Саввина Наталья Ивановна туһунан

ИЙЭБИТИГЭР МАХТАЛБЫТ МУҤУРА СУОХ

Мин ийэм Наталья Ивановна Саввина 1925 сыл ыам ыйын 3 күнүгэр Ичигэс Уолбатыгар, уруккута Таатта улууһугар, билиҥҥитэ Томпо улууһа, холкуостаах сэниэ ыалга бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ.

Аҕата Винокуров Иван Петрович, онтон ийэтэ Саһыл нэһилиэгиттэн төрүттээх Наталья Егоровна Булдакова диэннэр. Кинилэр харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолан үс эмдэй-сэмдэй кыыс оҕоломмуттара. Кыһынын Уолба алааһыгар кыстыыллара, сайынын Килиэ диэн үрдүк халдьаайы күн көрөр өттүгэр турар балаҕаннарыгар сайылыыллар. Ол кэнниттэн Отор диэн сайын маҥнай оттообут сирдэригэр, кэнчээри күһүн лаппа үүммүтүн кэннэ көһөллөрө.

Былыргы ыаллар дьыл уларыйыытын батыһа сылга үстэ көһөр эбиттэр. Хас саас аайы Уолба ыаллара үтүктүспүт курдук тас сирдэринэн сайылыктарыгар үксүн оҕуһунан, кырдьаҕас ынахтарын сыарҕа кэннигэр сэтиилэнэн, атыттарын батыһыннаран көһөллөрө. Улахан оҕолор талах чыпчахайдаах сүөһүлэр кэннилэриттэн биир эмэ мундуйдаабыт дуу, хаалбыт дуу сүөһүлэри дьарыйарга бэлэм батыһан бараллара. Ол гынан баран сылдьа, көһө үөрүйэх сүөһүлэр наһаа үүрдэрбэккэ улгумнук, бэйэлэрэ сыарҕалаах оҕус кэнниттэн сүр тиэтэлинэн аллаах соҕустук батыһан бараллара.

Барар-кэлэр аартыктара үксүлэрин киэнэ биир суол, ол быыһыгар аны сорох оҕолору кытта саас-күһүн манна эрэ көрсөллөрө. Көрсүбэтэхтэрэ ырааппыт оҕолор буолан сүрдээҕин ахтыһар эбиттэр. Төһө да аргыстаһар суоллара кылгаһын иһин сүүрэн-көтөн, иэс баайсан лагларыспыт хатыҥнар быыстарынан сырсыакалаһаллара, эккирэтиһэллэрэ. Сүрэх курдук сэбирдэхтээх хойуу будьурҕай лабаалардаах хатыҥнар сиккиэр тыалтан силигилии суугунаһа, эйэргээбиттии көрсөллөрө. Оҕолор суол төрдүгэр көрсөн кыратык да буоллар мэниктээн, сүүрэн-көтөн, уруйдаһан-айхаллаһан арахсаллара. Сэлэлии үмүөрүһэ үүммүт хатыҥнар аны хаһан кэлэн биһиги күлүкпүтүгэр сасыһа оонньоон, сөрүүкээн ааһаллар диэбиттии сайыһа далбаатыы хаалаллар.

Саас аайы ахтылҕаннаах, күөҕүнэн чэлгийбит, от-мас сытынан тунаара дыргыйбыт сайылыктарыгар Килиэҕэ көһөн кэллэхтэрин аайы оҕо бөҕөтө мустара. Кии сыттаах түптэ күөх унаар торҕо буруота сайылык үрдүнэн тунаара устара. Сайылыктарын айгыр-силик айылҕата, аҥаат-муҥаат тумаралара уонна үрүйэлэрэ оҕо чугдаарар саҥатынан-иҥэтинэн туолара. Аттынааҕы сайылык ыалларын оҕолоро кинилэргэ мустан, бары бииргэ эйэ-дэмнээхтик оонньоон урааннаах уһун күнү билбэккэ аһараллара. Бары даҕаны саҥардыы чоройо улаатан, дьоллоох оҕо саас диэни билэн эрэр арыккы-барыккы оҕолор эбиттэр.

– Бары муһуннахпытына уһун күнү быһа көбүс-көнө хонуулаах кырдалга үрүмэччини эккирэтэн, мэниктээн күн уһунун билбэккэ хааларбыт. Дьиэбит үрдүк халдьаайы үрдүгэр турара, ол сыыры өрө-таҥнары сүүрэн сырсыакалаһарбыт. Аллараа үрүйэ субуллан Алдан диэки холку баҕайытык айгыстан, сөп-сөрүүн дьэп-дэҥкир уута сүрэҕэлдьээбиттии мөлбөйө устара. Онно киирэн суунан-сөтүөлээн, төттөрү сыыры эмиэ сүүрэн тахсарбыт, – диэн ийэм ол кэрэ ааспыт оҕо сааһын кэрдиис кэмнэрин ахтыбыт курдук, тугу эрэ ырааҕы саныы тонолуппакка биир сири одуулаан олорооччу.

Кэлин аҕата иккистээн ыал буолбутун кэннэ эбэлээх эһэтин көрөр-харайар кини эрэ буолан, салгыы осуолаҕа үөрэнэр кыаҕа суох буолбут. Кэлин уон түөрт сааһыттан ыла ыанньыксыттаан, хара үлэҕэ эриллэн-мускуллан барбыт. Эһэтэ кыаммат буолбутун кэннэ уокка оттор маһын кэрдэн, тиэйэн киллэрэр. Иһэр уутугар мууһун күөлтэн бэйэтэ ылар эбит.

– Кэлин холкуоска учуотчуктаабытым, ол баар этэ ыарахан үлэ. Арыылаабыт арыыларын уонна тоҥорбут үүттэрин тута үрэх баһыгар баар “Чаҕыллах” фермаҕа сыарҕалаах ат суолунан сатыы тахсар этим. Ол Чаҕыллах диэн сир 35 биэрэстэ тэйиччи. Сылайан, ыксаан суол кытыытыгар тоҥуулаах хаарга хаары сии-сии олорон сынньанабын. Эгэ өйүө-тайаа диэн кэлиэ дуо, ас-таҥас кэмчи кэмэ этэ. Аны үлэм быыһыгар кэлэн уокка отор маспын, мууспун дьаһанабын. Оо, оччолорго тымныыта билиҥҥи курдук буолуо дуо, бытарытан дьэ хабараан тымныы буолаахтаатаҕа. Эһэм наһаа холку-сымнаҕас киһи, кини Таатта Баайаҕатыттан кэлбит Винокуров Пётр Тимофеевич диэн. Сүрдээх булчут баҕайы, кэлин кырдьан куобахха туһахтыыр, сохсолуур уонна куска тиргэлиир. Киниттэн үөрэнэн мин эмиэ күһүн куобахха туһахтыыр уонна кус оҕото улааппытын кэннэ тиргэлиир этим. Эбэм Евдокия Фёдоровна диэн төрүт Ичигэс олохтооҕо, кини Удаҕан идэлээх ураты киһи этэ, – диэн кэпсээбитэ.

Биһиги ийэбит аҕабытын Иван Семёнович Саввины кытта харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолан баран, иккис сылларыгар хоту бөһүөлэккэ дьиэ туттубуттар.

– Онно көһөрбүтүгэр быраатым Атаков Иван Афанасьевич сыарҕалаах оҕуһунан ферма уопсайыттан көһөрбүтэ. Малбыт диэн биир утуйар таҥастаахпыт уонна кыра мас хоппоҕо аһыыр иһиппит, онтукайбыт да аҕыйах этэ, – диэн ийэм кэлин кырдьан олорон кэпсээбитэ.

Ийэбит аҕабытынаан барыта алтата оҕоломмуттарыттан биһиги үһүө буолан хаалбыппыт. Уоннааҕылар аас-туор, кырыымчык, хаҕыс сыллар тыйыс кэмнэрин тулуйбакка эрдэ олохтон туораабыт эбиттэр. Бэйэтэ кэлин ол ыарахан дьыллар аргыардарыттан тымныйан, сэллик ыарыы буолан хаалар. Сотору-сотору диспансердарынан сылдьан эмтэнэн, син үтүөрэн баран алтыһын кыыс оҕону бастакытын балыыһаҕа төрөөбүтэ. Ол оҕолонон баран аны тыҥатын хаана тоҕо баран, сөмөлүөтүнэн Чурапчыга диспансерга ыыппыттар. Инньэ гынан аҕабыт оҕотун ылан аҕыйах хонукка бэйэтэ көрөн олорбута. Кэлин Саһылтан ийэбит балта кэргэнинээн атынан кэлэннэр илдьэ барбыттара.

Ийэбит наһаа харыстанара уонна дьиэтин-уотун олус ыраастык тутара, күн аайы сууйара соторо. Аһаабыт иһиппитин сууйан баран оһох билиитэтин кытыытыгар сылааска уурар, оннук гынан биһигини ол ыарыыга сыһыарбатаҕа. Ол быыһыгар куруутун иистэнэн тахсара. Араас дьикти, көрүөхтэн кэрэ вышивкалары оҥороро. Кэлин оҕуруонан тигиинэн утумнаахтык дьарыктанан барбыта. Кини тикпит киэргэллэрэ, таҥаһа-саба ураты буолаллара. Ыһыахха киирэр ат киэргэллэрин, чаппараах эҥин тигэрэ. Бэйэтэ сахалыы таҥас кэтэн баран ыһыахха ат миинэн түһүлгэҕэ киирэрэ.

Дьиэтигэр биир кыра хоско музейдаах этэ. Онно былыргы дьахтар ырбаахылара, халыҥ-чараас оҕуруонан, алтанынан, үрүҥ көмүһүнэн киэргэтиллибит сонноро, арааһынай былыргы иһиттэр, кытыйалар, чорооннор, үрүҥ көмүс ньуоскалар, алтан, үрүҥ көмүс бэчээттэр, кыра-улахан кириэстэр, чуорааннар, аны былыргы таҥара мэтириэттэрэ бааллара. Ону таһынан арааһынай бааҥкалаах сэбиэскэй уонна индийскэй чэйдэр, кофелар. Уонна былыргы алтан, үрүҥ көмүс манньыаттар, кумааҕы харчылар бааллара. Аны былыргы, палеолит үйэтин саҕанааҕы таастан оҥоһуллубут таас сүгэ эмиэ онно көрдөрүүгэ турбута. Араас Саха сирин үрүмэччилэрэ, лыахтара эмиэ бааллара. Ол кыракый музейын көрө куораттан кэрэспэндиэннэр кэлэн интервью ылан, хаартыскаҕа түһэрэн бараллара. Биир нуучча киһитэ куораттан кэлэн музейын наһаа хайҕаабыта уонна таһырдьа таһааран тэлгэһэҕэ тигии оҥоһуктарын тэлгэтэн, бэйэтин ортотугар олордон баран хаартыскаҕа түһэрбитэ. Онтукайын кэлин календарь оҥорон ийэбэр ыыппыт этэ.

Ол малын үксүн дьоҥҥо түүннэри-күннэри иистэнэн булуммута. Булчуттарга, сылгыһыттарга уонна мээнэ да дьоҥҥо үрүмэччилэри сакаастаһара, ону сорохтор булан, тутан аҕалар этилэр. Дьоҥҥо оҕуруолаах этэрбэс, бэргэһэ, сахалыы ырбаахы, оҕуруолаах үтүлүк, араас таҥас-сап уонна суумкалары тигэрэ, ол оннугар былыргы малы-салы ылара. Истиэнэҕэ ыйанар киэргэллэри оҕуруонан эмиэ тигэрэ. Аны ол сылдьан кырдьаҕастарга Айгы кулууп диэн тэриллибитигэр, онно ансамблга кыттара. Көрдөөх частушкалары, хороводтары ыллыыллара. Кэнсиэргэ анаан киэһээ хойукка диэри таҥас-сап тиктэрэ. Киэһээ аайы кулуупка бэлэмнэнэ барарыгар ис-иһиттэн үөрэн-көтөн, оҥостон барара. Кини эдэр эрдэҕиттэн сылдьан эрэ ыллыырын олус сөбүлүүрэ. Кэлин иистэнэ олордо да киҥинэйэн ыллаан барара. Ол курдук Күннүк Уурастыырап тылларыгар суруллубут:

Күөх нуоҕай мутукча

Долгуйа хамсаабыт,

Күн дьолун булбучча

Уол кыыһы таптаабыт,

– диэн былыргы ырыаны куруутун уоһуттан түһэрбэт буолара.

Кэлин куоракка быыстапкаҕа киирэн, нэһилиэккэ бастакынан норуот маастарын үрдүк аатын ылан кэлбитэ. Өр кэмнэргэ сыраласпыт үлэтэ чиэстэммитигэр наһаа үөрбүтэ-көппүтэ, киниттэн ордук дьолломмут киһи суоҕа. Ийэм айылҕаҕа сылдьарын, сир астыырын олус сөбүлүүрэ. Алдан арыытыгар мотуорунан тахсан дьэдьэннээн, иһиттэрбитин бары толорон кэлэрбит. Ийэбит сир аһын имигэс тарбахтарынан наһаа да түргэнник үргүүрэ, ким-хайа иннинэ иһитин толорбут буолара. Аны төрөөбүт-үөскээбит, сүүрбүт- көппүт алааһыгар Уолбаҕа барара. Эмис балыгыттан буһаран сиэн, сөбүлүүр хатыҥ чараҥын быыһынан ыллыы-ыллыы хаамара. Оҕо эрдэҕиттэн сөбүлүүр, таптыыр хатыҥын аттыгар хас бардаҕын аайы хаартыскаҕа түһэрэ.

Ол сылдьан иэйиитэ киирэрэ, араас хоһооннору айара. Хас да хоһоонун олохтоох мелодист Будимир Ефимов матыыптаан ырыа оҥортообута.

Ийэбит дэгиттэр талааннаах, амарах, истиҥ дууһалаах ийэ, эбээ уонна хос эбээ этэ. Биһиги дьоҥҥо туһалаах, үтүө дьон буола улаатарбытыгар кини үтүөтэ-өҥөтө сүҥкэн. Ыал буолан алаһа дьиэ туттан, оҕо-уруу төрөтөн эбээ-эһээ буолбуппутугар ийэбитигэр махталбыт муҥура суох. Биһиги киниэхэ хаһан да төлөммөт уонна төлөммөтөх иэстээхпит.

Уола Иван Иванович САВВИН,

үлэ ветерана.

2025 сыл, тохсунньу ый.

Дьокуускай к.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *