Иванова Ульяна Семёновна туһунан

СҮРЭХПИТИГЭР МЭЛДЬИ ТЫЫННААХ

Хас биирдии киһи кимтэн кииннээҕин, туохтан тууралааҕын билэрэ – ытык иэһэ дииллэрэ сөп даҕаны. Мин эмиэ силиспин, төрдүбүн биһиги ийэбит кылгас ахтыыларыттан билэн, кини оҕолоругар-сиэннэригэр анаан тиэрдэрбин көҥүллээҥ.

Ийэбит Иванова Ульяна Семёновна.

Уоттаах сэрии кырыктаах сыллара, аас-туор кэмнэр элбэх дьон, ыал муннугун хаарыйан ааспыттара сымыйа буолбатах, ону бары да кэриэтэ билэллэр. 1941-45 сылларга кураан да сайыннар турбуттара. Ол курдук саатар сир аһа, от-мас да үүммэтэҕэ, барыта кууран-хатан турара. Аччык-сут сыллар саҕаламмыттара.

Биһиги ийэбит Иванова Ульяна Семёновна Өлүөхүмэ оройуонун Дабаан нэһилиэгэр 1930 сыл кулун тутар 8 күнүгэр төрөөбүтэ.

Аҕабынаан Тыкынаев Семён Дмитриевичтыын үс сылы быһа билсэн баран 1948 сыллаахха холбоспуттара, бур-бур буруо таһааран ыал буолбуттара.

Аҕабыт элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ 1928 сыл тохсунньу 1 күнүгэр төрөөбүтэ. Аҕата (биһиги эһэбит) Тыкынаев Миитэрэй оҕонньор иккитэ кэргэннэммит эбит, бастакы кэргэнэ Мамонтова Наталья Васильевна, иккиһэ – эбээбит Татьяна.

Төрөппүттэрбит барыта аҕыс оҕоломмуттара. Ол курдук икки уолламмыттара уонна алта кыыстаммыттара.

Бу хаартыскаҕа ийэм Иванова Ульяна Семёновна уонна аҕам Тыкынаев Семён Дмитриевич бастакы оҕолорун Георгийы көтөҕөн олорон түспүттэр. 1953 сыл.

Төрөппүттэрбит оҕолорун үөрэх билии суолугар туруораары элбэх үлэни-сыраны уурбуттара. Колхоз-совхоз тэриллиитигэр күүстэрин, сыраларын бараабыттара. Сайыҥҥы кэмҥэ окко, кыһынын фермаҕа бэйэлэрин харыстаммакка үлэлииллэрэ. Кэм хас биирдии күнүгэр суолта уураллара.

Аҕабыт идэтинэн ааттаах кадровай булчут этэ. Кадровай булчут буолан бултаабытыттан сэрии фронугар ыытан улаханнык көмөлөспүт.  Ону сэргэ сэрии кэмигэр бултаан алтаан, бииргэ төрөөбүт дьонун сут-дорҕоон сыллартан быыһаабыта. Ол курдук булдуттан сиэн-аһаан, сорҕотун эргинэн, таҥнан-саптан олорбуттара. Аҕам оҕо сааһыттан айылҕаҕа сүгүрүйэр этэ. Үөрэҕэ да суоҕун иһин айылҕа кинини элбэххэ үөрэппитэ. Айылҕаны кинигэни ааҕар курдук билэрэ. Ол барыта олоҕор улахан суолталаах буолбута. Сорсуннаах булчут буолан сиэри-туому барытын тутуһара, элбэх үгэстэри билэрэ – байанайы ытыктыыра, булт иччитигэр сүгүрүйэрэ.

Улахан булт үөрүүтүн курум тэрийэн бэлиэтииллэрэ. Байанай тосхойбут булдуттан дьонноругар, билэр-билбэт ыалларыгар этин тус-туспа үөлэн бэрсэллэрэ. Онно ийэм үгүстүк көмө буолара. Онон айылҕаҕа сылдьан утары уунаргытын умнубат буолуҥ.

Оччотооҕу ыарахан сылларга аҕабыт барахсан эрдэ, 1975 сыллаахха күн сириттэн туораан ийэбитин олох кытаанах мускууругар соҕотох хаалларбыта

Ийэм аҕабытын сүтэрэн, өйүн-күүһүн түмэн оҕолорун – биһиги туспутугар үлэлиирэ, олох эндирдэрин туоруу сатыыра. Бэйэтэ аҕыс оҕотун иитэн-аһатан, үөрэхтэригэр кыһайан улаатыннарбыта, үөрэхтээх дьон оҥортообута.

Ол курдук ийэм барахсан оҕо да сааһыттан олоҕо эрэйдээҕэ. Кинилэр ийэлэрэ Пелагея, онтон аҕалара Иванов Семён Алексеевич эрдэ олохторуттан туораан, утуу-субуу суох буолан хаалбыттара.

Тулаайах оҕолор – бииргэ төрөөбүт аҕас-балыс үс кыргыттар этилэр. Улаханнара кырдьаҕас эдьиийбит Евдокия Семёновна (89 сааһыгар суох буолбута), орто кыыс биһиги ийэбит Ульяна Семёновна уонна кыра балыстара Клавдия Семёновна. Кини олус сытыы, үөрүнньэҥ, ыллыы-туойа сылдьар оҕо эбит. Ол гынан балыстара эрдэ, оҕо сааһыгар кэргэн тахсан ыал аатын сүкпүт, түөрт уол оҕоломмуттар да, уһун ыарыыга ылларан эдэр сааһыгар суох буолбут.

Улахан эдьиийдэрэ Евдокия Семёновна балыстарыгар ийэлэрин солбуйбута, туох баар ыарахан үлэ кэмнэригэр сылдьара, өлүү килиэптэрин, астарын үллэрэрэ. Ол курдук оҕолор бэйэ-бэйэлэрин өйөнсөн олорбуттара.

Тымныы оҕонньор дьиэ түннүгэр оһуор бөҕөтүн уруһуйдаабыт. Уля кыракый эрбэҕин сөмүйэтинэн түннүк тааһыгар тугу эрэ уруһуйдуур курдук. Бу үс-түөрт саастааҕар буолуо. Дьиэ сылаас эрээри хайдах эрэ тымныы, таһырдьа тыал иһиирэ-иһиирэ улуйар курдуга. Халлаан айылҕата тугу эрэ кэпсии сатыыра дуу? Иһирдьэ иһиллээбит курдук да, толору дьон баар. Эбээтэ Ааныска эмээхсин, аҕалара уонна дьэ өссө ханнык эрэ дьон, тугу эрэ кэпсэтэллэр, быһаарсаллар. Ону өйдөөтөххө “маамалара дьэ айаннаата” дэһэллэр. Эмискэ мууһурбут түннүк кыра эрбэҕин быһа сииргэ дылы буолла. Хайдах эрэ хараҕын уута кэлиэх курдуга. Ону көрөөт эбэтэ: “Ыл, түннүктэн түс! Турума”, – диир. Ол курдук улахан дьон куолулуулларынан “кини эмиэ төһө да кыра буоллар эмиэ сэрэйэр” курдуга.

Эһээбит, кинилэр аҕалара Иванов Семён Алексеевич көнө уҥуохтаах, уһун, сырдык хааннаах, бааһынайдыҥы киһи. Киһи быһыытынан сымнаҕас майгылаах, “сытар ынаҕы туруорбат, күөх оту тосту үктээбэт” диирдии үтүө майгылаах эбит. Кини тимир ууһунан аатырара. Дьоҥҥо иһит-хомуос (чаанньыктарын уонна да атыны) түгэхтэрин паайдаан биэрэрэ.

Кэм аастар да иһин өйтөн сүппэт ахтыылар хаалан, хараллан истэхтэрэ. Ол курдук олох бастакы хараҥа күлүгэ түспүтэ. Сотору буолаат аҕалара иккистээн кэргэн ылбыта. Саҥа кэргэнин Дуня дьүһүнэ бэрт боростуой, аҥаар атаҕынан содьороҥ эбит. Ол иһин дьоҥҥо биллибитинэн Хромой Дууҥка диэн ааттыыллара. Ол гынан маачаха оҕолорго ийэлэрин солбуйбатаҕа. Чугаһыы сатыахтааҕар ордук абааһы көрөттүүрэ. Араастаан сордуура, айахтарын ааҕар эбит. Күннээҕи ыарахан үлэттэн оҕолор олус сылайаллара. Тулаайах оҕолор онтон ханна барыахтарай.

Ол кэмнэргэ ыаллар үксүн Өлүөнэ эбэбит устун ыһыллан, бэйэтэ ааттаах-суоллаах сирдэринэн олорбуттара. Кэлин онтон Дабаан нэһилиэкпит олохтоммута. Ол курдук: Кочегаров, промхоз, Соҕотох Бэс, Көлүүгээн, Кытыл, Арыы, Чэрэндэй, Хансаар хайа, хас да көстөөх сирдэринэн былыргы өтөхтөр кэпсииллэр.

Былыргы саха ыалын дьиэтэ, кыра да буоллар, дьон симиллэн олорбуттара. Сорох ыал дьиэтэ аҥаара хотон, онтон аҥаарыгар ыаллар бэйэлэрэ олороллоро. 1941 сыллаахха эһэбит Семён Алексеевич повестка тутар, устунан сэрии фронугар сулууспалыы барар. Өйтөн тахсыбат ахтыы: бу сэрии фронугар улахан “Голубь” диэн пароходунан саллааттары хомуйан барбыттара. Ол курдук атаарааччы дьон, ийэлэр, оҕолор бары ытаһа-соҥоһо хаалбыттара. Сорох-сорохторо ырбаахылыын-хаардыын уу ортотугар диэри кэһэн, хаһыытаһан киирбиттэр. Ол быыһыгар пароход дуугунаан улуйар тыаһа, дьахтар, оҕо ытаһыыта буккуллан Ийэ дойдуну аймаабыта. Онтон ыла элбэх дьон, ийэлэр соҕотохсуйбуттара, тулаайах элбээбитэ. Оҕолор ол курдук ыһыллан, билсэр-билсибэт аймахтарынан, дьоннорунан хаалбыттара. Айах туһугар элбэх ыалга хамначчыттаабыттара. Күннээҕи үлэни улахан дьоннуун аахсыбакка толороллоро. Ол курдук кылгас кыһыҥҥы күннэр аастар ааһан испиттэрэ.

Сайын кэлиитэ урукку оҕо олоҕун тосту уларытара. Кини айылҕа оҕото буола түһэрэ. Атах сыгынньах сүүрэрэ, үөрэрэ-көтөрө. Тулаайах оҕо айылҕа ортотугар дууһалыын арыллар, бэйэтин булар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Ол курдук Уля манна сөбүлүүр сирдээҕэ. Ойуур саҕатыгар от быыһыгар биир чыычаах уйатын кэтээн көрөрө, тыыппата. Быыс булан манна кэлэрэ. Чыычаах сымыыттаан, оҕолоро быдан тахсан айахтара аппаҥнаһан, ас көрдөөн ийэлэрин күүтэн сыталлара. Бу инники олох бэлиэтин түстүүллэрэ. Ол курдук ийэм элбэх оҕолонон, сиэннэрдэнэн эбээ аатын сүктэҕэ.

Ийэм сайыҥҥы үлэҕэ барытыгар илии-атах буолан, үлэлээн, улам улаатан испитэ. Арыыга окко, сааһын буолаҕа атынан сири бороонньулуур этэ. Аччык оҕолор сардаана сибэкки силиһин хостоон сииллэрэ, сааһын туллукка туһах иитэн бултаан минниилэрэ. Ардыгар мурукулаан, күтэрдээн ким төһөнү туппутунан күрэхтэһэн ылаллара.

Биир кэмҥэ Кытыылга оҕолор бэйэлэрэ олоро сылдьыбыттар. Тимир оһохторо олус диэн чарааһаан хаалан, күүстээх уокка илибирээн тыаһыыра. Хата баһаар барбакка, хайдах курдук кыра оҕолор бэйэлэрэ оттон олорбуттара буолуой? Бу айылҕаҕа туох эрэ күүс баар дииллэрэ чахчы эбит. Айыы таҥара харыстыыр, ол курдук оҕо аймаҕы, ыарыһаҕы, дьадаҥыны. Төрөппүттэрбит сэрии кэмигэр төрөөн улаатан, үөрэҕэ суох хаалбыттарын иһин, бэйэлэрэ көрдөрүүлэнэн, үлэ билиитинэн биһигини ииппиттэрэ. Ийэбит: “Ханна да буоллун, сиэри туому тутуһа сылдьыҥ, – диир, – айылҕаны харыстааҥ”. Салгыы уонна да элбэх үгэстэри тутуһара.

Киэҥ хабыырдаах айылҕа үүнэн, тупсан турара. Өрөйбүт мыраан хайалара, дабайбыт үрдүк сыырдар, баай айылҕабыт сабырыйа үүнэллэрэ. Тыалга оргууй суугунууллар баараҕай харыйалар, бэс мастар, хатыҥнар, илибирэс сэбирдэх тэтиҥнэр. Олор киһи тугу кэпсэтэрин, саныырын өйдүүргэ дылылар. Ол кэми кинилэр суруллубат сурукка кистээн, ньимийэн турдахтара.

Ийэбит Иванова Ульяна Семёновна үлэ бэтэрээнэ, аҕыс оҕо амарах ийэтэ. Кини 93 сааһыгар сылдьан, 2022 сыл бэс ыйын 14 күнүгэр бу орто дойдуттан барбыта. Билигин 19 сиэн, 33 хос сиэн, 1 хос-хос сиэн бааллар. Ийэ быһыытынан мэтээллэрдээх уонна уордьаннаах, Саха Республикатын Тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, үгүс грамоталарынан уонна мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Кини 90 сааһыгар диэри сэлиэнньэ уонна оройуон тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттара. Тапталлаах ийэбит туһунан өйдөбүл биһиги сүрэхпитигэр мэлдьи тыыннаах буолуоҕа.

Ахтыыны суруйда

кыра кыыһа Анжелика Семёновна ТЫКЫНАЕВА.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *