Горохов Семён Васильевич туһунан

ЫСТАХААНАП СЭМЭН

1941 сыл. Фашистскай Германияны кытта сэрии буолбут сураҕа иһиллибитэ. Биир сайыҥҥы сылаас күн 11 саастаах Сеня, убайа Киргиэлэй уонна Усуйаана булчуттара бары, кинилэр дьиэлэрин таһыгар мустан кэпсэтэллэрин истибитэ. Онно бултаатахха кырыыстаах өстөөҕү кыайыыга улахан көмө буолуохтааҕын өйдөөбүтэ. Сеня аҕата кини икки саастааҕар ыалдьан өлбүтэ. Ол иһин убайын Киргиэлэйи кытта сэттэ сааһыттан чугас баар бултуур учаастагар сылдьыһар этэ.

Булдунан, балыгынан аһаан-таҥнан олорор хоту ыал былыр-былыргыттан уол оҕолорун булчут буолуо диэн эрэнэ саныыллара. Ол иһин 1930 сыллаахха күһүн, балаҕан ыйыгар күн сирин көрбүт уолларын сорсуннаах булчут буолуо диэн эһээтин Сэмэн аатын биэрбиттэрэ. Соҕотох ийэтэ уолаттарын кытта күннээҕи олох туһугар сарсыардаттан ыкса киэһээҥҥигэ диэри хачыгырыыллара. Туундра төрүт олохтоох ыала, ыраах нэһилиэк таһыгар олохтоох буолан уонна Сеня 7-8 сааһыгар ыалдьан, оҕолорун оскуолаҕа биэрбэтэхтэрэ. Сеня 5-6 саастааҕар эпчиргэ мас булунан бараахтарга, чөкчөҥөлөргө үөмэн күнүн барыыра. Сэттэ сааһыттан дьиэ таһыгар, сороҕор убайын чугастааҕы бултуур үүтээнин аттыгар, талахтаах сиргэ хабдьыга тиргэ, куонньалгы иитэн хабдьы бултаах үөрэн-көтөн кэлэрэ. Убайа Киргиэлэй быраата булка дьоҕурдааҕын уонна баҕалааҕын бэлиэтии көрөн, куруук сүбэлии-амалыы сылдьара.

Сеня сотору кырса, саһыл, хабдьы уонна да атын кыыллар суолларын аахтара билэр, кинилэр хайа диэки барбыттарын, тугу сииллэрин, туохха наадыйалларын билэр буолбута. 1942 сыл күһүн, алтынньы ый бүтүүтэ убайын бултуур үүтээнигэр олорон кырса суолун көрөн суоллаабыта. Кырсата чугас кыра үрэх кытылыгар мууска хам тоҥмут сыалыһар сытарын булан хаары хаһыммытын көрөн, убайыгар тиийэн хапкаанныам этэ диэн көрдөспүтүн убайа икки хапкааны “балары хапкаан гын” диэн биэрбитэ. Сеняны кытта барсан хапкааны ыйан-кэрдэн, убайа биири кырса кэлэр суолугар, биири сыалыһар сытар мууһугар хаары хастаран уурдарбыта.

Сеня иитиллибит хапкааннарын санаан түүн элбэхтик уһуктубута. Сарсыарда хапкааннарыгар бараары таҥнан хачыгырайбытыгар убайа: “Хапкааннаргар бүгүн барыма, сыппыт-сымарбыт ааһа түстүн, үчүгэйдик кыраһаланнын, кырса кэлэ илигэ буолуо”, – буолуо.

Өйүүҥҥү күнүгэр аны үс хонуктаах хоту сир буурҕата түһэн дьиэттэн тахсыбакка олоруу буолла. Бу кэмҥэ Сеня “хапкааҥҥа кырса иҥнибитэ буолуо дуо” диэн сотору-сотору убайыттан ыйытан, убайа салҕан быраатын буойардыы: “Сеня, хаһан да булка ииппит төрүөтүҥ туһунан искэр эрэ эрэнэ саныыр буол, таскар дьоҥҥо хапкааным, пааһым төһө эрэ кырсаны, саһылы тутта диэн кэпсэнэ, таайа сылдьыбат буол. Байанай эһэҥ бэйэтэ билиэҕэ. Эн талааныҥ, кыһаллыыҥ уонна сатабылыҥ быһаарар. Байанай туһунан кэпсээбиппин өйдүүр инигин”, – диэтэ.

Сеня Байанай эһэтэ кинини кэтииригэр, булду тосхотон биэрэригэр бигэтик эрэнэр. Сэттэ сааһыттан аал уотун аһаппакка бараахтыы да, хабдьылыы да барбат этэ.

Уотун аһаттаҕына эрэх-турах сылдьара. Күүстээх буурҕа үс күн силбиэтэнэн баран сыыйа уоскуйан, хаар кытаатан, хомурахтыйан булчуттар төрүөттэрин көрүнэ, сэргэхситэ барбыттара. Сеня убайа ыраах ытынан барар буолан, хаалан хапкаанын, чугастааҕы куобах, хабдьы туһахтарын көрө тыс этэрбэһин кэтэн маҥнай хапкааныгар тэбиммитэ. Маҥнай суолга иитиллибит хапкаанын тыал ханан баара биллибэт гына хаарынан тибэн кэбиспит. Сеня тайах маһынан хаары суптурута анньан хапкаанын эһэн ылла. Иккис хапкааныгар чугаһаан иһэн булчут киһи сүрэҕэ таайан күүскэ тэбиэлээтэ, көрбүтэ хапкаанын оннугар хаар үллэйэ сытар. Хаар иһиттэн маҥан түүлэр быган сиккиэр тыалга хамныы сыталлар. Сеня аҕыйахта ойон хапкааннаах кырсаны хаартан хостоон ылла.

Ити сыл Сеня факторияҕа булт биир сезонугар 1 саһылы, 1 кырсаны, 80-ча хабдьыны, 28 куобаҕы туттарбыта. Бу туһунан оройуон хаһыатыгар тыылга булт сводкатын бэчээттээһиҥҥэ таһаарбыттара. Ити кэнниттэн Сеняны булт биригээдэтигэр ылбыттара, наставнига Лэгиэнтэй Горохов бу талааннаах уолу аҕалыы кыһанан булт кистэлэҥэр үөрэппитэ. Сеня да биригээдэ чилиэнин быһыытынан бэйэтин түһэн биэрбэтэҕэ.

14 сааһыттан кадровай булчут быһыытынан Калинин аатынан холкуос чилиэнэ буолбута. Кини хара маҥнайгыттан булчукка тиэрдиллэр былаанын толорон, ардыгар сорох булчуттардааҕар элбэҕи бултаан колхуос бастыҥ булчуттарын ахсааныгар киирбитэ. Булчуттар кинини аны Стаханов Сэмэн диэн ааттаабыттара, Союзка биллибит стахановскай хамсааһын кыттыылааҕынан аахпыттара. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии бүтээтин эдэр булчуту бары тыыл ветераннарын кытта тэҥҥэ, 15 саастаах стахановец Сэмэн Гороховы “Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии 1941-1945 сс. килбиэннээх үлэтин иһин” медалынан наҕараадалаабыттара. Ыстахаанап Сэмэн ити маҥнайгы правительственнай наҕараадатын кэнниттэн 1952 сылаахха “Үлэҕэ килбиэнин иһин» диэн иккис наҕараадатын туттарбыттара.

Уҕараабат уохтаах булчут биэс уонча сыл биирдэ да былаанын толорботоҕо диэн суох этэ. Ханнык да кырса суох сылыгар “Ыстахаанап Сэмэн былаанын бачча аһары толорбут, итиччэ кырсаны аҕалбыт”, – диэн сөҕүмэр кэпсээн оройуон булчуттарыгар тарҕанара. Кырдьык да киһи сөҕүөн курдук бултуйара. Сыллааҕы булчут былаанын үс-түөрт төгүл аһарара. Бултуур сирэ муустаах муора биэрэгин кыйа, ото-маһа суох туундара этэ. Манна Сэмэн ыйы ыйынан, сураҕа суох сүтэн хаалара. Сайын кыһыҥҥы булдугар бэлэмнэнэн эмиэ дьиэтигэр аҕыйахтык көстөрө.

“Бочуот знага”, “Үлэ Кыһыл знамята” орденнар кавалердара Семён Васильевич Гороховка 1985 сыллаахха Социалистическай Үлэ Геройа үрдүк аат иҥэриллибитэ.

Кини туундара олохтоохторун дириҥ убаастабылларын ылыан ылбыта. Ханнык эмэ уустук балаһыанньа үөскээтэҕинэ Ыстахаанап Сэмэнтэн сүбэ-ама ылаллара. Куруук эйэҕэс, күлэн мичээрдии сылдьар Сэмэн Баһылайабыс управляющайдарга, совхоз охотоведыгар, директорга тиийэ булт, балыктааһын боппуруостарыгар сүбэлээн, ардыгар бэйэтин холобурунан дьону көҕүтэрэ. Ол курдук үрүҥ кырсаны бултааһыҥҥа кырса туундараттан сыҕарыйан (миграциялаан) хаалбыт сылыгар совхоз булчуттарын көҕүтэн, муораҕа – Ляхов арыыларыгар киирэн бултууру көҕүппүтэ. Онно баран хапкаанынан уонна паас миэстэтигэр оҥостон, кырсаҕа мэҥиэ гынарга балыктыырга, кыыл табаны миэстэтигэр ытарга икки биригээдэни салайбыта. Бу совхоз былаанын толорууга төһүү күүс буолбута.

Күһүнүн аайы Дьааҥы өрүскэ күндүөбэй балык тахсыытыгар Сэмэн Баһылайабыс балыктыыр биригээдэни салайара. Кини бултуур сиригэр эдэр ыччаттартан биригээдэ тэрийэн үлэлэппитэ. Кэлин перестройка саҕана бу биригээдэ Сэмэн Баһылайабыс салайааччылаах община буолан үлэлээбиттэрэ. Атын нэһилиэктэргэ булчуттар үрүҥ кырсаны бултаабат буолбуттара. Сэмэн Баһылайабыс общината син уруккутун курдук үрдүк ситиһиилэри көрдөрөрө. Община сотору массыына, трактор, хас биирдии община чилиэнэ буран көлөлөммүтэ.

Социалистическай Үлэ Геройа Семён Горохов аатынан оскуолаҕа билигин кини сиэннэрэ, биир дойдулаахтарын оҕолоро үөрэнэллэр. Бу оскуола Усуйаана бөһүөлэгэр Семён Васильевич сыралаах туруорсуутунан тутуллубута. Билигин Усуйаанаҕа бу дьикти байанайдаах, айылҕаттан айдарыылаах, талааннаах булчут туһунан дьон-сэргэ, эдэр ыччат сөҕө-махтайа ахталлар.

Семён Николаевич СЛЕПЦОВ

-Тумат Уола.

Якутскай, 10.01.2022 с.

* * *

Справка АХТЫЫЛАР.РУ

Семён Васильевич Горохов (14 сентября 1930 года — 14 августа 2009 года) – охотник совхоза «Усть-Янский» Усть-Янского района Якутской АССР, Герой Социалистического Труда.

Родился 14 сентября 1930 года в селе Юкагир Усть-Янского района Якутской АССР в семье охотника. С раннего детства учился охоте. Начал охотиться на куропаток, зайцев и горностаев в возрасте десяти лет. Во время Великой Отечественной войны в 1942 году начал работу промысловым охотником (в паре с наставником – опытным охотником И.А.Гороховым). Поначалу работал с капканами. В 1942 году Семён сдал в факторию шкурку лисицы, несколько горностаев, 28 зайцев и 80 куропаток.

С.Горохов работал промысловым охотником на протяжении более сорока лет, неоднократно перевыполняя задания пятилеток. По итогам девятой пятилетки награждён орденом «Знак почёта». В 1968 году вступил в КПСС.

В 1976-1980 гг. он добыл 1261 песца и по итогам десятой пятилетки был награждён орденом Трудового Красного Знамени.

В 1981 году добыл 144 песца, в 1982 году – 191, в 1983 году – 270, в 1984 году – 230 песцов. В результате задание одиннадцатой пятилетки (сдать пушнины на 10 800 рублей) он выполнил за два первых года, а к началу 1985 года пятилетнее задание на 1981-1985 гг. оказалось выполнено на 320% (он сдал пушнины на 34 663 рубля).

9 июля 1985 года указом Президиума Верховного Совета СССР за выдающиеся успехи, достигнутые в досрочном выполнении заданий одиннадцатой пятилетки по заготовки пушнины и проявленный трудовой героизм охотнику совхоза «Усть-Янский» С.В.Горохову было присвоено звание Героя Социалистического Труда.

Как наставник бригады охотников, к началу 1986 года С. Горохов подготовил десять учеников-охотников к самостоятельной работе.

Скончался 14 августа 2009 года.

Семья: жена Евдокия Васильевна Горохова, дочь Софья, пять сыновей.

Награды и звания:

Медаль «За доблестный труд в годы Великой Отечественной войны»

Медаль «За трудовую доблесть» (1 октября 1957 года)

Орден «Знак почёта» (23 апреля 1974 года)

Орден Трудового Красного Знамени (13 марта 1981 года)

Орден Ленина (9 июля 1985 года)

Медаль «Серп и Молот» (9 июля 1985 года)

Заслуженный работник народного хозяйства Якутской АССР, почётный гражданин Усть-Янского улуса Якутии.

*  *  *

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *