Егоров Борис Прокопьевич туһунан

ҮӨРЭБИТ, КИЭН ТУТТАБЫТ

Боруоҥка уола, Борис, Бороҥ, Егоров Борис – ССРС көҥүл тустууга маастара, ньурбалар биир саамай талааннаах ыччаппыт. Билигин Нам улууһун маанылаах күтүөтэ. Саха Республикатын уонна Россия үтүөлээх тренерэ, Саха Республикатын спортка уонна физическэй культураҕа үтүөлээх үлэһитэ, Российскай Федерация спортка уонна физическэй культураҕа туйгуна. Ньурба уонна Нам улуустарын ытык олохтооҕо, дьоһун ыал аҕата, элбэх сиэн тапталлаах эһээтэ.

Нам улууһун Юмшанов аатынан оҕолорго тустуу оскуолатын дириэктэрэ Борис Прокопьевич Егоров туһунан, оҕо сылдьыахпыттан алтыспыт киһи быһыытынан, кыратык ахтан-санаан ааһыахпын баҕардым. Кини Ньурба рабочай бөһүөлэгэр 1957 сыллаахха алтынньы 29 күнүгэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ.

Аҕата Егоров Прокопий Иннокентьевич (Боруоҥка) өр сылларга коммунальнай хонтуораҕа болуотунньугунан, онтон ВОХР-га үтүө суобастаахтык үлэлээн сынньалаҥҥа тахсыбыта. Кини Ньурба тустуутун саамай азартаах «болельщига» этэ. Ийэлэрэ Степанова Екатерина Трофимовна төһө да ыарыһах, инбэлиит буоллар сэттэ оҕону төрөтөн, күн сирин көрдөрбүтэ. Эдэр сааһыгар, оҕолоро кыраларыгар күн сириттэн барбыта.

Онон оҕолорун аҕалара Прокопий Иннокентьевич иитэлээн, атахтарыгар туруортаабыта. Мин тустуук буолан Бористаах Генаны чугастык билэбин. Бары бииргэ алтыһан оҕо сааспыт ааспыта. Бириэмэбитин Ньурбатааҕы оҕо спортивнай оскуолатын көбүөрүгэр эрчиллэн аһарбыппыт буолуо. Быраата Гена көҥүл тустууга ССРС спордун маастара, хапсаҕайга Саха сирин спордун маастара, классическай тустууга маастар нуорматын толоро сылдьыбыта. Ньурбаҕа Саха АССР үтүөлээх тренердэрэ Иванов Николай Прокопьевич уонна Алексеев Семён Фёдорович эрчийбиттэрэ уонна олоххо үөрэпиттэрэ.

Борис оҕо сылдьыаҕыттан тренер буолара биллэр эбит. 8 кылааска үөрэнэ сылдьан оройуон күрэхтэһиитэ буолаары турдаҕына: “56 киилэҕэ үчүгэй киһибит суох, сарсыҥҥыттан эрчиллэн баран тустан көр, илиигэр-атаххар күүстээххин”, – диэн ыҥырда. Кырдьык-хордьук 3-4 күн эрчилиннибит, приём үөрэттэ. Сүбэлиир-амалыыр тренердэр саҥа кэлбит оҕоҕо улаханнык наадыйбаттар, ол иһин мин барытын Бористан эрэ ыйыталаһабын. 3-4-с күммэр көһүйбүтүм ааһан, күрэхтэһэр күммэр үчүгэй курдук буоллум. 1974-1975 сылларга 40-ча оҕо биир ыйааһыҥҥа тустар этэ. Ыйааһыммар уруккуттан тустар Саввин диэн уолга биир очконан хотторон 2 миэстэ буолан соһуталаатым. Икки нэдиэлэ сборданан баран, хотторбут уолбун кыайаммын республика “Спартак” обществотын күрэхтэһиитигэр мин барар буоллум.

Аны “Спартакка” иккис миэстэни ыллым. Биир ыйынан хотторбут уолбун кыайан Грознай куоракка Россия “Спартак” күрэхтэһиитигэр туста бардым. Ол сайын Тарскайга Чурапчыга 3 миэстэ буолабын. Борис Прокопьевичтыын көрүстэхпитинэ күлэн “бастакы тренерим” диибин. Чахчы даҕаны, көбүөргэ Борис ыҥырбатаҕа буоллар тустуук буоларым саарбах эбит. Борис улуу тренер буолара оҕо сылдьыаҕыттан биллэр этэ. Эрдэттэн ылсыбыт сыалын толорон баран төннөр идэлээх. Тустуук быһыытынан айылҕаттан талааннаах диэн этэргэ ыарахан буолуо, чыыстай эрчиллииннэн, бэрээдэгинэн уонна сахалыы ньоҕойунан Саха сиригэр биир күүстээх маастар буола үүммүтэ.

Борис төрөөбүт-үөскээбит оройуонун спортивнай чиэһин араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ элбэхтэ ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Ол курдук 1973 с. республикаҕа уолаттар ортолоругар 3 миэстэ. 1977-1981 сс. Тарскай бирииһигэр улахан дьоҥҥо 2 миэстэлэри ылаттаабыта. Кини үрдүк таһымын, кыаҕын, кылааһын Москва, Ленинград, Ташкент, Кемерово, Красноярскай, Кострома, Краснокамск куораттарга буолбут бүтүн Союзтааҕы турнирдарга дакаастаан чемпионнаан уонна призёрдаан турар. Өссо да тустуоҕун оҕо сылдьан илиитигэр ылбыт эчэйиитэ мэһэй буолбута.

Борис Прокопьевич Ньурба 10 чулуу спортсменнарын ахсааныгар хаста да билиниллэн турар. Кини Красноярскайдааҕы Государственнай пединституту бүтэрэн баран, Нам улууһугар старшай тренеринэн ананан үлэлээбитэ. Кини эрчийэр Нам улууһун оҕолоро 1986 с. – 2 миэстэ, 1987 с. – 1 миэстэлэри республикаҕа ылбыттара. 1987 с. республика чулуу тренерин аатын ылбыта.

Борис Прокопьевич Красноярскайга үөрэнэр кэмигэр кинини көҥүл тустууга ССРС үтүөлээх тренерэ Гусев Владимир Леонидович эрчийбитэ, такайбыта. Борис Прокопьевич тренер быһыытынан улахан таһымнааҕын көрдөрөн, кылгас кэм иһигэр 20-тэн тахса ССРС спордун, икки аан дойду кылаастаах, биир Россия үтүөлээх маастардарын иитэлээн таһаартаабыта туоһулуур.

Ити ситиһиилэрин Саха Республикатын, Россия спортка салалталара үрдүктүк сыаналаабыттара, киниэхэ Саха Республикатын, Россия үтүөлээх тренерин үрдүк аатын иҥэрбиттэрэ.

Борис Прокопьевич тэрийэр уонна салайар талааннааҕын таба көрөн, Нам улууһун салалтата спортивнай оскуола директорынан 2001 с. анааннар күн бүгүнүгэр диэри ситиһиилээхтик уонна таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар. Ону истэн-билэн биир дойдулаахтара улаханнык үөрэбит, астынабыт уонна киэн туттабыт.

Борис Прокопьевич 1983 с. Намнарга күтүөт буолан уонна бу дойду дьонун-сэргэтин, айылҕатын, сирин-уотун сөбулээн олохсуйбута 41 сыл буола охсубут. Намнар Егоров Б.П. дьиэ кэргэнин биир киэн туттар, ытыктанар ыалынан билинэллэр. Кини тапталлаах кэргэнэ Мария Егоровна Нам оройуонун почтатын начальнигынан үлэлээн баран, билигин бочуоттаах сынньалаҥар сиэннэрин көрөн олорор.

2024 сыл муус устар 27 күнүгэр Нам улууһугар 2007-2008 сыллаах төрүөх уолаттарга Саха Республикатын уонна РФ үтүөлээх тренерин, Ньурба уонна Нам улууһун ытык олохтооҕун Егоров Б.П. аатыгар күрэхтэһии үрдүк таһымнаахтык буолан ааспыта.

Ньурба тустуутун оскуолатын иитиллэччилэрэ, 1970-80 сыллааҕы тустууктар Василий Васильев, Виктор Михайлов, Сергей Николаев бу күрэхтэһиини күндү ыалдьыт буолан киэргэппиттэрэ уонна бэйэлэрин анал бириистэрин эдэр тустууктарга туттарбыттара. Доҕордорун Борис Егоров күрэхтэһиитин тэрийсибит улуус баһылыгар Юрий Иннокентьевич Слепцовка, Саха Республикатын спордун министригэр Леонид Николаевич Спиридоновка, Нам улууһун спорт комитетын председателигэр Иванов Павел Гаврильевичка, үөрэх управлениетын начальнигар Мария Семёновна Игнатьеваҕа, улуус олохтоохторугар улахан махталларын тириэрдибиттэрэ.

Бииргэ оскуолаҕа үөрэммит табаарыстарым, кылааһынньыктарым Күөх Ньурба тоҕус кырыылаах уолаттара Нам кыргыттарын сөбүлээн, мааны күтүөт буолан олороллор. Көҥүл тустууга международнай кылаастаах маастар Алексеев Егор Николаевич – Модут дэриэбинэтигэр өр сылларга таһаарылаахтык тренеринэн үлэлээбитэ, Модут ытык олохтооҕо. Аатырбыт боксёр, фермер, эдэр ыччакка общественнай тренер Соловьёв Николай Фёдорович – Никольскайга олохсуйан олорор. Хапсаҕайга Саха Республикатын спордун маастара Григорьев Аркадий Николаевич – Партизаҥҥа ветеринарнай бырааһынан (1987-2018), улуус депутатынан (2007-2012), онтон спортивнай зал дириэктэринэн үлэлээбитэ. Түгэнинэн туһанан, “Сахаадаҕа” ыстаҥаҕа спорт маастарын удостоверениетын ылбытынан эҕэрдэлиибин!

Доҕорум, кылааһынньыгым Борис Прокопьевич атын оройуоҥҥа баран үчүгэй үлэтинэн, киһи быһыытынан кэрэтинэн, холобурга сылдьар мааны ыал аҕата төрөөбүт-үөскээбит оройуонун Ньурбатын аатын-суолун түһэн биэрбэккэ үлэлии-хамсыы сылдьарыттан үөрэбит уонна киэн туттабыт.

Ахтыыны суруйда

Сергей Гаврильевич ДМИТРИЕВ, Саха Республикатын үтүөлээх ветеринарнай бырааһа, Саха сирин спордун ветерана, “Спортка уонна физическэй культураҕа үтүөлэрин иһин” знак хаһаайына, Ньурба улууһун, Ньурба куоратын уонна Түмүк нэһилиэгин ытык олохтооҕо.

2025 сыл, олунньу ый.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *