим. Ол туһунан кини тыыннааҕар биирдэ даҕаны кэпсэппэт, сэлэспэт этибит.

1966 сыллаахха партия Тааттатааҕы райкома миигин, орто оскуолаҕа директордыы сырыттахпына, саҥа бөдөҥсүйбүт Пётр Алексеев аатынан колхоз (кэнники совхоз) парткомун секретарынан, буолумматаҕым үрдүнэн, талларан кэбиспитэ. Комсомолга хомойбут буоламмын комсомольскай да, партийнай да үлэҕэ отой баҕарбат этим. Учууталлыыры сүрэхпинэн сөбүлээн үлэлиирим.
Партия Устаабыгар бас бэринэн кини райкомун салалтатынан, колхоз партийнай тэрилтэтин уураахтарынан салайтаран бүтүн Таатта оройуонун аҥарын ылар, 6 отделениелаах колхоз коммунистарын салайарга туруммутум. Үлэ, кистээбэккэ эттэххэ ыарахан, элбэх этэ, сороҕун билбэт да этим.
Колхоһу, совхоһу Саха сирин биир талааннаах хаһаайыстыбанньыга, уруккута Бүлүү Мукучутун киһитэ Жирков Семён Гаврильевич салайар этэ. Үлэбитигэр кыра ситиһиилэр баар буолбуттара, ол гынан баран далааһыннаах дьыала, төһө да сүүрэ-көтө сатаабыппыт үрдүнэн, кыаллара элбэх ыарахаттардаах этэ. Ол иһин икки сыл үлэлээн баран, толкуйдаан-толкуйдаан биир суолга быһаарыммытым: Г.И.Чиряевы хаһаайыстыбанньыгы кытары сирэй билсиһиннэрбит уонна бу икки талааннаах дьону сирэй кэпсэтиһиннэрбит киһи диэн.
Биирдэ, сайын семинарга киирэ сылдьан, Г.И.Чиряев I секретарь буолан олордоҕуна приёмнаттым. Хаһаайыстыбаны кэпсээтим, туох ыарахаттары көрсөрбүтүн эттим, Жирков С.Г. диэн орто үөрэхтээх гынан баран, тыа хаһаайыстыбатыгар талааннаах салайааччы баарыгар, хаһаайыстыбаҕа бэйэтигэр тахсан көрөн-истэн, сүбэ-ама, көмө биэрэригэр көрдөһөрбүн туруорустум. Онуоха үгэһинэн: “Һэ-һэ, дьэ, үлэ элбэх, хаһаайыстыба да үгүс. Аны күһүҥҥэ диэри бириэмэбин сатаан аттарыннахпына, тахса сылдьыам. Только булгуччу тахсыам диэн тылбын биэрбэппин”, – диэтэ, блокнокка тугу эрэ бэлиэтэнэн кэбистэ.

Биһиги үлэлээбиппитин кубулуппакка үлэлии-хамсыы ырыттыбыт. Арай күһүн, балаҕан ыйын бүтүүтүгэр, райкомтан телефоннаатылар: сарсын Чиряев Г.И. эһиэхэ тахсар, самолёт түһэр площадкатын көрүҥ-истиҥ, Ытык-Күөлтэн райком I секретара Решетников В.П. уонна райсовет председателэ Борисов Е.Е. бу киэһэ эһиэхэ бараллар диэн. Кырдьыга баара, ууга-уокка түһүү буолла. Тугу көрдөрөбүт, ханан сырытыннарабыт, эбэбитигэр Алдаҥҥа дьаарбатыахха эҥин диэн кэпсэтии буолла. Арыаллыыр дьоннордоох буолуо, олоро даҕаны, төһө өр буолара даҕаны биллибэт. Испэр били мин кэпсэтиибин учуоттаан истэҕэ буолуо диэн кыбыста санаатым. Оччолорго обком I секретара курдук дьон чопчу биир хаһаайыстыбаҕа кэлиилэрэ диэн тарбахха баттанар сэдэх түбэлтэ буолара. Хайыахпытый? Баарбытын-суохпутун чөмчөтө сатаабыта буоллубут, оройуон аҥаарыгар тэҥнээх хаһайыстыбаны хайдах биир түүн саба тутуоххунуй, сорох отделениеларга телефонунан биллэрэ сатаатыбыт, сорохторугар отой да тиийбэтибит.
Сарсыныгар күнүс Ытык-Күөлгэ соҕотоҕун кэлбит уонна оройуон салайааччыларын Решетников В.П-һы уонна Борисов Е.Е-һы илдьэ райком массыынатынан Уус-Тааттаҕа айанныыр буолбуттар. Кэлэн иһэн Уолба отделениетыныын билсибит. Киэһэликтии дьоммут Уус-Тааттаҕа бу тиийэн кэлбиттэрэ.
Оччолорго совхоз киинигэр остолобуой да, гостиница да суох этэ, онон совхоз киин аппаратын бухгалтера Чахова Елена Трофимовна уонна Ленин орденын кавалера Гуляева Анна Афанасьевна олорор уопсай дьиэлэригэр үс орону оҥотторбуппут. Онно ас бэлэмнээбиппит, 2 массыына суоппардарын ыалга хоннорорго быһаарбыппыт.
Кэлэн иһэн Гавриил Иосифович гостиница, остолобуой туһунан ыйыппыт, ону суох диэтэхтэрэ дии. Онуоха Гавриил Иосифович: “Партком секретарынан үлэлиир Алексеев Николай Иванович оскуолаҕа бииргэ үөрэммит биир кылаастааҕым (однокласснигым). Мин онно хонорум буолуо. Эһиги, оттон, хонор сирдээх буолуохтааххыт”, – диэбит.
Оччолорго арыгы ас чэпчэки да, дэлэй да этэ. Совхоз директора С.Г.Жирков да, мин да, специалистар да арыгыга тууһугурбат дьон этибит. Остуолга сахалыы астары туруордубут.
Оччолорго Ытык-Күөл (оройуон киинэ) уонна Уус-Таатта (совхоз киинэ) икки ардыларыгар оҥоһуулаах суол суох этэ, 8 көс сиргэ ооҕуй-оҕус бадараанныыр дойдута турара. Хата кураан күһүн буолан, массыыналар ханна да батыллыбатахтар.
Айантан кэлбит дьону аһатыы буолла. Алдан хатыыһа остуолбутугар суоҕуттан кыбыстан олорор этибит. Собо чааһа буспута да, ыһаарыламмыта да, үөлүллүбүтэ да баар этэ. Гавриил Иосифович остуол аһын эргиччи көрөн баран: “Оо, дьэ, хата, бу төрөөбүт аһым собо баар эбит”, – диэн баран, собону – ыһаарыламмытын, үөлүллүбүтүн – дэлби сиэтэ, атын астан оччо аһаабата. Аһааһын былаһын тухары биир кыра үрүүмкэ ханньааҕы эрэ истэ. Ол киэһэ хараҥарыар диэри хаһаайыстыбаны, дэриэбинэни көрө үс массыынанан бардыбыт. Киэһэ уон чаас ааһыыта эрэ дьиэбитигэр кэллибит. Биирдии чааскы чэйи иһэн баран, утуйа тарҕастылар. Чаастан ордук бадахтаах биһиги (кини, мин, кэргэним Анна Алексеевна Слепцова) кэпсэттибит. Онно олорбохтоон баран: “Хайа, бу оҕолоргут ханна баалларый?” – диэн ыйытта. Дьону мэһэйдии сылдьыахтара диэн биһиги кинилэри, үгэспит быһыытынан, ыалга ыытан кэбиспиппит. Оҕолору көрдөрбөтүгүт диэн кыра сэмэ биэрдэ. Уруккуну-хойуккуну, билэр дьоммутун, доҕотторбутун ахтыстыбыт. Ол кэпсэтии былаһын тухары кини да, мин да үлэбит туһунан тугу да кэпсэппэтибит, наар хардары-таары бэйэбит олохпут, оҕо эрдэҕинээҕи табаарыстарбыт туһунан сураһыы, кэпсэтии буолла.
Сарсыарда 6 чааска дьонум сууна-тараана сылдьаллар. Чэйдээн баран, эмиэ үс массыынанан хаһаайыстыбаны салгыы көрө Уус-Таатта отделениетын гаражтарыгар, мастерскойугар, фермаларыгар сырыттыбыт. Араас оройуон, совхоз, отделение быһаарыллыбатах боппуруостарыгар тохтоон кэпсэтиһии ыыттыбыт. Киэһэ 7 чаас саҕана С.Г.Жирков этии киллэрдэ: мантан көс кэриҥнээх сиргэ Муонда диэн улахан күөл баар, онно киэһэ кус ыта киириэххэ диэн. Күөлгэ киирэн баран, омуннаатахха, балаҕан саҕа сэһээккэлэри көрөн баран: “Ити туоххутуй?” – диэн Гавриил Иосифович ыйыппыта. Биһиги: “Ити кус ууга түстэҕинэ ытар сэһээккэбит”, – диэбиппит. Онуоха сонньуйбута уонна ыйыппыта: “Оттон көтөн иһэр куһу хайдах ытабын?” – диэн. “Чэ, кэбис, үөрүйэх дьон эһиги итиннэ олоруҥ. Мин оол-ол хомус быыһыгар, күөлү кэрийэн көрөн баран, им сүтүүтэ олоруом”, – диэбитэ. Онно Семён Гаврильевич Жирковтуун барбыттара.
Эппитин курдук, им сүтүөн иннинэ кэлбиттэрэ, хас да кустаах этилэр. Биһиги күөл кытыытыгар чэй өрөн тоһуйбуппут. Кэлээт куруускаҕа бэйэтэ итии чэйи куттан үрэн бурулата-бурулата испитэ. “Итии чэй барахсан үчүгэй тугун сүрэй”, – дии-дии. Уонна: “Чэ, уолаттар, күһүҥҥү кус барахсан көтөн эрэр быһыылаах, онон эһиги сэһээккэҕитигэр барыҥ, мин Сэмэнниин хомуска киирэн олоруохпут”, – диэбитэ. Биһиги күөл уҥуор-маҥаар барбыппыт, кинилэр уонна биир шофёр хомуска тыынан киирбиттэрэ…
Туман түһэн тугу да көрбөт буоламмыт, биһиги тахсыаҕыҥ диэн үөгүлээбиппит. Онуоха тугу да хоруйдаабатахтара. Биһиги тахсан, уоппутун оттон чэйбитин сылытан, илиммитин көрөн тахсыбыппыт. Лэһигирэс собо туппут этэ. Ону сорҕотун иһиккэ буһарбыппыт, сорҕотун үөлбүппүт. Мин икки ачаахтаах хаппыт талаҕы булан, икки үчүгэй аҕай собону үөлбүтүм. Ким элбэх куһу өлөрбүккэ бирииһэ буоллун диэн. Дьоммут чочумча буолан баран тахсыбыттара. Ганя саатын өһүлэн баран маска өйөннөрбүтэ, уокка кэлэн иттибитэ уонна айылҕа барахсантан дуоһуйарын, астынарын кэпсээбитэ. “Дьэ, уолаттар, эбэм бэлэхтээтэ быһыылаах, отой хам-хаадьа сыыстым, һэ-һэ”, – дии-дии кэпсээбитэ. Онуоха Жирков: “Дьэ, ытар киһи эбиккин! Мин да ытабын дии саныыр этим да, имҥэ хабааһыннаран итинник ыппат этим”, – диэбитэ.
Ким төһө куһу өлөрбүтүн аахсыы буолбутугар, Ганя бастаан тахсыбыта. Онон били икки ачаахтаах талахха үөлбүт собобун кыайыылаахха, Ганяҕа, туттарбытым. Онно үөрбүтэ сибилигин даҕаны бу баарга дылы. Сэһэн-тэппэн бөҕө буолбута. “Дьэ, кырдьык, Коля, Муонда эбэ барахсан олус да Тургенев ойуулаабытын курдук эбит. Астынным. Ими батыһа олрон, куһу көрбөккө эрэ, тыаһынан ытар олус да үчүгэй. Сыыспыккын, таппыккын ууга кус “палк” гына түһэр тыаһытан билэҕин”, – диэн эҥин.
“Чэ, билигин дьиэбитигэр барыаҕыҥ”, – диэтэ. Онуоха Сэмэн: “Дьэ, дьиҥ чахчы улахан сымаһыт эбиккин”, – диэбитигэр, күлэ-үөрэ эппитэ: “Сымаһыппыттан хайаан аккаастаныахпыный. Сыа-арыым Бүлүүм эбэ хотун биир маанылаах алааһын кырдалыгар оҕо буолан, атах сыгынньах улааппыт киһи буоллаҕым дии”, – диэн хаадьыласпыта. Кырдьык, ханна да сырыттахха ийэ дойду, төрөөбүт буор, кини халлаана, айылҕата сүрэх-быар бааһа, санаата буола сырыттаҕа! Ону киһи чыына-хаана, балаһыанньата, хайдах да бэйэлээх идеология сотон кэбиспэтэ турдаҕа.
Сарсыарда куолуларынан эрдэ турбут этилэр. Гавриил Иосифович аһаан баран, хонтуораҕа тиийэн бастаан миигин кытта үлэ-хамнас туһунан кэпсэттэ. Партийнай үлэ боппуруостарыгар, сүөһүнү иитии, сири оҥоруу ыарахан үлэлэрин механизациялааһыҥҥа, ыччаты тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр сыһыарыыга, кинилэри олохсутууга коммунистар болҕомтолорун тарпытыҥ сөптөөх диэн түмүктээтэ, элбэх сүбэлэри биэрдэ.
Онтон С.Г.Жиркову кытта иккиэйэҕин эмиэ чаастан ордук кэпсэттилэр. Дьэ уонна Ытык-Күөллээтилэр, ол күн Дьокуускайга көппүт этэ.
Итинтэн ыла хаалыылаах П.Алексеев аатынан хаһаайыстыба улам-улам атаҕар туран барбыта, ону кытта сэргэ салайааччыбыт С.Г.Жирков республикаҕа биллэн-көстөн испитэ. Кэлин совхозпут сүөһү хотонун тутуу, механизациялааһын, сири оҥоруу, кадрдары аттаран туруоруу боппуруостарыгар республика атын колхозтара, совхозтара опыт ылар, үөрэнэр хаһаайыстыбаларыгар тиийэ сайдыбыта. Бу манна Г.И.Чиряев биһиэхэ тахсан көрбүтэ-истибитэ, сүбэлээбитэ, кэпсэппитэ оруолламмыт буолуохтаах. Г.И.Чиряев, республика бастакы нүөмэрдээх үлэһитэ буола сылдьан, аллараттан этиини, кыахтаах, инициативалаах, үлэҕэ бэриниилээх кадры хаһан баҕарар өйүүр, киниэхэ кыах биэрэн үлэлэтэр государственнай өйдөөх салайааччы этэ. Семён Гаврильевич Жирков Гавриил Иосифовичтыын сирэй билсибититтэн, кини биһиги үлэбитигэр сүбэ-ама биэрбититтэн үөрбүт, санаата ордук көтөҕүллүбүт этэ. Г.И.Чиряев даҕаны С.Г.Жирков курдук талааны кини үлэтигэр-хамнаһыгар билбититтэн дуоһуйууну ылбыта саарбаҕа суох.
Г.И.Чиряев кадрдары билсии, аймахтаһыы, оройуоннаһыы, доҕордоһуу бэрээдэгинэн отой сүүмэрдээбэт этэ.
Мин биир кэмҥэ ССКП Бүлүүтээҕи райкомугар үһүс секретарынан үлэлээбитим, кэлин “Знание” общество республикатааҕы тэрилтэтигэр эппиэттиир секретарынан талыллыбытым. Мин, Гавриил Иосифович оҕо эрдэҕинээҕи табаарыһа, киһи-хара буолуохпуттан, эмиэ кини бэйэтин курдук, иннибин бэйэм солоно сылдьыбытым.

Бу ахтыыларым Г.И.Чиряев өлбүтэ 10-ча сыл буолбутун кэннэ, коммунистары үөҕүү кэмигэр сурулуннулар. Өлбүт киһи эппиэттээбэтин быһыытынан, кинини төһө баҕарар була сытыы-сатыы үөҕэн-түрүйэн туран, муоданы батыһан суруйан политическай капиталы ылыахха сөп этэ даҕаны, суобас-майгы онно тириэрдибэт. Хайдах баарынан, олоххо буолбутунан сэһэргэннэ. Г.И.Чиряевы көмүскээммин да, үөҕэммин да кимтэн да экономическай барсы ылбаппын. Кини оҕо эрдэҕинээҕитин билэрдии сырдата сатаатым. Улахан дуоһунаска үлэлээбит кэмигэр киниттэн ыраах, тэйиччи сылдьыбытым. Кини ити кэмин туһунан үгүһү тугу суруйа туруомуй, сатаммат.
Гавриил Иосифович киһи ахта-саныы сылдьарыттан кыбыстыбат киһитэ этэ. Историяҕа хайаан да киирэр киһи.
Николай Иванович АЛЕКСЕЕВ, персональнай пенсионер.
1991 сыл балаҕан ыйын 16 күнэ.

Бэчээккэ бэлэмнээтэ Афанасий Павлович ТАРАБУКИН. 2025 сыл, муус устар ый.

Наһаа ис сүрэхтэн, дьоҥҥо киирэрдик суруллубут. Улуу салайааччы Г.И.Чиряев аата үйэлэргэ ааттана туруоҕа!