ТҮРГЭННИК БЫҺААРАР САЛАЙААЧЧЫ
Бу арааһа 1974 сыллаахха эбитэ дуу. Билигин 2020 сыл, ол аата онтон ыла 46 сыл ааспыт. Максим Николаевич Дьокуускай аттыгар Тулагы Киллэмҥэ олорбута өр буолла. Дөрүн-дөрүн хаһыакка ыстатыйалары суруйар. Олорго бэйэтин туһунан син сырдатта. Кини сэбиэскэй-партийнай эйгэҕэ үчүгэй түмүктээхтик, таһаарыылаахтык үлэлии сырыттаҕына чугастык алтыспатаҕым.
Оттон ол иннигэр көҥүл тустуунан дьарыктанан аатыра сырыттаҕына, кинини көрөн бөҕө буоллаҕа дии. Өрөспүүбүлүкэ элбэх төгүллээх чөмпүйүөнэ (5 төгүл буолуохтаах), хайа уонна өттүктээн быраҕыы мөккүһүллүбэт дьиҥнээх маастара этэ. Сороҕор биһиги, устудьуоннар, кини тустарын көрө уонна хайдахтаах да тустуугу өттүктээн адаарытан лаппаакытыгар түһэрэрин дуоһуйа кэтээн, астына барар буоларбыт. Кыраһыабайдык быраҕара.
Бэйэтэ буоллаҕына маҥан эттээх, кылбайан уол да уол, 80-тан үөһэ киилэҕэ тустара. Кэлин кини ыстатыйаларыгар мин туспунан, билбэт да буоллар, үчүгэйдик ахтан аһартаабыта, ол иһин култуурунай ырата киһи буоларым быһыытынан баһыыбалаары көрдөөн, төлөпүөнүн булан сорукпун син толордум ээ. Хаһыакка суруйууларбын ааҕар буоллаҕа дии. Онон, биһиги ыккардыбытыгар ыраахтан сыһыаҥҥа туох да соруйан оҥоһуу суох. Онтукабыттан хата бэйэм дуоһуйдум. Төлөпүөнүнэн кэпсэтэн баран толкуйдаан көрдөхпүнэ, ити кинини 1974 с. күһүн аҕыйах мүнүүтэ көрсөн ааспыт эбиппин, илин оройуон сиригэр. Ол маннык этэ.
Арай биирдэ Уус-Алдаҥҥа хас да буолан телевидениенэн биэриини бэлэмнии таҕыстыбыт. Оччолорго мин кылаабынай редакторбын. Уазик массыыналаахпыт. Хас да нэһилиэктэргэ сырыттыбыт быһыылааҕа, онтон Тандаҕа кэллибит. Манна музей тэрийбит Иван Готовцевы көрүстүм, арааһа, Танда таҥаратын дьиэтин аллараа заалыгар экспонаттарын мунньар эбит этэ. Полиссыылынайдар мэтириэттэрин мунньан эрэрин көрдөрбүтэ. Музей боппуруоһугар улахан энтузиаст, специалист да диэххэ сөп, элбэҕи кэпсиирэ, кинини Дьокуускайга эмиэ үчүгэйдик билэр этилэр. «Готовцев дуо?» диэн буолара.
Дьэ манна биир дьикти курдугу ахтан ааһары наадалааҕынан ааҕабын. Дэриэбинэ хотугулуу-арҕаа кытыытыгар балачча улахан көлүйэ-күөл дьиримнии сытара. Хайдах эрэ айылҕа бэйэтин оҥоһуута буолбатах, биэрэгэр от-мас суох, манчаары көстүбэт, күөх от саҥа үүнэ сатыыра киһи хараҕар быраҕыллара.
– Хайа бу, уруккуттан баар күөл дуо?
– Эчи суох, былырыыҥҥыттан.
Былырыын сопхуос дириэктэрэ М.Н.Сибиряков көҕүлээһининэн таах сытар сири, ходуһаны маһын, араас сыыһын ыраастаан баран уу хачайдаан куттарбыттар. Быйыл онтукалара аллараа булууһа ирэн дириҥээн, бэртээхэй күөл буолбут. Күһүн өссө балык (собо) ыыппыттар. Саха сиригэр дэриэбинэ иһигэр балыктаах күөл баара дэҥ кэриэтэ буолааччы. Баар да буоллаҕына бэрт сотору сүөһү уулатан, араас бөҕү кутан, тэпсэн күөл аатыттан таһаарааччылар.
Биһиги сахалар айылҕабыт барахсан бэрсибитин тугу харыстаан, сыа-сым курдук туппуппут баарай! Алдьатарга эрэ бэрпит. Оҕолорбутун, айылҕабыт барахсаны харыстыырга отой үөрэппэппит, ону ирдээбэппит. Күөх чээлэй айылҕабыт куруук биир кэм туруктаах баар буолуохтааҕын курдук өйдөөх-санаалаах дьоммут.
Мин 40-тан тахса сыл тухары суруналыыс буолан, Саха сирин бары оройуоннарыгар сырыттым, Ол тухары тугу-тугу көрбөтөҕүм баарай! Сыччах биирдэ эрэ олохтоохтор сирдэрин харыстыылларын көрбүттээхпин уонна онтон улаханнык астыммыттаахпын.
Арай биирдэ Ньурба улууһун тыатыгар ыарахан уйуктаах 131 массыынанан кустаары тэринэн бардыбыт. Бэйэбит хаарбах газикпытын хааллардахпыт дии. Сааскы кус ытыатын саҕана. Бу массыынабыт син биир трактор курдук: сири тоҥор диэри дьөлө үктээн бара турар үгэстээх. Кыах бөҕө, арааһа сабыс-саҥа чааһынай массыына этэ.
– Уолаттар, бачча кэлэн кустаан баран түүннэри дуу, сарсыарда дуу Ньурбаҕа киириэххитин, – диэн буолла. Биһиги үөрүүнү кытта сөбүлэстэхпит. Бу Ньурба улууһун ханнык нэһилиэгэр буолбутун умнан кэбиспиппин. Отуттан тахса сыл аастаҕа дии. Икки олохтоох уолаттар барыстылар, сирдьит курдук. Дьэ туран, биир улахан баҕайы төгүрүк боһуомнаах ортотугар да, кытыытыгар да күөлэ суох оттонор ходуһаны хаба ортотунан астаран, уҥуор таҕыстыбыт. Бүтүннүүтэ ньалыар уу, көлөһөлөрбүт сири бааһырдыбатылар даҕаны. Салҕыы, тэйиччи баран, кустуур сирбитигэр тиийиэхтээхпит. Ходуһабыт кытыытынааҕы ойуурунан ньирилэтэн истэхпитинэ биир ИЖ-5 матассыыкыл тотугуратан кэлэн ойоҕолоон, иннибитигэр турунан кэбистэ. Мин «биһигини кытта барсар буоллаҕа» дии санаан ыллым. Ол ыккардыгар уолбут чаҕаара түстэ, орто оскуола үрдүкү кылааһын үөрэнээччитэ эбит.
– Аҕам маннык диэн илдьиттиир: «Баччаҕа, тоҕо уу халыйбыт оттуур ходуһаны ыарахан тэрилинэн тэбистэрэ сылдьалларый! Ханна тиийбит сирдэригэр тохтуу оҕустуннар!».
– Оттон аҕаҥ кимий? – мин ыйытабын. Өссө быыкайкаан саппыыскалаах этэ.
– Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ!
Биһиги тохтоон, сээкэйбитин массыынаттан түһэрэн, ити тохтообут сирбитигэр кыра уулары булан куска олорбуппут.
Дьэ ити кэннэ, түөрт уонтан тахса сыл устата төһөлөөх нэһилиэккэ хотунан-соҕуруунан сылдьыбытым буолуой? Саха сиригэр барытыгар, ол тухары биир да сирин-уотун, ходуһатын, суолларын харыстыыр киһини, тойону-хотуну көрсүбэтэҕим. Чэ манан тохтуубун – бу олус уустук уонна киэҥ боппуруос. Муҥ саатар биир эмэ «эн билэр киһи итини кытаат, сырдат» диэн кутугунаппат буоллаҕа. Дьэ барытын сахалар саҥата суох ылынарбытынан быстыбыт дьоммут.
Бу суруйа олорон мин биир манныгы толкуйдаатым ээ. Максим Николаевич этэринэн, олохтоохтор бу бэйэ оҥоһуута күөлтэн балыктаан сиэбиттэрэ 50-ча сыл буолара чугаһаабыт. Тоҕо сатамматый бу туһунан, ол аата күөлү үчүгэйдик көрдөрөн, илимнии сылдьар киһилиин эҥин, Максим Николаевиһы кытта кэпсэтэ-кэпсэтэ кылгас, 12-15 мүнүүтэлээх документальнай киинэ устан күөх экраҥҥа норуот көрүүтүгэр таһаарар? Дьэ бу буолуох этэ буоллаҕа дии дьиҥнээх түбэлтэни, буолбуту, баары көрдөрүү уонна экологиябытыгар киһилии сыһыаны чорботуу.
Оннооҕор дьиҥнээх бэйэбит көтөрбүт буолбатах хотой туһунан балтараа чаастаах уус-уран киинэ устан аатырабыт дии. Хотой диэн сылаас, хайалаах дойду эбэтэр киэҥ нэлэмэн истиэп көтөрө буоллаҕа. Биһиэхэ, биллэн турар, хотой бииһин-ууһа суох буолбатах, олортон саамай улаханнара – боруллуо. Мин алҕаһыыр буолуохпун эмиэ сөп, орнитолог буолбатахпын.
Ити этэр документальнай киинэни НВК «Саха», эбэтэр биирдилээн да энтузиаст устуон сөп этэ. Оннооҕор буолуоҕу киинэҕэ устан көрдөрөбүт эбээт! Быһата, экзотиканан дьарыктанабыт. Ол аата култуурата суох, сибилигин даҕаны сайда илик омукпутун туоһулуубут, атыттарга. Бу тиэмэни төһө баҕарар сайыннарыам этэ да тохтуубун, сөбүлэспэт элбэх буолуо. Оттон мин санаам итинник.
Бэйи эрэ, ол да буоллар чопчу тиэмэбитигэр төннүөххэ. Биһиги садаанньабытын толордубут. Ол гынан баран, кус кэтэһэ ханна эрэ бара сылдьыбыт киһи диэн баҕа улахан. Арааһа, балыыһаҕа эмиэ устубуппут буолуо, чугаска биир эдэр уол фургон массыынанан тиэйбитэ. Били бастакы маҥан өҥнөөх УАЗ-фургон олус кыахтаах, бэртээхэй массыына. Суруналыыстар «буханка» диэн ааттыы охсубуттара. Аны уолбут салалтатыттан көҥүллэппит буолан баран, массыынатыгар бензинэ суох эбит. Балачча ыраах барыахтаахпыт, аара үрдүк сыырдаах эҥин эбит. Ардаатаҕына массыына буксуйуон, халтарыйыан сөп.
Мин бензин көрдөһө сопхуос дириэктэригэр барар буоллум.
– Дириэктэргит кимий? – диэн ыйыттым. Онуоха:
– Сибиряков Максим Николаевич, – дииллэр.
– Били аатырбыт тустуук дуо, – диибин.
– Ол-ол.
– Билэр этиҥ дуо?
– Алтыспатаҕым буолан баран, билэбин, тустарын көрөөччүбүн.
Киэһэрдэ, хараҥарда. Ыйдаран дьиэтин эрэйэ суох буллум. Ааны дьахтар арыйда. Директор ханнаный диэн ыйыппыппар, аантан быган туран кыратык аһыллан турар түннүгү ыйан көрдөрдө: «Максим Николаевич түннүгүн аһан утуйааччы». Тиийэн тоҥсуйдум. Киһим тутатына былтас гына түстэ. Туох наадалаахпын эттэҕим дии.
– Төһө бензин нааданый?
– Отучча лиитэрэ сөп буолуо.
Туох да ордук-хос ыйытыыта суох заправщикка саппыыска суруйа охсон биэрдэ. Мин хата дьыалам сууххайдык быһаарыллан үөрдүм уонна баһыыбалаан, быраһаайдаһан баран төнүннүм. Сыыдам соҕустук хомунан айаҥҥа туруннубут.
Ханнык баҕарар боппуруоһу сыһа-соһо сылдьыбакка, уһаппакка түргэнник быһаарар салайааччы эбит этэ. Итинтэн кэлин мин кинини көрсүбэтэҕим, олохпут суоллара быһыта охсуспатахтара.

Хаартыскаҕа: М.Н.Сибиряков.
Георгий Никитич ВАСИЛЬЕВ-Мандар, суруналыыс,
Россия суруйааччыта.
