АХТАР, САНЫЫР ХОС ЭБЭМ
Мин дьоллоох хос сиэн үөрүүтэ буолан Улуу Суорун ыйыгар, Сэмэнэп күнүн сарсыҥҥытыгар төрөөбүппүн. Хос эбэм миигин, хос сиэнин, саҥа кырыс үрдүнэн хаамтарарга үөрэппитэ. Туойар турар айылҕаны ботугураан кэпсиирин, Чысхаан тыала тымныппатын диэн олох маска олорон, сылаас илиитинэн кууһан олох тыыннаах ырыаларын сипсийэн ыллыырын өйдүүбүн.
Хос эбэм сылаас алаадьытын, үтүө майгытын ахтабын.
Сыл-күн ааһар, дьылҕам ытык аналын толорбуттуу санаары таптыыр хос эбээбин – Карамзина Антонина Георгиевнаны кылгастык ахтыам.
Хос эбэм 1927 сыл олунньу 27 күнүгэр Дьокуускайга, Хатас бөһүөлэгэр төрөөбүтэ. Кини 1941 сыллаахха 14 саастааҕа, онон 1941-1945 сэрии сылларын кэмигэр кырдьаҕастары кытта бииргэ үлэлэспит. Бары күүстэрин түмэн, биир санаанан кыайыыга дьулуһан тыылга хоһууннук үлэлээбиттэр. Ол туоһутунан кини уонна кинилиин бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрин тустарынан республика хаһыаттарыгар суруйбуттара, элбэх кинигэлэр суруллубуттара.

Хос эбэм Антонина Георгиевна “Үлэҕэ килбиэнин иһин”, “Сталин төбөтө” мэтээллэрдээх, тыыл-үлэ ветерана, 10 оҕо ийэтэ, 17 сиэн эбээтэ, 2 хос сиэн үөрүүтүн билбитэ. Кини 1943 сылтан пенсияҕа тахсыар диэри дьааһылаҕа уонна детсадка үлэлээбит, ол туһунан саһарбыт хаартыскалар кэпсииллэр.
Төһө да сааһынан сынньалаҥҥа таҕыстар, «Алгыс» ветераннар кулууптарыгар М.Я.Капитонова салайааччылаах, үүнэр көлүөнэҕэ холобур буоланнар ырыа-тойук ансамбльга илдьэ сылдьарын өйдүүбүн.

Оҕо сааспар, кылгас кэмҥэ да буоллар хос эбэм Антонина Георгиевна иһирэх иэйиитин сырдык дууһам ымыыта оҥостон сүрэхпэр иҥэриммиппин, ону суруйан хааллардым.
Хос сиэнэ
Артур Данилович СОЛОВЬЁВ.
2025 сыл.
Хаартыскаҕа: 1. Хос эбэм, быраатын Карамзин Олег Георгиевичтыын. 2. Хос эбэм дьүөгэлэрин кытта (үөһээ ортоку турар).
