НОРУОТ КИҺИТЭ ЕРМОЛАЙ СКРЯБИН
Бу саха дьэллэм киһитин, Саха сирин сарсыардаттан сахалыы араадьыйаны холбоон истээччилэр “Саха” НВК быһа эфирдэрин көрөөччүлэр, саха тыллаах хаһыаттары арыйан ааҕааччылар уонна өрөспүүбүлүкэ норуоттарын дьылҕаларын, тус интэриэстэрин көмүскүүр-туруулаһар, уопсастыбаннай хамсааһыннарга көхтөөхтүк кыттар, итии сүрэхтээх дьон-сэргэ бары да билэр буолуохтаахтар. Кылгастык эттэххэ, “утуйа сылдьыбат”, ону-маны ыйдаҥардар, кэрэхсиир, “тэбэ сылдьар сүрэхтээх” саха саҥнаах, ытык Хаҥалас киһитин Ермолай Еремеевич Скрябин истибит, көрбүт, аахпыт киһилэрэ диэтэхпинэ сыыспатым буолуо…

Өрөспүүбүлүкэ хайа баҕарар муннугар Ермолай Скрябины сиһилии соҕус билиэн баҕарар киһи элбэҕин быһыытынан, бу саха биир кэрэхсэбиллээх урааҥхайын төһө кыайарбынан ааҕааччыларбар билиһиннэриим. Кини кимий? Хантан хааннаах, кимтэн кииннээх саханый?
Ермолай Еремеевич Скрябин 1950 сыллаахха атырдьах ыйын 23 күнүгэр Хаҥалас улууһугар 1 Дьөппөҥҥө, Тиит Эбэҕэ төрөөбүт-үөскээбит. Кини ити түөлбэ үһүйээннригэр ахтыллар, номохторугар кэпсэнэр Күскээн эмээхсин аатын сүкпүт Күскээн аҕатын ууһуттан силистээх-мутуктаах Скрябиннэр, халыҥ аймах, сис дьон сыдьааннара-удьуордара. Төрөппүт аҕата, саха биир ньургун уола, мохсоҕоло – Еремей Михайлович Скрябин. Кини туһунан киһи киинэ да устуон сөптөөх саха саарына. Еремей Михайлович Аҕа дойду Улуу сэриитин иннинэ дойдубутугар, 1 Дьөппөҥҥө нэһилиэгин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, комсомол олохтоох тэрилтэтин сэкирэтээринэн үлэлээбит. Социализм туругурарын иһин эрдэттэн күүскэ үлэлээбит, нэһилиэгин дьонун көҕүлээбит, салайбыт. «Быһах биитин өрө салаабыт” курдук майгылаах, кырдьык киһи төбөтүн да “ууран биэрэр” өйдөөх санаалаах, уол оҕо одьунааһа эбит. Онтуката бэйэтин тус олоҕор мэһэйдээн да ылбыт…
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кини киһи бастакы хомуурга барбыт. Дьэ, уонна, олоҥхо бухатыырыныы, сэрии уот толоонун хабыллар хаба ортотунан маҕан акка олорон (кавалерист эбит) “Шашки к бою!” хамаанданан, унньуктаах уһун сэрии былаһын тухары кыргыспыт. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр аатырбыт-суолурбут, элбэх Сэбиэскэй Сойуус дьоруойдара үүнэн тахсыбыт, 7-с гвардейскай корпус 16-с гвардейскай Черниговскай кавалерийскай дивизия 60-с полкатын 4-с эскадронун сабельнига эбит Еремей Скрябин. Саха боотура…Аҕатын туһунан Ермолай Еремеевич “Ахсым атын ыҥыырдаан” диэн бэртээхэй, тос курдук кинигэ суруйбута. Манна даҕатан эттэххэ, Ермолай Скрябин суруйан субуруттаҕына ханнык баҕарар киһи болҕомтотун тардар, умсугутар гына илиитин хараардар. Мин биир бэйэм, ити кинигэтин олус сөбүлээн аахпытым, эҥин араас дьылҕалаах дьоннору сырдатан суруйбут этэ. Ермолай олус үчүгэй хаачыстыбалаах , кини ханнык баҕарар киһини, тойон буоллун, торҕон буоллун, барыларын ымпыктаан-чымпыктаан, кэрэхсээн кэпсиир идэлээх. Саха тылдьытыгар, итинник майгыны “торҕо сиигин сииктиир” дэнэр эбит курдук…
Ермолай ийэтэ Григорьева Матрёна Михайловна, сэрии сылларыттан, Дьокуускайдааҕы педучилищены бүтэриэҕиттэн, 1942 с-тан, дойдутугар, Тиит Эбэ оскуолатыгар, харыс да халбарыйбакка, элбэх көлүөнэ ыччаты иитиһэн, үөрэтэн олох киэҥ аартыгар таһаарбыт “За трудовое отличие” мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Матрена Михайловна бэйэтэ, сахалартан биир бастакынан, 1939 с-ха “Үлэ Кыһыл Знамята” уордьанынан наҕараадаламмыт П.Л. Никифороваҕа үөрэммит. Киниэхэ махтанар, сүгүрүйэр эбит…
Ермолай Еремеевич онон нэһилиэккэ, 1 Дьөппөҥҥө биир ытыктанар сис ыалга Скрябиннэргэ бастакы уолунан, иккис оҕонон төрөөбүтэ. Оччотооҕу үгэһинэн үөрэхтээх эрэ киһи киһи-хара буолар диэн өйдөбүлүнэн, Скрябиннэр оҕолорун Иркутскайынан, Владивостогунан, Челябинскайынан үөрэттэрбиттэр… Ермолай баар-суох эдьиийэ Светлана Еремеевна Горохова – Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала. Кини кэргэнэ, саха норуотун биир саарына, киһи кэрэмэһэ, чулуута Дьааҥы уола Иван Иванович Горохов. Үчүгэй үчүгэйи булсар – айылҕа сокуона.
Ермолай оҕо эрдэҕиттэн сытыы-хотуу, биир халыыпка сөп түбэспэт майгылаах буолан эбитэ дуу, Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр сулууспалаан баран, СГУ-га үөрэнэн иһэн, үөрэнэр идэтин сөбүлээбэккэ быраҕан кэбиһэр. Онтон салгыы “романтикалыы”, олох университетын билэ-көрө Саха сирин кэрийэр. Бу суруйар ааптар эмиэ “өйдөөх-төйдөөх” дьон үрдүк үөрэҕи батыһан, эккирэтэр кэмнэригэр “кэрийбэхтээбит” кэмнэрдээҕим, онон убайбын Ермолайы бэркэ өйдүүбүн. Ол кэми Ермолай тоҕо эрэ “эриэн-быраан олоҕу олорбутум” диир. Онтон, мин санаабар, билиҥҥи Ермолай Скрябин ити кэмҥэ өйө-санаата тобуллубут, майгыта-сигилитэ, кута-сүрэ бөҕөргөөбүт буолуохтаах. Ермолай “шабашниктар” дэнэр араас дьылҕалаах, майгылаах эр бэртэрин кытта алтыһар, бодоруһар, этэргэ дылы олох оскуолатын ааһар…
Хаҥаластар билиҥҥи кэмҥэ биир баар-суох киһилэрэ Ермолай Скрябин диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Павел Харитонов-Ойуку, Прокопий Ноговицын уонна Ермолай Скрябин. Бу үс киһи билигин хаҥаластары бастакы уочарат ааттаталлар…
Ермолай Скрябин – биһиги хаҥаластар биир инникибитигэр уктар киһибит буола үүннэ. Туох баар саха норуотун долгутар боппуруостарга быһаарарга тэриллэр түмсүүлэргэ, хамсааһыннарга Хаҥалас улууһун өттүттэн саамай сүрүн көхтөөх кыттааччыбыт, сүүрэр-көтөр киһибит.
Өрөспүүбүлүкэни салайсыбыт, Госдумаҕа Саха сирин депутаттарыгар тиийэ Ермолай Еремеевичтан улахан суолталаах боппуруостарга тус санаатын, Москваттан сибээскэ тахсан, ыйыппыт түгэннэрэ кытта баарын мин билэбин…
Ийэтин эмиийиттэн иҥэриммит, төрөөбүт төрүт тылын – саха тылын көмүскэһэр, харыстаһар – Ермолай Скрябин. Сахатын тылын ымпыгар-чымпыгар, уус-уран дэгэтигэр тиийэ билэ-баһылыы сатыыр дьүккүөрдээх боторуйуот киһи.
Мин Ермолайы Илин Хаҥалас, Арҕаа Хаҥалас былыргытын, устуоруйатын, бас-көс дьоннорун, кинилэр үтүөлэрин-өҥөлөрүн ааҕа билэрин сөҕөбүн. Былыргынан эттэххэ, Дьокуускай уокуругар Ермолай Еремеевич курдук дьону-сэргэни, тойону-хотуну, былыргы баайдары уо.д.а. билэттиир “сир түннүгэ” киһи, арааһа, ахсааннаах буолуохтаах. Аны саха норуотун устуоруйатыгар бэйэтэ туспа көрүүлээх, онтукатын куруук суруйа, этэ-тыына сатыыр: «Сөбүгэр үөрэхтээх, аптарытыаттаах дьон – саха баайдара салайан кэлэннэр этэҥҥэ олордохпут. Коммунистыы бырапагаандаттан аккаастанар кэм кэлбитэ ыраатта эрээри, дьон-сэргэ Ойуунускай, Аммосов, Бараахап эрэ үтүөнү-сырдыгы аҕалбыттарын курдук саныыллара күн бүгүнүгэр диэри уларыйа илик. Бу аахпаттан, билэ-көрө сатаабаттан тахсар диэн көнөтүнэн этэбин…» («Хаҥалас» №29. 19.09.2019с.). Мин санаабар, ити «аахпаттан, билэ-көрө сатаабаттан тахсар» диэн суруйбута сөрү-сөп. Сэбиэскэй кэм өйө-санаата уларыйбатын киһи сөҕөр, олоххо барытыгар да сыһыаннаан эттэххэ…
Хаҥаластар «Хаҥалас» хаһыаттан саҕалаан «Туймаадаҕа», «Кыымҥа» уо.д.а. суруйар, баар проблемалары өрө көтөхсөр, быһаарсар, кырдьыгы-итэҕэһи сирэйгэ малтаччы этэр-тыынар самаай көхтөөх уопсастыбаннай кэрэспэндьиэммит эмиэ Ермолай Скрябин. Аны туран Ермолайыҥ «кураанах куолуһут» буолбатах 90-с сылларга, ииппит-аһаппыт сэбиэскэй былааспыт эстибитигэр, ытыы-соҥуу барбатаҕа. Сүөһүгэ урут сыстыбатах киһи, харатын ньыппарынан, ынах ииттэн, ону ыан, ол үүтүн дьоҥҥо атыылаан үрүҥ хараҕын өрө көрбүтэ. Хойут сүөһүлэммит киһи, оттуур сирэ-уота хантан кэлиэй, онтон-мантан тирбэҕэлэһэн, дьон уһаайбаларын иһинээҕи сирдэригэр тиийэ оттоһон, дьонтон саҥарылла-саҥарылла, кырыы харахтарынан көрүллэ-көрүллэ, убайбыт санаатын түһэрбэккэ киһи-хара буолбута кытта баара.
Кини, ол иһин буоллаҕа буолуо, билиҥҥи сахаларга «потребительскай» өй-санаа баһыйбытын, «хара үлэттэн» тэйии баарын иһигэр адьас киллэрбэт. Киһи кыраттан, тиритэн-хорутан саҕалыахтаах, бэйэ хара көлөһүнүнэн атаҕар туруохтаах диэн бигэ өйдөбүллээх.
Хаҥаластары Ермолай Скрябин нөҥүө “саҥаран баран кэлээр диэбит дьон” дии саныыр буолуохтаахтар. Дьиҥ олоххо оннук буолбатах, ордук Покровскайга. Ардыгар мунньахтарга кини эрэ баар буолан сыыһа-халты, итэҕэс-быһаҕас “уоттаахтык” этиллэр. Ермолай Еремеевич солуута суох киһи буолбатах, куһаҕан кэмэлдьи да сыстыбатах киһитэ, “төттөрү сүргүөх” да дэниэн сатаммат. Кини эппитэ-тыыммыта үксэ уот харахха, сыыһар да буоллаҕына киниэнэ барыта ис сүрэхтэн, нууччалыы этэххэ эмоцияттан.
Ермолай Скрябин-норуот киһитэ. Нууччалар итинник киһини “соль земли” диэн этэн эрдэхтэрэ. Кини сөбүлээбэт дьонугар, дьонун-сэргэтин ортотугар дьээбэтэ-хообото дэлэ дуо. Сорох утары көрсүбүт киһитин хаадьылыыр идэлээх. Онтон киһитэ өһүргэммэт, төттөрүтүн сүргэтэ көтөҕүллэн, сирэйигэр мичээр олохсуйар… Үксүн туох эмэ көрүдьүөһү кэпсиир, үөннүрэн да ылыан сөп. Күлэн-салан барыта бэйэтин киэнэ, оҥоро сатаан буолбатах…
Күндү ааҕааччы, эһиги бу суруйар ааптар, Ермолай Скрябины кытта, аан бастаан, ханна билсибитэ буолуо дии саныыгыт?.. Баанньыкка? Сөрү-сөп! Покровскай баанньыга уонна Ермолай биир өйдөбүллэр диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Покровскайга Ермолайа суох баанньык дэммэт. Кини көрүдьүөһэ, кэпсээнэ-ипсээнэ, дьону дьээбэлиирэ дьон сүргэтин көтөҕөрө бэйэтэ туспа дьоро киэһэ. Кини суох буоллаҕына, суунааччылар уку-суку суунан баран дьиэлэригэр тарҕаһаллар…
Дьэ, итинник киһи Ермолай Еремеевич Скрябин. Кини туһунан, суруйар дьоҕурдаах киһи төһөнү баҕарар кумааҕыны хараардыан сөп.
Өссө биири этэрдээх эбиппин. Мин оҕо эрдэхпинэ диэххэ, саха дэриэбинэлэригэр, биирдиилээн эрэ буолбатах, олус дуоспуруннаах, тус-бас тыллаах-өстөөх оҕонньоттор баар этилэр. Кинилэр былыргы «саха майгытын» илдьэ сылдьаллара. Саҥардахтарына тыллара-өстөрө олус түгэхтээх, дириҥ ис хоһоонноох, таайтарыылаах хос өйдөбүллээх буолара. Маннык бөлөһүөктүү тыыннаах оҕонньоттору билигин «күнүс тымтыктанан» да булбаппыт буолуо… Ардыгар мин Ермолайы ол оннук оҕонньоттор таһымнарыгар чугаһатыахпын баҕарабын. Ол улахан хайҕабыл бэлиэтэ. Ермолай дуоспураннаннаҕына тыла-өһө маарыннаан ылар, кинилэри санатар гына.
Түмүкпэр «туман буолбут хонуктар» саалаахтан самныбатах, охтоохтон охтубатах, хаҥыл хаҥаластары барыларын илдьэ барбатахтар. Өссө да бааллар эбээт хаҥаластары ааттарын ааттатар саха урааҥхайдара, олор истэригэр убайбыт Ермолай Еремеевич Скрябин бастакы кэккэҕэ турар. Үбүлүөйгүнэн, чугастык саныыр киһим!
Гаврил Васильевич МОИСЕЕВ-Улар.
Покровскай куорат, Эргис сайылык.
2020 с.
