АБАЛААҔЫМ, ӨТӨҔҮМ АХТЫЛҔАНА

Мэҥэ-Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов, нэһилиэктэрин баһылыктара уонна СӨ Айылҕа харыстабылыгар министиэристибэтин өйөбүллэригэр тирэнэн, саха дьонугар эмтээх бадарааннаах сиринэн биллибит, үгүс киһи эмтэммит, доруобуйатын тупсарыммыт сиригэр Абалаахха арендаҕа сир ылан хаан аймахпыт, бырааппыт Владимир Владимирович Яковлев кэргэнинээн Анна Прокопьевналыын дьону эмтииргэ, турбаза дьиэлэрин тутан сэргэхситэн эрэллэрин иһиттибит.

Ити сонунтан үөрэн Абалаахтан төрүттээх Эрбэгэй кырдьаҕас улахан уолун оҕото, сиэнэ мин ‒ Виктор Николаевич Сосин санаабын үллэстэргэ сананным. Биһиги эһэбит Петр Алексеевич Сосин‒Эрбэгэй ‒ Абалаах төрүт олохтооҕо, дойдута. Бөһүөлэккэ балаҕаммыт уонна ампаар дьиэ-бит, онтон тыа быыһыгар киэҥ ырааһыйаҕа олох бастакы балаҕаммыт уонна эмиэ ампаар дьиэбит турбуттара – ол мин төрөөбүт балаҕаным. Эһэбит тоҕус оҕону онно төрөтөн-иитэн  атаҕар туруортаабыт Абалааҕа. Биһиги эһэбит бииргэ төрөөбүттэрэ, аймахтара Сосиннар Суола үрэх устун Моорук нэһилиэгин алаастарыгар төрүт олохсуйбут сирдэрэ.

Саха дьоно Абалаах күөлэ эмтээҕин, сүрүннээн тобук, сис уҥуохтарын ыарыытыгар уонна тирии баастарын эмтииргэ туһалааҕын былыр-былыргыттан билэллэрэ. Ол иһин Саха сирин араас муннуктарыттан үгүс дьон манна сорук оҥостон кэлэн сөтүөлээн, бадараанынан соттон, уутугар сөтүөлээн эмтэнэллэрэ.

Биһиги хаан аймахпыт, эһэбит убайа Тит Егорович Сосин Бүтэйдээх медпуунугар  биэлсэринэн үлэлии сылдьан, өссө ыраахтааҕы былааһын саҕана Абалаах уонна Тураҥнаах күөллэрэ дьон ыарыытын туохха олоҕуран эмтиирин билээри, ууларын уонна бадарааннарын химическэй анализтарын Дьокуускай куорат аптекатыгар оҥорторо сылдьыбыт. Ол гынан баран ол кэмҥэ наука сайдыытын таһыма мөлтөҕүнэн кыаллыбатах. Ити санаатын ыһыктыбакка 1923 с. Саха сиригэр гражданскай сэрии бүтээтин кытта, саҥа Сэбиэскэй былаастан туруорсан Мэҥэ улууһугар Абалаах, Тураҥнаах уонна “Лаамы күөллэригэр экспедиция тэрийтэрэн үлэлэппит. Ол үлэ түмүгүнэн 1935 с. эмчиттэр научнай-практическай кэмпириэнсийэлэригэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Абалаах күөлүгэр саҥа хайысханан эмтээһиҥҥэ, өссө үрдүк таһымҥа таһаарар туһунан дакылааты оҥорбут. Бу дакылаакка этиллибит өйдөбүлгэ тирэнэн Саха сирин доруобуйаҕа наркомата киллэрбит этиитэ, ол кэминээҕи дойду былааһыттан өйөбүл ылан 1935 с. Тит Егорович быһаччы тэрийиитинэн дьон-сэргэ Абалаахха кэлэн хонон-өрөөн олорон эмтэнэр 12 куойкалаах балыыһата аһыллыбыт. Балыыһа дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалааҕа тута көстүбүт, онон 1939 с. эбии 50 миэстэлээх олорор куорпус тутуллубут.

Ити кэмнэртэн Абалаахха дьон олохсуйан бөһүөлэк буолан барбыта. Биһиги Сосиннар (Эрбэгэйдэр), эһэбит чугас быраата И.Е.Сосин балтынаан А.Е.Ноговицыннар, Скрябиннэр, Никифоровтар, Петровтар, Тарасовтар, Павловтар, Барабановтар, Неустроевтар, Тимофеевтар, Дунаевтар, Брызгаловтар о.д.а. Абалаахха олорон, дьон балыыһаҕа үлэ булан, хамнастанан айахтарын ииттинэн олорбуттара, элбэх киһи олорон-үлэлээн ааспыттара.

Биир түгэҥҥэ тохтоон ааһар буоллахха, Карл Карлович Байкалов Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин кыттыылааҕа, гражданскай сэрии кэмигэр Саха сиригэр сэбилэниилээх күүстэр  командующайдара, саха дьоно бары билэр киһитэ, репрессияҕа түбэһэн хаайыыга киирэн, онтон босхолонон баран, бу балыыһаҕа завхоһунан үлэлии сылдьыбыта, Моорук сиригэр көмүс уҥуоҕа хараллан сытар.

Тит Егорович Сосин үтүө аатын үйэтитэр инниттэн 1948 с. “Абалаах” курордугар кини аата иҥэриллибитэ. 1961 с. эбии 25 миэстэлээх утуйар куорпус тутуллан “Абалаах” грязелечебницата 75 миэстэ куойкалаах улахан тэрилтэҕэ кубулуйбута. Ол гынан баран, хомойуох иһин маннык хайысхалаах курортнай эмтиир сирдэри үгүс дьонноох сирдэргэ Дьокуускайга, промышленнай оройуоннарга аһыллыахтаах диэн өйдөбүл ол саҕана салалтаҕа туран, 1974 с. Аллараа Бэстээххэ көһөрүллэн эстиигэ барбыта. Билигин Т.Е.Сосин аата да иһиллибэт, ахтыллыбат буолла.

Биһиги эһэбит бу улахан тэрээһиҥҥэ убайыгар Тит Егоровичка хара маҥҥайгыттан тирэх,  күүс-көмө буолан бэйэтин кыаҕынан көмөлөспүтүнэн барбыта. Аҕам бу тэрилтэҕэ үйэтин тухары үлэлээбитэ. Оҕотук сылдьан балыыһа иһинэн аһыллыбыт аттары көрөр-истэр тутуутугар (көньүүһүнэтигэр) аттары көрөөччүнэн, атынан балыыһаҕа уу таһааччынан, бадараан баһааччынан, хачыгаарынан, онтон олох сайдыытынан тэрилтэ тиэхиньикэнэн хааччыллан барыытыгар “полуторка” массыынаҕа суоппарынан, тырахтарыыһынан үлэлээбитэ.

Ийэбит Тараҕай нэһилиэгиттэн төрүттээх Александра Алексеевна Слепцова 18 саастааҕар Абалаахха Александра Васильевна Маркова диэн тастыҥ эдь-иийин батыһан кэлэн, балыыһаҕа  үлэлээбитэ. Ол сылдьан мин аҕабын кытта билсэн 1953 с. кэргэн тахсар уонна миигин 1954 с. оҕолонор. Аҕыс оҕо тапталлаах ийэтэ этэ, өссө аҕам үс бырааттарын тулаайах хаалбыт оҕолору ииппитэ. Эдьиийэ А.В.Маркова И.Е.Сосиҥҥа кэргэн тахсыбыта, 5 оҕоломмуттара. Абалаах оҕолоро бары Табаҕанан, Моорук Суолатынан, Өлөчөйүнэн, Бүтэйдээҕинэн интэринээккэ олорон, оскуоланы бүтэрбиппит, билигин  араас идэлээх үлэһит дьон буола сылдьабыт. Онон Сэбиэскэй былааска махталбыт муҥура суох.

Сайынын  оскуола оҕолоро дойдубутугар Абалаахха кэлэн, тэрилтэ үлэһиттэрэ сокуонунан көрүллүбүт сынньалаҥнарын ыллахтарына, кинилэри солбуйан араас хайысхалаах үлэлэргэ үлэлиирбит. Ол курдук кыра сааспытыгар бу тэрилтэҕэ ыытыллар өрөмүөн, кырааска араас бытархай үлэтигэр илии-атах буоларбыт. Мин ыал улахан оҕото буоларбынан, ийэбэр тирэх-өйөбүл буолан 8 кылааһы бүтэриэхпиттэн “паровой” оһоххо хачыгаардыыр буолбутум. Онно бадарааны, туустаах ууну, дуус уутун, ол тас өртүнэн биир оһоҕу оттон эмтэнэр куорпуһу сылытарым.

Оскуоланы бүтэрэн баран 1973 с. күһүн аармыйаҕа ыҥырыллыахпар диэри эмиэ хачыгаардаабытым. Аармыйаҕа сылдьан 1974 с. Абалааҕым эстэн эрэрин истэн улаханнык хомойбутум. Аармыйаттан кэлиибэр ийэм тэрилтэтин батыһан кэлэн Аллараа Бэстээххэ олохсуйан олороро. Онно биирдэ билбитим, ийэм кыра балтыбын кытта кыһыннары харабылынан хаалан олорбутун, биһиги чааһынай дьиэбит эргэ буолан көһөрүллүбэтэх, уоннааҕы Абалаах дьиэлэрэ бары көһөрүллүбүттэр. Ийэбин саас 1975 с. дьиэ биэрэн көһөрбүттэр, онтон 1977 с. ийэбит ыарытыйан баара-суоҕа 43 саастааҕар Күн сириттэн барбыта. Дьэ, онно төрүт түөлбэбититтэн тэйбиппитин илэ харахпынан көрөн, эппинэн-хааммынан билэн олус аймаммытым, хараастыбытым.

Бу көһөрүү түмүгэр, бэрт үгүс ыал төрүт дойдутуттан күүс өртүнэн кэриэтэ көһөрүллүбүтэ, тэйитиллибитэ. Элбэх киһи аймаммыта, үгүс сиринэн ыһыллыы барбыта. Ол түмүгэр сорох бииргэ улааппыт оҕо сааһым доҕотторо туора сиргэ оннуларын булуммакка араас дьылҕаламмыттара. Ол барыта уонна төрөөбүт-үөскээбит, оҕо сааһым ааспыт чуумпу алаас сириттэн эмискэччи тэйэн, элбэх дьон сырыылаах, айдааннаах-куйдааннаах туора сиргэ олохсу-йууну, ити охсууну ийэм тулуйбатаҕа, саҥа сиргэ үйэтэ уһаабатаҕа, ол өйдөбүллэрэ эдэр киһи өйүгэр-санаатыгар ыараханнык иҥмитэ. Ол иһин 1997 с. биһиги бииргэ төрөөбүттэр ийэбит бэлиэ күнүгэр Абалаахтан төрүттээх дьону барыларын ыҥыран туран ыһыах тэрийбиппит. Оҕо-ыччат сылдьан сүүрбүт-көппүт улахан бөһүөлэкпит оннугар, өтөх буолан турар төрүт сирбитин, уруккуну санатан сууллаары гыммыт самнайбыт дьиэбит көндөй көхсө турарын көрбүппүт, биһигини барыбытын курус санааҕа тиэрдибитэ. Баҕа санаанан буолбакка, күһэйии бэрээдэгинэн көһөрүү, үгүс ыалы, оҕону-урууну, ыччаты олохтоох сирдэриттэн тэйитии, дьону төрүт сирэ суох хаалларыы ыар содулун бэйэлэрин дууһаларыгар, сүрэхтэригэр илдьэ, дьон-сэргэ аймана сылдьаллара онно көстүбүтэ. Билиҥҥи үйэҕэ куйаар ситимэ сайдан, Абалаахтан төрүттээх сирэ-уота, өтөҕө суох хаалбыт дьон куйаар нөҥүө кэпсэтэр бөлөхтөөхпүт. Онно эн-мин дэһэбит, санаабытын атастаһабыт. Дьылҕа Хаан биһиги туспутугар муустаах ураҕаһын көрдөрбүтүттэн хараастабыт, урукку дьоллоох оҕо сааспыт кэмин санаһан харахпыт уутун тоҕобут. Ол өйдөбүлэ билиҥҥээҥэ дылы барыбытыгар, сүрэх бааһа буолан сылдьар. Ол да буоллар, төрүт дойду өйдөбүлэ күүстээх буолан, түгэн көһүннэр эрэ, кэмиттэн кэмигэр дойдубутугар тиийэн мунньустан көрсүһэбит, ыччаттарбытыгар өбүгэ сирдэрин, төрдүлэрин умнубатыннар, таптаатыннар диэн түгэн көһүннэр эрэ барабыт, кэлэбит. Аны заказник, харыстанар сир буолан, өтөхпүтүгэр киирэрбит, сылдьарбыт биир эмиэ туспа моһуок.

Киһи төрүт өтөҕөр төннөн  кэлэн чуумпуга олорон, төрөөбүт дойдугар санааҕын сааһылыырыҥ, чөмөхтүүрүҥ, урукку олорбут олоххун эргитэ саныырыҥ олус да күндү. Киһиэхэ өтөх эмтээх салгына сылааһынан илгийэн ыраастыыр киһи дууһатын, туруккун сөргүтэр, күүһүрдэр. Өйгүн-санааҕын сааһылаан олоххо күүс-көмө буолар. Өтөххө киһи кимин-тугун, ханнык  туох төрүттээҕин, хантан силистээҕин дьэҥкэтик өйдүүр буолар. Онтон саҕаланар сиргэ-уокка таптал, дойдуга бэриниилээх буолуу өй-дөбүлэ.

Абалаах грязелечебницата Аҕа дойду сэриитин 1941‒1945 сс. кэмигэр сэрииттэн эчэйбит, инбэлиит буолбут буойуннар доруобуйаларын туругун бөҕөргөтөргө, үлэлиир дьоҕурдарын төнүннэрэргэ күүскэ үлэлээбитэ. Билиҥҥи уустук кэмҥэ биһиги ыччаттарбыт байыаннай дьайыыга барбыттара. Аҕам быраатын уола ‒ быраатым, кыра балтым уола ‒ сиэн быраатым уонна Барабановтар уоллара сэриилэһэ сылдьаллар. Билигин онно бааһырбыт, инбэлиит буолбут буойуннары доруобуйаларын бөҕөрҕөтөргө, чөлүгэр түһэриигэ Абалаахха миэстэтигэр, өр кэмҥэ олорон эмтэнэр санаторий арыллан үлэлиирэ буоллар, Саха сирин үгүс дьоно эмтэниэ, доруобуйатын туругун тупсарыныах этэ.

Билигин биһиги Абалаахтан төрүттээх дьон төһө да араас сиринэн ыһыллан да сырыттарбыт өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр куруутун Абалаахпыт ‒ төрүт сирбит-дойдубут баар. Бэйэбит икки ардыгар санаа атастаһыытын түмүгэр, Аблаах сирин сөр-гүтэргэ хамсааһын тахсан эрэрин истэн үөрэн, төрүт сирбитигэр төннөн кэлэн буруо таһааран урукку өтөхтөрбүтүн сөргүтэрбит буоллар, өбүгэлэрбит бу бэйэбит ыччаттарбыт кэлэн дойдуларын  иччилээн эрэллэр диэн саныахтара күүс-көмө буолуохтара, алгыахтара этэ. Бырааппыт В.В.Яковлевка саҕалаабыт үтүө үлэлэригэр өйөбүл буолуохпутун баҕарабыт. Ону нэһилиэкпит, улууспут, Сахабыт сирин дьоно-сэргэтэ, билиҥҥи араас таһымҥа, хайысхаҕа үлэлии сылдьар сала-йааччылар туох диэн санаалаахтара, толкуйдаахтара буолла?

Ким  дойдулаах, өтөхтөөх киһи өлөн-сүтэн биэрбэт уонна кэнэҕэски ыччата тирэхтээх буолар.

Виктор Николаевич СОСИН,

отставкаҕа олорор милииссийэ полковнига, РФ ИДьМ туйгуна, “Эҥкилэ суох сулууспа” мэтээл толору кавалера, РФ үлэ бэтэрээнэ, “За продолжение славных традиций” аат хаһаайына.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *