ИЙЭБИТ СЫЛААС ИЛИИТЭ
Биһиги ийэбит Таисия Гаврильевна 1928 сыллаахха олунньу ый 2 күнүгэр Ньурба оройуонун Тыалыкы нэһилиэгэр, билиҥҥинэн Антоновка сэлиэнньэтигэр күн сирин көрбүтэ.

Оҕо сааһа Бүлүү өрүс кэрэ көстүүлээх кытылыгар, Антоновкаттан балтараа көс алын, кини аҕатын аатынан Захаров аартыга диэнинэн биллэр сиргэ ааспыта. Ийэтэ Мария Алексеевна төрүт Тыалыкы олохтооҕо этэ.
Ийэбит Таисия төрөппүт аҕата Васильев Пётр Гаврильевич Якутскайдааҕы байыаннай училищены бүтэрэн старшай лейтенант званиелааҕа. Нам оройуонугар партия райкомун секретарынан үлэлээбитэ. Онтон Москваҕа көһөн олорбута. Сэрии бастакы күннэригэр фроҥҥа тылланан барбыта.
1941 сыл күһүнүгэр бүтэһик суругар: «Москва анныгар оборонаҕа сытабыт, кэннибитигэр Москва, харыс да сири чугуйар санаабыт суох», – диэн суруйбут этэ. Онтон сотору дьонугар старшай лейтенант Васильев П.Г. хааннаах кыргыһыыга сураҕа суох сүттэ диэн биллэрии кэлбитэ.
Оччолорго, фашистар кимэн киирэр кэмнэригэр, сэрии саамай тыҥааһыннаах, хааннаах кыргыһыыларыгар тыһыынчанан советскай саллааттар кыргыһыы хонуутугар охтоллоро, кыайан учуоттаммакка сураҕа суох сүппүттэр ахсааннарын хаҥаталлара.
Ийэтэ Мария Алексеевна иккистээн Захаров Гаврил диэн Тыалыкы олохтооҕо киһиэхэ кэргэн тахсыбыта. Хабырыыл колхозка үлэлиирэ, олус үлэһит, балыксыт, сэмэй киһи этэ. Мария киниттэн үс оҕону төрөппүтэ. Дьиэ үлэтэ, оҕо көрүүтэ барыта улахан кыыс Таисия санныгар сүктэриллибитэ. Онуоха эбии сэрии сыллара мэҥэстэн олохторо олус ыарахана, ас-таҥас кырыымчыга. Оччотооҕу оҕолор оҕо курдук оонньообокко улааппыттара. Ийэбит “наар оҕо сүгэһэрдээх сылдьар этим” диэн кэпсээччи.
Оҕолор кыра эрдэхтэринэ аҕалара Гаврил ыалдьан өлбүтэ, олохторо өссө ыараабыта. Ийэлэрэ огдообо хаалан, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан түөрт оҕону атахтарыгар туруортаабыта. Икки кыыс олус ыарыһах буола улааппыттара.
Ыар сыллар мэһэйдээн, ийэбит 7 кылааһынан үөрэнэн бүппүтэ. Балтыларын, быраатын иитиһэр туһуттан 16 сааһын туолуута Ньурбатааҕы оҕо дьааһыдатыгар ньээньэнэн үлэҕэ киирбитэ. Үлэҕэ сыстаҕас, сүрэхтээх-бэлэстээх, наар күлэ-үөрэ сылдьар кыыһы Доруобуйа харыстабылын оройуоннааҕы салаатын сэбиэдиссэйэ таба көрөн, медсестралары бэлэмниир кууруска үөрэнэригэр мэктиэлээбитэ.
Ити кууруһу 1948 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрэн, 2-с Хаҥаласка медсестранан ананан үлэлии барбыта. Онно икки сыл үлэлээбитин кэннэ арыый опытырда диэн, ыраах Хорулаҕа анаан таһаарбыттара. Манна үлэлии сылдьан саҥа үөрэҕи бүтэрэн учууталлыы кэлбит биһиги аҕабытын Михаил Яковлевиһы кытта көрсөн, харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолбуттара.

1951 сыллаахха бастакы оҕолоро, биһиги убайбыт Виталий төрөөбүтэ. Ол сыл сааһыгар түөрт ыйдаах оҕолорун тымтайга уганнар, атынан 6 көстөөх аҕабыт дойдутугар Чуукаарга көспүттэрэ. Ол көһөн кэлиэхтэриттэн ийэбит 40-ча сыл Чуукаар балыыһатыгар сиэстэрэнэн үлэлээбитэ. Аҕабыт учууталынан, оскуола директорынан эмиэ 40-тан тахса сыл үлэлээбитэ.
Дьоммут олус эйэлээхтэрэ. 10 оҕону төрөтөн, көрөн-харайан атахтарыгар туруорбуттара, үлэһит оҥортообуттара. Биһиги ийэбит Таисия Гаврильевна ити үлэлээбит сылларын усталарыгар төһөлөөх ыарыһах кини сылаас- сымнаҕас илиитин иһинэн эмтэнэн, үтүөрэн тахсыбыта буолуой?
Оччолорго сэрии кэннинээҕи тиийиммэт-түгэммэт, ас-таҥас татым кэмнэригэр трахома курдук харах сыстыганнаах ыарыылара, кыһыылаах ымынах, лиистигинэн сутуллуу, сөтөл ыарыылара олус тарҕаммыт кэмнэрэ этилэр. Олору эмтииргэ барыларыгар быраастар, фельдшердэр, сиэстэрэлэр үлэлэригэр эппиэтинэстэрэ, билиилэрэ-көрүүлэрэ, сүрэхтэрэ-бэлэстэрэ улахан оруолу ылара.
Илиистиктээх дьону булан түһэттэрии, трахома ириҥэтин кыһыйыы, ыраастааһын, сөтөллөөхтөрү, тириилэрэ ымынах буолбут дьону эмтээһин сиэстэрэлэртэн элбэх сыраны-сылбаны эрэйэрэ. Фермаларга, сайылыктарга, үрэх бастарыгар сиэстэрэлэр сатыы, ардыгар атынан тиийэн ыарыһахтары эмтииллэрэ. Билиҥҥи курдук суол-иис да, массыына да суоҕа. 50-с, 60-с сылларга ити ыарыылар барылара эмчиттэр сыралаах үлэлэрин түмүгэр аҕыйаабыттара, суох оҥоһуллубуттара.
Оччолорго биир медсестра билиҥҥи хас да медсестралар спецальностарын толороро. Ол курдук дезинфектор, ваксинатор, амбулаторнай уонна дежурнай сиэстэрэ үлэлэрин толороллоро. Онно эбии төрүүр ийэлэр билиҥҥи курдук оройуон киинигэр киирбэккэ, Чуукаар балыыһатыгар оҕолоноллоро. Сэрии кэнниттэн оҕо төрөөһүнэ хаһааҥҥытааҕар да элбэҕэ. Оҕону төрөтүү тыа балыыһатын акушеркатыгар, сиэстэрэлэригэр сүктэриллэрэ.
Биһиги ийэбит бииргэ алтыһан үлэлээбит дьүөгэлэрин – медсестралары Кулатова Марияны, сиэстэрэ Маайаны, Давыдова Маайаны уонна да атыттары олус иһирэхтик ахтара.
Бииргэ үлэлээн ааспыт врачтарын – Еремеев Прокопийы, Ушканов Иван Григорьевиһы, Кыппыгырова Изабелла Самуиловнаны, фельдшер Макаров Василий Ивановиһы олус убаастабыллаахтык ахтан-санаан ааһааччы. Балыыһа үлэһиттэрэ олус коллективтаахтара, нэһилиэк общественнай үлэлэригэр, субуотунньуктарга олус көхтөөхтүк кытталлара.
Ийэбит барахсан ыарахан ыарыыттан 90 сааһыгар олохтон барбыта.
Ахтыыны суруйда уола Абаҕан.
2025 сыл, олунньу ый.
