ТААЙЫМ – СТАЛИНГРАД ИҺИН КЫРГЫҺЫЫ КЫТТЫЫЛААҔА
Чуонаабыл ойууну үтүктэн…
Ийэм Орто Өрүүнэ бииргэ төрөөбүт убайа, мин таайым Титов Егор Данилович 1918 сыллаахха төрөөбүт. Быйыл төрөөбүтэ 100 сылын туолар (2018 с.-Ред.).

Кыра эрдэҕиттэн түргэн-тарҕан туттунуулаах, бэйэтин кыанар оҕо эбит. Ийэм убайыттан икки сыл кэриҥэ балыс да буоллар, бииргэ оонньоон улааппыттар.
Сайын дьонноро окко барбыттарын кэннэ дьиэлэригэр икки буолан хаалан оонньууллар эбит. Биирдэ Чуонаабыл ойуун кыырбытын үтүктэн, Дьөгүөр Чуонаабыл ойуун буолан лэппиэскэ буһарар хобордооҕу дүҥүр гынан, мас ытарчаны былаайах оҥостон: “Чуо-Чуо Чуонаабыл ойуун буолабын!» – дии-дии “былаайаҕынан» түөһүн охсуна-охсуна «дүҥүрүн» охсон тыаһатан уутугар-хаарыгар киирэн ойуолуу, ийэм кутуруксут буолан тэҥҥэ үтүктэн ойуоккалаһа сырыттаҕына ааннара тэлэччи аһылла түспүт да, Очоо Бүөтүр: “Һуу, тохтооҥ! Бу туох буола сылдьаҕыт?” – диэн ордоотообутугар биирдэ тохтообуппут диэн ийэм сааһыран олорон кэпсиирэ. Бүөтүр дьонугар тиийэн кэпсээн биэрбит. Дьоммут киэһэ кэлэн үтүктэрбитин тохтоппуттара диирэ.
Егор, оччотооҕу уол оҕо сиэринэн, кыратыттан кыайар үлэтигэр дьонугар көмөлөһөн илии-атах буолбут. Убайын Амыдайы, аҕатын Тайыланы кытта тэҥҥэ сылдьыһан сааланарга, бултуурга-балыктыырга үөрэммит. Боотулуу оскуолатыгар үөрэнэн алта дуу, сэттэ дуу кылааһы бүтэрбит. Боотулууга үөрэнэ сылдьан табаарыһын Миитэрэйи (Спиридонов Дмитрий Спиридонович) – тулаайах уолу дьиэтигэр Кыбытыыга илдьэ кэлэн аһаан, сынньанан барар эбиттэр. Кэлин Дмитрий Спиридонович: “Дьөгүөрү кытта табаарыстаһан, Кыбытыыга кэлэн хоно-өрөөн сытан аһаан абыранар да этим. Эн эбэлээх эһэҥ элбэх астаах-үөллээх саха ыала бастыҥа этилэр, кэлбит-барбыт элбэх киһини аһатан ыыталлара. Тиэргэннэрэ ырааһын сөҕөрүм”, – диэн эбэлээх эһэбэр махтанан мин лесхозка үлэлии олордохпуна кэпсээбиттээх.
Өстөөҕү утары ыстыыгынан
Дьөгүөр Көтөрдөөххө маҕаһыыҥҥа атыыһыттыы сылдьыбыт. Солоҥдо ойоҕо диэн ааттыыр дьахталларын кэргэн ыла сылдьыбыт да, оҕоломмотохтор. Онтон арахсыбыттар. 1942 сыл бэс ыйыгар маҕаһыыҥҥа атыыһыттыы олорон убайа Амыдаев Данил Даниловиһы, күтүөтэ Кисиляхов Кирилл Даниловиһы, тастыҥ убайа Дюлюнов Иона Филипповиһы кытта сэриигэ ыҥырыллан, бииргэ Көтөрдөөхтөн аттаммыттар. Дьөгүөр быыс булан дьонугар Кыбытыыга кыайан бара сылдьыбатах. Ийэтэ Чагылысова Варвара Игнатьевна, аҕата Титов (Хоппотоороп) Данил Титович Көтөрдөөххө тиийэн уолларын Дьөгүөрү сэриигэ атааран хаалбыттар. Көтөрдөөхтөн бииргэ аттаммыт дьоннорун кытта ханна арахсыбыттара биллибэт.
1964 сыллаахха мин Приморьеҕа сулууспалыы сылдьан, ахсынньы аам-даам тымныыта түһэн турдаҕына, ииппит аҕам Дмитриев (Морсоохоп) Данил Петрович ыараханнык ыалдьыбытыгар уоппуска ылан, дьиэбэр Боотулууга кэлэн уонча хонон барбытым. Таайым Егор Данилович дьоммор кэлэн дьиэтигэр ыалдьыттата ыҥырбытыгар тиийэ сылдьыбытым. Уолун, үһүгэр сылдьар Артамону, көтөҕө сылдьара. Онно чэйдии олорон Сталинград кыргыһыытыгар сэриигэ сылдьыбытын туһунан кэпсээбитэ. 1942 сыл балаҕан ыйын бүтүүтүгэр Сталинград таһыгар тиийэннэр, түүн Волга өрүһү баарсаларга олорон снаряд, буулдьа ардаҕын ортотугар туораабыттар. Сталинград куоракка үрдүк сыыры өрө дабайан, ытыалаһа-ытыалаһа куорат иһигэр ккирбиттэр. Хас уулусса, дьиэ ахсын, дьиэ иһигэр сэрии киэнэ кытаанаҕар сылдьыбыт. Сэриигэ саамай дьулаан суол – тутуһан туран өстөөҕү кытта ыстыыгынан киирсии этэ диэн кэпсээбитэ. Биирдэ дьиэ иһигэр ыстыыктаһа сылдьан, улахан баҕайы ньиэмэс Дьөгүөр синиэлин көхсүнэн этигэр тириэрдибэккэ эрэ аан холуодатыгар хараҕалаан кэбиспит уонна Дьөгүөр босхолоноору мөхсө сатыы турдаҕына, куругар иилинэ сылдьар улахан баҕайы кынчаалын кыыныттан хостоон ылан саайан истэҕинэ паараҕа сылдьар саллаат нуучча уола уруттаан ыстыыгынан немеһи өтөрү түһэн быыһаабыт. Ыстыыктаһыыга иккилии буолан, пааралаһан киирсэр эбиттэр. Инники иһэр киһитин иккис киһи өстөөхтөртөн көмүскэһэрдии көрөн киирсэллэр, нууччалыы эттэххэ страховкалаһан.
Биирдэ уонча буолан этээстээх дьиэ киэҥ соҕус саалатыгар дьонун кытта тохтообуттар. Алта-сэттэ саллаат аһыырдыы оҥостон саала ортотугар түбэспиттэр. Дьөгүөр табаарыс саллаатын кытта саала муннугар аһыырдыы оҥостон олорбуттар, ол олордохторуна снаряд дуу буомба дуу түһэн эстэн, дьиэ үрдэ бүтүннүүтэ сууллан түспүт. Саала ортотугар олорбут саллааттар дьиэ үрдэ түһэн бары өлбүттэр. Дьөгүөр табаарыһын кытта дьиэ муннугар хайаҕас хаалбытыгар тыыннаах хаалбыттар, уһун күнү быһа хаһыытаабыттарын кэннэ сэбиэскэй саллааттар кэлэн дьиэ үрдүн көтүрэн киирэн таһаарбыттар.
Эмиэ дьиэ иһигэр сэриилэһэ сылдьан үөһэ этээскэ Дьөгүөрдээх, аллараа этээскэ ньиэмэстэр буолбуттар. Дьиэ муостата, аллараа этээс үрдэ алдьаммытын хайаҕастарынан муостаҕа сытан аллараа этээскэ сылдьар ньиэмэстэри көрө сатыы сыппыт. Ол сытан хайдах эрэ этэ тардан, саатын туппутунан эргичис гыммыта – ньиэмэс аппыһыара хос ааныттан быган бэстилиэтинэн ытан эрэр эбит! Саатын чыыбыһын тардан кэбиспитэ ньиэмэс аппыһыара тиэрэ таһылла түспүт, Дьөгүөр кулгааҕын таһынан буулдьа чуһууран ааспыт. Кыл-мүччү урут туттан тыыннаах хаалбытым диэн кэпсээбитэ төбөбөр хаалбыт.
Дьөгүөр Сталинград сэриитэ түмүктэниэр диэри сылдьыбыт курдук өйдүүбүн. Хаҥас илиитин бэгэччэгинэн тосту ыттаран сэрииттэн туораабыт. Сэриигэ сылдьан харахпын симтим да дьоммун-сэргэбин, бултуу сылдьыбыт ыллыктарым, куобах орохторо, алаастарым, төрөөбүт дойдум, дьиэм-уотум, Сахам сирэ харахпар субу баардыы көстөн кэлэллэрэ. Төрөөбүт дойду ахтылҕана сүрдээх буолар эбит этэ диэн кэпсээнин түмүктээбитэ. Дьөгүөр госпиталларга сытан уһуннук эмтэнэн баран, төрөөбүт төрүт буоругар Кыбытыыга 1944 сыл бэс ыйыгар эргиллэн кэлбитэ.
Тыыннаах эргиллибит үөрүүлээх
Сайын бүтүүтэ Бүлүү куоратыгар милииссэйэҕэ үлэлии киирбит. Сиэн быраата, убайа Амыдаев Д.Д. уола педагогическай үлэ бэтэрээнэ, билигин 83 сааһыгар сылдьар Амыдаев Семён Данилович ахтарынан, милииссийэҕэ үлэлии сылдьан Бүлүүттэн кэлэригэр түөһүгэр икки мэтээллээх этэ диир.
1948 сыл сааһыгар буолуо, таайым Дьөгүөр кэлбит диэн дьонум эттилэр.
Сарсыарда харахпын хайа көрөөт, эһэм аахха ыстанным. Ааны аһан дьиэ иһигэр көтөн түспүтүм дьиэ иһигэр ким да суох, үлэлэригэр тахсыбыттара буолуо. Көмүлүөк оһох иннигэр холумтаны сырса тардыллыбыт ороҥҥо таайым Дьөгүөр утуйа сытар эбит. Холумтан уонна орон икки ардынан кыбылла-кыбылла хаҥас диэки бардым. Мин таайым сирэйин көрөр санаалаахпын. Таайым уһуктан, миигин харбаан ылан сыллаата уонна ону-маны ыйытан кэпсэтэн барда. Мин билэрбин эппиэттэһэр быһыылаахпын, онтон остуоруйалаа диэтэ. Мин билэр остуоруйаларбын “Таал-Таал эмээхсини”, “Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсини”, “Чаачахааннаах Алаа Моҕуһу” остуоруйалаатым. Таайым Дьөгүөр хайҕаан бөҕө буолар, сиэбиттэн кэмпиэт ылан биэрэр. Таайым Бүлүүтүгэр барыар диэри хас сарсыарда аайы киирэр киһи буоллум.
Бүлүүгэ үлэлии сылдьан Роза диэн кыыс уонна Коля диэн уол оҕолоох Елена Николаевна Кононованы кэргэн ылан, 1948 сыл сайыныгар Кыбытыыга дьонугар аты мииннэрэн баран сиэтэн кэлбитин өйдүүбүн. Уола Толя саҥа хааман эрэр оҕо этэ. Дьөгүөр Көтөрдөөххө кэлэн биригэдьиирдээбитэ, Көтөрдөөххө дьоҕус дьиэ туттан олорбуттара. Холкуостар бөдөҥсүйүүлэригэр 1951 сыллаахха дьиэтин Боотулууга көһөрөн киллэрэн туттубута. Елена Николаевна балыыһаҕа сиэстэрэлээбитэ. Дьөгүөр сельпоҕа үлэлиирэ, атыыһыттыыра, бултуура.
Таайым Титов Егор Данилович, бастакы кэргэнэ Елена Николаевна, быраата Кисиляхов Гоша, уола Титов Толя уонна таһынааҕы ыала чүөчэ.
Елена Николаевна 1959 сыллаахха куртах араагыттан олохтон туораабыта. Улахан уола Коля миигин кытта Далыр орто оскуолатыгар 9-с кылааһы бүтэрэн баран, Бүлүү педучилищетыгар киирэн үөрэммитэ. Педучилищены бүтэрэригэр бииргэ үөрэммит кыыһын Евдокия Николаевна Новикованы кытта холбоһон ыал буолбуттара. Кэргэнин дойдутугар Абыйга Сыаганнаах орто оскуолатыгар, Орто Халыма Эбээҕэр олохсуйан учууталынан, завуһунан үлэлээбитэ. Магадаҥҥа институтка кэтэхтэн үөрэнэн үрдүк үөрэхтээх математика учуутала буолбута. Үс оҕоломмуттара, икки уол, биир кыыс уонна быраата Толяттан кыыс ылан ииттибиттэрэ. Оҕолорун үөрэттэрэн, улаатыннартаан ыал оҥортообуттара. Үс оҕолоро Дьокуускайга, быраатыттан ииттибит кыыһа Бүлүүгэ олороллор.
Елена Николаевна Дьөгүөртэн уола Анатолий Егорович ыал буолбута, алта оҕоломмута. Абыйга Сыаганнаахха олорон балыктыы сылдьан ууга дэҥнэнэн, ааспыт үйэ 80-с сылларыгар олохтон туораабыта. Оҕолоро Абый Сыаганнааҕар, Үрүҥ Хайаҕа олорор буолуохтаахтар.
Таайым Дьөгүөр кэргэнэ Елена Николаевна баарыгар биэс хостоох 8х12 м улаханнаах дьиэтин ситэри туттан, киирэн олорон Дадасова Марияны кытта хобоспуттара, икки уол оҕоломмуттара, Артамон уонна Андрей диэн. Артамон байыаннай училищены бүтэрэн Североморскайга сулууспалаабыта. Ыал, икки уоллаах, биир сиэннээх. Андрей авиационнай училищены бүтэрэн билигин Ми-8 бөртөлүөт хаамандыыра, ыал, кыыс уонна уол оҕолордоох. Уол Артём Дьокуускайга, Наташа Соҕуруу Кореяҕа үлэлиир, олорор.
Таайым Титов Егор Данилович мин аармыйаҕа сулууспалыы сырыттахпына, 1966 сыл муус устар ыйга олохтон туораабыта. 1964 сыл ахсынньытыгар уоппускаҕа кэлэ сырыттахпына, таайым Мариятын кытта бииргэ олорбот этилэр, арахсыбыттар. Мария Үөһээ Бүлүүгэ киирэн олороро. Мария Егор өлбүтүн кэннэ дьиэтин Поскачин Семён Григорьевичка атыылаабыт этэ. Ол дьиэни ааспыт үйэ 80-с сылларыгар Үөһээ Бүлүүгэ көһөрөн киллэрбиттэрэ.
Таайым аатынан сүрэхтээбиттэрэ
Ийэм миигин Сталинград иһин сэриилэһии түмүктэнэн эрдэҕинэ, 1943 сыл олунньу маҥнайгы күнүгэр төрөөбүт. Сэриилэһэ сылдьар убайын аатынан Дьөгүөр диэн ааттаабыт.
Таайым Дьөгүөр миэхэ олус үчүгэйдик сыһыаннаһарын өйдүү-саныы сылдьабын. 1957 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ киирэн Абрам Спиридонович Гольдмаҥҥа Чочу күөлүгэр куһу-хааһы иитиигэ үөрэнэн тахсыбыта. 1958 сыллаахха Далырга үөрэнэ киирэн иһэн, Ардьаахаан күөлүн таһынан ааһан истэхпитинэ кус бөҕө бадараан курдук ууга уста сылдьаллара. Ол таайым иитэр кустара эбит. Таайым сүрдээх булчут, кусчут этэ. күһүн-саас табаарыһа, эмиэ сэрии кыттыылааҕа, Боотулууга атыыһыттыыр Саввинов Николай Петровиһы кытта Харыйалаахтыырга баран ат сиһэ тосторунан ырдан кус бөҕөнү бултаан кэлэллэрин оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан көрөрүм. Күһүн, кыһын тииҥ, куобах, мас көтөрө бөҕөтүн сүгэн кэлэрин өйдүүбүн.
Таайым Титов Егор Данилович бултуу сылдьан, киис тутан турар.
Ааспыт үйэ алта уонус сылларыгар киис кыыл саҥа үөскээн, тарҕанан эрдэҕинэ Боотулууга кииһи сонордоһон, хапкааннаан бултааһыны кини саҕалаабыта.
Бу таайым туһунан ахтыыны 76 сааспар үктэнэн олорон кини аймахтара, оҕолоро, сиэннэрэ биллиннэр диэн одоҥ-додоҥ да буоллар тугу өйдөөн хаалбыппын суруйдум.
Быйыл 2018 сыл олунньу 2 күнүгэр Сталинград иһин кыргыһыы түмүктэммитэ 75 сылын туолбута. Аны таайым Титов Егор Данилович бу кыргыһыы актыыбынай кыттыылааҕа этэ уонна бу сылга таайым төрөөбүтэ 100 сылын туолар.
Дьөгүөр СЭМИЭНЭП,
балта Орто Өрүүнэ улахан уола, Арасссыйа ойуурун бочуоттаах үлэһитэ, СӨ айылҕатын харыстабылын туйгуна, Үөһээ-Бүлүү улууһун, Боотулуу нэһилиэгин, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин бочуоттаах олохтооҕо, сэрии тулаайаҕа, II группалаах инбэлиит, Үөһээ Бүлүүтээҕи ойуур хаһаайытыбатын 1974-2008 сс. дириэктэрэ.
“Үөһээ Бүлүү” хаһыат, 2018 с. муус устар 24 күнэ.


