КИНИЛЭР ААТТАРА УМНУЛЛУБАТ
(Улуу Кыайыы 35 сылын көрсө)
Үөһээ Бүлүүгэ Боотулуу уонна Сургуулук нэһилиэктэрин быыстарыгар Таалакаан арҕаа быыһынан силлиһэ Кыбытыы алаас сытар. Кини аатын курдук кыра сир. Ханнык да үргүөрү киллэрбэттии Кыбытыыны төгүрүччү өттүнэн эргиччи иилээн үөт, хатыҥ ойуур булкуһа үүнэн лаглаһан тураллар. Үөттэр анныларыгар үүммүт хаптаҕастар оҕо-аймаҕы “сиэҥ” диэбиттии угуйа-ыҥыра кытараллара.
Икки алаас силбэһэр сирдэригэр үтэн киирбит сыырдаах ойуур тумулугар хаһан да хагдарыйары билбэт күп-күөх баай харыйа турар.
Бу алааска олорор оҕолор харыйа анныгар ыһыллыбыт туорахтары хомуйан дьиэлэригэр илдьэн уулаах иһиккэ уган дьиппинитэ-дьиппинитэ, өргө диэри оонньуур оҥостоллоро, туорахтара сүтэн-оһон бардахтарына харыйаларын анныгар эмиэ кэлэн туорах хомуйаллара.
Манна Данил Титович Титов оҕонньор кэргэнинээн Балбаара эмээхсинниин ыал буолан олорбуттара, кинилэр сэттэ оҕолоро манна төрөөбүттэрэ, улааппыттара, ыал буолбуттара.
Сэрии иннинээҕи сылга Кыбытыыга Данил оҕонньор бырааттара, оҕолоро ыал буоланнар 5-6 ыал баар этэ, “Киров” колхозка үлэлээбиттэрэ. Ол кэмҥэ фашистар сэриитимсийбит үөрдэрэ биһиги дойдубутугар түөкүннүү саба түспүттэрэ. Сэрии буурҕатын аймалҕана Кыбытыыга эмиэ тиийэн кэлбитэ, 1942 сыл сайыныгар Кыбытыы 4 эр киһитин сэриигэ атаарбыта. Данил оҕонньор икки улахан уолаттара Амыдай уонна Дьөгүөр, иккис кыыһа Аана кэргэнэ Кирилэ, быраата Иона иитиллибит Ийэ дойдуларын уодаһыннаах өстөөхтөн көмүскүү барар буолбуттара. Данил оҕонньор уолаттарын, быраатын уонна күтүөтүн Көтөрдөөххө, колхозтарын киинигэр диэри атаарбыта. Арахсарыгар эр-биир сүүстэриттэн сыллаталаан ылбыта уонна этэҥҥэ эргиллэллэригэр баҕарбыта.
1943 сыл сайыныгар Данил оҕонньор орто кыыһа Өрүүнэ кэргэнин Мэхээлэни эмиэ уоттаах сэриигэ тэрийэн ыыппыта.
Бу кыракый алаас биэс туруу эр дьоно сэриигэ баран, иччитэхсийбит курдук буолбута. Сэрииттэн туох эмэ сурах-садьык кэлээрэй диэн ол кэтэһиитэ күннэр-ыйдар ааһалларын улаханнык батыырдыбыта.
1944 сыл олунньу ыйга Кирилл Кисиляхов улаханнык бааһыран алаһа дьиэтигэр эргиллибитэ.
Кисиляхов Кирилл Данилович.
Кини Украинскай фронт пулемётнай ротатыгар сылдьан хорсуннук сэриилэспитэ. Кирилэ сэрии кэнниттэн кыһынын кылааннаах түүлээҕи бултаан, сайынын араас үлэҕэ төһө күүһэ кыайарынан үлэлээн колхоһа, совхоһа чэчирии сайдарыгар сэмэй кылаатын киллэрсибитэ. Кини Норуот хаһаайыстыбатын сайдыытыгар ситиһиилэрин иһин боруонса медалынан наҕараадаламмыта, элбэх оҕо эһэтэ буолбута.
Улахан уола Пётр Кисиляхов оройуон биллиилээх механизатора. Улахан кыыһын Марина оҕолоро үлэһит буолан эрэллэр. Кыра уола Егор Кисиляхов научнай үлэһит, Красноярскай куоракка олорор, үлэлиир.
Данил оҕонньор күтүөтэ кэлбит сайыныгар аны уола Егор Данилович Титов, эмиэ илиитигэр бааһыран, сэрииттэн эргиллэн кэлбитэ.
Титов Егор Данилович.
Кини Сталинград аттынааҕы өлөр-тиллэр икки ардынан кырыктаах кыргыһыыга сылдьыбыта.
Итинник Даниллаах Балбаара оҕолоро уоттаах сэрииттэн, төһө да эчэйдэллэр этэҥҥэ эргиллэн кэлэннэр санаалара бөҕөргөөбүтэ.
Улахан уола Данил Амыдаев (аҕатын аатын кытта биир ааттааҕын иһин Амыдай диэн ааттааҕын кэлин фамилия оҥостубута) дөрүн-дөрүн сурук ыытар этэ. Кини дэҥ курдук ыытар суруктара кылгас буолаллара. Үксүгэр үөрэҕэ суох буолан табаарыс нууччаларыгар суруттаран ыытара. Кини суруктара быһа барыллаан 1944 сыл саҥатыгар диэри кэлбиттэр. Тиһэх суругар бииригэр уолаттарыгар Ньукулайдаах Сэмэҥҥэ туһаайан маннык суруйбута: “Уолаттарым, кытаатан үөрэниҥ. Үөрэхтээх дьон буолуҥ, мин үөрэҕэ суох буолан нууччалыы билбэккэ улаханнык эрэйдэнним. Ол да буоллар Ийэ дойдум иннигэр дьонтон итэҕэс сылдьыам суоҕа. Түөрт төгүл сэрии толоонугар бааһырдым, билигин саҥа үтүөрэн сэриигэ киирээри олоробун”. “Ити кэннэ киниттэн ханнык да сурук кэлбэтэҕэ”, – диэн кэргэнэ Даарыйа кэпсиирэ.
Аҕаларын кэриэһин хоту Сэмэннээх Ньукулай үөрэммиттэрэ. Ньукулай Дьокуускайдааҕы художественнай училищены ситиһилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ, ССРС Художниктарын союһун чилиэнэ буолбута. Кыра уол Сэмэн СГУ историческай факультетын бүтэрбитэ, билигин Намҥа орто оскуолаҕа үлэлиир.
Манна даҕатан эттэххэ, Николай Данилович Ньурба уонна Үөһээ Бүлүү бөһүөлэктэригэр 1941-1945 сылларга сэриигэ баран өлбүт саха буойуннарыгар памятник оҥорон убайдарбыт, аҕаларбыт ааттарын, сырдык кэриэстэрин үйэтиппитэ.
Данил оҕонньор күтүөтэ Михаил Тимофеевич Семёнов нэһилиэгэр оройуоҥҥа, ону ааһан республикаҕа биллэр киһи, киэҥник биллибит чулуу булчут этэ. Мэхээлэ 1944 сыл олунньуга сэриигэ киирбитин туһунан сурук кэлбитэ, онтон эмиэ туох да кэлбэт буолан хаалбыта.
Кыбытыы алааһыттан барбыт бэһис киһи Дюлюнов Иона Филиппович сэрии бүппүтүн кэннэ, 1946 сыл саҥатыгар алааһыгар эргиллэн кэлбитэ. Кини Украинаттан саҕалаан Венгрия киин куоратын Будапеһы босхолооһуҥҥа кырыктаах кыргыһыы уот толоонугар сылдьыбыта. Итинник Саха сирин үөрэҕэ суох уонна кыра үөрэхтээх уолаттара ыраах Кыбытыы алааһыттан ыраах баран, биһиги дойдубут бары ньургун уолаттарын кытта холбоһон, сарын-сарыннарыттан өйөнсөн кырыктаах өстөөҕү кытта өлөллөрүн да кэрэйбэккэ эр санаалаахтык охсуспуттара.
Ксенофонтов Уйбаан, Чыгыы Уйбаан, Уһун Баһылай, Кисиляхов Кирилэ.
Эбэм Балбаара эмээхсин сэрии бүппүтэ төһө эмэ ааспытын да кэннэ күтүөттээх улахан уола – Мэхээлэлээх Амыдай кэлиэхтэрэ диэн кэтэһэр быһыылааҕа. Кини сэриигэ аттаммыт дьонун аартыктарын чарапчыланан көрөр буолара. Онно биэстээх-алталаах бэдик уол эбэбин үтүктэн, аҕалаах таайбын кэтэһэн көрсөр буоларым.
Кыра сырыттахпына эбэм сиэннэрин биһигини батыһыннара сылдьан Таалакааҥҥа харыйалаах тумулу быһа түһэн ынах хомуйа барара. Ол иһэн харыйа аттынааҕы эдэр ыччат харыйачааннары ыйа-ыйа этэр буолара: “Тоҕойдоруом, бу эдэр ыччат харыйалары алдьаппат буолаарыҥ. Кинилэр эмиэ улаатаннар харыйалар буолуохтара”.
Улаатан да баран бу мин убайдарым харыйаларын, сөп буола-буола охсуллан аастахпына, хаайан да таарыйабын. Кинилэр тулалара ыччат харыйаларынан силигилээбиттэрэ.
Итинник биһиги аҕаларбыт, убайдарбыт Аҕа дойду көмүскэлигэр, дьоллоох олох туһугар туруулаһан охсуспуттара сүрэхпититтэн хаһан даҕаны сүтүө суоҕа. Кинилэр сырдык ааттара көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн үйэлэри уҥуордуохтара, үтүөҕэ-кэрэҕэ угуйа-ыҥыра туруохтара.
Егор СЕМЁНОВ–Тыаһыт.
“Коммунизм сардаҥата” хаһыат, 1980 сыл кулун тутар 27 күнэ, №38 (4180).
КЫБЫТЫЫГА СЫЛДЬАН, КЭЛИҤҤИ ХААРТЫСКАЛАР







