“ЛЕНА УСТУН АЙАН”
Таайым Токусаров Павел Данилович (Бааска диэн ааттыыр этибит) 1932 сыллаахха Ньурба оройуонун Чаппанда нэһилиэгэр Мунду Күөл диэн сиргэ үһүс оҕонон төрөөбүт. Аҕата Токусаров Данил Дмитриевич, ийэтэ Иванова Софья Лазаревна диэннэр. Павел кыратыгар ийэтэ ыалдьан өлөр, ону аҕатын балтыгар Маайыкаҕа ииттэрэ биэрэллэр. Онно аатын уларытан, Никитин Павел Михайлович диэнинэн сылдьыбыт. Дневнигин суруйар кэмигэр кини баара-суоҕа 23 эрэ саастаах эдэр киһи. Кэлин бэйэтин дьонун аатын ылынан Токусаров Павел Данилович буолбута.
Токусаров Павел Данилович.
Кини 40 сааһыгар, 1972 сыллаахха орто дойдуттан барбыта. Таайым кылгастык да олордор, бэйэтин кэмигэр суол-иис хаалларан, үйэлэргэ сүппэт үлэлэрэ, ахтыыта хаалбытыттан наһаа үөрэбин, долгуйабын. Миэхэ кини хайдах эрэ истиҥник, «аҕалыы» сыһыаннаһара. Куруук мотоциклга олордорун өйдүүбүн. Истибэт буолан, суругунан суруйсарбыт.
Бу тэтэрээти олус хойут, өлбүтэ хас эмэ сыл буолбутун кэннэ, кумааҕылары хасыһа сылдьан булбутум. Саһарбыт тэтэрээт өр сылларга хараллан сытан, хата сүппэтэх. Булаат даҕаны «Саха сирэ» хаһыакка суруйбутум. “Бэйэтин баҕатынан, сүрэҕэ этэринэн” диэн балаһалаан, хаһыат биир сирэйигэр бэчээттээбиттэрэ. («Дьыллар уонна дьоннор», 2001 сыл атырдьах ыйын 23 күнэ, чэппиэр №156 (2439) «Саха сирэ» хаһыат, автор Афанасьев Милан Матвеевич).
Н.Г.Петров–Буруулгуҥҥа көрдөрбүппэр, бэйэтин кинигэтигэр олус иһирэх тылынан ахтан суруйбута. Онно бэйэтэ да эппитэ, олус үчүгэйдик суруллубут диэн.
Таайбыт Павелы кытта биһиги, племянниктара турабыт: эдьиийим Шура, убайым Володя уонна мин.
Таайым оҥорбут оҥоһуктара.
Мантан аллараа таайым дневнигиттэн Ахтыылар.ру сайтка биэрэбин.
ЛЕНА УСТУН АЙАН
Бэс ыйын 30 күнэ, 1955 сыл.
Бүгүн Нүүйэҕэ күн сыралҕаннаахтык тыгар. Халлааҥҥа лоскуй былыт биллибэт. Тыала суох уу-чуумпу. Лена дуйдаммыт иһит түгэҕин курдук, нэлээрийэ уста сытар. Өрүс биэрэгин устун куйааска буспут сүүһүнэн дьон сөтүөлүү сылдьаллар.
Эргиччи харах ыларынан хайа. Бэс мастар суон лабаалара куотуспуттуу адаарыһан үүммүттэрэ, күн уотуттан сөрүүн күлүгү кыайан биэрбэттэр. Атаххын итийбит кумах суоһаан дарбайан улаатан, атах таҥаһа хам тутар.
Бүгүн Нүүйэ лесоучасток хонтуоратыгар сылдьан, күн бүгүн, мас уһааран, морской болуот 23 №-дээх караванынан Тиксии пуордугар илдьэргэ үлэһитинэн анаан бирикээс таһаардылар.
Киэһэ “Беркут” диэн катерынан Нүүйэттэн аттанан, Туруктаҕа тиийэн, үлэһиттэри ылан биэс биэрэстэлээх, Тиксиигэ барар барар болуотка тиийдибит. Онно Салдыкель лесоучастоктан кэлэр болуоттаах борокуоту кэтэһэн хоҥуннубут.
Биһиги участоктан түөрпүт. Мин, Бычков ойоҕунаан, Смольникова уонна Зотов.
ОТ ЫЙЫН МАҤНАЙГЫ КҮНЭ, 1955 СЫЛ. Күн дьыл арҕааттан тыаллаах. Лена үрүмэтийбит үүт курдук түрдэстэ уста сытар. Халлааҥҥа лоскуй былыт суох, күөх куйаарынан кутуллан турар.
Сарсыарда 5 чааска Салдыкель лесоучасток катера, Караван начальнигын, “Полина Осипенко” пароход капитанын, Салдыкель лесоучасток начальнигын, бухгалтер солбуйааччытын уо.д.а. дьоннору аҕалла. Үс катер биһиги болуоппутун биир баһыттан состорон уонна икки сиринэн торуоһунан баайан кэбистибит. Салдыкель лесоучастоктан 5 киһи, ол иһиттэн хамаанда командира Воронов кэлбиттэр. Воронов – орто уҥуохтаах, сөп эттээх-сииннээх 50-уттан тахсыбыт нуучча киһитэ. Ол иһигэр 2 саха Гуляев, Васильев диэн ааттаах уолаттар кэлбиттэр, иккитэ – нууччалар.
Бычков – орто уҥуохтаах хатыҥыр эттээх-сииннээх, халлаан күөҕэ харахтаах, уһун синньигэс сирэйдээх, цыганныы сэбэрэлээх киһи. Кэргэнэ Смольникова сааһырбыт бүрэ көрүҥнээх дьахтар. Кини киһини кытта кэпсэтэригэр быһыта-орута “ээх”, “суох” диэн эппиэттиир. Иккиэн саастарынан 30-ча сыл иһинэн сылдьаллар. Ол гынан баран дьиибэргиэх иһин дьахтар 29 саастаах эрээри, эрдэ кырдьыбыт диэхпин баҕарабын.
Зотов эдэр, 20-чэтин туолбут уол. Кини орто уҥуохтаах, ыраас нууччалыы сэбэрэлээх, уот кугас баттаҕын кэннин диэки сытыаран тарааммыт, унаарытан саҥарар эрчим уол. Бу барар аргыстар нууччалар.
Бычков куһаҕан, ымсыы, киһиргэс характера таһыгар биллэн эрэр. Катерга олорон иһэн спирт иһэн, бэркэ санаата көнньүөрэн, иһэ аһыйан, баар суох дьоннорго аалыҥныыр. Ардыгар миэхэ кэлэн тойомсуйар: “Дьэ, биһиги айаннаан иһэбит. Биһиги тылбытын истэр буол, бэйэ-бэйэбитин өйөнсүһэр буолуохпут, иһэн-аһаан да көрүөхпүт”, – диир. “Спирт чааһын иһээччим суох”, – диибин. “Көрүөхпүт, Голубчик, хайа, эн биһиэхэ доҕордоһуу туоһун, биир бутылканы иһэрдэр инигин!”… Мин саҥарбатым. “Смотри”, – диэт илиитин сөмүйэтинэн чочоҥнотор.
Мин испэр кыһыйа санаатым. Көрүөхпүт, кэнники туох буоларын.
ОТ ЫЙЫН 2-3 күннэрэ, 1955 сыл. Маҥнайгы күммүтүгэр халлаан хотугулуу арҕааттан тыаллаах, Лена эрэһэ долгунунан саймана сытта. Киэһэнэн халлаан былытыран барда. Салгын сөрүүдүйэн киһи этин сааһынан кычыгылата чэгдиттэ. Биэрэккэ, икки өттүнэн үрдүк да, намыһах да хайалар өрүһү батыһа сырсаллар. Ырыык-ыраах Лена намыһах биэрэктэригэр бытанан колхоз бөһүөлэктэрэ ааһаллар.
Киэһэ болуоппут эргийэн хаалан, ону кэнниттэн таҥнары состорон баран эргитэн инниттэн состордубут.
Иккис күммүтүгэр сарсыарда 5 чааска турдубут. Халлаан бүгүн ордук ырааһыран, мэктиэтигэр үрдээбиккэ дылы буолбут. Ханан даҕаны оту-маһы хамнатар тыал суох. Лена өрүс сиэркилэ курдук кытылларын, араас кэрэлэрин бэйэтин иэнигэр түһэрэн килэдийэ уста сытар.
Болуоппут хаста да эргийэн өрө-таҥнары состорон, син оннун буллардыбыт.
Түөрт буолан тыынан “КОЧЕГАРСКАЯ” диэн дэриэбинэҕэ тахсан киирдибит. 20-чэ дьиэлээх кыра колхоз бөһүөлэгэ эбит. Онтон үүт, сымыыт атыылаһан киирдибит.
Араас дьоннор, араас санаалар, характердар, куһаҕан үгэстэр, тойомсуйуулар сүтэн, хаһан эриэ дэхси киһилии прогрессивнай майгы-сигили, үтүөҕэ, үчүгэйгэ баҕарар үтүө санаалаах дьоннор буолабытый?! Бу үүнэр көлүөнэ. Хомойуох иһин үгүс уолаттар, кыргыттар эргэ олох хаалынньаҥнара эриэн үөн курдук сүрэхтэригэр мэйиилэригэр эриллэн, хатанан саас үйэ тухары куһаҕаҥҥа тэбэ сылдьар.
ОТ ЫЙЫН 7, 8, 9, 10-с күннэрэ, 1955 сыл. Күннэр ааһан иһэллэр. Күн-дьыл, арыт ыраас кыра лоскуй былыттардаах куйаас күннэр, арыт дохсун ардахтарынан кубулҕаттанан ааһаллар. Лена куолутунан үүт үрүмэтин курдук түрдэстэр, ардыгар хараҥатыҥы күөх долгуннар үрүҥ күүгэнинэн дьурааланан уордаахтык мэҥийэр, ардыгар Кини бэйэлээх киэҥ уораҕайыгар сэттэ дьиибэлээх, үгүс кубулҕаттаах көҕөрүмтүйэр күн халлаан долгуҥнаттаҕына, килэдийэр сиэркилэ таас курдук ньууругар, сир-дойду, ото-маһа күлүгүн көрүнэр курдук чуумпура наскыйар.
Оо, ЛЕНА, ЛЕНА! Хайдах курдук кэрэ Улуу өрүһүй! ЛЕНА курдук дьикти айылҕалаах, барҕа бараммат баараҕай баайдаах Улуу өрүһү ханна көрөҕүтүй?! Бэрт ахсааннаах.
АЙАН. Бүгүҥҥүттэн улуу ЛЕНА өрүһү Мухтуйаттан (Ленск) Хоту Муустаах акыйаан, Лаптевтар муораларыгар тиийэ, уһун уу суолун 40-ча хонугунан айаннаан киэптиэхпит. Бу айан миэхэ ЛЕНА дьикти кэрэлэрин, кини киэҥ хочолорун, үрдүк хайаларын, социализм үйэтигэр тутуллубут сүүһүнэн сэлиэнньэлэри, тыһыынчанан араас дьиктилэри кытта билиһиннэриэҕэ.
ОТ ЫЙЫН 4-с КҮНЭ, 1955 сыл. Халлаан сарсыарданан тыала суох намыын ыраас күн. Күнүс 10 чаастан тыал түстэ. Хотуттан тоҥ былыттар лоскуй халҕаһанан устан кэллилэр. Лена аргыый кийииттии наскыйа устубута уурайан, модун баал буолан күүгэннирэ кыынньа сытар. Борохуот дьигиһийэн уонна хачайданан иннин диэки устан иһэр. Модун күүгэннээх долгуннар борохуот буортугар сааллан, уу кыракый хааппылаларыгар үлтүрүйэн таҥнары саккырыллар. Уулаах ыарахан былыттар кэлэннэр, дохсун ардаҕынан кутуллар.
Киэһэнэн тыал уурайда. Лена эмиэ чуумпуран сиэркилэ килбиэнин курдук талбаарыйа уһунна.
ӨЛҮӨХҮМЭ. Лена хаҥас биэрэгэр тэнийэн олорор. Куораты эргийэ намыһах соҕус хайа субуллар (Сопка, Дабаан). Дьиэлэрэ мас тутуулар, 2-лии этээстээхтэр (20-чэ тиийэ быһыылаах). Уулуссалара кыараҕастар. Уулусса икки өттүнэн мас тротуардар субулла тэлгэммиттэр. Нэһилиэнньэтэ үксэ нууччалыы-сахалыы ыккардынан (быһата бааһынайдар) олороллор. Олохтоох нэһилиэнньэтэ сахалар.
ОТ ЫЙЫН 5-с, 6-с күннэрэ, 1955 сыл. Күн-дьыл маҥнайгы күммүтүгэр, сарсыарданан тыала суох ыраас күн буолла. Күн ортоттон тыал түстэ. Лена киэҥ куйаара көҕөрүмтүйэ хараара, модун долгуннарынан барылыы сытта. Иккис күммүтүгэр арҕааттан сирилэс тыаллаах. Лена дьирибинэс долгуннарынан күн уотугар оонньуу сытар. Киэһэнэн лоскуй уулаах былыттар кэлэн самыырынан илбиирдилэр.
Лена Өлүөхүмэттэн алын кэтирээн барар. Арыылар чаастатык түбэһэллэр. Өрүс биэрэгэ уларыйан иһэр.
ОТ ЫЙЫН 12 КҮНЭ, 1955 сыл. Халлаан үүт тураанын курдук бадыа-бүдүө. (Ханна эрэ уот барбыт). Лоскуй былыт баара биллибэт. Арҕааттан кыра биллэр биллибэт тыаллаах. Бүгүн болуоту бөҕөргөтөн бүтэрдибит.
Киэһэ 9 чааска “СТРУЯ” диэн, 300 ат күүһэ күүстээх катер арыалдьыттаах айаммытыгар турдубут.
Быраһаай, ЛЕНА арыыта. Эн күөх оттоох хонуугар аҕыйах күн күөлэһийэ сытан, сөрүүн салгыҥҥынан дуоһуйа тыынан сынньанным.
Лена очуостара
Бу очуостар Өлүөхүмэттэн Покровскайга тиийэ субуллаллар. Мутуга лабаата суох баай тииттэр курдук сыгынньах таас очуостар бииртэн биир кэккэлээн сууллуохха бадахтаах халлааҥҥа анньыллан (силбэһэн) тураллар. Ардыгар хартыынаҕа көстөр Европа улуукан (баараҕай) дыбарыастарын курдук башняланан, куполланан дьэргэһэн көстөллөр. Арыт былыргы таҥара дьиэлэрдээх нуучча эрдэтээҕи куоратын курдук барыһан көстөллөр. Арыт сэрииттэн урусхалламмыт куорат курдук күлүгүрэ барыһаллар.
Очуостар быыстарыгар харыйалар, тииттэр симиллиэхтии үүммүттэр. Киһи туохха да холуура, тэҥниирэ бу ЛЕНА очуостарыгар ааҕан сиппэт кэрэлэри, фигуралары булаҕын. Кыһыллыҥы араҕас таас истиэнэлэр анныларынан үйэлэр тухары бараммат баараҕай уу эргийэ-эргийэ Улуу байҕалга дьэргэйэ устар. Сорох сирдэринэн хайа хаспахтара аҥаһан көстөллөр. Сорох кыараҕас хаспахтартан сыттаах сылаас уулар сүүрэллэр.
КЭРЭ ДОЙДУ. Бу дойдуга олорор киһи араас фантастическай санаалар эдэр киһиэхэ толору буолуох эбиттэр.
ПОКРОВСКАЙ ЛЕНА хаҥас биэрэгэр субуллан олорор. Манна хайата намтаан көстөр. Покровскай дьиэлэрэ өрүс сыырын тэллэҕэр биир тэҥник кырылаан олороллор. Үгүс элбэх дьиэлэр сыыр үрдүгэр бачырыгаһан көстөллөр. Манна киппииччэ завода, Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбаннай опытнай селекционнай станция бааллар. Биэрэккэ икки бааржа кыһыл буору тиэйбиттэр.
ЛЕНА Покровскайтан кэтирээн арыылара элбээн барда. Аатырар ЛЕНА 44 арыыларын быыстарынан айаннаан иһэбит. Борохуот фарватеры тутуһан ЛЕНАны уһаты туора айанныыр. Борохуоттар кэлиилэрэ барыылара элбээн барда.
САХА АССР столицата ЯКУТСКАЙ куорат Лена хаҥас биэрэгэр тэлгэнэн олорор. Кини баһаам элбэх дьиэлэрэ УЛУУ ТУЙМААДА киэҥ дэхси хонуутугар кырылаан олорор. Биэрэктэн эн көрүөҥ икки үрдүк телеграф мачтатын. ЯЦЭС-тын үрүҥ корпуһун ыраас күҥҥэ таҥара дьиэтин кириэстээх куполын. Биэрэккэ борохуоттар, теплоходтар, таһаҕастаах, таһаҕаһа суох баржалар, катердар уо.д.а. бааллар.
Биһиги Якутскайга тохтооботубут.
Якутскайтан алын Марха, Жатай диэн сэлиэнньэлэр бааллар. Жатайга 3 чаас кэриҥэ тохтоотубут. Манна дириҥ уулаах үрэх сэлиэнньэни хайытан киирэр үрэххэ борохуоту, баржаны өрөмүөннүүр уста сылдьар установкалар бааллар. (Чуолкайа туохтарын билбэтим). Үрэххэ борохуоттар, баржалар лыыктыы симиллэн тураллар. Жатайга үксэ саҥа тутуллубут иккилии этээстээх дьиэлээхтэр.
Борохуот болуоту Якутскайтан тэйиччи, Лена биир арыытыгар туттарда. Болуот ордук тутах чорбохторун ылан тэҥнээн оҥордубут. Биһиэхэ тимир баржаны биэрдилэр. Онно үс каюталаах биир камбузтаах, аллараа киэҥ трюмнаах. Биир каютаҕа үс ыттаах, хап-хара сэбирийбит бытыктаах, грузинныы сэбэрэлээх киһи шкиперинэн олорор. Икки каютатыгар, биэстии киһи буолан оннубутун буллубут…
(Салгыытын мантан аллараа ааҕыҥ)
Иэгэйэр икки атахтаахха үчүгэй да, куһаҕан да холобурдар бааллар. Ол курдук Бычков кыратык спирт иһэн баран ойоҕун шкиперга күнүүлээн дуу, хайдах дуу дэлби сынньан кэбиһэ сыста. Ону мин нэһиилэ быыһаатым. Көмүскээбэтэх буоллар өлөрүө эбит. Туох да харса суох сутуругунан сирэйгэ биэрэн, атаҕынан тэбэн хаан, баас бөҕөнү оҥордо. Аныгы көҥүл үйэҕэ хайдахтаах кыыллыы быһыыный?! Хомойуох иһин чаас кэриҥэ буолан баран иллэһэн, сыллаһыах курдуктар. Өйдөммөт олуона быһыы!
От ыйын 11 күнэ, 1955 сыл
Халлаан соҕуруулуу-арҕааттан тыаллаах. Хоҥор былыттар бытааннык усталлар. Бэҕэһээ «Дунай» борохуот кэлбитэ. Болуоту Сангарга диэри илдьэргэ ананан кэлбит. «Полина Осипенко» борохуот «Дунай» икки баржатын илдьэ Сангарга барда. Бүгүн Плотакоманда болуот бөҕөргөтүүтүгэр сырытта.
От ыйын 12 күнэ, 1955 сыл
Халлаан үүт тураанныы курдук бадыа-бүдүө. (Ханна эрэ уот барбыт). Лоскуй былыт баара биллибэт. Арҕааттан кыра биллэр-биллибэт тыаллаах. Бүгүн болуоту бөҕөргөтөн бүтэрдибит. Киэһэ тоҕус чааска «Струя» диэн 300 ат күүһэ күүстээх катер арыалдьыттаах айаммытыгар турдубут.
Быраһаай, Лена арыыта. Эн күөх оттоох хонуугар аҕыйах күн күөлэһийэ сытан сөрүүн салгыҥҥынан дуоһуйа тыынан сынньанным.
От ыйын 13 күнэ, 1955 сыл
Халлаан сарсыардаттан хотуттан тыаллаах. Лоскуй тоҥ былыттар үөһэнэн аргыый усталлар.
Өлүөнэ кэтит иэннээх, ол эрээри аата-ахсаана биллибэт арыылар быданан сыталлар. Онон Лена киэҥ эйгэтинэн борохуоттар быһыта (түһэн) көрөн сылдьыбаттар. Фарватертан фарватеры көрөн, арыт көнөтүн кини сүнньүн тутан, арыт туора биир кытылтан уҥуоргу кытылы көрөн устар.
Уопсайынан Лена уҥа биэрэгэ хайата суох тиит мастарынан симилэхтии үүммүт киэбэ-киэлитэ биллибэт тайҕа буолан барар. Хаҥас биэрэк көҕөрүмтүйэн көстөр үрдүк хайалаах тайҕа субуллар.
Лена арыылара сороҕо хойуу харыйаларынан, тиит мас булкааһыктаах, ол тыаны иирэ, үөт талахтар иилии үүммүттэр. Сороҕо аҥаардас кыра сэппэрээктэрдээх сыгынньах кумахтаах, сороҕо үөт иирэ (мастардаах) үүнээйилэрдээх, үгүс арыылара хатыҥ, тэтиҥ, араас ааттаах кыра мастар булкуһан үүммүттэр.
Киэһэнэн «Оленёк'» борохуот кэллэ. Кини болуотка көмөлөһө кэлбит. «Струя» диэн катер Якутскайга төнүннэ. «Оленёк» борохуот экипаһа аҥаарын кэриҥэ сахалар. Ситэ барбыт нуучча (главн. капитан) уонна эдэр саха уола (пом. капитана) хамаандалыыр. Уопсайынан борохуот экипаһа биир санаата, коллективнайа, инициативата суохтар.
Оттон капитаннар өттүлэриттэн нуучча ситэ барбыт киһи, мунаах-тэнээх, хаамтаҕына иннинэн баран иһэн кэннин диэки түһэр, онтон эмиэ эргиллэ биэрэн маҥнай барбыт хайысхатын диэки барар.
Арай биирдэ Нүүйэттэн Якутскайга киирэр болуоту «Энгельс» борохуоттан уһулан ылан буксирдаан соспута. Онно ханан даҕаны икки чаас кэриҥэ иппэтэҕэ. Лена арыытыгар Якутскайтан чугас кэтилиннэрэн кэбистэ. Борохуот кытылга саалла сыспыта. Онно нуучча Капитан дуома рупорын илиитигэр туппутунан капитанскай мостик устун төттөрү-таары сүүрэкэлээбитэ. Ону таһынан саҥа таһааран: «Берегись буксира», – дии-дии рупорын дуомунан киһитэ суох кормовой палуба диэки саҥарар. Дьыала бүппүтэ, болуот миэлгэ ылларбыта, үс күн хостоммута. Онон биһиги маннык арыалдьыттаах иһэбит. Бүгүҥҥүтэ этэҥҥэ, спрсыҥҥыта туох туолуйуо биллибэт.
От ыйын 14 күнэ, 1955 сыл.
Халлаан түүҥҥүттэн ыла хотуттан тыаллаах. Лена киэҥ далайа үрүҥ күүгэнинэн өрүтэ ыһыахтанан, модун бааллар бииртэн биир үрдээһини оҥорон куотуспуттуу сүүрүгү өрө өксөйөн соҕуруу диэки барылыыллар. Халлаан киэҥ куйаара төгүрүк өттүнэн төгүрүччү хамнаабат итир былытынан бүрүллэн турар. Күн аатын эрэ мин бу баарбын диэбиттии кытарымтыйан көстөр. Тыынар дууһалаахтан арай биир өрүс тыкаарыта Лена долгунун үрдүнэн санаарҕаабыттыы, хоргуйан, аһыаҕын баҕарбыттыы сапсынан дьаабыланар.
Биһигини сарсыарда 4 чааска туруордулар. Якутскайтан «Партизан Щетинкин» диэн винтовой речной пароход кэллэ. Болуоту погода куһаҕанын быһыытынан арыыга астаран тохтоттубут. «Дунай» борохуот Сангар диэки уста турда. Бүгүҥҥү күнү манна өрөөтүбүт.
От ыйын 15 күнэ, 1955 сыл
Бөөлүүн мин дьурууһунайдаан хоннум. Түүннэри Лена бааллана сытта. Күнүс халлаан итир былыттаах, хотуттан тыаллаах күн буолла. Киэһэнэн тыала уларыйан күүһэ мөлтөөтө. Илинтэн ичигэс салгынынан ибигирэтэр. Лена үрүмэтийбит үүт курдук аатын эрэ дьирибинии сытта. Киэһэ 7 чаас саҕана тохтообут арыыбытыттан анньынныбыт. «Партизан Щетинкин » винтовой речной пароход, Тиксиигэ илдьэрдии олохтоохтук айаҥҥа турунна.

Биһигини «Оленёк» пароход арыаллаан иһэр.
От ыйын 16 күнэ, 1955 сыл.
Сарсыардаттан күн сыралҕаннаахтык тыгар. Кыра итир былыт халлааны сиэрэйдиҥи өҥнүүр. Соҕурууттан тыаллаах. Ханна эрэ уот барбыт. Уҥуоргу биэрэктэр ыраах көстөр үрдээһин хайалара сиэрэйдиҥи күөх буолан аатын эрэ барыйан көстөллөр. Лена уҥа биэрэгэ хайаланан (Үрүҥ Хайа) барда. Хайалар панорамалара: арыт сытыы уһуктаах очуоһу оҥорон, арыт эҥин араастык бүгүллэҥнээн биэрэк устун, биэрэктэн тэйиччи субуруһан сыталлар. Хаҥас биэрэк хойуу арыыларынан иилэнэн айанныыр. Үрдээһиннэрэ хам-түм көстөн ааһаллар.
Күнүс 1 чааска Сангаарга кэллибит. «Оленёк » борохуот хаалла.
Сангаар Лена уҥа биэрэгэр тэлгэнэн сытар. Сангары төгүрүччү хайа кэрэ панорамата иилээн турар. Үрдүк сыырдаах биэрэк сирэйигэр Таас чоҕу үлэлэтэр установкалар тутуллубуттар. Борохуоттар манна таас чоҕу ылына тураллар. Сангаар дьиэлэрэ биирдии, иккилии этээстээх улахан тутууларынан биэрэк устун кэккэлээн тураллар. Сангаартан алын 1 км тэйиччи ойуур иһигэр аэропорт баар быһыылаах. Онно улахан грузовой самолёт «Дуглас» түстэ.
Киэһэ 8 чааска «Оленёк » борохуот чохтоох баржаны соһон аҕалла. Бааржа болуоту кытта баалынна. «Оленёк» эмиэ болуоту салайыыга бэйэтин миэстэтин булла. 9 чаас саҕана Бүлүү өрүс төрдүн аастыбыт. Онно уҥа биэрэккэ Бүлүү төрдүн утары үрдүк вышкалаах биэс-алта дьиэлээх экспедиция үлэлиир.
Сангаартан биһиги биир табаарыспыт Гуляев Иван кэллэ. Кини кэргэттэрин Нюрбаҕа атааран сырытта.
От ыйын 17 күнэ, 1955 сыл
Халлаан кыра былыттаах, арҕааттан тыаллаах. Киэһэнэн тыала эбиллэн самыыр түстэ. Лена аатын билбэт курдук барылыы түстэ.
Болуот эҥин араастаан бүгүллэҥнээн иһэр. «Оленёк» куормаласпыта буолан иһэр. «Партизан Щетинкин» борохуот капитана Денисов, модьу-таҕа үөскүлэҥ киһи. Кини саҥата бүтүн Лена куйаарынан иһиллиэх курдук модьу куоластаах. Кини катерынан биһиэхэ кэлэн лот сыабын түһэртэрэн үлэ бөҕөнү көрдөрдө. Бу мөхсө сырыттахпытына болуоппут миэлгэ ылларан, барбат да, кэлбэт да буоллубут. «Оленёк» куорматынан миэлгэ олорон баран бокуойа суох эрдиитинэн өрүс уутун ытыйа олорор. «Партизан Щетинкин» буксирын көтүттэрэн баран болуокка чугаһыы сатыыр. Болуот Лена хабылыйар хаба ортотугар олорон хаалла. Түүннэри болуоту аҥаардаан, аҥаарын чугастааҕы арыыга туттаран кэбистибит.
От ыйын 18 күнэ, 1955 сыл
Халлаан арҕааттаан күүстээх тыаллаах. Ленаҕа штормовой балкыырдар дьалкыйа сыталлар. Былыта суох ыраас күн.
Бөлүүнү быһа үлэлээн таҕыстыбыт. Хаалбыт болуоту состоро сатаан баран киэһэнэн плоту бысталаан уончалыы, сүүрбэччэлии пучоктарынан состордубут. Биһиэхэ «Капитан Мелехов» диэн винтовой пароход кэлэн көмөлөһө сылдьар. Күн ортоттон киэһээҥҥэ диэри утуйдубут. Түүн үлэлиибит.
От ыйын 19 күнэ, 1955 сыл
Халлаан былыта суох ыраас күн. Сарсыарданан хотуттан күүстээх тыаллаах. Киэһэнэн тыала уурайан, өрүс аатыран мичийэ сытар.
Түүннэри, күнүстэри үлэлээтибит. Болуоттан кыраны быһа тартаран арыы кытылыгар тиксэрдибит. «Капитан Мелехов» сарсыарда баржаларын илдьэ Тиксиигэ барда. Күнүс «перекат» диэн 300 ат күүһэ күүстээх катер кэлэн көмөлөстө. Болуот үстэн биирэ хаалла. Олору арай уу эбилиннэҕинэ ылыллыах курдук. Уу күн аайы түһэ турар.
От ыйын 20 күнэ, 1955 сыл
Халлаан былыта суох ыраас күн буолан баран ханна эрэ өрт барбыт, ол буруота туман курдук уҥуоргу биэрэктэр лүҥкүрэ мунан тураллар. Хотугулуу арҕааттан кыра тыаллаах.
Сарсыарда эрдэ туран, болуоту пучоктарынан араартаан тастыбыт. Биир чаастан үлэҕэ тахсыбатыбыт. Сынньалаҥ биэрдилэр.
От ыйын 21 күнэ, 1955 сыл
Халлаан хотуттан күүстээх тыаллаах. Халлаан итир былытынан эбириэннэнэн турар. Өрт буруота ордук хойдон иһэр, Лена күүгэннирэ барылыы сытар. Уу күн аайы түһэр.
Түүннэри плот урусхалын тастыбыт. Билигин 3 плитка, 50-ча пучоктар бааллар.
От ыйын 22 күнэ, 1955 сыл
Күн-дьыл хотуттан кыра тыаллаах, былыттааҕа былыта суоҕа биллибэт. Өрт буруота күнү барбах кытардан кылаҥнатар.
Плоту хостоон бүтэрэн 177 солк-дыыны ылан формировкаҕа бардыбыт. Бүгүн, киэһэнэн биһиги биригээдэ үлэлээн төрүт акылаатын түһэрдибит. Ол эрээри үлэ бытааннык устууһу, ол иһин, 2 биригээдэни холбоон биир биригээдэҕэ түмэн үлэлииргэ былааннанныбыт. Формировкаҕа 20 киһиэхэ 10 тыһыынча солк-йы ааҕаллар. Биһиги тиксэн турар арыыбытыгар бакенщик сахалар олороллор. Олорго күүлэйдээтибит. Балыктыыллар, от оттууллар.
От ыйын 23 күнэ, 1955 сыл
Халлаан хотуттан күүстээх тыаллаах. Халлаан илиҥҥи эҥээрэ итир былытынан иилэнэн турар. Лена үрүҥ күүгэнинэн эбириэннэнэн хараара дьалкылла сытар.
Бүгүн күн аҥаара 19 киһи буоламмыт үлэлээтибит. Тыал пучоктары сатаан миэстэтигэр туруортарыа суоҕун иһин уурайдыбыт. 2 чаас саҕана «Иссык-Куль» диэн винтовой пассажирскай (пароход) теплоход кэлэн ааста. Биһиэхэ тохтоон бородуукта биэрдэ. Киэһэнэн үс мачталаах паруснай моторнай шхуна кэлэн биһиги таспытыгар тэйиччи якорь быраҕынан турар. Шхуна кыра вензо баржа соһуурдаах.
От ыйын 24 күнэ, 1955 сыл
Хотуттан күүстээх тыал түһэн Лена үрүҥ күүгэнинэн барылыы кыынньа олорор. Халлаан киэһээҥэ диэри уулаах устаҥнас былытынан сабыллан турар. Плотакоманда погода куһаҕанынан үлэҕэ тахсыбыта. Уолаттар күнү быһа хаартылаан таҕыстылар. «Оленёк» борохуот, алдьаммыт борохуоту илдьэн Якутскайга төнүннэ. Биһиги, үс уол бакенщик сахаларга сырыттыбыт. Лотолаан тэҥинэн (сөбүнэн) көрөн төнүннүбүт. Якутскайтан болуот туһунан силиэстийэ оҥоро бэрэстэбиитэллэр кэлэ сылдьаллар.
От ыйын 25 күнэ, 1955 сыл
Күн-дьыл былыттаах, сарсыардаттан ибир-сибир самыыр түһэр. Хотуттан тыаллаах. Лена уруккутун курдук күүгэнинэн дьалкылла сытар. Киэһээнэн самыыр уурайда. Тыал уурайа маарыннаан Лена чуумпуран дьирибинии сытта. Бүгүн үстэн биир күнүгэр болуотка үлэлээтибит.
От ыйын 26 күнэ, 1955 сыл
Хотуттан арыт намыыннык, арыт күүскэ үрэр тыаллаах. Халлааны эргиччи итир былыт иилээн турар. Сарсыарданан тоҥ халҕаһа былыттар хотуттан соҕуруу усталлар. Тоҥ былыттар устуулара уурайан халлаан чуумпура маарыннаата. Лена сырсыаркалас долгуннара уурайан аргыый көрүҥүн тупсарынан дьирибинии мичийэ сытта.
Бүгүн 10 чаас кэриҥэ үлэлээтибит. Болуот аҥаарын кэриҥин оҥордубут. Аны үс күн үлэлэнэр үлэ баар.
От ыйын 27 күнэ, 1955 сыл
Арҕааттан кыра тыаллаах. Үөһэнэн тоҥ былыттар усталлар. Өрт буруота күнү көһүннэрбэт курдук хойуу буолан эрэр. Бүгүн күнү быһа үлэлээтибит.
От ыйын 28 күнэ, 1955 сыл
Соҕурууттан тыаллаах, тоҥ былыттаах күн буолла.
Бүгүн болуоту ортотунан шлаговкалаан бүтэрдибит. Сарсын бүтэр көрүҥнээх.
От ыйын 29 күнэ, 1955 сыл
Соҕурууттан тыаллаах. Үөһэнэн уулаах былыттар усталлар.
Бүгүн болуот оҥоһуллан бүтэн, айаммытыгар туруннубут. Ленаҕа эрэйдээх эргийээһиннэр баар буоланнар хас мүнүүтэ ахсын миэлгэ олорор куттал суоһуур. Биир эргийээһиҥҥэ шхуна миэлгэ олорбут. “Иссык-Куль” Тиксииттэн Якутскайга ааста.
От ыйын 30 күнэ, 1955 сыл
Соҕурууттан күүстээх тыаллаах. Халлаан уулаах былытынан бүрүллэн турар. Лена хараҥа күүгэннээх долгуннарынан барылыы сытар. Сарсыарда тыал баарын быһыытынан биир сиргэ тохтоотубут.
Уолаттар күөгүлээн элбэх өрүс балыгын хаптардылар. Чох баржатын шкипера, ситэ барбыт аҕам нуучча, баржатыттан улахан балыгы тутар күөгүнү быраҕан баран, туох эрэ иҥнибитин тардыһан ырычаахтаһар. Ол ыккардыгар икки эмээхсин биир айахтаах булгу тутар сааны таһааран оҕонньорго биэрээри турдахтарына, киһилэрэ таһааран иһэн төлө тутан дуу, быһа тардан дуу балыктара мэлигир. Онон бэрт доруобай үөхсүү буолар. Икки эмээхсин килээр-малаар көрсөн кэбиһэллэр.
Бүгүн формировка харчытын 512 солк ыллыбыт.
Киэһэ уон чаас саҕана айаммытыгар турдубут.
От ыйын 31 күнэ, 1955 сыл
Соҕурууттан ууну долгуннурдар тыаллаах. Халлаан былыта суох ыраас күн, ол гынан баран өрт буруота күнү барбах кытардан көһүннэрэр.
Төгүрүччү уу, Лена арыылара. Ыраах Арыппыана (арыыта) хайата көһүннэ. Кини анныгар тиийэн кэллибит. Бу хайа туһунан араас үһүйээннэри кэпсииллэр. Син атын хайалар курдук үрдүк туруору дабааннардаах. Тиит, титирик мас үүнээйилэрдээх. Онтон атын да үүнээйилэр бааллар быһыылаах. Биһиги биэс буолан РБТ катерга олорон, ону таһынан борохуоттан 10 киһи буоламмыт Жиганскайга, атыннык эттэххэ Эдьигээҥҥэ ыстаннардыбыт.
Эдьигээн
Лена хаҥас биэрэгэр, үрэх киирэр налыытыгар олорор. Үрэх уҥа өттүгэр сэлиэнньэ, хаҥас үрдүк биэрэгэр аэропорт бааллар.
Эдьигээн дьиэлэрэ барыта биирдии этээстээх аныгылыы да, былыргылыы да оҥоһуулаахтар. Маҕаһыыннара 3-кэ тиийэ уонна хас да ларектар бааллар. Сэлиэнньэни эргиччи намыһах хайатыҥы үрдэл иилээн турар. Хайа үрдүнэн чычырбас лабаалардаах тииттэр, үксэ титириктэр, араас сэппэрээктэр, сугун умнастара, дьөссө кыратыгар тиийэр буоллахха ойуур муоҕа, таба лабыктата үүнэллэр. Эдьигээн нэһилиэнньэтэ үксэ сахалар, нууччалар аҕыйах бырыһыанынан киирсэллэр. Уулуссалара бэрт дэхситэ суох үөһэ-аллара түһээттэрдээх; хоруутуҥу, аппатыҥы миэстэтигэр мас мостик туппуттар. Биһиги киэһэ 11 чаас саҕана борохуоппутугар кэллибит.
Атырдьах ыйын 1 күнэ, 1955 сыл
Соҕурууттан балачча күүстээх тыал үрэр. Халлаан устаҥнас тоҥ уулаах былытынан күнү көһүннэрэр-көһүннэрбэт курдук бүрүйэ маарыҥнаан турар. Лена сарсыарданан күүгэннээх күүстээх балкыырдарынан дьалкылламахтаан баран, күнүскүттэн арыый намыраан дьирибинэс мэник долгуннарынан нэлээрийэ (уста) сытар.
Сарсыарда сорох миэстэлэргэ тохтоору гынан баран, миэстэтэ табыгаһа суох буолан айаммытын салгыы турдубут.
Лена Эдьигээнтэн арыый көнө сүнньүлэнэн барар. Арыылар баар буолтарын иһин аҥардастыы биир биэрэк устун субуллан барар. Хаҥас да, уҥа да биэрэктэр, туруору кыһыллыҥы туой, онтон да атын боруодаларынан, иэдэстэринэн дьэндэйэн тураллар. Билигин хаҥас биэрэк устун айаннаан иһэбит.
Хаҥас биэрэк кумах налыыларынан, тибиилэринэн араҕастыйан көстөр. Биэрэккэ, кумахха балыксыттар балааккалара биэрэк күрбэ тааһыныы тэлгэнэн сытар. Онно уончаҕа тиийэ балаакка, ураһа баар буолар. Уу кытыытыгар балыксыттар муҥхаларын кытта бодьуустаһа сылдьаллар. Хас да ыт сүрэҕэлдьээбиттии иччилэрин тула хаамса сылдьаллар. Дьахталлар ураһа айаҕар тураннар биһигини көрөллөр быһыылаах. Онон түмүктээтэххэ дьиэ кэргэнинэн сылдьаллар.
Бүгүн биһигини арыалдьыттыы сылдьар «Перекат» катер Якутскайга төнүннэ. Борохуоттан биир илиитин оһолломмут уол барыста.
Киэһэлик «Капитан Мелехов» диэн борохуот 9 баржа соһуурдаах Якутскай диэки сыыгыныы турда. Бадаҕа Тиксииттэн иһэр быһыылаах.
Атырдьах ыйын 2 күнэ, 1955 сыл
Күн-дьыл тоҥ уулаах былыттаах, соҕурууттан ууну долгуннурдар тыаллаах. Лена аатын эрэ үрүмэтийэ дьирибинии сытта. Киэһэнэн самыыр түһэн баран уурайда.
Лена уҥа биэрэгэ туруору сыырдаах үрдүк да, намыһах да хайаларынан субуллар. Манна үксэ сэппэрээктэринэн саба үүммүттэр, иинэҕэс лабаалардаах титирик мастарынан симилэхтэммиттэр. Хаҥас биэрэк сыыра суох нэлээр кумах биэрэгиттэн, иирэ талаҕар, титирик маһыгар тиийэ үүнээйилэнэн субуллан көстөр. Арыылар түбэспэт буоллулар.
Лена улахан эргийээһиннэрэ суох көнөтүк устар. Бүгүн Лена уҥа биэрэгэр, үрэх киирэр төрдүгэр баркааска бырастыынанан баарыс оҥостон Радиостанцияҕа тахса сырыттыбыт. Магазин суох эбит. Ларёк дуома баара, туох да суох.
Атырдьах ыйын 3 күнэ, 1955 сыл
Соҕурууттан тыаллаах. Үөһээнэн тоҥ былыттар усталлар. Лена арыт модун баалларынан, арыт эрэһэ долгунунан, арыт үрүмэтийбит үүт курдук түрдэстэ уста сытта.
Уҥа биэрэк быһыттаҕас үрдүк иэдэстэринэн субулла батыһар. Хаҥас биэрэк хам-түм үрдээһиннэрдээх кумах налыылардаах дэхси сир буолан субуллар. Хам-түм кумах арыылар түбэһитэлииллэр.
Бүгүн түөрт буолан баркааска баарыс тииринэн дэриэбинэҕэ тахса сырыттыбыт. Балыксыт сахаларга сылдьан балык атыыластыбыт. Маҕаһыыннара «Булуҥ Рыбкооператива» диэн ааттанан атыылыыр эбит. Онно сылдьан араас миэлэһи атыыластыбыт. Киэһэнэн болуоппутун нэһиилэ ситтибит.
Атырдьах ыйын 4 күнэ, 1955 сыл
Күн-дьыл тыала суох, күнү көһүннэрэр-көһүннэрбэт былыттаах ылааҥы күн буолла. Лена ханан даҕаны дьиэгэ суох дуйдаах иһит түгэҕин курдук килэдийэ уста сытта.
Лена икки биэрэктэрэ хайаланан барда. Хаҥас биэрэк туруору таас иэдэстэринэн бысталанан субуллар. Уҥа биэрэк, биэрэктэн тэйиччи арыт намтаан, арыт үрдээн хаптаҕай хайа панорамата буолан субуллар. Хайаларга киһини куоппат титириктэр үүнэллэр.
Ленаны алын бардах аайы хайалар сыгынньаҕынан, таас мэнэгэйдэринэн көрөр буоллулар. Баркаһынан Күһүүргэ тахса сырыттыбыт. Күһүүр (Кюсюр) Булуҥ оройуонун киинэ. Манна оройуон бары салаалара үлэлииллэр. Лена уҥа биэрэгэр субуллан олорор. Миэстэтэ хайатыҥы буолан уулуссалара уулаах бадараанынан көрөн турар. Нэһилиэнньэтэ үксэ сахалар. Күһүүртэн 7 км-дээх сиргэ Лена хаҥас биэрэгэр, үрдүк хайа хонноҕор олорор Булуҥ дэриэбинэтигэр сырыттыбыт. Болуоппутун эрэйэ суох ситтибит.
Атырдьах ыйын 5 күнэ, 1955 сыл
Күн-дьыл хотуттан тыаллаах. Киэһэнэн илинтэн тыалырда. Үөһэнэн тоҥ да, ириэнэх да былыттар усталлар. Лена 8 балга диэри көтөҕүллэн баран киэһэнэн арыый тохтоото (намтаата).
Хотугу тыалтан хаххалыыр биир бэрт хомо курдук сиргэ тохтоотубут. Болуоппутун кытыл сүүнэ күрбэ тааһыттан троһунан баайдыбыт.
Манна балыксыт сахалар олороллор эбит. Конустуу быһыылаах ураһаҕа бүтүн дьиэ кэргэн симиллэн олорор. Ортотугар төгүрүччү тааһынан кыһааҥҥылаан ол ортотугар уот оттоллор. Буруота үөһэ дьөлөҕөһүнэн субуллан тахсар. Уота умайыан иннинэ буруо аһыы сыта муннугар биллэр. Умайдаҕына буруота суох. Сиргэ, муостаҕа таба тэллэҕин тэлгииллэр. Утуйдахтарына атахтарын уот диэки тэбэн сыталлар эбит. Ураһаны таба тириитинэн, кичэйэн сулуйуллубут уһун синньигэс маһы үөһээ өттүн төбөлөрүн холбоон сиргэ батары анньан баран үөһээ өттүн аһаҕастаан ааннаан тутталлар. Остуол да, олоппос да, орон да суох.
Лена икки биэрэгэ туруору таас эниэлэринэн, конустуу быһыылаах хайаларынан кэрэ панорамалары (көстүүлэри) оҥорон субуллар. Хайалар аппатыҥы миэстэтигэр күн кыайан көрбөт. Хайа сирэйдэригэр хаардар туртаһа сыталлар. Күн үгүстүк көрөр хайа сирэйдэригэр муохтар, араас көрүҥнээх сэппэрээктэр үүнэллэр. Биэрэккэ лачыгырас таастарынан уонна күрбэ таастарынан онон-манан балыксыт балааккатын курдук бытанан бөлөх-бөлөх тэлгэнэ субуллар. Хам-түм хаҥас да, уҥа да хайалар тэллэхтэринэн титириктэр уонна ыарҕалар үүнэн тураллар. Туруору хайа холлорооннуҥу сирэйдэриттэн дьүүктэлэр сүүрдэн түһэллэр.
Атырдьах ыйын 6 күнэ, 1955 сыл
Күн-дьыл хотугулуу арҕааттан тыаллаах. Үөһээнэн ириэнэх былыттар бысталанан усталлар.
Бүгүн өрүс балкыырдааҕын иһин барбатыбыт. «Иссык-Куль» теплоход Якутскайтан Тиксиигэ ааста..
Мин биэрэк саамай үрдүк хайатыгар тахса сырыттым. Төбөтө былыкка киирэн сүтэр. Бэрт өр айаннаан былыт туманыгар киирдим. Онно уопсайынан 5 метрэ халыҥнаах хойуу туман буолан устар эбит. Тыынарга салгына ыарахан. Мин хаста да төннүтэлээри оҥостон баран бачча тахсан баран төбөтүн үрдүгэр тиийэн түстэрбин диэн (харса суох санаабын киллэрэн) тахсан истим. Эмискэ иннибэр сырдыырга дылы гынна, аҕыйах хаамыы кэриҥин тахсыбытым кэннэ хотугулуу арҕааттан сып-сырдык күн уота күндээрэ түстэ. Хайам төбөтө үс метр кэриҥэ былыт үөһээҥи балаһатыттан чорбойон турар. Мин саамай үрдүгэр бэрт эрэйинэн тахсан олордум. Үөһээ тыала күүһэ бэрт эбит, тымныы, тыынарга да ыарахан. Анныбар үрүҥ туман туртайан, ырааҕынан күн уотугар кылабачыйан харахпын саатырдан субулла куталдьыйа сытар.
Чугастааҕы хайалар төбөлөрө былыт үрдүгэр кэбиһиилээх от курдук лөглөһөн көстөллөр. Омоско киһи чугас турар хайа төбөтүгэр былыт устун хааман тиийиэххэ сөп курдук. Дьикти көстүүлэр абылыыллар… Аллара бэрт түргэнник түстүм.
Атырдьах ыйын 7 күнэ, 1955 сыл
Күн-дьыл хотуттан ууну долгуннурдар тыаллаах. Халлаан уулаах устаҥнас былытынан бүрүллэн турар. Киэһэнэн Лена туманынан бүрүлүннэ.
Сарсыарда 8 чаас саҕана айаммытыгар турдубут.
Лена уҥа биэрэгэ бысталана-бысталана үрдүк хайаларынан (иэдэстэринэн) барыһа субуллаллар. Үүнээйилэрэ дьадьаҥы – муох, сэппэрээк, таас мэнэгэйдэр. Хаҥас биэрэк кумах налыыларынан онон-манан сэппэрээк үүнээйилэрдээх, ыраах көҕөрүмтүйэн көстөр үрдүк хайаларынан тэлгэнэ батыһаллар.
Биһиги баркаһынан «Тиит-Арыы» бөһүөлэгэр бара сатаан баран өрүс протокатыгар киирэн хаайтаран, төннөн борохуоппутун эрэйинэн ситтибит. «Тиит-Арыы» бөһүөлэгэ иннибитигэр көһүннэ. Бөһүөлэк Лена хаҥас биэрэгэр, биэрэк дэхситиҥи иэнигэр кэчигирээн олорор. Биэрэккэ катердар, баржалар бааллар.
Лена «Тиит-Арыы» бөһүөгэгиттэн кэтирээн хас да салаа буолан барар быһыылаах. Онон-манан өрүс сүнньүлэрэ бараллар, кытыы биэрэк хайалара ыраатан, сүтэн иһэллэр. Ыраах Столба хайата, эбэтэр арыыта кыра кэбиһиллибит оту чөкөппүт курдук лөглөйөн, боруйан көһүннэ.
Атырдьах ыйын 8 күнэ, 1955 сыл.
Күн-дьыл хотуттан тыаллаах. Халлаан сарсыарданан былыттаах, киэһэнэн былыта кыйданан ырааһынан көрдө. Түүн туох да көстүбэт тумана түстэ.
Биһиги хайа хонноҕор «Мигалкин таабыра» диэн сиргэ тохтобул оҥордубут. Мантан 7 км алын чохтоох баржаҕа баран чох бункеровкалаатыбыт. Болуотпутун аҥаардаан, аҥаарын состорон илдьэ бардыбыт.
Сарсыарда Тиксииттэн «Иссык-Куль» Якутскайга ааста. Киэһэнэн «Римский-Корсаков» грузотеплоход кураанах баржа соһуурдаах Якутскайга барда.
Туман маягы көһүннэрбэтин быһыытынан тохтобул оҥордубут.
Атырдьах ыйын 9 күнэ, 1955 сыл
Күн-дьыл арҕааттан тыаллаах. Былыттар уутуйан кэлэ-кэлэ самыырынан ибиирэн ааһаллар. Сарсыарда туман сүтэн айаммытыгар турдубут.
Лена харах ылбат киэҥ куйаар буолан нэлэһийэр. Уҥа биэрэк хайа панораматынан иилэнэн батыһан үрдээн көстөллөр. Хаҥас биэрэк онон-манан харааран көстөр кумах биэрэктэринии (арыыларыныы) кэлээр уу буолан унаарар. Биһиги бэрт кыараҕас фарватер устун иһэбит. Киэһэнэн өрүс арыытын сирэйдэнэн якорь быраҕынан тохтобул оҥордубут.
Атырдьах ыйын 10 күнэ 1955, сыл
Күн-дьыл соҕурууттан күүстээх тыал сирилэтэр. Лена 7 баалга тиийэ үрүҥ күүгэннэринэн оргуйбахтыы сытар. Сарсыардаттан киэһэ 5 чааска диэри самыыр түстэ. Кэнники былыттар бысталанан устар буоллулар.
Өрүс балкыырдааҕын быһыытынан өрөөтүбүт. Тиксииттэн икки теплоход «Чайковскай » уонна «Поллукс» кэллилэр. «Поллукс» «Струя» диэн катердыын аараа хаалбыт болуот аҥарын аҕала барда. «Чайковскай» буксирын холбонон погода көнөрүн күүтэн турар. Арыалдьыт – «Волна» катер, «Партизан Щетинкин» Якутскайга төнүннэ.
Хотугу сир үүнээйитэ муох (лабыкта), эрбэһиннэр, сугун умнастара, уо.д.а сэппэрээктэринэн бүрүллэн турар. Эргиччи харах ыларын тухары кырыылаах-уһуктаах эбэтэр хаптаҕай хайалар иилииллэр. Көтөр кынаттаахтан муора хоптото уонна биирдиилээн куоҕас көтөн ааһаллар.
Күн манна саҕахха киирэр-киирбэт ыккардынан төгүрүччү көстөн ааһар. Мантан муора 2 көс (20 км).
Атырдьах ыйын 11 күнэ, 1955 сыл
Күн-дьыл соҕуруулуу илинтэн тыаллаах. Халлаан быстаҕас лоскуй бөдөҥ былыттарынан үллэһэ усталлар. Самыыр хам-түм ибиирбэхтиир. Лена арыт чуумпура майгытыйан, арыт 5 баалга тиийэ көтөҕүллэн ылбахтыыр.
Киэһэнэн тохтообут сирбититтэн турдубут. Аҕыйах чааһынан Быков дэриэбинэтигэр тиийдибит. Манна тохтобул оҥордубут. Дэриэбинэҕэ тахса сырыттыбыт. Дьиэлэрэ бары бөдөҥ корпустар. Олохтоох нэһилиэнньэтэ сахалар. Нууччалар аҕыйах бырыһыаннарын хапсаллар. Уулуссалара сааскы маҥнайгы хаар ууллубутун курдук уулаах бадараанынан көрөн турар. Уулусса икки өттүнэн дьиэлэри батыһа кирпииччэнэн симиллибит тротуардаахтарын дуома эргэрэн чалбаҕынан чаалыйа сытар. Маҕаһыыҥҥа сырыттыбыт да, туох да суох. Киэһэ 10 чааска «Поллукс » болуотунуун ситтэ. Онон иккиэн муораҕа киирэн иһэбит…
КЭРЭҔЭ ТАЛАСПЫТА
2002 сыллаахха суруйааччы Н.Г. Петров–Буруулгун кинигэтигэр киирбит ахтыы

Урукку өттүгэр Бүлүү түөрт оройуонуттан биир да суруйааччы суоҕа. Арай 1965 сыллаахха С.П. Федотов диэн, тыа хаһаайыстыбатын специалиһа үөрэхтээх киһи, Суруйааччылар союзтарын чилиэнэ буолбута. Ону даҕаны улуу суруйааччылар төрөөбүт түөлбэлэригэр, Амма Болугуругар олоро-үлэлии сылдьан.
Аҕа дойду сэриитэ буолуон иннинэ поэзиянан дьарыгырбыт эдэр ыччаттар тахсан испиттэр. Ол курдук: Аммос Аммосов, Василий Васильев, Гаврил Иванов, Алексей Софронов, Михаил Иванов, Семён Кушатов, Павел Николаев. Бу кэлиҥҥи үс киһини Ньурба Араҥастааҕар учууталлыы сырыттахтарына норуот өстөөхтөрө диэн хаайталаан кэбиспиттэрэ. Саамай талааннаахтык суруйан испит Алексей Софронов сэриигэ баран суорума суолламмыта. Оттон хаалбыттар даҕаны уһаан-тэнийэн айбатахтара. Бэйэ-бэйэлэрин көҕүтүһэн илин-кэлин түсүһэр, айымньыларын ырытыһар кыахтара суох буолан, уостан- симэлийэн хаалбыттара. Онуоха эбии тэйсэн, атын сирдэргэ үлэлииллэрэ буоллаҕа.
Ол эрээри кэлин даҕаны биирдиилээн-эмэлээн, кимиэхэ даҕаны биллибэккэ-көстүбэккэ бэйэлэригэр бүгэн суруйа сатаабыт дьон баар эбиттэр. Олор истэригэр Ньурбаҕа Чаппаҥда нэһилиэгэр 1932 сыллаахха төрөөбүт, сэттэ кылаас үөрэхтээх Павел Токусаров буолуон сөп. Кэлин Павел кытаанах дьылҕаламмыт, 1962 сыллаахха улаханнык ыалдьан таас дьүлэй буолан хаалбыт. Урут ааттаах мас ууһа, дьиэ тутуһар эбит. Ити сылдьан Ньурбатааҕы СПТУ-га үөрэнэн бэһис разрядтаах токарь идэтин ылбыт, үлэҕэ да, үөрэххэ даҕаны сүрдээх дьоҕурдаах, элбэҕи аахпыт, билиитин кэҥэтиммит, араас кинигэни мунньунар идэлэммит. Биир саамай сөбүлүүр дьарыгынан мастан сахалыы иһиттэри, кыыллары-көтөрдөрү кыһар-чочуйар идэлэммит. Онтунан 70-с сылларга, прикладной искусствоны оройуоннардааҕы көрүү быыстапкаларыгар үгүстүк кыттан, талааннаах дьон ахсааннарыгар бигэтик киирбит. Өссө эрдэттэн хаартыскаҕа түһэрэ үөрэммит. Аны любительскай киинэ устар аппараатынан элбэх документальнай темаларга устуталаабыт. Биир талаана сайдыбыт өттө уруһуйдьут.
2000 сыл бүтүүтүгэр Ньурбаҕа «Норуоттар доҕордоһуулара» музейга Павел Данилович төрөппүт дьонуттан хаалбыт былыргы мас, туос иһиттэри илдьэ сылдьыбыт, ону кини дьоно бэлэхтээбиттэрэ. Олор истэригэр: күүлэй сыарҕата, мал угар сундуук, мунду туута, кыра кыылы бултуур айалар, чаархаан, балык тириитэ халаабыс уонна бэйэтэ мастан кыһан оҥорбут скульптуралара. Бу маллар босхо бэриллэн, билигин музей бас билиитигэр экспонат быһыытынан үйэ-саас харалтаҕа киирбиттэрэ.
Ньурба оройуонугар «Кыһыл сулус» диэн ааттаах хаһыат 1937 сыллаахха тахсыбыта. Онтон 1962 сылтан аата уларыйан «Коммунизм суола» буолбута. Бу хаһыаттарга араас сыллларга элбэх корреспонденнар үлэлээн ааспыттара. Олор истэриттэн кэлин суруйааччы буолбут суоҕун кэриэтэ. Арай 90-с сыллар кэннилэриттэн: П. Чуукаар, Н.Харитонов-Чуор, К.Васильева, К.Уткин-Нүһүлгэн суруйааччылар союзтарыгар ылыллыбыттара. Онтон атыттар хаһыат күннээҕи балаһатыттан, ол киэбиттэн тахсыбатахтара.
Павел Токусаров өссө биир талаана сайдыбакка хаалбыт, ол 1955 сыллаахха суруйан хаалларбыт 1-кы нүөмэрдээх дневнигэ буолар. Оччотооҕуга Павел билиҥҥи Ленскэй улууһун Нүүйэ бөһүөлэгиттэн, леспромхозтан болуоттаммыт бэрэбинэлэри уһааран, Лена төрдүгэр Тиксиигэ тиэрдиигэ үлэһитинэн анаммыт. Улуу Лена устун бэс ыйын 30 күнүттэн атырдьах ыйын 11 күнүгэр диэри айаннара кэпсэнэр. Дневник Быков дэриэбинэтин анныгар тиийэн Лаптев муоратыгар киирэн иһэбит диэнинэн бүтэр. Автор иккис тэтэрээтэ көстүбэтэх.
Идэтийбит журналист, суруйааччы буолбатах киһи диэтэххэ, устан иһэн күннээҕи айылҕа көстүүтүн, от ыйыгар Лена күнэ-дьыла уларыйарын олус чуолкайдык кэтээн көрөн суруйбута киһини сөхтөрөр. Болуоттаахтар сорох сирдэргэ тохтоон, дэриэбинэлэргэ тахсан атыылаһан киирэр эбиттэр. Холобур, Өлүөхүмэ туһунан маннык суруйбут: «Өлүөхүмэ, Лена хаҥас биэрэгэр тэнийэн сытар. Куораты эргийэ намыһах соҕус хайа субуллар. (Сопка, Дабаан). Дьиэлэрэ мас тутуулар. Иккилии этээстээхтэр . Нэһилиэнньэтэ сахалар», – диэн. Хайдах эрэ ааһан иһэр уопуттаах учуонай айанньыт хараҕынан көрөн суруйбутун курдук. Лена барахсан көрүөхтэн кэрэ таһаатын ойуулуур, онто художник киистэтинэн аҕыйахта тардыталаабытыныы арылыйан көстөр. «Лена үрүмэтийбит үүт курдук түрдэстэ уста сытар», эбэтэр «Лена аргыый кийииттии наскыйа устубута уурайан модун баал буолан күүгэннирэ кыынньа сытар». Ардыгар «Лена ханан даҕаны дьиэгэ суох дуйдаах иһит түгэҕинии килэдийэ уста сытта» диэн. Итинник тэҥнэбиллэр элбэхтик көстөллөр.
Атырдьах ыйын 6 күнүгэр болуоттарын балкыыртан харыстаан салгыы устубатахтар. Павел ону туһанан биэрэккэ тахсан үрдүк очуоска ытта сылдьыбытын, онно тумаҥҥа түбэспитин олус үчүгэйдик, бэрт дьиктитик ойуулуур. Оччотооҕу Ленаҕа ханнык пароходтар усталлара, ааттара-суоллара суруллар. Дневник кылгас гынан баран хайдах эрэ Ленанан устууга, кини айылҕата уларыйыытыгар чинчийэр үлэҕэ маарынныыр. Бу суруйууну ким даҕаны эрдэ аахпакка-билсибэккэ, ханнык да хаһыакка тахса сылдьыбатах. Павел Данилович кимтэн да сүбэлэппэккэ, бэйэтин сүрэҕэ тугу этэринэн суруйбута көстөр.
Ити саҕана Ньурбаҕа биир эмэ суруйааччы баара эбитэ буоллар, баҕар, билсэн сүбэ-ама ылыа эбитэ буолуо, онто хантан кэлиэй. Онон бэйэтигэр куулайан, кэҥээбэккэ бу дьарыгын бырахпыт буолуон сөп. Аны тылынан сатаан саҥарбат, кулгааҕынан таас дьүлэй. Итинэн, инвалид быһыытынан, Саха сиринээҕи истибэттэр обществоларын чилиэнэ эбит. Төһө да, ама дьонтон итэҕэстээҕин иһин, обществоҕа туһалаах киһи буолар туһугар хара өлүөр диэри турууласпыт. Общество чилиэнэ буоларын быһыытынан, ханнык эмэ идэҕэ үөрэниэн баҕарарын туһунан заявлениелара харалла сыталлар. Оннооҕор Якутскайдааҕы обществонан чиэрэстээн, үөрэниэн баҕарарын туруорсубут. Волгоград куоракка облВОГ председателигэр Неводчиковка хаста да суруйа сылдьыбыт. Ону баара анарааҥылар үөрэххэ ылыы туолбутунан уонна олорор уопсай дьиэ суоҕунан хас суругун аайы аккаастаан испиттэр.
Онон Павел Данилович дьонугар тугунан эмэ туһалыыр санааттан, хара күүһүнэн олоххо дьулуурун, кэрэҕэ талаһыытын ыһыктыбакка сылдьан, 1972 сыллаахха 40 сааһыгар орто дойдуттан букатыннаахтык барбыт.
Суруйааччы Н.Г. Петров–Буруулгун.
* * *
Бэчээккэ бэлэмнээтэ
тастыҥ балтыта Софья Васильевна ТИХОНОВА.
2025 сыл, кулун тутар ый.



