КӨЛҮӨНЭМ КЭРЭХСЭНЭР КИҺИТЭ
Сэмэй саха саарына…
Санаам күүһэ баарына
Саха сэмэй саарына
Саллыы Сааса туһунан
Салпат иэйиим суоһунан
Санаан-ахтан суруйдум,
Саараабакка дуоһуйдум.
Ааптар.
Санаатахха санаа сааһыланар, өйдөөтөххө өй-сүрэх өрүкүйэр, аҕыннахха ааспыт ахтыллар…
Ол сиэринэн таайым, ааспыт алдьархайдаах уоттаах сэрии тулаайаҕа, үлэ ветерана (билэр дьоно сөбүлээн Саллыы Сааса диэччилэр) Александр Александрович Стручков туһунан суруйарга сананным.
Киһи барахсан айыылаах-харалаах Аан ийэ дойдуга, оһоллоох-моһоллоох Орто дойдуга оҕо буолан төрөөһүнэ, киһи буолан кэхтиитэ Чыҥыс хаантан ыйаахтаах, Одун хаантан оҥоһуулаах диэн мээнэҕэ эппэттэр.
Хайа да киһи кимтэн хааннааҕа, төрдө-ууһа аан маҥнай мээнэҕэ ахтыллыбата чахчы. Ол курдук аҕата Александр Григорьевич Стручков эдэр эрдэҕиттэн үлэҕэ-хамнаска эриллэн улааппыт, үлэни эрэ үҥэр таҥара оҥостубут олус сатабыллаах, кыайар-хотор үлэһит киһи этэ дииллэр… Кини 1935 сыллаахха Чычааска тоҕус сулумах уолаттар холбоһуктарын, онтон Сталин аатынан колхуоһу тэрийиигэ кыттыбыт дьоннортон биирдэстэрэ буолар. Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа сэрииттэн инбэлиит буолан киһи аҥара хаалан төннүбүт, ол ыарыытынан 1952 сыллаахха өлбүт.
Оттон ийэтэ Екатерина Филипповна Максимова Ньурбаҕачынаттан төрүттээх-уустаах. Эр киһи үлэтин-хамнаһын ордук сөбүлээн үлэлиир байанайдаах булчут, харса-хабыра суох үлэһит дьахтар эбит. Оҕонньорунаан үтүөкэн үлэһит, булчут буоланнар сэрии саҕана алта оҕолорун этэҥҥэ көрөн-харайан, иитэн олорбуттар. Ону баара ийэлэрэ аҕаларын кэнниттэн 1953 сыллаахха бэрт кылгастык ыалдьан өлөн хаалбыт. Онон алта оҕо тулаайах буола түспүттэр. Дьиэ иһинээҕи сүбэлэһии түмүгэр игирэ кыргыттары Таанньаны, Аананы эдьийдэрэ Варвара, кыра кыыһы Полинаны Марфа эппиэттэригэр ылбыттар. Оттон Саасаны үлэлээн аһыырга уураахтаабыттар. Онон үс-хас сыл араас үлэҕэ сайынын үлэлээн, кыһынын интернакка олорон үөрэнэн олох эриирин-мускуурун билэн-көрөн барбыт.
Уон алта сааһыгар сылдьан дьол көрдөһө диэн Халыма оройуонугар турар бэйэтэ үтүө санаалаах дьону кытта таһаҕасчытынан барсыбыт. Ол дьоно Халымаҕа тиийэн биир иккиэйэҕин эрэ олорор оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ олохтообуттар. Кырдьаҕастар соторутааҕыта соҕотох уоллара өлөн аһыы-аба бөҕөнү көрсөн олороллор эбит… Саҥа кэлбит Саасаны таҥара анаан ыыппыт киһитин-оҕотун курдук санаан үөрэ-көтө көрсүбүттэр. Олоҕун, дьылҕатын билэн баран харса суох санаалаах оҕо эбиккин диэн хайҕаабыттар уонна оҕото суох дьоҥҥо оҕобут курдук оҕо буолан олоруоҥ диэбиттэр.
Оҕонньордоох эмээхсин олус үчүгэй майгылаах, аһыныгас санаалаах, үтүө сүрэхтээх кырдьаҕастар эбит. Баара суоҕа уон алта саастаах Сааса уол оҕонньору кытта дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөһөр, бултууругар, балыктыырыгар тэҥҥэ сылдьыһар эбит. Ордук саас хаастаан хаһааналларын, балыктарын араас ньыманан хатаран, тууһаан ууралларын ордук өйдөөн хаалбытын омуннаан төлөннөөн кэпсээччи. Биирдэ күөл кытыытыгар бадарааҥҥа түһэн олорор хаастарга сири кытта сир буолан сыыллан киирэн оҕонньор кэтириинискэй аҕыстаах доруоп саатынан биирдэ ытан 18 хааһы тыла суох хаптаппыт. Үөрүүтүгэр буолан салгыы бултаһа барбатах. Бука барыларын хомуйан сүгэн таһааран дьиэ ортотугар кутан кэбиспит. Кырдьаҕастар уолбутугар эбэбит биэрбит диэн олус үөрбүттэр, уоттарын аһатан-сиэтэн, эмээхсин алаадьылаан байанайы маанылаабыттар.
Сэрии кэннинээҕи төһөлөөх элбэх тулаайах хаалбыт оҕолору сэбиэскэй былаас интернакка, детдомҥа олордон буор босхо үөрэттэрбитэ, ииппитэ буолуой? Оччотооҕу аһыныгас, амарах санаалаах дьон ийэтэ, аҕата суох ыччаттарга ийэ, аҕа, эбэ,эһэ буолан көмөлөспүттэрэ буолуой?
Мин санаабар, ити ол кэмнээҕи олох-дьаһах, быһыы-майгы ирдэбилэ, көрдөбүлэ буолбутугар былаас ыытар, ыыппыт утумнаах, кэскиллээх үлэтин түмүгэ, сыала-соруга этэ. Ол түмүгэр олох-дьаһах олус түргэнник оннун-тойун булан, айгыраабыт олохпут көнөн барбыта…
Сааса куруук кэпсиирэ хоту дойду дьоно-сэргэтэ киэҥ холку майгылаахтарын, аламаҕай аһыныгас санаалаахтарын, киһиэхэ үтүөнү баҕаралларын, ол онтон оҕолуу үөрэллэрин чорботон бэлиэтиирэ. “Халымаҕа биэс сыл олоруум, майгым-сигилим, быһыым-таһаам, этим-хааным сайдыытын оҥкулун олохтообута” диэн.
Тапталлаах таайым Сааса үс сыл Советскай армия кэккэтигэр сулууспалаабыта, оҕо, эдэр сааһа төһө да элбэх эрэйи эҥэрдэһэн, олох аһыытын-абатын билэн, үлэҕэ-хамнаска эриллэн хотугу тиит мастыы кииллийэн, киһитийэн эр бэрдэ, элик үтүөтэ буолан тыыллан хабыллан тахсыбыта.

Хаартыскаҕа: Таайым Сааса ыал буолбут сыбаайбатын күнэ.
Бэйэтин лаппа кыанар күүстээх буолан улуус киинигэр Бэрдьигэстээххэ олорор кэмигэр гиирэни анньыынан, мас тардыһыытынан утумнаахтык дьарыктаммыта. Улууска, республикаҕа биллэр спортсмен буолбута. Ол дьарыга механизатор ыарахан үлэтин баһылаан үрдүк кылаастаах тракторист буолан сэмэй аатын-суолун үлэнэн хаалларбыта.
Ол курдук Солоҕон – Мытаах суолун оҥорууну суос соҕотоҕун биир ДТ-75 – бульдозер тракторынан түүннэри-күннэри үлэлээн саҕалаабыта. Оччолорго айанньыт бөҕөнү ытаппыт Ыарыппыт сиһин, Сөрүөс үрэх, Атырдьах түһүүлэрин тахсыыларын оҥорон бар дьон махталын ылыан ылбыта. Өссө итиннэ үлэлии сылдьан Арыыһа сайылыга диэн кэлин ааттаммыт Туора үрэх сайылыгар сүөһү уулууругар анаан табыгастаах сири булан бульдозерынан астарбыта күөл буолбута… Ити хара ньуура суох бухатыырдыы үлэлээбит үтүмэннээх үлэтин норуот сыаналаабыта. Билигин дьон Сааса суола, Сааса күөлэ диэн ааттыыллара истиэххэ олус үчүгэй. Хомойуох иһин оччотооҕу салалта болҕомтоҕо ылбатаҕа… Ити улахан илистиилээх, ис сүрэхтэн оҥоһуллубут үлэттэн боростуой дьон саллан Саасаны Саллыы Сааса диэн ааттаабыттара…
Сааса мин ийэлээх аҕабын үгүстүк сүөһүлэрин, малларын-салларын саас, эрдэ, лаппа күһүн ДТ-75 тракторынан тиэйэн Чычааска көһөрөр идэлээҕэ. Аҕам Сааса кытаанах илиитин билэн тэһии баҕайы борооскулар аллаах буола түһэллэр диирэ…
Мин оҕо эрдэхпиттэн көбүс көнө уҥуохтаах, үгүс элбэх кэпсээннээх, хайа да таҥаһы кэттэҕинэ олус барар астык көрүҥнээх таайбын кэрэхсии, сэҥээрэ көрөрүм. Ордук эдьийэ, мин ийэм Аана Григорьевна тикпит бэргэһэтин (кыһыҥҥы, сааскы), унтуутун модельер курдук кэтэн үөрэн-көтөн турарын билигин да өйдүүбүн.
Сааса балачча сааһыран баран кэргэннэммитэ. Кэптинтэн төрүттээх төрүт дьон кыыстарын Александра Ивановна Алексееваны ылан уоллаах кыыс оҕоломмута. Шура олус хаһаайыстыбаннай, барыны бары сатыыр дэгиттэр талааннаах хаһаайка буолан Сааса дьиэ ис-тас үлэтин тэҥҥэ үлэлээн хаһаайыстыба тэринэн, дьиэ уот туттан толору дьоллоохтук олорбуттара… Хомойуох иһин уоллара хомолтолоохтук, аҕалара ыалдьан өлөн Шура кыыһын, сиэнин кытта олорор. Ийэм Сааса ыһыллаҕас бэйэтэ тугун барытын хомуна сылдьар, олус кичээҥи буолбут диэн кийиитин хайгыыра. Кэпсээнин баһа үксэ мин кэргэним барыны сатыыр, мин ытым олус булчут, мин атым олус өйдөөх диэн хайаан да туох үчүгэйдэринэн хайгыыр буолара. Биир да киһини сирбитэ суоҕа “оо, барахсан үтүө киһи” диэн киһини үксүн өрө тутар тыллааҕа.
Пенсияҕа тахсан баран ынах, бараан, ат ииттэн төрөөбүт-үөскээбит Чычааһыгар Бырдыгырга, Үкчүгүргэ улахан, кыра үүчээн туттан оттуура. Сэбин-сэбиргэлин аанньа оҥостуммат да буоллар хара күүһүнэн оттуура-мастыыра. Сааса эдэр эрдэҕиттэн мас үлэтин лаппа кыайара. Ону билэн үгүс тэрилтэлэр дуогабардаһан мас кэттэрэллэрэ…
Кэлин оттуур сирин аайы бэрт кылгас кэмҥэ олус бөдөҥ мастаах, суп-суон өһүөлээх үүчээннэри тутаттаабыта. Барытын техниката (трактора суох) эт саннынан сүгэн, таһан туттубутун биһиги салла көрөрбүт.
Суос соҕотоҕун оттуура. Олус улахан оттору кэбиспит буолара. Сайын устата туулаан, илимнээн собо ылан хараланара. Биирдэ эмэ кус оҕотун өлөрөн мииннэнэрэ. Кустуурун соччо сөбүлээбэтэ…
Күһүн аайы улахан булка (тайахха, эһэҕэ) диэн хаамара. Олус киэҥ сиринэн сылдьара. Биирдэ хайгыыр ыта аарыма улахан атыыр эһэни үрбүт. Ыппын эһэ сиирэ буолла дии санаан сүүрэн киирэн биирдэ ытан кэбиспит, онтон иккиһин ытаары кыммыта автомата харан хаалбыт. Хата бастакы ытыытыгар тыын сирин таптаран тыатааҕы өлөргө барбыт. Өлөрөн баран дьэ куттаммытым диэн кэпсиирэ. Кэпсээнтэн кэпсээн диэбиккэ дылы биирдэ тапталлаах ыта аарыма улахан соҕотох лөкөйү үрбүт. Сааса быарынан сыыллан тыал утары хайысханы тутуһан үөмпүт. Арай биирдэ өйдөөн көрбүтэ тайах анныгар сытар эбит, ыксаан төттөрү сыыллан тахсан биирдэ ытан кэбиспит… Дьэ, ити курдук төһөлөөх элбэх омуннаах, көрүдьүөстээх кэпсээннэри доҕотторугар-атастарыгар айаҕа аһыллыбыт кэмигэр кэпсээбитэ буолуой?
Түмүктээн эттэххэ, ийэлээх аҕатын үлэһит удьуордарын утумнаан Александр Александрович хара-ньуурра суох үлэһит, хоту дойду оҕонньордоох эмээхсинин үтүө сабыдыалларынан майгылаах бастыҥа, бэйэтэ этэрин курдук барахсан мааны киһи этэ.
Үлэтин түмүгэ Сааса суола, Сааса күөлэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ааттана туруо, үтүө киһи аата-суола үйэлэргэ умнуллубат!
Александр ТАРАСОВ,
учуутал, поэт, суруналыыс.
