Киров колхуос туһунан

СӨРГҮТҮӨХХЭ, ТУҺАНЫАХХА!

Советскай саҕана Усуйаана оройуонугар, Казачьеттан илин диэки С.М.Киров (революционер, В.И.Ленин уонна И.В.Сталин чугас соратниктара) аатынан колхуос баар этэ.

Билигин санаатахпына бу кооперация саамай сайдыбыт холобура эбит. Билиҥҥинэн букатын суола-ииһэ суох, түҥкэтэх сиргэ дьон колхуос тэринэн үчүгэйдик да олорбут эбиттэр. Отой былыр манна биир эмэ булчут, балыксыт ыал олорбут буолуон сөп. Бу дойду киэҥ алааһын курдук сис тыаларынан төгүрүтүллэн турар, тула сыһыылардаах улахан “Ойуун күөлэ” диэн күөл кырыытыгар, үрдүк сис анныгар сорҕото охсуу, сорҕото балаҕан дьиэлэрдээх киин бөһүөлэктээх этэ. Айылҕата наһаа үчүгэй, кубус-кураанах сыһыыларга бэрдьигэс, кылыс, үрүҥ төбө долгуйа үүнэр. Төһө да ардах түстэҕинэ сонно иҥэринэн иһэр кумах быыстаах буор сирдээҕэ. Систэрин анныгар хойуу, ип-имигэс уһун талах үүнэр, чугастааҕы күөллэр бары бэйэ-бэйэлэрин кытта ып-ыраас уулаах сүүрүктүү сытар айааннарынан ситимнэһэллэр. Олохтоохтор иһэр, туттар ууларын айааннартан басталлара.

Ити киин бөһүөлэктэн арҕаа диэки икки биэрэстэ кэриҥэ, эмиэ сис анныгар, Ынахсыттар бөһүөлэктэрэ диэн сайылык баара. Манна эмиэ тупсаҕай дьиэлэр, үүт астыыр туспа дьиэ, ынах барыта батар хотоно, титиик бааллара. Эмиэ ып-ыраас уулаах, сис үрдүгэр баар күөллэртэн сүүрэр айаан ынахсыттары быстыбат уунан хааччыйара.

Саас от-мас көҕөрүүтэ киин бөһүөлэктэн һай-сат диэн Сайылыкка көһүү буолара. Онно оҕолуун-дьахтардыын бары сүөһүнү үүрсэн, Ынахсыттар бөһүөлэктэригэр барсарбыт. Киин бөһүөлэккэ субан сүөһү хаалан, ыанар ынахтартан туһунан аһыыр мэччирэҥҥэ сылдьаллара. Ынахсыттары кытта хас да атыыр оҕус сайылыкка талыллан үүрүллэллэрэ. Субан сүөһүлэргэ икки-үс оҕус хаалара.

Колхуоска икки сүүсчэкэ сылгы баара. Сылгылар сайын чугастааҕы сыһыыларга, айааннар, үрэхтэр тоҕойдорунан, систэр тэллэхтэринэн сылдьан аһыыллара.

Куйаас, кумаардаах күннэргэ күөл кырыытын кыйа биирдии сиэрдийэлээх, кыараҕас күрүөлээх түптэлиир сирдэргэ эрдэттэн бэлэмнэммит сахсааһын отунан, сыһыылартан хомуллубут мас, талах силистэринэн уонна хаппыт ынах сааҕынан түптэлиирбит. Колхуостаахтар оҕолоро сайын улахан дьону кытта тэҥҥэ утуйан туран, бэйэбит эбээһинэстэрбитин толорорбут. Ол курдук оттуур сыһыыга кэрийэ сылдьан маһы, талаҕы хомуйарбыт, ынахсыттарга олорор оҕолор ыанар ынахтары бостууктууллара, уу баһыыта, мас кыстааһына, ньирэйдэри кэтээн мэччитии, асчыттар дьиэлэригэр үүт астааччыларга көмөлөһүү. Оттооһун кэмигэр оту охсор массыынаҕа көлүллэр уонна күннээҕи хаһаайыстыбаннай үлэҕэ туһаныллар көлүүр сылгыларын аҕалыынан сарсыарда үлэ саҕаланара. Сорох оҕолор сарыы этэрбэстээх, сорохтор атах сыгынньах ынах, сылгы орохторунан, кытаанах ыллыктарынан сүүрүү буолара. Күнүс окко үлэлээһин, от харбааһына, оҕус сиэтиитэ, сиилэстээһиҥҥэ уонна кэбиһиигэ оту чиҥэтэ тэпсээһиҥҥэ уонна да атын улахан дьоҥҥо күүс-көмө үлэлэри оҕолор толороллоро.

Киров колхуоска барыта талыллыбыт курдук улахан, модьу-таҕа дьон үлэлииллэрэ. Бары көхтөөх, үлэһит дьон этилэр. Окко киириэх иннинэ сиилэс дьаамаларыгар оту угуу субуотунньуга буолара. Икки-үс миэтэрэ дириҥнээх мас истиэнэлээх дьаама үрдүгэр икки миэтэрэ курдук үрдүктээх, үрдэ аһаҕас ампаар тутуллубутун ыга тэпсиллибит, саҥа охсуллубут отунан толоруллара. Ханнык да колхуос үлэтигэр колхуостаахтар үлэни кыайбатахтара диэн суох этэ. Оттооһуҥҥа сүөһүлэрэ сыл тахсарын ааһан, куруук кур от хотон күрүөтүн иһигэр баар буолара. Кыһын түөрт көстөөх Хаһааччыйа бөһүөлэгэр атынан от тиэрдиллэрэ.

Маны таһынан Хаһааччыйа олохтоохторун ынах үүтүнэн, сибиэһэй арыынан, суоратынан, этинэн хааччыйаллара. Сайын бэйэлэрэ илиилэринэн хаспыт үс ааннаах, киһи хааман киирэр подваллаахтарыгар үүтү, сүөгэйи, ынах арыытын, эти, балыгы хаһааналлара.

Сэтинньигэ дохуот үллэһигэ буолара. Адарай муосталаах икки улахан ыскылааттаах этилэр. Онно колхуос чилиэннэрэ натуранан үүт, эт, балык, бэйэлэрэ оҥорбут бородууксуйаларын ким төһө үлэ күннээҕинэн үллэстэллэрэ. Бу иннинэ мууска киллэрэн сүөһү идэһэтэ буолара. Манна оҕолуун-дьахтардыын кыттан күүс-көмө буолаллара. Биһиги оҕолор эти, иһи-үөһү ыт, суор-тураах, кырса эҥин тардыаласпатын диэн бородууксуйа тоҥуор диэри уочаратынан харабыллыырбыт. Дохуот үллэһигин саҕана оҕолор адарай муосталаах ампаар анныгар киирэн, муоста быыһынан сиргэ түспүт үүт, арыы, суорат үлтүркэйин хомунарбыт.

Бу Киров колхуоска, эппитим курдук, бары да үлэни көрөн турбат үлэһит дьонноох этэ. Ол курдук Алексей уонна Сэмэн Стручковтар, Николай уонна Миитэрэй Тарскайдар, Бүөтүр Колодезников, Спиридон Колодезников, Константин Барабанскай, Иннокентий Черепов, Иван Горохов (Ньомуойка), Филипп Черепов, дояркалар Даарыйа Захарова, Сонька Милютина, Мария Слепцова уонна да атыттар.

Колхуос үлэтэ төһө да ыараханын иннигэр олохтоохтор сатаан сынньанар, көрүлүүр, үөрэр-көтөр этилэр. Бэрээдэги колхуостаахтар бэйэлэрэ көрөллөрө. Ол курдук биирдэ эмэ быраага иһэн баран охсуһуу буоллаҕына ким да утары көрбөт, күүстээх, убаастанар дьон баар этилэрэ, ол дьон тиийэн барытын быһааран кэлэллэрэ. Ханнык да бырааһынньык кэнниттэн нөҥүө күнүгэр бары биир киһи курдук үлэлии тахсаллара, бэйэлэрин эбээһинэстэрин толороллоро.

Бу ахтыыбынан мин этиэхпин баҕарабын: билигин бу сайдыылаах үйэҕэ, спутниковай телевидение, сибээс арааһа, суолтан-иистэн иҥнибэт техника баарына бу Киров колхуос урут олохсуйбут сиригэр үчүгэй хаһаайыстыбанньыктар төһө баҕарар сүөһүнү, сылгыны иитэн Хаһааччыйаны эрэ буолбакка, улуус атын да нэһилиэктэрин үүт аһынан, этинэн хааччыйыахтарын сөп этэ. Манна сирэ-уота үчүгэйинэн уонна оҥордоххо (өртөөн, уутун түһэрэн) билиҥҥи оттуурга туһаныллар техника хайа баҕарар үлэлиир кыахтаах. Үчүгэй бизнес-былааннаах кыахтаах дьон ылсыахтарын сөп. Бу сири конкурска таһааран, Саха сирин киин да оройуоннарыттан дьону аҕалыахха сөп этэ. Манна булт, балык дэлэй сирэ. Аатырбыт улахан күөллэр, оттоммокко куруйбут сыһыылар, сылгыны тутарга сис тыаларынан төгүрүтүллүбүт мэччирэҥ сирдэрэ таах хаалан тураллар.

Саха сирин Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, тыа хаһаайыстыбатын управлениелара бу билигин үлэтэ суох киһи элбэҕэр, Хотугулуу-илиҥҥэ сири босхо биэрии программатын курдугу маарыннатан, саха дьонун итинник сирдэргэ ыҥыран үлэлэтэр балаһыанньаны тэрийэрэ буоллар.

Семён СЛЕПЦОВ — Тумат Уола.

Усуйаана улууһа, Тумат нэһилиэгэ.

2025 сыл, олунньу ый.

*  *  *

Автор туһунан

Слепцов Семён Николаевич — Тумат Уола, 1942 сыллаахха Усуйаана оройуонун Тумат нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Казачье орто оскуолатын бүтэрэн Якутскай куоракка Тыа хаһаайыстыбатын техникумун, онтон Хабаровскай куораттааҕы юридическай иниституту бүтэрбитэ. Усуйаана улууһугар Комсомол оройуоннааҕы комитетыгар секретарынан, Усуйаана совхозка юриһынан, управляющайынан, Тумат совхозка директорынан, Усуйаана улууһун дьаһалтатын баһылыгын тыа хаһаайыстыбатыгар солбуйааччытынан, Тумат нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгынан үлэлээбитэ.

2006, 2012, 2018 сылларга «Тумат нэһилиэгэ», «Арай биирдэ туундараҕа», «Кут Оҕо» диэн кинигэлэри бэчээккэ таһаартарбыта, уонча араас кинигэлэргэ хоһоонноро, ахтыылара, очеркалара бэчээттэммиттэрэ. Усуйаана улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, үлэ бэтэрээнэ.

Ыал буолбут биир уол, икки кыыс оҕолоро бары үөрэҕи бүтэрэн үлэһит буолан куоракка олороллор. Уола Усуйаанаҕа бааһынай хаһаайыстыбатын салайар. Семён Николаевич биэс сиэннээх, алта хос сиэннээх.

*  *  *

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *