УМНУЛЛУБАТ СЭРИИ ДУОРААНА

ҮТҮӨ ДЬОММУТУН МАХТАНА АХТАБЫТ

Семёнов Михаил Тимофеевич туһунан

Аҕам 1908 сыллаахха төрөөбүт. Сургуулук киэҥник тэнийбит Дьүөлэкээн аҕатын ууһуттан төрүттээх. Дьүөлэкээн төрдүс уолун Кэлэҕэй Ыстапаан сыдьаана: Дьүөлэкээн Баһылай – Кэлэҕэй Ыстапаан – Степанов Семён (Күтэр Сэмэн) – Тимофей – Михаил. Төрөөбүт сирэ Садын. Моой Тайылалыын бииргэ оонньоон улааппыт. Кыра эрдэҕиттэн бултаан, тыаҕа сылдьыбыт.

Мэхээлэ 1938 сыллаахха Сонтороох аҕатын Титов (Хоппотоороп) Данил Титович кыыһын Орто Өрүүнэни ойох ылбыт. Биир уол оҕо төрөөн, ыйын туолбакка төннүбүт. Кыбытыыга дьоннорун кытта бииргэ олорбуттар. Сэрии саҕаламмыт сылыгар Кыбытыыттан сылдьан Баҕадьаҕа иккиэн от охсор эбиттэр. Ол сылдьан аҕам ийэбэр: “Уһуннук барар сэрии буолла, эр дьону барыбытын сэриигэ илдьэ барыахтара, быйыл тыаҕа бииргэ тахсыһыаҥ, бултуурга үөрэтиэм, бултуур буоллаххына айаххытын булунуох этигит”, – диэбит. Чөҥөчөккө сыал ууран баран туоһапканан ыттарбытын ийэм таппыт.

Ол күһүн үөһэ Ээйик диэки Түмэппий Боескоровтыын, Кынаачай Соргоевтыын уонна кини кэргэнин бииргэ төрөөбүт быраатыныын бэһиэ буоланнар тииҥнии тахсыбыттар.

Ийэм суол устун аттары сэтиилэнэн, хонуохтаах ыйбыт сирдэригэр тиийэн балаакка туруоран, мас мастаан, астарын сылытан, аттары ойбон тэһэн уулатан, аһылыктаах сири булан өртөөн аһатыахтаах. Айаннаан иһэн суол кытыытыттан тииҥнээн кэлиэхтээх. “Күҥҥэ муҥутаан 40-ча тииҥҥэ тиэрдэр этим”, – диэн кэпсиирэ. Элбэх тииҥи Мэхээлэ бултуур, күҥҥэ 100-чэ тииҥи өлөрөр эбит. Тииҥин тириитин алдьаппат гына харахха түһэрэр үһү.

Ийэм аҕам сэриигэ барыар диэри икки кыһын тыаласпыт. Иккис сырыытыгар тыаттан киирэн баран, 1943 сыл олунньу маҥнайгы күнүгэр миигин оҕоломмут. Боескоров Тимофей, Соргоев Игнатий оҕоломмутун кырдьыктамматахтар, оҕону көрөн баран биирдэ итэҕэйбиттэр. Аҕам: “Ээйиккэ эдьиийим баар, онно тиийэ сылдьыахпыт», – диир эбит даҕаны, тиийбэтэхтэр. “Тыаҕа күрээн сылдьар дьон эмиэ баар буолар эбиттэр, сэрэхтээх кэм этэ”, – диирэ ийэм.

Аҕам Мэхээлэ 1943 сыл бэс ыйын 16 күнүгэр бэбиэскэ тутан, арҕаа сэриигэ барбыта. Аймаҕа Боескоров Тимофей Даниловичтыын бииргэ фроҥҥа Белоруссия сиригэр Минскэй анныгар тиийбиттэр. Биир синиэли тэлгэнэн, биир синиэли саптан, “биирбит тыыннаах дойдутугар тиийдэҕинэ иккиспит ханна өлбүтүн дьоммутугар кэпсиэхтээх диэн үлэхтээх этибит” диэн Түмэппий кэпсиирэ.

Аҕам ити тиийэн иһинэн ыалдьыбыт, икки буолан санбакка бара сылдьыбыттар. Сарсын атаакаҕа киириэхтээх күннэригэр киэһэ землянкаларыгар камандыыр киирэн: “Ыалдьар киһи баар дуо”, – диэбитигэр аҕам уонна биир нуучча саллаата хардарбыттар. Хамандыыр иккиэннэрин илдьэ барбыт. Ити курдук Түмэппийдээх Мэхээлэ арахсан хаалбыттар. Түмэппий сарсыарда атаакаҕа киирэн бааһыран, госпиталга эмтэнэр, онно биир саха бырааһа баарыттан ыйыталаһан, Минскэй анныгар баалларын билбит. Түмэппий үтүөрэн баран сапёрдар чаастарыгар түбэспит. Саҥа красноармейскай киниискэ биэрбиттэр. Үөрэҕэ суох буолан, маҥнайгы чааһын нүөмэрин билбэт этэ.

Мин Боотулууга кыра кылаастарга үөрэнэрбэр Көтөрдөөх Хотутуттан сэрии кытыылааҕа Тарасов Пётр Никифорович оскуолаҕа үөрэнэр оҕолорун Саняны уонна Мишаны көрсө киирэ сылдьан биһиэхэ хоноро. Онно мин аҕабын Мэхээлэни сэрии хонуутугар иккитэ көрсүбүтүн туһунан кэпсээбитин өйдүүбүн. Бастакы көрсүһүүгэ снаряд дуу, буомба дуу үлтү тэппит дьиэтин сэмнэҕэр олорон, иккиэн наҕылыччы табаахтаабыттар. Аҕам Бүөтүргэ: “Манна 11 буолан сылдьабыт, сэрии хонуутугар өлбүт, бааһырбыт дьону уонна сааны-сэби хомуйабыт. Урут колхоз үлэтин куһаҕан диирбит. Бу сылдьыахпытын түүйэн этэр эбиппит”, – диэбит. Дойдуларын, дьоннорун-сэргэлэрин ахтыспыттар. Иккиһин 1944 сыл олунньу ый 10 күнүгэр Бүөтүр илиитигэр бааһыран сэрииттэн тахсан истэҕинэ түбэһэ көрсөн, аҕыйах тылы бырахсан ааспыттар. Мэхээлэ: “Дьонум ырааттылар, бу дойдуттан тыыннаах ордор биллибэт, Бүөтүр, быраһаай”, – диэн баран дьонун ситээри сүүрэ турбут. Аҕам суруга аҕыйахта кэлбит.

Аҕам айаннаан иһэн Уус Кукка Боескоров Тимофейдыын бииргэ түспүт хаартыскалара кыра эрдэҕинэ баар этэ. Иккиэн бинсээктээх кэккэлэһэ олорон түспүттэр, майгыннаһар, уҥуохтарынан да тэҥ курдуктара. Мин хайаларын да даҕаны кыайан араарбат этим. Ол кылаастарга үөрэнэ сырыттахпына сүппүтэ. Түмэппий Үөһээ Бүлүүгэ көрдөрүнэ сылдьан, Советскай уулуссаҕа 3 №-ригэр олордохпутуна сылдьар этэ. Онно биирдэ аҕабын кытта сэриигэ баран иһэн Уус Кукка түспүт хаартыскалара баара буолаарай диэн ыйыппытым даҕаны, Түмэппий ол түспүтүн умнубут этэ, оннук хаартыска суох диэбитэ. Лесхозка үлэлии олорон Далыр леснигэ Прокопьев Роман Васильевич аҕам хаартыската суоҕун эппиппэр “эн аҕаҥ Мэхээлэ Бойуоска Түмэппийдиин икки буолан Уус Кукка хаартыскаҕа түспүттэрэ, дойдуларыгар ыыппыттара” диэбитэ. Роман кинилэртэн Мальта станцияҕа арахсыбытым, саастаахтары арҕаа, эдэрдэри илин сэриигэ ыыталаабыттара. Баҕар Түмэппий дьонугар ыыппыт хаартыската ханна эрэ баара, кимиэхэ эмит ордон хаалбыта буолуо. Аҕам сэриилэспит чааһа, ханна өлбүтэ биллибэт. Туох да биллэрии кэлбэтэх.

Мэхээлэ сэриигэ барбытын кэннэ ийэбэр нууччалыы сурук кэлбит. Боломуочунай кэлбитигэр тылбаастаппыттарыгар сэриигэ барыа суохтаах киһи барбыт диэбит, тоҕотун быһаарбатах. Кэлин Бүлүү военкоматыттан ыйыппыппар Докуускайтан төннүбүт диэн сурук кэлбитэ, ону иккистээн кими кытта төннүбүтүй диэбиппэр Соргоев сулууспалаабыт чаастарыгар көрдөтөн уонна П.Н.Тарасов сулууспалаабыт чаастарыгар көрдөтөн көрбүтүм даҕаны, бу чаастар испииһэктэригэр М.Т.Семёнов суох диэн эппиэт кэлбитэ.

Аҕам үөрэҕэ суох, нууччалыы билбэт буолан, үүрбэ сүөһүтүн курдук дьоно хайа диэки бараллар даҕаны ол хоту бара тураахтаабыт быһыылаах. Нууччалыы билбэт омуктар хамаанда тылын кыайан истибэккэ, билбэккэ, сыыһа-халты туттубуттарын, төһөлөөх эрэйи-муҥу көрсүбүттэрин ким ааҕан ситиэй? Аҕам орто дойдуга кэлэн барбыт бэлиэтин биир оҕону хаалларбыта улаатан, үөрэхтэнэн, үлэлээн, ыал буолан, билигин биэнсийэҕэ тахсан Үөһээ Бүлүүгэ олоробун. 72 сааспын туоллум, биэс оҕолоохпун, биэс сиэннээхпин. Оҕолор бары үрдүк үөрэхтээхтэр, сиэннэртэн икки кыыс оскуола, үс сиэн детсад дьоно. Онон аҕам утума салҕанар.

Егор Михайлович СЕМЁНОВ – Тыаһыт,

Россия ойуурун Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ Айылҕатын харыстабылын туйгуна, сэрии тулаайаҕа, сэрии сылларын оҕото.


 

Фронтовик Боескоров Тимофей Данилович туһунан

БИГЭ АЙЫЛҔАЛААХ КИҺИ

Аҕам аах олохторо Ээйдээххэ баар этэ. Баҕадьа эбэттэн соҕуруу сытар дьоҕус күөллээх, былыргыта оттонор ходуһалаах алаас. Сайын от үлэтэ үгэннээн турдаҕына, 1943 сыллаахха аҕам 39 саастааҕар (1904 с.т.) аармыйаҕа барарга бэбиэскэ туппут.

Сэриигэ барааччылар Баҕадьа илин баһынан тахсар айан суолун аартыгынан туос бөтөрөҥүнэн түһэрбиттэр. Эдьиийим Полина аҕатын Көтөрдөөххө диэри атаараары атыгар мэҥэстэн барсыбыт. Эбэм Маарыйа, 50-тан тахсыбыт сытыы дьахтар, Ээйдээхтэн Көтөрдөөххө Оттооҕунан, Ыылааҕынан быһа түһэн көстөөх сиргэ баарыын барбыт аттаахтары кытта тэҥҥэ сүүрэн тиийбит. Сүүһүгэр чугаһаан иһэн аҕыйах сыллааҕыта бу күн сириттэн барбыт Долгунова (Гаврильева) Маарыйа мин эбэм ырата сырдыгын, санаата күүһүн сөхпүтүн кэпсээбитэ. Улахан уолун уоттаах сэриигэ, унньуктаах уһун айаҥҥа аттанарыгар эбэм наҕыллык: “Хоноһо, ыалдьыбакка-сүппэккэ, сотору эргиллэн кэлээр!” – диэн атаарбыт.

Сэриигэ барааччылар салгыы Боотулуунан, Оноҕоччутунан, Мэйигинэн, Хоронон ааһан, Бүлүү эбэни Сибиэ биристиинэнин хаарпаһынан туораабыттар. Сэриигэ ыҥырыы бэбиэскэлээх дьоннорун нэһилиэктэр сэбиэттэрэ оройуон военкоматыгар ааҕан туттарбыттар. Онтон Сунтаартан, Ньурбаттан сэриигэ барааччылары тиэйэн иһэр борохуокка симиллэн, Бүлүү куораттан эбиллэн, Бүлүүнү таҥнары устан, Өлүөнэни өксөйөн Дьокуускайга тиийбиттэр. Истэр тухары дойдуларыттан тууйаска арыылаах эбиттэр, киһи аайы сухой паёк биэрэллэрин аһаан айаннаабыттар. Аҕам куоракка диэри бинсээктээҕэ үһү. Онтун бухааҥка килиэпкэ атастаспытым диирэ. Улахан борохуотунан Өлүөнэни өксөйөн барааччылары Уус Кукка сүөкээбиттэр. Станцияҕа табаарынай вагоннарга олорон, тимир суолунан арҕаа айаннаабыттар.

Хас да суукка айаннаабыттарын кэннэ Москваны таһынан аастыбыт диэбиттэр. Дьэ онтон суол-суол байыаннай чаастарга үрүө-тараа араартаабыттар. Аҕам биир дойдулааҕа, холкуоска бииргэ тииҥниир, оттуур табаарыһа Күтэр Түмэппийин Мэхээлэтин кытта 1 Белоруссиятааҕы фроҥҥа Витебскай хайысхатыгар өстөөҕү Белоруссия сириттэн үүрэр соруктанан тимир суолунан айаныыллар. Аҕам Мэхээлэтинээн арахсыспакка сылдьыбыттар, иккиттэн биирдэрин суоҕар паёк түҥэттэхтэринэ биирдэрэ бииригэр уурар эбит. “Өстөөх ытыалыы, буомбалыы турдаҕына аһыыр түбэлтэҕэ “сүөһү сүүһүгэр оҕустарарыгар кэбинэ турааччы, оттон биһиги өстөөх буулдьата дьаһайыар диэри аһыахха” дэһэ-дэһэ аһааччыбыт”, – диэн кэпсиирэ.

Биирдэ Витебскэй хайысхатынан күүстээх кимэн киирии буолуохтааҕын сэрэппиттэр уонна ким ыалдьарын ыйыппыттарыгар Мэхээлэ “я” диэбит. Ол саҕана тахсыахтата сылдьыбыт. Киһитин санчааска илдьибиттэр. Мэхээлэ муҥнаах онтон эргиллибэтэх. Аҕам араас омук ортотугар үчүгэйдик сылдьыбыт. Кини төрүкү туругаһын, чэнчистик тутта-хапта сылдьарын бэлиэтии көрөннөр хамандыырдар үөрэҕэ суох саха саллаатын атыттарга холобур оҥостор үһүлэр.

Мин кыра сылдьан аҕабыттан хас ньиэмэһи өлөрбүтүн ыйыттахпына: «Снайпердар эрэ хас ньиэмэһи өлөрбүттэрин ааҕаллара буолуо, оттон биһиги сэрии, аармыйа айанныыр суолун, куттала-сүтүгэ суох айанныылларын хааччыйабыт. Ити идэ миинэ өһүлээччи сапёр диэн, онно бүтүн батальон үлэлиир. Сэрии киэҥ сиринэн тайыыр, өстөөх чугуйан иһэн миинэ бөҕөнү иитэ-иитэ куотар, ону тарҕаһан суох оҥоробут. Оннук сулууспаҕа икки сыл сылдьыбытым”, – диирэ.

– Булчут буоламмын тыыннаах хаалбытым буолуо. Наар миинэ көрдүү сылдьабаккын, наада буоллаҕына саа, граната туттан, кимэн киириигэ барсаҕын, онно булка үөмэрдии хаххалаах сирдэри тутуһабын. Хонук сир баар буоллаҕына, элбэх дьонтон ойуччу, хотоол, хахха сири булан хоноҕун.

Биирдэ тыаллаах тымныы киэһэ байыастар тимир ылтаһыннары кэккэлэтэн, хаххаланан хоноору оҥостобуттарыгар миигин ыҥырбыттарыгар кыараҕас диэн киирбэтэҕим. Ол түүн өстөөх элбэх буомбаны бырахпыта. Сарсыарда көрбүтүм дьоммут хоммут сирдэригэр улахан омуһах үөскээбит, хахха лиистэрэ онно-манна ыһыллыбыттар. Буор модьоҕо быыһыттан дьон атахтара-илиилэрэ быга сыталларын, сэрии сүпсүлгэнигэр буолан ойуу курдук көрөн аһарбытым. Хор, оннук ордубуттаахпын.

Онтон биирдэ Одер өрүс кытыытыгар кэтиир вышкаҕа хамандыыр бэйэтэ тахсаары турдаҕына, ыраах туох баарын көрөр баҕаттан мин кини оннугар тахсаары көрдөстүм. Киһим: “Успеешь потом”, – диэн баран бэйэтэ таҕыста, тахсаат өстөөх буулдьатыгар табыллан, өлөн түстэ. Мин кини дьылҕатын дьылҕанарым хаалбыта.

Биир түүн умайа турар дэриэбинэ сырдыгар стройдаан айаннаан иһэн өстөөх уоттаах (трассирующай) буулдьанан ытыалааһыныгар түбэстибит. Буулдьа бөҕө үрдүбүтүнэн, икки ардыбытынан күндээрдэ, хас да киһи сонно оҕутта, ол уоттаах буулдьалар быыһы-арыты булан этэҥҥэ таарыйбатахтара.

Биирдэ өстөөх бөҕөргөтүүтүн түүн ыларга бирикээс кэллэ. Кимэн киириигэ мин хаххата суох сиргэ түбэстим. Халлаан хараҥа. Сыыллан иһэн өлө сытар аттарга кэтилинним. Мин онно сытан, аттарбар түһэр буулдьартан сыаллаан, саа ылар сирэ уонна туһайыыта манан эбит диэн туһулуу-туһулуу ытабын, хараҥаҕа туох көстүөй. Били эмиэ булчутум өтөн, мээнэ ытыалыахпын санаам барбат. Хараҥаҕа аттарбын дьон дии саныыллара буолуо, сотору-остору эккэ буулдьа «пол» гынар. Мин бааппар түбэспит аттар өлүктэригэр хаххаланан миэстэбин уларыта сылдьан ытыаластым. Онно сүтүкпүт элбэх этэ. Миигин хамандыырым: “Боескоров, молодец! Живой!” – диэн үөрүүтүттэн кууспалаабыта. Биир өлүүгэ сылдьан бука бары “За Родину! За Сталина!” диэн лозунунан сылдьар дьоҥҥо омуктаһыы кэлиэ дуо, суох буоллаҕа, онно ким хайдаҕынан эрэ сыаналанар, – диэн кэпсээччи.

Аҕам Одер өрүһү туоруур муостаны тутуспут, тааҥкалар уо.д.а. сэрии сэбин арааһа, пехота ааһарыгар аналлаах улахан мас муоста үһү. Түүннэри үлэлииллэр, өстөөх сөмөлүөттэрэ күнүс дэлби буомбалаан бараллар. Ол буомбалааһыннартан куота-куота үлэлииллэр, алдьаныы, сүтүк сөҕүмэр эбит. Одеры муосталаан сэбиэскэй сэриилэри туоратыы иһин Сталинтан Махтал сурук ылбыта. Ити курдук уһун кэмҥэ, үксүн сатыы хааман Германия 9 куоратын ылыыга, Висла өрүһү туорааһын иһин Махтал суруктардаах. Варшава куораты босхолооһун уонна Берлини ылыы иһин мэтээллэрдээх. Кыайыы 40 сылыгар 1985 с. “Аҕа дойду сэриитин 11 степеннээх” уордьаны туттарбыттара. Аҕам саамай сыаналыыр наҕараадалара “Берлини ылыы иһин” мэтээлэ уонна өлөр-тиллэр мөккүөрүгэр сылдьан ньиэмэс куораттарын ылыы иһин Махтал суруктара этилэр.

Ити курдук мин аҕам Боескоров Тимофей Данилович килбиэннээх буойун, саха саарына 1945 сыллаахха кыайыы кынаттанан кэлбитэ. Уоттаах сэриигэ буулдьа-оскуолак ылбатах эрээри, дойдутугар кэлэн баран оһол бөҕөҕө түбэспитэ. 1953 сыллаахха акка бырахтаран хомурҕанын тоһутан үс сайын сыппыттаах. Онтон 1968 сыл күһүн эмиэ ата быраҕан атаҕын эчэппитэ. Бэрт уһуннук балтыһах тайахтаах сылдьыбыта. Бүтэһигэр 1988 сыллаахха торуоскалаах анараа дойдуга бараахтаабыта.

Степан Тимофеевич БОЕСКОРОВ,

РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, кыраайы үөрэтээччи.

*  *  *

Кыыһа, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Поликсения Тимофеевна Боескорова аҕатын сэриигэ атаарар долгутуулаах түгэнин маннык ахтыбыта баар:

– Сэриигэ аттаналларыгар Баҕадьа уҥуор Мааппа уонна Сүөдэрэп олорбут сирдэригэр бэрт элбэх киһи мустубута. Барааччылары атаарыыга дьуохар бөҕө, бырастылаһыы, ытаһыы-соҥоһуу… Киһи эрэ хараастар түгэнэ этэ. Ол хартыына мин өйбөр хатанан хаалбыт. Барааччылар туос бөтөрөҥүнэн алын диэки ойуппуттара. Арай мин аҕам, сайыһарым бэрдин иһин, миигин атын самыытыгар олордон айаннаабыта уонна Көтөрдөөххө эдьиийбит Огдооччуйалаахха илдьэн хаалларбыта. Аҕам барахсан хайдахтаах курдук уйан дууһалааҕа, чараас сүрэхтээҕэ, оҕолоругар, чугас дьонугар таптала итинтэн көстөр.

Кини сэриитин Берлиҥҥэ түмүктэспитэ. Кыайыы былааҕын Рейхстаг үрдүгэр таһааралларын көрбүт. Аҕам 1945 сыл балаҕан ыйыгар эргиллэн кэлбитин оройуон киинигэр уонна төрөөбүт Сургуулугар улаханнык чиэстээн көрсүбүттэрэ. Кини хорсуннук сэриилэспитин туоһулуур Кылаабынай командующай И.В.Сталинтан 10 Махтал суруктааҕа уонна мэтээллэрдээҕэ. Кэлин Аҕа дойду сэриитин уордьанынан наҕараадаламмыта.


 

Семёнов Данил Прокопьевич туһунан

Кини 1903 сыллаахха төрөөбүт, 1942 сыллаахха ыҥырыллыбыт. 1942 сыллаахха кэлбит, чааһа биллибэт, Уралтан төннүбүт. 1957 сыллаахха өлбүт. Колхоз-совхоз бэтэрээнэ. Маҥнайгы холбоһуктааһын саҕана биригэдьииринэн, колхоз биригэдьииринэн, солбуйааччытынан, суотчутунан үлэлээбит. 1953 сылтан ССКП чилиэнэ. Нэһилиэккэ ытыктанар киһи этэ. Алта оҕото билигин кырдьаҕас ыаллар.


 

Семёнов Пётр Прокопьевич туһунан

Ийэбит Ульяна Васильевна Боотулуу Оноҕоччутугар төрөөбүт, 1930-с сыллар саҥаларыгар Сургуулукка Семёнов Пётр Прокопьевичка кэргэн тахсан, Сургуулукка олохсуйбуттар. Оччотооҕу олох ирдэбилинэн холкуоска араас үлэлэргэ үлэлээбитинэн барбыт. Өр кэмҥэ оҕото суох олорон бараннар, 1938 сыллаахха биһигини, игирэ уолаттары төрөтөллөр. Аҕабыт сэриигэ барыар диэри сылгыһытынан үлэлээбит. Биһиги кэннибититтэн биир уол төрөөн төннүбүт. Аҕабыт 1942 сыллаахха сэриигэ барбыт уонна 1943 сыл муус устар ыйыгар өлбүт. Бииргэ барбыт дьоно: «Биһигиттэн арааран хайыһар этэрээтигэр ылбыттара», – диир буолаллара. Онон, биһиги сэрэйэрбитинэн, Ильмень күөл туһаайытынан барбыт буолуохтаах. Сураҕа суох сүппүтүн туһунан “Өйдөбүнньүк” кинигэҕэ суруллан сылдьар. Биһиги аҕабыт барарыгар үс аҥаар саастаах хаалбыппыт.

Ийэбит дьиэҕэ көстүбэт этэ, биһигини ороҥҥо сытыаран баран: “Турумаҥ, сытыҥ, сытар оҕо аччыктаабат”, – диирэ. Ааммытын маһынан баттатан баран, үлэтигэр барара. Биир ынахтаах этибит, төрөөтөҕүнэ наар ньирэйэ өлөн иһэрэ. Онон бэйэтин сылы быһа ыыра. Аччык, хоргуйуу сылларыгар ол биир ынах биһигини өлөр өлүүттэн өрүһүйбүтэ. Биһиги улаатан үлэһит буолбуппут кэннэ биир сайын кытараабыта, ону ыалга ньирэйдээх ынахха атастаһан биэрбитэ. Ол кэннэ дьэ сүөһү турар буолбута.

Ийэбит үйэтин тухары сүөһү үлэтигэр сылдьыбыта. Өр кэмҥэ ыанньыксытынан, ньирэй көрөөччүнэн, субан сүөһүнү көрөөччүнэн үлэлээбитэ. Ферматтан фермаҕа көһө сылдьарбыт, Дьэбдьигийээҥҥэ уһаабыппыт.

Ийэбитигэр 1946 сыллаахха «Сталин төбөлөөх» мэтээли туттарбыттара, онтун мээнэ кэппэт этэ. Сургуулукка олорон пенсияҕа тахсыбыта уонна 1964 сыллаахха оройуон киинигэр биһиэхэ киирбитэ. Пенсията 28 солкуобай этэ. Сэрии кэннинээҕи ас-таҥас суох кэмигэр, аҕабытыгар оччотооҕу харчынан 116 солкуобай пенсия анааннар, “сэрии тулаайахтара” буоламмыт ол харчы биһиги дьиэ кэргэни улаханнык абыраабыта.

Ийэбит оччотооҕу дьон сиэринэн илиитин араарбакка үлэлээн, биһигини тыыннаах иитэлээбит үтүөтэ, олоҕо салҕанар. Ийэбитигэр В.И.Соргоев оройуон Сэбиэтин бэрэссээдэлинэн үлэлии олорон, 1975 сыллаахха Кыайыы 30 сылынан Махтал сурук уонна чаһыы бэлэхтээн турар. Үйэтин тухары сүөһү ыарахан үлэтигэр тоҥмута-хаппыта охсон, ыараханнык ыалдьан 1978 сыллаахха бу дойдуттан барбыта.

Баһылай, Сэмэн СЭМИЭНЭПТЭР.

Үөһээ Бүлүү c.


 

Семёнов Спиридон Прокопьевич туһунан

ҮТҮӨ ӨЙДӨБҮЛҮ ХААЛЛАРБЫТ

Биһиги аҕабыт Семёнов Спиридон Прокопьевич 1924 сыллаахха Сургуулук нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ийэлээх аҕата эрдэ өлөннөр, убайыгар Тайылаҕа иитиллэн улааппыта. Тайыла бэйэтэ үөрэҕэ суох буолан, быраатын үөрэхтээх киһи буоллун диэн ыһыктаан-өйүөлээн, ыалы кэпсэтэн олордон Боотулуу оскуолатын бүтэртэрбитэ. Онон аҕабыт ааҕар-суруйар, нэһилиэгэр биир үөрэхтээх киһи буолбута.

Спиридон Прокопьевич икки сэрии кыттыылаҕа: Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллан барбыта уонна дьоппуон сэриитигэр кыттан, дойдутугар 1948 сыллаахха эргиллэн кэлбитэ. Кэлээтин кытта сотору, ааҕар-суруйар үөрэхтээх киһи диэн, нэһилиэк дьаһалтата сүбэлэһэн баран Ааҕар балаҕан үлэһитинэн анаабыта. Онтон ыла кини киэҥ Күөлүнэн, Садынынан, дьон олорор сирдэринэн Ааҕар балаҕан үлэһитинэн сылдьыбыта. Ол сылдьан ийэбитин Григорьева Варвара Петровнаны көрсөн ыал буолбуттара уонна Сургуулукка олохсуйбуттара.

Кини кэнниттэн Николаева Анастасия Николаевна 1952 сыллаахха библиотека тэрийбитэ, онон аҕабытын атын үлэҕэ анаабыттара.

Нэһилиэккэ бастакы араадьыйа кэлиитин саҕана мин 5-6 сааастаах буоламмын дьиэбит иһигэр араадьыйа станцията баарын өйдүүбүн. Аҕам биллэрии биэрэрэ, киэһэ дьон мустан араадьыйанан Ньургун Боотур олоҥхону истэллэрэ. Онон Сургуулук нэһилиэгэр биһиги аҕабыт аан маҥнай араадьыйа саҥатын дьоҥҥо иһитиннэрбит киһи буолар.

1957 сыллаахха Боотулууга көһөн киирэн, эт-үүт комбинатыгар приёмщигынан өр сылларга үлэлээбитэ. Бэйэтэ аҕыйах саҥалаах, сытыары- сымнаҕас майгылаах, толоругас буолан бу тэрилтэҕэ пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ.

Кэргэнэ Варвара Григорьевналыын эйэ-дэмнээхтик үйэ аҥаара бииргэ олорбуттара. 9 оҕону төрөтөн, иитэн-аһатан, көрөн-харайан, үөрэттэрэн олох киэҥ аартыгар үктэннэрбиттэрэ. Оҕолоро бары талан ылбыт идэлэринэн үлэһит буолан, кэргэннэнэн, элбэх сиэн, хос сиэн бэлэхтээбиттэрэ. Иккиэн ыарахан ыарыыттан сылынан быысаһан күн сириттэн барбыттара. Биһиги бэйэбит, оҕолорбут, сиэннэрбит, ийэлээх аҕабыт. эбээлээх эһээбит ситэ оҥорботохторун оҥорор, ситэ олорботохторун олорор ытык иэспитин толорор бигэ санаалаахпыт.

Нина Спиридоновна СЕМЁНОВА-ВАСИЛЬЕВА.

Сургуулук, библиотека. 2008 с.


 

Тимофеев Афанасий Егорович

БИЛЛИБЭТ ЭДЭР СЭРИИҺИТ

Биһиги эҥээртэн сааһыгар сэриигэ аттаммыт соҕотох уолчаан баар. Кини – Афанасий Егорович Тимофеев–Халаачык диэн Ыйыласка үөскээбит ыччат. Ыйыластан сэриигэ иккис ыҥырыыга барааччы дьон ахсаана итээбитигэр, сааһыгар холооно суох төрөл уолга 2 сылы эбэн, ыыппыттар. Кини кимин-тугун Е.Т.Тимофеев–Уһун Дьөгүөрдээххэ иитиллибит И.Ф.Фёдоров–Холорук Уйбаан төрөппүт кыыһа Мавра Ивановна Ефремова (Фёдорова) «Сургуулук нэһилиэгэ» ахтыы суруйбутуттан быһа тардан билиһиннэрэбин.

“Дьөгүөрдээх Аҕааппыйа оҕо турбатын иһин 1926 дуу 1927 дуу сыллаахха Дьөгүөр балтыгар Калашников диэн айанньыт үөрэхтээх нуучча киһитэ көссүүгэ оҥорбут уолун ылан, Ыйылас Мөрөөйүтүн түбэтиттэн Көтөрдөөххө ииттибиттэр. Уолу Халаачык диэн таптал ааттаан, күннэрэ-ыйдара киниттэн тахсар буолбут. Ойуун кырааһына да тиийбэтэх. Ийэбэр туора хааннаах оҕо буоллаҕа. Ити курдук 16 сыл олус дьоллоохтук олорбуттар. Халаачыгы Боотулуунан, Үөһээ Бүлүүнэн үөрэттэрбиттэр. Сэттэ кылааһы бүтэрээтин сэриигэ илдьэ барыттар”.

Онтон билиилээх суруналыыс Егор Афанасьев–Кэпсэтээрэп убайын туһунан «Саха сирэ» хаһыакка (08.06.2006) маннык ахтан суруйбуттаах: “1952 сыл саас, мин ахсыс кылааска үөрэнэ сылдьар кэммэр, оскуолаттан кэлэн, интиэрнэккэ хоспор киирбитим – сүүнэ бэйэлээх нуучча бэрдэ, байыаннай таҥастаах Халаачыгым кууһан ылан түһэҕэр олордон: “Дьэ, быраат, Дьөгүөссэ, били эн миигин сыллаан атаараҥҥын 9 сыл аармыйаҕа баран сэриилэһэн, өстөөҕү өһөрсөн, бу тиийэн кэллим. Аны арахсыбаппыт. Үөрэттэрэ сатыаҕым”, – диэн баран дьиэтигэр илдьэ барбыта”.

Афанасий Тимофеев аармыйаҕа сибээскэ сулууспалаабыт буолан, Үөһээ Бүлүүгэ линейнэй-техническэй учаастакка ыстаарсай монтёрунан үлэҕэ ылыллыбыт. Ол нөҥүө сааһыгар, ыам ыйыгар Бүлүү өрүс мууһа бысталанан турдаҕына, Хоро аннынан телеграф баҕаната сууллубутун чөлүгэр түһэрээри, начальнигын кытта сахсайбыт тыынан туораан иһэн иккиэн былаҕайга былдьаммыттар. Халаачык дойдутугар Ыйыласка улахан элгээннэри уһаты-туора харбаан туоруура үһү. Аҕата муҥнаах уолун Үөһээ Бүлүүгэ буорга кистэһэн кэлэн баран: “Ууһут киһи ууга былдьанар дииллэрэ кырдьык эбит”, – диэхтээбит.

А.Тимофеев ханна, хайдах сэриилэспитин туһунан туох да сибидиэнньэ суох. “Эдэр киһи олоҕум барыта – иннибэр” диэн саныы сылдьан, соһуччу суох буоллаҕа. Кини курдук дьонугар-сэргэтигэр биллибэккэ-көстүбэккэ хаалбыт төһөлөөх элбэх саха саллаата, хорсун сэрииһит баара буолуой. Сыччах Сургуулук, Ыйылас ыччаттарын даҕаны ылан көрдөххө, ситэри олорботох олохторун курдук чуолкайдамматах, итэҕэс-быһаҕас историялаах киһи элбэх. Быһата, үрүҥ бээтинэ үгүс.

Василий НИКИФОРОВ.

«Умнуллубат сэрии дуораана» (2015 с.) кинигэттэн ылылынна. Ааптар – Никифорова Лидия Фёдоровна.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *