Саввин Иван Иванович ахтыыта

ДЬИКТИ ТҮБЭЛТЭ

Биирдэ Свинобоев Кешалыын, өрүс эстибитэ үс хоммутун кэннэ, мотуорунан кустуу киирдибит. Муус син хойуу соҕус, талах быыһыттан кустар өрө көтөн тахсаллар. Биһиги дьэ күөрэт да күөрэт!

Ол курдук ыта-ыта Лэкэ Хайаҕа чугаһаан иһэн, мууска кыһарыйтаран шпонкабыт быстан хаалла. Мин мотуорбун өрө тардан баран биинтэбин устаары гыммытым, сплинэ кыайан кэлбэккэ өр баҕайы бадьыыстастым. Ол бириэмэҕэ хара сыырга мотуорбутун анньар гына сүүрүк дэллэһитэн иһэр эбит. Ыксаабыт-тиэтэйбит санаабар сүүрүгэ түргэнэ сүрдээх курдук. Дьэ, ыксал буолла, отой оҥорон да диэн үспүөйдүө суохпун. Мин биинтэбин уста сатыыбын, Киэсэм харса суох үөс диэки эрдэр. Сүүрүгэ күүһэ-дохсуна, аны мууһа хойуута, улахан муустар бэйэ-бэйэлэригэр охсуллар тыастара бүтэҥитик, сүр дьиппиэнник лүҥ гыналлар. Онуоха күн уотун суоһуттан тыраанньык курдук ирбит, ууллубут муус бытарыйан үлтүрүйбүт түннүк тааһын тыаһын курдук лыҥкынаһаллар. Хара сыыр анныгар киллэрэрэ буолла – иэдээн тирээтэ, ыксал буолла.

Хата, киһи бэрдэ оруобуна оҥорон мотуорбун ууга батары баттаат, стартербын тардарбын кытта мотуорум барахсан өмүрэх эмээхсин курдук өрө бирилии түстэ. Скоростька анньаат, муустар быыстарынан үөс диэки салайа туттум. Дьэ, иккиэн үөрүүбүттэн сирэйдиин сырдыырга дылы гынныбыт. Киһим миэхэ икки ытыһын нэлэҥнэтэн көрдөрөр, өйдөөн көрбүтүм – ытыһа бүтүннүү кытаран, хабыллан тахсыбыт. Киһим «Казанка» куорпус эрдиилэрэ өҕүллүөр диэри эрдибит эбит. Буолаахтаамына даҕаны, сырдыкка, олоххо тардыһыы диэн кытаанах буоллаҕа. Ким эрдэ олохтон туоруон баҕарыай, бу киирбэт күннээх орто туруу бараан дойдуттан.

Ол буолан төттөрү өксөйөн, Куобахтаах арыытыгар хоно бардыбыт. Ити күн түөрт уонча куһу син эр дьон буолан бултуйдубут.

Хайдаҕын да иһин биир кырбас ордук эттээх, туран эрэ ииктиир, тоҥ маһы тосту тардар, сулламмыт титирик курдук харылаах Ньургун Боотурдар буоллахпыт дии. Оонньоон этэбин, дьэ, арыыбытыгар кэллибит. Тыыбытын уһун соҕус гынан быанан баайдыбыт, били түүн уу түстэҕинэ быата кылгас буоллаҕына хантаччы түһэн тимирэн хаалааччы. Биирдэ Халадьыас Коля уонна Яковлев Марик, атыттары умнан кэбистим, эмиэ кустуу сылдьан корпустарын үөккэ чиккэччи тардан баайан кэбиспиттэр. Сарсыарда турбуттара – уу түһэн тыылара быатыттан ыйанан хантаччы тимирэн хаалбыт, туох баар маллара, ботуруоннара барыта тимирэн хаалбыт. Ону уһун күнү быһа мутуктаах маһынан булкуйан, хата, барытын хостообуттар…

Били кэпсээнтэн кэпсээн диэбиккэ дылы, эмиэ биирдэ диэххэ дуу, мотуорунан кустуу сылдьабыт. Мин Уйбаан Саабын, Халадьыас Коля, Агит Охлопков уонна аарымабыт Биэдьэкээн Степанов буолан. Бараары туран арыыйда сытыы киһибитин Халадьыаһы сибэтиэй аста бул диэн сорудахтаатыбыт. Тэринии, өйүө-тайаа бөҕөтө ылынан, кылыс курдук кылааннаныы бөҕөтө буоллубут. Биһиги өрүс кытыытыгар киирэн малбытын саамылана таарыйа били саамай наадалаахпытын буллара ыыппыт киһибитин сэмээр кэтэһэбит, күүтэбит.

Киһибит Коля дьэ кэмниэ-кэнэҕэс, ол-бу ыал иэримэ дьиэни иччилиир кэрэ аҥардарын эрилис-турулус ымсыырдыбыт харахтарынан көрө-көрө, бу мүлтүрүҥнээн тиийэн кэллэ. Сирэйиттэн-хараҕыттан көрдөххө сыалын-соругун сиппит кэриҥнээх. Тэринэн-хомунан айаҥҥа туруннубут, эмиэ муус бөҕөтө, ону быыһынан-ардынан эрийэ-буруйа тутан үөскэ киирдибит. Көрсүөхтээх сирбитин болдьоһон баран икки аҥы бардыбыт. Халадьыас биһикки биир бытыылка өйүөлээхпит, анарааҥыларга Биэдьэкээн эрэ иһэр.

Ол курдук син кус бөҕөтүн бултаатыбыт. Болдьохтоох сирбитигэр тиийбиппит дьоммут хайыы үйэҕэ кэлэн, чэй-ас бөҕөтө буолан олорор эбиттэр. Ол курдук сыта-тура аһаан, ону-маны сэһэргэһэн, бириэмэ биллибэккэ да хаалла. Мин туран чэпчэтинээри тыаҕа бардым, арай көрбүтүм хоту диэкиттэн халлаан сырдаан барда. Хайдах баҕайыный, хотуттан буола-буола диэн баран дьоммор хаһыытаатым: «Кэлиҥ, көрүҥ эрэ – халлаан сырдаан эрэр!». Онуоха Биэдьэкээн “билигин кэлэн халлаан сырдыыр үһү дуо” диэтэ. “Кэлиҥ, кэлиҥ, көрүҥ даҕаны”, – диэбиппэр дьэ өйдөөн көрдүлэр. “Оо, 12 эрэ чаас дии, билигин”, – дэстилэр.

Ол турдахпытына букатын сырдаата. Онтон күһүҥҥүлүү бөдөҥ баҕайы кып-кыһыл ый арай “мин бу баарбын” диэбиттии дьэлтэйэн аҕай тахсан кэллэ.

Халлаан отой сып-сырдык буолан хаалла. Уонна аны илин диэки уһунна, балачча барбахтаан иһэн тохтоото. Син турбахтыы түһэн баран, аллараа тыа кэтэҕэр киирэн сүтэн хаалла. Халлааммыт уруккутун курдук хабыс-хараҥа, им-балай буолан хаалла.

«Ити тугуй, инопланетяннар кэллилэр дуо?» – дэстибит, онуоха Биэдьэкээн: «Чэ, ити биир буоккабытын иһэ охсуохха, аны атом эстибитэ буолуо, водка атомтан көмүскүүр», – диэтэ күлэ-күлэ. “Оо, дьэ, атом буоллаҕына аны өлөрбүт буолуо. Аа, дьэ, өллөхпүтүнэ Халадьыас кэргэнэ, итиччэ бэйэлээх хаарыаннаахай бааһынай дьахтар соҕотох хаалаахтыыр дии. Нохоо, ити туртас курдук хааман кынталдьыйар дьахтаргыттан мэлийэҕин”, – диэн күлэ-күлэ үөннээҕинэн көрөр, будьурхай баттаҕа будьуруйан олорон киэҥнээх-кыараҕас хараҕынан үөннээх баҕайытык туора-маары көрүтэлиир. Онуоха Халадьыас “ити Баанньалаах Агит ойохторо эмиэ хаалаллар буоллаҕа дии” диэн хардарса сатыыр. Онуоха “эйигин элбэх дьахтар суохтуура буолуо” диэн Биэдьэкээн киһитин сиэн түһэрдэ. Онуоха мин кыттыһан “кырдьык, хайдах эйиэхэ дьахталлар итинник сысталларый” диэн ыйыппыппар Биэдьэкээн: «Ээ, бу киһи сыт таһаарар, ол иһин сысталлар», – диэтэ. “Ол аата хайдах”, – диэтим, онуоха Биэдьэкээн “онтон көрбөккүн дуо, атыыр оҕус эмэһэтэ барыта сыптарыҥ да, ферма ынаҕа барыта эккирэтэ сылдьар” диирин кытта бары тиэрэ бара-бара күлэн тоҕо бардыбыт. Онтукайбыт чуумпуран турар киэҥ нэлэмэн Эбэбит үрдүнэн ой дуораана буолан иһэн, көмүөл мууһун суугунас тыаһыгар киирэн сүтэн хаалла.

Сүгэһэрбитин, өйүөбүтүн сүгэн били анаан кэлбит уолбабытыгар бардыбыт. Ити икки ардыгар халлаан боруҥуйан, хараҥаран барда. Арай уолба диэки көрбүппүт – кутаа уота кылахачыйан көстөр. Биһиги хата үөрдүбүт, киһи баар эбит диэн. Бэлэм чэйгэ-аска тиийэр дэлэ буолуо дуо, сылайан иһэр дьоҥҥо үчүгэйэ. Тиийбиппит Степанов Иннокентий (Ынахсыт кырдьаҕаһа) оргуйбут чэйин тып гыннарынан ылан, уот кытыытыгар уура сатыы турар эбит. Киһибит “оо, хата ыалдьыттар кэллилэр, тоҕо үчүгэйэй” диэбитинэн үөрэ-көтө көрүстэ. Мотуор тыаһын истэн хайыы үйэҕэ миинин, чэйин бэлэмнээбит. Уһун көнө, дьылыгырас уҥуохтаах, хохуоралаах улахан муруннаах бэйэтэ кэлэҕэйдиириттэн моонньун иҥиирэ күүрбэхтии турар эбит. Кини сытыары-сымнаҕас майгылаах, ыраас элэккэй санаалаах саха киһитин кэрэмэһэ… Биирдэ мин Сибэтиэй оҕонньордуун икки тайаҕы Буойа баһыгар улахан күөл сиһигэр бултаабыппыт, сатыы сылдьан. Онтон төттөрү Хаадьымаҕа кэлэн Киэсэни ылан, икки атынан ол тайахпыт этин аҕала бардыбыт. Кини ити кэмҥэ субан сүөһү көрөн сайылаан олорор этэ. Кыра уҥуохтаах саха атын Киэсэбит мииммитэ, икки атаҕа иҥэһэҕэ үктээбэтэҕинэ дулҕаҕа таарыйа сылдьар. Отой Дон Кихот курдук диибин мин, ону Сибэтиэй оҕонньор “күннээх Кавказ грузинын уолун курдук” диир.

Биһиги кыратык кэпсэтэ түһээт, аччыктаан кэлбит дьон быһыытынан ас үрдүгэр түспүтүнэн бардыбыт. Киэсэ биир эмис баҕайы көҕөнү буһарбыт эбит, ону үөрэ-көтө уос-тиис үллэстэн сиэн мотурҕатан кэбистибит. Биһиги биир иһит испиирдээхпит, онтукайбытын таһааран туруоран кэбистибит. Онтукабыт кутаа уотугар сырайан көрдөххө, дьэ, кылбайан үчүгэйэ сүр. Киэсэ үөрэн сирэйдиин-харахтыын отой сырдыы түстэ, тардыалата-тардыалата кэпсээн-ипсээн, көрүдьүөс-көрүдьүөстүк кутан-симэн барда. Биһиги күлэ-күлэ, кыралаан саҥа аллайан көх-нэм буолабыт. Кини кэпсээнэ элбэҕэ, эбиилээх-сабыылаах көрүдьүөс буолар, дьикти ураты үчүгэй, эйэҕэс майгылаах киһи. Аспытын кутуталаан оҕонньор уотун аһатта, мин аргыспар Киэсэҕэ туһаайан уоккун аһат диэтим, ол кэнниттэн кыра тыл этиилээх охсуһуннаран иһэн кэбистибит.

Ортолуу аһыы олорон оҕонньор: «Баанньа, уоккун аһаппатыҥ дии», – диэтэ, онуоха “бу Киэсэ аһатта ээ” диэн хардардым. Эдэр, уолҕамчы буолан дьулайбар да оҕустарбатым, тыал тыаһын курдук аһаран кэбистим. Ол онон ааста, мин кэнникинэн сылайан дуу, били астан дуу утуйуом наһаа кэллэ. “Киэсэ, дугдаҕар киирэн сытабын дуо”, – диэбиппэр “сыт-сыт, баран сынньан” диэн буолла. Мин хап-сабар ойон туран дугдаҕа киирэн олордум.

Таба тэллэҕэ куобах суорҕан сымнаҕас, сылаас баҕайы эбит. Киирэр аанын ойоҕоһунан түннүк сабыытын курдук быаҕа таҥаһы ыйаабыт. Ол үрдүнэн туора уһун-синньигэс кыра быыстаах. Онон уолба ойоҕос өттө, көбүс-көнө уутун ньуура бу мэндээрэн көстө сытар. Мин санаабар, баҕар, кус кэлиэ диэн кэтэһэн олоро сатаатым да туох да биллибэтэ. Уу-чуумпу, дьикти сылаас сатыылаан турар. Көхсүм сааллан сылайан бардым, тиэрэ түһэн сытынан кэбистим…

Арай ол сыттахпына киһи хааман иһэр тыаһа иһилиннэ. Туран били сабыы быыс үрдүнэн өҥөйөн көрбүтүм: уолба кытыытынан биир хаһан да харахтаан көрбөтөх кыра баҕайы оҕонньорум иһэр эбит. Эргэ нэк буолан саһаран хаалбыт барааҥка бэргэһэлээх, онтукайын үөһэ өрө бытырыыстаммыт, икки кулгааҕа хаамтаҕын аайы биэтэҥнии сапсына иһэллэр. Элэйэн түүтэ түһэн кытыыларынан сааппыйаан буолбут тириитэ көстө сылдьар таба саҕынньахтаах (арбаҕас). Онтукайын тирбэҕэ быанан быакаччы курдаммыт, кыыннаах быһаҕа уҥа өттүгэр биэтэҥнии сылдьар. Икки уостаах саатын хороччу сүкпүт, кэҥкэмэ саппыкытын тиэриммитэ оһун икки кулгаахтара хаамтаҕын аайы таллырҕыы иһэр эбиттэр. Кэллэ да быыһы арыйа тардаат, үрдүбэр кэлэн түстэ. Дьэ уонна мин испин отой сиһим үөһүгэр диэри ыбылы баттаан кэбистэ, кыра гынан баран ыйааһыннаах киһи буолла дии санаатым. Тыыммын былдьаһан өлөр хаһыыбын хаһыытыы сатыыбын да, саҥам тахсыбат. Дьонум кэпсэтэр саҥалара бу баар курдук иһиллэр, буолумуна даҕаны, итиччэ үтүө аһы аһаабыт дьон отой үөр мороду түһэн олорорун курдук. Чырыык Киэсэ кэлэҕэй буолан төлүтэ биэрэ-биэрэ саҥарар, эн манна хаһыытаа да ыллаа, өлөн да эрэр буоллаххына истибэт дьон олороллор. Дьэ, абалаах! Мин буоллаҕына бу аат айаҕын дугдатыгар өлөр-тиллэр былдьаһыгар кэбилэнэ аҕай сытабын. Ийэ-хара көлөһүнүм отой сарт түстэ, тыын быһаҕаһынан тыына-тыына оҕонньорбун өрө анньа сатыыбын, быыс буллахпына харса суох хаһыытыыбын да туһа суох. Күүһүм барыта өһүлүннэ, төрүт да кыра баара букатын нук гынар суох буолла…

Онтон эмискэ уһуктан кэлбитим – нэһиилэ тыын быһаҕаһынан тыына сытар эбиппин, бэргэһэм да үтүлүк да суох. Ууга түһэн тахсыбыт сылгы курдук уу чаҕай буолбуппун. Арай самаҕым ыалдьар, олоро биэрбитим били кус кэллэҕинэ ытарга кэбэҕэс буоллун диэн аат сэбин – саабын дугда илин аһаҕаһыгар уоһун быктара уурбутум, онтукам атаҕым икки ардыгар приклада киирбит эбит. Ити үлүгэр мөхсүүгэ аанньа буолуо дуо! Арай эстибит буоллун ити хамсаныыга, дьэ иэдээн буолуо эбит дии. Били күҥҥэ көстүбэтэх баар-суох хараҕым харатын курдук харыстыыр күндү малбын отой ньаҕаччы тэбэн кэбиһиэ этэ. Баҕар да, баҕара да суох наада буолуо эбитэ буолуо, эр киһи барахсан куоһур туттар тэрилим ол эрэ буоллаҕа. Биирдэ баран эттэххэ, Орто туруу дойдуну тутан кини иилээн-саҕалаан сырыттаҕа дии.

Дьэ туран тахсаары гыммытым, аны аҥар саппыкым суох эбит, уһуллан отой да түгэххэ түһэн хаалбыт. Туох ааттаах сүрдээх оҕонньоро кэлэн барбытай, содуом бөҕөтүн оҥорон диэн ботугуруу-ботугуруу таһырдьа орҕостон таҕыстым. Ыраас-чэбдик салгыны түөһүм муҥунан эҕирийэ-эҕирийэ, төттөрү-таары хаамыталаан уоскуйдум. Дьэ уонна дьоммор бардым. Тиийбитим аһаабыттарын курдук аһыы олорор эбиттэр. Мин тиийэн чэй куттан баран, аһыы олордум.

Саҥардыы аһаан эрдэхпинэ Чырыык Киэсэ: «Хайа, Баанньа, баттаттыҥ дуо?» – диэтэ. Мин соһуйан өрө көрө түстүм: “Ээ, баттаттым ээ”, – диэтим. Онуоха “эппитим дии, мин эйиэхэ уоккун аһат диэн, истибэтэҕиҥ дии” диэтэ. “Ээ, арба, инньэ диэбитиҥ дии”, – диэн баран арыылаах килиэп, куруускаҕа кыра арыгы ылан уоппун аһаттым. “Дойдулаах кырдьаҕас бука диэн уордайыма, эдэр буолан өйдөөбөккө хаалбыппын. Баалаабаккар көрдөһөбүн”, – диэн баран уотум иччитин айах туттум. Онуоха Чырыык Киэсэ, оруобуна били санаабар чааһы быһа тыыммын хаайан өлөрө сыспыт оҕонньору, үүт-үкчү таҥаһын-сабын дьүһүннээн-уруһуйдаан кэпсээн биэрдэ. Мин хайдах эрэ соһуйан дьик гынан ыллым, отой куруутун итинник сылдьар буоллаҕа дуу диэн иэним кэдэҥнээтэ.

Киэсэ олус көр кэпсээннээх киһи, биирдэ туох эрэ бырааһынньык кэнниттэн сарсыарда төбөтө ыалдьан турбут. Эмээхсинэ үлэтигэр барбытын кэннэ төттөрү-таары хаамыталыы, киирэ-тахса дьиэ үлэтин үмүрүтэ сылдьан, хайаан да кэргэним хаһаастаах буолуохтаах диэн дьиэҕэ киирэн ыскаабы хаһыспыт. Хата биир иһит кылбайан аҕай турар эбит, кини дьолугар. Ону ылан эргим-ургум тута олорон санаабыт, хайдах эрэ куһаҕан баҕайы буолсу дуу, бу үйэҕэ уорбатаҕым, хайыах баҕайыный дии санаабыт. Онтон дьээбэлэниэх санаата өйүгэр көтөн түспүт, кыратык иһэн баран уута кутан кэбиһиэххэ. Остуолга илдьэн олорбут, аны хайдах биллибэт гына аһабын диэн толкуй бөҕөтө буолбут. Ону да кини игиннэрбэтэх, иистэнэр иннэнэн икки ардыгар уган эргитэн, туллаҥнатан аспыт. Уонна иккитэ куттан иһэн баран уу кутан кэбиспит, син биир бэйэм иһэр аһым, онон улахан туох да куттала суох дии санаабыт. Синньигэс быанан чараас ньаалбаан бүөтүн эрийэн ыбылы тардан хаппахтаан кэбиспит. Ол онон ол курдук ааспыт.

Аҕыйах хонон баран оҕонньорго “оппут бүтэн эрэр, от аҕалтарыахха наада” диэбит эмээхсинэ. “Боруонньаны көрдөс эрэ бараҥҥын” диэбит соруйардыы эмээхсинэ. Киэсэ сопхуос гараһыгар тиийбитэ – оруобуна Мегинов Проня тыраахтарын көрүнэ сылдьар үһү. Инньэ гынан, хата, Үөттээхтэрин алааһыттан от тиэйэн, үөрэ-көтө аҕалбыттар. Били отторун кыбыыга астаран кэбиспиттэр уонна онтон оччону кыайбыт-хоппут дьон дьиэҕэ киирэн, остуолга ыгыччы олорунан кэбиспиттэр. Кэргэнэ Катя ас-үөл остуол хотойорунан тардыбыт. Боруонньа уруккута биир Ынахсыт диэн бөһүөлэккэ кэккэлэһэ олорбут ыаллара этэ. Онон көрсүбэтэхтэрэ син ырааппыт атастыылар. Аһыы олордохторуна Катя биир буокканы аҕалан остуол ортотугар ууран кэбиспит. Дьиэлээх дьэ ол олорон били урукку дьыалатын өйдүү биэрбит. Икки үрүүмкэҕэ кутуталаабыт, Боруонньатын кытта охсуһуннараат харса суох түһэрэн кэбиспит. Уонна: «Һуу, бу ас тоҕо хатанай!» – дии-дии килиэби ылан сытырҕалыы-сытырҕалыы уоһун туора-маары соттубут. Боруонньа диэки биллэрээри сирэйин аһыырҕатан араастаан туттумахтыыр. Ол Боруонньа эмиэ биир бэтиэхэлээх соҕус, дьиибэтэ-баабата баппат киһи тута өйдүүр. Арыгылаах үрүүмкэтин иһэ охсоот: «Аа, дьэ, хабараан ас буолла, доҕор!» – диэбит мичиҥнии-мичиҥнии. Кыратык аһыы түһээт, иккистэрин куттубуттар. Эмиэ ити курдук Киэсэ иһээт да аһыырҕатан сирэйин мырдьыһыннарбыт, онуоха Боруонньа хантатаат да: «Һуу, бу туох ааттаах аһыы аһын куппуккунуй, доҕор?» – диэбит. Онуоха Катя: «Бээ, тоҕо муодатай, испиир буолаарай, аҕал эрэ манна!» – диэн баран, ылан амсайан көрбүт. «Оо, бу кырдьаҕас ол иһин даҕаны!» – диэн хаһыытыы түспүт. Ону Киэсэ күлэ-күлэ “Боруонньам аһары аһыырҕатан кэбиһэн түбэспиппит” диэбитэ.

Кини эмиэ баттаппыт эбит, ол иһин оҕонньору оруобуна кэпсээтэ. Киэсэ кэлэригэр эмээхсинэ “бу биир иһит аҥара баар уонна суох, аҥарын бэйэҥ испитиҥ” диэн баран туттаран кэбиспит. “Хайыахпыный, ону илдьэ кэллэҕим дии, уонна онтукайбын Алдан эһиннэҕинэ иһиэм диэн ууран кэбистим. Дьэ, Алданым эстибэккэ оҕонньор түүн аайы кэлэн сордуур, мин да өһөс буоллаҕым дии, кэнники иһэрдиэм диибин уонна уоппар арыылаах килиэби биэрэбин. Отой истибэт, кэлэ-кэлэ көрдүүр, дьэ эрэй диэтэҕиҥ. Кэмниэ-кэнэҕэс хата эбэбит этэҥҥэ халыҥ мууһун хайыта сынньан, сыыйа өрүс үлтүрүтэ мөхсөн көмүөлэ устубутунан барда. Ол кэмҥэ аал уоппун аһатан, алгыс этэн алҕаан уохтаах аһынан айах тутан күндүлээтим. Онтон ыла кэлбэт буолбута. Мин эйиэхэ этэн көрбүтүм истибэтэҕиҥ дии, оҕонньор моһуоктуура буолуо дии санаабытым. Сиргэ-уокка сылдьан сиэри-туому тутуһуохтааххын, былыр-былыргыттан эппитигэр-хааммытыгар дириҥник иҥпит итэҕэлбит буолар”, – диэтэ.

Онон сир да араастаах буолар эбит, эбэтэр хас биирдии киһи барыта аһатара ордуга эбитэ дуу. Онтон ыла ханна да буолларбын сирбин-дойдубун наар аһата, айах тута сылдьабын.

Иван Иванович САВВИН.

Томпо улууһа, Кириэс Халдьаайы.

2025 сыл, олунньу ый.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *