ДЬОҺУН-МААНЫ ОЛОХ
Бу күннэргэ (2016 с.-Ред.) биһиги улууспут биир ытыктанар киһитэ – үлэ ветерана, сэрии кэмин оҕото Зосим Петрович Захаров 80 сааһын туолар. Санаатахха аҕыс уон саас диэн элбэх, ол эрээри Зосим Петровичка ханан да дьүөрэтэ суох курдук. Кини айылҕаттан сэргэх сэбэрэтинэн, саҥалыы өйүнэн-санаатынан, олоххо интэриэһинэн кырдьаҕас диэн өйдөбүлү хаалларбат.

Зосим Петрович 1936 сыл сэтинньи 13 күнүгэр Уус-Майа улууһун Эдьээн нэһилиэгэр Акулина Николаевна, Пётр Семёнович Захаровтар дьиэ кэргэттэригэр күн сирин көрбүтэ. Кини төрөппүттэрэ бултаан, сүөһү ииттэн олорбуттара. Кэлин Эдьээн нэһилиэгин Хайа учаастагар «Шараборин» аатынан колхуос тэриллибитэ, дьоно онно киирэн ыанньыксытынан, отчутунан-масчытынан үлэлээбиттэрэ.
Кыракый уолчаан 1945 сыллаахха Хайа учаастагыттан үөрэнэ киирбитэ. Онтон аймахтарыгар Эдьээҥҥэ олорон ситиһиилээхтик үөрэммитэ. Маҥнайгы учууталларынан Атласова В.В., Седалищев Ф.Н. этилэр.
1958 сыллаахха Уус-Майаҕа орто оскуоланы бииргэ бүтэрбит оҕолоруттан бастыҥ үлэһиттэр, үрдүк үөрэхтээх Березина З.С., Атласова А.В, Атласов С.В. курдук учуутал, быраас, научнай үлэһиттэр үүнэн тахсыбыттарын киэн тута ахтар.
Оскуоланы бүтэрээт, колхуоһугар үлэһитинэн киирбит. Сайын от үлэтигэр Абрамов Н.Н., Дьячковскай А.П. буолан илиилэринэн күҥҥэ биирдии гаа сири охсоллоро. Бириэмийэлэрэ 2 киилэ арыы, балтараа чиэппэр (250 гр.) чэй буолара.
Онтон 1960 сыллаахха Майдаттан төрүттээх Павлова Дариялыын ыал буолан, Майданан уонна Чараҥынан теплица тутуутугар үлэлээбит.
Биир сыл буолан баран дойдутугар Эдьээҥҥэ төннөн кэлэн олохсуйбуттар. Суруктаах учаастагар сайылык пиэрмэтин тутуутугар биир атынан, биир оҕуһунан Винокуров Д.Н., Седалищев А.Н., Трофимов М.А., Испиридиэн оҕонньор уонна Өктөө Маркс буолан 1-кы маайтан ыһыахха диэри ыанньыксыттар олорор икки дьиэлэрин, 80-ча сүөһү хотонун, күрүөтүн-хаһаатын тутан, булуус хаһан бүтэрбиттэр. Ол сайылык билигин да история кэрэһитэ буолан турар.
1962 сыллаахха Дьокуускайга механизатордар курстарыгар үөрэнэн суоппар, тракторист идэтин баһылаабыта. Уон үс сыл тракториһынан, пилорамщигынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
1967 сылтан 1975 сылга диэри хонуу биригэдьииринэн ананан колхуос бары хаһаайыстыбатын көрөн олорбуттара. Оччолорго колхуоска 1200 т оту, 400 т сиилэһи, сүөһүгэ эбии аһылык бэлэмнээһинэ, нэһилиэнньэҕэ от-мас тиэйиитэ хаһан да бүппэт үлэ, түбүк буолара. Ону таһынан биэс сылы-сыллаатааҕы оҕолорун көрүүтэ, аһа-таҥаһа кырдьык да аҕа барахсан тилэҕэ элэйдэҕинэ эрэ кыаллара.
1975 сыллаахха оҕолорун үөрэттэрээри Уус-Майаҕа көспүттэрэ. “Мясомолпромҥа” бочуоттаах сынньалаҥҥа барыар диэри үлэлээбитэ. Онтон пенсияҕа тахсан баран улуустааҕы Хотугу норуоттарын ассоциацияларын эппиэттиир сэкэритээринэн анаммыта.
Зосим Петрович ханнык да үлэҕэ үрдүк эппиэтинэстээхтик, үтүө суобастаахтык үлэлээбитин биир дойдулаахтара ахталлар.
Онтон, улууска бастакынан да буолуо, Маяк учаастагар Эдьээнтэн төрүттээхтэр сир-уот ылан холбоһон, сылгы иитэн, оҕуруот олордон, бултаан-балыктаан, сир астаан уонча ыал кэтэх хаһаайыстыбаларын хаҥатарга соруммуттара. Онно Зосим Петрович дьиэ кэргэнин кытта сайылык оҥостон сайын аайы сайылыыллара. Оҕолорун, сиэннэрин Алдан Эбэ ыраас уутугар сөтүөлэтэн, балыктатан, сир астатан дуоһуйа сынньаналлара. Бэйэтэ да айылҕа оҕото буолан кустаан, балыктаан, түүлээхтээн дьиэ кэргэнин хааччыйара.
Зосим Петрович кэргэниниин Дария Дмитриевналыын дьоhyн олохтоох ыаллар. Биэс оҕо, элбэх сиэн тапталлаах аҕата, ийэтэ, эһэтэ, эбэтэ буолаллар. Сүөһү-сылгы ииттэн оҕолорун сибиэһэй аһынан хааччыйаллар. Сүрдээх ыалдьытымсах, аччыктаабыты аһатар, тоҥмуту ириэрэр ичигэс холумтаннаах үтүө-мааны ыаллар. Сайынын кинилэр тэлгэһэлэрэ араас кэрэ сибэккинэн киэркэйэр. Зосим Петрович кэпсээнэ-ипсээнэ хаһан да бүппэт, дойду күннээҕи сонунун көтүппэккэ истэ-билэ олорор, барыны бары интэриэһиргээн туоһулаһар. Кэнники сылларга доруобуйата мөлтөөн, эми-тому батыһар да буоллар санаатын түһэрбэккэ дьиэ кэргэнин, дьонун-сэргэтин сүбэтинэн-аматынан, кэрэ кэпсээнинэн сэргэхситэр, оҕолорун түмэр.
Зосим Петровиһы Эдьээнин дьонун аатыттан 80 сааһынан итиитик эҕэрдэлиибит! Айыыһытыҥ араҥаччылаатын, ыарыы ыалласпатын, дьаҥ-дьаһах дьалбарыйдын диэн алҕаан туран, өссө да уһуннук олорон чугас дьоҥҥун үөрдэ тураргар баҕарабыт.
Суруйда Ирина Макаровна ВИНОКУРОВА.
2016 с.
